🌿 КЫЫЛ ТИМИРБИТ ТҮРҮЛҮӨНЭ.🌿
Главная / Кэпсээннэр / 🌿 КЫЫЛ ТИМИРБИТ ТҮРҮЛҮӨНЭ.🌿
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
2 ЧААҺА.
"Маннык эрэйтэн - муҥтан хайдах быыһаныахха сөбүй? Ити туох да кыһалҕата суох көтөн тырыбыныы сылдьар чыычаахтар курдук көҥүл - босхо барбыт киһи баар ини!" - болуокка сытар киһи иһин түгэҕиттэн ыараханнык ынчыктаан ылла уонна умса эргиллэн эргэ бараан бэргэһэтин үрдүгэр төбөтүн түһэрдэ... 1956 сыл. Депутатскайдааҕы хорҕолдьуну хостуур бириискэ саҥа аһыллан үлэлээн эрэр кэмэ. Дьааҥы өрүстэн онно тиийэр массыына сылдьар суолун тутуута Эһэ Хайаттан уонунан тыһыынча хаайыылаахтары сатыы үүрэн аҕалан күүстээх үлэҕэ умса аспыттара. Суорба таас хайалары быыһынан кус оһоҕоһун курдук эрийэ - буруйа барар сүүһүнэн көс усталаах суолу аҥаардас хойгуо уонна күрдьэх көмөтүнэн тутуу илии ыарахан үлэтин,быстах,куһаҕан олох - дьаһах усулуобуйатын,ыгыы - түүрүү,кырбааһын уонна араастаан накаастааһын быһыытын майгытын кыайан тулуйбакка элбэх хаайыылаахтар суорума суолламмыттара,суор тураах аһылыга буолбуттара. Ол саҕана "биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай,биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй?" - диэн быстах санааннан салайтаран хатыылаах боробулуоханнан төгүрүтүллүбүт лааҕырдартан мүччү туттаран куота сатыыр хаайыылаахтар эмиэ бааллара. Ол эрээри кинилэр сүүһүнэн көстөөх эргимтэ иһигэр киһитэ - сүөһүтэ суох адаар таас хайалар быыстарынан кыайан барбаттара. Үгүстэр аччыктаан,тоҥон - хатан,сылайан элэйэн,киһи аатыттан ааһан лааҕырдарыгар төттөрү кэлэллэрэ,онтон атыттар суола - ииһэ суох кый ыраах сиргэ тиийэн,мунан уонна аччыктаан сору - муҥу көрөн өлөллөрө. Киһи санаата күүстээх,көҥүлгэ талаһар баҕата улахан. Ол да иһин буоллаҕа,Чондоон үрэх кыракый сүүрүгэ кыракый болуот үрдүгэр утуйар - утуйбат икки ардынан сытар икки киһини доллоһута уһааран уйаара - кэйээрэ биллибэт киэҥ нэлэмэн туундара хайысхатынан биллибэт сиргэ - дойдуга илдьэ истэҕэ...
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
3 ЧААҺА.
Ити кэмҥэ бу үрэх алын сүүрүк үрдүк кытылыгар турар Тумат нэһилиэгин салалтатын аатыгар Депутатскайдааҕы хорҕолдьуну хостуур бириискэттэн суһал телеграмма кэлбитэ. Онно Уус - Куйга - Депутатскай массыына сылдьар суолун тутуутугар үлэлиир ыарахан буруйу оҥорбут икки хаайыылаах харабыл саллааты өлөрөн,автоматын ылан баран Чондоон үрэҕи таҥнары куоппуттарын,кинилэри тутарга суһал дьаһалы ылар туһунан суруллубут этэ. Ону тутан баран "Ленин" аатынан холхуос бэрэссэдээтэлэ Н. К. Докторов бөһүөлэктэн чугас эргин олорор балыксыттарга,булчуттарга,сүөһүнү көрөөччүлэргэ уонна таба ыстаадаларыгар сэрэнэллэригэр,хаайыылаахтар тустарынан туох эмэ сибики билиннэҕинэ Тумакка суһаллык биллэрэллэригэр дьаһал биэрбитэ. Бириискэттэн куоппут хаайыылаахтар өр күүттэрбэтэхтэрэ,Чондооҥҥо түһэр Додомо үрэҕин төрдүгэр олохсуйан олорор балыксыт Н. Н. Горохов (Сахачаан) туруорбах балаҕаныгар болуотунан икки нуучча устан кэлбиттэрэ. Кинилэр сыыр үрдүгэр турар дьиэҕэ тахсан олохтоох киһиттэн ону - маны ыйыталаспыттар эрээри,нууччалыы биир да тылы билбэт балыксыт хоруйдаабатах. Ол эрээри кини эрдэттэн сэрэтиллибит буолан,бу кимнээх кэлэн кини иннигэр туралларын сонно тута сэрэйбит! Чаанньыгын оһоххо оргута туруорбут уонна эһигини билигин сибиэһэй балыгынан аһатыам диэн илиитинэн - атаҕынан далбаатанан быһаарбыта буолбут...Эппит тылын итэҕэтээри кинилэр көрөн турдахтарына туорай маска куурда ыйаабыт илимин ылан тыытын иннигэр уурбут. Кэлбит "ыалдьыттар" дьиэлээх хаһаайын дьиҥнээхтик балыктыы бараары гынна диэн тохтоппотохтор.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
4 ЧААҺА.
