Кэпсээ
Войти Регистрация

Наталия Рязанская Кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээннэр / Наталия Рязанская Кэпсээннэрэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
04.11.2022 21:47
984 3

Бу курдук Баһыыкка соһуччу күтүөттээн, этэҥҥэ болдьообут кэмнэригэр Тургунун кытта дойдутугар төннөн кэлбитэ. Төрөөбүт тэлгэһэлэригэр тиийэ да иликтэринэ, аргыһыгар улаханнык тугу да быһаарбакка, быһалыы Богдо олорор алааһыгар, Кыталыктаахха, ааспыттара. Арай ыраахтан көрдөхтөрүнэ балаҕанын иннигэр Богдолоро мас суора олороро. Баһыыккалаах Тургуну чарапчыланан көрөөт, тута билбитэ быһыылааҕа. Соһуйбут курдук, маһын туора илгээт, ойон турбута.  -Богдо, доҕоор, туох кэпсиэ? Сылгын үөрүн бэлэмнээ!-диэн Баһыыкка ыраахтан үөгүлээбитинэн, атын дьоруолаппытынан доҕорун тэлгэһэтигэр дьоруолатан кэлбитэ. -Хайа, кыыс чахчы сөбүлэстэ дуо?-дии-дии Богдо күн уотуттан саатан, кыараҕас харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ, дьонугар чугаһаан иннин диэки хардыылаабыта. -Чахчы-чахчы, сөбүлэстэ!- диэн өрүкүйбүтүнэн Баһыыкка атыттан чэпчэкитик ыстанан түспүтэ уонна аттынааҕы сэргэҕэ сылгытын  баайан кэбиспитэ. Кини кэнниттэн саарабыт курдук Тургун кэлэн эмиэ атын сэргэҕэ баайбыта. Уол сирэйэ-хараҕа, үүтүн тохпут оҕо курдук, санааҕа-онооҕо ылларбыта тута харахха быраҕыллар этэ. -Хайа, Тургун туох буоллуҥ? Бу киһи балыыҥкалыыр дуу? Кыыс чахчы сөбүлэҥин биэрдэ, илии тутустугут дуо?-диэн, улахан мөккүөргэ кыайтаран эрэр киһи быһыытынан, Богдо  Тургуҥҥа ынан, чугаһаан кэлбитэ. -Сөбүлэһэн. Маҥнайгы хаар түстэҕинэ, суол турдаҕына, кыыһы сүгүннэрэн аҕалар,-диэн баран Тургун туора хайыспыта. -Дьэ, онон оннук, Богдо. Хааннаах баппыыскаҕын умнубатыҥ ини. Эппит этириэс, бэйэҥ эппитиҥ курдук буолар. Үтүө киһи биир тыллаах. Сылгылары хаһан ылабыт, атыыры бэйэм талабын, биири бу соторутааҕыта бэлиэтии көрбүтүм,-диэт, кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан, идэтинэн, Баһыыкка Богдону санныга таптайбыта. -Кыайбыт киһи бэйэҥ билэр буоллаҕыҥ. Баҕар, күн бүгүн да илдьэ бар,-диэн баран Богдо дириҥник үөһэ тыыммыта уонна  доҕорун диэки кыбыс-кытаанахтык көрөн кэбиспитэ. -Сөп, оччотугар биһиги сарсын Тургуннуун бэйэбит кэлэн сылгыларбытын илдьэ барыахпыт. Мин кэргэн ылбытым туһунан  тыынар тыыннаахха букатын быктарыма. Кэмэ кэллэҕинэ бэйэм кэпсиэм. Сылгы үөрүн хаартыга сүүйдүм диэҕим, ону эн бигэргэтээр,-диэбитэ Баһыыкка уонна үгүһү-элбэҕи быһаарар, кэпсиир санаата суоҕун биллэрэн, атын сэргэттэн сүөрэн миинэн барбыта. Кэнниттэн тойонун батыһан Тургун эмиэ атыгар хат олорбута. Кэннилэриттэн саҥата суох кэҕиҥнии-кэҕиҥнии Богдо батыһа көрөн хаалбыта. Сарсыҥҥытыгар болдьоспуттарын курдук отут биэни кытта биир хара буулуур бастыҥ атыыры уолаттар үүрэн илдьэ барбыттара. Чаппараах атыыһыкка Баһыыкка хаартыга сүүйдүм диэн омуннаан-күүркэтэн кэпсээбитэ. Уола бу хаарты кыдьыктааҕын аҕата төрүт сөбүлээбэт этэ. Ол эрээри бүтүн сылгы үөрүн сүүйбүтүн истэн, улаханнык мах бэрдэрбитэ.    


Самаан сайын барахсан сылааһын, кэрэтин сайыһыннарбытынан бэрт  кылгас кэм иһигэр, күлүм гынаат,  ааһа охсубута. От-мас үлэтэ үмүрүйэн,   дьон санаата бөҕөргөөн, өрө көтөҕүллэн кыстыкка бэлэм буолбута. Сотору көмүс күһүн  солотуу дуйун устан, туус маҥан хаарынан үллүктэнэн кырыа кыһынынан солбуллубута. Бу тухары Баһыыкка кэргэн ылбытын дьонугар кэпсээбэккэ сылдьыбыта. Тургун бастаан соччо улахаҥҥа уурбатаҕа, ол эрээри кэнникинэн ытырыктатан киирэн барбыта. Чаппараах атыыһыт Баһыыккатын илдьэ эмиэ ыраах айаҥҥа турунарын истэн, тоҕо эрэ олус ыксаабыта. Ол иһин биир киэһэ санаата буолбакка: -Баһыыкка, дьоҥҥор кэргэн ылбыккын хаһан этэҕин?-диэн ыйытааччы буолан быстахха былдьана сыспыта. -Тыый, туох даа?! Тургун, мин эйиигин кытта буолары-буолбаты кэпсэтэр санаам суох. Эн кимҥиний? Ыал хамначчыта буолан бараҥҥын чыып да диэбэккэ сырыт. Ити сырыыбыт туһунан аҕабар кэпсиэҥ да бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар уонна, бу диэн эттэххэ, алта сыл тухары сириксэннээбит кыыс сириллэр диэн хайдаҕын бэйэтэ дьэ биллин, кэһэйдин,-диэн баран кыра тойоно сүр үлүгэрдик силбиэтэнэн кэбиспитэ. Тургуну, чахчы, бу түгэҥҥэ соһуйбут диэххин түктэри курдуга.  Истибитин итэҕэйиминэ, тылыттан матан, таах мээнэ чыпчылыҥныы, биир сиргэ тэпсэҥнии турбута.

Ол эрээри кини бу кэмҥэ ким да буолбатаҕын, бу Орто дойдуга таах мээнэ киһи ахсаанын элбэтэ сылдьар сир быртаҕа буоларын дьэ өйдөөн, санна холбуйуоҕунан холбуйан, бэл, уҥуохтуун кыччаан, сиргэ симэлийиэх курдук буолбута. Тойонун Баһыыкка тылыттан уонна биири өйдөөбүтэ – кини Мааны Бороскуону кэргэн ылар санаата букатын, хара маҥнайгыттан, суоҕун уонна доҕорун Богдону албыннаан баайын буор-босхо хаҥатыммытын. Тургун таһырдьа тахсыбыта. Кыстык хаар үллүктүү түһэр нарын үҥкүүтүгэр Мааны Бороскуо кэрэ дьүһүнэ көстөн ааспыта, кини намчы тарбахтарынан бигиирин курдук хаар кыырпахтара биир-биир сиргэ тэлээрэн түһэллэрэ. Кыыс, бэлиэр, Баһыыкканы кэтэһэн долгуйан эрдэҕэ. Тоҕо да мин маннык соххор доҕолоҥ удьуора, төрдө-ууһа суох хамначчыт буолан төрөөбүтүм буолуой? Арай мин Баһыыкка буолуум... мин саҕа дьоллоох киһи бу сиргэ суох буолуо этэ. Туолбат ыра санааны өйө эрэйдээх дойҕохтуон баҕарбатаҕа даҕаны, сүрэҕэ барахсан ону букатын истэр санаата суоҕа. Тургун маннык дүлүҥ маска таһырдьа өр олорбута. Хаар тохтуур санаата суоҕа. Кыра тойоно туох санааттан итинник быһыыламмытын өйдүү сатаабыта. Кыра эрдэхтэриттэн уолаттар син эн-мин дэһэн тэҥҥэ оонньуур-көрүлүүр, кэпсэтэр-сэлэһэр курдуктара. Кэлин улаатан баран ол тэҥ баайыы быата сыыйа сөллөн, ким, ханнык араҥаҕа баара ырылхайдык көстөр буолан барбыта. Баһыыкка бас-баттах тылын-өһүн, баламат сырыыларын, оҕуруктаах толкуйун Тургун хайа да өттүттэн ситэр да, ылынар да кыаҕа суоҕа. Арай Баһыыкка Чаппараах атыыһыт курдук үтүө киһи буоларыгар саарбахтыыра кэлин улаатан барбыта.    


Кыһыҥҥы суол тураатын кытта Чаппараах атыыһыт бэрт өр тэринэн ыраах айаҥҥа туруммута. Уолун Баһыыыкканы эмиэ илдьэ барбыта. Сырыылара табылыннаҕына кыһыҥҥы Ньукуолун иннинэ кэлиэх буолан дьоннорун кытта бырастыылаһан арахсыбыттара.  Чаппараах хас эмэ сүүһүнэн сылгы көрүүтүн кырдьаҕас Барбах Ньукулай бас биллитигэр хаалларбыта. Тургуну тэйиччи үрэх баһыгар баар сылгы үөрдэрин  аһатарга сорудахтаабыттара. Онон уол, тойоно аах барыахтарыттан, ыраах Лаампы үрэҕэр суос-соҕотоҕун хорҕойбута. Тыа быыһыгар быыкаа ыыспаҕа олохсуйан, бэйэтэ бэйэтин дьаһанан олорбута. Дьэ бу үрэҕи булуоҕуттан Тургун саныыр санаата ордук чөллөрүйбүккэ, уһуну-киэҥи ырыҥалыыра өссө элбээбиккэ дылыта. Манна эбии туой Мааны Бороскуо өйүттэн-санаатыттан араҕан биэрбэккэ, түүн-күнүс сүгүн утуйбакка, санаа-оноо баттыга оҥостон, олус муунту буолбута. Кыыс күнүн ахсын Баһыыкканы кэтэһэрин хараҕар ойуулаан көрө-көрө, сүрэҕэ ытырбахтыыра, арыт уһун түүнүн утуйбакка килэччи көрөн сытара. Онтон биир үтүө күн эмискэ төбөтүгэр биир дьикти, мээнэ киһи ылыммат, баламат санаата көтөн түспүтэ: Тойонум аах кэлэн эрдэхтэрэ. Барбах Ньукулай ол аата ый аҥарынан дьону манна ыытыыһы. Сотору миигин төттөрү Далбардаахха таһаарыахтара. Ол иннинэ Мааны Бороскуоҕа тиийэн барытын кырдьыгынан кэпсиир эбиппин. Бу санаатыттан Тургун хайдах эрэ чэпчииргэ дылы гыммыта. Сарсыҥҥытыгар сарсыарда эрдэ, тыҥ хатыыта хас да үөр сылгыларын кэрийэ сылдьан аһаппыта-сиэппитэ уонна  тута ыраах айаҥҥа туруммута. Эрэллээх доҕорун, миинэр миҥэтин Сындыыһы кытта түүнүн-күнүһүн аахсыбакка айаннаабыта. Арыт ыалга тохтоотоҕуна сылгым үөрүн көрдүү сылдьабын диэн мулук-халык кэпсээн дьиэлээхтэри соһутара. Сорох сэниэ ыал балаҕаннарын боруогун атыллаат, аан айаҕыттан үүрүллэрэ. Ол да буоллар, син этэҥҥэ буолан, Орто Бүлүү сиригэр-уотугар кыһыҥҥы күн кылбайа ойуута тиийэн кэлбитэ. Уун-утары улахан, кип-киэҥ алаас, өр күүппүт киһилии, икки илиитин утары уунан, мичээрдии көрсүбүтэ. Ыраахтан угуйар, киэҥ айан суола иннигэр нэлэс гына түспүтэ. Лоҥкуран турар тиит мастар хаар бэргэһэлэрин аргыый нуоҕатан,  эдэр киһи иннигэр нөрүйэн, мэник тыалга биэтэҥнэһэ тоҥхоҥноспуттара. Уол сылайбытын тута умнан, бэркэ билэр, умсугуйа көрбүт, арахсарыгар сүрэҕин ытырбахтаппыт улахан уораҕайын диэки атын кымньыылаан кэбиспитэ. Сындыыһа соһуйбут курдук иччитин эргиллэн көрбүтэ.  Дьөһөгөй оҕото барахсан уол хас биирдии хамсаныытыттан, сирэйэ-хараҕа турбутуттан  олоҕор туох эрэ улахан уларыйыыга, суолталаахха баран эрэрин тута өйдөөбүтэ.

Кини сыыдам айаныттан  дьылҕа суола салалларын, уолҕамчы, баламат санаа олоххо киирэрин  өйдөөн, иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ.  


  Тургун бастаан дьиэҕэ киирэн кэлбитигэр, дьиэлээхтэр аахайбакка, тута Маабыраны соруйа охсон, хара дьиэҕэ утаарардыы оҥостон эрдэхтэринэ: -Миигин билбэтигит дуо? Мин Тургуммун, күтүөккүт Баһыыкка хамначчытабын,-диэн ыксыы-саарайа биир тыынынан түһэрэн кэбиспитэ. -Туох даа, -диэбитинэн балаҕан түгэҕитэн Мойбордоох Баһылай, истибитин итэҕэйиминэ, үскэл бэйэтэ бэрт сылбырҕатык туттан аан айаҕар тиийэн кэлбитэ. -Туох этэй... Баһыыкка... кыайан... бээ,-диэн уол тугу чопчу этиэн билбэккэ, мулук-халык туттан, тугу этиэн саарыы турбута. -Эт баарынан. Көнөтүнэн. Эргитимэ-урбатыма,-диэн били хаһааҥҥыта эрэ сүр эйэҕэс, ыалдьытымсах оҕонньор  дьэбин уоһуйан, дьүһүн кубулуйа охсубута. -Оччотугар... Баһыыкка эһиги кыыскытын кэргэн ылбат,-диэн, саҥарбыт саҥатын сататыттан кыбыстан, саатан Тургун умса көрөн кэбиспитэ. -Сэрэйбит хоту, ол иһин даҕаны...ону үтөм диэн илдьит оҥостоору бу эйиигин ыытта дуо?-диэн баран Мойбордоох кэлэйбитиии түҥнэри хайыспыта. -Суох. Кини ыыппата. Баһыыкка аҕатын кытта суол тураатын кытта Учурдаабыта. Эһигини айманнылар буолуо диэммин... бэйэм кэллим,-диэт, этэрэ бүппүт киһи быһыытынан, уол эргиллэн, тахсар аан диэки дьулуспута. Тургун таһырдьа тахсаат, хайдах эрэ ыарахан сүгэһэрин ыһыктыбыкка дылыта, ол эрээри аны Мааны Бороскуо айманарын өйдөөн, сүрэҕэ биир кэм чэчэгэйигэр тиийэ тэһитэ кэйиэлээн, олус күүскэ хам ытырбахтаабыта. Кыыс аттыгар олорон кинини уоскутуон, бу Орто дойдуга кини курдук кэрэ кыыс суоҕун этиэн-тыыныан, итэҕэтиэн баҕарбыта. Онто, чахчыта, бу дьиҥ, тыйыс олоххо илэ буолбатын өйдөөн дириҥник үөһэ тыыммыта. Маннык санаа-оноо баттыгар ылларан, чочумча турбута. Арай уҥа өттүгэр аан тыастаахтык аһыллаатын кытта, Мойбордоох Баһылай түөһэллэн тахсан: -Бачча ыраах айаннаан кэлбит киһи сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн итиитэ киллэр,-диэт төттөрү балаҕаныгар киирбитэ. Хара дьиэ диэки ааһаары турбут уол, бэркэ соһуйан, саараабыт курдук сэрэнэн, оҕонньору батыһан, төттөрү дьиэҕэ киирбитэ. -Кэл, олор манна, саас-сааһынан туох-хайдах буолбутун сиһилии кэпсээ,-диэн баран Мойбордоох уолу өйдөнөр бокуой биэрбэккэ, остуолга ыҥырбыта. Тургун тирии саҕынньаҕын сиирэ-халты көхөҕө ыйаат, мааны остуолга ааспыта. -Ол иһин мин ити сытыы тыллаах уолу хара маҥнайгыттан сөбүлээбэтэҕим,-диэн Бааттаах Настаа тилир-талыр хамсанан, сыалаах эти хоторон, остуолга өрөһөлүү уурбута. -Чэ, бээ, Настаа, буолар буолтун кэннэ кураанахха айманыма. Бу уолу истиэх бастаан,-диэн  Мойбордоох Баһылай кэргэнин быһа түспүтэ. Тургун бастаан симиттэ соҕус, онтон сыыйа айаҕа аһыллан, ис иһиттэн хайдах эрэ абаран, итийэн олорон тугу да кистээбэккэ, барытын аһаҕастык, тоҕо тэбээн, кэпсээн биэрбитэ.  Кини кэпсээнин дьиэ иһигэр баар дьон бары да бүтүннүү кулгаах-харах буолан истибиттэрэ, тугу да сыыска-буорга түһэрбэтэхтэрэ. Уол кэпсииригэр буолан, кэннигэр хаппахчы аана сэрэнэн кыыкынаабытын, чэпчэки атах хаҥас наара орон диэки ааспытын букатын да истибэккэ хаалбыта. Арай уол кэпсээн бүтээтин кытта кэннилэригэр: -Оччотугар бэйэм сириллэн олорор эбиппин буолбаат? Бу сааты-сууту. Сааттаҕым бэйэм. Бачча сыллар тухары эппиккит курдукс ирэн-сирэн сиргидэххэ тигистэҕим. Ол эрээри сөбүлээбит киһибэр эргэ барыам диэбитим алҕас эбит буоллаҕа,-диэбитинэн Мааны Бороскуолара тобус-толору хараҕа ууланан, сирэй-харах бөҕө буолан бу олорор эбит. -Оо, тоойуом, инньэ диэмэ. Билигин да эдэргин, кэргэн тахсыаҥ буоллаҕа,- аҕата Мойбордоох кыыһын диэки эргиллэн,  бэрт сымнаҕас куолаһынан эппитэ. -Төһө эрэ сэтэрииллэр, күлүү гыналлар. Таҥара дьиэтигэр үнүр да сылдьарбар кэннибиттэн ботур-итир саҥарсалларын истибитим. Сириллибит сордооҕу, миигин аны ким кэргэн ылар үһү,-дии-дии кыыс оҕо барахсан сирэйин ооккотун икки ытыһынан саба туттан уйа-хайа суох ытаан барбыта.

