Главная / Кэпсээннэр / Хайаан да көрсүөхпүт
Добавить комментарий
Бахсыытап Бүөккэни биһиги оскуолабыт кыргыттара бары таптаан сордоноллоро. Ол Бүөккэлиин биһиги кыра эрдэхпититтэн бииргэ улааппыппыт. Этэргэ дылы, биир тиэстэттэн мэһиллибиппит. Куукулалаах да, сэриилэһэ да тэбис-тэҥҥэ оонньуурбут. Ити буолан, сыыҥын-сыраанын алтыс кылааска диэри соһон сордоммут, куруук аттыбар баар, сынтаҕар муруннаах ордуос майгылаах Бүөккэни мин эрэ көннөрү доҕор-атас быһыытынан ылынар быһыылааҕым. Алтыс кылаас кэнниттэн дьоно атын улууска көһөр буолбуттара: аҕатын атын үлэҕэ анаабыттар этэ. Сүөһүлэрин эбэлэрин аахха хааллартаан, биир үтүө күһүн сус гынан хаалбыттара. Бүөккэ барарыгар мас саатын, биир туһаҕы уонна күөх өҥнөөх эрэһиинэ мээчиги, миэхэ, ыкса доҕоругар, өлүүлээн хаалларбыта, харыстаан илдьэ сылдьарбар, оонньуурбар эппитэ. Уонна: «Туйаарыс, эн биһикки улаатан баран хайаан да көрсүөхпүт дии»,— диэбитэ. Мин, саа бэлэхтэтэн, эбиитин ымсыырар күөх мээчикпэр тиксэн, доҕорум барбытын баардылаабатаҕым, хата, улаханнык байбыт-тайбыт саҕа санаммытым. Тоҕотун билигин да билбэппин эрээри, Бүөккэни ол кэнниттэн наһаа өр көрбөтөҕүм. Оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн Дьокуускайга пединститут устудьуона буоллум. Оччолорго олоҕум олус интэриэһинэй этэ. Саҥаттан саҥа күн элбэҕи эрэннэрэрэ, эдэрим да бэрдэ, эмиэ дойдубар тахсаары, саҥа таҥас кэтээри сайын ыһыаҕы күүтэрим. Билигин эмиэ бэс ыйа, ыһыах үгэнэ... Бастакы кууруһу этэҥҥэ түмүктээн, дьоммун, дьүөгэлэрбин олус ахтан-суохтаан дэриэбинэм ыһыаҕын баттаһа сайылыы кэллим. Ахтыспычча, барыларын кытта биир күн иһигэр төлөпүөннэһэ, билсэ оҕустум. Бииргэ үөрэммит кыыһым Октюшка дэриэбинэ кэккэ сонунун уонна да араас «бэстилиэнэй» бириэмэҕэ буолбут хобу-сиби төрдүттэн баһыгар диэри сиһилии кэпсээтэ; ити быыһыгар Бахсыытап Бүөккэ диэн кылааһынньыкпыт соторутааҕыта аҕай куораттан кэлбитин, «Волга» массыыналаммытын, улаатан, өссө тупсубутун туһунан эттэ. Мин ол хас биирдии кэпсээн аайы: «Айуу чэ, бүттэхпит дии» диэн үгэргии-үгэргии, күлэн саһыгырыы олордум. Аны ол Бүөккэбит нэһилиэстибэ гынан бэлэхтээн хаалларбыт саатын-мээчигин ирдэһэ кэлэрэ буолуо диэн, мүчүк гына-гына, дьээбэҕэ, аҕабыттан ыйытабын. Сааны дьонум былыр үйэҕэ саһаҕа оҥостон умаппыттар; туһах ампаар үрдүгэр баар буолуон сөп курдук, оттон мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытарын бэстилиэнэйин былырыын көрбүттэр. Ыһыах күн маҥан сарапаан кэтэн, ытыахпар диэри ыга киэргэнэн, түһүлгэҕэ киирдибит. “Кыракый оҕолор улааппыттар аҕай” дии-дии ураһа таһыгар кэнсиэр көрө олордохпутуна, биир уол гитаралаах тахсан ырыа