Кэпсээ
Войти Регистрация

🌿 СУРУЛЛУБАТАХ СОКУОН 🌿

Главная / Кэпсээннэр / 🌿 СУРУЛЛУБАТАХ СОКУОН 🌿

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
06.11.2022 10:42
590 0

КЭПСЭЭН.

Долгун.

Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр тоҕус уон икки саастаах тыыл,үлэ бэтэрээнэ Дьөгүөрэбэ Марыына Ньукулаайабына аҕыс оҕолооҕуттан саамай кыратыгар Саабын Мэхээлэҕэ,аҕатын аатынан ааттаммыт уолугар быр - бааччы олорор. Ытык кырдьаҕас билигин даҕаны хоп курдук,уруккуну - хойуккуну өйдүүрэ,сылы - күнү өйүгэр тута сылдьара киһини сөхтөрөр. Үгүс - элбэх наҕараадаларыттан саамай киэн туттан көрдөрөллөрө - Улуу Ыстаалын төбөлөөх мэтээлэ уонна 1943 сыллаахха Калинин аатынан холхуоска таһаарыылаах үлэлээх ыстахаанабыс буолан,кини туһунан "Кыым" хаһыакка таһаарбыттарын ууруна сылдьар ыстатыйата. Ол гынан баран,мин кэпсиир кэпсээним атын хайысхалаах,биллэн турар,булт туһунан. Мантан аллара Марыына Ньукулаайабына кэпсээнин ааҕааччыларбар туох баарынан тиэрдэргэ холонуом. Марыына эдэригэр бэйэтэ сааланар,кыра булка сылдьар эбитэ үһү. Оннооҕор саһылы кытта хапкааннаан ылбыттаах эбит. Кини 1921 сыллаахха билигин Канадаттан аҕалыллыбыт бизоннарын тутан турар сирдэригэр,Тыымпынайга,Көлөй диэн сиргэ төрөөбүт. Дьэ,бу сиргэ 1947 сыллаахха икки атастыылар,Марыына кэргэнэ Саабын Мэхэйиил Дьөгүөрэбис (Хааһах Мэхээлэ) уонна Паабылап Мэхэйиил Ньукулаайабыс (Куочук Мэхээлэ),иккиэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара,отуччаларыттан эрэ тахсыбыт эдэр дьон,түүлээхтии диэн тахсаллар. Бу сылдьаннар эһэ арҕаҕын таба үктүүллэр. Улахан булка урут сылдьыбатах дьон буоланнар,бэйэлэрэ эрэ бултаһыахтарын саллан,эбии киһи көрдөһөргө быһаарыналлар. Дьэ,туран биир Арбаҥда диэн ааттаах обургу соҕус күөл үрдүгэр,Куорунай оройуона,Өлүөхүмэни кытта быысаһар сиригэр,Киэсэрэптэр диэн Өлүөхүмэ бааһынайдара олорбуттар эбит. Бу кэпсиир дьоммор куруутун кэлэ - бара таарыйан ааһар Аҥхаабыл диэн ааттаах аатырбыт - сураҕырбыт,булт бөҕөнү сууһарбыт булчут тоҥуска илдьит хааллараллар. Кэпсээним сүрүн тимэҕин дьэ сүөрэбин. Бу ааттаах суоллаах булчут Аҥхаабыл,тоҕус уон тоҕус эһэни бултаан баран,сүүһүн толороору сылдьар буолан биэрбит. Сүрүннээн,тыатааҕыны тайыыннан бултуура эбитэ үһү. Булт суруллубатах сокуонунан,тоҕус уон тоҕус тыатааҕыны бултаан баран тохтуохтааҕын бука билэрэ эбитэ буолуо эрээри,тоҕо оннук быһаарыыны ылыммытын,аны кэлэммит,биһиги хайдах даҕаны кыайан этэр кыахпыт суох. Бииргэ бултаспыт Мэхээлэлэртэн билигин хайалара да суох. Оччолорго булчут Аҥхаабыл турбут - олорбут алта уонча сааһыгар холооно суох сылбырҕа,бэйэтин бэркэ кыанар киһи эбитэ үһү. Сиргэ - дойдуга араас дьоннор бааллар. Баҕар бу тоҥус бэрдэ,сэттээх сүүһү төгүрүтэн баран,ахсаанын саҥаттан арыйан,дьоҥҥо - сэргэҕэ биллээри гыммыта эбитэ дуу,дьэ билбит суох. Туох даҕаны диэбит иһин,бэйэтин бэркэ билинэр эр киһи бэрдэ,элик үтүөтэ буолан,итинник быһаарыннаҕа буолуо. Ама оннук бэйэлээх булчут,талбыт курдук талыы саалардааҕа буолбатаҕа буолуо дуо? Ол эрэн бу да сырыыга сааламматаҕа эмиэ дьикти. Бу түбэлтэни Солоҕон нэһилиэгин биир кырдьаҕас олохтооҕо,аҕыс уонус хаарын ааспыт,тоҕус уонус хаарын тоҕо үктээбит,булчут бэрдэ Лаатыһап Киргиэлэй эмиэ билэрэ дииллэрэ. Булчуттар бары даҕаны табаннан сылдьан бултууллар эбит. Икки Мэхээлэлэр уонна үһүс киһилэрэ Модьу уола диэн ити эргин олохтоох киһи буоланнар,Арбаҥдаҕа олорор Киэсэрэптэригэр болдьохтоох күннэригэр тиийбиттэрэ,тоҥустара уон биэстээх - алталаах уолун батыһыннаран кэлэн кэтэһэн олорор эбит. Бука уолун булка уһуйа - үөрэтэ сылдьар кэмэ буолуо. Биһиги дьоммут сүнньүөхтээх саалаахтара эбитэ үһү. Ону Аҥхаабыллара "саалаахтар арҕахтан тэйиччи тураарыҥ,мин бэйэм уолбунаан уиирэммит быһаарсыахпыт" диэбит бадахтаах. Тайыыннан бултуур буоллулар даҕаны,арҕахтарын айаҕын бүөлээбэккэ эрэ,кыылларын арҕаҕын маһынан булкуйан уһугуннаран баран,тахсан эрэр кыылы утары тоһуйан,бэйэлэринэн мэҥиэлээн,тайыыларыгар түһэрэр буолуохтаахтар. Тоҥус бэйэтэ уонна уола тайыылаахтар эрэ эбит.

