ИМЭҤ
Главная / Кэпсээннэр / ИМЭҤ
Ыраас тапталы ыралыыра...
И М Э Ҥ
Ити кэпсэтииттэн сиэттэрэн, баҕар-баҕарыма киһи санаата сиэр-майгы, ыраас таптал тиэмэтигэр иэҕиллибитин билбэккэ да хаалар. Букатын аҕыйах, сүүрбэ-хас сыллааҕыта, ол-бу порнография киин сиргэ саҥа тарҕанан эрдэҕинэ, сиэкис аһаҕастык кэпсэниллибэт, ыраас сыһыан өрө тутуллар кэмэ турар курдуга. Туох билиэй, биллибэтинэн-көстүбэтинэн оччолорго да бэрээдэги кэһии онон-манан тахсыталыыра буолуо. Ол содула киһи дьылҕатыгар оспот баас буолара, сороҕор олох хампархай оҥочотугар олорууга тиэрдэрэ баар эбит. Ону билигин кэлэн истэбит, билэбит, соһуйабыт...
Инна интэлигиэн, учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сайыҥҥы сынньалаҥар куруук тыа сиригэр эбэлээх эһэтигэр тиийэр үгэстээҕэ. Кинилэр, биллэн турар, «дьоҥҥо сиэрдээх буол, оччоҕо кинилэр эйиэхэ сыһыаннара оннук буолуо, үлэни таптаа, дьону таптаа, бэйэҕин сэнэнимэ» диэн үөрэтэллэрэ-такайаллара. Киниттэн икки сыл аҕа эдьиийэ да балтын таҥара табатын курдук көрөрө. Быһата, кыысчаан таптыыр чугас дьонун амарах сыһыанынан угуттанан улааппыта. Олоҕу оруоһабай линза нөҥүө көрөрө. Оччолорго оннук да бэлиитикэ ыытыллара. Ґөрэҕэр үчүгэй, оскуола көхтөөх үөрэнээччитэ, общественницата буолан, учууталлар да, бииргэ үөрэнэр да оҕолоро кинини сөбүлүүллэрэ. Ґгүстүк холобур быһыытынан этэллэрэ. Оскуола кэнниттэн эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, устудьуон үрдүк аатын ылбытыгар ким да соһуйбатаҕа. Оннук да буолуохтааҕын курдук ылыммыттара. Инна бастакы кууруһу кэчигирэс «биэһинэн» түмүктээн, үөрүүтэ өссө улааппыта. Иккис кууруска киирээри сылдьан ыалдьан хаалан, уопсайга үрдүкү куурус кыргыттарын кытта олорор буолан хаалбыта. Кини хаһан алтынньыга кэлиэр диэри оччо миэстэ баара да үөрүүлээх курдуга. Кыргыттара бэйэтин оҕолоругар тэҥнээтэххэ, биэчэри, үҥкүүнү сөбүлүүр дьон буолан биэрбиттэрэ. Оттон майгы-сигили өттүнэн оннук айылаах куһаҕан, ураты буолбатахха дылылара. Арай сорох-сороҕор үөрэхтэрин көтүтэн да кэбистэхтэринэ, баардылаабаттара, кимнээҕэр үчүгэй сыананы ылбыттара эрэ баар буолара. Бу баччаҕа диэри хара сарсыардаттан үөрэххэ уонна общественнай олоххо күнүн-дьылын ыытар Инна сыыйа кинилэргэ ымсыырар буолан барбыта. Саатар, ол сыл утары куорпуска олорор устудьуон уолу сөбүлүү көрөн, кинини көрөр туһуттан онно олорор биир дойдулааҕа кыыска тиэстэрэ элбээбитэ. Кинини көрдөҕүнэ бүтүн күн дьоллоохтук ааһарга дылыта. Ол эрээри уолга бэйэтинэн тиийэн билсэр, кини оччолорго саныырынан, сыҥаланар санаа хайдах да киирбэтэ. Туораттан көрөн таптыыра, астынара. Оттон уол кыһайбыт курдук, кини диэки көрбөт да этэ... Биирдэ тапталлааҕа атын кыыһы кууһан, сыллыы-ууруу турарын көрөн, туох баар ыра санаата кыл түгэнэ үрэл гыммыта. Итинник чугас сыһыаннаах дьоҥҥо туораттан саантааһын сыыһа дии санаабыта. Онон кыра да буоллар дууһатын түгэҕэр баар эрэмньи санаа баара мэлийбитэ. Хоһугар тахсан уку-сакы буолан олордоҕуна, бииргэ олорор кыргыттара кинини саататтаҕа аатыран, атын үөрэх тэрилтэтин биэчэригэр ыҥырбыттара. Анаабыт курдук, субуота күн этэ. Инна, билигин да өйдөөбөт, тоҕо, туох санааттан онно барсарга сөбүлэспитин. Арааһа, дьылҕата тартаҕа буолуо дииргэ тиийэбит. Ол сырыы, кыысчаан олоҕор улахан охсууну оҥоруохтааҕын билбэт да, сэрэйбэт да этэ. Онно сылдьан кыргыттара уруккуттан билсэр уолаттарын көрсүбүттэрэ. Биир уол «олорор дьонум дьиэлэригэр суохтар биһиэхэ барыахха» диэн ыҥырбытын эдэр дьон үөрэ истибиттэрэ. Суулуу көһөн онно тиийэргэ быһаарбыттара. 11 ч. бүппүт дискотека кинилэри астыннарбатаҕа сэрэйиллэр. Инна соччо баҕарбатар да, ханна хараҥаҕа ойдон, быстан хаалыай, куорпуска да кинини түүн ортото ким киллэриэ этэй. Барсыбыта. Уолаттар төһө да оччолорго арыгы толуоҥҥа эрэ бэриллэрин иһин, хаһаастаахтар эбит этэ. Күө-дьаа буола олорон ол буоккаларын онно тиийэн испиттэрэ, Инна да кыргыттара хаалсыбат эбиттэрин көрөн соһуйарга эрэ тиийбитэ. Анна, киниэхэ сатамматах тапталгын умнарга көмөлөһүө диэн үрүүмкэлээх аһыы утаҕы ууммутугар биир омурду иһээри, чачайа сыспыта. Онно күлбүттэриэн! Максим диэн уол арай: «Тоҕо күлэҕит?! Бэрээдэктээх кыыс баарыттан үөрүөххүтүн билиминэ!» диэн эппитигэр кыргыттара сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрэ билигин да хараҕар баарга дылы. Итинтэн салгыы ким да киниэхэ болҕомтотун уурбат, иһэрдэ сатаабат буолбута. Ол астарыгар бэйэлэрэ да топпокко, кэмчилиир кэмнэрэ кэлэн эбитэ дуу? Салгыы эбии арыгы көрдүүр мучумааныгар түһэн, ким эрэ «такси-туочуканы» көрдүү таска тахсан эрэрэ. Инна холуочук дьон ампаалыктанарыттан сылайан, дьиэлээх уолтан көҥүллэтэн хоско киирэн, таҥастыы утуйан хаалбыта. Арай ол сыттаҕына ким эрэ кини үрдүгэр саба нөрүйэн эрэриттэн уһукта биэрэн, хаһыытыахча буолбута да, күүстээх илии айаҕын бүөлүү туппута.... Бэйэтэ да нарын-намчы, уҥуох дьарамай кыысчаан утарылаһыыта диэн туох кэлээхтиэй. Охсуһуу-тардыалаһыы быыһыгар: «Хаһыытаан да туһаҥ суох. Ким да манна эйигин быыһыах айылаах суох», «кыргыттарыҥ эйигин быраҕан барбыттара», «тугу сымыйанан утарылаһаҕын» диэх курдук ыар тыллар иһиллэллэрэ. Кэмсиммитин иһин хайыа баара этэй! Инна ийэтэ, эбэтэр ииппиттэрин-такайбыттарын курдук, таптыыр, кэргэн буолбут киһитигэр эрэ, кыыһын биэрэр ыра санаата ити түгэн кэнниттэн сииктии симэлийбитэ. Ол баҕайы дьыалатын бүтэрээт утуйан хаһыҥыраан хаалбыта. Кыысчаан эт-сиин, дууһа ыарыытын кыайан тулуйумуна хараҕын уутунан сууна сыппыта. Онтон өй ылан, түүҥҥү дьыбары аахсыбакка, туох эрэ куһаҕаҥҥа түбэһиэм диэн сэрэхэдийэр санаатын букатыннаахтык сүтэрэн, ааны аһан тахсан барбыта. Сарсыныгар кыргыттара хантан эрэ туох да буолбатаҕыныы туттан киирэн кэлбиттэрэ. Күлэ-үөрэ биир хаатаҕа тиийэн салгыы бырааһынньыктаабыттарын ыһа-тоҕо кэпсии олорбуттара. Инна кэлэйбитэ бэрдиттэн тугу да саҥарбатаҕа. Дууһатын бааһын кинилэргэ арыйыан туттуммута. Тоҕо эрэ, кыбыстыбыта. Кини саатын ким да билиэн баҕарбатаҕа... Ол күүһүлээбит баҕайы сааһыары хоһун кыргыттарыгар кэлэ сылдьыбыттаах. Баҕайы, тугу оҥорбутун да өйдөөбөт быһыылааҕа. Эбэтэр үөрүйэх оҥостубут дьарыга эбитэ дуу? Сааппат сирэй! Инна кэпсиир: «Оо, онно хайдахтаах баҕардым этэй, ип-итии уунан саба ыһыахпын, саатар сирэйигэр тыҥырахпынан түһүөхпүн!! Оччотугар мин саатым биллэн тахсыахтааҕа. Ол эрэ инниттэн тохтообутум». Инна дьонун ыра санаатын толорон үөрэҕин син бүтэрбитэ. Ол эрээри инники олоҕор туох да сырдыгы, кэрэни кэтэспэт буолбута инникитин оҥосторугар улаханнык атахтаабыта. Таптаабат эрээри кинини өрө тутан, өр сырсыбыт Васяҕа кэргэн тахсыбыта. Сөбүлэҥ биэриэн иннинэ кини «ыраас буолбатахпын. Ону ылынар уонна элбэҕи-хоһу ыйыталаспат буоллаххына, тахсабын» диэн аһаҕастык билиммит эбит. Ол эрээри ол туох төрүөттээх эбитин этэртэн туттуммута. Аны, Васята аахсабын диэн туруо! Ол ыарахан кэмин саныы сатыан баҕарбатаҕа. Вася ону эрэ улахаҥҥа уурбатахтыы туттубута, кини саҕа дьоллоох уол суоҕунуу санаммыта оччолорго харахха быраҕыллар этэ. Сыбаайбалаабыттара. Кыыс оҕоломмуттара. Оттон билигин Вася атыннык тыллаһар буолбут. Туохтан эрэ кыыһырдаҕына, кэргэнэ үлэтигэр тардылыннаҕына күнүүлээн көтүрү сытыйан сордуур. «Эн хас киһини кытта сыппыккын билбэппин. Миэхэ дьахтарынан кэлбитиҥ», — диэн сулуйар, суустуур буолбут. Биэс хас сыллааҕыта көссүүлэнэ сылдьыбыта биллэр. Ол эмиэ Инна «буруйун» «төлөбүрэ» үһү. Кыыспыт хайаахтыай, тулуйарыгар тиийэр. Ол эрээри ол хаһааҥҥа диэри салҕаныан билбэппит... У. Петрова, Дьокуускай
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: Группа ватсап
Хоту сир хоһууна
ИМЭҤ
Холобур буолар ойох
Лидочка санаатыгар, киһини өйдүүр буолуоҕуттан холобурга сылдьар, бастыҥ ойох буолуон баҕарара. Төрөппүттэрэ уу нуурал олохтон ыраах дьон этилэр. Наар кинилэр тыл-тылларыгар киирбэт айдааннара буолааччы. Ол тухары Лидочка хайаан да аҕатын диэки буолара, ийэтин буруйдуура. Аҕата тас да көстүүтүнэн быдан кырасыабай, оҕомсох уонна амарах санаалааҕа. Онно холоотоххо, ийэтэ сиэри таһынан дуоспуруннааҕа, ирдэбилэ да биэс уон буолан, аҕатыныын тапсыбат курдуктара. Кыысчаан улаатан истэҕин аайы ийэтин алҕаһын хатылаабат баҕата күүһүрдэр күүһүрэн иһэрэ. Валерка кэргэн тахсарга ыҥырбытыгар Лида үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Оччолорго баара эрэ 18-һын туолбут кыысчаан этэ. Оттон киһитэ аармыйаттан кэлбит, балай эмэ уопуттаах, кыыс аймах хараҕа хатанар уолана буоллаҕа. Дьүөгэлэрэ ымсыырбыт көрүүлэрин өйдөөн хаалбыт. Дьиктитэ, ким да «киһигин таптыыгын дуо?» диэн ыйыта барбатаҕа. Бэл, кэргэн ылааччы да сэҥээрбэтэҕэ. Өскөтүн ким эмэ итинник быһаччы ыйытыгы биэрдэр, Лидочка, бэйэтэ да сөҕүөн иһин, туох диэн хардарыан билиэ суох этэ. Ол таптал диэн иэйии туһунан санаан да көрбөтө. Кини дьиэтигэр ити тыл хаһан да туттуллубат быһыылааҕа. Онон этэр, ыллыыр-туойар тапталлара дьиэ кэргэн олоҕор суолталаах буолуоҕун туһунан санаабат этэ. Туохха наада үһү! Таҥаһы, дьиэни сууйарга, хомуйарга, аһы бэлэмнииргэ кини өссө оҕо сылдьан үөрэммитэ. Ийэтэ дьиэ үлэтиттэн ыраах этэ. Оттон Лидочка аҕатын курдук бэрээдэги уонна минньигэстик аһыырын сөбүлүүрэ. Хайа уонна, саамай сүрүнэ, Лидочка саныырынан, дьахтар бэйэтин сатаан көрүнүөхтээҕэ, таска, туора эрэ дьоҥҥо буолбакка, дьиэ иһигэр, эрин аттыгар өссө тупсар, киэргэнэр туһунан саныахтааҕа, кыһаллыахтааҕа. Ол быраабылатын олоччу туһанан, Валератын иннигэр мааны былаачыйалаах, барбах аҕай хобулуктаах түүппүлэнэн дугунар кэрэ дьахтар буоларга ис-иһиттэн кыһаллара. Утуйар хоско уран, дьэрэкээн куруһубалаах пеньюары кэтэрэ. Бэл, түүҥҥү таҥаһа кытта киһи устуон да баҕарбатын курдук мааны, ураты, кэрэ көстүүлээх буолара. Онтун устара туһунан абылаҥнаах буоларын курдук кыһанара. Арай итэҕэһэ диэн, киниэхэ икки өйдөбүл хайдах да бэйэ-бэйэлэригэр сыһыана суох курдуктара. Ол – имэҥ-дьалыҥ уонна таптал. Имэҥ-дьалыҥ оонньуута, дьарыга кинини улаханнык астыннарар, өйдөнөр эбит буоллаҕына, таптал чааһыгар тиийэн... кураанах салгыҥҥа кубулуйара. Таптал туһунан толкуйдаары гыннаҕына, хайдах эрэ букатын билбэт иэйиитэ буолара. Онон эмиэ сапсыйан кэбиһэрэ.
Куруубай буолбатах эбит!
Өр-өтөр буолбакка, уол оҕоломмуттара. Лидочка кэргэнигэр махталын биллэрэн, Валерий диэн сүрэхтээбитэ. Барыта кини былаанын курдук баран испитэ да, күүтүллүбэтэх түгэн эмискэ күөрэс гыммыта. Биир үтүө күн улахан Валера сүппүтэ. Үлэтигэр барбыта уонна... төннүбэтэҕэ. Төлөпүөннээтэҕинэ, «абонент находится вне зоны доступа сети» диэнтэн атын иһиллибэт этэ. Ыксаабыт Лидочка милииссийэҕэ, ДПСка, балыыһаҕа, бэл, муорга тиийэ эрийтэлээбитэ. Үөрүөн дуу, долгуйуон дуу быатыгар, ол аайы кини киһитигэр майгынныыр суох буолан испитэ. Сарсыарда тураат да, киһитин үлэлиир сиригэр тэбиммитэ. Пахай... олох да нэдиэлэ уһуннаах уоппуска ылбыта диэн соһуппуттара. Эрэ, кырдьык, биир нэдиэлэнэн кэлбитэ. Ол эрээри ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии, маннык саҥалаах буолбута: – Мин эйигин таптаабаппын, эн да таптаабаккын, тугу кистээн. Оттон кинини мин таптыыбын!! Олус, күүскэ! Дьиҥнээхтии. Арахсар сайабылыанньаны бэйэм биэриэм. Лидочка харда тылы сатаан булан эппэккэ, айаҕын аппытынан турбута. Холобур буолар олох уобараһын ылынан, иһитинэн-хомуоһунан да тамнааттамматаҕа. Ыһыы-хаһыы да буолбатаҕа. Тыый, ыаллара туох диэхтэрэй, бу сааты-сууту! Онон айдаана-куйдаана суох, этэллэрин курдук, бу ыал цивилизованнайдык арахсыбыта. Икки хостоох кыбартыыратын уоллаах ойоҕор мөккүөрэ суох хаалларан баран, эрэ таптаабыт дьахтарыгар көспүтэ. Лидочка махталы кытта, салгыы олорор буоллаҕым диэн, аймана барбатаҕа. Кыһаллыбатаҕа. Ону баара, кыһалҕата суох олох өр күүттэрбэтэҕэ. Уолчаана Валерка астмалааҕа биллибитэ. Уолун харайаары төлөбүрэ суох уоппуска ыларга күһэллибитэ. Хата, үлэлиир балыыһата онуоха сөбүлэспитэ. Ити гынан баран аны биир моһол эбиллибитэ. Ол эбэтэр быыкаа элимиэн сыыһыгар оҕотун уонна бэйэтин хайдах ииттиниэй?! Хата, биир дьүөгэтэ өй укпута: – Кыбартыыраҥ икки хостоох дии. Бииригэр киһитэ олохтоо. Кэргэним үлэтигэр хотуттан биир киһи хомондьуруопкаҕа кэлбит. Түһэр сир көстүүтэ биһиэхэ хайдаҕын билэҕин. Нэдиэлэ, чэ, баҕар, икки нэдиэлэ олоруо. Кини эйиэхэ олох үчүгэйдик төлөһүө. Саарбахтаама даҕаны. Соҕотох ийэҕэ сирэр-талар түгэн буолбатах этэ. Уолун оронун бэйэтин хоһугар көһөрөөт, анараа хоһун ыалдьыт олороругар сөптөөх гына бэрийбитэ. Утуйар оронун бэлэмнээбитэ, вазаҕа сибэкки уган уурбута. Киэһээҥҥи аһыыр аһын бэлэмнээн тоһуйбута. Ыалдьыт киппэ уҥуохтааҕа, эр киһиэхэ ирдэнэр быһыы-таһаа барыта баара. Арай омос көрүүгэ, хараҕын көрүүтэ хайдах эрэ тыйыс, куруубай курдуга. Дьахтар ону: «Ээ, оттон хоту буоллаҕа», – диэн, бэйэтэ-бэйэтигэр быһаарыы булуна охсон, ыалдьытымсах хаһаайка сиэринэн күлэ-үөрэ билсэн барбыта. Хоноһо Уйбаан Лидочканы тута иһигэр киллэрбитэ. Дьиэтэ-уота да уурбут-туппут курдук бэрээдэктээҕэ, ырааһа, хаһаайка элэккэйэ киһи эрэ үөрүүнэн олоруох курдуга. Лидочка да эр киһи тыына дьиэтигэр илгийбититтэн санаата көтөҕүллэ быһыытыйбыта. Иккис күннэригэр киэһэлик кырачаан Валерик иһиэхтээх эмин иһэн, бэрт холкутук утуйан буккураан хаалбыта. Улахаттар ону эрэ күүппүт курдук, иккиэйэх хаалан куукунаҕа кыһыл арыгыны сыпсырыйбахтыы, балачча өр олорон, ирэ-хоро сэлэспиттэрэ. Эр киһи дойдутун туһунан кэпсиирэ. Дьахтар бүтүннүү кулгаах-харах буолан олорон сэҥээрэ истэрэ. Бу биир куораттан ыраата тэлэһийбэтэх барахсаҥҥа, кырдьыга да, барыта сонун, дьикти этэ. Төһөнөн ыалдьытын истэр да, оччонон бастааҥҥы куруубай диэбит сыанабыла сайыҥҥы сиик кэриэтэ уостан испитэ. Кэпсээччитин дьүһүйүүтэ барыта остуоруйа дойдута, хатыламмат көстүү буолан, хараҕар ойууланан көстөрө. Эр киһи киппэ санна, сөҥ хойуу куолаһа онно эбиллэн, чугас сыһыаҥҥа киирбэтэҕэ ырааппыт дьахтары бэйэтигэр тартар тардан испитэ. Иһин түгэҕэр кэрэ лыахтар көтөр дьиктилээх түгэннэрэ субу халыйан кэлбитэ. Эр киһи, ону сэрэйбиттии, хоһугар ыҥырбытын утарса барбатаҕа. Эмискэ буулаабыт, бу иннинэ баара эрэ биир күн билсибит киһитигэр үөскээбит дьикти туругар бэринэн, таптаһыы, имэҥирии алыптаах будулҕаныгар умсубута... Быһата, бу икки дьоҥҥо өтөрүнэн умнуллубат, итии-буһуу түүн ааспыта. Бу тулуурун, бу кыаҕын! Дьахтар абылаппыта. Сарсыныгар дьахтар ыалдьытын аһатаары, куруһубалаах пеньюарын кэппитэ. Уу, оччолооҕу көрөн баран, киһитэ эмиэ этэ-хаана итийэн, хоройуохтааҕа хоройон барбыта. Ону баара, Лидочка уолум уһуктара чугаһаата диэн, аккаастаабыта. Бу да күн түүн буолуоҕун туһунан таайтара турбута. Ол эрэннэриитин, кырдьык да, толорбута.