Николай Николаевич күрүөйэх хаайыылаахтары муннаран,тыынан үрэх үөһэ өттүнээҕи тоҕойу эргийэ устубут уонна дьоно көстүбэт буолбуттарын кэнниттэн тыытын кытылга өрө тардан баран,абыраллаах хара тыатыгар ыстаммыт. Кини Кыыл Тимирбит учаастагар баар сүөһү ферматыгар тыын быһаҕаһынан тыынан тиийэн ыҥыырдаах аты уларсыбыт уонна быһалыы суолунан Тумакка тэптэрбит. Сотору кэминэн бөһүөлэккэ кэлэн холхуос салалтатыгар балыктыыр сирин дьиэтигэр күрүөйэх нууччалар үрэҕинэн устан кэлбиттэрин кэпсээбит. Ону истээт да,Никита Константинович кулууп сэбиэдиссэйэ А. Г. Гороховы уонна сылгыһыт И. И. Слепцову (Капыы) кытта бойобуой карабиннарынан сэбилэнэн,икки атынан хаайыылаахтар тохтообут сирдэригэр барбыттар. Кинилэр аара суолу чинчийэн,сэрэнэн айаннаан киэһэ хараҥа буолуута Чөмөө оҕонньор туруорбах балаҕаныгар тиийбиттэр. Аттарын тэйиччи баайан баран синньигэс ыллык суолунан,онтон үрэх сыырынан хаххаланан хааман дьиэҕэ чунаһаабыттар.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
5 ЧААҺА.
Балаҕан аана үрэхтэн быган тахсарга уун - утары турара, - кэпсиир А. Г. Горохов. - Хаайыылаахтар,баҕар,биһиги кэлэн иһэрбитин эрдэттэн билэн саһан сыталлара буолуоҕа диэн диэн сэрэхэдийэн,дьиэҕэ сонно тута киирбэтэхпит. Кылгас сүбэлэһии кэнниттэн салайааччыбыт Н. К. Докторов миэхэ үрэх сыырыттан быган туран балаҕан аанынан киһи тахсарын кэтиирбэр сорудахтаабыта. Онтон кинилэр иккиэн үрэх кытылыгар киирэн дьон суолларын хайыахпыт,хайа диэки барбыттарын сылыктыахпыт диэбиттэрэ уонна ыас хараҥаҕа киирэн сүтэн - оһон хаалбыттара. Мин дьиэ иннигэр соҕотоҕун туран,баҕар хаайыылаахтар сулбу ойон тахсыахтара диэн испэр улаханнык дьаархаммытым. Онуоха эбии,били Сахачаан дьиэтигэр хаалларбыт ыта хойуу талах иһигэр кутуйахтаан хачыгырыыра эбии кутталы үөскэтэрэ. Сотору кэминэн үрэх кытылыгар киһи суолун көрө киирбит дьон кэлбиттэрэ уонна тыаһа - ууһа суох үөмэн тиийэн дьиэ аанын икки өттүгэр сааларын бэлэм туппутунан турбуттара. Ол эрээри балаҕан иһигэр киһи баар сибикитэ биллибэтэҕэ. Онтон эр ылан сылгыһыт И. И. Слепцов дьиэ аанын тэлэччи арыйбыта.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
6 ЧААҺА.
