Кэпсээ
Войти Регистрация

Уоруйах муҥатыйыыта

Главная / Кэпсээннэр / Уоруйах муҥатыйыыта

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 13:39
498 0

Сөдүөт оҕонньор 63-с хаарыгар сылдьар. Өссө "оҕонньор" диэн 50-нун туола илигинэ ааттаабыттара. Кырдьык да, үөлээннээхтэриттэн быдаҥ кырдьаҕас курдук көстөр. Ол эмиэ оруннаах, олоҕун 23 сылын хаайыыга атаарда. Сөдүөт арыгылаан, күлүгээннээн хаһан да түбэспэт. Кини - уоруйах. Алтыс төгүлүн сууттанан, холуонньаҕа бараары, түрмэҕэ сытар. Доруобуйатын хаайыы айгыратта. Бу, эргиллибэттии баран иһэрин сүрэҕинэн сэрэйэр. Ааспыты анааран көрдөҕүнэ, киһиэхэ биирдэ бэриллэр, күндүттэн күндү олох кэрэтин билбэтэ. Ойох ылбата, оҕо төрөппөтө, олоҕо манан бүттэҕэ. Хобдох. Сөдүөт маннык кэрэгэй дьылҕаламмытыгар буруйдаах дуо? Киһи бу күн сиригэр олох олороору төрүүр дииллэр да, барыта оннук буолбат эбит. Ону Сөдүөт өссө эдэригэр билбитэ. Уоруу диэн ыарыы, ону ааһан - удьуордааһын. Кини ийэтинэн хос эһэтэ идэмэрдээх сылгы уоруйаҕа үһү. Оччотооҕу сокуон мөлтөҕүттэн эбитэ дуу, хос эһэтэ мындыра бэрдиттэн эбитэ дуу, биирдэ да түбэспэтэх. Оттон Сөдүөт түбэһэ турар. Онон оҕоломмотоҕуттан эмиэ да үөрэр курдук, оҕото кини курдук уоруйах буолан эрэй эҥэрдэниэн кэриэтэ суоҕа ордук. Дороппууннарга соҕотох оҕо, онон уорар ситим кининэн быстар. Уоруу сүрдээх кыбыстыылаах, сахаҕа дэҥҥэ көстөр идэ. Ийэтэ да, кыралаан уорар этэ, хата, кини дьолугар, сааһын тухары остолобуойга асчыт буолан, биллибэккэ хааллаҕа... Сөдүөт оҕо саадыгар сылдьыаҕыттан уорар. Бастакы уоруута саллыы этэ. Бачыыҥкатын быата быстан эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Күнүскү утуйуу кэмигэр Тээмпий бачыыҥкатыгар атаакалаабыта. Син, куһаҕаны оҥорон эрэрин билэн буолуо, уҥуоҕа сап-салҕалас, сүрэҕэ тип-тиҥиргэс буолбутун билигин да умнубат. Онтон уоран баран чэпчээн хаалбытын өйдүүр. Баҕар, онно түбэспитэ буоллар, уорарын быраҕыа эбитэ дуу, саарбах. Дьэ, онтон умуннара-умуннара оҕолор кэмпиэттэрин, бэчиэнньэлэрин "сып" гыннартыыр буолбута. Хор, биирдэ да түбэспэтэҕэ. Оскуолаҕа өктүбүрүөнэк, биэнньиэр буолан хороҕолдьуйбута. Төһө да чиэһинэй буолууну кэрэһэлиир, кытара кыыһа сылдьар хаалтыһы баана сырыттар, уруучукаттан саҕалаан бытархай харчытыгар тиийэ уорара. Түгэн көһүннэр эрэ оҕолор суумкаларын хаспытынан барара. Үөрэҕэр орто баайыы этэ, үрдүкү кылааска тахсан баран, дьэ, уорартан кыбыстар буолбута. Уорбакка буола сатыыра, өй-сүрэх охсуһуута онно баар этэ. Аһаабат да, утуйбат да үлүгэрэ. Бара