Главная / Кэпсээннэр / 🌿 ӨЙМӨКӨӨН ТЫАТЫГАР 🌿
Добавить комментарий
КЭПСЭЭН.
Николай Калитин.
Сунтаар хайатын хотугу тэллэҕин киэҥ сиринэн тайаан сытар Өймөкөөн дэхси намтала халыҥ хаар суорҕанынан бүрүллэн,сынньаммыттыы иһийбиккэ дылы. Кыһыҥҥы кылгас күн. Болоорхой халлааҥҥа өлбөөркөй күн саһарар. Ыраах көстөр суорба таас хайа туһунан силлиэ быстыбакка онолуйар. Ардыгар тымныы салгын чаалыйар тыынын тулуйумуна өрүс мууһа тостон лоһугураан ылаттыыр,сиҥнибит муус күрүлүүр. Сөп буола - буола тииттэр,тэтиҥнэр үөһээҥҥи намчы лабаалара уохтаах,чысхааннаах дьыбартан,күһүҥҥүттэн мустан сүгүллүбүт хаар баттааһынын уйумуна,тостон аллараа лабаалары таарыйан түһэрэн,аара улам хойдон,ыараан сиргэ суккуруу тохтоллор. Оо,бу үлүгэрдээх дьулаан тымныыга ама туох көтөрө - сүүрэрэ чугас эргин көстөн ааһыа буоллаҕай?! Тыыннаах харамай барыта,аһыыр да кэмин лаппа кылгатан,халыҥ хаар анныгар чөкө иһийэн сыттаҕа. Маннык тумарык тымныыга арай булчут киһи түбүгэ үксүүр,сырыыта элбиир,ыыра кэҥиир: түүлээх түүтүн кылаана тупсар - ситэр,кулгааҕынан истэрэ,муннунан сыты - сымары билгэлиирэ,суоһуур кутталтан эрдэттэн сэрэнэрэ биллэрдик мөлтүүр; халыҥ хаар аннынан иитиллибит хапкааннар,сохсолор бэргэнник эстэллэр. Дьэ оччоҕо,булчут сынньанары билбэккэ,утуйар уутун да умнан,күннэри - түүннэри тохтообокко түбүгүрэр. Совхоз булчута Киристэпиэл Лебедев бултуур сирин кэҥэтээри,үс табаны көлүнэн,иккини көтөллөнөн,сыарҕатыгар балаакка,тимир оһох кэлгинэн,хайа үрэҕин халыҥ хаарын оймоон,уҥуор - маҥаар туораан,тоҥууну тэлэн айаннаан кудулутан истэ. Кини чочумча буола - буола ыллаан киҥинэйэрин ууратан,аллаах табаларын хорус гына тохтотон,хаарга суруллубут суолу - ииһи кыраҕы харахтарынан сирийэн үөрэтэр. Ардыгар сайыҥҥы таба тыһынан саталлаахтык тигиллэн бүрүллүбүт чэпчэки туут хайыһарын анньынан,тыаҕа улахан тоҕоостоох сирдэри таба хааман туһах баайталыыр,хапкаан,сохсо туруортуур. Кини хонор сиригэр сөпкө тиийэ охсон,балааккатын тииринэн,тыаттан мас мастаан тимир оһоҕун оттон сылааска сынньанаары табаларын киксэрэн суһаллык айанныыр. Ол иһэн,маҥан дэхси хаар ньууруттан быган,булт саатын уоһа хараара килбэйэн турарыгар хараҕа хатанна.
