Главная / Кэпсээннэр / Тыа олоҕо
Добавить комментарий
Кэтириистээх Алла эт саастыы буоланнар, өссө оҕо саадыттан саҕалаан биир кылааска үөрэнэ киирбиттэрэ да доҕордоспотохторо. Төһө да биир дэриэбинэ оҕолоро буоллаллар тус туспалара оҕо эрдэхтэриттэн биллэрэ. Алла кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ салгыы үрдүк үөрэҕи тутуспута. Кэтириис үөрэҕи ылбатаҕа, бэйэтин эйгэтин оҕолорунаан сылдьыбыта. Нэһиилэ ахсыс кылааһы бүтэрээт, сопхуос хотонун хаачыгырас аанын аспыта эрэ баар, онтон ыла дьиэтиттэн хотоҥҥо дылы кыһыннары сайыннары кини ыллыга көбүс көнөтүк дыргыйбыта. Кэлин сопхуос эстэн, хара көлөһүнүн сүөһүнэн аахсан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, билигин сүһүөҕэр туран кимнээҕэр кыанан олорор. Уон аҕыс саастааҕар олохтоох тырахтарыыс уолга кэргэн тахсан, түөрт оҕолононнор, өссө икки сиэннэнэннэр, эбээ-эһээ буолан быр-бааччы олороллор. Кэргэнэ Уйбаан аһыы утахха ылларыах курдук буолан иһэн, үйэ уларыйан, бэйэҕэ үлэлиир үчүгэйин билэн, этэргэ дылы “хараҕар харчы кыбыллан” арыгылыырын тохтотон, үлэ үөһүгэр сылдьар. Хара үлэҕэ миккллэн эбитэ дуу, үөрэҕэ суоҕунан дуу Кэтирииһи, Кэтириис диэбиттэрэ ыраатта. Алла киргэ-хахха сыстыбакка, үрдүк үөрэхтэнэн хонтуора үлэһитэ, мааны хотун. Кэргэн, оҕо-уруу суох, таҥас бастыҥа, омук духуутун күндүтэ киниэхэ. Дэриэбинэ эр дьоно кэнниттэн кистии-саба одуулууллар, ситтэрбэтэх ыра санааларыгар уйдаран дириҥник өрө эрэ тыыналлар. Алла ол аайы өссө үтүөмсүйэр, үөрэҕэ суох дьону бэйэтигэр тэҥнээбэт, “түҥ хааһахтар” курдук көрөр. Уоппускатыгар омук сирдэринэн биэрэс тэбэр. Онно холоотоххо Кэхтириис, биир өрөбүлэ, бырааһыннньыга суох үлэлээн күн былдьаһыгар сылдьар. Арай биир саас, муус устар ыйга Алла көҕүлээһининэн икки сибиинньэ оҕотун ыллылар. Кэпсэтии быһыытынан, үлэҕэ үөрүйэх киһи Кэтириис көрөр буолла. Алла сибинньэлэр айахтарын уотурбанан хааччыйыахтаах. Кэпсэтии дуораана сүтэ илигинэ, биир куул уотурба кэлэ оҕуста. Илгэлээх сайын кэлэн, Кэтириис туох баар сүөһүлэрин, сибиинньэлэрин илдьэ сайылыктаата. Алла идэтинэн, омук сирдэринэн, “кутуруга куйаар”. Эбии уотурба кэлбэтэ, сибиинньэлэр үүт холбуурун бөлөнөҕүнэн, лабыктанан, отунан-маһынан аһаан, бөскөйө уойдулар. Атыыра төһө да бадарааҥҥа буккулуннар, киһи сымыйанан эпитин курдук улаатан төлөһүйдэ. Кэтириистээх көрбүт дьон быһыытынан улаханын ылалларыгар бүк эрэнэллэр. Сибиинньэ аҥаарын бэйэлэрэ сиэн, аҥарын атыылаан “харах таһаарынаары” былааннара киэҥ. Күн-дьыл илим хотоҕоһунуу устан – кыстык кэллэ. Сибиинньэлэр кылгас олохторо түмүктэнэрэ чааһынан ааҕыллар буолла. Үлэ дьоно Кэтириистээх хаһан быар куустан олорбуттара баарай?.. биир үтүө күн, күннээҕи үлэлэрин үмүрүтэн, Уйбаан киэһэ сибиинньэлэрин аһата тахсыбыта, доҕоор. Сибиинньэлэргэ тыатааҕы кэлэн барбытыныы, уйа таһа хаан-сиин бөҕө, ис-буотарах ыһыллыбытын суор-тураах, ыт-кус тунайдаан, ый-күн ыһыаҕын ыһа аҕай сылдьаллар эбит. Уйбаан көрбүтүҥ итэҕэйбэккэ кэннинэн тэйбэхтээтэ, хараҕын муҥунан көрөн таалан турда. Киһи аһыныах тыһы сибиинньэ эрэйдээх, доҕорун суохтаан, уйатыттан тахсыбакка хомойбуттуу көхсүн