Кэпсээ
Войти Регистрация

СИЭХСИТ СЭТЭ ТУОЛУУТА

Главная / Кэпсээннэр / СИЭХСИТ СЭТЭ ТУОЛУУТА

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
06.11.2022 11:02
1k 4

Содержание

(Дьиҥнээх түбэлтэҕэ олоҕурбут сэһэн.)

Виталий Егоров.

ДЬОЛУ БЫҺЫЫ.

Дьэ кэмниэ кэнэҕэс сандал саас тиийэн кэлбитэ. Кыһыҥҥы уутугар улугурбут аар айылҕа уһуктубута,үрэх,күөл угуттаабыта,мутукча дыргыл сыта хайа да бэйэлээҕи туймаардыах курдуга. Көтөр кынаттаах бииһин ууһа биллибитэ,сэлиэнньэ олохтоохторо кыырай халлааҥҥа үөр хаас субулларын көрөллөрө. Бу эргин уйаланар чыркымайдар,көҕөннөр,күн арҕаалаабыта быданнаабытын,халлаан боруорсуйа быһыытыйбытын кэннэ,биирдии эбэтэр хаһыа да буолан,дьиэлэр кырыыһаларын таарыйар - таарыйбат көтөн куһугураһан,,сааһыт аймаҕы көҕүтэллэрэ. Сэлиэнньэ эр дьоно обургулар унньуктаах уһун кыһыны быһа бу кэмҥэ күүппүттэрэ дьэ кэлэн,өйдөрө - санаалара букатын атыҥҥа этэ. Туох да диэбит иһин,өбүгэлэрин үгэһинэн булка таласпыттара,бэл дууһалара кытта: "кэмниэ кэнэҕэс кэтэспит кэммит - сааскы булт - эргилиннэҕэ кэрэтин! " - дииргэ дылыта. Аҕа киһи уолаттарын кытта булка бараары тэриммиттэрэ. Тёмалаах Сёма,уон үстээх,уон түөртээх уолаттар,дьоһуннук туттан аа - дьуо бултуур тэриллэрин,таҥастарын сырыы бөҕөтүгэр сылдьыбыт үрүсээктэригэр уонна бурдук куулугар сса - сааһынан угуталыыллара. Ыал аҕата,түөрт уон биир саастаах Маппыай,куппут - симмит курдук эттээх - сииннээх эр бэрдэ,уолаттара түбүгүрэллэрин астына көрө - көрө,быдан өрдөөҕүтэ бэйэтэ эмиэ оҕо буолан,булка бараары аҕата ыйарын - кэрдэрин санаан ылара.

  • Маппыай,мэ,эйиэхэ уону биэрэбин, - диэн баран,аҕата түүн титииккэ ииппит уон тимир ботуруонун уунара, - тыаһа суох үөмэн киирээр уонна олорор кустары ытаар. Эстибит ботуруоҥҥун сүтэрэн кэбиһээйэҕин,барытын аҕалаар, - диэн кытаанахтык сэрэтэрэ уонна мичээрдээн кэбиһэн баран,эбэн биэрэрэ, - булчут киһи,өттүк харалаах,илии тутуурдаах кэлээр! Аҕата урут сорсуннаах булчут этэ,улахан булка кытта сылдьара,ол эрээри кэлиҥҥиннэн ыарыы буулаан,ол туһунан санаабат да буолбута. Дьэ,ол иһин бултаан аһатар кыахтаах киһилэрэ уон биэс саастаах Маппыай эрэ этэ. Уол сороҕор кубус - кураанах кэлэрэ,өссө ыппыт ботуруонун сүтэрэн кэбиспит буолара. Хата,аҕата ону хаһан да мөхпөт - эппэт этэ. Аан таһыгар туран уолун сирэйиттэн - хараҕыттан булда суох кэлбитин сонно билэрэ уонна туох да саҥата - иҥэтэ суох оронугар тиийэн, сытынан кэбиһэрэ,хаһыаты дуу,кинигэни дуу аахпытынан барара. Дьэ,аҕата итинник иҥиэттэн кэбиһэрэ Маппыайга саамай ыарахан буруйга тэҥнэһэрэ. Ол кэнниттэн хаһан айах атан кэпсэтэрин тэһийбэккэ - тулуйбакка кэтэһэрэ. Онтон хомнуо - хойут уоскуйан баран,Маппыайы ыҥыран ылара,хайдах сылдьыбытын иҥэн - тоҥон ыйыталаһар уонна туох сыыһаны оҥорбутун ыйан кэрдэн биэрэрэ. Салгыы бэйэтэ урут хайдах бултуурун сүбэ курдук кэпсиирэ. Дьэ,ити түгэни Маппыай оҕо сааһын саамай дьоллоох кэминэн ааҕара. Ол эрээри уол хайа муҥун илии тутук кэлиэй. Биирдэ аҕата биэрбит уон ботуруонугар уон икки кустаах кэлбитэ. Онуоха аҕата куһу барытын тутан - хабан,тэйгэҥнэтэн көрөн баран:
  • Дьэ,бу дьиҥнээх бултуйуу, - диэн уола бултуйбутугар улаханнык үөрбүтэ. - Уон эрэ ботуруону биэрбитим дии,хайдах итиччэ элбэҕи өлөрдүҥ?
  • Көлүччэҕэ түһэн холбоһоллорун өр күүппүтүм, - Маппыай,үөрбүтүн омунугар,кыырай халлааҥҥа сылдьара,омуннаан - төлөннөөн хайдах бултуйбутун кэпсээн күлүмэхтэппитэ,биир ытыыннан үһү биирдэ түөрэхтэттэҕим дии!
  • Дьэ,Маппыай,маладьыас,дьиҥнээх булчут буолбуккун, - аҕата хайҕаабыта, - аны билигин булкун ийэҕэр көрдөр уонна оҥкучахха ууран эр,киэһэ бары наллаан олорон үргүөхпүт. Аҕата,Маппыай аармыйаҕа сырыттаҕына,өлбүтэ. Кэлин,ордук бултуур кэм кэллэҕинэ кинини ахтан - санаан ылара. Оттон билигин уолаттара булка бараары умсугуйан туран бэлэмнэнэллэрин көрө - көрө,тапталлаах күндү киһитин өйдөөн кэлбитэ уонна: "Аҕаа,билигин уолаттарбын - сиэннэргин - көрөрүҥ эбитэ буоллар,чахчы киэн туттуоҥ этэ" , - диэн дууһалыын сылаанньыйбыта.
  • Тёмка,аспытын угаргытын умнаайаҕын, - улахан уолугар санаппыта, - оттон,Сёма,халыҥ таҥаһы үчүгэйдик суулаан ук,эбии суорҕанна ыл,түүнүн тымныы буолааччы, - диэн кыра уолун соруйбута.
  • Тугу да умнуохпут суоҕа,бастакы сырыыбыт буоллаҕай, - уолаттара дьоһуннук хардарбыттара, - ботуруону барытын ылабыт дуу,сороҕун дуу?
  • Биир булуогу да ыллахха син ини, - аҕа киһи дьаһаллаабыта.
  • Оттон саалары бэйэбит таһаарабыт дуу,бэйэҥ дуу? - уолаттар тохтуур санаалара суоҕа.
  • Ону тыытымаҥ,барытын бэйэм ылыам, - диэбитэ кытаанах соҕустук, - Хата,аһы эдбэх соҕустук уктуҥ,дьэ күөлгэ тиийэн баран,аччыктаатыбыт да аччыктаатыбыт диэн туруоххут. Маппыай хас эмэ саалааҕа: үс - доруоп уонна улахан кыылга - икки буулдьа саа. Ол барыта төрөппүттэр утуйар хосторугар сиэйпэҕэ хараллан сытара,оҕолор ону тыыталлара кытаанахтык бобуллара. Арай аҕалара эрэ баарыгар көҥүллэнэрэ. Биирдэ эмиэ саҥа сааны ылбытын кэннэ,кэргэнэ си буолуохтааҕар тыл кыбыппыта:
  • Маппыай,биһиэхэ
    туохха бачча элбэх саа нааданый? Биир - икки да баар буоллаҕына сөп этэ. Хата,ол оннугар оҕолорго туох эмэ таҥаһы ылбыт киһи...
  • Тыый,туох диэн эттэҥий,Маарыйа, - Маппыай кэргэнин этиитин сөбүлээбэтэҕэ, - көрбөккүн дуо уолаттарбыт улаатан эрэллэрин? Барыта кинилэргэ хаалыа буоллаҕа дии. Өссө хаһан эрэ күтүөттэниэхпит,баҕар,кини эмиэ сааланан туруо. Оҕолорбут сыгынньах буолбатахтар,таҥаһы хаһан баҕарар атыылаһыахпытын сөп. Кэргэнэ эрэ эппитигэр сөбүлэһэн төбөтүн эрэ кэҕис гыннарбыта. Тёмалаах Сёма булка илдьэр дьоҕус малларын таһырдьа таһааран эргэ баҕайы "Урал" матассыыкылларын багааһынньыгар саас - сааһынан укпутунан барбыттара. Онтон Сёма кууллаах малын кэлээскэҕэ дьобуччу ууран баран,аты мииммит киһи курдук дьоһумсуйан олорон аҕатын күүппүтэ. Тёма улахан киһи быһыытынан оттомноохтук матассыыкылы эргиччи хаамта уонна көлөһөлөрө төһө бөҕөтүн билээри тэбиэлээмэхтээн ылбыта. Маппыай,маҥнай кэргэнин кэтэһиэх курдук буолан иһэн,бултуур күөлүгэр айанныырга быһаарыммыта. Маарыйата тоҕо эрэ оскуолатыгар тардыллыбыта.,онтон уолаттара бултуох - алтыах санаалара өрүкүйбүтүттэн,кини кытта көҕүйбүтэ. Кыыстара Ева быйыл оскуоланы бүтэрэр буолан,күннэри - түүннэри ийэтин кытта эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэрэ. Бараары туран,Маппыай остуолга саппыыска хаалларбыта: Тапталлаах дьоммут Маама уонна Ева! Биһиги эһигини күүтэ сатаан баран,булка бардыбыт. Өйүүн сарсыарда биирдэ кэлиэхпит. Сыллыыбын,ууруубут,Тёма,Сёма,паапа" Аҕа киһи үс сааны туппутунан таһырдьа тахсыбыта,матассыыкыл хайыы үйэ собуоттанан бэлэм турара,онон сааларын кэлээскэҕэ дьоһуннаан угара уонна айанныыра эрэ хаалбыта. Булка барар үөрүү - көтүү ухханыгар сылдьан,аҕа киһи уолаттары кытта ыаллыы дьиэттэн өһүөннээх хараҕынан кэтииллэрин төрүт сэрэйбэттэрэ.

Маша Маппыайы кытта биир оскуолаҕа үөрэммитэ. Маппыайтан биир сыл балыс буолан,алын кылаас үөрэнээччитэ этэ. Тохсус кылааска тахсан баран,Маша көнө дьылыгырас уҥуохтаах,ис киирбэх дьүһүннээх Маппыайы сөбүлүү көрбүтэ. Кинини көрдөҕүнэ кыыс сүрэҕэ битигирии тэбэрэ,хайдах да буолуон булбат этэ. Хайдах эмэ кэпсэтиэн,саатар аттыгар баар буолуон баҕарара эрээри,бастакы хардыыны оҥоруон симиттэрэ. Маппыай буоллаҕына,оскуола биэчэригэр,пааркаҕа тэрийэр үҥкүүлэригэр Машаны көрбөтөх курдук тутталлар. Инньэ гынан кыыс эрэйдээх хардата суох тапталтан эрэйдэнэр,муунтуйар аатыгар барбыта. Ол эрээри,дьиҥэр оннук буолбатах этэ. Маппыай сыл кэриҥэ бу кырасыабай кыыһы таптаабыта эрээри,ол кистэлэҥин кыыска бэйэтигэр да,табаарыстарыгар да биллэрбэтэҕэ. Олус толлоро. Кыыһа кыраһыабайынан үөһээ дойдуттан айыллан кэлбит аанньал курдук кэрэтэ. Онон Маппыай киниэхэ хайдах чугаһыан өйө хоппот этэ. Уол санаатыгар,бу кэрэ кыыс кими да чугаһатыа суох курдук кынталдьыйара. Ол иһин Маша чугаһаата да,болҕомтотун табаарыстарыгар,бииргэ үөрэнэр кыргыттарыгар туһаайара. Быһата,алын кылааска үөрэнэр кыыска ончу кыһаллыбат курдук туттара. Оскуоланы бүтэрэр балыгар Маша эмиэ кэлбитэ. Маппыай кылааһынньыктарын кытта мааны таҥастарын кэппит,бары даҕаны сүрдээх тупсубут,сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт этилэр. Оскуола саалата бырааһынньыктыы симэнэн,үөрүү - көтүү тыына биллэрдик илгийэрэ. Бэҕэһээҥҥи үөрэнээччилэр сотору кэминэн куорсуннарын анньыммыт чыычаах оҕолорун курдук сир - дойду араас муннугар тырыбынаһан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Үөрэниэхтэрэ,үлэлиэхтэрэ,дьиэ - уот тэриниэхтэрэ. Маша бастакы тапталын чахчы сүтэрэр кутталламмытыттан кытаанах санааны ылыммыта." Белый вальс!"диэн биллэрбиттэригэр,чиҥ - чиҥник үктээн тиийэн Маппыайы үҥкүүгэ ыҥырбыта. Киэһээни быһа үҥкүүлээн тэлээрбиттэрэ,кылгас да кэмҥэ арахсар диэни билбэтэхтэрэ. Маппыай аҥаар илиитинэн кыыһы биилиттэн кууһа сылдьан тапталлааҕын килбик мичээрин көрө - көрө,хайдах курдук дьол тосхойбутун түүл - бит курдук ылыммыта. Оскуола кэнниттэн ханна да барбатаҕа,сопхуоска үлэлии хаалбыта. Маша өссө биир сыл оскуолаҕа үөрэниэхтээҕэ,онон эксээмэнэ иҥин иннигэр этэ. Уоллаах кыыс уулуссаҕа сэргэстэһэ хаамалларын көрдөхтөрүнэ,сэлиэнньэ олохтоохторо бу кырасыабай паараҕа ордугургууллара,ымсыыра саныыллара. Маша төрөппүттэрэ уоллаах кыыс доҕордоһоллорун утарбат этилэр,ол гынан баран,ийэтэ биир усулуобуйа туруорбута: "Бастаан үрдүк үөрэхтэн,дьэ,ол кэнниттэн эргэ таҕыс", - диэн. Кыыһа ону туох диэн утарыай?! Саас,Маша эксээмэннэрэ саҕаланан эрдэхтэринэ,Маппыай байыҥкымааттан бэбиэскэ туппута. Сүүмэрдиир пууҥҥа барыа биир хонук иннинэ уоллаах кыыс пааркаҕа тиийэн,ыскамыайкаҕа өр куустуһан олорбуттара,тапталбытыгар бэриниилээх буолуохпут диэн андаҕайсыбыттара. Хмйа да балаһыанньа үөскээтин,Маша Маппыайы күүтүөх буолан эрэннэрбитэ. Икки сыл көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гыммыта. Ити кэм иһигэр Маша оскуоланы туйгуннук бүтэрэн,үнүбэрсиэккэ педагок идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Өр күүппүт көрсүһүүлэрэ куоракка буолбута. Күүлэйдээбиттэрэ. Уол - байыаннай пуормалаах,курбуу курдук таһаалаах,онтон кыыс - сиртэн - буортан тэйбиккэ дылы,этиэхтэн кэрэ дьүһүннээх. Куустуһан иһэр паараны көрдөхтөрүнэ,ааһан иһэр дьон мичээрдииллэрэ,батыһа көрөн хаалаллара. Күһүөрү Маппыай тыа хаһаайыстыбатын тэхникумугар огурунуом идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Кыыстаах уол үөрэхтэрин биир кэмҥэ бүтэрбиттэрэ уонна дойдуларыгар үлэлии кэлбиттэрэ. Балаҕан ыйыгар уруу тэрийбиттэрэ. Маппыай ийэтэ уола урууга кэтэр көстүүмүн имэрийэрин быыһыгар кистии - саба

хараҕын уутун сотторо." Аҕата эрэйдээх тыыннааҕа буоллар,төһөлөөх үөрээхтиэ этэй", - диэн курус санаа арахпата. Сыл курдук буолан баран,саҥа ыалга кыыс оҕо баар буолбута. Төрөппүттэрэ Ева диэн ааттаабыттара. Онтон үс сылынан Маарыйа аны уол оҕону төрөппүтэ. Сыл курдугунан Маппыай үөрүөх быатыгар,иккис уол чаҕаарыйбыта. Күүстээх тапталтан кырасыабай оҕолор төрүүллэр диэччилэр. Дьэ ол Маарыйалаах Маппыайга үүс - маас сөп түбэһэрэ. Үһүс оҕолоро төрөөбүттэрин кэннэ,эдэр дьон дьиэ туттар санааламмыттара. Онуоха диэри Маппыай ийэтигэр олорбуттара. Киэҥ - куоҥ дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта. Хосторо лаппа кэҥэс,түннүктэрэ сып - сырдык,быһата,бэртээхэй дьиэ буолбута. Маарыйа,олохтоох оскуолаҕа учууталлыыра,онтон Маппыай бастаан сопхуоска идэтинэн үлэлээбитэ. Сопхуос эстибитин кэннэ суоппардаабыта,онтон саҥа үйэ сабыдыалынан бэйэ дьыалатын арыммыта - дьоҕус кэппэрэтииптэммитэ. Саҥа тэрилтэлэнэн баран,бастакы сылыгар күнү - түүнү аахсыбакка сыраласпыта,дьиэтигэр сууна уонна таҥаһын эрэ уларытта кэлэрэ. Тэрилтэтэ сүһүөҕэр турбутун кэннэ,дьэ,кэргэнигэр,оҕолоругар болҕомтотун уурар буолбута. Оҕолоро түргэнник улааппыттара: кыыстара хайыы үйэ быйыл оскуоланы бүтэриэхтээх. Төрөппүттэр үнүбэрсиэт мэдиссиинэ бакылтыатыгар үөрэнэ киирэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахтара. Ева даҕаны төрөппүттэрин курдук санаалааҕа - кыра эрдэҕиттэн быраас буолуон баҕарара. Үөрэҕэр ийэтин батан бастыҥ үөрэнээччи этэ,онон баҕатын хоту эмчит үөрэҕэр туттарсан киирэр толору кыахтааҕа. Тёмалаах Сёма адьас кыраларыттан бэйэлэрин көрүнэр буолбуттара. Аҕаларыгар дьиэ - уот үлэтигэр тэбис - тэҥҥэ көмөлөһөллөрө: муус киллэрэн көйөллөрө,мас хайытан кыстыыллара,тиэргэн хаарын күрдьэллэрэ. Маны барытын туох да санатыыта суох толороллоро. Тоҕус саастарын туолбутун кэннэ,аҕалара булка илдьэ сылдьар буолбута. Былырыын уолаттарын сааннан ытыыга үөрэппитэ. Маппыай сэһээккэҕэ олорон,мончуукка биир эмэ чыркымай кэлэн түстэҕинэ,чугас баар уолугар ыттарара. Саа ыарыылаахтык тэбиэ диэн уолаттара төрүт куттамматтара. Куһу табар инниттэн хайа да ыарыны тулуйарга бэлэмнэрэ. Былырыыҥҥы булт кэмигэр,Сёмалаах Тёма сэттэлии куһу өлөрөн атахтара сири билбэт буолуор диэри үөрбүттэрэ,онтуларынан киэн тутталлара. Маарыйалаах Маппыай дьэ,ити курдук олорбуттара: баайдык да,дьадаҥытык да буолбатах. Харыларын күүһүнэн кыаҕырбыттара,баардарын - суохтарын,сүрэхтэрин сылааһын - барытын оҕолоругар анаабыттара. Маннык дьоллоох ыал бүтүн дойду үрдүнэн элбэҕэ чахчы. Бары даҕаны биир майгыннаһар өрүттээхтэрэ. Ол - олох сибэккилэрэ оҕолоругар тапталлара. Биллиилээх биир кылаассык суруйааччы үйэлэргэ сүппэт санааны этэн хаалларбыта "Сир үрдүгэр баар дьоллоох дьиэ кэргэн барыта майгыннаһар дьоллоох", - диэн. Маарыйалаах Маппыай бу кэккэҕэ киирэллэрэ саарбахтаммата буолуо,бука...