Синэ биир диэбитэ эбитэ дуу, хорсуна ордук киирбитэ, биитэр аһыммыта оччо эбитэ дуу, Тургун уол эмискэ бэрт дорҕоонноохтук: -Баайым буоллар мин ылыам этэ,-диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Хайа, бу туох буолла диэххэ айылаах кыл түгэнэ дьиэ иһигэр чуҥкунуур чуумпу сатыылаабыта. Бэл, ытыы олорбут Мааны Бороскуо ах баран, соһуйбуттуу уолу тонолуппакка одууласпыта, онтон харахтара сырдаан: -Мин буоллаҕына эйиэхэ тахсыам этэ,-диэбитэ уонна хайдах эрэ олуона баҕайытык мичээрдээбитинэн олорбут сириттэн туран кэлбитэ. Манныгы эрэ истиэм диэбэккэ олорбут дьиэлээх хаһаайын: -Чэ, бээ, ону-маны солуута суоҕу тыллаһымыах,-диэт,  кыыстаах уол диэки  утуу-субуу килээриччи көрөн кэбиспитэ. Кэргэнэ Настаа, Тургуну саҥа көрөр киһи курдук,  соһуйбуттуу сирэйин-хараҕын кыҥастаспыта. -Хайдах солуута суох? Аҕаа, ийээ, киһи олоҕо баайыттан, дьадаҥытыттан эрэ тутулуктанар дуо? Эһиги бэйэҕит этэҕит дии куруук, киһи олоҕо баайынан эрэ сыаналаммат диэн,-диэн баран Бороскуо сибилигин аҕай ытыы олорбут харахтарын уутун киэр илгээт, остуолга чугаһаан кэлбитэ. Кыыс сирэйэ-хараҕа турбутуттан көрдөххө, олоҕор туох эрэ олус суолталааҕы быһаарынан эрэр курдуга. -Ийээ, эн миэхэ куруук киһи тапталынан олоруохтаах, киһини киһи таптыыра тылыгар буолбакка, дьайыытыгар көстүөхтээх диириҥ. Аҕаа, оттон эн эр киһи биир тыллаах, эппит тылыгар турар буолуохтаах диириҥ. Бу сыллар тухары араас баай, түс-бас дьон оҕолоро кэлэн миигин кэргэн кэпсэтэ сатаатылар. Кинилэр туохха ымсыыраллар? Биһиги баайбытыгар уонна мин дьүһүммэр. Мин туспар биир эмэ хорсун быһыыны дуу, тугу эмэ оҥорбут киһи баар дуо? Суох дии. Оччотугар бу бачча ыраах сиргэ кырдыгы кэпсии кэлбит Тургуну тоҕо сирэҕит? Дьадаҥытын эрэ иһин дуо? Кини миигин кэргэн ыллаҕына баайбыт аччыыр дуу?-диэн баран Мааны Бороскуо ийэлээх аҕатын биир-биир тонолуппакка утары көрөн турбута. Ааттаах-суоллаах Мойбордоох Баһылай улахан уораҕайыгар, хаһан да буолбатах, тыҥааһыннаах, ураты көстүү буолбута. Кулут-чаҕар өттүлэрэ, көрбөтөхтөрүн көрөн, истибэтэхтэрин истэн, мааны кыыс, дэбигис киһи өйүгэр баппат, соһумар, дьикти тылын-өһүн сэргээн, бүтүннүү кулгаах-харах буола сылдьыбыттара. Тургун эмиэ кыыс сытыы тылыттан-өһүттэн, сиэрдээх майгытыттан мах бэрдэрэн биир кэм таалан олорбута. Эмискэ Мойбордоох Баһылай остуолуттан түөһүллэн турбута уонна: -Бээ, мин таһырдьа тахса сылдьыым, сотору киириэм,- диэн баран сып-сап түнэ сонун, бэргэһэтин кэтэн таһырдьа тахсыбыта. Бу бириэмэҕэ Мааны Бороскуо Тургун таһыгар кэлэн олорунан кэбиспитэ. -Тургун, миигин, кырдьык, кэргэн ылыаҥ этэ дуо?-диэн истиҥник мичээрдии-мичээрдии ыйыппыта. -Ылыам этэ, кырдьык. Мин эйиигин көрбүт күммүттэн сөбүлээбитим,-диэт, кинини тонолуппакка көрөн олоророр кыыстан кыбыстан, умса көрөн кэбиспитэ.              -Оттон мин эйиэхэ тахсабын, чахчы, -дии-дии, бэлиэр сирэйэ-хараҕа сырдаабыт кэрэ кыыс икки саннын ыгданнатан, уол диэки тэбэнэттээхтик мичээрдии олорбута.              Маны барытын туораттан көрө олорбут Бааттаах Настаа итэҕэйбэтэхтии: -Бороскуо, чахчы, этэҕин дуо?-диэн сэрэнэн ыйыппыта.              -Чахчы, ийээ. Мин олоҕунан оонньообоппун,-диэбитэ кыыһа.              Ийэ барахсан кыыһын туруору, өһөс майгытын билэрэ бэрт буолан ах барбыта. Таһырдьаттан соруктаах аҕайдык хамсанан Мойбордоох Баһылай төннөн киирбитэ.              -Баһыыккалаах төһөҕө төннөллөр диэтиҥ?-дии-дии оҕонньор сыгынньахтанан, тас таҥастарын көхөҕө ыйаабыта.              -Кэллэхтэрэ. Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа диэбиттэрэ,-диэн Тургун хап-сабар хоруйдуу охсубута.              -Чэ, Тургун, оччотугар Далбардаахха, тойонун аахха бара сылдьар эбиппит. Сарсын айанныахпыт,-диэн баран ордук-хос тугу да санарбакка, Мойбордоох Баһылай кэлэн көмүлүөк оһох иннигэр аргынньахтаан олорунан кэбиспитэ. Кырдьаҕас кыыһын дьылҕатын быһаараары, уһуну-киэҥи санаан, аал уотун тонолуппакка одууласпыта. Эмиэ да Бороскуота этэрэ сөпкө дылы. Тургун уол киһи быһыытынан көнөтө, сиэрдээҕэ сирэйигэр-хараҕыгар сурулла сылдьар. Дьадаҥыта туох буолуой? Оҕом эрэ дьоллоох буоллун. Ол эрээри туох-ханнык төрдүлээҕин биллэххэ табыллар.

Ама да күтүөт баҕалааҕын иһин соххор доҕолоҥ оҕотугар баарбытын-суохпутун биэрбэт инибит. Аны суох диэтэххэ ити кыыс хайдах-туох буолуо биллибэт. Киһи да дьиксинэр. Чэ бээ... Маннык араас санааҕа-онооҕо ылларан, чопчу тугу гыныан билбэккэ, Мойбордоох оһоҕун иннигэр өр олорбута.  Хас да хардаҕас оҕото баарын уокка биэрбитэ. Аал уот үөрбүттүү өрө салаамахтаан, ылбытын тута ыйыстаары, тута күүдэпчилэнэн, чачыгыраччы күлэн-үөрэн, тигинэччи умайан барбыта.      


Сарсыҥҥытыгар бэрт эрдэ туран, Мойбордоох Баһылай икки хамначчытын кытта, сыарҕалаах атынан ыраах Далбардаахха айаннаабыттара. Иннилэригэр Сындыыһын миинэн, суолларын ыйан-кэрдэн, Тургун уол дьоруолатан испитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Тургуну аан боруогуттан антах анньыбыт тыйыс сирэйдэр-харахтар Мойбордооҕу көрөөт, тута сымнаан, саха киһитин мааныта, ыалдьытымсаҕа буолан, дьүһүн кубулуйалларын көрөн, дьадаҥы уол олус сөхпүтэ. Киһи киһини баайынан, аатынан-суолунан сыаналыырын дьэ өйдөөн, саҥата суох үөһэ тыына испитэ. Алта хонуктарын бэрт холкутук айаннаан, тиийиэхтээх кэмнэригэр Чаппараах атыыһыттаах улахан алаастарыгар киирэн кэлбиттэрэ. Тургун бастаан утаа үөрбүтэ, өрүкүйбүтэ ханан да суох буолбута. Бэйэтин хайдах эрэ улахан түөкүн, кыра тойонун түһэн биэрбит таҥнарыахсыт курдук санаммыта. Баһыыкка кэргэн кэпсэтэ сатаабыт баламат, кэр-дьэбэр быһыытын Чаппараах атыыһыт Һээн диэбэтин сэрэйдэр да, айанын былаһын тухары дьаарханара ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ. Бэркэ билэр айанын суолунан кэлэн, Сындыыһын, идэтинэн, кытыы сэргэҕэ баайбыта. Онтон ыксыы-саарайа сүүрэн кэлэн, Мойбордоох Баһылай сыарҕалаах атын бастыҥ сэргэҕэ туруорбута. Икки ыт баара, Тургуну билэн, туора дьону да эйэргии, эккэлии көрсүбүттэрэ. Чаппараах атыыһыт кэлбит сибикитэ, улахан туорай мастаах сыарҕа, хара дьиэ хаҥас өттүгэр, ойоҕоллуу анньыллыбыта ыраахтан харахха быраҕыллара. Бэркэ долгуйа-долгуйа, сүрэҕэ сүр күүскэ тэбилээбитинэн, дьонун батыһыннаран Тургун улахан балаҕан аанын боруогун атыллаабыта.Элбэх дьон тоҕуоруһан киирбитин көрөн, дьиэлээхтэр олус соһуйбуттара. Бу дьон быыһыгар өссө кинилэр Тургуннара баарыттан муодарҕаан, саҥа аллайбыттара. Чаппараах атыыһыт ыалдьыттарга чугаһаан, Мойбордооҕу кытта билсэн, эн-мин дэһэн эрдэхтэринэ, Тургун икки хамначчыты батыһыннаран хара дьиэҕэ тахсыбыта. Манна барыта бэркэ билэр дьоно уолу үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, ыалдьыттары тута иһирдьэ аһардыбыттара. Уолларыттан ону-маны саҥа ыйыталаһыах курдук буолан истэхтэринэ, киһилэрэ сиирэ-халты эппиэттэһээт, сып-сап таһырдьаны былдьаспыта. Тургун төһө да улаханнык дьиксиннэр, кини олоҕор улахан суолталаах быһыы-майгы тахсан эрэрин сүрэҕинэн сэрэйэн, төттөрү тойонун аах балаҕаннарыгар кэлбитэ. Чочумча дьиэ айаҕар тура түһэн баран, дириҥник үөһэ тыынаат, улахан балаҕан аанын арыйа баттаабыта. Киирбитэ, бэлиэр, дьонноро остуол тула олорбут этилэр. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө,  үөрбүт быһыы-майгы суох курдуга. Утары Баһыыкка, үүтүн тохпут оҕо курдук, төбөтүн умса нөрүтэн олороро. Тургуну көрөөт, Чаппараах атыыһыт: -Тургун, кэл эрэ манна. Бу Баһылай кырдьаҕас кэпсиирэ, чахчы, кырдьык дуо?-диэбитэ уонна уолу ыраахтан чыпчылыйбакка да уун-утары көрбүтэ. -Кырдьык, барыта кырдьык, -диэт, Тургун остуолга чугаһаан кэлбитэ. -Ол да иһин, сэрэйбит сэрэх ити отут биэлээх сылгы үөрэ баар буолбутун бэркэ муодарҕаабытым. Оччотугар маннык: бу табыллыбатах күтүөккүт аатыттан,  кыыс саатыгар биир үөр сылгыны биэрэбин. Тургун уонна кэргэн ыларыгар кыыс энньэтин, сулуутун төһө дииргитинэн эмиэ бэйэм төлөһөбүн,- диэн баран Чаппараах атыыһыт Баһыыккатын диэки кыбыс-кытаанахтык көрөн кэбиспитэ. -Чахчыта да, Тургун киһи быһыытынан киһи сирбэт оҕото. Оттон төрдүн-ууһун түөһэр эбит буоллахха, эн биһигинээҕэр эрэ улахан, ытык киһи төрүөҕэ, улахан үөрэхтээх соҕурууттан кэлбит судаарыскай оҕото. Бэрт үтүө киһи этэ барахсан. Манна биһиэхэ икки сыл олорон баран, хоту көһөрүллүбүтэ. Кэлин истибитим ол дойду ыар олоҕун тулубакка, өлбүт сурахтааҕа. Тургун ийэтэ да киһи сирбэт кыыһа этэ. Үлэһитэ, кыайыгаһа, иэҥэ-дьааҥа суоҕа. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн ийэлээх аҕатын батан ис-иһиттэн чэбэр, ыраас.

Оннук-маннык оҕуруктаах өйө, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох уол. Онон, Баһылай, күтүөт гыннаргын кэмсиниэҥ суоҕа. Хата, бу мин киһим курдук оттомо суох, тылыгар турбат, атаах күтүөттэммитиҥ эбитэ буоллар, эрэйдэниэ эбиккит, -диэт, уолун диэки кэлэйбиттии     Чаппараах атыыһыт көрөн кэбиспитэ. -Ама, Баһыыкка, итинник быһыыҥ биллиэ суоҕа диэбит муҥун дуу? Өбүгэ саҕаттан кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Син биир хаһан эрэ чаалыйан тахсар, сааттаах, содур быһыыны-майгыны оҥорбуккун. Төһө да мин бэйэм эйиигин төрөппүт, ииппит буруйум буоллар, киһи олоҕунан оонньуур аньыыта бэрт. Мантан инньэ дьулайа сабыллыбыт киһини  көҥүл-босхо ыытабын. Кии буоларыҥ дуу, киһи буоларыҥ дуу бэйэҥ көҥүлүҥ,-диэн баран атыыһыт туора хайыспыта. Бу кэннэ уоллаах аҕа икки ардыгар дуоннаах кэпсэтии тахсыбатаҕа. Арай Мойбордоох Баһылай санаата кэлэн, Чаппараах атыыһыты кытта икки күн устата ирэ-хоро сэлэспитэ. Тургуну күтүөт оҥостор бүтэһик, ыллыктаах санааны ылыммыта. Оттон Тургун уол дьылҕата маннык соһуччу бэлэҕи оҥорбутун итэҕэйиминэ өр таалан, дөйүөрэн сылдьыбыта. Хаһан да истибэтэх аҕатын үтүө сураҕын, эмиэ да хобдох дьылҕатын истэн үөрүөн дуу, курутуйуон дуу билбэтэҕэ. Арай чопчу биири өйдөөбүтэ: бу кини олоҕор тосхойбут үрдүк дьолу мүлчү тутуо суоҕа, төһө кыалларынан дьон итэҕэлин, эрэлин хайаан да толоруо уонна хас биирдии күнүн үтүөнэн олоруо.    