Бултаһар кэмнэрэ,ахсынньы бүтүүтүн эргин,былыта суох ыраас күн эбитэ үһү. Дьэ,онон биэс турку табаннан арҕахтаах сирдэригэр астаран тиийэллэр. Арҕахтарын тулата сап - саһархай кырыаннан саба бүрүллэн турарынан иччилээҕин сэрэйбиттэр. Хара суор обургу,хара хаан тохторун,субай хаан сүүрэрин билбиттии,хайа сах халаахтаан кэлэн,биир муҥаат үрдүк тиит чыпчаалыгар хап гына олоро түһэн баран,хайдах эрэ сатала суохтук уҥа - хаҥас куонньай - иэнньэй хамсанан баран,хайдах эрэ киһи этэ салаһыах,көннөрү суорга соччо маарыннаабаттык,сүр хатаннык хахаарар аҥаардаах саҥалаах буолбут. Тоҥус ааттааҕа "тыатааҕы булдугар ыт бөҕуу эрэ буолар" диэн ыта суох барбыттар. Кэпсэтиилэрин быһыытынан Куочук Мэхээлэ уонна тоҥус уола арҕахтарын үрдүгэр тахсан,түннүгүн дьөлөн,уһун соҕус ураҕас маһынан аргыый аҕай анньыалаан,кыылларын баардаан,соҕотох сытарын быһаарбыттар. Арҕахтарын аанын сырдык эрэ киирэр гына арыйбыттар. Тоҥустарын уола тыына тахсар үөһээҥҥи түннүгүнэн,бу сырыыга сэниэлээх соҕустук анньыалаан,маһынан булкуйан арҕахтааҕын уһугуннарар. Онон икки Мэхээлэлэр уонна Модьу уола сааларын бэлэмнэнэн,арҕах икки ойоҕоһугар уончалыы хаамыылаах сиргэ бэлэм турбуттар. Аҥхаабыллара арҕах аанын утары,эмиэ уонча хаамыылаах сиргэ,эрдэттэн тоҥуу хаары буоругар диэри ыраастаан,тайыытын угун тириир сирин бэлэмнэнэн баран,тайыытын икки илиитигэр бэлэм тутан,арҕаҕын диэки умса нөрүйэн бэлэм турбут. Арҕахтарын бүөлээбит төрүөттэрэ биир:арҕах айаҕын бүөлүүр кэмнэригэр,эрдэ уһуктан,киҥэ - наара холлубут тыатааҕы төлө көтөн таҕыстаҕына хайдах быһыыланыаҕа биллибэт. Кыра эһэкээн буоллаҕына,тута тыаҕа түстэҕинэ да көҥүлэ. Оттон бүөтэ суох буоллаҕына,кэм быгыалаан,көрүнэн,ону - маны сибикилээн утары турар өстөөҕүн көрүөхтээх. Таҕыстаҕына даҕаны,икки кэлин атахтарыгар туран,булчукка бэлэмнэнэр кыах биэрэн баран,дьэ ,уутун аймаабыт икки атахтааҕын кытта быһаарсыахтаах. Дьэ.ити кыл түгэнэ кылгас кэмҥэ булчут,кыылын бэйэтигэр хайыһыннаран,ханан аэлэн түһүөхтээҕин быһааран,оннун булунан,тайыытын тимирин хонноҕун анныгар кистээн,тэрилин бигэтик сиргэ тайаннаран баран бэлэм буолуохтаах. Ол гынан баран,бу сырыыга оннук буолбата. Аар тайҕа аарыма кырдьаҕаһа,хаана - бааһа суох бэриммэттии,туспа соруктаах буоларын билиммиттии,атыннык быһыыланна. Саалаахтар көрдөхтөрүнэ,тоҥ сир түгэҕиттэн,арҕахтан балачча тэйиччи турар дьон этэрбэстэрин уллуҥар биллиэр диэри,сири биллиргэччи охсуолуур тыаһы уонна тыа баһа сатарыыр амырыын улахан хаһыыны даҕаспытынан,туох да омуна суох,кэбиһиилээх от саҕа туманы кытта булкуспут хаар өрө ыһыллыбыт. Хаптайарын саҕана өйдөөн - дьүүллээн көрбүттэрэ,доҕоттоор,аарыма улахан тыатааҕылара киһилэрин үрдүгэр үллэрэҥниир эбит. Ону көрөн баттахтара өрө турарга дылы буолбуттар. Ытыалыахтарын киһилэрэ эһэ анныгар курдук. Ол икки ардыгар кыыллара киһилэрин,адьас кураанах сону тэбиир курдук,уҥа - хаҥас сахсыйталыыр эбит. Ону кытта хаар үрдэ хаантан кытара түспүт. Биһиги дьоммут сааларынан кыҥаан баран турдахтара дии.

