Главная / Кэпсээннэр / Хаайыылаах дьылҕата (Степан Марков)
Добавить комментарий
Хаайыылаах дьылҕата Хаайыылаах дьылҕата
«Билиҥҥи кэм прозата» серия 2006 с. олохтоммута
Марков, Степан Степанович. Хаайыылаах дьылҕата : (сэһэн, кэпсээннэр)
этэҥҥэ, үчүгэйдик да диэххэ сөп, саҕаланан испитэ: үөрэхтэммитэ, аспирантураҕа киирбитэ, кэргэннэммитэ, олоххо миэстэтин дьоһуннук булуохтааҕа…``` ```Айылҕа биһиэхэ бу дойдуга кэлэр биир эрэ суолу биэрбитэ уонна мантан барарга тыһыынчанан суолу көрдөрбүтэ.``` ```М. Монтень, Франция бөлүһүөгэ``` ### 1 Сайын. Уот куйаас сатыылаан турар кэмэ. Кэтириис эмээхсин ыарытыйар буолан, эмтиир бырааһын мэктиэтинэн куоракка медицинскэй кииҥҥэ көрдөрөөрү, биир дойдулааҕар, эдэр сааһыттан бииргэ үөскээбит дьүөгэтигэр киирэн олорор. Киирбитэ хас да хонно. Кырдьаҕас киһи куорат сиргэ ханнык үүтү-хайаҕаһы булан көрдөрүнүө баарай, ол иһин уоппускаҕа олорор чугас аймаҕа кыыһы көрдөһөн сирдьит оҥостон илдьэ кэллэ. Дьүөгэтэ Ааныска эмээхсин эмиэ кини саастыыта, иккиэн сэттэ уоннарын лаппа аастылар. Ааныска эмээхсин аҕыйах сыллааҕыта бииргэ кырдьыбыт олоҕун доҕоро эмискэ ыалдьан бу сиртэн барыаҕыттан соҕотохсуйан олорор, сайын аайы сылы көтүппэт кэриэтэ оҕонньорунуун, Миитэрэйдиин, дьэдьэн, хаптаҕас саҕана дойдуларыгар ахтылҕаннарын таһааран сир астаан, дуоһуйа сынньанан киирэр буолаллара. Бу аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх дойдутугар тахса илик. Ити, баҕар, оҕонньорунуун куруук бииргэ сылдьа үөрэммититтэн даҕаны буолуон сөп, ол эрээри, дьэ быйыл күһүн отон ситэрин саҕана дойдутугар тахсар санаалааҕын, ону кэтэһэрин Кэтириискэ улахан сонун оҥостон кэпсиир. Ааныска Сэргэлээххэ уолун Өлүөскэлээх даачаларыгар дьиэни-уоту, сиэннэрин көрө-истэ диэн олорор. Ити эрэ буолуо дуо, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы кыра хаһаайыстыба үлэлэрин син дьаһайса, толорсо олордоҕо. Дьүөгэтэ Кэтириис тиийэн кэлбитигэр олус үөрдэ, дойдутун сонунун истиэ, билиэ буоллаҕа, ону Кэтириис курдук ымпыктаан-чымпыктаан ким киниэхэ астыннарар гына кэпсиэ- ипсиэ буоллаҕай? Аймахтара куоракка киирдэхтэринэ сылдьыбат, таарыйбат буолбатахтар, ол эрээри куруук ыксал-тиэтэл буолааччы. Оттон устудьуон, үөрэх туттарсар эдэр оҕолор сырыттахтарына даҕаны тугу сиһилии эйиэхэ кэпсиэхтэрэй, ыйытар-сураһар күүһүнэн эрэ «баар-суох» диэн судургутук хоруйдуохтара. Онон Кэтириис кэлиитэ Ааныскаҕа улахан үөрүү да, сэргэхсийии да буолла. Киэһэ күн лаппа арҕаалаан, мыраан кэтэҕэр кытара кыыһан киириитэ, сөрүүн салгын түһүүтэ, куораттан үлэлиир оҕолоро хойутаан кэлэллэрин кэтэһэ таарыйа, дьоҕус дьиэлэрин күүлэтигэр сахалыы үүттээх хойуу чэйдэрин сыпсырыйан иһэ-иһэ хардарыта санааларын атастаһа, өтөр бүппэт сэлэһиилэрин салгыы олордулар. Арай ол олордохторуна