Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьиэ ахтылҕана

Главная / Кэпсээннэр / Дьиэ ахтылҕана

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 173
04.11.2022 20:53
672 3

Содержание

1 чааһа

– Хайа, ыаллар, дорооболоруҥ! Туох сонун? – Даарыйа, таһынааҕы ыаллара, айманан киирэн кэллэ. Таһырдьа кэтэр кылгас истээх сонун, кролик бэргэһэтин уһулан аан таһыгар баар мас ыскамыайкаҕа бырахта, кылгас сиэрэй хаатыҥкатын уһулу баттаан, оһоххо өйөннөр уураат, аһыыр остуол таһыгар турар маска лаглаччы олорунан кэбистэ. – Ыччуу-ычча, халлааммыт тымныйбыт аххан. Дьэ, аргыардаах ахсынньы, торулуур тохсунньу ыйдарбыт кэлэн эрэллэрэ биллэр. – Туох сонуннанан бачча эрдэ киирдиҥ? – дьиэлээх хаһаайка Өкүлүүнэ сонурҕаабыттыы ыйытар. – Аата, эрдэ буоллаҕай? Сэмэниҥ хотонуттан киирэ илик дуо? Ол иһин сарсыардааҥҥы аһылыгы баттаһаары киирбитим. Сэмэн туох үлүгэр эрдэ турар? Сарсыарда 6 чааска туран, хотонугар тахсар. Хатыай, кыһын утуйа түһэн баран 8 чааска да тахсыаҕын. Билигин Саҥа дьылтан сүөһүлэргит төрөөн киирэн бардахтарына, сынньалаҥҥыт бүтэр. – Ээ, чэ, бээ, хотону кэпсэтимиэххэ, хата, сэргэх сонунна тардан кэбис, — Өкүлүүнэ тиэтэтэр. – Бэҕэһээ дьэ, сонун бөҕөнү истэн, бөөлүүн олох аанньа да утуйбатым, – дьахтар сонуннаах киһи быһыытынан олоппоһун остуолга чугаһата тардар. – Чэ, бээ, билигин итии чэй кутуом. Оҕонньор билигин киириэ. Үлэлии тахсыбыт киһини куота чэйдиири сөбүлээбэт, – Өкүлүүнэ остуолун тирээпкэтинэн ньылбы сотон иһитин тардыбытынан барар. – Бэҕэһээҥҥи соккуойум, хата, баар эбит. Сылытыахха. – Оо, дьэ, эһиги да кырыйдыгыт. Оҕолоргут улааттылар. Сүөһүгүтүн аччатыа эбиккит. Кылаабынайа, доруобуйа буоллаҕа. Аан аһыллан, туман бөҕөнү бүрүнэн, тымыныы салгыны аргытан Сэмэн, дьиэлээх хаһаайын икки биэдэрэни таҥкынатан киирэн кэллэ. – Һуу, хотон сыта бөҕө буолан аҥкылыйан Сэмэммит хотонуттан киирдэ дуу? – Даарыйа аймана көрүстэ. – Оо, мааны ыал оҕотун, бу дьахтар, хотон киһитэ оҥорон бүтэрбит. Төрөппүттэрэ дэриэбинэ сис, мааны ыаллара этэ. Кыргыттар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Сеня уолга ымсыыран аҕай биэрэр этибит, саһыгыраччы күлэр. – Эн эмиэ ымсыырбытыҥ дуо? – Өкүлүүнэ күлэр. – Чэ, чэйдиэҕиҥ, хата, Сэмэн Даарыйабыт сонун бөҕөлөөх кэлэн олорор. Эйигин күүтэн олоробут. – Туох үлүгэри иһитиннэрээри күүттүгүт? Хас дэриэбинэ кэпсээнин истэр ол мин дьахтар үһүбүн дуо? Чэ, кэпсээҥ, истиэҕи, – Сэмэн олоппостоох кэлэн, остуолга аһыырдыы олорор. Өкүлүүнэ буруолуу сылдьар итии тэриэлкэлээх миини иннигэр ууран биэрэр. – Дириэктэрбит уола кэргэн ылбыт. Кими ылбытын истиэххитин баҕараҕыт дуо? Сураҕа, Арина Андреевна сөбүлээбэккэ киирии-тахсыы бөҕө үһү. Уола Саша дьиэтигэр да тохтообокко, кыыс дьонугар ааспыт. Дьиктитэ, ол баар. Даарыйа уоһун чорботуоҕунан чорботон сибигинэйэ былаан этэр. – Ээ, чэ, үөннүрбэккэҕин кэпсээн ис. Бүгүн тугу да гыммакка эйигин кэтээн олоробут дуо, дэриэбинэ хас хобун-сибин истээри. Термоска сылаас чэйдэ бэлэмнээ, Гаанньылыын от тиэйэ барыахпыт, – Сэмэ сулбу-халбы чэйин иһээт, остуолтан турар. – Бу оҕонньор туох буолла? Кэпсээтин ээ. Хас кэлбит-барбыт дьахтары иһиллии олорума да, бүттэҕэ дии. Чэйгин бэлэмнээбитим, оһоххо турар. Ол Саша кими ылбытый? Маннааҕы кыыһы дуо? Оттон Шараповтар кыыстарын Эльзаны ыллаҕа дии. Сураҕын иһиттэххэ, сайыны быһа суксуруспуттар дииллэр этэ. Ону дьэ билэн, кэпсээн оҥосто сылдьаҕын дуо? – дьиэлээх дьахтар күлэр. – Пахай, былыргы сойбут сонун эбит. Кулгааҕын, хараҕын эчи, бүөлэннэҕин, сүрүн. Ол Арина буоллаҕына, бэйэлээх бэйэм бырааппын кэпсии олороҕун. — Саамай киһи интэриэһиргиирэ, дьэ, кэллэ. Сэмэммит барда дуо? Чэ, эр дьон аахайбат крдук тутталлар да, кимнээҕэр билбит-көрбүт буолаллар. Хотуой, балтыҥ Арина Авдеевна олох сөбүлээбэт үһү. Ылыа суоҕа диэн эрэнэ сылдьыбыта, кыыһы кэргэн ыларын таһынан, дьиэтигэр да таарыйбакка ааспыт. – Холбостуннар ээ, ону тоҕо сөбүлээбэт. Кыыс тырымнаан, сахаҕа тас көстүүтэ мааны кыыс, өй-санаа, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр. Шараповтары тоҕо сирэр? Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк сис ыала, сүөһү, ас-үөл бөҕө. Икки үөр сылгылаахтар, уонча ыанар ынахтаахатр. Аҕалара Трофим арыгы испэт, дьаһал бөҕө, дьиэ-уот мааны, Марусяны этэ да барыллыбат, үлэһитинэн киниэхэ тэҥнээх дьахтар нэһилиэккэ суох. – Өкүлүүнэ саба саҥарар. – Өкүлүүнэ, балтыҥ Авдеевна өйдөөх дьахтар сөбүлээбэтэх буолан этэр. Чэ, мин бардым. Сотору мин да иһитиннэрбэтэхпинэ, дьахталлар иһитиннэриэхтэрэ. Аймахтарын буолан, киһини саҥардыбаккын. Оҕолордоох киһи мээнэ улаханнык саҥарбаппын, – Даарыйа таҥнан, ааны күүскэ аһан-сабан таһырдьа тахсар. Өкүлүүнэ иһитин хомуйа охсоот, бэрэскитин буһарарга сананна. Үлэлээбэт буолан, тугу гына олоруой, аныгы үйэ күһэйэн, күн ахсын эт, хортуоппуй, хаппыыста. Сымыыттаах ириис бэрэскитин оҥорон маҕаһыыҥҥа бырыһыаҥҥа туттаран харчылаһар. Оҕолоро иккиэн устудьуоннар. Уоллара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр буолан, иккиэн үлэлээбэт буолан харчыга ыарырҕаталлар, хата, сүөһү иитэр буолан онон төлөһөллөр. Кини биэнсийэтинэн олороллор. Сэмэнэ биэнсийэҕэ тахса илик. Өссө да биэс сылынан тахсар. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. ИП буолан, түүннэри-күнүстэри биир күн сынньалаҥа суох олорон көрбөккө үлэлиир. Сүөһүтүн кыһынын бэйэтэ көрөр. Ынахтар төрүүллэрэ саҕаланнахтарына, сайылыкка тахсыахтарыгар диэри кини ыыр. Онтон сайылыкка Сэмэн бэйэтин эдьиийэ кэргэнинээн ынах ыыллар, хамнастаах ыанньыксыттар аатыраллар. Олорбут да иһэн-аһаан кэбистэхтэринэ, олох да бэйэбитигэр кыһалҕа бөҕөнү үөскэтэллэр. Сэмэн дьонун көрөн-истэн харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһаллар. Атын эдьиий эбитэ буоллар, быраатыгар кыһаллыахтаах, көмөлөһүөхтээх этэ буоллаҕа. Биһиэнэ төттөрүтэ. Эдьиийбит дьаабы дьахтар, иһэрин-аһыырын таһынан, үһүс кэргэнигэр олорор. Үһүөннэриттэн биирдии оҕолоох. Ол оҕолор кыһалҕалара барыта кинилэр үрдүлэринэн. Оскуолаҕа хас харчы хомуура, взнос кинилэргэ түһээн курдук түһэр. “Сүгүн ииппэт эрээри, тоҕо төрүүллэр” диэн бэл, оҕолоро сүөргүлүүллэр. Хата, бу үһүс киһитэ урукку кэргэнинээҕэр арыыйда быһыылаах, кэм үлэлэспитэ буола сатыыр, наһаа арыгылаан нэдиэлэни нэдиэлэнэн сүппэт, кэргэнигэр, оҕолоругар кэм үчүгэй сыһыаннаах. Урукку эрдэрэ итирэн баран кырбаан, бөһүөлэги биир гына эккирэтэн сордуур этилэр. Сэмэн дьонун көрөн-истэн, харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһанар. Хаһан өйдөнөр эдьиий эбитэ буолла? Оҕолоругар да кыһаммат. Сэмэн кыра уолга ымсыырар, ылыан баҕарра. Ону кини сөбүлээбэт. “Кырдьар сааска иккиэн