Главная / Кэпсээннэр / 🐻 ТОРҔОН ЭҺЭНИ СИРЭЙГЭ 🐻
Добавить комментарий
(Иэдээннээх түбэлтэ).
Сидор Копырин.
Бу - олоххо буолбут түбэлтэ. Биир күһүн Болуодьа кэргэнин чугас быраата Сыроватскай Колялыын тааска,Алдан уҥуор тахсыста. Коля - кадровай булчут. Оскуола кэнниттэн тута сорсуннаах булчут Улаханньа оҕонньору кытта тута булка барсыбыта. Кэлин бйэтэ база тэринэн эҥин,улахан булчут буолла... Бүгүн Болуодьа чугас эргининэн сылдьан баран,үүтээнигэр эрдэ кэлэн оттук маһын бэлэмнээтэ. Күһүҥҥү,алтынньы ыйынааҕы чуумпу,сылаас күн. Болуодьа эрдэ бэлэмнэммит кураанах дүлүҥү ачаах мастарга ууран эрбии турда. Арай,кэннигэр ким эрэ тыынан сурдургуур. Онтон сонуттан тардыалаата. Болуодьа,Коля кэлэн дьээбэлэнэр дии санаан,бастаан кыһаммата. Онтон санаата буолбакка,кэннин хайыһан көрдө. Дьэ,доҕоор,атын күтүр кэлэн сарбайан турар эбит! Аарыма улахан тыатааҕы! Болуодьа үүтээн өһүөтүн баһыгар ыйанан турар сүгэһэр мастаах рюкзагын ылла да,эһэни сирэйгэ сырбатта. Анарааҥҥыта өс киирбэх кэннинэн чинэрис гынна. Онон туһанан Болуодьа үүтээн иһигэр дьылыс гынна,аанын хатаабыта буолла да,хатааһын да буолуо дуо,куобах туһаҕын тоһоҕоҕо иилэ быраҕыы. Онтун эрэммэккэ оһох буккуйар маһын быалаан аан тутааҕар баайан олуйда. Карабинын иитиннэ. Кыыла,аанын кыратык тардыалаан баран,хата тэйэн абыраата. Абыраата да диэн буолуо дуо,Колята билбэккэ кэлэн биэриэн сөп. Болуодьа муммут кус оҕотун курдук,тугу да гынар кыаҕа суох,үүтээн иһигэр хаайтаран олордо. Оһоҕун ыбылы отунна. Түннүктэрдээх өттүнэн кыыл көстүбэт. Инники өттө түннүгэ суох. Болуодьа быһах уһугунан муоҕу хаһан чуолҕан оҥоһунна. Кыыл ханна да суох. Сэрэнэн аанын аһан,карабинын туппутунан таһырдьа таҕыста. Чугас эргин туох да баар чинчитэ биллибэт. Колятыгар утары барыаҕын хайдах да табыллыбат. Кыылга баттатыан сөп. Онтон Колята СКС крабиннаах,икки булчут ыттаах,хайа уонна улахан кыылга түбэстэҕинэ дьороҕоно туттуулаах,хамсаабат илиилээх.
