Главная / Кэпсээннэр / Мин кэпсиим... (Бастакы таптал уостубат күүһэ. Дьүөгэм олоҕуттан)
Добавить комментарий
Марфа_Толбонова - 11 февраля 2019 16:56
Наташалыын билсибитим туһунан.
Москваҕа сана кеһен кэлбитим утаа наһаа соҕотохсуйар, дойдубун, дьоммун олус ахтар этим. Саха сиригэр сыһыаннаах туох баар тэрээһиннэргэ кетуппэккэ сылдьа сатыырым. Ол курдук бастаан тиийбит сылбар Коломенскайга ыһыах буолар уһу диэни олус долгуйа, сэргии истибитим. Сахам дьоно ханна да тиийдэллэр сиэрдэрин-туомнарын, силистэрин-мутуктарын умнубаттарыттан олус уербутум. Билсэр сахаларбыттан баралларын-барбаттарын ыйыталаһан кердум да, бары араас биричиинэнэн кыһалҕатын онорон кыайан барбат буолбуттара. Мин:" Синэ биир. Соҕотох да барыам. Саатар, биир дойдулаахтарбын керен дуоһуйуом", - дии санаан, оностон-тэринэн тиийбитим. Ол сылдьан ала-чуо кырачаан уол оҕолоох биир дьиэ кэргэннэ хараҕым хатаммыта. Бары керуехтэн эриэккэс сахалыы танастаахтара. Уонна… Хайдах эрэ ис истэриттэн сырдаан, мичилийэн кестер курдуктара. “Наһаа да дьоллоохтор”, - дии саныы турдахпына, ийэлэрэ миэхэ чугаһаан (арааһа, айахпын атан, манньыйан турарбын таба керен буолуо:)): " Биһигини манна хаартыскаҕа туһэриэн дуо? “- Диэн кердеспутэ. Билсэн, соҕотох сылдьарбын истэн, туһулгэлэригэр ыныран чэйдэппиттэрэ. Наташа ис иһиттэн сытыы-хотуу, уерунньэн аһаҕас майгытынан миигин тута абылаабыта. Коля теттерутун сытыары сымнаҕас, элбэх-саната-инэтэ суох, мичээрдээн кэбиһэ-кэбиһэ сылдьар киһи буолан биэрбитэ. Хайдах эрэ кинилэри урут-уруккаттан билэр курдук билсээт, кэпсэтэн-ипсэтэн, кулэн-уерэн барбыппыт. Киэһээ Наташалыын телепуеннэһиэх, сибээстэһиэх буолан арахсыбыппыт. Ити кунтэн ыла биһиги Наташабынаан уу тэстибэт доҕордуубут. Уеруубун-хомолтобун тэннэ уллэстэр, субэ-ама буолар Москваҕа тутаах киһим. Кини миэхэ ейдуун-санаалыын, олоххо керуулуун чугас. “Дьахтар аймах доҕордоһуута суох” дииллэрин мин олох сепсеспеппун:) Онно туоһу туох да кэтэх санаата суох доҕордоһор дьуегэлиилэр биһиги баарбыт:) Ити кэрэ киһи туһунан, кини туһуулээх-тахсыылаах олоҕун туһунан мин эһиэхэ кэпсиим… (Биллэн туран кенул ыламмын, ааттарын уларытан суруйан эрдэҕим)
Ити ыһыах кэнниттэн нэдиэлэ курдук буолан баран, Москва киинигэр керсен куулэйдээбиппит. Туора, учугэйдик билбэт дьоммор аһыллыбат бэйэм Наташаны хайдах эрэ наһаа чугастык ылынаммын олохпун кэпсээбиппэр, балай да саната суох олорон баран эппитэ: “Марфа, эн наһаа санаа кулута буолаҕын быһылаах. Олоххо арыый да судургутук сыһыаннаһыахха наада. Хас биирдии киһи олоххо туох эрэ кыһалҕаны керсер, барыта санаа хоту буолбат. Эр санаалананнын ону барытын “уерэх” эрэ курдук ылыныахха наада. Арахсыы диэн биирдэ баран эттэххэ сороҕор мунур уһукка тиийдэххинэ, булгуччу наадалаах буолар. Олоххун атын еттугэр эргитэр кыах бэриллэр”. Мин испэр хайдах эрэ бостуой кэпсээтим дуу диэн кэмсинэ санаабытым. Ама кини дьоллоох дьиэ кэргэн ийэтэ арахсыы, чугас киһигин сутэрии туһунан тугу билиэй?! Саарбахтаабыппын, саараабыппын таайан эбитэ дуу, бэрт симиктик мичээрдээн баран: “Соһуйуон иһин мин эмиэ арахсыы амтанын билбитим. Арахсыы эрэ буолуо дуо, хоргутуу, чугас киһигиттэн кэлэйии, барыта баара, " - диэн кэпсээнин саҕалаата.
“Аан бастаан эр киһиттэн кэлэйиим, арааһа, аҕабыттан буолуо. Дьонум олох хойут холбоспуттар. Ийэм 38 сааһыгар миигин олус ыараханнык тереппут. Ол иһин дьиэ кэргэммэр кэтэһиилээх соҕотох кыыс оҕобун. Дьиэ кэргэннэ да диэн буолуо дуо. Ийэбинээн иккиэйэх этибит. Мин туертээхпэр аҕам атын дьахтары керсен, биһигини хааллартаан барбыта. Ол куну бэҕэһээнни курдук ейдуубун. Ийэм оһоҕун кэннигэр ейенен туран, тоҕо эрэ хараҕын уута эрэ субуллара. Тугу да санарбат этэ. Мин:“Ийээ, ийээ! " - Дии-дии урукку курдук оонньоору ынырарбын истибэт курдук туттан, хараҕын быһа симэн турарын кереммун, туох эрэ “куһаҕан” буолбут диэн оҕочоос сурэҕим сэрэйбитэ. Оттон аҕам буолуохсут, бэл, миигин кытта быраһаайдаспакка улахан чымадаанна танаһын хомунан тахсан барбыта. Биирдэ: “Ийээ, аҕам хаһан кэлэр? “- Диэн ыйыппыппар, хаһан да миэхэ куолаһын соноппот бэйэтэ:“Аны кини туһунан ыйытыма! Хаһан да кэлбэт! “- Диэн хааһыытаан эппиэттээбитэ. Хара улаатыахпар диэри уонна хаһан да ыйыппатаҕым, ийэм да кэпсээбэтэ. “Эр дьонно киһи эрэммэт, хайа баҕар тугэннэ таннаран барыахтарын сеп, эн бэйэн бэйэҕэр эрэ эрэниэхтээххин, кимтэн да тутулуга суох буолуохтааххын. Ол туһугар туйгуннук уерэнэн, учугэй идэни баһылыахтааххын, " - диэн учуутал хаанын киллэрэн мэлдьи этэрэ. Мин эмиэ улаатан иһэн ийэм этэригэр улам сепсеһен, итэҕэйэн барбытым. Миигин тулалыыр эр дьон бары: тастын убайдарым, кутуеттэрим, ыаллыы олорор, дэриэбинэм дьоно - иһэр, куулэйдиир, улэтэ суох ускул-тэскил сылдьар, уһуну-киэни толкуйдаабат курдуктара. Санаабар, эр киһи буолла да хайаан да туох
Оннооҕор бииргэ уерэнэр кылааһым уолаттарын, сана хороччу улаатан эрэр оҕолору, билигин кыбыстыам иһин, хайдах эрэ себулээбэт, туора керер этим. Кыргыттарым “уол-кыыс айдаана” буоллахтарына кэпсэтиигэ кыттыспакка, мэлдьи саната суох истэн эрэ кэбиһэрим. “Наташа, ама кими да себулээбэккин дуо? Хайдах итинник муус сурэхтээх буолуохха себуй?! " - Диэн арааһынайдаан хаайа, туоһулаһа сатаан баран, кэлин сапсыйан кэбиспиттэрэ. Тохсус кылааһы бутэрэр сааспар Республикабыт биир бастын оскуолатыгар туттарсарга ынырыы сурук кэлбитэ. Сайын экзамен беҕе ааһан, ол оскуола уерэнээччилэрин кэккэлэригэр киирэн хаалбытым. Куһуннэттэн аны Дьокуускайга уерэнэ барар буолбутум. Атырдьах ыйын бутуутэ террасабар кинигэ ааҕа олордохпуна арай бииргэ уерэнэр уолум Коля киирэн кэлэн:” Привет, Наташа! Дьокуускайга уерэнэ барар уһугун дии. Эҕэрдэлиибин! Мин эмиэ барабын ээ. Быйыл физика олимпиадатыгар Дальнай Востокка бастаатын диэн экзамена суох ынырдылар. Наташа, миигин аныгыс нэдиэлэҕэ дьонум массыынанан киллэриэх буоллулар. Эн биһигини кытта барсаар, малын элбэх буолуо. Идэҕинэн кинигэ беҕе соһон барар инигин. Мин эйиэхэ эрийэн биллэриэм. Чэ, пока! " - Диэн симиктик мичээрдээт, туохтан эрэ куоппут киһи курдук тахсан баран хаалбыта. Мин хайдах эрэ ис-испиттэн долгуйаммын нэһиилэ: “Баһыыба! " - Эрэ диэн хаалбытым. Барбытын эрэ кэннэ ейдеебутум сайын устата Коля хайдах курдук тупсубутун, уһаабытын уонна… Хайдах курдук мин кини симик мичээрин суохтаабыппын. Дьокуускайга эрэннэрбитин курдук бииргэ айаннаан киирбиппит. Ити курдук сана ситэн эрэр кыыс оҕо “муус сурэҕин” уулларар киһи кестубутэ. Суох, кини мин олохпор эмискэ баар буола туспэтэҕэ. Кини мэлдьи мин кыра эрдэхпиттэн аттыбар баара, бииргэ улааппыппыт. Ити кэмтэн ыла кеннеру мин кинини барыларыттан арааран, уратытык керер, атыннык ылынар буолан барбытым. Теһе да ерелестергун айылҕа анаабытыттан, айбытыттан ханна куотуоххунуй… Туох эрэ уйаҕас, истин иэйии уескээбитэ. Кини барытынан уһулуччу этэ: кестер дьуһунэн, ейунэн-санаатынан, майгытынан, быһыйынан. Итинник мин 16 саастаахпар аан бастаан кинигэҕэ суруллар, киинэҕэ кестер таптал диэннэрэ баар эбит ээ диэн итэҕэйбитим уонна билбитим. Кимиэхэ да ити кистэлэнмин арыйбакка, бэйэбэр буебэйдээн илдьэ сылдьыбытым. Арай кун аайы куннукпэр арааһынайдаан киэргэтэ-киэргэтэ “Коля” диэн аатын суруйар этим. Улуустартан киирэн уерэнэр оҕолору инернакка олордон уерэтэллэрэ. Хас кун аайы керудуергэ, остолобуойга керсен аҕыйах тылы бырахсан дэриэбинэбит дьонун, оҕолорбут тустарынан кэпсэтэрбит. Оччоҕо мин дьоллонорум. Аттыбар баарыттан, кун ахсын керсербуттэн. Онтон ордукка санаммат да этим. Уолаттары кытта таһырдьа футболлуу таҕыстаҕына туннугунэн маныырым. Онтон кини тугу да сэрэйбэт, тууһээн да баттаппат этэ. Керсуу ахсын идэтинэн симиктик мичээрдии-мичээрдии сонунун уллэстэрэ.
Колям сана оскуолаҕа тиийэн бэйэтин кердерен, туохха барытыгар анар кырыытыттан кыттан иһэрэ. Мин да туора турбат этим. Иннэ гынан хас ыытыллар тэрээһиннэ наар иккиэн ыытааччы быһыытынан сылдьарбыт. Сана дьыл саҕана иитэр улэҕэ дириэктэри солбуйааччы Анна Романовна кэлэн:“Сана дьыл киэһээтин Колялыын эмиэ ыытаҕыт. Иккиэн субэлэһэн сценарийгыт хаамыытын суруйаарын”, - диэн сорудахтаабыта. Колялыын ол кун уерэх кэннэ хааламмыт биэчэрбит барылын онорбуппут. Хойукка диэри олорон баран интернаппытыгар бараары хомунан тахсыбыппыт. Ахсынньы диэтэххэ хайдах эрэ былыттаах, сылаас баҕайы киэһээ буолбут этэ. Харана уулусса устун оргууй ону-маны сэлэһэ-сэлэһэ хааман иһэн, киһим эмискэ тохтуу биэрбитэ уонна:” Наташа, баһаалыста, куулэйдии туһэбит да? “- Диэн этии киллэрбитэ. Мин долгуйаммын, соһуйаммын туох диэхпин булбакка, тонхох эрэ гыммытым уонна харана буолан имнэрим кытара кыыспыттарын хата кербет диэн уерэ санаабытым.
Сурэҕим оҕото доҕуурга иннибит туллук курдук ере мехсере, тыһыынча кыырпахтарга хайа ыстаныах курдуга. Оттон кини субу аттыбар хааман иһэн тугу да сэрэйбэт курдук туттан сана ааҕан бутэрбит кинигэтин туһунан омуннаахтык кэпсиирэ. Мин буоллаҕына уоран уулусса лаампатын уота кини кырыарбыт уһун кыламаннарыгар оонньуурун кере-кере чуумпу дьолбуттан эмиэ да долгуйан, эмиэ да уерэн сэргэстэһэ хааман испитим. Теһе да санаабытыгар сылааһын иһин, ахсынньы аата ахсынньы, кыратык куулэйдии туһэн баран:“Теннуеххэ”- диэн буолбута. Интернаппытыгар киирэн хоспор диэри тылланан атаарбыта уонна:” Наһаа учугэй киэһээ ааста, Наташа! Сарсын керсуеххэ диэри! " - Диэн эрэннэриилээх баҕайытык мичээрдээн кэбиспитэ. Ити киэһээ мин саҕа дьоллоох киһи суоҕа, ол эрэн син биир эппиэтэ суох хаалбыт ыйытыылар элбэхтэр этэ.
Сарсыарда эрдэ туран, суунар хоско
Икки саамай кунду дьоммуттан биирдэрин таларбыттан олус мунатыйарым, санаам туһэрэ. Ити хардыыны онорор чааһым тирээн кэлиэн олох баҕарбатым, сайын буппэккэ, бу кэмнэ бириэмэ тохтоон хаалара буоллар диэн толкуйдуурум. Ол эрэн мин туспар олоҕун анаабыт, миигин кун-ый оностубут, бу сир кэрэтин, тапталын миэхэ бэлэхтээбит саамай кунду киһибин - ийэбин соҕотохтуу хаалларан ыраах биэс сылга баран хаалыахпын санаам буолбатаҕа, сурэҕим кенуллээбэтэҕэ. Ити быһаарыныыбын Колябар эппиппэр, ер саната суох олорон баран:“Наташа, теһе да ер кэмнэ арахсарбыт хомолтолооҕун иһин, сепке быһаарыммыккын, оттон биһиги ессе да эдэрбит, олохпут иннибитигэр, син биир бииргэ буолуохпут. Хата бириэмэ уонна ыраах сылдьыы тапталбытын тургутуо”, - диэн эрэннэриилээхтик эппиэттээбитэ. Мин киниэхэ онно итэҕэйбитим… Кини эппитин курдук буолуо дии санаабытым… Коля куоракка барыан иннинээҕи киэһээ кэлэн:“Хатыннаахпытыгар дылы хаамыах”- диэн ыныран таһаарбыта. Онно тиийэн иккиэн кэпсээммит буппэт бэйэбит еер да ер саната суох олорбуппут. Дьиэлиирбит саҕана Колям туох эрэ кылабачыгас суулааҕы хостоон туттарбыта. Арыйбытым - телепуен. Оччолорго сана уедуйэн эрэр кэмэ этэ. “Аны биһиэхэ бириэмэ уонна ыраах диэн суох. Биһиги икки ардыбытыгар биир звонок. Хаһан да, ханна да буолларбын куруутун куоласкын истиэм, хайдах сылдьаргын билиэм. Кун аайы кэпсэтиэхпит” - диэн идэтинэн мичээрдии олорбута. Ити киэһээ тууну быһа олорбуппут, ыытыахпын теһе да баҕарбатаҕым иһин хайыамый, бириэмэ хаҕыс, арахсар чааспыт тиийэн кэлбитэ. Дьиэм таһыгар тиийэн кууһан туран кыайан туттуммакка ытаан барбыппар:” Бутууй, сэриигэ барбаппын ээ, сана дьылга кэлиэм дии” - дии-дии хараҕым уутун соппута. Ити курдук атырдьах ыйын 22 кунугэр кини кеппутэ. Кеппутэ ыра оностубут улахан куораппытыгар, талбыт, баҕарбыт идэтин баһылыы. Кеппутэ ыраах… Миигинэ суох… Ол кун хайдах эрэ аһары уйадыйан, куну быһа ытаан тахсыбытым. Барыта бутэйдии ыалдьар курдуга, тулам барыта кубус-кураанах буолбута. Ийэм аһары аймаммыппын керен:” Киһи миигиттэн тутуллума диири истибэтэҕин, барсыан этэ буоллаҕа дии”, - диэбитигэр биирдэ ейденеммун, бэйэтин буруйдаах курдук сананыа диэн тохтообутум. Ити кэннэ биирдэ да киниэхэ Москва туһунан санарбатаҕым. Бутэйдии билэр этим, теһе да ыараханнык да буоллар, септеех быһаарыныы ылыммыппын. Ийэм барахсан иһигэр сэмээр уерэрэ биллэр этэ. Кини эмиэ санаа-оноо буола сылдьыбыта буолаахтыа дии…
