Главная / Кэпсээннэр / 🌿 БЫҺЫЙ УОЛ 🌿
Добавить комментарий
Исай Никифоров.
СЭҺЭН.
(эргэ олоҕу билбэт буоллаххына,саараама,саҥа олоҕу билиэҥ суоҕа).
Хара тыа көмнөҕүн түһэрэр күүстээх тыаллар ааспыттарын кэнниттэн күн уһаабыта улаханнык билиннэ. Ол аайы күнүскү ылааҥыга,биһиги улууспут кулубата сарайдаах дьиэтин үрдүн хаара ууллан,сарайтан сытыы уһуктаах муус ыстыыктар таҥнары анньыллар буоллулар. Итинник муустары,оҕо эрдэххэ,ураҕаһынан туура солоон түһэрдэххэ,тыастара лыҥкынаан,үчүгэйдик да иһиллэрэ. Кулуба бааһынатыгар таһыллыбыт балбаахтар хаардара быһыта сиэспиттэр,хараарбыттар,онно эрдэлээн кэлбит тураах үөрэ олорор. Тураахтар төбөлөрө биир кэм кэҕиҥнэс,тугу эрэ булан,тоҕута тоҥсуйан аһыыллар - сииллэр быһыылаах. Онтон ол,кулуба бурдук астаппыт куумнатыгар халыҥ да үөрдээх туллук кэлэн түһэр буолбут. Кинилэр куумнаҕа түһэннэр,тохтубут бурдук туорааҕын быычыкаа тумустарынан хомуйан тобугураталлар,арыт,кэбиһиилээх солуоманы сиэн аамайдыы сылдьар ынахтартан үргэннэр,өрө көтөн сирилээн тахсаллар,күөх халлааҥҥа маҥан кынаттарын хара төбөтүн көрдөрбөхтөөн ылаллар,итиннэ чугас турар хатыҥ лабааларыгар оҕуруо курдук тиһиллэллэр,көҕүспүттүү саҥаран чырыптыыллар. Ол эрээри,аһылыктаах куумнаҕа эмиэ түһээри,бокуойа суох таҥнары сурулууллар. Туллук бу дойдуга сайылаабат,ити балбааҕы кэрийэр тураахтар курдук,онно - манна тарҕана,түбэһиэх сымыыттаабат. Туллуктар кыра да бэйэлээх буоллаллар,сааскы көтөрдөр сирдьиттэрэ. Кинилэр хотугу дойдуга, "көтөр баһаара" баар сиригэр тиийэн,төрүүллэр - ууһууллар. Онон туллугу биһиги диэки "ааһан иһэр айан көтөрө" диэн ааттыыллар." Көтөр ыраахтааҕыта" - хотой кыстаабыт сириттэн саас туллугу кытта бииргэ кэлэр. Ити эт аһылыктаах сүдү көтөр ыраах кыстыгыттан,ыраах сайылыгар көһөрүгэр ыһык диэни ылыммат. Хотой,аан бастаан кыстыгыттан арахсарыгар саамай халыҥ үөрдээх туллугу бэлиэтии көрөн уонна ону батыһар. Кини ол туллугун үөрэ хонор сирин чугаһыгар хонооччу,итиэннэ киэһэ ахсын,үөрэтэн саамай эмистэрин талан,иккилии - үстүү туллугу тутан ылан үссэнээччи. Кини моҥуһун хоту тото - хана аһыыра буоллар,үөр