Кэпсээ
Войти Регистрация

Атах сыгынньах сайын - Афанасий Корнилов

Главная / Кэпсээннэр / Атах сыгынньах сайын - Афанасий Корнилов

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
19.11.2022 13:56
5k 3

Содержание

Кэргэммэр Вераҕа,
оҕобор Мишаҕа
аныыбын

Афанасий Корнилов

Сэһэннэр

An image to describe post

ОЛОХ САЛҔАНАР СИТИМЭ

    Байбал Батаакап уутугар аҥаарыйан, түлэс-балас киһилии харбыалаһан үлэлиир, утуйар хоһугар киирдэ. Түннүк анныгар турар остуолугар иккки илиитинэн тайанан нөрүччү туттан турбахтаата, кириэһилэҕэ нүһэрдик олорунан кэбистэ уонна сүр энсилгэннээхтик үөһэ тыынна.

    …Ама… Ама, аҕыйах хонуктааҕыта бу дьиэттэн соҕотох уола Коляны ийэ буоругар кистээн киирэн олороро буолуо дуо, бу кини, сор суоллаах, уһун сордоох! Ама, Коля аны: "Аҕаа! Ийээ!" - диэбитинэн бу төрөөбүт, улааппыт иэримэ дьиэтигэр мичилийэн киирбэт буола тоҥ буорунан томточчу көмүллэн хаалаахтаатаҕа дуо?

    Байбал остуолга тонолохтуу уурбут илиилэригэр сүүһүнэн өйөнөн, умса туттан олорбохтоото, онтон тугу эрэ өйдөөбүттүү көнө түстэ, ыар аһыыттан, дирин кутурҕантан сонуорбут харахтарынан хоһун иһин кэриччи көрүтэлээтэ да, харахтара туохха да тохтооботулар, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн, кинигэ ыскаабын үрдүнэн утары хаптаһын быыһын мутугун үүтүн тобулу одуулаан олорбохтоото.

    Баара-суоҕа сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт, саҥа кэргэннэнэн ыал буолбут уола Коля олох олорон, киһи дэтэн аастаҕа ити дуо? Тоҕо дөбөнөй, тоҕо баҕас хомолтотой… Арыгы испэт, табах тардыбат күөгэйэр күнүгэр, атаҕын тумсун саҥардыы уган эрэр киһи, уунан айаннаан иһэн ити туохтан, хантан кэлэн сүрэҕинэн ыалдьыбыта буолуой? Ийэлээх аҕа Коля күн сырдыгыттан маппытыгар, былаҕайга былдьаппытыгар, ама, буруйдаахтара буолуо дуо? Кинилэр итирэ-кутура сылдьыбыт дьалхааннаах олохторо, аһыы уу абыгар ылларбыт дьаллыктарын содула соҕотох уолларынан туолуйан таҕыстаҕа тоҕо баҕас сүрүкэтэй, тоҕо баҕас дьулаанай.

    Байбал олордо, олордо… Бу санаан көрдөҕүнэ Колятын, Куолункайын кыра эрдэҕиттэн оннук боччумнаах, торумнаах өйдөбүл суохха дылы эбит дии. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, туман быыһынан өлбөөдүйэн көстөн ааһар одоҥ-додоҥ өйдөбүллэр бааллар эбит буолбаат.

    Кини, Байбал Батаакап, арыгы ухханыгар сылдьан эрийэ-буруйа олоҕун омоон суола, бу аана суох алдьархайга, түгэҕэ көстүбэт иэдээҥҥэ тиэрдибит дьылҕата хаһан, хайдах саҕаланна этэй…

    Кэлин, дьон кэпсээнин оттомуран истэр буолуоҕуттан, кини аҕата, Хасхар Байбал уола Кырдьай Баһылай, кэлэр-барар, ону-маны мэнэйдэһэр, булар-талар киһи эбитэ үһү. Ол да иһин буоллаҕа буолуо, кинилэр олохтоох мас ууһа оҥорбут төгүрүк остуолларыгар кэмпиэт, бирээнньик курдук олус минньигэс нуучча астара өрүүтүн да буолбаталлар, син баар буолар эбиттэр, кэлин өйдөөтөххө.

