Кэпсээ
Войти Регистрация

Баһылай

Главная / Кэпсээннэр / Баһылай

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
07.11.2022 18:44
665 0

Баһылай быйыл отут биэһин туолан саамай күөгэйэр күнүгэр сылдьар. Кини аҕыйах саҥалаах, бэрт көрсүө-сэмэй, оргууй аҕай киһи. Ол да буоллар Баһылай бууру муоһуттан, тайаҕы таныытыттан сиэтэр ыраах ыырдаах булчут киһи. Байанайдаах, өлгөм бултаах булчут буолан, сылын аайы ылыммыт былаанын хас эмэ бүк куоһарар, «Бараһыылап» холкуос чулуу булчута. Кини быраатынаан Сэмэнниин, Даккы сириттэн төрүттээх кыргыттары кэргэн ыланнар, бу дойдуга олохсуйбуттара номнуо уонча сыл буолан эрэр. Дойдулара «Ылтаһын» барахсан Амма төрдүгэр турар буолан, төһө да бултаах-алтаах, өҥ-тот дойду буоллар да, үрэх баһа сир буолан, аныгы үйэҕэ оҕону-урууну үөрэтэргэ соччо тоҕооһо суох дойду. Баһылай кыһыҥҥы өттүгэр дойдутун сиригэр-уотугар бултуур буолан, сириттэн-дойдутуттан арахпыт курдук санаммат, биир кэм ийэтин-аҕатын аахха киирэ-тахса сылдьар. Сэмэн холкуоска сүөһү биригэдьииринэн үлэлиир. Кыра бырааттара Хабырыыс Уолба оскуолатыгар үөрэнэр. Сэмэн биир кыыстаах, Баһылай икки, уоллаах-кыыс оҕолоох. Бүгүн, сонуоктан сааскы бурдук ыһыытыгар сылдьан баран, киирэн киэһээҥҥи чэйин саҥа чэйдээн бүтэн эрдэҕинэ, таһыттан Ньукулаас уол көтөн түһэн:

  • Баһылаай, кэнсэлээрийэҕэ мунньах буолар үһү, онно эн хайаан да бара охсор үһүгүн, - диэтэ. Онуоха киһитэ:
  • Бай, нохоо, ол туох мунньаҕа буолар үһүнүй? – диэн соһуйбуттуу ыйытта.
  • Билбэтим ээ, эйиигин кытта өссө хас да киһини бэрэссэдээтэл ыҥыттарда, - диэн этээт, кимнээхтэрин ыйытыан икки ардыгар, уола «элэс» гынан хаалла. Баһылай иһигэр бэрэссэдээтэл туохха ыҥыттарбытын дьиктиргии саныы-саныы «сып-сап» хомунан кэнсэлээрийэ дьиэтин диэки түргэн-түргэнник хаама турда. Тиийбитэ бэрэссэдээтэл хоһугар Сэмэнниир Уйбаныап, Оҕо Ньукулай уонна Байбал Бассыык, быраата Сэмэн, Уус Баһылай хайыы үйэ кэлэн бэрэссэдээтэли кытта кэпсэтэ олороллоругар түбэстэ. Баһылай киирэн кэлбитигэр дьоно үөрбүттүү күө-дьаа буола түстүлэр:
  • Оо, дьэ, хата Баһылайбыт кэллэ, - дэһистилэр. Онтон бэрэссэдээтэл Баһылай миэстэ булан олороотун кытта:
  • Дьэ, доҕоттоор, маннык диэн буолла, - диэт, убаҕас, сырдык баттаҕа сүүһүгэр саба түспүтүн уҥуох-тирии илиитинэн үөһэ анньа-анньа, тугу эрэ толкуйдаабыттыы уҥа түннүк нөҥүө көрө-көрө, аргыый аҕай салгыы сыыйан саҥара олордо:
  • Бу бүгүн Ытык Күөлтэн, оройуон дьаһалтатыттан биһиги холкуоспутугар дьаһал кэллэ, түөрт арыый да кыанар дьону аны күһүн Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар ыытарга диэн, - этээт тохтоон, дьонум туох диир эбиттэр диэбиттии, эргиччи барыларын көрүтэлээн ылла. Бэрэссэдээтэллэрэ Борокуоппай Маалыһап, оҕо эрдэҕиттэн кубархай сирэйдээх, кураанах бэһи субуйа тарпыт курдук хончойон, эт-тирии олоччу сыстыбатах көрүҥнээх курдук да, сүрдээх түргэн туттуулаах, лоп-бааччы саҥалаах, быһаарыылаах өйдөөх, кэпсэтиини-ипсэтиини кыайа-хото тутар киһи. Кини, Сэмэнниир Уйбаныап аҕатынан аймаҕа да буоллар, элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх буолан, сүр дьадьаҥытык үөскээбитэ, ону таайдара Киристиэп Уйбаныап, билсиилээх-көрсүүлээх киһи, көрө сылдьан үс уолаттары үһүөннэрин биир-биир Чөркөөххө ыытан, дьону кытта кэпсэтэн онно олохтоон олордон үөрэттэрбитэ. Онно начаалынай кылааһы бүтэрэн, додо курдук үөрэхтээх дьон ахсааныгар киирсэр. Дьоно сүр болҕомтолоохтук бэрэссэдээтэллэрин истэн саҥата суох олордулар.
  • Онно бу эһигини, - диэт Сэмэнниир дьонун, биир-биир көрө-көрө, ааттаталаата.
  • Айаҥҥа сылдьа үөрүйэх, айаны-сырыыны, үлэни кыайа-хото тутар дьон диэн ыҥыттардым. Хас биирдиигитигэр түөртүү сыарҕалаах ат-көлө хомуйан биэрэбит,- диэн быһа-бааччы этэн кэбистэ. Дьоно ону истэн сирэй-сирэйдэрин көрсө түһэн баран, саҥата суох сүөм түһэн олордулар. Баһылай дьоннорун биир-биир көрөн ылаттаата. Кырдьык, бары даҕаны үлэни кыайа тутар, саамай сэниэлэрин үрдүгэр сылдьар дьон. Баһылай иһигэр “Оо, ол аата быйыл бултаан бүттэҕим” диэн хомойо санаата. Кини саҥа борбуйун көтөҕөөт, аҕатын батыһан булка сылдьар буолуоҕуттан, күн бүгүнүгэр дылы хаарыан киэҥ, уһуга-муҥура биллибэт күөх тайҕатын туохха да биэрбэт. Өр тыаҕа тахсыбатаҕына тыына-быара тууйуллар, утуйар уута көтөр. Онон кыһыннары-сайыннары бултуур, дьиэтигэр хонор-хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук буолан, дьоно кинитэ суох олоро үөрүйэхтэр. Кыһыҥҥы өттүгэр аймахтар, бары суулаһан дьукаах олорор буолан, бырааттара аҕаларын, убайдарын суохтаппаттар. Бэрэссэдээтэл ол кэмҥэ аргыый аҕай сыыйан саҥара олордо:
  • Сэмээн, эйиигин арыыйда нууччалыы-сахалыы быһаарсар, айаҥҥа сылдьа үөрүйэх киһини биригэдьииринэн аныыбын, - диэтэ. Онуоха киһитэ тугу да эппиэттээбэккэ көхсүн эрэ этитэн кэбистэ. Сэмэнниир Уйбаныап, саар тэгил орто уҥуохтаах, элбэх саҥата суох сүр дуоспуруннаах Баһылай бараллаата киһи. Төрдүттэн сэниэ ыал оҕото буолан, холхуос тэриллиитин саҕана куолаһа быһылла сылдьыбыттааҕа. Ону хата дьонуттан тэйэн, туспа ыал буолбутугар куолаһын биэрэн, дьонун сүөһүтүн холкуоска туттаран, холкуос биир тутаах, төһүү үлэһитэ буола сылдьар. Улахан айаҥҥа сылдьар таһаҕас көтөҕөөччү, кини кыра да буоллар үөрэхтээх. Элбэх сиргэ-дойдуга сылдьыбыт буолан, нууччалыы да син быһаарсар. Сэмэнниирдиин Баһылай хас да сыллааҕыта, саҥа холкуоска киирдэҕин утаа, биир кыһын бултаан турардаахтар. Киһитэ көрдөххө бытаан курдук да, ылсыбыт дьыалатын көөрөтөн, уһун күнү быһа оҥоро сылдьар буолан, сыыдам, түргэнник туттар дьонтон хаалсыбат. Ол дьыл бэркэ үчүгэйдик, тапсан бултаабыттара. Булт да баара. Ол кэннэ наар айаҥҥа, таһаҕас таһыытыгар куоратынан-тыанан кыһыннары-сайыннары сылдьар. Онон айаҥҥа сылдьарга бу түөрт киһиттэн саамай үөрүйэхтэрэ кини. Иккис киһи Оҕо Ньукулай, эдэр, сүүрбэтин эрэ саҥа ааспыт киһи диэтэххэ бэрт олохтоох, сытыы өйдөөх, сүрдээх үлэһит уол, сулумах ийэ соҕотох оҕото буолан, эрдэ улааппыта. Бэрэссэдээтэл дьоно санааҕа ылларбыттарын көрөн сэрэйбит курдук:
  • Дьоҥҥутугар санаарҕаамаҥ, манна хаалар дьон биһиги, дьиэ кэргэҥҥитин көрө-истэ сатыахпыт, - диэн эрэннэрдэ Үһүс эр бэрдэ Бассыык Байбал, сүүрбэ биэстээх-алталаах киһи, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, суон бытыылка моонньун туруору туппут курдук моойдоох, сарыннаах, иҥиир-ситии киһи. Бэрт сытыытык сүүһүн аннынан көрбүт, ол көрүүтүгэр дьүөрэтэ суох бытааннык туттан-хаптан тимир буочука иһигэр саҥаран эрэр курдук лүҥкүнэс куоластаах киһи. Ол да буоллар от-мас үлэтигэр сыстаҕас, сылгыһыттыыр. Илии-атах онньуутугар кэнники биэс хас сылтан бэттэх чугас эргин тэҥнээҕин була илик кус быһый, илиитигэр биллэ күүстээх киһи. Бу иннинэ Өймөкөөҥҥө хаста да таһаҕас көтөҕөөччүнэн бара сылдьыбыттаахтара, инньэ гынан айаҥҥа син сылдьа үөрүйэх курдуктар. Ол гынан баран Аллаах Үүҥҥэ айан киһи да, сүөһү да этэ-тириитэ эстэр ыараханын истибит буолан, айанныыр буолбуттарыттан истэригэр салла санаатылар. Бу үс-түөрт сылтан бэттэх, аттынааҕы холхуостартан дьон киэнэ бэртэрэ баран, саас сыккырыыр тыыннара эрэ кэлитэлээбит сурахтаахтара. Былырыын эмиэ түөрт эр бэртэрэ баран кэлбиттэрэ, бу бүтэһик сырыыларыгар, хата, сылдьа үөрэнэн син бэркэ сылдьыбыт этилэр. Ол дьон кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, ол оччолоох ыраах дойдуга, кыһыҥҥы тымныыга тоҥон-хатан чахчы, дьон киэннэрэ кыайыылаахтара, бэртэрэ эрэ тулуйан сылдьар дойдулара үһү. Бэрэссэдээтэллэрэ тохтуу түһэн баран:
  • Бу ыарахан айаҥҥа, эһигиттэн атын бу айаны кыайыах киһибит суох курдук, - диэн өссө тоһоҕолоон этэн баран өрө тыынан ылла. Онуоха Баһылай аан маҥнайгынан тыл көтөхтө:
  • Бээ эрэ, ол оччо элбэх үчүгэй көлүүр аты хантан булар үһүбүт? - диэтэ. Онуоха бэрэссэдээтэлэ:
  • Онтон хаһан да хайыахпытый, билигин үлэҕэ сылдьар аттартан сааскы ыһыы, от үлэтин кэннэ үчүгэйдэрин талан толооҥҥо ыыталыахпыт, күүс-сэниэ ылына турунуохтар этэ уонна сыһыыга сылдьар сылгылартан айааһаан көрөр буоллахпыт дии, билигин да Өктөөп бырааһынньыгар дылы, сыл аҥаара баар, син бириэмэлээх курдукпут, - дьоно сөбүлэһиэх курдук буолбуттарыттан «эҕэ-дьэҕэ» буолан хап-сабар эппиэттээтэ.