туллугу биирдэ - иккитэ олорон туруох этэ. Ону баара,айанныыр ыһыгын быһа туттан кэбиһимээри,туллук үөрүн бараамаары,хонугун аайы кэмчилээн,иккилиини - үстүүнү эрэ ылар. Дьон ол иһин биһиги: "Көтөр ыраахтааҕыта - хотой кыыл туллугу кытта бииргэ айаннаан кэлэр" , - диэн сабаҕалыыр,бэлиэтии көрөр эбиппит. Чүүччэ быйыл уон биэһэ,уолчаан төрөөбүт сиригэр Өлүөнэ өрүс кытылыгар,саас кэллэр эрэ,наһаа үөрээччи. Кини төп - төгүрүк хара харахтара көтөртөн - сүүрэртэн арахпат. Уолчаан кыахтааҕа эбитэ буоллар,ити сарайтан таҥнары анньыллыбыт муус ыстыыктары ураҕаһынан кулуох,ити балбаахха олорор тураахтары тааһынан тамнаталыах,ити куумунаҕа олорор туллуктарга доҕуур иитиэх этэ. Ону баара,Чүүччэҕэ итинник дьол тиксибэтэх. Баҕар,эһиги,күндү ааҕааччылар,"Чүүччэҕэ ол оннук дьоллоох саас хайаан,тоҕо тиксибэтэҕэй?" - диэн ыйытыаххыт. Чүүччэҕэ дьоллоох оҕо саас тиксибэтэҕэ даҕаны оруннаах. Уон биэс саастаах Чүүччэ ийэтэ,биһиги баай кулубабытыгар хотоҥҥо сүөһү убаҕаһын,хойуутун ыраастыырга - күрдьэргэ эдэр сааһыттан хамначчытынан үлэлээн,эт илиитэ элэйэн эмээхсин аатырбыта ыраатан турар ,хамначчыт оҕото хамначчыт буолан төрүүртэн ураты анала оччотооҕу кэмҥэ суоҕа. Онон Чүүччэ борбуйун көтөҕөрүн кытта,көнньүнэн өлбүт торбос тириитинэн ыстаан,эмиэ ити курдук түбэлтэттэн күн сырдыгыттан туораабыт кулун тириитинэн сон,бэргэһэ тикпиттэрэ. Ону даҕаны барытын ийэтэ таҥастаан,имитэн,оҥорон кэтэрпитэ. Чүччэни Сылгыһыт Ньукуус диэн хамначчыкка көмөлөһөөччүннэн дуу,үөрэнээччиннэн дуу сыһыарбыттара. Ньукуус уһун ньолбоҕор,оттоммот маар дулҕатын курдук,элбэх эбирдээх,хара сирэйдээх киһи. Кини икки илиитэ тобугар тиийэр,сүөргү уһуттар. Икки сутуруга ат туйаҕыныы кытаанахтар,ытыстара,хотон кирин күрдьэр күрдьэх курдук,кэтиттэр,халыҥнар. Санна даҕаны дарайан,уҥуоҕа даҕаны бэкийэн,киһи эрэ барыта сөҕөр улахан киһитэ. Ньукуус хайа да бэйэлээх сылгыны сиэлиттэн харбаатар эрэ,ыыппатын Чүччэ көрөрө. Ньукуус биһиги кулубабыт атыыр соноҕосторо тутуллан аттанар эбэтэр урут аттаммыт соноҕостор айааһанар кэмнэригэр туттан - хаптан,дьэ,күннээмэхтээн хаалар үгэстээх.