сатаан умса түһэ сытан сыттыгын кырбыыра, ньиэрбинэйдээн, кэлиэх-барыах сирин булбакка истиэнэҕэ баһын быһа сынньыахтыы кэбилэнэрэ. Муҥур уһугар, иирэ сыһан уора барара. Дьыалата табылыннаҕына, норкуостаммыт киһилии чэпчиирэ. Онтон ый буолбакка эмиэ тииһигирэн кэлэрэ. Хаайыыга бастакы түбэһиэҕиттэн дойдутуттан кый бырах барбыта. Онно кинини үтүө өттүнэн ахтыбаттара биллэр. Эдэригэр таптал ухханыгар ылларбыт кэрэ кэмнэрдээх этэ. Хор, онно кыыһын сыллыы-ууруу туран илиитэ кыыс сиэбигэр барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалара. Сүрэҕинэн кыыһын таптыыра, өйүнэн "суумкатыгар туох баара буолла" диэн толкуйдуура. Кыбыстыылаах... Сөдүөт Сэбиэскэй да кэмҥэ көлөһүнүн тоҕо үлэлээбэтэх киһи. Көппөйөр суох дууһата. Куоратынан-тыанан кэрийэ сылдьан, идэтийэн уорара, онтукатын батаран аһаан-таҥнан сылдьара. Биир сыптарыҥнаах ынах хотону бүтүннүү сутуйарыныы, элбэх эдэр дьону бэйэтин уһун кутуругар сөрөөн олохторун алдьатта. Дьиктитэ баар, түбэстэ да уорар санаа суох буолан хаалар. Онтон хайдах көҥүлгэ көттө да, уорар кыыбаҕата тэһэ кэйбитинэн барар. Онон буоллаҕына, уоруу эмтэниллиэн сөп курдук эбит. Иһиллэринэн, ханна да уоруйаҕы эмтиир килииникэ баара биллибэт. Анаан психологтар дьарыктаныахтарын сөп эбит уонна бу кини курдук дьону кытаанах хонтуруолга тутаттыахха. Дойду киэҥ, ханна эрэ эмиэ кини курдук уоруйах уорумаары эрэйи көрө сырыттаҕа. Аны бу киһи оҕолордоох буоллун, оччоҕуна бу дьон ыырдара ыраатар. Сөдүөт төһө да кырдьаҕас хаайыылаах аатын ылан, убаастаныллан муннукка сыттар, санаата санньыар, дууһата ыар. Бу билигин эп-эдэр уолаттар 20-25 сылы ылаттаан хаайыыга баран эрэллэр. Туох да кыһалҕата суох, күлэ-үөрэ доминолуу олороллор. Эдэрдэригэр тэптэрэн, сорохторо эргийбэттии баран эрэллэрин сэрэйбэттэр да быһыылаах. Сөдүөт бииртэн үөрэр - сахаҕа кини курдук айылҕаттан уоруйах буолан төрөөбүт аҕыйаҕыттан. Бу уоран түбэспит уолаттар быстахха түбэһэн олороллор. Арыгы тэбиитэ. Арай эдэригэр хаайыыга биир оҕонньору көрсүбүтэ, ол сордоох "хаайыыттан тахсыахпын баҕарбаппын" диэбитин сүөлүргүү истибитэ. Оҕонньор эппитэ кырдьык эбит, уорумаары олоҕун хаайыыга анаатаҕа. Биир уол оҕолоохпун диирэ, уола улаатан, аҕатын батан, хараҥанан сирэйдэнэн түүлээх уллуҥах буола сырыттаҕа... Сөдүөт ыараханнык өрө тыынна. Хаамыраҕа олорооччулар, "кырдьаҕас туох буолла" диэбиттии, бары хайыһа түстүлэр. Хаамыра иһэ чуумпура иһийдэ, арай табах буруота унаара уһунна.

.....Оҕуруоттаах.....Суотту.....

Добавить комментарий