Главная / Кэпсээннэр / АТААРЫЫ (Кэпсээн)
Добавить комментарий
– Бу дьиэҕэ кыыс диэн эн эрэ бааргын быһыылаах, эмээхситтэр биһигини «ити дьахталлар» диэнтэн атыннык ааттаабаттар, – дэһэн хонтуоралар күлсэллэр. Кырдьык, урут пиэрмэҕэ үлэлээбит кырдьаҕастар манна, «Кылыс» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин хонтуоратыгар, кэллэллэр эрэ, аан бастаан сураһар киһилэрэ кини, Ульяна. Боруогу атыллаат, ааннара да сабылла илигинэ: «Биригэдьиир кыыс баар дуо?» – дэһэллэр. Дьиҥинэн хонтуораҕа да балачча дьахтар олорор ээ, https://kepseen.kali.su бухгалтертар, экэнэмиистэр уонна туох эмит докумуон толорор, отчуот оҥорор кэмнэрэ буоллаҕына, зоотехниктар баар буолаллар. Олортон чорботон кырдьаҕастар хайаан да Ульянаны көрсөн, киниттэн ыйытан, киниэхэ быһаартаран эрэ баран тахсаллар. Инньэ гымматахтарына, барахсаттарыҥ астымматтар… Оо дьэ, сопхуос саҕаттан саҕалаан, дьалхааннаах 1990-с сыллардааҕы, иннэ-кэннэ биллибэт, куйукталаах ырыган тыһаҕас тириитин илитэ-илитэ тардыалаан, хас быыһы-хайаҕаһы барытын бүөлүү сатаабыт курдук, туох да https://kepseen.kali.su тиийбэт-түгэммэт кэмигэр үлэлээн-хамсаан сыраласпыттара сыттаҕа! Остуолга ууруллубут суотабай төлөпүөн чыпчыммахтаан баран, намылхай сахалыы ырыаны тыаһаппытыгар, кылаабынай бухгалтер Христина ылан, экранын суурайбахтаат, кулгааҕар таҕайда: – Истэбин, Василий Павлович. Оо… Сөп этиэм, арба да, Степановна бэйэтэ манна баар ээ. Мэ-рэ, Ульяна,… тойон, тойон… – диэт төлөпүөнүн уунна. – Дорообо, – Василий Павлович тыынара бу баардыы иһилиннэ. – Куһаҕан сонуннаахпын… кырдьаҕаспыт, Евдокия Ивановна https://kepseen.kali.su «быстыбыт». Мин бу Иван Кирилловтаахха баарбын, сүбэлэһэн бараммыт, тас үлэтин, буорун дьаһайыахпыт. Эн итиннэ Христиналаахха этэҥҥин, дьуһуурустубата олохтоо… уонна үрүҥ аста, эттэ аҕаларыҥ дуу, манна дьиэ иһигэр көмөлөһөр киһи эмиэ наада буолсу. Чэ, итигирдик. Эчи, эмискэччитин, эчи, соһуччутун! Эдьиий Огдооччуйа ааспыт нэдиэлэҕэ эрэ куораттан тахсыбыта, манна таарыйан ааспыта, бэҕэһээ эрэ төлөпүөннэһэ сылдьыбыта, сотору сайылыкпар тахсыам диэбитэ баара. Атын «сайылыгы» эппит буоллаҕа… Ульяна https://kepseen.kali.su чочумча саҥата суох турбахтаан баран, кини тугу этэрин кэтэһэн олорор дьахталларга эттэ: – Эдьиий Огдооччуйа «бараахтаабыт», Павлович бу онтон эрийдэ, киэһэ биэстэн сарсыарда аҕыска диэри дьуһуурустубалааҥ диир. Онон, манна баар дьону испииһэктээҥҥит, бэтэрээннэри эмиэ кытыннараҥҥыт, кыраапыкта оҥорон, барыларыгар этиҥ. Сайылыктарга эмиэ биллэриҥ, бырастыылаһа киирэллэрэ буолуо, баҕар, массыына көрдүөхтэрэ. Ас-үөл наада диэтэ, чэ, мин сыаҕынан уонна бэкээринэнэн бардым. – Үбү-харчыны кэмчилиэххэ https://kepseen.kali.su диигит да, ол куораттан тахсан өлбүт баабыскаҕа дэлэмсийии бөҕөтө! Эбэтэр олус курутуой оҕолордоох дуу? – баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут экэнэмиис Аанчык Маркова остуолга утары олорор Христина имнэнэн буойа сатыырын истибэккэ тэһэ барда. – Саҥам диэн саҥардаххын, ол баабыскаҥ баар буолан, бу хаһаайыстыба баар, ону өйдөөн кэбис! – Ульяна уордайбыт уоҕар үөгүлээн ылла. Таһырдьа тахсан баран: «биһиги кырдьаҕастарбытын билбэт, атын сиртэн кэлии кыыска тоҕо киһилии быһаарбакка ити хаһыытаан https://kepseen.kali.su кэбистэмий?» – диэн кэмсинэ санаата.
Бу нэһилиэккэ «Томтордоох» сопхуос 700 ынах сүөһүлээх, биир оччо сылгылаах Кылыстааҕы отделениета тигинээн-таҕынаан олорбута. Олохтоохтор улахан аҥаардара онно үлэлииллэрэ. Ким субан сүөһүнү көрөрө, ким ыанньыксыттыыра, эр дьон пиэрмэ ис-тас үлэтигэр, оту-маһы тиэйиигэ, пилорамаҕа үлэлииллэрэ, сорохтор сылгыһыттыыллара. Ульяна аҕата Ыстапаан сылгыһыт этэ, ийэтэ Харытыана эдэригэр ыанньыксыттаабыта, онтон кэргэн тахсан, оҕолонон баран, биэнсийэҕэ тахсыар https://kepseen.kali.su диэри ыччат сүөһүнү көрүүгэ идэтийэн үлэлээбитэ. Онон ийэтигэр көмөлөһөн, Ульяна пиэрмэ үлэтин-хамнаһын кыра эрдэҕиттэн билбитэ. Оскуоланы бүтэрэригэр, кыыс пиэрмэҕэ үлэлии хааларга быһаарыммыта. Төрөппүттэрэ да ону утарбатахтара, оччолорго эдьиийэ Аага университекка саҥа киирэн үөрэнэ сылдьара, бырааттара кыра этилэр. Оскуоланы бүтэрии баалын кэнниттэн ыһыахтаан баран, бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Сибиэтэни кытары отделение хонтуоратыгар тиийбиттэригэр, управляющай Алексей Григорьевич бэркэ https://kepseen.kali.su үөрэ-көтө, айхаллыы көрсүбүтэ: – Уля, эйигин, ньирэй көрүүтүн баһылаабыт бэлэм маастары дьэ, кэтэһэн ахан олоробун, хойукку төрүөх ньирэйдэри тутаҥҥын, ийэҕинээн сүүс ньирэйдээх дьиэ кэргэн биригээдэтэ буолуҥ, – диэбитэ. Кыыс онтон кыккыраччы батыммыта, оҕо эрдэхпиттэн ньирэйи сөбүн көрдүм диэбитэ, аны онно үлэлиэм кэриэтэ оҕуруотчут дуу, киинэ мэхээнньигин дуу куурсугар барыам диэн куттаабыта. Управляющай соһуйан хаалан, туох да диэҕин билбэккэ олордоҕуна, хата, хайдах эрэ соруйан https://kepseen.kali.su анаабыт-болдьообут курдук, икки сыл ыанньыксыттаабыт Иванова Паша уонна Никитина Вера үөрэххэ бараары үлэлэриттэн уурайалларын туһунан сайабылыанньаларын тутан киирбиттэрэ. Алексей Григорьевич үһүс сылга хаалар туһунан этэн көрөн баран, этириэс аккааһы истэн, харыһыйдар да хайыай, дуогабардаах болдьохторун толорбут кыргыттары тутар бырааба суоҕа, хааһын түрдэһиннэрэн баран, илии баттаан эрилиппитэ. Инньэ гынан, кинилэр оннуларыгар Уля Сибиэтэлиин «Көҕүөр» диэн хомсомуол ыччат пиэрмэтигэр https://kepseen.kali.su ыанньыксыттыыр буолбуттара. – Субу киэһэ сайылыкка тиийэҥҥит, ынахтаргытын тутуҥ! – дии хаалбыта дьиэ кэргэн биригээдэтин тэрийэр бэртээхэй былаана алдьаммыт управляющай. Улялаах оскуоланы былырыын бүтэрэн, иккис сылларын үлэлии сылдьар үс кыыһы кытары сүүс ынаҕы ыан, Оҕустаахха сайылаабыттара. Кинилэргэ уордьаннаах ыанньыксыт, төһө түөрт уончатын эрэ саҥа ааһан эрэр буоллар, пиэрмэҕэ Эдьиий Огдооччуйаттан атыннык ааттаммат Евдокия Ивановна Кириллова настаабынньыгынан сыһыарыллыбыта. Дьэ ити https://kepseen.kali.su кэмтэн ыла этэ дии Ульяна Эдьиий Огдооччуйаны кытары алтыһан үлэлээһинэ. Ол сайын «быйылгыттан былыргылыы үлэлээн уурайабыт, бэйэбит хаһаайын буолар үһүбүт» диэн сурах тарҕаммыта. Томтордоохтон сопхуос киин аппараатын исписэлиистэрэ кэлэн, пиэрмэ үлэһиттэрин «Кыһыл муннукка» мунньан олороннор, хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киириини, “дохуот” уонна “ороскуот” диэн тугун быһаарбыттара, төһөнү үлэлээтэххэ, төһө харчыны аахсыахха сөбүн суоттаан көрдөрбүттэрэ. Ол түмүгэр, атырдьах ыйын 1 күнүттэн https://kepseen.kali.su холмогуор боруода ынахтардаах «Көҕүөр» хомсомул ыччат пиэрмэтин кэлэктиибэ отделение салалтатын кытары аренданан бэдэрээт дуогабарын түһэрсибитэ. Хамнаһы ый аайы ким хайдах үлэлээбитинэн, тус-туһунан буолбакка, кэлэктиибинэн бииргэ үлэлээн бары тэҥҥэ үллэстэр буолбуттара. Дьэ туһугар кытаанах суот-учуот саҕаламмата дуо! Маша Нестерова, оччоттон ахсааҥҥа дьоҕурдаах кыыс, этиитинэн зоотех үүтү ыаһыҥҥа ыйынан уонна дэкээдэнэн аттаран биэрбит былааннарын хонугунан үллэрэн, күн аайы хайаан да 100-200 https://kepseen.kali.su граммынан аһары толорор соруктаммыттара. Ороскуоту аччатаары араас быстах наадаҕа тырааныспары мээнэ көрдөөбөт, бэл, «бодобуоһу» ыҥырбат, туттар ууларын күөлтэн бэйэлэрэ бастар буолбуттара. Настаабынньыктара Огдооччуйа ынах синньин сууйтаран, массаастатан эрэ баран ыатара. Хайаан да үчүгэй хатыылаах соттордоох, таҥас сууйар мыылалаах буолары ирдиирэ. Дэлби сууйар, массаастыыр буолан, бэйэтин ынахтарын синньилэрэ төрүт түүтэ суох уонна улахан баҕайы буолара, үүттэрэ да ол тэҥинэн этэ. Ынах синньин https://kepseen.kali.su ыам аайы массаастаат, түргэнник ыы охсор үчүгэй диирэ. Аны оччолорго саҥа үөдүйэн ыанньыксыт аймаҕы сынньатан үөрдүбүт ыыр аппарааты ынах эмиийин наһаа күүскэ тардан кытаатыннаран кэбиһэр диэн сирэн, илиитинэн ыыра. Аппарааттаннаҕына даҕаны, үүттэрэ кыратык аҕыйаата да араара охсон баран, илиитинэн сыппайара. Ынах эмиийэ кытарыар-көҕөрүөр диэри оботторооччута суох. Эдьиий Огдооччуйа барахсан оччолорго үөрэппитэ-такайбыта барыта Ылдьаанаҕа кэлин тирэх буолбута. Кыһын «КВ» хочуол итии паарынан https://kepseen.kali.su үрдэриллэн оҥоһуллубут көөнньөрбөнү солуурунан таһаллара. Эдьиий Огдооччуйа сүөһү аһара аһаатаҕына буорту буолар, итии көөнньөрбөлөөх комбикуорумҥа ынах ханна сарыыланан хаалар диэн, ол аһылыгы ынах ахсыгар иккилии солуурунан эрэ сиэтэрэ. Оо, кыргыттар барахсаттар бары даҕаны пиэрмэ үлэһиттэрин оҕолоро, кыра саастарыттан сүөһү көрүүтүгэр миккиллибит ыччаттар, кини тылыттан тахсыахтара дуо, сүрдээҕин да кыһаллан-мүһэллэн үлэлээбиттэрэ! Кыайаллара-хотоллоро, көхтөрө! Икки сыл пиэрмэ үрдүнэн ынах https://kepseen.kali.su ахсыттан үстүү тыһыынча киилэ үүтү холкутук ыабыттара. Хайҕанан чоҕулуччу көрбүттэрэ, бириэмийэлэнэн үөрбүттэрэ, аны хаһыакка тахсан саха тэҥэ суох санаммыттара. Хамнаһы даҕаны үчүгэйдик аахсыбыттара, сопхуос салалтата куукуна миэбэлин пуондатын анаабытын, кыргыттар үөрдэ-көтүтэ Огдооччуйа Уйбаанабынаҕа туттарбыттара. Икки сыл үлэлээн баран, Ульяна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун зооинженернэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Биэс сылынан үөрэҕин бүтэрэн, Орто Халыма оройуонун биир https://kepseen.kali.su сопхуоһугар зоотехнигынан ананан тиийбитэ. Иккис сылыгар электрик идэлээх Арыйаан Винокуровка кэргэн тахсыбыта, эһиилигэр оҕоломмута. Эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, хоһуун үлэһит дьонноох хоту дойдуну кыыс сөбүлээбитэ. Онно тиийэн, сөхпүтэ да элбэҕэ, сөхтөрбүтэ да баара. Бастаан тиийээт, олохтоохтор сымнаҕастык баҕайытык эҥээритэн саҥаралларын дьиктиргээбитэ. Кинини бэйэтин: «Дойду кыыһа араадьыйа дьонун курдук саҥарар эбит», – дэспиттэрэ иһиллибитэ. Улуу күөллэр кутаҥныы турар кытыыларыгар уонна https://kepseen.kali.su киһини курданарынан дулҕалаах от үрэхтэргэ оттуулларын көрөн саллыбыта. Барыта хары күүһүнэн үлэ эбит этэ: кыайар-хотор эр дьон ууну, дулҕаны кэһэ сылдьан токур хотуурунан охсубуттарын, оҕолор-дьахталлар кураанах сиргэ таһааран куурдаллар, мунньаллар, бугуллууллар. Ол бугулларын эт санныларынан таһан, отторун кэбиһэллэр. «Чороох» диэни онно билбитэ. Тыа саҕатыгар кэчигирэспит бугулларга барыларыгар синньигэс мас анньыллыбытын көрөн: «Ити бугуллары тоҕо үөрбэлээбиттэрий?» – диэн ыйытан баран, https://kepseen.kali.su ып-ырааһынан көрөн, оччолорго саҥа билсэн эрэр Арыйаанын күллэрэн турардаах. Аны кумаара! Киһи кыайан тыыммат үлүгэрэ! Оо, онуоха тэҥнээтэххэ, кини Кылыһа Айыы дойдута эбит! Өрүс кытыла буолан, остуол ньуурунуу көнө сыһыыларга тыраахтарынан уонна көлөнөн эрэ оттууллар. Ити эрээри, кыыс оттуур диэн хайдаҕын дьиҥинэн билбэт этэ, оҕо эрдэҕинэ да, пиэрмэҕэ да үлэлии сылдьан, ходуһаҕа киирсэн, хотуурдаах кыраабылы туппут аньыыта суоҕа. Пиэрмэ кыбыытыгар киллэриллэн кыстаммыт түрбэлээх оттору эрэ https://kepseen.kali.su көрөрө, аҕыйах кэтэх сүөһүтүн уонна сылгытын кыстатар отун аҕата бэйэтэ биригээдэни кытары оттоон хааччыйара. Оҕото биирин ааспытын кэннэ, аҕата оһолго өлөн, ийэтэ ыарытыйар буолан, Ульяна оҕотун, кэргэнин илдьэ дойдутугар көһөн кэлбитэ. Ити 1993 сыллаахха, кыһын этэ. Халыма ыраах түбэтин чөкө олохтоох нэһилиэгэр дойдуга тахсар уларыйыылар оччо-бачча биллэ илик буоллахтарына, манна хартыына атына. Сопхуос эстибит, отделение сүөһүтүн уонна сылгытын хайа тыырбыт аҥаара паайга үллэһиллибит этэ. https://kepseen.kali.su Хаалбыт баайы түмэн, нэһилиэк аатынан «Кылыс» диэн ааттаах кэлэктииибинэй тэрилтэ тэриллибитин сылгыга биригэдьиирдээбит Миитэрэй Никонов салайара. Ульяналаах кэлбиттэрин истэн, Миитэрэй Сергеевич анаан-минээн көрсөн, ынах сүөһүнү иитии төрүт билбэт дьыалам, онон көмөлөһүҥ, бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырбыта. Инньэ гынан, кэлэктииибинэй тэрилтэҕэ Ульяна зоотехнигынан, Арыйаан электригинэн үлэлиир буолбуттара. Балтараа саастаах Коленька эбээ Харытыана көрүүтүгэр киирбитэ. Пиэрмэҕэ Ульяна урут бииргэ https://kepseen.kali.su ыанньыксыттаабыт дьахталлара, 40-чалаах уонна биэнсийэҕэ тахсар саастара чугаһаабыт биитэр саҥа тахсыбыт ыал ийэлэрэ үлэлии сылдьаллара. Огдооччуйа Уйбаанабына биэнсийэҕэ тахсыбыта икки сыл буолбут уонна бэйэтэ этэринэн, таах быар куустан олоруохтааҕар, уон