Болуодьа мас хайытан киллэрэн,киэһээҥҥи күөһүн ууран,оһоҕун эбии оттон кэбистэ. Борук - сорук буолан барда. Колята сарсыарда барбыт сиринэн кэлиэхтээх этэ. Сотору тиийэн кэлэн киһитин соһутта. Булт соноругар тэлэһийэн хаалан,хата,өрүү сылдьар ыллыгынан төннүбэтэх. Болуодьа киһитигэр бүгүҥҥү быһылааны кэпсээтэ. Булчуттар сэрэхтээхтик хонорго быһаарыннылар. Ыттарын таһырдьа босхо ыыталаатылар. Сааларын хоонньоһон утуйдулар. Бу түүн ыттара дэлби үрэн утуппатылар. Кырдьаҕас эһэ бүгүн табыллыбата. Бүгүн эрэ буолуо дуо,аанньа аһаабатаҕа ыраатта. Сааһыран бөдөҥ кыылларга санаммат буолла. Саатар быйыл хаар эрдэ түһэн кэбиһэн,сир аһын хам баттаата. Тыҥырахтара сыппаан,арҕах хастары ыарырҕаппыта хаһыс да сыла. Онон бэлэм арҕахтан биир эмэ аймаҕын кыйдаан,онно кыстыам дии санаабыта да,кыһалҕатыгар таба хаампата,итиэннэ туох кистэлэй,сааһыран сыа иҥмэт буолбут быһыылаах. Кыайан утуйбакка син биир хаамаайылыа эбитэ буолуо. Улахан таас үрэх баһын диэки син аһаан сайылаабыта. Харгыга ыстанар балыктары хабан ылан сиирэ үчүгэй да буолара. Болбукта,отон,сугун уктара бааллар да,быйыл сайын үүнүү мөлтөх этэ. Бу кэлбит сирин билбэт эбит,ыырыттан тэлэһийбитэ ыраатта. Онно икки атаҕар туран эрэ хаамар,түүтэ суох сирэйдээх,туох эрэ иһиккэ олорон устар абааһылар буруйдаахтар. Балыкка аралдьыйа сырыттаҕына,кэллилэр да,аттынан сиирэ - халты туохтар эрэ иҥсэлээх баҕайытык ыйылаһан,чуубурҕаһан аастылар,сонно тута тыас - уус бөҕө өрө хабылынна уонна абааһылар устан иһэллэрэ көһүннэ. Эһэ кыл мүччү үрэх талаҕар ыстанна да мээнэ иннин хоту түһүнэн кэбистэ.
"Били абааһыны сирэйин - хараҕын көрө сатаабакка,сууллары охсон түһэрэн баран,,ыччкка киллэрэн сиэбитэ буоллар,бу курдук хам аччык тоҥон титирии сытыа этэ дуо? Абааһы доҕоро сарсыарда бу ыллыгынан барбыт. Элбэхтэ сылдьыбыт суола эбит,бу да сырыыга манан төннөр ини. Тоһуйар сири булуохха,саҥата суох үрдүгэр саба түһэн тутуохха...". Кырдьаҕас эһэ ити курдук саныы - саныы үөһээннэн эргийэн бэстээх арҕас үрдүгэр тахсан,киһи суолуттан биир ыстаныы сиргэ хаптаччы сытынан кэбистэ. Сыппыт сирин хаара ууллуор диэри кэтэстэ,булчут биллибэтэ. Тоҥон ыксаан,үүтээн диэки саллаҥнаата. Ситэ чугаһыы илигинэ кутуруктаах кыыллар үрэн тоҕо бардылар. Уордара - кылыннара сүрдээх. Түүнү быһа үүтээни хаста да эргийдэ. Били баҕайылар чардырҕаа да чардырҕаа. Бэйэлэрэ буоллар ыкса кэлбэттэр. Туһа тахсыа суоҕун билэн,эһэ биир ыллыгы тутан иннин диэки бара турда. Аччык кыыл дьон сылдьыбыт сирин тутан,соҕуруу диэки түһэн истэ. Куобах олох суох,саһыл суола баар да,ол сырбай киниэхэ сиэппэтэ биллэр. Ардыгар эмискэ бочугурас тирилээн тахсан соһутар. Тыа кутуйаҕа суолун туораан иһэрин алҕаска хам үктээн ылан, "ньэм" гыннарда,үргүлдьү ыйыстан кэбистэ уонна ханан барбытын да билбэккэ хаалла. Иннигэр булчут үүтээнэ турарын көрдө. Сэрэннэ. Суолуттан туораан,сытан эрэ чуҥнаата. Туох да баар сибикитэ биллибэтэ. Ыарҕа быыһынан чуҥнаан истэ. Харыйалар быыстарыгар лаабыс турарын таба көрдө. Икки атахтаахтар итинник тэрилгэ астарын ууралларын кини уруккуттан билэр. Төһө да сааһырдар,сытымсаҕа хата хаалбатах. Бэлэм кирилиэһинэн өрө ыттан таҕыста. Манна күн талбыт аһа барыта баар эбит. Эһэ амтаннаахтыын,амтана суох бурдук,үүт бороһуога да буоллун,барытын аҥаар кырыытыттан хадьырыйда. Тимир бааҥкалары тэһитэ ыстаталаата." Сөп буоллум" диэбиттии,үүтээн иһигэр тоҕо эрэ киирбэтэ. Түөкүн,түөкүн курдук,салгыы ыллыгынан барбыта. Тукулааны харгыннан туораан,илин эҥэргэ таҕыста уонна туох имнэммитэ буолла,илин түһэн иһэн эмиэ соҕуруу салалынна. Иннигэр киэҥ сир баар сибикитэ билиннэ. Сыыр хааһыгар киирэн көрбүтэ алдьархайдаах кэтит, устата ханан да бүтэрэ биллибэт улуу Эбэ нэлэйэн - хотойон аҕай сытар эбит.
