СОНОР
Главная / Кэпсээннэр / СОНОР
Булчут кэпсээнэ
15.02.2019с.
Урут өрдөөххө тайахтыы сылдьан кутургуйаларга быһа сиэтэн өлө сыһан турардаахпын, 4-5 кутургуйа тахсыбыта , ириҥэ көйөн ыарыыта диэн иэдээн, ол ыалдьа сытан арай биир түүн ыарыым быыһыгар түүл түһээтим. Ханна эрэ тыаҕа массыынаннан баран иһэбин, ол истэхпинэ суолга утары биир тонхоччу кырдьыбыт кырдьаҕас кэлэн иһэр эбит , илиитигэр маҥан мөһөөччүк суумка тутуурдаах, ааһыах курдук гынан эрдэхпинэ кырдьаҕаһым илиитинэн далбаатаан тохтотто. Мин массыынабын тохтотон түһэн оҕонньорум өттүгэр тиийбитим арай кырдьаҕаһым суох, сүтэн хаалбыт, онон манан эргийтэлээн, өҥөҥнөөн көрөн баран хайыахпыный ,массыынабар олорон айаннаатаҕым дии. Арай ол айаннаан иһэн көрбүтүм пассажир сидиэнньэтигэр оҕонньорум маҥан мөһөөччүгэ сытар эбит, хайдах хайдаҕый диэн тохтоон мөһөөччүгү хаһан көрбүтүм иһигэр үс водка сылдьар эбит уонна эмискэ уһуктан кэлбитим. Уонна ол уһуктан баран хайдах даҕаны тыаҕа сиэлэ тахсар кыаҕа суох балаһыанньаҕа сытарбын билэбин, дьэ хайдах гынабын диэн толкуйга түстүм. Миигин кытары бииргэ төрөөбүт быраатым ханна барбакка үүтээҥҥэ кэтэх тардыстан сытыһар, онно манна баран чэччийэн кэл диирбин олох буолбат, сири билбэт даҕаны уонна куруук киһи кэнниттэн сылдьа үөрэммит буолан соҕотоҕун дуостал барбат этэ. Наараҕа сытан эрэ бырааппар эбиэккэ диэри дьэ иэдээн нотацияны аахтым, уолум саҥарбат сытар, билигин туран мин таҥаспын саппын барытын таҥнан, карабиммын, быһахпын, сүгэбин барытын иилинэҥҥин, аппын миинньэн сатаатар дойдулуур суол устун Оноку диэн үрэххэ диэри бара сылдьан баран төнүн диибин. Дьэ уолум аҥнан бохтон нааратыттан оронон туран саҥата иҥэтэ суох аттары тута өтөххө барда. Барар буолла быһылаах диэн кэтэн барыахтаах таҥаһын сабын бэрийдэх буоллум. Киһим чочумча буолан баран мин аппын тутан кэлэн ыҥыырдаата. Дьэ туох баар таҥаспын саппыкытыгар диэри кэтэрдэн , карабиммын сүктэрэн , сүгэтин иилинэн дойдулуур суол устун аат эрэ харата эксэрдэтэ турда, туох даҕаны саҥата иҥэтэ суох.Күүһүлэнэн баран эрэр киһи онтон аанньа буолуо дуо, өссө баран истэҕинэ хаһыытаан икки кураанах куулу уонна ыттары баайар быалары ыл диэн соруйдум уонна этэбин дьэ бүгүн үс тайаҕы бултуоҕуҥ, истэрин хоойдорун үчүгэйдик ылаттаар, дьаһайталаар диибин, киһим мин диэкки мээнэннэн көрөн туран ханнааҕы тайахтар кэлиэхтэрэй, таах сибиэ баран эрэбин диэччи буолла уонна дьэ оннук хоҥнон барда. Киэһэлик алта чаас саҕана дойдулуур суолунан ыттара суох аттаах киһи элэгэлдьитэн иһэрэ көһүннэ, чугаһаабытын кэннэ көрбүтүм быраатым эбит, дэлби ырбаччы үөрэн хаалбыт, төргүүтүгэр хааннаах куул тэскэччи баалла сылдьара көстөр. Быраатым уоскуйа түһэн баран хайдах бултаабытын кэпсээтэ, ол Онокутугар тиийэн урукку отчуттар отууларыгар киэһээҥҥи диэри сытыллар ини, баҕар киэһээ дойдуттан күтүөт кэлиэ диэн саныы саныы суол устун баран испит , Онокуга тиийиэх иннигэр Энэкээннээх үрэҕэр чугаһаан истэҕинэ суолтан син тэйиччи км.курдук сиргэ ыттар үрэллэрин истибит, арай эргим ургум көрбүтэ мин ыттарым суохтар үһү, ону хаһаайыннарыгар үүтээҥҥэ төннөн хаалбыттар быһылаах дии санаабыт. Оннук аргыый ыттар үрэллэрин истэ истэ барбалыы түһэн баран олох арахпакка үрэллэрин иһин ханнык даҕаны ыттар буоллуннар баран көрө сылдьыахха диэн баран атын быһа биэрэн кэбиспит. Ыттар үрэр сирдэригэр чугаһаан, атын баайан үөмэн киирбит , ыраастаан бэрдьигэстэр быыстарынан көрдөҕүнэ лөкөй турар үһү, ону кыҥаан баран ытан саайбыт, ону кытары хойуу бэрдьигэстэртэн икки тайах ыраас сиргэ ойон тахсан баран эрэллэрин эр биир сууллартаабыт, онно өйдөөн көрбүтэ бэйэбит ыттарбыт аҕылаһа мэҥилэһэ сылдьаллар үһү, чугаһаан тиийэн көрбүтэ лөкөй уонна тыһылаах , ачарыы үһүлэр , быраат оннук үс тайаҕы бултаан турардаах. Онон түүлү эмиэ уларытыахха сөп быһылаах дии санаан турардаахпын.
Балыара
Холорук уонна балык
ДЬЫЛҔА
Атырдьах ыйын бүтүүтүн эргин этэ. Халлаан ып-ыраас, тыала суох. Бырааппын кытта Кыагдаан эбэ Күтэгир диэн түөлбэтигэр сатыы илим үтэ бардыбыт. Мин оччолорго сэттис кылааска киириэхтээхпин, быраатым бэһис кылааска үөрэниэхтээх.
Кыагдаан куруук кустуур-балыктыыр, оттуур эбэбит. Тыы тахсарга тиийэн, тыыбытын анньан ууга киллэрдибит. Онтубут – аарыма тыы. Аҕабыт түөрэҥнээбэтин, сааланар буоллахха хамсаабатын диэн, анаан-минээн оҥорбут. Эбэбитигэр киирэн, манан үтэбит диэн, чороохпутун астыбыт, онно илиммит аҥаар кынатын баайдыбыт. Быраатым кэннибэр олорон эрдэр. Мин – үтэбин. Ол эрээри өтөр бүтүннүү иилиһиннэрэн кэбистим. Оччотооҕу илим хараҕа баайыллыбыта, онон сыыһа туттуҥ даҕаны иилистэн сордуур буолара. Араастаан көннөрө-көннөрө үтэ сатаан баран, ыксаан, төттөрү субуйан ыллыбыт уонна тыаҕа тахсан кыыһырса-кыыһырса бэрийэ сатыы турдубут. Саатар, чуумпу буолан, кумаара хойуута сүр. Ол курдук «ньиэрбэбит алдьанан» турдахпытына, арай тыас бөҕө буола түстэ. Эбэ диэки көрө түспүппүт, мааҕын илим үтэ олорбут сирбитигэр холорук дуу, туох дуу ууну эрийэн, үөһэ ытыйан таһааран эрэр эбит. Инньэ отучча миэтэрэ үрдүккэ ытыйан таһаарда быһыылаах. Дьэ, тыас да тыас! Күүс да мааны. Ол эрээри өтөр уурайан хаалла, уута төттөрү саккыраан түстэ. Биһиги илиммит иилистибитигэр үөрдүбүт. Үтэ олорбуппут буоллар, туох буолуо биллибэт эбит. Онтон тыыбытын умса быраҕан баран, эбэни кыйа тыанан хоруу диэки хаамтыбыт, тыыламматыбыт – саллыбыппыт бэрт. Хорууну туораан дьиэлиир суолбутун ылыахтаахпыт. Ол иһэн көрбүппүт, үөскэ икки булчут кус умса-умса, кынаттарынан сапсына-сапсына уу үрдүнэн үрэх диэки сырсаллар, эмиэ да саҥарар курдуктар. Онтон дьиктиргии саныы-саныы үрэххэ чугаһыырбыт саҕана кустарбыт биһигини көрөн, көтөн хааллылар. Үрэххэ кэлбиппит, арай уубут оргуйан олорор. Букатын күөс курдук. Арай өйдөөн көрбүтүм, онтум барыта мундуну кытта кыра бычаах (хооху) буолан биэрдэ. Балык да уолуйар буолар эбит этэ. Кустарбыт балыгы тыаҕа, кытыыга үүрэн таһаарар быһыылара эбит. Айылҕам барахсан дьиктитин биир күн утуу-субуу көрөн, олус диэн сөҕөн турабын.
Аар тайҕа Байанайын бэлэҕэ
Бу кэпсээни 1988 сыл кураан сайынын кэмигэр буолбут чахчы түбэлтэлэргэ олоҕуран суруйабын.
...Ол дьыл олох уот кураан буолта - бэс ыйыгар да, от ыйыгар да биир да таммах ардах Кириэс сиригэр түһэн абыраабатаҕа. Биирдэ-иккитэ ибирдэтэн ылбыта, ону кырдьаҕастар аһыҥа утаҕын ханнарар ардаҕа диэбиттэрэ.
Сир дойду кубарыйа кууран-хатан, күөл бөҕө уолан – бэл, сорох күөл соботун оҕолор кэһэ сылдьан куулга илиилэринэн ичигэстээн ылан, дьоннорун үөрдэллэрэ. Ама от үүнүө дуо, онно эбиитин Кириэс-Халдьаайыбыт тула уот бөҕө туран, ыыс-быдан буруо ортотугар олордубут. Өрүһүнэн сырыы тохтообута - куораттан “Ракета” уонна атын да борохуоттар айаанаабат буолбуттара.
Ол кэмҥэ “Герой Охлопков” совхоз директорынан Ефим Егорович Протопопов үлэлиирэ. Оннук былдьаһыктаахха совхоз хонтуруоратыгар биир да киһини Ефим Егорович хаалларбатаҕа. Алҕаска хонтуораҕа киирбит киһи соһуйуон сөбө - уу-чумпу көрүдүөр, хатыылаах ааннар, арай ханна эрэ мунан хаалбыт сахсырҕа түннүктэн иҥнэн, үөхсэн дыыгыныыр саҥата эрэ иһиллэр... Харабыл,уборщица,оннооҕор мааны, үрүҥ үлэһиттэр-бухгалтердар – бука бары окко, суббуотунньука ийэ-хара көлөһүннэрин тоҕо сылдьаллара...
Директор от былаанын толороору, бөһүөлэктэн 150 километр тэйиччи сытра Тойон күөлгэ, вертолет эрэ тиийэр сиригэр, сэттэ киһилээх от биригээдэтин тэрийбитэ. Звеньевойдара - Винокуров Петр Иннокентьевич, наставник уонна сирдьит - 63 саастаах, Хаамар Көмүс диэн хос ааттаах пенсионер Саввин Иван Семенович, уонна отчуттар - 55 саастаах Охлопков Роман Михайлович, 40-нун лаппа ааспыт Неустроев Дмитрий Дмитриевич (Дым-Дым) уонна эдэр уолаттар Жегусов Андриан, Бурцев Петр, Саввин Петр.
Ефим Егорович дьонун сарсын сарсыарда 9 чааска вертолетунан сиргитигэр көтөҕүт, олох хомунан бэлэм буолун, диэн дьаһайталаабыта. Ол кырыымчык кэмнэргэ совхоз ыраах барар отчуттарын сүрдээҕин тэрийбитэ – биир дьааһык дефицитнэй тушенка, дьааһык сиир арыы, биир куул бурдук уонна 5 куул килиэп. «Хайа, тушенкабыт бачча элбэх киһиэхэ тоҕо кэмчитэй!”- диэн уолаттар мыыммыттарыгар, котловойгытыгар биир тайах лицензиятын биэриэхпит диэн уоскупуттара. Охотовед Василий Васильевич Степанов араспыысканан звеноҕа биир СКС карабины уонна 20 ботуруону биэрбитэ уонна тайах өлөрдөххүтүнэ лицензияҕытын толороҕут, иккини-үһү сии сылдьаайаххыт, ыстарааптаныаххыт диэн суостаахтык сэрэппитэ.
Эппит күннэригэр, болдьоммут чааһыгар вертолет обургу тыаһаан-ууһаан, көтөн күпсүйэн кэлбитэ. Звенолар таһаҕастарын-малларын хап-сабар тиэйэ охсон, өр-өтөр буолбакка, вертолет өрө өндөйөн көтөн тахсыбыта.
Ол көтөн эрдэхтэринэ, Хаамар Көмүс кырдьаҕас дьонугар соруйбута: “Бүөккэ, эн бу түннүгүнэн, онтон Андриан ол өттүтэн хас тайаҕы, эһэни көрбүккүтүн ааҕа олоруҥ”. Чаас аҥарыттан кыра ордугар, звеньевой Бүөккэ 24 тайаҕы уонна биир эһэни, онтон Андриан 20 тайаҕы уонна 3 эһэни аахпыта – ол аата, 44 тайах уонна 4 эһэ Томпо тайҕатыгар аһаҕастык күүлэй тэбэ сылдьалларын көрдүлэр. Тайах үксэ күөл кытыытыгар тураллар эбит, онтон эһэлэр - Томпо үрэх биэрэгин кытыытын булаан сылдьаллар эбит.
Хаамар Көмүс кырдьаҕас эһэлэри көрөн соһуйда: “Тыый, туох буолан бу түүҥҥү олохтоох дьон күрүлүүр күнүс бэйдиэ сылдьалларый?” Арамаан Охлопков толкуйун ыһыгынна: “Ээ, арааһа, сир аһа аанньа үүммэтэ даҕаны, баһаартан да күрэнэ сылдьаллар ини”, диэтэ. Хаамар Көмүс оруннаах этиини кытары сөбүлэспитэ.