биэс ынаҕы илдьэ сылдьарын таһынан үгэһинэн настаабынньыктыыр эбит. Кэргэнэ былырыын өлбүт, оҕолоро иккиэн үөрэхтээх үлэһит дьон буолан, кыыһа куоракка, уола улуус киинигэр олохсуйбуттар. Племенной үлэ ыытыллыбыт уонтан тахса сылын устата https://kepseen.kali.su ууһатыллан, сүүмэрдэнэн түмүллүбүт холмогуор боруода ынахтар аҥаардара паайга үллэһиллэн, сүөһү уопсай тутула кэһиллибит этэ. Кыралыын-улаханныын барыта 300-чэкэ сүөһү баара, ол иһигэр ыанньыксыттар үүттээх диэннэр, туйахтарын туура тэбиэхтэригэр диэри илдьэ сылдьар кырдьаҕас ынахтара балачча элбэхтэрэ. Хата, хотон эргэ да буоллар, көрүүтэ-истиитэ үчүгэйиттэн хоп курдуга, кыстыгы тахсар от син баара. Сопхуос саҕанааҕы диэн баара дуо? Харыыта суох көмө көрүллэрэ тохтообут, хаһаайыстыба https://kepseen.kali.su быыһы-хайаҕаһы бэйэтэ тобулуннаҕына эрэ буруо таһаарынар буолбут. Инньэ гынан, арыы сыаҕар үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан олорор Маайа Старостинаны, ааттыын Асчыт Маайаканы көрдөһөннөр, урут бэйэтэ үлэлээбит электрическэй сэппэрэтээрин туттараннар, дьоҕус астыыр сыаҕы тэриммиттэр. Бөһүөлэк сүөһүтэ суох ыаллара үүтү, сүөгэйи хамаҕатык атыылаһар буоланнар, харчыны син кыралаан киллэринэр эбиттэр. Ол дьыл ынах сүөһүгэ да, сылгыга да төрүөх этэҥҥэ буолбута. Өрүс эстиэн иннинэ, сылгылары арыылартан https://kepseen.kali.su таһааран мыраан кэтэҕинээҕи алаастарга баар баазаларга илдьибиттэрэ, сүөһүнү икки сайылыгынан көһөрбүттэрэ. Астыыр сыаҕы эмиэ сайылыкка таһаарбыттара. Ыанньыксыт Дуунньа ахсыс кылааһы бүтэрбит уола Сашканы, кыһын хотонтон саах таһаарар ат оҕуһу туттаран, үүт таһааччы оҥорбуттара. Былырыыҥҥа диэри сүүрбүт эргэ «молохобуоһу» мэхээнньик Уйбаан Уйбаанабыс уурайарыгар паай быһыытынан ылан, чурумчулаах оҕуска төттөрү көһүү буолбута. Ыһыах саҕана хас да абараахтаммыт ынаҕы өлөрөн, нэһилиэккэ уонна улуус https://kepseen.kali.su киинигэр киллэрэн атыылаабыттара былдьаһыгынан барбыта. «Кылыстар» онтон санаалара күүһүрэн, бородууксуйаларын улуус киинигэр эмиэ батарар буолбуттара. Бухгалтерия үлэһиттэрэ төлөпүөнүнэн сайаапка хомуйан, маршрут оҥорон, сүөгэй уонна сүөһү өлөрдөхтөрүнэ, эт тиэйиилээх массыынаны ыыталлара. Кыра массыына хантан кэлиэй, урут управляющай илдьэ сылдьыбыт «УАЗ»-ига эмиэ паайга бэриллэн, улуус киинигэр сүүрэ сылдьара. Инньэ гынан, Ульяна аҕатын «Жигулитын» сүүрдэллэрэ, онно сороҕор Арыйаан, сороҕор https://kepseen.kali.su быраат Степка суоппардыыллара, атыылааһыҥҥа бухгалтер Айтаана ийэтэ Аграфена Молукова, уруккута маҕаһыыҥҥа үлэлээбит, эмиэ ааттыын Атыыһыт Агааса, сылдьара. – Дьэ, ылбаты да ылларан тэйэр, эчи, билэр-көрөр да киһитэ элбэҕэ! — диэн уолаттар сөҕөллөрө. Ити курдук, хаһаайыстыба оҥорон таһаарар бородууксуйатын атыылаан үлэһиттэрин хамнастыыра, ону таһынан хамнас суотугар этинэн-арыынан, оттук маһынан хааччыйара. Ханна да уу харчы суох буолан, араас кэпсэтиилэргэ убаһа этэ абырыыра. «Бартер», https://kepseen.kali.su «бартердаһыы» диэн саҥа кэм саҥа өйдөбүлэ үөскээбитэ. Тыраахтардар уматыктарын, саппаас чаастарын булуу, күһүн-саас үлтү хаһыллыбыт суолу оҥорторуу курдук уонна онтон араас күөрэйэ турар кыһалҕалары барытын эт быһаарара…
Сайын отчуттар киирдэхтэринэ, кыһын сылгыһыттар сырыттахтарына, саас кусчуттар таарыйдахтарына эрэ сэргэхсийэн ылар Хаастаах арыы киһи-сүөһү саҥатынан туола түспүтэ. Куура хаппыт, аһыҥа ойуоккалыыр, буор бурҕаҥныыр алааһа диэн баара дуо, манна үөт сэбирдэҕэ төрүт саһара илигэ, биригээдэ оттоон барбыт ходуһата күөх кэнчээринэн өрө анньан турара. Уулаах буолан дуу биитэр кылгас диэн дуу охсуллубакка хаалларыллыбыт элгээннэр https://kepseen.kali.su кытыылара сиккиэр тыалга хойуу отунан намылдьыйа долгуйара! Бу биир көс кэриҥэ усталаах, хас да биэрэстэ кэтиттээх, саас халаан уута ылан, угуттаан ааһар арыыта этэ. Хойуу бөлкөй талахтарынан быыһанан утум-ситим салҕанар сыһыылардааҕа, намыһах сирдэринэн элгээннэрдээҕэ. Үөскэ, уу ылбат сиригэр, сэнэх соҕус балаҕаннаах хотон, дьоҕус ампаар, олор аттыларыгар били былыргы холкуостан хаалбыт хотоннор, балаҕаннар сэмнэхтэрэ бааллара. Дьону уонна малы тиэммит бастакы тыраахтар тиийэригэр балаҕан https://kepseen.kali.su оһоҕуттан бур-бур буруо унаарыйа көрсүбүтэ. – Тустаах үлэлээх дьону аралдьытымаҥ, тастан киһи наймыластаххына, босхо хамсаныахтара суоҕа. Хата, таах олорор дьон, биһиги, салгын сии таарыйа дайбаҥнаһарбыт ордук буолуо, – диэн Сэргэй Уоһукабыс уолугар, «Кылыс» салайааччытыгар, мэлдьи этэр үгэһиттэн бу да сырыыга туораабатах этэ. Үөлээннээхтэрин, түөрт кырдьаҕаһы, хомуйан тахсан, манна үрдүттэн хоно сытан балаҕаны өрөмүөннээбиттэр, түннүктэрин таастаабыттар уонна оһоҕун абырахтаан баран сииги https://kepseen.kali.su тартын, сылыттын диэн тигинэччи оттон тоһуйбуттар. Билигин халаан охторон ааспыт сылбаҕыттан мас таһан далы сэлбийэ, хотону сөргүтэ сылдьаллара. Аны Миитэрэй Сергеевичтээх тыаттан мас кэрдэн киллэрдэхтэринэ, хотону кэҥэтэ тутуохтаах эбиттэр. Мал-сал оннун булан, таҥас-сап сааһыланан, эргэ балаҕан дьиэ дьиэнэн буола түспүтэ. Хотон балаҕан утары, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ турара, хаайыллан турар сүөһүнү түннүгүнэн көрөн олорорго анаан бэтэрээ өттүнэн оҥоһуллубут даллааҕа. Бу былыргылыы тутуу этэ: https://kepseen.kali.su ортотунан оту уурар долборук барара, сүөһү ол икки өттүнэн баайыллар буолан сопхуос типовой хотонугар тэҥнээтэххэ, быдан синньигэс уонна намыһах этэ. – Холкуос хотонун уһатан биэрбиттэр, – диэбитэ Огдооччуйа. – Бу өттүн маһа быдан эргэ, салҕааһынын киэнэ кэм саҥатык. Хата, муосталаах эбит. – Ыанньыксыт хоһо диэн суох буолар эбит дии. – Оччолорго хотон сүөһү тыынынан эрэ сылытыллар буолан, ол-бу хос, көрүдүөр диэн суох уонна быдан намыһах. Мин маннык «дыбарыаска» үлэбин саҕалаабытым. Көрүҥ эрэ, https://kepseen.kali.su бу хотон ойоҕоһунан, биир-икки эрэ киһи батар сиринэн, сылдьан үлэлиигин, оккун киллэрэн долборукка симэҕин, муостаҕын күрдьэн аҕалан, түннүгүнэн эһэҕин, ону тахсан балабахтаан баран, сарсыныгар хоҥнорон, ыраах тиэйэҕин. Хорууда да быдан хойут, эбии аһылык оҥоһуллар буолтун эрэ кэннэ, үөдүйбүтэ, онуоха диэри сүөһүгүн ойбоҥҥо үүрэн уулатаҕын. – Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит дьэ маннык хотоҥҥо хороҕор муостааҕы көрөн-истэн кэллэхтэрэ. Оо, бу кыараҕас, сииктээх, хараҥа хотоннор төһөлөөх дьахтар https://kepseen.kali.su доруобуйатын кэбирэппиттэрэ буолуой? – Эһиги да оҕо сылдьан ийэлэргитин батыһан, маннык хотоннорго сырыттаххыт ахан ини. – Сылдьан бөҕөө! Ол эрээри, оччолорго ону-маны ырыҥалыыр кэлиэ дуо, мин биир бэйэм ийэм хотонун наһаа үчүгэй курдук саныырым, арай, саас аайы муостата ууга устан хаалан, ону баһарбын өйдүүбүн. Оскуоланы бүтэрэн, 1968 сыллаахха, ортотунан киэҥ көрүдүөрдээх улахан хотоҥҥо үлэлии кэлбитим, – диэтэ Маарыйа. – Кыргыттар, манна ынахтарбыт батыахтара, – Огдооччуйа эрэллээхтик эппитэ. https://kepseen.kali.su – Урут да 150 иһинэн-таһынан субан кыстаабыт хотоно буоллаҕа. Салҕааһын субаттарга буоллун уонна муосталамматын. – Оннук-оннук, бачча ыксалга тугун муостатай? Тымныйдаҕына, түүнүн эрэ хонноруохпут турдаҕа. — Уоппутун ханан киллэртэрэбитий? Бары таһырдьа батысыһан тахсыбыттара. Электроуот ситимин балаҕантан таһааран, хотон ортотугар киллэрэн, икки өттүнэн ыытар табыгастаах буолсу дэспиттэрэ. Салгыы ампаары көрөн баран, астыыр дьиэни манна оҥорорго сүбэлэспиттэрэ. Онон тыраахтарынан куоҕастаахтар https://kepseen.kali.su маллара, астыыр сыах тэрилэ уонна диисэл кэлэллэригэр, туох ханна буолуохтааҕын барытын быһааран тоһуйбуттара. Саҥаны атыылаһа охсор кыаллыбатын быһыытынан, сылгыһыттар кыһын туттар диисэллэрин аҕалбыт этилэр. Сайылыкка бостууктаабыт Бөтүкээстээх Боруонньа оскуолаҕа үөрэхтэрэ саҕаламмытынан, субан сүөһү маныыһыта Андрей Тимофеев ыанньыкка эмиэ бостууктуур уонна диисэли ынах ыанар уонна үүт астанар эрэ кэмигэр холбуур буолбута. Арыйаан ол киэһэ диисэли оннун булларан, ампаарга уонна балаҕаҥҥа https://kepseen.kali.su уоту киллэрбитэ, хотону сырдатыы сарсыҥҥыга көһөрүллүбүтэ. Онон ыанньыксыттар ынахтарын бары саба түһэн, Ульяналаах Туйаара эмиэ көмөлөһөн, илиилэринэн ыабыттара. Үүттэрин аҕалан туттаралларыгар, Асчыт Маайака ампаары кылбаччы сууйан-сотон, суоруллубут маһынан муннукка долбуур оҥорторон, сэппэрээтэрин онно олордон, биир бааҕын иһирдьэ, биирин таһырдьа туруоран, сырдыгынан сандааран, сыах сыаҕынан буолан, уруйдуу-айхаллыы тоһуйбута. Үүтүн сүүрдүбүтүнэн барбыта. Киэһэ аһылыгы аһыылларыгар Ульяна https://kepseen.kali.su бытыылкалаах кыһыл арыгыны Огдооччуйаҕа туттаран кэбиспитэ. – Бу оҕобутун көр! – бары күө-дьаа буола түспүттэрэ. – Кырдьаҕас дойдуну айах тутар наада. Эдьиэй, дьэ-эрэ, хайдах этибитий?! – Чэ, хотуйдаар, оччотугар үөһэ-аллара туруҥ! – Огдооччуйа дьон ортотуттан туран, оһоҕу булкуйан, уоттаах чоҕун бэттэх тардан арыылаах килиэбин уурда. – Аал уотум иччитэ, күл тэллэх, көмөр сыттык, көбүөрүнньүк суорҕан, саалыр чанчык, бырдьа бытык, кыырык төбө, кырдьаҕас эһэбит Хатан Тэмиэрийэ, аһаа-сиэ, күлүм https://kepseen.kali.su аллай, бэттэх көрөн мичий! Дойду сиргэ курааннаан, отордооторбут ханнык диэммит бу ытык дойду дьогдойор саалыгар үктэнэн турабыт. Арыы-сыа алаастаах, үүт-сүөгэй көлүйэлээх Ынахсыт хотун, бүтэй туйахтааххын бүдүрүттэримэ, аһаҕас туйахтааххын атарахсыттарыма диэн үҥэн-сүктэн көрдөһөбүт. Субаттаргын субурут, ыанар ынаҕыҥ үрүҥ тунаҕынан ибиирэ турдун! Төрөөбүт ийэ дойдум, Хаастаах арыым аналлаах төрүт иччитэ Аан Алахчын хотун эбэм, өҥ буордаах кырдалыҥ дыргыл сыттаах, сымнаҕас отунан сүөһүлэрбит https://kepseen.kali.su барахсаттары сыта-тура аһата, тоторон-ханнаран торолута тур дуу! – диэн этэн субурутаат, куруускалаах аһыттан ыспытыгар оһоҕо күөх төлөнүнэн саба биэрдэ. – Ноо, ситэри алгыс буолла диэбэккиэт! – Эдьиий диэн Эдьиий! Үлэлиэх диэтэххэ, үлэ элбэҕэ, күн-дьыл да былдьаһык этэ. Ыам быыһыгар Огдооччуйа этии киллэриитинэн, сэбирдэх саһара илигин өрүсүһэн, былах быспыттара. Өрүс талаҕын ньирээйитин талан быһан, түүтэхтии-түүтэхтии сигэнэн баайан дьоҕус далга чөмөхтөөн испиттэрэ. Кэлин оскуола үрдүкү https://kepseen.kali.su кылааһын үөрэнээччилэрэ күнүнэн сылдьаннар, уонча хонукка көмөлөспүттэрэ. Үөрэх аһыллыыта, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, хас да сиринэн мунньуллубут былаҕы «Бөлөрүүс» тыраахтар үстэ кырынан кыстык хотон кыбыытыгар таспыта. Ити кэмҥэ хотон тутуута бүтэн, ыанньыксыттар аны сыбахха туруммуттара, икки сүүсчэкэ сүөһүнү батарар хотону сатаатар биир хос сыбаҕынан эргийдэхтэринэ табыллара. Мэччирэҥ дэлэй буолан, сүөһүлэр бастакы күннэргэ дьиэ таһыттан ырааппатахтара, сыыйа дойдутуйан, тэйэр буолан испиттэрэ. https://kepseen.kali.su Аҕыйах хонугунан килэччи уойбуттара. Үүт ыама биллэрдик үрдээбитэ, Ульяна бөһүөлэк икки арыы икки ардыгар биэрэс тэппитэ, бөһүөлэктэн дьонун сакаастарынан, сылаас таҥас уонна килиэп киллэрэрэ (пиэрмэ үлэһиттэрэ, сылгыһыттар, отчуттар килиэпкэ кыайан тииһиммэт, тииһиннэхтэринэ даҕаны, атыыһыттар иэс биэрбэт кыһалҕаларыттан хаһаайыстыба бэйэтэ бэкээринэ арыммыта), төннөрүгэр Асчыт Маайака сүүрдүбүт сүөгэйин таһаарара. Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, халлаан улам тымныйан иһэрэ, түүн аайы сир кырсын https://kepseen.kali.su туртата кырыардан хаһыҥ түһэрэ. Аалыы алтан көмүһүнэн бүрүллүбүт үөттэр хонон турдах ахсын, күкээрэн, өһөн киирэн барбыттара. Элгээннэр килэччи тоҥоннор, арыы олохтоохторо сүөһүнү ойбон тэһэн манаан уулатар итиэннэ барыларын хотоҥҥо киллэрэн хоннорор буолбуттара. Хата, ону көрсө сыбахтарын бүтэрбиттэрэ. Эбэҕэ кыдьымах киириитэ ыанньыксыттар бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара, хойукку төрүөх ынахтары сиэмэлээн бүппүт осеменатор Туйаара бөһүөлэккэ киирбитэ. Оҥочо суола сабыллан, сүөгэйи таһыы тохтообута, https://kepseen.kali.su Асчыт Маайака арыы таптайар үлэлэммитэ. «Кылыс» салалтата арыыга киирбит ыанньыксыттар дьиэлэрин-уоттарын, оҕолоро хайдах олороллорун, үөрэнэллэрин хонтуруолга ылбыта. Оттук мастарын киллэрэн биэрбитэ. Атыттар дьиэлэрин-уоттарын көрөр кырдьаҕастардаах буоллахтарына, бэйэлэрэ эрэ олорор Маарыйа, Дьуунна уонна Татыйаана оҕолорун Ульяналаах солбуһа сылдьан көрбүттэрэ-истибиттэрэ.