-Бэриниҥ! Тахсыҥ! - диэн Никита Константинович нууччалыы хамаандалаан сатарыппыта. Онуоха эмиэ ким даҕаны хардарбатаҕа. Ол кэнниттэн хорсун - хоодуот сылгыһыт уол дьиэ иһигэр көтөн түспүтэ. Онно ким да суоҕа. Остуол ортотугар быһаҕынан дьөлө хараҕаламмыт сурук сытара." Биһигини эккирэтимэҥ! Ону истибэтэххитинэ маннык көрсүөхпүт!" диэн арыы - сыа иҥмит кирдээх кумааҕыга куһаҕан уһуктаах харандааһынан суруллубут этэ. Н. К. Докторов сылгыһыт уолу Кыыл Тимирбит учаастагар баар сүөһү ферматыгар ыыппыта уонна онно баар дьоҥҥо мантан барбыт хаайыылаахтар тиийиэхтэрин сөбүн сэрэтэригэр,кинилэр тустарынан туох эмэ сурах иһилиннэҕинэ суһаллык Тумакка биллэрэригэр соруйбута. Никита Константинович бөһүөлэккэ тиийэн саҥа чэйдээн бүтэн эрдэҕинэ били илдьиккэ ыыппыт И. И. Слепцова ахсым атынан түөрт атах түһэрэн ойутан кэлбитэ. "Күрээбит хаайыылаахтар Кыыл Тимирбит учаастагар кэллилэр. Мин саабын атым ыҥыырын анныгар кистээн уктан сылдьар буолан,кинилэри ытыалаан кэбиһиэх диэн эппиппин,кырдьаҕас Е. Н. Слепцов (Түүчээн) сыыһа - халты тутуннаххына барыбытын кыргыахтара диэн буойан тохтотто. Хаайыылаахтар бөһүөлэккэ миигин батыһан кэлиэхтэрэ диэн,сүппүт сылгылары көрдүү барбыт аатыран суолбун муннаран,атын сиринэн эргийэн манна кэллим", - диэн кини холхуос салалтатыгар кэпсээбитэ.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
7 ЧААҺА.
Ону истэн баран нэһилиэк салайааччылара хаайыылаахтар Тумат диэки туһаайыыны тутуһан иһэллэрин билбиттэрэ уонна бөһүөлэк иһинээҕи улахан дьонтон,оскуола учууталларыттан уонна үрдүкү кылаас оҕолоруттан сүүмэрдээн Чондоон үрэх үөһээ өттүгэр тоһууру оҥорорго быһаарыы ылыммыттара. Онно армияҕа биэс сыл сулууспалаан кэлбит С. К. Горохов (Саллаат Сэмэн),оскуола директора К. К. Санников уонна эдэр учуутал Н. В. Томскай көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Кинилэр үрэх сүүрүгүн үөһэ өттүгэр көстөн ордук сиргэ баар Муустаах Таалаҕа баран түүнү быһа тоһуурга олорбуттара. Бу бэйэтин туһугар,урукку өттүгэр тыыннаах киһини утары сааны туппатах эдэр дьоҥҥо улахан эппиэтинэстээх уонна кутталлаах дьыала этэ. Ол эрээри ити түүн этэҥҥэ ааспыта,күрүөйэхтэр Тумат чугаһыгар кэлбэтэхтэрэ. Ити кэмҥэ бөһүөлэккэ таба ыстаадаларыттан оскуолаҕа үөрэнэр оҕолору киллэрэ диэн ас - үөл атыылаһа уонтан тахса уучахтаах бостууктар кэлбиттэрэ. Никита Константинович кинилэртэн саамай эрэллээхтэрин,хорсун санаалаахтарын уонна нэһилиэк иһинээҕи советскай - партийнай үлэһиттэртэн талан,хаайыылаахтары тута барар 12 киһилээх бөлөҕү тэрийбитэ. А. Г. Горохов (Күдэн),олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлэ И. Н. Горохов (депутат Уйбаан),биэлсэр И. С. Слепцов,эдэр табаһыт М. Г. Томскай уо.д.а киирбиттэрэ. Кинилэргэ "Холбос" ыскылаатыттан оҕунуохтуун сылдьар саҥа карабиннары уонна ботуруоннары биэрбиттэрэ.
