Дьылҕа
Главная / Кэпсээннэр / Дьылҕа
Догорум
Умнуллубат түөрт атахтаах доҕорум
Мин “булчукка үйэтигэр үчүгэй ыт биирдэ бэриллэр” диэн этиллэринии, бииргэ бултаабыт-алтаабыт түөрт атахтаах доҕорум туһунан суруйуохпун баҕардым. Ол ыппын хайдах-хантан булбутум туһунан суруйуубун саҕалыым.
Урут, сопхуос саҕана, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар кэлии үлэһит элбэх буолара. Араас омук дьонугар тиийэ. Оччолорго сапчаас ыскылаатын сэбиэдиссэйэ В.П. Тимофеевы кытта ыаллыы кыбартыыраларга олорбуппут. Бөһүөлэкпитигэр кэргэннии нуучча үлэһиттэрэ бааллара. Кинилэр сопхуостан уурайан соҕуруу баралларыгар күүлэлэригэр икки оҕолоох тыһы ыты хаалларбыт этилэр. Ол саҕана мин уоппускабар кыралаан бултуур этим. Үчүгэй булчут ытым суоҕа. Онон В.П. Тимофеев нууччалар ыт оҕолорун хаалларбыттарын туһунан кэпсээбитигэр көрө-истэ дьиэлэригэр тиийэ сырыттым. Ыттары көрө киирэрбэр, ийэлэрэ ыт суоһурҕана көрсүбүтэ. Күүлэҕэ тэлгэнэ быраҕыллыбыт тэлигириэйкэҕэ быыкаа икки ыт оҕото сытаахтыыллара. Уһун сиэрдийэҕэ боробулуоханан тордуох оҥорон, күүлэ аанын сэгэтэн баран, ыт оҕолорун соһон чугаһаппыппытыгар, ийэлэрэ барахсан биэримээри ырдьыгынаан бөҕөтө буолаахтаабыта. Ол да үрдүнэн ыппыт оҕолорун соһон таһаарбыппыт. Олортон биир маҥан дьүһүннээҕи сөбүлүү көрбүтүм. Хараҕа да тэстэ илик быыкаа харамайы хоонньубар уктан дьиэбэр илдьэ барбытым.
Саас харалдьык тахсыыта ичигэс да буоллар, табаар дьааһыгар уйа оҥорон дьиэм иһигэр сытыарбытым. Бэйэтэ иһиттэн кыайан аһаабат буолан, кыра-кыралаан уу кыһыл оҕо курдук бүөбэйдээн суоскаттан аһата үөрэппитим. Сотору кэминэн хараҕа аһыллыбыта. Бастаан утаа, суоскаттан көһөн, ытыспыттан аһатар этим. Онтон күн-дьыл ааһан испитэ. Улааттаҕын аайы саха боруода ытыттан атына биллэр буолбута. Илин атахтара мадьаҕар уонна намыһах этилэр. Сиһэ уһун. Кулгааҕын төбөлөрө сабырыйа сылдьаллара. Дьон көрө-көрө “бу боруода ыты туох гынаары иитэҕин? Маннык ыттар булчут буолбаттар” дииллэрэ. Ол эрээри аһыырыгар сүрдээх көҥөс, иччититтэн атын киһини билиммэт буола улааппыта. Кыра сааһыттан уулусса ыттарыгар иннин биэрбэт гына суостаммыта.
Биирин туола илигиттэн булка илдьэ сылдьар идэлэммитим. Тайахха, тыатааҕыга уһулуччу талааннааҕа биллибитэ. Олортон биир түгэни кэпсиим.
1993 сыл табаарыспын Анатолий Николаевы кытта Үрэх Төрдө диэн сиргэ үүтээн туттан киирбиппит. Оччолорго сэрии бэтэрээнэ Иннокентий Петров тайахха лиссиэнсийэ ылан биэрэн тайахтыы тахсыбыппыт. Биһигини кытта оскуола сопхуоһа Анатолий Петрович Соловьев бултаһа тахсыбыта. Биир күн, Толя Николаев бөһүөлэккэ ыһык ыла барбыт кэмигэр, биһиги анараа Анатолийдыын Солоҕон сиригэр-уотугар икки аттаах, икки ыттаах тахсыбыппыт. Күһүн сир тоҥон, бастакы кыраһа түспүт кэмэ этэ. Ол иһин ирээри аттарбытыттан түһэн сатыылыыр этибит. Ыттарбыт иннибитигэр-кэннибитигэр түһэн, сүтэ-сүтэ күөрэйэн сүүрэ испиттэрэ. Оннук айаннаан иһэн, ыппын көрбүтүм, тугу эрэ сытырҕалыы сылдьара. Кини диэки эргийэн барбытым, аттарбыт бу аҕай ааспыт сирдэригэр, көбүс-көнө сиргэ кыра хайаҕас өҥөйөн сытара. Ытым онно ойон тиийэн, илин атаҕынан хаһыйан киирэн барбыта. Мин тутатына эһэ арҕаҕа буоларын сэрэйбитим. Киһибин хаһыытаан ылбытым. Ойон түһэн, аттарбытын тииккэ баайталаан кэбиспиппит. “Сааҕын ыл!” – диэн хамаандалаан баран, арай киһим туоһапка сааны тута сылдьарын өйдөөн көрбүтүм. Харабыынын үүтээнигэр хаалларан кэбиспит үһү. Дьэ, испэр кыһыйа, мөҕүттэ санаатым. Ол да буоллар хайыахпытый? Чохороон сүгэбин ылан Анатолийбар туттаран кэбистим уонна “сиэрдийэтэ быһа тур” диэтим. Бэйэм саабын сүнньүөҕүнэн ииттэн арҕах айаҕар бэлэм турдум. Ытым хаһан сэктэтин бүтүннүү орообута. Били, иккис ыппыт арҕахха чугаһаабакка ырааҕынан элиэтии сылдьыбыта. Иһиллээн-чуҥнаан көрбүтүм, туох да тыас-уус иһиллибэт этэ. Эһэ баара-суоҕа биллибэтэҕэ. “Баар дуу, суох дуу?” диэн, аны саараан барбытым. Ол кэмҥэ Анатолийым синньигэс баҕайы сиэрдийэни быһан аҕалбыта. “Хайыыбыт?” дэһэн баран, сиэрдийэнэн сууралаан көрөргө санаммыппыт. Мин саабын тутан бэлэм турбутум. Киһим сиэрдийэ төбөтүнэн иһирдьэ сууралаан барбыта. Онтон саҥа аллайбыта: “Пахай, суох эбит буолбат дуо?! Сиэрдийэм арҕах түгэҕэр тиийдэ!” Онуоха мин: “Эс, сэктэтэ быһаҕас сабыылаах этэ. Өссө күүскэ сууралаа”, – диэтим. Арай сууралыы туран: “Һок, баар эбит. Маспын тарта”, – диэтэ. Ол кэмҥэ ытым харса суох төбөтүн иһирдьэ уга-уга үрэн киирэн барда. Сиэрдийэбитин хостоон таһааран, кээмэйдээн ханна иҥнибит сирин буллубут. Иҥнибит сиринэн арҕаҕы дьөлөргө быһаарынныбыт. Саабын тутан туран: “Оруобуна манан дьөлө оҕус”, – диэтим. Ол түгэҥҥэ ытым иһирдьэ киирэн, саҥата мэлис гынан хаалла. Испэр “ыппын киһилээбэтэ” диэн аһына санаатым. Киһибин ыксаттым. Арай чуо бааччы дьөлө охсоотун кытта ытым ойон таҕыста, аҥаар кулгааҕыттан хаана саккырыы сылдьар. “Аны ытым арҕахха чугаһаабата буолуо” дии санааппын кытта, түөрт атахтаах доҕорум эргиллэн кэлэн, арҕаҕы айаҕыттан үрэн барда. Ону көрөн наһаа үөрбүппүн өйдүүбүн. Ол туран иһиттэхпинэ, арҕах хаҥас өттүнэн эһэ көхсө тыаһыыр. Мин үс муннуктуу арҕах буоларын сэрэйэммин, Анатолийга “тыас баар сирин бараҥҥын дьөл” диэтим. Киһим ыйбыт сирбинэн аҕыйахта охсоотун кытта эһэм айаҕа кытар гына түстэ. Чалахай курдугунан тыбыырда. Мин бэлэм турар буолан, айаҕын көрдө-көрбүтүнэн чыыбыспын тардан кэбистим. Эһэм мэлис гынан хаалла уонна арҕах иһигэр мөхсөр тыаһа иһилиннэ. Ол мөхсөр тыаһын диэкинэн эмиэ киһибэр хайаҕас оҥортордум. Үс сиринэн сырдык киирэн, онон-манан күлүкүс гынара көстөр буолбута. Ол аайы мин туһаайа-туһаайа ытан истим. Сотору кэминэн мөхсөр тыаһа сүтэн хаалла. Уу чуумпу бүрүүкээтэ. Ытым дьэ уоскуйда. Үрэрин тохтотто. Ол эрээри арҕаҕын айаҕыттан тэйбэтэ. Мин киһибиниин кэтэһэн турдубут. Төһө да урут тыатааҕыны бултаабатарбыт, өлөрүгэр арҕаҕын иһиттэн үрүҥ туман тахсарын истэр этибит. Өр-өтөр буолбата, үс дьөлбүт хайаҕастарбытынан үрүҥ туман унаарыйан таҕыста. Биһиги, дьэ, “һуу” диэн өрө тыынныбыт. Хостуурбутугар арҕаҕы дьөлбүт сирбитинэн кэҥэтэргэ быһаарынныбыт. Мин киһибиттэн лаппа эдэр буоламмын, айаҕын быалыы иһирдьэ киирдим. Бастаан утаа тугу да көрбөтүм. Инньэ гынан арҕах түгэҕин диэки илиим иминэн аа-дьуо киирэн истим. Оннук хараҥаҕа харбыалаһан көп түүнү даҕайдым. Нэһиилэ төбөтүн булан, айаҕын атытан, маспын уоптаран баран, моонньуттан туомнуу баайан кэбистим уонна сыыллан тиийэн быам төбөтүн киһибэр туттардым. Икки сиэрдийэни сытыары уураммыт бэрт эрэйинэн соһон таһаарбыппыт.
Кэлин уоскуйан баран санаатахпына, өскөтүн итиннэ улахан адьырҕаҕа түбэспиппит буоллар, бэйэбитин да былдьатар кыахтаах эбиппит. Кыра кыыл түбэһэн, хата, ойон тахсыбатаҕар Байанайбытыгар махтанабыт.
Михаил Павлов,
үлэ бэтэрээнэ, Мытаах бөһ., Горнай улууһа.
Д Ь Ы Л Ҕ А
Уруккуну санаабыт
Сэрии иннинэ биһиги нэһилиэкпитигэр икки холкуос баара, «Сталин» уонна «Кыайыы суола» диэннэр. Оччотооҕу хомсомуоллар аҕыйахтыы хоно-хоно мустан мунньахтаан моргуһан тахсарбытын өйдүүбүн.
Мунньахтарбыт бэбиэскэлэрэ, үгэс курдук, «аныгы сайдыыны, култуураны маассаҕа тарҕатыы», «абааһы суоҕун хараҥа нэһилиэнньэҕэ дакаастааһын», «тирээн турар идеологическай үлэ», «аан дойду балаһыанньатыгар политинформация», «бырааһынньык тэрээһинэ» диэн курдук судургу буолаллар этэ. Билиҥҥи дьон истэригэр ити барыта соччо солуута суох курдуга буолуо эрээри, кырдьык-хордьук, сүүрбэттэн эрэ тахса бэйэбит киэһэ хараҥаҕа диэри ибили мөккүһэн, тиритэн-хорутан, кыайан-хотон тарҕаһар этибит. Ити билигин ким да туохха да кыһаллыбат, оттон ол саҕана хас биирдии саха суруйааччытын кинигэтэ тахсыбыта, сурунаалга интэриэһинэй кэпсээн бэчээттэммитэ, соҕуруу ханнык эрэ собуокка саҥа тыраахтар, бойобуой сөмөлүөт, тааҥка саҥа көрүҥэ айыллыбыта барыта улахан уопсай кыайыы быһыытынан ылыналлара. Ол биһиэхэ эрэ буолбатаҕа чахчы, дойдуга барытыгар да оннук буолуохтаах. Уопсайынан, олохпут олус интэриэһинэй, күөстүү оргуйар этэ.