Кыратык туора баран быһаардахха, “Хаамар Көмүс” диэн Саввин Уйбааны урукку совхоз дириэктэрэ Марк Романович Яковлев маҥнайгынан ааттабыта, сыстан хаалбыта. Уйбаан ааттаах мас ууһа этэ, үйэтин тухары элбэх дьиэни туппут, элбэх дьиэ туттар тээбириннэрин, мебели оҥорбут Кириэс биир дьоһун киһитэ. Кини оҥорбут ыскаабын көрөн баран, Марк Романович сөҕөн: “Уйбаан, эн олох маһы ыллатар да, үҥкүүлэтэр да кыахтаах, дьиҥ Хаама сылдьар Көмүс эбиккин!” - диэн саҥа аллайбытын кэннэ, Хаамар Көмүс диэн аат киниэхэ иҥэн хаалбыта. Биирдэ мин ыйытан турабын: “Уйбаан, эн ити хос ааккыттан өһүргэнэ санаабаккын дуо?” диэбиппэр, киһим холкутук: “Эс, суох - өһүргэммэппин, хата киэҥ туттабын”- диэн баран күлбүтэ...
...Ити курдук, көтөр аал начаас Тойон күөлүгэр күпсүйэ көтөн тиийэн, ырааһыйа сиргэ түһэн, биинтэлэрэ тохтоотун кытары, аны түргэн үлүгэрдик таһаҕас сүөкэниитэ саҕаланна. Ол сүүрэ-көтө сылдьан, үөһэттэн көрбүтүттэн астыммыт Дым-Дым обургу хайыы-үйэ былаан бөҕө оҥоһунна:
“Чэ, хата , тайах баһаам эбит. Биир эрэ лицензиялаах дьон, саамай улахан, эмис тайаҕы ытыахпыт, кыра тайаҕы кынчарыйан эрэ кэһээр инибин”, диэн алларастаата. Хаамар Көмүс өһүргэнэн, уолу саба саҥарда: “Бу эн хас сааскар долоҕойгунан көрөн бүтэр бырааккыный?! Саҥаҥ солуута суоҕуй !? Бу үрэх баһа сиргэ, биһиги кэпсэтэрбитин Баай Байанай сэттэ уон сэттэ кулгааҕынан, алта уон алта хараҕынан истэ-көрө сылдьар! Итинник мээнэ быһа этэн, арааһа, таллаҕар да кулгаахтаах тыһаҕас тайахтан мэлийэр дьон буоллубут!” - диэн уордайан саҥарда.
Туох кистэлэҥэ баар үһү, ол сылларга ханнык баҕарар айан арыгынан саҕаланар-түмүктэнэр дьыллара этэ – ама ыраах окко барааччы Дым-Дым онтон матыа дуо – сирдэгирэр тиийэргэ бэл кыра холуочук сылдьара. Кини кырдьаҕас эппитин таах кулгааҕын таһынан истэн кээспитэ.
...Тойон күөл барахсан кураантан дэлби уолан, ортотугар кыра көлүччэ эрэ кылбайа сытара. Балыга мэлигир, хата, ол оннугар көлүччэҕэ тайах, таба, эһэ суола бөҕө, олох уулуур орох охсубуттар. Хара эт сиир баҕа баһаам – тулуйбакка, маҥнайгы түүннэригэр Дым-Дым уонна Винокуров Бүөккэ тайах маныы киирдилэр. Ол олордохторуна, лаппа киэһэ, борук-сорук саҕана, арай биир тайах анараа тыаттан, кинилэргэ утары, күөлгэ улуу иһэр эбит. Уолаттар чөрөс гына түстүлэр, Бүөккэ карабинын бобуччу тутан олордо. Дьиҥинэн, итинник манабылга улахан тулуур наада – олох мас курдук хамнаабакка сытыахтарын, дыыгыныы сылдьар хара буруо курдук элбэх тумара кумаара тэһитэ кэйэн, сара хаас кынатынан далбаатан сүүрэрин курдук сапсына олорбуттара. Кыыл барахсан ону көрөн, 200-чэ миэтэрэлээх сиргэ тохтуу биэрдэ, кулгаах-харах иччитэ буолан, сэрэҥнээн турда.
...Дым-Дым ыксаабытттыы “Ыт, барыа билигин!” диэбитигэр, Бүөккэ ытан хабыланнарда да, сыыһан кэбистэ. Дым-Дым омунугар – “О, халлаан ытааччыта, аҕал манна, бэйэм...!” диэт, сааны былдьаан баран, үстэ субуруччу ытта. Хата, тайахтара кытыыта да кыһыйбата, аҕыйахта атаралаан, хойуу талах быыһыгар киирэн сүтэн хаалла. “Чэ мэлийдибит, Дима, төннүөх” - диэн Бүөккэ эппитигэр, киһитэ сөбүлэспэтэ: “Иккитэ таптым буолбат дуо, буулдьа этигэр чап гына түспүтүн истибэтин дуо?” – диэтэ Дым-Дым. Бүөккэ онно хоруйа бэлэм: “Суох, арай уҥуор буулдьа маска сааллар тыаһын истибитим. Онтон таппыт буоллаххына, сарсыарда көрдүөх, бу кумаар элбэҕэ сүрэ бэрт” – диэтэ, киһитин сөпсөһүннэрдэ. Төннөн истэхтэринэ, саа тыаһын истэн, иһит-хомуос, быа-битии, сүгэ-быһах бөҕөтө буолан дьонноро утары иһэллэр эбит.
“Ээ, мин сыыһа ыттым” – диэхтээтэ кыбыстан хаалбыт Бүөккэ, ол оннугар Дым-Дым “Оттон мин иккитэ таптым – диэн баран, кыайбыттыы тула көрүтэлээтэ - сарсын сарсыарда булуоҕум. Өлөрбүт манньабар бүдүргэйи барытын сиэҕим!” – дэин эптэ.
Сарсыарда кини хойумуун тайаҕын көрдүү тахсан баран, мэлийэн кэллэ - тайахтара олох да таптарбатах, суолугар хааппыла да хаан тохтубатах. “Хайа, ноко, бүдүргэйин куоппут дуу? Улаханнык эрдэттэн саҥарыма диэбитим буолбат дуо” диэн Хаамар Көмүс Дым-Дымы сэмэлээтэ.
...Отчуттар ол кэннэ нэдиэлэ курдук тайах - таба маныыллар да, туһа суох. Бырдахтан сапсына олорор дьону кыыл ыраахтан көрөн, оннооҕор сүүһүнэн үөрдээх лабаа муостаах кыыл табалар километрынан ыраах кыйа куотан ааһаллар. Дыраҕар атахтаах тайахтар, кулгаахтарын чөрөтөн, син чочумча турбахтаан баран, тыаҕа төттөрү киирэн симэлийэн хаалаллар. Дьэ, мэлийии кытаанаҕа...
Отчуттар аһаҕас айахтаах, быһа эппит буруйдаах Дым-Дымы саҥаран сордоотулар, ону Дым- Дым эрэйдээх туох диэҕэй - саҥарбат.
Ол курдук, ый курдук ааста, курааҥҥа от үлэтэ тохтообокко оргуйа олордо. Атырдьах ыйын иккис күнүгэр – Ылдьыыҥҥа түүн баҕалаах этиҥнээх ардах кэлэн омуннаахтык түстэ. Бэл, биирдэ чаҕылҕан адьас дьиэ таһыгар кэлэн саайда быһылаах, дьиэ үрдүттэн буор саккырыар дылы.
Сарсыныгар халлааҥҥа биир да былыт суох - уу дьэҥкир күөх халлаан курдары көстөр курдук, үрүҥ күн сыдьаайар сылааһа кураантан сынньаммыт айылҕаны уһугуннаран үөрдэр. Ардах сайҕаабыт салгына сибиэһэйэ, арҕаатан үрэр сиккиэр сөрүүн тыал оттуур дьоҥҥо олус үчүгэй күнү түстүүр...
Отчуттар хас да чаас курдук тохтобула суох охсон сынньана олорохторуна, саамай эдэрдэрэ, сытыы харахтаахтара Саввин Бүөккэ ойуурга буруо тахсар диэбитигэр, бары өйдөөн көрбүттэрэ – бэттэх сис ортотунан хойуу буруо күдэпчилэнэн тахсан эрэр эбит. Тутатына Хаамар Көмүс оҕонньор Чэйиҥ, баран көрүҥ! Кыаллар буоллаҕына- умулларыҥ! диэн хамаандалаата уолаттары. Отчуттар иһиттибит-истибэтибит диэбиттии, туран эрэр уоту умуллараары ыстаммыттара...
Аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн тиийбиттэрэ, чаҕылҕан кураанах аарыма маһы тырыыҥка буолуор диэрэ тоҕу түспүт, онтон хаалбыт төҥүргэс умайан уһуура эрэр эбит. Хата, дьоллоругар аттыгар баар дулҕалаах сир ардах кэннэ тобус толору чалбах буолан турар эбит. Хайдах умулларабыт диэн мунаахсыйа турдахтырына, тиритэн-хорутан, бүтэһик мэҥиэстэн кэлбит Дым-Дым, “Маннык умулларар баҕайыта!” - диэн баран икки саппыкытын устан, дулҕа быыһыттан ууну баһан ылбыта. Уолаттар атах таҥастарын турута тэбиэлээн, саппыкыларынан уу таһан, саҥа тэнийэн эрэр уоту саба ыһан түргэнник умулларбыттарара.
... Хара тыаны уоттан быыһаан, кыайбыт-хоппут дьон буоланнар, уолаттар күлэн-үөрэн төннөн, отторун салгыы охсубутунан бардылар. Ол күн ким да тайах маныы тахсыбатаҕа, бырдаҕа бэрт, сүгүн олордубат дэспиттэрэ. Хаамар Көмүс ону сонньуйа истибитэ – кини былыр, ыраахтааҕы былааһын саҕана бу биһиги нэһилиэк туспа сокуоннааҕын билэрэ.
Ол туһунан быһаардахха маннык. Ыарахан буруйу оҥорбут киһини - уоран, көссүүлэһэн түбэспит дьону олохтоох кулуба аҕабыты кытары сууттуур этилэр. Кинилэр Арҕаа Баска үүнэн турар үс тииккэ буруйдаах киһини сыгынньахтаан баран, хоннорор этилэр. Сайыҥҥы бырдахха быанан ыбылы бааллыбыт киһи дэлби саллайыар дылы сиэттэрэн, аны буруй оҥоруо суоҕа буолан ээҕин этитэр, өйүн булларар үһүлэр. Ити Арҕаа Бас тииттэригэр былыр төһөлөөх элбэх киһи ытаабыта - соҥообута буолуой? Билигин итинник сокуон баара буолар, биһиги нэһилиэккэ буруй оҥоруута лаппа аҕыйыа этэ. Чэ, ону-маны санаан....
...Отчуттар дьааһык тушенкалара бүтэн барбыта, аһыыр астара улам хобдох, хара үлэҕэ сылдьар дьону тоторбот буолан киирэн барбыта. Ыксаан сирдэриттэн сэттэ биэрэстэлээх сиргэ син балыктаах күөл баар этэ, онно Винокуров Бүөккэни уонна Охлопков Арамааны икки илимнээх, эрэһиинэ тыылаах хонноро балыктыы ыыппыттара. Хаамар Көмүс оҕонньор уолаттарга ыйыы-кэрдии бөҕө - арҕаа диэки тутуһан, маар орототугар турар хаппыт мастары тутуһан, хоту- соҕуруу халыйбакка хаамыҥ диэн тоһоҕолоон ыытта.
Чаастан ордук мастарынан сирдэтэн хааман истилэр, онтон ыйаах мастарын төбөлөрө көстүбэт буолбута. Арамаан ыксаабыта, арааһа муннубут быһылаах дэтэлээн ыла-ыла, син хааман испитэ. Бүөккэтэ төннүөн баҕарар этэ да, тиһэх тушенкаларын бэҕэһээ бүтэрбиттэрин кэннэ, аҥардас хааһынан аһаан сылдьарын санаатаҕына, сибиэһэй собону тото сиэри, айах амтанын уларытаары иннин диэки дьүккүйэн хааман истэ. Тулуйан хаама сатаан баран, тиһэҕэр тиийэн, Арамаан дулҕаҕа олорунан кэбистэ - Дьэ, Бүөккэ, муннубут. Эрэй сылла төннүөххэ, кэбис диэтэ.
Бүөккэ ыксаата, киһитэ бэринээри гыммытын билэн. Онон манан олоотон көрбүтэ, чугас киһи ыттар улахан тиитэ үүнэн турар эбит – Бүөккэ өр-өтөр буолбакка маска ыттан киирэн барбыта. Мас ортотугар да тиийбэтэ - күөллэрэ бу нэлэйэ сытар эбит. Уолаттар тута күөл кытыытыгар тыыларын үрдэрэн бардылар.
Ол үрдэрэ сылдьан, Бүөккэ күөл уҥуор биир тайах киирбитин көрө биэрдэ. Уолаттар хамсаабат буола сатаан тохтуу биэрэн дулҕа быыһыгар саһа олордулар, онтукаларыгар дыыгынас хара былыт бырдах үөрэ-көтө аһаҕас сирэйдэрин, илиилэрин ытырбытынан бардылар. Хайыахтарай, тулуйан хамсаабакка олордулар. Тайахтара бокуойа суох түөһүгэр диэри ууну кэһэн киирэн баран, төбөтүн ууга угуталыы турда. Ол умсубут кэмигэр, уолаттар дуоһуйа тарбана-тарбана, чугас талах кэннигэр түстүлэр. Тайахтара төбөтүн ууттан таһаарда, Бүөккэ көрдөҕүнэ, уу түгэҕиттэн күөх муоҕу хостоон таһааран сиир эбит.
Бүөккэ Слава диэн секундомердаах чаһылаах этэ – онтунан кыыла төбөтүн уу анныгар төһө өр угарын аахта. Оруобуна отут сөкүүндэ буолан таҕыста...
