Кэпсээ
Войти Регистрация

Сааскы кэм

Главная / Кэпсээннэр / Сааскы кэм

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
09.11.2022 00:27
1k 2

Сааскы кэм Сааскы кэм Сааскы кэм

БЫРААППАР,
ДОҔОРБОР ӨССҮӨНТЭЙГЭ
АНЫЫБЫН.```

## МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
### АПТААХ ТЫЛ
_Кырдьаҕастан алгыһын ыл,
эдэртэн эйэтин ыл._

#### ИЙЭ
Микиитэ уол ийэтэ ыарытар. Сыҥаһа ыксатыгар сиргэ тэлгэммит окко үҥкүрүйэ сытан иэйэр-туойар. Микиитэ ийэтигэр дьулуһа сатыырын биир элэстэммит хатыҥыр эмээхсин ыыппат.

Эйиэхэ таҥара бырааты биэриэҕэ. Таҥараттан көрдөс,
диир ол эмээхсин. Таҥара быраат биэрээри гынарын «аҕала оҕус»
диэн дуу, «биэримэ» диэн дуу, Микиитэ хайдах көрдөһүөхтээҕэ
биллибэт. Қини ийэтигэр дьулуһарын эрэ билэр.

-Тоойуом, һыччыыйыам, кэлимэ, - диэн ааттаһар ийэтэ,
энэлгэнин быыһыгар. Онтон ытыырга да, ыллыырга да маарыннаабат соһумар саҥа өрө эһиэнньэхэйдэнэ түстэ.

Микиитэ мүччү көтөн, ийэтин аттыгар баар буола түстэ, окко
туох эрэ баҕайы булумахтана-булумахтана, сүр эрчимнээхтик чаҕаарыйар. Кини саҥалыын, бэйэлиин улаатан иһиэх курдук. Онтон
куттанан, Микиитэ өрө эккирии түстэ, икки илиитинэн сапсына-
сапсына өлөрдүү сарылаата.

Быраата Өлөксөйдүүн аан маҥнай ити курдук көрсүстүлэр.

Микиитэ, кини эһэтэ Молоох Миитэрэй, ийэтэ Сөдүөччүйэ,
ити омуннаахтык кэлбит Өлөксөй «Дулҕалаах» диэн нэһилиэк
уһуга ойдом хочоҕо ыал буолан сириэдийэн олороллор эбит.

Сөдүөччүйэ соҕотох эмиийдээх. Биирдэрэ, «абааһы сиэтэҕэ»
аатыран, иһээн-иһэн баран, ириҥэ буолан тохтубута үһү. Икки уол
соҕотох эмиийи кэриһэн эмэллэр. Микиитэ төгүлэ кэллэҕинэ,
Өлөксөй сараҥныы-сараҥныы өрө бэбээрэ түһэр. Соҕотоҕун кини
эрэ эмиэн саныыр быһыылаах. Тохтуо эбээ! Микиитэ өрүсүһэн
күүскэ оборбохтоэн хаалар. Өлөксөй аҥар хараҕын быһа симэн
барач, аҥарынан эрэ чолоччу көрөр эбээт. Ону ийэтэ: «Ити сааланыан баҕарар, кустаатаххына ыстааҥҥын тута сылдьыа» диэн Микиитэҕэ быһаарар. «Ы, сааланыан баҕарар ээ» дии саныыр Микиитэ уонна оҕотун сыллаан ылар.

Сөдүөччүйэ улахан уолун сиргэ түһэрэн баран, кыра уолун
томуйах тириитигэр суулуу суулуу, этэр:

- Борооскулаах ньирэй уолаттар миигин өлөрөргүтүгэр тиэртигит дии. Уолан эрэбин. Оччоҕо эһиги хайдах дьон буолаҕыт, доҕоттоор, бу?… Сордоох, сатаатар, киһи курдук икки эмиий-
дээх буолбаппын…

Хотоҥҥо «Харачаас» диэн соҕотох ынахтара тэпсэҥэлии турар.
Сөдүөччүйэ дьиэҕэ сылдьан ынаҕын кэтэһэр. Микиитэ уот кытыытыгар сыгынньах иһин ититэ турар.