бэйэбит эрэ туспутугар холкутук олоруохха. Туох киһиттэн оҕоломмута, төрүччүтэ биллибэт оҕо. Таһыттан да көмөлөһөрүҥ сөп. Сотору сиэннэр кэлиэхтэрэ”, – диэн хааччахтаһарын син саҥата суох истэр эрээри, Сиэнньискэни көрдөҕүнэ, ыманыйар аҕай. Күнү быһа тиэхиньикэҕэ олордо сылдьар. Сайын алта саастаах адаарыйбыт улахан баҕайы уолу моонньугар олордон баран дэриэбинэни биир гына кэрийээччи. Уол да убайыгар наһаа үчүгэй. Кимҥиний диэтэхтэринэ, Харитонов Сэмэн Сэмэнэбиспин диэтэҕинэ, Сэмэн олох ууллан хаалар. Уол сирэйэ төгүрүйэн, хараҕа чоҕулуйан дьүһүннүүн убайыгар майгынныыр. Бэл, иһин өрө анньан, тээтэллэн турдаҕына үүт-үкчү буолааччы. Чаас ырааппыт, маҕаһыыҥҥа барра кэм буолбут. Дьахталлар эбиэккэ баран иһэн таарыччы бэрэски атыылаһан ааһааччылар. Сэмэҥҥэ аҕыйахтык хаалларыахха, күн ахсын сииртэн салҕыбат. “Хайа, бэрэскибит баар дуо?”, – диэн лөҥкүнээбитинэн киирээччи диэн бэрт элбэҕи саныырын быыһыгар Өкүлүүнэ икки пакекка толору бэрэски хаалаан, дьиэтиттэн тахсан барда. 2 Аныгылыы быһыылаах маҥан натуральнай тирии дьыбааҥҥа икки иэдэһэ дьэлтэйэ кытарыар дылы кыыһырбыт Арина Авдеевна олорор. Уһун солко халаатын сотору-сотору огдос гынан көннөрүммэхтиир. Ити уол Шараповтар кыыстарын аны кэргэн ылан бүттэҕэ. Хайдах гынан, киһи мэһэйдэһиэн сөбө эбитэ буолла? Сайын сөбүлээбэппин биллэрбиттэр. “Ээ, мээнэ” диэн кэбиспитэ. Аахайбатах курдук туттубута. Уонна оннук сылдьан кыыс оҕууругар иҥиннэҕэ. Бэл, бэҕэһээ кэлэн баран дьиэтигэр киирбэккэ, таһынан ааспыт. Онтон билигин киэһээ 5 чаас буолла да, сураҕа да суох. Кини бүгүн өрөбүл буолан, ас бөҕөнү астаан, мааны уолун күүтэн олорор да, баччааҥҥа дылы дьиэлээхпин диэн дьиэтин өҥөйөн көрбөтө. Дьэ, үчүгэйдик ити кыыс оҕууругар иҥнибит. Ити киһи, аҕабыт буолуохсут эмиэ мэлийдэ. Ким эрэ гарааһыгар кэпсэтэ-сэлэһэ олордоҕо. Уолугар олох кыһаммат. Күһүн этэн көрбүтүгэр:» Эдэр дьон арахсыахтара даҕаны, холбоһуохтара даҕаны», – диэн баран күлэн кэбиспитэ. Эдьиийэ Алина эмиэ кыһаммат, бииргэ олороллор ааттаах да, тугу да билбэт, чэ, быһата быраттын көрбөтөх, хонтуруоллаабатах. Бэҕэһээ: » Быраатыҥ ханнаный?» – диэбитигэр: «Итиннэ эһиэхэ, ини», – диэн саайдаҕа үһү. Бары да уһуну-киэҥи ырыҥалаабат дьон. «Сыа сиир буолбуппут» эрэ диэн тыллаахтар. Алина бэйэтэ да, сааһа ыраатта, сүүрбэ биэһэ буолла, эмиэ биир боростуой, үөрэҕэ суох уолу батыһыннаран аҕалара буолуо. Дьаабы оҕолор. Туох да өй-санаа суох дьоно. Ити уол дьиэлээхпин диэн саатар кэлэ сылдьыбат. Биһигин, төрөппүттэрин даҕаны итинник буоллаҕына, дьонунан аахпат эбит. Аан аһыллар тыаһын истэн чорос гынна. Дубленка сонун нэлэкэйдэнэн, нуорка бэргэһэтин кэтэҕэр анньынан аҕалара аҕылаан-мэҥилээн киирэн, аан таһынааҕы раздевалкаҕа таҥаһын ыйаан баран, маҥан тирии кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олордо. — Хантан өлөн-быстан кэллиҥ? Уолуҥ бэҕэһээ куораттан кэлбит ааттаах да, манна төрөөбүт дьиэтигэр төрөппүттэригэр кэлэ сылдьыбата. Онно саҥа ийэлэнэн, аҕаланан олордоҕо, – Арина кыыһырбытыттан саҥата ибигирээн олорор. – Ээ, чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Массыынабын көрдөрдүм. Күнү быһа дьыбаан киэргэлэ оҥорон сытыараары гынныҥ дуо? – Василий Иванович сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. – Чэ, эйиэхэ этэн да диэн. Туохха да кыһаммат киһи бааргын дии. Аҕа кынныгар аһыы барыаххын санаталыы олороҕун дуу? – дьахтар силбиэтэнэр. – Эмиэ солуута суох ону-маны лахсыйан бардыҥ. Уолгар онтон эрийиэххин. Ону-маны сэрэйэн көрөн, уорбалыы сатаабакка, – Василий «Кыым » хаһыаты ылан ааҕардыы кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн сытынан кэбиһэр. Арина кэргэнин кыйахаммыттыы көрөрүн баһыгар сотовай төлөпүөнүн ылан, куукунатыгар тахсан, билэр нүөмэрин күүскэ баттаан эрийэр. – Алуо… Саша… – дьахтар ньиэрбинэйдээбит куолаһынан төлөпүөнүгэр саҥарар. – Алуо… Маама… Дорообо, туох баарый? – уолун саҥата бу баардыы иһиллэр. – Алуо, Саша, ханна бааргын? Дьиэҕэр тоҕо кэлбэккин? – Тиийиэм буоллаҕа дии. Ханна барыамый! Бараары олоробун. – Кэл, кэл, түргэнник. – Авдеевна төлөпүөнүн түргэн баҕайытык саба баттыыр. – Баһылай, уолбут билигин кэлэр үһү. Остуолу, чэ, тардыахха. – Ээ, чэ, тарт, бэйэҥ даҕаны. Ол хас буолан кэлэллэр үһүнүй? – эр киһи саҥата саалаттан иһиллэр. – Хас буолан кэллэхтэрэй? Эльзатынаан кэлэрэ буолуо. Соҕотох кэлэрэ буоллар. Хонор ини. Кэпсэтиэ этибит. – Чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Хайыы үйэ ыал буоларга быһаарыммыт дьону ол-бу диэн саҥаран хомото сылдьаайыккыный? Бэйэлэрэ быһаарыннахтара дии. Эн биһигиттэн ыйытыахтара суоҕа. Дьиэлээх хаһаайка саҥата суох эрдэ сахалыы иһиккэ кутан бэлэмнээбит алаадьытын, эттээх хортуоппуйунан буһарбыт соркуойун, оҕурсунан, помидорунан оҥорбут салаатын төгүрүк остуолга уурталаан баран, уолун кэтэһэн сыҥаах баттанан олордо. Сотру буолаат, аан аһыллар тыаһын истэн, ойон туран, киирэр ааҥҥа ыстанна. Уола соҕотоҕун киирбитин соһуйа көрдө. – Хайа, соҕотох кэллиҥ дуо? Оттон Эльзан? – Кэлбэт. Эһигиттэн куттанар. Ийээ, эн сөбүлээбэтиҥ туһунан дэриэбинэ туолбут дии? – уоллара кыыһырбыттыы туттан нуорка бэргэһэтин, кууркатын дьыбааҥҥа быраҕаттыыр, унтуутун туран эрэ онньоҕунан үктээн туран уһулан, дьиэ ортотун диэки тэбэр. – Хайа, бу уол туох буолан биһиги үрдүбүтүнэн кыыһыран кэллэ? – ийэлэрэ соһуйа түһэр. – Уолуҥ олох буорайбыт дии. Киһини таһынан атаахтаппытыҥ хайа аанньа буолуой? Төбөҥ үрдүгэр ытыарбыт уолгун хайдах гынаҕын? – аҕалара сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. – Кэлиҥ, чэ, аһыаҕыҥ, – Арина аҕаларын сөбүлээбэтэхтии көрөрүн быыһыгар дьонун остуолга ыҥырар. Остуолга олороллор. Уоллара аһаабакка, чэйин сыпсырыйбыта буола олорор. – Тоҕо дьиэҕэр тохтообокко, кыыс дьиэтигэр үргүлдьү аастыҥ? Уонна саатар, биһиэхэ эрдэттэн эппэккин. Атын эбитэ буоллар, уол дьоно бастакынан билиэхтээх этибит, – ийэтэ төһө кыалларынан сымнаҕас соҕустук саҥара сатыыр. – Ийээ, эн Эльзалыын доҕордоһорбун уруккуттан сөбүлээбэт этиҥ. Тоҕо Шараповтары абааһы көрдүҥ? Эһиги иннигитин хаһан туора хаамтылар? Мин көрүөхпэр, бэйэбит курдук, боростуой тыа ыала. Арай, эһигиттэн итэҕэстэрэ диэн анал үөрэхтэрэ суоҕа буолуо. – Хайа, бу уол туох үлүгэр элбэх саҥаланан кэллиҥ? Шараповтарга үчүгэйдик бэрт буолбуккун, – ийэтэ кыыһыран өрө хабылла түһэр. – Чэ, сатаан кэпсэтиэ суоххут. Иккиэн да үүт-үкчү дьоҥҥут. Утуйа бардым. – Василий куукунаттан тахсан барар. – Мин эмиэ утуйа бардым, – уол ойон туран иннигэр турар олоппоһу сыҕарыта тэбэн тахсар. Арина икки ытыһынан төбөтүн хам туттан олорон хаалар. Дьэ, эмиэ хараахтара суох эр дьон. Саатар киһини кытта