ыллаата. Кыргыттар саҥалара, ыһыылара-хаһыылара өрө кыынньа түстэ, онтон-мантан «О, Петя, наһаа астыктык ыллыы-ыыр...» эҥин диэн курдук этиилэр иһилиннилэр. Оттон мин бу сынтайбыт Бахсыытап турар үһү дуо, ама, диэн атыҥырыы санаатым. Уп-уһун уҥуохтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх, уһун чуолкатын «сексуальнай баҕайытык» туора тараан кэбиспит, олус истиҥ куоластаах уолу ис-испиттэн долгуйа, көрө олордум. Киэһэ дэриэбинэттэн тэйиччи баҕайы сиргэ ат сүүрдүүтэ буолар үһү диэтилэр. Октюшкалаах Бүөккэ массыынатынан бараллар үһү, миэстэ хайыы-үйэҕэ туолбут. Октюшкам миигин баар диэн кыбыппатах, эх... дьүөгэм буолуохсут! Мин испэр массыынаҕа баппаппыттан уонна миигин хаалларан баралларыттан улаханнык өһүрэ, «өссө киһи табаарыһын Бүөккэни табаарыс оҥосто охсубут буола-буолалар» диэн күнүүлүү санаатым. Инньэ гынан, сатыы да буоллар, бэйэм курдуктары кытта булсан, дэриэбинэттэн тахсар быыллаах суол устун хааман истибит. Кыһыйыам иһин, били, Бүөккэ массыыната ситэн ааста, эбиитин түннүктэн үөрэн дьабаспыт сирэй бөҕөтө көстөр, биллэн турар, киһиргээбиттэр аҕай. Ат сүүрдүүтүттэн, саатар, биир да матассыыкылга баппакка, санаам бүтэһиктээхтик алдьанан, саамай хойут, дэлби сылайан дьиэбэр кэллим. «Үҥкүүлүү барбаппын-хайаабаппын!» диэн Октюшкабар этэн, утуйаары сууна-тараана сырыттахпына, таһырдьаттан ийэм киирэн: «Эйиэхэ ыалдьыт кэллэ, күүлэҕэ таҕыс», — диэтэ. Хайалара бэһирбит буоллаҕай, син биир ханна да барбат инибин диэн саныы-саныы дьиэҕэ кэтэр, арыы таммалаабыт кыһыл футболкабын, тобуктаммыт, эбиитин онтуката икки сиринэн хайаҕастаммыт күөх ыстааммын кэтэн ыалдьыппар тахсыбытым, били, мааҕын ыһыахха ыллаабыт мааны уолум барыта кулгаах-харах буолан хоройон олорор эбит. Чуут төттөрү ыстаныах киһини уолум: «Туйаарыс-муйаарыс, бэрэбиэт, тоҕо билбэтэҕэ буола сылдьаҕын дыа? Кэпсэтиэ диэн күүтэ сатаан кэбистим, улаатан улахамсыйбыккын быһыылаах, һэ-һэ», — диэн күлэн тохтотто. Ол күнтэн ыла мин саныыр-санаам барыта кини, Бахсыытап Бүөккэ эрэ буолбута. Кини миигин көннөрү оҕо сааһын дьүөгэтэ, дьээбэлээх уонна сэриилээх оонньууну сатыыр кыыс курдук сыаналыырыттан, истиҥник, ол эрээри чахчы доҕордуу эрэ сыһыаннаһар дии санаан хомойорум. Бүөккэ сотору-сотору миэхэ ыалдьыттыы киирэр буолбута. Уруккубутун, оҕо сааспытын, биир саастыылаахтарбытын кэпсэтиһэрбит. Була сатыы-сатыы мин киниэхэ төлөпүөннүүрүм. Арааһа, кини