Куһун уерэх кэмэ саҕаланан, Дьокуускайга киирбитим. Эрдэттэн былааннаабатах, баҕарбатах буолан, олох кеҕе суохтук, аат эрэ харата уерэхпин саҕалаабытым. Толор дииллэрин толорорум, аах дииллэрин ааҕарым. Ол эрэн уерэхпин ыарырҕаппаппын. Кун аайы Колябынаан смстаһарбыт, кэпсэтэрбит. Улахан куоракка тиийбит киһи сонуна баһаам, уерэҕин, оҕолорун туһунан кэпсиирэ. Мин ити кылгас кэпсэтиилэринэн дьоллонон, куммун-дьылбын син биллэрбэккэ аһарарым. Оребул ахсын дьиэбэр тахсан, сынньанан, ийэбэр кемелеһен киирэрим. Сана дьыл саҕана Колям:“Мин кыайан барбат буоллум, чэпчэтиилээх билет булбатым, онон манна еребуллэрбэр хаалабын”, - диэн эппитигэр олус хомойбутум. Ор
Дойдубутугар тахсан икки дьиэнэн бырааһынньыктаабыппыт. Мин уеруум, дьолум урдэ суоҕа. Ороһооспо кунугэр Коля дьоно миигин уонна ийэбин:” Чэйдии кэлин”, - диэн ыныран ылбыттара. Ийэм Коля ийэтин кытта оскуолаҕа бииргэ улэлииллэр, дьуегэлиилэр буолан, ити этиини соһуйа истибэтэхпит. Оттон уонна тереппуттэрбит барахсаттар икки еттуттэн доҕордоһорбутун билэллэр беҕе буоллаҕа дии. Остуолга олорон чэйдээн истэхпитинэ, Коля аҕата бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн баран:” Оҕолорбут доҕордоһоллоруттан мин биир бэйэм наһаа уерэбин. Наташа курдук кийииттэннэхпинэ Колям эрэллээх илиигэ сылдьар диэн эрэх-турах сананыам этэ. Биһиги Коля ийэтинээн эмиэ олох эрдэ, устудьуоннуу сылдьан холбоспуппут. Онон холбоһобут диир куннээх буоллаххытына, биһиги олох утарбаппыт, “- диэн тыл этэн, кыбыһыннартаан, ууга-уокка туһэрбитэ. Биһиги Колябынаан соһуйаммыт туох да диэхпитин булбатахпыт, кеннеру мичээрдэһэн эрэ кэбиспиппит. Ол туһунан хаһан да иккиэн кэпсэппэт этибит, кеннеру бииргэ буолуохпут эрэ диэн ыраланарбыт, оттон эр-ойох буолуу диэн хайдах эрэ наһаа ыраах уонна табыгаһа суох ейдебул курдук этэ.
Ити киэһээ “кырдьаҕастартан” куотан, Коля хоһугар киирэн, кэпсэтэ олордохпутуна, киһим:“Аҕам дьэ “учугэйдик” тыл эттэ ээ, эн туох дии саныыгын? “- Диэбитигэр тиэрэ баран туһэ сыспытым. Тугу эрэ элбэх элбэҕи быһаара сатаабытым, ол быһаарыым анарын бэйэм да ейдеебетеҕум)))) Долгуйбутум, симиттибитим оччо этэ. Колям истэ сатаан баран, кулэ-кулэ:“Сеп-сеп, ейдеетум. Эрдэ буоллаҕына эрдэ. Уһус игин курсу бутэрэн баран дии? “- Уун-утары керен олорбута. … Бириэмэ диэн наһаа дьикти, киһи кууттэҕинэ-кэтэстэҕинэ буппэт уһуктаах, сыыйыллан эчи ааһан-баран испэтин, оттон ааспатар ханнык диэтэххинэ кыл тугэнэ. Сынньаланмыт бутэн эмиэ харах уулаах Колябын портка киирэн атаарбытым. Эмиэ ахтыһыы, уһун-уһун буппэт, унньуктаах куннэр…
Куутуу-кэтэһии анардаах кун-дьыл ааһан испитэ. Этэннэ иккис кууруһу бутэрэн, Колям этии киллэрэн, мин киниэхэ Москваҕа куулэйдии тиийэр буолбутум. Аэропортка киһим сибэкки дьербелеех кэтэһэн турара. Ахтыспыт сурэхтэр уеруубутуттэн тылбытыттан матан, кеннеру сиэттиһэн, уйаҕас дьолбутун муччу туппатах киһи диэбиттии саната суох Москва киинин устун уһуннук куулэйдээбиппит. Киэһээлик эрдэттэн сакаастаабыт хостелбытыгар тиийбиппит. Бу туун биһиги сыһыаммыт ессе биир урдэлгэ тахсыахтааҕын бутэйдии сэрэйбитим уонна онно утарыласпатаҕым. Кыыс оҕо дьахтар киэбин кэтэр, таптыыр киһитигэр ейдуун-сурэхтиин, эттиин-сиинниин бас бэринэр таптал ерегейун туунэ… Барытын сепке гынабын, барыта этэннэ буолуо дии саныырым…
Дуоһуйа сынньанан, куулэйдээн, дойдубутугар теннубуппут. Биир киэһээ идэбитинэн эмиэ Хатыннаахпытыгар тиийэн олордохпутуна, эмискэ Коля аҕата массыынатынан тиийэн кэлбитэ. Дьол уонна сор бииргэ сылдьаллар диэн мээнэҕэ эппэттэрин туоһулаан, былыта суох халлаанна эмискэ этин этэринии ыар сурах мин олохпун куерчэхтии эргиппитэ. Ити кун мин бу сиргэ саамай чугас, кунду киһибин ийэбин сутэрбитим. Сарсыарда кулэ-уерэ, улэлии-хамсыы сылдьыбыт киһи эмискэ суох буолара ессе аһыылаах эбитин эппинэн-хааммынан билбитим. Сурэҕэ тохтоон, дьиэтин таһыгар сууллубутун ыалбыт дьон булбуттар этэ.
Оо, хайдах курдук онно бэйэбин буруйдаммыппыный?!! Мун саатар, иэдээн буолаары гыммытын сэрэйэн да кереехтеебетех бэйэккэбиний?! Ол кун ханна да барбатаҕым буоллар, баҕар, суһал кемену кэмигэр ыныран ийэм олоҕун быыһыам этэ диэн санаалар тууйа туталлар этэ. Биир тугэн иһигэр бу аан дойду урдугэр чорон соҕотох хаалбытым. Куну куннуктээн сытар, аһаабат да утуйбат да буолбутум. Коля куруутун аттыбар баара, ейуу, кэпсэтэ сатыыра да, мин кимиэхэ да наадыйбат турукка киирбитим. Биир кун ыксаан бырааһы ыныран аҕалбыт этэ. Быраас кэлэн, укуол туруора-туруора:” Наташа, бэйэҕин буруйданыма. Ол тугэннэ ким да тугунан да кыайан кемелеһер кыаҕа суох этэ. Аттыгар быраас да баара буоллар, кыайан быыһыа суох этэ. Кытаат, эрдий, бэйэҕин харыстан. Сарсын эмиэ киирэ сылдьыам”, - диэн баран тахсан барбыта. Киэһээ Коля ийэтэ кэлэн, оронум аттыгар олорон эрэ:” Наташа, эн ийэн эйигин кимнээҕэр да
Аат эрэ харата дьон кереругэр туттунан сылдьарым, тууну быһа ытаан тахсарым. Коля кэлэн олорсоору гыммытын, чугаһаппатаҕым. Куһун Дьокуускайга уерэҕин кеһеттерееру гыммытын, эмиэ утарбытым. Иннэ гынан эмиэ Москватыгар теннубутэ. Мин буоллаҕына туох баар хара кууспунэн тахсан уерэнэрим, уерэҕим кэнниттэн киирэн сытарым. Бэйэм бэйэбэр бугэн, кимиэхэ да, туохха да наадыйбат, кыраттан ымыттыбат буолан хаалбытым. Бииргэ олорор кыргыттарым аралдьыта сатаан онно-манна ыныраллара даҕаны аккаастанан иһэрим. Санаабар, миигиттэн ураты дьон бары наһаа дьоллоох курдуктара. Ол иһин кинилэргэ мэһэйдэһимээри барыларыттан туора турбутум. Оннооҕор Колям эрийдэҕинэ, сугун кэпсэппэт буолбутум. Барахсаным сыыһа арааһынайдаан сылтах була-була кэпсэтэ, сэлэһэ, санаабын кетеҕе сатыырын аахайбат этим. Чугас киһибэр итинник хаҕыстык сыһыаннаһаммын, олохпор биир саамай улахан алҕаспын онорон эрэрбин хантан билиэмий…
Ийэбин сутэрбит аһыым ааһыахтааҕар, кунтэн кун ессе сытыырхайан испитэ. Наһаа суохтуурум, мунатыйарым. Оссе да олох олоруохтаах, улэлиэхтээх-хамсыахтаах этэ диэн хомойорум. Мин улэһит буолан, дьоллоох-саргылаах олоҕу олоруохпун туохтааҕар да баҕарара. Ол баҕа санаата туолбатаҕыттан хараастарым. Саатар, ессе уон сыл даа… Ийэм барахсан мичилийбит арылхай харахтарын, сылаас илиитин, минньигэс сытын наһаа ахтарым. Дойдубар таҕыстахпына дьон кербетугэр уоран унуоҕар тахсан ытаан-ытаан баран киирэрим. Ону биирдэ кырдьаҕас ыалбыт эмээхсин билэн мехпутугэр биирдэ тохтообутум.