Нэһилиэк хомсомуолларын мунньаҕар үксүгэр холкуос суоччута Сэмэнэп Сэмэн, биһиэхэ барыбытыгар Сэмэй Сиэҥкэ диэн аатынан биллэр сүүрбэтин лаппа ааспыт уол бас-көс курдук буолара. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн аҕатын, убайдарын кытта Өрүскэ (билиҥҥи Өлүөхүмэнэн, Хаҥалаһынан) баран үлэлэһэ сылдьыбыт буолан, биһигиннээҕэр, үрэх баһын дьонунааҕар, быдан киэҥ билиилээҕэ, нууччалыы холкутук быһаарсара, дуоспуруннааҕа, маанытык таҥнара. Мунньах кэмигэр кини хаһан да чобуорхайа, омуннуран этэ-тыына олорорун өйдөөбөппүн, аатыгар да этиллэрин курдук бэрт сэмэйдик туттара. Ол эрээри, түмүк тыл мэлдьи киниэхэ бэриллэр быһыылааҕа. Мунньахтарга, уопсастыбаннай үлэҕэ биир биллэр-көстөр киһибитинэн мин төрөөбүт сайылыкпыттан уонча биэрэстэлээх Көрдүгэн диэн алааска үөскээбит, миигин кытта саастыы Кэтириис кыыс буолара. Кини биһикки оҕо эрдэхпититтэн бииргэ бодоруһан кэриэтэ үөскээбит дьон буолан олус эйэлээх сыһыаннаахпыт, мөккүөрдэргэ эҥин биир куомун буоларбыт. Дьон саҥатын бэркэ болҕойон истэн олорон, уоһун иһигэр күлэн мүчүк-мүчүк гынан баран, киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын, ким да кыайан эппэтин, олус сытыыны-өйдөөҕү, күлүүлээҕи туох да буолбатаҕын курдук «ааһан иһэн» этэн кэбиһэн сөхтөртүүрэ. Уопсайынан, ити курдук эмискэ толкуйдуу охсон булан этэргэ кыргыттар тыллара быдан сытыы буоларын киниттэн сылтаан бэлиэтии көрөр буолбутум. Кэтириинэ кыыс тас дьүһүнэ – бэйэтэ туспа кэпсээн. Кини дьоно былыргыттан да кыанар аймах буолан, таҥаһа-саба, быһыыта-тутуута, иитиитэ биһигиттэн чыҥха атын этэ. Кыаммат, түҥкэтэх сир оҕолоро үксүгэр мара-бүрэ, кэнэн буолааччылар, олор ортобутугар кини хантан эрэ атын сиртэн алҕаска кэлэн хаалбыт курдуга. Аныгы дьон этэллэригэр дылы, уопсай хартыынаҕа ханан да дьүөрэлэспэтэ. Дьулугураабыт уһун уҥуохтааҕа, кыым саҕылла сылдьар сытыы арылхай харахтааҕа, имигэс бииллээҕэ, түргэн-тиэтэл хамсаныылааҕа, уонна… ханна да чугаһынан суох такымынан охсуллар ыас хара уһун суһуохтааҕа. «Баттаҕым сиринэн соһулла сылдьыбатын диэн лэппийэр үһү» диэн оҕолор сөҕөн кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Хааман-сиимэн курбалдьыйдаҕына, суһуоҕа кэннигэр ханан эрэ ыраах тэлээрэн иһэр буолара. Холкуоһун дьоно, кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ, бары кинини олус сөбүлүүллэрэ, ону ааһан атаахтаталлара да быһыылааҕа. Бэл, кырдьаҕас оҕонньоттор «Биһиги Кэтириискэбит, кыыс да кыыс» диэн сөбүлээн, манньыйан кэпсэтэллэрэ өйбөр хаалбыт. Эппитим курдук, кини биһикки ураты сыһыаннаах этибит. Төһөтө кырдьыгын билбэтим, ол гынан баран ыаллыы сайылыгым кыргыттара «Кэтириис эйигин сөбүлүүр үһү» диэн хаста да кэпсээн улаханнык долгутан, ууга-уокка киллэрэн турардаахтар. Оччолорго мин таҥаһым-сабым илбирийэн, сирэйим-хараҕым өһөн, кэнэним-судургум киһи соччо сөбүлүө суох дууһата буолуом, дьиҥинэн. Төһө да оччотооҕу сиэринэн кыбыстыһан эйэргэспэтэхпит иһин, нэһилиэк саамай мааны, кэрэ кыыһын кытта бииргэ оонньоон улааппыт, кинини кытта табаарыстыы киһи курдук сананан, «тос» курдук туттарым. Атын уолаттар ордугургуур да быһыылаах этилэр. Дьиктитэ диэн баар, дьон быыһыгар туох да тардылыга суох олус дьорҕооттук кэпсэтэр бэйэбит, биир бииргэ хааллахпытына саҥабытыттан матарбыт.
Сэрии саҕаламмытыгар мин, сүүрбэлээх уол, балаҕан ыйыгар бастакы ыҥырыкка хабыллан сэриилэһэ барар буолбутум. Нэһилиэкпититтэн барыта холбоон сүүрбэччэ киһи ыҥыыр атынан оройуон киинигэр барар буолбуппут. Миинэн барбыт аттарбытын төттөрү аҕаларга диэн хас да киһини сыһыарбыттара. Онно, сөҕүөхпүт иһин, Кэтириис күүс өттүнэн кэриэтэ тылланан, ат сылгылаһа барар буолбут этэ. Хайдах көҥүллээбиттэрин сатаан санаабаппын, кини акка ханан да сыстан-чугаһаан көрбөтөх киһи буоллаҕа. Атын сирдэргэ хайдаҕын билбэтим, оттон ол кэмҥэ биһиэхэ сэриигэ барыы диэн туох да саарбаҕа суох эрэллээх өлөр өлүүгэ умса анньыллыы курдук сыаналаммыта. (Дьиҥинэн, ол сөп да курдуга. Бастакы ыҥырыктан мин эрэ тыыннаах төннүбүтүм). Онон, айаммыт да оннук хабааннаах, кэри-куру буолбута. Дьаам суолун устун түөрт хонук, аара баар холкуостарга тарҕанан хоно-хоно, айаннаабыппыт.
Кэтириис умса туттан баран мэлдьи атынан кэннибэр ойоҕолуу хаамтаран испитэ. Тугу эрэ күүтэрдии, эбэтэр болҕомто тардардыы хаста да бэрт болҕомтолоохтук көрөн иһэрин таба көрө-көрө симиттэн харахпын куоттартаабытым. Тугу саныы испитин билигин ким билиэй? Айаммыт былаһын тухары Улахан Уйбаан диэн эмиэ сэриигэ ыҥырыллан баран иһэр, уруккута холкуоска кыладыапсыктаабыт түөрт уончалаах бэрт үтүө киһи: «Туох буолбут көлөөк киһигиний? Итинник бэйэлээх кыыс улуу тойону сырсан, тугу да кэрэйбэккэ, бэйэтинэн сыҥаланан барсан истэҕинэ… Дойдутугар өссө туох диэн тыл-өс барыа биллибэт. Эрэйдээҕи аһын, эр киһи буол! Атына кыаллыбат буоллаҕына, муҥ саатар кэпсэтэн абыраа. Сэрииттэн төннүөҥ эрэ, суох эрэ…», – диэн тохтообокко сулуйбутун, араастаан «усулуобуйа оҥоро» сатаабытын, муҥур уһугар, кэлэйэн иэдэс биэрэн кэбиспитин өйдүүбүн.
Оройуон киинигэр икки хонон баран, борохуокка олорон Дьокуускайга устубуппут. Мин, эр санаабын ылан, уйа-хайа суох саҥа таһааран ытыы хаалбыт, бэрт дьиктитик, бэл, уҥуохтуун кыччаабыкка-кумуйбукка дылы буолбут кыыһы илиитин имэрийэн бырастыыласпытым. Атыҥҥа оччотооҕу кыаҕым-таһымым кыайан тиийээхтээбэтэҕэ. Саатар, кэпсэппэтэхпит.
Сэриигэ, туох да омуна суох, баһыттан атаҕар диэри сылдьыбытым. Аатырбыт Сталинград кыргыһыыларыгар кыттыбытым, Илиҥҥи Пруссияҕа тиийэн сэриини түмүктээбитим. Сержант буолбутум, баартыйаҕа киирбитим. Элбэх ууну-уоту, эрэйи-буруйу көрбүтүм. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, биирдэ, Варшаваны босхолооһун кэмигэр, түүн биһиги дивизиоммут хоно сытар таас дьиэтигэр уоран кэлэн саба түспүт СС диверсаннарын кытта хараҥаҕа туох түбэһэринэн дайбаһыыга, сапернай лаппаакынан уонна кынчаалынан түөрт оҕус саҕа ньиэмэс саллаатын кэйгэллээн турабын. Кыһалҕа кыһарыйдаҕына саха да киһитэ харсыттан тахсар, кыыллыйар эбит этэ. Атыннык эттэххэ, сэрииттэн төннөрбөр хааным-сииним хойдубут, энчини билбэт, тэппини көрбөт киһи буолан саадаҕыран тахсыбытым. Төрөөбүт нэһилиэкпэр «киһи уларыйар да буолар эбит» диэн улаханнык сөхпүттэрэ, үгүстэр «оҕо сылдьан үчүгэй да этиҥ» диэн уруккубун аһыйбыттара.
Ахтан аҥаарым эрэ хаалбыт дойдубар табыллыбатаҕым. Барыта наар аанньа курдук этэ: ыарыһах ийэм бардаҕым эһиилигэр өлбүт, бииргэ иитиллибит быраатым сэриигэ сураҕа суох сүппүт… Үөлээннээхтэрбин барыларын сэрии үрэй-сарай ыспыт, оттон уруккуттан билэр дьонум ыар, баламат үлэҕэ хам баттатан тугу да уһуну-киэҥи ырыҥалаабат, сырдыгы ыраламмат чой буолан хаалбыттар, соргулара тостубут. Быһата, тэһийбэтэҕим, тыыным-быарым ыгыллыбыта. Хас эмэ сылы быһа ымыы оҥостон иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаам – Кэтирииһим, эмиэ суох буолбут этэ. Оччотооҕу муунтуйбуппун, санаам алдьаммытын тилэри кэпсииргэ кыах тиийбэт.
Сэриигэ бардаҕым сааһыгар урукку хомсомуол саҕанааҕы доҕорбут Сэмэй Сиэҥкэ, кэлин ааттыылларынан Сэмэн Дьөгүөрэбис, холкуос бэрэстээтэлэ буола үүммүт уонна муҥур ыраахтааҕы буолан олорон киһи бөҕөнү түүрэйдээбит, атаҕастаабыт, үүрбүт-үтүрүйбүт. «Киһи эриэнэ иһигэр» диэн сөпкө да этэллэр эбит, били бииргэ мунньахтаан мучумааннанар Сэмэй Сиэҥкэбит киһини мөҥөрө-күргүйдүүрэ буолуо диэн урут өйбөр да оҥорон көрбөт этим. Ол гынан баран, кэлтэй баһааҕырдар сыыһа буолуо. Төһө да тимир кытаһаҕынан тутан салайбытын иһин, биһиги холкуоспутуттан биир да киһи хоргуйбатах этэ (ыаллыы колхуостарга дьон сүүһүнэн сутаан охтубуттара). Сэмэн кэлин туттуллубат буолбут былыргы балыктааһын ньымаларын сөргүтэн, сыма-хохту бэлэмнэтэн, хантан эрэ хортуоппуй булан аҕалан үүннэттэрэн, булчуттар биригээдэлэрин тэрийэн, балыгы-булду хастыы эмэ туркунан Өрүскэ илдьэн бурдукка мэнэйдэһэн, быһата, үчүгэй тэрийээччитин, салайар дьоҕурдааҕын көрдөрбүт.
Дьэ, ол Сэмэн «былааһы ылан» баран, Кэтириискэ дураһыйан, ойох ыла сатаан, сүгүн сырытыннарбакка эрэй бөҕөтүн эрэйдээбит. Ол түмүгэр, тулуйа сатаан баран Кэтириис холкуос бырабылыанньатын дьиэтигэр, дьон бөҕө көрөн турдаҕына, бэрэстээтэли утары көрөн туран өтөрү-батары саҥарсыбыт, ытаһыы-соҥоһуу буолбут. Быһата, өһүөҥҥэ киирбит.
1944 сыл күһүнүгэр үөһэттэн бирикээс кэлбитигэр, холкуос салалтатын дьаһалынан үс дьахтар, олор истэригэр Кэтириис, Сангаар шахтатыгар үлэҕэ ыытыллыбыттар. Саха дьахтара хаһан шахтаҕа таас чоҕу кытта өрө-таҥнары тустубута баарай? Онуоха эбии үлэлэрин кыайбат буолан (шахтаттан таас чоҕу вагонеткаларга тиэйэн таска таһаараллар, ардыгар өрүскэ таһаллар эбит), мэлдьи да кэриэтэ быһаҕас нуорманы аһаан, түүҥҥү симиэнэҕэ сылдьаахтаабыттар. Кыайыы буолара аҕыйах ый хаалбытын кэннэ букатын ыран-быстан, онуоха эбии тымныйан, Кэтириис быстаахтаабыт. «Уһун суһуохтаах киһи дьоло суох буолар (дьоло барыта баттаҕар баран хаалар)» диэн өйдөбүл баар буолааччы, ону итэҕэйэн үтүөрээри эбитэ дуу, хайдаҕа дуу – билбэтим, Кэтириис өлүөн иннинэ уһун суһуоҕун кырынан кэбиспит. Суһуоҕу быраҕан кэбиһиэхтэрин аньыырҕаан дьахталлар дойдутугар аҕалан кыыс дьонугар тиксэрбиттэр этэ. Мин сэрииттэн эргиллэрбэр ол дьахталлар хайалара да суохтара, онон чуолкайын билбэппин. Ол гынан баран, дьон быстах кэпсэлин быһыытынан, Кэтириис «кэриэс гынан саныы сырыттын» диэн миэхэ ыыппыт үһү диэн эмиэ усках саҥа-иҥэ баар. Билбит суох. Бука, сымыйалара буолуо.
Эппитим курдук, дойдубар сатамматаҕым. Сэмэй Сэмэни кытта «быһаарсан», өссө, дьыалаҕа эриллэ сылдьыбытым. «Хаана алдьанан кэлбит» диэн дойдубар да миигин бэркэ атыҥыраабыттара. Онтон ыла хотуну-соҕурууну кэрийэн быралгы кэриэтэ барбытым. Иккитэ ойохтоно сылдьыбытым. Ол эрэйдээхтэрим уһаахтаабатахтара, кырдьыгынан эттэххэ, өй-санаа, быһыы-тутуу, майгы-сигили да өттүнэн Кэтириистэн сиртэн халлаан ырааҕын курдук ыраах дьон этилэр. Оҕолорум тарҕаспыттара. Билигин кырдьан олорон санаам хоту салаллыбатах, туох да көдьүүһэ суох ускул-тэскил ааһан бүппүт олоҕум туһунан элбэхтик саныыр буоллум. Уонна ол олоҕум уопутугар тирэҕирэн, эдэр ыччаттарга мас-таас курдук бигэ эрэллээх туран сүбэлиэм этэ: айылҕаттан бэриллибит килбиккититтэн дуу, атын туох эрэ толкуйтан дуу, бу мин курдук түгэннэргэ сыппаан-мөлтөөн биэрбэт буолуҥ, бэйэҕитин сэнэнимэҥ. Сүрэххит сытар, ылынар буоллаҕына – саарбахтаамаҥ. Иккистээн итинник түбэлтэ хаһан да тосхойуо суоҕа, ол эрэбил. Мин даҕаны уот хара бастааҥҥыттан киһилии дьаһаммытым-туттубутум буоллар олоҕум, баҕар, атыннык салаллыа эбитэ буолуо… Маны тэҥэ, кимиэхэ эрэ куттаабыта-өһүргэммитэ буолан быстахтык быһыыланымаҥ. Бу мин курдук кырдьар сааскытыгар тиийэн биир да чугас дьоно-сэргэтэ, уруута-аймаҕа, төрөөбүт сирэ-дойдута суох чороҥ соҕотох үрүҥ күн анныгар туран хааларгыт – киһи ымсыырбат суола.