Алтынньы бүтүүтүгэр кыстык хаар ньимси түспүтэ. Сэтинньи саҕаланыаҕыттан кырдьаҕастар күн аайы өрүскэ киирэн, https://kepseen.kali.su онон-манан тэһэн көрө-көрө: – Эрдээ эрдэ! – диэн иһэллэрэ. Сэтинньи ортотун эргин үөс диэки киирэн, эмиэ хас да сиринэн мууһу тэһэн көрөн баран: – Үс тутум буолбут, уолдьаспыт! – дэспиттэрэ. Бэрэбиэркэлии таарыйа бастаан сатыы туораабыттара, онтон сыарҕалаах аты ыыппыттара. Кыдьымах мууһа тоҥон күөрэлэммит сиринэн элбэх сүөһүнү туоратар сэрэхтээх буолсу, сүөһү үтүрүһэн муус үөрбэлэргэ дэҥнэниэ диэннэр, кыдьымах арыый аҕыйах сиринэн суол тэлбиттэрэ. Остуол ньуурун курдук килэҥ мууһунан көрөн https://kepseen.kali.su сытар сирдэргэ сүөһү халтырыйыа диэннэр, тимир анньыынан сууралаан, туора кэрдиистэри оҥортолообуттара. Көһүүгэ болдьоммут күн иннинэ Ульяна сыарҕалаах атынан Хаастаахха хоно тахсыбыта. – Дьэ, хата биһиги манна бэркэ олоробут, — дэспиттэрэ дьахталлар. – Оҕону-урууну, дьиэни-уоту умнаммыт, эдьиийдэрбитигэр оҕо буолан атаахтыыбыт. Сыаны арыыга буһаран баран, сүөгэйгэ сойутан сиибит, Маайака арыы уутунан быырпахтаан холуочуйуохпутугар диэри иһэрдэр. Онон манна кыстыыры да бөрүкү сириэ суох https://kepseen.kali.su эбиппит. – Эбэбит барахсан сылаас хараҕынан көрөн, сымнаҕас ытыһыгар илдьэ сырытта, – диэбитэ Огдооччуйа. – Сүөһүлэри хонуктарыгар эрэ кыратык хаптарабыт, күнү быһа кырдалга ыытабыт. Хата, өй булан манна отордооммут, ынахтарбыт кыстыкка киириигэ кэм куҥнаннылар. Дьэ, аны эн, киин сир сонунун тоҕо тардан кэбис. Бу киирдэхпитинэ, аспыт-үөлбүт хайдах буолуой, тугу былааннаан олороҕутуй? – Ыанньыгы уонна субаттары манна киллэрэн, икки ыйга сиир оппутун кэмчилээтибит, ол суотугар били, тиийбэт оппут https://kepseen.kali.su аҥаарын эрэ сайаапкалаатыбыт. Сылгыһыттар анараа арыылары кэрийэн көрөн бараннар, хаһыы син баар буолсу диэтилэр. Сайаапкаламмыт оттон төһөтө уонна хаһан кэлэрэ, аны кэллэҕинэ даҕаны, хайдах хаачыстыбалаах буолара биллибэт. – Ол баар ээ. Баҕар, төрүт бурҕаҥнас от кэлиэҕэ. – Инньэ гынан, эбии аһылыгы күүһүрдэргэ былаанныыбыт. – Көөнньөрбөлөөн диэ? Дьэ, ол саамай сөптөөх быһаарыы! – Били эһиги былаххытыгар эбэн, бэтэрээн оҕонньоттор дулҕа быспыттара, аны мантан кыһын ходуу ходуйар, былыык хостуур https://kepseen.kali.su уонна мутукча быһар санаалаахтар. – Оо, барахсаттары! – Кэм абырыы сырыттахтара. – Бэйи-эрэ, хочуолбут онно эппиэттиир дуо? Биһиги хотоммут киэнэ сопхуос ыһыллыаҕыттан таах күлтэллэн турда, хайа, ис тэриэбэтэ да суйданна ини? – Кыра хотон хочуола үчүгэй, борооскуларга көөнньөрбөлөөн эрэбит. Оттон эһиги хотоҥҥут хочуолун мэхээнньиктэр боруобалаан бараннар, давлениета тахсыбат эбит диэннэр, ону хасыһа сылдьаллар. – Урукку иһит-хомуос, уһаат эҥин ханна-ханна тэбиллибиттэрэ буолла? – Дьэ, ону https://kepseen.kali.su бэйэҕит киирэн быһаараҕыт… – Оо… – Мин бэйэм уһааппын дьиэбэр илдьибитиэм, – Өктөбүрүүнэ көөчүктүүрдүү эҥээриттэ. – Ардах уутун сүүрдэбин. Эһиэхэ да баар ини? Биир уһаат бэтэринээр Моруусаҕа турарын чуолкай билэбин. – Дьэ миэхэ суох, – диэтэ Маарыйа. – Хаһан өйдөнөн, илдьиэх курдук санаммытым да, онно эрэ оҥойбут этэ. Урукку пиэрмэ уһааттара бары даҕаны бөһүөлэк иһигэр бааллар ини. – Сопхуос эстиэн аҕай иннинэ этэ дуу, сүүрбэттэн тахса сабыс-саҥа дубуобай уһааттары аҕалан, ыанньыксыт аайы https://kepseen.kali.su түҥэппиттэрин өйдүүр инигит? Олор бары ыалларынан ыһыллыбыт буолуохтаахтар. Дьиҥинэн, уһааттар паайга бэриллибэтэхтэрэ, онон эйэнэн аҕалбатахтарына, былдьаан да ылыахха сөп. – Эс, былдьаабатар да, киһилии быһаардахха, биэрэллэр ини. – Оттон хомбукуорум дьыалата хайдаҕый? Ол аһа суох кыайан көөнньөрбөлөммөт этэ дии. – Министиэристибэ лимиит быһыытынан бэрсиэх буолан турар, ол хаһан иннэ-кэннэ быһаарыллыар диэри сиири бэйэбит булуна сатыахпыт. Билигин Миитэрэй Сергеевич биир чааһынай тэрилтэттэн https://kepseen.kali.su 50 туонна комбикуоруму уонна оччо эбиэһи атыылаһар туһунан кэпсэтэ сылдьар. Төлөбүрэ этинэн буоллар ханнык дэһэбит. – «Эт» диэбиккэ дылы төһө субаны, төһө убаһаны «туттар» үһүбүтүй? — Кэтэх сүөһүбүтүн пиэрмэҕэ холбуу көрөрбүтүн быйыл да көҥүллүүр инигит? Ити курдук күннээҕи үлэттэн-хамнастан, дьиэ иһинээҕиттэн саҕалаан, уруккуга-хойуккуга диэри бэрт үгүһү кэпсэппиттэрэ. – Бу арыыттан биһиги хойут киирбиппит, – диэбитэ Огдооччуйа. – Онуоха диэри туспа холкуос буолан, манна үрдүттэн сүөһү көрөн, https://kepseen.kali.su оттоон-мастаан ньидьирээн олорбуппут. Аҕам Уйбаан 1943 сыллаахха сэриигэ барарыгар, мин икки саастаах оҕо хаалбыппын. Ийэбит балаҕаммыт аанын таһыттан баттатан бардаҕына, убайым Дьөгүөркэ, оччолорго биэстээх оҕо, ытаатарбын эрэ, айахпар лэппиэскэ тоорумаһын уоптаран кэбистэҕинэ, ону эмэммин тохтуур үһүбүн. Улахан убайым бөһүөлэккэ эдьиийбит аахха дьиэлэнэн, оскуолаҕа үөрэнэр эбит. Оо, оччотооҕу холкуос үлэтин ким ааҕан ситиэ баарай? Пиэрмэ ыанньыксыттара уонтан тахсалыы ынаҕы ньирэйдэрин кытары https://kepseen.kali.su холбуу көрөллөрө, ыабыт үүттэрин бэйэлэрэ астаан арыылыыллара. Туспа ньирэй көрөөччү уонна асчыт диэн хойут, мин үлэһит буоларым саҕана эрэ, көрүллэр буолбуттара. Аны ыам быыһыгар кыһын бааһынаҕа балбаах таһаллар, саас бааһынаны хорутан бурдук ыһаллар, сайын оттууллар, күһүн бурдук быһаллар. Хата, бурдугу ханна эрэ тиэйэн барар буоланнар, биир түбүктэн босхолууллара. Ээ ити эрээри, сиир бурдукпутун бэйэбит дьаһайар быһыылаах этибит, элгээн тоҥноҕуна киллэрэннэр мууска молочонон сынньалларын https://kepseen.kali.su өйдүүбүн. Хараҥаттан хараҥаны ыпсаран үлэлиир дьоммутугар оҕолор көмөлөһөрбүт. Уон үстээх-уон түөртээх оҕолор бэйэлэрэ бүтүн үлэһити солбуйаллара, оттон кыра бэдиктэр да тустаах үлэбит үгүһэ. Дьиэ харбааһына, түннүк кырыатааһына, хаары уулааһын, уокка оттор маһы кыстааһын… Мин алтабыттан хотоҥҥо тахсыһан, ынах этэрэр буолбутум. Сэрии да кэннинээҕи сылларга оҕолор мэлдьи тугу эрэ сиэбит, тото аһаабыт киһи диэн санаалаах сылдьарбыт, ынах этэрэрбэр мин айахпар үүт ыанар этим. Ким өй укпута буолла? https://kepseen.kali.su Биирдэ тардыыга айаҕым иһэ сып-сылаас үүтүнэн туолар, ону ыйыстан кэбиһэн баран уоспун-тииспин соттобун. Сороҕор дьабадьым бүтүннүү үүт буолан, ийэбин күллэрэбин. Сэттэбиттэн сымнаҕас, дьэллэркэй эмиийдээх, иэтигэн ынахтары ыырга үөрэммитим. Һэ-һэ, киһи да күлэр, тууйаһым айаҕын сыыһа тэптэрэн, дэлби тобукпар ыабытым илийэн баран хаппыта хах курдук буолар. Ону ийэм имитэ-имитэ тэбээн кэбиһэр, санаатах аайы уларыттар таҥас суох буоллаҕа. Аны бурдугу суорунаҕа тардыы диэн баар ээ! Хааһы уонна https://kepseen.kali.su лэппиэскэ бурдугар суорунаҕын бөтөрөҥнөтө соҕус тардан, начаас бүтэрэҕин, оттон алаадьы бурдугар тааскын аа-дьуо, сыыллары эргитэҕин, оччоҕуна наһаа үчүгэйдик мэлиллибит бурдук түһэр. Ийэм ол киэһэ алаадьылаан, саха тэҥэ суох дьон буолабыт. Холкуос хотонун кутуйаҕа оскуолаҕа аҕыспын ааһан баран, 1949 сыллаахха, киирбитим, хас оҕону ыалга дьиэлиэхпиний диэн, ийэм ол күһүн бууннаан туран, күүһүнэн бөһүөлэккэ көһөн киирбитэ. Аны санаатахха, туһугар хорсун дьахтар эбит. Эмиэ да сөп ээ, сэрииттэн https://kepseen.kali.su этэҥҥэ эргиллибит бырантабыыктар бөһүөлэккэ дьиэ-уот бөҕөтүн туттубуттара, арай, биһиги эрэ, арыы түгэҕэр саах сыбахтаах эргэ балаҕаҥҥа хаалан хааллахпыт. Сыыйа атын ыаллар эмиэ көһүтэлээннэр, арыыбыт барахсан иччитэхсийбитэ. – Эдьиэй, атын ыаллар диэн кимнээх этилэрий? – Оо дьэ, араас бэйэлээх үтүө-мааны дьон олорон ааспыттара. Ини-бии Саабыннар диэн холкуос туруу үлэһиттэрэ бааллара. Кыра быраат Түмэппий биһиги таспытыгар олороро, аҕам доҕоро үһү. Биэс оҕолооҕо биһигини кытары иэл-тиэл https://kepseen.kali.su буоланнар, бииргэ оонньоон улааппыппыт. Кыра мааны кыыһа Өрүүскэ, ити Ирина Тимофеевна, билигин оскуолаҕыт учуутала. Түмэппий биир дьикти дьарыктааҕа — атыыр оҕустары харсыһыннарар идэлээҕэ. Бэйэбит холкуоспут оҕуһугар утары туруоран, Кылыстан оҕус киллэрэрэ. Эрдэттэн кэпсэтии ыытан, үлэһэн-болдьоһон, ол аайы төттөрү-таары тыынан кэлэн-баран, бөһүөлэктэн биитэр нөҥүө алаастан атын холкуос атыыр оҕуһун уларсан аҕалыах, өссө боротуоханы туоратыах диэтэххэ, дьэ, сыра-хара диэбэккиэн? Кыдьык диэн https://kepseen.kali.su хор, оннук! Билигин да бу баардыы өйдүүбүн: силтэллибит атыыр оҕустар айаатыыр саҥалара ыраахтан аҥааттан иһиллэр, онтон мөҕүрүү-мөҕүрүү кырдалга киирэн, бэйэ-бэйэлэригэр суоһурҕансан, муостарынан сири тоҕо силэйэллэр, атахтарынан буору хаһыйаллар итиэннэ «Чэй!» дэспиттии, хапса түһээт, харсан киирэн бараллар, сири тоҕута тэпсэн, илдьи кэһэллэр. Дьэ, чахчы даҕаны киһи эрэ барыта умсугуйа көрөр хартыыната этэ! Дьэпсиэйэптэр диэннэр бааллара. Эһэлэрэ Сэмэн оҕонньор сайын өрүһүнэн, тыанан сылдьан https://kepseen.kali.su сордоҥҥо, дьорооскуга, күстэххэ, собоҕо, күөнэххэ туулуур, күһүн муҥхалыыр, кыһын ыйы ыйынан ыраах тыаҕа бултуу барар. Бу санаатахха, кырдьаҕаһынан холкуоска үлэлээбэт быһыылаах эбит. Бултуур-алтыыр киһитэ суохтар кини илиитин-атаҕын дьэ, кэргэттэринээҕэр ордук кэтэһэбит-манаһабыт, барахсан бэйэтэ даҕаны биһигини уонна Сэргиэйэптэри, ити билигин дьассаакка үлэлиир Саргылаана Платоновна аҕата ааҕы, «аармыйа тулаайахтара» диэн бэркэ хатаҕалыыра. Ат сыарҕатын муҥунан таба этэ, куобах уонна мас https://kepseen.kali.su көтөрө бөҕөтүн тиэйэн аҕалар ээ! Үөрүү-көтүү, этэн көрө-көрө күлүү, хардарыта күндүлэһии! Сибиэһэй булт этинэн дэлэйэ түһэбит! Ону уонна муҥха балыгын идэһэ тыһаҕаспыт этигэр эбэн, саас ынах төрүөр, үүт ас дэлэйиэр диэри син тиийэбит. Сэмэн сиэннэрэ үксүлэрэ ким эргэ тахсан, ким үөрэҕи батыһан киин сиргэ барбыттара, Кылыска уолун оҕолоро Виссарион уонна Сэмэнчик бааллар. — Ээ, Висса уолаттара ол иһин саас аайы манна киирэн хаастыыллар эбит дии. – Эдьиэй, хата, били былыргы Сээн Сиэҥкэҕин https://kepseen.kali.su сэһэргээриий. – Абааһытын баран! – Кэпсээ-кэпсээ, эдэрдэр былыргыны билэллэрэ наада. Ульяна, манна кыһын дьахтар эмэһэтин үлүтэр эр бэрдэ баара үһү! – Туох даа? Ону тоҕо хостоон биэрбиттэрий? – Дьэ, хостообуттар. Хостоппуттар! – Кэпсээ-кэпсээ, эдьиий, биһиги да истиэ этибит. – Оо, алыс да хаайдыгыт. Чэ, кэпсиим. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин быдан иннинэ Сээн Сиэҥкэ диэн тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу киһи баар эбит. Биир дьээбэ кэмэлдьилээҕэ үһү. Ол тугуй диэтэргит – дьэ, туох да олус дьахтарымсах, уһун https://kepseen.kali.su суһуохтаахха барытыгар «сээн» дэтэр эбит. Оннук киһини «дьахтар киһитэ» диэччилэр. Биир кыһын үөлээннээҕэ үөс нэһилиэктэн чороччу улаатан эрэр оҕолоох дьахтары ойох ылан, сүгүннэрэн киллэрбит. Дьоҕус чалбараҥ оҥорбуттар. Биһиги киһибит онтон матыа дуо, тиийэн аһаан-сиэн, саҥаран-иҥэрэн күлүбүрэтэн, дьону күллэрэн-үөрдэн, остуолу киэргэппит. Кийиит Мааппа бааһынайдыы көрүҥнээх дьахтар эбит (кэлин Мааны Мааппа диэн ааттаммыта), Сээн олус баҕара санаабыт, анарааҥҥыбыт да кинини бэркэ абылаппыт https://kepseen.kali.su хараҕынан көрбүт. Хас да хонук ааспыт. Эдэр киһи имэҥин туох бобуой? Ахсынньы анысхан тымныытыгар үөмэн тиийэн, баҕалааҕын кыбыылаах окко кэтээбит. Төһө өр сыппыта биллибэт, төһө тоҥмута-хаппыта кэпсэммэт. Оту симэр талах салааскатын соспутунан дьахтара тиийэн кэлбит. Соһуйбут-өмүрбүт, ол эрээри, таптаһар сүрэхтэри туох тохтотуой, от кэтэҕэр сытан тутуспуттар! Ол кэнниттэн Мааппа барахсан кэннин көп этин үлүтэн кэбиһэн, бэркэ диэн эрэйдэммитэ үһү. – Һэ-һэ! Аанньа буолуо дуо, бытарҕан тымныыга https://kepseen.kali.su тоҥ окко сыппыта? Оннооҕор таһырдьаттан түүрэн киллэриэх икки ардыгар киһи илиитин хаарыйар дии! – Төһө да сир аайы көрсүүлээх, дьахтар аайы оҕолоох аатырдар, Сиэҥкэ оҕонньор кэлин кырдьан олорон: «Мааны Мааппаттан ордук дьахтары тутуспатаҕым», – диирэ үһү. Кини сыдьааннара бөһүөлэккэ бааллар эрээри, кимнээхтэрэ этиллибэт, аны, бостуой хаадьы оҥосто сылдьыаххыт. – Эдьиэй, оттон били «хоруобун хас да төгүл оҥостубут» диир киһилэрэ, Поротов оҕонньор, эмиэ манна олорбута үһү буолбат дуо? – Тыый, https://kepseen.kali.su ол мин эһэм дии, ийэм аҕата! Бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах кырдьаҕас үһү. Эдэригэр манна Баай Бөрөскүөп сүөһүтүн көрө киирэн баран, эмиэ бэйэтин курдук сүөсүһүт ыал кыыһын ойох ылан, олохсуйбут. Оччолорго кырдьаҕастар эрдэттэн тэринэн, анараа дойдуга кэтэн барар таҥастарын уура сылдьар үгэстээхтэрэ. Мин эһэм киһи бэрдэ Кириисэ Поротов ону аһары түһэн, биир уус киһиэхэ алтан сылабаарынан кириэс оҕустарбыт уонна күтүөтүгэр, мин аҕабар, бэс маһынан хоруоп оҥорторбут. Ол хоруоп хас да сыл ампаар https://kepseen.kali.su үөһэ ууруллан сыппыт, дьон бастаан эрэ сүрүргээн бараннар, кэлин үөрэнэн хаалан, дьөрү кыһаммат буолбуттар. Арай, биир сайын холкуос бурдуга тиэрэ үүммүт! Мин дьонум, икки туруу үлэһит эдэр дьон, элбэх үлэ күннээх буоланнар, дохуот бөҕөтүн аахсыбыттар, ылбыт бурдуктарын ханна да батарар сирдэрэ суох буолбут. Ээ ону аҕам ылбыт да, кынна оҕонньор хоруобугар томточчу кутан кэбиспит. Эһэм кэлин ол хоруобун уматан баран саҥаны оҥорторбут. Сэрии иккис сылыгар өлбүтүн, аҕам уҥуох туппут. Бэрт түүллээх https://kepseen.kali.su эбитэ үһү. Биир сарсыарда дьоммор көтөн түһэн, маннык кэпсээбит: «Тукаларыам, бөөлүүн дьэ иччилээх түүлү түһээтим. Бу арыым хордоҕойугар турар эбиппин, тулабын көрүммүтүм, арай, кыстыкпыт кубус-кураанах! Дьиэ-уот да суох, эгэ, киһи-сүөһү кэлиэ дуу? «Тыый, дойдум, дьонум-сэргэм бараммыттар!» — диэн хомойуу бөҕөтүн хомойдум. Ол тураммын өйдөөн көрбүтүм, арай ити бааһына кырдалын үрдүнэн буруо субуллан тахсар! Наһаа синньигэс буолбатах. Инньэ гынан: «Кэбис, эстибэтэхпит, дьон баар эбит!» – диэн https://kepseen.kali.su үөрүү бөҕөтүн үөрэн уһугуннум», – диэбит. Оччолорго аҕам баара үһү, мин биһиктээх оҕо эбитим дуу, ийэ иһигэр сылдьарым эбитэ дуу, биллибэт. Ийэм итини хойут, мин эргэ тахсыбытым кэннэ, кэпсээбитэ, көр, онно чуолкайдаан ыйытан хаалар өй мэлигир буоллаҕа. Онон, доҕоттор, Кылыс нэһилиэгэ баарын, сүөһүнү-сылгыны ииттэрбит тухары бу дойду төрүт иччитэхсийиэ суоҕа. Эбэбит барахсан уйгутун-быйаҥын ууна туруоҕа!
Ыанньыксыттар сарсыарда эрдэ туран, ынахтарын ыан киллэрбиттэрин Асчыт Маайака сүүрдэ охсубута. Онтон сэппэрээтэрин өһүлэн, сууйан, чаас чааһынан хортуон дьааһыкка укпута. Өндөрөй диисэли арааран, уот боруобатын хомуйбута. Күһээбит дьон мала-сала диэн быстах аһыыр иһити-хомуоһу кытары утуйар таҥас эрэ этэ эрээри, барытын бииргэ чөмөхтөөбүт кэнниттэн балачча үллэн-баллан көстүбүтэ. Ити кэмҥэ бэтэрээннэр биригээдэлэрэ түөрт сыарҕалаах https://kepseen.kali.su атынан астаран кэлбиттэрэ. – Арыы дьоно, дорообото тутуҥ! – Албан ааттаах, аттаах байыастарга айхал! – Малгытын көҕүрэтэ туруохпут, иккитэ кырынар инибит, – диэбитэ Ыстапаан Уйбаанабыс. – Сүөһүнү таһаарааччылар күнүс 11 саҕана кэлиэх буолтара, эһигини көһөрөн эрэ баран холкутук эбиэттиир санаалаахтар ол дьон. Хайа, Маайака, дьахталларыҥ? – Сүөһүлэрин далга таһааран баран, хотоннорун күрдьэ сылдьаллар. – Бу көс ортотугар туохтарын күрдьүүтэ баҕайытай? – Эдьиий Огдооччуйа дьаһала, кураан https://kepseen.kali.su дьыллар эҥээрдэригэр үктэннибит, эһиил да манна күһүүрбүт буолуо диэн эрэрэ. – Кини киһи дьэ, билэн эттэҕэ. – Эһиги бастаан дьиэҕэ тиийэр малы илдьиҥ, – Маайака бакырыбааланан баайыллыбыт күскэҕэр суулаахтары ыйда. – Өйдөөҥ, бу миэнэ, бу Маарыйа, бу Огдооччуйа, бу Өктөбүрүүнэ, бу Өндөрөйдөөх киэннэрэ, бутуйбаккаҕыт, тиэргэммит иһигэр киллэрэн уурталаарыҥ. Сэрэнээриҥ, суол охсуутугар сыарҕа халыйан, аара түһэрэн кэбиһиэххит. Кыдьымах тэбиитэ да сөп оҥоруо. — Туох диэн эттэҥий, быалаахпыт, https://kepseen.kali.su баайыахпыт. – Бу Маайака кыыс, көр, биһигини төрүт холуон урдустар курдук саныыр ээ. Уолан сааспыт ааспыта быдаарыйбыт уолаттарбыаат. Һэ-һэ-һэ! Һаат-һат-һат! Таһаҕастаах сыарҕалар хоҥнубуттарын кэннэ, ыанньыксыттар хотонтон бүтэн киирбиттэрэ. – Маллары илтилэр, туох кимиэнэ буоларын барытын быһааран, дьиэлэринэн түһэриҥ диэн этэн ахан ыыттым, – дии көрүстэ Маайака. – Өр гыныахтара суоҕа, начаас типтэрэн эргиллиэхтэрэ. Сүөһүнү үүрээччилэри 11 эргин кэлэллэр диэтилэр. – Чэ, бэрт. Сүөһүнү кыратык https://kepseen.kali.su хаптара түһэрбит дуу, эдьиэй? – Хайа, хаптарбакка! Өндөрөй, кытаат эрэ, тахсаҥҥын биир бугулу ордорон баран, оккун төһө баарынан ыһан биэр. Кыраны кыра курдук, дьон кэлиэр диэри тамырҕаттыннар. – Сөп, – саҥа дорҕооно сүтэ илигинэ аан сабылынна. Бөһүөлэк дьоно болдьообут кэмнэригэр кэлбиттэрэ. Кинилэр алтыа этилэр, ону таһынан били сыарҕалаах аттаах кырдьаҕастар бааллара. Миитэрэй Сергеевич далга хааллан турар сүөһүнү астына көрбүтэ. – Тыый, били сайыҥҥыларынааҕар чыха атын «дьон» буолбуттар https://kepseen.kali.su доҕор! Дьэ, табаарыс дайааркалар, эһиэхэ улахан махтал! – Хотоҥҥо киирэн баран, сөхпүтүн омунугар үөгүлүү түспүтэ: – Хайа, бу хотоҥҥутун эргиччи сыбаан, ып-ыраастык күрдьэн, төрүт олохтоохтук оҥостон олорбуккут дии, кыстыахха да сөп буолбут! – Туох диэтэҥий, оннооҕор отууга оннугун киһилии оҥоһуннаххына эрэ, үчүгэйдик хонон тураҕын буолбат дуо? Иннэ-кэннэ аһаҕас, тымныы хотоҥҥо сүөһү дьиэтийбэт, ынах иэппэт. Ити икки ардыгар икки сыарҕаҕа ордубут малы-салы тиэйбиттэрэ. Оттон төрдүс сыарҕаҕа тобох https://kepseen.kali.su оту тиэйэн баран, хотонноох балаҕан икки ардынан аҕалан тартарбыттара. Дал аанын аспыттарыгар ынахтар сэрэммиттии биир-биир тахсаннар, ким да кыһаммат курдугуттан эрдийэн, тула өттүттэн ньалбаабытынан барбыттара. – Махсыым Игнатьевич, чэ, аккын хаамтар, бастакы сүөһүлэр батысталлар эрэ, кэнникилэр хаалыахтара суоҕа, – Миитэрэй Сергеевич хамаанда биэрдэ. – Уолаттаар, эһиги сүөһү быыһынан тарҕаһан, көрө-истэ иһиҥ. Доҕоттоор, хоҥуннубут! Сүөһүлэр илим хотоҕоһунуу субустулар. Сыарҕалаах оттон быһыта https://kepseen.kali.su тардан сии испит ынахтар боротуохаҕа киириигэ тохтоон, мууһу сытырҕалаан бараннар, отторо бара турбутун көрөннөр, эккирэтэргэ тиийдилэр. Кыдьымахтаах сиргэ үтүрүһүөх-анньыалаһыах курдук буолан иһэн, ким эрэ кикпитинии, биир биир батысыһан бардылар. Хап-харанан чөҥөрүйэн сытар килэҥ мууска тахсыыга кутталлаах сири туоруу охсуохтарын баҕарбыттыы, кытыл диэки бокуойа суох дьулурустулар. Субаттар уонна эдэр ынахтар халты тэбиннэхтэринэ даҕаны, тирэхтэрин сүтэрбэттэр. Оттон кырдьаҕастар бөгдөччү https://kepseen.kali.su туттан баран, сэрэнэн хаамаллар. – Оо, Өрүөстээх эрэйдээх, чэ, кытаат, чугаһаатыбыт! – түөрт мүһэтэ халыр-босхо баран салҕаластыы-салҕаластыы, аргыый аҕайдык иннин диэки дьүккүйбүтэ буолар ынаҕын өйүү былаастаан ойоҕолуу хааман иһэр Мотуруона ынаҕын да, бэйэтин да санаатын күүһүрдэр. – Өссө сүүрбэ хардыы… уон хардыы… Бостуук Өндөрөй сүөһүнү хаалларбат сыаллаах, саамай кэнники испитэ. Арыы бу уһугуттан кытыл дьиҥинэн ырааҕа суох, сатыы киһи сүүрбэччэ мүнүүтэ хааман туоруур. Кэнники сүөһүлэр https://kepseen.kali.su мууска саҥа киирэллэрин саҕана бастакылар кытыл үрдүк томторун дабайан хотоһон эрэллэрэ көһүннэ. – Өһ-һөөх! – диир бэрт куһаҕан саҥа иһиллибитигэр хайыһа түспүтэ, сүөһү ааспыт суолуттан арыый туора икки сүөһү күөрэлэммит муус быыһынан ууга булумахтана сылдьар эбиттэр. – Туй-сиэ! Туох сиикэйэ манаан сыппытай? – абатыттан сиргэ силлээт, нотуруускалыы бааммыт быатын хаба тардаат, сүүрэн тиийэн, арыый бэтэрээ диэки сылдьар ынах муоһугар иилэ быраҕан баран, тардыспытынан барда. Ынаҕа тахсыахча үнүйэн https://kepseen.kali.su көрөн баран кыаммата, сатахха, дириҥэ бэрт буолан, атаҕа сиргэ тургуйбакка, биир кэм булумахтана сылдьар. Мууска уу таһымнаан, аны халтыраана олустаата! Ити икки ардыгар Бааскалаах Миитээ ыстанан кэлэннэр, биир уһун быанан ынаҕы кэнниттэн ылларан баран, «чэй!» дэһээт, уу түллүүтүгэр тэптэрэн, ньылбы тардан таһаардылар. Сотору иккис ынаҕы соһон таһаардылар. Куттаммыт, тоҥон бөҕүөрбүт сүөһүлэр тута хааман биэрбэтилэр, ону самыыга таһыйа-таһыйа илдьэ бардылар. Кытылы булларан эрэ баран, үөһэ https://kepseen.kali.su тыыннылар. Сүөһү барыта тахсыбытын кэннэ Ульяна кэннин хайыһан көрбүтэ, арай, үөс кыдьымаҕын бэтэрээ өттүгэр, кытылтан чугас, килэҥ мууска биир ынах сытан хаалбыт. Мырааны дабайа сүүрэн эрэр уолаттары үөгүлээн ыҥыран ылан, төрдүө буолан тиийиилэригэр, бу эрэйдээҕиҥ өрүһүлтэ кэлбитин билбиттии, ыҥыранаахтаан баран, иннин диэки дьүккүйбүтэ буолла. Онно сөп түбэһиннэрэн, нэһиилэ көтөҕөн туруордулар. – Сэрэниҥ, баҕар, атаҕын эчэппитэ буолуо. Ынахтара төбөтүн быһа илгистимэхтээтэ, онтон тымныы мууска https://kepseen.kali.su сытан көһүйэ быһыытыйбыт этин-сиинин уһугуннарардыы, ис-иһиттэн дьигиһийбэхтээн ылла уонна иннин диэки үнүөхтээтэ. Пиэрмэҕэ кырдалыгар тахсар аартыкка чугаһаабыттарын кэннэ, ыанньыксыт Өктөбүрүүнэ бэркэ тиэтэйэ-саарайа иһэрэ көһүннэ. Хааман ирбит, кытаанах сиргэ үктэнэн куттаммыта ааспыт