Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлөксөй

Главная / Кэпсээннэр / Өлөксөй

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
07.11.2022 09:14
875 0

Арааһа чаас ыраатта быһыылаах. Халлаан да суһуктуйан эрэр. Өлөксөй бу түүн эмиэ уута кэлбэккэ оронугар уҥа –хаҥас эргичиннии сытта. Өйүгэр-санаатыгар сатаан баппат алдьархайа аанаабытын истиэҕиттэн, түүнүн утуйарын умнан , арааһы саныыра элбээтэ. Сэрии, сэрии... Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түһэн, уоттаах сэрии саҕаламмытын туһунан бу сайын бэрэссэдээтэл барыларын мунньан иһитиннэрбитэ. Бастаан утаа дьон-аймах уолуйбуттарыттан эбитэ дуу, биитэр сэрии диэни билбэттэриттэн эбитэ дуу, омуннаатахха уонча мүнүүтэ чуумпуран олорбуттара. Оҕолор барахсаттар улахан дьон диэки соһуйбутуу көрө-көрө мээнэнэн мэлээриннии олорбуттара. Арай дьиҥнээх алдьархай аанаабытын, киһи туораттан көрөн бэрэссэдээтэл Баһылай сирэйэ –хараҕа турбутуттан уонна кытыы олорор Маайа эмээхсин , мыччыстыбыт сирэйин устун хараҕын уута тохтоло суох сүүрбүтүттэн сэрэйиэххэ сөп курдуга. Сыыйа колхуостаахтар суугунаһан туран, арбы сарбы буолан , ким салҕыы бугулларын бэрийбитэ буола, сорох аат эрэ харата дьиэлэрин диэки салланнаабыттара. Аҕыйах эр киһи баара , киксибит курдук биир сиргэ чөмөхтөһөн тугу эрэ ботур ботур кэпсэтэ турбуттара. Өлөксөй бастаан утаа хайдах эрэ “сотору бүтэр ини, биһиги сэбиэскэй армиябыт, уоран түспүт өстөөҕү имири эһиэҕэ”- дии санаабыта. Онто ханна баарый, алта ый буолла. Атын холкуостартан дьону илдьитэлээн эрэр сурахтара иһиллэр. Билиҥҥитэ кинилэр «Сардаҥа” холкуостарыгар биир да киһиэхэ бэбиэскэ кэлэ илик. “Чэ бээ, баҕар сотору бүтүөҕэ”- диэн саныы -саныы туран таһырдьа тахсан табахтаата. Халлаан дьыбардаммыта биллибит, киһи чараас таҥаһынан таҕыстаҕына тыал супту үрэр буолбут. Өлөксөй табахтаан, арыый уоскуйбут курдук буолан, дьиэтигэр төттөрү киирэн, оһоҕун оттордуу кыра олоппос ылан, оһоҕун иннигэр олордо. Уҥа диэки ороҥҥо уола Кэнчээри утуйан буккуруу сытар. Быйыл аҕыһын туолуохтаах. Өлөксөй күҥҥэ көрбүт соҕотох уолчаанын олус күндүтүк саныыр. Бу дьаат сэриитэ аймаабатаҕа буоллар ,дьэ бу кыһын сүөһүлэргэ от тиэйэригэр таарыччы туһахтыырга үөрэтэ илдьэ сылдьыахтаах этэ. Өлөксөй уолун диэки астыммыт хараҕынан көрөн ылла. Балыгыайыта баара да суоҕа да биллибэккэ, кыра оҕолуу түүрүллэн баран эмиэ утуйа сытара. Өлөксөй кэргэнин дьиҥэр оннук уҥа- таала таптаан кэргэн ылбатаҕа. Балыгыайата киниттэн быдан эдэр да этэ. Эрдэ тулаайах хаалбыт кыыс , кинилэр колкуостарыгар ыанньыксыттыыра. Уҥуоҕунан кыра уҥуохтаах эрээри, быллайбыт иэдэстээх, кыһыл хааннаах , ыйаастыгас харахтаах , аҕыйах саҥалаах кыыс , саастаах дьахталлары кытта тэҥҥэ үлэлиирэ. Эдэр, тулаайах кыыһы дьахталлар үгүстүк соруйсалларын, дьаһайалларын Өлөксөй элбэхтэ истибитэ. Сайын от саҕана этэ. Өлөксөйдөөх оттуур биригээдэлэригэр көмөҕө ыанньыксыттар , ыамнарын быыһыгар кэлэн, мунньууга көмөлөспүттэрэ. Өлөксөй онно сылдьан Балыгыайаны кытта дьэ кэпсэппитэ. Эдэр кыыс диэтэххэ, сүрдээх боччумнааҕын, аҕыйах саҥалаах эрээри элбэҕи билэрин сөҕө санаабыта. Биирдэ кыһын, хотон аттыгар кыыс ытыы турарыгар түбэспитэ. Отун сүөкээбэккэ даҕаны, кыыска чугаһаан туох буолбутун быһаарсан ыйыталаспыта. Хаҕынайан саҥарар Өндөрүүс уол, кыыска иҥээҥнээн кыһыҥҥы хараҥаҕа суолугар тоһуйан куттуу сылдьыбыт сураҕын истэн сүрэҕэ ытырбахтаан ылбыта. Онно, бу тулаайах кыыс , маннык сырыттаҕына ааһар киһи барыта атаҕастыыһык диэн санааттан , хаһан да санаабатах санаата өйүгэр охсуллан ылбыта. Сотору кэминэн Өлөксөй Баабылап , тулаайах Балыҕыайаны дьиэтигэр көһөрөн аҕалбытын туһунан ыалтан ыалга тиһиллэн, солун буолан тилэйэ көппүтэ. Балыҕыайатынаан ыал курдук олорбуттара иккис сылыгар Кэнчээри төрөөбүтэ. Онно дьэ кырдьык, аҕа буолбут киһи, олус дьолломмута. Кэргэнигэр Балыҕыайаҕа махталын бэлиэтин, окко үлэлээбит хонугар аахсыбыт харчытынан, сиидэс ырбаахы таҥаһа ылан бэлэхтээбитэ. Оо, онно көрүөххүт этэ, Балыҕыайа үөрэн , кыра оҕолуу ытыһын таһына таһына үөһэ ыстаҥалаабытын. Ону көрөн, Өлөксөй бэккиһээн үп үрүҥ тиистэрэ ыпсыбакка тохтоло суох күлбүтэ. Уолларын, кэнэҕэскитин кэнчээри ыччаппыт кэлэ турдун диэннэр Кэнчээри диэн ааттаабыттара даҕаны, аҕыс сыл тухары бу биир оҕонон бүттүлэр. Өлөксөй эбии оҕоломмотохторугар Балыҕыайатын олох буруйдаабат. Дьиҥэр, син иһигэр өссө оҕолонуохтарын баҕаран ылааччы даҕаны , бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ, дьиҥнээх төрүөт туохха сытарын. Өлөксөй аны атыны санаан үөһэ тыынна. Оо , ама Өлөксөй дьиҥнээх тапталы билбэтэҕэ буолуо диигит дуо?. Кини билбэт буоллаҕына, ким билиэй. Настаа, Настаа...бу ааты кытта таптал истиҥ тыллара Өлөксөй сүрэҕэр, ханна эрэ түгэх саһан сытан, сылааһынан ньүөлүйэн ыллылар. Кини бу дьиҥнээх ыраас тапталын, икки атахтаах билбэт, истэр кулҕаахтаах истэ илигэ буолуо. Өлөксөй хараҕар Настаата унаарыччы көрөн көстөн кэллэ. Кини Настаата буолуо дуо, доҕорун Роман кэргэнэ. Дьэ, дьикти. Кини доҕоро Роман кыыс сүгүннэрэн аҕалбытын туһунан ийэтиттэн истибитэ. Ийэтэ өссө – «дьон оҕото үчүгэйин, кийиит кыыс аҕалбыт, онтон мин оҕом орулуур отута чугаһаата даҕаны, эдэр уол курдук соҕотох сылдьар”- диэн, үгэһинэн эмиэ баллыргаабыттаах. Биирдэ эдэр дьон киэһээтин мустан оонньуур томтордорун үрдүгэр биир киэһэ , эрдэ үлэлээн кэлбиччэ Өлөксөй киэҥ хара ыстаанын, ийэтэ тикпит