Арай туран,ол кэмҥэ арҕах үрдүттэн хаһан ойон тиийбитин көрбөккө да хаалбыттар. Аҥхаабылларын уола тыатааҕыны хаҥас өттүттэн хонноҕун анныгар тайыытынан супту түһээт,туора ыстанан биэрбит. Аар тайҕа ааттааҕа,сыраана ыһыллыбытынан,туох да эбиитэ суох оһох үөлэһин саҕа кып - кыһыл айаҕын аллаччы аппытынан,холлоҕос саҕа үрүҥ туманынан уһуутаан,сап - саһархай ардай аһыыларын килэппитинэн,чугас турар мастар көмнөхтөрө ыһыллыар,тыа баһа сатарыар диэри часкыйаат,баттыы сытар киһитин быраҕаат,хааннаах ойоҕоһун хабыаланна. Ол кэннэ буруйдааҕын булан уолга эргиллэн эрдэҕинэ,үс саа тыаһа тэбис - тэҥҥэ түптэ саалла түстэ. Ону ол диэбэккэ,эһэлэрэ уол диэки ыстанар. Бука,уол тайыытыгар тыын сирин таарыйтаран уонна сааҕа табыллан буолуо,арыый сыыһа түһэн кэбиспитин,уутугар - хаарыгар киирбит оҕо киһи тайыытынан тыатааҕы хаҥас өттүнэн иһигэр батары саайбыт. Аар тайҕа аарымата,баай тыа баһылыга аҕыйахта тэбиэлэнээт нукус гыммыт.