Дьүөгэҕэ бэлэх
Уон хонон баран, Уйбаан баран эрэрин биллэрбитэ. Кумааһынньыгын ороон туран, төһөнү биэриэхтээҕин ыйыппыта. Лидочка төлөбүр кээмэйин быһаарсыбатах буолан, хас да диэн билбэккэ турбута. Ону көрөн, киһитэ балай эмэ халыҥ күпүүрэни ороон, үрүҥ ыскаатардаах остуолга уурбута. Ол кэнниттэн: – Оттон бу эйиэхэ сылаас сыһыаныҥ иһин, – диэт, дьахтар бу иннинэ хаһан да харахтаабатах, олус кэрэ уонна күндү биһилэҕин ылан, Лидочка аата суох намчы тарбаҕар иилбитэ. Онуоха Лидочка иэдэстиин тэтэрбитэ: – Кэбиис, наадата суох. Мин... мин харчы.. харчы иһин эйигинниин сыппатаҕым эбээт. – Билэбин. Ол эрээри хайдах бэлэҕэ суох буолуомуй. Ыл. Бэйэм эбэтэр биһиэннэриттэн ким эмэ кэллэҕинэ, түһэриэҥ дуу? – дии-дии, арахсарыгар сылаастык кууһан ылаат, тахсан барбыта. Аан сабыллаатын кытта уон күннээх остуоруйатын саныахча буолан иһэн, бэлэх биһилэҕи одууласпыта. Төлөбүр харчыны ааҕан көрбүтэ, ороскуотун саппытын да кэннэ хас да ый хааччынар харчылара баар буолбут. Иһигэр: «Бу аата мин, тугуй, боростутуукка буоллум дуо?» – диэн сананыахча буолан иһэн, ол сатамньыта суоҕун өйдөөн, санаатын атыҥҥа иэхпитэ. Икки көҥүл сүрэхтэр көрсөн, таҕылларын ханнараллара, ама, баа, аньыы үһүө? Үтүө өйдөбүл буоллун диэн биһилэх да биэрбитэ туох омнуолаах үһү. Дьиҥнээх эр киһи быһаарыыта буоллаҕа. Хас эрэ ый буолан баран, анаабыт курдук, харчыта бүтэрэ чугаһаабытыгар Уйбаан кэллиэгэтэбин диэн, биир киһи көстүүнэй оҥостубута. Дьахтар эмиэ олус бэркэ көрсүбүтэ. Уйбааҥҥа тиийбэт этэ да, эр киһи аата эр киһи. Барарыгар эмиэ үгүөрү үбү уонна көмүс киэргэли хаалларбыта. Уолчааны ийэтэ наадалаах эминэн хааччыйан, үчүгэйдик көрөн-харайан, Валерик аматыйан барбыта. Булуммут харчытынан соҕуруу куоракка тиийэн көрдөрөн, эбии эмтэппитэ. Эмиэ эмчит сүбэтинэн, куруорка кытта илдьэр кыахтаммыта. Куорат кытыытыгар баар сонотуоруйга сытыарбыта өссө туһалаабыта. Хотуттан кэлэр ыалдьыттар сылга үстэ-түөртэ кэлэн бараллара. Бары да тэллэххэ уоттара эгэл-тэгил да буолбатар, төлөһөр харчылара, бэлэхтиир күндү киэргэллэрин кээмэйэ баҕас ончу итээбэт, бэйэ-бэйэлэригэр куоталаспыт курдук, төттөрүтүн, үрдээн иһэрэ. Лидочка көмүс киэргэл хаһаанар шкатулка ылыммыта. Арай кэтиэҕин тардынара. Хантан харчыланан бачча сыаналааҕы кэтэр диэн, дьон тылыгар-өһүгэр киирэн биэриэн баҕарбат этэ. Арай үһүс сылыгар аан субонуога өрө тилигирии түспүтүгэр тиийэн аспыта – боруокка, били, Уйбаана турар эбит, тута киирээт да: – Эйигин ыла кэллим. Хомун! – диир. Лидочка иэмин-дьаамын булунарыгар бокуой биэрбэккэ, кута-симэ турда: – Барытын билэбин. Бэйэм ыыталыырым. Ол кэнниттэн төһөлөөх санаа-оноо буоларбыный! Эйигин сатаан умнубатым. Эн курдук дьахтары ханна да көрбөтөҕүм, билбэтэҕим. Эн холобур буолар дьахтаргын... Утарса, мэлдьэһэ барыма. Таптал туһунан эппэппин – кураанах тыл эрэ. Оттон мин хаалбыт олоҕум тухары эйигин кытта эрэ олоруохпун баҕарабын. Биһиги айылҕабыт туох да ааттаах. Сөбүлүөххүт. Валеркаҥ сөбүлүөҕэ. Хайа? Ахтылҕаннаах Уйбаана улаханнык долгуйбут омунугар кутар-симэр тылларын ураты муусука тэҥэ ылынан туран, Лидочка бу үс сыл тухары бу кинини эрэ ыра санаа, толкуй оҥостубутун, кинини санаабатах күнэ ахсааннааҕын, дьэ, өйдөөбүтэ, билиммитэ. Лидочка, үөрүөн иһин, уола Валерка аҕаламмытыттан олус диэн дьолломмута. Хоту көһөллөрүгэр Лидочка көмүстээх шкатулканы олоччу дьүөгэтигэр, били, хоһун уларсарга сүбэлээбит дьахтарга бэлэхтээбитэ. Бэйэтигэр арай Уйбаанын бэлэҕин күндүркэтэн хаалларбыта.
Алина Рощина.
====================
И М Э Ҥ
Дьоллоох түгэн
— Уччуу-учча, туох ааттаах тымныытай, доҕоттоор, бу кубарытан түһэн, дьэ, тоҥоруу даа бөҕөтө буолла, олорор уум адьас лаһыччы тоҥно! — дии-дии, Байбал кус маныы олорор уутун уҥуор-маҥаар көрүтэлээтэ.
Кырдьык, элгээнин ортотунан үрэх киллэрэн ааһар буолан, кыра тоҥорууну билиммэт бэйэтэ бу сырыыга букатын чыгыначчы барда. Күн тахсан, туртаччы тоҥмут мончууктар, күн уотугар уон араас кустугунан оонньоон, куһу, угуйуохтааҕар буолуох, үргүтүөх курдуктар. Байбал киэһэ отуутугар киирээт да, икки моонньоҕон кэлэн түспүтүн холботолоон баран, биирдэ ытан кэбиспитэ. Онон, дьэ, кус киирээри гынна дии санаабыта, ханна баарый, ол кэннэ биирдэ да тыаһаабата. Тула даҕаны саа тыаһа сэдэх соҕус. Быйыл, үлэтигэр сатаммакка, ыраата кустуу барар бэйэтэ бу дьиэтиттэн аҕыс биэрэстэлээх сиргэ, үс буолан, эмиэ кыайан ыраах барар кыахтара суох, сүөһү-сылгы, оҕо-уруу хаайбыт дьонун кытта кыттыһан бултууллар. Хата, онтон Байбал Марыыната үөрэр — сыллата төрөөбүт, үс уонна түөрт саастаах, хобо-чуораан саҥалаах кыыстаах уол оҕолоохтор. Онтуларын түүнүн хардары-таары көрөллөр, сарсыарда оҕо дьиэтигэр таһаллар — түбүк элбэх. Байбал, Марыынатын санаан, бу икки хонукка бэлиэр ахтыбытын биллэ. Бу сарсыарда дьоно кэллэхтэринэ, дьиэтигэр барыахтаах. Халлаан тыала уларыйан, аны отой даҕаны утары үрэн сирилэттэ. Байбал атахтара тоҥон, устунан эт-этэ барыта дьагдьайан, бүтүн бэйэтэ титирээн барда. Тиэрмэһиттэн чэй куттан иһэн көрбүтэ, сойон хаалбыт. Хам бааччы сылаас хоойго сыппакка, бу кэлэн, ала кулуну төрөтө олорорун көрбөккүт дуо?.. Марыыната барахсан атаах кыыһын, кыратын, хоонньоһон баран, уолун оронун бэйэтигэр чугаһата тардан, утуйан буккуруу сыттахтара. Оо, онно сибилигин ойон тиийбит киһи-и!.. Төһө эрэ сылаас, сымнаҕас, ичигэс буолла?.. Кэргэнэ Марыыната муус маҥан, ботуой курдук илиитин нэлэччи быраҕан сытара хараҕар бу баардыы көстөн кэлэргэ дылы гынна. Онно сыбдыйан тиийээт, сылаас суорҕан анныгар дьылыс гынаат, мап-маҥан, ып-ыраас бырастыына үрдүгэр «буксуйа» оонньообут киһи төһө эрэ бэрт этэ... Байбал сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээтэ, эдэр чэгиэн эт-хаан, тымныыны билиммэккэ, сып-сылааһынан үөһэнэн-алларанан дыыгыначчы сүүрэлээбитигэр биһиги киһибит дуолан охсуһууга туруммут олоҥхо бухатыырын курдук ойон турбутун бэйэтэ да билиминэ хаалла. Матасыыкылын собуоттаата даҕаны, баара-суоҕа чаас аҥаарынан дьиэтигэр бирилитэн тиийэр!.. Сананна даа — толоруохха! Этилиннэ даа — барыахха! Хата, матасыыкыла туох да моһуога суох собуоттанна. Байбал обургу, тыҥырахтаах көтөр хабдьы үрдүгэр хатана түһэрин курдук, сырдык бороҥнуҥу өҥнөөх матасыыкылын үрдүгэр багдас гына олоро түһээт, күүскэ-күүскэ бааҕынаталаан, күөх буруону уһуурдаат, дьиэтин диэки эрийэ тутан кэбистэ. Дьиэтигэр куйуһутан кэлбитэ, ийэ кынна, эрдэһит муҥутаан, хотонугар тахсыбыт эбит. Байбал икки куһун остуол үрдүгэр кэккэлэһиннэри тиэрэ уурталаан баран, бэрт ыксалынан тас таҥастарын уһулталыы охсоот, хоһугар киирбитэ, Марыыната кыыһын хоонньоһон сытар эбит. Биһиги киһибит, саллааттыы сылдьан сыгынньахтанар отут сөкүүндэтинээҕэр өссө түргэнник ньылбалана охсоот, «эмээхсинин» атах өттүнэн суорҕан анныгар дьылыс гынна. Марыыната барахсан, тапталлаах эрин кэтэһэ сытар киһи, тыбыс-тымныы киһитин сып-сылаас, сып-сымнаҕас түөһүгэр сыһыары тардан ылла. Икки таптаһар эдэр дьон өй-сүрэх туймаарар, сырдык-хараҥа бутуллар, кэм-кэрдии умнуллар кэрэ чүөмпэтигэр тимирэ-тимирэ күөрэйдилэр, күөрэйэ-күөрэйэ тимирдилэр. Сэрэнии-сэрбэнии диэн сүттэ, сэмэй быһыы умнулунна, үрүҥ күн анныгар кинилэр, кинилэр эрэ, баар курдук быһыыланнылар. Байбал, уутугар-хаарыгар киирэн, ардырҕыы-ардырҕыы түһүөлээтэ. Марыыната барахсан ыйылыы-ыйылыы ылахтаста. Аһынсыы-харыһыйсыы адьаһын мэлийдэ, тулалыыр эйгэ умнулунна... Ол гынан, уу нуһараҥ сарсыардааҥҥы чуумпуга оҕо ыксаабыт хатан саҥата: — Паапаа! Маамабын пат-таа-ма-лыый!!! — диэн өрө кыырайа түспүтүгэр биһиги дьоммут, дьэ, өйдөрүн булан, тэбис-тэҥҥэ ким ыыбыччы, ким быччаччы көрө түстүлэр. Түөрт саастаах уоллара Арыйаан, сутуруктарын дуомун болточчу туттубут, уордайыы уохтааҕын уордайан, кыыһырыы кытаанаҕын кыыһыран, оронун күрүөтүн үрдүнэн уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн ахан турар эбит. Ону кытта биһиги дьоммут тэбис-тэҥҥэ күлэн бычыгыраатылар — Марыына «баттааччытын» анныттан төлө мөхтө, «баттааччы» буоллаҕына, соһуйбут омунугар оронуттан муостаҕа сууллан түһэ сыста. Оҕо барахсан, сөп дии, кыыһырбакка. Кини көрдөҕүнэ, аҕата буолуохсут, ардырҕыы-ардырҕыы туох да харса суох ийэтин эрэйдээҕи өрө көтө-көтө ыгыта баттыалыыр, ийэтэ барахсан, ыарыыланар курдук, төбөтүн илгистэ-илгистэ ынчыктыыр уонна куота көтө сатыырга дылы да, аҕата буолуохсут туох да иһин ыытар санаата суохха дылы... Ол үлүгэртэн ыксаан буойдаҕа дии. Байбал ойон туран, уолчаанын оронуттан сулбу тардан ылан, үөһэ быраҕа-быраҕа хабыалаата. Онтон саҥа бытыгыраан эрэр бытыгынан уолун сыгынньах иһин түгэҕин кычыгылаппытыгар оҕо барахсан «уордайбыта» ааһа охсон күлэн бычыгыраата. Ону ыланнар, икки ардыларыгар укта сытан, икки өттүттэн дэлби сыллаан-уураан, дьээбэлээн, улаҕа сытар Аайталарын уһугуннаран кэбистилэр. Байбал аны кыракый кыысчаанын хабан ылан, тиэрэ сытан эрэ, иһигэр олордон, «ат-тугутуктаан» барбытыгар кыыс оҕо дьоллоох чараас күлүүтэ дьиэни биир гына чаҕаарыйда. Бу дьоммут, аны туран, бука бары ороннорун үрдүгэр күөлэһийэ сылдьан мэниктээн киирэн бардылар — икки улахан сыттыгынан охсуһаллар, оҕолор ийэлээх аҕаларыгар ыйана сылдьан күлэн чаачыгыраһаллар. Ол буола сырыттахтарына, хаһан киирбитин истибэккэ хаалбыт эбэлэрэ хаптаһын быыс нөҥүө эҕэлээх соҕустук көхсүн этиппитигэр, сол да күлэн бычыгыра-бычыгыраһа, суорҕаннарын анныгар иһийэн хааллылар... Эдэр саас... Кэрэ кэм... Дьоллоох түгэн! Михаил ГОГОЛЕВ. Горнай, Бэрдьигэстээх.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Ыал интимнэй олоҕо
Хас биирдии ыалга, кылгастык да, уһуннук да олорбут паараларга дьиэ кэргэн этикиэтин туһунан өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, ол этикиэт син биир “сэттэ бэчээттээх сэкириэт” буолар. Биһиги кэргэттэрбит туһунан кэпсии-ипсии, ыһа-тоҕо сылдьыбаппыт. Кэргэнниилэр икки ардыларыгар баар умсугуйсууну, бэйэ-бэйэни уохтаахтык, имэҥнээхтик таптаһыыны сулумах дьон ымсыыра, ордугургуу саныыр буолуохтарын сөп. Дьиҥэр, кэргэнниилэргэ баар сыһыан, утуйар хоско буолар быһыы-майгы оннук судургу уонна наар аанньа үчүгэй буолбатах эбээт. Бу өр кэмҥэ бэйэ-бэйэни тулуйсуу, үөрэтии, үөрэнсии, дьиҥнээх психологическай албас, ньыма. Онно болҕомтону уурбат буоллахха, бу сыһыан үйэтэ кылгыан сөп.