иһигэр хордурҕуур. Күһүҥҥү күҥҥэ дьүөрэлии – курас көстүү. Уйбаан, Алла дьону кэпсэтэн, атыыр сибиинньэлэрин астаппытын “көхсүнэн бүтэйдии” сэрэйдэ. Туора дьон халы-мааргы туттунууларыттан кэлэйдэ. Саатар уйа аанын киһилии саппатахтар. Сэрэйдэххэ иһээччи эрэттэр буоллахтара... Кэтириистээх Аллаттан хомойдулар. Тыа сэмэй ыалын сиэринэн, аахса барбакка, санааларыгар уһуннук туппакка кыһын ыган, кыстык бэлэмигэр туруннулар. Тыһы сибиинньэни сиэбэккэ, төрөтөн төрүөх ылан сорох оҕотун атыылаан, сороҕун иитэн хаһаайыстыбаларын хаҥатарга былааннаатылар. Сибиинньэ аҕыс оҕону төрөттө, бары этэҥҥэ бороохтуйан биэс оҕо атыыга барда. Үһэ иитиллэр буолла. Ыаллар күнүскэлэрин чэйдии олордохторуна, хаһан да сылдьыбатах киһилэрэ Алла киирэн кэллэ. Боростуой ыал дьиэтин, күндү духуу сыта, киһи муннун кычыгалатыахтыы, өйү-санааны туймаарда тунуйда. Дьиэлээхтэр куттаммыттыы бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. -Ыаллар, дорооболоруҥ! – ыалдьыт, “алҕас киирдим быһыылаах” диэбиттии, аан таһыгар тэпсэҥнээмэхтээн ылла, дьиэни эргиччи, унаарыччы көрдө, муннун мырдыҥнатта. Алланы тоҥолуппакка көрөн олорор дьиэлээхтэр, ыалдьыт ити быһыытын сөбүлээбэтилэр. Кэтириис итии чэйиҥ сыпсырыйбыта, тыҥаан турар чуумпуга, сүр улаханнык иһилиннэ. Иэдэс биэрдэ, түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу олордо. Былырыын Аллаттан хомойбута Кэтириис өйүгэр чыпчылҕан түгэнэ охсуллан ааста. Уйбаан көхсүн этиттэ, баҕарбатахтыы: -Дорообо! – диэтэ. -Дьүөгэм Кэтириис уонна Уйбаан кыыһырбыттаах буоллаххытына санааҕытыгар тутумаҥ. Былырыын уотурба аҕалбатахпар буруйдаахпын. Атыыры ыламмын, хомойбуккутун истибитим. Хата, ол гынан тыһы сибиинньэҕит төрөөн, харчы бөҕө тэптэ дии. Онон, миэхэ эмиэ хайа эрэ өттүнэн махтаныах тустааххыт. Бу, сибиинньэ оҕотугар кэпсэтэ кэллим. Кэтириис, биир оҕону тэбэн биэрэр инигин. Былырыыҥҥы курдук эмиэ көрүөххүт буоллаҕа, уотурбаны таһарым михэ кыайтарбат эбит, онон сибиинньэм айаҕыҥ бэриэт харчынан биэрэбин. – Алла туох да буолбатаҕыныы биир тыынынан субурутан кэбистэ. Этэр эттэҕинэ, эмиэ да оннук курдук эбит. Ол эрээри, ама да ааспытын иһин, ыган кэлбит түгэҥҥэ хомолтолоох этэ. Алла кумааһынньыгыттан биир биэс тыһыынчалааҕы субуйа тардаат хачыгыраппытынан остуолга уурда уонна “мин этэрим манан бүтэр” диэбиттии, туохтан эрэ куотардыы таһырдьаны былдьаста. Аан “хап” гына сабылынна, Алла сыта эрэ хаалла. Харчы, күн уотугар, бэйэтин биллибэт күүһүгэр эрэнэрдии, кытара кыыһа сытта. Дьиэлээхтэр харчыны тоҥолуппакка одуулаатылар. Уйбаан күөмэйигэр хомуок турбутуҥ чөөллөрүтэрдии, сойбут чэйиҥ иһэн киллиргэттэ уонна: -Ити аата сөбүлэстибит дуо? -Оннук курдук буолла дии, - Кэтириис үөрэн мытырыйбытыгар, тэбис тэҥ тиистэрэ, сааскы күн уотугар, дьикти кэрэтик көһүннүлэр. Уйбаан “сааскы мичээр,” – диэн хоһуйуох буолан курдук буолан иһэн кыайбакка, күлбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Тоҕо эбитэ буолла, иэрийиэхтэригэр дылы күлүстүлэр. Оо, тыам үлэһит дьоно барахсаттар. Санааҕыт ырааһа, майгыгыт көнөтө сөхтөрөр эбээт миигин...
Иннокентий Попов - Оҕуруоттаах.
Суотту, Уус-Алдан