- Биһиги Кыыл Тимирбит учаастагар түүҥҥү хараҥа иһинэн барбыппыт, - диэн кэпсиир ити быһылаан быһаччы кыттыылааҕа Н. К. Докторов - хаайыылаахтар ынах ферматыгар баар дьону өлөртүөхтэрэ диэн тиэтэйбиппит,онон кинилэр утуйа сыттахтарына тиийэргэ быһаарыммыппыт. Биһиги сөпкө дьаһаммыт этибит.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
8 ЧААҺА.
Халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ сүөһүнү көрөөччүлэр олорор сирдэригэр тиийбиппит. Тэйиччи тохтоон табаларбытын ойуур иһигэр баайан хаалларбыппыт. Дьон сайыҥҥы тордоххо олороллоро. Онтон чугас соҕус кыра балаакка тардыллан турара. Биһиги хаайыылаахтары онно утуппуттар быһыылаах диэн сонно тута сэрэйбиппит. Ол эрээри автомат саалаах күрүөйэхтэргэ турбутунан утары хааман киирэртэн саллыбыппыт. Ол иһин мин балаакка иннигэр сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ кыра хотоол баарын бэлиэтии көрбүтүм уонна онно сүүрэн тиийэн сытарга,хамаанда бэриллиэр диэри сааны эспэттэригэр дьаһал биэрбитим. Уон икки киһи ыйыллыбыт сиргэ биир тыынынан түһүммүтэ. Ол түүн улахан тоҥоруу буолбут этэ. Онон тоҥмут сир үрдүнэн эрэһиинэ саппыкылаах уонча киһи сүүрбүтэ бүтүн атыыр үөрэ лиһигирээн ааспытын курдук иһиллибитэ. Оннук улахан тыастан - уустан уһуктубут ,баҕар,букатын да утуйбакка кулгаах иччитэ буолан сыппыт тордох хаһаайына Е. Н. Слепцов аанынан былтас гынан,балаакка диэки тарбаҕынан хаста да ыйан баран төттөрү мэлис гыммыта. Ити кэмҥэ балаакка иһигэр утуйа сытар дьон уһуктан таҥас нөҥүө хамсыыллара биллэн,үөһэ - аллара үөмэхтэһэн киирэн барбыттара. Онуоха мин: "Тахсыҥ! Бэриниҥ!" - диэн нууччалыы хамаандалаабытым.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
9 ЧААҺА.
Сотору буолаат балаакка аанынан саа уоһа чолоҥнообута,онтон эстэн түптэ саалла түспүтэ. Сонно тута хотоолго кирийэ сытар дьонум туох да хамаандата суох,өрө үллэҥнии турар балаакканы ытыалаан куһуйбутунан барбыттара. Ити түмүгэр биир хаайыылаах саа буулдьатыгар таптаран тыына быстыбыта,онтон атына аҥаар илиитин тосту ыттаран бэринэргэ күһэллибитэ. Биһиги тутуллубут хаайыылааҕы илиилэрин кэдэрги кэлгийэн баран,тордоххо атах сыгынньах киллэрэн,икки харабыл ыккардыгар олордубуппут. Киһибит табахтаары гынным,онон илиибин сүөрүҥ диэн көрдөспүтэ. Онуоха А. Г. Горохов сүбэтинэн илиитин босхолообокко,табаҕы уматан баран айаҕар укпуттара. Онтон киниэхэ атаҕын таҥаһын кэтэрдэр саҕана эмиэ А. Г. Горохов ыйыытынан саппыкы иһин бэрэбиэркэлээн уһун синньигэс саха быһаҕын булбуттара. Өскөтүн тутуллубут нуучча көрдөһүүтүн толорон илиитин сүөрбүппүт уонна саппыкытын иһин көрбөтөхпүт буоллар,киһи оһоллоох быһылаан тахсыах эбит. Кэннэки хаайыылаах бэйэтэ быһахпын ылбытым буоллар,муҥ саатар хамандыырдарын анныбар баттаан баран өлөр санаалаах этим диэн билиммитэ.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
10 ЧААҺА.