  • Айанныыр сиргит сүрдээх ыараханын истэ-билэ сылдьаҕыт. Урукку өттүгэр кыра холхуостартан таһаҕасчыттары ылбат буолаллара, билигин көмүс хостуур сирдэрэ тэнийэн, улаатан, ону кытта киһитэ да элбээн таһаҕас таһыллыыта эмиэ эбиллэн, биһиги холкуоспут курдук кыра холкуостарга эмиэ былаан түһэрбиттэр. Дойдубутугар Сэбиэскэй былаас атаҕар турарыгар кыһыл көмүс наада. Онон Өктөөп бырааһынньыгын кэнниттэн сонно тута бараҕыт уонна Охотскай-Перевозтан Аллаах Үүҥҥэ биһиги холкуоска таһаҕас таһыытыгар тыырыллан бэриллибит былааҥҥытын толорон эрэ баран кэлиэххитин наада, онон саас хойукка дылы сылдьаргыт буолуо. Сыарҕа суола алдьаныан иннинэ кэлэргит буоллар бэрт этэ, дьэ, онон доҕоттоор, кытаатыҥ, бу күнтэн ыла айаҥҥа барарга бэлэмнэнэбит. Антах тиийэн аһыыр аскытын, эти, арыыны бэйэбит биэриэхпит. Уонна бу чугастааҕы холкуостар бары биир тэҥинэн айанныыргыт ордук буолуо, чэ, ону сыыйа-баайа быһаарсыахпыт, - диэн этиитин түмүктээтэ. Инньэ гынан икки уус киһини Сэмэннээх Уус Баһылайы үлэлэриттэн босхолоон айанныыр ат тэрилин, сыарҕатын оҥорон биэрэргэ дьаһайдылар. Сылгыһыттар соноҕостору тутан киллэрэн айааһаан, от үлэтигэр бэлэм оҥорорго сорудахтаннылар. Баһылай оҕо эрдэҕинэ аҕата аах абаҕаларын кытта хаста даҕаны Айааҥҥа Киргиэлэй Оруоһунҥа таһаҕас көтөҕөөччү буолан бара сылдьыбыттаахтара. Оо, онно дьоно хаһан кэлэллэрин дьиэ иһинээҕи дьон эрэ буолбакка, чугас дьоно бары кэтэһэн да биэрээхтииллэрэ! Үстүү-түөртүү ыйга тиийэ сылдьар буолаллара. Ол кэллэхтэринэ үөрүү-көтүү, кэһии үллэстэн ыһыллаҥнатыы буолара, ийэтигэр дьэрэкээн ойуулаах былаат, оҕо-дьахтар аймахха миэтэрэнэн таҥас, чэй-табах, кыра да буоллар саахар, минньигэс бэрээнньик сыыһа илдьэ кэлэллэрэ. Эр дьон сааларын сэбин-сэбиргэлин ол дойдуттан аҕалаллара. Ол кэмҥэ кинилэртэн ордук дьоллоох ыал суох буолара. Дьиэлэрин иһэ бүтүннүү чугас эргин дьонунан-сэргэтинэн туола түһэрэ. Ол кэмҥэ саас кэлбитин бэриэччитэ буолан Таппайа оҕонньор барахсан, муус-маҥан убаҕас бытыга эймэҥэлээн, Тааттаттан тиийэн кэлэрэ. Дьэ, оччоҕуна дьиэлээхтэргэ икки төгүл дьол тосхойоро. Хас эмэ хонук устата олоҥхо, ырыа-тойук, сэһэни-остуоруйаны истэр дьоро киэһэлэрэ үүнэрэ! Оттон билигин бултуур сирэ Хатараайы, Ноху үрэхтэринэн, Мас Аппанан буолан онно туох тутуу буола турарын илэ хараҕынан көрөн билэр. Бу кыһын сылдьан көрдөҕүнэ Алдан өрүс кытылыгар, борохуоттар таһаҕас тиэйэллэригэр анаан, Мас Аппа таһыгар аан дойду омуга бары мустан киһи хараҕа халтарыйар, сүүнэ улахан мас ыскылааттарын, дьиэ-уот бөҕөтүн тутан кэчигирэтэн эрэллэр эбит этэ. Бу барыта көмүс хостооччуларга диэн анаан бу аҕыйах, баара суоҕа икки-үс сыл иһигэр улахан бөһүөлэк буолан хаалбытын көрөн сөхпүтэ-махтайбыта. Өссө аара суолга дьон тохтоон ааһарыгар диэн тутуллубут симиэбийэлэри саҥардан биэрии, саҥа симиэбийэлэри тутуу үлэтэ күүскэ бара турара. Дьэ, ол суолунан көмүскэ диэн ааттаан аата-ахсаана биллибэт, хас күн аайы элбэх айанньыт сатыы да, көлөлөөх да айанныыр эбит этэ. Ол курдук мунньахтаан дьиэтигэр хааман иһэн, күөл нөҥүө, тураҕас дьүһүннээх сылгыта адаҕатын соһон мэччийэ сылдьарын көрөн:
  • Чолбоон! – диэт иһиирбитигэр соноҕоһо хаһаайынын билэн, иһин түгэҕэр иҥэрсийээт, утары хаампытынан барда. Баһылай атын кытта киһилии кэпсэтэн:
  • Дьэ, доҕоор, уйаммыт-хатаммыт биллэр кэмэ кэллэ ээ, аны ыраах Ааллаах Үүҥҥэ айанныыр буоллубут, ону билэҕин дуо? - дии-дии атын моонньуттан имэрийэ-имэрийэ саҥаран, атыгар ымманыйа турда. Ата барахсан тугу эрэ өйдөөбүттүү, билигин эйиэхэ наадам суох эбит диэбиттии, доҕорун сирэйин таныытынан суураалаамахтаан ылаат, оргууй аҕай түҥнэри хайыһан саҥа үүнэн эрэр чээл-күөх оту сомсолоох соҕустук басыһан, үргээн сиэн курдурҕата-курдурҕата бара турда. Чолбону аҕыс сыллааҕыта аҕата биэрбитэ, биэрэригэр:
  • Ити бэрт сэргэх сирэйдээх-харахтаах кулун, мин көрдөхпүнэ бэртээхэй сылгы тахсар сүөһүтэ, эн курдук тыаҕа сылдьар киһиэхэ үчүгэй ат наада, илдьэ бар, - диэт далга аһыы турар сылгылар диэки ыйбыта. Тиийэн көрбүтэ, тураҕас дьүһүннээх сүүһүгэр сулус курдук туоһахталаах, чөрөйбүт кулгаахтаах, бэрт сытыы көрүҥнээх эмньик кулунчук кутуругун сыыһын өрө көтөҕөн, икки тараҕар таныытын хамсатан моонньун уһата-уһата саҥа киһини сонурҕаан киэҥ, хап-хара харахтарынан көрөн турарын сонно сөбүлүү, ала чуо атын кулуннартан арааран көрбүтэ. Маҥнай айааһыырын саҕана тыбыыран-табыйан, таныытын тыаһатан саллымар көлө этэ! Син сыһытан иннин ылбыта. Билигин бэртээхэй ахсым айаннаах ат буолан таҕыста, күүһэ-уоҕа, уһун айаны тулуйумтуота, барахсан өйө да бэрт, буруйа диэн киһилии эрэ саҥарбат буоллаҕа! Икки сыллааҕыта кыһын тыаҕа тайах суоллуу сылдьан ким эрэ ииппит айатыгар түбэһэн, айа ырбыыта бүлгүнүн төлө көтөн ааспыттааҕа. Онно ата барахсан быыһаан турар. Ол онно маҥнай утаа сылааһыгар туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, бүлгүнэ сүр дьиктитик дыыгынаан сылыйан барбытыгар дьиктиргээн туттан көрбүтэ, сылгы тириитэ сонун сиэҕин ырбыы хайы сотон ааспыта бүлгүнүн этэ кытара сылдьара. Ол бааһыттан хап-хара хаан өҕүөлүүрүн түргэн үлүгэрдик ис ырбаахытын хайыта тыытан саба тута охсоот, табыллыбат дьыала буолбутун өйдөөн, икки сүүсчэкэ тэйиччи бөлкөй талахтар кэннилэригэр тииккэ бааллан турар атын диэки харбыаласта. Атыгар тиийиэр дылы хаана туох да баламаттык барда быһылаах, мэйиитэ эргийтэлээн, сүрэҕэ көбөн туймаарыахча буолан атыгар тиийээт ыҥыырыгар нэһиилэ ыттан тэһиинин үүтээнин диэки салайа тардан эрэрэ баара, онтон ордук тугу да өйдөөбөт. Биирдэ өйдөммүтэ ата барахсан үүтээнин таһыгар кэлэн турар эбит, ыта Баһырҕас обургу үрэн баргыытаабытыгар, хата, быраата Ыстапаан баар буолан кини быыһаан турардаах... Уола ыраах айаҥҥа барар сураҕын истэн, ийэтэ Балбаара эмээхсин таҥаһын-сабын бэрийсэ диэн сэттэлээх сиэн уолун Дьөгүөрү батыһыннаран дойдутуттан тиийэн кэллэ. Ийэтэ дьонноро үлэлэригэр барбыттарын кэннэ, иистэнэр, сабын хатар, сэттэлээх-аҕыстаах сиэн кыргыттара Маайалаах, Кээчэ туһа дьоно буолан, сүөһү иҥиирин өтүйэнэн сымнатан биэрэллэр. Балбаара эдэр эрдэҕиттэн иистэнэр буолан, сабын да олус кичэйэн хатар, сап үчүгэй, күүскэ тардыыны уйар эрэ буоллаҕына этэрбэс сиигэ хаһан да арахсыбат, бөҕө буолар. Онтон баччалаах ыраах дойдуга барар киһиэхэ, тааннаах, уулаах-хаардаах сиргэ ууну өппөт атах таҥаһа элбэҕи быһаарар. Ол быыһыгар ынах, сылгы, таба тириитин талкы маһынан имитэн, сон, саҕынньах, куруму этэрбэс, куобах үтүлүк, бэргэһэ утуйар таҥас-сап тиктилэр. Ытык Күөлтэн боломуочунай кэлэн айанньыттары, уустары кытта кэпсэтэн барда. Ыарахан, ыраах айаҥҥа аналлаах сыарҕаны хайдах оҥостуохтаахтарын сүбэ-ама биэрдэ сыарҕаларын ыллыгын икки арда биир, сыарҕа ыллыгар хайаан да сыыйыы тимирдээх, туора мастаах буолуохтааҕын, дуҕаны хатыҥ мастан хайдах иэҕэн оҥоһуллуохтааҕын быһаара-сүбэлии сатаата. Урукку өттүгэр дьон, ким хайдах сатыырынан сыарҕаларын оҥостор буолан, сыарҕаларын атаҕа, ыллыктара араас-араас буолаллара. Ону боломуочунай билигин бу ыраах айаҥҥа модьу-таҕа, элбэх мал, табаар киирэр сыарҕата буолуохтаах диэн өссө төгүл бэлиэтээн эттэ. Ол быһаарсыы түмүгүнэн бэрэссэдээтэл, аттынааҕы “Эдэр Бассабыык” холкуоска айаҥҥа сылдьа үөрэммит дьон диэн, айаннарын сыарҕатын, дуҕаны хайдах оҥороллорун көрдөрө, үөрэттэрэ Сэмэннээх Уус Баһылайы онно ыыта сырытта. Инньэ гынан Баһылайдаах от кэннэ айаҥҥа бэлэмнэнэр түбүгэр түстүлэр. Атырдьах ыйын ортото айанныыр сылгыларын талан сынньата, уота диэн ыыталаан кэбиспиттэрин алтынньы бүтэһигэр тутан киллэрэн баайдылар. Баһылайдаах аттарын туругун, алаас сирин ото иҥэмтэлээх буолан, аҕыйах кэм иһигэр син бэркэ эттэрин-сииннэрин туппуттарын астына көрдүлэр. Маҥнайгы сыарҕа хаара түһэрин кытта, дьонноро кыстыыр отторун, оттук мастарын кэрдэн, эрбээн киллэрэн саһааннаан бэлэмнээтилэр. Күөллэриттэн муустарын ылан тастылар. Ол икки ардыгар Өктөөптөрүн бырааһынньыга, ону кытта айанныыр кэмнэрэ бу тилигирээн кэллэ. Бэрэссэдээтэл эппитин курдук, ыраах айаҥҥа барааччыларга диэн анаан, уонча киилэ сиир арыыны, биир байтаһын ынаҕы өлөттөрдө. Икки буут кэриҥэ бурдук биэрбиттэрин ылан кэргэттэригэр лэппиэскэ оҥотторон тоҥорон илдьэ бардылар. Эттэриттэн, бурдуктарыттан энньэ кэриэтэ, кыра-кыралаан дьонноругар бэристилэр. Айанныыр күннэригэр аттара айаннарыгар сиир отторун тиэннилэр. Инньэ гынан урут сылдьыбыт, суолу-ииһи билэр “Эдэр Бассабыык” холкуос дьонун кытта кыттыһан, аҕыс эр киһи түөртүү аттаах ыраах айаҥҥа баралларын холкуос дьоно бүтүннүү кэриэтэ тахсан кэнсэлээрийэ таһыттан атааран хойукка дылы далбаатыы хааллылар. Эдэр Бассабыык холкуос айанньыттарын биригэдьиирэ Лэкиэс Боппуох Сэмэнниир Уйбаныап барар буолбутуттан туох да наһаа үөрдэ:
  • Дьэ, Сэмэнниирбит баара үчүгэй эбит, нууччалыы кыайан быһаарсыбат буолар эмиэ эрэй, билигин нууччалыы билэр киһибитин иннибитигэр укта сылдьар буоллахпыт, -дии-дии үөрдэ-көттө. Лэкиэс түөрт уонуттан тахсан эрэр, элбэх саҥалаах, сытыы, кэлбит-барбыт, элэстэммит киһи, биир кэм мичээрдээн араҕас, бөдөҥ тиистэрэ кэчигирээн олороллор. Туох да элбэх кэпсээннээх-сэһэннээх киһи.