Хабыр хапсыһыыттан,дьэ,быыс буланнар,балай хаан буолан сытар киһилэригэр сырсан тиийбиттэр. Киһилэрин куйахата сирэйигэр саба тардыллан,таба тириититтэн тигиллибит таҥаһа бүтүннүү сарымтах курдук илдьи тыытыллан,икки илиилэрэ көрүөхтэн сүөргүтүк тиэрэ - маары быраҕыллан сыталларын көрөн,бары даҕаны киһилэрэ куһаҕаннаппытын тута сэрэйбиттэр. Киһилэрин тайыыта туора быраҕыллан сытар эбит. Онон кыылын бааһырдыбатах буолан,адьырҕа ааттааҕа адьас кыл түгэнинэн булчуту бу айылаах оҥордоҕо. Бу буола сырыттахтарына, били суордара үрдүлэригэр кэлэн,киһи эрэ кулгааҕар баппат имэҥнээхтик кыланан ааспыт. Уола ойон тиийэн,аҕатын өйөөн олордубут. Атыттар сирэйигэр саба тардылла сылдьар куйахатын оннугар көннөрө тардыбыттар. Онуоха тоҥустара: "Дьон тылын истибэккэ бу айылаах буоллахпын..." - диэхтээбит үһү. Киһилэрин салгыы көрбүттэрэ,илиилэрэ хайы сах көмүллэммиттэр,ойоҕосторо хатырык курдук хачыгыраччы алдьаммыттар. Аҥаар хараҕа көрбөттүү дэҥнэнэн,көмүскэтин уута тохтон,киһи бодотуттан ааһан олороохтуура үһү. Оннук үлүгэр кэбилэммит киһи ис өттө даҕаны соччото суоҕа чуо сэрэйиллэр буоллаҕа. Кэлээт даҕаны хахаарар хара суору көрөөт сөбүлээбэтэҕин,кини үрдүк аатыгар тахсыбыт бүтэһик уурааҕын тиксэрээччи дьөһүөлдьүт илэ бэйэтинэн сылдьарын хойутаан өйдөөбүтүн,бу арҕахтаах кырдьаҕас ол ытык иэстэбили,бүтэһиктээх амырыын уурааҕы толорорго ананан сыппытын эппитэ дииллэр. Ол кэннэ ордон хаалбыт соҕотох хараҕынан оҕотун утары көрөн олорон,бары истэллэрин курдук:

  • Аар тайҕа хайа да быһыыга - майгыга кэһиллиэ суохтаах суруллубатах үгэһин харса - хабыра суох,халымааргытык кэһэммин,быстахха былдьанным,татым дьылҕаланным. Хата,оҕом барахсан,туйахпын хатарааччым,хапсаҕайдык туттан,бу манна тута быстыахпын тыыммын уһаттыҥ. Арҕахха киирэҥҥин көпсөтүн таһаар. Бу кыылынан эн,булчут удьуора,ахсааҥҥын астыҥ. Хара тыа туох баар ото - маһа,көтөрө - сүүрэрэ,кыыла - сүөлэ истэр кулгаахтаах,көрөр харахтаах,туга барыта кэмнэнэр кэрдиилээх,бүтэр уһуктаах,суруллубатах уураахтаах. Ол кэһилиннэҕинэ ыар иэстэбиллээх буоларын бары көрдүгүт. Онтон табах көрдөөбүтүгэр уола хамсатыгар табах ууран уматан,аҕатын айаҕар уган биэрбитин аҕыйахта оборон иһэн,ситэри кыайан тардыбакка,хааныгар чачайан тохтообут. Киһи тылынан кыайан эппэт ыар баттыга таҥнары сатыылаабыт. Тоҥус уола Модьу уолунаан киһилэрин илдьэ өтөхтөрүн быһаллар. Биһиги дьоммут кыылларын астаан,бултарын этин тиэнэн эмиэ үүтээннэригэр бараллар. Дьонноро кыылларын этиттэн тугу даҕаны ылбатахтар. Тоҥус ааттааҕа булчут бэрдэ,бу кэнниттэн икки хонон баран,сырдык тыына быстыбыт.

( салгыыта бэчээттэниэ).

ВЛАДИЛЕН.

Добавить комментарий