Эр дьон уоппускаларын ылбыт сынньалаҥ күннэрин бэйэлэрэ сөбүлүүллэринэн талан туһаналлар. Сорохтор соҕурууннан - хотуннан тэлэһийэн сынньана,эмтэнэ бараллар. Атыттар тэлгэһэлэриттэн тэйбэккэ,дьиэлэрин - уоттарын оҥостон кэргэттэригэр көмөлөһөллөр,ардыгар нэһилиэктэргэ тарҕаһан,аймах - билэ дьонноругар уһаан - кэҥээн өрүүллэр,үлэлииллэр - хамсыыллар. Оттон айылҕаны сөбүлээччилэр уоппускаларын ыллахтарына сайыны быһа түбүктээхтик тэринэн,кэтэһии - манаһыы бөҕөннөн бултуур - алтыыр аатыран,тыатааҕы үүтээннэригэр,балыктыыр сирдэригэр баар балаҕаннарыгар тахсаллар. Автобус механига Афанасий Васильев уоппускатын ылан,эмиэ уруккутун курдук тыаҕа тахсан сынньанарга быһаарынан,сэттис кылааска үөрэнэр уолун Коляны батыһыннаран,атырдьах ыйын маҥнайгы күннэригэр Өймөкөөн сиригэр тиийбиттэрэ. Кини манна хас да сыл устата суолу оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээн,бу ыраах хоту дойду сирин - уотун,өрүстэрин,күөллэрин кубулҕатын бэркэ билэрэ. Васильев уолунаан көһөн тиийэн,хайаттан сүүрэн эҥсэр бэрт дохсун сүүрүктээх Сунтаар өрүһүн орто сүнньүгэр,уруккуттан тутуллан турар булчут балаҕанын сэргэхситэн оҥостон олохсуйдулар. Сынньалаҥ дьоно нус - хас сылдьан,чугастааҕы эҥэр сири кэрийэн,күөгүнэн балыктыыллар. Бултаабыт дьарҕаа,быйыт балыктарын,хатара ыйыыллар,күннээҕи айахтарыгар дэлэччи сииллэр. Дьэ,ити курдук бултаан - алтаан,төттөрү - таары тэпсэҥниир,мас мастаан,уот оттон,ас астыыр күннээҕи бүппэт түбүккэ күннэр - хонуктар биллибэккэ суһаллын,дөбөҥнүк ааһаллар. Атырдьах ыйын бүтүүтэ оскуолаҕа үөрэх аһыллыан эрэ иннинэ Афанасий оҕотун бөһүөлэккэ киллэрэн,кэһиилээн - тутуурдаан,самолетунан дьиэтигэр атаарда. Бэйэтэ уоппуската бүтүөр диэри,балыктыы түһэн төннөр баҕалаах балаҕаҥҥа хаалла. Биир дьоро киэһэ балаҕаныттан балачча ыраах сиргэ балыктыы сылдьан,үрэх кытылын сэлэлии үүммүт хойуу талах саҕатыгар,иккилээх - үстээх эһэ оҕото кутуйахтаан тибилийэ сылдьарын сэҥээрэ көрбүтэ уонна сарсыныгар саалаах тахсан бултаһарга быһаарынан,көстүбэт күндү булду күрэппэккэ үүтээнигэр төннүбүтэ. Киэһэ дьиэтигэр киирэн, оһоҕун оттон ас астанар,күөс өрүнэр. Сарсын туттарга былааннанан саҥа сүнньүөх ииттинэр уонна уотун аһатан,байанайын алҕаан,аһаан - сиэн баран,нус - хас утуйан хаалар. Тыаҕа сылдьарга үөрүйэх быһыыннан сарсыныгар сөпкө соҕус туран,суунан - тараанан барарга бэлэмнэннэ. Ол сылдьан санаатаҕына,эһэни бултаһар баҕата өссө күүһүрбүккэ дылы,өйө - санаата эрдээх. Ыксаабакка хомунан,элбэхтэ сылдьыбыт суолунан өрүһүн диэки киирдэ. Афанасий хантан билээхтиэй: аны төннүбэт суолун батан иһэрин.
