Кэпсээ
Войти Регистрация

Саһаан Аартыгар

Главная / Кэпсээннэр / Саһаан Аартыгар

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
07.11.2022 18:13
483 0

Саас Бүлүү мууһа устан ырааһырда да,балыктааһын саҕаланар. Саһаан Аартыгар обургу уолаттар хоно сытан субуота киэһэттэн,эдэр уолаттар өрөбүллэригэр киирэллэр. Биир күн убайым Өлүөскэ- Илдьэ барабын- диэтэ. Ийэм- Өрүс уораана тымныы буолуо,түүн тоҥуо,илдьимэ- диир.

  • Онно балаҕан баар,таҥас-сап да баар,түүн уот оттуллар,тоҥуо суоҕа- диэн уонна биир үксүн - Барсабын да барсабын - диэн хаайан барсар буоллум. "Беларусь" тыраахтарынан аара тохтоон,Алигы,Арсены ыллыбыт,антах убайдара Өлүөк баар үһү. Бырысыапка Лээхэп Һаачыкка,Хаппыыстын Балантыын олорустулар,ыһык ыла тахса сылдьаллар эбит. Биһиги,кыра эрэттэр,аан бастакыбытын барсан иһэбит. Саһаан Аартыгар закидушкалыы,өссө хоно,урут наар истэбит эрэ- Оччо балыгы хаптарбыттар,бачча балыгы ылбыттар- диэн. Билигин дьэ,бэйэбит барсан истэхпит,үөрүүбүт сүрдээх. Суолбут ыраах,бадараан бөҕөтө,иҥнэл-таҥнал айаннаан,ол эрээри буксуйбакка,бэрт судурхайдык барар,тыраахтарбыт. Биһиэхэ,саҥа айанньыттарга,барыта сонун,сири-дойдуну көрө-истэ иһэбит. Эмискэ өрүс килэс гына түстэ,- Кэллибит- диэн буолла. Кутаа таһыгар Пека (Хаппыыстын Бүөккэ) күөс күөстүү сылдьар.- Ок,хайа бу бичтэр кэлсибиттэр дуу?- диэн биһигини кытта улахан дьоннуу илии тутуһан дорооболоһор. "Бич" билиҥҥинэн - Крутой диэн,бичтии сырыттым,бичтээн кэллим,бичтии барыахха- урут элбэхтэ туттуллар тыллар этэ. - Күөс буста,дьону ыҥырыҥ - диэн буолла. Сыыр үрдүгэр туран,кураанах миискэни,солуурчаҕы таһыйа-таһыйа - Аһылыкка кэли-иэҥ!- диэн үөгүү-хаһыы бөҕөтүн түһэрэбит. Дьоммут оол курдук субуруһан иһэллэрэ көстөр,биһиги ас бэлэмнэһэ барабыт. Балыксыттарбыт элбэхтэр,сорохторун билбэппит,анараа дэриэбинэлэр эбит,бэйэбит эрэ эҥээрдэри билэттиибит. Күө-дьаа аһыы олорон,Мадьалла Һааска - Аһаан бүтэн баран,кыра уолаттары туһуннарыаҕыҥ- диир,бары сэргии иһиттилэр. Биһигиттэн аҕа оскуола уолаттара бааллар да,олор хайыы-үйэ тустан бүппүттэр эбит онон саҥалар,биһи тустар буоллубут. Аһаан бүтэн,тустуубут саҕаланна,кылгас сүбэлэһии кэннэ төрдүс киһинэн Булчут Айаал киирдэ. Судьуйа Пека хапсаҕай быраабылатын быһаарар,бэйэбит да билэбит. Бастаан Аликтаах Айаал киирдилэр. Айаал төһө да уҥуоҕунан кыратын иһин,икки сыл аҕа уонна тустуу секциятыгар сылдьар буолан,өр гыммата,охтордо. Дьэ,биһиги киирдибит,сааспынан биир сыл аҕабын онон эрэх-турах сананабын. Уолум тустаары өрө өгдөҥөлүү сылдьар. Свисток,саҥа тутуһан иһэн,сииктээх оттон халтарыйан,киһим умса түстэ,кыайыылаах таҕыстым. - Халтарыйан оҕутта,саҥаттан туһуннарыҥ - дииллэр,сорохтор - Оҕус тириитин иккиһин сүлүллүбэт,оҕутта да оҕутта- диэн буолла. Кыра мөккүөр кэннэ аны сарын хаптаҕайыгар тиэрдээһиннээх (Көҥүл тустуу) буолар буолла. Эмиэ Аликтаах Айаал киирдилэр,бу да сырыыга тустуу уһаабата. Айаал киирээт да охторон баран,сүнньүн