Гаврил ПОПОВ.
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
Д Ь Ы Л Ҕ А
Өрөбүл күн
Бу үүммүт күһүҥҥү саппарахтаах күн ороммуттан турбакка, өөр да өр сыттым. Сынньанар тоҕоос көһүннэҕинэ, бу курдук күнү да быһа утуйуохпун сөп. Көҥүллүүллэрэ, баарым туһунан бары биир үтүө күн умнан кэбиһэллэрэ буоллар, баҕар, тыатааҕы курдук уһун кыһыны утуйан атаарыам этэ. Чэ, ити ыра санаа эрэ. Оттон бүгүн баҕас утуйаа инибин, сып-сылаас, сып-сымнаҕас ороммор… Ким да аймаабат, уу чуумпу, бүгүн үлэ суох, түбүк суох… Ону баара, аттыбар баар аччыгый атаһым “миигин умуннуҥ” диэбиттии, баарын биллэрэн дьигиһиҥнии-дьигиһиҥнии өрө бирилээн, уоскуйбут уйулҕабын уһугуннаран кэбистэ. Хаарыан уу нуһараҥ уйуһуйдаҕа ол. Баҕарбатарбын да, төлөпүөммүн ылабын. Сэрэйбит сэрэх. Субуотаны-өрөбүлү аахсыбат дьүөгэм Маайыс эрийэр эбит. Буоларын курдук эмиэ туохтан эрэ аймаммыт, отой улахан алдьархай буолбутунуу, бобулла-бобулла тугу эрэ уһуун-уһуннук кутта-симнэ. Онтон, уһун ууттан улугурбут мэйии баара, биири өйдөөтүм: эрин кытта этиспит… эмиэ! Идэбинэн аҕыйах тылынан уоскута сатаатым, кыыһырсыбакка киһилии кэпсэтиҥ эҥин диэтим. Бу өрөбүлбүн буорту гыммыт түбүгү түргэн үлүгэрдик быһаарбыт курдук сананан, бакаалаһан хайаан туруупкабын уураары гыммытым… “Мин дьиэбиттэн бардым, бу эйиэхэ чугаһаан иһэбин, аҕыйах күн… мэһэйдэппэт инигин… икки хас күҥҥэ”, – диэн, дьүөгэм ааттаспыттыы оргууй саҥарбыта хантан эрэ ыраахтан иһилиннэ. Хайыахыпыный, кэлимэ, мэһэйдиигин диэхпин ханна-ыы эрэ ыраах сүрэҕим түгэҕэр саспыт амарах, сырдык санаам баарын биллэрэн “чэ, кэл” диэн буолла. Баҕарбатарбын да сылаас, сымнаҕас ороммуттан орҕостон туран сууннум-тараанным, чэй өрөн остуол бэлэмнээтим. Кыыһым өр күүттэрбэтэ. Мэктиэтигэр, бэйэтин саҕа, икки суумканы соспутунан, бу тиийэн кэллэ. “Икки хас күҥҥэ” арыый да элбэх таһаҕас быһыылаах…
Идэбитинэн чэй иһэ олорон үгүһү кэпсэттибит. Маайыстыын биһиги дьүөгэлэспиппит номнуо уонча сыл буолла. Ол тухары ончу уларыйбатын сөҕөбүн. Санаалыын-оноолуун, майгылыын-сигилилиин — урукку кэмнэрдээҕи устудьуон Маайыс. Оттон сорох бу сыллар тухары олоҕу көрүүтэ хаста уларыйда? Кииллийии, олох будулҕаныгар буһуу-хатыы, кыра аайы ымыттыбат буолуу да тумнубатылар. Оттон Маайыс — уйан киһи. Ол иһин даҕаны өрүү аттыгар көмүскүүр-харыстыыр киһилээх эрэ буоллаҕына табыллар. Аҕыйах кэмҥэ ол киһитэ, арааһа, мин быһыылаах этим. Харах уутун сотор ноһубуой, муударай сүбэһит, ардыгар охсор илии, тэбэр атах да буолбуттаахпын. Хата, кыыһым иккис кууруска үөрэнэ сылдьан эргэ тахсыбыта. Ол кэннэ миигиттэн көмө көрдүүрэ аҕыйаабыт курдуга. Ол эрээри атын түбүк күөрэйбитэ. Дьиэ кэргэн иһигэр бурайсыы буолла да, бу курдук сүүрэн кэлэр, ытыыр-соҥуур… Чэ, ити хам-түм да буоллар, син биир хатыланааччы. Бу — бүгүн эмиэ уочараттаах бурайсыы кэнниттэн “көһөн” кэлэн олорор. Бу сырыыга этиһии төрүөтэ, мин өйдөөбүппүнэн, аһара баран атаахтааһынтан тахсыбыт. Мин Маайыһы оҕолон диэн сүбэлиибин. Баҕар, оҕолонноҕуна, кими эрэ бүөбэйдиир уустугун этинэн-хаанынан биллэҕинэ, оттомуруо дуу диэн санаан. Суох, Маайыс куттанар үһү. Чэ, буоллун. Оттон оччотугар соҕотох олор, араҕыс диибин. Кыыһым олох баһын быһа илгистэр. Соҕотоҕун сатаан олорбот үһү. Эр киһитэ суох олорорун санаатыгар да оҥорон көрбөт быһыылаах. Сөп ээ, кини курдуктар бу тыйыс олоххо соҕотоҕун хайдах да “тыыннаах” хаалбаттар. Маайыс, мин санаабар, бөҕү да таһааран тоҕорун ыарырҕатара буолуо. Эгэ, өтүйэ, сүгэ диэни илиитигэр ылыа дуо?! Уһана, түбүгүрэ сылдьар Маайыһы харахпар оҥорон көрө сатаатым да табыллыбата. Кыыс ытыыр… Улахан эрэйи көрбүт киһини санатан санна дьигиһийэр. Оттон мин өйдөөбөппүн. Ол эрээри өйдүүр баҕайы курдук туттан сүбэлиибин-хайыыбын. Айыы Таҥара, абыраа дуу, маннык олоххо тиийбэтэх киһи. Ол кэриэтэ бу курдук күн кыһалҕата суох олорбут көнө курдук дуу, тугуй? Ол эрээри Маайыһы “эргэр төнүн” диибин. Киниэхэ оннуга ордук. Оттон бу миэхэ, утуктаан нэһиилэ олорор киһиэхэ, ол эмиэ табыгастаах курдук.
Уопсайынан, киһи-киһи төбөтүн олоруута атын-атын быһыылаах. Дьүөгэм хаһан да өркөн өйүнэн чорбойботоҕо. Ол эрээри дьону бэйэтигэр түмэ тардар туох эрэ дьикти абылаҥнаах. Биирдэ өйдөөбүтүҥ, чугас, күндү киһиҥ буолан хаалбыт буолар. Ол курдук, икки туспа-туора дьон бачча сыл тухары дьүөгэлэһэн кэллэхпит. Кыыспын биир иллэҥ ороҥҥо олохтоон бараммын, тугунан эрэ аралдьытар түбүгэр түстүм. Ити курдук биир өрөбүл ааста. Кэргэнэ үстэ хаста эрийэн көрбүтүн “сырыттын бэйэтэ” диэн буолла. Хайыахпыный, сарсыҥҥа диэри син уоскуйар ини диэн, бэйэбин уоскутуннум. Сарсыныгар Маайыһым син уоскуйбут дьүһүннэммит. Төлөпүөнүн тутан баран олорор. Санаатыгар, киһитэ субуоннуурун күүтэр быһыылаах. Мин тугу да саҥарбаппын, испэр “Баанньаа, субуоннаа эрэ…” диэн көрдөһөбүн. Өр-өтөр буолбат — төлөпүөн умайыктана түһэр. Кыыһым бэркэ уйуһуйбут көрүҥнээх хоско киирэн хаалар.
Мин чэй иһэ олорон билигин туох буолуон оҥорон көрөбүн. Билигин үөрбүт аҕай Маайыс хостон сүүрэн тахсыа. Ыксыы-ыксыы бэҕэһээ олоччу сүөкүү охсубут икки суумкатын хомунан түбүгүрүө. Ол тухары айаҕа хам буолбакка “наһаа да акаарытын” кэпсиэ. Онтон: “Баанньа кэллэ, чэ, бакаа, сылаппыппар бырастыы”, – диэн бакаалаһаат, тахсан барыа. Ээ, тугу эрэ умуннум… Буот! Тахсыан иннинэ бэрт албыннык, ып-ыраастык көрүө уонна олус үчүгэйдик мичээрдиэ. Ону кытта кыһыйбыт, сылайбыт санаа ханна эрэ ыраах көтүө: “Чэ, ньучубуо… Если что, биллэ сылдьаар”, – диэбиппин билбэккэ да хаалыам.
Үөрбүт аҕай Маайыс хостон, мэктиэтигэр, сүүрэн элэстэнэн таҕыста: “Баанньа иһэр!” – диэн, сэрэйбитим курдук хомунан барда. “Хаһан мин өйдөнөбүнүй?.. Дьон, бу эһиги эҥин, наһаа өйдөөххүт дии. Мин хаһан улаатарым буолуой ээ? Көр, баҕар, кырдьык, оҕоломмут киһи…” – диэн тугу эрэ толкуйдуурдуу боччумуран хаалла. Кини уустук толкуйун төлөпүөн тыаһа быһан кэбистэ: “Баанньа кэллэ, чэ, бакаа, сылаппыппар бырастыы” – диэт, били, олус истиҥ “фирменнэй мичээрин” бэлэхтээн кэбистэ. “Чэ, ньучубуо, кытаат, если что…” – диэн иһэн аан сабыллыбыт тыаһын истэн ситэ саҥарбакка хаалабын.
Нэһиилэ туран ааммын хатыыбын. Чэйдээбит иһиппитин аат эрэ харата хомуйдаҕа буолабын. Ээ-эх, биир өрөбүл аастаҕа… Чэ, аныгыскыга сынньаныллыа. Онно баҕас төлөпүөнү арааран кэбиһиллиэ!
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
Д Ь Ы Л Ҕ А
Кииллийии
Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх
Киһи барахсан сааһыран истэҕин аайы баччааҥҥа диэри олорон кэлбит кэмин эргитэ саныыр идэлээх. Арааһа, Дьылҕа хаан булгуччу отчуот көрдүүрүттэн буолуо. Оттон эмньик кулун курдук биэрэс тэбэ сылдьар сахха ол туһунан түһээн да баттаппаккын. Кырдьык, 83 саас диэн киһи мыыммат сааһа. «Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ, окко түспүт оҥоһуута» диэн уос номоҕо баар. Ньукулай 1933 сыллаахха сааһыары кулун тутар ый тибиилээх-тиһиктээх күнүгэр муостата суох туруорбах балаҕаҥҥа, күөх от үрдүгэр үҥкүрүс гына түспүт уонна Орто дойдуга кэлбит киһи сиэринэн ытаан татыаккаламмыт үһү. Ити – дьоно аах улааппытын кэннэ кэпсээннэриттэн.
Үрдүк кырдаллардаах бэс чагдаҕа Уолбут диэн сиргэ, аҕа ууһа былыргы үйэттэн тэнийбит-ууһаабыт түөлбэтигэр, оҕо сааһа ааспыта. Бу Бүлүү куоратыттан өрүс уҥуор уонтан тахса көс, нэһилиэк киинэ Балаҕаччыттан икки көстөөх сиргэ Баһылай оҕонньор, эбэтэ Өкүндүттэн төрүттээх Кэтириинэ эмээхсин сэттэ оҕону, ол иһигэр үс уолу, түөрт кыыһы иитэн-харайан, барыларын олохтоон уонна чугас урууларыныын уонча балаҕаннаах алааска төбүрүөннээн олорбуттара.
Аллараа Уолбут киһи эрэ кэрэхсиэн курдук, ураты оттоох-мастаах дойду. Омуннаабыт курдук, үрдээн тахсар кумах кырдаллар сыыйа кэтирээн, томтойон күөлү иилии бараллар. Ити – Оруктаах, Мохсоҕоллоох, Кырдьаҕас Кырдала диэннэр. Түҥ былыргыттан үүммүт лиҥкир тииттэр аарыгыран аҕай халлааҥҥа харбаспыттара, иҥиэттэ-аҥаарыйа тураллара дьэ сүрдээх этэ. Чэмэличчи тыкпыт күһүҥҥү күн уотун сардаҥалара түһэн, күөх бэстэр барахсаттар көмүс дуйдаммыкка дылы, күлүмүрдээн көстөллөрө.
Маннык айылҕалаах ытык сир туох эрэ кистэлэҥнээх, иэгэйэр икки атахтаах мээнэ таайбат таабырыннаах буолара чахчы. Ону Ньукулай таайа сатыыр да, баччааҥҥа диэри онто кыайтара илик. Кырдьаҕас Кырдалыгар хос эһэлэрэ, суон сурахтаах аатырбыт ойуун көмүс уҥуоҕа араҥастаммыт. Урут-уруккуттан хойуу ойуурдаах сир буолан, дьулаан да соҕус быһыылааҕа. Ньукулай мутугунан тамнааттанар улдьаа мэник сааһыгар бу эргин кэлэрин (оҕолору барыларын даҕаны) дьоно боболлор этэ. Ол барыта уол билиэх-көрүөх баҕатын өссө күүркэтэн, сүрдээн-кэптээн биэрэргэ дылыта.