Кини тыа муоҕа чигдилэнэн тэпсиллибит омоон суолунан,хагдарыйан быйыл саҥа түһэн,сымнаҕас дьикти дьэрэкээн ойуулаах көбүөр курдук дэхситик тарҕаммыт сэбирдэхтэргэ сэрэммиттии үктэнэн баран истэ. Күһүҥҥүлүү уолбут өрүс уутун ньууругар сүүрүк устан илибирии долгуйар. Уус - уран тарбахтар биир тэҥник сарбыйбыттарыныы дэхси чыпчааллаах хойуу,намчы талахтар өрүс икки кытылын устун харах ыларын тухары сэлэлии үүммүттэр,түһэр тыалтан иҥиэттэн сипсиһэргэ дылылар. Талахтар кэтэхтэринэн,күнү - ыйы сабардыыр баараҕай тэтиҥнэр өрүһү өҥөйөн тураллар. Оол,ыраах хара тыа үрдүнэн ууллубут муус төбөлөөх Сунтаар сыгынньах суорба таас хайата килбэйэр,сикситэн ойон эрэр күн оонньуур сырдыгар сандаарар. Дьэ,бу абылаҥнаах кэмҥэ,сүүрүк санааны сынньатар биир кэм быстыбат тыаһыгар бигэппит,балыктыыр идэҕэ ылларбыт,күөгүһүт,бириэмэни билиминэ,барыны бары - өйүттэн түһэрэн,аһыыр чааһын аһаран,дьарыктанар дьарыга эрэ диэн: "мэҥиэ,күөгү дагдатар - күөгү, мэҥиэ..." Биһиги киһибит сөбүлүүр хонноҕор,сүүрүгү ыгар хара сыырдар анныларыгар тохтоон,күөгүлүү - күөгүлүү,ардыгар тыытыгар олорон,үксүгэр кытылынан соһон,ыксаабыт быһыыннан өрүһүн балайда өксөйдө. Бэҕэһээ кыылы көрбүт сиригэр тыытын кытылга состо. Бултаһар баҕалаах тахсан тыаны кэрийдэ,суолу - ииһи сибикилээтэ,тыаһы - ууһу чуҥнаата. Халыҥ тыа хаһаайына,сис тыа баараҕайын ким баайан турбута баарай? Бардаҕа эбээт. Аны кинини таба тайанан булбаккын. Хара тыаны кураанахха кэрийэн эрэйдэнимэ. Мантан чугас соҕус,сыккырыыр сүүрүктээх үрүйэчээн өрүскэ түһэр төрдүгэр аһыыр балык мустар,кэлэ - бара аалыҥныыр чүөмпэтэ баар. Афанасий бултуурун хаалларан,ити уруккуттан балыктыыр далайыгар чугаһаан,түмсүбүт хатырыктааҕы үргүтүмээри,үөмэн киирэн илиитин муҥунан уунан күөгүтүн элитэ бырахта. Күөгү кыра дьаакыра уу түгэҕин булуон да иннинэ тирэх бүөттэн кыһыллыбыт дагдайар бэлиэ тимис гына түстэ. Киһи күөгүтүн угун эмискэ үөһэ диэки охсон ылаат,күөрэтэн таһаарбыта,тос курдук ыарахан ыйааһыннаах дьарҕаа чыҥыыттан төлөрүйээри мөхсөн имиллэҥнии - имиллэҥнии соһуллан тахсыбытын,ыйыы тутан,кутуругун сытыы лапчааннарынан уу кырсын ыһыахтата тыырдаран,имигэстик мөҕөһүннэрэн бэйэтигэр чугаһатта,сэрэнэн илиитигэр ылла. Болҕойон көрдөххө,дьарҕаа ойуулаах буспут хааҥҥа дылы хараҥаран көстөр салыҥнаах көҕүстээх буспут анды сыатыныы араҕастыҥы өрөҕөлөөх хайа өрүһүн аатырбыт балыгын,сыа - сым курдук күндүтүк тутан - хабан күөгүттэн араарда. Санныгар иилиммит халыҥ бириһиэн суумкатыгар угунна уонна мөхсөрүн билгэлии - билгэлии салгыы балыктыы сырытта... Күөгүлүүр умсулҕаныгар баһыйтаран,бултуурун да умнан,аралдьыйбыт киһи өйүн - санаатын эмискэ муустаах ууннан сайҕаан ылбыттыы,чугас соҕус кэннин туһунан,сир аннынан туох эрэ суоһурҕанан ырдьыгыныыра иһилиннэ. Куттал илэ - бааччы суоһаабытын таайан,куйахата күүрбэхтээтэ,этэ саласпахтаата. Суостаах - суодаллаах ырдьыгыныыр дорҕоон киниэхэ туһаайыллыбыта чахчы.