  • Айаҥҥа арааһынай барыта буолар, Охуоскайга да, Ааллаах Үүҥҥэ да барыта нуучча дойдута. Онно биһиги курдук нууччалыы билбэт дьон эрэйи көрсөөччүбүт, - диэт өрө тыынан ылла. Онуоха Сэмэнниирэ оргууй аҕай мичээрдии-мичээрдии:
  • Дьэ, оттон эн, билэр киһи, сирдээччи буолуоҥ буоллаҕа дии, - диэтэ. Лэкиэс хап-сабар:
  • Ээ, сирдээн буоллаҕа дии, - диэтэ Аара суолга Тааттаҕа биирдэ хонон, Амма Чычымаҕын дьаамыгар тиийэн Ноху Хомустааҕар хонон, Охуоскай Бэрэбиэстэрин төрдүс күннэригэр эбиэт иннинэ тиийдилэр. Тиийээт да, хонтуораҕа биригэдьиирдэрэ иккиэн киирдилэр. Дьонноро хонтуора таһыгар хаалан, тула өттүлэрин сонургуу көрө турдулар. Дьэ, кырдьык да, бу манна баар эбит, киһи-сүөһү мустубут, тоҕуоруспут сирэ-дойдута! Тыа сахата хараҕа халтарыйар баараҕай тутуулара! Дьонноро, син балай да буолан баран, тахсан:
  • Аттарбытын көнньүүһүнэҕэ илдьэн, боккуобата суох сылгыларбытын боккуобалатар үһүбүт, – дэстилэр. “Эдэр Бассабыык” холкуостар аттара бары урукку өттүгэр бу айаҥҥа сылдьыбыт буолан, боккуобалаахтар, арай Баһылайдаах аттарыгар боккуоба диэн мэлигир.
  • Ол эмиэ туохтарай, көнньүүһүнньэ диэн? – Баһылай дьиктиргээн ыйытта.
  • Сылгы хотонун көнньүүһүнньэ диэн ааттыыллар – диэн Сэмэнниир оргууй аҕай быһааран биэрдэ.
  • Ол сылгыларбытын хотоҥҥо киллэртиибит дуо? – аны Оҕо Ньукулай дьиктиргээн ыйытта.
  • Эс, ама киллэрбэт инибит, хайа сылгы хотонноммутун баран, даллаахтара буолуо – дии-дии, Лэкиэһин диэки ыйытардыы көрбөхтөөтө.
  • Ээ, баар-баар, дал баар бөҕө буоллаҕа дии. Ити көнньүүһүнэ туспа, соҕурууттан кэлбит, тымныыны тулуйбат аттарга анаммыт тутуу. Уонна бу ыраах айантан мөлтөөбүт аттары киллэрэн бэтэрэнээрдэр эмтиир сирдэрэ. Аттарбытын туруортаан баран, хонук сирбитин булуохпут. Уонна бу купуон диэн кумааҕы биэрдилэр, хас биирдиибитигэр. Онон маҕаһыынтан ас-таҥас ылынар үһүбүт, - диэн туох эрэ бэчээттээх, халлаан күөх өҥнөөх кумааҕыны тэлимнэтэн көрдөрөөт, олус кичэллээхтик суулаан, докумуон угар кыра мас дьааһыгар укта. Онтутун сыа-сым курдук тутан, тирии тастаах хоппотугар угаат, күлүүһүнэн хатаан кэбистэ. Ол курдук саамыланан көнньүүһүнэлэригэр бардылар. Тиийбиттэрэ, дьэ, дал диэн мааныта манна баар дойдута эбит, иэнэ куйаара биллибэт улахан дал! Онтуларын хас эмэ сиринэн күрүөлээн кэбиспиттэрэ, саас сааһынан сылгылар туралларыгар, киирэллэригэр-тахсалларыгар табыгастаах дойду эбит. Сэмэнниирдээх биир нуучча киһитэ батыһыннарыылаах көнньүүһүнэттэн тахсан кэллилэр. Сэмэнниир:
  • Бу бэтэринээр аттары көрө таҕыста,- диэн быһаарда. - Эн биһикки Баһылаай, ити ордубут оту, от тутааччыга туттаран баран лааппыга баран кэлиэх, хонор сирбит ити баар, - диэн дал анараа аттыгар турар уһун субурҕа дьиэни ыйан көрдөрдө. Итиэннэ:
  • Ол кэннэ чэйдээн баран кэлэн аттарбытын боккуобалатыахпыт. Ити бэтэринээр көрбүтүн кэннэ аттаргытын сыбыдахтаан ыытаарыҥ, тохтуу түһэн баран, сойдохторуна уулатан, отторуттан биэрээриҥ, - диэн дьонун дьаһайан баран Баһылайдыын, отторун туттараат, Лэкиэстэрин сирдэтэн лааппыларыгар бардылар. Лааппыга киирэн купуоннарын туттарбыттарыгар биир саҥарбыт-иҥэрбит нуучча атыыһыта, Баһылай иһиттэҕинэ тугу эрэ саҥаран куллугурата-куллуггурата, элбэх аһы-үөлү ыйааһыҥҥа ыйыы-ыйыы, өрбөх куулларга симэн киирэн барбытын соһуйа көрөн турда. Ыксаан киһититтэн:
  • Доҕоор, ити киһибит туох да мээнэ аһы-үөлү симэн эрэр дии, сыыстарбата дуо?
  • Ээ, суох, ити биһи биригээдэ ыйы быһа аһыыр аспыт үһү, - мичээрдии-мичээрдии киһитэ хардарда. Лэкиэс лааппыттан тахсаат:
  • Быйыл астара-үөллэрэ тупсубут, былырыын балыктара эҥин суох этэ, ааспыт сырыыга эппит эрдэ бүтэн хаалан эрэйи көрбүппүт, биир борооску сыыһын өлөрөн биэрбиттэрэ, ол этэ диэхтээн, миинэ-хаара да мөлтөх этэ, ону хата биһиги нууччалары кытта нуорма испиирбитин эккэ мэнэйдэһэн, саас дьиэбитигэр тиийбиппит, инньэ гынан быйыл холкуоспутугар туруорсан кур сүөһүнү өлөрөн биэрдилэр, онон быйыл этэҥҥэ аччыктаабакка дойдубутугар тиийэр инибит, – диэмэхтээтэ. Онуоха Сэмэнниир дьиктиргээн
  • Ол нууччаларга хантан эт кэлэрий? – диэн ыйытта.
  • Ээ, дьэ, ыйытыаххын ыйыттыҥ да, тугун билиэмий, сир түгэҕинэн иһиттэххэ, урукку хаайыылаахтар дииллэр, манна наймылаһан үлэҕэ хаалбыт, «чыычый” соҕус дьон. Кинилэр хамнастарын уу харчытынан аахсаллар дииллэр, ол иһин биһиги ылар лааппыбытыттан аһаабаттар, атын сиртэн уу харчыга атыылаһан аһыыллар. Итинтикэлэриҥ бүтүннүү судаарыстыба бэлэмигэр сылдьар дьон. Көлөлөнөр сылгылара, сыарҕалара, маллара-саллара да таһыччы биһигиттэн үчүгэй. Боруода сылгылар буолан, көтөҕөр да таһаҕастара биһиги сылгыларбыт курдук буолуо дуо, икки-үс бүк элбэҕи көтөҕөр сылгылар, инньэ гынан ыраах бириискэлэргэ кинилэри ыыталлар, - диэт куолутунан мүчүҥнээн ылла. - Ээ, арба, ити хонуохтаах симиэбийэбитигэр, бэйэбит киһибит, Тааттаттан төрүттээх киһи дьаамсыктыыр, былырыын эппитин-аспытын киниэхэ уурдаран абыраммыппыт, быйыл да инньэ гыныахпыт, - диэн этиитин түмүктээтэ. Инньэ гынан астанан үөрэн-көтөн дьонноругар тиийдилэр, тиийбиттэрэ дьонноро аттарын сыбыдахтаан, хонук сирдэригэр киирэн аттарын сэптэрин-сэбиргэлэрин киллэрэн куурда уурбуттар. Чэйдэрин оргутан, күөстэрин буһараары сылдьаллар эбит. Түспүт симиэбийэлэрэ туох да улахана сүрдээх эбит, дьиэ былаһын тухары наара орон кэккэлэспит. Дьиэ хабайар-хаба ортотугар икки тимир буочуканы холбуу туппуттара, оттуллан тигинии турар, олор быыстарыгар уһуннаахай, элбэх киһи тэҥинэн аһыырыгар сөптөөх гына, остооллору туруорбуттар. Эр дьон мустубут сирэ буолан, табахтарын күп-күөх буруота биир кэм дьиэ иһигэр унааран олорор дойдута эбит. Дьонноро кэлбиттэригэр уолаттар үөрэ тоһуйдулар, атыыласпыт астарын үрдүгэр түһэн көрөн-истэн сахсаҥнаппытынан бардылар. Онтон эрэ саамай соһуйбуттара саахар буолла.
  • Бачча элбэх саахары биһиги барытын сиир үһүбүт дуо? – диэн Оҕо Ньукулай соһуйан саҥа аллайда.