ырбаахытын кэтэн, холтууһун иилинэн онно тиийбитэ. Уолаттар волейболуу сылдьаллара, кыргыттар “ыалдьааччы” оруолун толорон ыһыытыы -хаһыыты олороллоро. Сотору Романнаах хамаандалара хотторон, оонньуу түмүктэнэр. Роман доҕоругар Настятын билиһиннэрээри , кыргыттар ортолоруттан сиэтэн аҕалан Өлөксөйгө “бу мин Настям , онтон эйиэнэ ханнаный” дии- дии күлбүтэ. Өлөксөй доҕоро дьээбэлииригэр кыһаммакка , чэрдээх улахан илиитин кыыска ууммута. Настя хап сабар кып кыра, намчы баҕайы илиитин биэрбитэ. Кыыс илиитин тутаат, эмискэ Өлөксөй уокка оҕустарбыт курдук буолбута. Саҥатыттан даҕаны маппыта. Аата намчытын, ырааһын, сылааһын.Эчи тарбахтара уһунун, тыҥырахтара кэрэтин. Киһи аймах маннык ураты илиилээх буолар эбит буоллаҕа дуу. Дьиҥэр олох чыпчылҕан түһэҥҥэ илии тутустулар ээ бадаҕа. Ол эрэн бу аҕыйах сөкүүндэҕэ , бу намчы илии нөҥүө Өлөксөй сүрэҕэр атан сүүрэн сүүрбүтэ. Киһи муодарҕыах кыыс сирэйэ, быһыыта таһаата, таҥаһа саба буолбакка илиитэ. Дьэ бу күнтэн саҕалаан Өлөксөй олоҕор тосту уларыйыы буолбута. Сүрэх уонна өй мөккүөрэ. Сүрэҕэ куруук Настяны көрдүүрэ, өйө наар утарар этэ. Утарымына , баар суох соҕотох доҕорун, талан ылбыт анала, кэргэн ылар кыыһын, кини туораттан көрөн тоҕо таптыахтааҕый диэн. Онтон сүрэҕэ таптыырга буруй суох дииргэ дылыта. Ол эрэн баччаҕа кэлиэр дылы Өлөксөй бу кистэлэн санаатын кимиэхэ даҕаны быктарбатаҕа. Доҕорун Роман дьолун быһа түспэтэҕэ. Хата, эдэр ыалга саамай көмөлөһөр истиҥ киһилэрэ буолбута. Баҕар бу кистэлэн иэйиитин кистээн , ыал буоллахпына санаам уларыйыа дии санааттан таптаабат да эрээри Балыгыайаны кэргэн ылбыта буолаарай. Ол эрэн онтон олох кэмсиммэт, уол оҕоломмутугар дьылҕатыгар махтанар. Настята икки оҕо ийэтэ буолбутуттан эмиэ үөрэр. Доҕоро Роман кэргэнинээн дьоллоохтук олороллоро , бу эмиэ киниэхэ дьол. Олоххо барыта күөх хонуу устун хаамыы буолбатах эбит. Балыҕыайа аргаайдык сэрэнэн туран кэллэ. Кэргэнэ бүк түһэн олорорун көрөн соһуйда эрээри доҕоро кэнники кэмҥэ утуйбат буолбутун билэр буолан тугу да саҥарбата. Туран, хаҥас диэки турар мас уһааттан баһан ылан хомуостаах тымныы ууну ыймахтаат, таҥнан симэнэн уопсай хотонугар барда. Өлөксөй, аан сабыллар тыаһыттан соһуйбут киһилии, ойон тураат , кэргэнин кэнниттэн тилэх баттаһа отун тиэйээри аттарын көлүйэ , аллараа дал диэки хаама турда. Өлөксөй сэрии толоонугар кэлбитэ үһүс сыла. Били биир түүн , уруккуну хойуккуну барытын ырыта санаабыт күнүгэр, райсэбиэккэ тиийэн тылланан сэриилэһэ кэлбитэ. Дьэ манна баар эбит, дьиҥнээх сэрии алдьархайа. 48-с истребительскай стрелковай батальон састаабыгар киирэн, Сталинград оборонатыгар сэриигэ кыттыбыта.