Олус ыарахан биир сыл итинник ааспыта. Харах уулаах, сурэх баастаах, аһыы амтаннаах биир сыл… Ол эрэн айылҕа барахсан эн эрэйгиттэн-кыһалҕаҕыттан тутулуга суох эмиэ сайыннылыы силигилээн, симэнэн турара. Мин эксээмэннэрбин этэннэ туттартаан, дойдубар тахсыбытым. Дьиэм барахсан иччитэхсийэн, кураанахсыйан хаалбыт этэ. Санаабар, намтаабыкка, харанарбыкка дылыта. Хаһаайкатын кичэллээх сыһыанын кини эмиэ суохтаабыт курдуга. Дьиэбин сууйан-сотон баран, чэйдээбитэ буолаат, Хатыннаахха барарга санаммытым. Хатыннаахпыт барахсан ахтыбыт санаабар хаһааннытааҕар да тупсан, киэркэйэн керсубутэ. Намылыспыт лабаалара: “Санаарҕаама, олох ыараханыттан-уустугуттан биһиги харыстыахпыт”- диэбиттии кууспаҕалыыр курдуктара. Онно тиийэн еер-ер олорон баран, дьиэбэр теннееру туран иһэн арай хатын биир тостубут лабаатыгар кэмбиэр кыбытыллан турарын булбутум. Коля суруга эбит. “Арааһа, уолун кердеһуутунэн аҕата аҕалан кыбыппыта буолуо”- диэн саныы-саныы арыйан аахпытым. “Туллугум, дорообо! Кэлбит куннэр быһа гыммакка Хатыннаахха тиийиэн диэн сэрэйэммин суруйдум. Кэнники кэмнэ хайдах эрэ тэйсэн эрэр курдукпутуттан олус хомойобун. Ойдуугун, ити хатын анныгар эн биһикки туох баар уерууну-хомолтону бииргэ туоруохпут, куруук бииргэ буолуохпут диэн тыл бэрсибиппитин? Миигин тэйитимэ, бэйэн тэйимэ. Иккиэ буоллахпытына, барыта кыаллыа, табыллыа. Итэҕэй уонна эрэн. Керсер куммут чугаһаата, кэтэс. Эн Колян” Ааҕа олорон хараҕым аһыллан, быйыл кыһын доҕорбун олус да эрэйдээбит эбиппин ээ диэн дьэ ейдеебутум.
Колям кэллэҕинэ, барытын быһаарсан, сааһылаан кэпсэтэр санааны ылыммытым, ол санаанан кынаттанан доҕорум кэлэр кунун, чааһын кэтэһэн барбытым… Кэлэрэ биир ый баара. Ол эрэн Хатыннаахха сурук булбутум кэннэ, киһим суруйбут, эппит тылларын мэлдьэһэр курдук, тугу эрэ кистиирдии, таайтарыылаах баҕайытык кэпсэтэр буолбута. Биир ый, 30 кун… Ол кэмнэ ити кылгас бириэмэ иһигэр киһи дьылҕата, олоҕо тосту уларыйыан себун хантан сэрэйэн керуемуй?! Ороһуоспа киэһэ ыраламмыт баҕа санаабыт туолан, устар олохпут устун бииргэ буолуохпут диэн испэр сэмээр саныырым. Колям кэлэрэ биир кун хаалбытын кэннэ, дьоно керсе куоракка киирэллэрин, суоҕун ыйыталааһаары онно тиийдим. Ийэтэ киирбиппэр уруккутун курдук уерэ-кете керсубэтэ, туохтан эрэ аһары долгуйан дуу, куттанан дуу хараҕын куоттара сылдьар курдук. “Ьыллыый, Наташа, эн биһигини кытта сарсын барсыма. Коля кэллэҕинэ, барытын бэйэтэ кэпсиэ, быһаарыа”, - диэн баран ыга кууһан ылбыта. Мин доҕорум тугу быһаарыахтааҕын, тоҕо илдьэ барбаттарын ейдеебекке, дьиэм диэки хаампытым. Тебем иһигэр суус ыйытыы… Учугэйэ суох кэпсэтии буоларын тоҕо эрэ бутэйдии сурэхпинэн сэрэйэбин. Долгуйаммын, санаарҕааммын ол туун утуйбатым даҕаны. Куну быһа иннэ уутугэр олорор курдук
Мин кэтэһэ сатаан баран оннук санаатым 23 апреля 2020 Чэ оттон итинэн кэпсээн буттэҕэ дии. Уол атын кыыһы ойох ылбыт, кыыс соҕотоҕун дэриэбинэтигэр олоро хаалбыт. Хас эрэ сылынан атын уолга ойох тахсыбыт. Буттэ.
Марфа_Толбонова - 11 февраля 2019 16:56
Наташалыын билсибитим туһунан.
Москваҕа сана кеһен кэлбитим утаа наһаа соҕотохсуйар, дойдубун, дьоммун олус ахтар этим. Саха сиригэр сыһыаннаах туох баар тэрээһиннэргэ кетуппэккэ сылдьа сатыырым. Ол курдук бастаан тиийбит сылбар Коломенскайга ыһыах буолар уһу диэни олус долгуйа, сэргии истибитим. Сахам дьоно ханна да тиийдэллэр сиэрдэрин-туомнарын, силистэрин-мутуктарын умнубаттарыттан олус уербутум. Билсэр сахаларбыттан баралларын-барбаттарын ыйыталаһан кердум да, бары араас биричиинэнэн кыһалҕатын онорон кыайан барбат буолбуттара. Мин:" Синэ биир. Соҕотох да барыам. Саатар, биир дойдулаахтарбын керен дуоһуйуом", - дии санаан, оностон-тэринэн тиийбитим. Ол сылдьан ала-чуо кырачаан уол оҕолоох биир дьиэ кэргэннэ хараҕым хатаммыта. Бары керуехтэн эриэккэс сахалыы танастаахтара. Уонна… Хайдах эрэ ис истэриттэн сырдаан, мичилийэн кестер курдуктара. “Наһаа да дьоллоохтор”, - дии саныы турдахпына, ийэлэрэ миэхэ чугаһаан (арааһа, айахпын атан, манньыйан турарбын таба керен буолуо:)): " Биһигини манна хаартыскаҕа туһэриэн дуо? “- Диэн кердеспутэ. Билсэн, соҕотох сылдьарбын истэн, туһулгэлэригэр ыныран чэйдэппиттэрэ. Наташа ис иһиттэн сытыы-хотуу, уерунньэн аһаҕас майгытынан миигин тута абылаабыта. Коля теттерутун сытыары сымнаҕас, элбэх-саната-инэтэ суох, мичээрдээн кэбиһэ-кэбиһэ сылдьар киһи буолан биэрбитэ. Хайдах эрэ кинилэри урут-уруккаттан билэр курдук билсээт, кэпсэтэн-ипсэтэн, кулэн-уерэн барбыппыт. Киэһээ Наташалыын телепуеннэһиэх, сибээстэһиэх буолан арахсыбыппыт.