Уҥуоргу кытылы одуулуу сытар кырдьаҕас эһэ өйүгэр туох эрэ урукку өйдөбүл кыыма охсуллан ааһарга дылы гынна. Кини олох кыра эрдэҕинэ ийэтэ,оол көстөр уҥуоргу дойдуттан,эмиэ икки атахтаах абааһылартан күрэтэн,таас эҥэри булларда быһыылааҕа. Саҥа борбуйун көтөҕөн эрдэҕинэ,тапталлаах ийэтэ үнтү таһыйан туран үүрэн ыыппыта. Олус диэн соһуйбута да,хоргуппута да. Ытыы - ытыы мээнэ атах балай барбыта. Ол күһүнүгэр дьолго эргэ арҕаҕы булан,ону сөргүтэн син "быр" курдук кыстаабыта. Эһиилигэр ийэтэ такайбытын курдук булан - талан,бэркэ сыаланан күһүҥҥэ үктэммитэ... Эһэ уҥуоргу кытылга сүрэҕэ - быара курдары тартаран,Эбэни туоруурга быһаарынна. Халтарыйа - халтарыйа муус саҕатыгар киирдэ. Адаар - быдаар муустары туораатын,кип - килэккий муус курдат,хап - хара чөҥөрө чүөмпэ ыйыстан кэбиһиэхтии тыбыс - тымныыннан көрө сытар эбит. Эһэ,кини да буоллар этэ тарта,улаханнык дьулайда. Ол да буоллар астарын - үөллэрин аамайдаппыт абааһылар эккирэтэн кэлиэхтэрин сөп,онон Эбэни хайаан даҕаны туораатаҕына сатаныыһы. Чараас,саҥа тоҥмут мууһу халтарыйан тоҕо түспэтэрбин ханнык диэн,сыбдыйан,сэрэх бөҕөннөн сүрүн үөс кэлимсэ тоҥмут кыдьымаҕын булан дьэ "һуу" гынна. Уҥуоргу өттө эмиэ хараҥаҕа хараҕынан көрсө тоһуйда. Ол да суола - ииһэ суох,аҥхаадай - дьаҥхаадай хайдыылардаах,аппалаах - дьаппалаах тукулаан бүктэрин туораталаан,үгүс сири хааман кэлэн,били уоран аһаабыт аһа ааһа быһыытыйан,эмиэ үссэниэн баҕата күүһүрэн кэллэ. Өрүс сыырын чабырҕайын үрдүнэн,тиит мастар быыстарынан барар сылгы ыллыгын батан барбахтыырын кытта,туох эрэ тутуулар кэллилэр. Эһэ үөмэн - үөмэн биир дьиэҕэ чугаһыырын кытта,түөрт атахтаах чардыйҕардар баар буола түстүлэр да,үрэн ньаҕыйбытынан бардылар. Бэл борбуйуттан хаптылар.
Эһэ ыксаан түннүгү тоҕо көтөн дьиэ иһигэр көтөн түһээтин кытта,биир күп - күөх харахтаах,куп - кугас баттахтаах,бэрт дьиибэ абааһы часкыыр бөҕөтүн түһэрбэт дуо?! Эһэ соһуйан нөҥүө түннүгүнэн таһырдьа биирдэ баар буола түстэ да,тыа диэки ыстанна. Куһаҕан да куһаҕан сытынан уһуурар,тирилэс тыастаах тэрили ааһаатын тыа саҕатыгар чөмөхтөнөн турар дьаабы сыттаах төкүнүк сыттаах баҕайылар кэннилэригэр түстэ. Итинник төкүнүктэр үрэх баһын аайы ыһылла сыталлар. Тиһиликтээх,ойууртан да хаартан да иҥнибэт тэрилинэн сылдьан,холоҥсо сыттаах икки атахтаах абааһылар быраҕаттыылларын оҕо сылдьан көрөр этэ. Кэлин тоҕо эрэ инньэ гыммат буоллулар. Хата,төттөрүтүн кыһын тиийэн кимнээх эрэ ылан барбыт буолаллар." Бөх кутар сирдэригэр сатаан киллэриэ суохтар,кэбис,ханна эрэ бүк сири булан сытыахха,сынньаныахха". Эһэ гидрометстанция учаастагын эргийэн,кыратык тэйэн баран,тыаҕа киирэн сытынан кэбистэ. Сарсыарда бэрт нуһараҥ, сылаас күн үүннэ. Эһэ кураанах иһэ курдьугунаан,ас көрдүүрүн биллэрэ сытта. Туран өрүс диэки кыратык бараатын,суол кэллэ. Ол суолу батыһан бэрт дуона суох хаамарын кытта,биир мас дьиэ уонна тимир дьиэ бөҕө тураллар эбит. Эһэ тумна барда,чуҥнаата. Тыынар тыыннаах баара биллибэт. Бөхтөрүн кутар,оҥоһуулаах улахан хаптаһын иһиттээхтэр эбит." Оо,бу дьолу!". Тот абааһылар ас арааһын куппуттар,үксэ сытыйбыт,ыиыйбыт,үөн - көйүүр буолбут. Кэлин сибиэһэй аһы куппуттар: килиэп,эт,балык уҥуоҕа,балык төбөтө,иһэ. Эһэ бэркэ аһаан эрдэҕинэ,өрүс диэкиттэн туох эрэ тэрил хараарыс гына түстэ да,аттынан ыҥырыа курдук баҕайы,түүтүн таарыйан дыыгынаан ааста,үлүгэрдээх тыас өрө хабылла түстэ. Эһэ өмүрэр да бокуойа суох тыаҕа ыстанна. Иннин хоту мээнэ ,икки атахтан эрэ куоттарбын диэн,түһүнэн кэбистэ... Бастаан аппа үрдүнэн тус соҕуруу түстэ. Сотору киэҥ тумара көһүннэ." Кэбис,киэҥ сиргэ ,ырааска кииримиэххэ" диэн санаата. Арҕааннан синньиир сирдээх эбит,онон - манан талахтардаах. Талахтарга күлүктэнэн,куула тыа диэки туораата. Кыратык барбахтаабытын кэннэ,тыа айанын суола кэллэ. Суолу туораан баран,арҕаалата хайысханы тутуста. Икки атахтаах эккирэтиэ диэн атыла киэҥ,айана судургу. Эһэ арҕаа диэки бардар баран истэ... Мин кулууп дьиэтигэр күөл муҥхата оҥорторо сылдьабын. Арай арҕааттан "ГАЗ 66" тиийэн кэллэ. Суоппар миигин ыҥыртаран ылла. Бэркэ билэр нууччам,дорожнайдар даачаларын харабыла Советников Виктор эбит. Куораттан бу сарсыарда кэлэн,үргүлдьү даачаҕа ааспыт. Өрүс сыырын тахсан иһэн көрбүтэ аарыма эһэ помуойаны хасыһа сылдьар үһү. Саатын ылан ытан саайбыт. Кыыл тыаҕа түһэн хаалбытын куттанан суоллаабатах." Сидор Васильевич,я видимо,его подранил,давай поедем", - диир киһим. Мин оччолорго хаһаайыстыбаҕа охотоведтыыр этим. Барсыах курдук буоллум. Ону Роман Яковлевич Бережнов диэн табаарыһым "барыма" диэн бобуста. Кинини анаан Бороҕонтон муҥха оҥорторо таһаарбытым." Баҕар,онтуҥ - мантыҥ итэҕэс буолуо,ийэтэ да олордуллара чугаһаата,онон баар буоллаххына сатанар", - диэн мөккүһүннэрбэт гына этэн кэбистэ. Хонтуораҕа тахсан сүбэлэһэн,биригэдьиир Бочкарев Владимир Николаевич дьон хомуйан барар гына быһаарыстыбыт.