Арай ынахтан туох эрэ сүрдээх улахан хара соҕотохто лүһүгүр
гына түстэ. Микиитэ сарылаабытынан ийэтин атаҕар кэтиллэ биэрдэ. Ону халбарыччы анньан кэбиһээт, Сөдүөччүйэ хотоҥҥо ыстанан киирдэ.

Уол сарылаамахтаан баран, бэрт сэрэҕинэн хотон диэки көрбүтэ, ийэтэ ынаҕын моонньун таптайа-таптайа, сэмэлиир:

- Хайа киһи туран эрэ төрүүр баҕайытай? Ээ, чэ өһүргэнэн
буугунаама, доҕэр! Оттон оҕоҕун Микиитэни куттаатыҥ буолбат
дуо?…

«Мин харачаас оҕото буолбатахпын; ийэм оҕотобун» диэн уол
өһүргэнэ саныыр, уонна оһох күлүн ытыһа-ытыһа талах олох маска кутан барар.
Ханнык эрэ хәйуу бытыктаах, чаҥкынаабыт оҕонньор сылдьан,
күлэ сала олорон, эттэ:

-Нохоо, ийэҥ төрөөбүт, ынаҕыҥ төрөөбүт, аны сотору эһэҥ
төрүөҕэ…

Микнитэ эһэтэ төрүүрүн кэтэһэр уонна, эрдэттэн билэр киһи
быһыытынан, ытыа суох буолан оҥостон сылдьар.

Биирдэ Микиитэ эһэтэ дьиэ таһыттан баадахыс гына түстэ,
кулун бэргэһэтин, таба саҕынньаҕын хастыы тардыталаан ороҥҥэ
элитэлээтэ уонна таһырдьа төттөрү ыстанан таҕыста. Таһырдьаттан тоҥ эти кыбынан киллэрэн дүлүҥ олох мас үрдүгэр уурда уонна сүгэтинэн үлтү кырбаабытынан барда. Микиитэ үс атахтаах төгүрүк остуолларын анныгар саһан хаалла. Тоҥ эттэр бырдаҥалыыллар, остуол анныгар кэлбиттэрин Микиитэ сулбу тардан ылан,
ытыһыгар үрбэхтээн баран, айаҕар угар. Кытыыта сиритэ барбыт
алган солууругар ыга симэн оҕонньор бэрт элбэх эти холумтаҥҥа
уурда, уотун тигинэччи оттон кэбистэ уонна аргынньахтаан бүк
түһэн олордо. Балачча буолан баран Сөдүөччүйэ уу баһан киирдэ.
Ыаҕастаах ууларын сүөкэтэлээн баран, сиргэ бырдаҥалаан сытар
эт бытархайдарын эргиччи көрдө.

- Хайа, оҕонньоор, бу туох буоллуҥ?

-- Санаам оонньоон…, Биһиги киһибит сураҕа куһаҕан.

- Тыый, - диэбитинэн Сөдүөччүйэ олоро түстэ.

Қинилэр тугу эрэ аргыый кэпсэтэллэр.

Микиитэ сиргэ бырдаҥалаабыт тоҥ эти итигэстээн тото сиэн
баран үөттүрэҕи миинэн оһоҕу тула сүүрэ сырытта.

Сөдүөччүйэ сирэйэ бүтүннүү уу буолбут, олус кытарбыт, Микиитэҕэ эргиллэн этэр:

- Нохоо, аҕаҥ өлбүт сураҕын истибиккэр бачча үөрдүҥ дуо?!

Микиитэ оннук сураҕы истэ илик, хаһан эрэ аҕалаахха дылы
этэ, эл ханна эрэ барбыта. Аҕата ханнатын, кимин кыни билбэт.

Эт сиир үөрүүлээх киэһээҕэ дьоно хайдах эрэ хомойбут курдуктарын дьиибэргии санаан, тохтуур.