...Бүөккэ, хамсаабакка саһан олорон, санаа бөҕөҕө ылларда. Тоҕо эрэ Улукуччу үрэххэ урут маҥнайгы хоҥор хааһы өлөрбүтүн санаата. Маай быраһынньыга буолара икки хонук инннинэ, Улукуччу үрэх ортотугар икки туруйа сарсыарда хаһытаан лыҥкыната-лыҥкыната, аһыы сылдьалларын бинокльунан көрбүтэ. Ол көрө сылдьан, туруйалар аттыларыгар икки хоҥор хаас олороллорун өйдөөн көрдө - биирэ кынатын анныгар төбөтүн уган баран утуйа сытар, биирэ харабыл курдук хороччу олорор эбит. Талаҕы күлүктэнэн үөмэн, кинилэргэ 200-кэ миэтэрэ чугаһаабытын кэннэ, туруйалар кинини көрөн үргэн көтөн тахсаннар, тэйиччи түспүттэрэ. Онтон иккис хаас уһуктан хорос гынна, туора-маара көрүү-истии бөҕө. Бүөккэ мас курдук буолан иһийэн олорбута – хаас уоскуйан баран, эмиэ төбөтүн кынатын анныгар анньан баран утуйан хаалла, иккис хаас эмиэ төбөтүн кынатын иһигэр укта. Оччону көрөөт, Бүөккэ бокуойа суох дулҕа быыһынан кинилэргэ сыыллан барда. Хааһа сүгүн утуйбат, төбөтүн сотору-сотору эргичинэтэр, ол аайы Бүөккэ тохтоон хамсаабат, хаас төбөтө накыс гыннаҕына биирдэ сыыллар. Ити курдук чаас аҥара сыыллан сүүс миэтирэ чугаһаата, онтон ыраах барар сирэ суох - уулаах сир буолла. Хаастара үрэх ортотугар бааллар, ханнык да саа өлөрбөт сиригэр олороллор. Хайыыр да кыах суох - харабыл хаас төбөтүн кынатын анныгар угаатын кытары, Бүөккэ ойон туран, турбутунан түргэнник хааман хаастар диэки дьулуруйда. 40-ча хаамыы чугаһаабытын кэннэ, харабыл хаас дьэ төбөтүҥ өндөтөн, соһуйан хаһыыран эрдэҕинэ, Бүөккэ хаптаччы ытан түһэрдэ, иккиһэ көтөн даллах гынан, сыыһа ыттарда. Оо, Бүөккэ онно үөрбүтүөн, эчи хааҺа бөдөҥө, кыраһыабайа, ити бириэмэҕэ киниттэн ордук дьоллоох суоҕун курдук санаммыта...
... Ол бырдахха сиэтэн, саһан олордохторуна тайахтара, умсуохтуу-умсуохтуу уолаттартан арыый туора тахсыбыта. Олорор сирдэриттэн ыттахтарына ыраах соҕус курдук, ол иһин Бүөккэ өссө тайах утары турар сиргэ тиийэргэ сананна. Били сааскы хааһын утуйдаҕына сыылларын санаан, тайах эмиэ төбөтүн ууга укпутугар, секундомерын көрө-көрө маҕыйан сүүрдэ. 25 секунда буолаатын кытары хаптас гынна. Тайаҕа төбөтүн таһааран муоҕун сиэн баран, эмиэ төбөтүн ууга укта. Ити курдук Бүөккэ түөртэ сүүрэн, бэлиэтии көрбүт сиригэр тиийэн, аҕылаан, сүрэҕэ бип-битигэрэс, көлөһүнэ хараҕар саба түһэн тугу да көрдөрбөт буолан, сытан уоскуйда, тыынын ылла. Тайаҕа да тотто быһылаах, эргиллэн баран тахсан, уутун ардах курдук тэбэннэ. Бүөккэ тайах ойоҕоһунан тураатын кытары, сүрэҕэ манан баар буолуо диэн кыҥаан ытан эрдэҕинэ, тайаҕа эмискэ эргиллэн ууга иккистээн киирдэ, күөлү харбаан туоруур былааннаахтык уһунна. Бүөккэ бу сытан Байанайтан, сир ичититтэн сыыһа ыппатыгар көрдөстө даҕаны - кыыла ууттан утары тахсыбытын, 20-чэ миэтэрэттэн ытта. Тайах атаҕа эрэ адаарыйда, кулахачыс гынан эргийээт, күөлгэ төттөрү ыстанна...
Бүөккэ кытыыга сырсан сүүрэн киирэн, ууга тайах хамнаабат буолуон диэри түөртэ ытта. Кыыл чахчы өлбүтүн билэн баран, Бүөккэ үөрүүтүттэн саатын өрө көтөҕөн, Байанайга махтал үҥкүүтүн хамсаамахтаан ылла. Ол эрэ кэннэ уоскуйан, киһитин ыҥыран, ууга бөскөйө сытар тайаҕы биэрэк диэки бэрт нэһиилэ маҕылаһан состулар, хонууга таһаарар кыах суох буолла. Арамаан Бүөккэҕэ сулумах баран, дьоҥҥун тургэнник ыҥыр диэбитин Бүөккэтэ истибэтэ - эрэһиинэ тыытын, илимнэрин барытын сүгэн төттөрү барда.
... Дьонугар тиийэн тайах бултуйдум, баран аҕалыах диэбитигэр, маҥнай утаа ким да итэҕэйбэтэ. Онтон Бүөккэ кыыһыран кытаран эрэр сырайын көрөн, Хаамар Көмүс уолбут чахчы өлөрбүт эбит, тэринэн барыах диэбитигэр биирдэ дьонноро иһит-хомуос, быа -сүгэ, мас сүгэһэрдэр кэтэн, хараҥарбытын үрдүнэн, хомунан барбыттара.
Күөлгэ тиийэн, тайахтарын сэттэ буолан нэһиилэ биэрэккэ соһон таһарбыттара. Икки центнер курдук ыйааһыннаах, сэттэлээх баайтаһын тыһы тайах буолан биэрдэ. Хаамар Көмүс кырдьаҕас сөхпүтэ Элбэх тайаҕы сиэбитим да, маннык эмис тайаҕы маҥнай көрөбүн –диэн. Кырдьык, тайахтара ойоҕоһун тас өртө түөрт тарбах халыҥ сыанан бүрүллүбүт, иһэ-очоҕоһо барыта сыаҕа сууламмыт этэ. Эдэр уолаттар онтон саллан, халыҥ хаһатын ылбат инибит дэспиттэригэр, Хаамар Көмүс өлө сыста – арыы бүтэн эрэр, хоччоххой лэппиэскэни кэрюиэх кэриэтэ, бу хоргуҥҥа уймаан сиэбит ордук буолуо диэн, барытын ылларда.
Асты, тута кутаа оттон, үрүҥ иһин буһаран тото-хана аҺаатылар, чоҥкутун үлтү охсон, силиитин эмиэ сиэтилэр. Аһаан-сиэн, тот истээх отчуттар түүннэри төттөрү барбыттара – сөрүүн эрдэҕинэ ыарахан таһаҕастаах хаамар ордук диэн. Кыахтарынан отчуттар сүгэр эттэрин үллэһиннилэр, Хаамар Көмүс икки киппэ көрүҥнээх дьонугар Дым-Дымҥа уонна Винокуров Бүөккэҕэ биирдии бууту сүктэрэн кэбиспитэ. Туруннулар.
Ол курдук, сотору-сотору тохтоон, сынньанан дьоммут бэрт нэһиилэ сарсыарда 5 чааска оттуур тиийдилэр. Охтубутунан утуйуох дьону, Хаамар Көмүстэрэ сүгүн сытыарбата – чугас тыаҕа эт уурар умуһах хастарда, хата, дьолго аҕыйахта дириҥэппиттэрэ, ирбэ тоҥҥо тиийэн тохтоотбуттара. Кууллары тэлгэтэ ууран баран, эттэрин тарҕата ууран баран, муоҕунан бүрүйэн баран, талахтарынан саба уурбуттара. Ол кэмҥэ Арамаан Охлопков икки биэдэрэ эти лыгыччы буһаран, остуолга хоторон аһыы ыҥырбыта.
Ол аһыы олорон Дым-Дым аны туран бу мин быһа этэммин эмис тайаҕы сии олоробут, диэн киһиргээбитигэр бултаабыт киһи Бүөккэ төрүт сөбүлээбэтэ: “Бу мин Байанайым миэхэ көмөлөһөн өлөрдүм тайаҕы, онно эн Байанайыҥ сыһыана суох” диэн хоруйдаата.
Ону чэй иһэн сыпсырыйа олорор кырдьаҕастара Хаамар Көмүс иккиэн сыыһалларын быһаарда: “Бу биһиги этиҥтэн умайан баран иһэр уоту умулларбытын иһин, Баай барылаах Тойон эһэбит, Аар тайҕа баһылыга Байанай биһиэхэ бэлэх биэрдэ. Бу уоту умулларбатахпыт буоллар, икки ый устата төһөлөөх оту, маһы күл көмөр гынна этэ? Хара тыа маанылаах кыыла аһа эстиэ этэй?. Хата, бу сытыы харахтаах эдэр уолбут Саабын Бүөккэбит уоту көрө охсон абыраата - чаас аҥара хойутаабыппыт буоллар сэттэ киһиэхэ кыаттарбат баһаар буолара хаалла. Билэҕит, баһаар буолбута буоллар күрүө намыһахтыы биһигини буруйдуо этилэр уонна дьэ дьоллоох Дьокуускайу таарыйбакка эрэ, курдары Мохсоҕоллоох цемент заводугар икки эбэтэр үс сыл босхо үлэлии барыа этибит. Ол иһин ити чаҕылҕан умаппыт маһын умулларбыппытын иһин Аар тайҕа Байанайа биһиэххэ бэлэх биэрдэ!” диэбитигэр, бары сөбүлэстилэр.
...Ити курдук Тойон Күөлүн отчуттара биир ыйга 45 тонна оту оттообуттара, звеньевой Винокуров Бүөккэҕэ Урал мотоцикл фондатын биэрбиттэрэ, атыттарга кыра харчы премиялаабыттара...
Альберт Гоголев - Гринпис, Кириэс-Халдьаайы, Биэрэк 2018 сыл, от ыйын 8 күнэ
Мохсоҕол
Мин эhээм Уус-Алдан улууhун Дыгдал (Өспөх) нэhилиэгэр улуу булчут этэ. Дьэ биир үтүө күн эhээм-Ньукулай доҕорун кытта бултуу барбыттар. Доҕоро: эн бара тур, мин киэhээ тиийиэм" - диэбит. Эhээм биир өтөххө тиийэн баран оhоҕун оттубут (оччолорго көмүлүөк оhох). Эhээм биир сүрдээх булчут МОХСОҔОЛ диэн ыттаах эбит уонна биир ыт оҕото баар эбит. Арай түүн киhитин кэтэhэ олордоҕуна сыарҕалаах ат иhэрин истибит, "Ок, дьэ киhим кэллэ" - дии санаабыт, уонна чэй өрө уурбут. Арай били таhырдьа баар ыта олох бирээмэ сиэхчи курдук аймаммыт, ырдьыгынаабыт. Эhэм ыксаан аанын аhаары гыммыта улахан ыта ааны эмэhэтинэн анньан, баттаан турар эбит. Эhэм ааны нэhилэ кып-кыратык эрэ аппаппыт, ол кыра аппайбыт аан быыhыынан били кыра ыт оҕото сүүрэн киирбит да кутталыттан наара орон анныгар кутуругун кыйбаҥнаппытынан саhан хаалбыт оттон МОХСОҔОЛ сордоох ырдьыгыныы-ырдьыгынны аанын син биир баттаан баран турбут. Эhээ дьэ сэрэхичийбит: "Ити аата киhим буолбатах, атын туох эрэ кэлбит" - дии санаабыт, онтон өр-өтөр буолбакка таhырдьа уу-чуумпу буолбут. "Мохсоҕолбун сиэтэ" - дии санаабыт. Сарсыарда буолуута аанын арыйан көрбүтэ ыта барыта кырыа буолан баран киирбит. Таhырдьа тахсан көрбүтэ ханан да сыарҕалаах ат суола суох эбит. Халлаан сырдаан эрдэҕинэ били доҕоро дьэ кэлбит. "Арай Мохсоҕол суоҕа эбитэ буоллар миигин ити абааhы сиир эбит" - дии санаабыт. Ити Мохсо5ол диэн ыта эhэттэн кытта быhаан турардааҕа үhү.
Уоннаахпар туһахтаабытым
Оччотооҕу кэмҥэ сир дойду, айылҕа силигилии тупсан олус да кэрэ этэ . Сайын сибэкки арааһа үүнэрэ сиэдэрэйиэн ! Алаас барыта араас өҥнөөх көбуөрүнэн симэнэрэ , остуоруйа дойдутун курдук буолара. Мин биирдэ эмит алааска киирэн сымнаҕас ньаассыын окко күөлэһийэ оонньуурум, ханна эрэ истибит ырыабын ыллаан дуоһуйарым. Ол кэрэ түгэни туораттан көрбүт киһи соһуйуо эбитэ буолуо да дьолго ким да суох буолара. Оҕо сылдьан ол кэннэ оонньообуппун да өйдөөбөппун. Үрүҥ харахпын көрүөхпүттэн. ,киһи буолан өйдөнүөхпүттэн наар үлэ араас мускууругар сылдьыбыт киһибин. Оонньуур туһунан толкуйдаабат да этим. Кыһын кэллэ да аан туманҥа чыбдах чараас таҥастаах араас эр киһи улэтин үлэлээн чоочугуруу тоҥорум. Арай аралдьыйарым диэн убайбынаан ойуурга туһахтыырым. Аан бастаан туһахтаабыппын олох бу баар курдук өйдүүбүн . Убайым чугас тыаҕа куобахха хайдах туһаҕы иитэргэ уөрэппитэ. Мин оччолорго уончалаах этим. Саҥа хаар туһэн куобах атаҕын суола оһуор буолан тэлгэнэн сытара. Биир сарсыарда эмиэ туһахпын көрө бардым, балай да хаамтым. Көрбүт туһахтарым кураанахтар. Наһаа хомойдум, мэктиэтигэр атахтарым ыараан, охто - охто бүтэһик туһахпын көрөөрү моччоохтоон истим. Сылайбытым сүрдээх. Саатар тоҥуу хаарым халыҥа да бэрт.Мин бэйэм бэйэбэр мөккүһэ иһэбин, арай иһиттэххпинэ эһээхий оҕо ытыыр. Соһуйан ол-бу диэки көрөбүн, ханна да оҕо баара биллибэт. Хайдах бу хара тыаҕа оҕо ытыырый,диэн саныы-саныы баран истим. Арай көрбүтүм биир куобах туһахпар иҥнибит. Уөрэн сүрэҕим толугуруу мөҕүстэ,оччолооҕу көрөн күүспэр күүс эбилиннэ. Сүүрэн бурҕаҥнаан тиийбитим куобаҕым илин атаҕыттан ылларбыт. Тыыннаах олорор. Мин диэки хараҕын муҥунан көрөн өрө мөхсөн тилигирии түстэ онтон эмискэ оҕо курдук ньарылыы-ньарылыы ытаата . Мин соһуйан олоро түстүм. Куобаҕым миигиннээҕэр ордук соһуйда. Оо онно куобаҕы аһынным, төбөтуттэн имэрийээри гынан эрдэхпинэ куобаҕым тарбаҕым төбөтун быһа ыстаата. Ыарыыта бэрдиттэн да, соһуйан да иккиэн ытаһа олордубут. Ол олордохпутуна убайым куобах бөҕөтүн сүгэн тиийэн кэллэ. Миигин көрөн күллэ уонна сүүспүттэн сыллаан ылла. Куобахпын оройго биэрэн өлөрдө уонна:
- Байанай биэрбитин аһыммат баҕайыта- диэтэ. Куобахпын сүктэрэн кэбистэ ,иккиэн дьиэлээтибит . Oл түгэҥҥэ мин саҕа дьоллоох киһи суох этэ- диэн ийэм күлэ- күлэ кэпсээбитэ . -Онтон ыла туһахчыт бэрдэ буолбутум .Сэрии сылларыгар дьоммун туһахтаан аһаппытым- диэн биир кэпсээнин ийэм түмүктээбитэ.