тэһийэн-тулуйан кэпсэппэттэр. Сарсын аны улуус киинигэр үөрэх управлениетыгар мунньахха барыахтаах. Онтон төһөҕө кэлэрэ биллибэт. Уол сарсыарда ойон тураат, кыыһыгар барыаҕа. Аҕатыттан тутуллубат. Оччоҕо хаһан кэпсэтэбин? Шараповтарга күтүөт буолан бүттэҕэ. Дьиҥинэн, Шараповтар куһаҕана суох аймах эрээри, төрүттэрин сөбүлээбэт. Кини төрөппүттэрэ сүөһү үлэһитэ буолан, Шараповтары кытта биир сайылыкка сайылыыллара. Ийэтэ ыанньыксыттыыра, аҕата бостууктуура. Сайыны быһа ыалларыттан сэрэхэдийэллэрэ. Эбэлэрэ Арыппыас эмээхсин баттаҕа ыһыллан-арбайан баран, атах сыгынньыах сайылыгы биир гына мэнэрийэн, ытыһын таһына-таһына биирдэ эмит сүүрэкэлээн аҕай биэрэрэ. Кэргэнэ суох буоллаҕына, ким да туппат этэ. Оҕонньортон куттанар быһыылааҕа, иһэрин көрдөҕүнэ, дьиэтигэр сүүрэрэ. Бу санаатахха, син сымнаҕас эбит. Дьону кыраабат-таныйбат быһыылааҕа. Сүүрэкэлиирэ эрэ, оҕо-дьахтар барыта дьиэлэригэр киирэн ааннарын хатаналлара. «Иирээки» дииллэрэ. Биир күһүн сүтэн хаалбыта. Ким да сүтүктээбэтэҕэ, көрдөөбөтөхтөрө даҕаны. Кэлин ийэтиттэн ыйыппыттарыгар, оҕонньоро өлбүтүн кэннэ уола Миитэрэй инбэлииттэр букатыннаахтык туттарбыт үһү диэбитэ. Онон, ол Арыппыас барахсан дьылҕата онон түмүктэммитэ. Билигин ол Шараповтар нэһилиэк сис ыала буолан, сүөһү-ас ииттэн, байан-тайан олороллор. Ол ийэтин туттарбыт уол кыыһын кыыһа, кинилэр кийииттэрэ буолуохтаах. Эльза эһэтэ Миитэрэй буолар. Ити аймахтарга кэлин Арыппыас курдук айылҕаттан атаҕастаммыт сыдьаан суоҕунан суох. Ырытан көрдөххө, сиэннэрэ барыта уолаттар, баҕар, ол иһин буолуо. Дьахтар ыарыыта кыыска сыстар дииллэрэ хайдаҕа эбитэ буолла. Айыы даҕаны, Эльза оннук буолуо дии санаабат эрээри, кыыһы кытта бииргэ төрөөбүт балтылара иккиэн итэҕэстээх төрөөн, аах-маах, мөлтөх аатыран оскуолаҕа үөрэммэтэхтэрэ. Барахсаттар кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы сыралҕан итиигэ аҥаарыччы көрөн баран хас күн ахсын маҕаһыынтан килиэп сыһан-соһон сордонон иһэр буолаллара. Анал, тустаах үлэлэрэ быһыылааҕа. ийэлэрэ кыайан төрөөбөккө, оһоллонон, итиннк буолбуттар дииллэр да, хайдаҕа эбитэ буолла? Оттон Эльзаны кесаревонан ылбыттар үһү, оннук буоллаҕына, кыра кыргыттары тоҕо оннук төрөппөтүлэр? Чэ, ону билбит суох. Кыыс ийэтэ Маруся кинини көрдөҕүнэ, олох дорооболоспот, атын сири түҥнэри көрөн ааһар, ол аата сөбүлээбэтин биллэрэр буоллаҕа. Билигин дьэ, дьиҥнээхтик холбоһон, ыал буолар буоллахтарына, хайдах буолаллар, сыбаайба тэрийэллэрэ эрэ хаалар. Куоракка төһөлөөх элбэх кыраһыабай кыыс баара буолуой? Биһиэнэ биһиэнин курдук. Эльзаттан атын кыыс суоҕун курдук. Балтыларбын кытта сүбэлэһиэххэ баар этэ. Иккиэн да, кини курдук истэригэр тута сылдьыбат кыргыттар, билбит-көрбүт, нэһилиэк сонунун барытын ким да иннинэ истибит буолаллар. Билигин батсаабынан суруйуохха. Оччоҕо улуус киинигэр тиийиэр диэри сарсын кыргыттара эппиэттээбит буолуохтара. Сыбаайба тэрийэр буоллахха, куоракка «Полярная звезда» рестораҥҥа тэрийиллиэ, 50 киһилээх. Биһиги аймахтан 30 киһини, Шараповтартан 20 киһини ыҥыртарыллыа. Сөп буолуо, 200-300 киһилээх сыбаайба тэийэн аарыгырыллыбат. Хайа аанньа халыҥ аймах буолан даххаһыйбатыннар. Арина Авдеевна син туох эрэ быһаарыныыны ылбыт киһи быһыытынан, иһитин хомуйарга сананан, электрическэй оһоҕун холбоон «чып» гыннарда.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 173
04.11.2022 20:54

2 чааһа

Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит саалаҕа икки эрээт остуолга сахалыы иһиттэргэ кутуллубут астарын Анфиса Авдеевна астыммыт көрүҥнээх тэйиччиттэн быар куустан көрөн турда. Туох суоҕай, ас арааһа тардыллыбыт: духуопкаҕа буһарыллыбыт куобах, кус, ыһаарылыммыт собо балык, убаһа ойоҕоһо, куһуогунан буһарыллыбыт эт, бэрэски, кэтилиэт, голубцы, манты, тоҥ быар, хаһа иһиттэргэ кутуллан өрөһөлөнөн тураллар, остуолу араас өҥүнэн киэргэтэн оҕуруот салааттара, фрукта сахалыы орнаменнаах иһиттэргэ кутуллубуттар. Анфиса Авдеевна иһит тардыллан бүтэн, аны бэйэтин оҥостон, көрүнэн-симэнэн барда. Күндү хаарыс сахалыы былааччыйатын кэтэн баран түөһүгэр үрүҥ көмүс илин кэбиһэри түөһүн бүтүннүү толору кэтэн кэбистэ. Ол быыһыгар остуолу тула кэлэр-барар, төттөрү-таары хаамар-сиимэр чарчастыбыт сирэйдээх, чуочайбыт кыра уҥуохтаах ийэтин Дэбдэни хаста да кытаанах кытаанахтык көрөн ылла. – Ийээ, бу хаһан бараҕын? Хараҥаран эрэр. Ыалдьыттар кэлэллэрэ чугаһаата. – Ээ, барбат инибин. Эчи, тымныыта да бэрт. Билигин оҥостон сытыам, – Дэбдэ кыыһын диэки аһыннарыахтыы сымнаҕас сымнаҕастык көрүтэлиир. – Билигин сүүрбэччэ ыалдьыт кэллэ. Дьиэ кыараҕас. Оннооҕор оҕолор барбыттара. Дьон кэлэ илигинэ бара оҕус. Сарсын эрдэ соҕус кэлээр. Күнү быһа иһит хомуллубакка туруо дуо? – Мин кимҥэ да мэһэйдээбэккэ, ороммор утуйуом буоллаҕа. Бачча тымныыга хайдах барыахпыный? Автобус да сүгүн сылдьыбат. – Сатахха, ити киһи сүтэн хаалла, син быраҕан биэриэ этэ. Такси ыҥырабыт дуо? – дьахтар ийэтин аһыммыттыы көрөн ылла. – Ээ, суох, бэйэм да барыам. Автобус эрэ кэллэр, булан тиийэр инибин, – Дэбдэ таҥнан хачыгырыйда. – Чэ, кытаат, түргэтээ, халлаан хараҥарда, – диэн хаһыытаан хаалла, тараҥнатан ииппит мааны орто кыыһа. Оптуобус тохтобулугар чугаһаан иһэн, оптуобус иһэрин көрөн сүүрэн бөөкөйдөннө. Оптуобуска, хата, киһи аҕыйах эбит. Дэбдэ оптуобуска киирээт, көхсө сааллан, сылайбыта таайан утуктаан, хараҕа сабыллан барда. Санаатыгар чыпчылҕан түгэҥҥэ нуктаан ылла. Анньыалаабыттарыгар хараҕын көрөн ылла, иннигэр барыйан турар нууччаны көрөн дьик гынна. Оптуобус суоппара эбит. – Бабушка, бу бүтэһик остановка. Ханна түһүөхтээххиний? – Хата, эмээхсин үөрүөн быатыгар сахалыы саҥаран соһутта. – Мин Сэргэлээх тохтобулга түһүөхтээх этим, – эмээхсин куттанан титирэс куолаһынан эппиэттээтэ. – Мантан үһүс остановка. Мин үлэлээн бүттүм. Ол остановкаҕа түстэххинэ, кыайан сатыы бараҕын дуо? – Барыам этэ, – Дэбдэ иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата. Суоппар саҥата суох автобустан тахсан барда. Сотору буолаат, ыҥырар саҥата иһилиннэ. – Бабушка, кэл, манна. Бу автобуска олор. Остановкаҕар түһэриэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо, ханнык остановкаҕа түһэрэргин? – Өйдөөтүм, – аны эмээхсин соһуйуон быатыгар хара омук хараҕа эргиллэн олорон сахалыы эппиэттээтэ. Дэбдэ, бэл, кэннинэн чугуруҥнаан ылла. – Бабушка, куттаныма, үчүгэй уол. Остановкаттан чугас уонна киһи аҕыйах буоллаҕына, дьиэҕэр тириэрдэн биэриэҕэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо? – кырдьаҕас суоппар эдэр хара бараан уол саннын таптайан ылла. – Да, понял, – эмээхсин иһирдьэ киирэн олорорун кытта оптуобус хоҥунна. Икки тохтобулу