ынах иччитин билэн үҥсэргээбиттии ыҥыранан ылла, тиийэн сытырҕалаан көрдө уонна хотонун диэки батыччахтыы турда. – Оо, бу Маартам суох буолан, ыксаатым даҕаны! Хантан буллугут? – Мууска охтон хаалбыт. Хата, тугун https://kepseen.kali.su да өлөрбөтөх. Атыттар ынахтара бааллар ини? – Туох да айдаан суох, этэҥҥэлэр быһыылаах. – Өктөө, эчэйбитэ буоллар, Маартаҕын сонно тыынын салҕаан кэбиһиэ этибит, — диэн баран Бааска куота сүүрдэ. – Эмис баайы эбит! – Биһиэнэ кэм айахпыт айдаана! От тиийбэтэ эрдэттэн биллэр буолан, отторун бэркэ кэмчилээн сиэппиттэрэ. Арыыттан киирээт, оннуларын-тойдорун булунан баран, көөнньөрбө оҥоруутун саҕалаабыттара. Пиэрмэҕэ урукку өттүгэр үлэлиэхтээҕэр буолуох, алҕаска даҕаны атахтарын укпатах ыаллар https://kepseen.kali.su олбуордарыгар тиийэн хаалбыт, 200 лиитэрэ уу киирэр истээх, дууп маһынан оҥоһуллубут буочукалары сороҕун моргуордаах соҕустук төннөрбүттэрэ. Ону Ульяна эмиэ хайа күн оҕонньоттору кытары сыарҕалаах атынан кэрийэн хомуйбута. – Бу сопхуостар оннооҕор буолуоххутун ыһан-тоҕон бараҥҥыт, тобохтоһо сатыы сылдьаҕыт дуу? — кытаҕас илиилээҕинэн аатырар Кэтириинэ Сиидэрэбинэ баанньыгар ууран турар хаарыан буочукатын ыһыктар абатыгар кыһыылааҕа буолаарай диэн саҥара хаалбыта. – Бүтүн мунньах быһаарбытын, https://kepseen.kali.su нэһилиэк баһылыга бирикээс таһаарбытын үрдүнэн биэрбэтэх буолан бараҥҥын, тылга тииспэккэр көрдөһүллэр, – Махсыым кырдьаҕас да кытаанаҕын көрдөрбүтэ. – Истиэххитин тиэтэйдэххитинэ, мин маны атыылаһан ылбытым. – «Арыгыга мэнэйдэспитим» диэ, ол чахчы буолуо! Көөнньөрбө састаабын уопсай сүбэнэн оту уонна былаҕы кырбаан, онно биир биэдэрэ комбикуорманы кутан оҥорорго быһаарбыттара. – Уруккута буоллар, бурдугун элбэҕи кутуллуо этэ да, билигин кэммит атын, – диэбитэ Огдооччуйа пиэрмэ мунньаҕар. – https://kepseen.kali.su Кыргыттар, дьэ, оту да, былаҕы да төрүт бытархай гына кырбыаҕыҥ, биир баайыы былаҕы үс күҥҥэ тиэрдиэҕиҥ, эмп эрэ курдук, былахпыт бүтүүтэ мутукчабыт кэлиэҕэ. Көөнньөрбөнү убаҕас гына оҥоруоҕуҥ. Оттон бу табаарыс хачыгаар, Никииппэр уолчаан, дьэ, пааргын кытаат, буочукаларгын үчүгэйдик итит, сопхуос хачыгаардара кыраадыстаах сылдьан, паары онон кээмэйдээн үрдэрэллэрэ. Оччоҕуна эрэ оттоох, былахтаах бурдук көөнньөн тахсар, ол иһин көөнньөрбө диэн ааттанар. Сарсыарда буочука хаппаҕын арый да, сыта https://kepseen.kali.su төрүт дыргыйа түһүөхтээх! Талбытынан буоллар, туус уонна балык сыата эмиэ наада этэ. Уля, кытаатан ону хааччыйа сатааҥ, көөнньөрбө туустааҕа ордук. Оттон ууну баҕас күннэтэ бастарар инигит? – «Бодобуос» Бииктэр сүүрэр. – Чэ, оччоҕуна син тулуктаһа сатыахпыт. Ынахтар куҥнаах эрдэхтэринэ, үүтү ыан хаалыаҕыҥ, кыһын моонньо уһун, ас-үөл мөлтүүрүгэр уолларыахпыт. Ноҕуруускалара улахан буолан, кэмчи аска үүттээх ынахтар ордук оҕустарыахтара. Сэрэйбиттэрин курдук, сайаапкаламмыт от https://kepseen.kali.su кэтэһиннэрэн-манаһыннаран, «оччоҕо кэлэр үһү, баччаҕа кэлэр үһү» дэтэн-дэтэн баран, кулун тутар саҕаланыытыгар эрэ кэлбитэ. Онуоха диэри отторун салаанан ааҕар кэриэтэ сиэппиттэрэ уонна эбии аһылыгы күүһүрдүбүттэрэ. Бэтэрээннэр биригээдэлэрэ өссө кыһын эрдэ, хаар халыҥыы илигинэ ходуу ходуйбута, мутукча быспыта, оттон хаһаайыстыба салалтата нэһилиэк тэрилтэлэрин көҕүлээн хаста да субуотунньук тэрийэн, күөл былыыгын хостообута уонна онно эбэн оҕо саадыттан, оскуолаттан ас тобоҕун хомуйбута. Кэлии https://kepseen.kali.su от хаачыстыбата мөлтөх, аҥаара сэтиэнэх буолан, оскуолаҕа «итии аһылыгы» этинэн хааччыйар кэпсэтиигэ эбиэс сиэмэтинэн гидропон үүнээйини үүннэртэрэннэр, ырыганнаабыт сүөһүнү эмтиэкэлииргэ, төрүүр ынахтары эбии аһатарга туттубуттара. Огдооччуйа күн өрүү-өрүү икки хотонунан кэрийэн, сүөһүнү барытын көрөр-истэр, бэйэтэ этэринэн, обхуот оҥорор идэлээҕэ. Аһылык кэнниттэн топпокко турар борооскуну биитэр ынаҕы тута булан, тустаах үлэһиккэ: «Көр, һыллыа, бу сүөһүҥ иһэ бып-быһаҕас дии! Ыл, көөнньөрбөҥ https://kepseen.kali.su уутуттан иһэрдэн биэр! Сэрэнэр буол, күн аайы топпот сүөһү ыран киирэн барар» биитэр: «Хайыа, доҕор, бу ынаххын арыый боссоон аһатыыһыккын, ырыганнаары гыммыт: көр, түүтэ арбайан эрэр эбит уонна дэлби саланар буолбут. Быттыйан эрдэҕэ дуу, ону эмиэ көр. Сүөһү барахсан киһиттэн атына диэн саҥарбат эрэ, киһи кыһанарын-мүһэнэрин, таптыырын билэр», – диирэ. Уһуннук үлэлээбит, сааһырбыт ыанньыксыттар даҕаны ынахтарын киниэхэ көрдөрдөхтөрүнэ, сүбэлэттэхтэринэ эрэ астыналлара. Инньэ гынан, ас-үөл төһө да https://kepseen.kali.su татымын үрдүнэн, сүөһү маассабайдык ырыганнааһына таһаарыллыбатаҕа, хара сиргэ бары этэҥҥэ үктэммиттэрэ. Онно этэ дии Ульяна ыанньыксыттар уопсай хотоҥҥо иитэн турар кэтэх ынахтара хаһаайыстыба сүөһүтүнээҕэр быдан ордук туруктаахтарын туһунан сөбүлээбэтэхтии саҥарбытыгар, Огдооччуйа киниэхэ умнуллубат тыллары эппитэ: – Кээс, һыллыа, аны инньэ диэҥҥин дьонуҥ барахсаттары тэйитэн кэбиһээйэҥий. Сопхуос саҕанааҕы курдук ый аайы кэлэ турар хамнас суох, онон ыанньыксыт бэйэтин ынаҕын, сылгыһыт https://kepseen.kali.su бэйэтин биэтин холбуу көрөрүн төрүт хааччахтаамаҥ, үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаларын хайдах тэрийэри толкуйдааҥ. Дьэ ол оннугар үлэни ирдээҥ: «бачча ынахтан бачча ньирэй уонна үүт», «бачча биэттэн бачча кулун» диэн. Оччоҕуна эрэ дьон санаатын табыаххыт, оччоҕуна эрэ үлэһиттэниэххит. Хаһаайыстыба этэҥҥэ буоларыгар бары баҕарабыт. Бу биһиги, биэнсийэҕэ тахсыбыт эмээхсин дьахталлар уонна бэтэрээн оҕонньоттор, харчыны сомсон байа охсоору биитэр эһиги убаһаҕыт этигэр иҥсэрэммит үлэлии сылдьар үһүбүт https://kepseen.kali.su дуо? Суох. Сааспыт тухары сыраласпыт хара көлөһүммүтүн күндүтүк саныыр буоламмыт уонна эһиги, эдэр салайааччылар, хаһаайыстыбаны сайыннарар, үлэһиттэри хамнастыыр туһугар сүүрэргит-көтөргүт иһин, ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө сатыыбыт. Бу тыллары истиэр диэри Ульяна үлэ-хамнас тэрээһинин туһунан санаата наһаа чычаас уонна судургу эбитин билиммитэ, туох барыта хос түгэхтээҕин, биэтэстээҕин өйдөөбүтэ. Эдьиий эппитин кэннэ эргитэ санаан көрдөҕүнэ, ыанньыксыттар наай гыннар иккилии-үстүү эрэ https://kepseen.kali.su ынахтаахтара, ол ынахтарын отун бэйэлэрэ хааччыйаллара биитэр ходуһаларын хаһаайыстыбаҕа сыһыараллара, сылгыһыттарга да оннуга. Сорохтор аҥардас сол да иһин үлэлии сылдьаллара. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаһалынан, сопхуоска тохтоло суох 15 сыл үлэлээбит ыанньыксыттарга, 20 сыл үлэлээбит сылгыһыттарга ый аайы бэриллэр босуобуйа көрүллэн, үгүс киһи уурайбыта, инньэ гынан үлэлии сылдьар дьону тута сатыыр сүрүн кыһалҕа буолбута. Оттон Сэргэй Уоһукабыһы уола хаһаайыстыба салайааччыта буолан https://kepseen.kali.su кыһанар-мүһэнэр, былыр биригэдьиирдии сылдьан дьаһайбыт үөрүйэҕинэн үөлээннээхтэрин хамсатар диирэ, «бэтэрээннэр биригээдэлэрэ» диэн дорҕоонноохтук ааттыыр дьонун бырааһынньыктарга дьиэтигэр мунньан айах тутарын, күндүлүүрүн омнуолуу саныыра. Оо, эҥин араас күөрэйэ турар кыһалҕаҕа оҕонньоттор барахсаттар төһөлөөҕү абыраабыттарын ким ааҕан ситиэй?! Хотону, далы өрөмүөннээһин, сүөһүнү өлөрүү, муҥхалааһын, эбии аһылыкка былыык хостооһуна, дулҕа быһыыта… бу сорҕото эрэ буоллаҕа кинилэр көмөлөрүнэн https://kepseen.kali.su ситэриллэрэ. Кэлиҥҥи дьыллар эмиэ кураан буоланнар, пиэрмэ Хаастаахха өссө биэс сыл отордообута. Биллэн турар, элбэххэ туох суох буолуой, аҕыйах мөлтөх сүөһү саас күрдүккэ соһуллара ханна барыай? Ол эрээри, «Кылыс» саҥа үйэҕэ сүөһүтүн-сылгытын энчирэтиэхтээҕэр, ыанар ынаҕын уонна биэтин ахсаанын элбэтэн үктэммитэ.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүөһү иитиитигэр племенной үлэни тэрийии уонна ыытыы туһунан” диэн сокуон тахсан, племенной статуһу ылбыт хаһаайыстыбаларга судаарыстыбаттан көмө харчы https://kepseen.kali.su көрүллэр буолбута. Онно анньыһаары, “Сахаплемхолбоһугу” кытары сөбүлэһии түһэрсэн, Ульяна осеменатор Туйааралыын сопхуос Кылыстааҕы отделениетын племенной пиэрмэтиттэн хаалбыт докумуоннарынан сирдэтэннэр, удьуор үүттээх ынахтар утумнарын быһаарбыттара итиэннэ бонитировканы, хонтуруолунай ыамнары, ыйааһыннары сөргүтэн, хас биирдии ынахха анал хаартыскалары оҥортоон, племенной учуот үлэтин саҕалаабыттара. Муус устар ортотугар куораттан «Сахаплемхолбоһук» биир саамай уопуттаах исписэлииһэ Светлана https://kepseen.kali.su Никаноровна тахсарыгар күүстээхтик бэлэмнэнэн тоһуйбуттара. Намыһах уҥуохтаах, кыраҕа ымыттыбат көрүҥнээх, киэҥ харахтаах, сааһырбыт, модьу дьахтар бастаан икки хотон икки ардыгар турар, ыанньыксыттар таҥас уларыттар, сынньанар балтыһах дьиэлэригэр киирээт, «КВ» оһохтон соһуйбута: – Һок, сопхуос хочуола илэ бэйэтинэн! Хотонноргутун сылытаҕыт дуо? – Суох, көөнньөрбөлүүбүт. Салгыы эркиҥҥэ ыйаммыт күннээҕи үлэ былаанын, ыам көрдөрүүтүн экранын уонна түүҥҥү харабыллар дьуһуурустубаларын кыраапыгын https://kepseen.kali.su билсибитэ. Онтон хотоннору тилийэ кэрийбитэ, ынах ахсыгар ыйанан турар табылыыссалары көрбүтэ-истибитэ. Ыам саҕаламмытыгар, ыанньыксыттар ынах синньин хайдах сууйалларын-сотоллорун, туох туттар тэриллээхтэрин көрбүтэ. Бэйэтэ талан, уонча ынахтан мээрэй устубута, биир мүнүүтэ устатыгар уонна биир ыамҥа төһөнү ыаталларын кээмэйдээбитэ, үүт сыатын быһаарар анаалыска боруоба ылбыта. Арыаллыы сылдьар дьоҥҥо, Ульяналаах Туйаараҕа, дьөрү кыһаммат этэ, тугу эмит быһаараары гыннахтарына: «дьүөгээ, тугу https://kepseen.kali.su этэргин билэбин», – диэбиттии, бүлтэччи көрөн кэбиһэрэ, ол оннугар ыанньыксыттары кытары кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ, ону барытын эмиэ блокнотугар бэлиэтэнэн иһэрэ: – Манна үлэлээбитиҥ төһө өр буолла? Биир ынахха төһө оту, көөнньөрбөнү сиэтэҕиний? Бу ынаҕыҥ аата ким диэний, сааһа хаһай, хаһыс төрүөҕэй? Оҕото оҕус этэ дуу, тыһы этэ дуу? Ол иннинээҕилэрэ? Сыл устата төһө үүтү ыатарый? Былырыын төһөнү биэрбитэй? Сылга хас ынаҕыҥ кытарыырый? Көрүдүөр икки өттүнэн сэлэлии бааллан турар ынахтары көрүтэлии https://kepseen.kali.su иһэн, үөгүлүү түспүтэ: – Һок, бу туох айылаах кырдьаҕас ынахтарай? Төрүт суох оҥортооҥ! – Тыый, баар эрэ үүттээх, үчүгэй төрүөхтээх ынахтарым дии, – Балааҕыйа Макарова куттанан төгүрүччү көрө түспүтэ. – Бу кыс ортотугар хайдах..? – Зоотехник, тугу көрө сылдьаҕыный?! Бары «ах» барбыттара. «Племеннойданан-тойдонон бүттэхпит!» — дии