Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьон тыла

Главная / Кэпсээннэр / Дьон тыла

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
22.12.2024 19:52
4k 2

Альтернативное описание изображения темыАйсен Кириллин - 4 ноября 2018 20:03

    Биир сааскы киэһээ, бөһүөлэк котельнайын кочегара Леонид Салгынов мунчаарбыттыы туттан дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Дьиэтин иһигэр төһө даҕаны олоҕун аргыһа кэргэнэ, үс тапталлаах оҕолоро кэтэһэн олордоллор, кини үөрбүттүү туттан киирбэтэҕэ. Буоларын курдук оҕолоро аҕабыт кэллэ диэн аан аттыгар сырсан кэллилэр, онтон кэргэнэ Клеопатра киэһээ буһарбыт хортуоскатын сылыта уурбута. Леонид онно эрэ кыһаллыбата, котельнайыгар кэтэ сылдьыбыт таҥаһын устубакка эрэ дьыбааҥҥа баран сытынан кэбистэ.

  • Ас сылыйда, кэлэн чэйдээ, - диэн кэргэнэ Клеопатра куухунаттан хаһыытыыр.
    Леонид онно эрэ наадыйбата. Киниэхэ маннык курус киэһэҕэ ас эрэ, туох эрэ. Хайдах маннык киэһээ ас туһунан толкуйдуохха сөбүй. Сыппытын курдук сытта.
  • Хайа, догоор, бу туох буоллун. Ыарыйдын дуу, хайдах дуу? Ас сойоро кэллэ дии, - Клеопатра кэргэнин илиитин харбаан ылан, остуолга ыҥыра сатаата.
  • Суох аһаабат инибин, - Леонид аат эрэ харата хардарар.
  • Эн ыалдьыбыккын быһыылаах. Эбэтэр котельнайга туох эрэ буолла дуу?
  • Суох, суох, ыалдьыбатым. Чэ аһыам, - диэбитинэн, сымнаҕас дьыбаантан өндөйөн, Леонид кухняҕа тиийэн остуолга олордо.

Клеопатра бүгүн киэһээ буһарбыт хортуоскатын минньигэс сыта бүтүн дьиэни туймаардардыы бүрүйэн кэбиспитэ, бүгүн Леонид муннугар минньигэстик киирбэтэҕэ. Иннитигэр турар толору кутуллубут хортуоскалаах ыһаары диэкки көрүөн даҕаны баҕарбат курдук. Арай урут дуу, бэҕэһээ дуу эбитэ буоллар кини бу ыһаарыны сиэн кэбиспитэ ырааппыт буолуо эбит.
Леонид арай биири саныы түстэ, ыскаапка бытыылка улахан быһаҕаһынан арыгы баар этэ. Ол арыгы ордубут буоллаҕына амсайа түһүөн баҕарда. Маннык курус күн саатар кыра да арыгыны амсайыахха наада буоллаҕа.

  • Клеопатра, ааспыкка быраатым Славалаах кэлэ сылдьыбыттарыттан арыгы ордубута дии. Таһаар эрэ ону.
  • Бу эн хайдах буоллун? Арыгыны сылтаҕа суох испитин диэн суоҕа дии. Туох буоллун? - Клеопатра соһуйа түстэ.

Кырдьык кини эрэ Леонид арыгынан үлүһүйбүтэ диэн суоҕа. Биирдэ эмит ыалдьыттар кэллэхтэринэ, улахан бырааһынньыктарга эрэ иһэр буолара.

  • Элбэги санарпакка агал арыгыны, уонну кут. Саатар бугун иһиэм ээ…

Клеопатра соһуйбуттуу ыскааптан урун арыгыны кытта кыра уруумкэни агалан Леонид иннигэр агалан уурбута. Леонид бытыылка хаппагын арыйан, уруумкэтин толору арыгыны куттубута уонна биир эрэ тыынынан кетеген кэбиспитэ. Урут арыгыны иһэр куннээх да буоллагына тугу эмит сокуускалаан иһэрэ, эбэтэр килиэп сыттыыра. Онтон бугун сокууска эрэ, туох эрэ - барыта умнулунна. Арыгы уохтаах уута киирэн куртагын устун сылаастык устубута.

  • Клеопатра, мин куһаган сонуннаахпын. Ол иһин бу арыгыны истим. Дьэ хайдах буолаахтыыбыт.
  • Туох буолла? Кэпсээ.

Леонид иккис уруумпэтин куттан испитэ уонна кэпсээн барбыта.

  • Миигин улэбиттэн уһуллулар. Котельнайга аны мин туһата суох уһубун.

Ити сурагы истэн, Клеопатра сирэйэ-харага кубарыйа тустэ:

  • Бу иэдээни… Туох иһин? Туох, хайдах ол?
  • Буруйум туох да суох. Аны биһиги таас чогунан оттуллар эргэ котельнайбыт туһатын ааспыт уһу. Аны куһуннэттэн котельнайбытын сабаннар, сана газынан оттуллар котельнайы олоххо киллэрэллэр уһу. Ол сана котельнайга улэлииргэ мин туһам суох уһу. Туох да туһата суох киһилии ыланнар сарбыйан кэбистилэр. Дьэ мантан иннэ хантан харчыланан, тугу аһаан-сиэн олорор ыал буолабыт… Оголорум барахсаттар… - Леонид бугун санаата туспутунэн уонна кыратык холуочуйбутуттан куус ылан, сана таһааран ытаан барда. Урут кини ытаабытын ким кербутэ баарай, оннооогор тереппуттэрэ, кини таһыллан ытаабытын кербетехтере буолуо.

Кырдьык кинилэр олохторугар олус ыарахан куннэр тирээн кэллилэр, кинилэргэ эрэ буолуо дуо бутун дойду урдунэн ускул-тэскил олох этэ, тула барыта сыана урдуу турара, баайдар эрэ байаллара, онтон дьаданы дьон ессе дьадайдар дьадайан иһэллэрэ. Арай сана кэлбит президент Путин ологу тупсарыах курдук эрэл санааны биэрбитэ. Ааспыт 90-с сылларга улэлиигин-улээлиигин да хамнас кэлбэккэ сордуура. Хата билигин хамнас кыра да буоллар кэмигэр кэлэр буолан уердэн испитэ баара да… Леонид котельнайга ылар хамнаһа олус кыра этэ, ол хамнаһынан кун бугунугэр диэри кэргэнин, ус оготун уонна бэйэтин айагын ииттинэрэ. Ол кыра да дуомнаах хамнаһыгар мыынара табыллыбат курдуга, улэ бу

баарыгар махтал. Тыа сиригэр атын дьон олох да улэтэ суох инчэгэй тирбэгэ эрэ быстыбатынан, сыккырыыр тыыннара эрэ хаалан олороллор.

  • Бу иэдээни! Кырдьык хомолтолоох сонун. Дьэ, кырдьык, биһиги ыал хайдах буолаахтыыбыт… Тугу аһаан, таннан ыал аатын сугэн олоробут, - Клеопатра куһаган сонуну истэн, кэргэниттэн итэгэһэ суох эмиэ суем тустэ. - Агал миэхэ эмиэ арыгыта, - диэбитинэн ыскааптан ессе биир уруумкэни хостоон, бытыылкаттан куттубута уонна мырдьыста-мырдьыста хантатан кэбистэ.
  • Котельнайга мин куһаганнык улэлиир этим диэн санаабат этим. Атыттар арыгылыыр кэмнэригэр оһохтору мин эрэ керер курдугум. Арыгылыыр дьону устубаккалар, миигин устан кэбистилэр. Ити арааһа сана баһылык дьаһала быһыылаах… Миигин того эрэ урут-уруккуттан себулээбэт… - Леонид хомойбут санаатыгар халлаанна кетуегун кыната суох, сиргэ тимириэгин уһуга суох буолан биэрдэ.

Ити курдук кэргэннии Салгыновтар иккиэн элбэх саната суох, ньимийэн олорон бытыылка быһагаһа арыгыларын тобохтоон кэбистилэр. Оголоро куһаган сонун дьиэгэ кэлбитин сэрэйэннэр, эмиэ даганы хаһан даганы арыгы диэни амсайбат тереппуттэрэ арыгы испиттэриттэн соһуйаннар, мэниктиир бэйэлэрэ бугун хаһааннытаагар даганы керсуе буоллулар, онноогор телевизордарын тыаһын кыччатаннар, саната суох телевизор эрэ кере олордулар.

    Салгыновтар дьиэ кэргэн кун бугунугэр дылы куһагана суохтук олорбуттара. Атын тыа ыалыттан тугунан да итэгэс буолбаталлар, тугунан да чорбойбокко - саха ыалын сиэринэн ого теретен, суеһу ииттэн олороллоро. Эрдии-ойох Леонидтаах Клеопатра иккиэн отут биэс саастаах эдэр дьон этилэр. Леонид нэһилиэк котельнайыгар кочегарынан улэлиирэ, ый аайы ылар хамнаһынан биэс айах аһыыр астарын булуналлара, икки ыанар ынахтара онно эмиэ кеме буолаллара.
Леонид - сахага учугэй киһи этэ, улэтигэр да сирдэрбэтэ, дьиэ кэргэнигэр да сытар ынагы туруорбат сытыары сымнагас киһи. Кини уелээннээхтэрэ дьон ханна да туптээн улэлээбэттэрэ, арыгыны батыһан иһэллэрэ, кинилэр ортолоругар буор иһээччилэр даганы бааллара. Итирик кэлэннэр кэргэттэрин кырбыыллара, оголорун куттууллара. Онно тэннээтэххэ, Леонид оннук буолбатах этэ. Арыгы диэни хаһан эмит кэмиттэн кэмигэр эрэ амсайара, истэгинэ даганы айдаан таһаарбакка оронугар баран сытынан кэбиһэрэ уонна утуйан хаалара. Кини улэлиир котельнайыгар бииргэ улэлиир кочегардара улэлиир сменаларыгар арыгыны таптаан иһэллэрэ, арай Леонид эрэ кинилэртэн туора туттан тэннэ иһиспэтэ. “Чэ эһиги иһин, мин испэппин, хата оһохтору керуем”, - диирэ. Итинник диэн хата тэннэ улэлиир дьонун хайгалларын ылара. Ким эрэ оһохтору керуен эмиэ да наада курдук, бары итирэн охтон хааллахтарына оһохтор умулланнар, нэһилиэк тонор кутталлаага.
Кэргэнигэр тэннээтэххэ Клеопатра олус сытыы-хотуу этэ, туохха эрэ наар суурэ-кете, ыксыы-тиэтэйэ сылдьара. Саната да элбэгэ, эн биир тылы санаран бутуеххэр диэри - кини уон тылы санаран уотунан кулумурдэтэрэ. Дьиэтигэр хата кини дурда-хахха буолуох мунур хотун этэ. Сытыы буолан тереебут теруетэ хааныгар баара эбитэ дуу, бииргэ тереебут ус убайа эмиэ сытыыларынан аатырбыт дьон этэ, номнуо хаайыыга олорон тахсыбыт, быһатын эттэххэ нэһилиэккэ “урдук авторитеттаах” дэнэр сытыы-хотуу уола хаан дьон этилэр. Клеопатра быһата кинилэри баппыта буолуо, багар эр киһи эбитэ буоллар убайдарын удьуордаан кини да хаайыыга олорон тахсыбыт буолуо эбит…
Ыал буолбут сылларын куһунугэр Салгыновтар дьиэ кэргэн маннайгы оголорун куутулээх-кэтэһиилээх уолларын Владигы тереппуттэрэ. Владик билигин нэһилиэк оскуолатын 9-с кылааһыгар уерэнэр. Тапталларын туоһута буолбут уол Владик ийэтин батан сытыы хотуу буола улааппыта, арай агатын батан сытыары сымнагас буолуох курдуга, оскуолатыгар кими да теруетэ суох атагастаабата, учууталларга да сыһыана учугэйэ. Владик кыра эрдэгиттэн ырыага-тойукка сыстагас буола улааппыта, ырыа куруһуогар сылдьара, араас таһымнаах конкурстарга кыттан элбэх ситиһиилэри ылбыта. Биирдэ биир конкурска кыайан кэлбитигэр, ийэтин бииргэ тереебут убайа Буеккэ, бэйэтин урут тутта сылдьыбыт гитаратын бэлэхтээбитэ.

  • Быраат, дьэ гитарабын эйиэхэ бэлэхтиибин. Багар хаһан эмит ырыаһыт буолуон. Оччого таайгын миигин умнумаар, - утуе санаалаах таайа, илдьэ кэлбит гитаратын Владикка туттаран кэбиспитэ.

Владик хаһан да маннык бэлэги туппатах киһи уеруутуттэн кетуен кыната эрэ суох буолбута:

  • Оо, таай Буеккэ, улахан махтал. Оонньуом да оонньуом буоллага. Улахан уолаттарга барыларыгар баар. Мин да кинилэр курдук оонньуурга уерэниэм.
  • Дьэ быраат кытаат, гитаранан оонньоон бардаххына, утуегэ-кэрэгэ тардыһыан. Онтон туох да дьарыга суох буоллаххына, мин курдук хаайыылары эрэ
    кэрийэн тахсыан.

Ити тыллары Владик ийэтэ Клеопатра себулуу истибэтэ:

  • Эн бу кыра огону ол-бу диэн быһа санаран бут эрэ. Хайдах маннык кыра огону хаайыыны эрэ кэрийиэн диигин. Туох куһаган ыратай?!
  • Оо, балтыкаан, мин хаайыыга олор диир уһубун дуо? Бырааппар учугэйи эрэ багараммын гитара бэлэхтээтим. Мин эрэ алгастарбын хатылаабатын диэн, утуену багараммын туттардым дии. Арай кини сааһыгар миэхэ ким эмит маннык бэлэх онорто буоллар, багар манныкка тиийбэтэх буолуом этэ… Арай хаайыыга эрэ тиийэн бараммын гитаранан оонньуурга уерэммитим. Агал эрэ быраат гитараны, билигин бырааппар шансон ыллаан иһитиннэриэм.

Иккис уоллара Владик кэнниттэн ус сыл буолан баран тереебутэ. Ол сыл Клеопатра агата Константин огонньор ыалдьан елбутэ, ыарыыта биир уксун уолаттара хайыыга киирэллэриттэн бэргээбитэ. Ханнык тереппут оголоро табыллыбатыттан бэргээбэтэгэй. Огонньор елбутун тохсус хонугар, Клеопатра теруур ыарыыта киирэн, роддомна киирээт да, ол туун кырачаан уолу тереппутэ. Уолларын эһэтин аатынан Костя диэн ааты биэрбиттэрэ. Костя - сытыы-хотуу, мэник ого буолан улааппыта. Ол эрэн убайын курдук сымнагас буолар чинчитэ кестубэтэ. Кыра эрдэгиттэн бэйэтин саастыы оголору кырбаан, кыргыттар баттахтарын тардан тереппуттэрин детсадка, оскуолага элбэхтэ сэмэлэппитэ.

  • Чэ, хайыахпытый. Ого аата ого буоллага. Улааттагына дьоһунуран иһиэ, - диэн агата Леонид уоскутуна сатыыра.
  • Дьэ, хайыыр. Таайдарын эрэ баппатар ханнык, - Клеопатра уеһээ тыынан ылар.

Тиистэрин милэтэ, харахтарын дьуккэтэ кырачаан кыыстара Саргы быйыл 10 сааһын туолла. Куннэрэ-ыйдара кыра кыыстарыттан эрэ тахсар. Саргы элбэх саната суох, атын оголор курдук мээнэ мэниктээбэт керсуе ого этэ. Бииргэ уерэнэр оголорунаагар ейунэн-мэйиитинэн биллэ чорбойоро, билиитэ киэн этэ, ону таһынан элбэх хоһоону, олонхону олонхонон билэн угус дьону сехтерере. Маны таһынан, чугас эргин кестубэтэх кэрэ-нарын дьуһуннээх ого буола улаатыах курдуга.

  • Кыысчааммыт этэннэ сырыттар, улааттагына ейдеех утуе киһи, - буолуо диэн кэргэннии Салгыновтар ыраланаллара.

Бу киэһээ Леонидтаах Клеопатра иккиэн суем туһэн олордулар. Аны ас-уел булан аһыырга, санныларыгар танас таннарга, оголорун киһи-хара онортуурга кучумэгэй куннэр ыган кэлбиттэриттэн санаалара оонньоон маарыын иһэн сагалаабыт арыгылара бутэн тугэгэ кеһуннэ. Биир бытыылка быһагаһынан арыгы икки улахан киһиэхэ кыра буоллага. Испит арыгылара итирпэтэ, нэһиилэ тебелеругэр таһаартаан кыратык холуочутта эрэ. Маннык хобдох, хомолтолоох киэһэгэ итирэн умнулла туһуехтэрин багардылар.

  • Туохпут барыта буттэ. Мин улэлиирим буттэ, харчыбыт буттэ, онноогор бу арыгыбыт эмиэ буттэ. Саатар ессе биир бытыылка да баар буола туспэт… - Леонид тебетун остуолга ууран баран, мунатыйа олордо. - Кыратык да буоллар ити утахха санаабын сайгыам этэ… Абаккам да буолар эбит…
  • Хантан арыгы булуом баарай. Магаһыын маарыын хатаммыта. Магаһыынна даганы арыгы кестере аччаабыт уһу диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Сугун-сагын атыылаабат буолбуттар уһу. Нэһилиэкпит сана баһылыга букатын да тохтоторго диэн уураах таһаарбыт уһу, - диэтэ Клеопатра.
  • Биир еттунэн эмиэ даганы сеп ээ. Дьон иһэрин тохтото сатыыр буоллага. Арыгыны эккирэтэммит ханна ыраатыахпытый. Иһээһин да аччыа этэ, - Леонид арыгылааһыны уруккаттан сэргээбэт буолара. Арыгы диэн аһы букатын да бобон кэбиһэллэрэ буоллар диэн ыра санаа оносторо.
  • Туох учугэйэ кэлиэй. Дьону бутэһик уеруулэрин былдьыыллара, - Клеопатра умайыктана тустэ. - Иһэр дьоннор истиннэр ээ. Бэйэлэрин багалара буоллага.
  • Багар сепке этэрин буолуо… Ол эрэн мин арыгылааһыны сэргээбэппин.
  • Эн бу бэйэн иһээри багара олорогун буолбат дуо? Манна арыгы иннигэр турара буоллар аккаастаныан суога этэ!
  • Кердеххунэ мин арыгыһыт курдукпун дуо? Бугун улэбиттэн устубуттарыттан хомойоммун иһэ олоробун дии.

Клеопатра тугу да санарбата. Кини иһигэр арыгыны испэт эрдээгиттэн иһигэр махтана саныыра. Атын уелээннээхтэрэ дьахталлар керустэллэр эрэ арыгыһыт эрдэрин унсэргэһэн кэпсэтэллэрэ. Хата киниэхэ оннук сор тиксибэтэгиттэн иһигэр уерэ саныыра.

  • Чэ, кэбис, Клеопатра, маннык арыгы туһунан ыралана олоруохпут дуо? Бараммыт арыгыта булан кэлиэххэ. Чугастыы нэһилиэккэ атыылыыр сурахтаахтара. Матасыыкылынан начаас элээрдэн тиийиэхпит.
  • Хайыахпыт баарай, барар буоллахпыт, - Клеопатра себулэһэн кэгис гынна.

Ити курдук субэлэспитинэн, кэргэннии Салгыновтар кыһыл еннеех “Иж Планета” диэн ааттаах матасыыкылларын келунэн чугастыы

нэһилиэк диэкки кетутэ турдулар. Бу матасыыкыл Клеопатра агата Кестекуун огонньортон кутуетугэр тиксибитэ. Огонньор урут сэнэх эрдэгинэ матасыыкыл миинэр буолара, онтон сааһыран сатаан туһаммат буолбутугар кутуетугэр анаабыта. Леонид уерэ-кете матасыыкылы бэйэтигэр ылбыта. Арай ол ылбыт сайынын куһунугэр куһуеру Кестекуун орто уола Байбал хаайыыттан тахсыбыта. Хаайыыттан матасыыкыл кутуеккэ тиксибит сурагын истэн агатыгар улаханнык абарбыта, биир киэһээ улаханнык итирэн баран, Леонидка “аахса” диэн кэлэ сылдьыбыта. Леонид сымнагас мунуутаан “кырдьык даганы, матасыыкыл огонньор уолугар тиксиэхтээх этэ буоллага, мин ылар быраабым суох” диэбитинэн кулууһу Байбалга биэрэн эрдэгинэ, дьиэгэ кэргэнэ Клеопатра тубэһэ киирбитэ. Матасыыкыл кинилэртэн убайыгар Байбалга барарын себулуу кербете, улахан айдаан тарпыта: “Бу эн туоххунуй? Огонньор матасыыкыла биһиэхэ того тиксиэ суохтаагый? Мин эмиэ огонньор кыыһынабын. Ама анардастыы огонньор баайын эһиги соготохтуу эрэ айбардаары гынагыт дуо? Эн бу матасыыкылы ыллаххына, маннык итирэн бараннын бастакы баганагар кэтиллэн эчэйиэн. Суох матасыыкылы биэрбэппин. Матасыыкыл - биһиэнэ”, - умайыктанан турбута. Онон, тимир келе Салгыновтарга хаалбыта. Байбал даганы айдаара туһэн баран кэлин уоскуйбута.
Биһиги арыгы кердееччулэрбит, матасыыкылларын мэнэстибитинэн нэһилиэктэн нэһилиэккэ диэри суолларын ортолоон эрдэхтэринэ утары сатыы киһи кэлэн иһэр эбит. Хаамарыттан-сиимэриттэн кердеххе орто холуочук быһыылаах. Сааскы борук-сорукка кимин билбэккэлэр, холуочук санааларыгар кимин билээрилэр тохтоотулар. Кербуттэрэ, бэйэлэрин киһилэрэ, Клеопатра бииргэ тереебут убайа - Буеккэ эбит.

  • Хайа, убайым барахсан эбиккин дуу? Хайа диэккиттэн иһэгин? Бука, сэрэйдэххэ, арыгы атыылаһан кэлэн эрэрин буолуо, - Клеопатра омуннаахтык сана аллайда.
  • Балтылаах кутуеппэр эгэрдэ буоллун! Оннук, арыгы атыылаһан иһэбин. Хата бэлэм матасыыкылга тубэстим дии. Сатыы хааман сылайдым. Миигин дьиэбэр быраган биэрбэккит ээ… - Биллэ холуочуйбут Буеккэ уербуттуу кэпсээн беге буола тустэ.
  • Арыгы баар дуо? Дьэ бэрт эбит. Хата амсайа туһуехпут буоллага. Олор, биһиэхэ барыс, - аны кэпсэтиигэ Леонид кыттыста.