ааһаат, үһүскэ тохтоото. – Түс, кэллибит, – диэн буолла. Бу тохтобулга биир да пассажир түспэтэҕиттэн суоппар эмээхсин дьиэтин аадырыһын ыйытан баран, «через 10 минут» диэт, дьиэлэр быыстарынан түргэн хаамыынан батыһыннарда. Ыксала сүрдээх. Дэбдэ түргэн хаамыыттан уонна хойуу бурҕаҥнас салгынтан түөһэ хам тутан тэмтэриҥнээн ылла, эбиитин эп-эппэҥнэс буолла. – Кэллиҥ. Бу, эн дьиэҥ, – олуттаҕас соҕустук эттэ. Дэбдэ өйдөнөн баһыыбалаабакка да хаалла, киһитэ хайыы үйэҕэ элэс гыммыт, чугуруҥнаан, дьиэтин нүөмэрин уонна подъеһын көрдөөн, балачча этээстээх таас дьиэни эргийэ сырытта. Ити кэмҥэ эдэр уол элэстэнэн ааһан иһэрин тохтотон, дьиэтин чуолкайдаһан ыйыппытыгар подъеһын ыйарын ааһан квартиратыгар таһааран биэрдэ, эбиитин балачча уһуннук күүскэ хос-хос баттан звоноктаата. Квартира аана аһыллар тыаһын истэн баран, эдэр киһи аллара сүүрэн түһэр тыаһа иһилиннэ. – Хайа, туох ааттаах хойутаатыҥ? Маарын барда диэбиттэрэ -, орто кыыһа Анфиса ийэтигэр өрө хабылла түстэ. – Муна сырыттым. Хата, эдэр дьон түбэһэн көмөлөһөн абыраатылар. Үтүө санаалаах, үчүгэй дьон бааллар эбит. – эмээхсин иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр саҥарда. – Бэрт дьон дьиэлэригэр хонноро илдьиэхтэрин, – кыыһа сөбүлээбэтэх куолаһа иһилиннэ. – Итии чэй иһиэҥ дуо? – Иһиэм этэ, – эмээхсин сиигирэн мууһуран хаалбыт унтуутун нэһиилэ чыраахтаһан уһулан батареяҕа өйөннөрө уурда, остуолга кэлэн олорбутугар кыыһа барбах итии чэйдээх чааскыны аҕалан иннигэр уурда. – Аһыыгын дуо? – хатыылаах куолаһынан ыйытта. – Анетта аһатан ыытта ини? Мааны дьахталлары ыҥырар буолан, биһигини ыҥырбата. Биирдэ эмит үһүөн бииргэ мустуохпут диэбитэ да, баран бэрт. Бииргэ мунньарыттан кыбыстар буоллаҕына сылдьыа эбээт. Кини санаммыт дьахталларыттан итэҕэс буолбатыбыт ини. Эйигин хас хонон баран кэлээр диэтэ? – Ээ, суох, бэйэм да барыам. Оптуобус сылдьар ини. Сарсыарда сырдык буоллаҕа. – Аҕыйах иһити, баҕас, бэйэтэ да сууйуо эбит. Саҥа дьыл кэллэ, түбүк бөҕө буолуо. Туохха манна мэһэй-таһай буола сылдьаҕын? Тыаҕа улахан кыыскар Аринаҕа тахсыаххын. сураҕа, сыбаайбалаары сылдьар үһү. – Ол ким, Саша дуо? – эмээхсин туоһулаһар. – Шараповтары кытта уруурҕаһар буолбут. Сураҕа сирэр үһү да, уола хайыы үйэ күтүөттээбит, хайыаҕай, сыбаайба тэрийэригэр эрэ тиийбит, – Анфиса сэтэрээбиттии мүчүк гынар. – Шараповтар туох куһаҕаннаах буолуохтарай? Үлэһит аймах, – Дэбдэ кыыһа сөбүлээбэтин төһө да сэрэйдэр, утары саҥарда. – Дьэ, ити санааҕын улахан кыыскар тиэрдээр. Инньэ гынан быйыл ханна кыстыыр былааннаах олороҕун? – Ээ, суох, дойдубар дьиэбэр кыстаабат буоллахпына, тахсыбаппын. Социальнай үлэһиттэрбэр, Мариналаах Раисаҕа бу ааспыт ыйга сайабылыанньа ыыппытым. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр барыахпын баҕарабын диэн. Сотору быһаараллар ини, – эмээхсин кыыһын сэрэхэдийбиттии көрөр. – Оо, дьэ, бу туох акаары эмээхсиҥҥиний? Оҕолорун ааттарын түһэн биэрэҕин дуо? Дьэ, кыргыттарын ааттарын аар-саарга аатырдыбыккын дии. Улуус хайыы-үйэ биллэ ини? Пахай даҕаны, Ариналаах Аннетта билэллэр дуо? Билигин кыргыттаргар эрийиэм, – дьахтар иһити-хомуоһу тыастаахтык сыҕарытар. – Этэн көр. Кыыс оҕо төрөппүккэ чугас дииллэр да, мин кыргыттарым тоҕо эрэ чой курдуктар, ол баҕар иитиититтэн буолуо. Хаһан да утары көрүллүбэккэ, ытыс үрдүгэр иитиллибит оҕолор өйдөрө-санаалара оҕо эрдэҕинээҕилэриттэн уларыйбат дииллэрэ кырдьык эбит. Маанылаан ииппит үс кыыстаахпын да, кинилэр сылаас сыһыаннарын билэ иликпин. Санаабар, дьон оҕолоруттан итэҕэс ииппэтэҕим да, … – Дэбдэ ситэ саҥарбакка, күөмэйэ кычыгыланан, хараҕа ууланан барар. – Араас буолума. Манна ытамньыйа кэлбитиҥ дуо? Итиннэ саалаҕа дьыбааҥҥа орон оҥорбутум. Онно баран сыт. Ариналаах Аннеттаҕа итинник ытаан ыҥыргыы олоруоҥ суоҕа, – кыыс силбиэтэнэн, куукуна уотун саба тутан, хоһун аанын күүскэ аһан, хоһугар киирэр. Анфиса хоһугар киирэн, төлөпүөнүн ылан, эдьиийигэр Аринаҕа эрийэр. – Аллуо, эдьиий, дорообо? Туох сонуннааххын? Сураҕын иһиттэххэ, Саша ыал буолан эрэр дуо? – Ыал буолла быһыылаах. Киһи тылын истибэт. Куоракка, биһиги туспутугар биир тэҥнээх кыыс көстүбэтэх, – эдьиийин куолаһа хабылла түһэр. – Балтыбыт Аннетта итиннэ үбүлүөйдүү олорор дуо? Тоҕо ыалдьыттарын араартаата? – Араартаабыт дии. Сураҕа, бииргэ үөрэммит доҕотторун, үлэлээбит дьонун, истиҥ дьүөгэлэрин ыҥыртаабыт үһү. Биһигини аймахтарын иккис этаапка ыҥырар үһү. – Иккис этааптаан ол тугу туһанарый? Ордук түбүктээх ини. Мин аҕыйах киһилээх оҥорор былааннаахпын. Шараповтары дархаһыннарар санаам суох. – Эдьиийим сөпкө этэҕин. Манна ийэҥ кэлэн олорор. Бачча, тохсунньу торулуур тымныытыгар, дьахтарбыт кырдьаҕас киһини, ийэтин сатыы ыыппыт, саатар аҕалан биэрбэтэхтэр. Онно кини тугун мэһэйдиэ этэй? Бэркэ гыннар, оронугар сытыа этэ буоллаҕа. – Оо, хайдах 50-тан тахса кыраадыска ийэтин соҕотохтуу ыытарый, сүрэҕэ да ыалдьыбат, акаары дьахтар. – Истэн абыран, ити өссө кыра. Ийэбит социальнайдарга кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыытыҥ диэн сайабылыанньа биэрбит. Дойдубар барбаппын, дьиэбэр олорбот буоллахпына, ол кэриэтин тэҥнээхтэрбин кытта кимнээҕэр үчүгэйдик олоруом. Төрөппүт оҕолорбор мэһэй-таһай буоларбын сөбүлээбэппин диэбит. Ону аҕа киһибит, эдьиийбит туох диигин? – Анфиса үчүгэйи эппит курдук, тохтообокко хабыгыраан олорор. – Бүт эрэ, аата айманнаххын. Улууспут социальнай үлэһиттэрин бэркэ билэбин. Сарсын Мария Николаевнаҕа эрийиэм. Сайабылыанньаны ыларыгар этиэҕим. – Оннук эрэ буоллун. Чэ, сөп, сарсын кыыһыгар Аннеттаҕа илдьэн биэриэхпит. Онтон дьахтарбыт саатар чэйдэтэн ыытар ини. – Сөп. Сарсын киэһэ кэпсэтиэхпит. Ону быһаарыахпыт, – эдьиийэ төлөпүөнүн саба тутта быһыылаах, чуумпуран хаалла. Анфиса хайыы-үйэ утуйан мунна тыаһыы сытар кэргэнин улаҕа диэки анньан баран, тыаһа суох оронугар кумуччу туттан сытта. Хайдах эрэ ийэтин аһына санаан кэллэ. Ийэм муҥнаах түүрүллэн баран, дьыбааҥҥа сытаахтыыр. Киһилии кэпсэтии да суох. «Кыыскар аһаан кэлбитиҥ буолуо», – диэн кырдьаҕас төрөппүтүгэр итии чэй да кутан биэрбэтэ. Олус да тыйыс, кытаанах дьахтарбын, эгэ, киһилии кэпсэтиэм дуо, кэргэним Игорь, бэл, бэркиһиир:» Бары үһүөн үөрэхтээх, мааны, интеллигентнай дьахталларгыт эрээри, төрөппүт ийэҕитигэр наһаа холуон, тымныы сыһыаннааххыт. Киһи сүөлүргүүр. «Ити этэрэ оруннаах. Игорь төрөппүттэригэр наһаа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, олох кэллэхтэринэ өйүү-убуу сылдьар. Павловскайга олороллор, чугас буолан, нэдиэлэ ахсын быыс булан, хайаан да дьонугар тахсан, көмөлөһөн киирэр, наадалаахтарын барытын булан таһаарар. Хамнастаах буолан, кинини