Уолаттар суһаллык хомунан,ыттаах - эҥиннээх Советниковы кытта барыстылар... Тиийээт кыылларын суоллаабытынан бардылар. Хаамарга куһаҕана сүрдээх. Бастаан утаа наар сир аппалааҕын - дьаппалааҕын,сыбардааҕын батан барбыт. Кэлин арҕаа салаллан,үрдүк кырдал курдугунан Танда үрэҕин туһаайан айаннаабыт. Өр айаннаан билбэт үрэҕэр тиийбит. Бу Көнтөс диэн сир чугаһа буоларын хантан билиэй,үрэх чүөмпэлэрэ тоҥмуттар да,кинини хайаан уйуохтарай. Сотору биир харгыны булан арҕаа эҥэргэ туораата уонна салгыы бара турда. Өтөххө тиийэн тоҕо эрэ тохтоото. Манна техника кыһыҥҥы суола баар. Ол суолу батан,аны тус илин барда. Балаҕаннаахтан суола тубуста. Манна кэбиһиилээх оттор туралларыгар кыһаммакка,кыыл суолу тутан хааман истэ. Дэлби илиһиннэ." Ханна эрэ астаах сири булан сынньанар буоллар",- диэн санаа охсуллар. Эмиэ үрэххэ кэллэ. Манна кумах оломунан туорууллар эбит. Эһэ илин эҥэргэ туораата. Иннигэр туох эрэ уһун тутуу кубарыйан көһүннэ. Тиийэн чуҥнаабыта,айахха угар туох да суох эбит. Мантан чугас улахан чаллах тиит таһыгар үүтээн көстөр. Итинник тутууга ас тобоҕо эҥин баар буолуохтааҕын уруккуттан билэрэ. Үүтээн таһынааҕы ас тобоҕун урут сылдьыбыт түөрт атахтаах чардыйҕайдар мэлиппиттэр,үүтээн аана тимир олуурдаах хатааһыннаах. Түннүгү тааһын алдьатта,иһэ бэрт бөҕө кытаанах сеткалааҕын тоҕо оҕуста. Төбөтө быгарын кытта кэлин атахтарынан тэбинэн иһирдьэ нэһиилэ кыбыллан киирдэ. Иһиттэри таҥнары тутан,ону - маны үссэммитэ буолла уонна тайах тэллэхтээх ороҥҥо тахсан сытынан кэбистэ,устунан утуйбатар да,нухарыйбыта буола сытта.