Кэргэннээх биир эдэрчи дьахтар эрэ ороҥҥо «сойбутуттан» санааҕа-онооҕо ылларбытын туһунан кэпсээбиттээх. Эмиэ да истиҥ иэйиилэрэ, тапталлара ханна да сүппэтэх курдук, ол гынан баран чугасаһыылара аҕыйаатар аҕыйаан, уота-күүһэ мөлтөөн иһэр үһү. Үгүс саха ыала маннык түгэҥҥэ уустуктары көрсөр. Саха киһитэ бэйэтин сэмэйигэр бүгэр. Кини атын сайдыылаах омуктар курдук кыһалҕаны быһаартара психологтан да, сексологтан да сүбэ, көмө көрдөөбөт. Атын киһиэхэ арылларын аньыыргыыр, сэрэхэдийэр. Онон сибээстээн, кыһалҕалаах киһибит, олоҕу олорбут, бэрдиҥ үстэ ойох тахса сылдьыбыт, икки киһи сыһыанын уйанын-хатанын билбэхтэспит аймаҕа дьахтартан сүбэлэтэр. Онуоха биирэ этэр: — Кэргэнниилэр тапталлара сойботун диэн, аан дойду психологтара бары этэллэр: ороҥҥо ханнык да күннээҕи кыһалҕаны, бытархай этиһиини быһаарсыбат куолу. Тапталга сыһыана суох араас кыһалҕа утуйар хоско төрүт киириэ суохтаах. Көмүс тыллар! Онон, кэргэнниилэр утуйар хосторугар таптаһартан атын кыһалҕа суох буолуохтаах. Бу ас-таҥас сыаната ыараабытын, массыына куусабыгар баар хайдыы өрөмүөнүн, оҕо оскуолаҕа иккини ылбытын туһунан быһаарсар сир буолбатах. Дьиэ кэргэн араас дьыалатын, кыһалҕатын утуйар хоско киириэх иннинэ эбэтэр олох да сарсыарда быһаарыахтааххыт. Өссө биир сыыһа толкуйдааһын баар. Кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ, сүрүннээн, дьахтар, ханнык эрэ кэмҥэ сыһыан тымныйбытын сибикилээтэ да, дьиэ кэргэнин быыһыыр кыһалҕаттан, бэйэтэ да билбэт араас ньыматын туһаммытынан барар. Билигин ханнык баҕарар килэркэй тастаах сурунаалга, Интэриниэккэ таптал үйэтин уһатыы, ороҥҥо имэҥи төннөрүү туһунан сүбэ-ама хара баһаам. Олортон сөптөөҕүн талан ылыы, олоххо туһаныы баар буолуохтаах эрээри... Сорох сүбэ таптыыр аҥааргытын соһутуон, бэлэмэ суох киһини муннарыан сөп. Уопсайынан, орон сыһыаныгар туох эрэ саҥаны, сонуну киллэриигэ таптаһар дьон иккиэн сүбэлэһэн, сөбүлэһэн оҥордохторуна эрэ табыллар. Ама да, сыһыаҥҥытын харыстаабыккыт, бары ньыманан быыһыы сатаабыккыт иһин, эриҥ утуйаары оҥостон сыттаҕына хара тирии таҥастаах, арбайбыт баттахтаах, хобулуктаах соппуоскалаах, кымньыылаах, наручниктаах көтөн түһэриҥ сэрэхтээх. Баҕар, кинини үлэтигэр тойоно араастаан моһуйан, кыһайан адьас сылата сылдьара буолуо. Эн эмиэ ол киһиэхэ холоонноох агрессияны көрдөрөн муннуга бэриллэриҥ чуолкай. Кэргэнниилэр сыһыаннарын сүрүн тутааҕа бэйэ-бэйэни тулуйсуу дииллэр. Ол гынан баран кэргэҥҥин эрэ хомотумаары бэйэҥ ахсарбат, сөбүлээбэт, ылыммат оонньуугар, ол-бу сыһыаҥҥа киирэн биэриэ суохтааххын. Стивен Кинг «Джеральд оонньуулара» диэн кинигэтигэр маннык холобур баар: үчүгэй баҕайы майгылаах, албакаат идэлээх Джеральд кэргэнин кэлгийэн, онно-манна баайан баран сиэкистиирин сөбүлүүр. Кини ойоҕо Джесси, төһө да сөбүлээбэтэр, эрин баҕатын толорон хас да сылы супту маны син тулуйар. Биир үтүө күн Джесси, тулуйарын ааһан, эригэр маннык оонньууну сөбүлээбэтин биллэрэр. Онуоха Джеральд эрэйдээх өйдөөбөт, ойоҕун кытары үйэ тухары маннык оонньообуттара эбээт! Кэргэнэ этэрин истибэккэ, киһини хаадьылаан, туустаан-ыыстаан этэр диэн кэлгийбитин кубулуппат. Онуоха Джесси хаһыытыыр-ыһыытыыр, ытыыр-соҥуур, өлөөрү тииһэр. Соһуйбут Джеральд, саамай интэриэһинэй, көҕүйбүт кэмигэр муннуга бэрдэрэн, сүрэҕэ тохтоон, өлөн хаалар. Оттон ойоҕо дууп орон киппэ туорайыгар наручнигынан хараҕаланан, дьонноох сиртэн ыраах, куорат таһынааҕы түҥкэтэх даачатыгар өрүһүлтэтэ суох хаалар. Ол да буоллар син быыһанар суолу булар. Өскөтүн кини эригэр маннык оонньууну сөбүлээбэтин хара маҥнайгыттан эппитэ, сэрэппитэ буоллар, наручнигынан кэлгиллэн сытыа суохтааҕа, оттон эрэ буолуохсут Джеральд тыыннаах хаалыахтаах этэ. Кэргэҥҥитигэр хаһан да сымыйалаабат буолуҥ. Ол туох да куһаҕаҥҥа тиэрдиэ суоҕа. Өскөтүн кэргэҥҥит тугу баҕараргытын ыйыталаһар буоллаҕына, тугу да кистээмэҥ, ханнык балаһыанньаны сөбүлүүргүтүн, хайдах быһыылаахтык сиэкистээтэххитинэ ордук дуоһуйуоххутун, тугу сөбүлээбэккитин барытын чиэһинэйдик этиҥ. Мин биир дьахтары билэбин. Кини куруук этэр: «Эр киһини атаахтатыа суохтааххын. Мин эрим тугу эмэ сыыһа оҥордо, кыыһырда даҕаны мин кинини оннун булларабын. Саалаҕа дьыбаанын оҥорон онно утутабын, төрүт аттыбар чугаһаппаппын. Итинник хас кыыһырыстахпыт аайы гынабын. Ол иһин эрим атаҕын төбөтүгэр үктэнэ сылдьар, миигин кыыһырдыан олус куттанар. Өскөтүн кинини атын дьахтар иирдибэтэҕэ буоллар, билигин да дьоллоох баҕайытык олоруох этибит», — диэн. Мин испэр санаабытым: «Ол атын дьахтар эн курдук кинини тымныы саалаҕа кыйдаабата буолуо», — диэн. Онон, кэргэҥҥитин сиэкис өттүнэн хаһан да атарахсыппат буолуҥ. Сиэкиһинэн мончууктуур төрүт сыыһа. Ол эбэтэр, онон-манан куттаабыта буолан, сиэкистэн аккаастанар, эбэтэр албыннаһан таптаспыта буолар аанньаҕа тириэрпэт. Сорох эдэр ыал этиһэн баран сиэкистиирин сөбүлүүр. Оччоҕо кыыһырбыт санаа уостан хаалар үһү. Ол гынан баран кыһалҕаны түгэҕиттэн быһаарбакка эйэлэһэн кэбистэххитинэ, сыһыаҥҥыт өр барбат. Бэркэлээтэҕинэ, үс хонуоххут. Сиэкис уонна этиһии бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах да сибээстээх буолбаттар. Сарсыныгар кэргэҥҥит сыгынньах дьахталлардаах сурунаалы көрө олорон «оо, бэрт да дьахтар, бөгүүрэтэ, уоһа, хараҕа» диэтэҕинэ, ойоҕо тута хабытайдана түһүө. Бэйэтин сексуальнайа суоҕунан ааҕынан хом саныы сылдьыа, бэйэтигэр да бүгэрэ ыраахтан кэлбэт. Оттон ол киэһэ ойоҕо сиэкистээн баран этиэ: «Соччо үчүгэйэ суоххун, наар биир ньыманан сиэкистиигин, миигин сөбүлээбэт буолаҥҥын, бэйэҥ да сатаан «туруорбаккын». Маннык тыллаһар сыыһа. Эриҥ сылайбыт, сээкэйбит турбат да буоллаҕына, «оо, мин эмиэ олус сылайбыт эбиппин» диэн курдук этэн, сырылаччы сыллаан баран, утуйан хаалыахтааххыт. Дьэ, ити курдук уустуктар баалларын умнумаҥ. Бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ, таптааҥ уонна таптатыҥ! Уйулҕа Сүбэлиирэбэ.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Суорумньу содула
Дьиҥэ, хас улуус аайы суорумньу диэни тэрийэ сатыыллар. Ол гынан баран сорох киһи маннык тэрээһиннэргэ хайдах эрэ күлүү-оонньуу курдук сыһыаннаһар. Ол онтон төһөлөөх киһи оҕустарара, кэлэйэрэ буолуой?! Бу сырыыга биир оннук суорумньуттан “оҕустаран” холбоспут дьон туһунан кэпсиим...
Бу субуотаҕа буолуохтаах суорумньуга улуустарын дэриэбинэлэриттэн киһи бөҕөнү мунньубуттар, бэл, ыаллыы улуустан ыалдьыт бөҕөнү ыҥырбыттар. Соҕотох сылдьа сатаан санаалара түспүт дьон, маннык тэрээһиннэргэ, нэһиилэ кыттааччылар. Аны туран, кыра дэриэбинэҕэ ким ханна барбыта-кэлбитэ, туохха кыттан эрэрэ барыта биллэр. Эр дьон ол иһин маннык тэрээһиннэргэ кыттыахтарын баҕарбаттар. Кэпсиэхтээх киһибин Бүөккэ диэн ааттыахха. Дэриэбинэтигэр сүүрбэччэ сүөһүлээх, үөр сылгылаах, дьиэлээх-уоттаах, тыраахтар, массыына толору. Быһата, халыҥ хаһаайыстыбалаах. Хаһаайыстыбатыгар, биллэн турар, аймахтара көмөлөһөллөр. Көмөлөһүөхтэрэ дуо — хамнастаах үлэһиттэр. Бэйэтэ даҕаны туруу үлэһит киһи. Хара сарсыардаттан үлэлээбитинэн барар. Соҕотох киһи диэтэххэ, испэт-аһаабат, мээнэ суксуруспат. Бүөккэбит биир итэҕэстээх. Төрүт саҥата суох. Тыла суох диэн буолбатах, бэрт кэмчи саҥалаах. Омуннаан эттэххэ, күҥҥэ биир-икки тылы нэһиилэ ыһыктар. Ол иһин даҕаны, ойоҕо да, оҕото да суох сырыттаҕа дии... Суорумньу эҥин диэн тэрээһиҥҥэ үйэтигэр үктэммэтэҕэ. Суорумньу буолуохтааҕар, дэриэбинэтигэр сылга биирдэ-иккитэ эрэ буолар кэнсиэргэ да сылдьыбат. Эдэригэр, бэл, үҥкүүгэ сылдьаахтаабатаҕа. Уолаттар бары кыргыттардыын үҥкүүлээн эйээрэ сырыттахтарына, кини эрэ соҕотоҕун балыктыы барааччы. Дьэ, хайыаххыный, итинник майгылаах киһи. Киэһэ, сылгытын үөрүн аһатан кэлэн аһыы олордоҕуна, хонтуора Натааһата көтөн түстэ. Сирэйэ турбут аҕай. Тыый, туох буоллаҕай диэн дьиибэргии саныы олордо. Натааһа боччумнаахтык туттан олордо. Бүөккэ киһи эрэ буоллар ыалдьытыгар чэй кутан биэрдэ. Хобордооххо баар ыһаарытын сии-сии, дьахтар сирэйин-хараҕын манаста. Туохха кэлбит буоллаҕай диэн дьиибэргээтэ. — Бүөккээ, хайатын бу курдук соҕотох олоруоххунуй?! — диэн Натааһа, били «дьыалабыай» кэпсэтиитин ыытаары саҕалаата. — Ону?! — диэн Бүөккэ нэһиилэ бөөҕүнээтэ. — Тыый, оттон бачча сааскар диэри соҕотох сылдьарыҥ куһаҕан диэн этэбин дии. Сарсын улуус киинигэр суорумньу тэрээһинэ буолар. Дьэ, онтон-мантан эҥин арааһынай кырасаабыссалар кэлэллэр үһү. Биһигиттэн эмиэ сыалай биир массыына киһи барар. Ньаппарайдар уоллара Өлүөскэ, Кэҕэ Өндүрүүскэ, Кыра Балбаара, Дуунньа, Ампыыһа, Киргиэлэйэп сөбүлэҥнэрин биэрдилэр. Сарсын сарсыарда барабыт. Эн, саатар, биирдэ кыттыаҥ этэ. Дьол хараҕа суох. Баҕар, кырдьык, аналлааххын көрсөн кэбиһиэҥ дии. Түүн да уһун, сыта-тура толкуйдаа... Сарсын эбиэт кэннэ барабыт. Сөбүлэһэр буоллаххына хонтуораҕа тиийээр, — диэт, Натааһа таһырдьаны былдьаста. Бүөккэттэн киһи хайдах даҕаны тута «ээҕин» ылбат. Сөбүлэһэр буоллаҕына кэлиэ, суох да суох. Бүөккэ киэһэ утуйуон иннинэ тэлэбиисэрин холбоото. Саатар, тэлэбиисэргэ кытары хойут тапталларын көрсөн холбоспут дьон тустарынан киинэ көстө турар. Бу киинэни көрө сытан, Натааһа этиитин эргитэ санаата. «Ол абааһыларыгар баран боруобаламмыт киһи дуу?! Кырдьык, дьол хараҕа суох. Баҕар, аналбын көрсөн кэбиһиэм дии... Хайаабыт киһи... Хаһааҥҥа диэри маннык сорсуйан олоруохпунуй?!» — диэн саныы-саныы, устунан утуйан хаалла. Түүлүгэр биир үчүгэйкээн бэйэлээх эдэр дьахтары көрдө. Сарсыарда эрдэ туран сылгытын, сүөһүтүн бүтүннүү бэрийэн бүтэрдэ. Үлэһиттэрэ хайыы-үйэ ынахтарын ыан бүтэн дьиэлээбиттэр. «Били суорумньуларыгар барбыт киһи дуу, суох дуу?» диэн саарыы олордоҕуна, таһырдьаттан доҕоро Киэсэ киирэн кэллэ. — Хайа, доҕоор, били суорумньуларыгар ыҥырбыттар үһү дии... Бэрт киһи, эмиэ барымаары олороҕун дуо? Хаһааҥҥа диэри ойоҕо да, оҕото да суох маннык сылдьаары гынаҕын?! Хайа, биһиги сиэннэнэрбит чугаһаата дии, — диэн иннин биэрбэт киһи буолан биэрдэ. Арааһа, «аҕытаассыйалаа» диэн сорудахтаан ыыппыттар быһыылаах, сыал-сорук туруорунан кэлбитэ көстөр. — Бээһээ хонтуора Натааһата киирэн эппитэ. Хайыах баҕайыбыный, барбыт киһи дуу, суох дуу? — диэн доҕоруттан сүбэлэтэрдии ыйыталаста. — Хайдах барымаары гынаҕын, доҕор... Баҕар, кырдьык, аналлааххын көрсөн кэбиһиэҥ дии. Бииргэ чэй иһэ олороруҥ да астык буоллаҕа. Эдэри буллаххына, өссө оҕолонуоҥ... — диэн саҥаран-иҥэрэн доҕорун «хайытта» быһыылаах. Таҥнан-саптан хонтуораҕа барда. Массыыналара хайыы-үйэ кэлэн турар. Кинини көрөн дьоно үөрүү бөҕө буоллулар. Били, күрэхтэһиигэ чөмпүйүөнү уруйдуур курдук көрүстүлэр. Дьэ, субу курдук, айманан-сайманан айаннаатылар. Улуус киинигэр тиийэн бастаан сахалыы балаҕаҥҥа тиийдилэр. Кырдьык, онтон-матан киһи бөҕө кэлбит. Аалыҥнаһыы, кэлии-барыы, кэпсэтии-ипсэтии бөҕө. Салайааччылар хастыы киһилээхтэрин аахтылар. Бу сырыыга бэрт дьиибэтик тэрийбиттэр. Билсэр буоллаххытына билсиҥ диэбиттии, барыларын биир чөмөх гына муспатылар. Хас даҕаны остуолу туруорбуттар, хас биирдии остуол сабыылаах. Адьас кыра хостор курдук. Остуолга биирдии киһи олорор. Иккис киһи остуолтан остуолга көһө сылдьан билсэр. Хайдах эрэ оонньуу курдук. Бүөккэ бытаан соҕус киһи быһыытынан биир сиргэ олордо. Кини остуолугар бииртэн-биир дьахтар олорон истэ. Маннык гынан бары билсиһэллэр эбит. Саҥата суох киһиэхэ соччото суох «билсиһии» курдук. Нэһиилэ тулуйан олордо. Дьэ, эҥин араас дьахтар толору. Сорохтор, бэйэтигэр дылы, эмиэ тылларын ыйыстан кэбиспит сордоохтор. Сорохтор субу көһөн барыах айылаах омун-төлөн бөҕөлөр. Биир мааны дьахтар киирэн кэллэ. Тас дьүһүнүнэн туох да куһаҕана суох. Кини остуолугар олороот, Бүөккэбитин бастаан сиилээбиттии одуулаата. Биһиги киһибит сирэйэ харааран-барыаран улуус киинин интэлигиэнин курдук буолуо дуо... Кыратык тыл бырахсан билсиһээт, аны, аргыый аҕай сыыйан тугу үлэлиирин ыйытта: — Дэриэбинэҕэр тугу үлэлиигиний? — Бааһынай хаһаайыстыбалаахпын, — диэн бэрт улгумнук эппиэттээтэ. — Ол аата, сүөһү көрөөччүгүн дуо? — Оннук буолан тахсар, оттон... — Хотоҥҥор ыанньыксыта суох буолан кэллиҥ дуо? ¤ы-һы... Манна кэлэн билсэ-хайыы сатаабакка, көнөтүнэн хаһыакка «ыанньыксыт наада» диэн биллэрии таһаарыаххын... — диэн күлэ-күлэ, мааны дьахтар остуолтан туран таҕыста. Бүөккэ, сирэйгэ бэрдэрбиттии, тылыттан матан олорон хаалла. Хара бэйэтэ өссө хараарбыкка дылы буолла. Сиргэ тимириэҕин сирэ кытаанах. Бу суорумньуларын ис-иһиттэн абааһы көрбүттүү силбиэтэнээт, туран баран иһэн биир эдэр дьахтарга кэтиллэ түстэ. Бу дьахтар эмиэ таһырдьаны былдьаһан иһэр эбит. Хараҕыттан уу-хаар баспыт, туохтан эрэ дэлби кыыһыран, тахсан сүүрэ турда. Били мааны дьахтар курдук дьон күлүү-элэк оҥоһуннахтара дии... Бүөккэ нэһиилэ: «Бырастыы гын», — диэт, эмиэ таһырдьаны былдьаста. Кирилиэскэ туран табаҕын уматынна. «Ити дьахтар эппитэ, эчи, кыһыыкатын... Дьэ, уонна маннык тэрээһиннэригэр сылдьыбатах сырыттын...» — диэн саныы турда. Ол икки ардыгар, били, хонтуора Натааһата тахсан аймалҕан бөҕө буолла. Бүөккэ маннык суорумньуну төрүт сөбүлээбэтин, кыттааччылар тэрээһиҥҥэ дуоспуруннаахтык сыһыаннаспаттарын, дьону күлүү-элэк оҥостоллорун, култууралара суоҕун уонна маннык тэрээһиҥҥэ аны хаһан даҕаны кыттыбатын туһунан биир тыынынан кутан кэбистэ. Натааһа, киһи эрэ буоллар, бу сырыыга саҥата суох хаалла. Бүөккэ итинник этэн-тыынан баран, табаарыһын дьиэтин диэки сукуҥнуу турда. Табаарыһыгар тиийбитэ, ыаллар киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олорор эбиттэр. Бииргэ сулууспалаабыт доҕоро Ньургун тыаттан бултаан-алтаан кэлбит. Онон тайах этин өрөһөлүү буһарбыттар. Тыаттан баар-суох табаарыстара кэлбитигэр дьиэлээхтэр үөрүү-көтүү, күлүү-салыы бөҕө буоллулар. Доҕоро, дьэ, кини курдук буолбатах, саҥалаах киһи. «Хайа, бүгүн биһиэхэ ыалдьыт бөҕөтө эбит дии... Аһаҕас аан күнэ диэччилэр дуо? Доҕорум кэлбитинэн биир бытыылканы таһааран тэп гынарар буоллахпыт...» — дии-дии, ыскааптан биэс сулустаах ханньаагын уонна үрүүмкэлэрин таһаартаата. Дьиэлээх хаһаайка чэй кутан биэрдэ. Бүөккэ туохха киирбитин дьоно ыйыталаспатылар. Үлэлээх-хамнастаах, халыҥ хаһаайыстыбалаах киһи кэлэрэ-барара кэмнээх буолуо дуо?! Үөрэнэн хаалан ыйыталаһа да барбаттар. Бары олорбуттарын кэннэ, дьиэлээх хаһаайын Бүөккэҕэ бастакы ыалдьыттарын билиһиннэрдэ. Сардаана биир кыра дэриэбинэҕэ учууталлыыр, бүгүн манна туох эрэ тэрээһиҥҥэ киирбит диэн кэпсээбиттэригэр, дьэ, онно биирдэ ыалдьыттарын өйдөөн көрдө. Били, мааҕын киниэхэ кэтиллэ-кэтиллэ сүүрэн тахсыбыт дьахтар дии... Кырдьык, кини эбит. Бүөккэни, арааһа, билбэтэ быһыылаах, туох да диэбэтэ. Суорумньуга кыттыбытын туһунан кэпсээбэтэх, ол аата, кистээтэҕэ дии. Бүөккэ даҕаны быктаран бэрт. Эр дьон ханньаактарын түгэҕин көрдүлэр. Бүөккэ «кыраадыстааҕы» иһэн, сытыырхайбыкка дылы буолла. Бу астарын ас диэбэт. Сылга биирдэ эмэ амсайар. Сытыырхайбычча, ыалдьыты кытары кэпсэттэ. Дьиэлээхтэр, бу икки киһи иккиэн холостуойдарын, дьэ, өйдөөтүлэр. Бүөккэ дьахтары бэрт сымнаҕастык көрөр-истэр. Дьиэлээхтэр утуу-субуу оҕолорун эҥин утуппута буолан атын хоско барыталаан хааллылар. Куукунаҕа бэйэлэрэ эрэ хааллылар. Дьэ, онно биирдэ ханна көрбүтүн эттэ. Сардаана кыбыстан, имэ кэйдэ. Туох эрэ куһаҕаҥҥа сылдьыбыт курдук быһыыланна. — Дьиҥэ, биһиги курдук сулумах сылдьар дьону түмэр олус үчүгэй тэрээһин. Тэрээһинэ сэргэх, ол гынан баран сороҕор мээнэ дьон кэлэн кытталлар быһыылаах дии. Бүгүн биир дьахтар саҥатыттан кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн, ситэри сылдьыбакка, аккаастанан кэлэн олоробун. Эн эмиэ сирэйиҥ-хараҕыҥ саппаҕырбыт курдук этэ дии. Туох буолбуккунуй? — Биир эр киһи «сириллэн-сириллэн бачча сааскар диэри туран хааллыҥ дуо?» диэн ыйыппыта. Өссө үс ойохтоно сылдьыбытын туһунан өҥнүбүт курдук, үөрэн-көтөн кэпсээбитэ. Эбэһээт сириллибит эрэ киһи соҕотох сылдьар үһү дуо?! Олоххо арааһынай буолуон сөп буоллаҕа дии... — Ситинник халы-мааргы саҥалаах дьон сылдьаллар эбит, — диэн Бүөккэ бэйэтэ мээнэ саҥалаах дьахтарга түбэспит буолан сөбүлэстэ. — Ол киһини кытары кэпсэтэн баран, хайдах эрэ, сымыйа баҕайы тэрээһиҥҥэ алҕас кэлэн хаалбыт, бэйэбин бөх дьааматыгар түспүт курдук санаммытым. Куоппут эрэ киһи диэн санаалаах сүүрэн тахсыбытым, — диэн Сардаана аргыый аҕай саҥара олордо. Бүөккэ дьону одуулуурун абааһы көрөр буолан, кини иннигэр олорор эдэр дьахтар хайдах курдук ис киирбэҕин, толору кымыстаах чороон курдук чочуонайын саҥа өйдөөн көрдө. Сити курдук, иккиэйэҕин түүнү быһа кэпсэтэ хоннулар. Били, саҥата суоҕунан аатырар Бүөккэ, айаҕа аһылыннаҕына, кэпсээнэ бүппэт эбит. Табыллан кэпсэтэр киһитэ суох буолан «саҥата суох» аатыран сырыттаҕа буолуо. Сардаананы кытары түүнү быһа кэпсэтэ хоммуттарыттан бэйэтэ даҕаны соһуйда быһыылаах. Сарсыарданан утуйаары төлөпүөннэрин, аадырыстарын бэристилэр. Мантан инньэ Бүөккэ саныыр санаата барыта Сардаана буолла. Чуҥкук киэһэ Сардаанатыгар субуоннаан, эмиэ чааһы-чааһынан кэпсэтэр буоллулар. Кинилиин кэпсэппэтэх күнэ диэн суох. Икки нэдиэлэ буолан баран, массыынатын собуоттаан кыра кэһиилээх Сардаана олорор дэриэбинэтигэр айаннаата. Киһитэ эмиэ соҕотох олорор эбит. Нөҥүө нэдиэлэтигэр, аны, Сардаана ыалдьыттыы тиийэн кэллэ. Сайыҥҥа диэри ситинник ыалдьыттаһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, кимнэрин-туохтарын үчүгэйдик билсэн баран, дьэ, холбоһуох буоллулар. Күһүн Бүөккэлээх дэриэбинэлэригэр «саҥа учуутал дьахтар кэлэр үһү» диэн буолла. Били, сатамматах суорумньуттан куота сылдьан, хата, булустахтара... Ол суорумньуга, баҕар, көрсүөхтэрэ, Ньургуннаахха курдук ирэ-хоро сэһэргэһиэхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо. Чэ, онон били мааны хотун үөннээх тылын-өһүн бырастыы гынна. Ол да буоллар, суорумньу тэрийээччилэргэ тугу саныырын барытын эппитэ. СИККИЭР.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Арааһы санаатым
«ТНТ» ханаалга көстөр «Битва экстрасенсов» биэриигэ киһи эрэ дьиктиргии, сөҕө, ардыгар сэрэхэдийэ истэр түгэннэрин көрдөрөллөр. Ол курдук, биир дьахтар тоҕо эрэ эр дьону кытта эрдии-ойохтуу буолар сыһыаҥҥа киирэн баран, араас төрүөтүнэн ыал буолбакка сылдьара, ол сүрүн төрүөтэ туох буоларын билээри экстрасенстары ыҥырбытын кэпсээбиттэрэ. Кини өссө урут кэргэннэнэ сылдьыбыт, онтуттан оҕолоох эбит.
