Главная / Кэпсээннэр / Оҕо куйуурдуу турара
Добавить комментарий
оҕо куйуурду турара оҕо куйуурду турара
Халамнаайы мууһугар кырачаан баҕайы уолчаан оҕо ойбон алларан, аньньыытын тыаһа курдурҕаан- чыбырҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иһиллэ турара. Туртаччы тоҥмут сирэйэ улам-улам кытаран, тиритэн буруолаан барбыта. Оҕочоос барахсан итийэн-кутуйан, дьэгдьийэн-чэпчээн, дьэ, туттуута киирбитэ. Ойбонун алларда, уута оргуйда… Ойбоно түөт собону төлүтэ тэппитэ. Оо, оҕо барахсан үөрбүтүөн!
Куйуурун түһэрэн, маҥкытын кэтэрдэн, куойатын эргитэн куоҕаҥныы турбута. Уута курулуур, эргийэр-ытыллар, уолчаан куоҕаҥныыр. Куттаҕа ньүөлүйэн сүрэҕэ өлөхсүйдэ, аччыктаан сыҥааҕын уута чырылыы тэппитэ. Алаархай хараҕа, үөрбүт дьүһүнэ омуллан барбыта. Байааттаҥнаан, хаарга тайанна. Тоҥ мууһу тоһута ыстаата. Куттаҕа - тохтоото, хараҕа
сырдаата. Куйуурун ылбыта - уончака соболоох, үгүһэ төттөрү тахсыбыт. Оҕочоос эрэйдээх эмиэ куйуурун эргитэн куоҕаҥныы турбута, уута курулуур, эргийэр-ытыллар…
«Эбэккээм! Көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ахсааннаах… Үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ - үтэлээ! Үөрэнэн үрүҥ күн сырдыгын көрөргө бу үтэ булаары сордоно турабын… Бэс үөрэ мэлийдэ, тарбыт баранна… хара уу… хара уу - ааһымтыа… Миэхэ биир үөрэнэр сылбын бүтэрэн мүльчү түһэрим бэт улаххан наадалаах. Ол, үөһээ тахсарбар биир үрдүк кирилиэс. Үтэлээ, эбэккээм, үтэлээ! Үтүөҕүн төлүөҕүм: үлэһит- хамначчыт иннигэр охсуһуом… Эбэккээм! Хамначчыт-дьадьаҥы хараҕын уулара хаарга тохтубат, хабала айаҕар таммалыыр, хаччылаах куттаҕар кутуллар. Мин ону иэстэһиэм!… Соххор-доҕолоҥ соро-муҥа суолга тохтубат, сиргэ тимирбэт, солкуобай хаччынан кутуллан тойокко-хотукка, баайга-талаҕа айаҕар кутуллар. Мин ону төттөрү төлөтүөм!… Эбэккээм, үтәлээ! Биир сыллаах тахсыбыт дабайыым сууллара, дьэ, кэллэ - таҥнары курулаан аллараа үөдэҥҥэ, дьэбэрэ түгэҕэр түһэрим, дьэ, буолла! Өрүһүй, үтэлээ!» - диэн уолчаан эрэйдээх хараҕын сотторо.
Оҕочоос куйуурун эргитэн куоҕаҥныы турара… Ойбонун уута курулуур-эргийэр, ытыллар-дьалкыйар. Куттаҕа ньүөлүйэн, оҕочоос куттанан, куйуурун өрүтэ тардара… Үөһэ тахсаары, үрдээн иһээри, хамначчыт- дьадьаҥы буойуна буолаары - хара тыын быльдьаһан, оҕо куйуурдуу турара.
1936 с. 4/VIII