Бэркэ бултуйбуттара. Маппыай уолаттарыныын аҕыс чыркымайы кытта үс атыыр көҕөнү,икки моонньҕону кытта,биэс умсааҕы өлөрбүттэрэ. Үөрбүт - көппүт сааһыттар матассыыкылынан бирилэтэн кэлбиттэрин Маарыйа көрсүбүтэ.

  • Чэ,эрэ,булчуттарым төһө бэркэ бултаатыгыт? - диэн ыйытан баран, уолаттарын төбөлөрүн имэрийтээбитэ,сыллаталаан ылбыта, - Оо,буруо сыта иҥмит аҕай дии,арааһа түүнү супту кутаа тула олорбуккут быһыылаах. Чэйиҥ,сууна охсуҥ уонна - аһыбыкка,остуол тардыллан бэлэм турар!
  • Ийээ,мин түөрдү өлөрдүм, - улаханнара өҥнөн турбута, - онтон Сёма баара суоҕа иккини.
  • Иккини буолбатах,үһү, - кыра уол убайыттан өһүргэммит киэбинэн мөккүһэн барбыта.
  • Суох,үһүс куһу аҕабыт өлөрбүтэ,иккиэн тэҥҥэ ыппыппыккыт... - аны Тёма бурҕаллан турбутугар,ийэлэрэ тохтоппута.
  • Чэ,мөккүһэн бүтүҥ. Бары даҕаны маладьыас эбиккит. Булкутун үллэстибэккит,уопсай күөскэ киирэр буоллаҕа дии! Аҕа киһи уолаттара мөккүһэллэрин истэн,мичээрдии - мичээрдии,аа - дьуо кэлээскэттэн саалары хостотолообута.

Түүн ортото кэргэнэ суоҕуттан Маппыай уһуктан кэлбитэ. Куукунаҕа уоттаах этэ,онно тиийбитэ. Маарыйа төбөтүн хам туттан,остуолга бүк түһэн олороро. Маппыай тыаһа - ууһа суох кэлэн,сэргэстэһэ олорбута.

  • Хайа,доҕоор,туох буоллуҥ,тоҕо утуйбаккын? - диэн аа - дьуо ыйыппыта уонна кэргэнин көхсүттэн имэрийбитэ. Маарыйа дьик гына түспүтэ,онтон кэргэнигэр сыстыбыта. Маппыай кэргэнэ уҥуоҕа халыр - босхо барбытын билбитэ.
  • Сүрдээх куһаҕан түүлү көрдүм. Арай биһиги куба эбиппит. Эйигин хайа эрэ тыҥырахтаах көтөр бааһырдыбыт. Онуоха мин эн үрдүгүнэн элиэтиибин,оттон оҕолорбут ханна да суохтар. Эйигин быыһыахпын,оҕолору булуохпун олус баҕарар курдукпун. Ынырык баҕайы түүл,адьас илэ курдук...
  • Туох буоллаҥый,доҕоччуок,ити баара суоҕа түүл буоллаҕа дии, - Маппыай кэргэнин уоскута сатаабыта. - Биһиэнэ барыта үчүгэй,оҕолорбут улааталлар,сотору кэминэн өссө уруу тэрийиэхпит,сиэннэр баар буолуохтара. Киһиэхэ онтон ордук туох наада үһүнүй?
  • Суох,эн билбэккин,санаам - оноом уоскуйан биэрбэт,оҕолорбут тустарыгар дьиксинэбин...Бу соторутааҕыта,нэдиэлэ анараа өттүгэр,Ева тиэргэҥҥэ киирэн истэҕинэ,улахан баҕайы таас кыырайан кэлэн арыычча төбөтүн таарыйбата. Таппыта буоллар,буорайыахтаах этэ. Кими да өйдөөн көрбөтөх,ол эрээри мин ыалбыт Өстүөпэ буолуо диэн уорбалыыбын. Дьиҥэр,итини эйиэхэ этэр санаам суох
    этэ. Эмиэ онно тиийэн быһаарсыаҥ баар дии. Оннук гыныаххын баҕарбаппын, - Маарыйа ытамньыйан ылбыта,хараҕыттан уу - хаар баспыта. Маппыай ыала Ыстапааны кытта кэпсэтэ сатаабыттааҕын өйдөөн кэлбитэ. Кулун тутар бүтүүтэ этэ. Киэһээҥҥи аһылыкка Тёма сүүһэ дьуккуруйбутун,көҕөрбүтүн өйдөөн көрбүтэ. "Ханна өлөрдүҥ?" - диэн ыйыппытыгар,уола: "Аан кырыытыгар", - диэбитэ. Сёма ону бигэргэтээччи буолбута. Сарсыарда Ева оскуолаҕа бараары туран,аҕатыгар чугаһаан кэлэн сибигинэйбитэ: -Тёманы Өстүөпэ кырбаабыта. Охсуспуттара,биһиэнэ кыайтарбыта. Ыстапаан диэн ыаллыы олорор,сүүрбэтин ааспыт эрээри,тугу да үлэлээбэт,устар күнү быһа сэлиэнньэни кэрийэр,биитэр олбуор үрдүгэр тахсан,ааһан иһэр дьону одуулуур "дьарыктаах" ыччат этэ. Маппыай кинини кытта эр киһилии кэпсэтэр санааламмыта. Ыччата куолутунан олбуор үрдүгэр тахсан багдаллан олороро.
  • Ыстапаан,түс эрэ,кэпсэтиэххэ, - Маппыай иһигэр кыйытыннар даҕаны,төһө кыалларынан холкутуйа сатаабыта.
  • Эйигин кытта ыаһахтаһар санаам суох, - Ыстапаан өс саҕа буолбута уонна "дьэ,бэрт киһи хайыыр эбиккин" диэбиттии, - эн биһиккигэ туох лабаҥхата баар буолуон сөбүй,ээ?
  • Уолбун тоҕо кырбаатыҥ? Кини өссө кыра оҕо буоллаҕа дии,баара суоҕа уон түөрт эрэ саастаах,онтон эн улахан киһиттэн итэҕэһэ суох тыыллан - хабыллан тахсыбыккын буолбат дуо?
  • Ханна сылдьарын биллин,наада буоллаҕына,өссө кэһэтиэм, - Ыстапаан сирэйин сөрүөччү туттан олорон,Маппыай диэки силлээн "чырк" гыннарбыта. Маппыай уолу атаҕыттан ылан,сиргэ сууллары тардан түһэриэн олус баҕарбыта эрээри,нэһиилэ кыатаммыта.
  • Бачча улахан эрээри,кыралары атаҕастаама. Охсуһуоххун оччо баҕарар буоллаххына,миигин кытта киирис! - диэн ис иһиттэн кыынньан киирэн кэлбитэ.
  • Эйигин да кытта буоллун, - Ыстапаан сүр чэпчэкитик ыстанан түһээт,мас сытарын хаба тардан ылбыта. Маппыай көрүөх бэтэрээ өттүгэр маһын былдьаан ылбыта уонна уолу үлтү сахсыйбыта. Күүһүнэн хайдах да кыайбатын билэн,Ыстапаан саанарын быыһыгар маатыры - куутуру бөҕөтүн түһэрэн тиэргэнигэр дьылыс гынан хаалбыта.
  • Кинини кытта таах сибиэ аахсаҕын, - Маарыйа курустук эрин диэки көрбүтэ, - доҕоор,ити ыаллар биһигини тоҕо абааһы көрөллөрө буолуой,туох куһаҕаны оҥорбуппутугар? Бүгүн Өстүөпэ ийэтэ Балбаараны кытта кэпсэтээри гыммыппар,хата,дэлби үөхсүбүтэ уонна киэр хайыһан кэбиспитэ. Оттон мин, акаары,уолаттарбыт кыччаабыт таҥастарын кини кыра уолугар биэриэм диэн кэпсэтээри гыммытым баара...Ол оҕото таҥаһа олоччу илдьиркэй, туораттан киһи аһынар. Дьэ,бэйэтин билиммит баҕайы..Эрэ,Анисим эрэйдээх,төһө да истэр - аһаатар үтүө санаалаах барахсан этэ. Дьахтара туораттаҕа дии...
  • Акаары үһүгүн дуо,сырдык ыралаах,үтүө санаалаах киһигин эбээт, - Маппыай көннөрөн биэрбитэ уонна кэргэнин сүүһүттэн сыллаан ылбыта, - Ээ,мин Өстүөпэни биһиги Тёмабытын кырбаабытын курдук охсуолаабатаҕым. Саҕатыттан ылан,сахсыйан эрэ биэрбитим. Дьиҥэр,кыратык ойоҕоһун кибилиннэрэ түһүөх баара...Ол эрээри,биир курдук санаатахха,киһи аһынар дьоно,тиийиммэт - түгэммэт олохтоохтор...Доҕоор,хата,күһүн оскуола аһыллыытыгар тоҕооһуннаран,кыра уолларыгар үөрэнээччи нобуорун,пуорманы ылан биэриэххэ баара. Эн туох дии саныыгын ону? Балбаараны кытта быыс булан кэпсэтээр эрэ,дьахталлар,түргэнник өйдөһүө этигит.
  • Сөп чэ,Маппыай,хата киирэн утуйуох. Төрөппүттэр оргууй аҕай туран оҕолорун хосторугар киирэн сүүстэриттэн уочаратынан сыллаан ылбыттара уонна утуйардыы оҥостубуттара. Икки хонон баран,түүн Маппыайдаах Маарыйа дьиэлэрэ күл - көмөр буолбута. Ыалтан биир да киһи быыһамматаҕа. Чугас олорор ыаллара баһаары умуруора сатаабыттара да,уот өссө күүскэ кытыастыбыта. Арай баһаарыеай массыына кэлэн уоту намыраппыта эрээри,дьиэттэн хоруоран хаалбыт эркиннэрэ ордубута. Сэлиэнньэ олохтоохторо бу ынырык баһаартан тылларыттан маппыттара. Ким да итэҕэйиэн баҕарбатаҕа бүтүн дьиэ кэргэн имири эстибитин. "Маппыай,эн барыга - бары көмүс тарбах эрээригин,дьоҥҥун хайдах быыһаабатыҥ? Ама баһаар элэктэриичистибэ боробулуохатыттан биитэр оһохтон күүдэпчилэммитэ буолуо дуо?" - диэн түүн уот умуруора кэлбит дьон барыта итинник санаабыта. Сэлиэнньэҕэ аан бастаан тахсыбыт бу суоһар түбэлтэ уодаһыннаах кистэлэҥин хайалара даҕаны билбэтэҕэ. Амырыын алльархай ааҥнаабыта!
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 02:22

ЧУГАС ЫАЛЛАРА

Балбааралаах Аньыыһын үлэлэригэр билсибиттэрэ. Дьахтар - бэрэдэбиэс,биирдэрэ - илии - атах үлэһит. Аҕата Аньыыһын тоҕус эрэ сааһыгар орто дойдуттан күрэммитэ. Уол ийэтиниин олорон оскуоланы бүтэрбитэ уонна аармыйалаабыта. Диэмбэллэнэн кэлэн баран,сопхуоска араас үлэҕэ сылльыбыта,үтүөх - батаах дьону кытта булсан,өрөөбөккө арыгылыыр буолбута. Ийэтэ эрэйдээх арыгыттан тэйитэ сатаан төһөлөөх муҥнаммыта буолуой?! Хаста да отоһуттанан көрбүттэрэ да,кэминэн эмиэ испитинэн барара. Биирдэ кытаанах санаатын киллэрэн баран,ийэтэ уолун куоракка илдьибитэ. Анньыыһын "Красная Якутия" (тоҕо итинник ааттаабыттара буолла?) диэн наркология дыспаансырыгар ый кэриҥэ сытан эмтэммитэ. Бу балыыһаттан инникигэ эрэл санаалаах,добуочча былааннаах киһи тахсыбыта. Манна сытан чөл олоҕу тутуһар чахчы үчүгэйин өйдөөбүтэ уонна дойдутугар айаннаан иһэн,арыгыһыт атастарыттан хайдах арахсар туһунан толкуй бөҕөҕө түспүтэ. Киһи соһуйуох,онно табыллыбыта! Сыл устата арыгы диэҥҥэ хайыспатаҕа. Арыгы маҕаһыынын таһыгар туран кини ааһарын ордоотуу көрөр атастара улам сүтэн - оһон барбыттара. Кырдьык арыоылыах санаата сиик курдук симэлийбитэ. Сельпоҕа илии - атах үлэһитинэн киирбитэ. Ыарахан дьааһыктары,кууллаах бурдугу таһара,ону таһынан ыскылааты бэрийэрэ,араас таараны көтүрэрэ. Ыскылаакка кутуйах сүгүннээбэт буолбутугар,олору кытта охсуспута. Ийэтэ үөрүүтүттэн хайдах да буолуон булбатаҕа - уола хайдах курдук тосту көммүтүй! Бэл тэрилтэтин дьоно ытыктыыр буолбуттара. Иэдээн эмискэ кэлбитэ. Биир күн ийэтэ бала ыалдьыбыта уонна оронуттан турбатаҕа. Сыл аҥаара лип сытан баран,анараа дойдуга аттаммыта. Аньыыһын ол да буоллар маҕаһыыныгар үлэлэппитин кубулуппатаҕа. Өктөөп бырааһынньыга буолбутугар,бастыҥ үлэтин иһин бочуоттаах кыраамата туттарбыттара. Ити курдук улам ситиһиилэнэн испитэ,онтон сүргэтэ көтҕүллэн,соҕотоҕун оронугар сытан эрэн арааһы бары былаанныыр идэлэммитэ. "Суоппар дуу,тырахтарыыс дуу идэтигэр үөрэммит киһи! Үйэтин тухары бу курдук илии - атах үлэһит буола сылдьыа дуо? Сопхуоһугар кэлэн үлэлиэ этэ. Сааһа да ыраатан эрэр,ойохтонор да,оҕолонор да кэмэ кэллэ. Олоруох этилэр,төрөппүттэрин дьиэтэ хоп курдук - онтон дьиэтин кэриччи көрбүтэ - мал - сал,кырдьык аҕыйах,ол эрээри ити барыта түргэнник көстүөн сөп. Онтон ойох туһунан этэр буоллахха...Балбаара эрэ суох кыыс,бэрэдэбиэстиир,кинини кытта боруобалаан билсибит киһи. Кыыс син үчүгэй курдук,арай саҥа - иҥэ кэмчи киһитэ. Кытаанах хараахтырдаах быһыылаах,олус кыыһырымтаҕай. Дьэ,кинини кытта хайдах билсиэх баҕайыбыный?" Анньыыһын дьиэтигэр собус - соҕотох олорон ити курдук арааһы эргитэ саныыра. Саҥа дьыл тиийэн кэлбитэ. Сельпо дьоҕус кэллэктиибэ бырааһынньыгы көрсө сэмэй остуол тардыбыта. Дьахталлар дьиэлэриттэн бэрэски,кэтилиэт аҕалбыттара. Остуолга Болгария курдук кый ыраах дойду голубцыта,венгрдэр кыһыл арыгылара,сэбиэскэй сампааныскай,чехтэр мармылаадтара,быһата интернационал ас арааһа тардыллыбыта. Анньыыһын арыгыга чугаһаабатаҕа. Эргэ проигрывателы холбообуттарыгар,муусука оонньообута. Уол Балбаараны үҥкүүгэ ыҥырбыта. Соччо - бачча сатаабатар да кыыһы кытта кэпсэтэр санааламмыта.

  • Маннык биэчэри тэрийбиттэрэ үчүгэй баҕайы буолбат дуо,Варя?.. - Анньыыһын өссө тугу этиэн булбакка эрэйдэммитэ, - Хайдах олороҕун? Биирдэһэ дьиктиргээбит курдук көрөн баран:
  • Хайдах олорорум ол эйиэхэ туохха нааданый,тоҕо ыйытаҕын? - диэн саайбыта. Онуоха Анньыыһын эр санаатын киллэрбитэ:
  • Варя,бу үтүө киэһэни миэхэ тиийэн салгыахха. Соҕотохпун,ким да мэһэйдиэ суоҕа,чэй иһиэхпит...
  • Һы,аны дьиэҕэр ыҥыран турдуҥ дуу? - Балбаара өссө эбии соһуйбута. Анньыыһын атыыр аккааһы ыллым диэн өйдөөбүтэ. Оруо маһы ортотунан маннык толоостук ыйыппытыттан кэмсинэ санаабыта. Кырдьык даҕаны,соҕотох олорор эр киһиэхэ хайа аанньа дьахтар барыаҕай. Варя тугу даҕаны саҥарбатаҕа. Онтон бырааһынньыктаан бүтэн,остуолу үрүм - тарым туппуттарын кэннэ,Анньыыһыҥҥа чугаһаан кэлэн:
  • Хайа,чэ,барабыт дуо? - диэбитэ. Итинтэн ыла бииргэ олорор буолбуттара. Бастакы оҕолоро төрөөбүтүгэр,Анньыыһын аҕатын аатын биэрбиттэрэ,инньэ гынан уоллара Өстүөпэ диэн буолбута. Ити кэннэ Анньыыһын тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэн,сопхуоска үлэлиирэ. Балбаарата харыс да халбарыйбатаҕа. Эйэ дэмнээхтик олорбуттара,улахан этиһии,иирсээн суоҕа. Балбаара арай биири сөбүлээбэтэҕэ - Анньыыһын доҕотторун. Биир эмэ табаарыһа кэллэҕинэ,сөбүлээбэтин биллэрэн,дьиэс - куос туттара. Сотору кэминэн доҕотторо,билэр да дьоно бу дьиэҕэ үктэммэт буолбуттара. Балбаара дьүөгэтэ эмиэ аҕыйаҕа,кинилэр эмиэ улам сылдьыбат буолуталаан барбыттара. Дьиэлээх хаһаайка саамай сөбүлүүр дьарыга,дьиэтин хомуйара,бэрийэрэ этэ. Иллэҥсийдэ да наар муоста сууйара,истиэнэни аалара дьиэ үрдүн соторо. Анньыыһын үлэтиттэн дэлби илистэн, "дьыбааҥҥа сынньана түспүт киһи!"диэн баҕалаах кэлэн баран,кэргэнэ хаһан дьиэтин сууйан бүтэрин кэтэһэн,таһырдьа уһуннук табахтаан бусхатара. Балбаара Ыстапаанын уот ааныттан хабырдык ииппитэ. Кыра да буруй иһин хайаан да уолун накаастыыра,муннукка туруорара,дьиэтээҕи үлэтин толоро олорор оҕотун линейкэннэн төбөҕө охсоро,киэһээ аһылыгыттан матарара. Ити барыта иитэр үлэтин сорох көрүҥэ буолан,бары даҕаны онуоха үөрэнэн хаалбыттара. Анньыыһын,ис хааныттан үтүө санаалаах,сымнаҕас майгылаах киһи,быыкаа уолун кэргэнэ ити курдук сордуурун көрө - көрө сүрэҕэ ыалдьара,ол эрээри тулуйарга тиийэрэ,туох да диэн утары эппэт этэ. "Кэргэним эьэйдээх үчүгэй буоларбыт туһугар кыһаллаахтыыр. Уолбутун көҥүл ыытан кэбистэхпитинэ,туох аанньа үчүгэй киһи тахсыай?! Таһырдьа көрбөккүн дуо,төһөлөөх ыччат арыгылаан тиэриллэҥниирий?! Бэйэм даҕаны арыгыга умайа сыспытым. Миигин хара маҥнайгыттан ити курдук кытаанахтык ииппиттэрэ буоллар,билигин,баҕар,букатын атын киһи тыыллан - хабыллан сылдьыам эбитэ буолуо" ,- диэн күүлэҕэ бөппүрүөскэтин ытырар туран саныыра. Уоллара кыһанан үөрэнэрэ, "түөртээх биэс" сыананы ылан кэлэрэ. Ол аайы Анньыыһын "ийэбит оҕотун сөптөөх хайысханы тутһан иитэр эбит" диэн бүк эрэнэрэ. Ол эрээри сороҕор уолчаан "үс" ,айыы таҥара быыһаатын "икки" сыананы ылан кэллэҕинэ,ийэлэрэ буруйдууругар иҥин араас ньыманы барытын туттара: аһаппата,хараҥа хоско хаайара,линиэйкэннэн биэртэлиирэ,онтон да атын накаастабылы толкуйдаан таһаарара. Аҕалара бу кэмҥэ дьиэтигэр баар буоллаҕына,тулуйбакка тахсан барара уонна утуйар саҕана биирдэ киирэрэ. Ити курдук уонча сыл олорбуттарын кэннэ,иккис уоллара төрөөбүтэ. Оҕолорун Балбаара аҕатын аатынан Слава диэн ааттаабыттара.

Дьиҥэр,дьиэҕэ оҕо баара ыалы биир сыалга түмүөхтээх,сомоҕолуохтаах этэ эрээри,Дьэкириэмэптэр киэннэрэ төттөрү буолан тахсыбыта. Анньыыһын Балбааратыттан тэйдэр - тэйэн барбыта. Ийэлэрэ улахан уолун хабырдык иитэрин көрө - көрө Анньыыһын тулуйарын ааспыта,хаарыаннаах доҕотторо Балбаараттан сылтаан тэйбиттэриттэн кэмсиммитэ,ойоҕо субу - субу дьтин сууйан - сотон хал гыммыта. Биирдэ өйдөөбүтэ үлэтин кэнниттэн дьиэтигэр барыан олох баҕарбат буолан хаалбыт этэ. Итинник санаа күн ахсын күүһүрдэр күүһүрэн испитэ. Биир күн хамнаһын ылан,дьиэлээн иһэн бииргэ үлэлиир киһитин дьиэтин таһыгар тохтообута. Ыкса киэһэ этэ. Бу туран санаа - оноо баттаан,бачыыҥкатын тумсунан кыраһа хаары хаһыйбахтаабыта. Ис - иһиттэн кыдьыгыран ылбыта,,кэлиҥҥи бу уон сыл иһигэр аан бастаан арыгы иһэн,саппаҕырбыт санаатын сайгыы түһүөҕүн баҕарбыта. Аркаадьый диэн сытыы - хотуу табаарыһа мэлдьи арыгылаах буолара уонна үлэтигэр даҕаны тэп гыннаран кэлэр идэлээҕэ. Хата,атаһа баар быһыылаах,дьиэтэ уоттаах эбит. Аньыыһын чочумча турбахтыы түһэн баран,сорунуулаахтык дьиэ диэки дьулуруйбута. Киирбитэ Арккдьыйа дьыбааҥҥа сытан кинигэ ааҕара.

  • Аркаша,бирибиэт, - Анньыыһын бэргэһэтин устубута,тэлигириэйкэтин тимэҕин сүөрбүтэ. - дьонуҥ суохтар дуу? - Эмээхсиним куоракка көрдөрүнэ киирбитэ. Кыыһын илдьэ киирбитэ,аймахтарыгар бааллар, - Аркаадьый кинигэтин ууран,дьыбааныгар ууран,Анньыыһыны дьиктиргээбиттии көрүтэлээбитэ. Бу дьиэҕэ табаарыһа бүтэһигин уон сыллаахха киирэ сылдьыбыт эбит, - сыгынньахтанан аас,чэй иһиэхпит.
  • Баһыыба,- Анньыыһын бачыыҥкатын устан киирэн барбыта. Аркаадьый "туох дьыалаҕа кэлбит баҕайыный?"диэн киһитин сыаналыырдыы көрбүтэ. Чаанньык оһоххо турара,саҥардыы оргуйбут быһыылааҕа. Дьиэлээх хаһаайын чэй кутан биэрбитигэр,Анньыыһын иһэ да сорумматаҕа.
  • Чэ,Анньыыһын,эрэйдээбэккэ эт,туохха кэллиҥ? - Аркаадьый тулуйарын ааһан ыйыппыта, - Мээнэҕэ кэлбэтэх буолуохтааххын,ыл,кэпсээ.
  • Дьэ,Аркаадьый,санаам түүппэҕирэн сылльар. Ойохпун кытта сыһыаным дьаабытыгар ааста,дьиэбэр барыахпын да баҕарбат буоллум. Оннук. Тугу гыныах баҕайыбыный?! Билбэппин...
  • Онтон араҕыстаххына?
  • Кырдьык,саахсабыт суох,көннөрү,бииргэ олоробут. Саахсаланар соло да суох курдуга.
  • Оччотугар эгэ эрэ буоллаҕа дии. Ойоҕуҥ сүрдээх кытаанах хараактырдаах,мин маннык дьахтартан куоппутум ырааппыт буолуох этэ. Дьэ,онуоха холоотоххо,мин кэргэним...
  • Аркаадьый, - табаарыһа кэпсээри гыммытын Анньыыһын быһа түспүтэ, - эйиэхэ туох эмэ баар дуо?
  • Эн испэккин буолбат дуо. - Аркаадьый дьиктиргээбитэ.
  • Кыратык иһэ түһүөххэ сөп этэ, - Анньыыһын остуолга бүк түһэн олорон хоруйдаабыта.
  • Оо,ол ас обургуну хаһааммат идэлээхпин. Онтон харчылаах буоллаххына,чугас сүүрэ түһэн кэлиэхпин сөп.
  • Мэ,ыл, - Анньыыһын сиэбиттэн хостоон харчытын ууммута, - биир буокката. Табаарыһа тахсыбытын кэннэ,араас санааҕа баттатан сол курдук хамсаабакка олорбута. "Дьэ,билигин Аркаша буокка аҕалыаҕа. Иһиэм,онтон хайдах буолабын? Балбаара итирбиппин биирдэ да көрө илик,дьэ туох диэй? Өскө миигин таптыыр буоллаҕына,арыгы испэтим туһугар кыһаныа - мүһэниэ. Оччоҕо сыһыаммыт арыый тупсуо этэ. Устунан арыгыга умса түһүө диэн куттанара чахчы. Инньэ гынан ыал иитэр - аһатар киһитин сүтэриэ дуо?" - диэн саныы олордоҕуна,Аркаадьый киирэн кэлбитэ. Табаарыһа үөрбүт - көппүт киэбинэн остуоо хабайар хаба ортотугар ууран "лос" гыннарбата. Халадыылньыктан туустаах оҕурсуу,арыы таһаарбыта. Килиэби быһан баран,үөрүйэхтик бытыылканы аһа охсубута уонна кырыылаах ыстакааннарга кутан кылыгыраппыта.
  • Чэ,барыта үчүгэй буоларын туһугар, - диэн баран ыстакаанын биир тыынынан түһэрэн кэбиспитэ. Анньыыһын кэтэмэҕэйдээбитэ. Салла санаабыта. Быдан өрдөөҕүтэ хас эмэ хонугу супту арыгылаан баран,сап - салҕалас илиитинэн чаанньыгы куолаҕыттан ылан тыбыс - тымныы ууну иһэн киллиргэтэрэ бу көстөн кэлэргэ дылы гыммыта...Арыгыга өлөртөрөн,аламай маҕан күн сырдыга даҕаны өлбөөрөн көстөтүн,туох барыта харааран - боруоран хам баттыырын,маннык олоруох кэриэтин өлбүт да дэтэлиир кэмнэрин санаталаабыта.
  • Чэ,тоҕо кэтэһиннэрэҕин? Аркаадьый ити саҥатыттан уһуктубут курдук буолбута уонна хараҕын быһа симэн баран,буоккалаах ыстакааны уоһугар даҕайан,көннөрү ууну иһэр курдук,кыра - кыралаан сыппайбытынан барбыта. Ортотугар диэри иһэн баран,аҕынньыта төллөн,тохтоон ылбыта,онтон салгыны эҕирийээт,биирдэ таҥхас гыннаран кэбиспитэ. Балачча өр сол курдук хараҕын симмитинэн олорбута.
  • Чэ,аны иккиспитин, - Аркаадьый ыстакааннарга кутуталаан баран,кини диэки анньыбыта.
  • Суох,бэйэҥ ис, - хараҕын аспакка эрэ сапсынан ылбыта, - кыратык олоро түһүөм. Сотору соҕус буолаат этэ - сиинэ сылыйан,ис иһиттэн чэпчээн,сүргэтэ көтөҕүллэн барбытын билбитэ.
  • Иккиһи даҕаны иһиминэ, - диэн баран Анньыыһын ыстакаанын хантас гыннаран кэбиспитэ.

Тэлиэс - былаас дайбаан дьиэтин диэки тэмтэриҥнээбитэ. "Дьэ,билигин Варям маннык туруктаахпын аан бастаан көрүөҕэ. Туох диирэ эбитэ буолла,бырастыы гынара дуу,суоҕа дуу? Бырастыы гынан буолумуна. Биллэн турар бырастыы гыныаҕа! Онтун ааһан аһатыаҕа уонна сылаастык үлбүрүйэн утутуоҕа. Кини,дьиҥинэн,үчүгэй дьахтар,оҕо сааһа эрэйдээхтик аастаҕа дии,хараахтара ол иһин ыарахан. Бырастыы гыныаҕа - аа". Дьиэтигэр түүн үөһэ тиийбитэ. Анньыыһын уоту холбообокко куукунаҕа оргууй аҕай сыбдыйбыта. Онтон эмискэ ый сырдыгар хайалара эрэ субу туналыс гыммыта. Анньыыһын соһуйан саҥа аллайбыта

  • Һук,бу кимий?!
  • Түүннэри бу ханна илэчийэ сылдьаҕын?! Уот сандаарыс гыммытыгар көрбүтэ - Балбаарата турара.
  • Ээ,уолаттары кытта олорон,тардыллан хааллым, - Анньыыһын хайдах да оҥостон этэ сатаабытын иһин,саҥата бөлүөхсэн хаалан,итиригэ сонно биллэрэ.
  • Көр да маны,аны арыгылаабыккын дуу?! - Балбаара чугаһаан кэлэн сытырҕалаабыта уонна сэтэрээбиттии алларастаабыта. - Маннык буолуохтаах этэ,ол иһин. Дьэ,өр да күүппүтүм итирэн кэлэргин,арыгыһыт сордоох. Маннык буоларгын эрдэттэн билбитим. Киэр буол,дьиэттэн бар!
  • Уоскуй,түүннэри ханна барыахпыный? Чэ,сарсыарда кэпсэтиэхпит...
  • Арыгылаан дэлбэрийбит сиргэр түҥкэлий! Саманнык дьүһүлэнэн дьиэҕэ кэлимэ, - диэн баран,эрин үлтү түүрэйдээн ааҥҥа аҕалбыта. Анньыыһын бастаан утарсыах курдук буолан иһэн,эргичис гынаат,дьиэттэн тахсан барбыта. Ханна бараахтыай,Аркаадьыйын диэки салбыҥнаабыта. Атаһа утуйа сытара. Санныттан илгиэлээн харчытын ууммута.
  • Бар,буокката атыылаһан кэл... Анньыыһын Аркаадьыйга (ойохтоох кыыһа куоракка сырыттахтарына) хорҕойо сытан нэдиэлэни супту арыгылаабыта. Табаарыһа,төһө да бииргэ иһистэр,сарсыарда аайы үлэтигэр тиийэрэ уонна тойотторун алы гынан,сэмэтэ суох хаалларан,быыһаан иһэрэ. Анньыыһын оронтон да өндөйбөккө иһэрэ,арай улаханнык өлөртөрөн, "эмтэнээри" эрэ гыннаҕына салҕаластаан турара уонна "буорсуйатын" кылк гыннараат эмиэ охтон хаалара. Нэдиэлэ курдугунан куораттан Аркаадьый кэлэн үүрэн ыыппыта. Сиэбэ кубус - кураанаҕа,били аҕыйах хонуктааҕыта ылбыт хамнаһын сыыһын арыгылаан "туочукаҕа" тэбээн бүтэрбит этэ. Дэриэбинэҕэ тэлбистии сатаан баран,дьиэтигэр төннөргө тиийбитэ. Тыаһа - ууһа суох киирэн түгэх хоско ааспыта. Ороҥҥо умса баран түспүтэ уонна,утуйбакка,түүнү супту тымныы ууну киллиргэтэн хоммута. Ойоҕо кэпсэтэр санаата төрүт суоҕа,иэдэс биэрэн кубалдьыйара. Иккитин эрэ ааспыт кыра уола баар хоһугар киирээри гыммытын сутуругунан ыарыылаах баҕайытык түөскэ охсон кибилиннэрбитэ. Улахан уола Өстүөпэ аҕатыгар чугаһыы да сорумматаҕа. Сарсыарда улахан эрэйинэн үлэтигэр салбыҥнаабыта. Хата,нэдиэлэ устата борогууллаабытын ким да билбэтэх этэ. Кырдьыга баара,тэрилтэлэрэ эстэн эрэрэ. Сопхуостар үрэллэн,үлэһиттэр үрүө - тараа ыһыллан бараллара биллибит этэ. Үс ый курдугунан Анньыыһын үлэтиттэн уурайбыта,сельпоҕа, ойоҕо үлэлиир сиригэр харабынайынан киирбитэ. Сыл аҥаарыгар үлэтигэр арыгылаабытын иһин муустаах ураҕаһынан үүрбүттэрэ. Онтон биир ыйынан аны балбаара уурайбыта,сельпо сабыллыбыта. Кини биир тэрилтэҕэ муоста сууйааччыннан киирбитэ,үргүлдьү харыбынайдыыра. Түүҥҥү дьуһуурустубатыгар оҕолорун илдьэ барара. Анньыыһыҥҥа түптээх үлэ - хара диэн суоҕа,уопсайынан даҕаны,дэриэбинэҕэ ити чааһыгар ыарахан этэ,онон үтүөх - батаах үлэҕэ сылдьыбыта. Арыгылыыра. Дьиэтигэр ыкса түүн кэлэн,хоһугар супту ааһара,онтон сарсыарда туох да саҥата - иҥэтэ суох тахсан барара уонна иһээччилэри кытта булсара. Ойоҕо онуоха эрэ кыһаллыбата,кэпсэтэр иҥин диэн суоҕа,бэйэтэ туспа олохтоох киһи курдуга. Анньыыһын тыыннааҕар эрэ,өлбүтэ эрэ - онно төрүт аахайбата. Биирдэ анньыыһын ыкса киэһэ кэлбитэ. Балбаарата утуйа илигэ. Куукунаҕа ыҥырбыта:
  • Варя,кэл эрэ кэпсэтиэх.
  • Ол эмиэ туохха наадыйдыҥ,иһээччи,аны барыбытын арыгылаан кэбиһээри гынныҥ дуо?
  • Эйигин кытта дьиҥнээхтик кэпсэтэр санаалаахпын... Чугаһаа эрэ, баһаалыста,ааттаспыт куолаһынан Балбаараны ыҥырбыта.
  • Чэ,тугу этээри гынаҕын? Саҥаран ис, - Балбаара өлөрдүү абааһы көрбүт хараҕынан эрин тобулу үүттээбитэ, - эн арыгылаан соппойоргор харчым суох!
  • Варя,мин айаннаан эрэбин,эйиэхэ ыар таһаҕас буолуохпун баҕарбаппын. Оҕолорум да маннык аҕалаахтарын көрбөтүннэр...Быһата,куоракка барабын. Биһиэхэ онно Миитээ баар,ханна баарын билэбин...Манна сылдьан киһи аатыттан ааһыыһыбын,баҕар,онно тиийэн туох эмэ үлэни булуом,оҕолорбор көмөлөһүөм...
  • Һы! "Үлэни"диэбит буола - буола! Ким эйигин үлэҕэ ылыай?! Бырадьаагалыы бардаҕыҥ дии. Чэ,онно баран түҥкэлий! - Балбаара,эргиллэ биэрээт,хоһугар киирэн хаалбыта уонна онтон хаһыытаабыта. - Оҕолору умун! Анньыыһын аан дьиэҕэ турбахтаабыта,утуйбуттара ырааппыт уолаттарын кытта быраһаайдаһар санаалааҕа,ол эрээри аны кэргэним кыыһырыа диэн куттанан,дьиэттэн тахсан барбыта. Түүнү супту атаһыгар олорбута,онтон сарсыарда оптуобуска олорон куораттаабыта.

Балбаара икки оҕотун кытта хаалан,икки үлэҕэ инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылдьыбыта. Анньыыһын куоракка бардаҕын сыл сайыныгар кинилэр утарыларыгар иччитэх турбут учаастакка хайа эрэ дьон дьиэ туттан барбыттара. Бу - үс оҕолоох эдэр ыаллар этэ. Ийэлэрэ учууталлыыра,онтон аҕалара чааһынай урбаанньыт этэ. Айах атан кэпсэппэккэ да сырыттар,ыалларын сонно абааһы көрбүтэ. Уолаттарыгар,быыс эрэ буллар,саҥа ыаллара хайдах курдук куһаҕаннарын,сытыйа байбыттарын кэпсээн тахсара,ол дьон оҕолорун кытта сибээстэһимэҥ диэн буойара. Туга эрэ сатамматаҕына наар ыалларын буруйдуура.