эмискэ, чуумпу салгыны аймаан, таһырдьа уулусса диэки, дьон хаһыытаһан кэпсэтэр, эмиэ да үөхсэр, айманар саҥалара күйгүөрэ түстэ. Эмээхситтэр соһуйан, куттанан түннүктэрин көрө түстүлэр. Элбэх баҕайы эдэр дьон, оҕолор да диэххэ сөп, сорохторо балачча испит, холуочук, тэмтээкэйдиир туруктаах уулусса көп буорун өрө көбүтэн ааһан иһэллэр эбит. Ол иһэннэр эмиэ да бэйэ-бэйэлэрин уолуктаһан, тугу быһаарсаллара эбитэ буолла, маргыһан, айдааран, нууччалыы быдьардык үөхсэн ылаллар. Биир бэрт мааны таҥастаах эдэр кыыс кыайан бэйэтин уйуттубакка сиргэ түөрт атах буола түһэн баран кыаммакка сытынан кэбиспитин, эмиэ киниттэн эрэ арыый аҕай ордук туруктаах хас да кыыс саба түһэн, өрө тардан, туруора сатаан көрдүлэр да кыайбатылар. Онуоха уолаттар кэлэн икки дабыдалыттан өрө тардан олох кыаммат, уйуттубат буолбут кыыһы соһон кэриэтэ иннилэрин диэки дьүккүстүлэр. Кыыс үрдүк хобулуктаах хара бачыыҥкалара уһуллан, суолга хаалан хаалбыттарын хайалара да көрбөтө. — Ок-сиэ! Үлүгэр да эбит! - тыа эмээхсинэ Кэтириис соһуйбутун, куттаммытын таһыгар таһааран саҥа аллайар. - Биһигини, тыалары, үлэлээбэттэр, арыгыһыттар, арыгыны батыстылар диэн хомпуустууллар да, дэриэбинэбэр кыргыттар маннык иһэн соһулла сылдьалларын өссө көрө-билэ илик этим… — Дэриэбинэ диэн дэриэбинэ буоллаҕа, барыларын ааҕа билэҕин, ким ханна кэлбитин-барбытын, тугу гынарын. Дьон иһэр да буоллахтарына бэйэлэрин тардыналлара, көрүнэллэрэ ханна барыай? Оттон манна куорат сиргэ оннооҕор бэйэҥ дьиэҕэр кэккэлэһэ ааҥҥа олорор ыалгын, кимнээхтэрин-ханныктарын билэ да сатаабаккын, наадыйбаккын, эгэ, кимнээх кинилэргэ сылдьалларын, киирэллэрин-тахсалларын билиэҥ баара дуо? — Дьэ, буолар да эбит! - Кэтириис соһуйбута ааспат. — Оттон мин курдук кырдьаҕас киһи дьиэҕэ хаайтаран олорон куоракка туох быһылаан тахсарын хантан билиэмий? Арай кэпсииллэриттэн соһуйаҕын-өмүрэҕин, араас быһылаан, өлүү-сүтүү тахса турар дииллэр дии. — Биһиэхэ тыаҕа даҕаны эмиэ сороҕор араас түбэлтэлэр буолаллар дииллэр да, барытын хантан истиэҥий-билиэҥий? — Ити барыта аат адьарай аһыттан арыгыттан эбээт, билигин арыгы, пиибэ саҕа элбэх, дэлэй суох дииллэр, атын астарга холоотоххо сыаналара да чэпчэки быһыылаах. — Оннук ээ, хайа киһи арыгы испэккэ чөл өйдөөх-санаалаах сылдьан киһи санаабатах, үөйбэтэх сидьиҥ быһыыларын оҥоро сатыай? — Иһит эрэ, сэгээр, бу билигин оҕолор үөрэххэ туттарса сылдьаллар ээ. Сорох тыа оҕолоро онно киирэн баран, киэҥ сиргэ көҥүл-босхо барбычча эбитэ дуу, дьоно биэрбит харчыларын уҥа-хаҥас ыһан-тоҕон, иһэн-аһаан үөрэх туттарсар дьаабыта кэлиэ дуо, онно-манна түбэһэн хайаан, сорохтор дойдуларыгар төннөн, оттон сорохтор куоракка хаалан үтүөх-батаах сылдьаллара элбэх диэн кэпсииллэр дии. Ити дьон кэпсээнин, сураҕын истэбин эрэ. — Ити