Далбардаах Эбэ үрдүнэн үөр чыычаах тэлээрэ көппүтэ, күн сырылаччы тыган, самаан сайыны уруйдуу туойар, уйгу-тунах ыһыах ыһыллар кэрэ кэмэ тиийэн кэлбитэ. Дьон-сэргэ эмиэ бу үтүө күнтэн алгыс үтүөтүн истээри, уйгуну-быйаҥы сомсоору ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубута. Аҕам саастаах, икки ытык кырдьаҕас сиэттиспитинэн хатыҥ мас быыһынан аргыый аҕай хаамсан, ыһыах түһүлгэтигэр чугаһаан иһэллэрэ. Кинилэр хас биирдии хамсаныыларын ааҕа күн уота мастар быыстарынан көөчүктэнэ оонньуура. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, икки кырдьаҕас туохтан эрэ олус үөрбүт, дьолломмут курдуктара. -Тургун, өйдүүгүн дуо, аан маҥнай эн биһиги иккиэн бу курдук сиэттиспитинэн ыһыахха киирбиппитин? Оо, онно долгуйбутум билигин да баар курдук,-диэн баран  эмээхсин оҕонньоругар эргиллибитэ. -Оо, Бороскуо, ама, хайаан ол кэми умнуомуй? Ол сахха мин саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Сыл-хонук, субу баар курдук ол күнү билигин да өйдүүбүн. Мааны кыыс, кэрэ кыыс, мин Бороскуом, миигин  бу олоххо толору дьоллообут эн эрэ,-диэн баран оҕонньор сып-сылаастык кэргэнин диэки көрөн кэбиспитэ. -Мин даҕаны сириллибит күнүм мин дьолум, эн курдук киһи анала буолар дьоро күнүм эбит. Дьылҕа бэлэҕэ диэн дьэ дьикти... эйиигин кытта олорбут биир да күммүн кэмсиммэппин,-диэн баран Бороскуо эмээхсин   төбөтүн кыҥнатан кэргэнин санныгар даҕайбыта. Эмискэ кэннилэригэр оҕолор айманар,  хатан саҥалара чаҕаара түспүтэ: -Эбээ, эһээ, биһигини тохтооҥ, кэтэһииҥ!-диэбитинэн үс оторой-моторой уолаттар сүүрэн тыбыгыраһан кэлбиттэрэ. -Эһээ, Моппуу ол сыыр үрдүгэр хаалан хаалла, ытыы олорор, -дии-дии биэстээх Тиит тохтоон, тыын быһаҕас тыына турбута. -Оо, тоҕо хааллардыгыт кыра киһигитин, дьоҥҥут ханна бардылар?-диэн соһуйбут курдук Тургун оҕонньор ыйыппыта. -Иһэллэр-иһэллэр, оол түстүлэр, ээ Моппууну аҕам көтөхпүт, -диэн улахан хос сиэннэрэ Байбаас алаас илин куулатын ыйбыта. -Дьэ бэрт, оҕолорум, ыччаттарым бүгүн бары мустар дьоро күммүт тосхойбута тоҕо бэрдэй!-диэн баран оҕонньор кыра сиэттэрин биир-биир бэйэтигэр ыга тардыбыта. Мэник-тэник уолаттар онтон ордук тэбиэһирэн күлэн чачыгыраспыттара, тула холоруктаан эбээлээх эһээлэрин эргийэ сүүрбүттэрэ. Оттон Мааны Бороскуо үйэ аҥарыттан ордук олорбут таптыыр кэргэнин Тургуну кытта биир кэм чарапчыланан, кинилэргэ чугаһаан иһэр оҕолорун, сиэттэрин, хос сиэттэрин таптыы, сылаанньыйа көрөн, таалан турбуттара. Икки кырдьаҕас сирэйдиин-харахтыын сырдаан, дьылҕа бэлэҕин мүлчү туппатах  сырдык ухханнарыгар бигэнэн туралларын көрүөххэ олус истиҥ уонна олус долгутуулаах этэ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:57

КЭПСЭЭМЭ ДУУ

Кэпсээн

Олунньу ый олуйар тымныытын намыратын, бүгүн ураты дьикти, сылаас күн буолбут. Былытырбыт. Таһырдьа хойуу хаар сири-дойдуну үллүктүү бүрүйэн, тугу эрэ уоскутардыы чуумпура налыйбыт. -Эбээ, бүгүн туох күнэ буоларын билэҕин?-Муочуска түннүгү одуулаһа туран, эмискэ хараҕа уоттанан,  Намылы диэки эргилиннэ. Намылы утуйар-утуйбат икки ардынан нуктуу сытан,  соһуйан сиэнин диэки көрө түстэ. -Суох, туох күнэй? Кыһыл күн дуо? Эчи, аныгы үйэҕэ бырааһынньыкпыт да элбэҕэ. Миигинньик киһи өйө ону эккирэтэн  сиппэт,-диэт, кылгас кыламаннара ибигирээн, сабыччы түспүт халтаһаларын арыйан, кыыһын  көрө сатаан төбөтүн өндөҥнөттө. -Эбээ, бүгүн наһаа үчүгэй бырааһынньык - тапталлаахтар күннэрэ ээ. Сибэтиэй Балантыын диэн таҥара күнэ. Мин ол иһин эйиигиттэн биири ыйытыахпын баҕарабын. Эн олоххор биирдэ эмэ күүскэ да күүскэ таптаабытыҥ дуо? -Мин дуо?-диэт бөтө бэрдэрэн,  эмээхсин төбөтүн сыттыгыттан арааран, чараас суорҕанын хаһыйан, оронугар аргыый аҕай олордо. Онтон сиэнин өрө мыҥаан баран: -Суох буоллаҕа. Биһиги ол былыргы дьон үлэнэн эрэ олордохпут. Билиҥҥи оҕолор курдук таптал дии-дии саракынаспыппытын өйдөөбөппүн, -диэн баран үөһэ тыынна. Муочуска эбэтин диэки хайдах эрэ санаарҕаабыттыы унаарыччы көрдө. Кырдьаҕас киһи куура хаппыт кубархай сирэйигэр таптал уйаламмыт сырдык омоонун булаары син өр соҕус кыҥастаста. Суох, Намылы эмээхсин сирэйэ эбии дьиппинийэн, биир кэм таастыйан, таптал олохсуйбут сибикитэ букатын биллибэтэ. -Диэ. Дьиибэ эбит дии. Киһи буолан баран таптал диэни билбэт. Ол үлэ тапталы кыайар эбит да оччоҕо,- диэн баран салгыы эппиэт эрэйбэккэ, кэлэйбиттии киэр хайыста. Намылы хайдах эрэ һык гынна уонна арбайбыт баттаҕын дар уҥуох илиилэринэн көннөрүнэ сатаата. Күөмэйин туох эрэ кыбыс-кытаанах бүөлүү анньыбытыгар, хас эмэ төгүл ис-иһиттэн кытаанахтык сөтөллөн хахсайда. Сиэнигэр албыннаан кубарыппытын биллэримээри умса көрдө. Ол кэннэ тыын быһаҕас тыынан, санна холбуйан, саҥата суох оронугар чөкөллөн, хаар намыын үҥкүүтүн одуулаһа  олороохтоото.  


Чахчыта да, ама хайаан, инчэҕэй эттээх икки атахтаах таптал диэни билбэт буолуой?! Баар-баар этэ, Намылыга даҕаны сүрэҕин чопчута, таптыыр-ахтар киһитэ – Дьуона, Дьуон барахсан. Намылы эмээхсин бу аҕыс уон хаарыгар үктэнэн олордор эдэркээн Дьуон кини өйүттэн-санаатыттан билигин да  арахпат. Аан бастаан кинини, олоҕор соҕотох тапталын ханна көрүстэ этэй?  Эми субу курдук  хаар үллүктүүр күнүгэр этэ дии. Кинилэр уһук, кытыы нэһилиэктэригэр Тааттаттан Сиидэрэптэргэ күтүөт уол кэлбит сураҕа иһиллибитэ. Ол күһүн эдэркээн Намылы саҥа биэлсэр үөрэҕин бүтэрэн кэлбит сыла этэ. Арай биир  сарсыарда эбиэккэ диэри балыыһатыгар ыарыһахтарын көрөн баран, таһырдьа оһоҕор эбии мас киллэрэ сылдьыбыта. Ким эрэ улаханнык  ыраахтан үөгүлээбитигэр соһуйан, ходьох гына түспүтэ, сыарҕалаах атынан Уйбаан Сиидэрэп көтүтэн иһэрэ. Атын улаханнык сайдыырыттан, сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, бэркэ ыксаабыт, ыгылыйбыт дьүһүннээҕэ. Ону көрөн Намылы хардаҕастарын төттөрү сиргэ быраҕаат, утары сүүрбүтэ. -Намылы, дьэ оҕом эрэ буолларгын абыраа, күтөппүн быыһаа! Маска дэҥнэннэ,-диэбитинэн Уйбаан сыарҕатыттан ыстанан түспүтэ уонна бэрт ыксалынан атын аҕалан күрүө баҕанатыгар баайбыта. Сыарҕаҕа бүтүннүү хаан-билик буолбут эдэр киһи сытара. Кыыс чугаһаан кэлбитигэр кыбыстыбыттыы сыарҕаҕа байааттаҥныы-байааттаҥыныы  олоро сатаабыта.  Намылы Уйбаанныын иккиэн эдэр киһини икки өттүттэн өйөөн балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Кыыс, төһө да эдэр биэлсэр буоллар, уолуйбакка, өмүрбэккэ уол төбөтө хас да сиринэн хайа барбытын сууйан-тараан баран, итиитинэ тута хам тигэн кэбиспитэ. Уол хаана дэлби баран, сэниэтэ эстэн  нукаай курдуга. Кыыс имигэс хамсаныытын кыайан кэтиир да кыаҕа суох өйүкү-төйүкү олорбута. Хата аҕа кынна Уйбаан оҕонньор сотору-сотору тыастаахтык тыынара, күтүөтүн икки санныттан кытаанахтык тутан турара.

-Уйбаан Уйбаанабыс, наһаа долгуйумаҥ. Барыта этэҥҥэ буолуо. Хата, эрдэ аҕалбыккыт дии. Бу төбө олус хааннаах буолар. Күтүөккүтүгэр уларыттар таҥаста аҕалаарыҥ. Аһын интэрнээттэн таһыахпыт. Аҕыйах хонукка манна балыыһаҕа сытыа, эмтиэхпит, кэтээн көрүөхпүт. Аата ким диэний? -диэн баран Намылы уолу саҥа көрбүт киһилии тонолуппакка одуулаабыта. -Ээ, Дьуон, Дьуон Мааркап диэн аата, -дии-дии Уйбаан оҕонньор, күтүөтэ этэҥҥэ буоларын истэн, эгди буола түспүтэ. -Чэ оччотугар, Дьуон Мааркап, сэрэнэн туруохха эрэ. Эн манна биһиэхэ, балыыһаҕа аҕыйах хонук сытыаҥ,-дии-дии Намылы Уйбаанныын уолу кыра, сып-сырдык хос оҕотугар киллэрэн сыгынньахтаан, балыыһа таҥаһын кэтэрдэн  баран, ыраас ороҥҥо сытыарбыттара. Уйбаан барыар дылы Намылы күтүөтүн сааһын, аатын-суолун сураспыта, барытын толору суруммута. Туох-хайдах буолбутун тоокколоһон, сиһилии ыйыталаспыта. Сискэ дьиэ маһын кэрдэ сылдьан бу Дьуон дэҥнэммит. Төһө эмэ аҕа кынна сэрэхтээхтик сырыт диэн хара маҥнайгыттан этэ сатаабытын үрдүнэн, аҕыйах чааһынан маска баттата сыспыт. Мас суон лабаата уолу төбөтүн оройунан сиирэ-халты түспүт. Букатын да ыт буолуох киһини,Уйбаан оҕонньор хаһыытаан, уола туора ыстанан, хата, халымыр соҕустук эчэйбит. Манна эбии кырдьаҕас халыҥ бэдэр бэргэһэтин күтүөтүгэр кэтэрдибитэ улаханнык абыраабыт. Бу курдук уустаан-ураннаан оҕонньор өссө да элбэҕи кэпсиэх эбит да, Намылы ону-маны сураһан,  кырдьаҕаһы өмүтүннүрэн, омуннаах сэһэнин быһа түһэн кэбиспитэ.


  Уйбаан оҕонньор дьиэлээбитин кэннэ, Намылы балыыһатын оһоҕун толору  эбэн баран, ыарыһаҕар киирбитэ. Арай хос ааныттан хаһан олоҕор билбэтэх ураты сыта муннугар саба биэрбитэ. Туох сытай бу диэн кыыс өйө ыйытар курдуга да, сүрэҕэ тугу эрэ сэрэйэн, биир кэм ахсым ат айанынан тохтоло суох битигирээбитэ. Чочума онтуттан симиттэн хос ортотугар тохтоон турбута, онтон өй-сүрэх мөккүөрүн  киэр илгээт: -Хайа, Дьуон, хайдаххыный? Мэйииҥ эргийбэт дуо?- диэн баран, аргыый аҕай Намылы ыарыһаҕар чугаһаан кэлбитэ. Дьуон санаарҕаабыт курдук дөйүөрэн, кыараҕас харахтарын  кэҥэтэн, тугу эрэ толкуйдуурдуу, балыыһа истиэнэтин өрө мыҥаан сытара. -Суох, этэҥҥэ курдукпун. Дьиэбэр таһаарбаккын дуо? Үлэ бөҕө таах тураары гынна,-диэн баран эргиллэн, Дьуон ааттаспыттыы биэлсэрин диэки көрбүтэ. -Ыксаабааппыт, Дьуон. Туругун этэҥҥэ буоллаҕына аҕыйах хонугунан таһаарыахпыт. Тулуй. Үлэ буоллар турдун, куотуо суоҕа. Билигин, дабылыанньабытын мээрэйдэниэхпит, укуолланыахпыт, онтон аһыахпыт. Чэ, олордубут эрэ, -диэн баран соруктаах аҕайдык Намылы уол үрдүнэн нөрүйбүтэ. Дьуон улгумнук кыыс эппитин толорбута, дабылыанньатын мээрэйдэппитэ, укуолун саҥата суох ылбыта.  Онтон оронугар хат  сэрэнэн олорбута уонна балыыһа кыра түннүгүн одууласпыта. -Хаар түһэ аҕай турар. Бу маннык кэми мин наһаа сөбүлүүбүн. Таһырдьа тахсан хаампыт киһи баар ини, -дии-дии Дьуон үөрүттэн быстыбыт тураах оҕотун курдук хайдах эрэ олуона соҕустук даллах гыммыта. Кыыс эмиэ саҥатыттан матан, бэйэтэ да билбэтинэн, уолу тонолуппакка одууласпыта. Бу түгэҥҥэ Намылы киһи дэбигис өйдөөбөт дьикти туругар киирбитэ. Хаһан эрэ, ханна эрэ манныгы көрбүтүм, биитэр бу түгэни мин билэбин, билэр истиҥ куолаһым, мичээрим диэх курдук. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, биир кэм мичээр аргыстанан Дьуону мыҥаан турара. Мантыттан хайдах эрэ бэйэтэ да соһуйан, олус саата, кыбыста санаабыта. Тугу эрэ куһаҕаны оҥорон, харытыттан харбатан эрэр уоруйах курдук, бэрт түргэнник хомунан хос иһиттэн  тахсан барбыта. Балыыһа анаабыт түгэх, бэйэтин олорор, хоһугар киирээт, хайдах эрэ иэдэһэ итий-итий гыммыта, сүрэҕэ сүр күүскэ  чэчэгэйигэр тиийэ тэбиэлээбитэ. Кыратык чочумча тура түспүтэ, тыын ылбыта. Онтон хоһуттан тахсан, интэрнээт остуораһа Мааппа аҕалбыт аһын ылан оһох үрдүгэр сылыта уурбута. Бу тухары туохтан эрэ олус долгуйара, кынаттааҕа буоллар көтөн да хаалыах курдуга. “Хайдах буоллум бу аата, туохтан бу айылаах өрүкүнэйдим” диэн бэйэтэ бэйэтиттэн ыйытар курдуга да, чопчу хоруй биэрэр кыаҕа суох этэ.

Аһын сылытаат, тута Дьуоҥҥа киллэрэн биэрбитэ. Ордук-хос тугу да  саҥарбатаҕа, кэпсэппэтэхтэрэ. Киэһэ эмиэ укуолламмыттара, кыыс тикпит сирин сирийэн көрбүтэ, ханан да хаан оҕуолаабатаҕын көрөн, иһигэр үөрэ санаабыта.              Утуйуох эрэ иннинэ Дьуон дьоно уолга уларыттар таҥаһын-сабын аҕалан биэрбиттэрэ, кэргэнэ Сибиэтэ тоҕо эрэ биллибэтэҕэ. Бу түүн Намылы кыыс утуйар уута уйгууран,  хараҕын кип-киэҥинэн көрөн, бүгүҥҥү күнүн эргитэ саныы сыппыта. Туой өйүгэр Дьуон бастаан хаан-билик буолбут дьүһүнэ, онтон хаары одуулаһан даллахтыы олорор сырдык мөрсүөнэ субу көстөн ааһара. “Үчүгэй да уол, хаарыаны, Сибиэтэ дьоллоох кыыс эбит ээ!” диэн  санаа өйүгэр охсуллан ааспытыттан соһуйан, эмискэ оронугар олоро түспүтэ. -Сүрүн, бу сааты! Кэргэннээх киһини сөбүлээбиппин дуу!? Ама, хайаан!?- диэн баран сүр күүскэ Намыла уҥа ытыһынан сүүһүн охсон тос гыннарбыта. “Эн хайдах буолаҕыный, Намылы, дьон биллэҕинэ туох диэй!? Сиидэрэптэр күтүөттэригэр ымсыырбыт үһү. Аата сүрүн баҕаһын. Түксү! Эн дьиҥ хомсомуол киһи итинник араас баламат санааны төбөҕөр олохсутума!” диэн Намылы бэйэтигэр ыга кыыһыран, түүнү сүптү хараҥаны одуулуу сыппыта. Ол эрээри таптал диэни саҥа билбит төлөннөөх сүрэҕэ кинилиин сөпсөспөккө, хараҕар наар Дьуон уол сырдык мичээрин ойуулуулуурун  кыл да түгэн тохтоппотоҕо. Маннык өй-сүрэх мөккүөрэ буола сытан, кыыс сарсыарданан  эрэ, ууга тааһы бырахпыттыы, кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалбыта. Арай сарсыарда оһох тимир аана тыаһыырыттан Намылы  соһуйан,  уһуктан кэлбитэ. Төбөтө ыбыс-ыарахан этэ. Ким ити оһох отторуй диэн саҥа аллайаат, сып-сап таҥнан көрүдүөргэ тахсыбыта, интэрнээт остуораһа, Мааппа эмээхсин, кэлэн оһох отто сылдьара. -Хайыы, бу кыыс туох ааттаах хойутаатыҥ? Бачча тымныыга ыарыһахтаргын тоҥороору гынаҕын дуо? Мааҕыттан соһуйабын ээ. Туох буолан балыыһабыт оһоҕо буруолаабат диэн. Түөркэ-биэскэ оттор баҕайыта,-дии-дии Мааппа хайдах эрэ сөбүлээбэтэхтии тилир-талыр хамсанан, оһох аанын тыастаахтык саппыта. -Утуйан хаалбыппын, былыкка баттаппыппын быһыылаах,-туох диэн билиминэ эдэр биэлсэр мулук-халык туттубута. -Утуйума, Намылы Бөтүрүөбүнэ, баар-суох бүтүн нэһилиэкпит дьонун быыһыыр-абырыыр киһитэ буолан бараҥҥын. Хата, мин туох буоллахтарай диэн куттанным ээ. Уйбаан оҕонньор күтүөтэ хайдаҕый?, -диэн баран эмээхсин чомпой бэргэһэтин өрө анньыбыта. -Ээ, этэҥҥэ-этэҥҥэ. Дьэ бырастыы гын, Мааппа,  аны мантан инньэ утуйбаппын,-диэн баран Намылы ыксыы-саараайа таһырдьа тахсыбыта.  