Кэнникинэн быһаардаҕына, кини Дьөгүөрдээн диэн аҕалааҕа
баайдар эргинэр таһаҕастарын тиэйсэн Охотскайга барсар эбит.
Таба сылгылыы сылдьан кини тоҥон өлбүт сураҕа иһиллибит.
Соҕотох уолуттан маппыт хара соругар Молоох Миитэрэй «санаа-
та оонньоон», кыһыны туоруур атах аҥара эттэрин киллэрэн үлтү
сабаабыт эбит.

Онтон сааһыары биир киэһэ улахан үөрүү буолла. Атын киһи
өлбүт, Молоох уола тыыннаах үһү.

Дьиэ таһыгар киэҥ чалбахтар килэһэ сыталлар. Молоохтор
сүрдээх үгүс сүөһүлээх Бэһиэлэйэптэр диэн соҕотох ыалларын
сэргэлэригэр үгүс аттар баайыллан тураннар, дьулааннаахтык кылана түһээт, өрө кэҕийэн, сиэллэрин арбас гыннараллар. Микиитэ
чалбахха сүгэ олуктарын быраҕаттыы оонньуур.

Соҕуруу диэкиттэн биир киһи түргэнник хааман дьулуруйан
иһэр этэ. Ол киһи Микиитэҕэ чуо хааман кэллэ. Ынах этэрбэстэрэ ньылбы сытыйбыттарын чиккэччи тардыталаан баран сигэнэн
баайталаабыт, көхсүгэр куул сүгэһэрдээх, ыас хара сирэйэ тириппитин илдьиркэй суккунун сиэҕинэн туора соттор, онон-манан
ордуталаан хаалбыт тиистэрин ардьата күлбүт. Микиитэ дьиэтин диэки сүүрдэ. Киһи «Микиитээ!» диэбитинэн ойон кэлэн
уолу харбаан ылла да өрүтэ анньан күөрэҥнэттэ, бобута кууһан
сыллаата-уураата уонна көтөхпүтүнэн балаҕаҥҥа ойон киирдэ.
Микиитэ ийэлээх эһэтэ үөрэн өрө көтө түстүлэр, куулу сүөрэ
баттаатылар: биир килиэп, биир суу иҥиир, илбирийбит сон, «таба
баттаҕа» бэргэһэ уонна чиэппэр чэй баар эбит. Килиэл үрдүгэр
түстүлэр: маска ууран аҥарын сүгэнэн хайа охсон түҥэтиннилэр.
Молоох оҕонньор өлүү килиэбин ылан эргим ургум туган көрдө,
илиитэ салҕаластыы түстэ килиэбин остуолга төттөрү уура охсоот эттэ:

- Аны көрүөм диэбэтэҕим…

Оҕонньор ытаан барда. Микиитэ өлүү килиэбиттэн ойо ытыран
ылан эһэтин ичнигэр ууран кэбистэ. Килиэбин мыыннаҕа диэн быһаарда.

Хара киһи Микиитэлээх Өлөксөй аҕалара-Молоох уола Дьө-
гүөрдээн диэн эбит. Қини аргыстарыттан биир киһи тоҥон өлбүт.
Уола тыыннаах кэлбитигэр үөрбүт уоҕар хаһан да ытаабатах
оҕонньор ытаабыт эбит.

Дьөгүөрдээн чугас эргин бардаҕына барытыгар Микиитэни сүгэ
сылдьар. Аҕа диэн эмиэ биир тапталлаах киһи баар буолар эбит…
Ол киһи ыас хара сирэйдээх, онон-манан атыгыраабыт уһун тиис-
тэрдээх, уу-хаар баһа сылдьар бүлтээрийбит мөлтөх харахтаах,
Дьөгүөрдээн диэн ааттаах баадайбыт улахан киһи буоллаҕына-
олус күндү киһи буолар эбит…

Ол киһи, эргиччи турар тыалар араҕас өҥнөммүттэрин кэннэ,
хочо хордоҕоһугар турар хатыҥнар сарбынньахтаах саһархай сэбирдэхтэрин тэлээриччи түһэртии турдахтарына,-Микиитэ уонна
Өлөксөй диэн оҕолорун икки ньилбэгэр көтөҕөн олорон сыллаан
-уураан баран, кыһын ааспытын кэннэ кэлиэх буолан, ыраах сиргэ
айаннаан хааллаҕына, улахан хомолтолоох буолар эбит…

Сүөдэр Бэһиэлэйэп баай Якутскайтан Охотскайга тиэйэр таһаҕаһыгар хамнаска кэпсэтэн Микиитэ аҕата баран хаалла.