  • Көрбөккүн дуо,эн эрэйдээххэ бүттэлээх да таҥаһыҥ суох, - диэн уолугар этэрэ. - онтон бу ыалларбыт ыамалара санаатахтарын аайы саҥаттан саҥаны кэтэллэр. Тоҕо оннугуй диэтэххэ уоралла - аар. Биһиги курдук сордоохтору суймуурдаан,ааттарын билбэт буолуохтарыгар диэри байаллар. Ситэ - хото илик Өстүөпэ өйүгэр ийэтин тыла сүлүһүн буолан киирэрэ,курдаттыы сиирэ. Анньыыһынтан туох да биллибэтэҕэ. Дьиҥэр,Балбаара кини туһунан санаабат да этэ. Эрэ кинилэртэн арахпыта сыл ааспытын кэннэ,Балбаара оҕолорун аймахтарыгар хаалларан баран,уолаттарбар туох эрэ таҥаһы атыыласпыт киһи диэн куораттаабыта. Ырыынакка сылдьан сээкэйи атыыласпыта уонна автовокзалга тиийэн кэлбитэ. Оптуобуһа аны икки чааһынан айанныахтааҕа. Онон күүтэр саалаҕа киирэн,бириэмэтин да ыыта таарыйа,кытай табаардарын эргинэр атыыһыттары кэрийтэлээбитэ. Эмискэччи хайаларын эрэ саҥата иһилиннэ:
  • Варя,дорообо... Эргиллэн көрөн баран,маҥнай кыайан билбэтэҕэ:
  • Хайа,Анньыыһын,бу эн дуо?
  • Ээ,мин дии. Хайа,хайдах олордугут,оҕолор хайдахтарый? Балбаара иннигэр кир - хох быһа тутан сиэбит,бүтүннүү помуойа сыта - сымара буолбут бииһэ буруйдаах курдук умса көрөн,нэк буолан хаалбыт куруолук бэргэһэтин туппахтыы турара. Суумматаҕа да ыраатан,салгын да быһа сиэн,хараарбыт сирэйдээх,быһа охсуллубут уостаах,тосту охсуллан,хаанньайан хаалбыт муруннаах...Анньыыһын бу курдук кэбилэнэн турара буолуо диэн ким даҕаны билиэ суох этэ.
  • Үчүгэйдик олоробут,оҕолор улааттылар,эйигин санаабаттар даҕаны, - Балбаара сиргэнэн тэйэн биэрбитэ, - эн биһигини умун,ким даҕаны эйиэхэ наадыйбат,күүппэт. Анньыыһын чочумча турбахтаабыта,онтон аргыый аҕай саҥа таһаарбыта:
  • Чэ,Варя,быраһаай,аны көрсөр биллибэт. Оҕолорго миигиттэн эҕэрдэтэ тириэрдээр, - уонна нэһииччэ сүдьүҥнээн тахсар аан диэки үнүөхтээбитэ. Балбаара дьиэтигэр кэлэн баран,Өстүөпэҕэ тугу да эппэтэҕэ,аҕатын көрсүбүтүн кистээбитэ,онтон Слава аҕатын төрүт даҕаны өйдөөбөт этэ. Өстүөпэ үчүгэйдик үөрэнэрэ,онон оскуоланы бүтэрбитигэр Үөрэх министиэристибэтин лииньийэтинэн,аҥардас ийэ оҕото диэн,Москуба биир институтугар киирэригэр миэстэ биэрбиттэрэ. Ыстапаан бастакы кууруһу ситиһиилээхтик бүтэрбитэ,оттон иккис кууруска туга эрэ табыллыбатаҕа. Үөрэх сылын ситэ бүтэрбэккэ бырахпыта уонна Саратовтан сылдьар,бэйэтин курдук муор - туор устудьуон уолу кытта "сетевой маркетиннарга" быһата,албын - көлдьүн түөкүттэргэ үлэҕэ киирбитэ. Кэнэн дьоҥҥо быстар мөлтөх оҥоһуулаах табаары сайдыылаах омук бастыҥ хаачыстыбалаах табаара диэн албыннаан атыылыырга куурус барбыттара. Ыстапаан "дьоппуон - кытай пиирмэтин бэрэстэбиитэлэ " диэн ааттанан,Арассыыйаҕа ол дойдуттан быһа табаары аҕалар курдук туттара - хаптара. Үлэҕэ ылбыт хонтуоралара бүтүн хоһу куортамныыр сыанаҕа хайа эрэ собуот уопсай дьиэтин кыра хоһугар олохтообута. Онно бэйэлэрин курдук дьарыктаах дьону кытта төрдүө буолан олорбуттара. Сыл бастакы аҥаарыгар атыылара бэркэ табыллыбыта,дьон аҥаар кырыытыттан эрэ атыылһарын эрэ билэллэрэ. Ыстапаан сирэйдиин - харахтыын сайдыылаах дойдуттан сылдьар омукка олус майгынныыра,биир үксүн ол иһин табаардарын хамаҕатык ылаллара. Сүнньүнэн,сааһыра барбыт биэнсийэлээх дьон "омук пиирмэтиттэн сылдьар эргиэн ааҕыныттан" үгүһү - элбэҕи ыйыппакка атыылаһаллара. Биирдэ Саратовтан сылдьар атаһа Ыстапааҥҥа биир хоско олорор дьоно атыылаһааччыны көрдөөбүтэ буола сылдьан соҕотох олорор кырдьаҕас дьону бэлиэтии көрөллөрүн уонна кэлин тоҕоосттох кэми мүччү туппакка халыылларын кэпсээбитэ. Чуо ол кэмҥэ эргиэннэрэ уоста быһыытыйбыт этэ. Тоҕо диэтэххэ,хайа эрэ сезоҥҥа,холобур,кыһын,атыылара олус түргэнник тахсара,онтон сайын,төттөрүтүн ким да атыыласпат буолан хаалара. Маныаха "сетевой маркетологтарө- лохотронщиктар" диэн дьон саҥа эбиискэ буолара. Атастыылар харчыга олус наадыйаллара,олороллорун иһин төлөөбөтөхтөрүнэ,хосторуттан үүрэн кэбиһиэхтэрин сөбө. Ол иһин бииргэ олорор дьонун курдук халыыр суолга туруммуттара. Хас да өтүүк,пылесос тутуурдаах баараҕай дьиэлэр кыбартыыраларын кэрийбиттэрэ. Субботниктаатахтарына дьиэлээхтэр ааннарын аһан баран,мөлтөх оҥоһуулаах малы сонно билээт,туох да саҥата суох ааннарын саптан кэбиһэллэрэ. Арай биир кыбартыыраҕа дьол тосхойбута. Ааны ып - ырыган,хатан хаалбыт эмээхсин эрэйдээх аспыта.
  • Эдэр дьон туохха наадыйдыгыт?
  • Дорообо эбээ! Биһиги "Шарп" диэн дьоппуон пиирмэтин бэрэстэбииттэллэрэбит. Анарааттан быһа өтүүк,пылесос аҕалан атыылыыбыт. Табаарбыт аҕыйах,бу бүтэһик баартыйа эрэ хаалла! - диэн Ыстапаан атаһа,кырдьаҕас,кэнэн дьоҥҥо тиийдэххэ,хайдах үөрэппиттэрин курдук,чобуо баҕайытык куппута - симмитэ. - Аныгыскы табаар икки ыйынан биирдэ кэлиэҕэ. Импилээссийэннэн сибээстээн,ол саҕана сыанабыт балтараа төгүл үрдүк буолуоҕа. Онон билигин ыларгытыгар сүбэлиибит. Сүрдээх барыыстаах атыы - тутуу! Эмээхсин массыанньыктары кыбартыыратыгар киллэрбитэ.
  • Уолаттарыам,ити өтүүктээх пылесоскут сыаната төһө буолуой? Сыанатын истэн баран,харчытын ыла саалаҕа барбыта. Эмээхсин ханна барарын Ыстапаан атаһа батыһыннара көрөн хаалбыта уонна сибис гыммыта:
  • Көрдүм! Хомуокка кистиир эбит. Өтүүктээх пылесостарын туттаран,харчыларын укта охсон баран,кыбартыыраттан тыас хомуммуттара.
  • Соҕотоҕун олорор эбит,хоһугар биир эрэ орон турар, - уол сирэйдиин - харахтыын уларыйбыт,кыыла турбут этэ. - Харчылаах көһүлүөгүн хомуотун иһиттэн таһаарбыта,мин санаабар,онно өссө харчыта ордубут буолуохтаах. Иккис күннэригэр уолаттар уон чаас саҕана,подъезка киһи саамай аҕыйах кэмигэр,эмээхсин кыбартыыратын таһыгар тураллара. Дьиэлээх хаһаайка ааны аһаатын кытта,атаһа сонно искэ охсон кибилиннэрбитэ. Эмээхсин эрэйдээх "һых" диэн саҥа аллайбытынан муостаҕа бөкчөччү түспүтэ. Онуоха Ыстапаан көрбөтүн диэн төбөтүн муостаҕа хам баттаабыта,биирдэрэ саалаҕа ойон киирбитэ уонна сонно кэриэтэ суумка тутуурдаах сүүрэн кэлбитэ.
  • Сүүрдүбүт! - диэн хаһыытаабыта. Хомойуохтарын быатыгар,бүөт бөтүрүөп саҕанааҕы ородьокуулга аҕыйах харчы баара. Сүбэлэһэн баран маннык дьыалаларын салгыырга быһаарыммыттара. Сыл аҥаарын иһигэр итиннэ маарынныыр уонча буруйу оҥорбуттара. Биирдэ пуойаһынан атаһын дойдутугар - Саратовка - күүлэйдии барбыттара. Пуойаска атаһа Ыстапааны сэрэппитэ:
  • Төрөппүттэрбэр институкка бииргэ үөрэнэбит диэн кэпсиэҕим. Уолбут үчүгэйдик сылдьар эбит диэн санаатыннар. Ону бигэргэтэн,эн эмиэ тугу эмэ кэпсээр. Онно уопсайа үс хоммуттара,астына аһаан - сиэн сынньанан,баран,Москубаларыгар төннүбүттэрэ. Кэлбиттэрэ - хоско бииргэ олорор уолаттара олус ыксаабыт көрүҥнээхтэрэ.
  • Тугу гынныгыт? Түүн үөһэ "бөх" бөҕө кэлэн,хайа эрэ "китаёзаны", арааһа эйигин Степаны, быһыылаах,көрдөөн аҕай буолбуттара. Биһигини отделларыгар илдьэн,хата бүөрбүтүн көҥүтэ биэртэлээбэтэхтэригэр баһыыба. Эһиги эрэй эрдэтинэ тыас хомуннаххытына сатаныыһы. Эһигиттэн сылтаан,аны биһигини чүүччэйиэхтэрэ - хайыахтара. Атастыылар сонно уопсай дьиэттэн тахсан барбыттара. Түүҥҥү Москубаҕа аалыҥныы түһэн баран,сарсыарда Казанскай баксаалга кэлбиттэрэ. Атаһа проводницаны кытта кэпсэтэн,харчы манньаҕа Ыстапааны плацкартнай богуоҥҥа олохтообута. Быраһаайдаһан баран,атастыылар хаһан да көрсүбэттии арахсыбыттара.

Дьиэтигэр ыкса киэһэ аара массыынаҕа олорсон кэлбитэ. Ийэтэ кирдээх,көлбөҕүрэн хаалбыт сирэйдээх уолун көрөөт,сонно билбитэ.

  • Тугуй,үөрэххин бырахтыҥ дуо?
  • Быраҕан. Билигин үөрэнэр олус уустугурда,кыайан тулуйбатым, - диэн баран,хоһугар киирбитэ уонна ороҥҥо умса түһээт,суукканы быһа утуйбута. Иккис күнүгэр уутун хана утуйан,оронуттан туран чэй куттубута уонна килиэптээх арыыны мотуйбута. Слава таһырдьа оонньуу сылдьара. Чэйдээн бүтэ илигинэ,ийэтэ кэлбитэ.
  • Дьэ,туох былааннааххын? Үлэтэ көрдөө,моонньубар син балачча олордуҥ,аны бэйэҥ айаххын булунан көр!
  • Мин олохпор ончу орооһума,хайдах олорорбун бэйэм билиэм, - диэн Ыстапаан бордурҕаабыта уонна сии олорбут арыылаах килиэбин ийэтин диэки элиппитэ, - мантыкаҕын мэҥиэһин! Балбаара уола Москубаттан тосту уларыйан кэлбитин аан бастаан билбитэ. Били эппитин барытын толорор,куттас,истигэн уолчааныттан букатын атын киһи былҕайан олороро.
  • Оттон үлэни син биир көрдүөхтээх буоллаҕыҥ дии.
  • Онно эн тугуҥ дьыалатай? - диэн киҥинэйээт,Ыстапаан тахсан барбыта. Биир күн дьиэтигэр хоммотоҕо,сарсыардалык ибис итирик тиийэн кэлбитэ. Ийэтэ аан таһыгар көрсүбүтэ:
  • Аны арыгылаан дэлбэрийэриҥ хаалбыт дуу? - хаһыытаабыта, - Аҕатын баттаҕа дии уола - алкоголик! Ыстапаан ийэтигэр ынан кэлэн баран,далайа түһээт,ытыһын тилэҕинэн сирэйгэ сырбаппыта. Ону эрэ күүппэтэх буолан,ийэтэ икки ытыһынан сирэйин хаххаламмыта.
  • Кырбаан көр эрэ,оннооҕор аҕаҥ хаһан да миэхэ илиитин көтөхпөтөҕө!
  • Аҕабын үүрэн бараҥҥын,дьэ кэлэн ахтыбыта буолаҕын! Аны билигин миигин олордумаары гынаҕын дуо? - тииһин быыһынан сыыйан саҥарбыта,баттаҕыттан харбаан ылан,таһырдьа соһон таһаарбыта. Ыстапаан сарылыы сылдьар ийэтин тиэргэҥҥэ таһааран баран,тэбиэлиэх курдук гынан эрдэҕинэ,ыала дьахтар олбуор нөҥүө туран хаһыытаабыта:
  • Өстүөпэ,тохтоо эрэ,милииссийэни ыҥырыам! Ыстапаан ытыы сытар ийэтин тиэргэҥҥэ хаалларан баран,дьиэтигэр киирбитэ уонна ороҥҥо сууллан түһээт,утуйан хаалбыта. Балбаара ол түүн оронугар сытан Анньыыһынын дьэ дьиҥнээхтик санаабыта." Саамай ыарахан кэмигэр өйөөбөтөҕүм,ама,сөбө буолуо дуо? Билигин ханна эбитэ буолла? Куорат самнархай дьиэлэрин кэрийэ сылдьан киһи аатыттан аастаҕа. Бүтэһигин биэс сыллааҕыта көрсүбүтэ да,бэл ол саҕана отой бүппүт көрүҥнээҕэ. Дьиҥэр,тулуйуохха да баар эбит,сэлиэнньэҕэ иһээччи эрдэрин кытта дьахталлар син олороллор эбээт,туох да буолбаттар. Ол эрээри,биир курдук көрдөххө,тоҕо арыгылыыр этэй? Миэхэ өстүйэн дуо? Тулуйуох тустаах буоллаҕа дии,иһэртэн туттунуох да баара. Икки оҕотун миэхэ хаалларбыт буола - буола! Бүттэҕэ дии,аны кэлэн...Анньыыһын билигин ханна сылдьарыҥ буолуой?" Балбаара саҥа таһаарбакка,оргууй аҕай ытаабыта уонна ити курдук араас санаатыгар баттатан,утуйан хаалбыта. Сарсыарда уолаттарыгар хааһы буһарбыта уонна саҥата - иҥэтэ суох тахсан барбыта. Миитээ аймахтарыгар тиийэр санаалааҕа. Анньыыһын куоракка бастаан барарыгар Миитээҕэ диэн айаннаабыта. Балбаараны соһуйа,дьиктиргии көрбүттэрэ. Дьиэҕэ Миитээ кэргэнэ икки кыыһын кытта бааллара.
  • Миигин өйдүүгүт дуо? - Балбаара үчүгэйдик өйдөөн көрдүннэр,юиллиннэр диэн былаатын устубута. - Мин Анньыыһын пэргэнэбин дии. Кини хас да сыллааҕыта куораттаабыта уонна тугу да биллэрэ илик. Айаннаары туран Миитээҕэ тиийиэм диэбитэ...
  • Миитээ үс сыллааҕыта өлбүтэ. Учаскыабай уулуссаҕа тоҥон өлбүт диэн иһитиннэрии ыыппыта... - дьахтар эмискэ ытаан киирэн барбыта,онтон халаатын тэллэҕинэн хараҕын соттубута, - сурдьубун кытта куоракка тиийэн көмөн кэлбиппит. Балбаара туох да диэн хардарбатаҕа,киэр хайыһаат,тахсан барбыта. Дьиэлээн истэҕинэ,хараҕын уута халыйан,тугу да көрдөрүөх быһыыта суоҕа,барыта аан туман курдуга,ытыырын кыатана сатыы - сатыы ботугураабыта: "Анньыыһын, сэгэртээй,ханна бааргыный?" Аҕыйах хонон баран,куоракка айанныыр санааламмыта. Славаны аймахтарыгар хаалларбыта. Дьоно "туохха бардыҥ?" диэн туоһуласпыттарыгар, "балыыһаҕа көрдөрүнэ" эрэ дииргэ тиийбитэ. Куоракка үктэнээт,туох ханнык иннинэ автовокзалга тиийбитэ. Онно хаамаайы тобус - толору этэ да,Анньыыһын хаартыскатын көрдөрбүтүгэр,ким жаҕаны билбэтэҕэ. Айаҕалыы сатаан,дьуһуурунай милииссийэҕэ тиийбитигэр,биирдэстэрэ күттүөннээҕи тугу да эппэтэҕэ.
  • Манна икки сыл үлэлээтим эрээри,маннык киһини төрүт көрбөтөҕүм. Дьиҥэр,көрөммүн барыларын бэркэ билэбин, - диэн Балбаараны итэҕэтэр гына хоруйдаабыта. Сарсыныгар эрим сүттэ диэн милииссийэҕэ сайабылыанньа суруйар санаалаах дойдутугар төннүбүтэ. Туох санааттан Анньыыһыны көрдөөбүтүн ыйыппыттара буоллар,ону бэйэтэ да кыайан эппиэттиэ суох этэ. Санаатыгар,эрэ өлбүт буолуон сөбө. Биэс сыллааҕыта көрсөрүгэр,бэл оччолорго күнэ - дьыла ааҕыллан баран сылдьар курдуга. Ол үрдүнэн Балбаараны туох эрэ биллибэт күүс "көрдөө" диэн соруйарга дылыта. Баҕар,хас эмэ сыл ааспытын кэннэ,хайдахтаах курдук күтүрү иитэн таһаарбытын өйдөөбүтэ буолуо. Ол да иһин сытыары сымнаҕас,үтүө санаалаах аҕаларын булан кыра уолугар аҕалар санааланнаҕа. Дьэ,ону баара,хаһан да төннүбэт гына бэйэтиттэн,оҕолоруттан тэйиттэҕэ. Ыстапаан ийэтин кырбаабытын кэннэ,сыһыаннара күүскэ тыҥаабыта. Балбаара күнү быһа үлэтигэр сылдьара,арай туох баар болҕомтотун,сылаас сыһыанын кыра уолугар эрэ хатыыр буолбута. Өстүөпэтин кытта,улахан наада үөскээтэҕинэ эрэ,алтыһа түһэрэ. Уола сэлиэнньэни биир кына тэлбистиирэ биитэр олбуорун үрдүгэр олорон күнүн барыыра. Үлэ көрдүү сорумматаҕа,ийэтэ дьиэҕэ - уокка түбүгүрэрин көрдөр даҕаны,өһөөн туран көмөлөспөт этэ Биирдэ Ыстапаан били абааһы көрөр ыалларын оҕолоро оскуолаттан саҥа - иҥэ бөҕөтүн түһэрэн,чаҕаарыһан ахан иһэллэрин көрбүтэ. Олбуоруттан ыстанан түһэн,суолларын бүөлүү турунан кэбиспитэ:
  • Бэттэх чугаһааҥ эрэ! - диэн көбүөлээн баран,сөмүйэтин чочоҥнотон уолаттары ыҥырбыта. - Туох буолан сырылаһаҕыт? Ханна сылдьаргытын харахтаабаккыт дуо? Олус да ыттыйбыккыт! Уолаттартан улаханнара быраатын хаххалыы турбута:
  • Онно туох баарый?
  • Көр эрэ,бу бытааһаҕы,өссө уоһун чорбоҥноппут буола - буола! - Ыстапаан чугаһаан кэлэн улахан уолу охсон кууһуннарбыта. Биирдэстэрэ туран биэрэр санаата суоҕа,хаптас гынан биэрэн таптарбатаҕа. Охсуһан барбыттара. Ыстапаан уол эрэйдээҕи кыайа - хото туппута,сытар оҕону хаста да тэбиэлээн биллиргэппитэ.
  • Сэрэниҥ эрэ! Өссө биирдэ өргөҥнөһүөххүт да,тос мааскаҕытын ылыаххыт! Нөҥүө күн Ыстапаан куолутунан олбуор үрдүгэр ыттан олордоҕуна,били уолаттар аҕалара тиийэн кэлбитэ. Бэрт кылгас хадьардаһыы кэнниттэн охсуһуохча буолбуттара эрээри,Ыстапаан тулуһар кыаҕа суоҕа. Ссааттахтык куотарга күһэллибитэ уонна бу киһини өлөрөр - өһөрөр хараҕынан суптурута көрүтэлээбитэ. "Өлөр өлүүгэ түүрэ туттарыан иннинэ,эн хараххын көрөрүм буоллар,төһөлөөх үөрэр этиэм", - диэн Маппыайга өстүйэ санаабыта. Ити хара санаата өссө күүһүрэн,эргиллэн кэлэ турара. Олоҕор дьэ ити курдук биир сыал үөскээбитэ: хайдах гынан ону олоххо киллэриэххэ?..
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 02:22