Борбуйун көтөҕөн, киһи-хара буолан да баран, туох эмэ ыар баттык санаа саба халыйан кэллэҕинэ, туох эмэ суостаах-суодаллаах түгэнэ үөскээн таҕыстаҕына, хос эһэтин көмүс уҥуоҕа хараллыбыт сиригэр кэлэн ким да истибэтигэр үҥэрэ-сүктэрэ, сүбэ көрдүүрэ. Оччоҕо өйө-санаата чэпчээбит, били, ытарчалыы ылбыт ыар санаата ыһыллан, этин-сиинин чэгиэн-чэбдик сүүрээн сайа охсубутун курдук буолан хаалара.
Өтөхтөрүн таһыгар сир анныттан сыккыстыыр, хаһан да уолбат дьэп-дьэҥкир уулаах үрүччэлээхтэрэ. Ньукулай алта сааһыттан бу сыккыска аттарын уулатара, алааһыгар киирэн улахан дьон от кэбиһэллэригэр оҕус сиэтэрэ. Аҕата суох улааппыт уолчаан итини барытын ытык эбээһинэһин курдук ылынара. Оччотооҕу оҕолор бары даҕаны ити курдук түбүктээх-садьыктаах этилэр.
Ол быыһыгар оҕо оҕо курдук оонньоон-көрүлээн, сырсыакалаһан, ардыгар ботуойдаһан ыллахтарына, табаарыстара кыайтарбыт абаккаларыгар, уолу «Лобоой-Лобоой!» диэн хос ааттыыллара. Ол тоҕо инньэ диир эбиттэрин лаппа бороохтуйан баран биирдэ билбитэ: аҕата Ньукулай Лобоой Уола диэн хос ааттаах эбит.
Сэттэ сааһыгар убайдара, чугас эргин булчут-балыксыт идэлэринэн биллибит эр бэртэрэ, Ньукулайы чокуур саанан ытарга, көлүччэ кытыытыгар тиргэ иитэргэ үөрэппиттэрэ. Кус оҕотун ураҕаһынан бултууру баҕас сайылык оҕото барыта да сатыыра. Аҕыс-тоҕус сааһыгар тыынан устарга, от охсорго, мунньарга үөрэммитэ.
Ити курдук сайылык оҕотун сиэринэн улахан кыһалҕаны билбэккэ бороохтуйуо эбитэ буолуо – сэрии ааҥнаабатаҕа буоллар. Кырдьык, бу иннинэ сэниэ соҕустук олорбуттара – аҕыс ынах сүөһүлээх, икки аттаах, уонча табалаах этилэр. Ону баара, байыаннай нолуок диэн, туура тутан ылбыттара. Хата, убайдара аах сэриигэ барыахтарын аҕай иннинэ туох баар тэриллэрин, сааларын-саадахтарын Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн, бурдукка мэнэйдэһэн, төһөөҥҥө-эмээҥҥэ диэри кыһалҕата суох олорбуттара.
Номнуо туһа киһитэ буолбут Ньукулай ыаллара Маарыйа эмээхсиҥҥэ тахсан, ынах ыырыгар тымтык тутан абырыыра, ол көмөтүн иһин сороҕор күөрчэх сиэтэрэ, сороҕор үүттээх чэй иһэрдэрэ. Ол барыта быстыаҥка кэмҥэ аччык дьон үрүҥ тыыннарын өллөйдүүрэ.
Сэрии буолбут сылыгар Мастаах 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Хата, холкуостара куортамнаһан, сүүрбэччэ оҕо буолан сууласпытынан олорбуттара. Кыра-улахан диэбэккэ, уочаратынан мас-муус булунан, төһө сатыылларынан ас астанан түбүгүрэллэрэ. Аны субуотаҕа икки көстөөх сиргэ – дьонноругар аныгыскы нэдиэлэҕэ сиир өйүөлэрин булуна сатыы ньороохтоһоллоро. Улахан кыргыттар хаамыыларын кыралар сүүрүү-хаамыы былаастаан ситэллэрэ, хаалымаары ол кыһалҕата буолара.
Өйүө лэппиэскэлэрин биир нэдиэлэ устата кытаанах нуорманан, кэмнээн-кымаахтаһан үссэнэллэрэ. Аччык-сут кэм өр күүттэрбэтэҕэ – хоргуйуу саҕаламмыта. Ньукулай үс убайа – сэриигэ, ийэтэ ыарыһах, аҕата суох, ол үрдүнэн, төһө да көрдөһөн муҥнана сатаабытын иһин, интэринээккэ төрүт ылбаттар. Хата, «Свердлов» холкуос дьоно аһыныгас санаалаах, хоһуун-хоодуот буолан, оҕонньордуун-дьахтардыын балыктаан-бултаан, барыны-бары хаһаанан, онтуларын уоһунан үллэстэн, көмөлөсүһэн, биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө. Оттон Балаҕаччыга, Молотовка, Ждановка 50-тан тахса киһи дьэҥкэрэн суорума суолламмыта.
1943 сыллаахха холкуос киинигэр – Айдаҥҥа алын кылаастаах оскуола аспыттара. Онон сайылыктарын таһыгар – Быркылаах күөлгэ баар салҕааһыннаах балаҕаҥҥа биэс ыал буолан кыстаабыттара. Ньукулай бу дьиэттэн күөл уҥуор икки биэрэстэлээх сиргэ сатыы сылдьан үөрэнэр. Учуутал тиийбэтиттэн саҥардыытааҕыта 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрбит уол үөрэтэрэ. Устар кыһыны быһа ол учууталлара баара-суоҕа үс кинигэни ааҕан иһитиннэрэр үлэлээҕэ, атын биридимиэти үөрэтэр диэн мэлигир этэ. Бука, сатыыра ол эрэ буолаахтыа. Ол түмүгэр кылаас оҕото барыта иккис сылын хаалбыта.
Оччотооҕу оҕолор таҥас-сап өттүнэн сүрдээх мөлтөх этилэр: ыкса күһүҥҥээҥҥэ, уу тоҥуор диэри атах сыгынньах сылдьаллара. Үлэттэн-хараттан быыс эрэ буллаллар, хара тыаларыгар тахсан туһахтаан, күөллэригэр киирэн мундулаан-күөнэхтээн истэрин көппөтөллөрө. Ол саҕана оҕо үксэ даҕаны үөрэниэн баҕарбат курдуга. Үлэни кыайар буоллуҥ да, холкуоска үлэлээн айаххын иитин диэн бэлиитикэ баара. Кырдьыга, күнү быһа учууталтан дьарылла олоруохтааҕар айылҕа барахсаҥҥа сылдьан, балыгы-булду эккирэтэн иһи тоторортон ордук, ама, туох үчүгэй баар буолуой?!
Айан аргыстаах, суол доҕордоох
Сэрии бүтэн, икки улахан убайа кыргыһыы толоонуттан этэҥҥэ эргиллэн, олох-дьаһах сыыйа көнөр аатыгар барбыта. Арай кыра убайа Ньукулай Пиэрибэй 1944 сыллаахха Украинаҕа өлбүтүн ийэлэриттэн кистээбиттэрэ. Мааппа эрэйдээх инньэ гынан уола өлбүтүн билбэккэ, «бу кэлиэ, ити кэлиэ» диэн күүтэ сылдьан күн сириттэн бараахтаабыта.
Уол Мастаах оскуолатыгар 6-7-с кылааска үөрэнэ сылдьан физкультура уруогун олус сөбүлээбитэ. Оччотооҕу учууталлар бары даҕаны хайыһары, сүүрүүнү, араас бохуоту мэлдьи өрө туталлара. Оттон айылҕаттан бэриһиннэрбит Ньукулайга эгэ эрэ буоллаҕа. Хата, манна уол тэрийэр-салайар талаана арыллар. Табаарыһа Оппуонньалыын андаатардыыллар, онтуларын туттаран бурдук атыылаһаллар, эбиитин алаадьы астатан, мааны бириис оҥорон күрэхтэһиигэ бастаабыт оҕолорго туттараллар. Тустуу, сүүрүү арааһа, гиирэ көтөҕүүтэ – ол саҕанааҕы маассабай успуорт.
Сэттис кылааһы хоп курдук бүтэрбит уолу Бүлүү училищетыгар туттарсан киир диэн сүбэлииллэр. Үөрэҕэр да сирдэрбэт, оттон успуорка – киэн туттар устудьуоннара. Буокса, хапсаҕай, гиирэни анньыы, сүүрүү, атах оонньуута, хайыһар… Буоксаҕа тириэньэрдэрэ Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйэнээтигэр тиийэ киирсибит, Москубаҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Я.М. Аржанов эрчийэрэ. Талааннаах учуутал итинэн эрэ муҥурдамматаҕа: турникка, акробатикаҕа, саанан ытыыга, о.д.а. көрүҥнэргэ дьарыктаабыта.
Бүлүү училищетыгар эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка, өй-санаа өттүнэн кытта күүскэ сайдыбыта. Хомсомуол тэрийэр үлэтэ – барыта кини үрдүнэн этэ.
Успуорт бары көрүҥэр тыыппалааҕын да иһин, оройуон хамаандатыгар Ньукулайы булгуччу сүүрүүгэ анньан иһэллэрэ. Дьиҥэр, кини тустууга күүһүн холонуон баҕарара. Араас күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ чулуу бөҕөстөрүн кытта билсибитэ. Василий Семёнов, Сергей Ли-Фу, Михаил Малардыров, Василий Ильин, Аян Попов, Владимир Ефремов тустууларыттан элбэххэ үөрэммитэ.
Туох барыта күүппэтэх өттүгүттэн соһуччу кэлэр. Ньукулай училищены бүтэрээри аҕай сырыттаҕына, аармыйаҕа илдьэр буолан хаалаллар. Хайыа баарай, бэл, убайдара, нууччалыы отой да билбэт дьон, кыргыс хонуутуттан элбэх наҕараадалаах эргиллибиттэрэ, дьөрү бааһырбатахтара даҕаны.
Ол эрээри 1953 сыллаахха амньыыстыйаҕа түбэспит элбэх хаайыылааҕы (бары даҕаны соҕуруу дойду урдустара этилэр) кытта борохуотунан бииргэ айаннаабыттара куһаҕан содуллана сыспыта. Онно, чахчы, ойуун хос эһэтэ көмөлөспүтэ быһыылааҕа. Хаайыыттан тахсыбыт көкөттөр тугу барытын былдьаан-талаан, охсон-тэбэн борохуоту биир гына айбардаабыттара. Аармыйаҕа барар уолаттары салайар 5-6 эписиэр баара куттанан, кутуйах иинин кэҥэтэр аатыгар сылдьаллара. Оттон тыа сэмэй уолаттара, маҥнай утаа бодоруһа илик буолан, түмсүүлэрэ суоҕа. Ону туһанан, урдустар кынчаалларын кылбаҥнатан, хабахха тыыннараары гыммыттара.
Ньукулайдаах, балачча тэтиэнэх уолаттар, биир күн сүбэлэһэн баран, өрө туран кэбиспиттэрэ. Саайка өҥнөөх баһылыктара, куолуларынан, киэбирэн-хаабыран кэлбиттэрин көрүөх бэтэрээ өттүгэр дөйүтэлээн түһэртээбиттэрэ. Ол урдустар быһахтарын да ылар кыахтара суох тас уорҕаларынан барбыттара. Кыайтаран эрэллэрин билбит сорох хаайыылаах «аармыйаҕа баран иһэр призывникпын» диэн кубулдьуйбута тута биллибитэ – саха уолаттара баттахтара килэччи кырыллыылааҕа, оттон урдустар баттахтаах этилэр… Олустаабыт көкөттөрү өрүскэ элитэлээбиттэрэ, өргөстөрө мүлүрүйбүт өҥнөөхтөрү туспа хаайталаабыттара. Дьолго, уолаттартан ким да улаханнык эмсэҕэлээбэтэҕэ. Кэмниэ кэнэҕэс баччааҥҥа диэри күөх оту тосту үктээбэккэ дьылыйан сылдьыбыт эписиэрдэр баалларын дьэ биллэрбиттэрэ.
Ити кэнниттэн төһөлөөх уһаарыллыыны ааспыта буолуой Ньукулай Волков?! Аны бэйэтэ ытык кырдьаҕас аатыран, олоҕун суолун тэлэн кэлбитин анаарар кэмэ үүннэҕэ. Чэ, ол – биир туспа устуоруйа.
БУТУКАЙ.
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
︻デ═一 Made with ❤ by Kali
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
Д Ь Ы Л Ҕ А
Суолга
Сарсыарда борук-сорук. Ойон тураат, суумкабын хомуйа охсобун. Кэһиибин кэргэним бэҕэһээ бэлэмнээн кэбиспитэ, маладьыаһыҥ баара. Бүгүн ийэм төрөөбүт күнэ, бу күн сыл аайы аҕабар тиийэбин. Бэҕэһээ өйдөтөн эрийэ сылдьыбыта. Ону бэйэм да өйдүүбүн. Ол гынан баран, сыл аайы бу күн хайдах эрэ хараастабын, өйүм-санаам булкуллар. Тоҕотун өйдөөбөппүн. Ийэм тыыннааҕар ситэ кыһамматахпыттан дуу, эбэтэр иккиэннэригэр туох эрэ хомолто санаалааҕым эбитэ дуу – кыайан быһаара иликпин.
Чэ, уруккуну-хойуккуну ырыта туруом дуо, бара охсуохха, суол да ыраах.
Таһырдьа тыаллаах, өссө хаар түһэр. Суол көстүүтэ “нулевой”, куораттан таҕыстахха, тупсар ини. Эбии сапыраапкаланан баран, сүрүн суолбар киирэбин, массыына адьас аҕыйах. Балачча айаннаан иһэн көрбүтүм, суол кытыытыгар киһи “куоластыы” турар эбит. Ааһа көтүтүөхчэ буолан иһэн, санаам буолбакка, туормаһы баттаатым. Куоластааччы киһим хаарын тэбэнэ-тэбэнэ массыынаҕа киирэн олорбута, дьахтар буолан биэрдэ. Испэр соччо сөбүлээбэтим эрээри, хайыамый. “Дьахтары аара суолга олордор – моһуокка буолар” диэҥҥэ сөбүлэһэбин, аҥаардас саҥаларыттан да сылайыахха сөп. Хата, адьас саҥата суох аргыс түбэстэ, олордубуппар “баһыыба” да диэбэтэ.