ТАТЫЙЫК.
Байанайдаах уолаттар
Кыһын кэлэн Кыыллаах уолаттара оскуолаҕа үөрэхтэрин быыһыгар чугас эркин тыаны, дьаналаах арыылары кэрийэн куобахха туһах иитэн бултуур идэлэммиттэрэ.
Хаарга суоллар Ол кыһын мин бырааппыныын эһэбитин кытары олорбуппут. Эбэбит саас айаннаабыта. Дьиэбит улахан буолан, кыстыырга бииргэ олорон, сүөһүнү көрөргө көмө буоллун диэн күһүөрү дьуккаах дьону киллэрбиппит. Кинилэр Даппарайтан кэлбиттэрэ, биэс оҕолоохторо, икки уол, үс кыыс — бары араа-бараа, оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолор этилэр. Ол саҕана өрүс уҥуор алын оскуола эрэ баара, онон Даппарай оҕолоро салгыы Кыыллаахха кэлэн үөрэнэллэрэ. Бииргэ олорор уолаттарбыт Бииктэр уонна Гоша биһигиттэн оруобуна биирдии эрэ сыл аҕа буолан уопсай тылы бэрт түргэнник булан бодоруһа түспүппүт. Мин Бииктэрдиин 8-с, бырааттар 5-с кылааска үөрэнэр этибит. Тыа уолаттара диэх курдук — булт диэн баран муннука ытаабыт дьон этилэр, биһигини, арыы уолаттарын, куска-балыкка эрэ буолбакка, тыаҕа мас көтөрүн, куобаҕы хайдах бултуурга эмиэ үөрэппиттэрэ. Бары анал бултуур саалардаах этибит, олорбут калибыра эмиэ биһиги сааспытыгар сөп түбэһэр курдук этэ. Бииктэр берломката саамай улахан калибр — 16-с, мин икки уостаах 20-с, Гоша — 28-с, Вася — 32-с биирдии уостаах саалар этилэр. Кинилэр саалара ТОЗ, миэнэ ИЖ эриэккэс саа буолан биэрбитэ. Уостара кылгас буолан баран доруобунньугун олус хойуутук, уохтаахтык, сытыытык түһэрэрэ. Ол саҕана хантан кэлбитэ эбитэ буолла үс-түөрт хаа бэлэм (готовай) иитиилээх ботуруоннаах этим. Ол кумааҕы ботуруоннарынан кэмчилээн, отой «эккэ», олорор эрэ куска, олус бэккэ табыллан ытарым. Иккилии-үстүү куһу хоһуйан биирдэ ытан ыларым. Ардыгар кустуу сылдьан саабытынан Бииктэрдиин атастаһааччыбыт, кини мин саабын эмиэ сөбүлүүр этэ. Күһүн Боротуокаҕа кустуу сылдьан түөрт кус көтөн тахсыбытын биирдэ эрэ ытан барыларын суулларбыта, бары липпиик, сытыйбыт тэллэй курдук охтубуттара, мөхсө да барбатахтара. Төрдүөн чыккымай да буолбатах, улахан кустар этилэр. Ол кэннэ Бииктэр мин саабын өрүү уларсар буолбута, элбэх куһу бултаабыта. Ол күһүн мотуорканан өрүһү туораан, тыаҕа тахсан бөчүгүрэстэри ытан бултуйан киирэр этибит. Онно тыа уолаттара бастыыллара, биһиги хаһан мас, лабаа, ыркый быыһынан сыалы көрүөхпут иннинэ номнуо тыа кырачаан көтөрүн сууллары ытан түһэрэллэрэ. Кыһын дьиэтээҕи үлэ — мас мастааһына, хаар ыраастааһына, түөрт буолан бэрт түргэнник түмүктэнэр буолбута. Ол кэннэ идэбитинэн тэлигириэйкэбитин кэтэн, хаатыҥкабытын анньынаат, саабытын сүктүбүт да өрүс уҥуор сатыы хаама тахсарбыт. Улахан Үрэҕи аһара баран Бороҥхуос Аартыгынан дабайан бэс мастаах тыаҕа, кумах хайа — Элэһин үрдүгэр тиийэччибит. Тоҥуу хаарга туртас, араас мас көтөрдөрүн суоллара оһуор курдук дыргыйан олорор буолааччы. Биһиги бултаһар куобахтарбыт сүүрэр-көтөр орохторо чэмпэрээк, кытыан талах быыһынан эрийэ-буруйа тыа иһигэр ыраахха диэри бара тураллара. Биир сөбүлээбит сирбитигэр тохтоон, үрүсээктэн туһахтарбытын хостоон, үллэстэн баран ким хайдах сатыырынан иитэлии тарҕаһабыт. Бииктэр 15, мин 10, бырааттар 5-тии туһаҕы иитээччибит. Туһахтарбытын гараас аттыгар баар тимирдэр быыстарыттан булбут ыстаал боробулуоха тростан оҥорооччубут. Онтукабытын бастаан оһоххо уган уматан, кытаран сымныар диэри кэриэрдэрбит. Ол кэннэ сыпсыынан тутан таһырдьа хаарга таһааран сойутарбыт. Онтон биир-биир утахтарынан арааран, сөп буолар гына бысталаан баран дэлби тиит мас хатырыгар имитэр курдук сууралаан кэбиһэрбит, тимир сыта суох буоллун диэн. Бастаан оҥорон баран боруобаҕа биир туһаҕы дьиэбит таһынааҕы чыыска быыһыгар, ыттар орохторугар иитэн кэбистибит. Онтубутугар өс киирбэх ыт түбэһэн, түүнү быһа улуйан, дьоммутун сүгүн утуппатах, сарсыарданан ыт ытыырын тулуйбакка уолаттарбыт аҕалара Баһылай тахсан араарбыта. Оттон биһиги туос мааспытын сөбүн ылбыппыт. Туһахтарбытын иитэлээн баран Элэһин үрдүгэр сынньана олоро түһэрбит. Үөһэттэн көрдөххө олус да кэрэ, билигин да умнуллубат хартыына буолан өйгө-санааҕа хатанан хаалбыт: ырыых-ыраах Арыы баһыгар, дэриэбинэбит дьиэлэрин буруолара унаарар, хаарынан сабылла сытар Кэрбиилэ, Сис Кумах ходуһалара, күөллэрэ, онон-манан кэбиһиилээх оттор күрүөлэнэн тураллара, атахпыт анныгар курдук чугас буолан көстөрө. Икки-үс хонук кэннэ туһахтарбытын көрө ыксаан, туох эрэ түбэстэ диэн мэктиэтигэр сүүрүүнэн барарбыт. Байанайбыт үксүгэр тыа уолаттарыгар тосхойор этэ, кинилэр ииппит туһахтарыттан куобаҕа суох төннүбэт этилэр. Гоша иккилии, Бииктэр биэстии-алталыы маҥан түүлээх хороччу тоҥмут куобахтары үрүсээктэригэр батарбакка, быаҕа баайан соһон сордонооччулар. Кэнники өйдөнөн салааска илдьэ барар буолбуппут. Оттон биһиги ардыгар дьиэбитигэр олох да мэлийэн кэлээччибит. Хата биирдэ мин быраатым куобахха ииппит туһаҕар билбэккэ, бастаан суор дуу диэбиппит, онтубут тыа маанылаах көтөрө — хара улар түбэспит эбит. Аарыма да көтөр этэ, быраатым моонньуттан тутан турдаҕына киниэхэ, хороччу улаатан эрэр уолчааҥҥа түөһүгэр дылы тиийэрэ. Кып-кыһыл хаастаах, топ-токур тумсулаах, хап-хара кылабачыгас түүлээх, биһиги көрбөтөх көтөрбүт соһуччу түбэһэн үөрүү-көтүү, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбута. Бадаҕа, сэрэйдэххэ, куобах солунан кытыан отонун сии сылдьан алҕаска төбөтүн туһахха уган биэрбит, мөхсө сатаабыт да кыаллыбатах, тоҥон өлөн хаалбыт. Онон бу түбэлтэни хара улар суорума суолламыт, оттон биһиэхэ Байанай бэлэх ууммут диэн быһаарыахха сөп курдук эбит. Куруппааскыны сырсыы Орто оскуоланы куоракка, оройуон киинигэр, бүтэрэн баран Кыыллаахпар төннөн сопхуоска үлэлии киирбитим. Бииргэ үөрэммит табаарыстарбынаан өрүс туруор диэри араас үлэҕэ, тойоттор ханна ыыталлар, тугу соруйаллар да ону толоро сылдьыбыппыт. Ый бүтүүтэ биригэдьиир нэрээт сабан маҥнайгы хамнаспын аахсан ылбыппыт. Өктөөп бырааһынньгын кэнниттэн хонтуора хочуолунайыгар түүҥҥү оттооччу-харабыл быһыытынан үлэлээн барбытым. Мин оттор оһоҕум дьоҕус буолан чууркалары ортотунан хайытан баран толору симэн кэбистэххэ, сарсыарданан биирдэ эрэ туран эбэн биэрэрим. Онон утуйан ылар буолан сынньалаҥ курдук этэ. Оттон табаарыстарым оскуола, кулууп хочуолунайдарыгар үлэлииллэрэ. Икки улахан оһоҕу түүнү быһа инчэҕэй тиит чууркаларынан оттоллоро. Кыһыҥҥы суол аһыллан, Саҥа Дьыл кэннэ биһиги дэриэбинэҕэ күн аайы да буолбатар рейсэбэй оптуобус сылдьар буолбута. Биирдэ сааһыары оптуобуһунан куоракка дьоммор айаннаатым. Дэриэбинэттэн тахсаат, суол Саҥа Арыы кытыытынан ааһар. Эмискэ оптуобуспут тохтуу биэрдэ, суоппар аанын аргыый аһан саа тутуурдаах талахтар диэки үөмэн барда. Биһиги, оптуобуска айаннаан иһэр дьон түннүгүнэн харахпыт муҥунан көрөн баран олоробут. Киһибит син добуочча барда, онтон тобуктуу түстэ да талахтар диэки саатын уунан тугу эрэ кыҥаан ытарга бэлэмнэнэн барда. Биһиги ол тухары кини тугу бултаһарын олох өйдөөбөккө олоробут. Саа тыаһа хабылла түстэ да, талахтар быыстарыттан маҥан былыт курдук холууптар дуу, улахан чыычаахтар дуу көтөн таҕыстылар. Онтубут куруппааскылар эбит. Урут олох да манна көрбөт этибит. Сөҕөн аҕай айаннаатым. Куораттан кэллим да чугас олорор, бырааттыы курдук уолаттарбар Куокаҕа уонна Босуукка кэпсээтим. Сарсыныгар доҕотторбунаан оптуобус суолунан Саҥа Арыыга сааларбытын сүгэн бултуу бардыбыт. Талах быыһыгар куруппааскы суола баһаам этэ да, бэйэлэрэ көстүбэтилэр. Биһиги арҕаа өрүһү туораан Торуой талахтаах биэрэгэр тиийдибит. Онно эмиэ хаарга куруппааскы суола ыһыллан олорор эбит. Сыаптыы турунан кэрийэн бардыбыт. Сотору буолаат саа тыаһаата, Босуук обургу үөрбүт хаһыыта иһилиннэ. Онтон талах быыһынан мин эмиэ икки маҥан көтөрү көрө биэрдим. Үөмэн киирдим. Куруппааскылар көппөккө куота сылдьаллар, чычаас көтөрдөр эбит диэн күлүкпэр имнэнним, олох да чугаһаттылар. Тохтуу түстүлэр, ону туһанан биирин сууллары ытан түһэрдим. Иккиһэ көттө, ыраах барбата, дьана быыһыгар дьылыс гына түстэ. Эккирэтэн тиийэн эмиэ тэһи ытан ыллым. Уолаттарым эмиэ бултуйан, үөрэн-көтөн дьиэбитигэр кэлбиппит. Дьэ онтон кэлин чугас сытар Маяктаах, Тимэппиэй арыылар саба үүммүт дьана талахтарын күн аайы кэриэтэ кэрийэн куруппааскы, ардыгар куобах тутуурдаах кэлэр буолбуппут. Кырыы Таас тэллэҕэр Мындыыт диэн улахан ырааһыйа баар. Манна урут холкуос-сопхуос эрдэҕинэ саһыл пиэрмэтэ турбут. Эмэҕирбит килиэккэ курдук уйалара ол саҕана өссө да баар этилэр. Мындыыт аартыга сытыары гынан баран уһун баҕайы. Кыһын биһиги манна хайыһардыы кэлээччибит. Сыарҕа суолун устун сыыдам хайыһарынан үөһэттэн аллара кыдьымах муустаах, улахан таастардаах биэрэккэ харах тэстэринэн биирдэ элээрдэн түһэрбит. Аартык суола токуруйар сиригэр кыайан салайбакка хааллахха мас, талах саба үүммүт дириҥ аппатыгар төбө оройунан курулуу туруоххун сөп. Кутталлаах эрээри тардыылаах, этэргэ дылы, эдэр дьоҥҥо адреналиннаах, хааны оонньотор сир буолан кэлэ турааччыбыт. Арай биирдэ табаарыс уолбут Артиис Женя аһара түргэнник түһэн иһэн охтон тааска атаҕын улаханнык эчэппитэ. Дьиэтигэр харыйа лабаатынан наһыылка курдук оҥорон соһон аҕалбыппыт. Хаампат буола сыдьыбыта. Хата тостубатах этэ. Ол кэннэ сэрэнэр буолбуппут да, син биир бара турарбыт. Биир күн уолаттар Мындыыт ырааһыйатыгар улар баар үһү диэн күргүөмүнэн бултаһа тахсыбыттар. Мин түүҥҥү үлэм кэннэ дьиэбэр кэлэн чэйдээн баран утуйан ылааччым. Эбиэт кэннэ Куока киирэн сонуну кэпсээн, биһиги эмиэ уолаттары батыһан Мындыыкка тахсар буоллубут. Эрэбил 32-с саабын ыллым да өрүс уҥуор хаама турдубут. Билэр аартыкпытынан тахсан тыа ыллыгынан баран истибит. Мин бастаан иһэбин, Куока — кэннибэр. Эмискэ иннибитигэр улахан хара көтөр кынаттара сарбайан үөһэттэн аллара кытыан талах быыһыгар кэлэн түстэ. Мин арыый хаптас гына түстүм да, үөмэн бардым. Хаары тыаһаппакка, улаханнык тыыммакка, им-дьим киирэн олох чугас, улар түспүт сиригэр кэллим да, көтөрүм көстүбэт. Аргыый өндөйөн олотоон көрбүтүм кытыан кэтэҕэр төбөтө бу турар эбит, харахтарынан миигин одуулуур курдук, «туох кэллэ, ким сылдьар сирбэр» диэбиттии төбөтүн туллаҥнатар да көппөккө тулуйан олорор. Мин саабын санныбар уурарым, сыалбар улар төбөтүн кыҥыырым, санаабар, өр баҕайы курдук этэ. Дьиҥэр, Куока этэринэн аҕыйах сөкүүндэ иһигэр буолбут. Саа тыаһа чуумпу тыаны аймаабыт Кырыы Таастан ой дуораана буолан эргиллибит. Хара улар моонньо тосту ытыллан тоҥуу хаарга батары түһэн өлөрдүү охтубут. «Баай Байанай биэрэр да эбит» диэн сөҕө-махтайа кэпсэтэ-кэпсэтэ бултуйбут дьон быһыытынан ыксаабакка улары араастан тутан-хабан, көрөн-истэн баран үрүсээккэ уктан хааман эрдэхпитинэ уоллаттар саа тыаһыгар аҕылаан-мэҕилээн тиийэн кэллилэр уонна сөҕөн саҥа аллайдылар: «Хайа ньаа, бу хайдах баҕаныный аа? Биһиги баарыаҥҥыттан бу улары сырса сылдьабыт да ыттарбата. Эһиги бэриэттээн тахсаат, биирдэ эрэ ытан ыллыгыт, тоҕо бэрдэй кыһыытай!». Уонна улар суох диэн буолта, бары бииргэ төннөн кэлбиппит. Аҕыйах хонон баран Мындыыкка Артиис Женялыын тахсан эмиэ биир хара улар миэхэ эрэ ыттаран иккиһин баай тыа маанылаах көтөрүн охторон өттүк харалаах кэлбитим. Ол кэннэ уолаттарым миигин Улар Балерка диэн ааттыыр буолбуттара. Дьээбэлиир дуу, убаастыыр дуу ааттара өргө диэри миэхэ иҥэн сылдьыбыта. Билигин аҕыйах эрэ киһи Улар Балерканы билэрэ, өйдүүрэ буолуо. Оҕо саас кэрэ кэмнэрэ, Кыыллаах Арыыбытыгар улаатан, булт абыланар ылларбыт Байанайдаах мааны сирдэрбит сааһыран истэх аайы умнуллубат, олус күндү тыыннаах хартыына буолан көстөллөр.