Ити кунтэн ыла биһиги Наташабынаан уу тэстибэт доҕордуубут. Уеруубун-хомолтобун тэннэ уллэстэр, субэ-ама буолар Москваҕа тутаах киһим. Кини миэхэ ейдуун-санаалыын, олоххо керуулуун чугас. “Дьахтар аймах доҕордоһуута суох” дииллэрин мин олох сепсеспеппун:) Онно туоһу туох да кэтэх санаата суох доҕордоһор дьуегэлиилэр биһиги баарбыт:) Ити кэрэ киһи туһунан, кини туһуулээх-тахсыылаах олоҕун туһунан мин эһиэхэ кэпсиим… (Биллэн туран кенул ыламмын, ааттарын уларытан суруйан эрдэҕим)
Ити ыһыах кэнниттэн нэдиэлэ курдук буолан баран, Москва киинигэр керсен куулэйдээбиппит. Туора, учугэйдик билбэт дьоммор аһыллыбат бэйэм Наташаны хайдах эрэ наһаа чугастык ылынаммын олохпун кэпсээбиппэр, балай да саната суох олорон баран эппитэ: “Марфа, эн наһаа санаа кулута буолаҕын быһылаах. Олоххо арыый да судургутук сыһыаннаһыахха наада. Хас биирдии киһи олоххо туох эрэ кыһалҕаны керсер, барыта санаа хоту буолбат. Эр санаалананнын ону барытын “уерэх” эрэ курдук ылыныахха наада. Арахсыы диэн биирдэ баран эттэххэ сороҕор мунур уһукка тиийдэххинэ, булгуччу наадалаах буолар. Олоххун атын еттугэр эргитэр кыах бэриллэр”.
Мин испэр хайдах эрэ бостуой кэпсээтим дуу диэн кэмсинэ санаабытым. Ама кини дьоллоох дьиэ кэргэн ийэтэ арахсыы, чугас киһигин сутэрии туһунан тугу билиэй?! Саарбахтаабыппын, саараабыппын таайан эбитэ дуу, бэрт симиктик мичээрдээн баран: “Соһуйуон иһин мин эмиэ арахсыы амтанын билбитим. Арахсыы эрэ буолуо дуо, хоргутуу, чугас киһигиттэн кэлэйии, барыта баара, " - диэн кэпсээнин саҕалаата.
“Аан бастаан эр киһиттэн кэлэйиим, арааһа, аҕабыттан буолуо. Дьонум олох хойут холбоспуттар. Ийэм 38 сааһыгар миигин олус ыараханнык тереппут. Ол иһин дьиэ кэргэммэр кэтэһиилээх соҕотох кыыс оҕобун. Дьиэ кэргэннэ да диэн буолуо дуо. Ийэбинээн иккиэйэх этибит. Мин туертээхпэр аҕам атын дьахтары керсен, биһигини хааллартаан барбыта. Ол куну бэҕэһээнни курдук ейдуубун. Ийэм оһоҕун кэннигэр ейенен туран, тоҕо эрэ хараҕын уута эрэ субуллара. Тугу да санарбат этэ. Мин:“Ийээ, ийээ! " - Дии-дии урукку курдук оонньоору ынырарбын истибэт курдук туттан, хараҕын быһа симэн турарын кереммун, туох эрэ “куһаҕан” буолбут диэн оҕочоос сурэҕим сэрэйбитэ. Оттон аҕам буолуохсут, бэл, миигин кытта быраһаайдаспакка улахан чымадаанна танаһын хомунан тахсан барбыта. Биирдэ: “Ийээ, аҕам хаһан кэлэр? “- Диэн ыйыппыппар, хаһан да миэхэ куолаһын соноппот бэйэтэ:“Аны кини туһунан ыйытыма! Хаһан да кэлбэт! “- Диэн хааһыытаан эппиэттээбитэ. Хара улаатыахпар диэри уонна хаһан да ыйыппатаҕым, ийэм да кэпсээбэтэ. “Эр дьонно киһи эрэммэт, хайа баҕар тугэннэ таннаран барыахтарын сеп, эн бэйэн бэйэҕэр эрэ эрэниэхтээххин, кимтэн да тутулуга суох буолуохтааххын. Ол туһугар туйгуннук уерэнэн, учугэй идэни баһылыахтааххын, " - диэн учуутал хаанын киллэрэн мэлдьи этэрэ. Мин эмиэ улаатан иһэн ийэм этэригэр улам сепсеһен, итэҕэйэн барбытым. Миигин тулалыыр эр дьон бары: тастын убайдарым, кутуеттэрим, ыаллыы олорор, дэриэбинэм дьоно - иһэр, куулэйдиир, улэтэ суох ускул-тэскил сылдьар, уһуну-киэни толкуйдаабат курдуктара. Санаабар, эр киһи буолла да хайаан да туох
эрэ куһаҕаннаах буолуохтаах этэ.Оннооҕор бииргэ уерэнэр кылааһым уолаттарын, сана хороччу улаатан эрэр оҕолору, билигин кыбыстыам иһин, хайдах эрэ себулээбэт, туора керер этим. Кыргыттарым “уол-кыыс айдаана” буоллахтарына кэпсэтиигэ кыттыспакка, мэлдьи саната суох истэн эрэ кэбиһэрим. “Наташа, ама кими да себулээбэккин дуо? Хайдах итинник муус сурэхтээх буолуохха себуй?! " - Диэн арааһынайдаан хаайа, туоһулаһа сатаан баран, кэлин сапсыйан кэбиспиттэрэ. Тохсус кылааһы бутэрэр сааспар Республикабыт биир бастын оскуолатыгар туттарсарга ынырыы сурук кэлбитэ. Сайын экзамен беҕе ааһан, ол оскуола уерэнээччилэрин кэккэлэригэр киирэн хаалбытым. Куһуннэттэн аны Дьокуускайга уерэнэ барар буолбутум. Атырдьах ыйын бутуутэ террасабар кинигэ ааҕа олордохпуна арай бииргэ уерэнэр уолум Коля киирэн кэлэн:” Привет, Наташа! Дьокуускайга уерэнэ барар уһугун дии. Эҕэрдэлиибин! Мин эмиэ барабын ээ. Быйыл физика олимпиадатыгар Дальнай Востокка бастаатын диэн экзамена суох ынырдылар. Наташа, миигин аныгыс нэдиэлэҕэ дьонум массыынанан киллэриэх буоллулар. Эн биһигини кытта барсаар, малын элбэх буолуо. Идэҕинэн кинигэ беҕе соһон барар инигин. Мин эйиэхэ эрийэн биллэриэм. Чэ, пока! " - Диэн симиктик мичээрдээт, туохтан эрэ куоппут киһи курдук тахсан баран хаалбыта. Мин хайдах эрэ ис-испиттэн долгуйаммын нэһиилэ: “Баһыыба! " - Эрэ диэн хаалбытым. Барбытын эрэ кэннэ ейдеебутум сайын устата Коля хайдах курдук тупсубутун, уһаабытын уонна… Хайдах курдук мин кини симик мичээрин суохтаабыппын. Дьокуускайга эрэннэрбитин курдук бииргэ айаннаан киирбиппит. Ити курдук сана ситэн эрэр кыыс оҕо “муус сурэҕин” уулларар киһи кестубутэ. Суох, кини мин олохпор эмискэ баар буола туспэтэҕэ. Кини мэлдьи мин кыра эрдэхпиттэн аттыбар баара, бииргэ улааппыппыт. Ити кэмтэн ыла кеннеру мин кинини барыларыттан арааран, уратытык керер, атыннык ылынар буолан барбытым. Теһе да ерелестергун айылҕа анаабытыттан, айбытыттан ханна куотуоххунуй… Туох эрэ уйаҕас, истин иэйии уескээбитэ. Кини барытынан уһулуччу этэ: кестер дьуһунэн, ейунэн-санаатынан, майгытынан, быһыйынан. Итинник мин 16 саастаахпар аан бастаан кинигэҕэ суруллар, киинэҕэ кестер таптал диэннэрэ баар эбит ээ диэн итэҕэйбитим уонна билбитим. Кимиэхэ да ити кистэлэнмин арыйбакка, бэйэбэр буебэйдээн илдьэ сылдьыбытым. Арай кун аайы куннукпэр арааһынайдаан киэргэтэ-киэргэтэ “Коля” диэн аатын суруйар этим. Улуустартан киирэн уерэнэр оҕолору инернакка олордон уерэтэллэрэ. Хас кун аайы керудуергэ, остолобуойга керсен аҕыйах тылы бырахсан дэриэбинэбит дьонун, оҕолорбут тустарынан кэпсэтэрбит. Оччоҕо мин дьоллонорум. Аттыбар баарыттан, кун ахсын керсербуттэн. Онтон ордукка санаммат да этим. Уолаттары кытта таһырдьа футболлуу таҕыстаҕына туннугунэн маныырым. Онтон кини тугу да сэрэйбэт, тууһээн да баттаппат этэ. Керсуу ахсын идэтинэн симиктик мичээрдии-мичээрдии сонунун уллэстэрэ.