Хаһан да арыгы диэни эккирэппэтэх кутуетэ бугун киэһээ арыгы туһунан уерэ истибитин, Буеккэ соһуйа иһиттэ:

  • Хайа, Леонид, бу туох буоллун? Арыгы диэни мээнэ иһээччин суога дии. Арыгы кердуу баран испитин дуо?
  • Оннук… Бугун хомолтолоох кун буолла. Саатар бугун иһэрим кенуллэнэр ини. Чэ олорус, айанныахха. Тиийэн баран кэпсиэгим.

Буеккэ матасыыкыл кэлэскэтигэр олоруста, Леонид матасыыкылын уруулун эргитэн, теттеру дьиэлэрин диэкки айанныы турдулар.
Дьиэлэригэр кэлбиттэригэр оголоро номнуо хосторугар таргаһан утуйбуттар эбит. Буеккэ кэтэ сылдьыбыт рюкзагыттан бытыылканы хостоон остуол ортотугар талыр гына ууран кэбистэ. Клеопатра холодильниктан килиэп, маарыын ордубут хортуоскатын сокууска гынан остуолга уурда. Дьиэлээх хаһаайын быһыытынан Леонид уруумкэлэргэ арыгыны кутаттаан кэбистэ. Охсуһуннартаан баран биирдэ кетеген кэбистилэр.

  • Дьэ, хаһан да балтылаах кутуеппун кытта арыгы иһиэм диэрн санаабатагым. Олоххо араас да буолар, - Буеккэ кэпсэтиини сагалаата. - Чэ, Леонид кэпсээн кэбис, туох быһылаантан иһэргэ сананнын.

Туохха тубэспитин, хайдах улэтиттэн уһуллубутун Леонид барытын кэпсээн биэрдэ. Кэпсээн буппутугэр, кэпсэтиигэ Клеопатра кыттыста:

  • Дьэ, мантан иннэ хайдах буоларбыт, тугу аһаан-сиэн, таннан, оголорбутун хайдах аһатан киһи-хара буоларбыт буолла. Сатаан санаабаппын.
  • Дьэ буолар да эбит. Эһиги улаханнык айманыман, эһиги суеһулээххит, суеһугут эһигини иитиэ. Кэргэнин Леонид улэһит киһи, быыһыгар онно-манна быстах улэлээн син харчылаһар ини.
  • Суох, мин оннук ологу багарбаппын! Мин биирдэ кэлбит олохпор баайдык тоттук олоруохпун багарабын. Того куруук биһиги эрэ дьаданы буолуохтаахпытый. Мин эмиэ санныбар мааны танастаах, хара искэхтээх килиэби сиэхпин багарабын. Наар маннык дьаданы буоларбыт табыллыбат! - Клеопатра кыһыытыттан ытамньыйа сыһа-сыһа мунатыйа олордо!
  • Эһиги баай дьоннут! Эһиги оголоргутунан баайгыт. Хотоннутугар суеһулээххит, ол онтон ас-танас тахса туруо. Онтон убайгыт мин баарым тухары эһиэхэ дурда-хахха буола сылдьыам. Бу аат аһын - арыгыны бырагарым буоллар аймахтарбын эһигини наар араначчылыы эрэ сылдьыам. Мин билигин биири эрэ багарабын. Ол арыгыбын бырагыахпын. Оо, акаары да эбиппин. Бу аһы кытта догордоспотогум буоллар мин да дьонтон тугунан да итэгэһэ суох киһи буолуом этэ. Бу астан мин ологум барыта огдолуйбута, хаайыыга киирэн сытан тагыстым, таптыыр кэргэммин, кыра огобун куоттардым. Билигин кинилэр миигин билиэхтэрин да багарбаттар. Акаары да киһибин таптыыр чугас дьоммун
    бу тугэгэ кестен эрэр бытыылкага атыылаатым. Ыт урбэт, ынах маныраабат киһитэ буолбут диэн миигин этэллэр… - Буеккэ сынаах баттанан олорон мунатыйа олордо. - Ардыгар бэркиһиибин ээ. Бу аһы туох хара санаалаах дьон айбыттара буоллар. Биһиэхэ кыра омукка олох кутталлаах ас. Биһигини эһээри айбыттар. Ону биһиги акаарылар ылан иһэ олордохпут бу.
  • Оннук, сепке этэгин. Биһиги сахалар сатаан испэт омукпут. - Леонид себулэһэн кэгис гынна.
  • Теһе да иһээччи буолбутум иһин, нэһилиэкпит баһылыга хата сеп уураах таһаарда диэн саныыбын. Биһиги нэһилиэккэ арыгы атыытын магаһыынна кенул атыылыылларын тохтотто. Сухой закон. Багар дьон ейугэр ылсыа, иһэрин тохтотуо диэн санаабытым, оннук буолбата. Таһынаагы нэһилиэкпитигэр дьоннор кистээн арыгы туочукатын арыйдылар. Ол онтон бу булан кэлэн олордогум. Арыгыһыт киһи арыгы иһээри ханна тиийбэтэгэ баарай. Иһэр багаттан Москва да курдук ыраах сиргэ тиийиэ диэн саныыбын.

Арыгынан харчы оностор дьон туһунан Клеопатра билиэн багарда:

  • Ол кимнээх атыылыыллар уһу? Теһе харчы киллэрэллэр уһу?
  • Испирдиэнэптэр арыгы атыылаан ааттарын билбэт буола сытыйа байан эрэллэр дииллэр. Кинилэр дьиэлэригэр иһэр дьон кунннэри-тууннэри сыбыытыыбыт. Ол тухары кинилэр сиэптэрэ халынаатар халынаан иһэр, кумааһынньыктара соноотор соноон барар.
  • Тугун бэрдэй! Дьон сатабыллаах да буолар эбит, - Клеопатра соһуйа иһиттэ. Арыгыны чааһынай дьон атыылыылларын кини хантан билиэн баарай.
  • Туох учугэйэ кэлиэй, - Буеккэ балтын тылларын себулуу истибэтэ. - Таах дьон уегуутугэр, кырыыһыгар эрэ бардылар. Дьон харагын уутунан эргинэр утуегэ тиэрпэтэ буолуо диэн саныыбын. Ама да байа сатаабыт иһин. Байа сатыыр дьону олох ейдеебеппун. Санныгар кэтэр танастаах, бугун киэһээ аһыыр астаах буоллаххына - атын туох наада уһу. Харчы туһуттан Испирдиэнэп аатын да харыстаабат буолла. Урут Горбачев сагана нэһилиэгэр сэбиэтигэр улэлии сылдьан, арыгыны утары кини эрэ охсуһар буолара, хас мунньах аайы арыгы иһэр дьону теһелеегун мехпутэ эппитэ буолуой? Дьэ билигин кэлэн ол киһибит бэйэтэ арыгыны таргата сырыттага.
  • Дьэ хайыахпыт баарай, билигин кэмэ оннук буолуо диэн саныыбын, - Клеопатра уруумкэтигэр кутуллубут мырдыччы тутта-тутта арыгыны хантатан кэбистэ, арыгы олус уохтаах буолан иһигэр сыамнагастык киирбэтэ. - Чэ, убайдаах кэргэним арыгыбыт бутэн эрэр, тобохтоон баран утуйуохха. Мин иһэн сеп буоллум.
  • Эн сеп буолбуккун, ити олус учугэй, теһену иһэр миэрэгин билэгин. Онтон мин сеп буолар быһыым биллибэт. Чэ маны тобоголоон кэбиһэн баран мин салгыы арыгы кердуу бардым. Эмиэ Испирдиэнэппэр арыгы атыылаһа барар буоллагым. Леонид, матасыыкылынан барыахха.
  • Барыахха.

Теһе да холуочуйдар, кэргэнэ арыгылыы барар сурагын истэн, Клеопатра кыыһыран турда:

  • Суох! Эн ханна да барбаккын. Утуйагын! Буеккэ, матасыыкылы ыл, бэйэн ыытан бараар. Сарсын теннереер.
    Леонид хаһан даганы кэргэнигэр утарыласпата, куруук кини тылынан сылдьара. Бугун да кэлэн кэргэнин тылыттан тахсыбата. Улаханнык итирбит киһи сиэринэн, бутэһик уруумкэтин кетегеет да, оронугар баран сытынан кэбистэ, сытаат да мунна тыаһаабытынан барда.
  • Чэ, балтым ыалдьыттапыккар махтанабын. Мин бардым, матасыыкылы сарсын агалан биэриэм, - диэт Буеккэ аламагайдык балтын кууһан ылан иэдэһиттэн “сырк” гына сыллаата, уонна дьиэттэн, холуочуйбут киһи сиэринэн, байаатынныы-байаатынныы тахсан барда. Кини тахсаатын кытта матасыыкыл собуоттанна уонна айанныы турда.
    Клеопатра куухунага олорон саната суох ер да ер тугу эрэ толкуйдуу олордо. Сиэбиттэн табагын хостоон уматтан тардах бусхаппытынан барда. Табага бутэһик кулэ умуллубутун кэннэ туран, остуолтан уруумкэлэрин ылан сайгаата, ыскаапка уурталаата. Уонна оронугар баран сытынан утуйбутунан барда.

Сайын кэлэн эрэрэ биллэр. Кунтэн кун халлаан сылыйдар сылыйан иһэр. Бугун да беһуелэккэ утуе кун ууммут. Ого аймах хантан эрэ хаһыытаан уерэр доргоонноро ыраахтан иһиллэр. Ону истэ-истэ ийэлэр барахсаттар уерэллэр эрэ.
Оголорун санатын истибэккэ эрэ, бугун Клеопатра оронугар сытар. Оголоро сарсыарда уерэнэ барбыттара. Бэгэһээ эрэ кини оголорун оскуолага тэрийэн, сарсыарда ас астаан ыыппыта, онтон бугун эрдэ турар кыага суох курдук, онно эбии бэгэһээ киэһээ испит арыгылара тебетун кыратык ыарытыннарбыт. Аттытыгар кэргэнэ утуйа сытар, муннун тыаһаа иһиллэр. Чэ утуйа тустун.
Клеопатра тебетугэр араас санаалар охсуллан ааһаллар. Хайдах гынан харчыланан аһаан-таннан

олоруох багайыларый… Магаһыынна, биллэн турар, ас-танас онуоха-маныаха диэри иэс суруйан биэриэхтэрэ. Теһе даганы кыһалга кыһарыйдар, ас булан аһыахха сеп. Ол эрэн куруутун босхо биэриэхтэрэ дуо, иэскин тутан ылар кэмнэрэ да тиийэн кэлиэгэ дии. Уонна Леонид улэтиттэн ууруллубут сурага нэһилиэги биир гына тилийэн кете огустага. Тыа сиригэр сонун тыал сэбирдэги кетутэринээгэр тургэнник таргаммыт буолааччы. Улэтэ суох киһиэхэ иэс биэрэллэрэ да кучумэгэйдээх буолааччы. Хантан… Хантан… Харчы…
Эмискэ Клеопатра тебетугэр биир санаа охсулла тустэ. Ити чугастаагы нэһилиэккэ Испирдиэнэптэр арыгы атыылыыллар дии. Сурах хоту иһиттэххэ арыгынан харчы оностон байан эрэр сурахтара иһиллэр. Дьоннор дьэ харчыны оностору сатыыр да буолаллар. “Мин кинилэртэн туох итэгэстээх уһубунуй? Кинилэр ол миигиннээгэр еркен ейдеех, муостаах-туйахтаах дьон уһу дуо? “, - Диэн санаа Клеопатраны кунуулэтэ тутта. Кэбис… Арыгы атыылыы барыа дуо? Сурэ бэрт… Ол кэриэтэ атын суолу тобулуохха наада. Атын суол туох баарый? Бу кыра нэһилиэккэ туох даганы суох. Мас мастаан харчыламмаккын, от оттооннун, сир астааннын кимнэ даганы кыайан атыылаабаккын, ол онон дьарыгырар дьон агыйага суохтар. Оччого туох баарый? Биллэн турар арыгы атыылааһына эрэ. Бу биһиги нэһилиэккэ арыгыны ким да атыылаабат, бэл магаһыынна атыылыыры боппуттара. Арыгы иһиэн багарбыт дьон таһынаагы нэһилиэккэ Испирдиэнэптэргэ эрэ бараллар. Сайын да буоллун, кыһын да буоллун ол нэһилиэккэ барар биллэн турар аһары чугаһа суох. Бу нэһилиэкпитигэр арыгы атыыланнагына бары мантан ылыа этилэр. Оччого арыгыта атыылыахха дуу?
Итинник санаатынан кынаттаммытынан Клеопатра ойон турда. Кун номнуо ортолообут, оголор оскуолаттан кэлэллэрэ чугаһаан эрдэгэ. Туран туннугун сабыытын арыйда, кун сырдык уота дьиэ иһигэр киирэн Клеопатра харагын сырдыгынан саататта. Билиитэтигэр чаанньыгын оргута уурда уонна оһогун иннигэр, табагын уматтан, тардан барда. Табахтыы-табахтыы толкуйдуурга учугэй, санааларын сааһыланан биэрэр курдуктар.
Арыгы атыылыыр дьону урут уруккуттан биһирээччилэрэ суох. Клеопатра истэринэн, етердеегутэ Горбачев “кураанах сокуон” диэни киллэрэрин сагана, дьоннор кистээн самогон кеенньерен атыылыыр буола сылдьыбыттара, онтон атыы-эргиэн эйгэтигэр улэлиир дьон, урдук дуоһунастаах тойоттор уора-кесте испиир атыылыыллар этэ. Дьон-норуот хаһан да арыгыттан бутуннуу аккаастаммыта диэн суога, ханнык да сокуоннар норуот иһэрин тохтоппотохторо. Хата ол “кураанах сокуон” уйэтигэр иһээччи ессе элбээбит курдуктара. Ол арыгыны атыылааччы дьон ааттарын билбэт буола байбыттара. 90-С сылларга угустэрэ улахан тэрилтэ салайааччылара, биллэр-кестер коммерсант буолбуттара. Сатаа да саһыл сагалан диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ол эрэн арыгыны харах уута дииллэр. Харах уутунан эргиннэххэ эйигин дьоллуо дуо?
Клеопатра табагын бутэһик кулун умулларан, чаанньыгыттан сылаас чэй куттан истэ уонна, тургэн улугэрдик таннаат магаһыын диэкки ойдо. Оголор оскуолаларыттан кэлэллэрэ чугаһаатага, ас атыылаһан эбиэт буһарыахха. Бу сырыыга магаһыынна иэс суруйан биэрэллэрэ эбитэ дуу.
Магаһыынна ас-уел толору. Ессе эбии сана табаар кэлбит курдук. Урукку 80-с сыллар курдук магаһыын долбуурдара кураанагынан керен турбаттар. Билигин харчылаах буоллаххына санаабыккын барытын атыылаһагын. Бэл диэтэр, магаһыын долбуурдарыгар бу кэлин тэнийбит доширактар, чипсылар, бытыылкалаах “Роса” диэн ааттаммыт саарбах утахтар - миигин эрэ атыылас диэбит курдук тэнийэн сыталлар. Онтон халбаһыы туһунан этэ да барбаккын. Багарбыт халбаһыын барыта баар. Урут халбаһыы атыылаһаары, хас да чаас уочараттаан тураргын туул-бит курдук эрэ ейдуугун. Арай бу магаһыынна арыгы эрэ атыыламмат. Арыгы атыытын нэһилиэк баһылыга боппута.
Нэһилиэк магыһыыныгар атыылаһааччы хаһан агыйаабыта баарай. Ого-дьахтар угус, сорох-сорохтор араас сонуну кэпсэтээри да кэлбит курдуктар. Нэһилиэк киинэ диэн бу буоллага, араас сонун-сурах бу манан эргийэн ааһар. Магаһыынна улэлээбитэ номнуо суурбэччэ сыл буолбут атыыһыт Рита дьон тугу кердеебуттэрин долбуурдартан ылан ыйааһынна ыйыы-ыйыы, суотун тимэхтэригэр суоттаан, атыылаан иһэр. Угус атыылаһааччылар “хамнас кэлиэр диэри” иэс суруйтараллар, оччогуна Рита халын тэтэрээтин арыйан онно бэлиэтэнэр.

  • Хайа, дьуегэм Клеопатра, тугу атыылаһа кэллин. Иэскин бугун телеһер инигин. Телеебетегун быһыта ыраатта ээ. Сарсын улуус дьаһалтата атыы харчытын ыыта огус диэн сурах огустарбыт. Телеһе охсуо этин, - Рита сана-инэ буолан, прилавогын ненуе, Клеопатра диэкки уун-утары керде.
  • Ритам барахсан, дорообо. Мин олохпун билэгин дии… Иэс биэрэр харчым суох. Онуоха-маныахха диэри эмиэ иэс суруйтараары кэллим, - эмиэ иэс ыларыттан, Клеопатра кыбыстыбыыттыы кыратык сыыйан санарда.
  • Хайдах
    оннугуй? Хайдах куруутун босхо суруйан биэриэхпитий? Иэһи телеспетуннэр, босхо ыллыннар диэн биһиги иэс суруйан биэрэбит дуо?! - Рита кыыһырбычча омуннаахтык сана аллайда.
  • Мин босхо ылабын диэбэппин ээ. Телуехпут буоллага дии…
  • Дьэ туоххунан телеһергун билбэппин. Сурага огонньоргун бэгэһээ улэтиттэн устубуттар уһу дии. Улэтэ суох олороннут иэскитин ол хайдах телеһеехтуургут буоллар.

Ити тыллар Клеопатра кулгаагар олус ыйааһыннаахтык ыардык киирдилэр. Иэһин кыайан телеһер кыага суох, дьаданы киһи буолар ыйаага тугун курдук куһаганай, хобдогой…

  • Чэ, Рита, биһиги аспыт баранна. Кыратык да буоллар иэһээн кулу. Хайдах эмит уут-хайагас буламмыт телеһен керуехпут.
  • Чэ сеп. Кыракый оголордоогун эрэ иһин ессе иэһиир буоллагым. Ейдее бу бутэһик иэһээһиним буолар. Чэ тугу ылагыный?

Клеопатра онуоха-маныаха диэри сииргэ диэн агыйах баанка кэнсиэрбэ, рис, макарон, бурдук атыыласта. Атыыһыт Рита кини атыыласпыт табаарын суоттаан тэтэрээтигэр бэлиэтэннэ.
Аһын-уелун туппутунан, Клеопатра дьиэтигэр кэллэ. Кэргэнэ Леонид туран ханна эрэ барбыт, чэй да испэтэх. Магаһыынна буолбут кэпсэтииттэн, Клеопатра санаата улаханнык тустэ. Мантан иннэ кинини, кини дьиэ кэргэни улэтэ суох дьоннут диэн сирэй-харах анньыахтара буоллага. Оо дьаданы ыал буолар ыйаага тугун куһаганай. Клеопатра, арай, дьиэ кэргэнэ суох, соготох дьахтар эбитэ буоллар соччо кыһаллыа суох эбит. Кыһалга кыһарыйдагына куоракка да курээн киирэн, ханна эмит улэ булан да улэлиэ эбит. Син соготох бэйэтин айагыгар ас булан сылдьыа этэ. Онтон билигин оголорун иитиэн, аһатыан, таныннарыан наада. Кэргэнэ хаһан улэ булан харчыланара биллибэт. Дьиэ кэргэннээх, оголордоох киһи, син биир атага кыаһыламмытын тэнэ буолар эбит.
Санаага баттатан, барар-кэлэр сирэ барыта буелэммитин тэнэ сананан, Клеопатра оронугар баран умса туһунэн сытынан кэбистэ. Магаһыынтан атыылаһан агалбыт астарын ыскааптарыгар да уурарын умунна, хайдах кэлбитинэн остуолга сытан хаалла. Дьахтар киһи харагын уута чугас буолар, Клеопатра ытаан киирэн барда.
Ити курдук син уһуннуук ытаата быһыылаах. Харах уута буппэт да буолар эбит. Бииртэн биир ыраас таммах тохтон сыттыгы биллэр гына инчэттилэр. Ол эрэн харах уутунан кемускэммит диэн суога. Соготох маннык ытыы сыттахха ханна тиийиэххиний. Ол кэриэтэ тугу эмит гынан уут-хайагас булуохха наада. Эмискэ Клеопатра тебетугэр маарыын сарсыарда толкуйдаабыт санаата кетен киирдэ:

  • Суох бу хаһаанна диэри маннык буолуой… Арыгы атыылаан харчы онордоххо табыллар! - Санаабыт санаатын салгыны сатаратан эттэ. Уонна оронуттан ойон туран харагын уутун туора сотунна. Сиэркилэгэ баран керуммутэ, харага бутуннуу кытаран хаалбыт. Клеопатра бутэһигин хаһан маннык ытаабытын ейдеебет. Ытаабытыттан бэйэтэ-бэйэтиттэн кыбыста санаата, тиийэн тааска уу куттан, сирэйин суунна.

Сирэйин суунан бутээтин кытта, аан аһылла тустэ. Дьиэ иһигэр убайа Буеккэ, уонна кэргэнэ Леонид киирэн кэллилэр.

  • Балтыкааным, бэгэһээ уларсыбыт матасыыкылбын агаллым, - Буеккэ ессе да кур сылдьар курдук. - Хайа бу хараххын хайаатын?
  • Ээ, ити бэйэм, - Клеопатра ытаабыппын сэрэйдилэр диэн санаан кыбыста санаата.
  • Чыычаах, бу туох буоллун? - Леонид кэлэн кэргэнин кууһан ылла. - Ким эйигин маннык атагастаата? Того ытаатын?
  • Туох да буолбатым. Арааһа харахпар сыыс киирдэгэ буолуо.
  • Дьэ буоллага. Туохха эрэ тубэспит буоллага дуу диэн мин куттана санаатытым.