Эһэ кэмэлдьитин эндэппэккэ билэр тыаһыкка:
Уола Коля бииргэ балыктаһа сылдьан дневник суруйара. Онон рюкзак сиэбигэр оскуола оҕото сурунар тэтэрээттэрин,харандаастары укта сылдьыбыта. Аҕата эһэҕэ убахтатан,кыаммат буола сытан,ол кумааҕыны,харандааһы булан,кэргэнигэр,оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолорун хас биирдиилэрин ааттарын ааттаталаан,быһылаан тахсыбыт күнүгэр суруйар: "Рюкзак сиэптэрин хасыһа сытан оҕом укпут тэтэрээтин, харандааһын уонна сиэркилэтин эмтэркэйин булан ыллым уонна манна тахсыбыт ынырык быһыыны эһиэхэ суруйан тиэрдэргэ быһаарынным. Таптыыр,убаастыыр, өр кэмҥэ бииргэ олорбут кэргэним,оҕоккооннорум барахсаннарым,бэйэм сыыһа быһыыланан өлөр - сүтэр күнүм бу тиийэн кэллэ быһыылаах. Эһэҕэ туттаран бу айылаах кыаммат буолан сытабын". Силиэстийэ ыытыллар кэмигэр рюкзак сиэбиттэн көстүбүт,балах хааҥҥа биһиллибит тэтэрээт илиистэригэр суураллар үөстээх харандааһынан адаархай буочарынан суруллубут суругу ааҕан быһаардахха: ытыллыбыт эһэ сулбу ойон кэлэн киһини тиэрэ көтөн хам баттаабыт. Киһи көмүскэнэн утары уунар илиитин,атаҕын ытыра - ытыра эһэ балай да илгиэлээбит,этин - сиинин онон - манан аһыылаах тиистэринэн хадьырыйталаабыт,икки илин баппаҕайдарынан сытар киһини бобута харбаталаабыт. Тыатааҕы күтүр ити быһыытынан абарбыт уораанын сатаан аһарымына,иэһин ситэрэн ситиһээри,быраҕыллыбыт тэллэхтии,утарыласпакка сытар өстөөҕүн бобо харбаан ылан,үөһэ быраҕа - быраҕа,тыҥырахтарынан убахтаабыт. Ардыгар үөһэ кыыраппыт киһитин ылбакка,соруйан туора ойон,тааска түһэртээбит. Онтон адьырҕа кыыл,бэйи,тугу оҥорбуппун көрүүм диэбиттии,хорус гына тохтуу түспүт. Киһи уонна кыыл! Киһи уҥуохтара тоһутталанан,былчыҥнара быһытталанан,сырдык тыынын былдьаһан,балай хааҥҥа биһиллэн,өрүс тааһыгар умса быраҕылла сыттаҕа. Модун киэптээх түөһүн сибиньиэс буулдьаннан тобулу ыттаран,күүскэ хамнаннаҕына хараҥатыҥы бөлүөх хаанынан тибиирэр аһаҕас баастаах адьырҕа уҥуохтара босхо баран титирии,түүлэрэ илибирии турдаҕа. Эһэ аны олоҕо манан бүтэрин,тыына быстара кэлбитин,илэ - бодо билэн,арыый кыахтаах эрдэҕинэ тыатыгар сырдык тыынын биэрээри,таптаан үөскээбит аар тайҕатыгар этин - сиинин харайтараары,киһини тыынын ситэ быспакка быраҕан,бу аан ийэ дойдуга сиппэтэх иэстээх быһыыннан салгыны хайа сотордуу эҥсиилээхтик часкыйаат,киэҥ - киэҥник буурдаталаан хара тыаҕа ыстаммыт.