Бүөккэҕэ тапталбынан син уһун кэмҥэ олордум. Баҕар, куһаҕан дьахтары таптаабакка ылбыт буоллаҕына, хайаан да арахсыаҕа диэн күүтэ саныыр этим. Акаары баара... Бокулуонньук бөҕө тапталын сиргэ-буорга халтай тэпсэрим, элэк оҥосторум. Онтум билигин талбыт курдук тойон, чыын-хаан бөҕө буолан олороллор. Кэлин сааспын баттаһа биир преподаватель киһиэхэ, син сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым; үс кыыс оҕолоохпут, үһүөн оскуола оҕолоро. Куоракка дьиэлээхпит, даачалаахпыт. Туохпут барыта ситэн-хотон эмиэ да киһи ымсыырар ыала буоллубут. Кэргэммин кытта толору дьоллоохпун диэбэтэрбин да, син олоробут. Ол эрээри, ити сүүрбэттэн тахса сыллааҕы тапталбын бүгүн да кыыс оҕолуу күндүтүк уонна курустук саныыбын. Арай мин Бүөккэҕэ симик тапталбын эппит, бэйэтин көрдөөн булбут буолуум? Куораттааҕы төлөпүөнүн туормастыы олорбокко, эбэтиттэн да ыйыталаһан ылбыт буолуум?.. Эдэр уонна кыбыстанньаҥ майгым мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, билигин хайдах олохтоох-дьаһахтаах дьахтар буолуом этэй диэн кистээн таайа саныыбын. Күөх мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытар буолуохтаах. Мин хайаан да мээчикпин булуом. Тоҕо эрэ мээчикпин буллахпына, Бүөккэбин эмиэ булабын диэн бүтэйдии саныыбын. Быйыл дэриэбинэҕэ үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырылынныбыт. Хайаан да көрсөр буолуохтаахпыт. Бүөккэ кэргэнэ эмиэ баар буолуохтаах, оо, дьэ...
Сааһырбыт дьон кыра оҕо курдук тапталлаах оонньуура баар суол. Бастакы тапталы хайдах да умнан суох гынан кэбиспэккин дииллэрин сорох ылыныа суоҕа. Ол эрээри диирбитигэр тиийэбит. Үс улахан, биир эһээкий оҕолоох, дьоллоох Бахсыытаптар дьиэ кэргэннэрэ үс сыл аннараа өттүгэр үөскээбитин хайдах да таайыа суох этигит. Бу ыал ийэтэ Туйаара соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы төрүүр дьиэттэн таҕыста.
Светлана ТИМОФЕЕВА
Бахсыытап Бүөккэни биһиги оскуолабыт кыргыттара бары таптаан сордоноллоро. Ол Бүөккэлиин биһиги кыра эрдэхпититтэн бииргэ улааппыппыт. Этэргэ дылы, биир тиэстэттэн мэһиллибиппит. Куукулалаах да, сэриилэһэ да тэбис-тэҥҥэ оонньуурбут. Ити буолан, сыыҥын-сыраанын алтыс кылааска диэри соһон сордоммут, куруук аттыбар баар, сынтаҕар муруннаах ордуос майгылаах Бүөккэни мин эрэ көннөрү доҕор-атас быһыытынан ылынар быһыылааҕым. Алтыс кылаас кэнниттэн дьоно атын улууска көһөр буолбуттара: аҕатын атын үлэҕэ анаабыттар этэ. Сүөһүлэрин эбэлэрин аахха хааллартаан, биир үтүө күһүн сус гынан хаалбыттара. Бүөккэ барарыгар мас саатын, биир туһаҕы уонна күөх өҥнөөх эрэһиинэ мээчиги, миэхэ, ыкса доҕоругар, өлүүлээн хаалларбыта, харыстаан илдьэ сылдьарбар, оонньуурбар эппитэ. Уонна: «Туйаарыс, эн биһикки улаатан баран хайаан да көрсүөхпүт дии»,— диэбитэ. Мин, саа бэлэхтэтэн, эбиитин ымсыырар күөх мээчикпэр тиксэн, доҕорум барбытын баардылаабатаҕым, хата, улаханнык байбыт-тайбыт