Эһэни эккирэтээччилэр Виктор этиитинэн "Таптарбыт буолуохтаах" диэн өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран кыыллара доҕолоҥнообот да,хаана да таммалаабат эбит. Атыла буоллаҕына киэҥэ сүр. Көнтөс чугаһыгар тиийэн баран сорохтор "Ээ,чэ,бардын төннүөххэ",дии сырыттылар. Ол гынан баран,сүбэлэһэн,салгыы суоллуурга быһаарыннылар. Күнүскүттэн хаардаан намылытта. Нэһиилэ соҕойдоһон Оттоох диэн күөл чугаһыгар кыылларын суолун сүтэрэн кэбистилэр,үтэлэриттэн үссэммитэ буолан баран суол омоонунан төнүннүлэр. Саҥа хаар аннынан киһи суолун курдук баарын улаханнык аахайбатылар. Сылайыы - элэйии да барда. Виктордара хаатыҥканнан кэлэн хаалбыта улахан сыыһа эбит. Инчэҕэй хаар соҕох курдук сыстан баран түһэр аата диэн суох,ону таһынан курдары инчэйэн атаҕа тоҥно. Дьонуттан лаппа хааларын,сотору - сотору тохтоон күүтэллэр. Быһыттаахха Бадай Ыстапаан оҕонньор үүтээнигэр киһилии чэй оргутан,итии киллэрэн,сынньанан ааһар былааннаахтар. Кэмниэ кэнэҕэс,эргэ титииги ааһааттарын кытары,оҕонньор үүтээнэ көһүннэ. Сылайбыт дьон дьиэлэригэр кэлбит курдук сананнылар. Владимир Николаевич оҕонньортон күлүүһүн тыла баар сирин ыйдарбыт буолан,күүлэҕэ испиискэ уматан эрдэҕинэ,ыта "ар - бур" диэбитинэн түннүккэ ыстанан тиийээтин,алдьархайдаах көҕүс тыаһа иһилиннэ да,иһиттэн түннүгү сырбаттылар,ыт часкыйа түһээт киэр ыстанна.
Булчуттар бу хараҥаҕа адьырҕаны кытта киирсэртэн туттуннулар. Күһүҥҥү эрдэлээбит хараҥаҕа кыараҕас тыа суолунан түҥ - таҥ түһэн хаамсан истилэр. Бөһүөлэк мантан биир көс. Бөһүөлэктэн икки километр бэттэх маһы хайытар икки пилорама,олор бэтэрээ өттүлэригэр - кылабыыһа бааллар. Өтөх ортотунан Бороҕоҥҥо барар - кэлэр айан суола ааһар. Бу сиргэ чугаһаан истэхтэринэ,мыраан диэкиттэн массыына уота мастары үрдүлэринэн сандаарыҥнаата. Владимирдаах иккиэ буолан сүүрбүтэ буолан кыаһаҥнастылар. Сири хороппотторо сүрдээх. Массыына ааһан хаалыан сөп.Ыксал буолла,бэргэһэ - той уһулунна. Массыыналарын кыл мүччү баттаатылар. Дьолго "Түүлээх" КП бэйэтин "Урал -вахта" автобуһа эбит.150 киилэннэн кабинаны иҥнэри олорон иһэр Малагин Степан Петрович киһи уҥуоҕун диэкиттэн адаарыҥнаһан кэлбит дьону соһуйа,дьиибэргии көрүстэ. Владимир Николаевич балаһыанньаны быһыта - орута кэпсээтэ." Барыахха" диэтэ. Степан Петрович "Бэйи,онтон пассажирдарбын илдьэн түһэриэм,итиэннэ илистибиккит да быһыылаах,кыратык чэйдээҥ. Мин чэй иһэн,саа ылан баран сотору хомуйталыам", - диэтэ...Уонча километр сири "Урал - вахта" өр гыммата. Оҕонньор үүтээнин бүтэйин үлтү көтөн киирэн фара уотун түннүккэ тыктаран кэбиспиттэригэр,үүтээн иһигэр,түннүк аһаҕаһынан икки чолбон харахтар сириэдис гына түстүлэр. Уолаттар ытыалаан хабырҕаттылар.
Кыыл түннүктэн мэлийдэ. Сэрэнэн,чугаһаан үүтээн иһин фонаригынан сырдатан көрдүлэр. Эһэ буочука оһох кэннигэр олбоххо кырылыы сытар эбит. Володялаах иккиэ буолан ыттылар. Кыыл дьэ "нукус" гынна. Балачча күүтэ түһэн баран,иһирдьэ киирдилэр. Кыыллара көһүйбүт... Өрүс турарын кытта Колялаах Болуодьа бөһүөлэккэ кэллилэр. Ити эһэ кинилэртэн кэлбитин кэпсээтилэр..Болуодьа биирдэ рюкзагынан сабаары үчүгэйдик "кыыллаабыт" кыыла буолан биэрдэ.
Бүттэ
Сидор Копырин
Куйаар киэҥ эйгэтигэр таһаарда Владилен
#булт #сонор