Быстыбыт утахтаах туһахха атаҕыттан ылларан,мантан аны барбатын билэн муҥунан мөхсөр тайахтыы,быстар уһугар тиийбит сырдык тыынын көмүскээн тура,сыылла сатаан баран кыанымына,киһи салгыы суруйар: "...бааһырбыт эһэ миигин тааска хаалларан тыаҕа түспүтүн кэннэ, бааспын көрүннүм. Дьолбор эбитэ дуу,уҥа илиим,хаҥас атаҕым уҥуохтара бүтүннэр. Хамсыыллар. Хаҥас илиим,уҥа атаҕым олох кыаммат буоланнар ыйана,соһулла сылдьаллар. Уҥуохтара хастыы да сиринэн тостубут бадахтаахтар. Түөһүм,куйахам,ордук көхсүм уотунан даҕайардыы аһыйан ыалдьаллар. Маайкабын хайыта быһан тоһутталаммыт илиим,атаҕым аһаҕас баастарын үрдүнэн бобута баайан,сүүрэр хааммын тохтото сатаахтыыбын. Бодьуустаһыы бөҕөннөн илиим бааһыттан сүүрэр хааны тохтоттум диэххэ сөп. Төһө да бопсо сатаатарбын,атаҕым хаана тохтоон биэрбэт. Хааным баастарбынан төҕө бардаҕына,тыыным быстарын билэ сытабын. Оо,дьэ,олус да ис иһиттэн кырыктаах,өһүөннээх санаалаах кыыл буолар эбит. Ытырбахтыырын быыһыгар,тырыта тыытарын икки ардыгар,бобо харбаан ылан куоска оҕотунуу үөһэ кыыраппахтыыр...! Оҕолорум эр дьон буолан атаххытыгар турдаргыт эрэ,бука диэн,эһэлиин эрэ тыытыһымаҥ!" Муҥхаттан арахсан кытылга хаалбыт,далайга үнүөхтүүрүттэн сылбата быстыбыт балыктыы,үүнэр күн сырдыгар тардыһа сатыы сытар киһи өлүөр өйдөөх киһи суруйар: "Баҕар,дьон түбэһэ түһэн истэн чугаһыахтара диир баҕа санаабар,кыаҕым баарынан,күүспүн түмүнэн,силлибит айахпынан хаһыытыы сатыыбын,халлааҥҥа туһаайан,ытыалыыбын,ким кэлиэй? Туох истиэй? Саҥабын,саам тыаһын дорҕоонун өрүс күүһүн тыаһа ыраатыннарбакка симэлитэн иһэр. Дьэ,бу үлүгэрдээх техника,көтөр аал сайдыбыт ахан үйэтигэр ама,мин манна ыраах үрэх баһыгар харалтата суох сытыйан өлүөм дуо? Эрэлбин сүтэрэммин. Урут,самолеттар,верталеттар манан үөһэннэн ааһаллар этилэр.
Баҕар,мин дьолбор экспедиция,ойуур харыстабылын авиациятын биир эмэ көтөр аала аллараннан ааһан иһэн миигин бэлиэтии көрүөҕэ. Оччоҕо быыһанабын. Чаас аҥарынан балыыһаны буллараллар... Сырдык күн хараҥа түүнүнэн бүрүллэн бүтэринии,олоҕун олуйбут бу кэмигэр сылдьыбыт сырыытын сыаналаан,дьонугар суруйар: "...Күндүттэн күндү кэргэним,оҕоккоонноруом,бу кыаммат буола сыттахпына олорбут олоҕум бүтүннүүтэ хараҕым иннинэн кэлэн ааһар. Олох туһунан төһө өйдүүбүн да оччоннон тыыннаах хаалар баҕа күүһүрэр,санаам оонньуур. Хараҕым уута ытыллан хараастан ылаттыыбын. Олорбут олохпор,оо,дьэ,үҥэбин - сүктэбин,кэл эрэ,биирдэ эрэ. Эн мин дьолум,соргум,соһумар түбэлтэ буолаҥҥын быыһаа - абыраа!!! Миигин эрэн,аны атыннык олоруом! Эйигин, олоҕу,сыаналыам,ытыктыам!..". Эһэ тырыта тыытар,үөһэ кыыратар түгэннэригэр,хайдах эмэ гынан өйүн - санаатын эрэ сүтэримээри,өйүн - санаатын,күүһүн - уоҕун түмүммүт. Өссө