Главная / Кэпсээннэр / Күүстээх Балбаара
Добавить комментарий
Саввинова Варвара Степановна-Балтараа Балбаара. Маамыра эмээхсин соҕотох кыыһа. Балбаара төрүт Хорула. Тас көрүҥэ уһаат курдук,моонньо саннын кытта күдүс түһэр,харылара кырыылаах, холун былчыҥа сутуругун тутуннаҕына балдар курдук бөлтөрүһэн тахсаллар,туох да киһитэ ону хомуру туппат эбит. Муҥура суох күүстээх дьахтар олорон ааспыт эбит Хорулаҕа. Былыргы ыал бэнсиин буочукутуг тэһэн уу буочукута кынар ону билэн көрбөккө аҥар илиитинэн тутан хомуоһу сыҕарытар курдук тутар хабар тарбахтара оннук иҥиирдээх дэгиттэр кыахтаах дьахтар. Арай биирдэ быраата Чоҕуллай Ньукулай Өрүүнэ уола эппит."Маспыт бүттэ эдьиэй биир массыына дьиэҥ таһыгар бэлэмнээр эрэ "-диэбит. Ону быраатын "күүһүмсүйэҕин да маскын бэлэмнэммэккин"- диэн сэмэлээн баран сөбүлэспит. Дьэ туран тыраахтарынан оһорбо бөҕөнү состотторбут дьиэтин таһыгар. Ону начаас дуруусбаннан эрбэтэн бэлэмнээн баран быраатыгар илдьиттээбит. "Бэлэмнээтим маскын,кэлэн тиэн"-диэбит. Ону тиэйэ суоппар Туола куруусчутунаан Додохоптуун уонна Чоҕуллай бээтэ кэлбиттэр. Уаз бортобойунан. Ол курдук айаннаан кэлэн эдьийигэр биир көлүһүөк кэһиитин киллэрэн биэрбит. Ону эдьийэ ылан оронун баһыгар уурунан кээспит. Кэлбит дьон чайдаан баран мастарыгар тахсыбыттар. Тахсан өөр баҕайы буолан баран улаханнык илистибит дьон киирэн сынньана олорбуттар. Ону көрөн Балбаара "хайа барытын тиэйдигит дуо?"-диэбитигэр Чоҕуллан "ээ эдьиэй барытын тиэйээн "-диэбит. Эбэн эппит "кыайарбытын тиэйэ сатаатыбыт"-диэбит. Балбаара ону " баҕайы тугу этэриҥ буолла "-диэн баран таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Онто били маһын төбөлөрүн эрэ тиэйбиттэр уонна били оһорболорун төрдүлэрэ сыталлар үһү. Буочуку саҕа лэкэчиктэр. Туох да ыатарбат ыархан мастара, ону таах ыла ыла борта үөһэ тамнаан кээспитэ массыыналара ньахчас кына түспүт. Үс эр бэрдэ кыайбатах лэкэчиктэрин билэн көрбөккө тамнаабыт. Онтон дьиэҕэ киирэн быраатын мөхпүт "күүһүмсүйэриҥ бэт дии ити бөдөҥ маһы тоҕо хааллардыҥ дьэ"-диэбит. Били дьон сып сап чайдаат тахсыбыттара били мастара массыыналарын үөһэ өрөһөлөнөн турарын көрөн саллыбыттар. Ону Чоҕуллай эппит "ити эдьийим миигин үтэн анньан көрөр быһыыта, соруйан итинник бэлэмнээбит"-диэбит үһү. Ити курдук күүстээх уохтаах дьахтар Хорулаҕа үөскээн төрөөн олорон ааспыт эбит. Ол ити биллэрбэккэ бараахтаабыт . Эргэ Дьабыга дьиэ таһыгар икки модьу тиит чөҥөчөктөрө баар этилэр.Олор кэлэр барар сырыыны дьону мэһэйдиир этилэр. Дьоннор олору туура сатаан баран кыайбаттар этэ. Онтулара биир күн түөрэ буордары сыыстары түөрэ олуллан тахсан киэр эһиллэн сытарын көрөннөр соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыттар. Булгу Балбаара үлэтэ буолуо диэн сэрэйбиттэр. Икки куул хорукумуоруну икки өттүгэр кыбынан баран тоҥ күөс быстыҥа онно оннук кыбыммытынан туран кэпсэтэр оннук иҥиирдээх киһи. Кэлин Чаппандаҕа көһөн онно көмүс уҥуоҕа хаалта. Ийэтэ Маамыра кыра баҕайы эмээхсин этэ. Лэппиэскэтэ минньигэһэ бөҕөө,оҕоҕо халыҥ арыылаан биэрэр этэ. Биһиги дьоммут суохтарыгар Маамыра лэппиэскэтин элбэхтэ сиэбиппит буолуо ээ.
Хорула