Микиитэ эһэтэ туһахтарын көрө барбыта. Ийэтэ балаҕанын сыбыы сылдьан, Өлөксөй ытаабытыгар дьиэҕэ киирэрэ буолла.

— Тоойуом, эн дьиэҥ таһыттан ханна да барыма.

— Сөп.

— Мин Өлөксөйү аһатан баран билигин тахсыам. Дьиэбитин
сыбыахпыт, сөп дуо?

— Сөп.

— Эбэҕэ киирэ сылдьаайаҥый…

— Сөп.

Микиитэ балаҕан кэннигэр соҕотоҕун хаалла. Эбэҕэ киирэр
чыычый. Эбэлэрэ -- киэҥ, холку Амма өрүс балаҕаннарын аннынан тэлгэнэ нэлэһийэ уста турар. Уҥуор халлааҥҥа харбыаласпыт
тиксиһэ хайалар күлүктэрэ ууга охсуллубуттар. Балаҕан аннынан эмпэрэ хара сыыр. Тэйиччи соҕуһунан «Бэһиэлэй ааттыга»
диэн сыыры сырыынньа хаһан оҥорбут киэҥ суол Аммаҕа киирэр.
Онно икки киһи олорор Молоохтор быыкаайык тыылара тумсуттан иирэҕэ баайыллан турар.

Эбэҕэ барар кэбис. Барбыт киһи… Баран тыыны көрө охсон
кэлбит киһи. Сүүрэн тиийэн ыраахтан көрүөххэ эрэ…

Микиитэ Амма кытыытыгар тыытын аттыгар баар буолан хаал-
ла. Бөлүүн уу кэлбит. Тыы аргыый-аргыый талбаарыйа турар. Амма томтойбут ортото күүстээх сүүрүгүнэн дьулуруйар. Кытыыга
чуумпу, иирэ хаппыт сэбирдэҕэ аргыый эргичийэ устар. Микиитэ
атаҕын тумсунан иирэ сэбирдэҕин өрө баста. Онтон атаҕынан
ууну туора хаһыйбахтаата. Онтон сототун ортотугар диэри киирэн,
төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Үлүһүйэн барда. Тыыга биллэҕэ түһэн, иһигэр киирэн биэтэҥнэтэ оонньоото. Төннэн тахсан, тыы
баайыллан турар нирэлэрин кырыылаах тааһынан илдьи сыста,
тииһинэн түһүстэ. Тоҕо? Ким билиэй… Балачча үлэлээбитин кэннэ
тыыта босхолонон үөрбүт-көппүт курдук дьондос гына түстэ. Уол
тыытын тумсугар хатаастан иһигэр киирээри мөҕүстэ. Тыы уолу
умсарыта тыытта, төбөтүнэн туора силэйбэхтээтэ, үөс диэки дьулуруйда. Уол тыы тумсуттан умса баттыы сатыыр. Онтон атахтарын хатыйа үктээт, ыһыктан кэбистэ да ууга кур гына оҕунна.
Соҕотохто күп-күөх буола түстэ. Өрө тарбачыһан эрэрэ да, биирдэ
өйдөнөн кэллэҕинэ, кытыыга тахсан кумаҕы матыччы харбаан сытар буолан хаалла. Олоро түстэ, ойон турда. Ол бу диэки көрүөлээтэ. Тыыта, тумсунан ойоҕоһунан буолбахтыы-буолбахтыы, үөскэ киирэн таҥнары устан даллайа турда. Арҕаалаабыт күн сардаҥата охсуллан, Амма үөһэ биир сиринэн ньолбоччу сырдык толбонунан оргуйан бырдьыгыныыр. Тыы тумса онно тиийдэ, ойоҕосторунан тунаархай буруолар үөмэхтэстилэр. Сибилигин умайан
күлүбүрүүрэ буолуо.