Элбэх бииргэ сулууспалыыр табаарыстара, кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ. Бу баар,дьэ дьиҥнээх ыар сүтүк. Биир иһиттэн аһаан, хоонньоһо утуйан, биир бөппүрүөскэни үллэстэн тардыспыт доҕорун, бу аттыгар кыа хаанынан кытыастан өлө сытарын көрөрүн уонна хайдах да баҕарбытын үрдүнэн кини көмүс уҥуоҕун көтөхсөр кыаҕын суоҕа. Өлөксөй хас биирдии сүтэрбит доҕотторун иэстэһэн , фашистары утары өйдүүн санаалыын туруулаһан туран киирсэрэ. Биирдэ эмэ , кыратык чуумпурбут кэмҥэ аны дойдутун, кэргэнин, уолун санаан, санааҕа ылларара. Төрөөбүт дойдута билигин хайдах буолан турара буолла. Төһө кус-куобах баара буолла. Үлэ-хамнас хаамыта хайдаҕа буолла, эппиэтэ биллибэт боппуруос үрүт үөһэ төбөтүгэр киирэн истилэр. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ киниэхэ биир да сурук кэлбэт буолбута. Син бастаан утаа “Сардаҥа” холкуоһун уола , харандааһынан да буоллар, хам түм колкуос солунун, үлэтин –хамнаһын, кэргэттэрин туһунан суруйара. Өлөксөй манна, сэриигэ эрэ кэлэн баран , дьиҥнээхтик кэргэнин Балаҕыайаны ахтарын билбитэ. Ол аата кини таптыыр эбит, ол эрэн атыннык, Настааттан уратытык. Сэрииттэн эргилиннэҕинэ. доҕорун Балыҕыайаны уонна уолун Кэнчээрини кууһан туран, хайаан да кинилэри олус күүскэ таптыырын, ахтыбытын этиэҕэ. Бүгүн киэһэ арааһа чуумпуруук быһылаах, байыастар бары да сылайбыт көрүннээхтэр эрээри, бу аҕыйахта да буоллар көстөр чуумпу түгэни мүччү туппакка , ыраах баар чугас дьонноругар сурук суруйан бооччойбутунан бараахтыыллар. Өлөксөй эмиэ, доҕотторуттан уруучука, лиис бэссиһиннэрэн колхуоһун дьонугар сурук суруйарга сананна. “Мин кыргыһыы хонуутугар кэлбитим 3 сылыгар чугаһаата.Фроҥҥа кэлиэхпиттэн ыла көҥүл олох, Ийэ дойдуну уонна бүттүүн народ көмүскэлигэр өһөгөйдөөх өстөөҕү утары кыргыһыыга тохтоло суох эрдээхтик охсуһабын. Быйыл коммунист партия кэккэтигэр киирдим, онон сүргэм көтөҕүллэн сылдьар.Өссө миигин правительство “Сталинград оборонатын иһин” диэн медалынан уонна “Кыһыл сулус” орденынан наҕараадалаата. Бу үрдүк наҕараадалары ылбытым туһунан эһиэхэ биллэрэбин. Дөксө ордуктук өстөөҕү өлөрүөм-өһөрүөм, наада тирээтэҕинэ бэйэм олохпун даҕаны Ийэ дойду көмүскэлигэр биэриэм. Мин хараҕым көрөрүн, илиим сааны уйарын тухары хаан-өстөөҕү сир сирэйиттэн имири эсиһиэм. Биһиги сирдьиппит Сталин приказтарын инникитин даҕаны толоруом диэн андаҕайабын. Эһиги фроҥҥа көмөҕүтүн күүһүрдүн, биһиги кыайыыбыт эһиги үлэҕититтэн тутаахтааҕын өйдөөҥ. Эһиэхэ үчүгэй доруобуйаны уонна көрдөрүүлээх үлэни баҕарабын. Диэн суругун түмүктээт, кыратык түөһүгэр сыһыары тутта уонна үс гына суулаат, саллааттар суруктарын угар анал дьааһыкка илдьэн уган кэбистэ. Өлөксөй барахсан хантан билээхтиэй, онно , сэрии