санаабыта Ульяна. Хотон чэҥинэн бүрүллүбүт эркиннэрэ лаампа уотугар элэктээбиттии чаҕылыспыттара. Ити кэмҥэ Огдооччуйа хотон ортотугар лаглаллан турар хотун хаан https://kepseen.kali.su дьахтарга оргууй чугаһаан кэлэн, бэрт холку куолаһынан унаарыппыта: – Бэйи-эрэ, доҕоор, эн бу били сопхуос кылаабынай зоотехнига Филипп Трофимов племенной пиэрмэни тэрийбитигэр кэлсибит кыыс эбиккин быһыылаах дии? Баараҕадыйбыккын. Өссө төрдүм Мэҥэ Хаҥалас диэбиккин өйдүүбүн. – Кырдьык уонтан тахса сыллааҕыта кэлэ сылдьыбытым, – куолас арыый намыраабыта. – Эн ким этигиний? – Светлана Никаноровна, бу «Бочуот знага» уордьаннаах кырдьаҕас ыанньыксыт Евдокия Ивановна Кириллова! – Ульяна билиһиннэрэ https://kepseen.kali.su охсубута. – Эн сылдьаргар племенной туҥуйдарга үлэлиир этим, ону бэркэ хайҕаан барбытыҥ. Күһүн аайы уулаах бургунастары ылан, көрөн-истэн төрөтөн, үүттүтэн, сириннэрин сайыннаран, ынах оҥортоон эрэ баран, ыанньыксыттарга туттарарбыт. Бүтүн бэтилиэккэ устата элбэх бургунас мин илиим иһинэн ааспыта. Дьэ олортон ордубут «кыргыттар» бу тураллар – төрүөх бөҕөтүн биэрэн, үүт бөҕөтүн ыатан баран, бэйэбэр дылы эмиэ кырдьаҕас аатырдылар. – Үрдүк кылаастаах ынахтар диэ… Баайы үллэрии саҕана көр, ыспатах https://kepseen.kali.su эбиккит ээ, – куолас биллэрдик сымнаата. – Тыый, ол иирэммит ыһыахпыт дуо? – Оо, эдьиий, дьон барыта эн курдук саныыра буоллар! Сопхуос аайы кэриэтэ племенной пиэрмэ бөҕөтө тэриллибитэ да, олортон билигин ахсааннааҕа эрэ баар. Киһи кыһыйыах, үлэлии сылдьыбыт исписэлиистэр бэйэлэринэн үрдүк хааннаах ынахтары талан ыланнар, сүүскэ биэртэлээн тураллар! «Үүттээх ынах силиилээх, көмүрүөлээх баҕайы буолар!» – дэһэ-дэһэлэр… — Манна да баайы үллэҥнэппиттэрэ эрээри, бастыҥ тыһаҕастарбытын төрүт https://kepseen.kali.su тыыттарбатахпыт. Олорбут төрөөннөр-ууһааннар, бу хаһаайыстыба аатын ылан олоробут. – Евдокия Ивановна, билигин тугу үлэлиигиний? – Ээ таах олоруохтааҕар, уонча ынаҕы ыыбын уонна настаабынньыктаабыта буолабын. – Наставникпын даа? Ол иһин да көөнньөрбө эҥин бөҕөтө эбиккит. – Хайа, сылаас көөнньөрбө буоллаҕа көҕүрээбэт үүт диэн. – Буочука аттынан ааһан истэххэ, сыта дыргыйан үчүгэйэ сүрдээх! Сопхуос саҕана биир фуражнай ынахтан сылга төһө үүтү ыыр этигитий? – Бүтүн пиэрмэ үрдүнэн үс тыһыынча киилэ https://kepseen.kali.su буолара, бастыҥнарбыт түөрт тыһыынчаттан түспэттэрэ. – Оттон билигин көрдөрүүгүт түстэ ахан ини? – Түһэн бөҕөө! Итини истээт, Ульяна сүрэҕэ тохтуу сыспыта! Оок-сиэ, эрдэ этэн сэрэппэккэ, угаайылаах ыйытыыга киирэн биэрдэхтэрин көр! – «Түһэн» диэн ол төһөнүй? – Никаноровна лаппыйан ыйытта. – Икки эрэ тыһыынчаттан тахсаа, – Огдооччуйа мыыммыттыы эҥээриттэ. – Урут ол диэн кыра аатыраахтыыра. Дьиҥинэн, көрдөрүүбүт үчүгэй буолуохтааҕын, бу ааспыт кураан сыллар тэптилэр. Ол эрээри, бастыҥнарбыт https://kepseen.kali.su Маарыйалаах Таанньа көрдөрүүлэрэ лаппа үрдүк. Төһө этэй, кыргыттар? – Ааспыт сыл түмүгүнэн, Мария Петровна Анастатова 2 400, Татьяна Гаврильевна Иванова 2 350 киилэни ыабыттара, – диэтэ Ульяна өрүһүспүттүү. Ыарахан балаһыанньаттан быыһаан ылбыт Эдьиий Огдооччуйаҕа кини сүрдээҕин махтана санаабыта. Арай, итиннэ: «икки эрэ тыһыынчаттан тахса» – диэбэтэҕэ буоллар, ирдэбиллээҕинэн аатырбыт хотун салгыы тугу да истэ барыа суохтааҕа. (Сорох ыанньыксыттар сыл устата 1 700 киилэ үүтү ыыллара эрээри, https://kepseen.kali.su бастыҥнар суотттарыгар орто көрдөрүү племенной хаһаайыстыбалартан ирдэнэр таһымҥа тахсара). «Ыамҥыт намыһах, ити ыанньыксыттаргыт бэйэлэрэ да ону билинэллэр, быйыл өссө үлэлээҥ, көрдөрүүгүтүн тупсаран баран, эһиил кэлээриҥ», – диэхтээҕэ. Оччотутар биир сыллара халтайга хаалыа этэ. Тугу эмит быһаараары гыннахха, сыыппараны бырыпыыскалаары гынаҕыт дуо диэн, кэлэр өттүгэр да чугаһатара саарбах буолуохтааҕа. Былырыын «төрүттэр» оннук гынан кэбиһэн иэдэйбит этилэр, «аны хас сылынан анньыһарбыт https://kepseen.kali.su биллибэт, хаарыан харчыттан көрө маттыбыт», – дэһэллэрэ. – Евдокия Ивановна, хомойуох иһин, хайа да бэйэлээх үүттээх ынахха бэрсэнээлинэй биэнсийэ диэн суох, – Светлана Никаноровна хотон муҥур хотунунан Огдооччуйаны билинэн, чопчу киниэхэ туһаайан эппитэ. – Онон кэмнэрэ кэлбитин быһыытынан, бу барахсаттаргын аны күһүн хайаан да абараахтат. Ити мин тус бэйэм хаппырыыһым буолбатах, үөһэттэн ирдэбил. Москваҕа отчуоттуубут, олор дьэ кэтээн ахан олороллор. Көрдөххө, солбугу даҕаны бэлэмниир https://kepseen.kali.su эбиккит, таһаараа хотоҥҥо турар ремонтнай тыһаҕастаргыт бэрт баҕайылар. Кылаастаахтара биллэр. – Ээ, үүттээх уонна үчүгэй төрүөхтээх ынахтар эрэ оҕолорун таламмыт, иитиигэ хаалларабыт. Тиҥэһэ киирэрдэригэр эмиэ хос сүүмэрдиибит. Хонтуораҕа тиийэн силиэксийэлиир-племенной үлэ докумуоннарын бэрэбиэркэлииригэр уонна бэйэтэ бэлиэтэммитин кытары тэҥнииригигэр Светлана Никаноровна туох да улахан итэҕэһи, араастаһыыны булбатаҕа, арай, аҕыйах боппуруоһу көннөрү чопчулааҥ диэбитэ. Барарыгар эппитэ: – https://kepseen.kali.su Бэркэ дьаһанан олорор эбиккит, сопхуос эрдэҕинээҕини санаттыгыт. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыйах хаһаайыстыба көөнньөрбөлүүр: Өлүөхүмэҕэ үҥкүрдэр, илин эҥээргэ мэҥэлэр уонна бу эһигини көрдүм. Үлэһиттэргит даҕаны уопут бөҕөлөөх, идэлэригэр бэриниилээх дьоннор эбит, ол быыһыгар ыччаттар эмиэ бааллар. Ити хаһаайыстыба кэскиллээҕин көрдөрөр. Чэ, кытаатыҥ!
Ульяналаах докумуоннарын ситэрэн-хоторон, күһүн министиэристибэ племенной сэбиэтин көрүүтүгэр киллэрэн, көмүскээбиттэрэ. Ол түмүгэр, «Кылыс» племенной хаһаайыстыбаҕа хандьытаат аатын ылбыта, эһиилигэр племенной хаһаайыстыба кэккэтин хаҥаппыта. Племенной учуокка киирбит, үрдүк кылаастаах ынах сүөһүнү көрөрүгэр-истэригэр уонна ууһатан тарҕатарыгар, ол эбэтэр атын хаһаайыстыбаларга атыылыырыгар, судаарыстыбаттан харчы ылар https://kepseen.kali.su буолбута. Бу хайысхаҕа анал штат көрүллэн, зоотехник идэлээх Маргарита Терентьева селекционер-зоотехнигынан үлэлии кэлбитэ, оттон Ульяна пиэрмэ күннээҕи үлэтин-хамнаһын тэрийиигэ сирэй эппиэттээх биригэдьиир-зоотехнигынан анаммыта. Племенной үлэҕэ туспа исписэлиис баара көдьүүстээҕэ көстүбүтэ, икки сылынан «Кылыс» аны сылгыны үөрдээн иитиигэ племенной хаһаайыстыба буолбута. Күн-дьыл ааһан, араас уларыйыылар, саҥа сүүрээннэр киирэн испиттэрэ. Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн https://kepseen.kali.su нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур, инники былааннарын билиһиннэрэр, дьон тугу туруорсарын истэр буолбута. Кылыс нэһилиэгэр тэриллибит мунньахха Эдьиий Огдооччуйа ордук кыайыылаах буолуо диэтэҕэ, уордьанын, мэтээллэрин анньынан кэлэн, маннык эппитэ: – «Үлэ миэстэтин таһаарыҥ» диэн ити үчүгэй баҕайытык этэҕит эрээри, бу биһиги «Кылыспыт» курдук хаһаайыстыбаларга туох да өйөбүл суох, уонча сыл тухары үүппүтүн-эппитин сүгэ сылдьан атыылаан, онон хамнастаммыта буолан баччаҕа кэллибит. Тыа сиригэр үлэ https://kepseen.kali.su миэстэтэ маннык хаһаайыстыбалары сайыннардахха эрэ үөскүүр буолбатах дуо? Хаһаайыстыба эһиннэ да, сүөһүтэ-сылгыта ыһыллар, кыргыллар, элбэх киһи үлэтэ суох хаалар, онтон сылтаан нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа сатарыйар. – Эдьиий уот харахха этэр! Хаһаайыстыба эһиннэ да, нэһилиэкпит эстэр! – саалаттан сэҥээрэр саҥалар иһиллибиттэрэ. – Доҕоттоор, сөпкө этэҕит, – микрофону тыа хаһаайыстабытын саҥа миниистирэ, үрүт уоһугар тор курдук бытыктаах Наум Дмитриев ылбыта. – Тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар https://kepseen.kali.su социальнай хайысха тутуһуллан, тыа сирин дьоно дохуоттаах буолалларыгар хайаан да судаарыстыба тирэх буолуохтаах, халбаҥнаабат көмөнү оҥоруохтаах, бородууксуйаны батарыы мэктиэлэммит ситимин тэрийиэхтээх. Ол иһин биһиги «Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын» бырагырааматын оҥорон, олоххо киллэрэн эрэбит. Салгыы бырагыраама туһунан, үп-харчы ханнык хайысхаларынан уонна хайдах быһыылаахтык көрүллүөхтээҕин туһунан бэрт ылыннарыылаахтык кэпсээбитэ. Мунньах кэнниттэн хаһаайыстыба үлэһиттэрин https://kepseen.kali.su кытары көрсүбүтэ, пиэрмэҕэ сылдьыбыта, үгүһү сүбэлээбитэ-амалаабыта. – Аан дойдуга туох барыта уларыйа-тэлэрийэ турар. Арай, сарсыарда, күнүс уонна киэһэ аһыыры ким да уларытар кыаҕа суох, онон эһиги үлэҕит дойду ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар стратегическай суолталаах, – диэн түмүктээбитэ улахан эрэли үөскэппитэ. Кырдьык, сопхуостар ыһыллыахтарыттан ылыллыбыт бастакы боччумнаах докумуонтан, бастаан «Президентскэй» диэн сүрэхтэммит тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын https://kepseen.kali.su өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата үлэлиэҕиттэн, мэһэйдии сыппыт харгылар арыый төлөрүйэн киирэн барбыттара. Итиннэ сиэттиһиннэрэн, олохтоох салайыныы тиһигэ киллэриллэн, нэһилиэк эмиэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы бырагырааматын оҥостон үлэлиир, бэйэтин бүддьүөтүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар үп тыырар буолбута. Онон уонна племенной үлэҕэ, үүт соҕотуопкатыгар харчы көрүллэн, ити кэмҥэ киэбэ уларытыллан, тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ диэн ааттаммыт “Кылыс” тирэҕин булуммута. Тыа https://kepseen.kali.su хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, улууска үлэлии тахсар эдэр исписэлиистэр хамнастарыгар бүддьүөттэн эбии төлөбүр олохтоммута. Инньэ гынан, кэпэрэтиипкэ саҥа экэнэмиистэр, бухгалтердар уонна астыыр салаа технологтара кэлэннэр, хастыы да сылга дуогабардаһан үлэлээбиттэрэ. Хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Сергеевич Никонов нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан талыллан, салалта муоһатын Василий Павлович Игнатьев туппута. Кини оннугар мэхээнньигинэн Кылыс ыччата, үрдүк үөрэҕи саҥа бүтэрбит Прокопий https://kepseen.kali.su Парфенов анаммыта. Пиэрмэҕэ эмиэ уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө барбыта, кырдьаҕас ыанньыксыттары эдэрдэр солбуйбуттара. Билигин «Кылыс» кэпэрэтиип – 600 ынах сүөһүлээх, 700 сылгылаах, улуус киинигэр уонна куоракка маҕаһыыннардаах, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин хас да хайысханан тэрийэн, сүүсчэкэ киһини үлэнэн хааччыйан олорор, салаа ахсын эппиэттиир анал идэлээх исписэлиистэрдээх улахан хаһаайыстыба.