    Мааппа бараатын кытта, сарсыарда эрдэ Намылы Дьуон сытар хоһугар укуолун тимир иһитин таҥкынаппытынан көтөн түспүтэ. Санаатыгар туохха эрэ олус ыксыыр курдуга. Уол сирэйин көрөөт, бэйэтэ да соһуйан, “уой” диэбитинэн чинэрис гынаат,  оронугар чугаһаан кэлбитэ. Ыарыһаҕын сирэйэ дьэс алтан сылабаарыныы сүүнэ, мэлтэччи  иһэн хаалбыт этэ, бэйэтэ да кыараҕас хараҕа аат эрэ харата кылахачаҥныыра. -Чэ, маннык буолар. Итиччэ тоҕута-хайыта түһүү син биир иһэр, аҕыйах хонугунан тардыаҕа,-диэн баран Намыына тыастаах соҕустук көхсүн этиппитэ. -Ол иһин сирэйим испит дии санаатым ээ. Түүн төбөм ыалдьан аанньа утуйбатым,-диэт, укуол ыларга бэлэм, Дьуон көхсүнэн сыппыта. Арай кыыс көрбүтэ, ыарыһаҕын биир наскыта кыра соҕустук тэстибит, уҥа атаҕын тилэҕэ кытаран көстө сылдьара. -Оо, бу тэстибит наскыны ким аҕалла? Манныгы балыыһаҕа кэппэттэр. Бүтүн наада,-диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Иһигэр бэркэ муодарҕаабыта, туох буолан аны наскы аайыттан баайсан бардым диэн. -Аҕа кылыным Уйбаан оҕонньор аҕалбыта. Ыраас наскы ээ. Оччоҕо хайыыбыный? Устуом сибилигин, -диэт, аны Дьуона хап-сабар икки наскытын уһулан кыыс диэки үҥүлүппүтэ. Намылы тугу гынарын улаханнык долоҕойугар оҕустарбакка, хап-сабар наскыны ылан, халаатын сиэбигэр уктан кэбиспитэ. Ыарыһаҕын көрөн-истэн баран, укуоллаан, эмтэрин иһэрдэн баран тахсан барбыта. Күһүн халлаан уларыйыытыгар нэһилиэккэ дьаҥ-дьаһах элбээбит, маны таһынан, араас сүрэх, быар, бүөр, ноор ыарыһах да элбэх этэ. Аны орто саастаах оҕолор харахтара ириҥэрэн ыалдьан, бэйэ-бэйэлэриттэн сыстыһан моһуогурбуттара.

Онон биэлсэр оскуолаҕа тахсан, нэһилиэк ыалларарын кэрийэн ыраастык туттан олоруу, чэнчис буолуу үөрэҕин ыытара. Түүннэри да ойутан туруоран илдьэ барааччылар бааллара. Бу курдук Намылы күнү мэлдьи солото суох сылдьара.  Ол быыһыгар ыарыһаҕар, Дьуоҥҥа,  киирэн тахсара. Аһын чугас интэрнээттэн Мааппа аҕалан биэрэрэ. Балыыһа сөрүүн этэ. Дьиэтэ дэлби эргэрэн муостататын күүскэ аргыйара. Оһохторун күҥҥэ хаста да эбэн оттоллоро. Арай күнүскү эбиэт кэмигэр Намылы ыарыһаҕар киирбитэ, Дьуона атах сыгынньах оронугар кумуччу туттан баран сытар эбит. Ону көрөн кыыс олус аһынна, “бээ, эрэ” диэн тугун эрэ умнубут курдук биир сиргэ тэпсэҥнээтэ уонна бэйэтин олорор хоһугар төннөн кэллэ. Кыра мас ыскаабын бэрт ыксалынан арыйа баттаата да, үөһэ долбууру хаһыспытынан барда. Аҕатыгар бу күннэргэ баайбыт халыҥ наскытын суулуу укпутун хостоон ылла уонна уол сытар хоһугар төннөн кэллэ. -Дьуон, маны кэт эрэ. Бу балыыһа наскыта,-диэтэ. Уол хап-сабар наскыны саҥата суох кэтэн кэбистэ. Уопсайынан, Дьуон майгытынан бэйэтэ да олус сэмэй, көрсүө, көнөтүнэн сылдьар киһи  эбит. Хара бараан сирэйигэр куруук икки хааһа түрдэстэ сылдьар, киһини супту одуулуур, кыараҕас, ыйаастыгас харахтардаах, синньигэс муруннаах, быыкаа обуйук уостардаах. Уҥуоҕунан орто, ырыган, дьарамай уол. Били киинэҕэ көрөр артыыстар ылгын да чыҥыйаларыгар тиийбэт бэрт бүрэ дьүһүннээх. Ол эрээри олус дьикти... дьикти... киһини бэйэтигэр тардар туох эрэ биллибэт абылыыр күүстээх. Бу маннык ураты санаатыттан Намылы бэйэтэ да соһуйар. Хаһан да манныкка түбэспэтэх буолан,  дэбигис киһи өйдөөбөт санааларыттан бу күннэргэ олус эрэйдэннэ. Дьуон кэргэнэ Сибиэтэ суох эбит. Оҕолоноору оройуон киинигэр киирбит. Онон күтүөтүгэр субу-субу Уйбаан оҕонньор кэлэр-барар, туругун сыныйан тоокколоһор. Биир күн кырдьаҕас Намылыга күһүҥҥү муҥхаттан кыра собо аҕалла. Бу собону тутатына Намылы киэһэ үлэтин кэннэ ыраастаан, үөстээн мииннээтэ. Үс собону уолга киллэрэн биэрдэ. Дьуон балыгын олус ахтыбыт быһыылаах, сарсыарда кыыс киирбитигэр: -Олус минньигэс соболор этэ. Бэркэ үөстээбиккин,-диэтэ. Кыыс бу күн уол аҕыйах хайҕал тылларыттан олус дьоллонно, биир кэм мичээр аргыстаах сырытта. Бэл, остуорас Мааппа көрөн бэркэ муодарҕаата да, таһыгар биллэрбэтэ.  Нэдиэлэ бүтүүтэ Дьуон тахсар буолла. Бааһа сыыйа тарта, сирэйэ-хараҕа сырдаата. Намылы, дьиҥэр, уол тахсарын бэркэ билэр эрээри, тоҕо эрэ санаата олус түстэ. Бу күн кими да кытта уруккутун курдук күлэ-үөрэ кэпсэппэтэ. Элэккэй бэйэтэ дьэбин уоһуйан, уутун тохпут оҕолуу, тылыттан матан, саҥата суох сырытта. Дьуон аҕыйах малын-салын хомунан бараатын кытта, кэнниттэн балыыһа кыра түннүгүн сабыытын сэгэтэн, уол көстүбэт буолуор диэри,  сайыспыт харахтарынан атаара хаалла.  


  Күн-дьыл бэйэтин киэлитинэн биллибэккэ ааһан истэ. Ахсынньы, тохсунньу ыйдар бытархан тымныылара түһэн, балыыһа иһэ лаппа тымныйда. Намылы оһох отторуттан соло булбата. Манна эбии түүн-күнүс Дьуон уол өйүттэн-санаатыттан тахсан биэрбэккэ утуйар уутун элбэхтэ көтүттэ. Сураҕа, кэргэнэ Сибиэтэ этэҥҥэ уол оҕоломмут үһү. Онто үкчү Уйбаан оҕонньору көрбүтүнэн төрөөбүт диэн остуорас Мааппа субу көрөн турбут курдук  кэпсээбитэ. Сотору кыра киһини көрө-истэ Намылы Дьуоннаахха тиийдэ. Сибиэтэ, син да оҕо эрдэҕинээҕитин курдук, кыыһы үөрэ-көтө көрүстэ. Уруккуттан даҕаны кыыс кыраттаҥ да үөрүнньэҥ, ыллам-дьэллэм, сайаҕас майгылаах. Ол иһин кини тула куруук көр-нар, үөрүү-көтүү буолааччы. Кэргэн да тахсан баран ол майгыта уларыйбатах. Оҕотун таптаан ымманыйа-ымманыйа эдэркээн ийэ кыыһы сырдык хоско батыһыннаран киллэрдэ. -Ким манна ньоппойо-ньоппойо утуйа сытарый бу?  Уйбаанчык дуо? Уйбаанчык, биһиэхэ ким эрэ кэллэ. Ии, оҕом сыыһа. Көр, уолбутугар эһэтин аатын биэрдибит, Уйбаанчык диэн,-диэн баран сэрэнэн быыкаа киһини көтөҕөн ылла. Намылы иннигэр үүт-үкчү Дьуон илэ бэйэтинэн кыараҕас харахтарын арыйа сатаан симириҥнээтэ, быыкаа уостарын бэрт минньигэстик  үмүрүҥнэттэ.  Бу түгэҥҥэ Намылы сүрэҕэ олус күүскэ мөҕүл гынна. Кыра Уйбаанчыгы сыгынньахтаан, эргитэ сылдьан көрдө-иһиттэ, иһиллээтэ. Сибиэтэҕэ кыра сүбэ-ама биэрдэ. Кырачаан туруга этэҥҥэ буолан иһигэр үөрэ санаата.

Дьиэттэн тахсан иһэн  аан таһыгар кэлэн, хаатыҥхатын кэтэ туран, бэркэ билэр дьикти сыта муннугар саба биэрбититтэн туймаара сыста. Хараҕын көхөҕө бырахпыта, Дьуон бараан истээх соно ыйанан турар эбит. Ханна барбыт буоллаҕай диэн ыйытыан бэркэ баҕарда да, туттунна, тугу да сураспата. Истиҥник быраһаайдаһаат дьиэттэн тахсан барда. Балыыһатыгар тиийиэр дылы араас санаа барыта киирэн ааста. “Эмиэ да Сибиэтэ оннугар арай мин буолуум, Дьуону кытта мин эрдэ билсибит буолуум, арай ити быыкаа Уйбаанчык мин оҕом буоллун...” Онтон эмискэ бу олуона санааларыттан бэйэтэ бэйэтигэр олус абарда. Халыҥ бараан истээх үтүлүгүн иһигэр тарбахтарынан ытыһын күүскэ да күүскэ быһыта тутта. “Аата, буоллун да буоллун буолбаккаҕын, аньыытын баҕаһын, санаам диэн ону маны сымыйанан дойҕохтуу истэхпиний?” диэт, атаҕынан сири күүскэ тиҥилэхтээн, кимиэллээхтик хааман балыыһа тэлгэһитигэр биирдэ баар буола түстэ.


Сотору саас барахсан саймаарыйан кэлэн иһэрэ билиннэ. Күн-дьыл уһаан, тэбэнэттээх көй салгын сүрэҕи-быары сылаанньытар буолла. Оҕо аймах, кыанар өттө таһырдьа таласта. Кыра нэһилиэккэ туох барыта сырдаан, ылааран, көрүнэн-күлүүнэн туолла, дьон сэргэх саҥата-иҥэтэ ыраахтан иһиллэн, үлэ-хамнас  оргуйан олордо. Биир үтүө күн эдэр ыччаттар мас саһааныгар субуотунньукка тахсаҕыт диэн кытаанах бирикээс кэллэ. Онон нэһилиэк эдэр дьоно сарсыарда эрдэттэн тутуспутунан тыаҕа таҕыстылар. Дэлээнэлэригэр тиийээттэрин кытта, өйдөнөнр бокуой биэрбэккэ, Хомуньуус Бииктэр, үлэ удаарынньыга киһи, барыларын биир кэккэҕэ туруортаата уонна хас да биригээдэлэргэ үллэрдэ. Намылы, үөрүөн дуу, соһуйуон дуу быатыгар, Дьуоннаахха түбэстэ. Кыыс көрдөҕүнэ, хас да уол баарыттан Дьуон, барылаттан саамай кыайыылаахтара, хотуулаахтара курдук. Бу туттара-хаптара эрчимнээҕин, сылбырҕатын. Уолаттартан барыларыттан түргэнник маһы суулларар, эрбиир. Дьарамай киһиэхэ иҥиирдээх, тэтиэнэх эбит диэн Намылы иһигэр хайҕал сыана быста. Уолтан хаалсымаары кыыс кыаҕа баарынан ыарахан, инчэҕэй чууркалары күнү мэлдьи тохтоло суох саһааннаата. Ол эрээри Дьуон тоҕо эрэ кини баарыгар-суоҕар кыһаммат курдук. Сарсыарда көрсөөттөрүн кытта, бэрт сэргэхтик дорооболоһоот, тэйэ хаампыта. Намылы кыбыстыбыт, кытара кыыспыт сирэйин өйдөөн да көрбөтөҕө. Онтон бастаан хайдах эрэ хомойуох курдук буолан иһэн, кыыс бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэн, умсугутуулаах сырдык санаатын киэр илгибитэ. Субуотунньук үлэтэ күөстүү оргуйан, киэһэ халлаан суһуктуйуута бүппүтэ.Элбэх кууп маһы бэлэмнээбит Дьуоннаах биригээдэлэрэ кыайыылаах аатын сүкпүтэ, ордук таһаарыылаахтара биир ый Бочуот Дуоскатыгар тахсар чиэскэ тиксибиттэрэ. Субуотунньуктан кэлэн баран Намылы эмиэ кыайан утуйар уута кэлбэтэҕэ. Туой хараҕар биир кэм Дьуон үлэлии сылдьара, бүтүннүү көлөһүн буолбут сирэйин буруолаах ытыһынан ньуххарынара, мичээрдии-мичээрдии эбиэккэ сылаас миин иһэн сыпсырыта олороро көстөн ааһара. Биир түгэҥҥэ уол эрбээбит мастарын быраҕаттыы туран: -Намылы, туораа, мэһэйдээмэ!-диэн ыраахтан хаһыытаабытыгар, кыыс соһуйан, олуонатык ходьох гынаат, туора ойбута. Уол бу эппит тылларын дьэ кэлэн өйдөөн, чахчы да, ол аата миигин мэһэй-таһай буолума, мин олохпун ыраахтан да кэтээмэ диэтэҕэ диэн тойоннообута. Онтон өрө уһуутаат, оронугар олоро биэрбитэ уонна уйа-хайа суох ытаан барбыта. Аата, тоҕо да бу Дьуон кинилэр нэһилиэктэригэр кэллэҕэй? Биитэр Намылы атын сиргэ анатан барбыт буоллун? Маннык сүрэх-быар ыарыыта суох буолуо этэ. Сүрэҕим тоҕо өйбүн истибэт. Киһи диэн дьикти да буолар эбит диэн арааһы бары санаан санна ыгдаҥныы олорбута. Эмискэ ах барбыта уонна хараҥа сулустаах  түүҥҥү халлааны өр да өр одууласпыта. Ол олорон ис-иһиттэн иэйэн: -Айыы дуу, таҥара дуу баар буолларгын мин өйбүттэн, мин олохпуттан Дьуону ыл, суох гын. Көрдөһөбүн, ааттаһабын,-диэн уоһун иһигэр ботугураабыта. Онтон төбөтүн сыттыгар уураат “көрдөһөбүн, суох гын, суох гын” дии сытан сарсыарданан утуйан хаалбыта.