АРААС САБАҔАЛААҺЫННАР

Куорат олоҕо үүт тураан холку буолбатах этэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар быһыы - майгы олус уустугурбутуттан. Ис дьыала министиэристибэтигэр дьиксиммиттэрэ. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ чааһынай таксыы суоппардарыгар сабыта түһэр баанданы көрдөөн утуйары - олорору умнубуттара. Ол баанда сиртэн да күөрэйбитэ,халлаантан ди түспүтэ биллибэккэ,Саҥа дьыл кэнниттэн сонно түбүлээбитинэн барбыта. Оперативниктар агентуураларыттан биир да тонуктаа импэрмээссийэ суоҕа. Ол барыта бандьыыттар маннааҕы буолбатахтар диэн санааны үөскэтэрэ. Үс өлөрүү уонунан халааһын испииһэгэ бу баандаҕа ыйаммыта. Милииссийэ хамсанан испэт диэн дьон абарара,онтон уопастыбаннай тэрилтэлэр буруйу оҥоруу үүнэ - тэһиинэ суох барбытын бырачыастаан,Ис дьыала министиэристибэтин уонна бырабыыталыстыба дьиэлэрин таһыгар пикет оҥороору суоһурҕаналлара. Кэмниэ кэнэҕэс оперативниктарга эрэл уота кылам гыммыта. Түүҥҥү милииссийэ үлэһиттэрэ биир массыынаны тохтоппуттара,уруулга эдэр киһи (кэлин билбиттэрэ,Амур уобалаһыттан эбит) олороро. Милииссийэлэр уолу ИДьУ дьуһуурунай чааһыгар аҕалан туттарбыттара. Онтон сотору буолаат,таксыы суоппара аҕылаан - мэҥилээн кэлэн "миэхэ саба түстүлэр" диэн тыллаабыта. Бандьыыттар кинини хаста да быһаҕынан аспыттар да,хата тыын сиригэр буолбакка санныгар түбэһиннэрбиттэр. Суоппар мүччү туттаран куоппут,онтон массыыната ол дьоҥҥо хаалбыт. Дьуһуурунай чааска кэлэн бэйэтин массыыната бу турарын сонно билбит эрээри,тутуллан олорор эдэр киһи ол бандьыыттартан биирдэстэрэ этэ диэн этэр кыаҕа суох эбит. Тоҕо диэтэххэ халабырдьыттар кэннэки сидиэнньэҕэ олорбут буоланнар,сирэйдэрин өйдөөн көрбөтөх. Оперативниктар бастакы доппуруостара күттүөннээх түмүгү биэрбэтэҕэ. Тутуллубут уол этэринэн,түүн күүлэйдии сылдьан быраҕыллыбыт массыынаҕа кэтиллэ түспүт. Массыына күдүүһэ миэстэтигэр баарын көрөн баран,куорат устун хатааһылыах санаата көөнньөн киирэн кэлбит. Кими да халаабатах,өлөрбөтөх,онон массыынаны күрэппитин иһин буруйу сүгэргэ бэлэм үһү. Уолу хаайбыттара эрээри,бандьыыттары кытта сибээстээҕин туоһулуох туох да дакаастабыл оперативниктарга суоҕа. Дьыала ити курдук салҕанан бардаҕына,босхолуурга тиийэллэр. Массыынаны күрэтии иһин түбэһиннэриэҕи, "быраҕыллыбыт массыынаны булбутум" дииртэн атын билбэт. Онон оперативниктар хайыыр да кыахтара суох буолбут. Бэҕэһээ бу уустук быһыы - майгы үөскээбитинэн сибээстээн,министиэристибэ үрдүкү салалтатын ыҥыран турн,миниистир сүбэ мунньах ыыппыта. Бу мунньхха убойнай отдел начаалынньыга Димов Владлен Семенович хайаан да баар буолуохтаах уонна силиэстийэ хайдах баран иһэрин иһитиннэриэхтээх диэн ыйыы - кэрдии биэрбитэ. Холуобунай ирдэбил начаалынньыга уоппускаҕа сылдьара,онон Владлен кини эбээһинэһин толороро. Мунньаҕы миниистир аспыта

  • Куоракка быһыы - майгы уустугурбутунан сибээстээн,бүгүн эһигини мустум. Киин куоракка бүтүн түөрт ый устата өлөрүөхсүттэр баандалара түбүлээтэ. Хайыы үйэ хас да киһини өлөрдүлэр,бааһыртылар. Уопсастыбаннас бу үлүгэрдээх быһылааннартан тулуйарын ааста,пикеттии тахсар санаалаахтар,онтон биһиги килбиэннээх холуобунай ирдэбилбит хараҕа - кулгааҕа бүөлэммит,этэргэ дылы,кутуйаҕы да кыайан туппат буллбут. Маннык салҕанан барар буоллаҕына,куораппытын бандьыыт уйатыгар кубулутарбыт буолуо! - миниистир барыларын кырыктаах хараҕынан эргиччи көрүтэлээбитэ уонна салгыы саҥаран барбыта. - Мин бу мунньахха өлөрүүнү арыйар отдел начаалынньыга Димовы анаан - минээн ыҥырбытым. Дьэ,билигин кинини истиэҕиҥ,бу бөлөҕү хайдах уодьуганныыр санаалааҕый? Владлен түрүбүүнэҕэ тахсыан иннинэ,саала иһин эргиччи көрбүтэ уонна бу ыар буруйу арыйыыга сыһыаннаах биир да үлэһит баарын булан көрбөтөҕө. Бары кэриэтэ ыстаап,каадыр,хаһаайыстыба,бэйэҕэ куттала суох буолуу сулууспатын үлэһиттэрэ,быһата чыҥха атын хайысхаҕа үлэлиир дьон олороллоро. "Көдьүүһэ суох көрүнньүк мунньах. Миниистир пикет буолаары гыммытыгар, дьиксиммит быһыылаах: эмискэ ыксаллаах балаһыанньа үөскүө диэн,туох баар сулууспаны барытын түмэ тардыан баҕарбыт эбит" -диэн түрүбүүнэҕэ тахсан иһэн санаабыта.
  • Биһиги тас сулууспабыт үлэһиттэрэ үс хонуктааҕыта түүн биир массыынаны тохтоппуттара. Уруулга Амуур уобалаһыттан сылдьар сүүрбэ биэс саастаах Смолин диэн гражданин олороро, - диэн дакылаатын саҕалаабыта. - Массыына эмсэҕэлээччи киэнэ эбит. Бу иннинэ бандьыыттар саба түспүттэр уонна өлөрөр сыаллаах хаста да быһаҕынан аспыттар. Моонньуга охсубуттара,хата санныга түбэспит. Эмсэҕэлээччи тутуллубут киһини пөрөн билбэтэ,онон баандаҕа сыһыаннааҕын туһунан туох да дакаастабылбыт суох. Ол эрээри баанда чилиэннэриттэн биирдэстэрэ буоларын бүтэйдии сэрэйэбит. Билигин бу дьыалаҕа өссө кимнээх кыттыбыттарын быһаара сылльабыт. Мантан ордук тугу да этэрим суох.
  • Табаарыс миниистир, - кадырга миниистири солбуйааччы,үчүгэй үөрэнээччи курдук туттан олорон,илиитин күөрэччи ууммута, - дакылаатчыттан ыйытарбын көҥүллээ.
  • Ыйыт, - миниистир көҥүллээбитэ.
  • Владлен Семенович,бу дьиэ таһыгар пикет буоллаҕына,ити бүтэйдии сэрэйиигинэн тугу эмэ гынар кыахтааххын дуо? Кураанах куолу,дьыаланнан дьарыктаныахха наада!
  • Көлдьүргээн сылдьар буолбатахпыт, - Владлен миниистири солбуйааччыга хабырдык хоруйдаабыта, - опердар күнүстэри - түүннэри үлэлииллэр,эрдэ эбэтэр хойут син биир харыларыттан харбатыахпыт.
  • Һы,хайа сатанарынан эрдэтэ ордук этэ, - миниистири солбуйааччыга Владлен эппиэтэ тириитин таһынан киирбитэ.
  • Дьэ,маннык, - диэбитэ миниистир мунньаҕы түмүктүүрүгэр, - эһиэхэ оруобуна биир нэдиэлэни биэрэбин. Бу кэм иһигэр баанда имниин эстиэхтээх. Оннук буолбат түгэнигэр кытаанах түмүк оҥоруохпут,буруйтан - сэмэттэн ким да куотуо суоҕа!
  • Соннук! Баанданы нэдиэлэ иһинэн урусхаллыырга! - Владлен сүрдээх эҕэлээхтик чаҕылыннарбыта. Бу "сүбэ мунньах" диэни көрүнньүк эрэ диэн аахпыта,онон хайаан да сөптөөх хардалаах буолуохтаах. Ыкса киэһэ уон биир чаас саҕана,Владлен кэбиниэтигэр бу дьыаланы арыйыыга сыһыарыллан үлэлиир оперативнигы ыҥырбыта.
  • Хайа,Дьөгүөр,туох ситиһии баарый? - киирбит оперативниктан ыйыппыта. - Салалтабыт ньиэрбинэйдиир,бары даҕаны дьыала түргэнник арыллыан баҕараллар. Соппуруонап Дьөгүөр,сааһыра барбыт оперативник,улахан уоппуттаах сыщик,бу уустук дьыаланы арыйарга туох эмэ суол - иис баара буолаарай диэн суукканы - суукканнан үлэлиирэ. Холуобунай ирдэбилгэ үлэлээбитэ уон биэс сылтан ордубута,ис хааныттан хайа да дьыаланы арыйан төннөр сыщик диэххэ сөп. Кистэл буолбатах,сыщик эрэ барыта бу бөлөххө киирэбин диэн түөһүн тоҥсунар кыаҕа суоҕа. Ол эрээри кэм - кэрдии син биир кэлэр: Дьөгүөр кэлиҥҥиннэн элбэхтик мөҕүттэр буолбута. Биир ыар буруйу оҥоруу кэнниттэн суҥхарбыта:
  • Кырдьан эрэбин,аны биир - икки сылынан холуобунай ирдэбилтэн уурайыыһыбын. Барытын сүрэҕим иһинэн аһарар буолбуппун. Бу - сыщик атын үлэҕэ көһөрүгэр бастакы бэлиэ, - уонна санаарҕаабыттыы үөһэ тыыммыта. Онуоха бары мичээрдээн эрэ кэбиспиттэрэ,тоҕо диэтэххэ Дьөгүөр атын сулуусаҕа сылдьарын ким даҕаны өйүгэр сатаан киллэрбэт этэ. Бу үлэттэн ханна да барбакка,сууллан түһүөр диэри үлэлиэ диэн бары билэллэрэ.
  • Дьэ,Сэмэнэбис,мэлигир,агентураны барытын атаҕар туруордубут эрээри,туох да импэрмээссийэ суох, - оперативник сүр күүскэ өрө тыынан кэбиспитэ,илиитин нэлэс гыннарбыта. - Ити Смолин баара,бартыһаан курдук ууну омурдан баран олорор. Бэйэбит киһибитин хаамыраҕа укпуппутун сонно билбитэ,билигин саараама саҥарбат,айаҕын хам хатаан кэбиспит курдук.
  • Оччоҕо маннык гынан көрүөххэ, - Владлен муҥур вһукка тиийэр санааламмыта. Маннык ньыманы бэрт дэҥҥэ туттара,тоҕо диэтэххэ көдьүүһэ мэлдьи кэриэтэ дуона суох буолара гынан баран,ыар буруйу арыйарга мантан атын өссө туох хардыы баарын булан көрбөтөҕө. - Смолины массыынатын кытта ГРЭС түөлбэтигэр туппуттара,сөпкө этэбин дуо? Оччотугар күн сарсын итиннэ облава оҥоруохха. Баҕар туох эмэ импэрмээссийэ быыһылаан тахсыаҕа. Учебканы кытта кэпсэтэн,үөрэнэ кэлэр курсаннары көмөҕө ылыахха. Байыаннайдар этэллэринэн "общевойсковай эппэрээсийэни" саҕалыахха. Мантан атын суол баарын көрбөппүн. Владлен опердарын кытта үлэлээн бүтэригэр биэс чаас буолан эрэрэ,халлаан сырдыы быһыытыйбыт этэ. Дьиэлиэҕин бириэмэ ырааппыт,онон хас да олоппоһу кэккэлэһиннэрэ туруоран баран,утуйардыы оҥостубута.

Владлен сарсыарда,оруобуна сэттэ буолуута уһуктубута,аллара туалекка киирэ сылдьан баран,тымныы ууннан сирэйин сууна түспүтэ уонна дьуһуурунай чааска киирбитэ. Уутун хамматах дьуһуурунай өрөспүүбүлүкэҕэ сууккаҕа туох быһылаан тахсыбытын субуокка оҥорон,дьэ бүтэн эрэрэ. Владлеҥҥа бастакы эксэмпилээр тиксибитэ.

  • Салалтаттан ким да суох дуу? - дьаиһыйартан солотуйбат дьуһуурунайтан ыйыппыта. - Тугуй,ыарахан суукка ааста дуу,аанньа утуйбатаххын?
  • Суох,оннук буолбатах. Суукка суукка курдук,туох да уратыта суох, - дьуһуурунай кириэһилэҕэ олорон тыыллаҥнаабытыгар сүһүөхтэрэ лачыгыраабыта, - арай оройуоҥҥа бүтүн дьиэ кэргэн умайан хаалла. Ону миниистиргэ түүн дакылааттаабыппыт. Сарсыарда онно бөртүлүөт көтүөхтээх,өлүктэри манна аҕалан чинчийиэхтэрэ.
  • Тоҕо манна аҕалаллар,кириминээл сибиэнэ баар дуо? - Владлен сэрэхэдийбитэ.
  • Биллибэт. Баҕар онно суут медигэ суоҕа буолуо,оттон уонна уокка бүтүн дьиэ кэргэн былдьаммыта - улахан иэдээн дии. Онно түүн өрөспүүбүлүкэтээҕи борокуратуураттан силиэдэбэтэл айаннаабыта. Бэл суһаллык паромщигы туруорбуттара. Чэ,начаалыстыба оннук быһаарбыта.
  • Хайа силиэдэбэтэлий?
  • Фомин дииллэр. Кини төрдө ол эргиннээҕи буолан ыыппыттар. Владлен Фомины билэр этэ. Дьикти майгылаах силиэдэбэтэл. Милииссийэ үлэһиттэрин өлөрдүү абааһы көрөрө,барыларын бэрик ылааччылар,тирбэҕэһиттэр уонна күөх көппөлөр диэн ааҕара. Кинини кытта биир да милииссийэ үлэһитэ тапсан үлэлээбэт этэ - наар айдаан,этиһии - иирсээн туох да сылтаҕа суох үҥсүү - харсыы. Биирдэ Владлен Фомин тоҕо итиччэ үлүгэр милииссийэни сөбүлээбитин билэргэ санаммыта. Билэн баран,сөҕөн өлө сыспыта: барыта судургу,өйдөнөр баҕайы эбит! Урут милииссийэҕэ үлэлии сылдьыбыт,онтон туох эрэ аньыытын - харатын иһин утааран кэбиспиттэр. Кэлин,хайдах эрэ гынан,борокуратуураҕа силиэдэбэтэлинэн киирбит. Онон урут үлэлии сылдьыбыт биэдэмэстибэтигэр өстүйэн,онтун таһаарынар ньымата эбит. "Олохтоох милииссийэлэр силиэдэбэтэллэригэр төрүт табыллыбатахтар", - дьуһуурунай чаас хоһуттан тахсан истэҕинэ,итинник курус санаа охсуллубута. Владлен кэбиниэтигэр тахсан чэйин оргута турбута уонна субуокканы сирийэн көрбүтэ,өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 25 уоруу,биир ыар содуллаах эчэтии (ол иһигэр 1 - киһи өлүүлээх),хас да күлүгээннии дьайыы,кырбааһын,массыынаны күрютии бэлиэтэммит. Субуокканы элэгэлдьитэ көрөн,бүтэһигэр баһаар туһунан иһитиннэриигэ тиийбитэ. Маны сиһилии аахпыта: "2000 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр,түүн 4 чааска оройуон дьуһуурунай чааһыгар Южная 28 - гар Крыловтар дьиэ кэргэн кэтэх дьиэлэрэ умайар диэн иһитиннэрии киирдэ. Баһаары умулуннарыы кэнниттэн Крыловтар өлүктэрэ көһүннэ: Матвей - 1959 сыллааҕы төрүөх,Мария - 1960.с.т.,ону кытта кинилэр оҕолоро - Ева 17 саастаах,Артем,14 саастаах,уонна Семен,13 саастаах. Өлүктэри ыам ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга суут - мэдиссиинэ эспэртиисэтигэр туох биричиинэттэн өлбүттэрин быһаартара ыытыллыаҕа". "Эрэйдээхтэри - ии...тугун ынырыгай...хаарыан оҕолору да аһымматахтар!" - Владлен субуокканы киэр аспыта,ыар санааҕа баттатан,кэбиниэтигэр хаамыталаабыта,онтон кофе куттубута. Тоҕус чаас ааһыыта оперативниктар кэлитэлээн барбыттара. Дьиэлэригэр төһө даҕаны биэс саҕана бардаллар,куоракка баанда баарын тухары,сынньалаҥ диэн умнулларын бары бэркэ билэллэрэ. Владлен Сопуруонабы кэбиниэтигэр ыҥыран сорудах биэрбитэ:
  • Саййпката ыл,хозчаастан автобуһу ыл уонна - үөрэнэр кииҥҥэ. Сүүрбэ киһи сөп буолуоҕа. Эбиэттэн киэһэ саҕалаабытынан барыахпыт. Уон икки чааска бары мустубуттара. Үөрэнэр киин сүүрбэ милииссийэни биэрбитэ,олохтоох сыщиктар уон икки этилэр,биэс учаскыабай уонна министиэристбэттэн алта оперативник бааллара. Син добуочча улахан күүс. Куораттааҕы ИДьУ саалатыгар инструктаж ыытарга быһаарбыттара. Владлен саалаҕа киириитигэр бары кинини күүтэн олороллоро. Туох дьон көмөҕө кэлбиттэрин испииһэктээн билэн баран,инструктааһын саҕалаабыта:
  • Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр,бары даҕаны билэр буолуоххут,куоракка уһун кэмҥэ хас да киһини өлөрбүт баанда түбүлүү сылдьарын. Биһиги көрдүүр - ирдиир эпэрээссийэ кыаҕын барытын туһанныбыт,онон маннык эпэрээссийэни ыытарга быһаарынныбыт. Саарбах элимиэннэр мустар сирдэрин,ол - бу дьиэлэри,сууттана сылдьыбыт уонна учуокка сылдьар дьону бэрэбиэркэлиэхпит. Улахан болҕомтону атын сиртэн кэлбит дьоҥҥо "гастролердарга" ууруохха. Барытыгар хаайыллан сытар Смолин хаартыската баар буолуоҕа. Ону олохтоох дьоҥҥо көрдөрүҥ,баҕар,ким эмэ билэрэ буолуо. Түөлбэни уон сиэктэргэ хайытабыт. Сиэктэр аайы түөрт үлэһит дьарыктаныаҕа,учебкаҕа сылдьар икки курсаан уонна икки сыщик эбэтэр учаскыабай. Улаханнык сэрэниэххэ,бүрүстүүпүнньүктэр сэптээх - сэбиргэллээх сылдьаллар,төһө бпҕарар утарылаһыахтарын сөп. Уорбалыы көрбүт киһигитин барыларын куорат отделларыгар аҕалтааҥ,кинилэри кытары оперативниктар дьарыктаныахтара - сэрэтиллибиттэрэ. Үлэбитин 23 чааска түмүктүүбүт. Хас биирдии бөлөх араапарынан оччуоттуур. Бүгүн туох да түмүгү ситиспэтэхпитинэ,сарсын эппэрээсийэбит уон чаастан саҕаланар. Туох ыйытыылааххыт? Ыйытыы суоҕа. Владлен Дьөгүөргэ Смолин хаартыскатын барыларыгар түҥэт диэн соруйбута уонна ону түҥэтэр кэмигэр саалаттан тыаһа - ууһа суох тахсан барбыта. Эппэрээссийэ бастакы күнэ бандьыыттарга сыһыаннаах туох да күттүөннээх түмүгү биэрбэтэҕэ. Хата,көҥүлэ суох икки сааны,булт саатын быһан оҥоһуллубут биир обреһы былдьаабыттара,ону таһынан ирдэбилгэ сылдьар биир наркоманы туппуттара.
  • Бүгүн куһаҕана сурхтук үлэлээтибит, - Владлен эпэрээссийэни түмүктээбитэ, - куһаҕан түмүк - син биир түмүк. Сарсын эмиэ маннык хабааннаах салгыыбыт. Түүн биир чааһы ааспыт этэ. Бу сырыыга Владлен дьиэлиир санааламмыта: сууккаттан ордук кэмҥэ дьонун көрө илигэ,аны суунуон,дуустаныан,ырбаахытын уларыттыан наада. Түүҥҥү куоратынан хааман истэҕинэ,бүтүн ыал имири эстибит дьулааннаах быһылаана төбөтүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. "Хайдах итинник тахсыан сөбүй? - диэн толкуйдаабыта табах буруота туолан көймөстүбүт кэбиниэтиттэн тахсан,сөрүүн,ыраас салгыны эҕирийбэхтии иһэн, - бэҕэһээҥҥэ диэри үөрэ - көтө сылаас тапталынан сыдьаайа олорбут дьон дьылҕата бүгүн туора сотулуннаҕа. Кыбартыыратыгар киирбитэ дьоно утуйа сыталлара,остуолга хайыы үйэ сойон хаалбыт аһа турара.