саҥардыбат, биирдэ эмит харчыны дьоҥҥор наһаа барыыгын диэн тутуһан көрдөҕүнэ, истэ да барбат. Икки сыл буолан баран, төрөппүттэрин соҕуруунан, кыраныысса таһынан күүлэйдэтэ ыытар идэлээх. Оттон кинилэр 70 лаппа тахсыбыт ийэлэрин үс ыалынан хардары-таары «эстэрээпэ» курдук илдьэ сылдьаллар, эбиитин төттөрү-таары сатыы таскайданар. Ийэм барахсаҥҥа маанылаан ииппитигэр махталбыт, үтүө сыһыаммыт ити буоллаҕа. Ийэбэр сыһыаммын уларыттахха табыллар. Уолум Арсен барытын көрө-истэ сылдьар, «Эбэбин тоҕо наһаа мөҕө сылдьаҕын?» – диэччи. Кырдьар сааспар уолум итинник сыһыаннастаҕына, холоон буолар инибин. «Кырдьар саас кырыыс» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ийэбит наһаа киһини таһынан атаахтатан иитэн маннык куһаҕан майгылаах дьахталлар буоллахпыт. Хайдах да кырый, сааһыр, оҕо саастааҕы куһаҕан майгыны уларыппаккын дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Анфиса бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэ сытарын туора сотто сытта…

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 173
04.11.2022 20:55

3 чааһа

Дэбдэ саалаҕа сыбдыйан киирэн, тыаһа-ууһа суох сытаат, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэн кэлэрин сотто сытта. Ыал буолан Авдейынаан олорбут олоҕо киинэ экранын курдук хараҕар элэҥнээн барда. Кэргэнинээн бэркэ да олорбуттара. Оскуолаттан доҕордоһон, уол аармыйаттан кэлэрин кытта икки өртүттэн аҕыйах киһилээх сэмэй сыбаайба оҥорбуттара. Авдейа сытыары-сымнаҕас, үлэһит бэрдэ этэ. Биирдэ улаханнык кыыһырсыбатахтара. Биирдэ эмит кыралаан кыыһырыстахтарына, Авдейа бастакынан эйэлэһэрэ, күлэн-салан барара. Хантан кими батан, ити кыргыттар ньиэрбинэй буолбуттара буолла, биир тэппи тылы истибэттэр. Төрөппүт ийэлэрин көрдүлэр да, ис истэриттэн тымтан кыыһыран тамнааттаммытынан бараллар, биир да саҥатын киһилии истибэттэр. Хайдах итинник буолбуттара буолла? Кини бачча сааһыгар диэри биир да дьахтары кытта кыыһырсыбытын, этиспитин өйдөөбөт. Оскуоланы бүтэрээт, кэргэн тахсан, онтон сыры сыллатааҕы кыргыттарын оҕолонон, ханнык да үөрэххэ барбатаҕа. «Саатар биир сыллаах атыылааччы эбэтэр сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэн, наар тирээпкэ тута сылдьыаҥ дуо, кыргыттары биһиги көрүөхпүт, аҕалара баар», – диэхтиирэ ийэтэ. Билигин санаатахха, ийэтэ барахсан сөпкө да этэр эбит. Үөрэммэтэҕэ. Авдейа эмиэ үөрэҕэ суох эрээри, илиитигэр талааннаах буолан, үтүрүм-хатырым сылдьыбатаҕа. Мас ууһа буолан, дьиэ бөҕөнү тутуспута, дьиҥэр түннүктэрин. ааннарын холуодаларын туруортаабыта, араамаларын оҥортообута, эбиитин тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, механизатордар тиэхиньикэлэрэ алдьаннаҕына, кинилэр уһаайбаларыгар соһон илдьэ кэлэллэрэ. Онтон кини бу нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр дьиэлэрин барытын сууйбут өҥөлөөх. Оскуолаҕа солбуллубат уборщица этэ, атын тэрилтэлэри солбук буолла да, биир тыла суох баран сууйара. «Күөх оту тосту үктээбэт сымнаҕас ыаллар» аатыраллара. Онтукайдара, ханна баарый, маанылаан ииппит тапталлаах кыргыттара олус атаахтык иитиллэн, төрөппүттэрин өртүлэриттэн туох да тэппини көрбөт буола улааппыттара. Атын дьоҥҥо үчүгэйдэр ээ, үчүгэйдик үөрэммиттэрэ, бэрээдэктээхтик ииппит, бастыҥ төрөппүттэринэн ааттаналлара. Сыл ахсын Саҥа дьылга, ыһыахха грамота, сылаас, истиҥ тыллаах махтал сурук бөҕөнү ылаллара. Кырдьыгынан эттэххэ, Авдей сымнаҕаыһнан сымнаҕас этэ эрээри өһүргэһэ, ордук кыргыттарын туһунан тугу эрэ сөбүлээбэтин иһиттэҕинэ, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри көмүскэһэрэ. Кими баҕарар кытта этиһэ-аахса барарга бэлэмэ. Оннооҕор кинини саҥардыбата. Хамнас кэлбит күнүгэр кыргыттарыгар хайаан да харчы өлүүлүүрэ. Ыйдааҕы бородуукталарын, уоттарын, нолуоктарын төлүүр харчылара тиийэригэр олох кыһамматтара. Ол иһин кини солбугун харчытын туспа ууран, хаһаайыстыбатын наадатыгар туттара. Авдей биллэн турар, сэрэйдэр да, утарыласпат этэ. Ол оннугар бээйтин хамнаһын кыргыттарыгар күн-ый ыһыаҕа оҥороро. Оннук киһи этэ. Аҕалара уон сыллааҕыта эрдэ баран, биэс сыл син бэйэтэ ыал буолан олорбута. Олох өлөрүн саҕана, сүрэҕэ сэрэйбит этэ. Илиитин тутан сытан: «Соҕотох хааллыҥ. Кыргыттарын иитэллэрин саарбахтыыбын. Чос курдук кыргыттары иитэн таһаарбыппытыгар мин буруйдаахпын. Кыаҕыҥ баарынан бэйэҥ олоро сатаан көрөөр. Быдан сынньалаҥнык, бэйэҕин бэйэҥ көрүнэн олоруоҥ этэ. Саатар, балтыҥ Марианна үйэтэ уһаабыта буоллар, өйөһөн олоруо этигит», – диэхтээбитэ. Кэлин кыргыттара: «Туспа ыал буолан даххаһыйан олорума. Биэнсийэҕинэн син биир кыайан тиийинэн олорбоккун», – диэн алталыы ыйынан быысаһан үс кыыс олордорго быһаарыммыттара. Оннук биэс сыл кыргыттарыгар олорон кэллэ. Кыргыттара хас саҥалыы эргийиэн тиийдэҕин ахсын түтүр-татыр, сөбүлээбэтэх курдук тутталарыттан сүрэҕэ ыалдьар. Дьүөгэлэрэ Даайалаах Марина барытын көрө-истэ сылдьан, улуустааҕы социальнай управлениеҕа сайабылыанньа суруйарыгар сүбэлээбиттэрэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ олорорго көрдөспүтэ да, хайыыллар? Кыргыттарга алҕас быктаран кэбистэ быһыылаах, ол сайабылыанньатын тутан да ыллахтарына көҥүл дьон. Дэбдэ хас эргийдэҕин аайы хачыгырыыр дьыбаанын атыҥыраан аанньа утуйбата, кыратык нуктаан эрэ ылла. Сарсыарда эрдэ, сэттэ чааска туран, бастакы оптуобуска тахсаары таҥнан хачыгырыйа турдаҕына, кыыһа Анфиса хоһуттан тахсан кэллэ. – Хайа, туохха ыксаатыҥ? Игорь үлэтигэр бара таарыйа илдьэн биэриэҕэ, – Анфиса тоҥуй куолаһынан быһаарда. – Билигин туруоҕа, үлэтигэр 8 чааска баар буолуохтаах. Бар, саалаҕа киирэн дьыбааҥҥа олор, аан таһыгар хоройон баран турума. Дэбдэ тыаһа суох саалаҕа киирэн дьылыччы туттан олордо. Орто кыыһа Анфиса уһун хара суһуохтаах, хап-харанан көрбүт орто уҥуохтаах кыыс. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, улуустааҕы биридимиэтинэй олимпиадаларга куруутун кыттан инники бириистээх миэстэттэн түспэтэ. Учууталлар ытыстарын үрдүгэр илдьэ сылдьыбыттарын түмүгэр бэйэмсэх бэрдэ буолбута. Билигин улахан тэрилтэҕэ кылаабынай бухгалтерынан үлэлиир. Кини эппитэ барыта быраап. Кэргэнэ Игорь сымнаҕас киһи түбэһэн, талбытынан сылдьар. Уоллаах кыыс оҕолоохтор, барахсаннарым, хата, истигэннэрэ, аҕаларын курдук сымнаҕастар. Анфисаны оҕо эрдэҕинэ тосту-туора кытаанах дьахтар буолуо диэн санаабат этэ. Саҥаран-иҥэрэн, үөрэн-көтөн, хааман-сиимэн көрдөххө, дьахтар аллааҕа, үчүгэйэ. Кэргэнигэр, оҕолоругар сыһыана эмиэ ааттаах эрээри, төрөппүттэригэр сыһыанынан оҕолоругар туох үчүгэй иитиини биэрэрэ буолла? Билигин кыра кыыһыгар Аннеттаҕа тиийиэҕэ. Аҕата олох күҥҥэ көрбүт тапталлаах оҕото. Оҕо эрдэҕиттэн тэппини көрбөт атаах кыыһа этэ. Оскуолаҕа, улууска биллэр тарбахха баттанар спортсменка, өрөспүүбүлүкэ сборнайа диэн ааттанара. Кини кыттар күрэхтэһиитигэр аҕата көтүппэккэ сылдьара. Быһый атахтааҕа, сүүрэн кылбаҥнатара. Онтон баскетболлаан, волейболлаан элэҥнэттэҕинэ, күрэхтэһэр дьонугар харахха быраҕыллара, ыалдьааччылара хаһыы бөҕөнү түһэрэллэрэ. Икки төгүллээх маастарга хандьыдаат этэ. Хараахтарыттан маастар буолбатаҕа. Улаатан истэҕин ахсын тириэньэрдэрин кытта тапсыбат буолан испитэ. Аҕата барахсан хомойоохтуура. Үлэтигэр да дьону кытта тапсыбат этэ. Хата, ИП буолан, бэйэтэ бэйэтигэр үлэлиир, иистэнэр буолан абыранна. Түүлээх таҥаһы тулуппат. Дьахтар сахалыы былааччыйатыттан саҕалаан, сонугар, бэргэһэтигэр тиийэ тигэр. Хаачыстыбалаахтык тигэр буолан, уочарат быыһа суох, дьиэтигэр сыһыары эрээри, туспа ааннаах мастарыскыайы Михаил тутан биэрэн табыллан сылдьар. Биир уоллаахтара Сима спортсмен бэрдэ. Ийэтин баппыт. Атаҕар үчүгэй, ааттаах баскетболист, волейболист. Билиҥҥитэ оҕом сыыһа үчүгэй курдук, күрэхтэһиигэ көтүппэккэ сылдьар, тириэньэрдэрэ хараактарыгар үлэлэһэллэр быһыылаах уонна аҕата уолугар кытаанах, атаахтатан мээнэ тараҥнаппат. Онтон сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт, уһун, ньассыын саһархай суһуоҕун биир гына мөлбөччү өрүнэн дуоспуруннаах баҕайытык оскуола саҕаттан туттар улахан кыыһа Арината этэ. Октябренок, пионер, комсомол барыта буолбута. Бачча сааһыгар диэри салайар үлэҕэ үлэлээн кэллэ. Биэнсийэҕэ барбыта да, оскуолатын салайан олорор. Солбуллубат дириэктэр. Хаһаайыстыбанньык бөҕө. Эргэ оскуолатын саҥатыгар түһэрдэ. Уоллаах кыыс оҕолордоох. Сураҕа, Сашата дойдутун Шараповтар кыыстарын кэргэн ылар дииллэр, тоҕо эрэ Арина сөбүлээбэт үһү. Ол түмүгэр, уол дьиэтигэр таарыйбакка, кыыска тиийбит. Дьиҥинэн, былыр былыргыттан кыыс оҕо кэргэн сүктэн уолга тиийиэхтээх этэ буоллаҕа. Аныгы үйэ дьоно бэйэлэрэ билэллэринэн уларыта тутан эрдэхтэрэ. Кырдьаҕастартан аны ыйыппаттар, сиэр-туом барыта уларыйан иһэр. Авдей оҕолорун үһүөннэрин бэйэтэ ааттаабыта, эбэлэр ааттара наһаа кырыйда, аныгылыы ааттыыбын диэбитэ. Арина, Анфиса, Аннетта диэн ааттаталаабыта. Кыргыттар ааттарын сөбүлүүллэр. Арай Анфиса соччо биһирээбэт. Николай Габышев «Анфисатын» аатын биэрбиккин», – диэн тыллаах. «Анфиса курдук майгылаах буолаҥҥын, дьону кытта тапсан үлэлээбэккин, хата, аныгы үйэ киһитэ буолаҥҥын, үлэлии сылдьаргар махтан», – диэн эдьиийэ Арина өһүргэтэр. Дэбдэ дьыбааҥҥа олорон эрэ нухарыйыах курдук буолан истэҕинэ, күтүөтэ турар тыаһа иһилиннэ, уолун туруорда быһыылаах, сэрээккэлээн тыас-уус бөҕө буолла. Игорь киниэхэ сымнаҕастык сыһыаннаһар. Кини кыыһыттан олох атын майгылаах. Таас асфальт устун Анетталаах диэки сыыйылыннардылар. Сотору буолаат, 10 этээстээх таас дьиэ иннигэр тохтоотулар. Дэбдэ ааны аһан биэрбиттэригэр күтүөтүттэн тардыһан нэһиилэ түстэ. – Бэйэм тахсыам. Бэҕэһээ лифт үлэлиир этэ, – эмээхсин күтүөтүттэн суумкатын ыларын быыһыгар эйэҕэстик эттэ.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 173
04.11.2022 20:57

4 чааһа(бүтүүтэ)

Дэбдэ иһиттэри эбиэт саҕана нэһиилэ сууйан бүтэрдэ. Кыыһа Аннетта, хата, барытын серваҥҥа сотон ууран дьаарыстаан көмөлөһөн абыраата. – Эбиэттэн киэһэ биһиги Михаиллыын «Хара хаар» диэн аатырбыт киинэҕэ барыахпыт. Билигин чэйдиэхпит. Биһиги барбыппыт кэннэ дьиэни үчүгэйдик быыллаан, пылесостаан, муостаны капитальнайдык сууйаар, – диэн кэм сымнаҕас соҕустук дьаһайан абыраата. Остуолу толору ас тардан кумуру-хамыры аһаатылар. Дэбдэҕэ иһигэр ас да киирбэтэ, барыта тууһаммыт, приправаҕа буспут эт астар, араас салааттар. Сарсыардатын дьоно үлэлэринэн, үөрэхтэринэн тарҕаспыттарын кэннэ овсянка хааһы буһаран сиирэ. Бу билигин сололонон буһарбата даҕаны. – Эбээ, хааһыгын тоҕо буһаран сиэбэтиҥ? – сиэнэ Сима аһаабакка олорорун көрөн ыйытта. – Аһыаҕа, чэ, ас элбэх, – ийэлэрэ тоҥуйдук хардарда. – Бу киһи туохха да кыһаммакка хаһыат ааҕа олорор. Саатар аһыаххын. Бачча элбэх ас таах хаалыа дуо? Аһаан кимиритэн иһиэххитин, эр дьон буолан баран. Астары аһыйбат гына, үчүгэйдик холодильникка угаар эрэ. Сарсын күнүскү аһылыкка үлэм дьахталларын эбиэккэ ыҥыртыам. Күнүс остуолу үчүгэйдик тардаар, – Аннетта ийэтин диэки кырыылаах баҕайытык көрөн ылар. – Ийээ, Турцияҕа хаһан бараҕын? – уола ыйытар. – Оҕом, хата, өйдүүр эбит. Тэрилтэм Турцияҕа 10 күннээх путевка биэрдэ. Муораҕа баран сөтүөлэниллиэ. Икки путевка. Бу киһи барсыбаппын диир. Оҕом барсара дуу? – ийэлэрэ уолун эйэргээбиттии көрөр. – Суох, барбаппын. Эксээмэннээхпин буолбат дуо? Уонна Турцияҕа сылдьыбытым, – уола сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар. – Ийэҕин илдьэ бар. Кырдьар сааһыгар кыраныысса таһын биирдэ көрдүн ээ, – күтүөт Михаил убаһа ойоҕоһун уҥуоҕун кимирийэрин быыһыгар саҥарар. – Сөбүн биирдэ Москванан, Санкт Петербурунан күүлэйдэппитим. Билигин кинини иккиһин соһор кыаҕым суох. Атын икки кыыһа күүлэйдэттиннэр, – Аннетта өс саҕа буолар. – Босхо путевканан иккиһин да төрөппүт ийэҕин күүлэйдэттэххинэ тугуй? Ийэҕэр олус да «чос» курдук сыһыаннаһаҕын. Киһи да бэркиһиир, – Михаил ситэ аһаабакка, остуолтан туран саалаҕа киирэр. – Бэҕэһээ да ийэҕин остуолга олоппотоҕуҥ сүрдээх этэ. Өссө бу үлүгэр тохсунньу торулуур тымныытыгар кырдьаҕас киһини оптуобуһунан ыыппыккын. Уолгуттан да кыбыстыбаккын! – Ээ, чэ, мин… бэйэм барбытым. Уонна соҕуруу барбаппын. Ааспыкка наар маҕаһыын эрэ кэрийэн, таһаҕас эрэ тутан тахсыбытым, – Дэбдэ барахсан этэн бүтэн баран, сыыһа саҥарбытын өйдөөн, айаҕын саба туттубутун сиэнэ уол бэлиэтии көрөн, күлэн мичик гынна. – Чэ, оннук буолуохтаах этэ, – саалаттан Михаил саҥата иһилиннэ. – Ийээ, бар, хоскор, мээнэ тэпсэҥнии турума, – кыыһын кытаанах саҥатын истэн, эмээхсин тыаһа суох хоһугар тэмтэриҥнээтэ. Дэбдэ оронугар токуллан, дьоно тахсан чуумпуралларын кэтэһэ сытан, таҥаһын хомунан автовокзалга барарга сананна. Автовокзал мантан чугас. Бөһүөлэктэрин таксистарын ааҕа билэр. Биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин оҕолоро, сиэннэрэ буоллаҕа. Бүгүн дойдутугар, дьиэтигэр тиийэн, оһоҕун оттон, дьиэтин ититиэ. Күн да мантан ыла уһуо, халлаан итийиэ. Бүгүн ахтылҕаннаах уһаайбатыгар тиийиэҕэ. Сураҕа, быйыл сайын бөһүөлэккэ ититии толору киллэрэллэр үһү. Оччоҕо дьиэтигэр олоруоҕа. Ити уһаайбаларын, ыал буолаат, нэһилиэк сэбиэтигэр сайабылыанньа биэрэн ылбыттара 55 сыл буолла. Күн-дьыл ырааппыт да эбит. Нэһилиэк сэбиэтин сессиятын быһаарыытын илиилэригэр тутан тураллара бу баар. Сэбиэт оҕонньор, Уйбаанабыс барахсан: «Оҕолорбор көнө сирдээх, үчүгэй оттоох-мастаах уһаайба булан биэрдим», – диэхтээбитэ. Кырдьык, тэлгэһэтин күп-күөх ньаассын ото алтан отунан саһарара, күнүһүн дөлүһүөн сибэккитинэн тэтэрэрэ. Дэбдэ бэйэтэ олбуорун иһин ньургуһун от тиэрэн тэниппитэ. Эбиитин уһаайбатын биир муннугар тэтэрэ кыыспыт сардаана сибэкки олордубута сыллата эбиллэрэ киһи хараҕын үөрдэрэ. Дьахталлар ымсыыра көрөллөрө. Бөһүөлэккэ отунан-маһынан киниэхэ тэҥнээх уһаайба суох, отонноох маһын ааҕан сиппэккин, дьаабылыка, сирень, акация, черемуха, облепиха, бузина, боярышник, о.