* Аҕыйах кэминэн сандал саас, онтон самаан сайын кэлбитэ. Ол тухары Намылы син уоскуйа быһыытыйбыта. Үлэтинэн эрэ олорон, ханна да сылдьыбат буолбута. Нэһилиэккэ араас кэнсиэр, бэстибээл, тэрээһин бөҕө буолара да, бииргэ да кыттыспат этэ. Эдэр ыччаттар ыҥыра сатаан баран, кэлин сапсыйан кэбиспит курдуктара. Оскуола кэмигэр биир да кэнсиэр, бырааһынньык кинитэ суох ааспат, ырыаҕа, тойукка бастыҥ кыыстара туох буолбутун кыайан быһаарбатахтара. Намылы бэйэтэ да улаханнык кимниин да алтыспат этэ. Хайдах эрэ барыларыттан тэйиччи тутта сатыыра. Арыый чугастык учуутал Араайалыын булсара. Биирэ дьүөгэм диэн арааһы барытын кэпсиэн, кэлиэн-барыан, алтыһыан баҕарара. Суоппар Сэргиэйдиин саҥа билсэн эрэр буолан, кэпсээнэ барыта эдэр киһинэн муҥурданара. Араайа бэйэтигэр ханыылаан Намылыны онно-манна илдьэ сатыыра да, биирэ букатын буолуммат этэ. Балыыһатын үлэтэ букатын түүннэри үмүрүйбэт курдуга. Оһох да отторо, мас хайытара, таҥас, испириис, туттар малын-салын оргутара, дьиэтин-уотун сууйара, онтон да атын үлэтэ-хамнаһа үлэ чааһын кэннэ бүппэт этэ. Тоҕо уонна туохтан бу маннык буолбутун Намылы биир тыынар тыыннаахха кэпсиир санаата суоҕа. Киэһэ аайы санаарҕаабыт харахтарынан таһырдьаны одуулаһара. Иһигэр тугу саныырын таһаарбат этэ. Арай үөһэ чомполоно устар төгүрүк ый кыыс санаатын таайардыы килбиктик мичээрдээн, тугу эрэ этээри, имнэнэргэ дылыта. Намылы, дьиҥэр, бииргэ төрөөбүт иккилэр. Улахан эдьиийэ ыал буолан туспа оройуоҥҥа кийииттээн олорбута үһүс сылыгар барда. Иккилээх, саҥа тылланан эрэр кыыс оҕолоох. Кыыс төрүү илигинэ, аҕата сэриигэ барбыта, төннүбэтэҕэ, сураҕа суох сүппүтэ. Онон аҕа тапталын Намылы билбэккэ улааппыта. Саатар, көрө сылдьыаҕы, хаартыската суоҕа кыыһы ордук харааһыннарара. Онтон ийэтэ колкуоска, сопхуоска  сааһын тухар ыанньыксыттаан баран, биэнсийэҕэ тахсан, кыыһыгар оҕо көрсө, туспа нэһилиэккэ барбыта. Ийэтэ Мааппыс сахаҕа бэрт номоҕон дьүһүннээх дьахтар этэ. Онно холоотоххо, Намылы томороон быһыылааҕа-таһаалааҕа. Кыыһы бары аҕатын көрбүтүнэн төрөөбүт кыыс дииллэрэ.  Төгүрүк, толору иэдэстээх, малаҕар улахан сирэйдээҕэ. Бу сирэйигэр арай кэҥэс, кыламана суох ып-ыраас чоҕул хара харахтааҕа.Уҥуоҕунан бэрт кыра, лаппычах, этиргэн кыыс этэ.Ол эрээри уп-уһун, хойуу, ыас хара баттахтааҕа. Онтун Намылы икки гына халаачыктыы өрүнэн кэбиһэрэ. Оччотугар кыыс модороон сирэйэ арыый намыраан, сымнаан, кинини  холку дьүһүннүүрэ. Майгытынан ордук-хос саҥата суоҕа, ол эрээри айаҕа аһылыннаҕына бэрт элбэх кэпсээннээх этэ. Кыыс биир сүрүн ураты хаачыстыбатынан, эппиэтинэстээх, ыгым түгэн тирээн кэллэҕинэ, саллаат курдук дьиппинийэн, үлэтин барытын эҥкилэ суох толороро.   * Намылы Дьуону билбитэ сыл буолбутун кэннэ, күһүҥҥү муҥха кэмэ саҕаламмыта. Сылаас диэххин эмиэ да тымныы, тымныы диэххин эмиэ да сылаас, илинтэн тыаллаах, хаардаах, дьикти күн үүммүтэ. Куолуларынан, нэһилиэк дьоно бары саамылаһан, чугас күөллэригэр киирбиттэрэ. Кыыс соччо улаханнык баҕарбатар да, нырыыһыт буолар соруктаах, тустаах үлэтин хаалларан туран, киирэргэ күһэллибитэ. Дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн, хара маҥнайгыттан үөрэн-көтөн олус сэргэхтик сылдьыбыттара. Күөх Боллох байанайдаах быйаҥыттан өлгөмнүк бэрсэрин эрдэттэн сэрэйэр курдуктара. Күөлгэ киирээт, Намылы тута хараҕа Дьуоҥҥа хатаммыта. Уол кыараҕас харахтарынан тэбэнэттээхтик көрө-көрө, тугу эрэ уҥа илиитинэн ыйара, ардыгар икки илиитин нэлэтэн, эдэр дьону кытта кэпсэтэн айаҕа хам буолбата. Онтон сотору бары саамыланан, орун оннугар миэстэлэрин булан, эр дьон хаардарын ыраастаан, харса суох ойбон алларан барбыттара. Кыыс хараҕа эмиэ биир кэм  Дьуонтан арахпатаҕа. Уол хас биирдии хамсаныытын кыраҕытык кэтии турбута. Маннык чочумча таалан турдаҕына, Араайата кэлэн: -Хайаа, Намылы, кими итиччэ айылаах тэһэ көрдүҥ?-дии-дии ойоҕоско анньа-анньа күлэн саһыгыраабыта. -Кими көрүөхпүнүй? Дьон үлэлиирин көрөбүн дии,-диэн тута суос бэринэн түҥнэри хайыспыта, сүр үлүгэрдик өһүргэнэн турбута.

-Уой да, бу кыыс өһүргэнэр дуу? Кими эрэ таптаабыт быһыылаах. Эн манна туруохтааххын дуо?-дии-дии Араайа тугу эрэ таайа сатыырдыы харахтара бэрт үөннээхтик кылахачыспыттара. -Суох, онно күөл атаҕар баарбын,-диэт Намылы эргиллэ биэрээт, туора хаампыта, ыраах күөл кытыытыгар турар дьахталлар  диэки хаампыта.  Ол баран иһэн иһигэр “бу сааты, дьон хараҕар тоҕо киирэн биэрэбиний? Аны Дьуон диэки көрбөппүн”дии-дии күүскэ сымыһаҕын быһа ытырбыта. Муҥха дьоро күнэ эдэр, оҕо дьон тустуутунан,  дьахтар аймах ньамалаһыыларынан, эр дьон балыкка тиксибит үөрүүлэринэн, быйылгы муҥха табыллыбытын туһунан кэпсэтиинэн  түмүктэммитэ. Бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах халлаан хараҥарыыта дьиэлэригэр барар буолбуттара. Намылы куул аҥара балыкка тиксэн санаата эмиэ олус көнньүөрбүтэ. Балыгын дьиэтигэр хайдах таһаарарын толкуйдуу, Араайатын олоотуу турдаҕына, Уйбаан оҕонньор чугаһаан  кэлэн: -Хайаа, Намылы, балыккын тугунан таһаардыҥ? Биһигини кытта барыс. Бу тахсан эрэбит,-диэт, үөс батааска биэрбэккэ, сыарҕалаах атын диэки кууллаах балыгын кыбыммытынан содьороҥнуу турбута. Намылы соһуччута бэрдиттэн оҕонньорун саҥата суох кэнниттэн батыһан барбыта. Күөл кытыытыгар сыарҕалаах акка чугаһаан кэлбиттэрэ. Арай  өйдөөн көрбүтэ, сыарҕаҕа биир улахан кууллаах балыгы кууспутунан ыттайыаҕынан ыттайан, биир кэм мичээр аргыстаах Дьуон олороро. -Оо, хата, бу биэлсэр Намылы биһигини кытта айанныыр буолла дуо? Кэл, манна мин таспар, бу манан олор. Балыккын субу манан уур, -дии-дии ыйан-кэрдэн барбыта. Барыта хайдах эрэ олус түргэн уонна соһуччу буолбута. Кыыс хараҕын кырыытынан көрбүтэ, Дьуон таһыгар бэрт ыксары  олорон эрэрэ. Онтон Уйбаан оҕонньор атын сайдаатын кытта айаннаан барбыттара. Халлаан хараҥаран таһырдьа лаппа тымныйбыт быһыылааҕа. Ол эрээри Намылы Дьуон таһыгар олороруттан туймаара дьоллонон, биир кэм сүрэҕэ битигирээн, имин хаана кэйэн дьикти долгураҥҥа уйдаран олорбута. Дьуон Уйбаан оҕонньордуун бэрт улаханнык хаһыытаһан бүгүҥҥү муҥха туһунан кэпсэтэллэрэ. Оттон кыыс уора-көстө Дьуон уолу одуулаһара. Мааҕын сарсыарда кэлбит, санаатыгар балай да уһун суола, бэрт түргэнник бүтэ охсубутугар, кыыс олус хомойо санаабыта. Сотору дэриэбинэ сырдык уоттара,  Намылыны элэктиирдии, ыраахтан ирбэнньиктэнэ көрсүбүттэрэ. Бу түүн Намылы эмиэ утуйар уута көтөн, уһун түүнүн хараҕын килэччи көрөн сыппыта. Өй-санаа мөккүөрэ, сүрэх-быар ытарҕалаах былаайаҕа кыыс нарын дууһатын уйгуурдан кэбиспиттэрэ. Дьиҥэр, кыыска барыта дьэҥкэ уонна итинник толкуй бобуулаах этэ. Ол эрээри таптал ураты күүһэ кини өйүн-санаатын баһыйан, биир кэм күөрчэхтии ытыйан, уоскутар диэни билбэт курдуга.    


Бу кыһын  дьон-сэргэ  кыстыкка этэҥҥэ киирбитэ. Кырдьаҕастар дьогдьоот күһүн буолуо диэн сылыктаабыттара, хата, этэҥҥэ кыстык хаардара түһэн, сымнаҕас кыһын кэлэр сибикитэ биллибитэ. Онон нэһилиэк дьоно өрө тыммыттара. Эмиэ урукку сыллар курдук олох бэйэтин киэлитинэн ааһан испитэ. Саҥа дьыл кэннэ, кыс ортото, соһуччу эдэр ыаллар, Дьуоннаах Сибиэтэ Тааттаҕа көһөн хаалбыт сурахтара иһиллибитэ. Олыксаллаах көһүү сүрүн төрүөтүнэн уол аҕата суорума суолланыыта буолбута. Ыал улахан оҕото Дьуон ийэтигэр көмө буола барарга күһэллибитэ. Бу сонуну Намылы бэрт дьиктитик истибитэ уоннна ылыммыта. Биир сарсыарда балыыһаҕа киирэн, Остуорас Мааппа: -Сиидэрэптэр күтүөттэрэ Дьуон Мааркап ойоҕун, оҕотун илдьэ дьонугар  көспүт, Таатталаабыт үһү, -диэн кэпсээбитэ. -Ээ чэ, бардыннар ээ,-диэн Намылы хайдах эрэ улаханнык сэҥээрбэтэхтии өс саҕа буола түспүтэ. -Тыый, бу да кыыһы. Хайдах буоллуҥ, Намылы? Кыра нэһилиэктэн эдэр ыал барара куһаҕан, төрүөхпүт төннөр буоллаҕа,-диэн баран кыыһы өйдөөбөтөхтүү тобулу одуулаабыта. -Билбэтим, биир ыалынан итээбэт инибит. Мин мас киллэрэ таҕыстым, -диэт, кыыс сып-сап таҥнан, таһырдьа тилир гынан хаалбыта. Ол тахсан дьиэ ойоҕоһугар, сымыһаҕын быһа ытыран туран, саҥата суох ытаан барбыта уонна тымныы салгыны тыастаахтык эҕирийэ-эҕирийэ  уоскуйа сатаан өрүтэ уһуурбахтыы турбута. Бу кэннэ син уоскуйбукка дылы буолан, маһын хайытан, биир көтөҕү балыыһатыгар киллэрбитэ. Киирбитэ, бэлиэр, остуорас Мааппа интэрнээтигэр тахса охсубут этэ.

Хардаҕастарын быраҕаат, сыгынньахтаммакка даҕаны, кыыс хоһугар ааспыта.  Тута киирээт, оронугар күр гына сууллаат, сыттыгын кууһа сытан биир кэм уйа-хайа суох ытаан барбыта. Санаатыгар, аны Дьуона суох олоҕун суолтата сүппүккэ дылыта. Маннык син балай да ытаан баран, эмискэ туохха эрэ тэһэ астарбыттыы, оронуттан ойон турбута. Ыскаабын муннугугар эргэ былаакка сууламмыт наскыны ороон таһаарбыта. Бу – били Дьуон балыыһаҕа киирбитигэр кэппит – хайдыбыт наскыта этэ. Кыыс наскыны бастаан сэрэнэн-сэрэнэн имэрийбитэ, кум-хам туппута. Онтон кууһан олорон эрэ өр да өр муннугар тутан сыттаабыта, сүрэҕин чопчутугар диэри дириҥник эҕирийэ тыыммыта. Таалбыта, туймаарбыта, чуумпура налыйбыта. Онтон эмискэ наскыларын туора хаһыйбыта. Тугу да өйдөөбөтөхтүү хоһун түөрт истиэнэтин мыҥаабыта. Бу сааты. Оо, арай бу түгэни биир тыынар тыыннаах көрөр буоллун? Төһө эрэ сүөргүлүүллэр этэ. Кэргэннээх киһи тэстибит наскытын биэлсэр Намылыбыт сыттыы олорор диэн. Бу санаатыттан кыыс эгди буолан иһиттэн саҥа таһааран тэбэнэттээхтик күлбүтэ. Онтон устунан мичээрдээбитэ, сыыйа-баайа уоскуйа быһыытыйбыта. Арай чаһытын көрбүтэ, үлэтин чааһа чугаһаабыт этэ. Кыыс ыксыы-саарайа наскыларын хат кичэллээхтик суулаат, төттөрү ыскаабар уган кэбиспитэ.  Дьэ бу кэннэ саҕаламмыта. Намылы наскылаах олоҕо.  Киэһэ ахсын ыскаабыттан хостоон таһааран наскытын кууһан олорон арааһы бары саныыра. Арыт туохтан эмэ хоргуттаҕына, хомойдоҕуна наскыта эрэ абырыыр курдуга. Кинини сыттаатар эрэ, тоҕо эрэ тута уоскуйан хаалара. Санаатыгар, Дьуон кыыс аттыгар олорон кинини кинини кытта сэлэһэр, сарсыҥҥы күнүгэр эрэл биэрэр курдуга. Биитэр наскытын хайдыбыт хайаҕастарынан тарбахтарын уга оонньуу олорон сөптөөн суолу ыйдаҥардан кэлэрэ. Ол курдук барыта бэрт судургу уонна өйдөнөр этэ.  


  Сыл-хонук субуллан, эдэр-эмэн саас бэрт түргэнник элэстэнэн ааһан испитэ. Сааһыран да баран бу хайдыбыт наскы Намылы олоҕор үгүстүк абырал буолбута. Ийэтэ барахсан алта уонун кэннэ ноорунан ыалдьан өлбүтэ. Эдьиийин кэргэнэ суол сааххалыгар түбэһэн эрдэ олохтон туораабыта. Онтон кэлин эдьиийэ, Суонньата, биэс уонун ааһан баран сүрэҕинэн барбыта. Оччолорго улахан кыыһа Туйаара саҥа устудьуоннаан эрэрэ, кыра кыыс Илииһэ оскуолаҕа үөрэнэрэ. Бүтүн ыал үрдүнэн соҕотох оттомноох, улахан киһи хаалан ыксаан да ылбыт кэмнэрдээҕэ. Оҕолорбун хайдах улаатыннарабын, киһи-хара оҥортуубун диэн  араас да  толкуйдарга киирэн ылбыта. Намылы үйэлээх сааһыгар кэргэн тахсыбытаҕа, оҕо диэни төрөппөтөҕө. Ол эрээри кини олоҕо эдьиийин Суонньа кыргыттарынан салҕанара. Кыргыттар Намылыны олус истиҥник, төрөппүт ийэлэриттэн итэҕэһэ суох чугастык ылыммыттара. Кинилэр оҕолоро бу билигин кинини эбээ оҥостон олордохторо. Ордук киниэхэ кыра кыыс, Илииһэ мурун бүөтэ, мааны Муочуска чугаһа. Кыра эрдэҕиттэн эбээ оҕото буолан, бэйэтэ да Намылыны куруук соппой уопсан, олус убаммыта. -Муочуска, тоойуом, чугаһаа эрэ,  мин эйиэхэ тугу эрэ этиэхпин баҕарабын,-диэбитэ Намылы. -Тыый, эбээ, тугу этэҕин? Дьэ эрэ, истэбин олох,-диэн баран сиэнэ эбэтигэр чугаһаан кэлбитэ. -Көр, бүгүн тапталлаахтар күннэрэ диэтиҥ дуу? Онон мин саамай таптыыр, мааны сиэммэр кэриэспин этэбин, -диэн баран Намылы эмээхсин кыыһын нарын илиилэрин харбаан ылбыта. -Аньыы даҕаны, эбээ, бэлиэр өлөн эрэҕин дуо?  -Муочуска сөбүлээбэтэҕин биллэрэн сүүһүн түрдэһиннэрбитэ. -Ээ, тоойуом, туох диэтэххиний? Букатын кэлбит диэн суох буоллаҕа. Инним кылгаан, кэнним уһаан сылдьар киһи эттэхпинэ табыллар. Көр, туокка маны, бука диэн, кимиэхэ да кэпсээмэ дуу. Дьоҥҥо диэн этэбин. Эн биһикки чып кистэлэҥмит  буоллун. Бу таҥас быыкаа мөһөөччүгү хоруоппар бэйэбин кытта угаар, икки ытыспар туттараар. Сөп дуо?-диэн баран быыкаа күөх таҥас кыра мөһөөччүгү сыттыгын анныттан таһааран кыыска ууммута. -Уой,  манна туох баарый? Бу сып-сымнаҕас,-дии-дии Муочуска эргим-ургум тутан көрбүтэ. -Ити эбэҥ баччаҕа кэлбит, тыынын уһаппыт, дьон аанньа ахтыбат былыргы мала. Сороххо суолтата быыкаа, оттон миэхэ улуукан да диэххэ сөп. Арыйан көрө сылдьаайаххыный? Эбэҥ хомойуо, -диэн баран Намылы сиэнин тардан ылан сүүһүттэн сырылаччы сыллаабыта.

-Сөп, эбээ. Кистэлэҥ буоллаҕына кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа. Тылбын биэрэбин, -диэн баран сиэнэ эбэтин эмиэ уҥа иэдэһиттэн сыллаан ылбыта.