  • Сиэбэтэххинэ аны саас дьоҥҥор илдьиэҥ буоллаҕа дии,- дэһистилэр.
  • Ээ, кырдьык да оннук ээ,- диэмэхтээтэ, хараҕар оҕото, кэргэнэ, ийэтэ барахсаттар элэҥнэһэн аастылар. Оҕо Ньукулай ийэтэ, икки хараҕа суох Ырыа Ылдьаана, эдэригэр сүрдээх ыраас сэбэрэлээх кыыс эбитэ үһү. Манна кийиит буолан кэлиэҕиттэн, биир кэм ханна да буоллун ырыанан сылдьара дииллэр. Хотуна, Сөдүөрэ эмээхсин:
  • Тоойуом сыһыыга, ойуурга сылдьан наһаа ыллаабат буол, сир-дойду иччитэ уордайыа, - диэн кийиитигэр сэрэтэн этээхтиирэ. Кийиитэ, эдэр дьахтар, ырыата суох хайдах да табыллыбат курдуга. Инньэ гынан эмээхсин барахсан сэрэтиитэ эппит сиригэр хаалара. Ол кэмҥэ кини кэрэ сэбэрэтин, ырыатын, олоҥхотун көрөөрү-истээри ыраах-чугас алаастартан-сыһыылартан дьон сорунан кэлэр этэ диэн кэпсииллэр. Ол курдук аатырбыта, сураҕырбыта. Уола үс саастааҕар Арҕаа алааска кэргэнинээн Анньыыскалыын оттуу сырыттахтарына абааһы Ылдьааналыын ылласпыта үһү диэн баар. Ол төһөтө сымыйата, кырдьыга биллибэт. Ол кэннэ Ылдьаана барахсан үс күн суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан баран, икки хараҕынан көрбөт буолан турбута. Ол кэннэ ырыатын, олоҥхотун букатыннаахтык бырахпыта. Кэргэнэ эһиилигэр мас кэрдэ сылдьан маска тэптэрэн суорума суолламмыта. Аҕаларын ийэтэ эрэйдээх, суос-соҕотох оҕотуттан матан, сыл кэриҥэ ытаан-соҥоон баран уолун кэнниттэн бараахтаабыта. Ол курдук биир ыал олоҕо огдолуйбута. Хайа аҕалара өлүөҕүттэн, иитэр киһитэ суох дьон ыал устун барбыттара. Ылдьаана икки хараҕынан көрбөт буолуоҕуттан уола киниэхэ көрөр хараҕа, тайанар тайаҕа буолаахтаабыта. Ыалга айах адаҕата буолбат баҕаттан, ийэтэ илиитин иминэн, тириини имитэн, дьиэлээхтэргэ кыһыҥҥы таҥастарын тэҥҥэ бэрийсэрэ. Тирии имитэ олорон киэһэ аайы арааһынай бэйэлээх сүр дьикти сэһэннэри, остуоруйалары кэпсээн ус кыһыны чуумпу, чуҥкук киэһэлэрин сэргэхситэрэ. Уола, тулаайах киһи буолан, олорор ыалларын кытта тэбис-тэҥҥэ, ынах сааҕын күрдьэртэн саҕалаан, кэлин дьиэ-ис тас үлэтигэр үлэлэһэн улааппыта. Кэнники улаатан улахан, кыайыгас үлэһит буолан, былдьаһыгынан кэриэтэ ыаллар ылан олордорбуолбуттара. Онтон бу түөрт-биэс сылтан бэттэх, уол алаас илин кэтэҕэр турар эргэ өтөҕүн сөргөхсүтэн онно көһөн, туспа ыал буолбуттара. Биир ырааҕынан аймаҕа киһиттэн биир буос ынаҕы ылан төрөтөн ынах-сүөһү тэриммитэ. Онтон чугастааҕы нэһилиэк кыыһын ойох ылан олорбуттара баара-суоҕа икки эрэ сыл буолла. Билигин саҥа түөрэҥэлээн хааман эрэр уол оҕолоохтор. Ол курдук Сэмэнниирдэрэ биир-биир куултан астарын таһааран истэ, ол түмүгэр, уонча килиэп, үс киилэттэн ордук сыа арыыта, буут чиэппэрэ кэриҥэ курууппа, түөрт киилэ курдук хоту дойду балыга, кыра мөһөөччүккэ мохуорка табах, хас да кирпииччэ чэй, өссө онно эбии биир иһит испиир биэрбиттэр. Биэрбиттэрэ элбэҕиттэн Ньукулай барахсан, хаһан да маннык элбэх аһы харахтаабатах, үйэтин тухары аас-туор олохтоох киһи итэҕэйбэккэ көрөн турда.
  • Бу барыта биһиэхэ дуо? – диэн көрбүтүн итэҕэйбэккэ Сэмэннииртэн ыйытта.
  • Бу ыйдааҕы аһылыкпыт, маны барытын хамнаспыт суотугар биэрдилэр, - диэн киһитэ эппиэттээтэ.
  • Сарсын килиэп эбии тиийэн ылыахтаахпын, айаммытыгар ый аҥаардааҕы аспытын суоттаныахпыт. Айаммыт уһун, ыраах дойду, бара-кэлэ ый аҥаара кэриҥэ айанныыр үһүбүт, – диэтэ. Ол кэмҥэ күөстэрэ буһан, олоро түһэн чэйдээт, эмиэ далларыгар бардылар. Сэмэнниир уус дьиэтигэр киирдэ. Уолаттар, бааллан турар сылгыларыгар от быраҕан биэрээт, аттарын иһэхтээн, кырыаччылаан бүтэн эрдэхтэринэ, Сэмэнниир биир улахан, бөдөҥ, сирэйэ бүтүннүү бар-бытык нуучча киһитин батыһыннаран кэллэ. Киһитигэр тугу эрэ нууччалыы быһаарда. Ол кэннэ Баһылайга туһаайан:
  • Бу боккуобаһыт, аттарбытын кини боккуобалыа, мин хонтуораҕа баран кэлиэм, эн бу киһиэхэ көмөлөһөн, илии-атах буол, ити уус дьиэтигэр киллэрэн боккуобалыа, - диэт далтан тэйиччи соҕус турар дьиэни ыйда. - Уолаттаар, эһиги сылгыларгытын аһаан бүттэхтэринэ уулатаат дьиэлээриҥ, тиийэн киэһээҥҥи күөскүтүн буһара туруоххут этэ, - диэн дьаһайаат бара турда. Боккуобаһыта Чолбон диэки ыйан көрдөрөөт, бардыбыт диэн илиитинэн ыҥырда. Баһылай киһитин кэнниттэн батыһан уус дьиэтигэр атын сиэппитинэн киирдэ. Дьиэни таһыттан көрдөххө кыра курдук да, иһигэр киирдэххэ кэҥэс дойду эбит. Дьиэ ортотугар сахалыы сирэй оһоххо майгынныыр оһоҕу көҕүс-көҕүстэринэн туруору холбоон оҥорбуттара онтулара биир кэм умайан сырдырҕыы турар. Хас да киһи уһанан тимир тимиргэ охсуллар тыаһа биир кэм лыҥкынаан олороро Баһылайга оҕо сааһын санатта, бу курдук эһэлээх-аҕата саас-күһүн, быыһык кэми туһанан, эмиэ уһанар буолаллара. Биир сып-сырдык баттахтаах, күп-күөҕүнэн чөҥөрүччү көрбүт эдэркээн нуучча уола, күөрчүттэрэ быһыылаах, хантан эрэ дьиэ түгэҕиттэн ойон тахсан оһоҕун күөртээтэ. Күөртээн бүтэн, ким эрэ хаһыытаан ыҥырбытыгар ол диэки сүүрдэ. Нууччата муннукка турар хааччах диэки ыйа-ыйа туох эрэ диэтэ, Баһылай аттары боккуобалыырга анаммыт хааччах буоларын өйдөөн, хааччахха киллэрэн атын баайда. Урукку өттүгэр аты хайдах боккуобалыылларын көрө илик буолан сонурҕаан көрөн турда. Киһитэ бэрт эрэллээхтик туттан-хаптан, сылгы инники атаҕын өрө тардан көрдө, уонна туох эрэ диэн саҥара-саҥара, иһэх хоҥнорор өтүйэни ылан ат туйаҕын тоҥсуйан көрдө, итиэннэ Баһылайга иккис атаҕын тут диэн көрдөрдө. Бэйэтэ бэлэм сытар хаптаһыҥҥа ат атаҕын ууран, кыра чохороон сүгэ биитинэн тирээн көрө-көрө, мас өтүйэнэн охсон туйаҕы сүр кичэллээхтик сарбыйаат “отпусти” дии-дии киһитигэр сапсыйда. Баһылай атын атаҕын ыытан кэбистэ. Онтон иэт быһаҕы ылан, аллараа тилэҕин ыраастаат, игиинэн туйаҕын аала-аала сүүрэ сылдьар уолга тугу эрэ хаһыытаата. Уол умайа турар кыһаттан кып-кыһыл боккуобаны ытарчанан хостоон аҕалан киһитигэр туттараат, ат атаҕын тутан биэрдэ, киһитэ боккуобаны туйахха сыһыары туппута сырдырҕаан ыларга дылы гынна. Куһаҕан, куйахы сытын курдук сыт кэлбититтэн сиргэнэн муннун бүөлүү тутунна. Киһитэ боккуобатын ыаҕастаах ууга бырахпытын кэннэ атын тилэҕин өҥөйөн көрбүтэ сылаас боккуоба суола суолунан уйа курдук хаалан хаалбыт, ордугун быһаҕынан ыраастыы түһэн баран эмиэ аалла. Ол кэннэ боккуобатын ылан халыыпка олордор кэриэтэ олордон кэбистэ итиэннэ сэлээппэтэ суох тоһоҕону саайда, бүтэһигэр чорбойон турар төбөлөрүн кэлтэччи охсуталаан кэбистэ. Ол курдук, киэһээҥҥэ дылы биэс аты боккуобалаатылар. Баһылай төһө да нууччалыы өйдөөбөтөр, илии-атах көмөтүнэн киһитиниин бэркэ тапсан үлэлээтилэр. Кэнникинэн уолугар хаһыытыырын тохтотто, Баһылай кыһаттан боккуобатын аҕалан, сылгытын атаҕын тутан биэрэр буолла. Киэһэ Сэмэнниирдэрэ чэйдии олорон дьонугар:  
  • Бүгүн боккуобаһыппыт биэс сылгыны боккуобалаата, онон буоллаҕына сарсыҥҥа дылы бүтэрэрэ эрэ, суоҕа эрэ, икки хас хонор буоллубут быһылаах, боккуобата суох сылгы бу муус дойдуга таһаҕаһын кыайан таппакка халтарыйа сылдьар буоллаҕа дии, онон дьэ, хас хонобут, - диэт өрө тыынан ылла. - Манна икки сылгыны от тиэйиитигэр диэн анаан хаалларыҥ диэн дьаһайдылар, сылгыларбыт сиир отторун бэйэбит тиэнэ сылдьар үһүбүт, бу сырыыга илдьэ кэлбит оппутунан барабыт, эбии аһылык диэн аара суолга сиэтэргэ сууккаҕа биирдии акка биэстии киилэ нуормалаан эбиэс биэрэллэр үһү, Ааллаах Үүнтэн төннүүбүтүгэр аттарбыт сиир отторун мантан тиэнэн барабыт, Улуннаахха дылы, онно эмиэ от ыскылаата баар диэтилэр, оппут бүттэҕинэ онтон ылан ааһар үһүбүт, ону хас симиэбийэ аайы нуормалаан туттараҕыт, хааһына ото аҕыйах диэтилэр, инньэ гынан холхуоспутуттан тохсунньу, олунньу ыйга дылы эбии от киириэн наада буолара буолуо уонна бу Алдан отун наһаа соппоҥ диэн сирэллэр эбит, алаас отугар ханан да тиийбэт дэһэллэр, - диэн салгыы кэпсии олордо.