эн этэриҥ курдук да ханна барыай? Бу ааспыт, көрбүт оҕолорбутугар, баҕар, тыаттан да оҕолор баар буолуохтарын сөп эбээт, - Кэтириис дьиксиммитин биллэрэр. — Буолуо даҕаны, - Ааныска сөбүлэһэр, - мин олохтоох оҕолор итинник элбэх буолан иһэн-аһаан баран уулуссанан киэптэҥнэһэн хаамалларын тоҕо эрэ саарбахтыыбын эбээт. Бэйэбит оҕолорбут сылдьар да буолуохтарын сөп. Эмээхситтэр кэпсээннэригэр буолан күн лаппа киэһэрбитин билбэккэ хааллылар. Сөрүүн салгын күүлэ иһигэр сайа охсон, эти-сиини чэбдигирдэ киирэрэ үчүгэйин! Даача аннынааҕы үрэх үрдүнэн чэпчэки туман налыйан көттө. — Ээ, арба даҕаны, Ааныскаа, ыйытыах буола-буола олох да умнан олоробун дии. Били, Даайа эмээхсиннээхэрэйдээхтэр уоллара Соппуруон манна куоракка баар буолуохтаах этэ, тугу үлэлиирэ буолла, сураҕын-садьыгын истэҕин дуо? — Манна баар буолуохтаах, ол гынан баран биллибэтэҕэ ыраатта. Былырыын сайын ол «дойдуттан» босхолонон тахсан баран биһиэхэ даачаҕа кэлбитэ. Ханна да бараахтыай, билэрдии кэллэҕэ дии. Ырыган баҕайы, танас-сап мөлтөҕө биллэр буолаахтаатаҕа, сана-иҥэ улахан суох киһитэ этэ. Тута дойдутугар тахсыбыта. — Сураҕын истибитим. Бииргэ үөскээбит, үөрэммит доҕоругар Киэсэлээххэ нэдиэлэ кэриҥэ эрэ курдук буолан баран, куоракка үлэ көрдөһө киирбит диэн баара, - Кэтириис салгыы кэпсээни истиэн баҕаран сэҥээрэн биэрэр. — Дьэ, ол киирэн биһиэхэ олорон эрэ үлэ көрдөспүтэ. Бэрт эрэйинэн куорат кытыытыгар баар биир кыра тэрилтэҕэ хачыгаарынан үлэҕэ киирэн, күһүн биһигиттэн барбыта. Били «олорон» тахсыбыт киһини мээнэ дэбигис үлэҕэ ыла сатаабаттар эбит диэн сүрдээҕин санаата түһэн, суҥхаран кэпсиирэ, бэркэ эрэйдэммитэ. Кыһын биирдэ куораттааҕы дьиэбитигэр кэлэ сылдьыбыта, үлэлии сылдьабын диэбитэ, онтон ыла биллэ илик ээ. Этэҥҥэ сырыттаҕа буолуо… — Оттон биһиэхэ дэриэбинэҕэ уол туһунан дьон арааһы туойан, эргитэн кэпсииллэр ээ. Сорохтор эмиэ буруй оҥорон ол «дойдутугар» барбыт үһү, сорохтор куоракка үлэтэ-хамнаһа суох, дьону батыһан иһэ аһыы, мээнэ сылдьар үһү дииллэр. — Оо, дьэ, ол дьон тыла-өһө диэн, араастаан холуннаран, түһэрэн, сэрэйэн көрөн кэпсииллэрэ элбэх буоллаҕа, дьон айаҕын биир хабахха хаайан тыыннарбат буоллаҕыҥ ээ. Кинилэр кэпсииллэрин курдук буолбатыын… — Кырдьык даҕаны, сорох дьон кыһалҕалааҕы, сэнээбиттэрин, кыайа санаабыттарын араастаан түһэрээччилэр, тыл-өс тарҕатааччылар. Чахчы оннук дьон ханна баҕарар бааллар ээ. — Били кэлин дойдубутугар оҕонньорбунуун тахса сылдьан Даайалаахха, дьүөгэм аахха, анаан-минээн сылдьан, кэпсэтэн-ипсэтэн кэлбиппит ээ. Хор, санаа-оноо бөҕөҕө ылларан, баттатан олороохтууллара эбитэ буолуо да, тастарыгар тугу да биллэрбэт курдук сылдьаахтыыллар этэ. Оттон биһиги кинилэр сүрэхтэрин бааһын хаҕылаан, уолгут хайдах-туох сылдьар, суруйар эҥин дуо