Главная / Кэпсээннэр / Эн уонна Мин
Добавить комментарий
Ньургуһун Ньургуһун
Ону кытары кыракый эрэлим уоллар-уолан испитэ, көрсүһүү күнэ-дьыла күүтүллүбэт да буолбута.
Мин ыалдьар кутум ыраас утаҕа, ыйыллыбыт санаам ыар ынчыга, тууйуллубут туспам көҥүлгэ дьулуһуута Эн этиҥ дуо? Түүннэри-күнүстэри түлэй-балай түлэкэччийэн иһэн, эмискэ Эйиигин санаатым эрэ ыарыым бохсулларга, хараҕым сырдыырга, күнүс күлэргэ, санаам сайҕанарга дылы буолара. Эн – туора дойду туруу уолана өркөн өйгүнэн, кэрэмэс бэйэҕинэн сүрэхпин сүһүртэҕиҥ, санаабын тууйдаҕыҥ, суоҕу баар дии саныырбар төрүөт буоллаҕыҥ. Билэбин, мин Эйигиттэн атын аартыктаахпын, ураты тыыннаахпын, туспа суоллаахпын. Оо, элбэх да кыс хаар ууллан түстэҕэ мин санньыйбыт ыар санныбар, күлүмүрдэс күн сырылаччы тыктаҕа мин харахпар, эмиэ да буурҕа улуйдаҕа, хаар типтэҕэ мин тулабар. Күнү-түүнү араарбат, биир кэм сыҕарыйар, устар, сыыллар үөрүүтэ-көтүүтэ суох курус күннэринэн бохсуллан, орто дойдуга үтүөнү күүтэрбиттэн сылайбыт чоҥкучах алааска чуҥкук олохтоох Кыыс Дьахтар этим буоллаҕа. Оттон Эн күҥҥэ да тиийиэх дохсун санаалаах, күлүү-үөрүү чалбараҥ олохтоох, ый-сулус арыалдьыттаах, күн курдук көмүскэс санаалаах Күн Айыы оҕото буоллаҕыҥ. Ол да иһин Дьылҕа Тойон тууйуллубут дьоллоотоҕо, кэрэгэй көрсүһүүнү ыйаахтаатаҕа… Оччолорго, кыстык угун саҕа кыракый балаҕаммар бүгэн олорон, Эйигин, Көҥүл Дохсун Айыы оҕотун кэтэһэрбиттэн күнүс арҕаалаабыта да буоллар, син биир хаһан эрэ кэлиэхтээххин сэрэйэрим. Араас да санаалар тууйаллара ытыс таһынар ыас хараҥа түүн, эҥинэ бэйэлээх ыра санаалар симэлийэллэрэ им сүтүүтэ. Ол да буоллар ыгыллыбыт, ыйыстыбыт ынырык ыар түүннэрбэр, биирдэ эмэ күлүм-чаҕыл мичилийбит минньигэс күннэрбэр син-биир Эйиигин эрэ мин кэтэһэрим, Эйиэхэ эрэ курдаттыы таттарарым!!! …Сыллар ааһан испиттэрэ, дьыллар дьыбарга сүппүттэрэ… Ону кытары кыракый эрэлим уоллар-уолан испитэ, көрсүһүү күнэ-дьыла күүтүллүбэт да буолбута. Эдэр бэйэм эмэнсийэн, толуу бэйэм тулаайахсыйан мин ыра санааларбын ат миҥэ гынан көтөрүм улам уурайан испитэ, көҥүл баҕа санааларым олох уустук будулҕаныгар тиийэн иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Ким да суох этэ тулабар, санаабын сайгыах тыынар куттаах суох этэ аттыбар. Оо, олус да чуҥкуга олох диэннэрэ, Суо Хаан Дьылҕа кытаанах да этэ соҕотох киһиэхэ!!! Онтон биир киэһээ эбитэ дуу, күнүһүн буоллаҕа дуу, кыстык угун саҕа балаҕаным аана аргыый аҕай аһыллыбыта. Айанньыт киирэн кэлбитэ. Ааһан иһэр айанньыкка холуйан мин бастаан Эйигин аахайбатаҕым. Арай көмүлүөк оһох сырдыгар чугаһаабыккар санньыйбыт, сылайбыт харахтаргын уун-утары көрө түһээт “дьик” гына түспүтүм, сыныйан одууласпытым. Ол көрдөҕүм ахсын мин Эн буоларгын сэрэйбитим. Сэрэйбитим уонна дьолбуттан ытамньыйбытым. Үйэм тухары күүппүт дьолум илэ-бааччы кэлбитин уонна… ааһа барыахтааҕын. Ону төһө да биллэрбин, аҕыйах мүнүүтэ устата Эйигин кытары биир муостанан хаамарбыттан, биир салгынынан тыынарбыттан уоскуйбутум. Адаҕайыахтаах арахсыыны, буолуохтаах атаарсыыны төһө да биллэрбин ол биир түгэнинэн, биир чыпчылҕан кэминэн саатар биирдэ толорутук, дьоллоохтук олорорго быһаарыммытым. Онтон атын суол суоҕа даҕаны…
Надежда ПЕТРОВА.