Бу кэннэ биир сыл буолан баран, Намылы эмээхсин тапталлаахтар күннэригэр, хаар намыын үҥкүүтүн кэмигэр олус чуумпутук сытан, саҥата суох анараа дойдуга аттаммыта. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһын, үгүс дьонун өлөр өлүүттэн быыһаабыт, өр сылларга барыларын эмтээбит-томтообут, эйэҕэс биэлсэрдэрин атаара үгүс киһи мустубута. Олор быыстарыгар Тааттаттан кэлбит бииргэ үрэммит Сибиэтэтэ кэргэнинээн, Мааркаптар дьиэ кэргэннэрэ баара. Өлбүттээх туһунан үгүс үтүө тыл этиллибитэ. Дьон санаатыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ, олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыт, биллэр-көстөр үтүөлээх учуутал Светлана Ивановна эмиэ кыттыспыта. Кини Намылы оҕо сааһын, хайдах курдук сэрии сылларын оҕолоро эрэйдээх оҕо саастаахтарын, кыыс оҕо эрдэҕиттэн дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө майгылааҕын, онтон да атыны бэрт өр ахтыбыта. Кини таһыгар кэргэнэ Дьуон тайаҕар өйөнөн, аат эрэ харата сүһүөҕэр уйуттан турбута.  Кини Намылы туһунан улахан тугу да этэрэ суох курдуга. Дьүһүнүн да субу диэн өйдөөбөт. Арай былыр эдэр сылдьан маска дэҥнэммитигэр эмтээбитэ-томтообута өйүгэр охсуллан ааспыта.  Намылы Бөтүрүөбүнэ илиитигэр күөх мөһөөччүккэ тугу эрэ бобуччу тутан сытара дьону бэркэ муодарҕаппыта. Ботур-итир кэпсэтэн чугас дьонуттан ыйыталаһа сатаабыттара да, ким да чопчу хоруйу биэрбэтэҕэ. Арай сиэнэ, эдэркээн Муочуска, эбэтин бүтэһик кэс тылын толорон, кинилэр кистэлэҥнэрин кимиэхэ да арыйан биэрбэтэҕэ. Онтон Намылы эмээхсин хайдыбыт наскылаах тапталын үйэ-саас тухары, биир тыынар тыыннаахха кэпсээбэккэ, ылы-чып бэйэтин кытта илдьэ барбыта.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:58

ДЬЫЛҔА БЭЛЭҔЭ

Сэһэн

Үкээр куйаас сатыылаабыт, айылҕа муҥутаан тупсан турар кэмигэр Далбардаах киэҥ алааһыгар Үрүҥ Тунах ыһыах ыһыллан, дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустубут этэ. Быйыл кыһарҕаннаах кыстык кэннэ, самаан сайыны уруйдуур дьоро күнү дьон-сэргэ сүрэхтэригэр-быардарыгар чугастык ылынан, долгуйа, эрэнэ күүппүтэ. Сайбарыын ойуун алгыһын эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, өйдөрө-санаалара сааһыланан, хайдах эрэ сэттэ төгүл сэниэлэммиккэ дылы буолан, сүргэлэрэ олус көтөҕүллүбүтэ. Бары үөрэ-көтө ыһыах аһын тото-хана амсайан, көөнньүбүт саамал сылгы кымыһынан утахтанан, түһүлгэҕэ түбүрүөннээн олорон, дуулаҕа күүстээх эдэр дьон илин-кэлин түсүһэр оонньууларын ээр-сэмээр кэтэһэ, илини-арҕааны олоотуу сылдьыбыттара. Кырдьаҕас өттүлэрэ сэбирдэх табахтарын буруота тохтоло суох унааран, уруккуну-хойуккуну ылахтаһан,  үөлээннээхтэрин кытта ирэ-хоро сэлэһэн, биир кэм айахтара хам буолбакка олорбута. Эдэр-эмэн дьахталлар маана таҥастарын кэтэн, имнэрин хаана кэйэн, биир сиргэ таба олорбокко, үтүөмсүйэ туттан, түһүлгэ иһинэн-таһынан кэлэн-баран долгулдьуспуттара. Оҕо аймах күөх окко күөлэһийэ оонньообута, тэбэнэттээн хатан күлүү киэҥ сири тэлэһийэ сүүрбүтэ. Бу кэмҥэ туос ураһаҕа икки чугас доҕордуулар Маамык кинээс уола Богдо уонна Чаппараах атыыһыт суос-соҕотох мааны уола Баһыыкка утарыта көрсөн, мойбордоох эһэ тириитин үрдүгэр икки атахтарын халаачыктыы ууран, бэрт истиҥник, ирэ-хоро сэлэһэ олорбуттара. Аттыларыгар бүтүннүү кулгаах-харах буолан, Баһыыкалаах хамначчыттара уол, Тургун баара.  Кини кытыы соҕус сиргэ, бөрө тэллэххэ  иттээнэри түһэн сыппыта. Уолаттар көрсүбэтэхтэрэ номнуо сылтан ордон сылдьара. Онон икки ахтыспыт доҕордуулар суох кэмнэригэр ким ханна кэлбитин-барбытын, тугу көрбүтүн-истибитин өрүсүһэ былаастаан, бэрт дорҕоонноохтук кэпсэтэллэрэ. Маамык кинээс уола аҕата улаханнык ыалдьыбыта иккис сылыгар барбыт этэ. Бу туһунан хаста да тыл быктаран,  ыһыктан ылбыта. Уол онтон олус санаарҕыыра тылыгар-өһүгэр эрэ буолбакка, көстөр дьүһүнүгэр  кытта, тута харахха быраҕыллара. Кини аҕыйах сылынан, кыаллар буоллаҕына, аҕатын туйаҕын хатарар биир суос-соҕотох ыралааҕа. Төһө да Богдо сааһа саҥа сүүрбэтин аастар, тыла-өһө ыллыктаах, өйө-санаата хорутуулаах этэ. Оттон Баһыыкка киниэхэ холоотоххо, кыһалҕа диэҥҥэ кыһарыйтара илик киһи, олоҕун сүрүн суолтатынан атыы-эргиэн, харчы, хаарты, ону таһынан, мүлчүргэннээх хорсун сырыылара буолара. Онтунан  муҥурданан, киһиргэс оҥостон, күөн тутта аһаҕастык, ыһа-тоҕо кэпсиирэ. Кини  аҕатын, Чаппараах атыыһыты кытта, киэҥ сирдэри тэлэһийэр сырыытын, Учурунан, Бодойбонон айанын, Кээхтэ дьаарбаҥкатыгар тиийэн күндү түүлээҕинэн эргиниитин тус бэйэтин кыайыытынан  ааҕынара. Уопсайынан, эдэр дьон иккиэн, төһө да биир күөлтэн аһаан тэҥҥэ улаатталлар, аҕалара эмиэ олохторун тухары истиҥник доҕордостоллор, туохтарынан да майгыннаспаттара. Богдо кыра эрдэҕиттэн бэрт сэмэйэ, оттомнооҕо, аҕатын тылыттан тахсыбат оҕо этэ. Баһыыкка буоллаҕына бас-баттах майгылааҕа, күн талбытынан сылдьара, дьахтар аймахха тылланыаҕыттан боотурҕуура, борбуйун көтөҕүөҕүттэн муҥур тойонунан “аатырара”. Арай толлор, улаханнык ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитэ аҕата буолара. Чахчыта да, Чаппараах атыыһыты көрбүт эрэ тута иһигэр киллэрэр ураты киһи этэ. Ханна да тиийдэр, омугуттан, сааһыттан тутулуга суох, бука бары кинини үөрэ-көтө көрсөллөрө, тыллара-өстөрө сөллөн, айахтара аһыллан, истиҥник ирэ-хоро сэлэһэн бараллара. Дьон кырдьаҕаһы олус сөбүлүүрэ, ол эрээри ытыгылаан, тылларын-өстөрүн хомунан кэпсэтэллэрэ.  Атыыһыт аһыныгас сүрэхтээҕин туһунан үс үрэх дьоно кэрэ кэпсээн оҥостоллоро. Үтүө хараҕынан көрдөҕүнэ, быстыбыт-ойдубут, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо үбү-харчыны, аһы-үөлү, таҥаһы-сабы буор-босхо халлаантан түһэрэн, соххор бэйэлэрин муҥутуур дьоллуура. Маннык атыыһыт үтүө быһыытын эттэринэн-хааннарынан билбит дьон онон үгүстэрэ.  Ол курдук ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьар атыыһыттарын уолугар сыһыаннара да ураты сымнаҕас, уйаҕас этэ. Тосту-туора тылластаҕына, олуонатык да хамнаннаҕына, истибэтэҕэ-көрбөтөҕө буолан, биэс тарбах быыһынан саккыратан кэбиһэллэрэ.

Бастаан утаа көрөргө, Баһыыкка да дьоҥҥо олус ис киирбэҕэ: күлэн-үөрэн, кэпсээн-ипсээн, кэлэн-баран элэгэлдьитэн хайа да муус сүрэхтээҕи уулларыах курдуга. Дьүһүнэ да, Марха улууһугар уос номоххо киирбит ийэтин, Кэрэ Сэгэлдьийэни батан, харах хайгыыр, бэрт номоҕон этэ. Арыы-саһыл хааннааҕа, саар-тэгил уҥуохтааҕа, уоттаах эрилкэй харахтааҕа. Кыыс аймах кыра эрдэҕиттэн эйэргэһэр буолан, онтун бэркэ диэн билинэрэ уонна туһанара. Ханна эмэ тиийдэр, уһун оноолооҕу кытта куодьуруспута эрэ баар буолара. Ийэлээх аҕата уолларын маннык сырыытын букатын сөбүлээбэттэрэ. Биир эмэ үчүгэй кыыһа түбэстэр, ыал өҥоруохха баар эбит диэн сотору-сотору уолларыгар  быктаран буолбуттара. Ол эрээри уоллара ойох ылар санаата суоҕа сирэйигэр-хараҕар арылыччы сурулла сылдьара. Оттон доҕоро Богдо аҕата ыалдьыаҕыттан эмиэ ыал буолар туһунан элбэхтик саныыр буолбута. Дьоно да остуолга олордоллор эрэ, онно үчүгэй кыыс баар, манна үчүгэй кийиит баар диэн кулгааҕын дэлби үүттүүллэрэ.  Богдо бэйэтэ да ону бэркэ өйдүүрэ, ол эрээри хараҕа хайҕыыр, сүрэҕэ сөбүлүүр кыыһын кэргэн ылыан баҕарара. Былырыын кыһын ыраах  Орто Бүлүү кинээһин Мойбордоох Баһылай кыыһыгар, Мааны Бороскуоҕа, абаҕатын кытта тиийэ сылдьыбыта да, кыыс уолу сирэн ыыппыта. Номнуо сүүрбэ үһүн ааспыт, номоххо киирбит кэрэ кыыһы, олус сириксэнин билбэккэ хаалан, кураанаҕы кууспутун, кэлин кэмсинэ санаабыта. Дьиҥэр, оннук кэрэ кыыһы тута сөбүлүөм дии санаабыта, тоҕо эрэ табыллыбатаҕа. Атааҕа сирэйигэр ырылхайдык сурулла сылдьар, туру-туллаҕар обуйук уостаах, кыталык кэрэ кыыһы көрөн, хата, хайдах эрэ аһына санаабыта. Аккаастаабытыгар да улаханнык санааҕа ылларбатаҕа. Ол  эрээри, аҕата өлүөр сылдьан бу ыалга тохтоон ааспыт, сүрүн сыала-соруга туолбатаҕыттан иһигэр улаханнык хомойбута. Дьиэтигэр төннөн кэлэн кэпсээбитигэр Маамык кинээс олус курутуйбута, уолун мөлтөх киһигин диэн дэлби сирэй-харах аспыта. Онтон бэттэх ол  этиллибит абалаах тыл-өс Богдо эдэркээн сүрэҕин сыппах быһах буолан аала  сылдьара. Кэлиҥҥи кэмҥэ хайдах эрэ кыыс аймахтан толлор, саллар да курдук буолан барбыта. Саатар уҥуоҕунан кырата, эт-лахса модьута, дьүһүнэ бүрэтэ харгыс буоларын, толкуйдаах уол тута өйдөөбүтэ. Аныгы үйэ кыргыттара, былыргы дьылларга курдук, киһини баайынан сыана быһаллара уурайбыт диэн кырдьаҕастар үгэргииллэрин кытта саҥата суох сөпсөһөрүгэр тиийбитэ. Богдо табыллыбатах сырыыта доҕорун Баһыыкка кулгааҕар эмиэ тиийбит этэ. Онон тоҕоостоох түгэни мүлчү туппакка,  бэрт сэргэхтик сэлэһэ олорон эмискэ: -Арба, Богдо, ханна бараҥҥын кэргэн кэпсэтэ сатаатыҥ? Доҕорбун хайа бэйэлээх сирдэ? Дьэ кэпсээ эрэ,-диэн Баһыыкка Богдону олуйан турбута. Биирэ соһуйбут курдук чочумча тохтоон, үөһэ тыынан баран, хайдах эрэ кэтэмэҕэйдии-кэтэмэҕэйдии: -Оо, бэлиэр, ким кэпсии оҕуста? Улаханнык киһи кэпсээбэт сырыыта ээ,-диэт, сирэйэ алтан сылабаар курдук кытара кыыһан,  кыбыстан умса көрбүтэ. -Ээ чэ, туох диэтэххиний? Буолбуту баарынан кэпсээ,-дии-дии уола биир кэм өрө көрө түспүтэ. -Чэ оттон оннук арай диэтэргин. Күлүү гыммат буоллаххына... иһит даҕаны,-диэн баран Богдо бүлүүтээҕи сырыытын  саас-сааһынан аргыый наллаан кэпсээн барбыта. Уол кэпсээнигэр Орто Бүлүүгэ тиийэр сындылҕаннаах уһун айан, быйаҥнаах үтүө сир-дойду, баай-байылыат олохтоох Мойбордоох Баһылайдаах уораҕайдара, ону кытта этиэхтэн кэрэ кыталык кэрэ кыыс, Мааны Бороскуо, дьүһүнэ-бодото илэ чахчы ойууланан кэлбитэ. Салгыы сэргэх билсии кэннэ, кыыс аккаас биэрэр кыбыстыылаах түгэнинэн, табыллыбатах кэргэн кэпсэтии бэрт хобдохтук түмүктэммитэ. Маны барытын болҕомтолоохтук истэн олорбут Баһыыкка эмискэ: -Ээ, ама хайаан... мин эбитим буоллар, ити кыыһы таах сүгүннэрэн аҕалыам этэ. Дьону кытта сатаан кэпсэппэтэххин. Доҕорум барахсан көлөөк киһи эбиккин,-дии-дии Богдо саннын таптайа-таптайа күлэн алларастаабыта. -Сылдьыбатах эрээри тоҕо сымыйанан киһиргиигин, эйиигин да сирэр кыыс буолуо ээ. Уон алта сааһыттан сэттэ сыл тухары сириксэннээбит, -диэн баран өс саҕа буолан, биирэ өһүргэнэн ойон турбута.

-Мөккүһүөхпүн да сөп, кыыс мин ыйыттахпына сөбүлэҥин чахчы биэриэ этэ. Оннук дии, Тургун, уол оҕо аҕыс кырыылааҕа диэн мин буоллаҕа,-диэн баран ураһа иһигэр тиэрэ таһыллан  сытар уолу сарыы этэрбэстээх атаҕын тэппитэ.Тургун соһуйан ходьох гына олоро биэрбитэ. -Оччотугар мөккүһүөх, биир сылгы үөрүгэр, отут биэлээх!-диэн баран Богдото уун-утары Баһыыкка диэки кыараҕас харахтарынан тонолуппакка көрбүтэ. -Тургун, эн туоһу буолаҕын. Кыыс сөбүлэспэтэҕинэ отут биэлээх, биир бастыҥ атыырдаах сылгы үөрүн Богдоҕо биэрэбит, хааннаах баппыыската бэрсиһиэх, ыл, туоста булан аҕал!-диэн баран баран Баһыыкка Тургуну өйдөнөр бокуой биэрбэккэ таһырдьа үҥүлүппүтэ. Уоллара көрүөх бэтэрээ өттүгэр чугас турар хатыҥтан кыра туоһу  саралыы охсон, аҕылаан-мэҥилээн ураһатыгар сүүрэн кэлбитэ. Бу тухары икки доҕордуулар түҥнэри хайысыһан, саҥата суох, улахан мөккүөргэ киирбит дьон быһыытынан, кэтэхтэринэн олорбуттара. Тургун киирээтин кытта: -Чэ кэл, быһыччыгынан тойон эрбэххин хааннаа, эппит тылгын толороргор тиийдиҥ, аҕаҥ хайа үөрүттэн быһа баттаан биэрэҕин?-диэн баран Богдо үөрэн сэгэс гына түспүтэ. -Бээ, хата, бэйэҥ үөргүн бэлэмнии сырыт, тус бэйэҥ хас эмэ сүүс сылгыланан, үөрүҥ хаҥаабыт дииллэр.  Аҕаҥ үнүр кэпсээн ааспыта. Биэни бэйэбит биэриэхпит, атыыры көрөн,  талан ылабыт. Сөпсөһөҕүҥ дуо оннукка?-диэн баран Баһыыкка уоттааҕынан доҕорун диэки эриличчи көрөн кэбиспитэ уонна тойон эрбэҕин тэһэ анньан баран, туоска ыга баттаабыта. -Сөбүлэһэн! Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах! Тыл барда, туоһу баар! Баппыысканы хааннааттыбыт!-диэн дорҕоонноохтук саҥараат, аны хааннаах туоһу Богдо ылан, сып-сап быһыччатын ойутан таһааран,  хааннаах тарбаҕынан бэлиэ хаалларбыта. Аттыларыгар маны барытын сыныйан, сирэйэ-хараҕа бэркэ туран, Тургун уол  чыпычылайбакка да көрөн турбута.  