Күрүөйэхтэр иккиэн киһини өлөрөн 10 уонна 15 сылга хаайыыга ууруллубуттар этэ. Тутуллубут киһи сиэбиттэн Лаптевтар муораларын картатын булбуттара. Кинилэр Тумат бөһүөлэгин таарыйан оскуола учууталларын пааспардарын халыыр,аара суолларыгар олорор булчуттары өлөрөн өйүө ас - үөл булунар уонна муораннан ааһар хараабылларга олорон дойду улахан куораттарыгар барар былааннаах эбиттэр. Ол иһин Кыыл Тимирбит учаастагар үлэлиир дьахталларга алаадьы уонна лэппиэскэ буһартарбыттар. Баралларын саҕана сүөһү көрөөччү Е. Н. Слепцову уонна сылгыһыт И. И. Слепцову өлөртөөн аттарын уонна сааларын ыларга сүбэлэспиттэр. Тутуллубут хаайыылааҕы оройуон киинигэр Хаһааччыйаҕа хас да харабыллаах илдьибиттэрэ уонна милицияҕа туттарбыттара. Ити иһин Депутатскайдааҕы хорҕолдьуну хостуур бириискэ салалтатыттан Тумат олохтоохторугар махтал сурук уонна харчыннан ботуччу бириэмийэ кэлбитэ. Ону кутталлаах хаайыылаахтары тутууга көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоҥҥо түҥэппиттэрэ. Ити курдук синнэригэр түспүт ыарахан буруйдаах хаайыылаахтар туундара дьонугар - сэргэтигэр үгүс өлүүнү - сүтүүнү,халааһыны оҥорон улахан алдьархайы таһаарар былааннаахтарын Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа гвардия лейтнана Н. К. Докторов быһаччы салалтатынан Тумат бөһүөлэгин хорсун -хоодуот булчуттара уонна табаһыттара тохтоппуттара.
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
Куйаар ситимигэр таһаарда ВЛАДИЛЕН.
Б Ү Т Т Э.
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Содержание
Сэмэн Слепцов - Тумат Уола.
СЭҺЭН.
1 ЧААҺА.
...Уһук Хотугу сир күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥа түүнэ саба бүрүүкээн турар. Бытааннык устар былыт быыһынан саҥа төрөөн эрэр эдэр ый сүтэ - сүтэ көстөн ааһар. Уһун синньигэс тииттэр күнүскү күүстээх тыал сабыта охсоруттан сылайбыттыы лабааларын намылытан тыаһа - ууһа суох иһийэн тураллар. Арай халлааҥҥа харбаспыт үрдүк хайалар быыстарынан эрийэ - буруйа сүүрэр үрүйэлэртэн саҕаланар дохсун сүүрүктээх Чондоон үрэх уута харгыга охсуллан биир кэм чурулуур - чарылыыр. Эмискэ эргийэ көтөр чугастааҕы тоҕойтон аҕыйах бэрэбинэттэн таҥыллан оҥоһуллубут кыракый болуот үрэх сүнньүн тутуһан доллойо устан таҕыста." Хайа,бу тугуй,туох харааран иһэрий?"диэбиттии, соһуйбут түүҥҥү чыычаахтар талахтар быыстарынан көтөн тилигирээтилэр. Ону истэн буоллаҕа,устан иһэр болуоттан бар түү бытыктаах,арбаҕар баттахтаах төбө өндөйөн көрөн баран,киһи дьиксинэрэ суоҕун билэн хат сытан хараҥаҕа сүттэ. Бу кыайан утуйбакка хараҥа түүнү харахтанан сытар киһини ханна барабыт,хайдах буолабыт,иннибитигэр туох күүтэрий диэн хараастыылаах санаа - оноо үүйэ - хаайа тутар. Кини эмиэ көннөрү киһи курдук күүскэ таптыыр кэргэннээх уонна кыра оҕолоох этэ. Дьон - сэргэ сиэринэн улахан кыһалҕаны билбэккэ дьоллоохтук - соргулаахтык олорбуттара,киһи тэҥинэн үлэлээн - хамсаан сылдьыбыттара. Ону баара,олох обургу очуругар оҕустаран,быстах ыгым санааҕа баһыйтаран ыарахан буруйу оҥорон,күлүүстээх хаайыыга,түүннүуктээх түрмэҕэ түбэспитэ.
( салгыыта бэчээттэниэ).
ВЛАДИЛЕН.