саҕа санаммытым. Тоҕотун билигин да билбэппин эрээри, Бүөккэни ол кэнниттэн наһаа өр көрбөтөҕүм. Оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн Дьокуускайга пединститут устудьуона буоллум. Оччолорго олоҕум олус интэриэһинэй этэ. Саҥаттан саҥа күн элбэҕи эрэннэрэрэ, эдэрим да бэрдэ, эмиэ дойдубар тахсаары, саҥа таҥас кэтээри сайын ыһыаҕы күүтэрим. Билигин эмиэ бэс ыйа, ыһыах үгэнэ... Бастакы кууруһу этэҥҥэ түмүктээн, дьоммун, дьүөгэлэрбин олус ахтан-суохтаан дэриэбинэм ыһыаҕын баттаһа сайылыы кэллим. Ахтыспычча, барыларын кытта биир күн иһигэр төлөпүөннэһэ, билсэ оҕустум. Бииргэ үөрэммит кыыһым Октюшка дэриэбинэ кэккэ сонунун уонна да араас «бэстилиэнэй» бириэмэҕэ буолбут хобу-сиби төрдүттэн баһыгар диэри сиһилии кэпсээтэ; ити быыһыгар Бахсыытап Бүөккэ диэн кылааһынньыкпыт соторутааҕыта аҕай куораттан кэлбитин, «Волга» массыыналаммытын, улаатан, өссө тупсубутун туһунан эттэ. Мин ол хас биирдии кэпсээн аайы: «Айуу чэ, бүттэхпит дии» диэн үгэргии-үгэргии, күлэн саһыгырыы олордум. Аны ол Бүөккэбит нэһилиэстибэ гынан бэлэхтээн хаалларбыт саатын-мээчигин ирдэһэ кэлэрэ буолуо диэн, мүчүк гына-гына, дьээбэҕэ, аҕабыттан ыйытабын. Сааны дьонум былыр үйэҕэ саһаҕа оҥостон умаппыттар; туһах ампаар үрдүгэр баар буолуон сөп курдук, оттон мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытарын бэстилиэнэйин былырыын көрбүттэр. Ыһыах күн маҥан сарапаан кэтэн, ытыахпар диэри ыга киэргэнэн, түһүлгэҕэ киирдибит. “Кыракый оҕолор улааппыттар аҕай” дии-дии ураһа таһыгар кэнсиэр көрө олордохпутуна, биир уол гитаралаах тахсан ырыа ыллаата. Кыргыттар саҥалара, ыһыылара-хаһыылара өрө кыынньа түстэ, онтон-мантан «О, Петя, наһаа астыктык ыллыы-ыыр...» эҥин диэн курдук этиилэр иһилиннилэр. Оттон мин бу сынтайбыт Бахсыытап турар үһү дуо, ама, диэн атыҥырыы санаатым. Уп-уһун уҥуохтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх, уһун чуолкатын «сексуальнай баҕайытык» туора тараан кэбиспит, олус истиҥ куоластаах уолу ис-испиттэн долгуйа, көрө олордум. Киэһэ дэриэбинэттэн тэйиччи баҕайы сиргэ ат сүүрдүүтэ буолар үһү диэтилэр. Октюшкалаах Бүөккэ массыынатынан бараллар үһү, миэстэ хайыы-үйэҕэ туолбут. Октюшкам миигин баар диэн кыбыппатах, эх... дьүөгэм буолуохсут! Мин испэр массыынаҕа баппаппыттан уонна миигин хаалларан баралларыттан улаханнык өһүрэ, «өссө киһи табаарыһын Бүөккэни табаарыс оҥосто охсубут буола-буолалар» диэн күнүүлүү санаатым. Инньэ гынан, сатыы да буоллар, бэйэм курдуктары кытта булсан, дэриэбинэттэн тахсар быыллаах суол устун хааман истибит. Кыһыйыам иһин, били, Бүөккэ массыыната ситэн ааста, эбиитин түннүктэн үөрэн дьабаспыт сирэй бөҕөтө