Оо, эҥин араас уларыйыыны-тэлэрийиини, сыана үүнэ-тэһиинэ суох барарын, айылҕа араас кубулҕаттарын https://kepseen.kali.su тулуйбакка, төһөлөөх элбэх хаһаайыстыба эстибитэй? Сопхуос ыһыллаатын кытары нэһилиэк аайы тэриллибит табаарыстыбалартан, кэлэктиибинэй уонна хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэртэн 2005 сыллаахха диэри улуус үрдүнэн биэс эрэ хаһаайыстыба ордубута. Бэл, «Томтордоох» ХЭТ тулуспатаҕа. Сопхуос киин отделениета буолан, кинилэргэ тиэхиньикэ да, бааза да, сүөһү-сылгы да талбыта баара! Аны отделениеҕа даҕаны, киин аппараакка даҕаны исписэлиис бөҕөтө: инженер мэхээнньиктэр, тутааччылар, https://kepseen.kali.su мелиоратордар, энергетиктэр, зоотехниктар, бэтэринээрдэр, агрономнар, бухгалтердар, экэнэмиистэр… – Сопхуоспутун эһэн, барыбытын бары суйдаан баран, «сус» гыммыттара! – Томтордооххо зоотехниктаабыт Ирина Петрова бэркэ кыһыйан-абаран кэпсээбитэ. – Табаарыстыба тэрийэрбитигэр икки эргэ тыраахтар, биир нэһиилэ сүүрэр массыына хаалбыт, били аатырбыт племенной пиэрмэлэртэн, племенной гнездолартан бастыҥ ынахтар паайга үллэһиллибит, сир үтүөтэ барыта, бэл, арыылар, чааһынайга-бааһынайга бэриллибит https://kepseen.kali.su этилэр. Ыанньыксыттары, сылгыһыттары, мэхэньисээтэрдэри түмэммит син үлэлии-хамсыы сатаабыппыт ээ уонна били биэс сыллаах кураан кэнниттэн кыайан өрүттүбэтэхпит. Эһиги курдук арыыга отордообуппут буоллар… Эһиги Хаастаахха киирбиккитин истээт, Тииттээҕи ыйытан көрбүппүтүн Бохуомап баҕайы чугаһатыа баара дуо?! Онон ити билигин хаһыат сирэйиттэн түспэт баай бааһынай буолан бөскөрүҥнүүр, сопхуос эстибититтэн туһаммыт бу нэһилиэккэ арай, кини баар. Санаатахпына, төрүт кыйаханан киирэн барабын! Оо, https://kepseen.kali.su иэдээннээх да кэм ааспыта… Кэлин дьон да сүгүн-саҕын үлэлээбэт, киһи туһугар хамсанар курдук туттар-хаптар, тугу эппит-соруйбут барыта этиһиигэ-үөхсүүгэ кубулуйар буолбута. – Ирина Михайловна, оттон эһиги, киин аппараакка үлэлии сылдьар исписэлиистэр, сопхуос ыһылларын ама, эрдэттэн билбэтэххит-сэрэйбэтэхит дуо? – кырдьаҕас биир идэлээҕэ айаҕа аһыллыбытын туһанан, Ульяна элбэҕи билэргэ дьулуспута. – Хантаан? Манна түөрт сүүс ынах киирэр таас хотоно тутуллан, сайылыктар үрдүк күүрүүлээх уот https://kepseen.kali.su ситимигэр холбонон, ынаҕы ыыр ситим туруоруллан, от, сиилэс, сенаж, бурдук, хортуоппуй, хаппыыста бөҕөтө үүннэриллэн, атын отделениеларга эмиэ оннук үлэ-хамнас тэриллэн, мин тус бэйэм баҕас: «Сайдан эрэбит, хаһаайыстыбаннай ахсаан, аренданан бэдэрээт киирэн, дьон үлэҕэ интэриэстэннэ, онон өссө үчүгэй буолан иһиэхпит», – дии саныыр эдэр хомуньуус этим буоллаҕа. Сопхуос сүөһүнэн-сылгынан эрэ муҥурдаммат этэ, олорор дьиэни-уоту, детсаады, оскуоланы, кулуубу, спортивнай сааланы эмиэ тутара, https://kepseen.kali.su хомунаалынай хаһаайыстыбаны көрөрө. Билигин муода буолбут тылынан эттэххэ, тыа сирин кэлим сайдыытын боппуруоһун барытын быһаарара. Ити гынан баран, сорох ырычаахтара үбү сиэһиҥҥэ анаммыт курдуктара. 1990 сыллаахха биһиги сопхуос былааммытын барытын толорон, дохуот да, ороскуот да өттүгэр араастаһыыта суох тахсыбыппыт. Оттон былаанын хас көрүҥҥэ ырааҕынан толорбототох, саас сүөһү бөҕөтүн күрдьүккэ соспут «Сыырдаах» сопхуос сыл түмүгүнэн балтараа мөлүйүөн солкуобай барыстаммыта. Дьэ, хайдаҕый? https://kepseen.kali.su Оччолорго ааспыт бэтилиэккэ көрдөрүүтүн бу бэтилиэккэҕэ хас бырыһыанынан куоһараҕын да, судаарыстыба соччонон элбэх датаассыйаны биэрэрэ. Биһиги үүккэ үлэлиир дьон, наар үүккэ угарбыт. Оттон «Сыырдаах» датаассыйатын племенной сылгы этигэр уган, онус бэтилиэккэ түмүктэнэр сылыгар, 1985 сыллаахха 10 туоннаны туттарбыт, 1990 сыллаахха ону уон төгүлүнэн куоһарбыт. Түмүгэр, мөлтөх үлэлээх эрээри, бастыҥ аатыран тахсар, ороскуотун барытын сабынарын ааһан, үлэһиттэригэр харчы бөҕөтүн үллэрэр! Ити курдук https://kepseen.kali.su үлэ-хамнас саҥа көрүҥнэрин тэрийэргэ, кэҥэтэргэ туһуламмыт өйөбүлү «өйдөөхтөр» бырыпыысканы оҥорорго туһанар буолбуттара. Соҕуруу хайдаҕын билбэппин, оттон биһиги Сахабыт сиригэр сопхуос диэн дьиҥинэн саамай табыгастаах систиэмэ этэ. Ону үөһээҥи салалта бэйэтэ эспитэ. – Бэйэтэ даа? – Бэйэтэ бөҕө! Бастаан 1991 сыл кыһыныгар, ахсынньыга быһыылааҕа, Саҥа дьыл иннинэ өрүкүнэһии буолбутун өйдүүбүн, сир реформатын уталытыллыбат миэрэлэрин туһунан ыйаах кыырайан тахсыбыта. Сир ким баҕалаахха бэриллэрин, https://kepseen.kali.su сир көрдөөбүт киһи сайабылыанньатын ый иһинэн быһаарбатах салайааччы улаханнык ыстарааптанарын, үлэтиттэн ууратылларын туһунан этиллибитэ. Онно туттуммахтаан хаалбыттар сир-уот үтүөтүгэр тиксибиттэрэ. Нэһилиэнньэ баһыйар өттүн үлэнэн хааччыйан олорбут сопхуос баайа-дуола босхо түҥэтиллэрэ бастаан эрэ үчүгэй курдук буолан баран, кэтэх өттө, уһун күлүгэ кэлин көстүбүтэ… Үлэтэ-хамнаһа суох хаалбыт дьону түмэр туох да суох буолбута, арай, арыгы атыылыыр чааһынай чуолҕаннар дэлэйбиттэрэ. Мин сопхуос https://kepseen.kali.su ыһыллыытын бастаан быстах көстүү курдук санаабытым, сотору олох оннун-тойун булуо, бачча улахан судаарыстыба хайдах былааннаах экономиката, оҥорон таһаарар бородууксуйата суох сатаныай диирим. Ол соторум сүүрбэччэ сыл уһаабыта, дойду үрдүнэн сатарыйыы оннук баһархайа. Бэл, бэйэбит үрдүкү салалтабыт аан дойдуга ханна даҕаны бу биһиги Сахабыт сирин курдук кытаанах усулуобуйалаах сиргэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктамматтар, онон ынах кутуругун манаан олорумаҥ, куораттарга көһүҥ, бырамыысаланнаска https://kepseen.kali.su сыстыҥ диирэ. Маҕаһыыннарга араас атын сирдэртэн, бэл, Аргентинаттан, Бразилияттан тиийэ аҕалыллыбыт эт-үүт толору тардыллыбыта. Кирэдьиит диэн төрүт бэриллибэт этэ, туохха эмит харчы көрүлүннэҕинэ даҕаны, олус хойутаан тиксэриллэрэ уонна 60 %-ын эһиилигэр төннөрөр ирдэнэрэ. Биһигини дьэ ол сиэбитэ, иэс-күүс бөҕөҕө баайыллан, эрдиитэ суох оҥочоҕо уста сатаан бараммыт, чуурбутун биэрбиппит. Хата, эһиги бэркэ таҕыстыгыт!.. Билигин санаатахха, Миитээ Никоновтыын саҥалыы толкуйдаах ыччаттар https://kepseen.kali.su түбэсиһэҥҥит, хара бастакыттан бородууксуйаҕытын бэйэҕит батараҥҥыт сүүйбүккүт, оттон ытыктабыллаах Денис Петрович биһикки уруккубутун ыһыктыбаккабыт, өлбүтэ ырааппыт улуустааҕы үүт-эт кэмбинээтин тилиннэрэ сатыы олорбут эбиппит. Хайгыыбын уонна… ордук саныыбын эрэ. Улуус былырыыҥҥы ыһыаҕар икки зоотехник – биирэ эстибит, иккиһэ атаҕар турбут хаһаайыстыбалар исписэлиистэрэ – ити курдук кэпсэтэн арахсыбыттара. Чахчы ыарахан, кыһалла сатыыр үрдүнэн кыаллыбат абаккалаах кэмнэр ааспыттара. (Ульяна https://kepseen.kali.su ыксаан, били саамай кураан сылларга оскуола дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы, урут пиэрмэҕэ бииргэ үлэлээбит кыыһа Мария Павловна Нестерова агро-оскуола буолабыт, онно маастарынан кэл диэн ыҥырбытыгар, бара сыспытын Дмитрий Сергеевич көрдөһөн тохтоппута, ол кэпсэтии хата, пиэрмэҕэ биллибэккэ хаалбыта). Улуус дьаһалтатыгар уонна оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы тэрийии ырычаахтарын быһаарар аналын сүтэрэн, отчуоту хомуйар, төһө от оттоммутун, төһө үүт ыаммытын, төһө сүөһү күрдьүккэ соһуллубутун https://kepseen.kali.su туһунан сыыппараны сыымайдыыр сулууспаҕа кубулуйбут тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сырыттахха, халба курдук суохтан атыны билбэттэрэ: – Туох да суох. Оннук ыйыы-кэрдии мэлигир. Бу эһиги кэлэ-кэлэ ытыыр сиргит буолбатаҕын хаһан өйдүүгүтүй? – Урукку сопхуос саҕанааҕы датаассыйа мэлийбитэ ыраатта. Билигин атын кэм: дьии-кэй ы-рыы-нак! Ити биһиги буолбатах, эһиги бэ-йэ-ҕит тэрийбит хаһаайыстыбаҕыт, онон бэ-йэ-ҕит сүүрэн-көтөн, харчы киллэриниэхтээххит. Кинилэр да сүүрэн-көтөн ахаан ахан! https://kepseen.kali.su Бородууксуйаны бэйэ улууһугар батарар кэм судургута. Үксүлэрэ кэриэтэ билэр дьонуҥ, сорохторо аймахтарыҥ, үөлээннээхтэриҥ. Улуус киин бөһүөлэгэр мэлдьи атыылаһар дьонноругар сыананы кыратык түһэрэллэрэ, ол бастайааннай килийиэннэр атыылаһар дьону буларга көмөлөһөллөрө. Оттон куоракка киллэрэн атыылыыр ыарахан этэ да, «киэҥ иһит салааһыннаах» диэн мээнэҕэ этиллибэт, киирбит табаар сордоон-муҥнаан батарыллан, харчыга турара. Атыыһыт Агааса уурайбытын кэнниттэн, хаһаайыстыба исписэлиистэрэ солбуһа https://kepseen.kali.su сылдьан бэйэлэрэ атыылыыр буолбуттара. Ким билэр дьоннооҕунан, биир дойдулаахтарынан: «Хамнаскыт кэллэҕинэ, биһиэхэ этээр, сүөгэй уонна эт атыыланарын туһунан тэрилтэҕэр биллэриитэ таһаараар», — диэн эрдэттэн кэпсэтии бөҕөтө ыытыллара. Аҕыйах да киһи ылыах буолара санааны күүһүрдэрэ. Кинилэргэ сылдьыбыт кэнниттэн, түбэһиэх тэрилтэлэринэн кэрийиллэрэ. Кэбиниэттэри өҥөйтөлүү-өҥөйтөлүү, үлтү сылайбыты уонна эйиэхэ бу турарыҥ сыанан аҕаабатын биллэримээри, мичээрдээбитэ буола-буола, албыннаспыт оҕо https://kepseen.kali.su курдук, ньуолбар куолаһынан: «Тыа сибиэһэй сүөгэйин атыылыыбыт», «Эккэ наадыйаргыт буолаарай? Удамыр сыанаҕа биэрэбит, кууһунан ылааччыларга түһэрэбит», – дэниллэрэ. Сорох ылан үөрдэрэ, сорох атаххыттан баскар диэри сиилээбиттии өрө көрөн таһааран баран: «Суох!» – диэн хомоторо, чараас көһүлүөктээхтэр да элбэхтэрэ. Биир оннук сырыыга хайа эрэ остолобуойга эбиэттии олорон, аргыһа: – Эттэрэ эрэһиинэ курдук уунаҥныы сылдьар уонна төрүт амтана суох, – диэбитигэр өй ылан, Ульяна ордубут эти манна https://kepseen.kali.su үҥүлүтэн көрөргө санаммыта. Хаассаҕа олорор кыыһы кытары кэпсэппитигэр, анарааҥҥыта биир дьахтары ыҥыран ылбыта, ол дьахтар сэбиэдиссэйгэ дуу, хаһаайыҥҥа дуу, быһата, биир киһиэхэ илдьибитэ. Дьыалабыай киһи кэпсэтиитэ судургу буолбута. – Эһиги эккит үчүгэйин билэбит эрээри, ону ыллахпытына, сыананы үрдэтэргэ тиийэбит уонна моҥкуруут барабыт. Ол биһиэхэ наада дуо? – диэн баран көрдөрө биэрбит бэтэринээринэй арыаллыыр докумуоннарын төттөрү ууммута, акыйаан уҥуоргуттан аҕалыллыбыт, хаһан https://kepseen.kali.su өлөрүллүбүтэ биллибэт, туох да амтана суох эрээри, быдан чэпчэки сыаналаах сүөһү этинэн үлэлиир кинилэргэ ордук табыгастааҕа. Кэрийэн атыылааһынтан киирбит харчыны мунньан, үлэһиттэри хамнастыыллара. Онно да махай элбэҕэ, араас саҥа-иҥэ иһиллэрэ. – Хаһан уонна төһө харчыны ылбытын билинэр киһи диэн суох, – бухгалтер Наталья саамай кыһыйара ол этэ. – Субу сибилигин аҕай Сиипсэбэ Дааса киирэн, дэлби саҥаран таҕыста. Ый саҥатыгар уолум күрэхтэһиигэ барар, онтон кыыспын таҥыннарыам диэн, кэлин эмиэ https://kepseen.kali.su туохха эрэ диэн тойонтон суруктаах киирэн, хаста да абаансаланан уонна килиэп, эт ылбыта көҕүрэтиллэн, ылара да аҕыйах хаалбыта. Дьэ ону мыынан, тыыныы-тыбыырыы! Ол быыһыгар ытыыр эҥин… Субан сүөһүҥ бостууга Трофимов ыйдааҕытын курдат сиэн кэбиһэн баран, бэҕэһээ туох да бэриллибэтэҕэр абытайдаах кыыһырыы-абарыы! Кинилэр үптэрин мин сиэн олорор үһүбүн, биэдэмэһи көрөр, быһаарары истэр аат суох. Ульяна, дьоҥҥун көр-иһит… Хастара хаһынан киирэ-киирэ итинник дьаабыланар буоллахтарына, тоҕо кинилэри https://kepseen.kali.su дохуоттуур туһугар сордонобутуй?! Ульяна ол күн пиэрмэҕэ үлэһиттэри, ыанньыксыттары, сүөһү аһатааччылары, субан сүөһүнү көрөөччүлэри, барыларын мунньан, харчы хантан уонна хайдах кэлэрин, бухгалтердар тус үлэлэрин таһынан, кэрийэн атыыга эмиэ сылдьалларын, онон кинилэри сылаас хонтуораҕа таах олорор курдук саныыр сыыһатын, тэрилтэ социальнай нолуоктары барытын төлөөн, хамнаһы да син биэрэн, уҥа-хаҥас бырахсан иһэрин, ол барыта биэдэмэскэ тиһиллэрин, ким да харчы сии олорботун туһунан ордук саҥа https://kepseen.kali.su үлэлии киирбит дьоҥҥо кыра оҕоҕо өйдөтө сатыыр курдук, хат-хат лэбийэн быһаарбыта. Тылтан тыл төрөөбүтэ, кыра соҕус хапсан ылыы, ытамньыйыы да баара. – Оттон кыһыыта бэрт ээ, тэрилтэ барыта хамнаһа үчүгэйдик кэлэр буолтун кэннэ биһиэхэ эрэ аҕыйах солкуобай баҕалаах, – диэбитэ Дааса өрө сыҥарын быыһыгар. – Оҕолорбун эдьиийим оҕолорун аччаабыт таҥастарын хомуйан таҥыннарабын, уолаттарым өссө кыһаммат курдук буоллахтарына, кыыһым оскуолатыгар барыан баҕарбат. Саастыылаахтара маанылара бөҕө! Оҕом https://kepseen.kali.su сыыһын күлүү гынан эрдэхтэрэ… Куоракка киирэр кыах суох буолан, таҥаһы-сабы маннааҕы эргиэмсиктэртэн атыылаһабыт, олор иэс биэрэн абырыыр аатыран, ыарахан баҕайытык сыаналыыллар. Дьиҥинэн, кинилэр даҕаны ол кытайдартан түһэрсэн ылан таһаараллар буоллаҕа. – Даасаа, бэйэҥ куоракка киирэн тахсарыҥ ол тоҕо табыллыбатый? – Огдооччуйа дьиктиргээбиттии ыйыппыта, кырдьаҕас ыанньыксыттар бары улааппыт оҕолордоох буоланнар, ааспыт өттүгэр маннык кэпсэтии тахса илигэ. – Ким солбуйан, ким бырайыастаан https://kepseen.kali.su ыытарый ол? – Кээс, һыллыай, эн хара тыаҕа буолбатаххын, дьонноох сиргэ сылдьаҕын. Бу настаабынньыгыҥ ааттаах олоробун дии, үлэлээбит биир сылыҥ устатыгар оннук наада диэн эппиттээххин дуо? Ама, аҕыйах ыамҥа солбуйар киһини булуохпут суоҕа дуо? Урут сопхуос саҕана үөрэх аһыллыыта оҕолорбутун илдьэ улууһунан, куоратынан кэрийэн, маҕаһыын бөҕөтүн көһөрөн