Колям сана оскуолаҕа тиийэн бэйэтин кердерен, туохха барытыгар анар кырыытыттан кыттан иһэрэ. Мин да туора турбат этим. Иннэ гынан хас ыытыллар тэрээһиннэ наар иккиэн ыытааччы быһыытынан сылдьарбыт. Сана дьыл саҕана иитэр улэҕэ дириэктэри солбуйааччы Анна Романовна кэлэн:“Сана дьыл киэһээтин Колялыын эмиэ ыытаҕыт. Иккиэн субэлэһэн сценарийгыт хаамыытын суруйаарын”, - диэн сорудахтаабыта. Колялыын ол кун уерэх кэннэ хааламмыт биэчэрбит барылын онорбуппут. Хойукка диэри олорон баран интернаппытыгар бараары хомунан тахсыбыппыт. Ахсынньы диэтэххэ хайдах эрэ былыттаах, сылаас баҕайы киэһээ буолбут этэ. Харана уулусса устун оргууй ону-маны сэлэһэ-сэлэһэ хааман иһэн, киһим эмискэ тохтуу биэрбитэ уонна:” Наташа, баһаалыста, куулэйдии туһэбит да? “- Диэн этии киллэрбитэ. Мин долгуйаммын, соһуйаммын туох диэхпин булбакка, тонхох эрэ гыммытым уонна харана буолан имнэрим кытара кыыспыттарын хата кербет диэн уерэ санаабытым.
Сурэҕим оҕото доҕуурга иннибит туллук курдук ере мехсере, тыһыынча кыырпахтарга хайа ыстаныах курдуга. Оттон кини субу аттыбар хааман иһэн тугу да сэрэйбэт курдук туттан сана ааҕан бутэрбит кинигэтин туһунан омуннаахтык кэпсиирэ. Мин буоллаҕына уоран уулусса лаампатын уота кини кырыарбыт уһун кыламаннарыгар оонньуурун кере-кере чуумпу дьолбуттан эмиэ да долгуйан, эмиэ да уерэн сэргэстэһэ хааман испитим. Теһе да санаабытыгар сылааһын иһин, ахсынньы аата ахсынньы, кыратык куулэйдии туһэн баран:“Теннуеххэ”- диэн буолбута. Интернаппытыгар киирэн хоспор диэри тылланан атаарбыта уонна:” Наһаа учугэй киэһээ ааста, Наташа! Сарсын керсуеххэ диэри! " - Диэн эрэннэриилээх баҕайытык мичээрдээн кэбиспитэ. Ити киэһээ мин саҕа дьоллоох киһи суоҕа, ол эрэн син биир эппиэтэ суох хаалбыт ыйытыылар элбэхтэр этэ.
Сарсыарда эрдэ туран, суунар хоско
тахсан иһэн ааммар туерт муннуктуу бук тутуллубут сурук оҕотун булбутум. Таһыгар мин аатым кичэллээх буочарынан суруллубут. Бу буочары тыһынча да буочартан араарарым буолуо. Долгуйа-долгуйа арыйа баттаабытым: “Наташа, себулуурбун сэрэйэрин буолуо. Доҕордуу буолуох. Эппиэккин куутэбин. Коля. " - Диэн ис хоһоонноох этэ. Хайдах эрэ сылаас суурээн этим сааһынан ааспыта, ис-испиттэн уерэн, долгуйан хаалбытым. Кунус эбиэттии бараары дьуегэлэрбин кытта хаадьылаһан кулсэ-кулсэ тахсан истэхпитинэ, Колям: “Аргыстаһан барабыт дуо? “- Диэн куутэн турара. Дьуегэлэрим харахтарынан имнэнсэн, мичээрдии-мичээрдии иннибитигэр туһэн бара турбуттара. Ити кунтэн ыла биһиги оҕотук ыраас, истин сыһыаммыт саҕаламмыта. Куруутун бииргэ сылдьар буолбуппут: уруокпутун, дьаныһан туран английскай тыл уерэтэрбит, уус-уран литератураны бииргэ ааҕарбыт. Мин киниэхэ олус диэн эрэнэрим, кини миигин сол курдук харыстыыра, “атын сыһыан” туһунан толкуйдаан да кербеппут. Барыта чэпчэки, судургу, ыраас, истин. Сайын онус кылааһы этэннэ бутэрэн дойдулаабыппыт. Онно тиийэн киэһээ ахсын керсен, Хатыннаах диэн сиргэ дьаарбайарбыт, инникибитин ыраланарбыт. Туох баар кистэлэнмитин ол сир билэн эрдэҕэ… Биһиги симик тапталбыт уйата буолбута.Уон биирис кылааһы бутэрэр сылбытыгар иккиэн Москваҕа уерэххэ киирэн уерэниэхпит диэн былааннаммыппыт, уерэхпит кыһатын талбыппыт. Кыһыны быһа кыһаллан аҕай бэлэмнэнэн саас иккиэн устудьуон урдук аатын сукпуппут. Уеруубут урдэ суоҕа. Ол эрэн дьылҕа хаантан хайдах да куоппаккын быһылаах, ийэм дэлби ыарытыйар буолбутун билэммин, сайын сэрэхэчийэммин ЯГУга эмиэ докумуоммун биэрбитим.
Икки саамай кунду дьоммуттан биирдэрин таларбыттан олус мунатыйарым, санаам туһэрэ. Ити хардыыны онорор чааһым тирээн кэлиэн олох баҕарбатым, сайын буппэккэ, бу кэмнэ бириэмэ тохтоон хаалара буоллар диэн толкуйдуурум. Ол эрэн мин туспар олоҕун анаабыт, миигин кун-ый оностубут, бу сир кэрэтин, тапталын миэхэ бэлэхтээбит саамай кунду киһибин - ийэбин соҕотохтуу хаалларан ыраах биэс сылга баран хаалыахпын санаам буолбатаҕа, сурэҕим кенуллээбэтэҕэ. Ити быһаарыныыбын Колябар эппиппэр, ер саната суох олорон баран:“Наташа, теһе да ер кэмнэ арахсарбыт хомолтолооҕун иһин, сепке быһаарыммыккын, оттон биһиги ессе да эдэрбит, олохпут иннибитигэр, син биир бииргэ буолуохпут. Хата бириэмэ уонна ыраах сылдьыы тапталбытын тургутуо”, - диэн эрэннэриилээхтик эппиэттээбитэ. Мин киниэхэ онно итэҕэйбитим… Кини эппитин курдук буолуо дии санаабытым…
Коля куоракка барыан иннинээҕи киэһээ кэлэн:“Хатыннаахпытыгар дылы хаамыах”- диэн ыныран таһаарбыта. Онно тиийэн иккиэн кэпсээммит буппэт бэйэбит еер да ер саната суох олорбуппут. Дьиэлиирбит саҕана Колям туох эрэ кылабачыгас суулааҕы хостоон туттарбыта. Арыйбытым - телепуен. Оччолорго сана уедуйэн эрэр кэмэ этэ. “Аны биһиэхэ бириэмэ уонна ыраах диэн суох. Биһиги икки ардыбытыгар биир звонок. Хаһан да, ханна да буолларбын куруутун куоласкын истиэм, хайдах сылдьаргын билиэм. Кун аайы кэпсэтиэхпит” - диэн идэтинэн мичээрдии олорбута. Ити киэһээ тууну быһа олорбуппут, ыытыахпын теһе да баҕарбатаҕым иһин хайыамый, бириэмэ хаҕыс, арахсар чааспыт тиийэн кэлбитэ. Дьиэм таһыгар тиийэн кууһан туран кыайан туттуммакка ытаан барбыппар:” Бутууй, сэриигэ барбаппын ээ, сана дьылга кэлиэм дии” - дии-дии хараҕым уутун соппута.