Валерий МАЛЫШЕВ
Олох очуругар охсуллан
Сэбиэскэй үлэһит
Григорий 1897 с. Өргүөт нэһилиэгэр, Бүлүү оройуонугар орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Хампа оскуолатыгар үөрэнэн, сахалыы, нууччалыы суруйар, ааҕар буолбута. 1918 сылтан Бүлүүгэ сэбиэскэй былаас тэрийиитигэр актыыбынайдык кыттар. Өргүөт нэһилиэгэр оробуочай сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Улууска Совдеп чилиэнинэн талыллар. 1920 сылтан Орто Бүлүү улууһугар военкомнуур. Нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун сэкирэтээринэн үлэлээн истэҕинэ, салайар дьоҕурун таба көрөн, II Лүүчүн нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарбыттара. Саҥа анаммыт сиригэр үлэлээн иһэн, көһүппэтэх өттүттэн иэдээҥҥэ түбэһэр.
1922 с. муус устар 16 күнүгэр үрүҥ этэрээтэ кэлэн, Торотоевы үлэтиттэн тутан, саанан ыххайан дьиэтин таарыппакка да илдьэ барар. Ыстааптарыгар илдьэн сэбиэскэй үлэһит диэн буруйдууллар, “биһиэхэ холбоспотуҥ да – ытыллаҕын” дииллэр. Торотоев ээҕин эппэтэх.
Үрүҥнэр илиилэригэр
Үрүҥ саллааттара Торотоевы ытарга бэлэмнээн тас таҥаһын сыгынньахтаан ылаллар. Ис ырбаахынан, баркынан хаалларан баран, киэһэ хараҥа буоларын кэтэһиннэрэн, күнү быһа тымныы чуулааҥҥа кыһыл бартыһаан Ноосук кэргэнин кытта олордоллор. Ону билэн нэһилиэнньэ айдаарбыт. Ыксаан босхолообуттар гынан баран, Хампаҕа күүстэринэн аҕалан үрүҥнэр милииссийэлэрин начаалынньыгын көмөлөөччүтүнэн анаабыттар. Оннук 20 күн устата «сулууспалыыр». Хата, кини дьолугар, туох да куһаҕаны оҥорботохтор...
Ол дьыл сааһыары сайыныгар үрүҥнэр хотторон, тойонноро Куонаан Никифоров (Куонаан бандьыыт) онтон-мантан халаан муспут малын илдьэ, күрүүрдүү оҥостубут. Харабылынан хас да киһини талан ылбыт. Олор ортолоругар сахалыы-нууччалыы кэпсэтэр-суруйар диэн, эдэр, сытыы-сымса, бэйэтин кыанар Григорий Торотоев түбэһэр. Утарылаһа барбатах. Кэбээйи сиригэр тиийэн бу дьон Никифоровтарын өлөрөн кэбиһэллэр. Ол туһунан архыыпка харалла сылдьар Торотоев Г.В. бэйэтин биир суругар маннык ахтар:
«... Помог... в уничтожении главарей белой банды Никифорова Конона и Саввинова, которые были расстреляны в Кобяйском районе... Мои прошлые могут подтвердить вся беднота и батраки Орготского, Тасагарского, Тогуйского наслегов...»
Торотоев, сэмэйэ бэрт буолан, ити түгэн хайдах буолбутун сиһилии суруйбатах. «Дьон бигэргэтиэҕэ» эрэ диэбит. Кырдьык, Куонаан Никифоров өлүүтүн туһунан номох уостан-уоска түһэриллэн билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбит...
Торотоев дойдутугар кэлиэн дьулайбыт. Ускул-тэскил саһа сырыттаҕына, 1923 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Бүлүү уокуругун исполкомун бэрэссэдээтэлэ, ЯЦИК чилиэнэ Петр Михалев, Уокуруктааҕы байыаннай хамыһаар Иван Редников, Уобаластааҕы ГПУ Бүлүү уокуругунааҕы боломуочунайа Алексеев илии баттааһыннаах «Открытое письмо» бэчээттэнэн тарҕанар. Онно этиллэр:
«... Ваша политическая вина снимается от имени советской власти и протягиваем Вам, к заблудившимся братьям и товарищам руку и призываем сдать оружие и вернуться к мирной жизни, гарантируем неприкосновенность личности и имущества...»
Ону ааҕан, билсэн баран, Григорий Торотоев саатын-сэбин сэбиэскэй уорганнарга туттаран, дойдутугар дьэ төннөр. Ол туһунан бэйэтэ ахтан суруйбута архыыпка баар:
«... Во время ношения обязанности начальника милиции (үрүҥнэр этэрээттэригэр — Н.Д.) в варварских действиях не участвовал и худого другого рода не делал... в 1923 г. добровольно сдался...»
Үөрүү хомолтоҕо кубулуйар
...Григорий Васильевич нэһилиэгин дьонун кытта тыл-тылга киирсэн, сэбиэскэй тутууга үлэлэспитинэн барар. Үөрэхтээх киһи буолан, суруксуттаһар. 1925 с. нэһилиэк Сэбиэттэрин быыбарыгар, улуус Сэбиэтин сийиэһин ыытыыга икки боломуочунайдыыр...
30-с сылларга тиийэн күн-түүн кытааттар кытаатан, Торотоевтар тустарыгар күннэрэ кытта саппаҕырбыкка дылы буолар. 1931 сылга кэлэн Өргүөт нэһилиэгин быыбардыыр хамыыһыйата, дьадаҥылар, батараактар мунньахтарын уурааҕын ылыммакка туран, Торотоев Г.В. куолаһын быһан кэбиһэр. «Лишенец» диэн ааттаан туохха да кытыннарбаттар, мунньахтартан үүрэн таһаараллар. Григорий оройуонун үрдүкү салалтатыгар сурук түһэрэр. Сэбиэскэй тэрилтэлэргэ тугу үлэлээбитин ааҕан, үрүҥнэргэ сылдьан куһаҕаны оҥорботоҕун этэн туран, куоластыыр быраабын чөлүгэр түһэрэллэригэр көрдөһөр. Ити кэмҥэ Бүлүүгэ Дьокуускайтан маннык радиограммалар кэлэллэр:
«Всем уполн. ЯЦИКа. Выборная. О лишении избирправ участников бандитизма 21-22 гг.» «Всем РИКам ОИКам по схеме отнять избирательных прав участников контрреволюцион. бандит. движен...».
Хоруй кытаанах. Сотору буолаат, 1931 сыл алтынньы 22 күнүгэр, Г.В. Торотоевы куппуулар тутан хаайан кэбиһэллэр. 30-тан тахса киһини туоһу быһыытынан ыҥыран силиэстийэлээн баран “1929 сылтан ыла сэбиэскэй былаас бары дьаһалларын утара сылдьыбыт” диэн буруйдуур түмүк оҥороллор... Дьыаланы 1932 с. муус устар 3 күнүгэр ОГПУ кэллиэгийэтин иһинэн тэриллибит Оһуобай мунньахха көрбүттэр. Ол түмүгэр, Григорий Торотоевы 3 сылга хаайарга уураллар уонна бастакы этабынан Новосибирскайга ОГПУ Сибиирдээҕи лааҕырыгар атаараллар... 85 саастаах ийэтэ Анна Егоровна, таптыыр кэргэнэ Агафия Васильевна, үс кыра оҕото «норуот өстөөҕүн кутуруктара» аатыран, киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөт буолан ытаһа-соҥоһо хаалбыттара...
Соҕотох суолунан
Дайаана бүгүн оскуолатыгар ыалдьан барбата. Таһырдьа күһүҥҥү курус күн, ардаары турар халлааны нүһэр былыттар сабардаатылар. Түннүк тас тааһыгар харах уутун санатар таммахтар ыксаабыттыы суураллан түстүлэр. Кыысчаан ол сытан утуйан хаалаахтаабыт…
- Дайаана...ааа...ааа… - арай кинини ким эрэ ыҥырар. Көрө сатыыр, тулата сып-сырдык, ол эрээри ким да суох... Уһуктан кэлбитэ дьиэ иһэ хараҥарбыт, сөҥүөрбүт, тымныйбыт. Дайаана соҕотоҕуттан кэнники кэмҥэ наһаа айманар буолла. Оҕолору көрдөххө ким эрэ аҕалаах, ким эрэ ийэлээх, өссө эбээ-эһээ, убай-эдьиий, оттон киниэхэ дьөрү балыс дуу, быраат дуу баҕалаах. Оҕо туран уотун булан холбоото, аччыктаабыт эбит, холодильнигы арыйан көрдө, остуолу өҥөйдө. Кыысчаан аччыктаабыт куттаҕа курулаата. Бүгүн дьиҥэр кини оскуолаҕа аччыктаан барбатаҕа. Хас күн аһаабатаҕын бэйэтэ хантан билээхтиэй.
- Рая, уһугун эрэ, айа да, хаһан дьиэлиигин, бар дуу, хайаа дуу. Манна миэхэ тараллан баран сытыаҥ да, аҕалбыт харчыҥ бүппүтэ, арыгы суох, бар дьиэлээ, - Марыыҥка сарылаата.
- Аа... бүттэ да?.. туох бүттэ, тоҕооо, - итирик эдэр дьахтар баргыйда.
- Аҕалбыт харчыҥ бүттэ диибин, оттон оҕолоох курдук этиҥ дии, онтукаҕар бар.
- Оҕолоох да?… - итирик дьахтар мээнэнэн көрүтэлээтэ. Эс, сымыйалаама, ханнык да оҕом суох миэхэ, балыыҥкалаама, бар арыгыта аҕал хата, абырахтаныахха.
- Үчүгэйэ бэт дии, - дьиэлээх дьахтар өттүк баттанна, кыыһыран турда. - Сүгүн барбат буоллаххына соһон да таһаарыллыа, - дьиэлээх дьахтар харса-хабыра суох итирик дьахтары баттаҕыттан аан диэки состо.
- Айаккыа, сирэҕэс ыыт эрэ, - Рая хаһыытаата.
- Тоҕо оттон истибэккин, бар дьүгэлий, миэхэ олоро кэлбитиҥ дуо?