Хотун саҥаран - иҥэрэн үлүһүйэн киирэн бардаҕына,адьаһын тыыммакка дылы,туох баар этэр тыла,саҥарар саҥата барыта тилийэ тардыллааччы. Холобур,маннык: "Мин аспар - үөлбэр тотон - туолан бараҥҥын,эн баҕас ол - бу буолаҕын,үүрэн кэбиһиэм,искин сипситиэм", - диэн субурутан кэбистэҕинэ,хамначчыт эрэ этэ салаһыан,куйахата күүрүөн курдук. Хаһааҥҥыта эрэ Сылгыһыт Нукуус кими эрэ көрсөн кэпсэтэ олорон: "Тыллаах дьахтар төһөҕө даҕаны кулуннаабыт биэ курдук,көтөх буолар", - диэн эппитин Чүччэ хотунун эрэ көрдөр да санааччы. Хотун ордук элбэх итэҕэһи - быһаҕаһы хотон үлэһиттэрэ дьахталлартан,ынах ыаччылартан,от уонна мас тиэйээччилэртэн булааччы,айдааны тардааччы. Хата,сылгыһыттар ыраах тыаҕа,хотун хараҕа - көһө ылбат сирдэригэр үлэлиир буоланнар,ити алдьархайтан быыһаналлар. Куттал бэрдиттэн сылгыһыттар биэ сааскы хаксаакка кулуннаатаҕына "субалаабыт","ууламматах" диэн буруйдарын үөр атыырыгар түһэрэн кэбиһээччилэр. Уонна хамначчыттар бэйэ - бэйэлэрин буруйдарын асыһан биэрбэттэрэ абырыыр. Сылгыһыттар алаастарга,сыһыыларга түүннэри - күнүстэри кэриэтэ сылдьаллар. Билигин күн уһаата,түүн кылгаата уонна улаханнык хараҥарбат буолла. Кинилэр бу түбүктээх үлэлэрэ биэ төрөөн бүтүөр,саҥа төрөөбүт кулуннар лаппа атахтаныахтарыгар,ол аата мэччирэҥҥэ, күөх от өлгөмнүк бытыгырыар диэри салҕанан барыахтаах. Чүччэ төрөөбүт дойдутун саас ордук таптыыр. Ол иһин тыаҕа,көҥүлгэ,араас көтөр ырыатын туохтааҕар да ордорор буолан,эрэйдээх күчүмэҕэй үлэлээх сылгы көрүүтүгэр - истиитигэр үтүө майгыннаах,,күүстээх - уохтаах Ньукууһу кытта сылдьарын сирбэт. Кини улам улааттаҕын аайы Ньукуус курдук киһи буолуон баҕарара күүһүрэн иһэргэ дылы. Хайа уонна сотору кус - хаас кэлиэ дии. Эчи ол кэрэтин! Бу тыа,бу маардар сааскы көтөр саҥатынан туолуохтара эбээт. Биир киэһэ Чүччэ Сылгыһыт Ньукуустуун биир өтөххө хоноору чэйдии олорон:
Оһох кэнниттэн хасыһан - хасыһан булан,ыһыырынньыгы аҕалла,Өксүү баһыгар турбут олох маска уурда,уматан сандаарыҥнатта. Ыһыырынньык уотун уһун синньигэс кыһыл "тыла" сип - сибилигин хас даҕаны сиринэн бысталаныах,умуллуох курдук,салгын үрдэҕин хоту уунаҥныы,күөгэҥнии турда.
Кулуба ойоҕо хотун бэйэлээх дьахтар сирэйин икки илиитинэн саба,туттубутунан,кэрдиллибит мастыы,сыттыгар сууллан түстэ,сүр иччилээхтик сиһин үөһүттэн тартаран ытыы сытта. Бу сытан өйдөөтөҕүнэ кини соҕотох эбит. Кэргэнэ кулуба оҕонньор улууһун дьаһайа,биир уола үөрэнэ,иккис уола эргинэ сырыттахтара. Кинилэр суох буоланнар,хотун дьахтар хамначчытыгар кэһиллибэт кэс тылын эттэҕэ,андаҕарын биэрдэҕэ. Бодойбоҕо киһи хаанын кэспитинэн,сууту - сокуону аахсыбатаҕынан,харса - хабыра суоҕунан,аҥар күүстээҕинэн аатырбыт Боотуруускай уола Болот Ньукуус күрээн - саһан сылдьан,биһиэхэ хамнаска киирбит буоллаҕа. Оҕонньор хайаан билбэтэҕэй?.. Хайыахха? Илэ ороспуой: "Тыл барда - бас барда", - диэбитэ..."