Ити курдук атырдьах ыйын 22 кунугэр кини кеппутэ. Кеппутэ ыра оностубут улахан куораппытыгар, талбыт, баҕарбыт идэтин баһылыы. Кеппутэ ыраах… Миигинэ суох… Ол кун хайдах эрэ аһары уйадыйан, куну быһа ытаан тахсыбытым. Барыта бутэйдии ыалдьар курдуга, тулам барыта кубус-кураанах буолбута. Ийэм аһары аймаммыппын керен:” Киһи миигиттэн тутуллума диири истибэтэҕин, барсыан этэ буоллаҕа дии”, - диэбитигэр биирдэ ейденеммун, бэйэтин буруйдаах курдук сананыа диэн тохтообутум. Ити кэннэ биирдэ да киниэхэ Москва туһунан санарбатаҕым. Бутэйдии билэр этим, теһе да ыараханнык да буоллар, септеех быһаарыныы ылыммыппын. Ийэм барахсан иһигэр сэмээр уерэрэ биллэр этэ. Кини эмиэ санаа-оноо буола сылдьыбыта буолаахтыа дии…
Куһун уерэх кэмэ саҕаланан, Дьокуускайга киирбитим. Эрдэттэн былааннаабатах, баҕарбатах буолан, олох кеҕе суохтук, аат эрэ харата уерэхпин саҕалаабытым. Толор дииллэрин толорорум, аах дииллэрин ааҕарым. Ол эрэн уерэхпин ыарырҕаппаппын. Кун аайы Колябынаан смстаһарбыт, кэпсэтэрбит. Улахан куоракка тиийбит киһи сонуна баһаам, уерэҕин, оҕолорун туһунан кэпсиирэ. Мин ити кылгас кэпсэтиилэринэн дьоллонон, куммун-дьылбын син биллэрбэккэ аһарарым. Оребул ахсын дьиэбэр тахсан, сынньанан, ийэбэр кемелеһен киирэрим. Сана дьыл саҕана Колям:“Мин кыайан барбат буоллум, чэпчэтиилээх билет булбатым, онон манна еребуллэрбэр хаалабын”, - диэн эппитигэр олус хомойбутум. Ор
да ер куутэн-куутэн, керсер тугэммит чугаһаабытын кэннэ кэлбэт буолбутуттан хайдах эрэ кинини буруйдуу санаабытым.Ахсынньы 28 кунугэр бутэһик экзамеммын туйгуннук туттаран, уерэн-кетен уопсайбар тахсан истэхпинэ, арай кэннибиттэн кэлэн ким эрэ харахпын буелээбитэ. Мин соһуйаммын, тохтоон тура туһэн баран, Колям кэлэн турарын хайдах эрэ сэрэйэммин:” Коля, эн бытта! " - Диэн хаһытыы туспуппун билбэккэ да хаалбытым. Киһим мичээрдии-мичээрдии:“Билбэккэ буола сыһа-сыһа син таайдын дии”- диэн киһини хаадьылаабыта. Миэхэ сюрприз онороору кэлэрин эппэтэх этэ. Оо, онно уердэхпиэн!
Дойдубутугар тахсан икки дьиэнэн бырааһынньыктаабыппыт. Мин уеруум, дьолум урдэ суоҕа. Ороһооспо кунугэр Коля дьоно миигин уонна ийэбин:” Чэйдии кэлин”, - диэн ыныран ылбыттара. Ийэм Коля ийэтин кытта оскуолаҕа бииргэ улэлииллэр, дьуегэлиилэр буолан, ити этиини соһуйа истибэтэхпит. Оттон уонна тереппуттэрбит барахсаттар икки еттуттэн доҕордоһорбутун билэллэр беҕе буоллаҕа дии. Остуолга олорон чэйдээн истэхпитинэ, Коля аҕата бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн баран:” Оҕолорбут доҕордоһоллоруттан мин биир бэйэм наһаа уерэбин. Наташа курдук кийииттэннэхпинэ Колям эрэллээх илиигэ сылдьар диэн эрэх-турах сананыам этэ. Биһиги Коля ийэтинээн эмиэ олох эрдэ, устудьуоннуу сылдьан холбоспуппут. Онон холбоһобут диир куннээх буоллаххытына, биһиги олох утарбаппыт, “- диэн тыл этэн, кыбыһыннартаан, ууга-уокка туһэрбитэ. Биһиги Колябынаан соһуйаммыт туох да диэхпитин булбатахпыт, кеннеру мичээрдэһэн эрэ кэбиспиппит. Ол туһунан хаһан да иккиэн кэпсэппэт этибит, кеннеру бииргэ буолуохпут эрэ диэн ыраланарбыт, оттон эр-ойох буолуу диэн хайдах эрэ наһаа ыраах уонна табыгаһа суох ейдебул курдук этэ.
Ити киэһээ “кырдьаҕастартан” куотан, Коля хоһугар киирэн, кэпсэтэ олордохпутуна, киһим:“Аҕам дьэ “учугэйдик” тыл эттэ ээ, эн туох дии саныыгын? “- Диэбитигэр тиэрэ баран туһэ сыспытым. Тугу эрэ элбэх элбэҕи быһаара сатаабытым, ол быһаарыым анарын бэйэм да ейдеебетеҕум)))) Долгуйбутум, симиттибитим оччо этэ. Колям истэ сатаан баран, кулэ-кулэ:“Сеп-сеп, ейдеетум. Эрдэ буоллаҕына эрдэ. Уһус игин курсу бутэрэн баран дии? “- Уун-утары керен олорбута.
… Бириэмэ диэн наһаа дьикти, киһи кууттэҕинэ-кэтэстэҕинэ буппэт уһуктаах, сыыйыллан эчи ааһан-баран испэтин, оттон ааспатар ханнык диэтэххинэ кыл тугэнэ. Сынньаланмыт бутэн эмиэ харах уулаах Колябын портка киирэн атаарбытым. Эмиэ ахтыһыы, уһун-уһун буппэт, унньуктаах куннэр…
Куутуу-кэтэһии анардаах кун-дьыл ааһан испитэ. Этэннэ иккис кууруһу бутэрэн, Колям этии киллэрэн, мин киниэхэ Москваҕа куулэйдии тиийэр буолбутум. Аэропортка киһим сибэкки дьербелеех кэтэһэн турара. Ахтыспыт сурэхтэр уеруубутуттэн тылбытыттан матан, кеннеру сиэттиһэн, уйаҕас дьолбутун муччу туппатах киһи диэбиттии саната суох Москва киинин устун уһуннук куулэйдээбиппит. Киэһээлик эрдэттэн сакаастаабыт хостелбытыгар тиийбиппит. Бу туун биһиги сыһыаммыт ессе биир урдэлгэ тахсыахтааҕын бутэйдии сэрэйбитим уонна онно утарыласпатаҕым. Кыыс оҕо дьахтар киэбин кэтэр, таптыыр киһитигэр ейдуун-сурэхтиин, эттиин-сиинниин бас бэринэр таптал ерегейун туунэ… Барытын сепке гынабын, барыта этэннэ буолуо дии саныырым…
Дуоһуйа сынньанан, куулэйдээн, дойдубутугар теннубуппут. Биир киэһээ идэбитинэн эмиэ Хатыннаахпытыгар тиийэн олордохпутуна, эмискэ Коля аҕата массыынатынан тиийэн кэлбитэ. Дьол уонна сор бииргэ сылдьаллар диэн мээнэҕэ эппэттэрин туоһулаан, былыта суох халлаанна эмискэ этин этэринии ыар сурах мин олохпун куерчэхтии эргиппитэ. Ити кун мин бу сиргэ саамай чугас, кунду киһибин ийэбин сутэрбитим. Сарсыарда кулэ-уерэ, улэлии-хамсыы сылдьыбыт киһи эмискэ суох буолара ессе аһыылаах эбитин эппинэн-хааммынан билбитим. Сурэҕэ тохтоон, дьиэтин таһыгар сууллубутун ыалбыт дьон булбуттар этэ.