эрийэн,саннын хаптаҕайын тириэртэ. "Күлүүс" диэн албаһы туттубут үһү. Аны биһиги киирдибит,бу иннигэр кыайбыт буолан,холкубун. Киһим дьэ,эбии тустаары тууһугурбут,мэктиэтигэр,биир сиргэ таба турбат,өрө өгдөҥөлүү сылдьар. Хамаанда бэриллээтин кытта,хатыһа түстүбүт,билэр приемум "өттүктээһин" онон "өттүктүү" сатыыбын. Арсеным да билэрэ өттүктээһин онон тэбис-тэҥ дьон түбэһистибит. Бастаан омуммутугар дьэ,мадьыктаһыы кытаанаҕа. Тула ыһыы-хаһыы элбээтэ - Ону оҥор,маны оҥор!- дэһэллэр да,биһиги өттүктэһэртэн атыны билбэппит. Ол сылдьан иккиэн охтон түстүбүт,киһим бэрт хапсаҕайдык кэннибэр баар буола түстэ. - Накааттаа! Эргит,эргит!- диэн хаһыылар өрө оргуйа түстүлэр,киһим эргитэ сатыыр,мин сиргэ сыстыахпынан сыстан сыттым. Свисток,туруортаатылар,мүнүүтэ бүппүт эбит,киһим очконан кыайан иһэр. Сынньалаҥҥа тыын ыла туран көрбүтүм,убайдар бэркэ сэргэхсийбит көрүҥнээхтэр,күлэн тиистэрэ килэһэн олороллор. Өр буолбата,Пекабыт круг ортотугар ыҥыртаан ылла,иккис түһүмэх саҕаланна. Эмиэ хатыһа түстүбүт,бу сырыыга - ону оҥоруҥ,маны оҥоруҥ- диэн суох,биир кэм хайабытыгар этэллэрэ биллибэт- Арсен,өттүктээ!- хаһыытыыллар,күлэллэрин быыһыгар. Ол аайы биһиги ойоҕоспут хардарсыар дылы өттүктэһэбит. Бу сырыыга сылайан охторсорбут элбээтэ,ол быыһыгар круг таһыгар тахсабыт эҥин,хардары-таары очко ылабыт. Сынньалаҥҥа олох эстэн тиийдим,тэҥнэһэн иһэр эбиппит. Дьону көрбүтүм,омуннаахтара сиргэ тиэйэ сылдьан күлэллэр,атыттара саннылара дьигиҥнэһэн,тиистэрэ таах килэйэн олорор,саҥа-иҥэ элбээбит,күө-дьаа буолбуттар. Үһүспүт саҕаланна,эмиэ үс мүнүүтэ. Сынньаммыт дьон эмиэ хатыһа түстүбүт,ону кытары - өттүктээ!- диэн тула хаһыылар иһилиннилэр. Өр буолбаппыт,сылайан тэйсэ түһэн,тыын ыла-ыла тустабыт. Көрөөччүлэрбит ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрэн,тэптэрэн биэрэн эмиэ тутуһан мадьыктаһан барабыт. Бу сырыыга туох да наһаа өр тустубут курдук сананным. Охторсорбут элбээтэ,партерга өр гымматтар,туруортаан иһэллэр. Кэлин отой охто сылдьар буолуохпутугар дылы сылайдыбыт. Тустуубут дьэ,бүттэ. Судьуйабыт илиибин өрө көтөхтө,очконан мин бастаан таҕыстым. Чэйдээһин буолла,тустууттан бэккэ сэргэхсийбит дьон күө-дьаа кэпсэтэн,налыччы балыктыы киирдибит.- Кыра уолаттары батыһыннара сылдьан үөрэтиҥ- диэн ,Пекалаах Һаачыккаҕа туттартаатылар. Өрүспүтүгэр киирдибит,кытыыга сорох сиринэн кыайан барбатах муус ууллан,чоккуруур,ол таһыгар уораана сүрдээх,тымныынан аҥылыйар. Өрүскэ онон-манан "хара муус" устан ааһар. Дьоммут закидушканы хайдах быраҕыллары көрдөрөллөр,кэпсииллэр. Биһиги эмиэ үтүктэн быраҕабыт да,бэрт чугас түһэр,кинилэр бырахтахтарына кый ыраах баран түһэр. Кытыл устун биир-биир субуйан көрө иһэбит,сорохторо чуорааннаах буолар эбит.