Оо,сор эбит", - диэн муҥатыйан,кэбин туона,ытаан,көхсө көппөҥнүү сытта. Бу түүн үрүҥ дьиэ хотуна,кутталыттан,Ньукуус этитэлээбит тыллара ынырыгыттан этэ салаһан,ийэ - хара көлөһүнэ тахсарыттан,сылгыһыт хамначчытыгар биэрбит андаҕарын хайдах гынан толороруттан саллан,кыайан утуйбата. Кини хас эмэ төгүллээн араас куһаҕан ынырык түүллэри түһээн,субу -субу уһугунна. Уһугуннар эрэ Алдан хара тииҥин кутуругуттан аттаһыллан оҥоһуллубут көп түүлээх суорҕана көлөһүҥҥэ биһиллибит,сиигирбит буолааччы. Түһээбит түүлүттэн биири эрэ үчүгэйдик өйдүүр,сорох түүллэрин,уһугуннар эрэ,сонно тута умнан кэбиһэр эбит. Кулуба кэргэнэ биир умнубатах түүлүн хос - хос бэрийэн саныы сытта. Ол түүл маннык этэ: кини тапталлаах кэргэнэ кулуба оҕонньордуун ыга киэргэнэн баран,ханнык эрэ мааны тойон ыҥырыытыгар күүлэйдии баран иһэллэр эбит. Араас өҥнөөх сибэккинэн,чээл күөх отунан - маһынан бүрүллэн турар тыа иһинэн,ынах ыллыга суол устун айанныыллар. Түүл - түүл курдук,үтүөкэннээх ыраас күн уота сып - сылааһынан тыган сыламната турдаҕына,халлаан оройугар этиҥ эттэ,чаҕылҕан чаҕылыйда. Онтон халлаан саҕатыттан көрүөхтэн сүөргү улахан хап - хара дьүһүннээх,сылгы ханнын курдук көрүҥнээх туох эрэ,аа - дьуо устан мөлбөйөн таҕыста. Уонна бэттэх диэки улам сыҕарыйан,кэлэн истэ. Субу үрдүлэригэр кэллэ. Кулуба кэргэнэ болҕойон көрбүтэ: сүлүгэс курдук тутаахтаах,уһун ньолбоҕор көрүҥнээх сымара таас кинилэр үрдүлэригэр көтө сылдьар эбит." Сүлүгэс кэллэ. Үрдүгэр түһүө,куот,сас!" - диэн хаһыытаата уонна бэйэтэ охтубут мастардаах сыҥ ойуур диэки куота сүүрэн хаалла. Кулуба кэргэнэ суугунас күөх солко харсыатын эҥээрин хонноҕун анныгар диэри өрө эринэн таһаарда. Оту - маһы быыһынан сирэйэ туһулуурун хоту сүүрэ сатаата. Суох. Сүлүгэс киниттэн арахпат. Куттаммыт дьахтар өрдөөҕүтэ охтубут баараҕай тиит сыгынаҕын төрдүгэр саһаары кэннинэн киирэ сатаата. Суох,куоппата. Сүлүгэс субу кини үрдүгэр кэллэ уонна: "Аньыылаах - харалаах эбиккин. Түксү! Төбөҕөр түһэбин!" - диэт, халлаантан ыһыктынан кэбистэ,үөр анды түһэн эрэринии,эмискэ халлаан тыала таҥнары куугунаата. Дьахтар эрэйдээх: "Өллүүм!" - диэн хаһыытаабытынан суорҕанын силэйэ аста,уһуктан кэллэ. Никитин аҕабыыт ойоҕо баттаттаҕына,абааһыны холдьоҕор тылларын үтүгүннэ,үс төгүл кураанаҕынан силлээтэ,итиэннэ үс төгүл "Свят! Свят! Свят!" - диэн бэбигирээтэ. Ийэ хара - көлөһүнэ тахса сытта.