тахсарбыт үчүгэй да буолара. Билигин да оннук гынар тоҕо сатамматый? Намыһаҕар эбии аһынан-үөлүнэн ылан курдат көҕүрэтэр буоланнар, хас да https://kepseen.kali.su оҕолоох, сорохторо аҥардас үлэһит ыанньыксыттар хамнастара туохха да тиийбэт этэ. Балачча көйгүөрүү, ньамалаһыы кэнниттэн пиэрмэҕэ Дааса курдук кыһалҕалаах өссө икки дьахтар баара, кинилэр сүөгэй уонна эт атыылыы киирэр массыынанан (кэпэрэтиип бэйэтэ фургон-УАЗ ылыммыта) күн сарсын даҕаны ырыынакка киирэн тахсыахтарын сөбүн быһаарбыттара. Кэлэр өттүгэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ийэлэр күһүн үөрэх аһыллыыта куоракка таҥас-сап атыылаһа киирэллэрин салалтаттан туруорсарга сүбэлэспиттэрэ. Ону https://kepseen.kali.su Дмитрий Сергеевич тута өйөөн, сүөсүһүттэр күһүн уонна саас оҕолорун илдьэ Дьокуускайга киирэн, ырыынакка итиэннэ тыйаатырга сылдьар, күн бүгүн да халбаҥнаабакка тутуһуллар үтүөкэн үгэстэрэ олохтоммута. Үлэ түбүгэр сыл диэн хонук кэриэтэ устар. Кэм-кэрдии кимэн иһэрэ биллэн, Эдьиий Огдооччуйа ыарытыйар, сылааргыыр буолбута. Онон сайылыкка ыабыт уон ынаҕын кыстыкка киириигэ туттаран, төрүт уурайан, куоракка кыыһыгар киирэргэ быһаарыммыта. Атаарыы киэһэтэ кулуупка тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин https://kepseen.kali.su күнүгэр тэриллибитэ. Хаһаайыстыба үлэһиттэрин таһынан нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, араас сылларга бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, бэтэрээннэр кэлбиттэрэ. Бэрт истиҥ, иһирэх чиэстээһин буолбута. Эдьиийдэрин, күндү киһилэрин, атаарарга бары олус долгуйбуттара, бэл, сааһырбыт ыал ийэлэрэ уйадыйбыттара. – Эдьиэй, бу тухары эн сүбэҕинэн-амаҕынан дьаһаллан кэлбит дьон дьэ, хайдах үлэлиибит-хамсыыбыт? Ынаҕа суох көннөрү настаабынньык быһыытынан да сырыт, эн баарыҥ да астык буолуо этэ, – дэспиттэрэ. – https://kepseen.kali.su Кээс-кээс, кыргыттарыам, кыаҕы билинэр ордук. Пиэрмэҕэ 17-лээх кыыс кэлбитим уонна бу 65-пэр уурайдым. Дьэ ону суоттааҥ, хас сыл ыанньыксыттаабыппыный? Биир куһаҕан хачаайы дьахтарга сөптөөх үлэ диэбэккиэт? Мин оннубар бу Маарыйа хаалаҕын, эһиги дьэ, кини тылын истибэккэ баҕалаан көрөөрүҥ эрэ, сайын кэлэммин дьаһайталыаҕым! – диэн баран барыларын ыга кууһа-кууһа, сыллаталаан ылбыта. Бастакы сылларга Огдооччуйаны, кини сүбэтин-аматын, сабыдыалын Ульяна олус суохтаабыта. Үлэ ньыматын билэр-сатыыр, https://kepseen.kali.su күннэтэ күөрэйэр араас кыһалҕаҕа сөптөөх быһаарыыны тобулар, дьон санаатын табар, дьону түмэр, көҕүлүүр киһи суоҕа үлэлииргэ-хамсыырга уустуктардааҕа. Маарыйа, Мотуруона, Дуунньа, Татыйаана, Өктөбүрүүнэ даҕаны соччо уһаабатахтара, иккилии-үстүү сылынан уурайталаабыттара. Кинилэри кытары үлэлээн уопутурбут орто саастаах ыанньыксыттарга тирэҕирэн, саҥа үлэлии киирэр дьону үлэ ымпыгар-чымпыгар үөрэтэр, кэлэктиип тыыныгар иитэр, сорохторун чөл олоххо, бэрээдэккэ тардар, үөрэтэр-такайар ыарахан үлэ https://kepseen.kali.su саҕаламмыта. Ол түбүктээх сыллар биригэдьиир көмөр хара баттаҕар ирбэт кырыаларын ууран ааспыттара…
Биэкэр Биэрэни кытары тиийбиттэригэр, аан хоско утары тахсыбыт ис-иһиттэн ыраас сэбэрэлээх, намыын-холку көрүҥнээх дьахтары көрөөт, Ульяна «һык» гына түспүтэ – кини иннигэр эдэр Эдьиий Огдооччуйа турара! – Дорооболоруҥ. Эһиги..? – Кэпэрэтииптэн кэллибит. – Баһаалыста ааһыҥ, Ульяна…? – …Степановна, оттон бу – Вера Николаевна. Саала хоско туруоруллубут хоруопка Эдьиий Огдооччуйа сытара. https://kepseen.kali.su Быстах сынньана түһэн баран: «Хайаа, кыргыттарым кэллигит дуу?» – диэбитинэн сибилигин туран кэлиэх курдуга. Аттыгар туумбаҕа хара лиэнтэлээх мэтириэтэ ууруллубут, чүмэчи умайар. Кыһыл аталаас сыттыкка наҕараадалара: сопхуос саҕанааҕы таһаарыылаах үлэ туоһулара – нэһилиэк сэбиэтин, оройуон сэбиэтин дьокутаатын, «VIII пятилетка ударнига», «Коммунистическай үлэ ударнига» значоктар, «Бочуот знага» уордьан, хаһан эрэ киһи аймах улуу сирдьитинэн ааттаммыт Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан, https://kepseen.kali.su дьоҥҥо-норуокка судургутук «Элиэнньин төбөлөөх» дэнэр «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уонна «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэр, кэлин ылбыт «Сэрии сылын оҕолоро», «Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэлэрэ тиһиллибиттэр. – Куораттан тахсыаҕыттан таай Дьөгүөркэ сиэнэ Милена сөрүүн дьиэҕэ компьютердаары киирэн хонсор эбит, – Саргылаана Николаевна ийэтинии холкутук унаарытта. – Түүнү быһа оонньоон баран, сарсыарданан сытаары оҥостон иһэн, хоско туох хаччыгыныыр тыас баарын дьиктиргээн киирэн көрбүтэ, https://kepseen.kali.su арай, ийэм тыынын былдьаһан эрэрэ үһү. Кыыһы көрөн баран, илиитинэн сапсыйарга дылы гыммыт, бука, чугаһаама диэхтээтэҕэ, ону дьиэтигэр сүүрэн тахсан аҕатын Уйбааны ыҥыран киллэрбитэ, «бүтэн» сытар эбит. Биһиэхэ биллэрэллэригэр, саҥа туран эрэрбит, истээт тэринэ-хомуна охсон, үлэ чааһа саҕаланарын кытары ритуальнайга сылдьан, барытын ылан кэллибит. Барыта көһүппэтэх өттүттэн… Даарым, быйыл биллэрдик мөлтөөбүтэ, «барар» таҥаһын бэлэмнэммитэ, онно да сэрэйиэххэ баар эбит да… тирээн кэлэрин саҕана https://kepseen.kali.su син биир соһуччу буолар эбит… – Куораттан тахсаат, биһиэхэ кэлэ сылдьыбыта, ыһыах кэнниттэн Оҕустаахха тахсан дьаарбайан киирэр баҕалааҕа… – Сайын аайы манна тахсарын, пиэрмэ сайылыктарыгар ыалдьыттыырын наһаа да астынара! Кыһыны быһа эмээхситтэрин кытары ол кэпсээнэ буолара, төлөпүөнүн илиититтэн араарбат этэ, нэһилиэк сонунун барытын истэ-билэ олороро. Тахсабын диэтэ да, Уйбаан Егоровичтаах бу дьиэ оһоҕун оттон, кыһыҥҥы уораанын таһааран тоһуйаллара. «Кыргыттарбын мунньаммын дьэ, тусуопка https://kepseen.kali.su бөҕөтөө!» – диирэ, ити «тусуопка» диэн тылы киниэхэ сиэнэ Куока үөрэппитэ. Сахалыы хаһыаты барытын ыллаттарара, улууһун, нэһилиэгин, эгэ, эһиги тускутунан дуо, суруйбуттарын аахтаҕына үөрэн, кэпсээн-ипсээн бөҕөтө буолара. Мунньан, ууран иһэрэ. Үөлээннээхтэрим көҕүрээн иһэллэр диэн курутуйара. Эһиил күһүн 80 сааһын бэлиэтиир санаалаах этэ…. Чэ, оттон хаһан даҕаны олоҕу олорон, ытык сааһыгар сылдьан «айаннаата» эрэ диир буоллахпыт… Урут: «Сиэннэргин көрсөн көмөлөһөрүҥ оннугар, өнүйбэт https://kepseen.kali.su хаһаайыстыбаны маныыгын», – диэн мөҕөр этим, ону: «Кээс, инньэ диэмэ, атахпытыгар туран эрэбит, дьэ, көрөөр да истээр!» – диирэ. Ол этэрэ кырдьык туолбут, иһиттэххэ, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһаайыстыбата буолбуккут, урукку сопхуос отделениетын сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын сиппиккит, саҥа кыстык хотон, саҥа сайылык, үлэһиттэргитигэр олорор дьиэ-уот бөҕөтүн туппуккут, ыанныксыттаргытын барбах эрэ Москваҕа, «Бэс Чагдаҕа», сынньатар үһүгүт. – Оттон ол эдьиийдэрбит-убайдарбыт барахсаттар https://kepseen.kali.su сыраларын-хараларын түмүгэ! Сопхуос ыһыллыаҕыттан 2000 сыллар ортолоругар диэри саамай ыарахан кэми кинилэр баар буоланнар этэҥҥэ аһардыбыппыт. Пиэрмэни баҕас Эдьиий Огдооччуйа тутан олорбута, уурайан барбытыгар, оо, олус да суохтаабытым. – Барыгытын наһаа күндүтүк саныыра, эйигин «биригэдьиир кыыһым» диэн, уоһуттан түһэрбэт этэ. Миигиттэн сэттэ хас сыл балыскын быһыылаах, кыра эрдэҕинээҕигин өйдүүбүн уонна ийэм кэпсээнинэн билэбин.
Ол кыыһа дьэ, бу үйэ аҥаардаах кирбиибэр үктэнэн, баттаҕым https://kepseen.kali.su кырымахтыйан олордоҕум. Евдокия Ивановна судаарыстыбаннай толкуйдаах этэ. Хайа да бэйэлээх тойону-хотуну кытары сатаан кэпсэтэр идэлээҕэ, туруорсара быдан хотоойулааҕа. Дмитрий Сергеевич: «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сүгэ сылдьыҥ» дэниллэр эрээри, биһиги Эдьиийбит эйиэхэ сүктэрэн бэрт, хата, барыбытын соһо сырдьар», – диирэ. Биирдэ Игнат Афанасьев улууска баһылыктаан олорон, пиэрмэҕэ сылдьыбыта. Кэлэр сураҕын истэн биһиги бэлэмнэнии бөҕөтө, астыыр сыахпыт тэрилин саҥардаары харчы туруорсарга https://kepseen.kali.su былааннанныбыт. Киһибит доҕоор, кыыһырбытынан көтөн түспэт дуо? Уолдьах сол кэмҥэ Балыарка Васильев оҕуһунан саах таһаара сылдьыбыт, сүрүн суолтан саах тоҕор сиргэ тахсыыга тойон массыыната мэһэйдии турбут (кыбыыны көрбүттэр быһыылаах), онуоха кыыһыран, күрдьэҕинэн далайбытыгар инчэҕэй саах бөҕөтө массыынаҕа ыһыллыбыт, суоппар туох эрэ диэбитигэр утары дьорҕойбут, сэрэйдэххэ, ол барыта маатыры доҕуһуоллаах буолуохтаах. Игнат Владимирович онтон уордайан, туох да бэрээдэк суох, үлэһиттэргит https://kepseen.kali.su күлүкээн аҥардаахтар дии-дии киирбитин Эдьиий: «Ээ, ити Балыарка барахсан киһи бэрт былдьаспат киһитэ, ханна да барара-кэлэрэ суох тулаайах оҕону ылан, үлэлэтэ сылдьабыт», – диэн уҕарыппыта. Тойон барарыгар уолу көрсөн: «Чэ, кытаат, үчүгэйдик сырыт», – диэн илии тутуспут этэ. Балыарка онтон үөрэн ыттайыы, кулуба бэйэтинэн кэпсэтэн, илии тутуспут киһитэ буолан өҥнөнүү! Оо, ол эрэ үһү дуо, биһиги хаҥыл хааннаахпыт онно-манна түбэспитэ? Арай, ол аайы мөҕөн-этэн испит буоллар, төрүт да кыыл баран, https://kepseen.kali.su ханна тиксиэ-түгэниэ биллибэт этэ. Валерий Ноторович билигин кэпэрэтиип уопуттаах үлэһитэ, кыһын сүөһү аһатааччы, сайын бостуук, үс оҕо аҕата, икки этээстээх саҥа дьиэ хаһаайына! Ол эмиэ Эдьиий Огдооччуйа иитиитин-такайыытын түмүгэ. Ийэтэ эрдэ өлөн, инбэлиит аҕатынаан эрэ хаалбыт оҕону тыллаах эрэ барыта сорукка сүүрдэн-көтүтэн, оройун чокуйан, майгыта алдьаммыт ыччат биһиэхэ кэлэн киһитийбитэ. Эдьиийи төрүт ийэтин курдук саныыра, кини эрэ тылын истэрэ. Сайылыктан киирэрэ буолуо, эрийэ https://kepseen.kali.su сылдьыбыта, онон билэр.
* * * Таһааралларыгар тыала-кууһа суох, бэрт чуумпу күн үүммүтэ. Кырдьаҕас ыанньыксыты тиһэх суолугар атаарыы сиэрин ситэрэн, ким эрэ анаан-минээн хомуйан аҕалбытыныы, тиэргэн иннинээҕи кэҥэс ырааһыйаҕа ынах сүөһү үөрэ мустубута, үөһэттэн кутуллар күн уотун хаххалаабыттыы, халлааҥҥа лоскуй былыттар тахсыбыттара, өрүү күйгүөрэр көй чыычаах саҥата иһийбитэ. Тумуһахха тахсалларыгар дьиэ таһыгар уонна уулуссаны кыйа үүммүт баараҕай хатыҥнар лабааларын https://kepseen.kali.su оргууй суугунатан далбаатаһа хаалбыттара итиэннэ үөһэ халлааҥҥа, кый үрдүгүнэн Тойон кыыл тэлээрэ көтө сылдьыбыта. Мамыыҥкаҕа Василий Павлович уһуннук эҥээрдэспит киһи быһыытынан эн этэриҥ ордук диэбитинэн итиэннэ бэйэтэ да оннук санаан олорор буолан, «Кылыс» аатыттан Ульяна тыл эппитэ: — Евдокия Ивановна – Эдьиий Огдооччуйа Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ олоҕун толук уурбут буойун оҕото, сэрии саҕанааҕы уонна ол кэннинээҕи тиийиммэт-түгэммэт олоххо үөскээбит, эдэркээн сааһыттан холкуоска, https://kepseen.kali.su сопхуоска таһаарыылаахтык үлэлээн, нэһилиэги туругурдубут көлүөнэ биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Биллэ-көстө сатаабат, намыын-көрсүө майгылаах, үлэтин-хамнаһын бүтэрэ-оһоро, дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьар үтүөкэн киһи этэ. Маны барытын ааспыт кэмҥэ тутан «этэ» диир ыарахан… Сопхуос ыһыллыбытын кэнниттэн кини биэнсийэлээх эбээ быһыытынан холкутук олорор, сиэттэрин көрсө куоракка дуу, улууска дуу киирэр кыахтааҕа. Ол эрээри, саҥа хаһаайыстыбаҕа үлэлиирин ордорбута – нэһилиэк https://kepseen.kali.su хас да көлүөнэ дьоно-сэргэтэ сыралаһан түмпүт баайын-дуолун: сирин-уотун, сүөһүтүн-сылгытын ыспат, чөл хаалларар баҕаттан. Оччолорго балаһыанньа хайдаҕын бары билэҕит. – Билэбиэт, билэбит. – Оччолорго Эдьиий Огдооччуйа уонна кини дьүөгэлэрэ үлэлээбэтэхтэрэ, биригээдэ тэринэр бэтэрээннэр көмөлөспөтөхтөрө буоллар, «Кылыс» кэпэрэтиип күн бүгүн ааттыын да умнуллубут буолуо этэ. Бу олорор эдьиийдэрбит Октябрина Митрофановнаттан, Мотрена Исаевнаттан уонна убайбыт Федот Никитичтэн уратылар, хомойуох https://kepseen.kali.su иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар… Бүгүн Эдьиий Огдооччуйабытын «кистээн» киирдибит… Ордук эдэрдэргэ туһаайан этэбин: кинилэр биһиэхэ холкуос, сопхуос саҕаттан олохтоммут үлэҕэ сыһыаннаһыы үтүө үгэстэрин, олоххо муударастарын хаалларан бардылар. Ону чиэстээхтик тутуохтаахпыт уонна тутуохпут диэн эрэнэбин. – Оннуок, оннук! – Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бааргыт бу Валерий Ноторович курдук Эдьиий Огдооччуйа ииппит-такайбыт дьонноро, тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бааргыт удьуор үлэһиттэр ыччаттара. https://kepseen.kali.su Сопхуос чулуу ыанньыксыта Пелагея Аммосова кыыһа Екатерина тохсус сылын үлэлии сылдьар уонна биэс сыл устата ынаҕын ахсыттан үстүү тыһыынча киилэ үүтү ыан, 34 сааһыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» буолла! Итинник холобуру үгүһү аҕалыахха сөп. Аҕа көлүөнэ хаалларбыт үтүө үгэстэрин биһиги өссө сайыннаран, кэлэр көлүөнэҕэ туттарыахпыт, саха омук олоххо тардыһар ис күүһэ, чэгиэн эниэргийэтэ сүппэтин, салҕанарын туһугар! – Барытын өйдүүбүт, Эдьиэй Ылдьаана! Бу истэргэ https://kepseen.kali.su кыраһыабай буоллун диэн этиллэр үрдүк тыллар буолбатахтар. 2021 сыл.
Содержание
ААЙА