Мин түүлбэр эмиэ наар биир илэ хаһан да билбэтэх-көрбөтөх киһим дөрүн-дөрүн киирэр. Иккитэ-үстэ өр буола-буола түһээбитим. Кэлин көһүннэр ханнык диэн саныыр буоллум. Илэ баҕас көрө иликпин. Тьпу, тьпу, тьпу, оннук баҕас көстүбэтэр ханнык этэ. Санаабар, ол түүлбэр буоллаҕа дии, кинини олус таптыыр, күүтэр аҕай эбиппин диибин. Наар бииргэ сылдьабыт, тэҥҥэ үөрэбит-көтөбүт. Уураһабыт-хайыыбыт, Илэ курдук, астынабын даҕаны. Хас туттуута-хаптыыта, дьүһүнэ, быһыыта-таһаата санаам иһинэн курдук. Култууралах баҕайы. Абарабын ээ, дьиҥ олоххо да кини курдук киһи баар буолбат, миэхэ көстүбэт диэн. Акаарыбар, ол киһим курдук эр бэрдин өрүү көрдүүр курдукпун. Суоҕа бэрт. Киһи куһаҕантан сонньуйар. Хаһан эрэ биир дьүөгэбэр быктаран ааспыппар: «Сэгээр, ол эн гормоннарыҥ оонньууллар. Тыый да, бу кыыс обургу уол оҕо курдук буолан түһэн, өссө астынабын диэ», — диэн күлүүгэ кубулутан кэбиспитэ. Кырдьык, оннук да буолуо ээ. Саас ыраатта. Оҕолонор сааһы баттаһа, саатар, биир кырачааны күн сиригэр көрдөрбүт киһи дии саныыбын да, ханта-ан. Биирдэ эмэ оннук түгэн мичик да гыннаҕына, үөскээбэт. Аны, ыл да бу киһиттэн оҕолонуом диэтэххэ, сөптөөх киһи көстүбэт. Ойохтоохтору чугаһаппаппын. Холостуой эр дьон мин саастыыта суоҕун тэҥэ. Баар да буоллахтарына, иһэр-аһыыр адьынаттаах киһиттэн ким оҕолонуон баҕарыай. Ама да, мин буолбутум иһин. Медкииҥҥэ бара сырыт дииллэр да, кыбыстыыта бэрт курдук. Хайа, уонна бу аҕыйах ахсааннаах өрөспүүбүлүкэттэн хомуллубут «сиэмэ бааныгар» төһө бэйэлээх киһи туттарбыт үһү. Аны, ол «бэриһиннэрэн» ылбыт оҕом биологическай аҕатын атын оҕотун таптаан кэбистин? Эчи, эбии кыһалҕа буолаарай. Онон эдэр кыргыттарга сүбэлиэм этэ, киһи олоҕо, эдэр саас диэн олус кылгас эбит. Хаһан кэлэрэ-кэлбэтэ биллибэт үрүҥ аттаах уоланы (принц) кэтэһэ сылдьан, төрүүр-ууһуур сааһы куоттарыахха сөп. Эр дьоҥҥо, дьиҥинэн, сирдэрбэт дьүһүннээхпин, үөрэхтээхпин, син эрийсэ сатааччылар да бааллар. Ордук устудьуон сылларбар «успех» бөҕө курдугум... Оҕо ииттэ ылыахпын санаталыыбын да, хайдах оҕо түбэһиэй, доруобуйата, төрдө-ууһа? Аны, онтулара улахан уочарат дииллэр иһиттэххэ. Бэйэм омугум оҕотун ыла сатыах этим. Кырдьыгынан эттэххэ, син биир бэйэм аналбын, оҕом аҕатын көрсүөм диэн эрэл кыыма дууһам түгэҕэр саһа сылдьар. Оттон күн-дьыл ону күүппэт, бэрт түргэнник бүтэн-оһон иһэр. Төрөөбүт күнүм кэлбитэ баар буолан иһэрин бэйэм да бэркиһии саныыбын. Урут төрөөбүт күммүн олус күүтэр курдук буоллахпына, билигин курус салгын дууһабар сатыылыыр. Түүлүм киһитигэр тэҥнэһэр киһи бу сиргэ баара буолуо дуу? Арааһа, суох буолуо. Урукку олорон ааспыт олоҕум персонаһа сылдьара эбитэ дуу, туох билиэй. Киһи бу сиргэ хаста да кэлэн барар дииллэр дии. Киһи Орто туруу-бараан дойдуга кэскил тэринээри, ыал буолаары, оҕо төрөтөөрү кэлэр. Ону билинэбин, ол гынан баран сүрэх таптаабатын, дууһа тардыспатын хайыыр да кыах суох. Эр дьоммут тыа сиригэр (куоракка да ордук буолуо дии санаабаппын) арыгыга олус охтор буолла. Бу киэһэ тугу сиибин, сарсыҥҥым хайдах буолуой диэн, ыйдаҥардан толкуйдаабакка олорооччу элбэх курдук. Баҕар, оттон олохторо табыллыбатын, кинилэри тэҥниир, ыал буоларга сөпсөһөр кэрэ аҥаар суоҕун аһыы уунан сайгыыр дьүһүннэрэ буолуо. Ол гынан баран ол туһуттан бары амсайар, итирэр-кутурар буоллахпытына, сүрэ бэрт буолаарай. Чэ, ити курдук. Улууспун, ааппын, биллэр төрүөтүнэн суруйбаппын. Валя.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Көстүбэт эрдэр
— Былыр оҕо эрдэхпинэ кырдьаҕастар: «Түүҥҥү эрдээх дьахтар эбит, онтукатыттан оҕоломмут үһү»,— диэн сибигинэһэллэрин истэр буоларым. Оннук дьахтар туох аанньаны төрөтүөй, бүтэй хаалаах баҕайыны түһэртиир дэһэллэрэ. Сордоохторуҥ, көр, үгэс курдук эмискэччи таарымталанан, ыалдьан хаалааччылар, мэнэрийэн илгистэ түһээччилэр. Сороҕор, төбөлөрүгэр оҕустаран, иирэн-бутуллан да ылааччылар, быһа кымньыылаппыттыы атахтарын да тэҥнээччилэр. «Халлаан киһитэ, хара сылгылаах уол илэ бэйэбинэн эйигин кэргэн ылаары кэллим!» — диэн үөтүтээччилэр.
— Ити түннүкпүт үрдүгүн үрдүк да, киһи күлүгэ ааһарга дылы гынна дии, тугуй ити? — диэн ыйыппыппар, Аанам дьиксиммиттии сирэйбин одуулаамахтаан ылла уонна: — Ээ, ити түүҥҥү тойонум миигин кэтээн көрө сылдьар,— диэтэ. Дьиэтигэр киирээт, эмиэ ыһыллан турда. — Бастакы оҕобун бэйэм ылабын! — дэттэрдэ. Уол оҕо төрөөбүтэ даҕаны аҕыйах ыйдааҕар өлөөхтөөбүтэ. Биһиги, Элгэс улууһун төрүт олохтоох дьоно, түүҥҥүлэр түһэ сылдьыбыт хас да түбэлтэлэрин билэбит. Огдооболорго да, кэргэннээхтэргэ да, кыргыттарга да уйаламмыт буолааччылар. Итини миэхэ элбэх көлүөнэлээх халыҥ аймах ытык кырдьаҕаһа аҕыс уон тоҕус саастаах Анна Васильевна Корякина кэпсээбитэ. Ону олус дьиктиргии, эмиэ да дьиксинэ истэн баран, чахчытын билээри биир киэһэ киирэн: — Кырдьаҕас киһи буоллаҕыҥ, бу туһунан тугу кэпсиэҥ этэй? — диэтим. — Түүҥҥү киһилэнэ сылдьыбыт бу — мин, эн иннигэр илэ бэйэбинэн олоробун. Онон ити туһунан кэпсиэхпин сөп, — дии-дии Майыартан төрүттээх Малаанньыйа Ньукуулуна сытар оронугар олоро биэрэр. — Дьэ, эрэ! — диибин. — Түүҥҥү эрим буолуохсут миэхэ сүүрбэ саастаах кыыс сырыттахпына, кэргэннэнэн оҕоломмут эдьиийбиттэн көһөн кэлбитэ. Ийэм-аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим бары сахалыы ыарытыйар дьон буолан, итини билэ-көрө сылдьан элбэх ойууттары, удаҕаттары кыырдаран көтүттэрэ сатаабыттара да, миигин аллараа дойдуттан төрүттээх-уустаах «Сидьиҥ Босхоҥ уолунабын» дэнэр көстүбэт буулаабыт буолан, кыайтарбатаҕа. Ол иһин, ол түөлбэ ытык дьоно сүбэлээн, мин сир уларыйан, сотору Абыйга кэлэн олохсуйбутум. Көр, онтукам: — Биһиги даҕаны араастаах буолабыт,— диэн кэпсиирэ. — Үөһээ халлаантан, орто дойдуттан, алларааттан ситимнээх-силистээх, бука бары бэйэ-бэйэбитигэр майгыннаспат күтүөттэрбит,— диирэ. Мин аллараа дойду ааттааҕа Сидьиҥ Босхоҥ уолунабын!— диэн хас санаатаҕын ахсын кэпсэнэрэ. — Үөһээ халлаантан уонна орто дойдуттан кэлбиттэр миигиннээҕэр ыраас, чэнчис буоллаллар даҕаны, өһүргэстэрэ сүрдээх, кыратык да саҥарыллары сөбүлээбэккэ дьабыннарыгар төннөн хаалар баҕайылар!— диэн сэмэлиирэ. Көстүбэтим күлүк курдук күлүгүлдьүйэн кэлэрэ. Сирэйин-хараҕын көрдөхпүнэ, олус сөбүлүүрүм, ис сүрэхпиттэн күүскэ таптыырым. Кыыс буоллаҕым. Онон эр киһини кытта сытыахпын баҕарарым кэмнээх буолуо дуо? Ол да буоллар, төһө да көрдөспүтүм-ааттаспытым иһин, бэйэтэ да ньылбы сыгынньахтанан баран, тииһин хабырына-хабырына, туох баар ычатын барытын ууран туран соруннар даҕаны, таба тайаммакка сордуура. ӨЄйбүттэн тахсыахпар диэри баҕаран, көҕүтүһэн көрөрүм эрээри, туга кэлиэй, курааннахха сордонорум. Мэнэрийэр буолбутум. Мэнэрийдим да хараҕым сырдыы түһэрэ. Төһө өр, хас сыл эрэйдэниэхпиний, сүүрбэ биир саастаахпар ыйытар киһи түбэһэн, үөрүүнэн сөбүлэһэн, кэргэн тахсыбытым. Бастакы оҕом кыыс этэ. Ону уонча хоннороот, хаһыытаппытынан хоойбуттан быһа тутан, тыынын соҕотохто күрэппитэ. Оҕобун былдьаһа сырыттахпына, уҥа илиим тириитин үс тарбаҕынан батары биэрэн, ойо тардан ылбыта. Онтуката бэрт эрэйинэн, тоҕус сорунан оспута. Дьиҥнээх эрбин олус сөбүлүүрүм. Уһуу бардаҕына тэһийбэтим, эргилиннэҕинэ үөрэ көрсөрүм, ас үтүөтүн, таҥас ырааһын барытын бэлэмниирим. Оттон утуйуу буолла да, били баҕайым тимир тириибин кэтэрдэн, киһибин өлөрөөрү ыксатан үүрэн кэбиһэрим. Сыттыгым анныгар кыыннаах быһахтаах буоларым. Кэлин дьон сүбэлээн, Талахтаахха олорон, аатырбыт Көстөкүүн ойууну ыҥыран аһаҕастык охсуһуннартаан көрбүппүт даҕаны кыайан үтэйиллибэтэҕэ. — Эйигин булбут мин төрүттэрбиттэн буолбатах эбит, атын дьайыҥтан силистээх-мутуктаах буулаабыт. Онон айыы ойууттарыгар кыайтарыа суох! — диэн түмүктээбитэ. Аллараа дойдуттан күөрэйбити айыы ойууна даҕаны кыайбат эбит этэ. Кэлин төбөбөр оҕустаран, иирэ сылдьыбытым. Улахан Күөлгэ буор дьиэҕэ олорорбут. Ол олорон Чылыгыр Дьөгүөр диэн дүҥүрүн-таҥаһын устубута өр буолбут эрээри, аллараа дойдуттан кэлэн буулаабыты көтүтэр ойуун баарын истэн, ыҥыран аҕаллыбыт. Дүҥүр, таҥас көрдөһөн булбатыбыт. Онон оҕонньор этиитинэн биир айаны илиитигэр туттардыбыт. Тыа саҕатыгар эмэх буолбут чөҥөчөк баарын булан, мин ырбаахыларбыттан биирдэстэрин ылан саба бырахта, эмэхтэн кыыс оҕо уонна сылгы эмэгэтин оҥорон баран: Орто дойдуга Оҕо буолан төрөөбүт Уон сэттэлээх кыыһы Толук биэрэн, Туомнаан баран Тойук туойан Тосхойон эрэбин. Аллараа дойдуттан кэлбити Атаарар гына Адаҕыйдаҕым буоллун, Сир түгэҕиттэн көппүтү Симэлитэр гына Ситэн эттэҕим буоллун! Маны ылан баран Бахтайан хаал! Кэлбэт дьайыҥҥар Кэбэлийэ тур!— диэн саҕалаата даҕаны анарааҥҥыта саба саҥаран, этиһии-охсуһуу бөҕөтө: Түөкүн ойуун Түөкүннүүрүҥ буолуо, Албын ойуун Албынныырыҥ буолуо... Барбаппын да барбаппын, Төннүбэппин да төннүбэппин!— диэн кэлиилии кэбэ турар. Кырдьаҕаспыт илистиэр диэри туойан баран, таһырдьа тахсан илиитинэн чарапчыланан көрө-көрө саҥарда. Онтон дьиэҕэ көтөн түстэ даҕаны, били баҕайыны ороҥҥо кыһайан тутан ылаары өрө холоруктана түстэ. Сүрдээх уһуннук мөҕүстэ эрээри, сидьиҥиҥ, син иннин биэрбэтэ. Кыыран бүтэн, оҕонньорбут уоскуйан баран: — Оҥорууҥ кытаанах оҕо сылдьар эбиккин! Сэттис эрэ мутукка дылы үтэттэрдэ. Тохсус кэрдиискэ кыайан тириэрдибэккэ, куота көтөн хаалла. Онон сырыыта-айана сылбаҕырыа да буоллар, салгына син-биир биллэ сылдьыаҕа!— диэтэ. Ол эппитэ кырдьык эбит. Били баҕайым, дьэ араҕыста, кини даҕаны кырдьар эбит буоллаҕа диэн саныы сылдьыбытым, бөлүүн эмиэ кэлэн барда. — Иккис оҕонньорум өлбүтэ түөрт сыл буолла. Ол инниттэн даҕаны уонча сыл устата айыыга киирбэтэхпит, ахтыы бөҕөтүн аҕынным, суохтуу бөҕөтүн суохтаатым, дьэ эрэ, аны туохпут харысхалай, бааргынан-суоххунан хамсан, уоскут-дуоһут!— диэн, көрдөһүү бөҕөтүн көрдөстүм эрээри, кураанаҕынан көөчүктэнэн баран, туһалаабакка дьүгэлийдэ. Күлүгүлдьүйэн, таҥаһын ылан тахсарын күнүс курдук көрө сытабын. Таҕыста да бэйэм бэйэбинэн, кырдьаҕаһым кырдьаҕаспынан, кур бэйэм кубулуйбакка киһи быһыытын ылынан олордоҕум бу! Ити гынан баран, былыргылар этиилэринэн таба тайаммата үчүгэй үһү. Таба тайанна да — өлөҕүн! Онон биир эмэ сыл тыыннаах олорорум буолуо, бука. — Дьэ, муода эбит, доҕоор! — Өссө онтукам күнүүлэһэн турааччы! — Бээ-бээ?! — Киһилэнэҕин-баҕастанаҕын, баҕайы! —дии-дии, таҥна охсоот, элэс гынан хаалааччы. Инньэ гынна да, бэрт сотору дьиҥнээх эрим сиртэн эргиллээччи... Сороҕор: «Кырыйдым, сааһырдым, эдэр дьахталларга көһөн көрүүй!» — диэн көрдөһөөччүбүн. Оччоҕо: — Эйигинэ суох мин хайдах сатаныахпыный?— диирэ. Хаһан да буолунааччыта суох этэ... Көстүбэт күтүөт туһунан ыйыппытыҥ иһин, соруйан, билэн хааллыннар диэн кэпсээтим. Хата, көхсүм арыый кэҥээбит курдук буолла... Карл Новиков-Быйаман, Абый.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