Иккис күн эппэрээссийэ,былааннаммытын курдук сарсыарда уонтан саҕаламмыта. Владлен күнү быһа эппэрээссийэ хайдах баран иһэрин туоһулаһа олорбута эрээри,ким даҕаны бу үчүгэй сонун диэн биллэрэ илигэ. Киэһэлик хайа эрэ дьиэ тиэргэнигэр бүтүн биир массыына "хаҥас" буокканы булбуттара. Владлен онно экэниэмикэҕэ буруйу бохсор отдел опердарын ыыппыта. Киэһэ аҕыс чаас саҕана Соколов Илья,холуобунай ирдэбил уоппуттаах уонна мындыр оперативнига төлөпүөннээбитэ. Кини Владлен солбуйааччыта,эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ өлөрүүлээх дьыаланы арыйыыга эппиэттээх үлэһит этэ. Илья үлэтин борокуратуураттан саҕалаабыта. Оперативниктары кытта ыкса алтыһара,быһылаан тахсыбыт сиригэр оперативниктары кытта тэҥҥэ сылдьыһара,бутуурдаах дьыаланы арыйар инниттэн суукканы суукканнан үлэлиирэ. Ол сылдьан сыщик идэтигэр сүрэхтиин - быардыын ылларбыта. Биир күн куорат борокуратууратыгар кэлэн,милииссийэҕэ көһөрүҥ диэн сайабылыанньа суруйбута. Борокуруор олус сөхпүтэ уонна ыытыан баҕарбатар да,илии баттыырга тиийбитэ. Уһуннук үлэлээбит борокуруорга силиэдэбэтэл бэйэтинэн тылланан милииссийэҕэ сыщиктыы барбыта бу - бастакы түбэлтэ этэ. Дьэ,онон Соколов холуобунай ирдэбилгэ уонтан тахса сыл үлэлээн кэллэ.

  • Семёныч,куһаҕан сонуннаахпын, - кини куолаһыттан чахчы туох эрэ уһулуччу хобдох түбэлтэ тахсыбыта биллэрэ., - били баһаарга көстүбүт өлүктэр бары кириминээлгэ сыһыаннаахтар...Мин моргтан төлөпүөннүүбүн,бу билигин эспэртиисэлээн бүттүлэр.
  • Хайдах оннугуй? - Владлен улаханнык соһуйбута. - Оттон дьуһуурунай эппитэ дии,кириминээл суох диэн,көннөрү уокка былдьаммыттар диэн. Өлүктэргэ туох баас - үүт баарый?
  • Түөрт өлүккэ - сааннан ытыллыбыт баас,оттон дьахтарга,ийэлэригэр,түөскэ хаста да быһаҕынан анньыы бааһа баар.
  • Тугун сүрэй! - Владлен Соколов иһитиннэрбит сонунун итэҕэйиэх санаата кэлэн быстыбатаҕа. - Манна кэл,сүбэлэһиэхпит,онтон салгыы тугу гынарбытын быһаарыахпыт. Чаас аҥаарынан Соколов хайыы сахха Владлеҥҥа олоророро.
  • Семёныч,дьыала букатын атын өттүнэн эргийиэх чинчилэннэ, - диэн Соколов саҕалаабыта, - биһиги өссө бэҕэһээ уорбалаабыппыт бу дьыала оннук дьэҥкэ буолбатах диэн. Мин дьиҥэр,эспэртиисэ түмүгүн күүппүтүм. Тоҕо диэтэххэ олохтоох оперативниктар бэҕэһээ сарсыарда өлүөхсүт Крылов Матвей көһүлүөгүн утары олорор ыалларын таһыттан булбуттар. Ону таһынан,баһаар буолбут дьиэтигэр атын - атын сиргэ биэс саа сытара көстүбүт. Ити барыта дьиэлээх хаһаайын киэннэрэ. Чэ,быһата биһиги сыщиктарбыт бэҕэһээ ыаллара уолу туппуттар. Ефремов Ыстапаан диэн ааттаах. Ол киһи билигин онно баар.
  • Буруйун билинэр дуо?
  • Төрүт билиммэт, - Соколов курустук өрө тыынаат,кэтэҕин тарбаммыта, - ээ,өссө били Фомин диэн силиэдэбэтэл барытын буортулуур. Дьыала кириминээл хайысхалааҕын билэн баран,Ефремов өлөрүөхсүт буолуоҕун отой итэҕэйиэн баҕарбат. Кини этэринэн,бу ыалы сыалай саайка өлөрбүт үһү,онон саайканы булуҥ диэн ирдээн турбут. Оройуон оперативниктара миэхэ субуоннаабыттара,Фомины үҥсүбүттэрэ...Өстүбэһи,Геннадий Григорьевич онно кылгас кэмнээх уоппускаҕа сылдьар. Ити дьыалаҕа кыттыста уонна Фомины кытта "киирсэн" ылла. Олохтоох борокуратуураҕа Ефремовы хаайыҥ диэн туруорсуохтаах.
  • Мин букатын даҕаны кинини умнубут эбиппин, - Владлен Геннадий онно баарын истэн бэркэ үөрбүтэ, - ити дьыалаҕа кыттыспыта олус үчүгэй! Владлен Геннадийы өрдөөҕтүттэн билэрэ. Бэртээхэй сыщик,уһулуччулаах спортсмен этэ. Буруйдааҕы тута барарыгар үксүгэр бэстилиэтин ылбат буолара. Хайа да бүрүстүүпүнньүгү куоттарбакка ситэ баттыыр уонна кум - хам тутан кэбиһэр кыахтааҕа. Бу чааһыгар Владлен туох да диэн киһиргиир кыаҕа суоҕа: бэстилиэтин мэлдьи илдьэ сылдьара. Кэлиҥҥи сылларга Геннадий дьулааннаах баһаар буолбут оройуонугар милииссийэ отделын салайбыта. Онтон үргүлдьү ИДьМ академиятыгар үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин бүтэрбитигэр үрдэппиттэрэ - өрөспүүбүлүкэҕэ холуобунай ирдэбил начаалынньыгын солбуйааччыннан үлэлиэхтээҕэ. Үлэҕэ тахсыан иннигэр малбын куоракка киллэрэрбэр диэн министиэристибэттэн биир нэдиэлэни көҥүллэппитэ. Владлен холуобунай ирдэбил начаалынньыгын эбээһинэһиттэн босхолоноору,кинини тэһийбэккэ - тулуйбакка күүппүтэ. Араас салайар - дьаһайар үлэттэн уурайан,дууһалыын сөбүлүүр үлэтигэр төбөтүн оройунан түһэр баҕалааҕа. Геннадий туохтан да санаатын түһэрбэт энтисийээс бэрдэ этэ. Сокуоннай уоппускаҕа да сылдьан буруй арыйыытыгар кыттыыта - ол дьэ кини хараахтара.
  • Чэ,мин бардым,оройуон оперативниктарын кытта субуоннаһыам, - Соколов туран аан диэки барбыта, - кинилэргэ эспэртиисэ түмүгүн билиһиннэриэм. Киэһэ уон чааһы ааспыта ырааппыт этэ,Владлен хал гыммыта быданнаабыт эрзац - кофетын куттан баран,эбиэт саҕана ымбыды остолобуойуттан атыыласпыт буулкатын сиэбитэ уонна Геннадийга төлөпүөннүүр санааламмыта. Киһитэ милииссийэ оройуоннааҕы отделыгар баара.
  • Геннадий,пирибиэт,бу мин Владлеммын,эйигин дьыалаҕа кыттыһан үлэлии сылдьар диэн истибитим. Дьыала хайдаҕый,атыллыыһы дуо?
  • Дорообо! - Геннадий олус үөрбүтэ. - Уолаттар били сиэхсити - Ефремовы туппуттара. Кинини кытта үлэлиибит эрээри,бакаа туох да суох...
  • Эспэртиисэ түмүгүн истибитиҥ дуо?
  • Истэн. Ылдьаа билигин аҕай төлөпүөннээбитэ. Дьиҥэр өлүктэр кириминээлгэ сыһыаннаахтарын биһиги бэҕэһээ хайыы үйэ билэн сылдьар этибит.
  • Гена,бука баһаалыста туох буолбутун сиһилии кэпсии түс эрэ. Мин быһыта - орута эрэ билэбин. Уопсай хартыына хайдаҕын билиллиэ этэ...
  • Быһата,маннык, - Геннадий саҕалаабыта, - олус дьикти түбэлтэ. Манна сэлиэнньэҕэ,Южная уулусса 28 нүөмэригэр Крыловтар дьиэ кэргэн олорбуттара - эрдии - ойохтуулар,17.14, уонна 13 саастаах үс оҕо. Бары өттүнэн бэртээхэй дьиэ кэргэн. Аҕалара - чааһынай урбаанньыт,ийэлэрэ - учуутал,онтон оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Ыам ыйын 26 күнүгэр сарсыарда 8 чааска дьиэттэн тахсан барбыттар: ийэлэрэ оҕолорун кытта оскуолаҕа,онтон аҕалара бэйэтин дьыалатынан. Уолаттар уруоктара биир кэмҥэ - 11 чааска - бүтэн,дьиэлээн испиттэр. Оскуолаттан дьиэлэрин диэки хааман иһэллэрин көрбүт туоһулар бааллар. Ол кэнниттэн уолаттар тыыннаах сылдьалларын ким да көрбөтөх. Улахан уол 15 чааска оскуолатыгар төннүөхтээх эбит эрээри,сол курдук кэлбэтэх.15.30 мүнүүтэҕэ ийэлэрэ (Мария диэн ааттаах) уонна кыыстара Ева оскуолаттан кэлбиттэр. Ол кэнниттэн эмиэ ким даҕаны тыыннаах сылдьалларын көрбөтөх. Мария 17 чааска оскуолаҕа төннүөхтээх эбит эрээри,кэлбэтэх. Ыал аҕата 20 чааска үлэлээн бүппүт. Ити саҕана дьиэтигэр соҕотох кэлэн иһэрин туоһулар бигэргэтэллэр. Настырыанньата үчүгэй,күн өйдөөх ( бырааһынньыкка эрэ кыратык иһэр дииллэр) үһү. Ити кэнниттэн кинини эмиэ ким да көрбөтөх. Биһиги бодобуоһу биллибит. Крыловтарга күнүс биир чаасаа үс буочука ууну куппут. Үгэс быһыытынан,хаһаайыннар харчыны күүлэ таһыгар баар көһүйэҕэ угаллар эбит. Ол сырыыга харчы суох буолан биэрбит,ол иһин суоппар бэрээндэ аанын аһан дьиэлээхтэртэн улахан соҕустук: "Ким эмэ баар дуо?" - диэн ыйытан көрбүт да,ким да саҥарбатах. Дьиэҕэ киириэн туттуммут: кирдээх саппыкытын устуон баҕарбатах,чочумча тура түһэн баран,хойутуу өссө кэлиэм диэн айанныы турбут. Бодобуос өссө биири эбэн эппитэ: бэрээндэ аанын аспытыгар буорах сыта биллэр үһү,ол гынан баран,онно болҕомтотун уурбатах. Кус кэмэ буолан,ыал аайы буорах сыта баар дии санаабыт. Онтон түүн дьиэлэрэ умайбыт, - кэпсээнин түмүктүөхчэ буолан иһэн,Геннадий тугу эрэ саныы түһэн баран салҕаабыта. - Эмсэҕэлээбит дьон аймахтара Крыловтар бэрээндэлэрин күлүүһүнэн хатаан баран,күлүүстэрин тиэргэҥҥэ баар баҕанаҕа ыйыыр үгэстээхтэрэ", - диэн кэпсииллэр. Баһаар кэнниттэн онно күлүүс суоҕа. Бодобуос кэлэригэр бэрээндэ хайыы үйэ аһаҕас эбит.
  • Барыларын биир - биир өлөртөөбүттэр эбит буолбат дуо! - Геннадий кэпсээнин истэн баран, Владлен саҥа аллайбыта. - Дьэ,сүрдээх түбэлтэ дии. Бүрүстүүпүнньүк биир күн иһигэр ыалы ымыр да гыммакка имири эһэр. Маныаха маарынныыр дьыаланы төрүт өйдөөбөппүн!
  • Биһиги да оннук дии саныыбыт! Ол гынан баран манна борокуратуура силиэдэбэтэлэ Фомин сылдьыбыта. Кини туспа биэрсийэлээх,өлөрүөхсүттэр баандаларын көрдөөҥ диэн ыххайар. Бүтүн ыалы биир киһи өлөрүөн сөп диэни төрүт итэҕэйиэн баҕарбат Ньүдьү - балай көрүүлээх - төһөннөн элбэх өлүк баар да,биир оччо өлөрүөхсүт баар буолуохтаах үһү. Хайа үөдэн түгэҕиттэн маннык "следак" орҕостон тахсыбыта буолла?! - Геннадий ис - иһиттэн кыынньан кэлбит куоластааҕа. - Күн сарсын олохтоох борокуратуураҕа тиийэн,Ефремовы хаайыҥ диэн туруорсуом.
  • Бэйи,оттон Ефремовы тугу гыммытын иһин туттугут? - Владлен уолаттар өлөрүүгэ уорбаланар киһини сөпкө туппуттарын кыратык да саарбахтаабат этэ.
  • Бастатан туран,опердар кини дьиэтин таһыгар өлүөхсүт көсүлүөгүн булбуттара...Ол көсүлүөк туһунан силиэдэбэтэл туох диэбитин истэҕин дуо?! - Геннадий эмиэ абаккаран көөнньөн турбута., - Дьэ,санаан көр,кини этэринэн, бандьыыттар Ефремов дьиэтин таһыгар суолларын бутуйаары собус - соруйан бырахпыттар үһү. Чэ,быһата,күн өйдөөх киһи иилэн ылбат дьаабыта үөскээтэ...Өссө биир баар." Ыал аҕата Ефремовы кытта иирсээннээх этэ", - диир киһини буллубут. Өссө охсуспуттар үһү. Ол - кулун тутарга үһү. Аҕа киһи уолун көмүскэспит.
  • Онтон көһүлүөккэ харчы баара дуу? - Владлен устунан кыйаханан барбыта. Халы - мааргы силиэдэбэтэл адьас улуу коронерга (былыр Арҕаа дойдуларга киһини өлөрүүнү быһаарар быраас,юрист идэлээх киһи) дылы билээҕимсийэрэ чахчы кыһыылааҕа.
  • Баара,бүтүн дьиэ кэргэн иитиллэр харчыта.
  • Ол аата сиэхситтэр тугу да ылбатахтар,туһаммакка,соннук бырахпыттар дуу?! Хайдах эрэ кинилэргэ майгыннаабат, - Владлен сонньуйбута, - Чэ,буолан эрдин,сарсыҥҥа диэри,Гена,нэрээттэрим кэлитэлээн эрэллэр. Баандаҕа сыһыаннаах эппэрээсийэбит иккис күнэ туох да түмүгү биэрбэтэ.
  • Тугуй,ончу туох да суох дуо? Кэлиилэр буолуохтара оччоҕо, - уоппуттаах Геннадий Владлен тугу саныырын курдары көрөр курдуга.
  • Мин да инньэ дии саныыбын,бэйэбит дьоммутун билэн таһаарбыппыт ырааппыт буолуох этэ. Биир киһини алҕаска тутан ыллыбыт,чахчы баандаттан буолуо дии саныыбын. Благовещенскайтан сылдьар. Букатын атын дьыалаҕа тутан хаайдыбыт эрээри,дьыалата сатаҕай соҕус,онон босхолууллара буолуо. Миниистир ол баанданы уодьуганныырга биир нэдиэлэни биэрдэ. Сэмэҕэ тардыллыаххыт диэн саанар да,мин онтон төрүт куттаммаппын. Наҕараада ылаары дуу,сэмэттэн куотаары дуу,үлэлиир буолбатахпын. Өскө сарсын туох да түмүк суох буоллаҕына,миниистиргэ киирэн каадыр сулууспатын эбии таһаарарыгар көрдөһүөм. Дьэ,ол дьонуҥ сылаас сири булбуттар,өссө куһаҕаннык үлэлиигит диэн тарбахтарын чочоҥнотоллор.
  • Уруккуттан да оннук гыныахха баара, - Геннадий дьэ саҥа таһааран күлбүтэ. - Чэ,сарсыҥҥа диэри. Ыкса киэһэ уон биир чааска Владлен түмүк оҥорбута,эппэрээссийэ үһүс күнүгэр сорук туруорбута. Ол кэнниттэн кэбиниэтигэр киирэн,били сөбүлээбэт эрзац - кофетын испитэ уонна баһаар туһунан санаабыта. Куоракка баанда түбүлээһинэ икки,тыаҕа бүтүн ыал өлүүтэ икки ыйааһын бэскитигэр турбута. Ол эрээри ыйааһын дьиэ кэргэн имири эстиитин диэки иҥнэйбитэ. Ол иһин Владлен санаата ол туһунан этэ. Дьиэтигэр кэлбитэ түүн биир чаас буолбут. Кэргэнэ уолун кытта куустуспутунан кытаанах баҕайытык утуйа сыталлара,остуолга сойбута быданнаабыт аһа турара.

Сарсыарда министиэристбэ ааныгар Владлены дьуһуурунай тохтоппута.