* * *
Хара дьиэ дьоно - хамначчыттар бокуонньугу кэриэстээн,оһох отто - отто өлүөхсүт аттыгар олорон таҕыстылар. Арай Сылгыһыт Ньукуус туспа түбүктэннэ. Кини дьонун диэки ньолох - гынан кэбиһэ - кэбиһэ,Чүччэ уолга: "Быйыл баҕас куһу,хааһы сиир дьылбыт", - диир уонна кирпииччэҕэ үүттээн оҥорбут халыыбыгар сүнньүөх куттар. Хамыйахтыы хаһыллыбыт маска "тоҥ" сибиньиэһи уурар,ону тула кытарбыт көмөрү өрөһөлүүр уонна уус күөрдүттэн итэҕэһэ суохтук сибиньиэстээх чоҕу үрэр. Кини аттыгар арай Чүччэ арахпакка биир кэм ытаан сыҥсыйан,сыыҥын ытыһын көхсүнэн туора - маары сотторун быыһыгар,халыыпка кутуллан тахсыбыт,сойон эрэр сүнньүөхтэри ытыһыгар мөкүнүҥнэтэн көрөр. Ону Ньукуус даҕаны бопсубат. Онтон эрдийэн буолуо,уолчаан: - Ньукуус,бачча элбэх сүнньүөҕү тоҕо кутаҕын? - диэтэ.
Тыый,доҕор,туох диэн эттэҥий? Мантан саас тыаҕа араас адьырҕа кыыл элбиэ дии. Билигин эһэ арҕаҕыттан тахсыа,тайах төрүө, - Ньукуус эмиэ сирэйин курдук хара,халыҥ уоһун үмүрүтэн,аҕала сатыы - сатыы,күлбүтэ буолла.
Онтон бу доруобунньугуҥ тоҕо элбэҕэй? - уолчаан арахпакка лаппыйан ыйытар,хараҕын уутун киэр соттор.
Тукаам,саа сэбэ элбэҕэ үчүгэй,элбэх сэптээх киһи элбэҕи бултуур баҕайыта. Эн эмиэ сааланыам диигин буолбат дуо? - Ньукуус уолчаан санаатын аралдьытаары,тэҥнээх доҕордуу,намыыннык,эйэҕэстик кэпсэтэр. Өс киирбэх Чүччэ ис санаатын таптаран,сирэйэ - хараҕа эмискэ сырдаамахтаан ылар. Сарсыныгар Чүччэни санааттан - онооттон аралдьытар,ийэтэ көмүллүүтүн көрдөрбөт санааттан Сылгыһыт Ньукуус тыаҕа баар сылгыларыгар көрөргө быһаарынна. Нөҥүө ыалга ыраах үлэҕэ барар хамначчыттарга ананан оҥоһуллубут лэппиэскэ астанан,хайыы үйэ бэлэм этэ. Ньукуус онно тиийдэ,килиэп,туус,кыра да буоллар арыы биэрбиттэрин ылла. Онтон хара дьиэҕэ эргиллэн кэлбитэ,балай эрэ улахан,эмис лоскуй эт остуолга сытар эбит.
Хайа,бу хантан эттэннигит, - Ньукуус соһуйар.
Ээ,ити хотунуҥ булуустан таһаартарбыт. Дьиэ үлэһитэ кыыһынан ыыппыт,илдьэ барыаххыт,өйүө гыныаххыт үһү, - диэтэ ынаҕар тахсыбатах ыанньыксыт.
Чэ,туох буолуой, - Сылгыһыт Ньукуус эти көтөҕөн аҕалан,лээппэрэҕэ уурда. Улахан аҥарын сытыы сүгэннэн лэп гыннара быһа оҕуста уонна ыанньыксыкка уунна, - Мэ,маны ирбэт сиргэ ууран кэбис,Өксүүнү тиһэх суолугар таһааран бүтэн баран буһаран сиэриҥ, - диэтэ. Итиэннэ этин сорҕотун өйүөтүн кытта кыра хааһахха укта,сүгэһэригэр ыга баайан кэбистэ.