Ити кэпсэтии кэнниттэн дьиэгэ ер кэпсэтии тахсыбата. Буеккэ уот иннигэр олорон табахтаан бусхатан барда. Клеопатра чэй сылытан, килиэп кырбаан остуолга ас тарда-тарда сана аллайда:

  • Бугун магаһыынна сырыттым. Атыыһыт Рита “урут ылбыт аскыт иэһин теннере охсун”- диир. Бугун агыйах аһы бэрт ыараан-чэпчээн нэһиилэ иэс суруйан биэрдэ. Кыбыстан сиргэ тимирэ сыстым.
  • Оо, дьэ буолар да эбит. Чэ хайдах эмит телеһуехпут. Хамнаһым бутэһик тобогун биэриэхтээхтэр, хайа уонна куһун уут харчытын ыллахпытына онон да телеһуехпут буоллага дии, - Леонид кыһалгаттан куоппут киһи курдук, багар кэргэнин санаатын кетегееру эбитэ дуу бэрт чэпчэкитик сыыйан эттэ.
  • Ол диэн харчы уһу дуо? Ол агыйах солкуобай хамнас кэлиэ, уонна ол кун иэстэрбитин телееппутун кытта тута бутуе. Уут харчытыгар эрэммитин да баар ээ. Ол хаһан эрэ кэлэр эрэ харчы, кэлбэт эрэ харчы… Биэс айах ол кып-кыра
    харчыга хайдах тиийинэн олоруохпутуй! - Клеопатра куолаһа соноон, кыыһырбыттыы туттан эттэ. Кыыһырбыт омунугар килиэп быһа турбут быһагын остуолугар “талыр” гына бырахта.

Кэпсэтиигэ аахайбакка олорбут курдук олорбут Буеккэ, бу кэпсэтиигэ курдары таттаран олорбута. Кыаллара буоллар, сип-сибилигин эрэ кинилэргэ тугу эмит кемелеһуе эбит. Багар кини ханнык эмит тэрилтэ директора эбитэ буоллар улэгэ да ылыах курдук эбит:

  • Балтылаах кутуетум, санаагытын туһэримэн. Эһиги эдэрдэргит. Уут-хайагас эһиги олоххутугар кестуе. Мин бэгэһээ эрэ эһиэхэ эппитим дии. Хайа умна охсубуккут тугун дебеней. Эһиги олох баай ыалгыт. Эһиги баайгыт диэн тугуй? Баай диэн ханнык да харчы буолбатах. Баай - диэн эһиги бэйэ-бэйэгитигэр истин сыһыанныт, эһиги чел-чэгиэн сылдьаргыт. Эһиги баайгыт оголоргутунан. Мин эһигиннээгэр ага киһи субэтин истин.
  • Ол онон баайбыт диэммит айахпытын халлаанна атан олоруохпут дуо? Ким биһиги оголорбутун иитиэй? - Клеопатра еһургэммиттии туттан уотунан кулумнэтэрдии санаран чоргуйда. Онтон тохтуу туһээт айагар мустубут силин ыйыһынна уонна оргууй сыыйан санарда: - Мин бугун биир толкуйга кэллим. Ити бэгэһээ таһынаагы нэһилиэккэ Испирдиэнэптэр арыгыларын ылан испиппит дии. Кинилэр арыгы атыылаан байан эрэр сурахтаахтар. Арай биһиги ыал кинилэр курдук арыгы атыылаан кердехпутунэ!
  • Хайа, хотуой, бу эн иирдин дуо?!
  • Убаай, эн миигин салгыы санарт эрэ. Санара турдахпына тылбар быһа кииримэ. Ол биһиги Испирдиэнэптэртэн туохпутунан итэгэс уһубутуй? Кинилэр сатыылларын биһиги да сатыахпыт буоллага.
  • Кэбис, кэбис, аньыыга-харага кииримэн! Ол урун дьааты атыылаан туох учугэйгэ тиийиэххитий? - Буеккэ кэлэйбиттии киэр хайыста.
  • Тугуй ол, аньыыга киирэбит диэн ыал устун ас умналыы барабыт дуу? Эбэтэр баай ыалга хамначчыттыы барабыт дуу? - Клеопатра сип-сибилигин ас умналыы бар диэбиттэрин курдук емурбуттуу тутунна.
  • Этэбин дии, эһиги икки илиилээх, атахтаах дьоннут. Онноогор улахан ыарыһах да дьон хайдах эмит улэлээн, аһаан-таннан олороллор. Эһиги икки кыахтаах дьон улэни таах кыайыаххыт. Хотоннутугар суеһулээххит, оттуур ходуһагыт киэн. Кэтэх хаһаайыстыбагытын кэнэтэн, суеһугутун элбэтэн, уут туттаран, куһунун суеһугут этин атыылаан олордоххут дии. Ама ол эһигини сатаан аһатыа суога дуо?
  • Суох, суох, суох! Мин хотон кулута буолуохпун багарбаппын. Биирдэ кэлбит олохпун киһилии, кэрэтик олоруохпун багарабын!
  • Ол харах уута диэн ааттанар аһы атыылаанныт кэрэ ологу олоруоххут диэн санаабаппын… Киһилии улэни улэлээтэргит ордук этэ, - Буеккэ кыһыйбыт омунугар сиэбиттэн ессе биир табагы хостоон буруолаппытынан барда.
  • Убаай, Буеккэ, эн того биһигини кэлэн дьаһалымсыйан бардын. Киһилии улэлиэ этигит буолан. Онтон ханна баарый эн “киһилии улэлээбитин”? Кердехпунэ куруутун арыгыны эрэ эккирэтэ сылдьар курдуккун дии. Эн курдуктар кэлэн биһигиттэн арыгы атыыластахтарына, биһиги да харчыланан барыа этибит буоллага. Того биһиги байа сатыырбытын эн бопсогунуй? - Клеопатра бу сырыыга улаханнык еһургэнэн кутан-симэн барда. Еһургэммит санаатын киэр илгээри убайын Буеккэни арыгыһыккын диэн уехтэ. Урут кини хаһан да убайын уехпутэ диэн суога, бэл диэтэр арыгыны иһэгин диэн хом санаатын да этээччитэ суога. Куруутун убайдаах балыска истин сыһыан баар этэ.

Клеопатра эппит тыллара, Буеккэ тебетугэр кэлэн, этин эппитинии олус ыардык иһилиннилэр. Кини кырдьык арыгыны таптаан иһэр, онон хайдах да мэлдьэһэрэ табыллыбат курдук.

  • Оо Клеопатра, мин кырдьык арыгыны иһэбин. Урут табыллыбатах олохпуттан хомойоммун иһэрбин билэгин дии. Того эмиэ онон сирэй-харах анньагын… - Буеккэ уйадыйан ылла. Арай маннык тугэннэ ытыахха сеп эбитэ буолуо, ол эрэн, эр киһи буолан баран, хайдах ытыы олоруой. - Оо, балтым барахсан, мин эйиэхэ куһаганы багаран эппэппин ээ. Мин эйигин, эн дьиэ кэргэннин харыстаан этэбин. Арыгы онорон, арыгыны таргатан, арыгыны иһэн ким да дьолломмут сурагын истибэтэгим. Арыгы абааһылаах буолар. Того ол абааһылаах аһы кытта догордоһуохпутуй. Ол кэриэтэ киниэхэ ханан да чугаһаабакка сылдьыбыт ордук.

Кэпсэтиигэ арай Леонид эрэ кыттыспакка олордо. Кинини айылга агыйах сананан “маныылаабыт” буолан, хаһан да маннык олох быһаарыллар кэпсэтиилэригэр кыттыспат этэ. Буеккэ балтытыттан кэлэйбиттии киэр хайыста уонна кутуетун диэкки ыйытардыы одууласта:

  • Онтон, эн, кутуетум, ити туһунан туох санаалааххын? Бука сэрэйдэххэ, кэргэнин “харах уутун” атыылыыр дьаллыгар кыттыһаары олорор инигин.
- Мин тугу быһаарыамый. Билбэппин хайыырбын... - Леонид кыбыстыбыттыы умса керде. Кини туох да оруннаах тылы этэрэ суох буоллагына, куруутун маннык туттар буолара. Ити ого эрдэгиттэн хаалбыт быһыыта. Урут оскуолага дуоска иннигэр туран учуутал ыйытар ыйытыыларыгар кыайан тобулан эппиэттээбэтэгинэ маннык туттааччы, бугун эмиэ онтуката уларыйбата.
  • Дьэ, буолан истэхпит. Кутуетум, мин эйигин билэбин. Эн хаһан да кэргэнин тылыттан тахсыбаккын. Клеопатра ылыммыт санаата куруутун ылыннарыылаах буолуохтаах. Эн курдук сымнагас киһини эрбэгин урдутугэр эргитиэгэ, - Леонид табагын умулларан олорбут олоппоһуттан чэпчэкитик турда уонна аан диэкки барда. - Чэ ыаллар, керсуеххэ диэри. Убайгыт олус хомойдум. Билсиэхпит.

Аан сабыллаатын кытары, дьиэлээхтэр ер кэпсэппэккэ олордулар. Клеопатра бу сана толкуйдаабыт дьарыгар хантан харчы булан эргитэрин саныы олордо, онтон Леонид бу дьарык туох учугэйдээгин дуу, куһаганнаагын дуу саныы олордо.
Кырдьыга даганы, ити Буеккэ этэн барбытын курдук, бу дьиэгэ хотун Клеопатра этэ. Онтон Леонид кини тугу эппитинэн сылдьар сытыары сымнагас киһи. Кэргэнэ тугу эппитин толорон барытын толорон иһэрэ, бэл “ууга ыстан” диирэ буоллар ууга да ыстаныах курдуга.

  • Догоор, Леонид, ити мин санаабын туох диэн этэй. Учугэй дьарыгы буллум буолбат дуо?
  • Хайдах эбитэ буоллар. Учугэй быһыылаах.
  • “Быһыылаах” диэмэ. Учугэй дьарык. Эн биһи аны хамнаска эрэнэн буттубут. Хаманастаах да эрдэхпитинэ тоттук олорботохпут, куруутун хамнастан хамнаска диэри сыккырыыр тыыммыт эрэ тиийэрэ.

Хамнас диэбиккэ диэри, Леонид агыйах хонугунан, бутэһик хамнаһын тобого кэлиэхтээх этэ. Ол да харчы диэхтээн, киһи “харчы” да диэбэт кыра харчы кэлэр эрэ, кэлбэт эрэ.

  • Леонид, эн ити хамнаһын кэллэгинэ магаһыынна баран иэспитин сабыахпыт. Атыыһыт Рита иэспитин саппатахпытына аны атыылыа суох буолбута. Онтон арыгыбыт атыытыгар харчы хантан булан эргитэрбитин кэпсиэгим.

Ити кэпсэтэ олордохторуна дьиэлэрин таһыгар соготох ынах кэлэн манырыыр саната иһилиннэ.

  • Оо, ынахпыт Магааччыйа ыанньыйбыт. Леонид, мин ынахпын тахсан ыам. Онтон эн оголорго аста астаа. Кэлэллэрэ чугаһаата буолуо.

Самаан сайын Сахабыт сиригэр салаллан кэлбитэ тугун учугэйэй. Былыр да буоллун, билигин да буоллун самаан сайын кэлиитэ саха киһитигэр ураты кэрэ кэм. Бу маннык кэрэгэ нэһилиэк ессе тупсубут курдук, кэлии-барыы угэннээбит. Куорат эргин уерэнэр ыччат дойдуларыгар сайылыы кэлэннэр, тыа сирэ ыччат эдэр куолаһынан эрчимирбиккэ дылы буолбут.
Нэһилиэккэ ыһыах буолара агыйах хонук хаалла. Ыаллар ыһыах ыһаарылар эрдэттэн бэлэмнэнэллэр: ыһыахха кэтэр мааны танастарын эрдэттэн сууйаннар, етууктээннэр чугаһаттылар, ыһыахха сииргэ диэн ууруммут астарын бэлэмнииллэр. Бэл онноогор тыа сиригэр арыгы иһээччи дьон испэтэхтэрэ ырааппыт курдук, “ыһыахха керулуехпут” диэн сэмээр куутэ сылдьаллар.
Бугун Салгыновтар дьиэ кэргэн хаһааннытаагар да эрдэ уһугуннулар. Бугун кинилэргэ уерууллээх кун! Буолумуна даганы: бугун кинилэр байарга хардыыларын бастакы кунэ буолар.
Бэгэһээ киэһээ соготох ынахтарын Магааччыйаны елербуттэрэ. Оголор ынахтарын аһыйан ытаспыттара, кыра кыыс барыларынаагар ордук буорайбыта. Онтон улахан дьон уерсубуттэрэ. Бугун ынахтарын этин Аллараа-Бэстээххэ киллэрэн атыылыахтаахтар. Туппут харчыларын ханна да туора бараабаккалар арыгы магаһыыныттан хас да дьааһык арыгыны атыылаһыахтаахтар. Нэһилиэккэ дьоно кинилэр соготох ынахтарын елербут сурагын истибэтэхтэрэ. Урут кимнээх эмит суеһу елердулэр да, тутатына тыа дьонугар барыларыгар иһиллэ охсоро. Кимнээх эмит эт кердеһе, кимнээх эрэ эт атыылаһа диэн биэдэрэлэрин туппутунан суурэн кэлэллэрэ. Биир ыал ынага элбэх ыалы аһатара.

  • Чэ, оголоор, учугэйдик олороорун. Аһыыр аскытын ыскаапка хааллардым. Биһиги киэһээ кэлиэхпит, - Клеопатра оголорун дьаһайталаата.
  • Мама, папа, биһиэхэ кэһиилээх кэлээрин, - оголор кэһии сиэхпит этэ диэн куутэ сылдьаллара.
  • Сеп агалыахпыт. Ол эрэн элбэги агалбаппыт. Харчыбытын барытын табаарбытыгар ылабыт. Мантан иннэ байан бардахпытына, кун аайы да минньигэһинэн аһыахпыт. Онон кыратык куутэ туһун.

Ити курдук кэргэннии Салгыновтар матасыыкылларын собуоттаан, 4 чаас айаннааннар Аллараа-Бэстээххэ тиийдилэр. Бэстээх уруккуттан билиннэ диэри кэлии-барыы, киирии-тахсыы сирэ. Араас элбэх табаардары хааламмыт магаһыыннар ааннара кэлбит-барбыт дьонно куруутун аһагас. Харчылаах эрэ буол, Бэстээги бутуннуу да атыылаһыах курдуккун. Онтон бугун Бэстээххэ киһи ессе элбэх курдук, того диэтэр ыһыахтар буолаары тураллара. Илин-Энэр коммерсаннара бары атыы атыылаһа кэлбиттэр, ыһыахтар сагаланнылар да ол атыыларын таһааран атыылаан ботуччу харчыланаары сырыттахтара.
Салгыновтар эттэрин омуктар магаһыыннарыгар тиийэн туттардылар. Туппут харчыларын туппутунан арыгы магаһыыныгар киирэннэннэр атыыга турар арыгылар сыаналарын уерэтэ турдулар. Арыгы магаһыыныгар киһи хаһан багарар элбэх буолааччы, кассага элбэх киһи уочараттаан турар. Норуот дьэ арыгыны былыр-былыргыттан себулээн догор оноһуннахтара. Арыгыны хаһан догор оностубатахтара баарай, хомолто да буоллун, уеруу да буоллун дьон куруутун иһэрэ. Бу ыһыах буолаары турар буолан арыгы атыыта хамагатык барар. Норуот дьэ ыһыахха куулэйдиэ турдага.
Биһиги дьоммут талан-талан 3 хоппо “Эрчим”, 6 хоппо “Байловскай”, 3 хоппо “Тыгын Дархан” водкалары уонна саамай чэпчэки сыанатынан уонна куһаган хаачыстыбатынан аатырбыт “Пшеничнай” диэн 6 хоппо арыгыны атыыластылар. Вино, шампан диэн арыгылары саныы да барбатылар, дэриэбинэгэ водканы эрэ иһэллэр. Онтон винону куоракка кыахтаах эрэ дьон иһэллэрэ буолуо.

  • Хайа, биир дойдулаахтарым турар эбиккит дуу! Туох ааттаах элбэх арыгыны атыыластыгыт? - Эмискэ ким эрэ сана аллайа тустэ. Эргиллэн кербуттэрэ Леонид котельнайга бииргэ улэлээбит атаһа Болуодьа Уйбаныап турар эбит, 3 бытыылка “Эрчим” диэн арыгыны кыбынан турар эбит.
  • Болуодьа, дорообо, - Леонид илии тутуһан дорооболосто.
  • Хайа бу Салгыновтар, туох ааттаах элбэх арыгыны ыллыгыт? Бырааһынньык тэрийэн эрэгит дуу?
  • Туох бырааһынньыга кэлиэй, улэтэ суох хаалбыппын сууйуохпут дуо…

Эмискэ Клеопатра Болуодьаны бэрт болгомтолоохтук одуулаан туран аргыый сыыйан санарда:

  • Болуодьа, биһиги уора-кесте арыгы атыытынан дьарыгыраары гынныбыт. Биһиэхэ реклама наада. Тэннэ иһэр доготторгор Салгыновтар арыгы атыылыыллар диэн кэпсээр, кэлэннэр биһигиттэн атыыластыннар. Онтон испэт дьонно олох кэпсээйэний, бостуой санара сылдьыахтара.
  • Атыылаан эрэгит дуо? Онтон арыгы атыылыыр ыалы куруутун санараллар дии. Дьон тылыттан куттаммат, сурдээх харса суох дьон эбиккит дии.
  • Дьон санарыа диэн куттанаммыт, аһаабакка-сиэбэккэ олоруохпут дуо? Хата бу хопполору матасыыкылга таһааран уурарга кемелес.

Ити курдук, Салгыновтар хас да хоппо арыгыларын тиэммитинэн дьиэлэригэр уерэн-кетен кэллилэр. Дьэ мантан иннэ арыгыларын атыылаан бардахтарына, харчы кинилэр ытыстарыгар кутулла туруо буоллага.

Болуодьа Уйбаныап Аллараа-Бэстээхтэн ус бытыылка арыгытын кыбыммытынан дэриэбинэтигэр уерэн-кетен кэллэ. Хаһан киэһээ буолан котельнайыгар доготторун кытта мустан иһэ охсоллорун санаатыгар куутэ сырытта. Оголоругар, кэргэнигэр кыра кэһиилээх, араас фрукта, минньигэс, халбаһы эгэлгэтэ. Дьэ бугун дьиэлэригэр дьоро киэһэ буолар буоллага. Ер кэмнэ хамнас мунньуллан баран кэллэгинэ, кини Бэстээххэ киирэр идэлээгэ. Араас атыы-тутуу атыылаһа диэн, уонна дьону-сэргэни да керен сэргэхсийэр буоллага. Куруутун котельнайга хааллан сытар куһагана бэрт.
Дьиэтигэр киирбитигэр кэргэнэ уерэ-кете керустэ, минньигэс ас астаабыт сыта муннутугэр бэрт учугэйдик кэллэ. “Папа кэллэ, кэһии агалбыт” диэбитинэн оголоро бары сырсан кэллилэр. Агалбыт суумкатын, дьааһыктарын арыйа охсон, бииртэн биир эгэлгэни хостооннор остуолга уурдулар.
Ити курдук Уйбаныаптар бэрт эйэлээхтик киэһээнни аһылыктарын аһаатылар. Агалара Болуодьа Бэстээхтэн илдьэ кэлбит сонунун ыһа-того кэпсээтэ. Арай кини маарыын Клеопатра эппитин эрэ кэпсээбэтэ. Салгыновтар арыгы атыылыылларын, того кини кэпсиэй, Марыына да ону билэн тугу уларытыай. Атыылыыр дьон атыылатыннар ээ. Болуодьа бэйэтэ арыгы иһэн, теле барар тугэнигэр, арыгы атыылыыр Салгыновтар да кинини салгыахтара буоллага.
Аһаан бутэн, Болуодьа котельнайыгар бараары кепкатын кэтэ турарын керен кэргэнэ Марыына ыйытта:

  • Хайа, эмиэ ханна бардын?
  • Оттон котельнайбар.
  • Тугу гына бардын? Сайын буолбатах этэ дуо? Оһох оттуллар уһу дуо ол?
  • Бараммын уолаттары кытта кэпсэтэ туһуем. Сотору кэлиэм, - Болуодьа арыгы иһэ диэгин куотуна сатыыр курдук хардарда.
  • “Кэпсэтэ” буолан. Бука сэрэйдэххэ эмиэ арыгылыы бардын ини. Эн Бэстээххэ баран кэлээһинин арыгыта суох суйааһыннаах буолуо дуо? Саатар сарсын ыһыах дии, ыһыах бутэрин да куутуе эбиккин! - Марыына себулээбэтэгин тута биллэрдэ.
  • Баран баран кэлиэм буоллага дии. Сотору кэлиэм.
  • Эн хаһан “сотору” кэлэрин биллэр. Чэ хайыаххыный барар буоллагын дии.