Ол курдук туох да саҥата суох син айанныы түһэн баран, интэриэһиргээн, аргыһым диэки көрдүм. Сааһа биллибэт көрүҥнээх, умса туттан олорор, чочуонай мунна эрэ көстөр.
– Эн хайдах ити суолга баар буоллуҥ, чугаһынан дьон олорор сирдэрэ суохха дылы дии? – ыйытабын. Дьахтарым оргууй мин диэки хайыста уонна өйдөөбөтөхтүү өр көрөн олордо. Онтон соһуйбут дуу, куттаммыт дуу курдук, кэннинэн чинэрийдэ. Онуоха бэйэм да соһуйдум:
– Тыый, туох буоллуҥ?
Дьахтар сирэйин сотунна уонна:
– Бырастыы гын, алҕаһаатым, – диэтэ.
Испэр “дьэ, ити баар, дьахтар аймахтан киһи тугу күүтэрин хаһан да билбэт” диэн кыыһырыахча буоллум. Ону аргыһым өйдөөтө быһыылаах:
– Кыыһырыма, олус сылайан итинник быһыыланным, – былаатын көннөрө-көннөрө эттэ. Эйэҕэс, сымнаабыт куолаһы истэн, аргыспар хайыспытым, адьас атын киһи олорор курдук, эмиэ соһуйдум. “Кырасаабысса эбит дии”. Чочумча айанныы түһэн баран, арай “бу дьахтары ханна эрэ көрбүтүм” дии санаатым. Ол гынан баран ханна, хаһан көрбүппүн кыайан тобулбатым, ыйыталаһарга сананным:
– Эн хайа диэки айаннаатыҥ? – хойутаан да буоллар, ыйыттым. Мин баран иһэр куоратым буолан биэрдэ. Аһа-а, ол иһин да, кинини урут онно көрбүт эбиппин.
– Онно кимнээххэ баран иһэҕин?
Дьахтарым сөбүлээбэтэхтик “таах бэйэм” диэтэ уонна киэр хайыста. “Чэ, оччоҕо саҥата да суох айанныахха” дии санаан, мин эмиэ хам бардым.
Суол кытыытынааҕы кафе аттыгар массыыналар, эриэйсэбэй оптуобустар тоҕуоруспуттар.
– Тохтоон чэй иһэбит дуо? – диэн ыйыппыппар, хата, аргыһым улгумнук “сөп” диэн хоруйдаата уонна оптуобус араспысаанньатын аттыгар тохтоото. Кафе аанын аһан:
– Киирдибит, – диибин.
Дьахтар биллэрии ааҕа туран:
– Сөп, Витя, билигин… – диэтэ.
Мин өссө ордук соһуйдум:
– Витя даа, ханнык Витя?
Арай, дьахтарым сирэйэ кубарыс гына түстэ уонна бэйэтэ сүүрүү былаастан оптуобус диэки түһүннэ.
Кафеҕа киирэн, оптуобус барбыт суолун диэки өөр-өр көрөн олордум. Ол кини эбит – били кыыс.
Ыраатта. Оскуоланы бүтэрэр сайыммытыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта күргүөмүнэн кулууптан дьиэбит диэки баран иһэрбит. Мин сарсыҥҥытыгар Дьокуускайга үөрэх туттарса барыахтааҕым, онон үөрүү-көтүү элбэх этэ. Ол гынан баран, дьиэбэр соччо барыахпын баҕарбат этим. Ийэлээх аҕам кэлиҥҥи кэмҥэ, хайдах эрэ, тоҥуй баҕайы сыһыаннаммыттара, быһыыта, кыыһырсыбыттар этэ.
Атаарсан-атаарсан, тиһэҕэр соҕотох хаалан, атаҕым бэйэтэ бөһүөлэк кытыытыгар турар, ытыктыыр улахан маспытыгар таһаарбыта. Биһиги бары манна мустарбытын сөбүлээччибит. Ол түүн эмиэ маспыт анныгар “парочка” турара. Дьээбэлэнэн дуу, хайдах, тарбахтарбын айахпар уган иһиирээччи буоллум. “Парочкаларым” соһуйан, тэйсэ түстүлэр, онуоха мин улахан баҕайытык күллүм. Эр киһи эргиллэ биэрээт, мастар быыстарынан ойуурга түһэн хаалла. Кыыс бөһүөлэк диэки бара турда. Харахтарыттан уу таммалыырын көрөн хааллым. Испэр “кырасыабай да кыыс…” дии санаатым.
Дьиэбэр тиийэн, таһырдьааҥҥы сайыҥҥы чулааҥҥа сыттым. Уум олох кэлбэт, иһим түгэҕэр туох эрэ тымныы муус киирэн хаалбыт курдук.
Сарсыарда аҕам хайыы-үйэ барбыт этэ, оттон ийэм хоһуттан тахсыбатаҕа. Мин кыра чымадааммын хомунан, куорат диэки айанныы турбутум.
Ол кыыс ити аргыс дьахтарым этэ. Ол кини бааһырбыт кыыл оҕотун курдук куолаһа “Витя-я-я!!!” диэн эр киһи кэнниттэн хаһыытаабыта. Эр киһини эмиэ билбитим, ол – мин аҕам этэ.
Дойдубар эбиэт диэки тиийдим. Саҥаһым Оля үөрэ-көтө көрүстэ:
– Аҕаҥ сотору кэлиэ, эбиэттиэхпит.
Мин суунабын, суумкабыттан малбын хостуубун. “Аҕам кэллэҕинэ туох диибин? Туох диэхпиний, билигин кэлэн? Кини ол кэмҥэ быһаарыныыны бэйэтэ ылыммыта. Ол быһаарыныыта киниэхэ туохха турбутун таҥара бэйэтэ билэр. Мин аҕабар судьуйа буолбатахпын.
Аан аһыллар.
– Оо, оҕом кэлбит дуу? – аҕам чэрдээх илиитэ мин ытыспын ыга тутар.
– Дорообо, аҕаа! – аҕабын санныттан кууһабын. Били, былыр испэр олохсуйбут мууһум уулларга дылы буолла.
Ардах анныгар
Сарсыардаттан ардах курулаччы түһэ турар. Елена Ивановна санаата алдьанан, остуол аттыгар бүк түһэн олорор. “Хаарыан уоппускам таах хаалла, бэйэтэ да кылгас этэ, аҕыйах хонук. Тоҕо туох барыта табыллыбата бэрдэй” диэн иһигэр мөҕүттэр. Уулусса устун күүгэннирэ-күүгэннирэ үрүччэлэр сүүрэллэр, ардах өтөрүнэн тохтуур санаата суох.
Быйыл Елена Ивановна тэрилтэтигэр “реструктуризация” диэн ааттаан элбэх үлэһити уураттылар. Онон кини сүрүннүүр исписэлиис буолан, отделын үлэтин үксүн бэйэтэ сүктэ. Киэһэ тардыллар, сороҕор үлэтин дьиэтигэр соһон аҕалар идэлэннэ. Дьиэтин дьоно тыаҕа муммут оҕолор курдук сылдьаллар. Оскуолаттан үҥсүү киирэр буолла, “уолуҥ поведениета мөлтөөтө” диэн, “кыыһыҥ дьиэтээҕи заданиены толорбото” диэн. Кэргэнигэр: “Эн баран быһаарыс”, – диэбитигэр, киһитэ: “Мин эмиэ үлэлииргэ дылыбын”, – диэн кыыһыран кэбистэ.
Бэҕэһээ сарсыарда хойутуу турда, ыксаллаах үлэтин бүтэрээри, түүн хойукка диэри олорбута. Куукунаҕа тахсыбыта – остуол толору кирдээх иһит, оннооҕор араакабына туолбут. Елена Ивановна иһигэр туох эрэ быһа барбыт курдук буолла. Олоппоско олоро биэрдэ, хараҕын уута сарт түстэ. Үлэтигэр тиийээт, уоппуска көрдөөн сайабылыанньа суруйа оҕуста. Тойоно “ол тоҕо?” диэн иһэн, сирэйин-хараҕын көрөөт, саҥата суох “Бирикээскэ” диэн илии баттаан кэбистэ.
Ол киэһэ Елена Ивановна төрөөбүт дьиэтигэр, эдьиийигэр баар буола оҕуста. Эдьиийэ Даша соһуйда да буоллар, ыйыталаһа-токкоолоһо барбата.
Таһырдьаттан плащ сонуттан ууну тэбии-тэбии, таас бааҥкаҕа үүт тутуурдаах эдьиийэ киирдэ:
– Уо-ай, ардах бөҕө, эн тоҕо сытыйбыт куурусса курдук сохсоллон олордуҥ? Эһиэхэ, куорат дьонугар, халлаан хаһан да үтүө буолбат, сороҕор аһара итии, сороҕор тымныы, сороҕор инчэҕэй. Ардах диэн айылҕа бэлэҕэ буоллаҕа дии, от-мас барыта тиллиэ, отон-тэллэй үүнүө, сылы туоруур от оттонуо. Чэ, билигин оһох оттуом, алаадьы астыам, үүттээх чэй иһиэхпит, санааҥ көнүө, – дии-дии түбүгүрэн барда. – Лена, өйдүүгүөн? Кыра эрдэххинэ ардах анныгар сүүрэргин олус да сөбүлүүр этиҥ дии, ким да эйигин дьиэҕэ кыайан киллэрбэт этэ.
Елена Ивановна бэрээндэ кирилиэһигэр таҕыста, ардах адьас истиэнэ курдук түһэр. Илиитин ол уу диэки уунна, сайыҥҥылыы сып-сылаас эбит. “Кырдьык даҕаны, туохтан мин куттанным?” Хайдах баарынан, чараас былаачыйалаах, атах сыгынньах ардах анныгар инчэҕэй окко үктэннэ. Кыл түгэнинэн ардах сылаас уунан илбийэн кэбистэ. Эчи, үчүгэйиин! Били, оҕо эрдэҕинээҕи курдук үөрүү, дьол кинини ис-иһиттэн толордо, сүүрдүөх-көтүтүөх курдук буолла. Күлэ-күлэ, ууну фонтан курдук ыһа-ыһа, биир сиргэ эргичиҥнээтэ.
Кирилиэстэн Даша:
– Ленка, тымныйаары! Дьиэҕэ киирэ оҕус! – диэн хаһыытаата.
Хойутуу Елена Ивановна төбөтүгэр соттордоох, сылаас баайкабай халааттах алаадьылаах чэй иһэ олорор.
– Дьэ, бу көрүҥ! Хараҕыҥ кылабачыйан, имиҥ тэтэрэн, киһи курдук киһи буоллуҥ, – диир эдьиийэ, чэйигэр үүт кута-кута.
– Даша, мин манна хаалыым, эйигин кытта олоруум, – балта хоруйдуур.
– Ол эмиэ туохпутуй? Ол-бу буолума! Эн манна тугу гыныаххыный?
– Хаһаайыстыба тэриниэхпит, – балта бэриммэт.
– Хаһаайыстыба даа? Эн ынахха хайа өттүттэн чугаһыыргын да умуннуҥ ини, – Даша күлэр. – Чэ, ону-маны туойума, хата, утуй, – диир.
Түүн үөһэ төлөпүөн тыаһа дыыгыныы түстэ.
– Лена, бырастыы гын, тобуктуубун дуо? – кэргэнин куолаһа.
– Эн тугуй, холуочуккун дуу?
– Тоҕо сразу холуочук? Эн төннө оҕус, сарсын кэлбэтэххинэ, мин бэйэм эйигин ыла тиийиэм.
– Сөп-сөп. Уонна эрийимэ, Дашаны уһугуннарыаҥ.
– Ээ, арба, оҕолоруҥ манна дьиэни өрө тардыы, хомунуу бөҕө буоллулар.
Сарсыарда халлааҥҥа биир да былыта суох чаҕылхай күн үүммүт. Елена Ивановна оронуттан ойон турда, сүүрэн тиийэн эдьиийин кууспахтыы-кууспахтыы кум-хам тутта.
– Бу да кыыс, ыыт эрэ, – Даша күлэ-күлэ, балтын сирэйин-хараҕын көрөр, – барыта үчүгэй дуо?
Сарсыардааҥҥы чэй кэнниттэн, Елена Ивановна хомунан барда.
– Дьэ, бу сөп! Туох аатай? Үлэ диэн – үлэ. Оттон дьиэ кэргэниҥ олоҕуҥ саамай күндү тутааҕа буоллаҕа. Мин эйиэхэ кэһии бэлэмниэм, – эдьиийэ үөрэ-көтө түстэ.
– Даша, олоро түһүөх, эйиэхэ улахан махтал, – балта ытамньыйа сыста. – Биһиги сотору-сотору кэлэр буолуохпут, оттон эн кыһын биһиэхэ киирээр, оҕолор үөрүөхтэрэ.
Елена Ивановна массыынаҕа олорон иһэн, ардах анныгар турбутун саныы-саныы, ис-иһиттэн үөрэр. Дьэ, чахчы, ардах барахсан дууһаны сайгыыр, ыраастыыр, чэпчэтэр күүстээх.
В.Соломонова-ДОЛГУНА.
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
︻デ═一 Made with ❤ by Kali
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
Д Ь Ы Л Ҕ А
ХХ үйэ ураты дьылҕалаах дьахталлара
Хас биирдии киһи дьылҕата хатыламмат. Тас көрүҥнэриттэн көрдөххө, дьоллоох, баай, кыахтаах дьон, бу орто дойдуга ананан кэлбит киһи сиэринэн, эмиэ олох очурун-чочурун көрсөллөр. Этэргэ дылы, «баайдар эмиэ ытыыллар»… Бу балаһаҕа билиһиннэрэр дьахталларбыт олохторугар үгүс киһи ымсыырар, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйэр. Ол эрээри, ХХ үйэ саамай биллэр бу 9 дьахтарын дьылҕата хатыласпат.