Кулуба кэргэнэ - хамначчыттар хотуннара туох буолан хара дьиэ дьонун этинэн эмсэхтээбитин,сыанан сыҥалаабытын ким билиэ баарай. Арай бэҕэһээ киэһэ "сирэй сирэйгэ көрсөн аһаҕастык кэпсэппит" Сылгыһыт Ньукуус дараҕар санна,кэтит көхсө сэрэйдэҕэ. Ол эрээри кини ити кыра кырбас эт "бэригэ" оччо - бачча астыннарара,дуоһутара биллибэт. Хотун биэрбит кэс тылын кэстэҕинэ,хоҥнуолар хоҥнуохтара,хаһалар хайдыахтара,бууттар ойдуохтара,бастар быстыахтара турдаҕа. Ньукуус туох иһин Бодойбоҕо "Боотуруускай уола Болот Ньукуус диэн аатырбытай?! Ньукуус сүгэһэрин кэтит дараҕар санныгар бырахта,кирээккэ маска анньыллан турар сааны ылла. Чүччэҕэ уунна:
Уолчаан эрэйдээҕи,төһө даҕаны баччааҥҥа диэри ымсыыра - баҕара сылдьыбыт саатын илэ бэйэтинэн илиитигэр туттар,ийэ аһыыта тулуппата. Эмиэ ытаан барда. Ити курдук хамначчыттар сылгыһыттар хара дьиэ тэлгэһэтиттэн улам тэйэн истилэр. Ньукуус,ытыы - ытыы кэккэлэһэ хаамсан иһэр уол уҥа санныгар,ыарахан хаҥас илиитин уурбутугар уолчаан,уйбакка,ыҥыырга саҥа айааһанан эрэр соноҕос курдук,наачаҥнаан ылла.
Доҕор, - диир Ньукуус уолга. - Эн бокуонньугу харайалларын көрөрүҥ ураты аһыылаах,кутурҕаннаах буолуо,ол кэриэтин хара тыаҕа,уһуктан эрэр сааскы айылҕаҕа миигин кытта сылдьыбытыҥ ордук. Бултуохпут,алтыахпыт,көмүс куоластаах көй чыычаахтар куоластарын истиэхпит,күндү күөх от - мас быыһыгар көччүйүөхпүт. Уонна... - диэн Ньукуус тугу эрэ этиэхтээҕин ситэ эппэккэ халлаан диэки олоотоото,чарапчылана - чарапчылана көрдө. - Көрөҕүн дуо ол хотойу? - Сылгыһыт саннын хаптаҕайыныы кэтит салбахтаах кынатын биирдэ да хамсаппакка,кыырай халлааны кырсынан элиэтии көтө сылдьар хотойу ыйан көрдөрдө. Уонна: - Ити баар көтөр ыраахтааҕыта,кини курдук үрдүктүк көтүөххэ,үөһэттэн ырааҕы көрүөххэ наада, - диэн түмүктээтэ. Итинэн Ньукуус тугу этээри гыммытын Чүччэ олох өйдөөбөтөр даҕаны,хотой көтөрө үчүгэйин сөҕөн,хараҕын халлаантан араарбакка,өөр - өр мыҥаан турда...
Сылгыһыттар киэһэ түөртүүр саҕана хонор,сылгы көрөр кэмнэригэр олоруохтаах,бэрт өрдөөҕүтэ быраҕыллыбыт,киһи төбөтө эрэ батыан курдук кыараҕас,аҕыйах түннүктээх балаҕаҥҥа тиийэн кэллилэр. Көмүлүөк оһохтон инчэҕэй буор сыта аҥалыйар,дьиэ иһэ хайыы үйэ тымныйбыт,биир түүн икки ардыгар, киһи хаһан да хоно сылдьыбатаҕыныы чуҥкуйбут,чаанньык түгэҕэр хаалбыт чэй тобоҕо муус буола тоҥмут.