Марыына кэргэнэ теһе да иһэрин себулээбэтэр, хайдах да эрин кыайан туппат этэ. Болуодьа сурдээх еһес киһи, эттэ да бутэр. Онно тэннээтэххэ Марыына чугас дьуегэтэ Клеопатра эригэр олох хотун этэ, Клеопатра тугу эппитинэн эрэ Леонид сылдьара. Эригэр итинник куустээх былаастаагын кере-кере, Марыына сэмээр ымсыыра саныыра.
Болуодьа котельнайыгар кэлэн атастарын кытта номнуо арыгылыы олордулар. Сарсын ыһыах эрэ, туох эрэ. Иһэр киһи ханнык багарар тугэннэ булан иһиэгэ. Биир бытыылканы тобохтоотулар, тебелеругэр арыый таһаарда. Кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ элбээн барда. Дэриэбинэ араас сонуннара, ойохторун туһунан кэпсэтиилэр ырытыллан бардылар. Бэл диэтэр оскуолага сана улэһит кыыс кэлбитин туһунан кэпсэттилэр. Сурдээх кыраһыабай кыыс уһу. Онноогор ол кыыс себулэнин да билбэккэлэр, бэйэлэрин икки ардыгар “уллэһиннилэр”.
Болуодьа бу кэпсэтиигэ айага арыллан, маарыын Бэстээххэ Клеопатраттан истибит сонунун кэпсээн киирэн барда:

  • Уолаттар, маарыын Бэстээххэ сылдьаммын, арыгы магаһыыныгар Леонидтаах Клеопатраны керустум. Хас да хоппо арыгы атыыластылар. Ыйыталаспыппар, Клеопатра арыгы атыылаан эрэбит диэн сибис гынна.
  • Тыый! Кырдьык дуо? Дьэ байыыһылар эбит дии.
  • Леонидпыт туох буолбут буоллагай. Киниэхэ хаһан да тебетугэр арыгы атыылыыр туһунан ей да киириэ диэн санаабатагым. Дьэ сурдээх буолар эбит, - арыгы иһэ олорор эрэттэр муодаргыы санаатылар.
  • Ээ биһиги киһибитигэр оннук ей киирбэт буоллага дии. Бука сэрэйдэххэ Клеопатра ылбыт ейе буолуо. Оннук арыгы атыылыыры игин сатыыр барахсан буолуохтаах, - Болуодьа аргыый хардарда.
    Бу котельнайга улэлиир кочегардар атастара Леонид хайдагын билэр буоллахтара. Хаһан да элбэх харчыны сырсыбат, куннээги аһыыр аһа айагар баар буолла да онон дьоллонор сурдээх сытыары сымнагас киһи буоллага.
  • Тугун учугэйэй! Дьэ байар дьон буолбуттар. Мин эмиэ арыгы атыытынан дьарыгырарым дуу? - Кочегар Уйбаан омунура тустэ.
  • Ээ, эн Уйбаан хантан кыайан арыгы атыылыаный. Баар буоллагына бэйэн да иһэн бутэрэр инигин, - эрэттэр омуннаахтык кулсэ тустулэр. - Арыгы атыылыырынан багас, бэйэтэ испэт киһи дьарыгырара буолуо дии. Биһиги курдук арыгы иһэрин таптыыр дьон оннугу сатаабат буоллахпыт. Хайа уонна дьон тыла диэн баар буоллага. Арыгы атыылыыр дьону испэт киһи, кэргэттэр сиилиир буоллахтара. Ол ону мээнэ киһи кыайан уйбата буолуо.

Дьэ ити курдук биһиги эрэттэрбит котельнайдарыгар арыгылыы олордулар. Таһырдьа урун туун буолан халлаан харанарбат, оттон котельнайга кыһыннары-сайыннары куруутун харана буолара. Котельнай иһигэр умайбыт чох сыта куустээхтик кэлэр. Ол сыты мээнэ киһи тулуйбата буолуо, оттон бу кочегардар куруутун манна улэлиир буолан уерэнэн хаалбыттар.
Сотору буолан баран арыгыһыттарбыт арыгыларын барытын иһэн бутэрдилэр. Оннук улугэр улаханнык итирбэтилэр даганы диэххэ сеп. Туерт эр бэрдигэр ус эрэ бытыылка арыгы кыра да буоллага.

  • Хайа уолаттар, арыгыбыт буттэ дии. Ессе испит киһи, - Болуодьа топпотох киһи сиэринэн сана аллайда.
  • Ус эрэ бытыылканы ылбытын дуо, Болуодьа? Бэстээххэ баран кэлбит киһи наһаа ус эрэ бытыылканы ылбатын ини. Ессе баар дуо? - Уолаттар ессе иһээрилэр харахтара уоттана тустэ.
  • Хантан кэлийэ! Акаарыбар ус эрэ бытыылканы ылбыппын. Маннык буоларын билбитим буоллар, аччаабыта сэттэ бытыылканы ылыахтаах этим. Дьэ мантан туун арыгы кердуу барыахпытын наада эбит.
  • Арба, Болуодьа, бэйэн кэпсээтин дии, Салгыновтар арыгы атыылыыр буолбуттар диэн. Ол онно баран атыылаһыахха ээ.
  • Босхо бэристин ээ табаарыстарыгар. Босхо кердеһен керуеххэ. Хас да дьааһык арыгылаах дьонно биир-икки бытыылка диэн муорага хаапыла тэнин сага буоллага дии, - Уйбаан инсэтигэр ейдеегумсуйэ тустэ.
  • Кырдьык даганы!

Дьэ ити курдук биһиги эрэттэрбит, арыгы эбии иһээрилэр Салгыновтар дьиэлэрин диэкки хаама турдулар. Арыгы туочукалара арыгыны тутатына харчытыгар эрэ атыылааччылар, хаһан да иэс суруйбаттара. Эмиэ да сеп буоллага. Иһээччи киһиэхэ иэс биэрбит да диэн, хаһан да ол харчытын теннербет буоллага. Оттон бу котельнай улэһиттэригэр хамнас санардыы кэлбит буолан, сиэптэригэр ботуччу харчылаах сылдьаллара.

    Туун 2 чаас сагана утуйа сытар Салгыновтар ааннарын этин этэрин курдук тыастаахтык тонсуйдулар. Клеопатра бу улахан тыастан соһуйан уһуктан кэллэ, кербутэ аттытыгар кэргэнэ утуйа сытар, оголоро бэйэлэрин хосторугар утуйа сытар муннуларын тыаһа иһиллэр. Кимнээхпит кэлэн ааны тонсуйдахтарай диэн, Клеопатра соһуйа, эмиэ да куттана санаата.

  • Догоор, уһугун эрэ! Ааны кимнээх эрэ тонсуйаллар, - Клеопатра куттаммыт омунугар Леониды саннытын охсуолаан уһугуннарда.
  • Туох диигин? - Леонид утуйа сыппыт киһини уһугуннарбыттарыттан себулээбэтэ.
  • Ааны тонсуйаллар. Туран арый.
    Леонид аа-дьуо туран ааны арыйбыта, котельнайга бииргэ улэлээбит доготторо Болуодьалаах орто холуочук тураллар эбит.
  • Хайа, болуодьа туохха кэллигит? - Леонид муодаргаабыттыы сураста.
  • Ээ, биһиги арыгы ыла кэллибит. Табаарыспыт буоллагын дии, арыгыта бэрис эрэ. Маарыын хас да хоппо арыгы атыыласпытын дии.
  • Ону кердуу туун кэллигит да? Биһигини утуйа сытар ыалы ол аайы уһугуннарагыт дуо? - Леонид себулээбэтэхтии санарда.

Итиннэ диэтин кытта, кыһыл халаатын буруммутунэн, Клеопатра хоһуттан тахсан кэллэ. Арыгы кердуур дьон диэкки бэрт эйэгэстик туттан тиийэн кэллэ. Уруккута эбитэ буоллар, кини бу эрэттэри бардьыгыныы керсуе эбит. Онтон бугун, бу дьон арыгы ыла кэллэхтэрэ диэн иһигэр уерэ санаата.

  • Хайа, догор, Леонид, туох диэн эттэний? Табаарыстарын арыгылара бутэн арыгы кердеһе кэллэхтэрэ дии. Бачча кердеһер дьону уурэн ыытаары гынагын дуо? - Клеопатра албын куолаһынан сэмээр сыыйан санарда. - Доготтоор, эһиэхэ арыгы наада буолбутун ейдуубут. Харчыгытын агалын, арыгыны багас биэриэхпит.

Бу куннэргэ диэри, босхо аһыырыгар, арыгылыырыгар уерэммит киһи Уйбаан ити тыллары себулуу истибэтэ. Уйбаан бу дэриэбинэгэ бэлэмнэ, босхого сылдьарын себулуур киһитинэн биллэр. Кини аһылыгын-танаһын барытын аймахтара, дьиэ кэргэнэ, доготторо бары босхо уйуналлар. Бэл, онноогор Уйбаан сыбаайбаларга ынырыыта суох кэлэн аһаан-сиэн барарынан аатырбыт киһи, дьоннор онтон соһуйан-соһуйан кэлин соһуйбат да буолан бардылар. Ити быһыыларын себулээбэккэлэр кининиэхэ Айах Уйбаан диэн хос ааты инэрбиттэрэ.

  • Биһиэхэ атаспыт Леонид босхо бэрсэр ини, - Уйбаан албыннаһардыы мичээрдиэгин мичээрдээн турда.

Ити тыаллар Клеопатра кыынньаатылар.

  • Хор да маны! Хайдах эн куруутун босхо арыгылыаный! Биһиги бу арыгыны барытын бэйэбит харчыбытыгар атыылаһан ылбыппыт. Харчыгытын агалын. Эбэтэр мантан киэр буолун! - Клеопатра кыыһыран умайыктана тустэ.

Клеопатра бу дэриэбинэгэ хайдах курдук сытыы-хотуу, куустээх дьахтар буоларын бутэһик да киһи билэр буолуохтаах. Онон кинини итирик да киһи утары кербете.

  • Сеп-сеп, харчы баар. Биһиэхэ 2 бытыылката агал. Харчытын биэриэхпит, - Болуодьа сиэбин хастан киирэн барда.

Онтон ити кэмнэ Айах Уйбаан “тугун учугэйэй, эмиэ босхо арыгылаан эрэбин” диэбиттии Болуодьа хастар сиэбин диэкки ымайыагын-ымайан керен турда.
Клеопатра хоһугар киирэн ыскаап кэтэгэр кистээбит хоппотун арыйан биэс бытыылканы хостоон агалан арыгы кердуур атастарга утары уунна:

  • Дьэ, уолаттар, эһиги мантан туун икки бытыылка арыгыга топпоккутун билэбин. Син биир мантан туун биһи дьиэбитигэр элбэхтэ кэлэргит буолуо. Ол иһин бу биэс арыгыны биирдэ атыылаһын. Биэс бытыылка харчытын агалын. Сыаната бачча буолар, - диэн баран Клеопатра маарыын атыыласпыт сыаналарынаагар ус тегул элбэх сыананы ааттаата.

Ейдеех киһи хаһан да бу ааттаммыт сыананы ыарахан диэн атыылаһыа суога эбитэ буолуо. Онтон холуочуйбут киһи хаһан харчытын харыстаабыта диэн баарай, ааттаммыт сыанага ама харчытын харыстыы барыа дуо. Мантан туун керулуургэ саамай септеех сыана диэн атыылаһарыгар эрэ тиийэр.
Дьэ ити курдук Болуодьалаах биэс бытыылканы атыылаһан, уерэн-кетен ааны сабааттарын кытта Клеопатра уеруутуттэн ыстаналаан ылла уонна Леониды кууһан ылла:

  • Керегун дуо, догоччуок! Дьол диэн бу буоллага. Дьэ мантан иннэ биһиги Салгыновтар харчыны булар буолуохпут, - Клеопатра теһе да уербутун иһин Леонид тугу да утары эппэтэ.

Ити курдук маннайгы атыыларын атыылаан, оронноругар киирэн куустуһан сыттылар. Туун 2 анар чаас да буоллар уулара кэлэн быстыбата. Уһуннук тугу да санарбаккалар, бэйэлэрин санааларыгар куустаран сыттылар. Клеопатра сирэйин кердеххе сотору-сотору мичээрдээн ылар, элбэх арыгыны атыылаан байа охсорун саныы-саныы дьоллоно сытар курдук. Онтон Леонид оннук айыылаах дьолломмут быһыыта кестубэт.

  • Догоччуок, Клеопатра. Аны мантан иннэ хас туун аайы утуйар уубут уу буолан бутуе буоллага. Чуумпута суох тууннэр диэн ол аата биһиги дьолбут уһу дуо? - Леонид санаатын оргууйдук Клеопатра кулгаагар сибигинэйэн эттэ.
  • Кэбис, Леонид, итинник диэмэ. Харчыны ургутээри! Тугу-тугу санаран бардын?
  • Арыгы атыылааммыт дьоллонуохпут дуо?
  • Биллэн турар дьоллонуохпут. Мантан иннэ эн биһиги, оголорбут байан барыахпыт. Харчы буоллага дии - дьол диэн, - Клеопатра итинник дии-дии кэргэнин иэдэһин уураан ылла. - Чэ утуйуохха. Сарсын ыһыах буолар кунэ. Ыһыах кун, элбэх киһи арыгыга наадыйара буолуо.

Ити курдук кэпсэтэ сыттахтарына, эмиэ ким эрэ кэлэн ааны сурдээх куустээхтик тонсуйда. Ол тыаһы истэн Клеопатра бэрт омуннаахтык ойон турда, онтон Леонид оронугар сыта хаалла.

Сарсыныгар нэһилиэккэ ыһыах кун ууннэ. Нэһилиэк ыһыагыгар элбэх оонньуу оонньонно, ырыа ылланна, курэх буолла. Дьон-сэргэ кууппут куннэрин бэрт сэргэхтик атаардылар. Буоларын курдук киэһээ кулууп дьиэтигэр дискотека буолла. Ыһыах кун дискотекага хаһааннытаагар да элбэх киһи сылдьааччы. Куну быһа ыһыах итиитигэр сылайбыт дьон тыыннарын таһааран, ункуулээн имитэ кэллилэр. Ханна олорон испиттэрэ эбитэ буоллар, дискотекага эдэр да буоллун, саастаах да буоллун дьон уксэ арыгы сытынан анылыйа сылдьаллар. Сорохтор дискотекага киирэн ункуулээн ыла-ылалар тахсаннар кулууп кэннигэр баран арыгы амсайаллар, сорохтор дьиэлэригэр тахсан эбинэллэр.
Болуодьа Уйбаныап ама бу кертен-нартан матыа дуо, кини эмиэ кэргэнин Марыынаны кытта ункуулээн имитэ кэллилэр. Марыына маарыын сарсыарда туһулгэгэ киирэн аймахтар уонна оголоро буолан сынньаммыттара, ол кэмнэ Болуодьа бэгэһээ доготторун кытта “аһары керсен” кэбиспит буолан дьиэтигэр хаалбыта. Марыына убаһа этин, кымыс амсайан уерэн кетен, сэргэхсийэн сылдьара. Киэһээ, ыһыах кэнниттэн дьиэтигэр кэлэн ынахтарын ыан баран, дьуегэлэрин кытта керсе диэн барбыта, вино амсайбыттара. Марыынаны дьигинэн арыгы иһэр дьахтар диэбэккин, ол эрэн, сыл атагар-баһыгар биирдэ эмит бырааһынньыктарга вино амсайааччы.
Марыына ункуулуу сылдьан маарыын тэннэ винолаабыт дьуегэлэрин керсе тустэ. Чаас ынараа еттугэр винолара бутэн, таргаһалларын сагана дьуегэлэрэ ейдеех хаалбыттара. Онтон билигин лаппа холуочуйбут керуннээхтэр, ханна эрэ эбии эбиммит курдуктар.

  • Хайа, кыргыттар, бу ханна эбии вино истигит дуу, хайдах дуу? Маарыын виноны барытын тобоголообуппут дии. Эбэтэр миигиттэн кистии сылдьыбыккыт дуу? - Марыына соһуйан-емурэн аймана тустэ.
  • Хайдах буоллун, дьуегээ? Онтон эрин кэпсээбэтэгэ дуо? Дьуегэн Клеопатра аһын амсайа сылдьабыт дии, - кыргыттар кулсэн того бардылар.
  • Клеопатра дуо? Кини эһиэхэ вино кэһиилээх кэлбитэ дуо? Клеопатра - дьуегэм ааттаах, уонна биир бытыылка кыһылы амсаппат эбит дуу?
  • Бут эрэ, - кыргыттар ессе кулустулэр, - Салгыновтар “туочука” арыммыттар диэн эйиэхэ эрин кэпсээбэтэгэ дуо?

Бээһээ мин огонньорум, эн Болуодьан игин буоланнар кинилэргэ баран арыгы атыыласпыттар этэ дии. Ол ону истэммин, сана “туочука” аһын амсайаары баран буокка атыыластыбыт.
Ити тыллартан Марыына соһуйа тустэ. Клеопатралыын ого эрдэгиттэн бииргэ улааппыттара уонна Клеопатра арыгы атыылыыр буолуо диэн туулугэр да туһээн кербетеге. Кэргэнигэр Болуодьага баран ыйыталаста.

  • Болуодьа, ити кырдьык дуо? Салгыновтар арыгы атыылыыр буолбуттар диэн. Бэгэһээ эн кинилэртэн арыгы баран ылбыт сурахтаах уһугун дии.
  • Ону эн хантан биллин?
  • Хайдах билиэм суогай. Дэриэбинэ барыта билбит дии. Дьэ буолар да эбит! Клеопатра аны мин огонньорбун арыгылатыа диэн санаан да кербетегум, - Марыына эмиэ да соһуйа эмиэ да хомойо санаата.

Ункуу-битии салганан барда. Кулууп залын иһигэр дьон ессе элбээн барда. Марыына дьуегэлэрин кытта ункуулуу сырытта. Арай биирдэ кербутэ ханан эрэ аттынан ункуулуу сылдьыбыт кэргэнэ суох буолбут. Таһырдьа табахтыы тахсыбыта буолуо диэн улаханнык аахайбата. Билигин киириэ диэн санаатыгар куутэн керде да, киһитэ киирбэтэ. “Ханна барбыт буоллагай”, - диэн таһырдьа тахсан кердеен керде да, Болуодьата ханна даганы суох.

  • Сатана уола ханна барбыт буоллагай? - Кердууруттэн салган айах атан санарда. Дискотека кэнниттэн дьиэлэригэр тэннэ баран утуйар санаалаага.

Ити кэмнэ Болуодьа Салгыновтарга барбыт этэ…

Бу ыһыах туун Салгыновтар дьиэлэрин аана сабыллыбатага. Кинилэргэ барыстаах кун буоларыгар эрдэттэн бэлэмнэнэн олорбуттара. Киэһээ буолуута Клеопатра оголоругар:

  • Оголоор, утуйун. Мантан туун ааны тонсуйдахтарына соһуйумаарын. Тугу да истибэтэгэ буолаарын.

Улахан уоллара Владик барытын ейдуур этэ. Кини номнуо билигин сааһа 16 барбыта. “Ийэлээх-агам арыгы атыылыыр буолбуттар” диэн маарыын номнуо табаарыс уолаттарыгар кэпсээн турардаах. Владик бу маннык тыаска-ууска утуйуон багарбата:

  • Ийээ, мин табаарыспар Коляга баран хонуом.
  • Суох, ханна да барбаккын. Сотору биһиги куоратынан игин арыгы ыла бардахпытына, улахан ого быһыытынан, эн атыылыыр буолуон дии. Ол иһин туун уһуктарга уерэниэххин наада, - Клеопатра уолун “ейдетердуу” эппитэ.

Тууну быһа дьэ араас ыалдьыттар “ыалдьыттаан” ааспыттара. Кимнээх эрэ арыгылара бутэн онно эбинээри ылаллара, ким эрэ санардыы иһээри кэлэн атыылаһара. Сорох бу дэриэбинэ олохтоогор, Салгыновтар арыгы атыылыыр буолбуттара олус табыгастаах этэ. Уруккута эбитэ буоллар ыаллыы сытар нэһилиэккэ Испирдиэнэптэртэн баран атыылаһыа эбиттэрэ буолуо. Биллэн турар, атын нэһилиэккэ баран ылалларын ыраагыргаталлара.
Бу туун Салгыновтар сиэптэрэ тута халынаабыта. Бэстээхтэн ылбыт сыаналарыттан ус тегул элбэх сыанага атыылыылларын ким да ыарыргаппат курдуга. Бу маны керен Клеопатра “сыананы 4 тегул да ыараттахха да ылыа эбиттэр” диэн иһигэр санаабыта.
Сарсыарданан ааны тонсуйбуттара, кербуттэрэ Марыына кэлэн турар эбит:

  • Хайа, дьуегэм, Клеопатра, сурага арыгы атыылыыр буолбут эбиккин дуу? - Марыына соһуйбуттуу, эмиэ да себулээбэттии тииһин быыһыгар сыыйан санарбыта.
  • Да, атыылаан эрэбит. Арыгы ыла кэллин дуо?
  • Эн арыгын миэхэ наадата суох. Огонньорбун ыла кэллим.
  • Эн кэргэннин, ол биһиги манна хорготон арыгылата олорор уһубут дуо? - Клеопатра еһургэммиттии санарбыта.
  • Мин огонньорум бугун манна кэлэн арыгы ылан барбыта дуо?
  • Кэлэн барбыта. 3 Бытыылканы ылбыта.

Ити тыллары Марыына себулуу истибэтэгэ. Кини Болуодьата теһе да улуу арыгыһыт буолбатар, арыгы истэгинэ утуенэн тохтооччута суога, истэ да иһэн бара турааччы. “Билигин эмиэ тохтообот киһи буолар буоллага” диэн Марыына хомойо санаабыта.

  • Клеопатра, эн мин ого сааһым дьуегэтэ буоллагын дии. Аны кэлэн кердеетегунэ, туох да иһин арыгыны биэрээйэххин, - Марыына харагар уу-хаар баһан кердеспутэ.

Клеопатра арыгы атыылыырын сагалыан иннинэ, бэйэтигэр маннык сыал туруоруммута: “ким да буоллун, барыларыгар атыылыам. Син биир кэргэттэр, ийэлэр кэлэн дьоммутугар арыгыны биэримэн диэн кердеһуехтэрэ. Онно кинилэр кердеһуулэрин ылыммаппын. Барыларыгар атыылыы туруом” диэн.

  • Марыына, эн огонньорун манна кэлэн арыгы кердеетегунэ, кини харчылаах буоллагына арыгыны син биир биэриэгим.
  • Туох да? - Марыына соһуйа туспутэ. - Клеопатра, хайдах итинник гынагын. Мин эрим кыра оголордоох. Того мин огонньорбун арыгы айагар умса анньаары гынагын?
  • Мин эмиэ кыра оголордоохпун. Кинилэр иннилэрин туһугар мин арыгы атыылыыбын. Кинилэр улааталларыгар харчы наада. Ону эн эмиэ ейдуехтээххин.

Ити тыллар Марыынаны суускэ биэрбит курдук охсубуттара. Еһургэнэн икки харагын уутэ кестубэт буолбута:

  • Дьэ керуехпут. Ким оголоро бутэһик ытыылларын. Арыгы атыылааннын, дьон тылыгар бараннын, дьоллоох ологу олоруон диэн санаабаппын… - Диэбитинэн Марыына ааны хайа быраган тахсыбыта.

“Кер да маны, ессе кыраабыт буола-буола! Эн кырыыскар мин силлиибин” диэбитинэн Клеопатра хос ортотугар туран хаалбыта.