д.а. мастара силигилии ситэллэрэ. Кыргыттара, күтүөттэрэ мас арааһын аҕалан олордоллоро. Ыам ыйыгар мастарын тыллалларын долгуйа күүтэрэ, хас биирдиилэрин тулатын ыраастыыра, төгүрүччү хара буорун көбүтэрэ, көрө сылдьан ууну дэлэччи туттара. Барахсаттарым, быйыл төһө эрэ силигилээн үүнэллэр, сыттыын-сымардыын кэрэлэр, дьахталлар анаан кэлэн хаартыскаҕа түһэн бараллара. Дэбдэ таҥнан дьиэтиттэн саҥа тахсыах курдук туттан истэҕинэ, аан аһыллар тыаһын истэн, курус гынна. Ол да буоллар, күүстээх санааны ылынан тахсар ааҥҥа барда. – Хайа, эбээ, бу ханна бардыҥ? – сиэнэ Сима соһуйа көрүстэ. – Автовокзалга. Дойдубар бардым, – Дэбдэ сиэнин өрө көрөн турда. – Эбээ, автовокзалга хайдах сатыы барыаххыный? Билигин мин такси ыҥырыам, – уол төлөпүөнүн ылан түргэн-түргэнник баттаан эрийээт, эбэтин саалаҕа киллэрэн, дьыбааҥҥа олорто. – Олор, эбээ. Сотору такси кэлиэ. Итии чэйдэ ис, айаныҥ уһун буолуо. Аны саас каникулга мин тиийэм, сөп дуо? – Сима эбэтигэр итии чэй кутан аҕалан остуолга уурар. – Сөп, һыллы, тиийээр. Оҕобун күүтүөм, – эмээхсин иэдэһэ чарчыстар. – Мин бугул түгэҕин харбыырым, Сиэнньискэлиин сороҕор, от кэбиһэллэригэр, наһыылканан бугул таһарбыт. Бу 50 кыраадыс ахсынньы, тохсунньу бурҕайар тымныытыгар санаатахха, сайын салгынныын наһаа үчүгэй, күп-күөх окко күөлэһийэ таалалыыр кэрэ да түгэн буолара. – Оҕом сыыһа, эһэҥ курдук үтүө санаалааххын. – Такси кэллэ. Тахсыахха, – сиэнэ суумканы ылан, эбэтин хонноҕуттан өйүү тутан дьиэттэн тахсан бараллар. Подъезтан тахсан иһэн, ыы муннуларынан дьонноругар кэтиллэ түһэллэр. – Хайа, бу ханна бардыгыт? – Аннетта соһуйан, аймана түһэр. – Такси кэллэ. Эбэм дойдутугар күүлэйдии барда. Сотору кэлиэ, – уол ийэтин саҥардыбаттыы быһыта баттаан эттэ. Соҕотох мааны уола сороҕор ийэтин утары саҥардааччыта суох. – Ийээ, ити пакеккар фрукта баар дуо? Эбээҕэ биэр, эбээ эдьиий Өкүлүүнэлээххэ кэһии гыныа этэ, – уол ийэтэ аккаастаабатын билэр киһи быһыытынан пакеты ылан эбэтигэр биэрэр. Дэбдэ таксига олорорун кытта Михаил: «Бу халбаһыыны эмиэ кэһии гынан илдьэ бар», – диэн толору пакеты туттаран кэбистэ. Таксист уолу билэр оҕото эбит. Кинини көрөн мичээрдээн кэбистэ. – Чэ, айанныаҕыҥ. Дэбдэ түргэнник айаннаатахпына, хачайдаммат инигин? Пароммутугар ыксыыбыт, – диэтэ. – Ээ, сөп айаны тулуйабын. Дойдубар баран иһэр киһи наһаа ньырамсыйбат инибин. Хата, сонунна кэпсээн сэргэхситиҥ, — Дэбдэ дьиэтигэр айаннаан иһэр киһи быһыытынан мичээрдии истэ. – Ээ, сөп. Паромҥа киирдэхпитинэ, сонун көстүө, – дьахталлар аймана түһэллэр. Паромҥа анньыһан киирэн, сэргэхтик айаннаан, Дэбдэ бөһүөлэгэр чугаһаатаҕын ахсын сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэн, өрө уһуурара элбээн истэ. Сотору уоттара сандааран, бөһүөлэктэригэр киирэллэрин кытта Дэбдэ такси тохтуу да илигинэ, аан тутааҕын эрийэ тутан, чуут аһа сыыста. – Дэбдэ, түһэриҥ билигин да ыраах, ыксаама, — таксист уол буойан тохтотто. – Арба да, ханна түһэҕин, кыыскар Арина Авдеевнаҕа дуо? – Суох, суох, кыыспар түспэппин. Олор дьиэҕэ олорбот дьон. Сарсын күнүс барыам. Билигин балтыбар Өкүлүүннээххэ тиийиэм, – эмээхсин ыксаабыттыы туттан быһаарда. – Ээ, Өкүлүүнэлээххэ тиийэҕин дуо? – Арина Авдеевна маарын Бороҕоҥҥо мунньахха барбыт диэбиттэрэ. – Кырдьык, баҕар, кэлэ илигэ буолуо, – дьахталлар интэриэһиргээн хабыгыраһа түстүлэр. Хаптаһын олбуордаах профлииһинэн эпсиэйдэммит дьиэ иннигэр тохтоотулар. Суоппар уол суумкатын ылан, бэйэтин өйөөн дьиэҕэ киллэрэн биэрдэ. – Баһыыба, һыллы, – Дэбдэ айанын 500 солкуобайы уолга туттаран кэбистэ. – Сөп, – диэт, уол түргэн үлүгэрдик элэс гынан хаалла. – Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ, – эмээхсин иһирдьэ, саалаҕа киирэн кэлбитигэр дьиэлээхтэр бары соһуйа түстүлэр. Дьыбааҥҥа олорон, «Моя мама» диэн турецкай киинэ көрө олороллор эбит. – Хайыы, эдьиийим илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии. Бүгүн оруобуна санаан ылбытым. Киир, киир. Ариналаах суохтар дуо? – балта Өкүлүүнэ түөрэҥэлээн кэлэн, эдьиийин санныттан кууһан ылла. Өкүлүүнэ кини бииргэ төрөөбүт эдьиийин Агаша кыыһа. Эдьиийэ өлбүтэ ыраатта. Балта кинилэри эҥэрдэһэн улааппыта, тэҥҥэ кырдьан эрэр. – Хайдаҕа эбитэ буолла? Мунньахха барбыт диэн истибитим. Кэлэ илигэ буолуо диэн, манна эйиэхэ тохтоотум. Сонуну истиллиэ. Сарсын тахсыам. Сарсыҥҥыттан Сэмэн оһох оттуо этэ. – Букатын кэллиҥ дуо? Чэ, бэрт. Куоракка кыргыттаргар да олордоргун, тэһийбэтиҥ чуолкай. Оҕо харабыллаан олоруоххун, оҕолоро улааттылар. Халлаан сылыйыар диэри биһиэхэ олор. Биһиги иккэбит эрэ. Ити кыыһым Алена икки оҕотунаан быстах бааллар. Аҕалара ыраах рейскэ барбыта, оттон кэллэҕинэ, дьонун ылыахтаах. – Ээ, сөп, – Дэбдэ айаннаан дьагдьайан оһоххо сыстан олордо. – Билигин эдьиийбин аһатыам. Оруобуна кырбас эттээх миин буһарбытым, — Өкүлүүнэ кэпсиирин быыһыгар иһитин тарпытынан барда. – Бу эмээхсин эдьиийин көрбүт үөрүүтүттэн үчүгэй сонунун кэпсээбэккэ олорор, – Сэмэн күлэн ардьайбыт тииһэ килэйэр. – Тугу эттиҥ? Ээ, арба да, дьиэҥ итии бөҕө, оттуллан турар. Бүөтүркэ кэлэн олорор, – Өкүлүүнэ кэпсиирин быыһыгар ытыһын охсон тас гыннарар. – Бай, ол тоҕо мин дьиэбэр олордо? – Дэбдэ соһуйа түһэр. – Ээ, быстах. дьиэтэ тоҥон. Үүтээнигэр бултуу тиийэн баран атын куоттаран, хонон хаалан, систиэмэтэ тоҥон хаалбыт. Сатахха, кимиэхэ да эппэккэ барбыт. Билигин ЖКХ-лар оҥоро сылдьаллар. – Ээ, сөп. Эрэйдэммит дии, – Дэбдэ сөбүлэһэрин биллэрэн, күкээрбит баттаҕын кырыбыайкатынан төттөрү-таары тараанарын быыһыгар мичээрдээн, тииһэ суох айаҕа ымайда. – Оһохтоох дьиэҕэ олорор буоллаҕа. – Кыыһыҥ Арина көҥүллээбит этэ. Хата, оһоххун абырахтаан сыбаан бэртээхэйдик өрөмүөннээбит этэ, – Сэмэн кэпсэтиигэ кыттыһар. – Сотору тахсара буолуо. Систиэмэтин бүтэрэн эрэллэрэ буолуо. Чэ, чэйдиэҕиҥ, – остуолга ыҥыртыыр. – Алена, оҕолоргун аһат. Иһиттэригэр куттум. Онтон утуйаллара да кэлэрэ буолуо. – Сөп, – Алена эдэр дьахтар 3-4 саастаах кыра оҕолору остуолга аҕалан олордуталыыр. – Ии, барахсаттары, кыракыйдарын. Тас дьүһүннэринэн биһиги аймах эбиттэр, – Дэбдэ кыра оҕолору көрөн ымманыйар. Остуолга олорон саҥа аһыах курдук буолан истэхтэринэ, аан аһыллар