«Мин эмиэ киҺибин»
Биирдэ кыратык «тэп» гыныылаах бырааһынньыктааҕы түмсүү кэнниттэн биир дьүөгэм саҥа ухасыардаммытын туһунан быктарда. Онто кэргэннээх, оҕолордоох үһү. Тос курдук тойон да буолбатар, бэрээдэги араҥаччылааччыларга кырата суох салайааччы эбит. Мин итинниккэ бөрүкүтэ суохтук сыһыаннаһарым харахпар биллэ охсон ааста бадахтаах, кыыһым сыыйа-баайа баайсыбыттыы тыллаһан барда:
— Эн миигин сүөргүлээбиттии көрүмэ. Кэргэннээх, элбэх оҕолордоох толору дьоллоох дьахталлар, миигин өйдүүргүт саарбаҕын биллэрбин да, саҕалаабычча кэпсиим ээ. Кырдьык, кини кэргэннээх. Ол эрээри кини миигин таптыыр. Оччоҕо тоҕо мин дьол кыыма кыратык да кылах гыммытын, бэрээдэктээх дьахтар аатыраары, сабыта үрүөхтээхпиний? Мин эмиэ киһибин, мин эмиэ тэбэр сүрэхтээхпин! Мин да эр киһи сылаас хоонньугар сытыахпын, таптатыахпын, аһыннарыахпын-харыһыйтарыахпын, көмүскэллээх курдук сананыахпын баҕарбат үһүбүн дуо? Кэргэнэ суохтары даа?! Ону мин хантан хаба тардан ылабын? Оннук дьон ханна баалларый? Миигин кытта дьүөрэлии саастаах биир эмэ сулумах, киһи иилэн ылар киһитэ баар дуо? Мин эдэр кыыс буолбатахпын. Сааспын бэйэбинээҕэр ордук билэҕин. Дьэ, уонна? Биир санаам иһинэн бэлиэ киһи мичик гыммытын мүлчү тутар былааным суох. Хас биирдии киһи бэйэмсэх. Мин эмиэ дьол амтанын уора-көстө да буоллар амсайыахпын баҕарабын. Онон дьүөгээ, сүөргүлээбиттии көрүмэ. Кини онтон туга да энчирээбэт. Ойоҕун да туһун умнуо суоҕа. Бэлэҕи-туһаҕы киниттэн эрэйбэппин. Кини быыкаа хамнаһа диэхтээн. Хата, киһи сонньуйуох, дьахтар күнүн иннинэ кэргэнигэр тугу биэриэхпин сөбүн дьахтар киһи эн билэҕин диэн, миигиттэн сүбэлэтэн турардаах. Ээх, саныахпар төһө да ыараханын иһин, кыһанан-мүһэнэн сүбэлээбитим түмүгэр ойоҕо олус астыммыт үһү. Сэгэрим, сороҕор кыра оҕо курдук өс киирбэх буолан ылыталыыр, ойоҕун үөрдүбүтүн миэхэ кэлэн кэпсиир! Чэ, ол туох буолуой, чугас доҕорун солбуйабын быһыылаах. Мин ирдиирим — итирдэххинэ, холуочуйдаххына хаһан да быкпат буол диэн. Бырааһынньыктарга, кырдьык, куһаҕан. Ордук эркин нөҥүө ыалларым дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктыыр күйгүөрдэрин истэ олордоххо. Баҕар, эрийиэ, быыс булан киирэн тахсыа диэн эрэл санаа баһыйар. Тоҕо диэтэххэ ыксал-тиэтэл да быыһынан буоллар «кыһыл» күн иннигэр эбэтэр кэннигэр хайаан да көстөн ааһар. Дьуһуурустубата хаһан буоларын ааҕа билэбин. Рядовой милииссийэ буолбатах буолан, онтубут да хам-дьаа түбэһэн сордуур. Иккис өттүттэн көрдөххө, сокуоннай ойох быһыытынан олорботум эмиэ да үчүгэйдээх. Кирдээх наскы, ис таҥас сууйуута, ас астааһына – мин дьарыгым буолбатах. Миэхэ куруук ыраас таҥастаах, өтүүктээх бүрүүкэлээх, тот истээх, одьукулуонунан дыргыйар киһи кэлэр. Арай биирдэ тимэҕин тиктэрээри тииспитин саҥата суох ыыппытым. Ха, көрөн олордохпуна тиктибитэ. Туга да быстан түспэтэҕэ. (Күлэр). Кыыһырбытын, быыппастыбытын хаһан да харахтыы иликпин. Милииссийэлэр «ыарахан» майгылаахтар, кыыһырымтаҕайдар, иһэллэр дииллэр дии? Кини оннук буолбатах. Баҕар, манна эрэ буолуо. Дьиэ кэргэнигэр хайдаҕын билбэппин. Билиэхпин да баҕарбаппын. Ахтыспыт, туоххаһыйбыт дууһалар абылаҥнаах көрсүһүүлэрэ диэн баар – ураты дьол. Кистээбэккэ эттэххэ, хас биирдии көрсүһүү кэнниттэн аны кинини көрүөм дуо диэн, кэлбэттии барда дуу диэн, уорба санаа сыппах быһах буолан аалар. Оттон тиийэн кэллэ да, мин саҕа дьоллоох дьахтары булбаккын.
Чочумча буолаат, оргууй туран, сыттыгын анныттан күннүк тэтэрээтин ылан, иннибэр уурар: — Хотуой, суруйар идэлээххин дии, доҕорум туһунан туоххаһыйар чаастарбар тугу сатыырбынан хоһуйбуппун ааҕыаххын баҕарбаккын дуо? Эйигиттэн тугу кистиэмий? Баҕар, айымньыҥ дьоруойа буолан хаалыам. Ааппын, үлэбин эрэ таарыйыма. Хайдах эрэ чып кистэлэҥҥэ тутуллар кырдьыгы арыйыахпын санаам буолбакка, кинигэтин төттөрү ууна сатыырбын, кыыһым биир үлүбээй сирэйи арыйа баттаат сирэйбэр үҥүлүттэ. Бэйэтэ куукунаҕа табаахтыы бардым диэн куотунна. Иннибэр ып-ыраас буочарынан суруллубут, үгүстүк арыллартан лиистэрэ кэдэрийэ барбыт күннүгү сыыйа аахпытынан барабын: «Сэгэрим сыыһа эппин-сииммин, биир да миэстэни хаалларбакка, төбөбүттэн тилэхпэр диэри ип-итии уоһунан аргыый аҕай абылыы ууруур. Дөрүн-дөрүн ордук кута-мата сирдэрбин булан, ыарыыта суохтук ытырбахтаан ылар. Оччоҕуна мин ынчыктыыртан арыычча туттунабын. Дириҥник өрүтэ тыынабын. Оттон, оттон сып-сылаас тыына көхсүбэр биллэр. Имэҥнээх уос кулгаахпар чугаһыыр, ыраатар, эмиэ чугаһыыр. Мин кычыгыланар, таалар икки ардынан турукка киирэбин. Харахпын аспаппын. Санаабар астарбын эрэ, бу түгэн, бу иэйии күрэнэн хаалыах курдук. Эр киһи эрчимнээх илиитин уулларар сылааһын эппэһийэ күүппүт, хаһан да оҕону эмтэрэри билбэтэх тэрэгэр тумуктаах туҥуй эмиийдэрбин эр-биир ылан, кумуччу тутар, кууспалыыр, ууруур-сыллыыр. Ардыгар ол бэйэлээхтэрбиниин, бэл, кэпсэтэн сонньутар. Хайдахтаах ахтыбытын, туоххаһыйа суохтаабытын сипсийэр. Мин сонньуйабын эрэ. Саҥарбаппын. Бу дьоллоох түгэн тохтуон баҕарбаппын... Онтон, онтон... тоҕо эрэ саҥа көрсүһэр, хаһан да бу сири кини көрбөтөҕөр, уостарынан сууралыы оонньооботоҕор дылы, кыбыста быһыытыйан, кумуччу туттубут атахтарбар тиийэр, уҥа, хаҥас силэйэн уохтаахтык ууруур, аргыый аҕай бэлиэр илийэ охсубут миэстэбин булар ... Модороон, эмиэ да нарын, сымнаҕас ытыс саба бүрүйэр, туппалыыр, илбийэр, иһинэн-таһынан ... муннара оонньуур... Мин ууллабын, уйадыйабын, уҥуох да курдукпун. Сүрэҕим субу ойон тахсыахтыы толугуруу мөхсөр... Эппэҥниибин. Уостарбын сэгэтэн, уураһарга бэлэмнэнэбин... Соторунан испэр бүтүннүү киирбит тыҥаабыт кытаанах, кыл түгэнэ тиҥийэ тэбиэлээн барар. Онно эппиэтэһэн, бэйэм да билбэппинэн, миигиттэн букатын да тутулуга суох иһим түгэҕэ бүүрүтэ туппалыыр... Мин көтөбүн кыырай халлааҥҥа, чэпчэкии-чэпчэки вуаль былаат буолан, дьоллоохпун. Уоскуйа, сыһыйа таарыйа, өр да өр уос уоспутугар сыстан саҥата суох сытабыт». Сити баар дии, тугу да сатаан суруйбаппын, хоһооҥҥо холоммоппун диэччи. Ол бэйэтэ, кыыс оҕото, биһиги сатаан да санаабаппытын хоһуйуох курдук хоһуйбут ээ, диэн тэтэрээти сабан иһэн, иһиттэн түһэн кэлбит биир лииһи ааҕабын: «Эйигин кэлиэ диэн өр да кэтэстим. Суоххун. Олоруох-туруох сирбин булбакка, түннүк тааһыгар өйөнөн, аллараны одуулаһабын. Эрбэй-сэрбэй икки оҕону батыһыннарбыт дьахтардаах эр киһи тохтоон туран, тугу эрэ мөккүһэрдии тутталлар. Эр киһитэ тугу эрэ далбаатыыр. Ол кэмҥэ кыралара туохтан эрэ иҥнэн, умса баран түстэ. Айаҕа оппойон олорор. Ии, барахсан. Төрөппүттэр үлэһиспит курдук, кырачааннарыгар саба сүүрэн кэлэн, туруордулар, таҥаһын тэбээтилэр. Эр киһи, аҕата быһыылаах, охтубут оччугуй кыыһын түөһүгэр ыга тутан, тугу эрэ саҥарар. Дьахтар күлэн, тииһэ кылбайар. Оо, дьоллоох да дьоннор. Ону, баҕар, кинилэр билбэттэрэ да буолуо. Отон мин... Мин эрэйдээх хаһан эрэ кэлиэх дуу, кэлимиэх дуу сырдыгы кэтэһэртэн «кэлтэйэн» эрэбин. Сылайдым – күүтэртэн, сылайдым – уоруйах олоҕуттан, сылайдым – бэйэни албыннаныыттан, куруук күүстээх курдук тутта сатыыртан. Оо, таҥара, миэхэ хаһан дьол күрэммэттии уйаланар? Хайдах дьоллоохтор оҕолоноллоруй?». Дьүөгэм сыыһа... Туох диэн саҥа таһаарыахпын билбэккэ, саҥата суох аргыый куукунаҕа тахсыбытым, кыыһым чаанньыгын иккистээн сылытан, хойуу кофе оҥорбут. Букатын да атын тиэмэҕэ, үөрүйэх баҕайытык салайан кэбистэ: — Эн хаһан уоппускалаах этигиний? Арба, Нааканы ааспыкка көрсүбүтүм. Үрдэтинэ сылдьар үһү... Мин эгэ эрэ, эҕэ-дьэҕэ буола-буола, кыыспын аралдьытаары итии кофены сыпсырыйа, көрдөөх кэпсээни тэнитэ олордум. Оттон испэр – курас тыал күүлэйдиир. Т. Саввинова.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Кийиит Маарыйа
Былыр өрдөөҕүтэ нэһилиэкпитигэр кылгас кэмҥэ биир кийиит дьахтар баар буола сылдьыбытын туһунан номоҕу истэр этим. Ол кийиит Маарыйаны киһи барыта «Ньылхантан дуу, Айаантан дуу төрүттээх» дииллэрэ. Быһата, биһиги дойдубут киһитэ былыр ханнык эрэ тардыыга хабыллан, таһаҕас тиэйсиитигэр барса сылдьан илдьэ кэлбит. Ити ааспыт үйэ отутус сылларын диэки буолуон сөп. Биһиги киһибит Бөөхүллэ Өлөксөй диэн ааттыын-суоллуун да бэрт сыппах киһи эбит буоллаҕына, ойоҕо Маарыйа тыыллан-хабыллан дьахтар талыыта үһү. Эриттэн биир төбө үрдүгүн, үс төгүл күүстээҕин, уон бүк сытыытын кэпсииллэрэ.