кыанар,хамсыыр илиитин алдьаттарымаары,өстөөҕүттэн кистии сатаабыт. Ити түгэннэри ойуулаан,абарбыт - сатарбыт санаатын бэлиэтээбит: "Быыс булан өттүкпэр ыйаммыт кылыстыы саха быһаҕым тостубатах илиибинэн ыларга куруук дьулуһан өттүкпүн харбана сатыыбын. Оо,кырыыс,быһаҕым курбун батыһа ыраах кэннибэр сыҕарыйбыт. Илиим тиийбэт! Таба туппаппын! Оо,быһахпын илиибэр ылбыт буолбаппын ээ. Мин киниэхэ маннык айылаах сэймэктэтиэм этэ дуо?!.. Кыыһырбат - абарбыт адьырҕа өлөрүнэн саҥарар,ынчыктыыр муҥнаах хаһыытын тохтотоору эбитэ дуу: хаанынан аҕыммыт салыҥнаах айаҕын атан,ардьайбыт анаҕастарынан киһи сэҥийэтин хабан,икки иэдэстэрин силитэ сиэлийтэлээбит,тиистэрин бытарыталаабыт. Кэлин сиэркилэтин эмтэркэйин таһааран сирэйин көрүммүтэ - кэргэнин үтүө мөрсүөнэ иннигэр бу тиийэн кэллэҕэ. Урут өлүөр сылдьан хаһан да түөйэн көрбөтөх ыарахан санаалар өйүгэр охсуллан,таҥнары сабардаан киирбиттэр. Онон суруйар: "Доҕоччугуом,сиэркилэ үлтүркэйигэр сирэйбин көрүннүм,дьэ ынырык сэбэрэ. Айаҕым иэдэстэринэн кулгаахпар диэри силлибит,бытарыйбыт тиистэрим,сыҥаахтарым уҥуохтара килбэҥнииллэр. Мин олох урод буолбуппун...". Эрэллээх истиҥ доҕор диэн иккиэн этэҥҥэ күлэ - үөрэ сылдьар кэмнэринээҕэр,биирдэригэр эрэй - буруй эҥэрдэспит түгэнигэр доҕоро истиҥ сыһыантан илиитин уунан утары кэлэрэ буолуо дуо? Кини кыһалҕалаах күнүгэр доҕоругар бигэтик эрэнэн суруйар: "...Өскөтө,бу айылаах кэбилэнэн баран,ордор,киһи буолар дьоллоох буоллахпына,эн миигиттэн куота туттуоҥ суоҕа буолбаат?! Дьолбутун - соргубутун салгыы холбоон бииргэ сылдьыахпыт,оҕолорбутун дьон оҥортуохпут. Ааспыт сыллардааҕы кыра алҕастарбын бука диэн ахтыма,санаама". Күнүһүн күлэр - үөрэр күлүмнэс сырдык күннээх,кууһан бигиир салгыннаах,аралдьытар - саататар аламаҕай айылҕалаах,хотугу дойду күһүҥҥү тыйыс түүнүн хаҕыс тыына сытыйбыт чараас таҥастаах,сыккырыыр дууһатын,сэймэктэммит этинэн - сиининэн сылытына сытар эрэйдээҕи,оо,абырыа баара дуо? Үрэх сүнньүнэн үөһэттэн үрэр,эт сааһын аһар,улам олохсуйан күүһүрэр,тымныы тыал тохтообокко илбийэр,салгыны сайҕыыр. Улам сойон үөһээттэн эриллэн түһэр тымныы салгын быарынан сыылбыт киһини сиргэ саба баттыырга дылы. Олуур тыалга супту салатан тоҥор үрэх таастара сыгынньах этин мууһунан хаарыйаллар,. Оо,күһүҥҥү уһун түүн,кэтэспит санааҕа ааһан - араҕан биэриэ дуо? Уһунуон! Бүппэтиэн!