көстөр, биллэн турар, киһиргээбиттэр аҕай. Ат сүүрдүүтүттэн, саатар, биир да матассыыкылга баппакка, санаам бүтэһиктээхтик алдьанан, саамай хойут, дэлби сылайан дьиэбэр кэллим. «Үҥкүүлүү барбаппын-хайаабаппын!» диэн Октюшкабар этэн, утуйаары сууна-тараана сырыттахпына, таһырдьаттан ийэм киирэн: «Эйиэхэ ыалдьыт кэллэ, күүлэҕэ таҕыс», — диэтэ. Хайалара бэһирбит буоллаҕай, син биир ханна да барбат инибин диэн саныы-саныы дьиэҕэ кэтэр, арыы таммалаабыт кыһыл футболкабын, тобуктаммыт, эбиитин онтуката икки сиринэн хайаҕастаммыт күөх ыстааммын кэтэн ыалдьыппар тахсыбытым, били, мааҕын ыһыахха ыллаабыт мааны уолум барыта кулгаах-харах буолан хоройон олорор эбит. Чуут төттөрү ыстаныах киһини уолум: «Туйаарыс-муйаарыс, бэрэбиэт, тоҕо билбэтэҕэ буола сылдьаҕын дыа? Кэпсэтиэ диэн күүтэ сатаан кэбистим, улаатан улахамсыйбыккын быһыылаах, һэ-һэ», — диэн күлэн тохтотто. Ол күнтэн ыла мин саныыр-санаам барыта кини, Бахсыытап Бүөккэ эрэ буолбута. Кини миигин көннөрү оҕо сааһын дьүөгэтэ, дьээбэлээх уонна сэриилээх оонньууну сатыыр кыыс курдук сыаналыырыттан, истиҥник, ол эрээри чахчы доҕордуу эрэ сыһыаннаһар дии санаан хомойорум. Бүөккэ сотору-сотору миэхэ ыалдьыттыы киирэр буолбута. Уруккубутун, оҕо сааспытын, биир саастыылаахтарбытын кэпсэтиһэрбит. Була сатыы-сатыы мин киниэхэ төлөпүөннүүрүм. Арааһа, кини
эмиэ. Юрий Шатунов саҥа кассетатын истээри миигиттэн магнитофон уларсара, оттон мин киниттэн кассетатын ылар буолбутум. Күнү быһа от үлэтэ үтүрүйэн, киэһэ эрэ көрсөбүт. Биирдэ туран оҕолору мунньан моонньоҕоннуу бара сылдьыбыттаахпыт. Онно Бүөккэ тигээйи уйатын алдьатан, бары тигээйигэ тиктэрбиппит. Сайын түргэн баҕайытык ааспыта. Атырдьах ыйын ортотугар Бүөккэ, эбэтин ааҕы кытта оттоспута буола сылдьан, аҕата ыалдьыбытыгар куораттаабыт аатырбыта. Бараары эрэ сылдьан төлөпүөнүнэн: «Эн уларыйбыккын аҕай, мин табаарыс оҥосторбун дуу, невеста оҥосторбун дуу быһаарыммакка сылдьабын ээ, Туйаарыс. Чэ, мин ыксаатым. Көрсүөхпүт, хайаан да...» — диэбитэ. Олус да дьоллоох этим. Бүөккэҕэ субу кэргэн тахсан эрэбин диэн үөрбүтүм баара. Дьылҕабыт оннуга эбитэ дуу, Бүөккэ мин дьиэбэр суох кэммэр иккитэ төлөпүөннүү сылдьыбыт сурахтааҕа. Күһүн куоракка киирэн баран, уопсайбар (эмиэ суох кэммэр) хаста да кэлэн барбытын истибитим. Саатар, төлөпүөн да, саппыыска да хаалларбат этэ. Саҥа дьылга, баҕар, Бүөккэ кэлиэ диэн, эмиэ дэриэбинэҕэ таҕыстым. Суоҕа. Онтон Маай бырааһынньыгар болуоссакка кэнсиэр көрө сылдьан Бүөккэбин көрсө түспүтүм. Үөрүүбүттэн уонна долгуйан хааламмын, умса көрөн туран дорооболостубут. Кини эмиэ олус дьолломмут этэ уонна табаарыстарын кытта маевкалыы