Аҕыйах хонугунан Баһыыкка Тургунун илдьэ, чып кистэлэҥинэн, ыраах Орто Бүлүүгэ айанныыр буолбуттара. Кэргэн кэпсэтэ баралларын дьонун аахха биллэрбэт былааннаахтара. Баһыыкка хайдах гынан түргэнник Богдо сылгытын үөрүн ыларын толкуйдуура, кэргэн кэпсэтиэхтээҕин улаханнык долоҕойугар оҕустарбат курдуга. Уолаттар син балай да төбөлөрүн сынньан, Богдо сылгытын үөрэ сүппүтүн көрдүү бардыбыт диэн сылтаҕыран, окко киириэх иннинэ булгу кэлиэх буолан, биир үтүө күн айаҥҥа туруммуттара. Ол сиргэ этэҥҥэ сырыттахха,  айан сырыыта кэлэ-бара, омуна суох, уонтан тахса хонук этэ. Баһыыкка айанын тухары наар аҕатын кытта ханна-хаһан табыллан сылдьыбыттарын, тугу эргиммиттэрин, элбэх түүлээҕи Кээхтэ арыытын нууччалара былдьаһа-тарасыһа ылбыттарын, биир мэһэмээн кыһыл көмүһү Бодойбо атыыһыта Сиидэр Ньуухан  хайдах курдук кинилэргэ буор-босхо ыһыктыбытын, ол быыһыгар сир-сир аайы кэрэ бэйэлээх кыргыттар илэ бэйэлэринэн киниэхэ сыҥаламмыттарын, арахсалларыгар ытаһа хаалбыттарын, бэркэ уустаан-ураннаан, ыһа-тоҕо кэпсээбитэ. Тургун ол аайы биир кэм сөҕөн, төгүрүк харахтарын кэҥэтэн, барытын ыраас мууска ууран итэҕэйэн, Баһыыккатын дарбата көрөрө сыыйа, биэрэстэ аайы улаатан испитэ. Орто Бүлүүгэ тиийиэхтэригэр дылы, чахчыта да, олус ааттаах-суоллаах улахан атыыһыты кытта айаннаан иһэбин дуу диэх курдук балысхан  санаа баһыйа туппута.  Тургун уол бэйэтин өйдүөҕүттэн Баһыыккалаахха баар этэ. Олоҕун уон сэттэ сылын тухары аҕа-ийэ диэн кимин-тугун билбэтэр даҕаны, хара дьиэ хараҥаччыта, үрүҥ дьиэ иччитэ буолан икки сиринэн сылдьара. Дьон кэпсииринэн, ийэтэ барахсан, Чаппараах атыыһыттаах хамначчыттара, эдэркээн Маайа, кинини оҕолонобун диэн суорума суолламмыт, оттон уол аҕата аата аттаммат күн таҥара киһитэ үһү. Онон кырачаан киһи төрдө-ууһа да суох буоллар, кыра эрдэҕиттэн Баһыыкканы сааратар оҕо буолан, Чаппараах атыыһыттаахха көҥүл-босхо сылдьара. Дьиҥэр, тойонун уолуттан Тургун үс сыл балыс этэ. Ол эрээри атыыһыт мааны, соҕотох уолугар биир биэс тыла суох бэринэр, истигэн доҕор наада буолбутугар, куруук кинилэр дьиэлэрин таһыгар собус-соҕотоҕун, им-дьим буорга буккуллар уолу таба көрөн,  чугаһаппыттара. Биир сиргэ таба олорбот, олус хаппырыыс, илии туппай, мааны Баһыыккаларын аралдьытар оҕо көстүбүтүгэр һуу гына түспүттэрэ. Уолаттар олус тапсан оонньууллара.

Онно сүрүн төрүөтүнэн, кыра киһи иэҥэ-дьааҥа суох элэккэй, истигэн майгыта буолбута. Биэстээҕэр-алталааҕар хамначчыттар олорор хара дьиэлэригэр анаан-минээн киирэн, Чаппараах атыыһыт Тургуну үрүҥ дьиэтигэр көтөҕөн илдьэ тахсара. Ас-таҥас да кыра киһиэхэ бэрт кэбэҕэстик тиксэрэ. Атыыһыт кэллэр эрэ, Тургун уол мааны киһи буола түһэрэ. Баһыттан атаҕар дылы саҥа таҥаһы таҥнара. Чаппараах түһэҕэр олорон эрэ ас тотоойутун аһыыра. Атыыһыт да аһыныгас муҥутаан, тулаайах уолга  амарахтык, сымнаҕастык сыһыаннаһара, арыт бэйэтин уолунааҕар ньырамсытан, элбэхтик бодьуустаһара.  Бэйэтэ даҕаны Тургун киһи таптыыр оҕото этэ. Төгүрүк маҥан сирэйигэр саһархай киэҥ харахтара куруук мичээр аргыстаахтара, сып-сырдык соломо баттахтара көрбүтү эрэ дьиибэргэтэр,  кэрэхсэтэр умсулҕаннаахтара. Оҕолору кытта таһырдьа мэниктээн, сүүрэн эрбэннээтэҕинэ, сахсаҕар маҥан баттаҕа биир кэм ыраахтан өрүкүйэн олороро. Ону көрө-көрө Чаппараах атыыһыт күлэн ымманыйара, арыт тутан ылан эргитэ сылдьан сырылаччы сыллыыра. Ол иһин тойонноро истибэтигэр сорох хамначчыттар “Чаппараахпыт уола эмиэ күннээн эрэр” дэһэллэрэ, кырыктаах өттүлэрэ ордук санаан, көрбөтүгэр, тулаайах уолу кэтэҕин аһыттан ыаллыыллара. Онон Тургуну Чаппараах атыыһыт да, Баһыыкка да бэйэ киһитэ диэн, кыра эрдэҕиттэн олус сөбүлүүллэрэ, эрэнэллэрэ. Ол эрээри тойонун биллэрэн Баһыыкка ардыгар солуута суох тыллаһара, уолга илиитэ-атаҕа барбыта эрэ баар буоллара.  Инньэ да гыннар, Тургун туруу үлэһит, кыайыгас, көнө майгылаах буолан, кыра тойонун аҕатыттан, Чаппараах атыыһыттан, биирдэ да мөҕүллэн, хомуруллан көрө илигэ. Арай кэлиҥҥи кэмҥэ Чаппараах кэргэнэ Ааппыа “Тургуну олус чугаһаттыҥ, бэрт киһи хамначчыккын уолгуттан да ордороҕун быһыылаах” диэн сөбүлээбэтин биллэрэн, иэдэс биэрэрэ элбээбит этэ.   


Сайыҥҥы күн саймаарыйа киирэн эрдэҕинэ уолаттар тиийиэхтээх сирдэрэ чугаһаан, улахан Эбэҕэ күөлүгэр киирэн сирэйдэрин-харахтарын сууммуттара, таҥастарын-саптарын көрүммүттэрэ. Аара элбэх айан дьонун көрсөн, ыйдаран, Мойбордоох Баһылайдаах алаастарын бэрт кэбэҕэстик булбуттара. Улахан баай ыал олороро ыраахтан көстөрө. Хас да балаҕаннаахтара, аҕыс кырыылаах ампаардара барыгыран, ыраахтан киһи кутун-сүрүн баттыырга дылылара. Уонча сэргэ баарыгар иккитигэр олус элбэх көмүс киэргэллээх, кычымнаах, чаппараахтаах маҥан сылгылар бааллан тураллара. Ыт-кус баара ампаар кэтэҕэр баайыллан сыталлара. Туора дьон кэлбитин биллэрэн кырыктаахтык үрэн моргуспуттара. Уолаттар ол аайы хайдах эрэ саҥата-иҥэтэ суох тылларыттан матан, иккиэн миинэр миҥэлэриттэн түспүттэрэ. Кинилэри атыҥыраан,  таныылара тардырҕаан, биир кэм иҥэрсийэ турар сылгылар тастарыгар тиийэн,  аттарын баайан кэбиспиттэрэ. Бааллан турар сылгылар ыраах сиртэн кэлбит “доҕотторун” сыныйан көрө-көрө, бэркэ тэһииркээн, иннинэн-кэннинэн тэпсэҥэлии, тохтоло суох тыбыыра турбуттара. -Тургун, дьэ кэллибит. Иһит арыгыны эн тут. Түүлээх мэһэмээни мин ылыам. Сырыыбыт табылыннар ханнык. Чэ киирдибит, -диэт Баһыыкка эмискэ эрчимирэн, соруктаах аҕайдык хамсанан, улахан балаҕан аанын диэки эрэллээхтик хардыылаабыта. Кэнниттэн, иһиттиэм-истибэтиэм диэт, Тургун иһит арыгытын хам кууһаат, сып-сап соппой уопсубута. Дьиэҕэ киирээттэрин кытта, буспут эт сыта муннуларыгар саба биэрбитэ. Сылаас ас диэни аһаабатахтара ырааппыт уолаттар икки дьабадьыларынан сырааннара саккыраабытын, сааттаахтык ырбаахыларын сиэҕинэн туора хаһыйа охсубуттара. Балаҕан хаҥас өттүгэр, түгэх диэки остуолга икки саастаах уонна биир эдэр киһи итир-ботур кэпсэтэ, аһыы-сии олороллоро. Уолаттар киирэн кэлбиттэригэр соһуйан, үһүөн тэбис-тэҥҥэ ходьох гына түспүттэрэ. -Ыаллар, кэпсиэ,-диэн баран кыбыстыбыттыы, Баһыыкка тутан турар мэһэмээнин ылан, сэрэнэн сиргэ уурбута. -Оо, кэпсиэ суох. Хата, бу түүннэри  хантан сылдьар оҕолоргутуй?-диэн баран биир сонос соҕус, кыһыл үскэл киһи симириҥнии-симириҥнии уолаттар диэки чугаһаан кэлбитэ.

-Ээ, биһиги ыраах сиртэн, Бааттаахтан сылдьар дьоммут. Эһиэхэ анаан-минээн, аат ааттаан кэллибит,-диэт, Баһыыкка килбик мичээр аргыстанан, түөһүн мөтөтөн, бэл, уҥуохтуун үрдүү түспүтэ. Эдэр дьон туох сыаллаах-соруктаах кэлбиттэрин туруору эппэтэллэр да, бары олус үчүгэйдик өйдөөбүттэрэ. Дьиэлээх хаһаайын харахтара бэрт бэтиэхэлээхтик кылахачыһан: -Дьэ оччотугар киириҥ-киириҥ уонна бастаан билсэн көрүөҕүҥ,  мин Баһылай диэммин диэт, -уолаттарга икки ытыһын ууммута. -Мин Баһыыкка диэммин, атыыһыт Чаппараах Бөтүрүөп уолабын, баҕар истибиккит буолуо. Оттон бу доҕорум Тургун (тоҕо эрэ хамначчытым диэн тыла тахсыбатаҕа), аргыһым,-дии-дии Баһыыкка оҕонньор ытыһын бобо туппута. Салгыы уолаттары үөрэ-көтө Мойбордоох Баһылай остуолга ыҥырбыта. Баһыыккалаах Тургун батысыһан  киирэн ыалдьыттары кытта остуол тула олорбуттара. Олус нарын-намчы дьүһүннээх, саас ортолоох дьахтар буспут эти өрөһөлүү хоторон остуол ортотугар аҕалан уурбута уонна уолаттары иккиэннэрин бастарыттан атахтарыгар диэри бэркэ сыныйан көрбүтэ. Киниэхэ көмөлөһөн биир эдэрчи дьахтар алтан сылабаартан чэй кутан барбыта. Уолаттар бастаан симиттиэх курдук буолан иһэн, биир испиир арыгы остуолга ууруллубутун кэннэ, сотору кэминэн айахтара аһыллан, буолары-буолбаты ирэ-хоро кэпсэтэн барбыттара. -Дьэ биһиги бу Марха курдук ыраах сиртэн кэлэн баран  төннөөрү олоробут. Бу кыра уолум Кичим быйыл сүүрбэтигэр барда. Кыыстан сириллиэхпит эрэ дии санаабатахпыт да, биһиги баҕабыт хоту буолбата, үтүө ыалы кытта уруурҕаһыах буолбуппут кыаллыбата. Ол эрээри кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх дииллэр дии, онон санаабытын түһэрбэппит. Мин уолум, дьиҥэр, кыыс сирбэт уола ээ. Оннук дии?-дии-дии умса көрөн олоророр хачаайы уолу Хаппар диэн саастаах киһи санныттан кууспута. -Оннук ини, аҕаа, чэ айанныахха, чаас ыраатта. Сарсыарда үлэспиппит курдук Өстүөннээххэ тиийиэхтээхпит дии,-диэн баран Кичим аҕатын диэки ааттаспыттыы көрбүтэ уонна остуолтан туран тахсар аан диэки дьулуруйбута. -Ээ, чахчы даҕаны, түүн ортолоото ээ, быһыыта,-дии-дии лаппа холуочуйбут эр киһи остуолтан түөһүллэн турбута. -Хата, оттон хонон барыҥ ээ, ситэри. Орон эрэ элбэх, балаҕанынан, ампаарынан,-диэбитэ Мойбордоох. -Суох, доҕоор, ол дьон эмиэ кэтэһэн эрдэҕэ. Эппит тылбытын толоробут, айаннаатыбыт. Дьэ, Баһылай, бу диэн эттэххэ, сирэн-сирэн сиргидэххэ тиксээйэҕит? Атаһым мин тылбыт онон ол курдук өйдөө,-диэн баран Хаппар, номнуо таһырдьа тахсаары көхөттөн чараас сонун тардыалаһа турар уолун диэки, батыччахтаабыта. -Оо, атаһым, Ньукулай, туох диэн эттэххиний, доҕоор. Кыахтааҕым буоллар, ама, эһигини сирэ олоруом дуо? Кыыһым бэйэтэ... туохтуур чэ, бээ... санааҕытыгар тутумаҥ... алы гыныҥ,-дии-дии киһитин кэнниттэн бэркэ ыгылыйбыт көрүҥнээх  Мойбордоох Баһылай   дьонун батыһан таһырдьа тахсыбыта. -Айан дьоно сылайдаххыт, улахан ампаарга ороҥҥутун оҥордубут, тахсан утуйуҥ, Маабыра сирдиэ,-диэн баран дьиэлээх хаһаайка сып-сап остуолга чугаһаан, аһын-үөлүн хомуйан барбыта. Уолаттар дьахтар ыгылыйбыт сирэйин көрөн, улгумнук ойон тураат, Маабыра диэн ааттаммыт эдэрчи дьахтары батыһан таһырдьа тахсыбыттара. Сайыҥҥы үрүҥ түүн нуоҕайа наскыйан, үрүҥ түү былаатынан сири-дойдуну саба бүрүйэ бырахпытын көрүөххэ олус кэрэтэ. Соторутааҕыта аҕай кинилэри атыҥыраан биир кэм оргуйа олорбут тэлгэһэ иһэ им-ньим барбыт этэ. Арай ыраах, алаас саҕатынан, икки ат дьоруолата айанныыр туйахтарын тыаһа бу сатыылаабыт чуумпуга дөрүн-дөрүн тибигирэйэн иһиллэрэ. Мойбордоох Баһылай, бэркэ санаарҕаабыт көрүҥнээх, күрүө баҕанатыгар өйөнөн, саҥата суох алаас саҕатыгар тиийэн эрэр дьонун батыһа көрөн турара. Баһыыккалаах Тургун балаҕан иһиттэн тахсан кэлбиттэрин истибэтэх курдук, тоҕо эрэ кэннин хайыһан көрбөтөҕө, букатын  аахайбатаҕа. Уолаттар Маабыраны батыһан киэҥ, сөрүүн ампаарга киирбиттэрэ. Киирээт, кинилэргэ бэлэмнэммит наара ороннорго сып-сап сыгынньахтанан баран, сылайбыттара дьэ таайан, тута утуйар аакка барбыттара.