Дьэ ити куннэртэн туун да буоллун кунус да буоллун Салгыновтар ааннара сабыллыбат буолбута. Уруккута ыһыах эрэ кун иһэр эбит буоллахтарына, билигин атын хартыына буолбута. Ыһыах ааспыта уонча хонно да, дьоннор иһэр санаалара тохтооботого. Иһээччилэр, оголорун-кэргэттэрин ытаппытынан, бутэһик харчыларын ууран туран кэлэн арыгы ылан бараллара. Ол онтон Клеопатра уерэрэ эрэ, теһенен дьон иһэр даганы - соччонон кини хармаана халынаан барбыта. Урут иэстэн иэскэ эрэ олорбут Салгыновтар, агыйах хонук иһигэр иэстэрин саппыттара, ессе дьиэлэригэр араас мааны малы-салы атыыласпыттара. “Бу сайын онорбут харчыбытынан, аны куһун массыына атыылаһыа этибит” - дэспиттэрэ.
Леонид сотору-сотору матасыыкылын мииммитинэн Бэстээххэ баран, хас да хоппо арыгыны атыылаһан агалара, ол ону Клеопатра уерэ-кете атыылыыра. Билигин дьиэлэригэр туун аайы арыгыһыт дьон кэлэр буоланнар, оголор аанньа утуйбат буоллулар. Тугэн кеһуннэгинэ, кунус дьон сырыыта аччаабыт эрэ кэмигэр утуйан ылаллара.
Ити кэмнэ дэриэбинэгэ “Салгыновтар арыгы атыылыыр буоллулар” диэн сурах таргаммыта. Иһээччи кэргэттэрдээх, тереппуттэрдээх дьоннор Салгыновтарга улаханнык естуйбуттэрэ.

  • Керегут дуо, Салгыновтар арыгы атыылаан байан эрэллэр, - дэспиттэрэ.
  • Харах уутунан эргинэн дьолго тиийиэхтэрэ диэн санаабаппын. Теһелеех элбэх иһээччи кэргэттэрдээх дьон, арыгыһыт оголоох ыал, иһээччи дьонноох ого уегэн-таныйан, кыраан эрэллэрэ буоллар, - сорохтор иннэ дэспиттэрэ.
  • Ити арыгы атыылыыр туһунан Клеопатра толкуйдаабыт уенэ буолуохтаах. Кини туох дьоннордоого, хаайыылаах убайдардаага биллэр ини, - Клеопатра дьонун учугэйдик билээччилэр итинник диэн ырытыспыттара. - Леонид учугэй киһи, кини атыылыырга сепсеспете буолуо, ону дьахтарбыт истиэ баара дуо, атыылыахха диэн тыл кетехтеге дии.
  • Леонид ону кере-кере, билэ-билэ сылдьыбатага чахчы. Клеопатра угаайыытыгар киирдэ да буттэгэ. Багарбатагын да иһин тэннэ атыылыыр туһунан себулэстэгэ буолуо.

Кырдьык Леонид, сытыары-сымнагас майгылаагын бу нэһилиэк дьоно бары билэллэр этэ. Ол иһин, Леонид дьон-сэргэ ытыктабылын ылара.
Нэһилиэк урдунэн элбэх санатынан, этиһиигинэн аатырбыт Мотуруона эмээхсин уола арыгыны тохтоло суох испитэ хаһыс да кунэ буолла. Хайа ийэ огото арыгы иһэрин себулуе баара дуо, биллэн турар Мотуруона ол онтон санаата туһэн сылдьара. Хаста даганы уолугар “арыгы иһэргин тохтот” диэн кердеһен-ааттаһан керде даганы уола ону истиэ баара дуо. Хантан эрэ харчы булан, арыт-ардыгар ийэтиттэн харчы кердеен арыгылыы эрэ барбыта баар буолааччы. Мотуруона дьону кытта этиһэн, унсэн-харсан куруутун кыайбыта эрэ баар буолааччы. Онноогор былыр сэбиэскэй сагана совхоз председателин районнаагы дьаһалталарга унсэн, хаһыаттарынан суруйан улэтиттэн уһултарбыта. Онтон билигин соготох уолун кыайан тохтотор кыага суох.
Ол иһин Мотуруона ыксаан нэһилиэк баһылыгар тиийэн улахан унсуу туһэрбитэ:

  • Сэмиэн Сэмиэнэбис, барытын кере-билэ, истэ сылдьарын буолуо. Клеопатралаах Леонид Салгыновтар, арыгы туочукатын арыйаннар, арыгыны аһагастык атыылыы олороллор. Дьону арыгылатар улэлэрэ кунустэри-тууннэри куестуу оргуйар! Итини тохтоттоххуна эн эрэ тохтотор кыахтааххын… - Мотуруона харагар уу-хаар баһа-баһа Сэмиэн Сэмиэнэбистэн кердеспутэ.

Сэмиэн Сэмиэнэбис, Мотуруона уола арыгыны таптаан иһэрин билэр этэ, арааһа уола арыгылаан кэбиһэн, бу эмээхсин ону тохтотоору кэлэн турар диэн аһынардыы санаабыта.

  • Сеп, Мотуруона ити дьыаланы мин быһаарыагым.

Салгыновтар дьиэ кэргэн, биир сарсыарда эрдэ турдулар. Леонид, бугун матасыыкылын мииммитинэн Бэстээххэ баран арыгы атыылаһыахтаах. Онтон Клеопатра дьиэ дьиэлии, оголорун кере хаалыахтаах.
Сарсыардаанны аһылыкка халбаһыы, сыр сиэтилэр, кофе истилэр. Уруккута эбитэ буоллар маннык кунду, сыаналаах астары аһыа суох эбиттэр: халбаһыыны, биирдэ эмэ буолар бырааһынньыкка эрэ харахтаан керееччулэр. Билигин харчылара элбээн, маннык сыаналаах асьы кун аайы сиир буолбуттара. Онноогор бэгэһээ хатыыс хара искэгин килиэпкэ сыбаабыттара.
Аһылык кэнниттэн, Клеопатра ыскаабыттан харчы ороон, Леонидка атыылаһаргар диэн биэрээри аага олордо. Ол олордохторуна, аан арылла тустэ, нэһилиэк ага баһылыга Сэмиэн Сэмиэнэбис киирэн кэллэ. Бачча элбэх харчыны аага олороллорун керен соһуйуон соһуйда, бэл харага уоттаммыт курдук буолла.

  • Хайа, бу ыаллар, сурага, байбыт уһугут дуу? Туох сонуннааххыт? - Сэмиэн Сэмиэнэбис ыйыталаста.
  • Ээ, хантан байыахпыт баарай? Хас да сылы быһа мунньуммут харчыбытын аага олоробут, - Клеопатра аат эрэ харата хоруйдаата.
  • Мин иһиттэхпинэ, эһиги арыгы атыылыыр буолбут уһугут дуу? Дьон беге кэлэн унустэ, - Сэмиэн Сэмиэнэбис дьоһуннанан туран, кытаанахтык эттэ. - Бу от улэтигэр дьоннор улэлээбэккэлэр, арыгылыы сылдьаллар. Урут хаһан да маннык буолбат этэ. Туксу! Дьону иирдэн бутун! Арыгыны атыылыыргытын тохтототун.

Ити тыллар, Клеопатра сурэгэр уотунан хаарыйардыы ыардык иһилиннилэр. Баһылык кэлэн бобор буоллагына, арыгы атыылыыр туочукабытын сабар буоллага диэн санаата тустэ.

  • Сэмиэн Сэмиэнэбис, биһиги ус оголоохпут. Улэтэ суохпут. Оччого хайдах аһаан-таннан олоруохпутуй?
  • Дьэ ону билбэппин. Эһигиннээгэр ыарахан олохтоох дьон бааллар. Холобур ити Сиидэрэптэр 7 огону иитэллэр, агалара кэмиттэн-кэмигэр ыарытыйар. Улэбит суох диэннэр арыгы атыылыы барбаттар дии. Син дьон тэнинэн оттоон-мастаан астарын булуналлар.
  • Сэмиэн Сэмиэнэбис, баһаалыста бобуман. - Клеопатра харагар уу-хаар баһа-баһа кердесте-ааттаста.
    Сэмиэн Сэмиэнэбис, тойон киһи сиэринэн дьоһуннаахтык туттан аан диэкки барда. Тахсаары туран:
  • Чэ, мин этэрбин эттим. Учугэйинэн тохтотуоххут диэн эрэнэбин. Тохтоппотоххутуна улуустан милииссийэлэри ыныраммын атыылыыр арыгыгытын барытын уоппустаан ылыам, - диэтэ уонна дьиэттэн тахсан барда.

Салгыновтар уйаларыгар уу киирдэ. Дьэ арыгынан эргинэн, байан-тайан эрдэхтэринэ, биир улахан мэһэй уескээтэ. Харчыны уйэгэр биирдэ таптаатын да, харчыттан хаһан да аккаастаммат буоллагын. Леонид соччо улаханнык кыһаллыбат курдук, онтон Клеопатра олох ыксаата. “Бэйи эрэ, Сэмиэн Сэмиэнэбиһи харчыны таптыыр киһи диэччилэр. Арай бэрик биэрдэхпинэ ылыа дуо? “, - Диэн Клеопатра иһигэр санаата.

  • Леонид, арыгыны атыылыырбытын туох да иһин тохтоппоппут.

Леонид тугу эрэ иһигэр ер согустук санаата, онтон сыыйа сымнагастык санарда:

  • Онтон баһылык кэлэн бобор буоллагына, тохтотор буоллахпыт дии. Аны милииссийэлэнэннэр суукка-сокуонна эппиэттэтэ сылдьыахтара.
  • Суох! - Эмискэ багайы Клеопатра куустээхтик хаһыытаата. - Харчы бу баар. Леонид, эн билигин Бэстээххэ бар, уонна биир саамай сыаналаах, кунду коньякта атыылас.
  • Бай, ол коньягы иһээри гыннын дуо? - Леонид кэргэнэ этэр тылларыттан соһуйа тустэ.
  • Хайдах иһиэхпиний? Хаһаанныттан ол мин арыгы иһэр буолбуппунуй? Биир дьыала баар, кэллэххинэ кэпсиэгим, - Клеопатра, кэпсэтии буттэ диэбиттии, оронугар баран сытынан кэбистэ.

Леонид хаһан кэргэнин тылыттан тахсыбыта баарай. Кэргэнэ “ууга ыстан” да диэтэгинэ, чахчы ууга да ыстаныах эбит. Онон, бугун кэргэнэ эппит сорудагын толоро, матасыыкылын собуоттаан Бэстээх диэкки айанныы турда.
Кэргэнэ барбытын кэннэ, Клеопатра оронугар сытан толкуйга тустэ. “Бу арыгыны атыылыырбытын элбэх киһи себулээбэт буолуохтаах. Куруутун маннык уегуллуугэ сылдьыах буоллахпыт дуу? " - Диэн иһигэр санаата. Ол эрэн, байар умсулгана улахан киэн. Дьоннор байаарылар уораллар, халыыллар, онноогор дьону елереллер. Бу ааспыт 90 сылларга, бандьыыттааһын, халааһын олус диэн элбии сылдьыбыта. Телевизор сонуннара куну быһа ону эргитэ сылдьан кэпсииллэрэ. Клеопатра “хата манна чуумпу дэрибинэгэ олорорбут да учугэй эбит” диэн саныыра, куоракка киһи-киһиэхэ кыыл буолбут диэн куттанара. “Дьоннор байаарылар уораллар-талыыллар. Онтон мин улэлээн харчыланар буоллагым дии. Арыгы атыылыыр да улэ. Суох, мин арыгы атыылыырбын ким даганы тохтотуо суога”, - диэн иһигэр улахан сыал туруоруммута.
Клеопатра бугун туннугуттэн арахпата. Хаһан Леонид Бэстээхтэн кэлэрин куутэр. Оо, кууттэххэ бириэмэ баран испэтин, чаһыы стрелката биир сиргэ тоһоголоммут курдук турар…
Теһе да уһуннук кууттэрдэр, киэһэлик, Леонид Бэстээхтэн тигинээн кэлбитэ.

  • Сакаастаабыт коньягым ханна баарый? - Диэбитинэн, Клеопатра коньягы ыла охсубута. Биэс сулустаах, уон сыл сир анныгар хараллыбыт коньяк эбит. “Учугэй коньяк” диэбитэ.

Клеопатра, киэһээнни аһылыгын Леонидка аһаппакка да, хоһугар киирэн мааны былааччыйатын кэппитэ, ааспыкка атыыласпыт французскай духуунан ыстарыммыта уонна коньягын кыбыммытынан дьиэттэн тахсан барбыта. Дьиэлээхтэриттэн кини ханна барбытын ким да билбэккэ хаалбыта.

Сэмиэн Сэмиэнэбис саас ортолоох, сахага уһун унуохтаах, куруутун дьоһуннаахтык тутта сылдьар киһи этэ. Уруккута оскуолага учуутал, онтон оскуола директора буолбута. Арай быйыл нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар кыайан, баһылык кириэһилэтигэр олорбута. Инникитин ессе улуус баһылыга буолар, онтон табылыннагына куоракка багар министр буолуом этэ диэн былааннаага. Урдук дуоһунас, баай-дуол кини ейун иирдибитэ.
Дьиэтигэр кэлэн, Сэмиэн Сэмиэнэбис, аһын астанан аһыы олорбута. Кэргэнэ, Раиса Степановна соготох кыыстарын Лилияны кытта Сочига сынньана кеппутэ. Хас сайын аайы, кини согуруу эрэ барара. Хайыахтарай, кыахтаах, харчылаах дьон кетен эрдэхтэрэ диэн нэһилиэк олохтоохторо ордугургуу санааччылар.
Эмискэ ааны кэлэн ким эрэ тонсуйда. Киэһэлик баччаларга киниэхэ ким да кэлээччитэ суога. Сэмиэн Сэмиэнэбис эмиэ нэһилиэккэ туох эрэ быһылаан тагыстага дуу, эбэтэр эмиэ Салгыновтары унсэ кэллэхтэрэ дуу диэн санаата.

  • Да, да. Аан аһагас, киирин, - аһыы олорбут остуолуттан турбакка даганы хаһыытаата.

Аан арылла тустэ, Клеопатра Салгынова киирэн кэллэ. Киэргэниэгин киэргэммит, минньигэс духуу сытынан анылыйа сылдьар, ессе илиитигэр коньяк тутуурдаах.

  • Сэмиэн Сэмиэнэбис, мин эйиэхэ кэпсэтэрдээх кэллим, - Клеопатра, ымайыагын ымайан туран албыннаспыт куолаһынан санарда. - Остуолга олоробун дуо?

Клеопатра туох кэпсэтэрдээх киирбитин, Сэмиэн Сэмиэнэбис иһигэр сэрэйдэ. Арааһа бэрик биэрээри гыннага дуу, эбэтэр бэйэтин биэрээри гыннага дуу диэн уерэ санаата. Сэмиэн Сэмиэнэбис харчыттан да, дьахтартан да хаһан да аккаастаммыта диэн суога. Кэргэнэ суох кэмигэр дьиэтигэр дьахталлары агалан хоннорооччу.

  • Хата сепке кэллин дии. Соготох аһыырбын олох себулээбэппин, киһи кэпсэтэ-кэпсэтэ аһыахтаах буоллага дии. Кэл олор чэйдиэххэ, - Клеопатраны остуолга ынырда уонна туран ыраас тэрилкэгэ ыһаарыламмыт хортуосканы кутта. - Бу хортуоска буһарбытым, бэйэбин ууннэрбит хортуоскабыт.

Клеопатра хаһан даганы бу ыалга сылдьа илигэ. Кердегунэ олус тупсагай, аныгылыы тутуулаах дьиэлээх эбиттэр. “Эргиэммит табылыннагына, байдахпытына, бу ыалтан хаалсыбакка биһиги даганы маннык дьиэлэнэр инибит” диэн санаабыта. Хаһаайын уерэ-кете остуолга ынырбытыгар, маарыын кэлэригэр симиктибитэ ааста. Остуолга кэлэн олорбута, агалбыт коньягын остуолга лас гына тыастаахтык уурбута.

  • Рая баар да? - Айагылыы сатаан, Клеопатра Сэмиэн Сэмиэнэбис кэргэнин ыйыппыта. Раиса Сочига сылдьарын бэркэ диэн билэр этэ. Ол эрэн кэпсэтиини сагалаары итинник ыйыппыта.
  • Раиса кыыспытын кытта Сочига кеппуттэрэ 3 кун буолла, - Сэмиэн Сэмиэнэбис итии ууттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа хоруйдаабыта. - Соготох хааламмын чункуйдум. Хата киэһэбин киэркэтэр, кэпсэтэр догор кэллэ диэн уерэ санаатым.

Сэмиэн Сэмиэнэбис, Клеопатра агалбыт коньягын ымсыырбыттыы керде. Суругун ааган баран:

  • Тыый, олох сыаналаах аһы агалбыт эбиккин дии, - туран сервантан икки коньяк иһэр бокалы агалан остуолга уурда. Коньягы арыйан, бокалларга кутуталаата.
  • Сэмиэн Сэмиэнэбис, мин эйигин олох уруккуттан убаастыы керебун. Эн курдук киһи баар буолан, оскуолабыт сайдыбыта, теһе да ыарахан 90-с сыллар турдаллар, эн таас оскуоланы туттарбытын. Нэһилиэккэ эн баһылык буолбуккуттан, мин олуһун диэн уербутум. Эн баар буоланнын, биһиги нэһилиэкпит сайдыага, - Клеопатра албыннаһан элбэх тылы кута-симэ олордо. Дьигинэн кини, Сэмэн Сэмиэнэбиһи ис-иһиттэн олох себулээбэт этэ. Маннык эрэ албыннаһан, иннин ылабын диэн саныыра.

Ити эппит тыллара Сэмиэн Сэмиэнэбис кулгаагар олус минньигэстик киирдилэр:

  • Оо, утуе тылларын иһин махтанабын, Клеопатра! Чэ, бу бокаллары кетеген кэбиһиэххэ, - Сэмиэн Сэмиэнэбис мырдыччы тутта-тутта бастакы бокалы иһэн кэбистэ, остуолтан огуурсуну ылан сокуускалаата. Кырдьык, бастакы бокаллар киһиэхэ кытаанахтык киирээччи, онтон улам холуочуйан бардахха, кытаанагар кыһаллыбат буолагын, хата испит арыгын минньигэс амтаннанааччы.

Клеопатра, уруккута, коньягы ончу себулээбэт этэ. Коньягы эрэ буолуо дуо, арыгыны барытын себулээччитэ суох. Амтанын олох абааһы керере. “Дьоннор арыгы тугун себулээн, эккирэтэ сылдьан иһэллэрэ буоллар” диэн саныыра.

  • Кистэл буолбатах, Сэмиэн Сэмиэнэбис, мин эйиэхэ улахан кердеһуулээх кэллим. Маарыын сарсыарда кэлэн, “туочукагын сап” диэбиккиттэн олуһун диэн хомойдум. Мин туочукабын инникитин улэлэтэр былааннаах этим. Онон, бука диэн баһаалыста, саптарбатын эбитэ буоллар диэн кердеһебун, - Клеопатра албыннаһыагын албыннаһан, Сэмиэн Сэмиэнэбис диэкки мичээрдии-мичээрдии керутэлээтэ.
  • Клеопатра, мин биир бэйэм ити арыгы атыылыыргын туох да иһин утарбаппын ээ. Бу нэһилиэккэ, дьоннор арыгыны истиннэр да испэтиннэр, мин онтон кытыым да кыһыйбат. Син биир урут-уруккуттан испит дьон иһэ да туруохтара. Иһэллэрин боп да, бобума да - булан испиттэрэ эрэ баар буолааччы. Арай нэһилиэк олохтоохторо, “туочуканы саптар” диэн кердеһеннер ити маарыын сарсыарда эйиэхэ тиийбитим, - Сэмиэн Сэмиэнэбис ейдетен биэрэрдии, сымнагастык быһаарбыта.
  • Олохтоохтор угустэрэ арыгыны иһэллэр ээ. Арыгыны себулээн иһэр буоллахтарына, того ону бопсо сатаатын? Биир уеруулэрин быһыма ээ, - диэбитэ Клеопатра.
  • Ити этэрим курдук, мин иһэллэрин утарбаппын. Иһэр дьоннордоох кэргэттэр, тереппуттэрэ иһээччи оголор, иһэр оголордоох тереппуттэр тууннэри-кунустэри, улэбэр да буоллун, дьиэбэр да буоллун миэхэ кэлэн унсэллэр, - диэбитэ ага баһылык.

Сэмэн Сэмиэнэбис дьыаланы атыннык эргитээри албыннаан кубарыппыта. Кырдьыгынан эттэххэ, манна дьиэтигэр ким да кэлэн унсээччитэ суога. Маннык улахан тойонно дьиэтигэр кэлэннэр тубугурдээччилэрэ суога, тойон киһи улэтиттэн атын кэмнэ кэлэн супсугурдэллэрин себулээччитэ суога. Арай, дэн кэриэтэ, улэтигэр кэлэн агыйахта унсэ сылдьыбыттара.
Клеопатра дьыалам хаахтыйаары гынна диэн иһигэр аймана санаата, уонна бокаллары коньягынан толортуу-толортуу:

  • Чэ, оччого кэпсэтиини атыннык кэпсэтиэххэ. Чэ, маны кетеген кэбиһиэх, - диэбитэ, уонна иккиэн бокалларын охсуһуннаран бараннар. - Сэмиэн Сэмиэнэбис, эн биһикки ейдеех дьоммут. Ейдуур буолуохтааххын, бу мин арыгы атыылыырым миэхэ улахан барыстаах. Ол барыһым - эйиэхэ да барыс буолуон сеп. Ити атыылыырбыттан аһыыр айахпар, таннар танаспар, дьиэ кэргэммэр син ботуччу харчы киллэрэбин. Ол киирбит харчыттан, эйиэхэ бырыһыан курдук харчы бэрсиэм.

Ити тыллартан Сэмиэн Сэмиэнэбис харага сырдыырга дылы буолбуттара, онтукатыттан кыбыстыбыттыы эгис гыммыта:

  • Клеопатра, билинни уйэгэ харчыны бары себулуубут. Харчы барыбытын дьоллоох онорор. Бэйи эрэ, туох диэххэ себуй. Толкуйдуу туһуем. - Диэбитэ уонна биир толору согус бокалы куттан хантатан кэбиспитэ.
    Ону утуктэн, Клеопатра эмиэ бокалын хантатан кэбиспитэ. Номнуо испит ус бокал коньяга тебетугэр тахсыбыт этэ. Санаата-оноото биллэ кетегуллубут, хамсанара чэпчээбит курдук этэ.
  • Чэ, Сэмиэн Сэмиэнэбис, туох диэн быһаарыннын? Дьолбун быспат инигин? - Туох диэн бу киһитэ уердэр дуу, сордуур дуу диэн кыайан тулуйбакка Клеопатра ыйыппыта.
  • Харчыттан аккаастаммаппын. Харчы барыбытыгар наада. Онон арыгы атыылыыр туочукан салгыы улэлээтин диибин.