Мэрилин Монро
Кини дьиҥнээх аата – Норма Джин Бейкер. Оҕо эрдэҕинэ ийэтэ психиатрическай балыыһаҕа киирбитэ. Онон кыысчаан аймахтарынан, дьиэтэ суохтары көрөр-харайар дьиэлэринэн сылдьан улааппыта. Хаста даҕаны күүһүлүү сыспыттара. 16 сааһыгар Норманы хара күүстэринэн кэргэн биэрбиттэрэ. Биллиилээх Мэрилин Монро буолан баран, мөлүйүөнүнэн сүгүрүйээччилэммитэ, баай дьон тапталга билинэллэрэ, ыал буоларга ыҥыраллара. Ол үрдүнэн кини олус соҕотохсуйара. «Эмиэрикэ секс-символыгар» аат, баай-дуол баҕа санаатын чыпчаала буолбатах этэ. Кини саамай улахан баҕата оҕолонуу этэ. Мэрилин Монрону бэйэтин оронугар илиитигэр төлөпүөн туруупкатын туппутунан өлө сытарын булбуттара. Аттыгар кураанах эмп хаата сытара… «Мэрилин Монро буолар туох үчүгэйдээҕий? Тоҕо мин көннөрү дьоллоох дьахтар буоларым кыаллыбатый? Тоҕо мин дьиэ кэргэним суоҕуй? Тоҕо ийэ буолар дьолго тиксибэппиний?» диэн талааннаах артыыс мэлдьи суланара.
Анна Ахматова
Анна билэр дьонуттан үгүс киһи эрэпириэссийэ сиэртибэтэ буолбута. Бастакы кэргэнин Николай Гумилеву ытан өлөрбүттэрэ, үһүс кэргэнэ лааҕырдарынан сылдьан олохтон туораабыта. Дьиктитэ диэн, лааҕыр олоҕо Анна төрөппүт уолун эмиэ хаарыйбыта. Уола хаайыыга сыппыт уонтан тахса сылын тухары хоһоонньут Иосиф Сталиҥҥа хаста эмэ сурук суруйбута эрээри, биир да хоруйу туппатаҕа… «Шекспир дыраамалара көрөргө эрэ үчүгэйдэр. Сыанаҕа көрдөрүллэр имэҥ, өлүү, дьиҥнээх олоххо тэҥнээтэххэ, оҕо оонньуутун курдуктар» диэн суруйбута улуу Анна Ахматова.
Марина Цветаева
Гражданскай сэрии кэнниттэн көһө сылдьарга күһэллибитэ. Кэргэнэ Сергей Эфрон сэбиэскэй бырабыыталыстыбаны кытта сибээһиттэн сылтаан хоһоонноро бэчээттэммэт буолбуттара. Хоһоонньут дьоно-сэргэтэ аччыктаан өлө сыспыттааҕа. Түмүгэр иккиэн дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрэ. Дойдутугар Маринаны куһаҕан сурах көрсүбүтэ: кини эдьиийэ хаайыллыбыта хас да сыл буолбут этэ. Ити кэннэ сыылкаҕа аны Цветаева бэйэтин төрөппүт кыыһын утаарбыттара. Оттон Эфрону хомуньуустар ытан өлөрбүттэрэ. Марина Цветаева, 1941 сыллаахха уолун кытта эвакуацияланан баран, бэйэтигэр тиийиммитэ. «Ким даҕаны биһиги дьадаҥытык олорорбутун итэҕэйбэт. Мин суруйууларбынан эрэ килиэп оҥостор кыахтаахпын. Кэргэним ыарытыйар, онон сатаан үлэлээбэт. Кыыһым сэлээппэ баайар даҕаны, олус кыра харчыга атыылыыр. Уолум аҕыс эрэ саастаах. Биир тылынан, биһиги дьиэ кэргэн оргууй аҕай сылдьан, аччыктаан өлөн эрэбит…» – диэн Марина Цветаева суруйан хаалларбыта.
Вивьен Ли
Олоҕун тухары таптаабыт эр киһитэ Лоуренс Оливьены кытта олохторо чэпчэкитэ суоҕа. Кэргэнэ кинини куруук күнүүлүүрэ, бэл, биирдэ «Оскар» статуэткатын түннүгүнэн бырахпыта. Аатырбыт «Унесенные ветром» киинэҕэ уһуллуу кэннэ Вивьен доруобуйатынан улаханнык мөлтөөбүтэ. 1945 сыллаахха сэлликкэ ыалдьыбыта. Ыарыы түмүгэр буолуо, булкуллубут курдук буолбута: араастаан тыллаһара, ытаан да, күлэн да ылара. Кэлин кэргэнин билбэт буолбута, кырбыыра даҕаны. Оливье маннык олохтон олус сылайбыта уонна атын дьахтарга барбыта. Кэргэнэ барбытын сэттис сылыгар Вивьен Ли сэлликтэн өлбүтэ.
– «Унесенные ветром» киинэҕэ мин дьоруойум Скарлетт «ийэм, оҕото туохха кубулуйбутун билбэккэ, эрдэ өлбүтэ үчүгэй» диир. Ити этии миэхэ эмиэ сыһыаннаах, – диэбитэ улуу артыыска.
Фрида Кало
6 сааһыгар полиомиелит ыарыыга ылларбыта, онтон сылтаан олоҕун тухары аҥаар атаҕа синньигэс этэ. 18 сааһыгар массыына саахалыгар түбэспитэ. Бүттэлээх сир да хаалбатаҕа, тостуу, тоҕо-хайа түһүү үтүмэн үгүһэ. Онон эдэркээн кыыс өр кэмҥэ орон-тэллэх киһитэ буолбута. Ити охсуулартан ийэ буолар кыаҕа суоҕа. Дууһа ыарыыта эт-сиин ыарыытыттан итэҕэһэ суох элбэҕэ. Кэргэнэ Диего Ривера куруук хас эмэ дьахтарданара. Бэл, Фрида бииргэ төрөөбүт балта кытта күтүөтүн хоонньугар хонон ааспыта. Кэргэнниилэр хас эмэ төгүл арахса сылдьыбыттара эрээри, хат холбоһо тураллара. Улуу худуоһунньук Фрида Кало тыҥа ыарыытыттан өлбүтэ. «Мин олохпор икки ыарахан түгэн баара. Бастакыта – саахал, иккиһэ – кэргэним. Иккиһэ быдан элбэх иэдээни аҕалбыта», – диэн Фрида этэрэ.
Жаклин Кеннеди
Суруналыыс, Эмиэрикэ бастакы ледитэ кэргэннии олоҕор дьоло суоҕа: Кеннеди аймах кинини тымныытык көрсүбүтэ, кэргэнэ наар атын дьахтарданара, өлбүт оҕону төрөппүтэ, иккис оҕото иккис хонугар өлбүтэ. Бэрэсидьиэн дьоллоох, эрэллээх кэргэнин, истиил иконатын оруолун оонньуур ыарахана биллэр. Жаклин дьиҥнээх майгытын кэргэнин Джон Кеннедини, кини көрөн олордоҕуна, ытан өлөрбүттэрин кэнниттэн көрдөрбүтэ. Хаан буолбут таҥаһын «кэргэммин хайдах курдук дьаабылаабыттарын көрүҥ» диэн, өр кэмҥэ устубатаҕа. Иккиһин кини Греция баайыгар Аристотель Онассиска кэргэн тахсыбыта. Хомойуох иһин, ол кэргэнин эмиэ көмпүтэ. Жаклин Кеннеди 90-с сылларга лимфома диэн ыарыыга ыалдьан өлбүтэ. «Үрүҥ дьиэҕэ олорон биир күн бэрэсидьиэн огдообото буолары ким кыайан өйдүөй? Мин саамай аһыйарым – оҕолор. Ити кэннэ киһи кинилэргэ хайдах дьоллоох оҕо сааһы хааччыйар?» – диэн муҥатыйара.
Грейс Келли
Бэйэтин кэмин чаҕылхай артыыската Ренье III диэн Монако кинээһин таптаан, хаарыан үлэтин, аатын-суолун бырахпыта. Биир үксүн кэргэнэ ону туруорсубута. Онон Грейс кэргэнин уонна оҕолорун көрөн дьиэҕэ олорбута. Хомойуох иһин, ол олоҕор дьолломмотоҕо. Ренье дьонтон тэйэ туттара, кэргэнин күлүү гынара, кинини дьон астынарыттан кыйаханара. Грейс амарах санааланыы аахсыйаларыгар, быыстапкаларга кыттарыттан киҥэ-наара холлоро. Оҕолоро аһара атаах уонна хаппырыыс этилэр. Хомойуох иһин, Грейс Келли массыынаны бэйэтэ ыытан иһэн инсуллаабыта. Ол кэнниттэн сарсыҥҥы күнүгэр балыыһаҕа өлбүтэ. «Манна, Монакоҕа, Ренье ойоҕо буолан олорон мин биир эрэ оруолга оонньуубун. Ол – кини принцессата», – диэн Грейс билинэрэ.
Регина Збарская
Кинини «сэбиэскэй Софи Лорен» диэн ааттыыллара. Үчүгэйкээн манекенщицаны ол кэм дьоно бары кэриэтэ таптыыллара, сүгүрүйэллэрэ. Збарская килбик этэ, ол да иһин дьон кини туһунан элбэҕи билбэтэ. Ыарахан буолбутугар кэргэнэ Лев Збарскай оҕотун түһэртэрэргэ күһэйбитэ. Сүтүктэн ыарыыны мүлүрүтээри, Регина араас эми иһэрэ. Онтон кэргэнэ эмискэ атын дьахтарга көспүтэ. Манекенщица уйулҕатын туруга биллэрдик мөлтөөбүтэ, кэргэнин төннөрөөрү үлэтиттэн уурайбыта эрээри, киһитэ Эмиэрикэҕэ көспүтэ. Ону истэн, Регина тымырын быстан, балыыһаҕа киирбитэ. Өр эмтэнии кэнниттэн подиумҥа төннө сатаабыта да, табыллыбатаҕа. Регина эмп иһэн олохтон көҥүл өттүнэн туоруурга быһаарыммыта… «Мин бу дойдуга олус элбэх куһаҕаны оҥорбутум. Онтон сылтаан накаастанабын», – диэбитэ.
Маргарита Назарова
Тиигири икки атаҕар туруорар, уоту ортотунан ойутар кыахтаах, талааннаах дрессировщик уонна «Полосатый рейс» киинэ сүрүн дьоруойа Маргарита Назарова үлэтигэр кэргэниниин – Константин Константиновскайдыын – өрүү бииргэ сылдьаллара. Айылҕа саамай кутталлаах кыылын кытта чугастык алтыһыы куһаҕан түмүктэммитэ: Константиновскай, иитэр хахайа саба түһэн, өлбүтэ. Назарова кэргэнин олус суохтаабыта, сатаан үлэлиир кыаҕа суох буолан, циркэттэн барбыта. Соҕотох уоллара кыраныысса таһыгар олохсуйбута. Назарова киниттэн туох да көмөнү ылбакка, дьадаҥытык уонна соҕотоҕун олорон өлбүтэ. «Алтыспыт эр дьонум бары кэргэн тахсарга көрдөһөллөрө. Мин дьиэ кэргэммин быраҕымаары, наар аккаастанар этим», – диэн, Маргарита Назарова суруйан хаалларбыта.
▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄▀▄
︻デ═一 Made with ❤ by Kali
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
Д Ь Ы Л Ҕ А
Оонньуур олох
Көмүс күһүн тиһэх сэбирдэхтэрин сиргэ тамнаабыта. Биир да күн тохтообокко ардах түһэрэ. Суол-иис дьаабыланан, киһи саппыкыта суох сатаан сылдьыбат буолбута. Маайа ыарытыйар буолла. Кини аттыгар олоҕун күнэ-ыйа — мааны кыысчаана, Людукката эрэ баар. Люда үөрэҕин бүтэрэн, ийэтигэр чугас буолаары дойдутугар математика учууталынан үлэлии тахсыбыта.
Сайын устата бэрээдэктэрэ, дьиссипилиинэлэрэ ыһыллан хаалбыт үөрэнээччилэрин саҥа үөрэх дьылын «колеятыгар» киллэрээри күнү быһа тиниктэспит Люда, сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэммитэ буолан баран, борук-сорукка дьиэлээн испитэ. Дьиэтэ ыраах, дэриэбинэ арҕаа баһыгар турар, эбиитин бадараан мэһэйдээн, чааһы быһа ынчыктаһан тиийиллэр буолбута. Люда бадарааны тэпсимээри суол кытыытын кыйа хонуунан, ыарахан суумкатын илиитигэр иилэ быраҕан баран, сэниэтэ суохтук хааман испитэ. Кэнниттэн балачча уһуннук бирилэтэн-бурулатан биир массыына иһэрэ. Бу — оскуолаларын саҥа дириэктэрэ Симон Степанович этэ.
— Людмила Петровна! Тоҕо бачча хойукка диэри үлэлээтиҥ? — Симон Степанович мичээрдээбит сирэйэ кэбиинэттэн мылтас гыммыта. — Массыынаҕа киир, дьиэҕэр быраҕан биэриэм, хайа диэки олороҕун? — диэн буолбута. Людмила Петровна дьиэтэ «учууталлар уопсайдарыттан» соччо тэйиччитэ суох буолан биэрдэ.
Люда массыынаҕа дьылыс гыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Үөрэ санаата, ийэтэ эрэйдээх кэтэһэн аҕай олороохтуура буолуо. Симон Степанович нэксиэ быыһыгар массыынатын сиэркилэтинэн Люданы сэмээр одуулаһа олордо. Тугу да кэпсэппэтилэр. Кыыс кэлииккэтин көрүө эрэ кэрэх, баһыыбалаат, тахсан барда.