Микиитэ-э!
Ийэтин дьиибэтик холкутуйбут хаһыыта сыыр үрдүгэр иһилиннэ.

Уҥуор өрүтэ үөмэхтэһэн турар сүдү хайалар: «Туох даа?» диэн
киэҥник сөҥөдүйэн кэбистилэр; бэтэрээ эҥэргэ бүтэй маар тыа
«Ээ, суох!» диэн улгумнук аллараа сыҥаах буола түстэ. Микиитэ
үрдүк кытыан от быыһыгар саһан хаалла. «Бэһиэлэй ааттыгын»
таҥнары сүүрэр атах тыаһа иһилиннэ. Уол намтыы кирийэн кэбистэ. Сөдүөччүйэ таҥнары сүүрэн түһэн, тыы турбут сиригэр кэлэн
чугурус гынна. Онтон, оҕотун сүтэрбит таба салгыны сытырҕалыы
турарын курдук сэгэйбэхтээн, ол бу диэки олоотоото. Ыраах харааран эрэр тыыны көрөөт, кэннинэн чинэккэлии түстэ. Ыраас
хара харахтарын кэҥэттэр-кэҥэтэн дьиэгэниччи көрдө, иҥсэлээхтик нэмийдэр нэмийэн салгыны эҕирийбэхтээтэ. Ууга ыстанан кэбистэ, үрдүнэн сырдык бөдөҥ таммахтар өрө ыһылыннылар. Уу
түгэҕин суптурута көрүөлүү-көрүөлүү, икки илиитин иннин диэки
ууммутунан төттөрү-таары сүүрэлээтэ. Онтон уолун быһа үктүү
сыһан, тымныы ууну сирэйигэр саба ыһан, сыыры өрө сүүрэн
ааста. Түөһүн түгэҕиттэн эһитэ охсон түргэн түргэнник:-Микиитээ… һыччыай… Микиитээ! - диэмэхтиир, - бүдүрүйэн охто
-охто сыыр сирэйинэн төттөрү-таары сүүрэлээтэ. Онтон, арҕастыы
үүнэн лөглөйөн турар иирэ улаҕа өттүнэн эргийэ көтөн эрдэҕинэ,
Микиитэ мүччү түһэн куотар өйдөннө. Саспыт сириттэн ойон таҕыста, балаҕанын диэки тэбиннэ. Үөһэ иирэлэр төбөлөрө түрдэс
гыннылар, хаппыт лабаалар тостор тыастара хачыгыраата. Мэнигилээн алыстаатаҕына, чанчыгын тардаары ийэтэ эккирэтистэҕинэ, Микиитэ ырааҕынан куотан тэмэһийэр буолара. «Билиҥҥиттэн
ситтэрбэт, бэйи мунньан-мунньан баран кэпсэтиэхпит!» диэн буола-
буола, утары умнуллан иһэр этэ. Ол үөрүйэҕинэн уол эрэллээхтик түһэн кэбистэ. Уончата ойбото быһыылаах, ийэтэ саба күөдэллэнэн кэлэн аҥар илиитинэн туора харбаан ылла да, туохтан
эрэ былдьаан куотар быһыынан, сыыры өрө сүүрэн маҕыйда.

Сыыр үрдүгэр таһааран оҕотун туруоран кэбиһээт, икки харытыттан ыга харбаабытынан «лах» гына олоро түстэ.

«Ийаа, тыы бэйэтаа!» - диэн быһаарсаары гынан иһэн уол
ытаан марылыы түстэ. Ийэтэ кумах сыстан хатыыламмыт иньчэҕэй даба ырбаахытыгар бобо кууһан ылла. Хараҕын быһа симэн
баран, улам кытаатыннаран кууһа-кууһа, аргыый биэтэҥнии-биэтэҥнии сибигинэйэ олордо:

-Тыы бардыын-бардын ууга… Бардыын-бардын ууга тыы…

Өр олордулар быһыылаах. Микнитэ нухарыйан барда. Қүн
уотуттан Амма бырдьыгыныы оргуйа сытар сиригэр киирэн, тыы
холкутук умайан сандааран эрэргэ дылы.