- Сирэҕэс дьахтара, бэйэҥ ыҥыран, харчыбын сиэн баран итинник диигин да? - итирик дьахтар часкыйбытынан утары ыстанна… Ол түүн кыра бөһүөлэк иһигэр, икки дьахтар араллааннаах арыгылааһыннарын кэнниттэн оҕо тулаайах хаалан атыыр айдаан буолбута. Ханна да үлэлээбэт Марыыҥка дьиэтигэр киһи өлөн, улуус прокуратурата, олохтоох дьаһалта, социальнай үлэһиттэр бары эппиэтинэскэ тардыллар буолбуттара. Арыгы содулуттан төһөлөөх ыал, оҕо дьылҕата айманан алдьаммыта буолуой, ол эрээри тустаахха, улахан да киһиэхэ, оҕоҕо өссө ыар охсуу буоларын бу икки арыгы дьаатыгар ылларбыт дьахталлар санаан да көрбөтөхтөрө. Төгүрүк тулаайах оҕо кимҥэ эрэ таптатыам, сылаас дьиэҕэ-уокка иитиллиэм диэн оҕотук санаатынан баҕараахтаатаҕа аҕай. Оҕо иитэ ылбыт Рая бастаан утаа итинник буолбатах этэ. Эдэр дьахтар дьиэлээҕэ-уоттааҕа, үрдүк хамнастаах үлэлээҕэ, кэргэн тахсан ыал буолан испитэ, онтон киһитэ оҕоҕо баҕарбыта да, Рая кыайан оҕо бэлэхтээбэтэҕэ. Сөбүлэһэн баран үс саастаах кыыс оҕону ылбыттара да, тоҕо эрэ кэргэннии олохторо сатамматаҕа, киһитэ Раяттан барбыта. Ити түгэҥҥэ Рая бэйэтэ мүччү үктээн киирэн биэрбитин бөһүөлэк барыта билэрэ.
- Табаарыс силиэдэбэтэл, мин тугу да өйдөөбөппүн ээ, - Марыыҥка нэһиилэ ботугураата .
- Хантан арыгы ылан испиккитий, өссө төгүл ыйытабын, хас чааска, хас бытыылканы? - улуустааҕы ис дьыала силиэдэбэтэлэ Шарин кытаанахтык ыйытта.
- Туочукаттан…
- Ханнык туочукаттан, ханна баалларый?
- Үрэх үрдүгэр бааллар, - Марыыҥка ытаан барда. Кини да дьылҕата ыарахан этэ, ол эрээри ол кистэлэҥи бокуонньук дьүөгэтэ эрэ билэрэ. Бу ыар буруй арыгылааһын түмүгүттэн киһи өлүүтэ уонна оҕо тулаайах хаалыыта барыта Марыыҥка эрэ суобаһыгар буолар дуо? Урукку кэм уларыйан тосту-туора дьаһаллар, хотун-тойон элбээбит курдук эрээри тоҕо билигин да арыгы содула дьайа турарый? Тыа сирин кыра бөһүөлэктэригэр кыахтаах өттүлэрэ киин улуустарга эбэтэр куоракка үлэлии, оҕолорун үөрэттэрэ киирдилэр. Тыаҕа сүөһүлээх өттүлэрэ олорон хааллылар, атын үлэ, дьарык суоҕун тэҥэ буолбут үйэтигэр олоҕор сатамматах соҕотох дьахтар дьылҕата биллибэт ыйааһыҥҥа ууруллар буолла. Онтон бу эмиэ тулаайах хаалбыт оҕо дьылҕатын ким быһаарыай? Бу сэттэлээх эрэ кыыс оҕо инники олоҕо, ыраас халлааҥҥа чаҕыл күн курдук сандаара тыгыа дуо? Ким онно киниэхэ күүс көмө буолуой? Эбэтэр сыала-соруга суох айыллан кэлбит киһилии соҕотох суолунан өрүү барыа дуу.
- Иннокентий Алексеевич, эһиги бөһүөлэккитигэр арыгы атыылыыр туочукалары суох гынныбыт диэбиккит дии, бу дьонуҥ хантан арыгы булан иһэллэрий? Социальнай үлэһиккит ханнаный? Уоппускатын ылан соҕуруу диэтилэр, оттон кини оннугар солбук диэн көрүллүбэт да, бөһүөлэккит үксэ кырдьаҕастар, кыамматтар эбит дии. Итиннэ туох быһаарыы биэриэххитин сөбүй? - кыра нэһилиэк дьаһалтата кини үлэтигэр сыһыана суоҕу ыйыталларын курдук, саҥата суох сөҥүөрэн олордо. Ол эрээри тустаахтык үлэлэһэр түгэн баара, арыгылыыр дьахталлар бааллара бөһүөлэккэ биллибитэ ыраатта, олортон биирдэстэрэ кыра оҕолооҕо эмиэ биллэрэ. Тоҕо туох да миэрэ дьаһалта өттүттэн ылыллыбатаҕа мунаахсытар.
Аҕыйах хонугунан оскуола аана үөрүүлээхтик арылынна. Үрүҥ холууп баанчык бааммыт кырачаан кыргыттар, сибэкки дьөрбөтүн туппут кырачаан уолаттар бастакы чуораан чугдаарар тыаһынан үөрэ-көтө сырдык кылаастарга үөрэнэ киирдилэр. Кинилэр ортолоругар арай Дайаана суоҕа. Кырачаан киһи олоҕун бу арыгы иэдээн содула туора соппута. Тымныы дьиэҕэ аһаабакка сыппыт, тымныйбыт оҕо балыыһаҕа киирэн тыына быстыбыта... эрдэ анал соруктаах, көмө оҥорор кыахтаах үлэһиттэр кэмигэр болҕомто уурбуттара буоллар Дайаана бу олоҕу киэргэтиэҕэ хааллаҕа. Ол эрээри кини салҕыы олох суолун соҕотохтуу айанныыртан аккаастаммыта. Дайаана өлүүтэ бу олоххо ким да, кимҥэ да наадата суоҕун туоһулуур курдуга. Үөһэттэн Үрдүк айыыларбыт көрөн олордохторо. Кинилэр быһаараллар ким олох олорорун, ким аньыытын боруостаан көнө суолга тахсыахтаах аналын. Көмүс күһүн саһарбыт сэбирдэхтэрин, оҕо уҥуоҕун үрдүнэн, күһүҥҥү күн тиһэх сыламыгар оонньоон хаалардыы тэбэнэттик көтүтэ турбута.
Ааптар: Акулина Иванова-Айгыына
Ырыа кустуга
Бүгүн Иинэ олус эрдэ уһугунна. Түннүгүнэн күн көмүс сардаҥата уһугун диирдии хоһун иһин сырдатта. Таһырдьа хатыҥ сэбирдэҕэ тэлибириирэ көстөр. Иинэ хараҕын эмиэ симнэ. Күн тэбиэһирбит оҕолуу мэниктээн сирэйин сымнаҕас-сымнаҕастык таарыйан ааһар кэриэтэ. Иинэ күн-дьыл хаара эбиллэн истэҕин аайы оҕо сааһын саныыра эбиллэн иһэргэ дылы. …Ыам ыйын тымныы тыаллаах күннэрэ. Бу күннэр Иинэ өйүгэр-санаатыгар сүппэттии хатанан хаалбыттар. Ардыгар күнүһүн эмиэ да сылаас илгийэргэ дылы, киэһэрэн истэҕин аайы туох эрэ тымныы, киһи санаатын үрэйиэх олус да куһаҕан сонун сатыылаан иһэргэ дылы буолар! Иинэ баара-суоҕа уон түөрт саастааҕар нуорума килиэбэ тоҕо эрэ кэлбэт буолан, үөрэҕин быраҕан бу дьиэлээн иһэр, “сэрии” диэн суостаах тыл эн ханна да сырыттаргын булан, эмиэ ытарчалыы хам ылар күүстээх эбит. Иинэ аралдьыйа сатаан аҕатын, кииринньэҥ ийэтин, балтын Изаны саныыр. Аҕата барахсан туох эрэ буолаахтаатаҕа. Ол да иһин киниэхэ тиксэр аҕыйах кыраам килиэбэ кэлбэт буоллаҕа… Дьиэтигэр эрэ тиийдэр… Күнүс бадарааннаах суолу оймообутуттан атаҕын таҥаһа туох кэлиэй? Этэрбэһин сыыһа мэлийдэ…. Эбиитин аччык… Бэйэтин кыанар курдук этэ да, оҕо сылайаахтаата…. Суолтан кыратык тэйэн ураҕас маһы булан тайахтанна, өссө хаар ууллубут сириттэн отонноон сиэбитэ буолла уонна суолугар киирэн оргууй хааман иҥнэҥнии турда. Сотору-сотору тулатын көрүнэр. Саас барыта тыллыахтаах, саас киһи санаатын сырдыкка салайыахтаах дииллэрин истэрэ да, арай Иинэ тула эргиччи чуҥкунуур чуумпу курдук. Бэл, кэпсэтиэн иһин, биир да тыынар тыыннааҕы көрбөтө-истибэтэ, дьөрү көтөр кынаттаах биллэн ааспата…Халлаан сыыйа хараҥаран барда, иннигэр биир да буруо унаарара көстүбэт…. Кыыс утуктаан барда. Арай чугас соҕус оттоох күрүө турарын көрөөт, Иинэ үөрүүтүттэн эрчимирэ түстэ да, санаатыгар онно олус түргэнник хааман тиийдэ. Дьэ, итиэннэ утуйардыы оностон барда, атаҕын отунан саба сатаата, олус сылайан хараҕа симиллэн барда. Арай түүлүгэр аҕатын кыыһырбыт сирэйин көрдө. Кини хаһан да кыыһырбат этэ ээ. Иинэ хомойон уоһун толлотто, өсөһөн төбөтүн үөһэ хантатар. Аҕата: “Өссө манна утуйа сытаары гынныҥ дуо? Тур, хааман ис диибин! Балтыгар тиий! Тур, тур диибин ээ!” — дии-дии тугун кымньыыта эбитэ буолла, салгыҥҥа кымньыытынан далбаатанар. Кыыс хараҕын арыйа биэрдэ, күн син ырааппыт быһыылаах. Илиитэ-атаҕа тип-титирэс, сүрэҕэ бу тахсыахтыы биллигирээбит, өлөхсүйэр. Сибиэһэй салгынынан өрө тыына охсор санаалаах Иинэ тураары гыммыта, атаҕа көһүйбүт дуу, тоҥмут дуу, турар кыаҕа суох. Инчэҕэй этэрбэһэ хам ылбыт курдук. Оо, бу маны билэн аҕам туруораахтаабыт эбит дии санаан кыыс олус да уйадыйда. Атаҕын оргууй токута сатаата. «Хаамыахпын наада, хаамыахпын наада! Туруохха! Туруохха!» —аҕам кымньыытынан куһуйар тыаһа бу салгыҥҥа иһиллибэт да буолан дии санаатын кытта тэҥинэн байааттаҥнаан син турда. Ээ, били тайаҕа хайа үөдэҥҥэ барда? Аны ону ылаары төҥкөйөн иһэн тобуктуу түстэ. Икки тобуга уот аһыйда, хараҕа ирим-дьирим буолла, мэйиитэ эргийдэ. Сыппахтыы түстэ, сотору-сотору уһуутуур, онтон уунан-уунан тайаҕын ылла. Эмиэ тураары үнүөхтээтэ, тобуга төһө да хам ыллар тайаҕын тирээбиллэнэн нэһиилэ тураахтаата. Ол тухары балтын саныыр. Иза? Аҕата Изаҕа тиий диэбитэ ээ. Иинэ эмиэ хараҕа ууланна, сырдык таммахтар иэдэһин устун чөмчүүк таас кэриэтэ сүүрдүлэр. Арай аптаах буолуум, бу аһыы таммахтар миэхэ көмүс үктэл буолан тиийиэхтээх сирбэр тиэртиннэр! Остуоруйа буолбатах, сэрии хаҕыс тыала сапсынар тыынын утары байааттаҥнаан кэмин иннинэ улааппыт кыысчаан айаннаан иһээхтээтэ…. … Дьиэтигэр чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, арай киниэхэ утары Иза сүүрэн кэллэ, ырбыт, дьүдьэх сирэйигэр тэтэркэй им кэлиэ дуо? Кубархай иэдэһигэр хас биирдии тымыра ааҕа көстөргө дылы, сирэйин уҥуоҕа тахсан хаалбыт, арай харахтара эрэ үөрэн иһэн сыыйа өһөн барда: – Эдьиий … эн тоҕо нэһиилэ хаамаҕын? – Сатыы хааман атаҕым ыарыйда. Аҕабыт, тоойуом? Иза төбөтүн төҥкөттө, ытаан сыҥырҕаан санна ибигирээн барда. Дьиэҕэ иккиэн ити курдук ытаспытынан киирдилэр. Кииринньэҥ ийэлэрэ харахтарын уутун сотто, Иинэ этэрбэһин уһултарда, ылан куурда уурда. Төһө да саҥата суох остуолу тардыбытын иһин, бу эдэрчи дьахтар кинилэргэ тоҥуй сыһыанын кини куолаһыттан, туттарыттан-хаптарыттан эдьиийдии-балыстыы кыргыттар эттэринэн-хааннарынан билэ олороохтоотулар. – Мин эһигини аһатар-иитэр кыаҕым суох. Ынаххытыттан биири илдьэ баран бэйэҕит олорон көрүҥ. Уон түөрт саастаах кыыс улахан киһи буоллаҕыҥ. Үөрэх даа? Тугун эмиэ үөрэҕэй билигин? Сэрии кэмигэр өссө үөрэҕи толкуйдуур дуу, балтын кимиэхэ көрдөрөөрү? Аҕам унуоҕар даа? Онно тахсар да соло суох. Барыта хараллыбыта, сытар сиригэр сытыа буоллаҕа. Ону көрөн тугу туһанаары?! Барымаҥ-кэлимэҥ! … Ити биир түүн устатыгр Иинэ эмискэ улаата түспүтэ. Олоҕу олох атын хараҕынан көрөр киһи буолан турбута. Түүн Иза барахсан: “Аҕабын атаарыыга миигин илдьибэтэхтэрэ, аҕабыт уҥуоҕа ханан баарын мин эмиэ билбэппин. Аҕам өлөрүгэр наар эн ааккын ааттаабыт үһү”, — диэн сибигинэйэ-сибигинэйэ ытамньыйбыта. Сарсыарда Иинэ сылбырхай ууну иһэ олорон: – Аны бу дьиэҕэ тутулларбыт туох да суох эбит, онон ол этэр ынаххын аҕал. Иза таҥаһын эмиэ, биһиги атын дьиэҕэ барабыт, – диэн тимир-тамыр кытаанах