Ити кэннэ икки нэдиэлэ ааспыта. Абаанса кэлбитэ. Люда бастакы хамнаһын ылбыт үөрүүтүгэр, икки бакыаты толору бородуукталаан, атаҕар турбут, улааппыт, киһи-хара буолбут саҕа сананан истэҕинэ, эмиэ дириэктэрэ ситэн кэлбитэ.
— Көмө наада дуо? Дьиэҕэр илдьэн биэриэхпин сөп.
— Аата үчүгэйин! – Люда саҥа аллайбыта.
Симон Степанович кыыс илиититтэн ыарахан бакыаттары ылан дьиэҕэ киллэрэргэ көмөлөспүтэ. Маайа дириэктэргэ чэй куппута.
Күн-дьыл туругун, күһүн хойутаан эрэрин, «учууталлар уопсайдара» сылааһын-тымныытын, хаһан оттуллуохтааҕын туһунан күө-дьаа буолан кэпсэтэ-кэпсэтэ, эйэлээх баҕайытык, үһүөйэҕин чэйдээбиттэрэ.
— Ити үчүгэй баҕайы уол ээ. Муҥнаах баччааҥҥа диэри хайдах ойох ылбакка сылдьаахтаабытай? – диэбитэ Маайа биир киэһэ.
Симон Степанович түгэн көһүннэр эрэ Люданы дьиэтигэр аҕалара, ардыгар чэйдииллэрэ. Кэлэ-бара иһирдьэ-таһырдьа үлэлии сылдьар Маайаны кытары «пирибиэттэһэрэ». Саҥа дьылы Маайалаах дьиэлэригэр бииргэ ылбыттара. Ол кэннэ Маайа ыала дьахтардыын түүҥҥү шоу-бырагырааманы көрө барбыттара. Оттон Людалаах Симон өр да өр, ийэлэрэ кэлиэр диэри остуолтан турбакка кэпсэтэ олорбуттара. Дэриэбинэ дьоно бука бары Людалаах дириэктэри «ыал оҥорон» ырааппыттара.
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх сандал саас тыала-кууһа биллэн барбыта, сааскы маҥнайгы бырааһынньык — Дьахтар күнэ — үүммүтэ. Люда күнү быһа ас бөҕөтүн астаабыта, санаатыгар, Симон бадаарактаах, сибэккилээх киирэн кэлиэхтээҕэ… Кыыстаах ийэ кэтэһэ сатаан баран бэйэлэрэ аһаабыттара. Люда хоско киирэн эрдэ сыппыта. Ийэтэ «үҥкүүгэ барбаккын дуо?» диэн көрбүтүн улаҕа хайыһан кэбиспитэ.
Симон Степанович сааскы бырааһынньык өрөбүллэригэр кимиэхэ да эппэккэ куораттаабыта. Туох-ханнык иннинэ ийэтин эҕэрдэлиир санаалааҕа, соһуччу тиийэн кэлэн сюрприз оҥорбута. Симон тыаттан кэлбиччэ, ыбылы баанналанан-душтанан тахсыбытыгар, бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Снежка эрийбитэ. Куораттааҕылар кылааһынан мустан рестораҥҥа бырааһынньыктыы сылдьалларын туһунан эппитэ, түргэнник кэлэ тарт диэн буолбута. Снежка, Снежана Даниловна — Симон баар-суох дьүөгэтэ, бастакы таптала. Улахан аптарытыаттаах киһиэхэ кэргэн тахсан, икки оҕолонон баран арахсыбыта. Билигин бэйэтэ-бэйэтигэр хас да маҕаһыыннаах хаһаайка.
— Киһи наһаа элбэх буолан, үчүгэйдик кэпсэппэккэ хааллыбыт дии. Тус олоххор туох да уларыйыы суох дуу? — диэтэ Снежка таксинан түүн дьиэлээн иһэн.
— Дэриэбинэҕэ миигин «ыал оҥорбуттара» ыраатта. Биир учуутал кыыһы кытта билсэбин даҕаны, кыбыстаммын этэ иликпин…
— Сима, ыал буолуоххун наада. Хаһааҥҥа диэри кыбыста хайыы сылдьыаххыный? Бэйэҕин сэнэнимэ, кылаабынайа, үчүгэй кыыһы буллаххына, оҕону иитэ да ылыаххытын сөп буоллаҕа, — диэн баран, Снежана мүчүк гыммыта.
Бырааһынньык кэннэ Симон Петрович икки букеттаах Маайалаахха киирэн кэлбитэ. Маайа суоҕа, ыалыгар тахсыбыт быһыылааҕа. Симон Люда хоһугар киирбитэ. Кыыс өсөһүн киллэрэн, сыттыкка умса түһэн сытара.
— Туох буоллуҥ, Людочка?
Кыыс тугу да саҥарбатаҕа. Симон Люда илиитин күүскэ туппута, эмискэ тиэрэ баттаан сыллыы сатаабыта.
— Айыкка, ыыт миигин, бар, киэр буол! Зараза!!! — диэн хаһыытыы-хаһыытыы Люда тэбиэлэммитэ. Эр киһи кыыһы сирэйгэ сырбаппыта. Люда саҥата суох ытаан барбыта, утарылаһар кыаҕа суоҕа. Симон хайдах эрэ дьиикэйэ киирбит курдук этэ. Барыта бүппүтүн кэннэ Симон кыра оҕо курдук ытаан барбыта, ол кэннэ тугу да саҥарбат буола кэлэйбит, соһуйбут, саҥата суох сытар Людаҕа уһун да уһуннук тугу эрэ кэпсээбитэ уонна:
— Онон, мин сатаан оҕоломмоппун, онтон наһаа санааргыыбын, «агрессивнай» буолан ылабын, сатаан туттуммаппын, бырастыы гын, Люда, миигин… — диэн түмүктээбитэ Симон.
Ол киэһэ Люда сиэркилэ иннигэр Симон бэлэхтээбит көмүс биһилэҕин эргим-ургум туппахалыы олорон, ийэтэ киирбитигэр:
— Хайыыбыный, Симон кэргэн таҕыс диир ээ? — диэн ыйыппыта. Маайа үөрэн сэгэйэ түспүтэ.
Симоннаах Люда холбоспуттара, дэриэбинэттэн куоракка көһөн киирбиттэрэ. Бэрт сотору саҥа ыал эһээкийдэммиттэрэ. Барыта орун-оннугар курдук буолбута. Симон саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Иитиэх кыыстарын Жанна диэн сүрэхтээбиттэрэ. Симон Степанович дьүөгэтин Снежана Даниловна тэрилтэтигэр ботуччу хамнастаах миэстэни булбута. Оттон Люда кыыһын балтараа сааһыгар диэри дьиэтигэр олорбута. Хам-түм кинилэргэ Снежана Даниловна кэлэн ыалдьыттаан барара. Людаҕа ону-маны сүбэлээбитэ буолан дьүөгэлэһэ сатыыра. Симон Степанович кэргэннэниэҕиттэн, оҕолонуоҕуттан ыла бэйэтигэр эрэлэ күүһүрбүтэ, дьоһун баҕайытык туттар-хаптар буолан барбыта. Доҕотторунуун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэриниин иһэн-аһаан, холуочук кэлэрэ элбээбитэ. Биир түүн адьас да дьиэтигэр хоммотоҕо. Сарсыарда аат эрэ харата сукуҥнаан кэлбитэ.
—Баччааҥҥа диэри ханна сырыттыҥ? – диэн, сэрэнэн ыйыппыта кэргэнэ. Симон тугу да хардарбатаҕа, киирэн утуйан хаалбыта. Люда эрин таҥаһын сааһылыы туран көрбүтэ, Симон халлаан күөҕэ ырбаахытын түөһүгэр памаада биһиллэ сылдьара, эбиитин дьикти минньигэс духуу сытынан аҥылыйара.
— Кимиэхэ хоннуҥ? — Люда утуйа сытар эрин уһугуннарбыта.
— Миэхэ сылаастык сыһыаннаһар дьахтарга! Онно эн тугуҥ наадатай?
— Кэргэннээх эрээригин итинник сылдьаҕын? Маннык гынаргын билбитим буоллар, таах сибиэ….
— Бар ээ оттон, ким эйигин тутар? Эн миигин аһынаҥҥын эрэ кэргэн тахсыбытыҥ. Билигин даҕаны тус-туһунан утуйабыт буолбат дуо, биирдэ эмэ тойон эрим диэн оройбуттан имэрийдиҥ дуо — суох!
— Күнү быһа оҕобуттан ордубаппын билэҕин, бэйэҥ да миэхэ тоҥуйдук сыһыаннаһаҕын буолбат дуо, — дии-дии ытаабыта Люда. Төһө да Симатын аһына санаатар, абаран: — Эн комплекскын, итэҕэскин миигинэн таһаарыма. Мин эйиигин таптаан кэргэн тахсыбытым, аһынан буолбатах.
Люда сарсыарда турбатаҕа, эрин үлэтигэр тэрийэн ыыппатаҕа. Симон өрүү буоларын курдук таҥнан барбыта, ол эрээри бу сырыыга — аччык.
Хас да хонук ааспыта. Кэргэнниилэр туох да быһаарсыыта суох эйэлэһэн, салгыы олорон барбыттара. Ким иһигэр тугу саныы сылдьара биллибэт этэ. Биир үтүө субуота күн Симон кэргэнигэр субуоннаан:
—Бүгүн хоно кэлбэппин, итирэн хааллым, уруулбар сатаан олоруо суохпун, — диэн баран, туруупканы ууран кэбиспитэ.
Баскыһыанньаҕа ардах бөҕө түспүтэ. Люда ыар санааҕа ылларбыта. Кини мөлтөх киһиэхэ эргэ тахсыбытын кэмсинэ, эбиитин оҕо иитэ ылбыттарын, иһигэр, «акаарытык да быһыыламмыппын» дии санаабыта. Хара маҥнайгыттан олохторо сатамматах оонньууга майгынныыр эбит буолбаат! Симон кыһалҕатын кини кыһалҕа оҥостон, эдэригэр тэптэрэн, тапталы итэҕэйэн. Ол гынан баран Люда кыракый Жанночкаҕа хайыы-үйэҕэ ылларбыт этэ. Жанночка туох да буруйа суох, саҥа олоххо үктэнэн, саҥарар буолан эрэрэ, туппаһырара.
Симон үлэтиттэн кэлбитэ — дьиэҕэ ким да суоҕа. Онно-манна эрийэн көрбүтэ, Люда дьүөгэлэригэр да, кимиэхэ да тугу да биллэрбэтэх. Симон кэргэнэ дьонун аахха куоппутун сэрэйбитэ. Хас да күн тохтообокко арыгылаан баран, ыксаан, дэриэбинэҕэ Маайалаахха эрийбитигэр, бэркэ билэр сымнаҕас куолаһа «Алё… Алё-оо…» — диэбитэ… Симон саҥата суох истэн турбута. Бу санаатаҕына кэргэнин уонна оҕотун олус да таптыыр, суохтуур, ахтыбыт эбит. Холуочук киһи гарааһыгар ыстаннаран тахсан, массыынатын собуоттаан, Нам улууһун диэки элээрдэ турбута. Тоҕо эрэ ГАИ үлэһиттэрэ, хара “джиби” тохтото сатаабатахтара. Симон арыгыта төбөтүгэр тахсан, олус утуктаабыкка дылы буолбута. Уруулун уҥа-хаҥас тута олорон утары иһэр массыынаҕа киирэн биэрбитэ…
Симон Степанович оһоллонон балыыһаҕа киирбитэ. Люданы ол күн тута ыҥыртарбыттара. Люда түүнү быһа өй-мэй сытар, кубарыйан хаалбыт кэргэнин аттыттан арахпатаҕа…
— ¤ыллыай, Си-иим, истэҕин дуо? Мин таптыыбын, аны хаһан даҕаны эйигин хаалларыам, быраҕан барыам суоҕа…
Люда санаатыгар, кыыһыран барбатаҕа буоллар, Сима маннык иэдээҥҥэ түбэһиэ суохтаах этэ. Кыыс өр да өр кэмсинэн ытаабыта, саҥа таһааран бэйэтин мөҕүттэрэ, ол быыһыгар таҥараттан «Симабын былдьаама, биһиги хайдах олоруохпутуй, тулаайах хаалларыма…» дии-дии ботугураан көрдөһөрө.
Сима барытын истэ сытар курдуга. Бэйэтин этин-сиинин уонна кэргэнин ытабылын туораттан туран дууһата истэрэ…
Светлана Тимофеева.
Made with ❤ by Kali 🤖
Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW
Содержание
Булчут Булчут
Булчут кэпсэммэтэх кэпсээннэрэ
Убайым Сэмэн Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр ыал бастакы оҕотунан күн сирин көрбүтэ. Эбэбэр бастакы күүтүүлээх сиэн, ийэм бастакы тапталлаах уола, аҕам аатынан Сиэнньискэ диэн аат иҥэриллибитэ.
Уһун уҥуохтаах, сытыары-сымнаҕас майгылаах, оҕо эрдэҕиттэн айылҕаҕа үтүө сыһыаннаах. Уон саастааҕар биир күн сүтэн хаалан, ийэтиттэн улаханнык таһыллан турардаах. Соҕотоҕун тыаҕа тахсан, хаптаҕас, дьэдьэн үргээн аралдьыйан хойутаабытын билбэккэ хаалбыт. Айылҕаҕа бастакы сүрэхтэниитин ааспыт. Аҕабыт сылгы биригэдьиирэ, Буотама төрөөбүт дойдута буолан, онно Сиэнньискэни оҕо эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан бултуура.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хаста даҕаны ойууртан мэкчиргэни тутан аҕалан иитэ сылдьыбыттааҕа. Биирдэ саарбаны тыыннаахтыы тутан дьиэбитигэр аҕалбыта. Биһиэхэ, дьиэ оҕолоругар, ойуур тыыннаах кыылларын көрөрбүт олус дьикти буолара.