Ити тыллартан Клеопатра уеруутуттэн халлаанна кетуен кыната суох буола туспутэ:

  • Иэхэйби-иин, Сэмиэн Сэмиэнэбис. Эйиэхэ улаханнык махтанабын. Хайаатар да киирэр харчыттан эйиэхэ чаастаан бэрсиэм! - Клеопатра дьолломмут куолаһа тута биллэр этэ. Арай биир санаа кинини суем тутар этэ. - Мин саныырбынан, бу арыгы атыылыырбын, инникитин элбэх киһи бопсуох курдук. Нэһилиэк олохтоохторо айдаарыахтара, багар улуус киинигэр уеһээнни тойотторго унсуу туһэрэн ыытыахтара диэн куттанабын. Ол оннук унсуу туһэрэр куннээх буоллахтарына, эн киэн билсиилээх киһи миэхэ кемелеһуен этэ дуо?
  • Дьэ, ити дьыаланы быһаарыахха сеп буоллага, - диэбитэ Сэмиэн Сэмиэнэбис уонна чочумча тугу эрэ толкуйдуу туһэн баран эппитэ: - Ескетун бу киэһээ эн манна миигин кытта олорсо туһэр буоллаххына ити дьыаланы мин быһаарыам. Кырдьык мин билсиим киэн. Мин манна соготох олорон хааларбыттан чункуйабын. Олорон салгыы ону-маны кэпсэтиэххэ, иһиэххэ.
    “Бу киһи атын туох эрэ былааннаах быһыылаах”, - диэн Клеопатра иһигэр сэрэйбитэ. Сэмиэн Сэмиэнэбис дьахталлары таптыырын кини билэр этэ. Ол эрэн, тапталлаах кэргэнигэр теһе да бэриниилээгин иһин, байар улускэнин багатыгар хааларга санаммыта.
  • Сеп, мин хаалабын.
  • Чэ, бэрт. Эн биһи мантан туун ессе да “кэпсэтэрбит” киэн, - дии-дии Сэмиэн Сэмиэнэбис кулэн сатараппыта.

Дьэ, ити курдук Клеопатралаах Сэмиэн Сэмиэнэбис салгыы олороннор буолары-буолбаты мээнэ кэпсэтэ олорбуттара. Сотору Клеопатра агалбыт арыгытын тобоголообуттара. Холуочуйбут санааларыгар, ессе эбии иһиэхтэрин багарбыттара. Сэмиэн Сэмиэнэбис ункучагар туһэн ессе биир коньягы хостообута, кини куруутун маннык хаһаас арыгылаах буолааччы. Арыгыларын салгыы испиттэрэ.
Клеопатра хаһан да маннык элбэх арыгыны испэтэх буолан биллэ итирбитэ. Умулла-умулла ейденен кэлэр курдуга. Биирдэ ейдуурунэн туохтан эрэ иккиэн кулэ агай олорор курдуктара, биирдэ ейдуурунэн иккиэн куустуһан туран тугу эрэ ункуулуур курдуктара. Онтон тулата барыта умуллан хаалбыта. Салгыы туох буолбутун тугу даганы ейдеебет…

Сарсыарданан, 5 чаас сагана, Клеопатра уһуктан кэлбитэ. Бээһээ испит арыгытыттан тебете ыагастаах уу курдук дьалкыннаан, куускэ да куускэ ыалдьара, сурэгэ елехсуйэрэ. Тебетун ыарыытын тулуйумуна харагын ер кыайан арыйбакка сыппыта. Кэмниэ кэнэгэс, туох баар кууһун ылан харагын арыйбыта, хаһан да хоммотох дьиэтигэр утуйа сытар эбит. “Хайа, бу ханна утуйа сыттахпыный. Саатар туун кэтэр ночнойбун да кэппэккэ, ого курдук сыгынньах сытар эбиппин дии… " - Диэбиттии сааппыт курдук суорганын буруммутэ. Арай ейдеен истибитэ, кехсутугэр утуйа сытар муннун тыаһа иһиллибитэ. “Леонид хаһан да мунна тыаһааччыта суога дии, туох буолан тыаһаатагай. Арааһа аһары сылайан мунна хаһынырыыр буоллага дуу” - диэн саныы-саныы кэннин диэкки эргиллэн кербутэ, уонна хаһан да соһуйбатагын соһуйда - Сэмиэн Сэмиэнэбис утуйа сытар эбит!
Клеопатра соһуйбут омунугар, сурэгэ айагынан тахса сыспыта. “Пахайбын даганы! Аата сурун! Хайдах маннык буолбутай?! Хайдах манныкка мин тиийдим?! " - Диэн саныы-саныы бэйэтэ-бэйэтиттэн сааппыта. “Кун бугунугэр диэри, Леонидым барахсантан ханнык да атын эр киһини билбэтэгим. Саатар булан ылбыт киһим да баар ээ” - диэн санаат, сиргэнэн сэниэтэ суохтук кыланан ылбыта.
Клеопатра кыланар куолаһын истэн, Сэмиэн Сэмиэнэбис аа-дьуо уһуктан кэлбитэ, уонна Клеопатра диэкки мичээрдии-мичээрдии кербутэ:

  • Хайа, чыычаах, хайдах утуйдун? Сана орон хайдах эбитий? - Диэн Сэмиэн Сэмиэнэбис хайдах эрэ эмиэ да эгэлээхтик, эмиэ да таптыырдыы ыйыппыта.

Клеопатра сааппыт омунугар тугу санарыа баарай, санарбатага. “Дьэ буолар да эбит. Бу кэнниттэн Леонидым харагын, оголорун харахтарын хайдах керебун”, - диэн санаабыта.

  • Хайа, того санарбаккын? “Учугэйдик утуйдун дуо? " Диибин ээ.
  • Ага, син учугэйдик утуйдум быһыылаах, - диэн Клеопатра аат эрэ харата хоруйдаабыта.

Сэмиэн Сэмиэнэбис уутун хамматах быһыылаах этэ. Харагын симэн, салгыы утуйбутунан барбыта.
Ол сытан, Клеопатра ейугэр угус элбэх санаалар кетен туспуттэрэ: “Бэгэһээ манна бэйэм бага санаабынан коньяк тутуурдаах кэлэн, бу киһини арыгылаппытым. Сэмиэн Сэмиэнэбис хара кууһунэн миигин хаалларбатах буолуохтаах, кини оннук киһи буолбатах. Ол аата бэйэм кенул еттубунэн хааллагым. Хайдах бу дьиэгэ хаалан бу киһини кытта хоонньоһорбун олох ейдеебеппун. Арыгы киһини итинник абылыыр да буолар эбит”, - диэн санаабыта. Онтон ону-маны толкуйдуу туһэн баран, хайдах эрэ санаата чэпчээбит курдуга: “Чэ, буолар буолбутун кэннэ хайыам баарай? Инникитин, бу Сэмиэн Сэмиэнэбиһи кытта догордостохпуна, кини мин атыыбар-эргиэммэр кемелеһуе буоллага. Кини улууһунан-куоратынан тойон билсиитэ-керсуутэ элбэх. Арыгы атыылыырбын тохтотоору гыннахтарына кини хата дурда-хахха буолуо буоллага” диэн уербут курдук санаммыта. “Саамай сурунэ - Леонидым эрэ билбэтин”, - тыл таһааран ботугураабыта уонна салгыы утуйан хаалбыта.
Сарсыарданан, кун илинтэн куерэйэн тахсыыта, 9 чаас сагана Сэмиэн Сэмиэнэбис улэтигэр бараары, будильнига тыаһаабытыгар уһуктубута. Клеопатраны уһугуннарбыта:

  • Тур, Клеопатра, мин улэбэр бараары гынным. Чэйдиэххэ, - диэбитэ уонна Клеопатра уоһун дагайан ууран ылбыта.

Клеоптрага бу тымныы уостартан олус куһаган амтан кэлэр курдуга. Ол эрэн, кини байар улускэнин бага санаатыгар, багарбатар даганы, утары уураһарыгар эрэ тиийбитэ.
Оронтон тураннар аа-дьуо чэйдээбиттэрэ. Клеопатра, сааппыт санаатыгар, тугу да санарбатага.

  • Клеопатра, мин эйигин дьиэгэр массыынан быраган биэриэм.
  • Суох-суох, дьиэбэр бырагыма, дьиэбэр бэйэм барыам, - диэн Клеопатра аны дьонум массыынаттан тахсарбын кердехтерунэ иэдээн буолуо диэн кыбыста санаабыта. Онтон, чочумча буолан баран, аны бу дьиэ олбуоруттан тахсарбын дьон кердегунэ, ону-маны сурах таргата сылдьыахтара диэн санаабыта. - Миигин массыынанан, дьон кербет сиригэр бырагаар. Дьиэбэр сатыы ол сиртэн барыагым.

Сэмиэн Сэмиэнэбис “бу дьахтар керсуулэһэн кэлэрин дьонуттан кистиир буоллага”, - диэн ейдеебутэ. Клеопатраны массыынатыгар олордон, дьон кербет сиригэр илдьэн туһэрбитэ. Тахсарыгар:

  • Клеопатра, ессе да керсер инибит? - Диэбитэ.

Клеопатра тугу да санарбатага. Туспут сириттэн дьиэтин диэкки хаама турбута. “Тиийдэхпинэ Леонидка тугу даганы кэпсиэм суога”, - диэн санаатыгар буккулла буккулла дьиэтигэр кэлбитэ.
Дьиэтигэр киирэригэр, кэргэнэ Леонид аан таһыгар керсубутэ. Кини бу туун аанньа утуйбатах быһыылаах этэ, харага кып-кыһыл этэ. Тууну быһа арыгы атыылаһа кэлбит дьонно, арыгы атыылаабыта биллэр.

  • Хайа, догоччуок, Клеопатра, бу ханна сырыттын? Того дьиэгэр хоммотун? Биһигини куттаатын дии, - Леонид кэргэнин аймана керсубутэ. Леонид Клеопатратын керен уербут омунугар, сыллаан ылаары гыммытыгар, Клеопатра киэр хайыһан кэбиспитэ.
  • Убайбар Буеккэлээххэ сырыттым. Бэгэһээ санаам оонньоон. Кинини кытта коньяк истибит. Эн олус чункук киһигин, миигин кытта арыгыны сатаан испэт буоллагын. Ол иһин, кинини кытта тэннэ исиһэ-исиһэ ону маны кэпсэттибит, - диэн туох да буолбатагын курдук албыннаан кубарыппыта. - Хайа беелуун туун теһе арыгыны атыылаатын? Харчы теһе киирдэ?

Дьэ куннэр-хонуктар кетен ааһан испиттэрэ. Самаан сайын бутэн, кемус куһун кэлэн, хаар туһэр кэмэ биллэ чугаһаабыта. Сайынны сынньалан, от улэтин кэнниттэн, дьоннор кыстыктарыгар киирээри бэлэмнэнэн барбыттара. Тэрилтэ улэһиттэрэ, уһун кэмнээх уоппускаларын кэнниттэн улэлэригэр тахсан, хамнастара кэлэн, ол быыһыгар сайыны быһа туттарбыт ууттэрин харчыта кэлэн ас-уел, харчы биллэ элбээн барбыта.
Салгыновтар буоларын курдук арыгыларын атыылыы олорбуттара. Арай сайын бутуутэ, дьон арыгы атыылаһаллара биллэ агыйаабыта. Сайын бутуутэ харчы хаһан багарар бутээччи. Харчыта суох, иэс суруттара сатыыр дьонно арыгыны хаһан да биэрээччилэрэ суох. Багар, арыгытын ылан баран, харчытын телуе суога диэн истэригэр сэрэхэдьийэллэр этэ. Ол эрэн арыгы атыытын тохтобула бэрт кыратык эрэ тохтоон ылбыта. Сотору кэминэн, дьоннор хамнастара кэлбитэ. Арыгы атыытын улэтэ улэтин салгаабыта…
Билигин кинилэр туохтан да куттаммакка, аһагастык атыылыы олороллоро. Туохтан куттаныахтарай, нэһилиэк баһылыга Сэмиэн Сэмиэнэбис бэйэтэ “арыгыны атыылаан” диэн араначчылаабытын кэннэ. Ол манньатыгар Сэмиэн Сэмиэнэбис биирдэ эмит Клеопатраны кытта кистээн керселлер этэ. Клеопатра теһе даганы бу киһини ис-иһиттэн себулуу кербетер, сирэйин мырдыччы тутта-тутта керсе барарыгар эрэ тиийэрэ. Биллэн турар, Леонид тугу даганы сэрэйбэт этэ. Арай кэргэнэ сотору-сотору ханна эрэ баран кэлэрэ, уксун улуус киинигэр киирэрэ. Леонид “Ханна бардын? " - Диэн ыйыттагына, “Улуус киинигэр дьуегэлэрим эрэ элбэхтэр дии, онно баран сэргэхсийэн кэлэбин. Бу нэһилиэккэ магаһыынна да барарбын кыбыстар буоллум ээ, дьон кереннер уегуехтэрэ”, - диэн хардарара Клеопатра. Кырдьыга ким билиэ баарай, Клеопатра улуус киинигэр бардагына, кэнниттэн Сэмиэн Сэмиэнэбис батыһан киирэрин.
Оголор да улаатан бардылар. Улахан уол Владик быйыл 10-с кылаас огото буолла. 10-С кылаас огото диэн - улахан ого буоллага. Ардыгар Клеопатралаах Леонид биир эмэ туун утуйан сынньанаары гыннахтарына, Владик туран арыгы атыылыыр. Ол ийэтин уураага этэ: “Улахан уолгун дии, бугун туун арыгыны эн атыылаа. Харчыны аага уерэнэрин, инники олоххор да туһалаах буолуога”, - диирэ. Уһуну-киэни толкуйдуур, ейдеех уол Владик дьоно арыгы атыылыылларын олох себулээбэтэ. Себулээбэтэр да хайыай, ого аата ого, ого тереппуттэрин талаахтаабат буоллага. Орто уол Костя - 7-с кылаас уерэнээччитэ буолла. Костя уол - дьоно арыгы атыылыылларыгар-атыылаабаттарыгар ончу кыһаллыбат этэ. Кини иһэ эрэ тот буоллун. Уһун куну быһа дьоно быйыл атыыласпыт DVD диэннэрин керен тахсара. DVD сана олоххо кэлбит буолан, бу тэрил ахсааннаах эрэ дьонно баара. Ол быыһыгар музыкальнай центр диэннэригэр, араас омук муодунай ырыаһыттарын истэрэ. Онтон тапталлаах кыра кыыстара Саргы да уулаатан испитэ. Аныгы оголор тургэнник улааталлар, унуогунан номнуо ийэтин ситэн эрэр. Куннэрэ-ыйдара буолбут кыыстарыгар, тереппуттэрэ, кини тугу багарбытын барытын атыылаһан иһэллэрэ. Куруук минньигэс аһынан аһаталлара, таннарыгар араас мааны танаһы кэтэрдэллэрэ. Былыырыынныга эрэ диэри боростуойдук танна сылдьыбыт кыыстара, быйылгаттан харахха биллэ тупсубута.
Хаар туһуутэ, сайыны быһа мунньубут харчылара биллэ элбээбитэ. Ол иһин, Леонид куораттан массыына атыыласпыта. Хайа мунун матасыыкылы миинэ сылдьыай. Уонна, биллэн турар, кыһынны кэмнэ атыылаһан агалар арыгыларын хайдах матасыыкылынан тиэйиэй.
Салгыновтар биллэ байан-тайан, харчыланан барбыттарын нэһилиэк дьоно ордугургаан кэпсэтэллэр:

  • Керегут дуо? Салгыновтар ааттарын билбэт буола байан эрэллэр. Куораттан иномарка массыына суурдэн агаллылар, - дэспиттэрэ.
  • Соһуйан-соһуйан соһуйбат да буоллубут. Сайыны быһа арыгыны хороччу атыылаатылар буолбатах дуо! Уонна хайдах массыына ылыммат буолуохтарай, ылаллар буоллага, - дэспиттэрэ сорохтор.
  • Того итинник дииргит биллэр буоллага. Эһиги кэргэттэргит арыгыны испэттэр, ол иһин эһиэхэ кинилэр байаллар эрэ, дьадайаллар эрэ онно ончу кыһаллыбат буоллаххыт! Онтон мин огонньорум буолуохсут арыгыны кинилэртэн ылан куруутун ылан иһэр, - харагын уутун сотто-сотто диэбитэ биир арыгыһыт киһи кэргэнэ.
  • Ага баһылыкпыт Сэмиэн Сэмиэнэбис кинилэри тохтотуох аатырбыта агай, кыайан тохтоппото быһыылаах, - дэспиттэрэ сорохтор.
  • Сэмиэн Сэмиэнэбис ол кинилэргэ того кыһаллыай. Багар кини бэйэтэ кинилэртэн арыгы ылан иһэрэ буолуо, - биир чобуо тыллаах киһи эппитэ.
  • Бутун эрэ Сэмиэн Сэмиэнэбис ол хаһан итирик сылдьарын кербуккутуй? Кини арыгы иһэр кэргэттэрэ да, аймахтара да суох. Ол иһин кыһаллыбат буоллага! - Дэспиттэрэ Сэмиэн Сэмиэнэбиһи билээччилэр.

Ол эрэн, Клеопатра Сэмиэн Сэмиэнэбиһи харчынан уонна бэйэтинэн мэниэлээн атыылаһан ылбытын ким билиэ баарай. Сэрэйэн да кербеттер этэ.

Марыына бугун киэһээни аһылыгын астаан баран, оголорун кытта агалара улэтиттэн кэлэрин куутэ олордо. Болуодьа бугун котельнайга улэлиир смената 7 чааска бутуехтээх этэ. Киэһээ 8 чаас буолла, агалара кэлбэтэ… “Бу киһи ханна сылдьан хойутаатагай”, - диэн Марыына муодаргыы санаата. Болуодьата бу сайын Салгыновтартан хороччу арыгыны таһан, унту иһэ сылдьыбыт кэмнэрдээгэ. Ол эрэн, кэнники кэмнэргэ арыгы испэтэ биллэ ырааппыта.
Киэһээ 9 буолла, агалара суогун курдук суох. Эмискэ Марыына ейугэр “Арба хамнас кэлэр кунэ буоллага дуу бугун. Сатана киһитэ онтукатын сууйа сырыттага”, - диэн санаа кетен киирдэ. Ол санаатыттан Марыына ис-иһиттэн тырыттан кэллэ. “Бугун эмиэ итирик кэлэр муна буоллага дуу? “, - Диэн хомойо санаата. Урут Салгыновтар арыгы атыылаабат эрдэхтэринэ, агалара хамнаһа кэллэр эрэ, киниэхэ агалан барытын туттарааччы. Онтон билигин хамнаһын ыллар эрэ, Салгыновтарга баран арыгы ылар. Салгыновтар Болуодьага айагар куустэринэн арыгы куталларын курдук саныы-саныы, кыһыйан сутуругун куускэ тутунна.

  • Оголоор, бугун агагыт эмиэ итирик кэлэр буолла быһыылаах. Бэйэбит да аһыагын.

Агатын саамай таптыыр кыыстара Сардаана, агата теһе да итирдэр куруутун агатын диэкки буолааччы:

  • Мама, папа кэлэрин куутуеххэ ээ… - Сардаана агатын аһыммыта буолла.
  • Тохтуо эбээт. Арыгытынан утахтанан тот кэлэр ини, - Марыына кыһыйан кыыһыгар бардьыгынаан кэбистэ. Того кыыһыгар кыыһырбыта эбитэ буоллар, ого барахсан туох буруйа кэлиэй…

Ити курдук Марыына оголорун кытта киэһээнни аһылыктары киэһээ лаппа хойут аһаан бараннар, телевизорга кестер ол-бу киинэлэри керен бараннар, ороннорун оностон утуйдулар. Марыына кэргэним туун кэлэн, ааны тонсуйан оголору уһугуннарбатын диэн, ааны хатаабата.
Туун уеһун лаппа ааһыыта Болуодьа дьиэтигэр киирэн кэллэ. Марыына сэрэйбитин курдук Болуодьа итирик этэ. Оронугар кэлэн сыппытыгар айагыттан арыгы сыта биллэрдик кэлэрэ. Марыына ол сыты олох себулээбэтэ:

  • Эмиэ арыгылаан кэллин дуо?!
  • Ээ, уолаттары кытта кыратык испитим, - итирэн саната егуллубэт буолбут Болуодьа, аа-дьуо сыыйан санарда.
  • Кэм буолан истэхпит. Хамнаһын кэллэ дуо?
  • Кыра аванс огото кэлбитэ…
  • Онтукан ханнаный? Агал манна, - Марыына суостаахтык эппитэ.
  • Ээ, итиннэ сиэппэр баара буолуо…

Итини истээт, Марыына ойон туран кэргэнэ кэтэн кэлбит танаһын сиэбин барытын хаһыста, хантан да харчы булбата. Багар сыыһа кербутум буолуо дуу диэн, иккис тегулун хасыһан керде. Харчы суогун курдук суох…

  • Харчын ханнаный?! Сиэпкэр суох дии! - Марыына эригэр бардьыгынаата.

Ити тылларга Болуодьа тугу да хоруйдаабатага. Итирик киһи номнуо утуйбут этэ. Марыына итирик киһиттэн ыйыталаһан хайыа баарай, теттеру оронугар кэлэн сыппыта. Улага диэкки хайыһан харагар уу-хаар баһан ытаан сынсыйан киирэн барбыта.