Ойох ылан кэлэн баран төрүкү ыарыһах Өлөксөй туох эрэ дьаҥыгар хаптаран өлөн хаалаахтаабыт. Маарыйа эрин улаханнык аһыйбыта үһү. Эрэ өлбүтүн кэннэ дьахтары нэһилиэкпит сулумах эр дьоно бары кэриэтэ күргүөмүнэн ойох ылаары кэргэн кэпсэтэн ынньаҕалаппыттар да, Маарыйа туллаҥнаабатах. Бэйэтэ ол курдук эр киһини иирдэр-умсугутар туох эрэ ураты хаачыстыбалаах дьахтар эбитэ үһү. Нэһилиэк оччотооҕу сулумах да, ойохтоох да дьоно бука барылара бу дьахтарга харааччы иирэн хаалбыттар. Эрин харайбыта хас да сыл кэнниттэн буолуо, бука, тыгыалыы сылдьар итии-буһуу хааннаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр дьахтар айылҕатыттан ханна куотуой, бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн «сылдьан» барбыт. Холобур, холкуос кытаанах үлэтин-хамнаһын быыһыгар, кылгас сайыҥҥы түүҥҥэ икки көскө чугаһыыр Ураһалаах алааһыгар олохтоох Бөкүнүк Бүөтүр диэн киһиэхэ баран көссүүлэһэн кэлэр буолбут. Ол киһитэ эмиэ тутум уҥуохтаах, бүрэ, киһи итиччэ ыраах сатыы хааман эрэйдэнэригэр остуойута суох, киһи мыынар киһитэ этэ дииллэрэ. Ити эрэ буолбатах, Маарыйа хас да мэлдьи сылдьыһар дьоннордоммут. «Сүрэҕим сөбүлүү көрдө да хайдах да туттунар, тохтоон олорор кыаҕым суох, барбыппын бэйэм да билбэккэ хаалабын» диэн кэпсиирэ үһү. Аны туран көссүүлэрэ барылара, этиллибитин курдук, талбыт курдук бүрэ, кыра-хара дьон. Бука, бэйэтэ сытыыта, күүһэ-уоҕа, талыыта-мааныта бэрт буолан мөлтөххө-кыаммакка тардыһан эрдэҕэ. Сыыйа, нэһилиэк дьахталлара түүн эрдэрин манаан утуйар уулара көппүт, олохторо барыта огдолуйбут, үлэ-хамнас айгыраабыт. Түүн Маарыйа олорор сайылык дьиэтин тула (онно хас да ыал буолан дьукаахтаһан олороллор) кини үтүө мөссүөнүн көрөөрү, табылыннаҕына, сүрэҕэ сөбүлээн ыҥыран ылыа диэн уончалыы киһи ытыахтарыгар диэри симэнэн баран сөрүөстэҥнэһэн тахсаллар эбит. Маарыйа сырыыларыттан холкуоска улахан айдаан, күнүүлэһии күөдьүйэн барбыт. Үҥсүһүү-харсыһыы саҕаламмыт. Оройуонтан хонтуруоллуу тахсыбыт боломуочунай, холкуос актыыбын мунньаҕар сылдьан, Атылааһаба Маарыйа аатыгар киирбит үҥсүүлэри үөрэтэн баран, суос-суодал бөҕө буолан ыанньыксыттар биригээдэлэригэр тиийбит. Кылабачыгас саппыкылаах, быакаччы курдаммыт киитэллээх, тос курдук туттубут былаас бэрэстэбиитэлэ титииккэ чиккэлдьийэн тиийэн хаһыы-ыһыы, хамаанда бөҕөтүн түһэрбит: «Гражданка Атласованы биир мүнүүтэ иһинэн манна баар гыныҥ!» — дии-дии остуолу үлтү сынньыбыт. Оччотооҕу оройуон боломуочунайа диэн ыраах тыа кэнэн дьонугар тыыннаах таҥара, илэ-бодо илиэһэй, кыра Сталин кэриэтэ буоллаҕа. Ыанньыксыт дьахталлар куттанан кутуйах иинин кэҥэппиттэр, сири-буору тарбаабыттар. Суостаах боломуочунайтан, арай, Маарыйа бэйэтэ куттамматах. Муус холкутук үтүөмсүйэ мичээрдээбитинэн: «Хайа, доҕоор, бу туох үлүгэр айдаанын тоҕо тартыҥ?» — диэбитинэн аа-дьуо наскыйа хааман, кубалыы устан киирбитигэр, хаһыыра-хаһыыра сири тиҥилэхтии турбут боломуочунай ах барбыт. Таарыйа санаттахха, былаас дьулаан бэрэстэбиитэлэ Маарыйа түөһүн эрэ тылыгар тиийэр кыра, куурбут-хаппыт киһи эбитэ үһү. Боломуочунай үтүө дьахтар алыбыгар баттатан-долгуйан, хара-хара уонча мүнүүтэлээх «өйдөтөр үлэ» ыыппыта буолан бобуллаҥнаабытт. Уонна ол кэм иһигэр суоһа-суодала барыта суураллан, тэллэх ытыныы тыһытыйбыт, тэстибит хабахтыы уостубут. Тиһэҕэр, уулан «манна холкуос дьахталлара батарбат буоллахтарына, оройуон киинигэр үлэ булан көһөрүөм» эҥин диэн эрэннэрбит. Ол кэпсэтиини ким иһиллээн турбута биллибэт да буоллар, бу кэпсэтии ис хоһоонун билэн баран, «дьэ, оҕо барахсаммытын боппуруоһун быһаардыбыт, боломуочунай оннугун булларар баҕайыта ини!» диэн сэтэрии күүппүт холкуос сорох күнүүһүт дьахталлара кэлэйэн сиргэ силлээбиттэр. Оттон сорохтор «биһиэхэ да оройуон тойотторуттан букатын торуттубакка, биир муостаҕа туран тэҥҥэ аахсар дьон бааллар эбит» диэн Маарыйаларынан киэн тутта санаабыттар. Боломуочунай ол күн салгыы хас да сайылыкка сылдьан баран төннөн кэлбит (дьиҥинэн, салгыы барыахтааҕа үһү) уонна кинини хонноро түһэрбит ойдом турар ампаар дьиэлэригэр Маарыйаны «салгыы бэсиэдэ ыыта» ыҥыртарбыт. Онно тиийэн кинилэр тугу «бэсиэдэлэспиттэрэ» биллибэт. Ол эрээри, бэрт сотору буолаат, дьиэ аана тэлэллэ түспүт... Ону кытта кийиит Маарыйа тутум уҥуохтаах боломуочунайы аҥаар илиитинэн саҕатыттан, иккиһинэн дабыдалыттан ыйаан таһааран, тиэргэн нөҥүө кыыраппыт. Кийиит күүстээҕин ол да инниттэн бары билэллэрэ эрээри, боломуочунай дьиэ ааныттан хас да хаамыы тэйиччи турар үс мастаах күрүөнү үрдүнэн таарыйбакка көтөн ааспытын сөҕөн кэпсииллэрэ. Туох да этиһии-үөхсүү, хаһыы-ыһыы суоҕа үһү. Ол кэннэ боломуочунай түүннэри атын үрдүгэр түһэн оройуоннаан хаалбыт. Оттон Маарыйа ситэ биир нэдиэлэ буолбакка бу дойдуттан букатыннаахтык көһөн барбыт. Оҕото-уруута суох дьахтар тутуллара туох да суох буоллаҕа. Үүт-тураан олох бүппүтүн, салгыы син биир сүгүн олордубаттарын өйдөөтөҕө. Ханна барбытын ким да билбэт. Сорохтор «дойдулаабыта буолуо» дииллэр, сорохтор кэлин «Дьокуускай куоракка сылдьарын көрбүттэр үһү» дэһэллэр. Чэ, ол улахан суолтата суох. Саамай сүрүнэ, дойдум эр дьоно билиҥҥэ диэри «былыр хаһан эрэ биһиги дойдубутугар хантан эрэ олус мааны, кырасыабай, биир да эр киһи умсугуйбакка-ылларбакка эрэ утары көрбөт дьикти дьахтара кэлэн кийииттээн барбыта үһү. Дойдубут хас да быстар мөкү, мөлтөх, төрүкү ыал буолбатах эр дьоно ол дьахтар тапталын билэн, биирдэ төрөөбүт айыыларыгар сирдээҕи дьол диэн тугун билбиппит диэн анараа дойдуга үөрэ-көтө барбыттара үһү» диэн номох оҥостон кэпсииллэр. Оҕо сылдьан ол дьиэни мин көрөр этим. Сайылыкка бардахпына онно олохтоох улахан уолаттар «биир чүөчэ тойону саҕатыттан ылан бырахпыта, субу манна кэлэн түспүт үһү» диэн ол дьиэттэн уонтан быдан тахса миэтэрэлээх сири ааҕан көрдөрөллөрө. Ол, биллэн турар, омун буоллаҕа. Ити да гыннар, боломуочунай ол ааҕыллыбыт сир аҥаарыгар да баран түспүт буоллаҕына, чахчы күүстээх дьахтар эбит, ол кийиит Маарыйалара.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
====================
И М Э Ҥ
Кэрэ Кэтириис
Хоноҕор Хонооһой түөрт уончатын ааспыт түс-бас киһи, хоһуун үлэһит. Оту охсорунан чугаһынан тэҥнээҕэ суох, ойоҕо Огдуустуун олус бэркэ олорбуттара. Наһаа иллээх ыал этилэр. Онтон баар-суох уончалаах уолчааннара соһуччу ыалдьан суох буолуоҕуттан ыал аатыттан ааһан барбыттара. Хомолто хоммута, аһыы-аба арахпакка муҥнаталаабыта. Киҥ-наар буолан, тыл-тылга киирсибэт буолуу саҕаламмыта. Ити кэмҥэ Өндүрэй диэн эдэрчи киһи Кэрэ Кэтириис диэн дьахтары кэргэн ылан, сүгүннэрэн аҕалбыта. Дьэ, кырдьык даҕаны, кыыс киэнэ кылааннааҕа буолан биэрбитэ. Тэбэ сылдьар тэрэгэр эмиийдээх, мэтэгэр бэйэлээх, синньигэс бииллээх, имэҥнээх көрүүлээх, имиллэҥнээн хаампыт, кэлбит-барбыт, кэпсээбит-ипсээбит Кэрэ Кэтириис этэ. Хайдахтаах да бэйэлээх эр бэрдин хаанын хамсатар, сүрэҕин өрүкүтэр барахсан. Хоноҕор Хонооһой, ол дьахтары көрөөт, харааччы иирэн хаалбыт. Хонооһой даҕаны хонойон түһэн дьахтар сүрэҕин хаанын дьүрүһүтэ сүүрдэр хотой. Аны туран, кыбыстар-саатар диэни билбэккэ илэ иликичиһэр буолбуттар. Оттон Кэтириис эрэ киһи киэнэ мас көнөтө, адьас кумаардаан да көрбөт көрүҥнээҕэ. Бука, Кэтирииһин таптыыра оччо буолуо. Отчуттар үрэх сиргэ оттуу сылдьыбыттар. Охсооччулар мас төрдүгэр, адьас халлаан анныгар, хоноллор эбит. Бары кэриэтэ оҕочоостор. Сэрии кэннинээҕи кэм буолан, эр дьон олус аҕыйахтара. Хонооһойу хараҕа эргэлээх уонна өссө туох эрэ ыарыылаах буолан, аармыйаҕа ылбатахтар. Охсубут отторо хатан, мунньааччылар кэлэр күннэрэ буолбут. Хоноҕор Хонооһой этиитинэн отуу туппуттар. Ол отууларыгар мунньааччы дьахталлары, кыргыттары кытары бииргэ хоммуттар. Сарсыныгар аармыйаттан саҥа кэлбит Көөһөй Көстөкүүн охсооччу уолаттарга кэпсиир: — Хонооһойдоох Кэтириис утуппатылар. Уон алталаах-сэттэлээх уолаттар: — Хайдах? — Оттон хоонньоһон ходьоҥноһон таҕыстылар,— диир, сыҥааҕырдыырын быыһыгар. Оҕолор обургулар тэбиэһирэ-тэбиэһирэ күлсүбүттэр. Күнүс Көөһөй Көстөкүүн Кэтириискэ: — Утуппатыгыт! – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. — Утуйума диэбэтэхпит. Оттон иҥсэрбит буоллаххына «бэрис» диэҥ этэ буоллаҕа,— диэн саайбыт. Онтон эбиитин: — Оттон, били, Көрдүгэн Күөлгэ күрүө тута сылдьан эн биһикки тугу гынныбыт этэй? – диэн баран дьирикинэччи көрбүт. Оруо маһы ортотунан балыйтаран, соһуйан, Көстөкүүн ах баран хаалбыт. Уолаттар: — Ол тугу гыммыккытый? – диэн сотору-сотору ыйытан сорун сордообуттар. Кэтирииһи уолаттар күлүү гынаары гыммыттарыгар: Хоноҕорбун кытары Хоонньоһоохтуу туруоҕум, Хомсомуол уолаттары Холдьоҕуталаан ыытыаҕым,— диэн хоһоонноох буолбут. Көстөкүүн орто уҥуохтаах, дараҕар сарыннаах, симмит курдук толору эттээх-сииннээх, маадьаҕар атахтаах, көһөн иһэр курдук оргууй көөһөҥнөөн хаамарын иһин Көөһөй Көстөкүүн диэн аатырбыт, дьэлтэй дьэтигэр сылдьар эр бэрдэ. Көнө, көрсүө киһи. Кэрэ Кэтириис Көөһөйү көрө-көрө ымсыырар, ыксалаһыан баҕарар бадахтааҕа. Онто, саараама, чугаһаппат. Эҥин араастаан эйэргэһэн эрийэ сатыыра туһалаабатын иһин, сырыы аайы хатыылаах тылынан суустаан тахсар. Оннооҕор элбэх киһи истэн турдаҕына маннык диэбиттээх: — Көстөкүүн, били, Көрдүгэн Күөлгэ күрүө тута сылдьан тугу гына сатаатыбыт этэй? Көскөйө сытыйан, көдьүүстээбэтэҕиҥ дии. Көппөҥнүөх курдук гынан иһэн, көннөрү буолан хаалбытыҥ. Эн баҕас эр киһи буолуоҥ дуо? Көлөөк Көстөкүүн буоллаҕыҥ дии! – диэн дьону соһуппут. Ити курдук көрдөҕүн аайы сулуйар, үөҕэр үһү. Онто олох онно суоҕун үгүстэр билэллэр үһү да, «мыык» диэбэттэр эбит. Кэрэ Кэтириис тииһигэр ким киирэн биэриэн баҕарыай? Кэтириис куруук түөһэн тахсар Көрдүгэн Күөллээҕи хоонньоһуу, дьиҥэр, маннык эбит. Кини Көстөкүүн хоонньугар киирбит. Биирэ үүрэн ыыппыт. Холдьоҕуллубут кыһыы кэрэбин дэнэр Кэтирииһи мэлдьи кэрбии, ситис диэн кигэ сылдьыбыт. Кырдьык даҕаны, кыһыылааҕа буолуо. Атын дьон сырса сатыыллар, кинини кытары кэпсэтэ да түһэллэрэ үрдүк үөрүү. Арай көөһөйө сытыйбыт Көстөкүүн сирэр. Көстөкүүн Кэтириис киирэ-тахса сатыырын, араастаан үөҕэрин адьас истибэт курдук туттар эбит. Ол аайы Кэтириис эбии сэтэрээн ыыстыыр буолбут. Биирдэ холкуос бырабылыанньатыгар хас даҕаны дьахтар ньамалаһа олорбуттар. Көстөкүүн көһөн киирбит. Үгэһинэн Кэрэ Кэтириис кэрээнэ суох саҥаран барбыт: — Эр киһи элээмэтэ буолан сылдьаахтыыгын! Ханнык акаары дьахтар эйиэхэ ойох тахсыай?! Ойохтонон да ороҥҥо туһалыаҥ суоҕа! – диирин кытта, истибэт курдук туттан олорбут Көстөкүүн көрүөх бэтэрээ өттүгэр сулбу ойон туран Кэтэриис куоптатын уолугуттан ылан өрө ыйаан таһаарбыт, биир харыстаах быһаҕын кыыныттан кылбачытан таһааран дьахтар хабарҕатыгар тирээн баран, бобулла-бобулла: — Тохтоо! Тохтуугун дуу, суох дуу?! – дии-дии субу хабарҕатын быһыах курдук бардьыгынаабыт. Биир даҕаны эр киһи суох үһү. Ким быыһыа буоллаҕай?! Хаһан киһи хабарҕатын быһа сотон эрэллэрин көрбүттэрэ баарай, дьахталлар сарылаһа түһэн баран, ким таһырдьа ыстаммыт, ким дьиэҕэ саспыт, уолуйан уҥа сыһан, эппэҥнии олорбут да баар үһү. Дьахтар хараҕа уһуллуох курдук улаатан тахсыбыт, дьикти баҕайытык иччитэ суоҕунан тиэрэ көрбүт. Киһи куйахата күүрүөх хатан баҕайытык сарылаабыт уонна түүрүллэ түһэн баран, киһитин ахтаҕа тэппит. Көстөкүүн самаҕын харбаммытынан олоро түспүт. Кэтириис хаһыы-ыһыы бөҕө буола-буола дьиэттэн сулбу ойон тахсан хоту диэки тэлээрэ турбут. Ити курдук Кэрэ Кэтириис сордоох харааччы иирэн хаалбыт. Нэһиилэ булан, тутан ылан иирээки балыыһатыгар ыыппыттар. Оттон Көөһөй Көстөкүүн хаарыаннаах “хаһаайыстыбатын” илдьи тэптэрэн, иэдэйэ сыһан баран, нэһиилэ өрүттүбүт. Кырдьык, эр киһи быһыытынан көннөрү буола сыспыт. Дьахтары куттаан иирдибит буруйугар хаайыыга барбыт. Сураҕа, ол дойдуттан этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, ойохтонон, уон оҕолонон олорбут үһү. Кэрэ Кэтириис эрэйдээх эргиллибэтэх. Оттон Хоноҕор Хонооһой Кэтириистиин отууга хоонньоспут сылыгар өлөөхтөөбүт. Дьон “сордоох сотору өлүөх быатыгар, содура көбөөхтөөбүт эбит” дэспиттэр. Николай Сафонов-Дьырылы.
====================
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна: https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
Мачыаха Дьорооно
ИМЭҤ
Хоту араас ааттаах сир элбэх. Аата суох сир да балачча быһыылаах. Маныаха холоотоххо, киин улуустарга күөл буоллун, алаас буоллун – барыта былыр-былыргыттан олохсуйан, иҥэн хаалбыт ааттаах.
Бөһүөлэктэн биэс-алта биэрэстэлээх сиргэ, киин улуус дьонун миэркэлэринэн, добуочча улахан күөл баар. Ону олохтоохтор Мачыаха Дьорооно диэн сүрэхтээбиттэр. Мантыбыт төрдүн-төбөтүн ыаспыйалаан быһаардахха, син көрүдьүөс соҕус устуоруйалаах эбит. Чэ, холобура, маҥнай дойду сиртэн кэлбит киһи ылбычча өйдөөбөт «дьороон» диэн тылын быһаарыаҕыҥ. Онтубут «көлүччэ» диэн суолталаах эбит. Маннааҕылар хаһан да биһиги курдук көлүччэ диэбэттэр. Оттон Мачыаха диэн тугуй? Дьахтар аата. Матрёна диэни «тупсарбыт» быһыылара.
Бу көлүччэҕэ Мачыаха диэн, түөрт уонуттан тахсыбыт аҥаардас дьахтар сааһыары, кус ытыытын кэмигэр, сөбүлээн таабырданар эбит. Эр киһилии быһыылаах, күүһүнэн даҕаны хайа да эр бэрдигэр аанньанан бэриниэ суох көрүҥнээх дьахтар. Өрдөөҕүтэ Дьокуускай таһынааҕы Мархаҕа тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин кууруһугар үөрэнэн, сиэмэһит уонна сүөһүнү аттыыр идэни баһылаан кэлбит. Оччо тэтиэнэх дьахтар тугу тулутуой, эҥинэ бэйэлээх култаҕар тээһэҥкэлээх сүөһүлэри мылыччы хамсаабат гына кыаһыылаан баран, көрүөх бэтэрээ өттүгэр аттаталаан кэбиһэр эбит. Буоһатара да омуннаабыт курдук: кини илиитэ тиийиэ эрэ кэрэх – бэрт соторунан ынах астынан-дуоһуйан, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн, ньаачас гынан хаалар үһү. Ити барыта – дьон кэпсээнэ.
Мачыаха үөрэнэн кэлиэр диэри сопхуос кииниттэн Моргууһап диэн, кини бараллаата бэтэринээр айгыстан тахсан борооскулары аттыыра, ынахтары сиэмэлиирэ үһү. Ол эрээри бу, табаҕын мэлдьи ытырбытынан сылдьар тойон, үлэтин түмүгэ хобдох буолар эбит: бэрт ахсааннаах ынах ууланар, оттон аттаабыт борооскута устунан аһааҕыран хаалар. Кини диэтэх киһи, хата, суустаах тылынан хайа да кытарар айахтааҕы хам ыытар идэлээх үһү. Мачыаханы, түгэн эрэ көһүннэр: «Хайа, дьэ, хотуйкааным, хас сүөһүнү сабан кэлэн олороҕун, төһө тээһэҥкэни убахтаатыҥ?» – диэн сордуур эбит. Арыгы испит буоллаҕына (дьэ, ону баҕас бэркэ сөбүлүүр «аһа» үһү), хайа да дьахтары аттынан сүгүн аһарбат адьынаттаах этэ диэн кэпсииллэр.
Биирдэ хомондьуруопкаҕа диэн ааттаан кэлэн баран, үлэтигэр барбах сүөдэҥнии түһээт, чугас эргиннээҕи уулары кэрийэ барбыт. «Саатар, айахпар икки хас барааҕы быста кэйээ инибин» диэннээх үһү. Оруобуна Мачыаха илимин үтэн, өссө икки умсааҕы балааккатын айаҕар ууран олордоҕуна тиийэн кэлбит. Дьахтар хайыа баарай, төһө да сөбүлээбэтэр, бачча ааһан иһэр сааһыты холдьоҕон туруо дуо – чэйдэтээччи буолбут. Оччолоох түгэн тосхойбутугар Моргууһап обургу үрүсээгиттэн буоккатын кылбатан таһаарбыт. Мачыахаҕа кутаары гыммытын биирдэрэ баһын быһа илгистэн эрэ кэбиспит. Эр бэрдэ онто да суох мааҕыҥҥыттан «үссэнэ» сылдьыбыт буолан, курууска кэриҥин хантатаат, хараҕын миин курдугунан көрүтэлээн барбыт, тыла төһө да булдьуйдар, иҥээҥнээн, сыстаҥнаан, араастаан ньалҕаҥнаан барбыт. Туппахалаһан киирэн бараары гыммытыгар Мачыаха ойон турбут да эттээх сутуругунан түөскэ кибилиннэрбитэ, киһитэ киэр эһиллэн, таралыс гына түспүт. Тураары үнүөхтүү сатаан баран, эҥин араас маатыраны түһэрэ сытан, утуйан хаһыҥыратан хаалбыт.
«Дьэ, тоҕойум, көрдөөбүккүн ыларыҥ буолуо!» диэн, өһөхтөөх санаатын киллэрэн баран, Мачыаха балааккатыттан таһаҕаһын кэлгийбит өтүүтүн таһаарбыт...
Чаас кэриҥэ буолан баран, өлүү болдьохтоох, Дьээбэлээх Дьэрэмэй элэмэс атынан бу батыччахтатан кэлбит. Бостуук көрдөҕүнэ, били, хонтуоранан хонтолдьуйар Моргууһаба ыстаана сулбуруйбут, самаҕар ачаахтаах мас тирээбиллээх, түүрэ кэлгиллэн, кыаҕыттан тахсан, тээһэҥкэтэ «мэ, манан быс, аттаа» диэбиттии, субу култайан сытар үһү.
Ааттыын да Дьээбэлээх, туустаан-тумалаан кэпсээн ыһаардыбыта, омуна-төлөнө уон оччо буоллаҕа – начаас ыккардыгар бөһүөлэк иһин толорбут. Онтон ыла Моргууһап бу дойдуттан букатыннаахтык тэйбит, оттон ити ууну Мачыаха Дьорооно диэн ааттаабыттар.
Илим көрөн абыраары...