  • Онон ханнык сылгыларбытын хаалларарбыт буолла? – диэт Байбал диэки көрдө. Онтон: - Онно икки айаас соноҕосторбутун хаалларан эрэр буоллахпыт дии, Кэрэмэстээх Ылламы, сыһыйа турдуннар, – диэт мүчүк гынан ылла. Ол этиигэ бары саҥата суох сөбүлэстилэр. Лэкиэстээх сарсын малларын тиэнэн, өйүүн айанныыр буолбуттарын истэн, Оҕо Ньукулай сайыһа санаата. Билэр киһини кытта сылдьар быдан эрэллээх буолуо этэ. Ол курдук саныы-саныы оронун бэлэмнээн сытардыы оҥосто сылдьан:
  • Ити барар сирбит тоҕо Ааллаах Үүн диэн ааттаммыта буолла? – диэн ыйытта, онуоха Лэкиэс наара орон муннугар сытан эрэ:
  • Оо, ол эмиэ бэйэтэ туспа кэпсээн! – диэн саҥа аллайда. Ону истэн симиэбийэ иһинээҕи айан дьоно бары сэһэни истээри чөрбөҥнөһө түстүлэр.
  • Дьэ, эрэ, кэпсээ, - диэн онтон-мантан саҥалар иһилиннилэр. Лэкиэс улаханнык ааттаһыннара барбакка, көхсүн этитэн баран кэпсээн киирэн барда, симиэбийэ иһигэр аһаан-сиэн, хаарты оонньоон ампаалыктаһа олорбут дьон кэпсээн истээри Лэкиэс сытар оронун диэки сыҕайсан биэрдилэр, инчэҕэй маһынан оттуллубут оһох эрэ сырдыргыыра иһиллэр уу-чуумпута сатыылаата.
  • Былыыр-былыр биир саха булчута ол сиргэ бултуу сылдьан тыа быыһыгар сүрдээх улахан устар аалга кэтиллэ түспүтэ үһү. Икки аарыма тиит быыһыгар кыбыллан турарыттан, үрэхтэн көс кэриҥэ тэйиччититтэн сылыктаатахха, улахан уу кэлэн бырахпыт буолуон сөп курдук эбит. Булчут дьиктиргээн, тыы иһигэр туох баарын көрөөрү, эмэх буолбут аалга нэһиилэ ыттан тахсан иһигэр киирбитэ туох да суох эбит, арай эргэрэн дьэбин буолбут, үлтүрүйэ сылдьар сылгы үүнэ эрэ сытара эбитэ үһү. Ол онтон ыла ол сир дойду үрэҕэ Ааллаах Үүн дэммит, ол онтон көмүсчүттэр бөһүөлэктэрин ааттаабыттар диэн баар, - диэн кэпсээнин түмүктээтэ. Ону истэн олорбут дьон кэпсээн бүтэрин кытта көбдьүөрэ түстүлэр. Онтон-мантан “Дьэ, кырдьык дьикти эбит!”, “Ол хантан кэлэн хаалбыт оҥочо эбитэ буолла?”, “Оо, ол иһин да, сүр дьиибэ ааттаах ээ! Бэйэлээх бэйэбит, сахабыт тыла эбит!” дэһии буолла, ол курдук дьон киирэригэр-тахсарыгар, сугулааһыннарыгар наадыйбакка, киэһэ хойукка дылы арааһынай дьиктилээх да, дьээбэлээх да кэпсээннэр сыыйыллан биир-биир тахсан истилэр. Түүн хойут айантан кэлбит дьон утуйар ороҥҥо тиксибэккэ, сиргэ кытта тэлгэннилэр. Баһылайдаах эрдэ кэлэн утуйар сиргэ тиксибиттэриттэн үөрэ санаатылар. Ол сытан Баһылай айанньыт элбэҕиттэн сөҕөн:
  • Лэкиэс, бу таһаҕас таһыытыгар төһө элбэх киһи сылдьара буолуой? – диэн ыйытта.
  • Ээ, былырыын кэпсииллэринэн уон тыһыынча кэриҥэ көлө сылдьар дииллэрэ, – диэн хардарда.
  • Уу, дэлэй да көлө эбит! – Баһылайдаах сөҕөн чыпчырынан эрэ кэбистилэр.
  • Оннук айаммыт да ыарахана сүр, мантан Ааллаах Үүнү сүүрбэ үс көс дииллэр. Иһиттэххэ оннук ырааҕа суох курдук да, айана эрэйэ сыттаҕа, бу тарыҥа элбэҕэ, тыала-кууһа, аны Сэттэ Мэҥэһик диэн сүрдээх үрдүк хайаны дабайыы да, түһүү да киһи да, сылгы да сыратын-сылбатын, күүһүн-уоҕун барыыр дойдута, - диэт өрө тыынан ылла. Онтон тохтуу түһэн баран, тугу эрэ саҥа өйдөөбүттүү:
  • Доҕоор, Сэмэнниир, ол хайаны түһэргитигэр сыарҕаҕыт сыҥааҕар боробулуоха наада этэ, инньэ гымматаххытына сылгыгытын таһаҕастаах сыарҕа халтарыйан умса анньа сылдьыа, туох да туруору сыыр, аттар эрэйдээхтэр эмэһэлэринэн олорон эрэ түһэр дойдулара, - диэтэ
  • Бай, да! Ол мин оччо элбэх боробулуоханы хантан булабын? – диэтэ.
  • Нууччалыы кэм быһаарсар киһи сарсын хонтуораттан көрдьөөн көр, ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Биһиги былырыын Арҕаа Хаҥаластары кытта сылдьан булбуппут,- диэтэ. Сарсыарда утуйан туран, чэйдээт, аттарын аһата бардылар. Сэмэнниирдэрэ хонтуораҕа эбии быа-туһах, боробулуоха көрдьөһө барда. Баһылай сылгыларын аһатаат, ат сиэтиилээх уус дьиэтигэр баран уһун күнү быһа сылдьыһан, сылгыларын барыларын хата боккуобалаан кэбистилэр. Киэһэ чэйдии олорон Сэмэнниир:
  • Сылгыларбыт бары боккуобаланнылар, мин син сөптөөх боробулуоха буллум, сарсын таһаҕаспытын, аара сиир оппутун, эбиэспитин тиэнэн, өйүүн сарсыарда суолу билэр дьону, Аммалары кытта бииргэ айанныахпыт диэн кэпсэттим. Онон өйүүн сарсыарда олох эрдэ айанныыбыт, Кураанах симиэбийэтигэр эбиэттээн баран Атырдьахха тиийэн хонор курдук гына. Уонна таһаҕаспытын ыллыбыт эрэ уочаратынан биир-биир таһаҕаспытын маныахпытын наада, таһаҕас сүтэрэ олох табыллыбат. Онон бүгүн эрдэ утуйан, сынньанан туруохпутун наада, сарсыҥҥыттан күүстээх үлэ, - диэтэ. Ол кэпсэтэ олордохторуна биир сааһыра барбыт, биэс уонуттан тахсан эрэр көрүҥнээх, кыра хатыҥыр киһи кэлэн:
  • Эһиги Таатталаргыт дуо? – диэтэ.
  • Ээ, биһиги Таатта Дьохсоҕонуттан сылдьабыт, онтон эн ким диэн буолаҕын? – диэн ыйыттылар.
  • Мин Таатта Тыараһатыттан сылдьабын, - диэтэ Ону дьоно:
  • Ол дойдугуттан хайдах тэлэһийэн баччалаах дойдуга кэлэн хааллыҥ? - диэн ыйыттылар. Ол курдук кэпсэтэн билсибиттэрэ Харытыан Сэлэпсиэп диэн киһи эбит, бу дойдуттан төрүттээх кыыһы ойох ылан манна олохсуйбута отучча сыл буолбут. Икки уоллаах кыыс оҕолоохторо ыал буолан, кыыһа кэргэнин дойдутугар Тааттаҕа тахсан олохсуйбут. Уола Таатта Амматын кыыһын кэргэн ылан, манна дойдутугар олохсуйбут, билигин Ааллаах Үүн анараа өттүгэр бириискэҕэ көмүс сууйуутугар сылдьар үһү. Бэйэтэ эмээхсининээн бу симиэбийэ хара аһыллыаҕыттан манна үрдүттэн олорон үлэлииллэр эбит. Ол курдук кэпсэтэн-ипсэтэн эрдэ соҕус утуйдулар. Сарсыҥҥы күнүгэр ыскылаакка таһаҕастарын ыла тиийэн баран ыскылааттара улаханнарыттан, өссө ыскылаакка баппатах кууллаах бурдуктары дьаарыстаабыттара хайа курдук үллэн турара сөхтөрдө, ыскылаат үлэһитэ туох таһаҕас биэрбитинэн тиэнэн-бэринэн ус күнү быһа айаҥҥа бэлэмнэнэнэн күннэрэ биллибэккэ ааста. Ол тиэнэр таһаҕастара сиир бурдук, биирдии сылгы төбөтүгэр, аара сиир оттуун, эбиэстиин ортотунан иккилии аҥаардыы сэнтиниэр курдугу тиэннилэр. Харытыаннарыгар ордук астарын таһаҕас оҥостумаары уурдардылар уонна сарсыарда эрдэттэн айанныыр буолан киэһэ эрдэ ороннорун буллулар, бүгүн Оҕо Ньукулайы аттары, таһаҕаһы маната хааллардылар. Сарсыарда үс чааска туран, бэҕэһээ киэһэттэн ордубут астарын аһаабыта буолан баран айаннарыгар туруннулар. Аммалар суолу билэр дьон бастаатылар. Онтон Дьохсоҕоннор, кинилэр кэннилэриттэн эмиэ икки биригээдэ түстэ. Аттарын харыстаан бэйэлэрэ биир кэм сатыы хаамтылар. Сиидэр айаннаан иһэн тулатын, сири-дойдуну сонургуу көрө-истэ, суоллара биир кэм Тандыҥы үрэҕинэн батыһа барар эбит. Сылгыларын атахтарын боккуобалаабыттара чигдик хаарга сыарҕа кыыкырдыырын быыһыгар сүр үчүгэйдик чардырҕаан иһиллэр, кэннин хайыһан бииргэ айанныыр дьонун көрбүтэ, элбэх ат субуһан иһэрин көрөр бэртээхэй, дьикти да көстүү эбит! Айаннаан истэхтэрин аайы хатыҥ мастара аҕыйаан, олох да сүтэн бардылар, ол оннугар биир кэм харыйа ону кытта аарыма улахан тииттэр элбээн истилэр. Ол курдук айаннаан күн ортото Кураанах симиэбийэтигэр киирэн чээйдээн, аттарын сынньатан, кыратык от биэрэн хабыалата түстүлэр, төннөр отторун, эбиэстэрин от тутааччыга туттараат, ааһа турдулар. Атырдьахха чугаһаан истэхтэрин аайы тыалыран истэ, киэһэ хойут симиэбийэлэрин буллулар. Бу дойду силлиэрэн тыала сүрдээх дойду эбит, инньэ гынан, көлөнү тыаттан көмүскээн, тыал супту үрбэтин диэн хотон холлоҕоһун курдук маһынан эркин оҥорбуттарыгар, сарсыарда эрдэ туран айанныыр буолан, аттарын сыбыдахтаабакка сыарҕатын эрэ булгурутан кэбиһэн баран, баайан кэбистилэр. Баһылай Байбаллыын аттарын кырыаччылыы, ыраастыы хааллылар. Сэмэнниир:
  • Бүгүн, Байбаал, сылгылары эн маныыгын, - диэн дьаһайаат сылгыларын аһын от тутааччыга туттара барда. Оҕо Ньукулай утуйар таҥастарын таһан, утуйар сир оҥоро, астарын астыы киирдэ. Чэйдии олорон, Сэмэнниир:
  • Аттар сойбуттарын кэннэ тахсан аһатыахпыт, сарсыарда эрдэ туран барабыт диэн буолла, ол кэмҥэ аттарбыт аһаан бүтэллэрэ буолуо, сылгы аһаабакка турдаҕына тоҥон титириир идэлээх, титириир сылгы дьэ, ырыганныыр, оннукка олох тиэрдимиэхпитин наада, - диэтэ. Ол курдук хонон, эрдэ тураат, айаннарыгар туруннулар. Айаннаан истэхтэрин аайы сирдэрэ-дойдулара уларыйан, таас хайаҕа кубулуйан барда. Хара Тиит симиэбийэтэ арыыйда тэйиччи соҕус турар дойду, онон онно хонордуу быһаарыннылар, эрдэ соҕус тиийэн хонук сирдэрин булан, сылгылара да, бэйэлэрэ да сынньана түһүөхтэрэ. Ол айаннаан иһэн халлаан хараҥарыыта үүт-туман быыһынан, үрэхтэрин мууһун үрдүнэн уу сүүрүгүрэ сытарыгар түбэстилэр. Уу түгэҕин мууһа халтархай буолан тарыҥы аттарын биир-биир сиэтэн туораттылар, тарыҥнарын этэҥҥэ туораат, атахтарын таҥаһын уларытта охсоот, сыарҕаларын, сылгыларын атаҕа муус кыаһаа буолбутун, ыраастыыр түбүгэр түстүлэр. Ол курдук этэҥҥэ айаннаан симиэбийэлэрин сөпкө буллулар. Тиийээт, сарсыарда тахсан барарга табыгастаах гына сыарҕаларын бииргэ тартаран туруордулар, сылгыларын сыбыдахтаан ат сыарҕаларыгар көнтөһүн баайар анал арааматыгар баайан кэбистилэр. Аттарын тээбиринин киллэрэн, анал миэстэҕэ, оһохтон чугас куурда уурталаатылар. Бүгүн Баһылай маныыр түүнэ, инньэ гынан, уолаттарыгар:
  • Эһиги киирэн утуйар сиргитин булуна, күөскүтүн өрө туруҥ, мин бэйэм да сылгылары кырыаччылыам, - диэн уолаттарга эттэ. Онтон бэйэтэ хаалан аттарын кырыаччылаата, Чолбоно барахсан кырыа буолан турар сирэйин ыраастаабытыгар атаахтаан биир кэм хаһаайынын сирэйин суураалаамахтаан ылла, сылгытын таптаан имэрийэ-имэрийэ киһилии кэпсэтэ турдаҕына Оҕо Ньукулай тахсан:
  • Баһылай, киирэн чэйдээ, кыратык утуйан сынньанан ыл, биһиги аттары аһатыахпыт, уоскуйдулар, сойдулар ини, - дии-дии аттары туппалаан көрбөхтөөтө. Баһылай киирэн чэйдээт, түүн сылгыларын маныыр буолан, атаҕын таҥаһын оһох таһыгар куурда уурда уонна сытаат сылайбыта таайан, сүр түргэнник утуйан хаалла. Онтон Сэмэнниир уһугуннарбытыгар туран бэлэм уулаах баахтан куруускатынан баһан уу иһэн курдурҕатан баран, таҥнан таһырдьа таҕыста. Түүн ортото буолбут быһыылаах. Халлаан биллэрдик тымныйбыт, хабыс-хараҥа халлааҥҥа сулустар чаҕылыспыттара сүр. Саҥа утуйан тураат, эмискэ таһырдьа тахсыбыт буолан, дьагдьайан дьигиһийэн ылла, этин-сиинин уһугуннараары, тыыллаҥнаан, түөһүн муҥунан тымныы-чэбдик салгыны эҕирийтэлээтэ, итиэннэ сэниэлээх соҕустук атыллаталаан аһыы турар сылгыларын диэки барда. Сылгыларыгар тиийэн, ыһыллыбыт отторун хомуйан биэрдэ. Эмиэ бэйэтин курдук таһаҕастарын маныы хаалбыт дьону кытта кэпсэтэ түһэн баран, оттоох сыарҕаҕа кэлэн дьонун, бэйэтин саҕынньахтарын мунньан, үллүнэн сытан сулустаах халлааны одуулаата. Ол сытан дойдутун-дьонун санаан ылла, быраата Сэмэн кини суоҕуна дьонун көрөр буолан, дьиэтигэр-уотугар холку, сааһын тухары кэрийэн кэлбит хара тыатын ахтара дьонун ахтарынааҕар күүстээх курдук. Ол санаатыттан бэйэтэ сонньуйан ылла, дьиҥэ ойоҕо Маайата туох да дьиэгэ суох, ыраас туттуулаах, үлэһит барахсан ээ, ол курдук ону-маны саныы-саныы туран таһаҕастарын көрө барда. Сэмэнниир сөпкө этэр, таһаҕастара сүтэр түгэнигэр дьэ, иэдээн, билигин суут-сокуон ыараан турар кэмэ. Былырыын ханнык эрэ холкуос киһитэ маннык маныы сытан, сылгытын таһаҕастары сүтэрэн кэбиспит сурахтааҕа, көрдьөөн көрбүттэр этэ да, хантан булуохтарай, булбатахтар. Ол сордооҕу норуот баайыгар дьалаҕайдык сыһыаннаһан сүтэрдэ диэн сууттаан хаайыыга укпут сурахтаахтара. Бу сокуон ыарахан тыынын Сиидэр нэһилиэгин дьоно эмиэ билэн тураллар, былырыын Даккыттан төрүттээх уол Чөркөөххө учууталлыы сылдьан “норуот өстөөҕө” аатыран эмиэ хаайыыга симиллибитэ. Биир дойдулаахтара соһуйан эрэ хаалбыттара, оҕо эрдэҕиттэн туох да наһаа көрсүө оҕо этэ. Ийэлээх аҕатыгар норуот өстөөҕүн төрөппүттэрэ аатырыахтарыттан дьон куттанан, дьиэлэригэр да сылдьыбат буолан тураллар. Ол кэмҥэ аны Таатталар чулуу киһилэрин Ойуунускайы “норуот өстөөҕө” диэн хаайбыттарын туһунан сүрдээх аймалҕаннаах сурах сири аннынан ньиргийбитэ, дьон төһө да истэригэр бэйэлэрин киһилэрин харыһыйан-көмүскэһэн айманналлар, саҥата суох бу хара балыыры ыйыстан эрэ кэбиспиттэрэ... Баһылай икки сыллааҕыта, Саха сирин автономията төрүттэммитэ уон биэс сылыгар анаммыт ыһыахха, ат сүүрүүтүн кэмигэр Ойуунускайы бэйэтин илэ хараҕынан көрөн турар. Ол ыһыахха көр-нар хас да күнү быһа барбыта. Бүтэһик киэһэ Баһылай Таатта икки аатырбыт сүүрүктэрэ-Чабыыкын Улаана уонна Адаам сүүрэллэр диэн буолбутун истэн, ол сүүрүүнү көрөөрү оҥостон Аммалыыр аартык алааһыгар тиийбитэ. Онно ойуур маһыныы элбэх киһи мустубут этэ, сүүрүү буолуон иннинэ “Ойуунускай!”, “Ойуунускай!” диэн тыл олорор дьон ортотугар долгуннуу куугунаан кулгааҕар охсуллан-иһиллэн ааспыта. Баһылай Ойуунускайы көрөөрү уҥа-хаҥас диэки олоотуу олорон уун-утары кинилэр диэки, төгүрүк ачыкыта күн уотугар күлүмүрдээн, Былатыан Ойуунускай илэ бэйэтинэн мичээрдээбитинэн, инники олорор дьону кытта илии тутуһан дорооболоһо-дорооболоһо, хаһыа да буолан иһэллэригэр хараҕа хатана түспүтэ. Кинилэргэ анаан бэлэмнэммит олбохторго олороотторун кытта күрэхтэһии саҕаламмытынан барбыта. Онно көрдөҕүнэ Ойуунускай сахаҕа орто уҥуохтаах, кубаҕай сирэйдээх, бэрт эйэҕэс, сытыы-хотуу көрүҥнээх, хатыҥыр киһи эбит этэ. Ол бэйэтэ хаайыы киһитэ буолаахтаатаҕа, ханна тиийээхтээтэ буолла... Ол курдук ону-маны саныы-саныы Амматын киһитинээн хардары-таары дьиэҕэ киирэн иттэ-иттэ бириэмэлэрэ барбытын билбэккэ хааллылар. Үс чааска киирэн чэйин оһоххо туруоран баран, дьоннорун киирэн уһугуннартаата уонна тахсан сылгыларын уулатан, эбиэстэрин биэрэн аттарын көлүйэ сырыттаҕына уолаттара таҕыстылар. Баһылай кыратык хабыалаан аһаан, сылаас чэй иһэн сэргэхсийбит курдук буолла. Ол курдук бары “сып-сап” хомунан, уһун унньулҕаннаах айаннарын салҕаатылар. Бүгүн Улуннаахха тиийэн хонор санаалаахтар. Отторо бүттэ, онон Улуннаахтан отторун эбинэн эрэ аастахтарына табыллар. Айаннаан иһэн эмиэ Тандыҥы соҕуруу өттүттэн кыра үрэх киирэр сиринэн тааннаан, үүт туманынан оргуйа турар сирин этэҥҥэ аастылар. Улуҥнаахха эрдэ тиийэн Охуоскай Бэрэбиэскэ биэрбит кумааҕыларынан эбии аттарыгар отторун ыллылар. Ол курдук этэҥҥэ айаннаан, Сиикэй Ууга чугаһаан иһэн улаханнаахай дириҥ тарыҥы аастылар, ол тарыҥ баарын эрдэттэн сэрэппит буолан бэлэмнэнэнэн, уһун остоох куруму этэрбэстэрин кэтэн, сыарҕалаах аттарын олох тохтоппокко, биир биир туораттылар, сыарҕаны кыратык да тохтоттоххо хаардаах уу хам ылан кэбиһэр эбит. Таһаҕастарын олох инчэтиэ суохтаахтарын билэр буолан, уолаттар сыарҕаларын икки өттүттэн, санааларыгар өрө тардан туораттылар, дьэ, онон манна түргэн туттуу эрэ буолбакка киһи сэниэтэ, илии күүһэ наадалаах буолар эбит. Тарыҥнарын этэҥҥэ ааһан, атахтарын таҥаһын уларыттан, аттарын тыһа, сыарҕалара соҕох курдук муус буолбутун ыраастаан, илиилэрин үлүтэ сыһан, тоҥон-хатан Сиикэй Ууларын буллулар. Киирэн, аҕыйах да кэм иһигэр буоллар, этэрбэстэрин куурдубута буоллулар, от уллуҥнарын саҥардан сибиэһэй от уган уларытан биэрдилэр, сылгыларын сынньата түһэн баран эбиэттээт, Кырынаастыыр симиэбийэҕэ ааһа турдулар. Кырынаастыырга син сөпкө соҕус айаннаан тиийбиттэрэ тыалынан биир кэм куһууран олор дойду эбит, симиэбийэ таһыгар сыарҕа баппат гына элбэх айанньыт мустубут. Инньэ гынан атын айанньыттар сыарҕаларын сыҕайан, биир бүччүм соҕус сир баарыгар, сарсын тахсар суолларын оҥостон аттарын онно туруордулар. Симиэбийэҕэ киирбиттэрэ, киһи эмиэ “лыык” курдук симиллибит, хата манна Лэкиэстэрин көрсө түстүлэр. Эдэр киһи Оҕо Ньукулай, Лэкиэһин көрсөн үөрүүтүттэн кууһан ылла, илии тутуһан дорооболостулар.
  • Хайа, доҕоор, хата ситэн ыллыбыт дии, эһиги өрөөтүгүт дуу, тугуй? – дэһистилэр.