Чуораана лыҥкыныыр буолла да,балык туппут диэн буолар. Алыһар,күстэх,кыһыл харах,биирдэ эмэ хаахынай баар буолар,ону төттөрү ыытабыт. Балай да элбэх закидушканы көрдүбүт,салгыы атыттар киэннэрэ сыталлар онон төнүннүбүт. Төннөн иһэн эмиэ хас да балыгы ыллыбыт. Биир өттүбүтүгэр сылдьар билбэт уолаттарым иһиирэллэр-далбаатаһаллар. Дьоммут ону көрөн- Бардыбыт,сыалыһар быара сиэхпит- диэтилэр. Тиийэрбитигэр хайы-сах быарын хостоон бысталыы тураллар,сиэптэригэр хаһыакка суулаан ,туус илдьэ сылдьаллар эбит. Быарбытын туустуу-туустуу сиэн кэбистибит,маннык минньигэс аһы саҥа амсайдым. Өр соҕус олорон табахтаатылар,кэпсэтэллэр. Онтон туран, икки-аҥы эмиэ кэрийэ бардыбыт. Улахан балык туппута тута билиннэ. Һаачыкка урут сүүрэн тиийэн,улахан баҕайы сыалыһары мөҕөһүннэрбитинэн таһаарда. Тааһынан төбөҕө охсон дөйүтэн баран,күрүчүөгүн араардылар,быарын хостоотулар. Ол тухары Пека барытын кэпсии-быһаара сылдьар. - Аттыгытыгар сылдьар дьоҥҥут чугас буоллахтарына ыҥыраҕыт- диир. Баарыҥҥы уолаттартан ырааппыт буолан,биир өттүбүтүгэр сылдьар Баанньалаах Сэмэнчик тиийэн кэллилэр,быарбытын үөрэ-көтө сиэн кэбистибит. Халлааммыт хараҥаран барда,чэйдии таҕыстыбыт. Чэй кэннэ сорохпут утуйа хаалла. Биһигини утуйаҕыт дуо?-ыйыппыттарын аккаастаан кэбистибит. Бу сырыыга биһиэхэ Айаал кыттыста,балыктыы сылдьан,Аликтаах Арсентан арахпат,тугу эрэ сибигинэйэр,киксэрэр. Сотору- биһиги утуктаатыбыт,утуйа бардыбыт- диэн,үһүөн бардылар. Сарсыарда эрдэ барар буоллубут,үлэ чааһын баттаһа тиийэр курдук. Бэлэм тыраахтарынан балыгы барытын дэриэбинэҕэ таһаарабыт,- Балыгы барытын үллэриҥ!- диэн буолла. Арай,сорох сыаоыһардарбыт суохтар,эрдэ хаптарыллыбыттар. Били утуйа тахсыбыт дьоммут суохтар,суоллара сойбут.- Лыгылла сыаоыһардары илдьэ барбыт,бичтэри аара суолга арестуйдуур инибит,Ешка,ол иһин кыра уолаттартан отой арахпат этэ.Тыраахтарынан баҕас ситэттиир инибит- убайдар күлсэ-күлсэ кэпсэтэллэр. Бу сырыыга кабинаҕа киирбэккэ,бырысыапка олорустум,дьону кытта. Сорох оскуола уолаттара салгыы балыктыы хааллылар. Ирээт балыктарын тыраахтарынан ыытан баран,каникул буолан көҥүл сылдьыы. Айаннаан иһэн кэпсэтии бөҕөлөр,ордук Мадьалла Һааска кэпсиир-ипсиир. Ол иһэн тыраахтарбыт тохтуу түстэ,кабинаттан Һаачыкка күлэ-күлэ тахсан,чөҥөчөк анныттан ,утуйа сытар Арсены көтөҕөн аҕалла. Бырысыапка убайа Өлүөк ылан уурда:- Биир бич арестован- диэн буолла. Дьон көтөҕөр эрэ,тыраахтар тыаһыыр эрэ,уол утуйа сытар. Телогрейканан сабан биэрдилэр,үрүксээгэр хас да сыалыһар сылдьар. Салгыы айаннаатыбыт, "Соонтоон" баһыгар тиийиибитигэр аны суол кытыытыгар Алик утуйа сытар.- Иккис бич арестован- диэн буолла,уол эмиэ уһуктубата. Иккиэн да бухатыырдыы утуйар уолаттар буолан биэрдилэр. Салгыы күлэ-үөрэ айаннаатыбыт,аны Айаалы ситэрбит хаалла,сүрүн буруйдааҕы. Фермаҕа тиийиибитигэр ынахтар ыанан бүтэн,мэччийэ баран иһэллэрин хорлоҕойго көрүстүбүт,туох да баһаам элбэх сүөһү. Айаалбыт ол курдук ситтэрбэтэ,фермаҕа дылы. Өлүөскэлээх Һаачыкка хордоҕойго тахсыыбытыгар- Айаал хотоҥҥо киирэн эрэрин көрбүппүт- дииллэрэ. Ити курдук бастаан балыкка сылдьыһан турабын.

Арсен Михайлов Маар с. Ньурба

Добавить комментарий