- Бэйи, аны баайдарбыт халҕаһалыы анньан көһөн иһэллэр.
Дьиэбитигэр барыахха…

Микиитэ өйдөнөн кэлбитэ, соҕуруу тыа иһигэр сүөһү үүрэр
аймалҕан иһиллэр. Тыа саҕатынааҕы талахтар быыстарыттан ынахтар мулукуччуһан тахсан эрэллэр. Иньчэҕэй таҥастарыгар кумах
сыстан эриэн буолан бараннар Микиитэ ийэтиниин балаҕаннарыгар бардылар. Балаҕан иһигэр кыра оҕо ытаан бэбээрдэ.
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
09.11.2022 01:25

АПТААХ ТЫЛ

Өлөксөй уол үгүстүк ыарытар. Кини кыайан ытаабат, чыпчылыйбат буолуталыыр. «Бу түүн барыыһык… Оҕоҥ чугаһаабыт» дэһэн ботугураһаллар, Аҕыйах хонугунан оҕо сэниэтэ суохтук кыыкынаан ытыыр уонна сылаас сиҥэни айаҕар кутан биэрдэххэ ыйыстар буолан барар.

Астара суох.

Кириэн оттоох үөрэни сарсыарда иһэллэр. Бэс сутукатын ууга буһаран баран быыкаайык тооромос тары холбуу ытыйан, күнүс биирдэ аһыыллар. «Таҥара тугу биэрбитинэн» киэһэ аһаан утуйаллар. Таҥаралара үксүгэр сылбаххай чэйи эрэ биэрэр. Утуйдахха хоргуйбут биллибэт.

Микиитэ эбэтэ Баһыахтыыр Балбаара, наһаа күүстээх, уот тыллаах эмээхсин баайдарга хамначчыт, туспа олорор. Қини сорҕотугар көрдөһөн, сорҕотугар «ыйыппакка ылан», кырбас эти эбэтэр быыкаайык тоҥ үүтү дөрүн-дөрүн ыытар. Оччоҕо күннүүллэр.

Үүттэн быһаҕынан эмти охсон ылан сылаас ууга суурайан ыалдьар оҕолорун эмтииллэр уонна Микиитэ чэйигэр үрүҥнүүллэр. Ол курдук өлүөхчэ өлбөккө сылдьан Өлөксөй хааман түерэҥэлээтэ. Онтон «тимэҕэ сөллен» уол улам килэрийэн-молоруйан улаатан истэ.

Сылдьыбыт эрэ дьон бары кинилэр балаҕаннара кыараҕаһын, куһаҕанын сөҕөллөр, хайдах сатаан олороллорун бэккиһииллэр.

Микиитэ онтон өһүргэнэр. Балаҕана үчүгэй. Дүлүҥ мастары сүгэнэн хайыталаан баран, суорбакка туруору кэккэлэппит саркаахтаах ойоҕоһугар киһи илиитэ бааһырар уонна алдьаммытынан иилистэ-иилистэ таҥас тырыттар. Ол эрэ куһаҕан.

Балаҕаннара үчүгэй. Өссө быйыл Эрдэлиирдэр дьукаахтаахтар.

Балаҕаны туора дьон биирдэ хайҕаабыттара. «Буоста нууччатын» кытта Мэхээлэ уонна Киргиэлэй Дьөгүөрэптэр уонна хас да атын мааны сахалар биир киэһэ балаҕаҥҥа туола түстүлэр.

Олорботулар.

Үгэс быһыытынан: «Тугу иһиттиҥ?» дэсиһии кэнниттэн Мэхээ- лэ Дьөгүөрэп эттэ:

-Сөлүөччүйээ, бии үнүргү иһит арыгыгын бу тойоҥҥо биэр. Иһиэҕин баҕарар. Төлүөҕэ.

Сөдүөччүйэ сүр улгумнук таһырдьа таҕыста.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
09.11.2022 02:50

Кунду аагааччы, салгыыта тахсан иьиэгэ.👍🤗

Добавить комментарий