  • Ээ, Силлиэмэн хапчаанын тыалыгар, силлиэҕэ хаайтаран олоробут, силлиэ син астан эрэр курдук, сарсыҥҥа дылы намыраатаҕына айанныыр инибит. Онтон эһиги төһө бэркэ кэллигит?- диэн ыйтта. Сиикэй Уу тарыҥын этэҥҥэ ааспыккыт дии, дьэ, ити хайаттан, Кырбы үрэх үрдүк сириттэн түһэр буолан күүһэ сүрдээх, олох сэрэхтээх тарыҥ, итиннэ уу хаайтаран тоҕу тэбэн эстэр түбэлтэлэрэ хаста да тахсан турар, онно ат халтарыйан охтон, аттыын киһилиин уулаах мууска буккуллан, ат да эчэйиитэ, киһи да эчэйиитэ-үлүйүүтэ тахсыбыт аҕай сирэ. Чэ, бэрт-бэрт, үчүгэйдик кэлбиккит, - диэн үөрэн биир кэм араҕас тиистэрэ килэҥнии олордо. Утуйар сир көрдьөөн көрдүлэр да, наараҕа миэстэ ордубатах, инньэ гынан Лэкиэс:
  • Чэ, эдэр дьон сиргэ да сыттынар, Баһылай биһиэхэ киир, сыҕайсан биэриэхпит, Сэмэнниир бу түүн аттарын маныыр киһиэхэ утуйар сир наадата суох буолуо, - диэн быһаарда. Ол курдук сарсыарда силлиэ сэллэн айаннарын салгыыр буоллулар. Лэкиэс сарсыарда туран:
  • Киһи элбэҕэ бэрт, аччыы түстүннэр, биһиги аа-дьуо барыахпыт, онон ыксаабакка бэриниҥ, хомунуҥ! - диэтэ. Хайа хапчаанын туоруур кэмнэригэр силлиэ түһүө, таас сууллуо диэн улахан саҥаны, сөтөллүүрү да боболлор эбит. Хайаҕа үрдүк чочур, очуос таастар хороһон, хойуостан, араас оҕо-киһи, сылабаар быһыытыныы быһыыланан, алаас-сыһыы саха киһитэ көрөрүгэр, сибилигин үрдүгэр ыстанан, сууллан түһүөхтүү барыһан тураллара, куту-сүрү баттыыр, суоһар дойду. Ити хороспут таастары тыалы түһэрэр сата таастара дииллэр эбит. Силлиэ сибикитэ аан маҥнай хайа кэтэҕиттэн саҕалаан, ойуун саҥа кыыран, дүҥүрүн былаайаҕынан оргууйдук охсон эрэринии бүтэҥи тыастан саҕалаан баран, улам улааттар улаатан биир кэм куугуҥҥа кубулуйан, улахан тимир иһити тоҥ маһынан эттээн эрэр курдук тыаска кубулуйан араастаан улуйар-энэлийэр дииллэр. Оннук кэмҥэ айанньыттар айаннаабаттар. Биэс биэрэстэлээх сири айаннаан хайаларын хапчаанын анныгар кэллилэр, бу манна силлиэтэ да суох кэмигэр киһини дэллэритэр, ат сыарҕатын туора-маары охсор хабараан тыаллаах дойду эбит. Хапчаан анныгар үрэх мууһа сиэркилэ сирэйин курдук килэйэ сытара үрэх түгэҕэ бу дьэҥкэрэн көстө сытар, хаар тохтообот, сылгы саахтаатаҕына сааҕын кытта тыал көтүтэ турар, онон-манан хайа таастара бытарыһан сыталлар. Сэттэ биэрэстэ сүрдээх кыараҕас, утары иһэр таһаҕасчыттары кытта икки сыарҕалаах ат нэһиилэ аасыһар хапчаан устатын тухары бэрт сэрэҕинэн, биир тыынынан, саҥарбакка да эрэ, этэҥҥэ айаннаан туораатылар. Муус Күөл симиэбийэтигэр чэйдээн баран, айанньыт элбэҕиттэн саллан, дьон аччыырын кэтэһэ таарыйа манна хонордуу быһаарыннылар, дьиҥэ бу симиэбийэҕэ аттарын сынньата түһэн баран Суордаах симиэбийэтигэр тиийэн хонордуу быһаарыммыттара. Сарсыҥҥы күнүгэр, Суордаах симиэбийэтигэр чугаһаан иһэн, Суордаах үрэҕэ түһэр сиринэн тааннаабытын аастылар, мантан ыла суоллара Тандыҥы үрэхтэн уҥа диэки арахсан Суордаах үрэҕинэн барар, бу мантан ыла аатырбыт Сэттэ Дабааннара саҕаламмытынан барар. Баһылай көрөн саллыбыт санаатыгар, халлааҥҥа харбаспыт, былыт кытта иҥнэр аарыма хайата бу манна эбит! Хас чугаһаан истэхтэрин аайы ол хайалара өссө улаатан биэрэргэ дылы. Аара суолга, Стрелка диэн нууччалыы ааттаах симиэбийэҕэ таарыйан аастылар, халлаан хараҥарбытын кэннэ, хонук сирдэригэр Половинка симиэбийэҕэ тиийдилэр. Айанньыттар биллэ аччааннар, бу сырыыга үчүгэйдик сынньанан турар миэстэлэрин, ороннорун булан үөрдүлэр, Лэкиэстэригэр истэригэр махтана санаатылар. Бээ, баччалаах уһун унньуктаах, сатыы кэриэтэ хааман, тоҥон-хатан, аччыктаан иһэр киһиэхэ түүҥҥү сынньалаҥ хайаан да наада. Арыт ардыгар, оһох таһыгар этэрбэстэрин да куурдар миэстэлэрэ суох буолан, этэрбэстэрэ ситэ куурбакка эрэйдиир, угунньутун уларыта сатыыллар да, бу бытархан тымныыга син биир өтөн тымныыта биллэр. Киэһэ чэйдэрин иһэ олорон Лэкиэстэрэ:
  • Дьэ, суолбут саамай ыарахан сиригэр кэлэн олоробут, онон уолаттар, бу түүн үчүгэйдик утуйан сынньанан туруоххутун наада. Ааттаах-суоллаах, айанньыт да, сылгы да көлөһүнүн элбэхтик тохпут Сэттэ Мэҥэһик Дабаан диэн көстөн ордук сири дабайабыт. Икки сүүнэ хайалар ыпсыһар сирдэригэр солоон оҥоһуллубут суол буолан, сүр кыбычыын, сыарҕалаах ат эрэ нэһиилэ батан айанныыр гына сэттэ мэҥэһиктээн өрө дабайыы. Онно улахан сэрэх, күүс-уох наада, - диэтэ. Бу хайаны күнүс уон икки чааска дылы туоруохтаахпыт, уон икки чаастан анараа өттүттэн таһаҕастарын туттаран төннөн иһээччилэр дабайаллар. Онон сарсын олох эрдэ туран барыахпыт, – диэн кэпсии-кэпсии этин хоторон остоолго уурда уонна уолаттарын ыксатан сып-сап чэйдээн: - Аттаргытын тахсан дьаһайаарыҥ, мин аттарым тэрилин, быабытын-туһахпытын көрүнүөм, - диэтэ. Сарсыарда хараҥаҕа айаҥҥа туруннулар, хайа тэллэҕэр кэлэн, Лэкиэс ыйыытынан-кэрдиитинэн, аттарын сынньата таарыйа, таһаҕастарын бэриннилэр, мөлтөх сылгыларыттан таһаҕастарын көҕүрэтэн арыыйда кыахтаах сылгыларга эбэн биэрдилэр. Быаларын-туһахтарын чиҥэтэн өссө төгүл баайдылар. Дьэ уонна дабайыыларын саҕалаатылар. Айаннарын суола биир кэм дабайыыттан дабайыыга сыыйыллан бара турда. Аны Дабаан оройугар тиийиилэрин саҕана айаннарын суола икки сүүсчэкэ миэтэрэ холобурдаах олус туруору сиргэ анньылынна. Аппалаах сир үрдүгэр тааһы суоран кирилиэс үктэлин курдук оҥорбуттара ат сыыһа үктээн ол аппаҕа түһүөх курдук кутталлаах сир эбит. Аттара барахсаттар, сыыһа үктэннэллэр эрэ аллараа баар буолалларын билбит курдук, сүр сэрэхтээхтик үктэнэн туох баар күүстэрин түмэн, көлөһүн-балаһын бөҕө буолан ытыннылар. Дьонноро да аттарыгар көмөлөһө сатаан сыарҕаларын анньан биэрэ истилэр, ол курдук ат да, киһи да сордонон, сыра-сылба баранан хайаларын арҕаһын син буллулар. Сылгылара барахсаттар тыын-быһаҕа тыынан, быччыҥ-быччыҥнара барыта күүрэн илибирии-салыбырыы тураахтаатылар. Чолбон барахсан, хаһаайынын диэки эргиллэн көрөөт: “Туох ааттаах аат дойдутугар аҕалан бу сорбун сордоотуҥ?” диэх курдук, ис-иһиттэн саҥа таһааран иҥэрсийэн ылаахтаата. Өйдөөх ат барахсан киһилии эрэ саҥарбат буолаахтаатаҕа! Баһылай доҕорун аһынан моонньуттан кууһан ылла:
  • Оо, барахсаным сыыһа даа! Бу үлэҕэ үтүрүллэн кэлбэтэхпит эбитэ буоллар, хаарыан киэҥ тайҕабытыгар төһөлөөх бултаан-алтаан, көҥүл-босхо сылдьыахпыт этэй! - диэн ботугураат, хараҕын уута халыйан тахсыбытын, дьонун хараҕар көрдөрүмээри туора соттоот, түҥнэри хайыһан туран атын кырыаччылаабыта буолла. Ол курдук бэйэлэрэ сынньана түһэн баран аттара уоскуйар кэмнэригэр, аны аллараа түһүүгэ бэлэмнэннилэр. Аттарын көнтөстөрүн кылгатан, кутурҕаннарын баайдылар. Сыарҕаларын сыҥааҕын сылгыны таһаҕастаах сыарҕа халтарыйан умса анньа сылдьыбатын диэн боробулуоханан эрийдилэр. Аттара уоскуйалларын кытта түһүүлэрин саҕалаатылар. Лэкиэс бэйэтин атын, күүстээх аты бастатан тэһииниттэн тутан инникилээтэ, атын аттары сыарҕа туорайыгар кылгас, тутум эрэ уһуннаах гына баайан баран батыһыннардылар. Аттара барахсаттар сыыра туруорута бэрт буолан, халтарыйымаары эмэһэлэринэн сыылан түһээхтээтилэр. Ол курдук эт-тирии эстэн, күнүскү чэй иннинэ Кириэстээх симиэбийэтин буллулар. Симиэбийэ иһигэр таһаҕастарын сүөкэнэн, төннөн иһээччи таһаҕасчыттар, хайаны туоруур бириэмэлэрин кэтэһэ олороллоругар түбэстилэр. Киирэн чэйдээн, аттарын сынньатан кыратык от биэрэн хабыалата түһэн, уулатаат, таһаҕастарын туттара Ааллаах Үүҥҥэ бардылар. Таһаҕастарын туттараат, төттөрү кэлэн Кириэстээххэ хонон, аттарын да, бэйэлэрэ да хонон сынньанардыы быһаарыннылар. Сарсыҥҥы күнүгэр күн ортото айаннарыгар туруннулар. Бу сырыыга таһаҕастара суох буолан син үчүгэйдик Сэттэ Дабааннарын туораатылар, суолга улахан моһуога суох айаннаан, аара суолга түөрт хонон Охуоскай бэрэбиэстэрин буллулар. Тиийэн аттарын бэтэрээнээргэ көрдөрөн, икки соноҕоһу окко хаалларан, бу иннинэ окко хаалларбыт соноҕосторун ылан икки хонук тэриллэрин өрөмүөннэннилэр. Үһүс күннэригэр таһаҕастарын тиэнээт, Ааллаах Үүннэригэр төнүннүлэр. Ол курдук иккитэ Ааллаах Үүҥҥэ, кыра мэһэйдэри аахсыбатахха, син бэркэ баран кэллилэр. Үһүс сырыыларыгар Кырбы үрэх киирэр сиригэр, ахсынньы ый аам-даам бытархан тымныыта ааҥнаан турдаҕына, тарыҥы туораан иһэн Чолбоно халтарыйан муустаах ууга охтон түспүтүн Баһылай атын туруораары тардыалаһа сылдьан, аны бэйэтэ муустаах ууга умса барда. Ол курдук булумахтанан ата туруутугар уунан-хаарынан илгистэн киһитин баһыттан-атаҕар дылы уу-хаар гынна. Ата турарын кытта бэйэтэ уу-хаар буола сиигирбитигэр кыһаллыбакка, былырыын биир ат маннык охтон сымыытын үлүтэн, сымыытыттан маппытын истибит буолан, туох эрэ өрбөҕү сыарҕатыттан хостоон таһааран, ата уу-хаар буолбут өрөҕөтүн сото сатаата. Ол кэмҥэ Оҕо Ньукулай сүүрэн кэлэн:
  • Баһылай, таҥаскын уларытта оҕус, ат буоллар хааллын, үлүйээри гынныҥ! - диэн хаһыытыы-хаһыытыы, Баһылай уларыттар таҥаһын сыарҕаттан хостоото. Баһылай ити икки ардыгар уоһа-уоска ыпсыбат гына ырдьаччы тоҥон, таҥаһа мууһунан бүрүллэн барда. Илиитэ-атаҕа хамсаабат гына бөҕүөрэн хаалла. Ньукулайа кыайан хамсаабат киһини ийэттэн төрүү сыгынньахтаан, бэрт эрэйинэн таҥыннарда. Нуорма испиирди ойутан таһааран туох да бокуойа суох киһитин айаҕар кутта. Нэһиилэ хаамар киһини бэйэтин сыарҕатыгар илдьэн иһэн дьонноро, өр буолбуттарын дьиктиргээн төннөн иһэллэригэр түбэстэ, туох буолбутун истэн, дьоно Баһылайдарын саҕынньахха суулаан баран үрдүн отунан көмөн кэбистилэр. Сэмэнниир:
  • Чолбону түргэнник сыбыдахтаан баран, Ньукулай бэйэҥ аккар холбуу охсон Сиикэй Уу симиэбийэтигэр киһигин аккын илдьэ көтүт, онно конотаайкаҕа киллэрэн аты куурт, атынын биһиги бэйэбит дьаһайан баран тиийиэхпит, - дии-дии аты Байбалынаан сыбыдахтыы оҕустулар. Уол түргэн үлүгэрдик аты бэйэтигэр холбуу охсон, бөтөрөҥүнэн көтүтэн сотору симиэбийэтигэр тиийдэ. Тиийээт, Баһылайын миэстэтин булларан, сылгытын конотаайка диэн ааттыыр, сылгыны куурдарга анаан суоруллубатах холлоҕос маһынан тутуллубут дьиэҕэ киллэрэн баайда. Сылгы төбөтө таһырдьа быган туран аһыырыгар сөптөөх гына оҥоһуллубут чуолҕан курдук түннүктэрдээх, тимир оһохтоох кыра дьиэни тигинэччи оттон кэбистэ. Үлэтин бүтэрэн күөһүн күөстүү сырыттаҕына дьонноро тиийэн кэллилэр. Хата, сыарҕаларын этэҥҥэ хостообуттар. Киэһээҥҥи аһылыктарын уку-сакы аһаат, утуйардыы оҥостон эрдэ сыттылар. Баһылайдара ыалдьан, түлэкэччийэн үһүн түүнү быһа өрө мөхсөн хонно. Сэмэнниир сарсыарда туран:
  • Киһибит сатаныа суох, онон түргэн соҕустук, суһаллык ханна да, улаханнык тохтообокко айаннаан Охуоскай Бэрэбиэспитигэр тиийэ охсуохпутун наада, киһибит эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына иэдээн! - диэтэ Инньэ гынан, аара суолга улаханнык тардыллыбакка айаннаан, иккис күннэригэр киэһэ хойут Охуоскай Бэрэбиэстэрин буллулар. Тиийээт, Харытыаҥҥа киирэн туох буолбутун кэпсээтилэр. Харытыаннара түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот, манна олохтоох биэссэри ыҥыра сүүрдэ. Баһылай ол кэмҥэ ханна да сытарын билбэт гына биир кэм түлэкэччийэ, өрө мөхсө сытта. Ол былаһын тухары түүлүгэр биир кэм ханна эрэ кыыкырдатан Чолбонун кытта айаннаан эрэр курдук. Эмиэ да олоҥхоҕо ылланар абааһы дойдутун курдук, аан туманынан бүрүллүбүт адаар таас хайалаах сиргэ тиийэн үөһэ дабайа сатыыр, эмиэ да дойдутугар кыыл эккирэтэн, кыыла ситтэрбэккэ этин тириитин эһэр. Ол быыһыгар өйдөммүт курдук буолан, дьонуттан уу көрдьөөн иһэр, ханна сылдьалларын ыйытар, ол кэннэ эмиэ түлэй-балай баран утуйан хаалар. Ол утуйа сытан түһээтэҕинэ Аммаҕа киирэн аҕатынаан илимнэрин үтэ сылдьаллар, күн уота чаҕылыччы тыган, өрүһэ барахсан араас уотунан күлүмүрдүү оонньуур, ол кэмҥэ кытылтан эһэтин саҥата “Баһылаай!” диэн ыҥыран дуораһыйда, ону истэн саҥа диэки эргиллиэх курдук гынан иһэн, оҥочото түөрэ эргийэн, ууга биирдэ баар буола түстэ. Онтон тахса сатаан араастаан сордоно сатаата да, уута оборчолуу оборон, аллараа, киэҥ далай диэки куугуната турда. Ол кэмҥэ хантан эрэ кыыһын Кээчэ саҥата “Аҕаа барымаа!” диэн хаһыытыыра ыраахтан ой дуораана буолан иһилиннэ. “Оҕом, оҕом, Кээчэм барахсан ыҥырар дии!” диэт хантайан көрбүтэ кыысчаана барахсан икки илиитин даллаппытынан кини диэки сүүрэн сэрбэккэччийэн иһэр эбит, ону көрөөт, кыыһым ууга түһэр буолла диэн санааттан “Һуу” диэбитинэн олоро түстэ, ол кэмҥэ ким эрэ сымнаҕас илиитэ санныттан ылан ороҥҥо төттөрү сытыара-сытыара:
  • Сыт-сыт, барыта үчүгэй, - диэтэ. Баһылай силбэһэн-ыараан хаалбыт халтаһатын нэһиилэ атытан көрө сатаата, аттыгар туох эрэ маҥан туртайан көһүннэ. Онтон ол туртаҕара улам-улам тупсан көстөн, эдэркээн, кини көрдөҕүнэ таҥара кыра оҕолоох дьахтар мэтириэтигэр майгынныыр нуучча кыыһа буолан хаалла, соһуйан хараҕын быһа симтэ, иһигэр: “Өлөллөрө диэн маннык эбит буоллаҕа, өлбүт эбиппин дуу” диэн санаа охсуллан ааста. Ол кэмҥэ олорооччута, сахалыы сүр дьикти олуттаҕастык:
  • Уу истэ баар дуо? - диэн саҥарбытыгар: «Бээ эрэ, саҥарар дуу, өссө буолаары буолан сахалыы саҥарар дии... хайдах хайдаҕый...илэ дуу... хайдах дуу”, илиитин тарбахтарын хамсатан көрдө, хамсыыр курдуктар... Хараҕын эмиэ сэгэтэн көрдө, кыыһа олорор... Ол курдук мэй-тэй бара сыттаҕына, ойоҕос аан хачыгыраан аһыллыбытыгар Харытыан Сэлэпсиэп илэ бэйэтинэн киирэн кэллэ. Киһитин көрөн үөрбүт куолаһынан:
  • Хайа, доҕоор, уһугуннуҥ, өйдөннүҥ дуо? - диэтэ
  • Бу мин ханна сытабыный, бу кимий? – диэн кыыһы хараҕынан ыйан көрдөрдө.
  • Ээ, бу биһиги биэссэр кыыспыт, эн кэлиэххиттэн ыла эйиигин эмтээн, көрөн-харайан аҥаара манна буола сылдьаахтыыр, онтон хос биһиги хоспут, эмээхсин биһи ити быыс кэтэҕэр утуйабыт, - диэт быыс диэки ыйда.
  • Онтон дьонум ханналарый? Атым, Чолбон ханнаный? - диэн сэниэтэ суоҕунан ыйыта сытта.
  • Бэҕэһээ Ааллаах Үүннэригэр барбыттара, атыҥ үчүгэй, дьонуҥ илдьэ барбыттара, - диэтэ. Баһылай ата ууга түһэн баран этэҥҥэ буолбутун үөрэ иһиттэ. Биэссэр кыыһа:
  • Мин Анябын, - диэт халлаан күөҕэ харахтара үөрэн чаҕылыҥнастылар. - Чэ, мантан ыла эн ючюгэй буолуон, - диэн сүр минньигэстик сахалыы саҥара-саҥара, суумкатыттан туох эрэ суулааҕы таһааран Харытыаҥҥа биэрдэ. - Бу порошогу кюньгэ юстя биирдиини беряр, - диэтэ. Баһылай кыыс бэрт оттомноохтук туттан-хаптан сахалыы саҥарарын сонурҕаан көрөн сытта, ол кэмҥэ кыыһа:
  • Чэ, пока, ыалдьыма, сарсын кэлем, – диэт тахсан барда. Кыыс тахсан бараатын кытта Баһылай:
  • Ити хантан баччалаах дойдуга кэлэн хаалбыт барахсаный? – диэтэ. Ити Ленинград куораттан кэлбит кыыс, бу иннинэ Тааттаҕа икки сыл биэлсэрдээбитин кэннэ манна анаан ыыппыттар, - диэн кэпсээтэ. Баһылай биэссэр кыыс кыһамньытынан, көрүүтүнэн-харайыытынан, күнтэн-күн тупсан, чөлүгэр түһэн истэ. Ый аҥаара кэриҥинэн дьоно кэлиилэригэр син туран олорор, бэйэтин наадатын быһаарынар буолла, таһаҕастарын тиэнэн бараары гыммыттарыгар дьонун сайыһан, “баҕар хаамтахпына-сиимтэхпинэ этим тэнийэн чөлбөр түһүөм” диэн этэн көрбүтүн, биэлсэр кыыһа өссө да үтүөрэ иликкин диэн олох көҥүллээбэтэ. Хаһан да хайыай, хааларыгар тиийбитэ. Дьоно иккистээн кэлиилэригэр үтүөрэн, үөрэн-көтөн көрсүбүтэ. Ол кэмҥэ тохсунньу томороон тымныыта бүтэн, үрэхтэр тааннара тоҥон, күн уһаабыта биллэн барбыта...

Ирина Егоровна Саввина-СЫРДААБЫТ Ааптар туһунан :

Томпо оройуонун Мэҥэ-Алданыгар төрөөбүтэ. 1980 сылтан Дьокуускай куоракка олорор. 2010 сылтан “Саха Сирэ” хаһыакка бэчээттэниэҕиттэн ыла Таатта, Томпо улууһун, өрөспүүбүлүкэ араас хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэммитэ. Култуура эйгэтигэр өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Общественнай үлэнэн көхтөөхтүк дьарыктанар. Төрүччүтүн дьаныардаахтык үөрэтэн, 2018 сыллааха «Олоһуйалар» диэн кинигэни суруйан таһаарбыта.

Добавить комментарий