баран эрэрин, ыксыы сылдьарын туһунан эппитэ. Сарсыныгар болуоссакка күнүс 3 чааска көрсүөх буолбуппут. Дьоллоох сарсыным үүммүт сарсыардатыгар эдьиийим оҕо көрдөрө ыҥыран баран маҕаһыыҥҥа барбыта уонна дьүөгэлэрин барытын кэрийэн, бырааһынньыктаан киэһэ хойут кэлбитэ. Инньэ гынан эмиэ сүтэрсибиппит. Эһиилигэр, эмиэ сайын, Бүөккэ эбэтигэр ыһыахтыы кэлбитэ. Соҕотох буолбатах, саҥа кэргэнинээн. Бахсыытаптар уоллара омук тыла үөрэхтээх кийииттэммиттэрин туһунан дэриэбинэҕэ киэмсийэ кэпсииллэрэ. Ол аайы мин хоспох кэннигэр тахсан, мас дьааһык үрдүгэр олорон оту тырыта тыыта-тыыта ытыырым... Бүөккэ кэргэнэ үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр сурахтааҕа. Оттон мин дьиэбэр тиийдэхпинэ даҕаны икки хонуктан өр олорбоппун уонна ол өрдөөҕү сайын кэнниттэн ыһыахтыы иликпин. Октюшка эмиэ кэргэн тахсыбыта, дэриэбинэҕэ олоро хаалбыта. Мин тиийдэхпинэ, киниэхэ хайаан да ыалдьыттыыбын. Араас сонуну истэбин. Таарыйа Бүөккэ хайдах олорорун туһунан сири аннынан ыйыталаһабын. Кини кэлин олус ытыктанар киһи буола үүннэ, аҥаардастыы хайҕааччы да, кириитикэлээн эрэ тахсааччы да баарын истэбин. Бэйэм өйбүнэн-санаабынан, ис дууһабынан кини диэкибин, кини киэнэбин...Бүөккэҕэ тапталбынан син уһун кэмҥэ олордум. Баҕар, куһаҕан дьахтары таптаабакка ылбыт буоллаҕына, хайаан да арахсыаҕа диэн күүтэ саныыр этим. Акаары баара... Бокулуонньук бөҕө тапталын сиргэ-буорга халтай тэпсэрим, элэк оҥосторум. Онтум билигин талбыт курдук тойон, чыын-хаан бөҕө буолан олороллор. Кэлин сааспын баттаһа биир преподаватель киһиэхэ, син сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым; үс кыыс оҕолоохпут, үһүөн оскуола оҕолоро. Куоракка дьиэлээхпит, даачалаахпыт. Туохпут барыта ситэн-хотон эмиэ да киһи ымсыырар ыала буоллубут. Кэргэммин кытта толору дьоллоохпун диэбэтэрбин да, син олоробут. Ол эрээри, ити сүүрбэттэн тахса сыллааҕы тапталбын бүгүн да кыыс оҕолуу күндүтүк уонна курустук саныыбын. Арай мин Бүөккэҕэ симик тапталбын эппит, бэйэтин көрдөөн булбут буолуум? Куораттааҕы төлөпүөнүн туормастыы олорбокко, эбэтиттэн да ыйыталаһан ылбыт буолуум?.. Эдэр уонна кыбыстанньаҥ майгым мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, билигин хайдах олохтоох-дьаһахтаах дьахтар буолуом этэй диэн кистээн таайа саныыбын. Күөх мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытар буолуохтаах. Мин хайаан да мээчикпин булуом. Тоҕо эрэ мээчикпин буллахпына, Бүөккэбин эмиэ булабын диэн бүтэйдии саныыбын. Быйыл дэриэбинэҕэ үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырылынныбыт. Хайаан да көрсөр буолуохтаахпыт. Бүөккэ кэргэнэ эмиэ баар буолуохтаах, оо, дьэ...