Оо, хайдах курдук онно бэйэбин буруйдаммыппыный?!! Мун саатар, иэдээн буолаары гыммытын сэрэйэн да кереехтеебетех бэйэккэбиний?! Ол кун ханна да барбатаҕым буоллар, баҕар, суһал кемену кэмигэр ыныран ийэм олоҕун быыһыам этэ диэн санаалар тууйа туталлар этэ. Биир тугэн иһигэр бу аан дойду урдугэр чорон соҕотох хаалбытым. Куну куннуктээн сытар, аһаабат да утуйбат да буолбутум. Коля куруутун аттыбар баара, ейуу, кэпсэтэ сатыыра да, мин кимиэхэ да наадыйбат турукка киирбитим. Биир кун ыксаан бырааһы ыныран аҕалбыт этэ. Быраас кэлэн, укуол туруора-туруора:” Наташа, бэйэҕин буруйданыма. Ол тугэннэ ким да тугунан да кыайан кемелеһер кыаҕа суох этэ. Аттыгар быраас да баара буоллар, кыайан быыһыа суох этэ. Кытаат, эрдий, бэйэҕин харыстан. Сарсын эмиэ киирэ сылдьыам”, - диэн баран тахсан барбыта. Киэһээ Коля ийэтэ кэлэн, оронум аттыгар олорон эрэ:” Наташа, эн ийэн эйигин кимнээҕэр да
куускэ таптыыр этэ. Эн кини олоҕун суолтата этин. Маннык ыһыктан кэбиһэрин сатаммат, ийэн курдук кытаанах санаалаах, туох да ыарахантан чаҕыйбат буола уерэниэххин наада”, - диэн эппитигэр хайдах эрэ этим сааһа аһыллан ылбыта. Мин ийэм эмиэ куруутун ити тыллары кыра эрдэхпиттэн этэрэ :” Туохтан да чаҕыйбат буола уерэниэххин наада”. Коля ийэтин кууһан олорон, уйа-хайа суох ытаабытым, хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолбутум, ол эрэн туох эрэ сорҕобун быһа баттаан ылан быраҕан кэбиспит курдук кураанахсыйыы, соҕотохсуйуу уескээбитэ.Аат эрэ харата дьон кереругэр туттунан сылдьарым, тууну быһа ытаан тахсарым. Коля кэлэн олорсоору гыммытын, чугаһаппатаҕым. Куһун Дьокуускайга уерэҕин кеһеттерееру гыммытын, эмиэ утарбытым. Иннэ гынан эмиэ Москватыгар теннубутэ. Мин буоллаҕына туох баар хара кууспунэн тахсан уерэнэрим, уерэҕим кэнниттэн киирэн сытарым. Бэйэм бэйэбэр бугэн, кимиэхэ да, туохха да наадыйбат, кыраттан ымыттыбат буолан хаалбытым. Бииргэ олорор кыргыттарым аралдьыта сатаан онно-манна ыныраллара даҕаны аккаастанан иһэрим. Санаабар, миигиттэн ураты дьон бары наһаа дьоллоох курдуктара. Ол иһин кинилэргэ мэһэйдэһимээри барыларыттан туора турбутум. Оннооҕор Колям эрийдэҕинэ, сугун кэпсэппэт буолбутум. Барахсаным сыыһа арааһынайдаан сылтах була-була кэпсэтэ, сэлэһэ, санаабын кетеҕе сатыырын аахайбат этим. Чугас киһибэр итинник хаҕыстык сыһыаннаһаммын, олохпор биир саамай улахан алҕаспын онорон эрэрбин хантан билиэмий…
Ийэбин сутэрбит аһыым ааһыахтааҕар, кунтэн кун ессе сытыырхайан испитэ. Наһаа суохтуурум, мунатыйарым. Оссе да олох олоруохтаах, улэлиэхтээх-хамсыахтаах этэ диэн хомойорум. Мин улэһит буолан, дьоллоох-саргылаах олоҕу олоруохпун туохтааҕар да баҕарара. Ол баҕа санаата туолбатаҕыттан хараастарым. Саатар, ессе уон сыл даа… Ийэм барахсан мичилийбит арылхай харахтарын, сылаас илиитин, минньигэс сытын наһаа ахтарым. Дойдубар таҕыстахпына дьон кербетугэр уоран унуоҕар тахсан ытаан-ытаан баран киирэрим. Ону биирдэ кырдьаҕас ыалбыт эмээхсин билэн мехпутугэр биирдэ тохтообутум.
Олус ыарахан биир сыл итинник ааспыта. Харах уулаах, сурэх баастаах, аһыы амтаннаах биир сыл… Ол эрэн айылҕа барахсан эн эрэйгиттэн-кыһалҕаҕыттан тутулуга суох эмиэ сайыннылыы силигилээн, симэнэн турара. Мин эксээмэннэрбин этэннэ туттартаан, дойдубар тахсыбытым. Дьиэм барахсан иччитэхсийэн, кураанахсыйан хаалбыт этэ. Санаабар, намтаабыкка, харанарбыкка дылыта. Хаһаайкатын кичэллээх сыһыанын кини эмиэ суохтаабыт курдуга. Дьиэбин сууйан-сотон баран, чэйдээбитэ буолаат, Хатыннаахха барарга санаммытым. Хатыннаахпыт барахсан ахтыбыт санаабар хаһааннытааҕар да тупсан, киэркэйэн керсубутэ. Намылыспыт лабаалара: “Санаарҕаама, олох ыараханыттан-уустугуттан биһиги харыстыахпыт”- диэбиттии кууспаҕалыыр курдуктара. Онно тиийэн еер-ер олорон баран, дьиэбэр теннееру туран иһэн арай хатын биир тостубут лабаатыгар кэмбиэр кыбытыллан турарын булбутум. Коля суруга эбит. “Арааһа, уолун кердеһуутунэн аҕата аҕалан кыбыппыта буолуо”- диэн саныы-саныы арыйан аахпытым. “Туллугум, дорообо! Кэлбит куннэр быһа гыммакка Хатыннаахха тиийиэн диэн сэрэйэммин суруйдум. Кэнники кэмнэ хайдах эрэ тэйсэн эрэр курдукпутуттан олус хомойобун. Ойдуугун, ити хатын анныгар эн биһикки туох баар уерууну-хомолтону бииргэ туоруохпут, куруук бииргэ буолуохпут диэн тыл бэрсибиппитин? Миигин тэйитимэ, бэйэн тэйимэ. Иккиэ буоллахпытына, барыта кыаллыа, табыллыа. Итэҕэй уонна эрэн. Керсер куммут чугаһаата, кэтэс. Эн Колян”
Ааҕа олорон хараҕым аһыллан, быйыл кыһын доҕорбун олус да эрэйдээбит эбиппин ээ диэн дьэ ейдеебутум.
Колям кэллэҕинэ, барытын быһаарсан, сааһылаан кэпсэтэр санааны ылыммытым, ол санаанан кынаттанан доҕорум кэлэр кунун, чааһын кэтэһэн барбытым… Кэлэрэ биир ый баара. Ол эрэн Хатыннаахха сурук булбутум кэннэ, киһим суруйбут, эппит тылларын мэлдьэһэр курдук, тугу эрэ кистиирдии, таайтарыылаах баҕайытык кэпсэтэр буолбута. Биир ый, 30 кун… Ол кэмнэ ити кылгас бириэмэ иһигэр киһи дьылҕата, олоҕо тосту уларыйыан себун хантан сэрэйэн керуемуй?! Ороһуоспа киэһэ ыраламмыт баҕа санаабыт туолан, устар олохпут устун бииргэ буолуохпут диэн испэр сэмээр саныырым.
сылдьабын, тугу да гыныахпын билбэппин. Киэһээ 10 чаас саҕана, террасам туннугун тонсуйбуттарыгар, ойон таҕыстым. Колям кэлэн турара. Уруккубут курдук ыһыытаһан-хаһыытаһан, куустуһан керсубэтибит. Арай иккиэн кэмэ суох долгуйабыт эрэ. Киирэн, ер соҕус саната суох олорон баран:” Наташа, бырастыы гын… Бэйэбин хайдах сэмэлэниэхпин билбэппин. Эн иннигэр улахан буруйдаахпын. Ол эрэн билэҕин эн миэхэ саамай чугас, кунду киһим буоларгын… Наташа, мин кэргэн ылан эрэбин… Кини миигиттэн оҕо куутэр… " Мин Колям утары олороммун, тугу этэрин салҕыы истибэтэҕим. Хараҕым харанаран, сурэҕим туеһум иһиттэн ойон тахсыах курдук мехсере. Хайдах эрэ бу кэпсэтии илэ буолбакка, туора дьон кэпсэтэллэрин истэр курдугум. Онтон Кини тохтоло суох санарара… “Биир туун”, “тереебут кун”, “эн наадыйбат буолбутун”, “4 ыйдаах”, “билбэккэ сылдьыбытым”… Тымныы уунан саба ыстарбыттыы, санам испиттэн тахсыбат буолуор диэри уолуйан хаалбытым.Колям кэлэрэ биир кун хаалбытын кэннэ, дьоно керсе куоракка киирэллэрин, суоҕун ыйыталааһаары онно тиийдим. Ийэтэ киирбиппэр уруккутун курдук уерэ-кете керсубэтэ, туохтан эрэ аһары долгуйан дуу, куттанан дуу хараҕын куоттара сылдьар курдук. “Ьыллыый, Наташа, эн биһигини кытта сарсын барсыма. Коля кэллэҕинэ, барытын бэйэтэ кэпсиэ, быһаарыа”, - диэн баран ыга кууһан ылбыта. Мин доҕорум тугу быһаарыахтааҕын, тоҕо илдьэ барбаттарын ейдеебекке, дьиэм диэки хаампытым. Тебем иһигэр суус ыйытыы… Учугэйэ суох кэпсэтии буоларын тоҕо эрэ бутэйдии сурэхпинэн сэрэйэбин. Долгуйаммын, санаарҕааммын ол туун утуйбатым даҕаны. Куну быһа иннэ уутугэр олорор курдук