Ыас хараҥа халлааҥҥа чаҕылхай сулустар тымныыннан,ыарыыны эбэрдии чыпчыҥныы тыгаллар,санааны баттыырдыы сыламнаан ылаллар,күлүү - элэк гыммыттыы күлүмнэс буолаллар. Сарсыарда саҕахха им саһаран тахсыыта тыал уостар. Ол оннугар хантан да кэлбитэ биллибэт хаардаах хаһыҥ эмискэ түһэн кыаммат киһини сабыта охсор. Тоҥ тылынан салаан ылбахтыыр,титирэтэн илибирэтэр,тииһин таһыгыратар,этин - сиинин тэбээн эрэрдии ылыбыратар,дьигиһитэр. Сарсыныгар эбии суруйар: "...Түүнүн тоҥон,ойбонтон уулаабыт сылгылыы титириибин,сыҥаахтарым быстыбакка талыбырыыллар. Тоҥорум күүһүгэр ыарыыбын да умнабын. Аттыбар биэс хаамыы бадахтаах халаан уута аҕалан талахха сөрөөн муспут абырҕал мастара сыталлар. Онно сыыллан тиийэн кутаа оттор кыах суох. Утатан тыыным кылгаата,температурам тахсан этим - сииним уоттуу умайар. Аттыбар бу өрүс сүүрүгүрэр. Онно тиийэн уу сомсон иһэн утахпын ханнарар миэхэ кыаллыбат. Абаккабар, үнүөхтээн,уунаҥнаан көрөбүн...". Тэтэрээт лиистэригэр чааһа,күнэ ыйыллыбыт страницалартан ааҕан көрдөххө,босхоҥ буолбут киһи түөрт күннээх - түүн охтубут сиригэр халбарыйбакка сытан өлөр өлүүлүүн туруулаһан охсуспут. Ол былаһын тухары,дабыдаллара тостубут улуу көтөр кыыл үөскээбит үтүө салгыныгар дайарга дьулуһан кыаллыбат кынаттарынан сапсына ,охсуна сатырыыгар диэри,тыыннаах ордорго дьулуспут,хаалбыт күүһүн,өйүн - санаатын,быстан биэрбэт тыынын түмүнэн,сатаан олоххо тардыспат: "... Үөһээннэн АН 2 самолет ааста. Сүтүөр диэри тонолуспакка одууластым. Көрдөстүм. Сүгүрүйдүм. Төннөрүгэр баҕар,алларааннан аһыаҕа,миигин таба көрүөхтэрэ. Мин быыһаныам. Кыаммат буолан сиринэн сыыллыбыппын биллэрээри саабынан халлааҥҥа туһаайан ытыалаатым. Оо,бэйэм курдук биир эмэ соһумар сырыылаах балыксыт тиийэн кэлбэт да буолан!!! Миигин дьон - сэргэ "барытыгар табыллар дьылҕалаах киһи" дииллэрэ этэ дии. Ама ол дьолум,бу ынырык ыарахан күннэрбэр,илиитин утары ууммутунан манна кэлиэ суоҕа дуу? Эрэнэбин. Кэлиэҕэ. Быыһаныам. Тыыннаах ордуом. Кэтэһиҥ. Эдэр сааспар өлбөппүн...".
Атаҕын анныгар үктэлин сүтэрэн,салгыҥҥа ыйаммыт курдук сананан,эмсэҕэлээбитэ үһүс күнүгэр тыынын харыстыыр эрэлин сүтэрбит быһыыннан суланан - кэлэнэн суруйар: "...Адьырҕа кыылга тоҕо сааламмытым буолуоҕай? Сыыһа быһыыбар бу кэбилэнним. Ыппатаҕым буоллар,бултуур миэстэ былдьаһар тыа кыыла,тыатыгар барыах этэ. Илиилэрим,атахтарым уонна бэйэм дүлүҥ курдук истим. Ыраастаммат баастарым ириҥэлэнэн эрэллэр. Ардыгар уу чаккырас буола итийэбин,үксүгэр тулуйбаттык тоҥобун,ыарыы да баарын быһаарбат буолабын. Аны өйбүн сүтэрэн ыларбын билинэр буоллум. Мантан сэттэ уонча хаамыы сиргэ кытылга тыым тардыллан сытар. Бааһым итиитигэр тыым диэки сыыллыбатахпыттан бэйэм бэйэбэр хоргутабын. Баҕар тиийиэм этэ. Сиринэн сынан тиийэн,ханнык эрэ албаһынан тыыбар үҥкүрүйэн киирэн,кытылтан анньыммытым буоллар,быыһанар дьылҕа баар этэ. Оччоҕо сүүрүккэ оҕустаран улахан айан суолун кыратык да буоллар кыйа устабын,улахан муостаны аннынан барабын,кэлин метеостанция дьиэлэрин аттынан ааһабын. Ама ким эмит миэхэ таба тайаммат буолуо этэ дуо?