диэн ыйыталаһыахпыт-туоһулаһыахпыт баара дуо? Бэйэлэрэ да тугу да саҥараахтаабатахтара. — Даайа Миитэрэйиниин кэлин сылларга олус хотторбуттара, санааҕа да ылларан буолуо, күр түһээхтээбиттэрэ ээ. Ханна да ыалларыгар сылдьыбаттар этэ, кырдьаҕас дьон ыраах ханна барыахтарай-кэлиэхтэрэй даҕаны. Кинилэргэ да ким даҕаны мээнэ сылдьыбат, кэлбэт быһыылааҕа. Хам-хаадьаа мин киирэн сэһэргэһэн тахсарым, ону даҕаны маҕа- һыын диэки кэллэхпинэ. Утуу-субуу сыл аҥаарын курдук быысаһан анараа дойдуга бараахтаабыттара. — Мин куһаҕан сурахтарын эрэ истэн хаалбытым… Соппуруон мин Өлүөскэбиниин оҕо эрдэхтэриттэн табаарыстыы этилэрэ, сайын таҕыстахпытына куруук бииргэ оонньуур буолаллара. Тахсыбытыгар Өлүөскэ арыгы туруорбутун, биир кыракый үрүүмкэ оҕотун суолтатыгар эрэ испитэ буолта уонна испэтэҕэ. Бу аска чугаһаабатарбын киһи буолуом этэ, өстүйэбин диэбитэ. Олоҕун олох саҥалыы оҥостор санаалааҕа. Ол киэһэ хайдах түбэспитин биһиэхэ кэпсээбитэ, ону истэ олорон аһынаммын харахпыттан уу-хаар баспытым. Үлэ булан, төннөрүгэр махтанан, үөрэн бараахтаабыта. — Аны, дьэ, көнө суолу тутуһан, үлэлээн-хамсаан киһилии олоҕу олордор үчүгэй буолуо этэ, оннук да буоллар табыллыа этэ буоллаҕа. — Кэтириис, эн көрдөрөргөр хас да хоноруҥ буолуо дии, кини кэпсээниттэн төһө өйдөөн хаалбыппын, биир эмэ киэһэ, хам-түм буола түстэхпинэ эйиэхэ кэпсээн көрүөм этэ. Истиэнэҕэ ыйанан турар улахан чаһы охсон лоҥкунаан барда. — Хайыа, чаһыбыт да ыраата охсубут дии. Бу оҕолор туох үлүгэр хойутаатылар, маннык хойутаабат этилэрэ дии, - диэн Ааныска эмээхсин соһуйан-өмүрэн олоҕуттан туран истэҕинэ, кэлииккэ айаҕар бааллан сытар харабыл ыттара Моойторук тимир сыаба халыгырыы түспүт тыаһа иһилиннэ. Ааныска оҕолорун көрсө тэлгэһэҕэ таҕыста. *** Кэтириис эмээхсин уонча күн тура тэбинэн туран, араас кэбиниэттэргэ уочараттаһан, араас идэлээх быраастарга көрдөрөн бүттэ. Кырдьаҕаһын быһыытынан мөлтөөбүккүн, сынньалаҥнык сырыт, дойдугар тахсан эмтэн диэн сүбэлээн ыыттылар. Барахсаттар, нуучча буоллун, саха буоллун, быраастар элэккэйдэрин-сайаҕастарын, төһө да нууччалыы билбэтэр, тастарыттан көрөн билэ-көрө сырытта, аймаҕа кыыс да олус абыраата. Оттон киэһэ даачаҕа кэллэҕинэ, сэһэн-сэппэн син биир быстыбат. Ааныска эмээхсин, Кэтириискэ били Соппуруон уол, кинини чугастык ылынан, ааспыт тус олоҕун туһунан толору соҕустук, аһаҕастык кэпсээбитин, ол быыһыгар Ааныска бэйэтин санаатын кэпсээтэ… — Бу орто бараан күн тыгар сырдык дойдутугар киһи барахсан олорон чэчирээн ааһар олоҕо баара-суоҕа ортотунан биэс уон сэттэ эрэ сыл диэн суруйаллар, кэпсииллэр дииллэр дии. Бу өйдөөн, санаан, эбэн-сабан көрдөххө, оннугар да тахсар эбээт. Киһи мыынар, астыммат кылгас олоҕо буолбатах дуо? Дьэ ол баҕалаах кылгас олохпутугар, үйэ-саас тухары