  • Владлен Семенович,миниистир дьаһала кэллэ: өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар тиийиэхтээххин,борокуруор бэйэтинэн Крыловтар дьиэ кэргэни өлөрүү туһунан сүбэ мунньах ыытар. Мунньах оруобуна уон чааска саҕаланар.
  • Сөп,тиийиэҕим, - Владлен сууккатааҕы быһылаан туһунан субуокканы ылан кэбиниэтигэр тахсыбыта. Тоҕус чааска Соппуруонап кураатары ыҥырбыта.
  • Дьөгүөр,дьыаланы барытын ыл, - диэн сыщикка бирикээстээбитэ, - миигин хайыы сахха Крыловтар дьыалаларыгар борокуратуураҕа ыҥырдылар. Улахан айдаан тахсара буолуо диэн сэрэйэбин. Бүгүн эппэрээсийэбит бүтэһик күнэ,онно туох да суох буоллаҕына,хайыырбытын билбэтим... - Владлен ыараханнык өрө тыынан баран, эппитэ. - Хайыахпытый,салгыы үлэлиэхпит,син биир баалларын биллэриэхтэрэ. Төһөтүн да иһин,бандьыыттартан биирдэстэрэ биһиэхэ баар. Кинини кытта дьэ күүскэ ылсан үлэлиэхпит.
  • Сэмэнэбис,итиннэ баҕас олус долгуйума, - Дьөгүөр салайааччытын өйдүүрэ, - кыаллары - кыаллыбаты түөрэтин оҥоруохпут. Онтон эһиги онно,борокуратуураҕа холкутук мунньахтааҥ.
  • Чэ,сөп,ситиһиини баҕарабын, - Владлен утуйары - сынньанары билбэккэ,сыраларын - сылбаларын харыстаабакка үлэлиир уолаттарга ис сүрэҕиттэн махтанара.. - Дьыалабытын быһаардыбыт да,былырыыҥҥы курдук шашлыыктыы элээрдиэхпит. Сынньаныахпыт,сылаабытын таһаарыахпыт.
  • Дьэ,ол аата үчүгэй, - Дьөгүөссэ астыммыт көрүҥнээх аан диэки хаампыта, - шашлык күүтэр эбит буоллаҕына.бу дьыаланы хайа кыалларынан түргэнник быһаардахпытына сатанар! Өрөспүүбүлүкэ борокуруора,ыарыһах көрүҥнээх,сааһыра барбыт толуу киһи,Владлены үчүгэйдик билэрэ. Главка хонтуоратыгар киирбит айдааннаах хас да дьыаланы арыйбытын кэннэ Владлены ытыктыыр,тугу эппитин ылынар буолбута. Борокуратуура саалатыгар уон икки киһи,бары борокуратуура үлэһиттэрэ,мустубут этилэр. Милииссийэ бэрэстэбиитэлэ соҕотох Владлен эрэ баара. Ол дьон быыһыгар Фомины көрө түһээт,иһигэр мөҕүттүбүтэ: "Хайыы сахха манна баар буолбут,хаһан кэлэ охсубут баҕайыный?" Мунньаҕы борокуруор аспыта.
  • Убаастабыллаах кэллиэглэр,иэюээннээх трагедия буолла,бүтүн ыалы кэйгэллээтилэр,дьиэни уоттаатылар. Өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэнэ бу сылы Оҕо сылынан биллэрбитэ. Ол үрдүнэн туох да буруйа суох оҕолору өлөрлүлэр. Биһигини бу иһин ким даҕаны бырастыы гыныа суоҕа. Миигин бырабыыталыстыбаҕа уонна өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай мунньаҕар силиэстийэ хайдах баран иһэрин иһитиннэр диэн ыҥырдылар. Миэхэ силиэдэбэтэл Фомин иһитиннэрбитинэн,күөн туттарбыт билиҥҥитэ туох да суох. Ьүгүҥҥү мунньахха бу дьулаан буруйу утарыппакка арыйарга тугу гынары быһаарыах тустаахпыт. Билигин тылы Фомиҥҥа биэриэҕиҥ. Кини быһылаан тахсыбыт сиригэр сылдьыбыта,сибилигин кэллэ. Быһыы - майгы хайдаҕын сиһилии иһитиннэриэҕэ. Фомин турбута,Владлены көрөн баран эҕэлээхтик мүчүк гыммыта уонна дакылааттаабытынан барбыта:
  • Бүтүн ыалы имири эстилэр: кэргэнниилэри уонна сокуоннай саастарын ситэ илик үс оҕону. Онно олохтоох опердар уонна борокуруор үлэлииллэр. Ол эрээри,мин көрүүбэр сыыһа хайысханы тутуһар курдуктар. Кинилэр өлүөхсүттэр ыаллара Ефремовы туппут төрүөттэрэ - дьиэтин таһыттан көсүлүөгү булбуттар. Мин көсүлүөгү бүрүстүүпүнньүктэр суолларын бутуйар сыаллаах соруйан бырахпыттар диэн бигэргэтэбин,онтон холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ ол мэҥиэни хабан ыллылар. Маннык маассабай өлөрүүгэ бүтүн бөлөх кыттыгастаах дии саныыбын,онон өлөрүөхсүттэри оройуоҥҥа баар блатнойдар,аптарытыаттар истэригэр көрдүөххэ наада. Онно дьыаланы подполковник Александров бутуйар. Бэйэтэ уоппускаҕа сылдьар эрээри,силиэстийэҕэ орооһор. Олохтоох борокуруору хайдах эрэ тылыгар киллэрэн,Ефремовы хаайтарда. Владлен дьон дьылҕатын быһаарыахтаах дуоһунастаах киһи дойҕоҕун истэ олорон,бу силиэдэбэтэл ычата олус татымын дьиҥнээхтик итэҕэйбитэ. "Гена маладьыас,төһөтүн да иһин уорбаланааччыны хаайтарбыт, - диэн санаабыта Фомин ыаһаҕын истэрин быыһыгар. - Ефремов буруйун син биир ыраас мууска таһаарыахпыт,дьэ ол кэнниттэн улуутумсуйбут силиэдэбэтэл сыыҥын сотуннун". Фомин бүппүтүн кэннэ ,борокуруор Владлены туруорбута.
  • Дьэ,аны холуобунай ирдэбил биһиэхэ туох этиилээҕий? Владлен туран,Фомин дакылаатыттан абаламмытын аһарына түспүтэ уонна холкутук тус санаатын этэн барбыта:
  • Бастатан туран,Геннадий Григорьевич хаһан да кими да бутуйбатаҕа. Кини - бэртээхэй оперативник,уоппуттаах сыщик. Онтон буруйу арыйыыга кыттыспыта - оруобуна кэмигэр уонна миниистир көҥүллээһининэн, - Владлен кыратык киитэрэйдиир санааламмыта: миниистиргэ быыс булан этэ илигэ. Ол эрээри миниистир Геннадий силиэстийэҕэ кыттыспытыгар үөрүөх эрэ этэ. - Иккиһинэн,өлөрүү сонно биир кэмҥэ буолбатаҕа,уон чаас иһигэр буолбута диэн бигэ санаалаахпыт. Ол аата эмсэҕэлээччилэр дьиэлэригэр эрдэттэн киирэн күүппүт уонна биир - биир өлөртөөбүт. Онон уорбалыыр санаа Ефремовка - Крыловтар ыалларыгар - түһэр. Ыал аҕа баһылыга Матвей Крылову кытта кини иирсэ сылдьыбыттаах. Үсүһүнэн,блатнойдар "харалар", маннык дьыалаҕа санамматтара биллэр. Кинилэр,төһөтүн да иһин,туспа сокуоннаахтар: оҕоҕо илиини көтөҕөргө киһи эрэ санаммат. Онтон табаарыс Фомин "ааһан иһэн" түрмэ иеархиятын таарыйбыт буоллаҕына,быраактыка көрдөрөрүнэн оҕоҕо сыһыаннаах саамай сидьиҥ буруйу "блатнойдардааҕар" лаппа алын кэрдиискэ турар урдустар оҥороллор. Атыннык эттэххэ,дьиэ иһигэр ымыр да гыммат садист - өлөрүөхсүт баар эбит,буолаары - буолан соҕотох. Бүрүстүүпүнньүктэр бөлөхтөрө бачча уһун кэм устатыгар элбэх киһини,өссө оҕолору буола - буола,өлөрөр суос - соҕотох соруктаах буруй тахсыбыт сиригэр холкутук сылльыан төрүт табыллыбат. Хайалара эмэ булгуччу тулуйуо суохтаах этэ. Хатылаан этэбин,соҕотох киһи,маньяк майгылаах,садист өлөрбүт. Итиниэхэ тутуллубут Ефремов оруобуна сөп түбэһэр. Билигин бэйэбит дьоммут бу киһи майгытын чинчийэллэр, - Владлен саҥаран бүтэн ыйыталларын кэтэспитэ.
  • Хата,элбэх киинэни көрбүт эбиккит дии,бүрүстүүпүнньүктэр былааннаабыттарын курдук иһэҕит, - Фомин эҕэлээхтик тыл бырахпыта, - бөлөҕү көрдүөххэ наада,бөлөҕү - ү - ү, - диэн унаарыппыта. - Уонна блатнойдары көмүскэһэн бүт. Туох да буруйа суох эдэр киһиэхэ сыбаары гынаҕыт дуо?! Тохтуоххут эбээт! Ефремов өлөрүөхсүт диэн бэл нэһилиэнньэ итэҕэйбэт. Оройуон урбаанньыттара,кэммэрсээннэрэ буруйдаахтары тутар туһугар манньа харчы хомуйаллар.
  • Табаарыс Фомин. - Владлен эмискэччи Геннадий эппитин саныы биэрбитэ, - төһөннөн элбэх өлүк баар да,биир оччо өлөрүөхсүт баар диэн хантан ылбыт луогукаҕыный? Быраактыка төттрүтүн көрлөрөр. Биһиги "блатнойдары" көмүскээбэппит - олордобут. Кинилэр сокуоннарынан оҕону өлөрүү бобуллар. Онтон киинэни көрүү туһунан этэр буоллахха,сорҕор үчүгэй киинэни силиэдэбэтэл сыщигы кытта биир сүбэннэн буруйу сатаан арыйалларын - көрөр хайаан да наада. Хайдах наар солуута суох киинэни көрдөрүөхтэрэй? Аны манньа,соболоҥ туһунан этэр буоллахха: биһиги ол инниттэн үлэлиир буолбатахпыт,буолаары буолан,оҕолору өоөрбүт дьыалаҕа. Хомуйбут харчыларын,хата,өлбүттээхтэр аймахтарыгар биэрдиннэр - киһилии көмөллөрүн туһугар.
  • Ээ,ол эн быраактыкаҥ диэхтээн, - диэн Фомин сирбиэтэнэн тугу этээри гыммытын Владлен кыайан өйдөөбөтөҕө.
  • Тыл бырахсан бүтүҥ, - борокуруор Фрминнаах Владлен хапсан ылбыттарын тохтоппута, - көрүҥ,икки биэрсийэ ойууланан тахсар: бастакыта - Ефремов өлөрбүт,иккиһэ урут сууттана сылдьыбыт дьон өлөрбүттэр. Иирсимэҥ,тугу да үллэстэргит суох,ити икки биэрсийэҕэ үлэлээҥ. Буруйу арыйыахха наада. Туох үлэни ыыппыккытын миэхэ,сарсыарда буоллун,киэһэ буоллун,иһитиннэрэ туруҥ.

Владлен министиэристибэҕэ киирбитэ,көрүдүөргэ уу чуумпу этэ. Кирилиэһи дабайан истэҕинэ,постовой ыҥыран тохтоппута уонна бүк тутуллубут лииһи ууммута.

  • Хайа эрэ гражданка кэлэ сылдьыбыта,эһигини кытта көрсүөн баҕарбыта. Владлен кабинетыгар тахсан кофе куттубута уонна саппыысканы аахпыта: "Ытыктабыллаах Владлен Семенович,мин Эһигини кытта өлөрүү дьыалатыгар кэпсэтиэхпин баҕарбытым. Баһаалыста,миигин приемнааҥ! Төлөпүөнүм нүөмэрэ лиис кэннигэр сурулла сылдьар". Саппыысканы туспа ууран баран,Соппуруонабы булар санааламмыта. Киһитин куораттааҕы отделга төлөпүөннээн булбута

  • Хайа,Дьөгүөр,эппэрээссийэ хайдах баран иһэрий? - соччо эрэммэтэр да ыйыппыта.

  • Сарсыарда барыларын ыйан - кэрдэн ыыппытым. Биир бөлөхпүт уорбаланар киһини тутта,мин ону кытта кэпсэтэ олорбун. Уопсайынан,бакаа чуумпу.

  • Чэ үчүгэй,миэхэ биллэрэ тур. Владлен,кофетын иһэн бүтээт,саппыыскаҕа баар нүөмэргэ төлөпүөннээбитэ.

  • Алло,бу холуобунай ирдэбилтэн төлөпүөннүүбүн. Араспаанньам - Димов.

  • Уой,Владлен сэСеменович,мин эһигини кытта суһал дьыалаҕа көрсүөхтээх этим. Ол оройуоҥҥа дьиэ кэргэни өлөрүүгэ,били уматыллыбыт дьоҥҥо,сыһыаннаах, - хайа эрэ дьахтар олус таайтарыылаахтык саҥарара.

  • Эһиги миэхэ,министиэристибэҕэ,кэлэр кыахтааххыт дуо? - Владлен,дьикти дьахтар саҥатын истэн,бэркэ сэргэҕэлээбитэ, - постовойга этиэм,оччоҕо кэбиниэппэр сирдээн аҕалыаҕа.

  • Олус үчүгэй! Аны чаас аҥаарынан тиийиэм. Владлен,омос көрөөт,дьахтар сааһын быһаарбатаҕа,кырдьа илик эбэ диэххэ сөбө дуу,,биитэр сааһыра барбыт ийэ дииргэ сөбө дуу? Уоппуттаах литератор үгүс элбэх кэпсэтиитэ суох бальзак саастаах дьахтар диэх этэ. Дьахтар киирээт,сонно саҥарбытынан барбыта:

  • Владлен Семенович,миэхэ болҕомтоҕун уурбутуҥ иһин баһыыба! Уопсайынан,эйигин,үлэҕин,бүрүстүүпүнньүктэри харыларыттан харбаан ыларгын сөхпүтүм ыраатта. Бутуурдаах ыар буруйу арыйарга экстросенсорнай дьоҕурдаах буолуохха наада. Эйиэхэ ол дьоҕур баара саарбахтаммат даҕаны... Владлен,бу дьахтар ньуолбар куолаһын истэ олорон,хайдах эрэ сэргэхсийиэх санаата кэлбитэ. "Кэм миэхэ түбэһэн истэҕэ! - улаханнык хомойбут киэбинэн. - Чахчы экстрасенс быһыылаах". Владлен ичээннэр,сэрэбэйдьит дьахталлар көрбүөччүлэр диэннэри төрүт итэҕэйбэт,ылыммат этэ. Хайа да айдааннаах буруй,ордук,өлөрүү тахсыбыт буоллаҕына,хайаан да экстрасенспыт дэнэр саарбах дьон буулааччылар. Бу дьонҥ "буруйдааҕы этэн биэриэхпит" диэн сыҥаланыы бөҕөтө. Дьэ,балар ыйыыларын - кэрдиилэрин ылыммыт милииссийэ дьыалата хаахтыйар диэн быһаччы этиэххэ сөп. Хас эмэ ый,өссө оннооҕор элбэх сыл дьуоҕурдаҕа ол диэн эрэнэн кэбис. Владлен үлэлээбитин усталаах - туоратыгар сүүһүнэн ыар быһылааҥҥа сылдьыбыта да,экстрасенс буруйу арыйыыга чахчы көмөлөспүт биир эмэ түбэлтэтин өйдөөбөт. Арай биирдэ маннык буолбуттаах. Владлен оччолорго куорат ИДьУ - гар үлэлиирэ. Ол сылдьан алҕаска биир отдел криминал милииссийэтин начаалынньыга күннээҕи планеркатын көрбүөччүлэр баалларыгар ыытарын билбитэ. Кыратык аралльыйа таарыйа оньо хайдах барарын өйбүтүгэр оҥорон көрүөҕүҥ. Кириминээл милииссийэтин начаалынньыга көрбүөччүгэ этэр:

  • Табаарыс экстрасенс,бүгүн биһиги территориябытыгар ороспуойдуу саба түһүү - биир,чааһынай бас билиини уоруу - алта, өлөрүү - биир,ыарахан көрүҥнээх эчэтии икки түбэлтэтэ таҕыста. Дьэ,манан сибээстээн тугу этэр кыахтааххыный? Көрбүөччү сирэйдиин - харахтыын уларыйан,дьоһуннук туттан туран хараҕын симэр уонна милииссийэ үлэһиттэрин иннигэр кэлэн илиитин уунар;

  • Славян сирэйдээх үс уол маҕаһыыҥҥа киирэн бэрэдэбиэскэ ыстаналларын көрөбүн. Биир уол харытыгар "любовь до гроба"диэн татуировкалаах. Атыттарын куһаҕаннык көрөбүн,бэйи,бары мааскалаахтар эбиттэр дии! Кириминээл милииссийэтин начаалынньыга улаханнык сөхпүт киэбинэн оперга дьаһал биэрэ охсор:

  • Истэн баран турума,туох быһыылаахтарын,дьүһүннэрин суруна оҕус! Биһиги учуоппутугар баар дьонтон ким эмэ сөп түбэһэр баар дуо? Опер ис иһиттэн абаланнар да,бүрүстүүпүнньүктэр туох бэлиэлээх эбиттэрин суруйарын быыһыгар толкуйдуур: "Бу абааһы баара, славян дьүһүннээхтэр диэн хантан билэр баҕайыный,бары мааскалаах эбит буоллахтарына?!" Баҕар,планерка атыннык барбыта буолуо,ити - бэйэбит фантазиябыт буоллаҕа,чэ,ол туох да оруола суох. Ити курдук дьаабыны билэн баран,биирдэ Владлен планеркаҕа тиийэн кэлбитэ уонна,бары көрөн олордохторуна,көрбүөччүнү үүрэн таһаарбыта. Ол кэнниттэн салайаачыны: "Үлэлиир сиргэ оккультизмы бырапагаандалыыр буоллаххына,дуоһунаскыттан уһуллуоҥ", - диэн кытаанахтык сэрэппитэ. Опердар,көрбүөччүлэр ыйыыларынан - кэрдиилэринэн сүүрэкэлээн эрэйи көрбүт дьон,чэпчээбиттии өрө тыыммыттара. Кырдьык итинтэн ыла буруйу арыйыылара биллэ тупсан барбыта. Биллибэт дьикти дьахтар салгыы саҥарбыта:

  • Мин Василиса Евграфовна диэммин,судургутук Василина да диэххин сөп,удьвор экстарсенспын. Аҕам биллиилээх отоһут этэ. Миэхэ оройуонтан дьүөгэм Копыловтар дьиэ кэргэни өлөрбүт дьону буларга көмөлөһөрбөр көрдөһөн төлөпүөннээбитэ. Дьэ,ол иһин бу кэллим.

  • Крыловтары, - Владлен Василинаны көннөрбүтэ.

  • Ээ,Крыловтары. Бөлүүн сэрэбэйдээбиппэр,маннык хартыына тахсан кэллэ,кинилэри соторутааҕыта хаайыыттан тахсыбыт дьон өлөрбүттэр. Хаһаайын хаартылаан улахан иэскэ киирбит,ол иһин барыларын өлөртөөбүттэр. Өлөрүөхсүттэр үстэр,бастаан барыларын муомахтаабыттар,ол кэнниттэн дьиэлэрин уоттаабыттар. Владлен,иннигэр экстарасенс олорорун билэн баран,кэпсэтиини тохтотуон уонна "кэбиниэттэн таҕыс" диэн баҕарталаабыта эрээри,туох эрэ тохтотор курдуга. Баҕар,ис санаатыттан милииссийэҕэ көмөлөһө кэлбит дьахтары үүрэн таһаарар сүрэ бэрдэ буолуо. "Туох ааттаах бары буруйу арыйа сатаан сыҥаланаллара буолла? - диэн санаа киирбитэ өтөрүнэн араҕар санаата суох олорор бу гражданканы хайдах гынан утаарбыт киһи диирин быыһыгар, - бу кэриэтин итэҕэйэр дьону эмтээбитэ буоллар,төһө эмэ көдьүүс буолуо этэ. Төһөтүн да иһин итэҕэйии көдьүүһэ диэни ким даҕаны туора сото илик ээ. Онуоха буруйу оҥоруу туох сыһыаннааҕый? Манна бэйэни итэҕэтэн туһаны ылбаккын".

  • Мин быһылаан тахсыбыт сиригэр тиицэ сылдьыахпын баҕарабын, - диэбитэ дьахтар салгыы, - онно тиийдэрбин бүрүстүүпүнньүктэр дьүһүннэрин өссө үчүгэйдик ойуулаан көрдөрүөм этэ. Массыына биэрэргит эбитэ буоллар,онно тиийэ сылдьарбар... Владлен эмискэ дьээбэлэниэх санаата киирбитэ.

  • Арба,Фомин диэн силиэдэбэтэли билэҕин дуо?

  • Суох,онно туох баарый? - дьахтар оҥоһуу кыламаннарын тырым - ирим хамсаппыта.

  • Тоҕо бэрдэй билбэккит? - Василинаны хомуруйбут курдук туттубута, - Улуу силиэдэбэтэл диэн кини баар,ити өлөрүү дьыалатынан быһаччы дьарыгырар. Хата,борокуратуураҕа тиийэн кинини булуҥ уонна бүрүстүүпүнньүктэр тустарынан кэпсээн биэриҥ. Массыынаны сонно биэриэ. Арай биир көрдөһүүлээхпин: миэхэ сылдьыбыккын төрүт кэпсээмэ. Кэпсээтэххинэ,үөһээҥҥи күүстэри кытта ситимиҥ быстыа,ол туох аанньа буолуой.

  • Уой,төҕө үчүгэйэй,чэ,оччоҕо мин киниэхэ сүүрдүм. Миэхэ координаттарын биэрдэргит. Оттон эйиэхэ сылдьыбытым туһунан - кэбис - кэбис,ылы - чып! - дьахтар сөмүйэтин биллэ кырааскалаах уоһугар даҕайбыта. Василина ааны сабан тахсыбытын кэннэ,Владлен чэпчээбиттии өрө тыынан кэбиспитэ уонна Геннадийга төлөпүөннүүр санааламмыта. Сэрэйбитин курдук,кинини райотделтан булбута.