Ити кэмнэ, Болуодьаны кытта котельнайга бииргэ улэлиир атаһа Айах Уйбаан дьиэтигэр атагар нэһиилэ уйуттар буолан кэлэн, дьиэтин аанын сурдээх куускэ тонсуйбута. Агабыт эмиэ итирик кэллэ диэн оголоро куттананнар, тиистэрэ титирии сыппыта. Агалара испит буоллагына, бугун эмиэ ыар, киһи утуйбат туунэ буолар буолбут диэн куттаммыттара. Уйбаан арыгыны куһаганнык иһэрэ. Итирдэр эрэ улахан айдааннаах буолара:кэргэнигэр илиитин кетегере, оголорун елердуу куттуура, тууну быһа дьиэтигэр утуйбакка иһити-хомуоһу алдьатара.
Аанчык куттана-куттана оронуттан туран, багарбатар даганы ааны арыйарыгар тиийбитэ. “Чэ тулуйан-тулуйан кэлбитим. Бугун да тулуйар инибин”, - диэн, иһигэр теһе да куттаннар, эрэх-турах санаммыта.

  • Тугуй, миигин эмиэ итирик кэлиэ диэн куутэн утуйбат эрээригин, того ааннын ер да арыйбаккын! - Диэн хаһыытаабытынан, бардамнык туттан, Уйбаан дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Сирэйэ-харага буорайбыт этэ. Аара кэлэн иһэн сиргэ охтубута, танаһыттан-сабыттан тута биллэрэ, соно барыта хаар буолбут этэ.
  • Миэхэ бардьыгынаама! Ааны арыйдым буолбатах дуо?! - Аанчык эригэр утары бардьыгынаабыта. - Ороннор баран утуй.
  • Того миигин утута сатыыгын?! Хата мин арыгы испиппэр уердун ини. Мин суохпуна атын эр дьону кытта дьэргэннии сылдьыбытын буолуо!
    Уйбаан, итирдэгинэ кэргэнин сымыйанан ону-маны толкуйдаан, кунуулээбитэ буола сатааччы.
  • Ииримэ! Онон-манан кииримэ-тахсыма! Сытаннын утуй диибин дии! Оголоргун куттаама. - Аанчык кэргэнин сонун уста сатаабыта.
  • Миигин манна утутан бараннын, утуйбутум кэннэ эр кердуу бараарыгын, утута сатаатагын дии..! - Уйбаан хаһыытаабыта.

Аанчык ити тылларга кэнники аахсыбат да буолбута. Кэргэнэ итирдэгинэ итинник фантазията оонньоон кунуулууруттэн сылайбыта, аахсан да туһа суогун билэр. Хата бостуой кэргэнин сутуругун билиэ.

  • Хамнаһын кэлэн маннык арыгылаатын ини. Харчыгын агал! - Аанчык эрин харчытын кердеебутэ.
  • Харчыны хаһан мин эһиэхэ агалбатагым баарай. Миэхэ иитиллэн олороннут ессе миигин меге сатыыгын, - диэбитинэн, Уйбаан сиэбин хастан, уктан кэлбит харчытын барытын ылан ыһан кэбиспитэ. Ыспыт харчыта онон-манан ыһыллан, сорого остуолга, сорого олоппоско, сорого муостага саккыраһан туспуттэрэ.

Уйбаан сурдээх киитэрэй уонна бэйэмсэх киһи, куруутун атын дьон харчытыгар арыгылыыра. Хаһан да кини бытыылка туруорбута диэн суога. Буоларын курдук бугун арыгылыыр астарын барытын Болуодьа туруорбута. Болуодьа сурдээх дэлэй киһи, ол иһин бугун дьиэтигэр хамнаһын ордоруммакка тиийдэгэ.

  • Бу киһи иирдэ дуу?! Ессе “иитэн олоробун” диэбит буола-буола. Сааппакка оголоргун аһаппакка олор ээ… - Аанчык ити тыллары еһургэнэ истибитэ.
  • Акаары дьахтар мин бэлэммэр олоро-олорогун ол-бу диэн санарыма! Мин суогум буоллар аччыктаан айаххын халлаанна аппытын ырааппыт буолуо этэ… - Диэн Уйбаан ону-маны санаран киирэн барбыта.
  • Эн суогун буоллар, биһиги чуумпу олоххо олорон абыраныа этибит… - Аанчык иһигэр тута сылдьыбыт санаатын эттэ. - Оччолоогу улаханы иитэн олоробун диир буоллаххына, арахсан бар ээ. Эйигинэ суох биһиги сынньаныа этибит.
  • Атын эр буланнын абыранар инигин.
  • Эйигин эр киһи бараммыт уһу дуо? Булуллуо! - Ити тыллар теһе да итирик Уйбааны кыынньыылларын билэ-билэ, Аанчык суостаахтык этэ.

Онно керуе этигит, ити тыллартан Уйбаан хайдах курдук оргуйан турбутун. Олорбут олоппоһуттан омуннаахтык ойон турда, уонна кэргэнин Аанчык диэкки ынан тиийбитинэн уна харагын охсон саайда. Соһуччута бэрдиттэн, Аанчык сатаан аһаран биэрбэтэ. Охсуллубут кууһуттэн сиргэ охтон тустэ.

  • Ессе туох диигин?! Абааһы дьахтара! - Дии-дии Уйбаан, охто сытар Аанчыгы сирэйигэр ытыһынан сырбаталаата.
  • Айыккабыын даа! Ыыт миигин! - Дии-дии Аанчык сарылыы-сарылыы ытаата. Ол кердеһерун эрэ буолуохсут истиэ баара дуо.
  • Сааппат сирэй! Хантан миигиттэн куотар уһугунуй? Тыыннаахтыы мин эйигин ыытыам суога! - Диэбитинэн Уйбаан иирбит киһилии ессе ордук уордайан турда. Атын ыстааныттан курун ылан, охто сытар кэргэнин кыра ого курдук курунан таһыйда.
  • Елерер буоллаххына елер миигин! Тыыннаагым тухары эйигин кытта аны бу дьиэгэ хонуом суога! - Таһылла-таһылла, Аанчык кыһыытыттан кыланна.

“Агабыт ийэбитин елерен эрэр” диэн куттананнар кыргыттара оронноругар куустуһан баран ытаһа сыттылар. Урут агалара ийэлэрин кыратык кырбаан баран тохтуур буолара. Онтон бугун тохтуур санаата суох курдук. Иһигэр абааһы киирбиттии бииртэн биир охсуута ессе куустээх буолан биэрдэ.

  • Елер миигин! Сиэхсит! - Диэн ийэлэрэ елер-тиллэр икки ардынан, дьиэ эркиннэрэ сатарыахтарыгар диэри сарылаата.

14 Саастаах улахан кыыстара Лена, ийэбин елерер буолла диэбитинэн туох баар кутталын быраган туран оронуттан ойон турда. Оһох иннигэр сытар хардагаһы ылан, ийэтин урдугэр кырбыы сыппыт агатын тебетугэр огуста. Уйбаан тебеге охсуллан тохтуу тустэ, тутан турбут курун ыһыктан кэбистэ уонна ейун сутэрэн унан тустэ.
Охтон туспут эрин ыарахан ыйааһынан анныгар, Аанчык ытыы-ытыы сытта. Ытаан-ытаан харагын уута да кэлбэт буолбут курдук. Ол эрэн кыһыытыттан иэрийэ-иэрийэ сытта. Лена ойон кэлэн агатын ийэтин урдуттэн сыгарытан кэбистэ, уонна ийэтин сыллыы-сыллыы:

  • Ийээ… Ийэкээм… Тур. Кини аны эйигин тыытыа суога.
    Хайа ийэ огото кэлэн сыллыы-сыллыы уоскутарыттан уоскуйбатага баарай. Аанчык аа-дьуо ытыырын тохтотто. Сиргэ олорон эрэ харагын сотунна уонна эттэ:
  • Турун уонна таннын. Бу туун манна хоммоппут. Бардыбыт. Сотору ейун булан уһуктан кэллэгинэ, ессе уордайан кырбыа буоллага.

Лена балтын оронуттан туруоран таныннарда. Кыра кыыс Айта агатын кере-кере эттэ:

  • Мама, папабыт елбут быһыылаах, - диэтэ.
  • Уен елбет. Сыттын. Бу туун манна хоммоппут, - диэбитэ.

Ити курдук Аанчык икки кыргыттарын батыһыннаран туунну тонуу хаары кэһэ-кэһэ дьуегэтигэр Марыынага хоно кэлбитэ. Аанчык бу дойдуга кийиит этэ, аймахтара суога. Уруккутун да кэргэнэ кырбаатагына, куруутун Марыынага хоно кэлэрэ.
Ааны тонсуйбуттарыгар Марыына бэрт улгумнук ааны арыйбыта:

  • Хайа, агагыт кэлэн эмиэ сугуннээбэтэ дуо? Мин Болуодьам эмиэ итирик кэлбитэ. Сатаналар ол аата эмиэ иккиэн истэхтэрэ дии, - диэбитэ Марыына уонна салгыы: - Киирин. Билигин орону бэлэмниэм.

Ити курдук, кинилэр Марыынага хоммуттара. Болуодьа сарсыарда улэтигэр барбыта, онтон Аанчык кыргыттара Марыына оголорун кытта аргыстаһан оскуолалаабыттарын кэннэ, Аанчыктаах Марыына остуолга утары керсен чэйдии олорбуттара.

  • Марыына, керегун дуо мин сирэйбин? Бу курдук сирэйбин дьаабылаата, - Аанчык дии-дии кегербут харагын имэринэн ылбыта.
  • Сатана киһитэ кэбилээбит дии, - Марыына дьуегэтин аһынан уеһээ тыынан ылбыта. - Аанчык, эн кинини маннык эрэйи керуен кэриэтэ арахсыбытын ордук буолуо эбит.
  • Оо, дьэ этэрин этэгин да… Икки оголоох сылдьан ханна арахсан барыамый?
  • Мин эн курдук тулуйуом кэриэтэ, арахсыбытым ырааппыт буолуо этэ.
  • Теһе да багарбытым иһин, кыайан арахсар кыагым суох. Кини миигин биир илиитинэн таһыйар, биир илиитинэн имэрийэр. Дьигинэн Уйбаан соччо куһагана суох киһи ээ. Ити истэгинэ эрэ итинник дьаабыланар. Ейдеегер багас учугэй киһи, - диэбитэ Аанчык, уонна тугу эрэ толкуйдуу туһэн баран оргууй агай сибигинэйэн эппитэ: - Уонна туох да диэбит иһин, мин кинини таптыыбын…
  • Чэ, хайыахпыт баарай. Биһиги дьахталлар таптал диэн бараммыт, харахпытын симэрбитигэр эрэ тиийэр буоллахпыт, - Марыына дьуегэтин ейдууругэр эрэ тиийбитэ. - Эн Уйбаанын иһэрин тохтоттоххуна эрэ, маннык кырбаммакка, дьоллоохтук олоруон этэ…

Ити тыллары истэн Марыына, Салгыновтары саныы туспутэ. Бу нэһилиэккэ Салгыновтар арыгы атыылыыр буолуохтарыттан, иккиэннэрин эрдэрэ арыгыны иһэллэрэ элбээбитэ. Ол иһин Марыына Салгыновтарга естуйэрэ, кыһыйдар да хайыа баарай…

  • Истэгин дуо, Аанчык, Салгыновтар арыгы атыылыылларын иһин ити эн Уйбаанын итирэн кэлэн кырбаатага. Мин Болуодьам эмиэ иһэрэ элбээтэ, - Марыына кыйахаммыттыы сана аллайда.
  • Кырдьык оннук. Салгыновтар арыгы атыылыылларын тохтотуохха баара! Оччого эрэ бу нэһилиэккэ ил-эйэ олохтонуо.
  • Тохтотоору баһылыкка, милииссийэгэ унсэ сатаатыбыт даганы, хайдах да кыайан тохтоппотубут, - диэтэ Марыына, уонна толкуйдуу туһэн баран, маннык диэн эттэ: - Аанчык, оччотугар эн биһи маннык гыныахха. Биһиги иһэр кэргэннээх дьахталлар бэйэбит баран, Клеопатраны кэһэтэ туһэн бириэххэ. Оччого эрэ ейденер буолла быһыылаах ити дьахтар.
  • Бай, оттон Клеопатра дьуегэн буолбатах этэ дуо? - Аанчык соһуйа тустэ.
  • Мин кэргэммин арыгылатар киһини аны дьуегэ диэн билинэн буппутум. Эн кэргэннин да арыгылатар киһи - кини баар. Бараммыт кэһэтиэххэ! - Марыына омунугар остуолтан ойон турда.
  • Кырдьык оннук гыныахха! Кэһэтиэххэ кинини! - Аанчык себулэспитэ.

Вика 4 декабря 2018
Клеопатра диэн а так наһаа нрк аат дии. Ама иннк дьиннээхтии аат баар да

Айсен Кириллин 5 декабря 2018
Вика, Клеопатра диэн дьииннээхтии баар историческай аат. Египет царицатын аата. Саха сиригэр да агыйах итинник ааттаах дьон баарын истэн билэбин.

Бугун сарсыарда Леонид сана массыынатын суурдэн Бэстээххэ атыы-тутуу атыылаһа барбыта. Суох бугун кини арыгы атыылаһа барбата. Дьиэлэригэр хопполоох дьааһык элбэх этэ. Кеннеру куннээги сиир астарын атыылаһа диэн барбыта. Кинилэр ыал бу нэһилиэк магаһыыныттан аһаабат буолбуттара. Байбыт дьон хайыахтарай, киэн сиртэн кунду аһынан эрэ аһыыллара. Уонна, биллэрин курдук, бу нэһилиэк магаһыыныгар киирэн, дьонно-сэргэгэ кестуехтэрин да багарбаттара. Куруутун кинилэри кынчарыйа кереллере, кэннилэриттэн сибигиниһэллэрэ, сорох сытыы еттулэрэ сирэйгэ да санараллара. Ол кэриэтин киэн сиртэн атыылаһан агалбыт ордук.
Сарсыарда, Клеопатра утуйа сыттагына, оголоро Костялаах, Саргы оскуолаларыгар барбыттара. Онтон улахан уол Владик дьиэтигэр хоммотого. Дьонноро арыгы атыылыылларын себулээбэккэ, ардыгар табаарыстарыгар хоно барар этэ. Чэ улахан ого булан сылдьыа дэһэллэрэ. “Сотору оскуолатын бутэрэн куоракка барыа, кенул олоххо сылдьарга уерэннин”, - дииллэрэ тереппуттэрэ.
Клеопатра туун хойукка диэри арыгы атыылаабыт буолан, бугун хойукка диэри утуйда. Эбиэт буолара чугаһына, дьэ оронуттан ендейен сууна-тараана сырыттагына ааны кимнээх эрэ арыйаннар киирдилэр. Кербутэ, Марыыналаах Аанчык кинини бэрт куһаганнык кербутунэн аан боруогар тураллар эбит.

  • Хайа, “дьуегэ”, тууну быһа биһиги эрдэрбитин арыгылатан бараннын, сана утуйан тура сылдьагын дуу? - Диэн Марыына сурдээх куһаган куолаһынан санарда.
  • Мин эйиэхэ дьуегэн буолбатахпын! Ааспыкка миигин уегэн-кыраан барбытын кэнниттэн дьуегэ диэн эйигин билиэхпин да багарбаппын, - диэн Клеопатра ес сага буолан хардарбыта.
  • Ааспыкка кыраабыт кырыыһым эйиэхэ тиийбэтэх буоллагына, биһиги атыннык аахсардыы кэллибит! - Марыына хаһыытаабыта.
  • Мин дьиэбиттэн киэр барын!
  • Утуенэн барбат ыар ыалдьыттар буолан эйиэхэ кэллэхпит буолуо! - Марыына суостаахтык Клеопатра диэкки кере-кере эппитэ.

Ити тыллартан Клеопатра сурэгэ ере мехсе туспутэ: “Бу дьахталлар аны ким да суогуна аны миигин кырбыы кэллэхтэрэ дуу”, - диэн куттана санаабыта.
Ити айдаанна тугу да санарбакка турбут Аанчык эмискэ санаран-инэрэн, кутан-симэн киирэн барда:

  • Керегун дуо, Клеопатра, мин харахпын. Беелуун кэлэн огонньорум Уйбаан миигин кырбаата. Ити барыта эн утуегуттэн!
  • Эн огонньоргор мин кууспунэн айагар арыгы кутан биэрбэтэгим уонна ойоххун тиийэн кырбаа диэн кикпэтэгим… - Клеопатра туох да буруйа суох киһилии, куотунардыы эппитэ.
  • Эн бу нэһилиэккэ дьону арыгылатар буолуоххуттан ыла, биһиги утуйар уубут уу да буолан буттэ… Туксу, сеп буолуо! Хаһаанна диэри маннык олох салганан барыай! - Марыына хаһан да улаханнык хаһыытаабат бэйэтэ, хаһыытаан того барбыта.

Итини истэн Клеопатра оноро-оноро омуннаахтык кулбутэ:

  • Барахсаттар, эһиги миигин тохтотоору манна кэлэн турагыт дуо? Мин тыыннагым тухары, ким да миигин тохтоппот кыыс огото эбитим буолуо, - диэбитэ Клеопатра.

Ити тыллартан Марыына кыыһыран Клеопатраны сирэйгэ ытыһынан таһыйан сырбаппыта. Онно кемелеен Аанчык Клеопатра баттагар туһэн, сиргэ соһон туһэрбитэ.

  • Хайа, бу тугуй?! Иирдигит дуо?!
  • Байар улускэнигэр иирбит киһи эн бааргын, - дии-дии Аанчык Клеопатраны сирэйигэр сутуругунан охсуолаабыта. - Беелуун туун мин огонньорум миигин маннык кырбаабыта. Эн даганы сутурук “минньигэс” амтанын бил ээ!

Син ер согус Клеопатраны бу икки дьахталлар кырбыы туспуттэрэ. Клеопатра хаһан да маннык кырбанар диэни билэ илигэ. Сирэйэ-харага уотунан аһыйбыта. Ынчыктыы-ынчыктыы, быарбар эрэ охсуолаабатыннар диэбиттии, сиргэ тенкейен сыппыта. Аны кехсутун атахтарынан тэбиэлээбиттэрэ.

  • Айыккабы-ыыын да! Туксун тохтоон! Мин эһигини иэстэһиэм! Ситиһиэм! - Кырбанарын быыһыгар Клеопатра саана сыппыта.

Охсуолуу-тэбиэлии тууһээт, кырбыылларыттан сылайан, дьахталлар тохтообуттара. Хамсаммыт омуннарыгар суустэригэр келеһуннэрэ туспутэ.

  • Кырбанар-охсуллар аһыытын бил! Эн атыылыыр арыгыны биһиэхэ итиннээгэр ыарахан охсууну агалар! - Дии-дии Марыыналаах Аанчык дьиэттэн тахсан барбыттара.

Клеопатра дьиэ ортотугар ытыы-ытыы сытан хаалбыта. Кини ыарыытыттан ытаабат этэ. Маннык атагастаабыттарыттан, сиргэ тэннээн туһэрбиттэриттэн абаран ытаабыта. Уйэтигэр хаһан даганы ким даганы киниэхэ маннык илиитин кетеге илигэ. Куруутун “мелтех эрэ дьоннор кырбаналлар” диэн иһигэр сэтэрии саныыра.
Теһе уһуннук итинник сиргэ сыппыта эбитэ буоллар, эмискэ ойон турда. Сирэйин да сууммакка, баттагын да кеннеруммэккэ, аан таһыгар вешалкага ыйанан турбут сана атыыласпыт шубатын кехсутугэр бырагынаат дьиэтиттэн ойон тахсыбыта.
Аара суурэн агылыы-агылыы, ыксалыттан хаарга охтон будуруйэн ылан, нэһилиэк хонтуоратыгар кэлбитэ. Аан таһыгар олорор секретарьга да кыһаллыбакка, быһалыы Сэмиэн Сэмиэнэбис хоһугар кетен туспутэ. Сэмиэн Сэмиэнэбис кинини керен соһуйбута, омунугар бэл ачыкытын ненуе кыарагас харахтара кэнии туспуттэрэ.

  • Хайа, Клеопатра, бу туох буоллун?! - Диэн соһуйбуттуу эппитэ. Онтон тохтуу туһээт, сибигинэйэн эппитэ: - Клеопатра, мин эйигин бу хонтуорага кэлбэт буолаар диэбитим дии. Эн манна кэлэргин дьон биллэгинэ иэдээн буолуо. Эн биһи керсуулэһэрбитин билиэхтэрэ. - Тохтоо, санарыма! - Диэбитэ Клеопатра, онтон уоһун быһа ыстыы-ыстыы ытаан марылаппыта: - Мин кырбанным. Марыыналаах Аанчык дьиэбэр кэлэннэр миигин кырбаан бардылар.
  • Оо, буолан истэхпит. Бука диэн, сэрэйдэххэ, арыгын айдааныттан кырбаатахтара.
  • Оннук… Ити дьыаланы мин хаалларыам суога! Мин эйигиттэн субэлэтэ кэллим. Улуус суутугар унсуу туһэрэбин. Ону суруйарбар кемелес, - Клеопатра син уоскуйа туспутэ.
  • Сууттаһагын дуо? Кэбис сууттаһыма ити аайы.
  • Бай, ол того? Миигин хас кэлбит-барбыт оччого кырбаан ааһар дуо? - Диэн кыһыйбыт омунугар бардьыгынаан эппитэ.
  • Эн, биири ейдее. Эн сокуону кэһэн тураннын, туох да лицензията суох арыгыны атыылыы олорогун. Ол дьахталлар “арыгы атыылыырын иһин кырбаабыппыт” диэн этиэхтэрэ дии. Оччого ханнык да суут-сокуон, прокурор эн иннигэр буолуо суога, - Сэмиэн Сэмиэнэбис бэрт дьоһуннаахтык туттан олорон эппитэ.
  • Оччогуна мин кинилэри убайдарбынан кырбаттарыам!
  • Ити эмиэ сыыһа этии буолла. Убайдарын ол дьахталлары кырбыы сылдьыахтара дуо? Кырбыыр тугэннэригэр, онноогор буолуох улахан алдьархай тахсаарай… Чэ туох да буолбатагын курдук санаан кэбис, - диэн Сэмиэн Сэмиэнэбис Клеопатраны бэркэ таптаабыттыы керен олорон эппитэ. - Чэ, уоскуй, харагын уутун сотун. Хата эн биһи билигин улуус киинигэр киириэххэ эрэ. Онно бугун гостиницага бэлэм хос кэтэһэн сытар.

Клеопатра уоскуйбута. Сэмиэн Сэмиэнэбиһи кытта хонтуораттан тахсаннар, массыынага олорбуттара.