Байанай биэрэр бэлэхтэрэ үксээтэр үксээн иһэрэ. Ол курдук, балыгы-куһу, куобаҕы өрүү бултуура. Үйэтин тухары бултаабыт кыыллара: саһыл, бөрө, бэдэр, тииҥ, киис, кырынаас, солоҥдо, улар, эһэ, тайах, кулааһай. Ойуур кыылын барытын кэриэтэ бултаабыта. Мохсоҕоллоохтон уһун баҕайы нуучча уолаттара булка барсалларын өйдүүбүн. Халыҥ тыаҕа муммакка, адьас дьиэтин курдук сылдьарын сөҕөн-махтайан бараллара.
Чугас табаарыстарын, аймахтарын булчут албастарыгар үөрэппит буолуохтаах. Кэпсииллэринэн, биирдэ сылгыһыт табаарыһыгар – Дьууруйга «туһахха барыахха» диэбит. Туох да буолбатаҕын курдук, кинини иннигэр уктан баран испит. Куобахха туһах ииппитэ атын кыыл түбэспитин көрөн, төннөн табаарыһыгар көрдөрөөрү Дьууруйу илпит. Чугаһаан кэлбиттэрэ – ол туһахха тыа адьырҕата эһэ иҥнэн олорор эбит. Тугу да сэрэйбэтэх Дьууруй ону көрөн, саллыаҕын саллыбыт. Убайым ол курдук эһэттэн куттаммакка бултуура.
Андаатар туһунан туспа кэпсээн. Андаатар күөл, үрэх кытылыгар уйаланар. 8-10-нуу оҕону төрөтөр. Бары ыал курдук биир уйа оҥостон кыстыыллар. Сааһыары улааппыттарын кэннэ бултуур табыгастаах. Буотама үрэх төрдүгэр, үрэххэ мууһу көйөн дьөлөҕөс оҥорбутугар бииртэн биир андаатар салгын былдьаһан, үөһэ тахсан иһэр. Ууттан тахсаат, сааскы чаҕылхай күнтэн харахтара саатан, олоро биэрэллэрин Сиэнньискэ талах маһынан сүүскэ тыгыалаан дөйүтэлээн, уонтан тахса андаатары кэккэлэһиннэрэ сытыартыыр эбит.
Тохсунньу тымныытыгар
Куһу-хааһы саас эбэтэр күһүн бултууллар. Бу сырыыга кыһын тохсунньуга дьыбардаах тымныыга киһи итэҕэйбэтэҕин курдук, куһу бултаатым диэн соһуппута. Буотама үрэххэ кыра сиикэй хаалбытыгар улаатан эрэр кус оҕото уста сылдьарын көрбүт. Бу күүстээх сүүрүктээх өттө буолан, син өр тоҥмотох. Ырыган буолуо дии санаабытым, хата, аһара эмис үһү. Буотама үрэх балыгынан аһаан, тымныыттан оччо уойбут кус миинин испиттээхпит.
Булка сылдьыһар ыт доҕотторуттан ордук ордорор Юкон диэн ааттаах, маҥан-хара төбөлөөх киисчит, эсэһит ыттааҕа. Ол ыт аатын «Охота» диэн булчуттар сурунаалларыттан булан көрөн ааттаабыт этэ. Элбэх түүлээҕи туттаран, адьырҕа кыыллары бултаан, туһата элбэҕэ. Тыа барахсан чуумпу, айдаана суох дьону сөбүлээн, бэлэхтэрин сэмээр биэрэр эбит.
Дария Ефремова.
Биэс сиэгэни ылбытым
Биир дьыл сирбэр үксүн бэйэм сырыттым. Сиэгэн бэртэрэ буланнар, чааркааммытын туруорбаттар. Кэрийэ сылдьан, үлтү ыһан кэбиһэллэр. Уолаттарым кэлэ-бара сылдьаллар. Үлэлээх дьон уһаабаттар. Иһэр мууспун ылан, маспын мастаан биэрэллэр. Онон туохха да аралдьыйбакка булпар эрэ сылдьабын. Бурааннаахпын. Ол дьыл булт мөлтөх этэ. Оннооҕор куобахпыт сүппүтэ, ханна да суола көстүбэтэ. Мэктиэтигэр, кутуйах да суола суохха дылыта. Арай – аҕыйах бөрө уонна сиэгэн. Киис да мөлтөх, биир эмэ суоллуур. Сырыы аайы сиэгэн, бураан суолун устун батыһа сылдьан, чааркааннарым көҥдөйүн биир да суох гына үлтү үрэйэн кэбиһэр. Мин «тыҥырах саҕа мэҥиэбэр ымсыыран» диэн, мөҕүттэ-мөҕүттэ көҥдөй абырахтаан тахсабын. Биир эмэ киис иҥиннэҕинэ, баттастахпына ылабын, куоттардым да сиэн кэбиһэр. Көҥдөйү кэнниттэн үрэйэр, айаҕар чааркаан өттүттэн кэлбэт, онон чааркаан иитиллэ сытар буолар.
сиэгэни ыллым. Бары түөртүү-биэстии чааркааннаах буолаллар. Ырыган баҕайылар. Атын дьылларга биирдэ эмэ түбэстэҕинэ, сибиинньэ курдук сыалаах буолааччы.Онтон сотору торуой күүлэттэр муҥхаһыттара «Дьаакыбылап оҕонньор муҥхалаан баран, кууллаах балыктарын күөлгэ аныгыскы сырыытыгар ылаары хаалларбытын сиэгэннэр буланнар, биир да суох гына дьаабылаабыттар, сэттэлэр үһү» диэн кэпсэтэр сурахтара кэллэ.
Халлааным тымныйда, ахсынньы ыйым да буолла. Сиэгэннэр сутаабыттара биллэн барда. Көҥдөйүм айаҕынан мэҥиэбин судургутук ылар буолан бардылар. Ол сылдьан чааркааммын илдьэ бараллар. Кэһэйбэккэ, бураан суолун батан, атын чааркааммар тиийэн эмиэ эбинэн иһэллэр. Инньэ гынан биир сиэгэн «тарбаҕын аайы» чааркаан иилинэн, биэс чааркааннаах сылдьан, кыра баҕайы талахха эрийэ тардан өлбүт этэ. Үчүгэйэ диэн, бураан суолуттан тахсыбаттар. Инньэ гынан, биэс
Сиэгэн бөрөнү батыһа сылдьар идэлээх. Бөрө аһылыгын былдьыыр дуу, хайыыр дуу. Сиэгэн кэллэ да, бөрө баран хаалбыт буолааччы. Бу сылдьан, бурааным суолун үс бөрө быһан ааспытын көрөн, дьээбэҕэ икки бууттаах чааркааны иитэн аастым. Иккистээн кэлиибэр биир иҥнэн олорор. Сымнаҕас баҕайы, ырдьыгынаабат даҕаны, ытан ыллым. «Кини обургу баһыйтардаҕына, сымныыр эбит дуу» дии санаатым. Киискэ хаар бугул тэбэн баран, айаҕар биирдээх чааркааны, кэннигэр икки бууттаах саһыл чааркаанын ииппитим. Сиэгэн ыһыа диэн сэрэхэдийэн. Онтубар икки киис иҥнибит. Үөрэн бөҕө, көрөргө үчүгэйэ сүрдээх этэ. Инньэ гынан, дьэ, өлгөм булт буола түспүтэ.
Балыкпыт абыраабыта
Ааспыт үйэ диирбитигэр тиийэбит. Сэбиэскэй былаас аҕыйах күн иһигэр сууллан, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмнэрэ. Ас-таҥас суох, хамнас диэни хас да сыл ылбаккын. Биэнсийэ эрэ дуома кэлэн, ону үллэстэн, сиэн-аһаан олорорбут. Киниискэҕэ уурунуулаахтар илии соттон хаалбыттара. Харчыбыт сотору сотору уларыйара, мөлүйүөҥҥэ диэри өрө сүүрэн тахсыбыта. Сыана баһа-атаҕа суох барара. Оччолортон үлэтэ суох буолуу саҕаланнаҕа. Бу кэмҥэ кэмэрсээннэр саҥа үөдүйэн эрэллэрэ. Оччолорго биһигини, тыа дьонун, балыкпыт, отоммут абыраабыта. Ону сэргэ ынах сүөһүбүт оччолорго син баара. Оттон куорат боростуой олохтоохторугар уустук күн-дьыл аастаҕа буолуо дии саныыбын.
Биһиги эргин Торуой Күүлэт нэһилиэгин муҥхаһыта, Ньукуус, собо бөҕөнү баһан, эбэлэрэ хотокулар бэрсэн, кэмэрсээннэргэ аска-таҥаска атастаһан, дьон-сэргэ абыраммыта быһыылааҕа. Дэриэбинэ олохтооҕо оҕотуттан, дьахтарыгар тиийэ, сүүһүнэн киһи муҥхаҕа сылдьара. Ким да туора көрүллүбэтэ, көлөҕө баппатах киһи сатыы сылдьара. Биһиги, Тылгыны дьоно, балык хаһаанан, аска эргинэрбит. Муҥхабыт таҥыыта куһаҕан буолан, муҥхалаан кыайан сиэбэтэхпит, илиминэн киирсибиппит. Күһүн уу сөрүүдүйүүтэ, балаҕан ыйын саҥатыттан илим үтэн, хатырыгын алдьаппакка, ыбылы туппакка сэрэнэн араараҕын. «Содуок» диэн тимир сиэккэнэн иһит оҥороҕун. Чороох анньыталаан ууттан быган турар гына чорооххо быанан баайаҕын. Сөп буоларынан аанын баайан баран, тимирдэн кэбиһэҕин. Иһиккиттэн көрөн хаалыыгын. Наһаа элбэҕи укпаккын. Холку соҕустук хамсанарын курдук. Наһаа элбэҕи симнэххинэ, өлөн хаалар. Содуоккун алтынньы, сэтинньи ыйдарга, балык тоҥор буолбутун кэннэ, хостуугун. Муус хаарын күрдьэн, балыккын ыраас мууска тэлгэтэн тоҥороҕун. Тоҥноҕуна, дьэ, кууллаан, төһө балыгы хаһааммыккын билэҕин. Өлбүтүн чааркаан мэҥиэтэ, ыккар, сибиинньэлээх буоллаххына, ас оҥостоҕун. Онон өлбүт да собоҥ хаалбат.
Күөл турдаҕына, аны муус аннынан балыктыыгын. Тымныыга муустаах ууга балык араарар, манан аҕай дьыала буолбатах. Халлаан тымныыта түөрт уон кыраадыстан тахсыар диэри сылдьаҕын. Аны күнүҥ кылгаан иһэр. Сып-сап хамсаныаххын наада. Үгүлээт эргин Түҥ эбэлэрин балыга аччыктаппатаҕа буолуо. Түҥ баһын диэки олорор буоланнар, үрүҥ-хара балыктара элбэх. Онон хото соҕус балыгынан салҕаммыттара.
Хомурах куһа
Хомурах куһа диэҥҥэ Орто Бүлүүгэ сылдьан бултаһан турабын. Саас, ыам ыйын сэттис-тохсус күннэригэр, ойуур хаара ситэ бүтэ илигинэ. Кыһыл Сыыр диэки Бүлүү эбэ үрдүгэр өҥөйө сытар дьоҕус көлүччэлэр эбит. Манныктары биһиэхэ элгээн дииллэр. Орто бүлүүлэр күөл дииллэр.
халыйаллар. Үксүн салгынтан аһаан олоробут.Бастакы дьылбар убайым Бииктэри кытта бардыбыт. «ЛУАЗ» массыынанан сылдьабыт. Тиийиэхтээх күөрэлэрбит аллара, мыраан анныгар бааллар үһү. Аллара түһэн, балааккаланыахтаах сирбитигэр тыыбытын, сээкэйбитин сүөкээн баран, массыынабытын төттөрү мыраан үөһэ таһааран кэбистибит. Муус хамсаатаҕына, уу кэллэҕинэ, дохсуннук кэлэн, арыыбытын ылан кэбиһэр үһү. Айаннаан кэлбит дьон балаакка туруорунан, ас астанан аһаан баран, сынньанарга диэн буолла. Суолбут бадарааннаах буолан, уһун айан. Сарсыныгар эбиэт диэки туран, аһаан-сиэн баран, уу көрүнэ, сэһээккэ туттан бардыбыт. Өрүс үрдүн диэки икки күөрэ баар эбит, онтон бииригэр убайым олорор буолла. Мин ходуһаҕа кыра уу баарыгар олоруом диэтим. Санаабар, көҕөн саһан түһүөх сирэ курдук. Аһаан, тэринэн тыыбытын мончуукпутун киллэрэн үргүлдьү олорордуу киирдибит. Убайым олорор сирэ миигиттэн көстөн турар.
Түүн бииртэн саҕалаан кус биллэн барда. Үс көҕөннөннүм. Уубут тоҥон, күөрэтэн ытыалааһын саҕаланна. Бииктэр атар да атар. Үөрдээх кус тиийиитигэр, бастакы кус кулахачыйаатын кытта иккис, үһүс, төрдүс. Көрүөххэ үчүгэй бөҕө. Биэстэ ытан хайаан да үһү-түөрдү түһэрэр. Бүлүү эбэ чугас баҕайы эбит. Баран көрүүбэр мууска кус бөҕө мустан олороро. Онтон биһиэхэ тахсаллар эбит.
Кэлиибэр мууска кус бөҕө сытар. Мууһун тоһоотоххо, кус толлор диэн тыыппат эбит. Мууска сорох кустар киһи күлүөх курдук
Сарсыардааҥҥа диэри алта уонча кустанныбыт быһыылаах. Сарсыныгар түөрт уончаны өлөрбүппүт, онон бүппүппүт. Хомурах куһа биир-икки күннээх буолар эбит. Уу кэлбитигэр чуут малбытын күрэтэн биэрдибит.
Эһиилигэр «УАЗ» массыынанан бэһиэ буолан тиийэн биир түүн иһигэр сүүс алта уон кустаммыппыт. Ботуруон ииттэр бокуой биэрбэт айылаах. Сарсыныгар мэлигир. Өссө икки күн кэтэһэн көрөн баран төннүбүппүт.
Бүлүү. Тылгыны. Басхаай.