буолбат сиригэр, тыылга холкуоска ыанньыксытты хаалбыт кэргэнэ Балыҕыайа барахсан хоргуйан өлөөхтөөбүтүн. Чороҥ соҕотох хаалбыт уолчаана, тымныйан , ыалдьан истибэт да саҥарбат да буолбутун. Онтон колхуоһун дьоно ол ыар сүтүгү хайдах тиэрдиэхтэрин билбэккэ , муммут кус оҕолуу ыар аһыыга ылларан олороллорун. Өлөксөй кыайыы буолбутун туһунан Кенигсберг куоракка истибитэ. Арай саллааттар утуйа сыттахтарына ,сарсыарда эрдэ, палатка иһигэр олус үөрбүт саллаат сүүрэн киирэн «Ураа , Победаа”- диэн хаһытыы- хаһытыы барыларын кэрийэ сылдьан уһугуннартаабыта. Өлөксөйдөөх ууларыгар аҥаарыйан өссө туох буолбутун да өйдөөбөккө ойон турбуттара. Арай тахсыбыттара сүүһүнэн саллаат , били этэргэ дылы муора муҥхаалын тарда тураллара. Ким ытыыр, ким ураа хаһыытыыр, ким ыллыыр, ким үҥкүүлүүр. Өлөксөй хаһан да долгуйбатаҕын долгуйда. Үөрүөн дуу , ытыан дуу билбэтэ. Кини харах уута үөрдэххэ атыннык сүүрэрин, үөрүүттэн дьоллонон ытыыр харах кэрэтин манна көрөн сөхпүтэ. Тигээйи уйатын тоҕо таппыт курдук тулата барыта суугунаһыы-сааҕынаһыы. Тохтоло суох икки эрэ тыл иһиллэрэ “Урааа, Победа” уонна бэйэ бэйэни кытта куустуһуу, сыллаһыы, эҕэрдэлэһии. Күүппүт да эбиттэр бу дьикти икки тылы. Киэһэ буолуута аны атын түрүллүөн буолла. Кыайыы буолбутун үрдүнэн фашисткай Германия сэриилэрэ бэриммэккэ Кенигсберг куораты кириэппэс оҥостон олорон улахан хаан тохтуулаах утарсыыны оҥорбуттара. Куорат үрдүгэр тохтоло суох бомба,снаряд эстибитэ. Саҥа үөрэн- көтөн уоскуйбут саллааттар барахсаттар, кыайыы буолбут үөрүүтүн өссө да дьиҥ сүрэхтэринэн итэҕэйэ иликтэринэ эмиэ киирсии саҕаламмыта. Куораты бүтэһиктээхтик ылыыга сэбиэскэй армия улахан сүтүгү көрсүбүтэ. Оо ,онно баар этэ улахан кыһыы, кыайыы буолбутун истэн баран, мэник буулдьаҕа таптаран хаарыаннаахай эдэр саллааттар хааннара тохтубута. Өлөксөй тыыннаах хаалар быатыгар эбитэ дуу, станковай пулеметчиктары өстөөх куотуо диэн куорат таһыгар тоһуурга олордубуттара. Онон биир да өстөөх саллаатын куораттан куоттарбатахтара. Түөрт күннээх түүн кыргыһыы кэнниттэн ыам ыйын 13 күнүгэр Кенигсберг куорат үрдүгэр Кыайыы знамята ыйаммыта. От ыйын ортото, аара суолга тэлиэгэлээх акка олорсон, үксүн сатыылаан Өлөксөй дьэ төрөөбүт дойдутун булла. Төһө да аһыыҥка саһарчы сиэбит алааһын кырдалынан хааман истэр, мантан ордук кэрэ дойдуну кини арааһа көрө илигэ да буолуо. Эчи салҕына ырааһын, эчи чэбдигин. Алааһын саҕатыгар киирэн, охтубут тиит маска олоро түһэн , уоскуйа таарыйа табахтаата уонна салҕыы дьиэтигэр тиийэр ыллыгын тутуста. Арай дьиэтин аана улахан сүллүгэһинэн баттатыллан турара. Өлөксөй онно улаханнык кыһаллыбакка , “арааһа титииктэригэр бардахтара дуу”- дии саныы- саныы