Сарсыныгар Клеопатра дьиэтигэр кэлбитэ. Кэнники Клеопатра ханна хоно барарын Леонид ыйыппат буолбута. Маннык ыарахан улэгэ сылдьан дьиэтигэр тэһийиминэ, таһынаагы нэһилиэктэринэн дьуегэлэригэр куулэйдии барар диэн саныыра.

  • Хайа, оголор ханналарый?
  • Костялаах Саргы кулуупка концерт кере барбыттара. Владик беелуун туун эмиэ дьиэтигэр хоммото.
  • Хоммото даа? Иллэрээ кун эмиэ хоммотого дии. Бэгэһээ оскуолатыгар кэлбэтэгэ диэн учуутала эрийэ сылдьыбыта, - Клеопатра огом ханна суттэгэй диэн сурэгэ ытырбахтаан ылбыта.

Ыксаан телефонунан Владик табаарыстарыгар, бииргэ уерэнэр оголоругар барыларыгар эрийтэлээбитэ. Бары биир киһи курдук “Владигы кербетехпут икки кун буолла” дэспиттэрэ. Салгыновтар уолбут суппут диэн уйаларыгар уу киирбитэ. Куну быһа нэһилиэги биир гына, билэр ыалларынан барыларынан кердуу сатаабыттара даганы, уолларын кыайан булбатахтара. Уоллара ууга тааһы бырахпыттыы сутэн хаалбыта. Улуустка эрийэннэр милииссийэлэри ынырбыттара. Бугун еребул кун буолан милииссийэлэр сарсын биирдэ кэлиэхпит дэспиттэрэ.
“Миэхэ естуйэннэр, бу нэһилиэк дьоно огобун сиэтэхтэрэ” диэн аймана-аймана Клеопатра куну быһа ытаабыта. Хомойбут санаатыгар хоппоттон биир водканы ылан ытыы-ытыы испитэ.
Сарсыныгар улуустан милииссийэлэр тахсаннар кердуур улэ бегену ыыппыттара, билэр-билбэт дьоннорун барытын доппуруостаабыттара. Ким даганы Владик ханна барбытын дуу, куоппутун дуу билбэт этэ. Милииссийэлэр нэһилиэк олохтоохторун кыттыһыннараннар 3 куну быһа кердеебуттэрэ даганы, хайдах даганы булбатахтара. Клеопатра оготун сутэрбит аһыытын угарытаары, 3 кун тохтоло суох арыгы испитэ. Теһе да арыгы испитин иһин, кыайан уоскуйар кыага суога. Хайа ийэ оготун сутэрэн нагыллык олоруогай.

  • Иһиттигит дуо, Салгыновтар онорбут аньыылара-харалара барыта бэйэлэригэр тиийдэ буолбат дуо? Уоллара сутэн елбутэ-тыыннаага биллибэт, - диэн нэһилиэк олохтоохторо сэтэриир этилэр.
  • Того онно уердугут? Ол ого барахсан туох буруйа кэлиэй… Тереппуттэрэ онорор аньыыларыгар того кини эппиэтинэс сугуехтээгий? - Дэспиттэрэ сорохтор.

Владик суппутэ бэһис кунугэр, кунус Клеопатра арыгы испитэ. Атыылыыр хоппотуттан бытыылкалары биирдии-биирдии хороччу хостоон, испитэ бугун бэһис кунэ. Биэс куну быһа ейе-мэйиитэ суох, ытыы-ытыы иһэн иһэрэ.

  • Догоччуок, Клеопатра, арыгы иһэргин тохтотуон этэ, - кэргэнэ Леонид кердеһе сатаабыта. - Арыгы иһэргиттэн уолбут Владик кестен кэлбэтэ чахчы…
  • Мин дууһам ыарыытын чэпчэтээри иһэбин. Оччого эрэ уоскуйуох курдукпун. Арыгыны иһэрбин, эн, буойума, - диэбитэ Клеопатра харагар уу-хаар баһа-баһа.

Ол кун Клеопатра кунус арыгы иһэн баран, холуочуйбут санаатыгар, багар бэйэм уолбун кердеен булуом диэбиттии, нэһилиэк устун уолун кердуу барбыта. Нэһилиэккэ билэр-билбэт ыалыгар, оскуолага, клубка тиийэн уолун ыйыталаһа сатаабыта да ким да билбэт этэ. Арай бары Клеопатраны сиргэммиттии уонна кэлэйбиттии кереллере. Клеопатра хаһан да арыгыны испэтинэн биллэр киһи этэ, холуочуйан баран нэһилиэги кэрийэ сылдьарыттан соһуйбуттара. “Чэ уолун сутэрбит санаатыгар хомойон арыгы истэгэ… " - Диэн эмиэ да аһынар курдуктара.
Эбиэт кэнниттэн, магаһыын аһылларын сагана аны магаһыынна тиийбитэ. Бу магаһыын куруутун элбэх киһилээх буолара, буолумуна, нэһилиэккэ соготох магаһыын буоллага. Куруутун буоларын курдук, бугун да элбэх киһи баар этэ.

  • Хайа, Клеопатра, того манна кэллин? Байыаххыттан ыла биһиги магаһыыммытыгар сылдьыбат буолбутун дии, - продавец Рита соһуйа керсубутэ.
  • Уолбун кердуу кэллим. Багар манна баара дуу?
  • Эн бу иирдин дуо? Эн уолгун манна хорготон олорор уһубут дуо? - Рита еһургэммиттии ес-сага эппиэттээбитэ.

Ити кэмнэ магаһыынна Марыына баар этэ. Клеопатра диэкки бэрт еһуеннээхтик керен турара. Ааспыкка Клеопатраны дьиэтигэр тиийэн кырбаабытыттан хаапыла да сага кэмсинии кини сирэйигэр кестубэт этэ. Хата онорор аньыыларыгар танара кинини итинник накаастыыр диэн, иһигэр уерэр курдук сэтэрии саныыра.

  • Клеопатра, сааппаккын даганы! Итирэн бараннын уолгун манна кердуу кэллин дуо? - Диэбитэ Марыына.
  • Сааппат сирэйдээх диэн - эн бааргын, - Клеопатра оргуйа туспутэ. - Ааспыкка миигин дьиэбэр кэлэн кырбаан, кыраан барбытын! Эн кырааннын, мин уолум суппутэ буолуо. Хата мин уолум суппутугэр, эн уердун ини!
  • Уерумунэ. Эн даганы дьон ийэлэрин-агаларын, кэргэттэрин, уолаттарын арыгылатаннын сутэртиирин буолуо. Эн да уолун суттун ээ! - Марыына суостаахтык хардарбыта.

Ити тыллары истээт, ыар аһыылаах сурэхтээх Клеопатра ессе ордук кыыһыра, абара туспутэ. “Ессе туох диигин?! " Диэн хаһыытаабытынан Марыына баттагар туспутэ. Икки дьахталлар иккиэн охсуһан киирэн барбыттара. Магаһыынна баар дьоннор бу маны керен туруохтара дуо, бары тумсэн кэлэннэр, икки дьахталлары араартаабыттара.

  • Сааппаккын даганы! Кыраабыт буола-буолагын, хара ыт! - Диэн Клеопатра суоһургаммыта.
  • Эн уолун суппутугэр мин уерэбин! Кэһэй! Танара барытын керен тэнниир, - диэбитэ Марыына, уонна магаһыынтан тахсан барбыта.

Уоскуйа туһээт Клеопатра харагын уутун соттоот, магаһыынтан тахсан барбыта. “Бэйи эрэ, ханна барабыный? Убайбар Буеккэгэ барарым дуу? Ол кини тугу билбит уһу. Чэ баран саатар, кэпсэтэн, субэлэтэн кэлиим. Убайым муударай киһи. Кини кэпсиириттэн уоскуйааччым”, - диэн санаабыта уонна атахтара Буеккэ дьиэтин диэкки салайбыттара. Буеккэ нэһилиэк кытыытыгар олорор этэ. Дьоннор киниэхэ мээнэ сылдьааччылара суога. Буеккэ куну быһа дьиэтигэр соготох олорооччу. Арай туох эмэ бытархай улэ кеһуннэгинэ дьиэтиттэн тахсан барааччы.
Буеккэ дьиэтин диэкки хааман иһэн Клеопатра халлаан диэкки хантайбыта уонна иһигэр ботугураабыта: “Урдук Танара, баар буоллаххына миэхэ кемелес. Арыгы атыылыыры, мин биир бэйэм, аньыынан аагыммаппын. Арай дьоннор того “аньыы да аньыы” дэһэллэрэ буоллар, ону мин ейдеебеппун. Чэ, багар аньыы да буоллун. Ескетун мин уолум кестен кэлэр тугэнигэр, мин арыгы атыылыырбын ончу бырагыам. Андагайабын! " - Диэбитэ уонна кириэс охсуммута. Уруккута Клеопатра хаһан да Танарага итэгэйбитэ диэн суога. “Танара баар” дэһэллэрэ даганы, кини кулгаагын эрэ таһынан истэн кэбиһэрэ. Кини ого сааһа ааспыт, сэбиэскэй кэмин сагана “Танара диэн суох” диэн уерэтэллэрэ. Багар ол иһин итэгэйбэтэ эбитэ буолуо. Онтон бугун, хаһан да итэгэйбэтэх Танаратыттан кердесте. Хайыай, кыһалгалаах киһи Танараттан, Айыылартан, иччилэртэн барытыттан кердеһееччу.

Ер-етер буолбакка, убайын Клеопатра Буеккэ дьиэтин таһыгар кэлбитэ. Дьиэгэ киирээри ааны тардыалаан кербутэ. Аан хатааһыннаах этэ, “Бай, туох буолан Буеккэ аанын хатаннагай” диэн иһигэр муодаргыы санаабыта. Ааны тонсуйбутугар, ер буолбакка, Буеккэ ааны кэлэн арыйбыта.
Буеккэ балта ытаабыт сирэйин керен соһуйбута. Бу уйэгэ хаһан да ытаабат, тимир курдук кытаанах балта туох буолан ытаатагай диэн Буеккэ харагар итэгэйбэтэгэ:

  • Клеопатра, бу туох буоллун? Того ытаатын?
  • Того ытаатын буолан? Эн киһи хайдах тугу да билбэккэ олорогун? - Дии-дии Клеопатра харахтарыттан уу-хаар тохтон барбыта. - Хаарыаннаах огобун кемен бараммын ытыам суога дуо… Арыгы атыылыырбын, эн эмиэ утарар курдук тыллаһар этин. Хата балтын огото суппутугэр уердун ини…

Арай, итинник дии-дии Клеопатра ытыы турдагына, хостон уһун унуохтаах эдэр ого тахсан кэлбитэ. Клеопатра харагын соттон кербутэ, уонна харагар итэгэйбэтэ. Соһуйуон иһин уола Владик илэ-бэйэтинэн турар эбит.

  • Владик! Бу хайдах-хайдагый… Туул дуу, илэ дуу?
  • Мама, мин Владикпын дии. Туох буоллун? - Владик ийэтин диэкки кере-кере, мичээрдии-мичээрдии эппитэ.
  • Эн суппутун 5 кун буолла дии. Иириэхпитигэр диэри кердеетубут дии! - Клеопатра соһуйбут омунугар уолугар хаһыытаабыта, онтон тохтуу туһээт бэркэ сымнаабыт куолаһыан эппитэ: - Огом сыыһа манна саһан олорогун дуо? - Диэбитинэн Владигы кууһан ылбыта.

Ити курдук уоллаах ийэ ер да куустуһан олорбуттара. Уола кестубутуттэн, Клеопатра атага сири билбэт буола уербутэ. Уеруутуттэн марылаччы ытаан киирэн барбыта. Ити буоллага дии - дьииннээх дьол диэн, харах уулаах дьол!
Кэпсэтэн билбитэ, Владик дьоно арыгы атыылыылларын себулээминэ, бу манна убайыгар Буеккэгэ кэлэн хоммута 5 кун буолбут эбит. Буеккэ, бу манна Владик курээн кэлэн олорорун билбэтэх эбит, сурага “убайбар Буеккэгэ олоро бардым”, - диэн албыннаабыт уһу.

  • Быраатым Владик манна кэлиэгиттэн, мин арыгы иһэрбин даганы бырахтым, - Буеккэ кэпсээн киирэн барда. - Арааһа дьиэбэр соготох олорорбуттан, арыгы диэннэрин иһэр эбиппин быһыылаах. Быраатым манна кэлиэгиттэн, арыгы туһунан санаабат да буоллум. Аралдьыйаммын абыранным. Хата бырааппынаан биһи манна ырыа бегену айдыбыт, ырыа бегену ыллаатыбыт. Хайаатар даганы, бырааппыттан учугэй ырыаһыт тахсыа диэн эрэнэбин.

Буеккэ кырдьык ырыаны олуһун таптыыр киһи этэ. Быраатын Владигы, кыра эрдэгинэ, гитара бэлэхтээн оонньуурга уерэппитэ. Урут-уруккуттан айбыт ырыаларын барытын быраатыгар бэлэхтээн ыллаппыта.

  • Сатана дьоногут дии, дьэ. Миэхэ саатар тугу да кэпсээбэккит. Мин уолбун сутэрэммин биэс куну быһа ейе-тейе суох сырыттым, - диэбитэ Клеопатра. - Чэ, тоойуом, Владик, хомун дьиэбитигэр бардыбыт.

Ити курдук Салгыновтар уоллара кестен бугун кинилэргэ дьоро киэһээ ууммутэ. Уербут омунугар, уонна маарыын Танара иннигэр андагарын ейдеен Клеопатра “Аны арыгы атыылаабаппын” диэбитэ, уонна ордон хаалбыт дьааһыгы убайыгар бэлэх ууммута.
Онтон нэһилиэк олохтоохторо, Салгыновтар уоллара кестубут уһу диэн соһуйан-емурэн кэпсэппиттэрэ. Утуе санаалаах дьон уербуттэрэ, сорох Салгыновтарга естуйэр дьон хомойсубуттара. Онтон, бугун Клеопатра магаһыынна холуочук кэлэн айдаан тардан, охсуһан барбытын туһунан сурах нэһилиэк устун тургэнник таргаммыта. Бары эмиэ да кулуулээх, эмиэ да соһутуулаах сонуну истэн, уербут курдук ону эрэ ырытыспыттара. Арай Клеопатра оннук саакка киирэн, дьон сирэйигэр кестуен кыбыстар буолбутун ким билиэ баарай…

Ити аймалганнаах айдаан кэнниттэн Салгыновтар агыйах хонукка арыгы атыылыылларын ончу тохтоппуттара. Тохтотумуна даганы, ейдуурбут курдук Клеопатра Танара иннигэр “Уолум кеһуннэгинэ арыгы атыылыырбын тохтотобун”, - диэн андагайан турардаах. Андагар диэн толоруллаары андагар буоллага. Маннай утаа арыгы атыылаһаары испит дьон кэлэннэр тууннэри кэлэннэр, ааннарын тонсуйаллара. “Арыгы атыылаан буппуппут” дииллэриттэн хомойоллоро уонна таһынаагы нэһилиэккэ Испирдиэнэптэртэн арыгы кердуу бараллара. Таһынаагы нэһилиэккэ диэри хаамарга ыраах сир этэ. Бэркэ сурэгэлдьии-сурэгэлдьии да буоллар хаамсалларыгар эрэ тиийэллэрэ. Арыгы иһиэн багарбыт киһи ханна тиийбэтэгэ баарай. “Салгыновтарбыт барахсаттар утуе да дьон этилэр, ыксал буоллагына арыгынан салгаан абырыыр буолаллара”, - диэн ахтар этилэр.
Икки ый курдугунан, Салгыновтар арыгы атыылаан муспут харчылара баранан буппутэ. Син ботуччу харчы мунньуммут курдук этилэр даганы… Байан-тайан олорор кэмнэригэр минньигэс аһынан аһыырга, учугэйдик таннарга уерэммиттэрэ. Урут агалара котельнайга улэлиирин сагана, харчыны харыстыылларын курдук харыстаабат буолбуттара. Баар харчыны барытын ыһан кэбиһэллэрэ. Ол курдук билигин эмиэ бэйэлэригэр туохтан да аккаастаммакка маанытык олорбуттара. Ол да иһин харчы буттэгэ буолуо.
Харчылара буппут дьон хайыахтара баарай… Урукку кыдьыктарын киллэрэн, арыгыларын атыылаан киирэн барбыттара. Клеопатра теһе даганы Танарага андагайдар, андагарын толорботого. “Ол уеһээ баар Танаралара баар эрэ, суох эрэ. Ким да харахтаан кербетех Танаратыгар того мин итэгэйиэхтээхпиний… " - Диэн уоскутуммута. Кырдьык кини Танара баара буоллар, арыгыны айыа суога этэ диэн саныыра. Теттеру арыгы атыылыыр буолуохтарыттан ыла, эмиэ буоларын курдук кинилэргэ уп-харчы кутуллан барбыта. Бу сырыыга ессе элбэх харчыны киллэрэллэрэ. Урукку курдук, арыгыны харчытыгар эрэ биэрбэккэлэр, аны иһэр дьоннор арыгыны малга эбэтэр эккэ туттарар буолбуттара. Ол малы, эти Салгыновтар куоракка киллэрэн атыылыыллара. “Хата ессе барыстаах ньыманы буллубут”, - диэн истэригэр уерсэллэрэ. Онтон арыгыһыт дьон эрэйдээхтэр, бутэһик малларын, телевизордарын, магнитофоннарын, кыһын кыстыыр эттэрин ууран туран арыгы атыылаһаллара.
Нэһилиэк дьоно Салгыновтары уегэн-уегэн кэлин салганнар уехпэт да буолан бардылар. Буолуохтаагын курдук, кинилэр куруутун арыгыны атыылыахтаахтарын курдук да санаан бардылар.

  • Дьэ, Салгыновтары тохтото сатаан бараммыт, кыайан тохтоппот буоллубут. Баһылыкпытыгар эрэммиппит баара, тугу да сатаан быһаарбата, - дэһэллэрэ.
  • Туохтан да куттаммат буолбут ыал… Дьон тылыттан да куттаныа эбиттэр. Бу сиргэ туохтаагар да куустээх диэн дьон тыла буолар, - дэһэллэрэ сорохтор.

Багар тойоммут Сэмиэн Сэмиэнэбис, тохтотутуо диэннэр баран унсэ сатыыллара даганы, тойонноро онно харагын симэрэ. Куруутун “быһаарсыам”, - диирэ даганы тугу да быһаарсыбытын кербетехтере. Нэһилиэк олохтоохторо устунан тойонноругар кэлэйэн да барбыттара. “Халтай киниэхэ куоластаабыппыт. Туох да туһалаагы норуотугар онорбото. Ити биир кыра дьыаланы кыайан быһаарбат, мелтех киһи эбит”, - диэн хомойор хагыс тыллара иһиллээччи.
Биир киэһээ, Салгыновтар ааннарын кэлэн тыастаахтык тонсуйбуттара. Тонсуйалларыттан сэрэйдэххэ, дьахтар тонсуйар курдуга. Иһээччи дьахталлар даганы, тууннэри-кунустэри бу дьиэгэ элбэхтэ сыбыытыыллара. “Хайа сордоох кэлэн арыгы ылаары гыннагай”, - диэн саныы-саныы, Клеопатра аанын арыйбыта. Кербутэ - Марыына турар эбит. Сирэйиттэн кердеххе орто холуочук курдуга.

  • Хайа, бу того кэллин? Эмиэ кырбыы кэллин дуо? - Диэн Клеопатра себулээбэхтик туттан туран ыйыппыта.
  • Клеопатра, миигин бырастыы гын. Ити ааспыкка алгас быһыыламмыппын, - диэн Марыына кэмсинэн кэп туоммута.
  • Бырастыы гынаммын хайыамый. Чэ, эт, того кэллин? Анардас бырастыы эрэ кердеһе кэлбэтэгин чахчы…

Марыына уеһээ тыыммыта. Тыыммытыгар айагыттан арыгы сыта кэлэр этэ.

  • Клеопатра, миэхэ биир водката агал эрэ, - диэн Марыына кердеспутэ.
  • Харчылааххын дуо? Харчылаах буоллаххына буочука да арыгыны биэриэгим.

Марыына арыгыны теһеге атыылыылларын билэр этэ. Сонун сиэбиттэн кумаламмыт харчыны ороон утары ууммута. Клеопатра киниэхэ туох да саната суох, биир бытыылканы биэрэн ыыппыта.
Ол кунтэн ыла Марыына манна Салгыновтартан кэлэн арыгы ылара элбээбитэ. Урут арыгыны улаханнык испэт дьахтар, кыралаан иһээччи буолан эрэрэ сэрэйиллэр этэ. Онтон сотору буолан баран нэһилиэк устун сурах таргаммыта: “Марыыналаах Болуодьа Уйбаныаптар арыгыһыт буолбуттар. Тууннэри-кунустэри арыгылаан илэ сылдьаллар. Оголоро эрэйдээхтэр иһээччи тереппуттэрдээх буоланнар эрэй бегену керен эрэллэр… " - Дэспиттэрэ. Салгыновтар ону истэннэр тугу даганы санарбат этилэр. Тугу санарыахтарай, Уйбаныаптар иһээччи буолбуттарыгар кинилэр “енелере” угус буоллага. “Хата атыылаһааччыларбыт элбээн эрэллэр”, - диэн истэригэр уерсэр курдуктара.

Аида 22 декабря 2018
Привет. Наһаа учугэй уерэтэр такайар стиллээх кэпсээн эбит. Автор тиһэгэр тиэрдэрин буоллар олус бэрт буолуо этэ, редакцияланыан да сеп диэн сыаналыыбын.

Егор 11 января 2019
Айсен Кириллин кэпсээҥҥин итиччэ суруйан баран тиһэҕэр тириэрдиэ эбиккин дии, тугунан түмүктэнэрэ киһини долгутар кэпсээн…

Ааҕааччы 3 февраля 2019
, Олоххо баары суруйбут. Маладьыас туох да сыыс тыла суох суруллубут. Аныгы дэриэбинэ олоҕо.

123 16 февраля 2019
Наһаа ыарахан кэпсээн. Салгыыта суруллара буоллар. Салгыновтар туох дьылгаланаллара интириэһиргэтэр

Салгыыта сотору тахсыаҕа

S
23.12.2024 14:28

Салгыыта баар дуо?

M
23.12.2024 22:02

5,5 сыл ааспыт сал5ыыта суруллуох буолбута

Добавить комментарий