Мачыаха Дьороонугар эдэр эрдэхпинэ (оччолорго сүүрбэ биэстээх элик бэрдэ этим), сылдьан турардаахпын. Ок-сиэ, онтон ыла күн-дьыл барбахтаабыт да эбит! Билигин, хас эмэ сиэн эһэтэ буолан олорон, толкуйдаан көрдөхпүнэ, хаарыаннаах да кэмнэр ааспыттар. Хоту үлэлии сылдьыбытым сүрэҕи эппэҥнэтэр арамаантыка, ол быыһыгар тугу барытын умуннарыах имэҥнээх таптал да күөдьүйтэлиирэ өйбөр хаалбыт. Ол эрээри сорох киһи «хоту дойду кыргыттара, дьахталлара чэпчэки да майгылаах барахсаттар эбит» диэн, сыыһа өйдөөн, хаарыан котокулары өһүргэтэн, кэлэтэн турдаҕына көҥүлэ. Ити – быстах өйдөбүл. Дьэ, ол иһин «былыргыны былыт сабар» диэн уос номоҕун тумус туттан, кыбыстыылаах соҕус да буоллар, биир түбэлтэни кэпсиим. Уопсайынан даҕаны, киһи ааспыт суолун хайаан да эргиллэн көрүөхтээх уонна «сөпкө гыммыппын дуу, суох дуу?» диэн түмүк оҥостуохтаах.
Хоту бастаан кэлбит сааспар, оруобуна баччаларга, кус ытыытын саҕана, дьэ, саалана бардым. Сулумах уонна бу сиргэ маҥнай үктэммит киһи саам да, ол-бу тэрилим да, дьиҥэр, суох буолаахтаатаҕа дии. Хата, өр учууталлаан баран, соторутааҕыта биэнсийэҕэ тахсыбыт Тиэхээн Баһылайабыс диэн кырдьаҕастан эргэ саатын, дьоҕус балааккатын уларсан итиччэ тэриммиппэр баһыыба. Өстүбэһи, биири умна сыстым – тобугун үрдүнэн тэһэҕэстээх курумууну физкультура учуутала Сэмэн Былдакыаптан уларсыбытым. Турар бэйэтинэн эрэ киһини олохтоох дьон, халыҥ хамаанданан тэринэн ыраах айанныыр булчуттар, хантан кытыарыахтарай. Хата, сири-уоту, дьону-сэргэни аанньа билбэт буолан, туохтан да иҥнэн-толлон турбат урааҥхайбын. «Чугас эргин ким да бултаабат, сирэн бырахпыт ууларын кэрийдэххэ, син тугу эмэ дьодьуйаа инибин» диэн эрэл санаалаахпын. Талах быыһынан ууну күллүргэччи кэһэн иһэн биир атыыр моонньоҕон чугаһынан кэлбитин тиэрэ биэрэн түһэрбитим. «Итинник эбит буоллаҕына, мин даҕаны бултуйууһубун» диэн саныы-саныы, ууну кэһэн күллүргэт да күллүргэт. Кус баҕас баар дойдута эбит эрээри, чугаһаан бэрт. Көтөн иһэллэрин көрдөхпүнэ хаптайабын диэн, кэннибин дэлби сиигиртим. Онтум киэһэнэн аргыарданан барда. Аны туран, санаам да түһүөх курдук буолуталаан ылаттаата.
Ол сылдьан чугас соҕус балаакка турарын көрө биэрдим. Өссө буруо сыта билиннэ. Чэй өрөн эрдэхтэрэ! Дьэ, манна эрэ өйдөөтүм – кур аччык эбиппин. Балаакка диэки түһүннүм. Уонча мүнүүтэ кэриҥинэн били баҕалаах сирбэр кэлбитим – түөрт уонун ааспыт дьахтар мин диэки быһыччы көрөн турар. Миэхэ холоотоххо, эстибит-быстыбыт көрүҥэ төрүт суох, чахчы, сэниэ баҕас баар барахсана быһыылаах.
Дорообо-дыраастый кэнниттэн бэчиэнньэ таарата хоппону умса ууран, ас тардан аһатааччы буолла. Дьиэс-куос туттуу сибиэнэ ханан да суох, хата, учуутал буоларбын билэрэ сүрдээх эбит. Аармыйа күнүгэр эргэ кулуупка «Егор Чээрин» кэпсээнтэн сыаҥкаҕа аҥала ньиэмэһи оонньообуппун ахтан кыбыһыннарда. Ол кэпсиибин диэн, хата, бэйэтэ күлүү бөҕөтө. Күллэҕинэ, били дьиппиэн дьүһүнэ сымнаан, өссө туох эрэ сылаас иэйии кэлэр курдук. Мин маҥнай утаа толлон, дьик-дьах туттубутум көрүөх бэтэрээ өттүгэр сиик курдук симэлийэн хаалла. Дьиҥэр, чэйдии олорон билбитим – иннибэр ким олорорун. Били, аатырдар-суолурдар Мачыахалара – илэ бэйэтинэн!
– Дайды ыччата, илими баҕас сатаан көрөр инигин? Ити сиэҥҥэ сордоҥҥо үппүт илимнээхпин, – диэн баран, дьахтар мин диэки тургутардыы көрөн кэбистэ.
Кырдьык даҕаны, талахха уонча сордоҥу хачырдаан ыйаабыта кэчигирээбит. Кус да ытар, балыктыыр даҕаны, дьэ, сүрдээх Мачыаха. Балааккаттан сүүрбэччэ хаамыылаах сиэҥҥэ (от үрэҕи хоту дойду дьоно «сиэн» дииллэр) илим үппүт эбит. Дьиҥэр, хаһан илимнээбитим баарай, ол эрээри «хайдах наар тугу да сатаабат хоро салаҥ буолан сылдьыамый» диэн, ол диэки хаамтым. Дьэ, уустук соҕус буолан биэрдэ – аллараа халтараана сүрдээх, өссө сүүрүктээх курдук. Көр, биир улахан баҕайы сордоҥ иҥнэн, илими дэлби эрийбит! Ону араарыах курдук гынан иһэн үөс диэки курулуу турдум, мэктиэтигэр, тыыным бобуллан ылла – түөһүм тылыгар диэри тыбыс-тымныы ууга баар буолбуппун. Тирэнэбин диэн, аны аҥаар атаҕым туох эрэ хайаҕаска кыбыллан хаалла! Арааһа, куһаҕан саҥам таҕыстаҕа буолуо, биирдэ өйдөөбүтүм – Мачыаха бу сүүрэн баһыккычыйан иһэр эбит. Мин ууга чачайа сыһа-сыһа, мээнэ харбыалаһабын, халлааным хараҥаран ылаттыыр. Мачыаха эрдиитин уунан биэрбитигэр ону хаба тардан ылан быыһанным. Кытылга нэһииччэ таҕыстарбын да, уҥа атаҕым хамсаппат, били, аҥхайга кыбыллыыбар улаханнык өлөрбүппүн. Кутталбыттан, тымныытыттан биир кэм бап-бабыгырас буолбуппун. Мачыаха соскойдоһон, бэрт эрэйинэн балааккаҕа тиийдибит. Дьахтарым миигиннээҕэр ордук уолуйбут. Түргэн үлүгэрдик таҥаспын ньылбырыта тардыалаата уонна таба тириитин үрдүгэр тэлгэппит утуйар таҥаһыгар бөрөөтөр да, тииһим ыпсыбакка лабыгырас. Хата, үрүсээкпин ыйбыппар, били, «нуорма» аспын ойутан таһааран, кэмпириэстээн этим кытарыар диэри соппохтоото. Ордук бүөрүм туһаайыытынан сотон баран илбийдэ. Аҥаар атаҕым сүүлэ испит, өссө көҕөрбүт, оттон «чыычааҕым» итиини-тымныыны билбэт буолуор диэри түүрүллэн хаалбыт, өссө төбөтө аһыйан дьаралыйар, тээһэҥкэм да онтон ордубатах. Кыбыстар диэн умнулунна, Мачыаха ытыһынан быыстала суох илбийбитигэр, (өссө «чыычаахпын» уоһун үмүрүччү туттан, «сылып» гыннаран угуттаан ылбыта быһыылааҕа) арыыйда сылаас билиннэ. «Бастакы уоҕа ааста» диэтэ быһыылаах: тимир оһоҕун тигинэччи оттуон иннинэ курууска быһаҕаһын ууммутун сонно түһэрэн кэбистим. Мачыаха туох баар таҥаһынан үллүйэн, дэлби мукуйан баран, туруусукпун, баккылаах ыстааммын, онньуускабын куурда ыйаата...
Сылаас таҥаска киирэн, сотору буолаат, утуйан хаалбыппын. Эмискэччи уһуктубутум – суорҕан диэн суох (итиититтэн киэр хаһыйан кэбиспиппин быһыылаах), дьэ, нарайыы бөҕөтө буолан сытар эбиппин. Аттыбар – баргыйбыт хыбы туруусуктаах, путбуолкалаах Мачыаха. Мин дьэ өй ылан, аны кыбыстар аакка бардым. «Чыычааҕым», ким эрэ хараҕын араарбакка көрбүтүттэн дуу, биитэр ким эрэ имэрийбититтэн эбитэ дуу, мин иннибинэ «уһуктан» чөрөйбүт аҕай. Суорҕаны ылан хаххалана сатаабыппын «кыбыстыма, аны кэлэн, тугун эмиэ...» диэн эбии буоратта. Өйбөр уоһун үмүрүччү туттан, «чыычаахпын» чупчуруйа түһэн, сылытан ылбыта охсулунна. Оннук уктан сылыппатаҕа буоллар, хайдах-туох буолуон ким билиэй?! Ким оннук өй укпута буолла? Ити санаабын таайбыттыы:
– Дайды киһитэ, эримсэх дьахтарга түбэстим диэйэҕин. Кистээбэккэ эттэххэ, эр киһи тэрилин, дьэ, бу көрдүм. Бэйэҥ да саҥа-иҥэ суох киһитэ быһыылааххын. Кырдьыга баара, эйиэхэ сытан да биэрдэхпинэ, ким билиэ үһү? Син киһи, инчэҕэй эттээх дьахтар буоллаҕым дии. Эр киһиэхэ баҕарарым да ханна барыай. Үлэлээбитим тухары аньыыны оҥорон элбэх сүөһүнү аттаатым, ол эрээри биир оччону сиэмэлээн балачча төрүөххэ күн сирин көрдөрбүт буолуохтаахпын. Онон аньыым-харам арыый ама ини дии саныыбын, – диэн баран, кэккэлэһэ сытынан кэбистэ.
Мин эдьиийим диэҕи лаппа саастаах, ийэм диэҕи арыый эдэр дьахтарга сыстыахпынан сыстан, иһийэн сыппытым.
– Ама, эр киһи диэни билбэккэ үйэбин моҥуох муҥум буоллаҕа дуу. Саатар, биирдэ үчүгэйдик тутан-хабан көрүөххэ, – диэн баран, аллараа түстэр түһэн, кимиэхэ да тыыттара илик тэрилбин имэрийбитинэн, бэл, сыста сытан тохтоло суох сыллаан-уураан барда. – Үчүгэйкээнин ньии, барахсаным оҕотоо...
Мин балай эмэ тулуйа сатаан баран, дьахтар үрдүгэр тахсаары гыммыппар төрүт хамсаппата уонна суон тарбахтарынан тээһэҥкэбин харбаан ылан баран:
– Кэбис. Көннөрү маннык иттэнэ сыт. Аны атыырҕаата диэн, мантыгын быһан кэбиспит киһи дии саныаҕым, кэбиис-кэбис, тоойуом, – диэтэ.
«Тоойуом» диэн тылы истээт, «һык» гынан, уоскуйан, кыбыстан хаалбытым. Кыыс-дьахтар имэҥнээх таптала диэни билэ илик уол салла санаабытым сүрэ бэрдэ. Сол курдук «тыытыспакка» утуйан турбуппут.
Эр киһи диэни билбэтэх бу модороон дьүһүннээх дьахтарга, саатар, быстах да кэмҥэ таптал кыымын сахпатахпыттан билигин кэлэн хомойо саныыбын.
БУТУКАЙ.
ИМЭҤ
Таптал уота сөҕүрүйбэт
Сааһыары «Гертруда Германовна биир хостоох кыбартыыра ылан эрэр үһү» диэн сурах тарҕаммыта. Тэрилтэ үлэһиттэрэ бары даҕаны күө-дьаа буолбуттара: хотуммут биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар кэмниэ кэнэҕэс дьэ дьиэлэннэҕэ.
Саҥа дьиэ хотуна
Сааһыары «Гертруда Германовна биир хостоох кыбартыыра ылан эрэр үһү» диэн сурах тарҕаммыта. Тэрилтэ үлэһиттэрэ бары даҕаны күө-дьаа буолбуттара: хотуммут биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар кэмниэ кэнэҕэс дьэ дьиэлэннэҕэ. Улахан дуоһунастаах хотун хаан да буолбатар, үрдүкү категориялаах испэсэлиис быһыытынан Сиидэр Сэмэнэбискэ – чахчы, уҥа илии. Ити хаһан да бүппэт түбүктээх үлэтигэр үөһээттэн айдарыллан кэлбит курдук, тугу барытын умнан туран сургулдьуйар. Сарсыарда кини саҕа эрдэһит, киэһэ киниэхэ тэҥнэһэн тардыллар, ончу хойутаан барар киһи суох. Аны туран, өйүгэр тутарын оҕоккото – тэрилтэ хас эмэ сыллааҕы отчуотуттан эҥин араас иирбэ-таарба сыыппараны сонно өйдүү охсон тойонугар көрүөх бэтэрээ өттүгэр баар гынар. Үлэҕэ көһүүн соҕус өттө «эрэ да, оҕото да суох аҥаардас дьахтар буолумуна, аралдьыйара диэн – итинтэ эрэ ини» диэн хайыҥ охсунар. Тэрилтэҕэ киниттэн толлубат киһи суох да быһыылаах: тойонун таһыгар сабыс-саҥа эргичиҥниир кириэһилэҕэ олорон, хара кылдьыылаах ачыкытын үрдүнэн быһыччы көрүтэлээн кэбистэҕинэ, сөптөрүн ылбыт курдук, тиэтэйэ-саарайа тахсар аакка бараллар.
Сиидэр Сэмэнэбис маннык испэсэлиистээҕиттэн астынар. Астынымына! Гертруда Германовна дьаһала диэн сүрдээх, хата, кини да баар буолан тэрилтэ бигэ туруктаах быһыылаах. Бэл, сороҕор тойон бэйэтэ даҕаны дьик гынан ылардаах: тугу этээри гыммытын киһитэ сонно таайа охсон хайыы-үйэ хамсатыылаах дьаһалы ылбытынан барар. Чэ, буоллун даҕаны, ол гынан баран үйэ тухары наар үлэ иннигэр, тэрилтэ туһугар диэн сылдьар туох аатай?! Манна диэн эттэххэ, бу Орто дойдуга итинтэн ордук кэрэхсэбиллээх туох да суоҕар дылы.
Кыбартыыратын малааһыныгар аймах-билэ дьонун эрэ ыҥырбыта быһыылааҕа: тэрилтэҕэ оннук сүпсүлгэн суох этэ. Сиидэр Сэмэнэбис боропсойууһун кытары сүбэлэһэн тэрилтэ аатыттан тугу эмэ бэлэхтиэхтээхтэрэ эбитэ буолуо эрээри, хайдах эрэ ити барыта тыаһа-ууһа суох ааһан хаалбыта. Онтон, ыйтан ордук кэм ааспытын кэннэ, Гертруда Германовна, дьэ, «сарсын субуотаҕа саҥа дьиэм малааһыныгар кэлээр» диэн, кэбиниэтиттэн тахсаары туран сүбүгүн эттэ. Аккырыыкка той суох. Сиидэр Сэмэнэбис «ол аата, атын кими да ыҥырбатах бэйэккэтэ дуу?» диэн санаталаан ылла. Устунан арааһы бары эргитэ толкуйдаата.
Уонтан тахса сыл биир кэбиниэккэ үлэлээтэллэр да, истиҥник иэйэн-куойан кэпсэппиттэрэ диэн суох. Барыта кэриэтэ – «дьуһуурунай» тыллар: «туох сонуннааххын?», «халлааммыт бүгүн тымныыта сүрдэммит (итиитэ олустаабыт)». Арай хас эрэ сыллааҕыта тэрилтэнэн Дьахтар күнүн бэлиэтээбиттэригэр, кыратык арыгы испиччэ, кэбиниэккэ киирэн иэдэһиттэн убураан ылбытыгар Гертрудата иһийэн, нук курдук буолан хаалбытын билбитэ. Салгыы уоһуттан убураан, кууһан ылбыта буоллар, хайыа эбитэ буолла? Баҕар, хардарсан барыа этэ. Дьэ, ити баар ээ, иэйии кыыма үөскээбитин күөдьүппэккэ, аараан-тохтоон хаалар диэн куһаҕана. Кини да инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх ини! Бачча сааска тиийиэххэ диэри эр киһи имэҥнээх тапталын билбэккэ сылдьар диэн туох аатай?! Дьэ, сөп, малааһыҥҥа соҕотохтуу миигин эрэ ыҥырбыт буоллаҕына, барыллыа, онно тиийэн хайдах сыһыаннааҕын билиллиэ.
Дьикти баҕайы. Кэргэнэ Марыына сороҕор иһитин-хомуоһун тыастаахтык сууйан, түтүө-татаа буола туран «күнү-күннүктээн Гертруда хотуускаҕын кытта сэлэһээн-сэлэһэн баран, манна кэлэн, балык айах буолан ньимийэн олороҕун, киһини кытта сүгүн кэпсэппэккин» диэн сордооччу. Ойоҕун тылын тамаҕыттан сыаналаатахха, кэбиниэккэ дьылыйан сытан көссүүлэспиттэрэ быданнаабыт дьон бадахтаахтар. Итинник хара балыырга түбэспит абаккатыгар Сиидэр «кырдьык даҕаны, баччалаах уһун кэм устатыгар көссүүлэспэт, эбиитин ол туһунан санаан да ылбат туох ааттаах быһа ыстаабыт киһитэбиний?!» диэн кыйыттар.
Ол эрээри кыл түгэнэ да Гертруда Германовнаны кытта таптаһар санааны өйүгэр батаран киллэрбэт этэ. Хата, ол оннугар ити Агнесса Альбертовна курдук тургутардыы көрбүт, сырдык баттахтаах, көҕөрүмтүйэ оонньоон ылар имэҥнээх харахтаах, киһи лабыччы кууһан баран хаһан да ыһыктыа суох курдук эттээх-сииннээх кырасаабыссалар түүлүгэр хаста эмэ киирэн манньытааччылар. Гертруда Германовна оннук буолбатах. Кылгас хап-хара баттахтаах, хатыҥыр эрээри ис-иһиттэн эниэргийэлээх иҥиир-ситии дьахтар. Тугунан эрэ японкаҕа олус маарыннаан ылар. Кырдьык, оннук эбит.
Сиидэр быдан өрдөөҕүтэ Иркутскайга милииссийэ оскуолатыгар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьыбыттааҕа. Онно «Сибирь» диэн көстүүнэй үһүс этээһигэр ыйы быһа олорбута. Арай биирдэ көрүдүөргэ дьүһүнэ саха курдук эрээри омук буолара ончу биллэ сылдьар кыыһы (аны санаатаҕына, үүт-үкчү Гертруда Германовна!) көрсө түспүтэ. Кэпсэппиттэрэ. Кыыһа эмиэ бэйэтин курдук нууччалыы соччо үчүгэйдик саҥарбат этэ. Японияттан кэлэ сылдьар эбит. Аата Касуми (сахалыы өйдөбүлэ – туман). Син уопсай тыл булан, бэркэ бодоруһан сылдьыбыттара. Өссө биир субуотаҕа пааркаҕа үҥкүүгэ тиийэн бүрээт уолаттарыттан кырбана сыспыттара: буруйдара диэн, Сиидэрдээх «бүрээт эрээри, төрөөбүт тылларын умнан наар нууччалыы саҥараллара» үһү.