Сибилигин аҕай чэгиэн мастыы чиччигинэс эттээх - сииннээх,киэҥ - куоҥ санаалаах,кэтэһэр - манаһар элбэх иитэр кэрэ ыччаттардаах киһи,өлүөр өйдөөх сылдьан,кэтэһиллибэтэх соһумар түбэлтэҕэ түбэһэн тыынын көмүскэнэрэ,ордон хааларга талаһыыта,дьэ,туохха тэҥнээх буолуоҕай?! Суостаах - суодаллаах оҥоһуу аны ыыппат ытарчатыгар хаһан да төлөрүйбэттик хам ылларбытын ама таайбат буолуо дуо? Бу кый ыраах хотугу үрэх баһыгар хантан ким кэлэн киниэхэ быыһыыр - абырыыр илиитин уунуоҕай? Бу тымныы таас олбохтон сылаас ытыстарынан кинини өйөөн,көтөҕөн туруоруой? Тыын харбаһар ыар түгэнигэр кини олорбут олоҕо,сылдьыбыт сырыытын бары ымпыктара - чымпыктара хараҕын иннинэн,күөх халлаан кырсынан салгыҥҥа салайтаран суһаллык устар тумарык маҕан былыттардыы,кэлэн ааһыталыыллар. Кинини олох киэҥ аартыгар уһуйан кынаттаан көтүппүт төрөөбүт,ахтылҕаннаах сиригэр - буоругар тиийэр дьылҕата сарбыллыбытын ис дууһата дьиҥнээх дириҥ иэйиитин таайан истэҕин аайы кырдьаҕас ийэтэ олорон хаалбыт,биһиктии бигээн үөскэппит Дон өрүһүн налыар сүүрүгүн,күөх сирэм оттоох сибэкки киэргэллээх дэхси кытылын,тыалга муоралыы долгуйар синньигэс сэбирдэхтээх дохсуннук үүммүт отунан долгунурар,нэлэмэн иэннээх,итииннэн илбийэр самаан салгыннаах истибин саныыра. Сэдэхтик чөлүгэр төннөр,кэргэттэрин мөссүөнэ көрсөн ааһара,угуйара,дууһатын тууйара үксээтэ. Бу бохсулла сытан урут аахайбакка аһарар олоҕун күнүнэн устар үлэтин - хамнаһын,дьоҥҥо - сэргэҕэ сыһыанын,киниэхэ чопчу тирээбит ыарахан күннэргэ кыһайа тэҥнээн,дьиҥнээхтик ырытар,толкуйдуур,кээмэйдиир. Титирэс тарбахтарынан бэлиэ хаалларан суруйар.: "...Тыыннаах ордор соргулаах буолларбын,мин аны атыннык олоруох,сылдьыах үлэлиэх этим. Урукку өттүгэр төһө да ыраас суобастаахтык сырыттарбын,ырытан көрдөхпүнэ,олоҕум - дьаһаҕым,бар дьоҥҥо сыһыаным эриэнэ - дэхситэ элбэх эбит. Доҕоччугуом,оҕоккоонноруом,эһиги да иннигитигэр кыаллыах да курдугу элбэҕи ситэ - хото оҥорботохпун. Тыыным быстар кэмэ ыган кэлбитин таайабын. Өйбүн сүтэрэ - сүтэрэ суруйдум. Оҕолорум ийэҕитин өрүү таптааҥ,ытыктааҥ,тылыҥ толоруҥ уонна өйдөөх - санаалаах,дьоҥҥо - сэргэҕэ көдьүүстээх буола улаатыҥ! Аны мин иннибэр улахан оҕом эн,Коля хааллыҥ. Бырааттаргын,балыстаргын дьаһай. Ийэҥ эрэйдээххэ күннэтэ көмөлөс. Кырльаҕас соҕотох эбэҕитин тыыннааҕын тухары,бука диэн умнумаҥ. Ытатымаҥ - соҥотумаҥ! Барыгытын итиитик ууруубун. Быраһаайдарыҥ! Аҕаҕыт А.Васильев". Халлааҥҥа хара суордар халаахтыы көтөллөр. Тыаттан кыракый сиэмэхтэр быгыалаан көрөллөр. Оччолорго адьырҕаны сонордоһор бобуллубат этэ. Суруллубут тэтэрээт рюкзак сиэбигэр харандаастыын угуллубутун,быһылаан миэстэтигэр Лебедевтиин тахса сылдьан,булан аахпыппыт. Васильев олоҕун, сырыытын туһунан араас санаалар эргийэн киирэллэрэ. Эһэҕэ соҕотох киирэр кутталлааҕын бары билэллэр. Ардыгар итинник түбэлтэлэр тахсаллар. Булт диэн булт.
КУЙААР КИЭҤ ЭЙГЭТИГЭР ТАҺААРДА ВЛАДИЛЕН.
БҮЛҮҮ, КЫҺЫЛ СЫЫР.