Сылгыһыт Ньукуус уотун отто охсубут. Кини уол уу - хаар баспыт хараҕын,арбы - сарбы буолбут дьүһүнүн көрөөт,уол эмиэ ийэтэ бокуонньугу санаан хараастыбытын сэрэйдэ. Муустаах солуурчаҕы ылан,холумтаҥҥа уурда. Уонна куолаһын намырата сатыы - сатыы эттэ:
Кини уон сэттэлээх сааһыгар көмүстээх Бодойбону булбута. Эдэр Ньукуус аан маҥнайгыттан бэдэрээччиттэр,баайдар,араас дуоһунастаах чиновниктар үлэһиттэри баттыылларын,атаҕастыылларын,халыҥ барыыс иһин охсуһалларын,бэрик ылалларын илэ хараҕынан көрбүтэ,үлэһиттэр баттыгастаах баайдары утары тыл этэллэрин,муннукка - ханныкка кыраһалларын - таныйалларын,сааналларын элбэҕи истибитэ. Ньукуус улам - улам көмүстээх Бодойбо дьалхааннаах олоҕор ылларан испитэ. Арыгыттан,хаартыттан,кистэлэҥинэн испиири уоран аҕалан атыылааһынтан,охсуһууттан - иирээнтэн да маппатаҕа. Дэлэҕэ даҕаны кинини онно "Боотуруускай уола Болот Ньукуус" диэн хос ааттыахтара дуо? Устунан кини аатын бириискэ бары билэр буолбута. Ньукуус күүстээх,харса суох,сытыы өйдөөх,кимиэхэ да атаҕастаппат киһи этэ. Онтон сорохтор куттаналлара,сорохтор,ханнык эрэ биллибэт хараҥа дьыаланнан дьарыктанааччылара,"Бодойбо ороспуонньуктара" дэнэр дьон куомуннаһа,саайкаларыгар холбуу сатыыллара. Ньукуус итинник саайкаҕа холбоспотоҕо. Хата ол оннугар 1912 сыллаахха Ленаҕа ытыалааһын күнүгэр,саһаан эрбээччи рабочайдар бөлөхтөрүгэр холбоһон,уопсай демонстрацияҕа барсыбыта. Уонна онно билиҥҥээҥҥэ диэри кэтэ сылдьар түнэ сонун эҥээрин тоҕо ыттаран куоппута. Кэлин демонстраннары ытыалааһын,үрэйии кэнниттэн,ити хамсааһыны билэ - билэ,соруйан кыттыбыт дьону сойуолааһын тэриллибитэ. Ыраахтааҕылаах Россия жандарм ахсаанын элбэппитэ. Кинилэр түүн аайы хам - бааччы утуйа сытар рабочайдар дьиэлэригэр,бараахтарыгар саба түһэр,ньэҥньийэр үгэстэммиттэрэ уонна үгүс дьону тутуталаан,хаайталаан киирэн барбыттара. Итинник ынырык түүннэртэн биирдэстэригэр Ньукуус мас кэрдээччилэр бараахтарыгар тимир оһох кэннигэр сыгынньахтаммакка утуйа сыппыта. Ол икки ардыгар ким эрэ ыарыылаахтык ойоҕоско анньыалаабытыгар Ньукуус "уолаттар дьээбэлэнэллэр" диэн кыыһыра санаабыта." Дьээбэлиир" киһи илиитин киэр садьыйан кэбиспитэ. Киһи арахсан биэрбэтэҕэ. Эмиэ ойоҕоско ыарыылаахтык анньыалаабыта. Нькуус кыыһырбыта да,өссө күүтэн,хараҕын симэн сыппыта. Киһи эбии ыарылаахтык дьөлүтэ кэйбитэ,тугу эрэ саҥарарга дылы этэ. Ньукуус эмискэ баҕайы киһи туох эрэ тутуурдаах сутуругун хабан ылбыта,тутуура тимир курдук кытаанах,ыарахан быһыылааҕа. Ньукуус ыытыа баара дуо,киһитин сутуругун уҥуоҕун үлтү тута сыһан,тутуурун былдьаан ылбыта,ойон турбута. Көрбүтэ,кини иннигэр сабыс - саҥа формалаах,эдэр ньулдьаҕай көрүҥнээх жандарм,ол аттыгар тор курдук хара бытыктаах,гражданскай таҥастаах рабочай,соһуйан хаалан,көҕүспүттүү айахтарын атан тураллар эбит.