 


  Сарсыарда бэрт эрдэ Тургун кыргыттар күлсэр саҥаларыттан уһуктан кэлбитэ. Киһини умсугутардыы, бэрт хатаннык күлсэн саһыгыраһа-саһыгыраһа, кыргыттар ампаарга ыксатынан, субу кинилэр туһаайыылыранан кэлбиттэрэ. Эмискэ Тургун олоро түһээт, аттыгар баар кыра чуолҕанынан таһырдьаны одууласпыта. Арай көрбүтэ, икки майгыннаһар соҕус быһыылаах-таһаалаах, маҥан былааттаах кыргыттар бэрт чэпчэкитик, сэгэлдьиһэ хааман, ааһан иһэллэрэ. Иккиэн тугу эрэ этэн көрө-көрө, тэбэнэттээхтик күлсэллэрэ, ампаар диэки көрөллөрө. Хайата, кэпсээҥҥэ киирбит Мааны Бороскуо буоларын Тургун тута таайбыта. Уол эмискэ сүрэҕэ сүр күүскэ мөҕүл гыммыта. Бу Орто дойдуга төрөөн баран кыыс оҕо кэрэтин дьэ көрөн билбиттии, ах барбыта. Кыыс, чахчы, олус кэрэ этэ: уурбут-туппут курдук нарын быһыылааҕа-таһаалааҕа, хап-хара, такымыгар тиийэр уһун суһуоҕун икки гына өрүммүт этэ. Хас күллэҕин аайы хойуу кыламаннаах төгүрүк харахтарыгар күн уот күлүмнүү оонньуура, көнө, сыыйыллаҕас мунна, туллайбыт уоһа, күөкэгэр моонньо кынтаҕар кыталыктан эрэ кэрэ, намчы курдуга. Тургун бэйэтэ да билбэтинэн, бу кэмҥэ, бу быстах кыл түгэҥҥэ, тоҥуй, эдэркээн сүрэҕэр төлөннөөх таптал уота күөдьүйбүтэ. Кыргыттар ааспыттарын да кэннэ, дөйүөрэн, туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, чочумча таалан олорбута. Сотору кэминэн Баһыыкка уһуктубута. Тургун биир сири тобулу көрөн олорорун бэркэ дьиибэргээн, уларыйбыт сирэйин-хараҕын көрөн: -Хайа, Тургун, куһаҕаннык утуйдуҥ дуо? Тугу эрэ түһээтиҥ дуу?-диэн тута ыйытан, уолун өмүтүннэрэн кэбиспитэ. -Мин дуо? Суох, тугу да көрбөтүм, түһээбэтим... туох... халлаан ыган аҕай эрэр дии, төннөрбүтүгэр ардыыра буолуо,-диэн эмискэ туох өйүгэр көтөн түспүтүн төлө ыһыктыбыта. -Һа, ол онтон итиччэ санаарҕыы олороҕун дуо? Тоҕо сүрэй? Хата, мин туох буоллаҕай диэммин куттанным. Бачча самаан сайын  баҕас дойдубутун булар уол оҕолоро инибит. Аата, кыра аайыттан санааҕа ыллардаххын, бу да киһи,-диэбитинэн Баһыыкка тыыллаҥныы-тыыллаҥныы олоро биэрбитэ уонна сып-сап таҥнан барбыта. -Бээ, бүгүн оттон кэргэн кэпсэтэн көрөбүт буоллаҕа. Табылыннаҕына уонна бу киэһэ төннүөхпүт. Көрүллүө, дьэ хайдах кыыһы аатырдыбыттарын. Миигин, Далбардаах мааны ыччатын, Чаппараах атыыһыт уолун, ама, хайа кыыс сирэр үһү ээ, Тургун?-дии-дии түөһүн мөтөппүтүнэн Баһыыкка наара оронтон чэпчэкитик ыстанан турбута. -Ээ, оннук ини, - диэт Тургун сымыйанан мичээрдээбитэ буолан, бэрт сатамньыта суохтук мүчүк гыммыта, ол эрээри иһигэр “хаарыаны, мин да баай ыал оҕото буолбаккабын” диэх курдук курус санаа  хамначчыт муҥнааҕы үүйэ-хаайа туппута.      ***              Сарсыарда балаҕаҥҥа киирбиттэрэ ыаллар номнуо  туран-олорон ырааппыттар этэ. Туруу дьон үлэлэрин-хамнастарын  бүтэрэн, бэлиэр дьахталлар ынахтарын ыан, эр дьон оттуур-мастыыр тэриллэрин барытын көрүнэн, сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһаары сылдьаллара.              Мойбордоох уолаттар киирэн кэлбиттэригэр: -Дьэ уһун уулаах уолаттар эбиккит, Далбардаах дьоно күн ортотугар дылы утуйаргытын сөбүлүүр дьоҥҥут дуу?-дии-дии иҥиэттэн кэбиһэ-кэбиһэ, эҕэ-дьэҕэ буола көрсүбүтэ. -Ээ, айаммыт сылаата тахсан утуйдубут быһыылаах. Дьиҥэр, эрдэһит бөҕөбүт буоллаҕа,-диэн Баһыыкка утары наара ороҥҥо олоро-олоро, дьоһумсуйа соҕус хоруйдаабыта. -Ээ, оннук буолумна, хотуойдаар, били кыыһы таһаарыҥ эрэ манна, аһы-үөлү бэлэмнэстиҥ,-диэбитэ Мойбордоох Баһылай.              Чочумча буолаат, хаппахчыттан Мааны Бороскуо тахсан дьонугар ас тардыһан киирэн барбыта. Уолаттар иккиэн саҥата суох кыыс хас биирдии хамсаныытын сыныйан көрө олорбуттара. Икки эдэр киһи тонолуппакка одуулуу олороллорун көрөн, кыыс барахсан имин хаана тэһэ кэйбитэ, көлөһүнэ сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыта.              Ыалдьыттары остуолга ыҥырбыттара. Уолаттар утары Мааны Бороскуону олордубуттара. Кыыс кыбыстан, кэмчиэрийэн аат эрэ харата аһаабыта буолбута.  Кини хас биирдии  хамсаныытын, бэл, үөһэ-аллара тыынарын Тургун олус кыраҕатык кэтии олорбута. Бороскуо уора-көстө Баһыыкканы кылап гына көрөн ыларын эмиэ бэлиэтии көрбүтэ. Бу курдук син ортолуу аһаан-сиэн эрдэхтэринэ, Баһыыкка эмискэ, көхсүн этитээт, хорсуннук ойон турбута:

-Чэ, тугу да эргитэ барбаппыт. Туох сыаллаах-соруктаах кэлбиппитин үгүс тыла суох тута этиим. Биһиги бу дьоһун-мааны Далбардаах сириттэн эһиги кыыскыт, Мааны Бороскуо аатын ааттаан кэллибит. Дьиҥэр, аҕам кэлсиэхтээх этэ да, от иннинэ Бодойбоҕо иэһин хомуйа, көмүскэ барбыта (көмүскэ диэни бэркэ тоһоҕолоон эппитэ). Миигин, борбуйбун көтөхпүт киһини, онон эрэнэн туран, соҕотох ыытта. Бэйэм аҕам курдук атыыһыппыт, хотунан-соҕуруунан сылдьабын, көмүһүнэн, түүлээҕинэн эргинэбин, айаным-сырыым киэҥ. Онон биир кыыс оҕотун иитэр, аһатар, таҥара табатын курдук таҥыннарар, уйгу-быйаҥ олоххо олордор киһибин. Төрдүбүт-ууспут да киһи сирбэт дьонобут. Ийэм Мархаттан төрүттээх, суон сурахтаах Даадардар кыыстара, аҕам Далбардаах төрүт түс-бас дьонун Дьолуо атыыһыттаах уоллара. Кэһиибитин саха сиэринэн, үс тирэхтээх буолуҥ диэн туран, ыраах Учур сириттэн үс  хара саһыл тириитин аҕаллыбыт. -Тургун, аҕал эрэ, тириилэри,-диэн баран Баһыыкка, тойонун биллэрэн, Тургуну олус күүскэ ойоҕоско аспыта.              Тургун оччолооҕу истэн баран олоруо баара дуо, сып-сап ойон туран муннукка сытар мэһэмээнин аҕалан, остуол иннигэр тириилэрин биир-биир хостуу-хостуу Мойбордооххо утары ууммута. Дьиэлээхтэр бары даҕаны хара саһыл тириилэрин көрөн олус сөхпүттэрэ-махтайбыттара, ордук дьахтар аймах хараҕа уоттаммыта. -Дьэ туох да диэбит иһин олус үчүгэй тылаах-өстөөх оҕо эбиккин. Бу сыллар тухары араас күтүөт буолуон баҕалаахтар кэллилэр ини, кэлбэтилэр ини. Ол эрээри маннык эдэр киһи бэйэтин бэйэтэ дьаһанан кэлбитин уонна, бу диэн эттэххэ, маннык ураты кэһиини бэлэх туппутун өссө көрө иликпин. Даадардары истэн бөҕө буоллаҕа, Дьолуо да атыыһыттааҕы билэбин. Өссө мин аҕам ааҕы кытта билсэр, ылсар-бэрсэр этилэр. Онон төрүт дьон төрүөҕэ, үтүө дьон ыччата эбиккин. Биир бэйэм дьэ маннык үтүө тыллаах-өстөөх оҕону күтүөт оҥостуо эбиппин, Бороскуо,- диэн баран Мойбордоох кыыһын диэки эрэнэрдии көрөн кэбиспитэ. Мааны Бороскуо биир тыла суох истиҥник мичээрдээт, остуолтан туран хаппахчытыгар киирэн хаалбыта. Кэнниттэн ийэтэ Бааттаах Настаа батыһан киирбитэ. Эр дьон остуолга олорон биир-биир ким туох баайдааҕын-дуоллааҕын, хайа сиргэ тиийбитин куоталаһан курдук өрүсүһэ былаастаан кэпсэтэн барбыттара. Арай Тургун уол санаата дэлби түһэн, сүрэҕэ хаанынан ытаан, ардаары турар хараҥа былыттаах халлаан курдук, соҥуоран олорбута. Кини олоҕор аан маҥнай дьадаҥы ыалга төрөөбүтүн, төрдө-ууһа суоҕун өйдөөн олус хараастыбыта. Бороскуо курдук кэрэ-мааны кыыс кини кыра тойонугар кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн олоруон өйө-санаата ылыныан баҕарбатаҕа. Уол маннык санаа-оноо муунтуйуутугар киирэн олорорун икки баайдарынан күөнтэммит дьон, букатын да, өйдөөн көрбөтөхтөрө. Сотору кыыс хаппахчытын иһиттэн бэркэ сырдаабыт сирэйдээх Мааны Бороскуо ийэтэ, Бааттаах Настаа тахсан кэлбитэ. Мойбордоох иннигэр чугаһаан: -Баһылаай, Бороскуобут дьэ сөбүлэстэ,-диэт мичээрдээн, күлүм аллайбыта. -Тыый, бу дьолу, оннук буолумна. Ол иһин даҕаны бачча сыллар тухары бу Баһыыкка кэлэрин кэтэһэн, сириксэн кыыс аатын ылан олордохпут. Настаа, дьэ остуолу бэлэмнээ, хотуойдаар, иһит арыгыта киллэриҥ!- диэн үөрэн-көтөн, бэлиэр, холуочуйбут киһи курдук, тилиэс-былаас дайбанан, Мойбордоох Баһылай остуол тула холоруктуу ытыллан, уҥа-хаҥас мэлээриҥнээн барбыта. Дьиэлээхтэр бу сыллар тухары санаа-оноо баттыга оҥостубут курус санаалара киэр кыйданан, кыыстара кэргэн тахсар үөрүүтүгэр, субу киэһэ тута улахан малааһын тэрийбиттэрэ. Чугас ыалларын бука барыларын илининэн-арҕаанан, хотунан-соҕуруунан ыҥыра охсубуттара. Кыыс сулуута, энньэтэ төһө буоларын сып-сап быһааран кэбиспиттэрэ. Күтүөт уол суол турдаҕына, кыстык хаар түстэҕинэ кыыһы сүгүннэрэн барар диэн бүтэһиктээх быһаарыныыны ылынан, илии охсуспуттара. Онон Далбардаах сириттэн ааттаах-суоллаах Чаппараах атыыһыт уола Мааны Бороскуону кэргэн ылар буолла диэн, өр кэтэһиннэриилээх үтүө сурах, Орто Бүлүү сирин-дойдунун тэлэһийэ сүүрбүтэ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
07.11.2022 18:37

СӨЛЛҮБҮТ ЭТЭРБЭС

Кэпсээн

 Сааскы чаҕыл күҥҥэ мэник тыал тумул тыа кэтэҕэр саҥа тахсыбыт харалдьык сирэйигэр көөчүктэнэн ааһар. Саҥа быган эрэр ньургуһун дьөрбөлөрө халдьаайы сыырыгар олох баар бэлиэтин биллэрэн, сиккиэр тыалга биир кэм тохтоло суох хоҥкуһа тураллар.  Ханна эрэ кыра чыычаахтар үөрдүһэн, кыһыҥҥы дьыбардаах тымныыттан уһуктан эрэр айылҕа кэрэтин хоһуйан чырыптаһа көтөллөр. От-мас саҥа тыллан эрэр буолан, тыа иһэ сүрэҕи-быары сайан киирэр чэбдик салгынынан толору  туолбут. Тыынар тыыннаах эрэ барыта сүргэлэрэ көтөҕүллэн, олох туһа диэн кэлэ-бара элэстэммиттэр, онно-манна кирийэн, хороон, уйа туттар түбүгэр түспүттэр. Чахчыта да, сир ийэ ньуура уһун тымныыттан уһуктан, сыыйа күөҕүнэн симэнэн эрэрин көрүөххэ олус да кэрэ.

 Арай эмискэ бу ураты  кэрэни уйгуурдан тыа быыһыгар киһи сөтөллөн хахсайда. Өйдөөн көрдөххө, тиит мас төрдүгэр эр киһи бүк түһэн олорор эбит. Маннык үтүө, сааскы чэбдик күн кэрэтин өйдүүр кыаҕыттан ааспыт. Бэҕэһээҥҥи чалбараҥ олох түмүгэ дьаардаах тыынынан атыннык дьаалыйбыкка дылы.  Эр киһи чочумча мээнэнэн байааттаҥныы олордо, онтон тураары булукунайда. Улаханнык уһуутуу-уһуутуу,  суон тиит мастан тардыстан үнүөхтээтэ. Бүтүннүү бадараан буолбут икки ытыһынан төбөтүн хам тутунна. Туран тула өттүгэр эргичиҥнээтэ, мэлээриҥнээтэ, уҥа-хаҥас көрдө, дуоннааҕы быһаарбата быһыылаах, төттөрү олорунан кэбистэ. Абырал көрдөөн сүгэ сылдьар үрүксээгин ылан хастан барда. Арай илиитэ туох эрэ тымныыга уонна кытаанахха тиийдэ, киһи үөрэн сэгэс гынна. Тиэрмэс дии санаан, онтун сулбу ойутан таһаарда. Көрбүтэ, биир бүтүн “Арайаал” буокка, кинини элэктиирдии, кылбас гына түстэ.

-Туй-сиэ, саатар, чэй да суох дуу, аата бу аһы сүгэ сылдьабын дуо,-диэбитинэн аҕынньата төллө сыһан, сирэйин мырдыччы туттаат,  киһи иккистээн абатыттан бэрт түргэнник ойон турда.

  Маннык тилиэс-былаас дайбанан, оту-маһы барчалаан эр киһи син өр хаамта. Арааһа, күн ортолоон эрэр быһыылаах. Тамаҕа хаппыта туох да сүр, дэлби утаппытын билэн, силин быһа ыйыһынна. Ол эрээри иһэр уута суоҕун өйдөөн, дириҥник үөһэ тыынна. Сотору кыра үрүйэ төрдүгэр кэлэн тохтоон сыгынах мас үрдүгэр олорон тыын ылла. Өйдөөн көрбүтэ, уу бөҕө киирэн эрэр эбит. Хата, үрүйэ  алларатыгар, биир сиргэ  кыра хаардаах муус кылбайан көстөр. Сэрэнэн, оттон-мастан тардыһан  онно түстэ уонна өрүсүһэ былаастаан хаардаах мууһу уҥа илиитинэн тырыпаайдаан, сиэн барда. Арыый да кэҥээбиккэ дылы буолла. Салгыы үөһэ чарапачыһан тахсан салгыы айанныырга сананна. Кэнникинэн хаамара-сиимэрэ арыый тирэхтэннэ. Дьэ өйүн-санаатын түмэн, бөөлүүн түүн туох буолбутун анааран барда.

  Эр киһибит аата Сэмэн диэн эбит. Бэҕэһээ икки аллар атастарын, доҕотторун Бааскалаах Болуодьаны кытта бу чугас сытар улууска кустуу диэн ааттаан тахсыбыттара. Куорат дьоно буолан, үлэ чааһын кэннэ эрэ үүтээннээх сирдэрин булбуттара. Буоларын курдук, уот оттон, сирдэрин-уоттарын аһатан, аһаан-сиэн чампаалыктанан кус кэмин өрө көтөҕүллүүлээхтик арыйарга санаммыттара.

  Дьиҥэр, Сэмэн улаханнык испэт киһи диэххэ сөп. Ол эрээри бэҕэһээ тоҕо да итирэн хаалбыта буолла? Тыаҕа тахсыбыт үөрүүтүттэн буоллаҕа дуу? Өссө доҕотторуттан арахсан туһунан, хайдах маннык бу хара тыаны булла? Бээ, Болуодьа... Ээ, чахчы, Болуодьалыын уолуктаһан эрэргэ дылыта. Үүрсэр этилэр дуу, хайдах. Уу, бу дьаабытын. Итирбиппин дии. Бааскалара барахсан биир кэм икки өттүлэриттэн сүүрэн эрэр курдуга. Пахай, ол аата куттаан дуу, өһүргэнэн дуу бу атах балай бардаҕым.  Кыһыны быһа ыаһах оҥостубут кэтэһиилээх сааскы булпут бу маннык хобдохтук түмүктэниэх муҥа дуу, ама? Өссө эбиитин эмэһэҕэ тэп, муна оонньуу сылдьабын. Маннык хараастыылаах санааларыттан Сэмэн ордук абатыйда.

  Сотору кэминэн халлаан сэргэх сэбэрэтин сүтэрэн сыыйа тымныйан киирэн барда. Сэмэн төһө да халыҥ сонноох буоллар, тоҥо быһыытыйда. Хараҥара илигинэ дьонноох сиргэ тиийэрэ буоллар. Ол эрээри тыата бүтүөн оннугар, эбии сэтэрэн туран хойунна, ото-маһа элбээн истэ. Суола-ииһэ да кыарыырга дылы гынна. Сэмэн ханна эрэ ыраах сис тайҕаҕа тиийэн эрэрин өйдөөн, этэ саласта.

Добавить комментарий