куолаһынан саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйда. Кииринньэҥ ийэлэрэ биир суорҕаны, биир сыттыгы суулаан биэрдэ: –Утанаттан көһөргүтүгэр хатаабыт ампааргыт таҥастаах ини. Кыргыттар саҥата суох ханна баралларын билбэккэ хааман истилэр. Иза симик баҕайы куолаһынан: –Эдьиий, Утанатааҕы ампаарбытыгар туох да суох уһу. Аҕабыт эн таҥаскын ыла барбыта уонна туга да суох кэлбитэ. Күлүүс хатааһыннаах үһү уонна туох да суох үһү… Иинэ олус соһуйда. Ампаары бүтэһигин бэйэтэ хатаабыта эбээт. Оттон күлүүс тылын ким, ханна, хаһан ылбытын өйдөөбөт. Онтон ити саҥа ийэлэрин дьиэтигэр аҕалла ини. Наһаа элбэх дьахтар аймах тэҥҥэ сылдьыбыттара. Оо, ол аата арыйан барытын ылан баран, күлүүс тылын оннугар аҕалан уурбуттар. Аҕалара кураанахха бара сылдьыбыт эбит. Ол аата уорбуттар! – Суох, Иза, биһиги Утанаҕа аны барбаппыт! Арай иннигэр ыҥыыр аттаах хамыһаар кэлэн тохтоон атыттан түстэ, ыйыталаста. Кыргыттар одоҥ-додоҥ кэпсээннэрин иһиттэ. Кыра кыыс ханна да ыраах хаамыа суох, улахан кыыс төһө да өһөс харахтаах курдугун иһин олус илистибит көрүҥнээх, атаҕа ыалдьара өтө көстөр. Аара ханна эрэ охтон хаалыыһыктар. Оо, кырыыстаах сэрии төһөлөөх оҕоттон оҕо сааһын былдьаатыҥ, олоҕун огдолуттуҥ? Аттаах киһи Изаны төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ: -– Эдьиийиҥ тылын иһит. Сотору сэрии бүтүө, эдьиийгэр көмөлөс. Онтон эн, Иинэ, Ороһокооннор дьиэлэригэр икки эмээхсин олорор, онно тиийиҥ. Мин этиэҕим. Уонна күн сарсыҥҥыттан холкуоска көлөһүн күнүн аахсан үлэлиэҥ. Балтыгын бэйэҕиттэн араарыма. Бу олус да истиҥник этиллибит тыллар Иинэ сүрэҕин сымнатта, санныттан олус улахан сүгэһэр түспүт кэриэтэ буолла. Күөх халлаан олус да ыраас, тырым күн олус да чаҕылхай! Иинэ муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы иһэрин бэйэтэ да билбэтэ, атаҕын да ыарыыта ааспыт курдук! Үүкэй сыһыыта олус да тупсан көһүннэ! Ырыа уонна ыарыы бу күнтэн ыла Иинэ олоҕун арахсыспат аргыһынан буолбутун оччолорго ким билиэ-сэрэйиэ этэй? Арай бэрэссэдээтэл олоҕу ырыҥалыы көрөр болҕомтолоох хараҕа, тугу барытын сэрэйэр билгэһит сүрэҕэ тугу эрэ биттэммитэ буолуо ээ… Оҕо саас түөһүттэн эмискэ үөрүү матыыба сыыйыллан киэҥ сыһыыны тилийэ устан, үөһэ күөх халлааҥҥа тахсан эйэлээх халлаан кустугун кытта холбоһон олох биир дьоһун ыллыгын торумнаатаҕа…Ол да иһин буоллаҕа, Иинэ хараҕар күн уота мэлдьи кустук араас суһумун киниэхэ бэлэхтиир курдук, ону кытта тэҥинэн киҥинэйэн ыллаан барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар буолбута! …Түннүк нөҥүө тэлибириир сэбирдэх ырыа матыыбын кэриэтэ суугунуур тыаһынан дьоҕуһуоллатан, Иинэ хараҕыттан олохтон дьолломмут минньигэс харах уута оҕуруолуу оргууй сыыйыллан түстэ!
Сэгэлдьийэ Чээлэй
ТАЙАХ
Аҕыс уонус сыллар. Совхоз күннээн-күөнэхтээн олорор, сүөһү, сылгы хас эмэ сүүһүнэн иитиллэн муҥутуурдук элбээбит кэмэ. Аҥаардас Кириэскэ Күн-Көрбүккэ көньүүһүнэни кытары үс хотон, Илин Баска икки хотон, Бүөргэ эдэр сүөһүгэ биир хотон, Күндэҕэ икки хотон. Аны учаастактарга эмиэ иккилии, үстүү улаххан хотоннор кыстыыллара. Аны онно хас эмэ сылгы базаларын эбэн кэбис.
Дьэ, ону барытын отунан хааччыйарга элбэх тыраахтар, массыына сүүрэрэ. Тыраахтардар иккилии, үстүү буолан биригээдэнэн оту үрэх бастарыттан, арыылартан таһарбыт. Бара сатаан Охотскай Перевозтан, Даайа Амматыттан тиийэ тиэйэрбит. От таһар сыарҕалары сыалай биригээдэ кыһыл илиилэринэн кыһыны быһа оҥороллоро.
Мин оччолорго саҥатык ДТ-75 тыраахтардаахпын. Хоту Оттоохтон, Хоту Иирэлээхтэн от тиэйэ сылдьабыт. Ударниктан Атамаан Сеня эмиэ ДТ тыраахтардаах, иккиэн субуруһан сылдьабыт. Икки тыраахтарга биир прицепчик көрүллэр. Ол күн, киһи суох буолан, бултан киирэ сылдьар Егоров Ганяны биэрдилэр. Кинини биһи наар Хаппыыт диэн аатынан билэбит, ыҥырабыт. Аны оччолорго совхоз кырымахтаах саһыл бөҕөтүн иитэн турар. Ол аһылыгар, котловой диэн ааттаан, тайах кыылга лизенция тырахтарыыс аайы биэрэллэрэ. Буулдьа саа оччолорго кэмчи этэ, булчуттарга эрэ кыһын биэрэллэрэ. Дьэ, биһи сарсыарда эрдэлээн Хоту Оттооххо от тиэйэр сирбитигэр хараҥаҕа айаннаатыбыт. Ол саҕана сарсыарда 3-4 чаастан дьыбарга тыраахтар тиһилигин тыаһа лаһыгырыы олорор буолара.
Аны оччолорго тайах элбэх кэмэ. Тайах киирэр тыаларын арыы-арыы гына тэбистэрэн суол таһаарар этибит. Онно сороҕор күрэтэн, эт суолунан эккирэтэн өлөрөр этибит. Дьэ, ол буолан отторбутун анньан төннөн иһэн, Сүрэх Тыаҕа тахса сылдьыахха диэн буолла. От сыарҕатын суолга арааран, биир тыраахтарынан тахсыахха диэн буолла. Хаппыыт, булчут буолан, сабыс саҥа СКС бойобуой карабиннаах, Атамаан кыра калибрдаах тозовка саалаах. Дьонум иккиэн тыраахтар кэннигэр навескаҕа турдулар. Урут тэпсиллибит суолунан хаамтаран, Сүрэх Тыаҕа таҕыстыбыт. Халлаан тымныы, 45 кыраадыс баар быһыылаах. Биһиги иннибитинэ үс-түөрт хонуктааҕыта биир тыраахтар тахса сылдьыбыт. Биһиги 1-кы ускуораһынан аргыый хаамтаран, кулгаах-харах буолан баран иһэбит.
Арай эргииргэ тайах барыаран аххан турар эбит. Син тэйиччи 200 м быһыылаах. Дьонум эмиэ көрдүлэр, дьэ, доҕоор, кабина үрдүн хомуруйуор дылы барабааннаан лигийдилэр. Дьиҥэр, мин арыый чугаһыыр былааннаах иһэр этим. Ону баара ити үлүгэрдээх сүллүгэстээһиҥҥэ туох тулуйуой, тохтоотоҕум дии. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, Хаппыыт обургу ойоҕос сэлээркэ бааҕар бэдэр курдук ыстанан таҕыста да, тоҥ илиистэн халтарыйда да, икки атаҕа үөһэ күөрэйбитинэн саата туһунан, бэйэтэ туһунан, тоҥуу хаарга төбөтүн оройунан ууга умсар курдук чом гынан хаалла. Хаатыҥката сылаас тыраахтар иһигэр хаара ууллан ирэн баран, таһырдьа үөһэ турарыгар хаҥкы курдук муус кыаһаан буола тоҥон хаалбыт. Ол дьыл хаара халыҥа сүрдээх этэ, хата онон тугун да өлөрбөтө быһыылаах. Мин ыстанан түстүм, эргийэ мочоохтоон тиийэн бастакы омуммар киһи эрэ, туох эрэ кыһаныы суох. Хаарга умса-умса харабыын сааны көрдөөтүм да туһа суох. Ыксаан Атамааҥҥа хаһытыыбын: «Ытыаххын тоҕо тураҕын?», - диэн. Киһим хара бэйэтэ ыгыллан өссө хараарбыт, хараҕа тахсыах курдук быччайа-быччайа, күлэн быара суох турар эбит. Онтон өйдөөн көрбүтүм икки атах бэрэпиэл курдук эргийэ олорор. Ол үлүгэрдээх тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ эргийиигэ улахан баҕайы хаатыҥкалар туора-маары эһиллэн сыталлар. Уҥа өттүгэр улахан түүлээх саһыл бэргэһэ хаар үрдүгэр үллэ сытар, хаҥас өттүгэр улаханнаахай ыт үтүлүк, биһиги эмиэ иччибитин сүтэрдибит диэбиттии икки аҥыы сытаахтыыллар. Ойон тиийэн киһим атаҕар түстүм. Саҥардыы таба тутан өрө тардыах буолбутум, эмискэ түөһүм тыла аһый гынна да, бэйэм туһунан, бэргэһэм туһунан тоҥуу хаартан сампаан бүөтүн курдук уһулу ойон тахсан эһиллэн хааллым. Хаппыытым уочараттаах эргийиитигэр түөспүн бэрэпиэлгэ тоһуйан биэрбиппин. Олох хаарга дьөлө түһэн көлөттөн хааллым. Ыксаан үөһэ турар Атамааҥҥа хаһыы быластаах маатара үс этээһин түһэрдим: «Түс б..., туруортаа, туох буолбут киһигиний, күлэ кэлбитин дуо манна,дь...».
Киһим быарын тутта-тутта нэһиилэ сыыллан түһэн, бастаан миигин ороон туруорда. Өй ылан тайахпытын көрбүппүт, арай тайахпыт биһиги диэки хайыһан күлэргэ дылы гынар.
-
Чэ, бастаан киһибитин туруоруох, саатар саатын анныгар уктан турар быһыылаах диэн быһаарыы ылынныбыт. Абыраабыт киһибин аатынан Сэмэн диэн ыҥырдым:
-
Сэмэн, наһаа чугаһаама, мин сэрэммэккэбин ойоҕоспун тосту тэптэрэ сыстым. Бастаан маһынан түөрэ анньыахха диэтим. Киһим: «Ээ сөп», - диэт, чугастыы тыраахтар кэннигэр өрө анньыллан турар тимир атырдьаҕы харбаан ылла да, сүүрэн тиийэн киһитин астаа-а!!! Дьэ, доҕор, киһибит тоҥуу хаар анныгар хаһыытаабыт хаһыыта суор хаһыытынааҕар улаханнык дуораһыйан иһилиннэ. Киһибит баар-суох куҥ этин биилкэлээн кэбиспит. Хата баччаҕа кэлиэххэ, истээх ыстаан бүөлээн халымыр буолан, абыраабыт. Хаппыыппыт ол биилкэлээһин түмүгэр ыарыытыттан, киһи эрэ буоллар, түөрэ түөһүллэн түстэ. Киһибит оронон турда. Дь, доҕоор, көрүөхтэн сүөргү букатын атын киһи туран кэллэ. Били хап-хара киһибит адьас муус маҥан буолбут. Баттахтары сирэйдэри көмүрүө хаар өтөрүнэн хоҥнуу баттыы сыстыбыттар. Били Саҥа дьыл хаарчаанатын санатар. Хаппыыппыт тугу эрэ саҥаран дуу, тыынын ыла сатаан дуу, айаҕа эрэ оппоҥнуур. Ол да буоллар тарбаҕынан үнтү хаһан-хаһыйан айаҕар туолбут көмүрүө хаартан нэһиилэ босхолонно да бастакы тыла:
-
Тайах ханна барда, баар дуо? - диэтэ.
Арай көрбүппүт тайахпыт син биир турар.
- Сааҥ ханнаный, Хаппыыт? - диэн хайа хаһыытаан бардым.
Киһим көмүрүө хам ылбыт хараҕын нэһиилэ аһан, хата бэйэбиттэн ыйытар киһи буолан биэрдэ:
-
Бай саалаах этим дуо? - диэн саайда. Онтон, өй булбуттуу, үһүөн тэбис-тэҥҥэ икки илиибитинэн, икки атахпытынан хаары хаһыы буолла. Хаһыы диэн ити кыратык этилиннэ. Хаар холорук түстэ диэххэ сөп. Хаар биир кэм буурҕа ытыйбытын курдук өрө бурҕайа олорор. Тула хаар суох буолла да, саа көстүбэтэ. Атамааммыт, ойон турда да, атырдьаҕынан сыыйа тардан, тараа да тараа, атырдьах элэҥнээн олорор.
-
Хаппыыт, эн олорума сааны сүтэрэн баран, - диэт, кабина иһиттэн тимир монтерогу ылан, баах үрдүнээҕи түннүк ааны аһан киһибэр уунан биэрдим. Онтон түннүк ааммын сабаары тардыаласпытым сабыллыбат, туохтан эрэ иҥнэн хаалла. Төттөрү аһа баттаан көрбүтүм, арай сүтүктээх саабыт кабина уонна баах икки ардыгар бу кыбылла сытар эбит. Били түннүгү сабарбар быата хоройон быга сытарын, түннүк аан тардан ылбыт. Ол кыбытан сабыллыбатах эбит.