бу сиргэ кэлэн олохсуйбут саҕа сананан, бэйэ-бэйэбит атааннаһан, охсуһан-этиһэн, өлөрсөн, бэрт былдьаһан тахсабыт туой, бүгүн-сарсын охтон түһэн күн сириттэн быралыйыахпыт да буоллар. Олох диэн - киһи биир-икки ханнык да аптаах, мүөттээх минньигэс тылынан сыана биэрбэт, дириҥин булларбат далай, үрдүгүн ситиспэт ырай буоллаҕа, - Ааныска эмээхсин курус кэпсээниттэн үөһээ тыынан ылар. — Киһи сааһыран олоҕу олорон, билэн истэҕин аайы муударай санаа аһыллан, дириҥник өйдүүр, сыаналыыр буолан иһэҕин эбээт! Ити былыргы, үөрэҕэ суох, ол эрээри муударай өйдөөх төрүттэрбит, саха кырдьаҕастара «киһи бу сиргэ олорон ааһар олоҕо - ыҥыыр аттаах киһи балаҕан кыракый түннүгүнэн элэс гынан ааһарын кэриэтэ кылгас» диэн сөрү-сөпкө да этээхтээбиттэр эбит, - Кэтириис эмээхсин дьүөгэтэ эппитин бигэргэтэн биэрэр. Мин Соппуруон туһунан Ааныска эмээхсин Кэтириискэ кэпсиир киэһэтигэр түбэһэн, чэй исиһэ олорон эмиэ истибитим. Эдэр киһи дьылҕатыттан олус хараастыбытым, элбэҕи эргитэ санаабытым уонна кэнники кини олоҕо хайдах эркээйилэммитин билиэх санаам кэлбитэ. Ханнык баҕарар атаҕар саҥа туран эрэр эдэр киһи инники олоҕо сырдык ыралаах, кэскиллээх буолар. Ол эрээри, ким тымтыктанан инники дьылҕатын, хайдах салаллыахтааҕын, туох буолуохтааҕын билбитэ-көрбүтэ баарай?! Суох буоллаҕа… Соппуруоҥҥа да эмиэ оннук этэ. Кини улахан олоххо үктэммит бастакы дьоһун хардыытыгар сыыспытын билигин ааспытын кэннэ билинэрэ уонна олус кэмсинэрэ. Хайыай, буолар буолтун кэннэ?! Ол эрээри «буруйун-айыытын» тус бэйэтин олоҕунан, этинэн-хаанынан, тулуурдаах санаатынан эрэйдэнэн-муҥнанан боруостаабыт киһи быһыытынан инники бэйэтин олоҕун саҥалыы тэринэн оҥостор баҕалааҕа эбээт. Ол саҕана олохпут-дьаһахпыт, өйбүт-санаабыт тосту уларыйбыт, уруккулуу «киһи киһиэхэ табаарыс, доҕор» диэн буолбакка, «ким күүстээх - киһи, ким мөлтөх - кии буолар» диэн күрэс былдьаһар кэмнэрэ этэ дии. Тулалыыр эйгэҕэр итинник көстүү ханнык эрэ кыһалҕалаах кэмҥэ көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйар киһиэхэ төһөлөөх охсуулаах, өрүттэ охсубат түгэннэри туһаайбыта буолуой? Соппуруону да ити суол хаарыйан, кини дьарамай санныгар тайанан аастаҕа дии саныыбын. Кини бэйэтин олоҕун, кыһалҕаларын, санааларын туһунан Ааныскаҕа кэпсээбитин курдук бэйэтин аатыттан, ол аата «мин» диэн бастакы сирэйтэн ааҕааччыларбар арыый тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө буоллун диэн уларыппакка, хайдах баарынан кэпсиим. Дьэ, оччолорго Соппуруон үөрэҕин саҥа бүтэрэн, улахан олох аартыгар дьоһуннук киирэн испитэ диэнтэн саҕалаан, курус соҕус кэпсээммин сэһэргиим.
Хаайыылаах дьылҕата Хаайыылаах дьылҕата
«Билиҥҥи кэм прозата» серия 2006 с. олохтоммута
Марков, Степан Степанович. Хаайыылаах дьылҕата : (сэһэн, кэпсээннэр)