Ол түүн Сиидэр Касумины хоһугар ыҥыран киллэрбитэ. Убураһыытын баҕас дуоһуйуохтарыгар диэри убураспыттара эрээри чугаһаспатахтара. Сытарын сыппыттара, куустуһуу, имэриһии-томоруһуу да сүрдээх этэ. Онтон Сиидэр элэ-была тылын этэн, таҥастарын сыыһын ньылбырыттан, тэһии эттэринэн даҕайсан, дьигиҥнэһэн ылаллара. Түүҥҥү уот мөлтөх сырдыгар кыыс аллараа өттүнээҕи «үүнээйитэ» оруобуна баттаҕын курдук хоп-хойуу хараҥа-будьурхай эбитин өйдөөн көрбүтэ. Туох да саҥа-иҥэ суох дьоно кытааппыт эттэрин иминэн кэпсэтэр курдуктара. Кэмниэ кэнэҕэс, түүн ортото ааспытын кэннэ, Касуми хараҕын уута ыгыллан тахсан түөһүгэр биллибитигэр Сиидэр сэрэнэн кыыс үрдүгэр сыппыта уонна «ыллык омооно» ханан баарын көрдүү сатаабыта да кыаллыбатаҕа. Уулааҕынан-хаардааҕынан хачылыйан эрэйи көрбүт «барахсана» туох эрэ чиҥ дьилэйгэ кэлэн иҥнэн чинэкэлиирэ, оччоҕо кыыһа ыҥыранар икки ынчыктыыр икки ардынан саҥа таһаарара, дьигиҥниирэ; муҥур уһугар тиийэн, били, кытаатыаҕынан кытаатан, тыҥаан аҕай турбут «табаарыһын» сып-сылаас илиитинэн хойуу «үүнээйитин силэйэн», сииктээх «ыллыкка сиэтэн» адьас бу аҕалбытыгар тулуйбатаҕа – омуннаах баҕайытык тыгыаламмытынан барбыта... Итинтэн кыбыстан, Сиидэр өссө буорайбыта, сиргэ тимириэн сир кытаанаҕа, халлааннаан көтүөн халлаана ырааҕа. Уостубута, имэҥ-дьалыҥ симэлийбитэ...
Киһи атылыыта аан дойду хайа баҕарар муннугар баар эбит. Быдан өрдөөҕүтэ Сиидэри кытта быстах кэмҥэ билсэн ааспыт японка Касуми үүт-маас Гертруда Германовна буолан, дьүһүн кубулуйан илэ бэйэтинэн кэллэҕэ.
Ойоҕо Марыына мааҕыҥҥыттан бэлэмнээн сордоммут киэһээҥҥи аһылыгын эрэ киһи үлэтиттэн кэлэн баран аанньа ахсарбатаҕыттан абаран, үгэһинэн, тилир-талыр туттубутунан барбыта. Куукунаҕа тугу эрэ мөҕүттэрин Сиидэр Сэмэнэбис кулгааҕын таһынан истэн аһарбыта. Оо дьэ, муҥ-таҥ саҕаланнаҕа эбээт! Итинник – күн аайы кэриэтэ. Хата, үлэтигэр баран аралдьыйар, ойоҕо сыппах быһаҕынан сулуйарыттан онооҥҥо-манааҥҥа диэри быыһанар. Ити гынан баран уһуннук олордулар, оҕолоро дьиэ-уот тэринэн ырааппыттара, сиэннэр да бааллар. Ол үрдүнэн баччааҥҥа диэри Марыыната күнүүлээн бүппэт.
Тэлэбиисэргэ «Время» биэриини хайаан да көрөн тэйэр бэйэтэ бүгүн эрдэлээтэ: хоско киирэн утуйардыы оҥоһунна. Марыыната хаһан кэлэн сытара буолла? Чэ, ол бэйэтин дьыалата. Урукку курдук имэҥнээхтик таптаспаттар – ыйга биирдэ эмэ. Солуобатыгар. Дьиҥэр, Сиидэр ымсыырара-баҕарара ханна барыай, эр киһиэхэ имэҥ-дьалыҥ өтөрүнэн уостубат. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон түүн Марыынатын кууһаары гыннаҕына «туох хара сорой, киһини сүгүн утут!» эбэтэр сонно киэҥ хыбы туруусугун киэр хаһыйаат, «оннук аһара баҕарбыт буоллаххына, чэ, түргэнник туохтуу оҕус!» диэн силбиэтэнэрэ.
...Сиидэр киэҥ дьыбааҥҥа сытан сарсын Гертруда Германовнаҕа барыахтааҕын санаабыта. Дьэ, үчүгэй, саатар, онно тиийэн сэргэхсийиэ. Бу сытан, устунан талбаарыйан киирэн барбыта...
Гертруда Германовна японнуу дьэрэкээн кимонолаах, баттаҕын хороччу өрүнэн таһааран баран, муос биилкэнэн иҥиннэрэн кэбиспит, мичээрэ диэн сүрдээх. Тыый, олус да иэйиилээхтик мичээрдиир эбит ээ, баччааҥҥа диэри онтун тоҕо кистии сылдьыбыт бэйэккэтэй?! Сиидэр иннигэр кэлэн тоҥхос гынна уонна сиэтэн илдьэн, ас арааһа тардыллыбыт муостатыгар аҕалан олорто. Сып-сымнаҕас эбит. Хайдах-хайдаҕый? Туох да мал-сал суох эбит дуу, олоччу японнуу тэриммит баҕайыта дуу?!
Курустаал ыстакааҥҥа «сакэ» диэн дьэҥкир арыгыны аҕалбытыгар кэриһэн истилэр! Бай, Гертруда Германовна иһэр эбит дуу? Буолумуна, сакэта минньигэһэ сүрдээх, үүт-үкчү көөнньөрүүлээх быырпах курдук. Хос иһэ, били, Иркутскайдааҕы «Сибирь» көстүүнэйгэ баар нүөмэргэ маарынныыр. Касуми илэ бэйэтинэн! Хайа икки ардыгар сыгынньахтаммыта буолла – кимонота муостаҕа сытар, оттон бэйэтэ түүҥҥү уот мөлтөх сырдыгар көрдөххө, үүт маҥан эттээх, оттон аллараа хоп-хойуу үүнээйитэ будьуруйа харааран, мэктиэтигэр, толбоннуран ылар.
Сонно, ас-үөл тардыллыбыт муостатыгар, туох эрэ сымнаҕас бүрүөһүннээх сиргэ, сыттылар... уонна таптаспытынан бардылар. Тоҕо сүрэй?! Гертруда Германовна имэҥ чааһыгар, ама, маннык уопуттаах буолуо диэн ким саныай?! Сиидэр хараҕа ирим-дьирим барда – эмиэ да Касуми үрдүгэр олорон аргыый аҕай биир тэҥник, сымнаҕастык түһүөлүүр; эмиэ да Гертруда Германовна буолан, эмиийин тыҥаабыт тумугунан уоһугар таарыйбахтаан өрүтэ тыыммахтыыр. Олох диэн дьикти даҕаны! Барыта – көһүппэтэх өттүттэн! Оннук буолуохтаах даҕаны, хайдах наар аанньа, биир күдьүс бороҥ, салгымтыалаах буолуой?!
Сиидэргэ өтөр-наар билбэтэх сылаанньыйыы билиннэ, кинини туох эрэ сымнаҕас, сылаас иилии кууста... ол сытан уһуктан кэлбитэ – кэргэнэ Марыына, били, сүүрбэ сыллааҕы имэҥ-дьалыҥ толору Манята – өйдөнөр да бокуой биэрбэккэ, сыллыы-ууруу, таптыы аҕай сытар эбит...
БУТУКАЙ.
Содержание
Атыылааччы Таанньалыын
("Вануатуга айан" сэһэнтэн быһа тардыы)
Аҕыйах сыл иһигэр устудьуон аатыраары, дьүһүннүүн-бодолуун, майгылыын-сигилилиин тосту уларыйбыт (Гриша диэн төрөппүттэрэ биэрбит ааттарыттан дэлэҕэ кыккыраччы аккаастаныа дуо?!) Николас уол, кини төбөтүгэр соһуччу түспүт биир дойдулаахтарын, саҥардыы оскуоланы бүтэрбит Мишалаах Костяны, төһө да сүрэҕэлдьээтэр, остолобуойга сирдээтэ. Дьолго, киһи аҕыйах буолан биэрдэ, онон уолаттар түргэн соҕустук астарын ылаат, остуолга олордулар. Сибиэһэй хаппыысталаах борщ сыта бэрт да бэрт!
— Оһуобайдык аһаталлар эбит, — Миша борщун иҥсэлээхтик иһэрин быыһыгар нэһиилэ тыын ылан эттэ.
— Үчүгэйэ диэн, манна сыаната атыттардааҕар быдан чэпчэки. Ол эрээри, кыахтааҕым буоллар, манна сүүстэ үктэнэн бэрт! — Николас улахамсык хаанын киллэрдэ.
— Бай, тоҕо? – Костя миинигэр уста сылдьар лавровай лииһи тэриэлкэтин кытыытыгар ньуоскатынан аста.
— Эрэстэрээннэргэ эрэ аһыам этэ. Бу курдук бэйэм бодунуостана-бодунуостана эрэйдэммэппин, сыстан хаалбыт мокоруону сиэри сордоммоппун, — Николас биилкэнэн биир кэлимсэ буолуор диэри буспут мокоруону араара сатыы олорон эттэ.
— Оо, аһыыр син биир үчүгэй! Мин тус бэйэм сыстыбыт да мокоруону сирбэппин, — Миша аны иккис бүлүүдэтигэр түстэ.
— Биллэн турар, үчүгэй. Ол эрээри, уолаттар, таайыҥ эрэ, аһыыры таһынан мин өссө тугунан дьарыктанарбын сөбүлүүрүм буолуой? – Николас ити тыллары этэригэр хараҕар тэбэнэттээх уот оонньоото.
— Көрүлүүргүн сөбүлүүгүн, ол баҕас чуолкай, — эмиэ Миша саҥата иһилиннэ. Костя кэпсэтиигэ кыттыбакка, саҥата суох аһыы олордо.
— Көрүлүүрү баҕас ким сириэй? Аһыыр, уһуннук утуйар, күүлэй тэбэр – туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри мин өссө кыргыттар төбөлөрүн капитально иирдэрбин астынабын. Онно баҕас профессионалбын диэххэ сөп! - диэн Николас саайда.
— Да-а? Хайдах ол иирдэҕин? – Миша тута сэргэхсийэ түстэ.
— Ол кистэлэҥ буолбатах. Ханнык баҕарар кыыска һтаптыыбынһ диэн этиэҥ эрэ кэрэх, кини — эйиэнэ. Өссө таптал туһунан биир эмэ хоһоону нойосуус үөрэтэн баран, саатар, икки устуруоканы онтон аахтаххына, уулла-уулла бараллар.
— Куораттар, ама, оччо сэлээрчэхтэр үһү дуо? – эмиэ Миша саҥата иһилиннэ.
— Куорат кыргыттара диигит да, манна улахан аҥаардара — тыалар ээ. Эрэйдээхтэр, бары тапталга наадыйаллар, бары кэргэн эрэ тахсар баҕалаахтар, төбөлөрүн иһэ, короче, любовь-морковь эрэ.
— Кыргыттары төбөлөрүн таах эрийэҕин быһыылаах, ээ? – Миша, хата, хайҕыахча буолла.
— Биллэн турар! – Николас да киһиргиэхчэ, - оттон эһиги ити чааһыгар хайдаххытый?
— "Хайдаххытый" диэн тугу этэҕиний? – Миша өйдөөбөтөҕө буолла.
— Оттон кырыллыбытынан мальчиктаргыт дуу, эбэтэр кыргыттар төбөлөрүн эмиэ сатаан иирдэҕит дуу? – Николас, хайдах баарынан, "пал" гыннарда.
— Бу да киһи мээнэ-мээнэ саҥардаҕын?! – Миша кыбыстыбыта буолла.
— Чэ, Костя – биллэр дьыала, үөрэҕиттэн атын тугу да билиэн баҕарбат быһыылаах (Костя ити тыллар киниэхэ анамматахтарын курдук тутунна). Оттон эн, Мишка? Эчи, киһи хараҕа халтарыйыах, красавчигыҥ да сүрдээх дии?! Любовь-морковь бөҕөтө инигин?
— Наһаа да "бөҕөтө" буолбатарбын, — Миша куотуна сатаата да, хайдах эрэ сэниэтэ суохтук.
— Кэпсээ-кэпсээ. Кимтэн кыбыстаҕын? Бары бэйэ дьоно олоробут, — Николас арахсар аат суох.
— Хатыҥнаахха Таанньа диэн атыылааччы баар, билэриҥ дуу суоҕа дуу? — Миша кинини аһатар-сиэтэр киһи аны аҥаардас Николас буола түспүтүнүү, Костяҕа кырыытынан олорон кэпсээн барда, — ол эрээри биһиэнин курдук кыракый дэриэбинэҕэ оннооҕор ыттар, ынахтар ааттара, хаһаайыннара кимнээх буолаллара кытта биллэр дьыала. Быһатын эттэххэ, ол Таанньа атын, ханнык эрэ хотугу улуустан кэлбит үһү. Эриттэн арахсыбыт, биир оҕолоох.
— Хайа, олох дьиҥнээх мачо эбиккин дии! – Николас итини эрэ көһүппэтэх буолан, харахтара обургу кээмэйдээх тимир харчы тэҥэ кэҥии түстүлэр. Оттон Миша, аттыгар Костя кулгаах да харах да буолан олороруттан баттатан эбитэ дуу, эмиэ саҥата суох ах барда.
— Чэ-чэ, итиччэ быктаран баран, салгыы кэпсээн ис! Хайдах билсибиккитий? – Николас ыкта.
— Биирдэ маамам маҕаһыыҥҥа килиэп атыылаһыннара ыыппыта. Үлэ чааһа бүтэн эрэрэ, тоҕо эрэ маҕаһыыҥҥа ким да суоҕа. Таанньа миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, "тугу атыылаһаҕын?" диэн ыйыппыта. Мин "икки бухааҥка килиэп" диэбитим уонна харчыбын утары ууммутум. Кини буоллаҕына, килиэптэрбин бакыакка уган баран, хараҕын туох да иһин миигиттэн араарбакка, мичээрдии-мичээрдии турбута. Ыытыан баҕарбата сирэйигэр сурулла сылдьара. Мин даҕаны тоҕо эрэ ханна да ыксаабат киһилии, биир сиргэ хараҕаланан турбутум. Таанньа эмискэ: "Маҕаһыыммын сабар кэмим кэллэ, ааннарбын хатыырбар көмөлөһүөҥ дуо?" — диэбитэ. Мин аккаастаныам дуо, сөбүлэстэҕим дии. Ити курдук иккиэн көмөлөөн түннүктэри, киирэр ааны саппыппыт. Бэйэм буоллаҕына, ити кэмҥэ уора-көстө дьахтары кэтээбитим. Таанньа төһө да сааһынан миигиттэн быдан аҕа буоллар, тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону даҕаны хараҕыҥ үөрэннэҕинэ, туох да куһаҕана суохха дылы. Чэ, ол туран эмискэ испэр таайа сатаабытым: "Бээрэ, оччоҕуна мин, били, түгэх аанынан тахсан бүгүн дьиэлиир буоллаҕым дуу?" — диэн. Сөпкө да сэрэйбит эбиппин, ол эрээри Таанньа тута ыыппатаҕа: "Давай, чайкуулуохха", - диэбитэ.
— "Чайкуулуохха"? – Николас туох эрэ олус тыыппалаах, соһуччу сонуну истибиттии, хос ыйытта. Миша даҕаны Костяттан кыбыстарын, сүр баттатарын умнан, сыыйа-баайа өһүллэн барда.
— Да, "чайкуулуохха" диэбитэ. Мин буоллар, чэйдээтэххэ да туох баар үһүнүй дии санааммын, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Таанньа миигин эрдэттэн кэтэспит курдук, түргэн үлүгэрдик ыйааһынын таһыгар аһын кэчигирэтэн барбыта, эбиитин ханньаак орообута, - Миша ити кэнниттэн тоҕо эрэ саҥата суох ах барда, чэйигэр баар саахары булкуйа олордо.
— Мишка, ити соруйан тохтуугун дуо? - туох эрэ уһулуччу умсугутуулаах киинэни реклама быһа түспүтүттэн ньиэрбинэйдээбиттии, Николас тулуйбата: - Салгыы туох буолбутай? – диэтэ.
— Салгыы дуо? ¤ы, билэ билэҕин, тоҕо ыйыттаҕын? — Миша чэйин ыймахтаата.
— Кууллаах бурдуктар быыстарыгар дуо?
— Арааһа, оннук да буолуо. Ханньаактан эбитэ дуу, барытын бүдүк-бадык курдук өйдүүбүн. Ол эрээри дьиэбэр килиэп тутуурдаах тиийбитим.
— Биир сырыынан бүппүккүт дуо?
— Эппитиҥ да баар! Таанньа, уопуттаах дьахтар, миигин ыытан бэрт, ыты сыапка баайбыттарыныы, ыраатыннарбакка, адьаһын бэйэтин таһыгар сырытыннарбыта.
— Оттон, хата, хайаан айдаан тахсыбата?
— Туох айдаанай? – Миша өйдөөбөтөх курдук тутунна. – Ити туһунан ким да билбэт.
— Эс, саатар, Костя, билэр ини?
— Суох, Мишка миэхэ биирдэ да кэпсээбэтэҕэ, — Костя нэһиилэ хоруйдаата. Бу кэпсэтии хайдахтаах курдук киниэхэ табыгаһа суоҕун сэрэйиэххэ эрэ сөбө.
— ¤ы, оччотугар эһиги адьас улуу конспиратордар эбиккит дии?! – Николас сөҕүөн сөхтө. - Оттон ханна көрсөр этигитий? Итиччэ кыра дэриэбинэҕэ киһи саһар да сирэ суохха дылы дии!
— Ханна буолуой, маҕаһыыҥҥа, — Миша тоҕо эрэ баҕарбатахтыы хоруйдаата: арааһа, бу кэпсэтииттэн бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах.
— Ха-ха-ха! Кууллаах бурдуктар быыстарыгар! Ха-ха-ха...
— Гришаня...
— Ни-ко-лас... Эбэтэр Ник.
— Тууй-сиэ, умна турабын ээ. Ник, аны эн бэйэҥ сырыыларгын кэпсээ, эн уочаратыҥ.
— ¤ы, үөрбүт дии! Кэпсээн бэрт!
— Тоҕо кэпсээбэккиний?
— Кэпсээтэхпинэ, биир күнүнэн бүппэппин.
— Оттон, саатар, кыратык.
— "Суох" диэтим, онон бүтэр.
— ¤ы, киһи кистэлэҥин күүскүнэн кэриэтэ иһиттиҥ, бэйэҥ буоллаҕына тугу да кэпсээбэккин! Дьаабы киһи эбиккин! – Миша харчытын балыйтарбыттыы, баайсан барда.
— Улахан баҕайы кистэлэҥнээх эбиккин! Манна диэн эттэххэ, мин олох да итэҕэйбэтим.
— Тоҕо?
— Костик билбэт дии! Манна кэлэн саҥардыы истэ олорор. Дьиҥинэн, кини маҥнайгынан билиэхтээх этэ. Этэбин дии, итинник сырыылары өр кэмҥэ, буолаары-буолан быыкаа дэриэбинэҕэ, кимтэн да кистээбэккин. Онон, арааһа, омуннаан кэпсээтиҥ.
— Итэҕэйбэт буоллаххына, итэҕэйэн абыраама! — Миша өһүргэнэ быһыытыйда...
Дана Сард.