  • Гена,Ефремовы хаайтарбыккын истибитим,олус бэрт. Мин манна Фомины кытта хапсан ыллым. Эйиэхэ сүлүһүн сүөккүүртэн ордубат,туох баар буруйу эдэр киһиэхэ сыбыыр үһүгүн. Ирдиирэ диэн баанданы...

  • Сах салаатын кинини, - Геннадий ситэ саҥарбатаҕа. - Куһаҕана диэн баар: Фомин бэйэм силиэстийэлиибин диэ дьыаланы олохтоох борокуратуураттан туура тутан ылыаҕа. Дьэ,уонна кинини кытта хайдах үлэлиибит?

  • Тугуй,билиммэт дуу? - Владлен Ефремов туһунан ыйыппыта.

  • Бакаа суох. Киһи тутуһуоҕа туох да суох,,барытын мэлдьэһэр,дьиэбэр утуйа сыппытым дииртэн атыны билбэт. Ийэтин кытта быраата ону бигэргэтэллэр.

  • Чэ,туох да диэтин,сүьүн санаабытын син биир тутуһуохпут,быһаарсыахпыт, - диэн бүтэһигэр Геннадийы уоскуппута. Киэһэ аҕыс чааска ИДьМ дьуһуурунайа Владлеҥҥа кинини миниистир ыҥырарын биллэрбитэ. Миниистир кэбиниэтигэр соҕотох этэ. Владлен киирбитигэр сынньанар хоһугар ыҥырбыта:

  • Киирэн кофета иһиэх,кэпсэтиэх. Бу ыйга киирэн баран Владлен аан бастаан дьиҥнээх,арамаат сыттаах кофены истэ!

  • Өрөспүүбүлүкэ борокуруора төлөпүөннүү сырытта, - кофелаах чааскытын киэр анньан баран,миниистир борокуратуураҕа буолбут сүбэ мунньах боротокуолун факстан хостоон ылбыта, - кини сүбэ мунньахха икки биэрсийэ баарын быһаардыбыт диир. Сүнньүнэн,эн биэрсийэҕэр санаата сытар эбит,ол эрээри бэйэтин силиэдэбэтэлин өһүргэтиэн баҕарбат. Эн сабаҕалааһыҥҥын ордорор гынан баран,итиччэ эдэр уол бүтүн дьиэ кэргэни хайдах кэйгэллиэн сөбүн эмиэ да саарбахтыыр. Баҕар,онно хайа эрэ маньяк көстүбүтэ буолаарай? Ол иһин борокуруор " үлэҕитин күүһүрдүҥ" диэн көрдөһөр. Быһата эйиэнин тохтоторго биитэр сүрүн биэрсийэ гынарга диэн санааны этэр. Улахан айдаан тахсар чинчилээх,борокуруор кэннэ,аны миигин истэллэрэ эрэ хаалла. Онон быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийэн икки күн кэриҥэ көр - иһит,сабаҕалааһыҥҥын дакаастаа.

  • Табаарыс генерал,онтон били ороспуонньуктарбытын? Болльох биэрбиккит дии...

  • Буоллун. Бэйэҥ оннугар кими эрэ хааллар,үлэлэрин салҕаатыннар. Дьыала хайдах курдук дуорааннанан тахсан иһэрин билбэккин быһыылаах. Главкаҕа хонтуруолга ыллылар,онтон манна эмсэҕэлээччилэр аймахтара бырабыыталыстыбаҕа айдаан тардан эрэллэр.

  • Өйдөөтүм,табаарыс миниистир,хаһан айанныыбын?

  • Сарсын сарсыарда айаннаа. Ол сиртэн миэхэ быыстала суох биллэрэ тур. Өйдөөтүҥ дуо?

  • Өйдөөтүм,табаарыс генерал! Барабын көҥүллээҥ.

  • Дабаай. Владлен кэбиниттэн тахсан иһэн санаабыта: "Аймахтара манна туох сыһыаннаахтарый?! Онто да суох буруй арыллыахтааҕа биллэр буоллаҕа дии. Төһөтүн да иһин,дьон өллөхтөрө. Дьэ,ол аймахтар туох да буруйа суох оҕолору өоөрөр саҕана ханна сылдьыбыт дьонуй?! Абаккарарга эрэ бэртэр!" - Владлен силиэстийэ кэмигэр аймахтар орооһоллорун төрүт сөбүлээбэт этэ. Дьэ,ол дьон барыны - бары уорбалыыллара, "дьыаланы уһаттылар" диэн үҥсэллэрэ элбиир. Инньэ гынан быраабы харыстыыр уорганнарга харгыһы оҥороллор. Түүн уон биир чааска Владлен эппэрээссийэ бүтэһик күнэ хайдах ааспытыгар түмүк оҥорбута. ГРЭС түөлбэтэ хаһааҥҥытааҕар да иһийбитэ. Милииссийэ ыытар облаватыттан дьаарханан,били дьааттаах бороһуогу куппут кэннэ атын дьиэҕэ көһөр таракаан кэриэтэ,кириминээл кэккэтэ куорат атын түөлбэтигэр көспүтэ. Онон эппэрээссийэ үһүс күнэ барыларыттан саамай хобдох түмүктэммитэ. Мунньах кэннэ Владлен Соколов Ильяны ыҥыран ылбыта:

  • Ылдьаа,сапсын оройуоҥҥа,быһылаан тахсыбыт сиригэр айанныыбыт,онон дьиэлээ,барарга бэлэмнэн. Сарсыарда тоҕус чааска манна көрсүөхпүт. Баһаалыста,суоппар Өлөксөйү булан эт: массыынатын бэлэмнээтин,эрдэ туран саппыраапкаланнын,бэнсииннээх кэниистири эбии ыллын.

  • Үчүгэй,барытын оҥоруом. Мин өссө сарсыардаттан ол сиргэ тахса сылльарга эйигиттэн көрдөһөр санаалааҕым да,ончу быыс булбатым. Хата,иккиэн бииргэ барарбыт олус бэрт эбит! Владлен дьиэтигэр кэлбитэ,бэҕэһээҥҥи,иллэрээ күннээҕи,нэдиэлэ анараа өттүнээҕи хартыына курдук этэ: дьоно утуйа сыталлара,остуолга сойбута ырааппыт аһылыга турара. Бириэмэ хам хараҕаланан хаалбыт курдуга... "Оруобуна "День сурка" курдук буолан түһэн", - эмиэрикэлэр киинэлэрин санаан ылбыта. Ол киинэҕэ күннэрэ дьикти баҕайытык хатыланара. Курустук мичээрдээн эрэ кэбиспитэ. Кэргэнэ уолчаанын кытта утуйа сытар хосторугар тыаһа суох киирэн ороннорун баһыгар олорбута уонна саамай күндү дьонун,уһуннук,сылаастык имэрийэ көрбүтэ. Миигин кытта олорон,дьэ туох үчүгэйин көрдүлэр? Мэлигир. Наар үлэбэр бүгэбин. Ол хаһан да бүппэт үлэ тугу да хаалларбакка супту оборон ылла. Маннык олорор хайдах табыллыай,хаһан эрэ тохтоотоххо сатанар. Уолум төрөөбүтүн кэннэ биирдэ да уоппуска ылбатым...Күһүн хайаан да путевка ылан сынньана барыахха наада,уолбар муораны көрдөрүөм. Сэгэртэйим,баһыыба,олус да тулуурдааххын...Бүттэ,быһаарылынна,муоралыырга!" Дьонун кытта кэмниэ кэнэҕэс сынньана барарын санна,Владлен дууһалыын чэпчииргэ дылы буолбута,сир үрдүгэр киниттэн ордук дьоллоох суоҕун курдук мичээрдээбитэ уонна нэһиилэ дьыбааҥҥа тиийээт өлбүттүү утуйан хаалбыта.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 02:23

ОЛ СИРГЭ

Сарсыарда бэҕэһээ киэһээҥҥи аһылыгын сиэн баран,Владлен остуолга саппыыска хаалларбыта: "Барахсаттарым,мин хомондьуруопкаҕа баран эрэбин,икки хонугунан эргиллиэм. Сыллыыбын - ууруубун. Паапаҕыт. Министиэристибэҕэ кэлбитэ,чаһыы аҕыһы ааспыт диэн көрдөрөрө. Дьуһуурунайтан сууккатааҕы быһылаан субуоккатын ылан кэбиниэтигэр тахсыбыта уонна чаанньыгын холбообута. Субуокканы сирийэн көрөн баран,кофе куттубута,сытырҕаан көрбүтэ,ол кэнниттэн түннүгү аһаат ыһан күдээриппитэ."Кофе" диэн суруктаах хараҥа - болоорхой өҥнөөх эрзан - кофетын бааҥкатын илиитигэр ылан,эргичиҥнэппэхтии түһэн баран,тэйиччи соҕустан бөх корзинатыгар оруобуна "дьоп" гына түһэрбитэ. Үчүгэйдик бырахпытыттан астыммыт киһи киэбинэн: "Албын солбук сөп гынна,аны дьиҥнээҕинэн олоруохха. Бу өйдөөн көрдөххө туох баар иэдээммит ити солбуктартан тахсар эбээт! Силиэдэбэтэл солбуга,сыщик солбуга,чиновник солбуга - барыта. Ити барыта чахчы дьиҥнээх эбитэ буоллар,олохпут букатын атын буолуохтаах этэ!" - дии санаабыта. Бу туран биир оперативнигы санаан ылбыта. Ол үлэһит тыыннаах бүрүстүүпүнньүк диэни ончу харахтаабатаҕа,биир да буруйу арыйбатаҕа,ол эрээри начаалыстыбаҕа ньыла көтөрө бэрт буолан,полковникка тиийэ үүммүтэ. "Таҥараҕа махтал,мин уолаттарым оннук буолбатахтар,бары дьиҥнээхтэр", - диэн оперативниктарын,киниэхэ бас бэринэр үлэһиттэрин,иһирэхтик санаан ылбыта. Оруобуна уон чааска сүүрбэ тохсус "Волга" министиэристибэ кэтэх өттүгэр бэлэм турара. Владленнаах Соколов массыынаҕа кэлиилэригэр Лёха, "Волга" суоппара,тугу эрэ киҥинэйэн ыллыы - ыллыы,мотуорун хасыһара. Кэннинэн турар буолан,чугаһаабыт дьону көрбөтөҕө. Соколов тыаһа суох үөмэн кэлээт,эмискэччи санныттан харбаан ылаат:

  • Чыычаах,туоу ыллаабыта буолаҕын?! - диэбитэ. Лёха,уолуйбут омунугар,сирэйэ уһаан хаалбыт,эргиллэ биэрэн,бэйэ дьоно туралларын көрбүтэ уонна,соһуйбутун аһарына сатаан,мичээрдээбитэ буолбута:
  • Ки - к - киһини т - тоҕо со - соһутаҕыт,кэ - кэлэҕэй оҥороору гынаҕыт дуо?
  • Чэ,эн онтон да суох кэлэҕэйгин буолбат дуо, - Соколов көхсүгэ "тап" гына охсубута, - дабаай,айанныахха! Өлөксөй,мас көнө,өссө арыый нүкэн соҕус уол,оперативниктар бары сөбүлүүр киһилэрэ этэ. Сыщиктар туох да кэтэх санаата суох өрүү көрүдьүөһүрэн,дьээбэлээн тахсаллара. Уоллара онтон төрүт өһүргэммэккэ,ойдубут тииһин көрдөрөн,мичээрдээн эрэ кэбиһэрэ. Сорох тылын куһаҕаннык саҥарара,ыксаатаҕына - долгуйдаҕына,кэлэҕэйдиирэ,ол иһин уолаттар "Логопед" диэн хос ааттаабыттара. Сороҕор арыгы иһэр түгэннээҕэ. Улаханнык "кыанан" уруулга олордоҕуна,түргэн хаамыылаах киһи чааска биэс килэмиэтири хаамарын курдук айаннаан сыннарара. Атын суоппардартан итинтинэн уратылааҕа. Биир түүн сыщиктар ибис - иччитэх уулуссаннан сыннаран иһэрин көрбүттэрэ. Тохтотоору,хаста да массыына иннигэр - кэннигэр түһэ сатаабыттарын үрдүнэн,кымаардаан да көрбөккө айаннаабытын кубулуппатаҕа. Балачча уһуннук эккирэппиттэрин кэннэ,дьэ дьиэтин олбуоругар киирэн тохтообута. Опердар кэбиинэтин аанын аспыттарыгар,Лёха сиргэ "ньылк" гына түспүтэ. Бу бэрдэ суох дьыаланы начаалыстыбаттан кистээбиттэрэ,уопсайынан даҕаны,кинини төһө кыалларынан харыстыыр этилэр. Ити түбэлтэ кэнниттн "Лёха - автопилот" диэн сүрэхтээбиттэрэ эрээри,кыайан иҥпэтэҕэ,онон сол курдук "Логопедынан" хаалбыта. Боруомунан устан истэхтэринэ,өрүс долгунурбута,тыал үрбүтэ,хараҥа былыттар сабыдыһан тахсыбыттара уонна сайыҥҥы бастакы ардах куппутунан барбыта.
  • Самыыр - үчүгэй бэлиэ. Бу уйгу - быйаҥ уонна баардаах олоххо, - Владлен кэллиэгэлэрин эргиччи көрбүтэ, - манныкка туран биэриэхтээххин,уһун кыһыны быһа мустубут айыыгын - хараҕын ньылбы сууйтарыахтааххын. Бары массыыналарыттан тахсан,самыыр хоту илиилэрин уунан лаппа илийиэхтэригэр диэри турбуттара.
  • Чэ,сөп буолуо, - диэбитэ Владлен, - массыынаҕа киириэҕиҥ.
  • Дьэ,Лёха,билигин баҕас бу дьыаланы түргэнник арыйыахпыт,туох баар бит - билгэ биһиги туһабытыгар, - диэн Соколов Өлөксөйү дьээбэлээбитэ.
  • Кырдьык этэҕин дуо? - Лёха Ылдьааны итэҕэйбит көрүҥнээҕэ. Устан истэхтэринэ,самыыр сороҕор күүһүрэн ылара,ардыгар ибиирбитинэн барара,ол быыһыгар букатын даҕаны тохтоон ылара. Муора күүстээх долгуна шлюпканы хачайдыырын курдук,боруомнара иҥнэҥнээн ылара. Уҥуоргу кытылга өрүһү туораан куоракка айанныыр чинчилээх биир да массыына суоҕа. Паньыараҕа "Соки,напитки,вода" диэн ыксалынан суруллубут эрэкэлээмэ таһынааҕы тааска суончукка хаххаланан олорон,сүрэҕэлдьээбит көрүҥнээх буфетчик табаах тардан унаарытара. Ылдьаа онно сүүрэн тиийэн икки бытыылка ууну атыылаһан аҕалбыта - айаҥҥа наада буолуо. Айанньыттар хоҥноотторун кытта самыыр эмиэ суккуйбутунан барбыта. Суол алдьанан,массыыналара бастаан туора - маары араастаан куйбарыҥнаабыта,онтон ардах астан,сир чалбаҕы олоччу иҥэриммитин кэннэ,букатын даҕаны тохтоон хаалбыта. Онтон тыа суоппардара оруобуна кинилэр курдук легковушкалаах эрээри,туьх да буолбатаҕын курдук аттыларынан ыһыырдан ааһаллара.
  • Хайа,Лёха,айанныыбыт дуу,уҥа - хаҥас көрө - көрө олорбут дуу? - Соколов инники олбоххо олорон киһитин супту көрбүтэ.
  • Көлөһөм "килэгир тараҕай",халтархайа бэрт,онтон ааһар дьон киэнэ бадарааҥҥа аналлаах...
  • Эйиэнэ көлөһөҥ буолбакка,суобаһыҥ тараҕай, - Соколов суоппарын кэнэйдиирин кубулуппатаҕа, - эйиэхэ айаҥҥа бэлэмнэнэргэр бириэмэ бэриллибитэ эбээт,дьэ уонна көлөһөҕүн тоҕо уларыппатыҥ?!
  • Самыыр түһүө диэн хантан билиэхпиний, - Лёха сыыһыны оҥорбутун билиммитэ, - бу кэмҥэ үксүгэр ардаабат буолара.
  • "Хантан". Туохха барытыгар бэлэм буолуохха наада, - Соколов салгыы мөҕүттүбүтэ. Владлен кэннэки олбоххо олорон мичээрдиирин быыһыгар Лёха эрэйдээх хайдах мөҕүллэрин истэ сатаан баран,уолга көмөлөһөр санааламмыта.
  • Өлөксөй,массыынаҕын умуруор, - суоппарга хамаандалаабыта, - чэйиҥ,таһырдьа тахсыаҕыҥ. Таһырдьа тахсыбыттара,үөрүөх быатыгар,халлаан дьайҕаран эрэрэ,ыраах саҕахха күөх халлаан көстөрө.
  • Массыынаҥ тоҕо барбатын билэҕин дуо,Өлөксөй? - Владлен суоппары дьээбэлии түһүөн,үргүлдьү кутаа таһыгар олорон сынньаныан,аһыы түһүөн баҕарбыта. - Биһиги сир - дойду иччитин аһаппатахпыт,дьэ ол иһин кыыһырбытын биллэрэр. Манна бастаан кэлбит дьон быһыытынан,хаһаайыны өссө өрүс кытыытыгар туран аһатыахтаах этибит.
  • Уруулга олорор киһи,Лёха,эн бэйэҥ тэрийиэхтээх этиҥ, - Соколов дьээбэҕэ кыттыһарга санаммыта. - Аны өссө туох эрэ алдьархайы аҕалыа,чэ,амынньыарда хомуй,кутааны күүдьэптэлитиэхпит.
  • Ээ,ону баҕас, - диэт Өлөксҕөй ойуурга тэбиммитэ. Уот оттубуттара,Владлен мичээрин кыанарын быыһыгар кутааҕа халбиһыылаах килиэп тоороххойун уурбута уонна алҕаан барбыта: - Сир - дойду иччитэ обургу,аһын - харыһый. Айаннаан иһэр сирбитигэр туох да эрэйэ суох,алдьаммакка - кээһэммэккэ тиийэрбитигэр көмөлөс. Уолуҥ эрэйдээҕи,биһиги суоппарбыт Өлөксөйү,Эйигин умнан ытыктаабатаҕын бырастыы гын. Аны хаһан да итинник гыныа суоҕа! Уот үөрбүт - көппүт курдук тачыгырыы түспүтэ,өрүтэ салаамахтаан ылбыта.
  • Дьэ,Лёха,сир - дойду иччитэ бырастыы гынна, - диэн Ылдьаа түмүк оҥорбута. Аһыы түһэн баран,массыыналарыгар киирэн олорбуттара,онтон Соколов бирикээстээбитэ:
  • Чэ,Лёха,иннибит диэки! Кырдьык - хордьук массыына миэстэтиттэн хоҥнубута уонна чэпчэки баҕайытык айаннаабытынан барбат дуо? Айанньыттар хаһан уот оттуохтарыгар,айанныахтарыгар ьнтон аһыахтарыгар диэри,бириэмэ балачча бардаҕа,онон суоллара даҕаны сараҕыйа быһыытыйдаҕа. Айаннаан иһэн Соколов чахчы астыммыт киэбинэн хаста да Владлены көрүтэлээбитэ уонна Лёханы хайдах курдук итэҕэттибит диэбиттии төбөтүн кыҥнах гыммыта. Владлен дьээбэтэ бэркэ табыллыбытыттан мичээрдээбитэ,онтон сотору соҕуһунан...массыына дьулурҕатык айанныырын көрөн,аны кутаа аттыгар туран,сир - дойду иччитин айах тутан алҕаабыта чахчы туһалаах эбит диэн итэҕэйиэх санаата кэлбитэ. Ханна да тохтоон көрбөккө,айанньыттар аҕыйах чааһынан тиийиэхтээх сирдэригэр баар буолбуттара.

( салгыыта бэчээттэниэ(.

ВЛАДИЛЕН.

U
13.05.2023 14:06

Салгыыта баар дуо

Добавить комментарий