аанын аста. Дьиэ иһиттэн эрбэһин аһыы сыта муннугар саба биэрдэ. Дьиэтин аанын боруогун атыллаат атыҥырыы көрдө. Муодарҕаан , көхсүн этиттэ, кэтэҕин тарбанна , тулатын көрүннэ. Хаҥас диэки турар иһитин долбуура, бу айылаах буолан турабын диэбиттии быылынан бүрүллэн, аҕыйах иһит баара умса ууруллан турара. Өлөксөй маны көрөн күөмэйигэр туох эрэ кытаанах туран хаалбытын силинэн сайҕаан ыйыста сатаата. Уҥа диэки ороннорун таҥаһа түүрүллэн баран, туох эрэ таҥас сыыһынан сабыллан турара. Өлөксөй бу киирбит дьиэтин атыҥыраан ылла. Төттөрү тахсар сирин былдьаста. Тахсан иһэн саппыкытыгар кэһиллибит таҥас сыыһын ылан быраҕаары төҥкөйдө. Илиитигэр ылан көрбүтэ, хаһан эрэ Балыҕыайатын сибэкки ойуулаах сиидэс былаата, күн уотугар кубарыччы сэниллэн, онно эбии кутуйах кэрбээн, киһи билбэт таҥаһа буолаахтаабыт. Өлөксөй былааты ылан сыллаан көрдө да киртэн уонна кутуйах сытыттан ураты сыт суоҕа. Бэйэтэ да билбэтинэ былааты ылан сиэбигэр уктаат тахсан барда. Тахсан баран дьэ өйдөөн көөртө, кинилэр дьиэлэригэр кэлэр суол ыллыга, номнуо сүтэн, икки атахтаах өтөрүнэн үктэммэтэҕин туоһулуура. Өлөксөй мунааран балачча турбахтыы түстэ уонна хап сабар хааман арҕаа алаастар ыалларыгар барда. Настаа улахан уол этэрбэһэ тэстибитин хам тутан абырахтыы олорор. Абырахтаан да диэн аҕыйах күн бараахтыыра буолуо. Хата, оҕолорун, син күөххэ үктэннэрдэ. Аны билигин атах сыгынньах сырыттахтарына да көҥүл. Арай куура хаппыт окко –маска атахтарын тэһитэ үктээбэтэхтэринэ туох да буолбаттар. Настаа кэргэнэ Роман сэриигэ барбыта иккис сылыгар хара сурук кэлбитэ. Күндү киһилэрин , аҕаларын сүтэрэннэр уолаттарынаан иэдэйиэхтэрин, алдьархайтан ас таһаарынан диэбиккэ дылы, сэрии кыттыылааҕын огдообото аатыран, колхуоһун дьоно хам -түм ону маны ордук бэрсэн абыраабыттара. Кэлин бары да иэдэйэннэр, аччыктыыр киһи элбээн , ол да суох буолбута. Барыта наар аанньа диэбиккэ дылы , аны доҕордорун Өлөксөй уола соҕотох хаалбытын истэн , дьахтар киһи сүрэҕэ хаанынан ытырбахтаан бэйэтигэр аҕалбыта. Ону сөбүлээбэккэ , бииргэ олорбут хотуна эмээхсин атын ыалга дьукаах буола көспүтэ. Уолаттар хата үһүөн сыры сыллата буолан сүрдээҕин тапсаллара. Сэмэнчик Кэнчээрини ааҕарга үөрэппитэ. Дьон ону олус муодарҕыыра. Саҥарбат, истибэт оҕону хайдах буукубаҕа үөрэтэн аахтарбыта буолла диэн. Кэнчээри дьонун ахтан ардыгар саҥа таһааран ытыыра. Саҥарбат киһи саҥа таһаара сатаан ытыыра истэргэ олус дьулаан этэ. Оччоҕо дьиэ иһинээҕи киһи барыта айманара. Саатата сатаан бырааттара ыт, бөрө, куобах буолан көрдөрөллөрө. Эмискэ халҕан аана аһылла түстэ да , кып кыра дьиэ ортотугар байыаннай таҥастаах киһи , рюкзагын сүкпүтүнэн бу хорус гына түстэ. Иистэнэ олорбут Настаа доҕорум Роман киирдэ дии санаан , кыланаат сүрэҕин туттан, тэрэпиискэ былаат курдук олорор олоппоһуттан сиргэ налыс гынна. Өлөксөй ону эрэ күүппэтэх киһи булумахтана түстэ. Настааны көтөҕөн ылан өйөөн олорто, түбэһиэх илиитинэн салгыны хамсатан сирэйигэр далбаатаата. Настаа сыыйа уоскуйан хараҕын аста. Иннигэр тобуктаан Өлөксөй олорорун көрдө уонна сэниэтэ суохтук мичээрдээбитэ буолла. Уолаттар отторун мунньан, бугуллаан бүтэннэр дьиэлэригэр кэлбиттэрэ , убайдара Өлөксөй ийэлэрин кытта саҥата суох чэй иһэ олороллоро. Уолаттар киирбиттэрин көрөн Өлөксөй ойон туран Кэнчээритигэр утары хааман тиийэн, улахан киһилии кууһан ылла. Кэнчээри аҕабын эрэ көрүөм диэбэтэх киһи, соһуччута бэрдиттэн кыратык кэннинэн тэйэн тэмтээкэйдээн ылла уонна эмиэ аҕатын санныгар иилистэ түстэ,саҥата суох хараҕын уута халыйда. Сэмэнчиктээх быраатынаан, аны баҕар биһиги аҕабыт кэлбитэ буолаарай диэн ийэлэрин диэки ыйытардыы көрөн турдулар. Баабылап Өлөксөй сэрииттэн кэлэн баран партия райкомугар киирэн остуолу охсон суумнаабытын иһин партияттан уһуллубутун туһунан сурах-садьык, үллэн-баллан сири сибиири бараата. Тоҕо эрэ бу түөрт сыл устата өлөрүн кэрэйбэккэ , саа саадах тутан сэриилэспитин туһунан кэпсээн ити курдук түргэнник тарҕаммытын Настаа өйдөөбөт.. Арай доҕоро Өлөксөй оннук айдаарбытын ис сүрэҕиттэн өйөөбүтэ. Өйөөмүнэ, хорсун саллаат , бүтүн Сэбиэскэй норуот дьоллоох олоҕун туһугар сэриилэспит киһи, тыылга хаалбыт кэргэниттэн ытыһын соттор ыар аһыытын, туйах хатарыахтаах оҕото инбэлиит тэҥэ буолбутун уонна ханна баран санаатын этэн, кыһыытын таһаарыаҕай. Настаа уруккута буолбатах. Түөрт уончатын ааһан эрэр эдэр дьахтар, кырыыстаах сэрии сиэртибэтэ буолан, үс атахтарыгар туран эрэр уолаттары соҕотох иитэн , олох аһыытын эрдэ билбитэ. Билбитэ киһи киһиэхэ сыһыанын, билбитэ күүтэр диэн тугун, билбитэ суох мастааҕар кытаанаҕын. Өлөксөй уоттаах сэриигэ сылдьан, ымыы гынан оҥостубут ыра санаатын кыайан толорботуттан абатыйан ынчыкытыыр , ытыыр икки ардынан Балаҕыайатын кистээбит уопсай ииннэригэр кэлэн умса түһэн сыппыта. Төһө өр сыппыта буолла , санныттан итии баҕайы илии кэлэн таппытыгар өндөйөн көрбүтэ Настаа кэлэн тураахтыыр этэ. Өлөксөй ытаабыт сирэйин Настаа көрөрүттэн кыбыстан туора маара соттоот төбөтүн умса туттан олорбута. Сэрии бүппүтэ иккис сылыгар барда. Айылҕа барахсан, эйэлээх олох салҕаммытыттан үөрбүттүү быйаҥнаах ардаҕын түһэрэн,сыыйа олох тупсан барбыта. Өлөксөйдөөх Настаа оҕолорун тустарыгар, икки огдообо дьон бииргэ бур- бур буруо таһаарынарга сөпсөһөн , урут Өлөксөйдөөх олорбут дьиэлэрин тэлгэһэтигэр саҥа дьиэни туттан киирбиттэрэ.

©️ 07.05.2021

Добавить комментарий