-
Баар этэээ... - диэн, улахан хаһыыны кытары сааны сулбу тардан ылаат, мотор үрдүгэр капотка ойон таҕыстым. Тайахпыт бу тухары, бу үлүгэр айдааҥҥа барбакка турар.
-
Ботуруон ботуруонньукка бардаа, - диэт, кыҥаан оччойон эрдэхпинэ, арай кэтэҕим ньир гына түстэ. Эргиллэн көрбүтүм Хаппыытым тахсан турар эбит.
-
Аҕал сааны, мин саам, бэйэм ытыам, эн табыаҥ да суоҕа, - диэн, тыраахтар тыаһын уон төгүл баһыйар гына, ордоотоон тоҕо барда.
Мин хап-сабар туттаран кэбистим. Былдьаһан тардыалаһа турдахпытына, тайахпыт барыыһы. Куһаҕанын ылан эттэххэ, киһим сууллары анньан түһэриэ, оччоҕо ол аайы аллараа бэриинэ халыҥ хаар ньымаа. Барытын тибилийэн хара сиринэн көрдөрө сытыарабыт. Үлтү түстүҥ да, быраһаай, кырата уҥуох тостор. Уонна киһим сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх этэ. Биэрбэт да буоллаххына, хайдах баҕарар ылар былааннаах турара. Дьэ, ол буолан, кэмниэ-кэнэҕэс “СКС” харабыын тыаһа ытан түптэлээтэ. Уонна ыта охсон затвор аппас гынна.
- Ботуруонна, ботуруонна, - диэн хаһытыыр.
Онтон киһитин Атамааны көрөн, бардьыгынаан тоҕо барда,
- Эн тоҕо ыппакка, ытыспакка барбатах балык миинин курдук көрөн, аппайан тураҕын?! Киһитэ кыра саалааҕын дьэ өйдөөн, сүүрүк ат кымньыыламмытын курдук, икки илиитин өрө көтөҕөөт, тыраахтар кабинатын иһигэр баарынан-суоҕунан ыстанан кэбистэ. Ол киирэн иһэн сүгэ сылдьар саатыттан кабина аанын үөһээ туорайыттан иҥнэн, киирбитинээҕэр түргэнник тиэрэ тас иэнинэн барда. Туох эрэ бэрт куһаҕан тыас “хар” гынна. Атамаан, чиччигинии түһээт, ойон турда уонна эһэ часкыырын түһэрдэ. Өйдөөн-дьүүллээн көрбүппүт, киһибит саатын икки аҥыы тутан салыбырата сылдьар эбит. Мин уолуйан, тугу да саҥарбакка, биир сиргэ кирпииччэ үктүүр курдук тэпсэҥнии турдум.
Саҥардым да, быстахха былдьанарбын билбэт бэйэлээх буолуом дуо. Хаппыыт онно эрэ кыһаммат:
-
Ыт сатана уола, ыт аҥар илиигинэн маһа эрэ тостубут буолбат дуо! Обрез диэни билбэккин дуо, кыра тозовка дии. Атамаан, иһиттим-истибэтим диэт, эмиэ тыраахтар кабинатыгар ыстанна. Бу сырыыга туох да моһуога суох ойон киирэн, бардочок дьааһыгын аһа баттаата да, ыһылла сытар ботуруону ытыһын муҥунан ылан баран, сиэптэрэ барыта сиидэ курдук тэстибит буоланнар, толкуйдуу барбакка айаҕын оһох аанын курдук атытан айаҕар толору кутан, уктан кэбистэ. Санаатын сиппит киһи быһыытынан, тыраахтар тиһилигин үрдүгэр ыттан тахсан, тозовка уоһугар биирдии ботуруону симэ-симэ, син хаста да “тос-тос” гыннаран аҥаар илиитинэн ытан бырдырҕатта. Ол бириэмэҕэ Хаппыыт, уон сиэбин хасыһан, өрүсүһэн, биирдиини уга-уга, дөрүҥ-дөрүҥ бууска эстэринии, ытан доргутар. Атамаан кыҥнайа-кыҥнайа бэрт болҕомтолоохтук көрөн баран: “Доҕоттоор, тайахпыт атаҕа суох дии”, -диэмэхтээтэ. Онуоха Хаппыыт эмиэ хаһыы быластаах эттэ: “Бу да киһини көр, ол тайах туллук чыычаах курдук хаар үрдүгэр дыгыйан, уйдаран туруо диигин дуо, сордоох?” Тайах ыйааһына үс сэнтиниэр, атахтара хаар анныгар турдахтара дии”.
-
Ытан ис, турума, - диэн харда көҥдөй буолла. Атамааммыт, улаханнаахай ыҥыныах буолбут илиитинэн дьабалдьытын иһигэр симэн, уҥа-хаҥас буккуйан көрдө да, биир да ботуруону булбата.
Хаппыыт саҥата: - Хайа тоҕо ыппакка аппайан дөйөн тураҕын? - диэн буолла. Киһибит буруйдаммыт оҕолуу көрөн баран, икки илиитин нэлэс гыннарда уонна борустуойдук: “Туох да суох, мэлигир”, - диэмэхтээтэ. Мин: “Үстэ эрэ ыппытыҥ ээ, Сэмээн», - диэтим. Киһим мүчүк гынаат: “Барытын ыйыстан кэбиспиппин, ити Хаппыыт дэлби хаһыытаан киһини ыксатан”, - диэн буолла. Хаппыыт да муодарҕаата: “Ааттаах көнө саа этэ, хайа үөдэн куйахтаах кыыл түбэспитэй”, - диэмэхтээтэ. Чэ, чугаһыаххайыҥ диэн оргууй хаамтаран тиийэн, көрөн бэйэбит соһуйдубут, харааһынныбыт. Доҕоттоор, били үнүр сылдьыбыт уолаттар, кыылы охторон сүлэн баран тириитин өҥкөйбүт маска, дьээбэлэнэн иилэ бырахпыттар эбит. Үүппүтүн тохпут оҕолор курдук уку-сакы буоллубут. Хата Хаппыыт тириини көрө-көрө, сиидэ буолбут, көрүҥ эрэ барыта харабыын буулдьатын суола тэһитэ көппүт дии-дии, хас буулдьа түспүтүн ааҕан тарбаҕа чороҥнос.
-
Көрүҥ, тозовка буулдьата биир да суох, барыта миэнэ, - диэт, түөһэ мөтөйөн таҕыста. Онтон, доҕоор, Хаппыыппыт, тыгаайыга тыктарбыт киһилии, өрө татыкынайа түстэ. Көрбүппүт киһибит төрүт да атах сыгынньах хаары кэһэн оймуу сылдьар эбит. Эгэ бэргэһэ, үтүлүк кэлиэ дуо, суох буоллаҕа дии. Баарыан ыппыт сирбитигэр тиийэн, таҥаһы-сабы көрдөөһүн буолла. Атамаан биһиги, чаас аҥаара көрдөөн, син буллубут. Арай биир ыт үтүлүк кыайан көстүбэтэ. Киһибит тыраахтар иһигэр өрө бабыгырыы олорор. Атаҕын тарбахтара, кулгааҕа кыратык иһэлийбиттэр.
-
Чэ, кэбис, чэйдээн баран төннүөххэйиҥ, ботуруон да суох, - дэһистибит. Бэрт үчүгэйдик аһыы олорон эмискэ Хаппыыт хаһытыы түстэ: «Сэмэн эн хас ботуруону ыйыстыбыккыный?». Киһибит нэһиилэ ыган: «Уонча буолуо, аахпатаҕым ээ», - диэхтээтэ.
Хаппыыт иирбит курдук мөҕүстэ:
-
Бар, түргэнник таһырдьа тахса оҕус, - диэт, бэйэтэ урут ыстанна.
-
Хаппыыт, хайдах буоллуҥ?
Хаппыыт эппиэтэ маннык буолла: «Киһи куртаҕа кислота дии, ботуруон онно киирэн, бэстиэмин кислота дьөлү сиэн эстиэхтээх, өссө сып-сылаас чэйи испит буола-буола. Киһибит хаамар бомба буолбут буолбат дуо?», - тэйиччи туран хаһыытаан хардарда. Ону истээт, Атамаан:
- Чэ, сатыы барыам, тыраахтарым чугас суолга турар дии, ити көкөт туга эрэ мэйиитигэр тахсан бырахтарбыт быһыылаах, - диэтэ да, тахсан хааман бара турда. Дьэ, итинник эмиэ буолааччы, хайа элбэххэ. Онтон ол ыт үтүлүкпүт тиэрэ баран иһэн элиппитэ, үөһэ маска быатыттан ыйанан хаалбыт эбит этэ. Кэлин ол ыт үтүлүкпүтүн киис олорор диэн туһунан түрүлүөннээх быһылаан буолбут этэ. Ол туһунан кэпсээн.
Александр Федорович Тегюрюков-Өлөксөөн
Томпо оройуона, Кириэс-Халдьаайы.
Содержание
Хойобуун эһэлиин киирсии
Чокууй Уйбааны кытта Кылаан Уоһук ыраах тыаҕа Ампаардаах эргин бултуу сылдьан эһэ арҕаҕар түбэспиттэр. Кыһыҥҥы күн кылгас. Түөттүүр ааһыыта туут хайыһарынан кыыл этин сүгэн иһэннэр ыы муннуларынан түбэспиттэр. Төннөн үүтээннэригэр барыахтарын икки ыттара арҕах дьөлөҕөһүнэн төирдьэ киирэн ар бур бөҕө буолтар. Биһиги дьоммут сүгэһэрдэрин түһэрэ охсон тукка сааларын харбаммыттар. Ииттэр бокуой биэрбэккэ эһэлэрэ ыттары кытта охсуһан ар бур бөҕөтө буолан тахсан кэлбит. Саа булга үлүгэринэн ииттэ охсоннор биирдиитэ ыппыттар. Онтулара хомурҕанын уонна өттүгүн үттү ыттаран баран ыттартан тэйэн дьоҥҥо түспүт. Чокуур Уйбаан эһэ түөһүгэр сыстан сылдьан быһыччатынан кэйгэллиир ону кэннитьэн Кылаан Уоһук чохороон сүгэннэн ол эһэлэрин кэтэҕин чээллээн утуппуттар. Сааларын иккиһин ииттэр бокуой биэрбэккэ хойобуун эһэ тайҕа тыата үмүрүйүөр дылы хаһыыны таһааран баран Чокуурга түһэригэр Уоһугу санныга дайбаан ааспыта хомурҕана тахсан баран аҥаар тлиитинэн ол чохороон сүгэннэ ол эһэ кэтэҕин чээллиир. Дьэ тулуур ээ. Кыахтаат тэтиэнэх буолан ол бааһырбыт кырдьаҕастан тыыннаах ордон тураллар. Ол онно эһэлэрин арҕаҕар хонон Уоһук хомурҕанын киллэрэн хоммуттар. Чокуур Уйбаан дэгиттэр киһи онон ол быраатын Уоһугу сиргэ өрүһүйэн турар. Ити Уоһук сэриигэ баран сураҕа суох сүппүтэ. Кылаанап Уоһук диэн аата суруллан турар. Чокуур Уйбаан сири стбиири архарбыт киһи. Ааттаах олоҥхоһут, тойуксут. Устар ууну сомоҕолуур тыллаах өстөөх киһи. Иккиэ бырааттыылар Боһомолор сыдьааннара. Төрдүлэрэ Акыыдалар. Иккис эһэҕэ түбэһии Чокууру кытта Чыппа Өлөксөй диэн эмиэ ааттаах тыаһыт, сырыылаах, кыанар киһи бу Куоначчаан Андыҥдатын киһитэ.Иккиэн тыалыы сылдьаннар ити Хапчаан сиһигэр эһэ арҕаҕар ьүбэспиттэр. Түүлээхтэрэ бөҕөнү кэтит сыҥаахтаах талах салааскаҕа соҕоллор ол саҕана. Туох баар астара, балааккалара, оһохторо барыта оннук көс курдук сыҕарыйан иһэллэр. Ол эһэлэрин арҕаҕыттан ыраатан хахха сири булан хоммуттар. Сир дьоно начаас балааккаларын туруоран , сааларын сэптэрин көрүнэн бэлэмнэммиттэр.Түүн утуйа сыттахтарына эмиэ ыттара күөттээн кыыһырдан эһэлэрин таһааран ыытан кээспиттэр эбит. Онно бүө мас быстан эҥин тийбиттэрэ ыттары кытта охсуһа охсуһа барбыт . Аарыма эһэ куолун көрөн Чокуурдаах Чыппа салла санаабыттар. Син биир бу ыттара эргитэн аҕалаллар диэн бэлэм сылдьыа дэмпиттэр. Уонна балааккаларыгар төннүбүттэрэ доҕоор дьэ онно дуолан киссии буола турар эбит. Ону үөмэн маһынан хаххаланан киирэн ытыы кэмэ буолла диэннэр ытыалаабыттара охтубут. Ону өллө диэн киирэн истэхтэринэ туран дьоҥҥо саба түспүт. Чыппыны баппаҕайынан өҥүс баска саайан онно дөйөн сууллубут. Хата Чокуур куругар баар чохороонун ылан эһэ түстэҕин аайы хоҥорууга саайа сылдьыбыт. Ону кэлин көттөрө хоҥоруута олох мэйии курдук илдьиритэ охсуллан хаарбыт үһү. Аны Чыппа туран кэнниттэр үөл тоһоҕоннон биллэҕиннэттиир. Инньэ кынан эһэлэрин икки өттүттэн үөс батааска биэрбэккэ охторбуттар. Ол эһэ үөһэ иккис хос ытарҕалаах эбит. Оннук дьэҥ оһол баар буолар үһү. Ол ытарҕа үөһэ туох да уһаарбат эм том буолар эбит. Били Чыппа ол өҥүс баска оҕустаран онтон аһааҕыран аҕыйах сыл буолан баран өлбүт. Онтон кэлин тыалаабатах. Түлэһэ булдун бултаабыт. Чокуур кэлин хаста да эһэни бултаан. Элбэх эһэни сиэбит киһи буолар Чокуур Уйбаан.
Баһылай. Хорула.