тыаһын кытта куукунаҕа толуу мааны дьахтар киирэн кэллэ. Күндү уһун нуорка шубалаах, ушанка киис бэргэһэлээх, хара тыс унтуулаах Арина киирэн турарын көрөн соһуйа түстүлэр. – Дорооболоруҥ. Хайа, ийээ, кыыскар тохтообокко, атын ыалга түһэҕин дуо? – Арина кытаанахтык саҥарбытынан киирдэ. – Бу кыыс хайдах буолар? Атын дьон диир дуу? – Өкүлүүнэ өһүргэнэ истэр. – Бэйэм хаан балтыбар тохтоон олоробун. Эһигини суохтар, мунньахха барбыттар диэбиттэрэ. Дьиэҕит уота суоҕа, – Дэбдэ кырдьыгын таһаарынар. – Сарсын тахсыам. Бачча киэһэ барбат инибин. – Сөп. Сарсын кэпсэтиэхпит, – Арина эргичис гынан, соно тэлээрэн, ааны күүскэ сабан тахсан барар. – Айыкка, аны Аринабыт да хамаандатынан мантан ыла олорууһукпут дии, – Өкүлүүнэ сөбүлээбэтэҕин этэн тэйэр. . . . Арина киэһээҥҥи аһылыктарын кэнниттэн түргэн-тарҕан соҕустук иһиттэрин сууйан халыгыратан бүтэрдэ. Ийэтин кытта кэпсэтэр санаалаах. Шараповтары билэр буолуохтаах. Киһи ыйыппатаҕына, кэпсээбэтэ чуолкай. Дьону хаһан да ырытан кэпсэтээччитэ суох. Айаҕа аһыллан саҥарара биллибэт. Билэр буоллаҕына, кэпсиир ини. – Ээ, итини билэбин. Сайылык дьахталлара итинник куруутун кэпсэтээччилэр. Онтон эбэлэрэ Арыппыас төбөтүнэн ыалдьар дуо? – Арина тоһоҕолоон ыйытар. – Мин өйдүүрбүнэн, Арыппыас төрүттэригэр итинник ыалдьар киһи суох. Кэргэнэ куруубай, иһэр баҕайы оҕонньор этэ. Ол эдэр эрдэҕинэ төбөтүн дэлби үнтү сынньан, кырбаан итинниккэ тиэрдибитэ дииллэрэ. Арыппыас барахсан ис киирбэх, чэнчис баҕайы дьахтар этэ. Ону оҕонньоро күлүгэр кытта күнүүлүүрэ дииллэр. Уола иирээкилэр дьиэлэригэр туттаран, ийэтин үйэтин уһаппыта дуу, кылгас үйэлээбитэ дуу? Билбит суох, – Дэбдэ сыыйа тардан кэпсиир. – Былыр үйэҕэ өллөҕө дии, – Арина саҥа аллайар. – Өлөөхтөөтөҕө – эмээхсин сөбүлэһэр. – Онтон ити кыра кыргыттара тоҕо итинник, итэҕэстээх курдук буолан хааллылар? Ону дьиибэргиибин, – дьахтар туоһулаһарын тохтоппот. – Ээ, бэйэҥ да иһиттиҥ ини? Хаарыан оҕолорун травмалаан итинник буолаахтаабыттар. Сураҕа, куоракка оҕолоно барыахтааҕын, тарда сылдьыбыт. Дэриэбинэҕэ оҕоломмут. Баара-суоҕа кырдьаҕас сиэстэрэ баара үһү. Айылҕаларынан син оҕолонуо эбит да, сатахха, хойутаан олох дьиэтигэр түһэрбит, эбиитин игирэлэр үһү. Оҕолор эрэйдээхтэр итинник буолан хаалаахтаабыттар – Дэбдэ үгэһинэн кэпсиирин быыһыгар баттаҕын үөһэ-аллараа имэриммэхтиир. – Хаарыан оҕолору, ийэлэрэ эппиэтинэһэ суоҕуттан итинник дьылҕалаабыт эбит, – Арина саҥа аллайар. – Оннук. Хата, кыргыттар үлэһит бөҕөлөр. Дьиэни-уоту барытын көрөн олороллор, ыраастара-чэнчистэрэ сүрдээх. Ийэлэрэ сүөһүлэриттэн ордубат буоллаҕа. – Биһиги уолбут ити ыал кыыстарыгар олох харааччы иирэн хаалла. Куоракка кыыс бөҕө ортотугар сылдьан, бэйэтин бөһүөлэгин кыыһыттан атыны булбатах. – Чэ, хайдах буолар? Уолбут кыыһыран бырдааттанан куоракка барбыта. Инбэлиит оҕолоох буолан, куоракка дьиэлээхтэр. Онно тиийэн олороллор. – Онтон субуотаҕа ыҥырдаҕыҥ дии. Аймахтар икки өттүттэн кэпсэтиэ этибит, – аҕалара кириэһилэҕэ барытын истэ олорон өрүкүнүйэ түһэр. – Оҕолору холбооттуохха буоллаҕа. Шараповтар үчүгэй аймахтар, – эбэлэрэ сөбүлэһэр. – Билигин Сааскаҕа ийэтэ эрийэн, уолгун үөрдүбэккин дуо? – аҕалара ыксаллаах муҥутаан ийэлэрин ыксатар. – Аргыый. Наһаа омуннурума. Ыксаабатыннар. Хотон сыттаах дьиэлэригэр, үөрэҕэ суох кыыстарыгар – мин дипломнаах уолум наада үһү. Кыра кыргыттарын аһыннарбын да, кырдьыгынан эттэхпинэ, кинилэри кытта аймаҕырҕаһыахпын баҕарбаппын. – Аньыы даҕаны, мээнэ ону-маны буолары-буолбаты саҥарыма, – Василий сөбүлээбэтин биллэрэр. – Эн Шараповтартан туох ордуктааххыный? Бэркэ гыннар, эн үрдүк үөрэхтээҕиҥ, дуоһунастаах үлэлээҕиҥ буолуо. Шараповтар тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрэ, суобас бөҕөлөөх дьон бастыҥнара. Биир муостаҕа тураҕыт, – Дэбдэ утары этиппэттээн кытаанахтык саҥараат, хоһугар киирэр. – Ити кырдьык дуо, кырдьаҕастар дьиэлэригэр бараары сайабылыанньа биэрбит үһүгүн дии, ону туох диигин? – Арина хос диэки кытаанахтык көрөн туран ыйытар. – Биэрэн. Тэҥнээхтэрбин кытта бэйэм-бэйэбэр олоруохпун баҕарабын. Оҕолорбуттан сылтаан сайабылыанньа биэрбит буолбатахпын. Кырдьаҕас киһи өйө-санаата эдэрдэртэн олох туспа, өйдөрө-санаалара сөп түбэспэт. – Хайа, ийэм саҥаҥ элбээбит, өйүҥ-санааҥ сайдыбыт да эбит, – кыыһа соһуйар. – Манна дьиэбэр ититии киллэртэрэ сатаатым да, кыаллыбата. Хайдах мас мастаан, оһох оттон бэйэм олоруохпунуй? Ол иһин кырдьаҕастар дьиэлэригэр бара сатыыбын. Эбэтэр дьиэбэр ититиитэ киллэттэриҥ… Бэйэм бэйэбэр олоруохпун баҕарарым кэмнээх буолуо дуо, — Дэбдэ кыыһын таһыгар кэлэн олорор. – Ийээ, эн кырыйдыҥ. Үс кыыстааххын. Кыргыттаргынаан хардары-таары олордоххуна тугуй? Биһиги аапптын хараардан, онно-манна кырдьаҕастар дьиэлэригэр барар туһунан толкуйданыма. Оннук ыыппаппыт даҕаны. Сүрэ да бэрт. Тоҕо итинник толкуйга кэлбиккин сатаан санаабаппын. Кыргыттардыын кэпсэтиэм, – Арина саҥата кытаанах. – Бүөтүккэ дьиэтигэр таҕыстар эрэ, дьиэҕэр киирэн бэйэҥ төһө олороргунан олор. Ким да туппат. Маскын күтүөтүҥ бэлэмнэтиэ. Биһигинэн хардары-таары олороруҥ ордук буолуо дии санаабыппыт. Аны сайын ититии киллэримэ. – Бүөтүккэ таҕыстар эрэ, ДьУоКХ уолаттарын кытта кэпсэтиэм, сайыҥҥыга диэри соспот инибит, – күтүөт кэпсэтиигэ кыттыһан көх-нэм буолар, – матырыйаал син биир тиийиэҕэ. – Ийээ, ханна да барар туһунан толкуйдаама. Дьиэбит олбуоругар турдун ээ, биир эмэ сиэн олохсуйуо. Аны сайын олбуорбут иһигэр кыра алта да алталаах дьиэ тутуохпут. Ийэбит харахпыт ортотугар олоруоҕа, – Арина быһаарар. – Суох, саҥа дьиэ наадата суох. Бэйэм дьиэбэр, уһаайбабар олоробун. Хас сыл бараары, ханна да барбаппын, – эмээхсин өһүргэнэ истэр. – Онтон дьиэҕин аны сайын биһиги олбуорбутугар көһөрөн аҕаллахпытына, – Василий кыттыһар. – Ыы, күтүөтүм, эттэҕин үчүгэйиэн. Эһиги бары атыннык саныыгыт. Оҕолорбун абааһы көрөр буолан, туспа олоро сатыыр буолбатахпын. Мин дьиэ туттан олорбут уһаайбабын ахтабын. Туох да диэҥ, бэйэм уһаайбабар үйэбин моҥуом, – Дэбдэ санаатын этэр. – Чэ, сөп. Ийээ, эн эппиккинэн буоллун. Биһиги утарыласпаппыт. Баһылай Сэмэнниин дьиэни ититиигэ үлэлэсптинэн барыҥ. – Оннук. Эбэбит Дэбдэ эппитэ этириэс. Атаах, ньырамсыйбыт мааны кыргыттара туох да диэбиккит иһин. Ийэҕит иннин ылыаххыт суоҕа диэн эппитим дии. Чэ, хата, биир тылы буллугут. Үлэһит буолбут мааны кыргыттар, ийэҕитин көрдүгүт да кыра оҕоҕутугар түһэн хаалаҕыт, тугу саҥараргытын да ырыҥалаан көрбөккүт. – Чэ, хата, аһаан утуйуоҕуҥ. – Баһылай Уйбаанабыс түмүктүүрдүү эппитигэр Дэбдэ эгди буола түһэр. Үһүөн күө-дьаа буолан аһыыр куукуналарыгар киирэллэр.

Татьяна НАХОДКИНА

Добавить комментарий