    Сайына эбитэ дуу, күһүөрү сайын да буолуон сөп, кыракый Байбалык дьиэ тэлгэһэтигэр мас сыыһын, хатырыгын мунньан "кустуу" сырыттаҕына аҕата кураанах бытыылка тутуурдаах ампаарын диэки баран эрэр эбит. Сэргэҕэ ким эрэ ыҥыырдаах ата баайыллан турара.

    -- Аҕаа, аҕаа, - диэбитинэн Байбалык аҕатын кэнниттэн сампай уопсубутунан ампаар иһигэр киирсэр.

    Аҕата чэрдээх илиилэринэн уолун төбөтүн бэрт сымнаҕастык, сылаастык имэрийэн ылбыта уонна: "Чэ, тоойуом, таҕыс, мин билигин тахсыам", - диэбитигэр атаахтаан буолуо, хадьыаланан кэбиспитэ.

    Баһылай кыракый мас бочуонактан туох эрэ сытыы кураххай сыттаах ууну бытыылкатыгар сүүрдэн ылбыта уонна уола ону муодарҕаабыттыы одуулуу турарын көрөн, ымсыырар дии санаатаҕа буолуо:

    -- Оҕом мантан амсай эрэ, диэбитэ уонна бытыылкатын куолайын уолун айаҕар чугаһаппытын Байбалык хап-сабар уобан ылаат, кураххай сыттаах амырыын ууну биирдэ-иккитэ ыйырбахтаат чачайан, тыына хаайтаран айаҕа аппаҥныы, харахтара уу-хаар баһан таалан турда.

    Аҕата оҕотун көтөҕөн таһааран тэлгэһэ ортотугар олордон баран, ытыһын тилэҕинэн уолун муннун-уоһун соппохтоото: "Чэ, тоойуом, билигин ааһыа, оонньоо", -- диэт дьиэҕэ киирэн хаалбыта.

    Уол били "кустарынан" оонньуохча буолан эрдэҕинэ, тэлгэһэтин хонуута, сэргэҕэ баайыллан турар ат хайдах эрэ күөрэҥнэһэн, долгуҥнаһан эрэллэрэ баара да…

    Байбалык уһуктан кэлбитэ тэлгэһэҕэ буолбакка, дьиэҕэ, буолаары буолан ыалларын дьиэтигэр, бииргэ оонньуур атаһа Миитээс оронугар сытар эбит. Кини тыыннаах испиир паарыгар туймааран охто сыттаҕына, дьиэлэрин иһигэр өлөр өлүү холоруга киирэн түҥнэри ытыйан тахсыбытын билбэккэ хаалбыт.

    Дьиэлээх киһи Кырдьай Баһылай ыалдьыта Сабыстыйаан Уйбаныаптыын арыгылаабыттар-мааныласпыттар, онтон дьиэлээх киһи кэргэнин ыалдьытыгар күнүүлээн айдаан тахсыбыт. Ыалдьыт олорор оронун улаҕатыгар уурбут саатын эһэ тардан ылан, остуол нөҥүө олорор дьиэлээх киһини ытан кэбиспит.

    Байбал тулаайах хааллаҕа, сор-муҥ суолугар тэбилиннэҕэ ол.

    Ол алдьархайдаах күн кэнниттэн Байбаллаах иччитэхсийбит дьиэлэригэр билэр-билбэт, олох да харахтаабатах дьонноро сыбыытаспыттара, тугу эрэ суруйаллара, кинилэр малларын-салларын сыымайдыыллара, сүөһүлэрин көрөллөрө. Кини аҕатын тастыҥ быраата Ньукулай

онно тэҥҥэ сылдьыспыта.

    -- Ньукулаай! Бу уолга эн эппэкиин буоларга тиийэҕин. Сүөһүтүн, малын-салын тут. Бачча аймахтаах оҕону оҕо дьиэтигэр ыытыахпыт дуо, - диэбиттэрэ ол дьон.

    -- Көрүмүнэ, көрөн буоллаҕа дии, - диэбитэ абаҕата туох эрэ кумааҕыга илии баттыы-баттыы.

    -- Тукаам, Байбал, бу абаҕаҥ аахха көһөҕүн кинилэргэ оҕо буолаҕын, - диэбиттэрэ ол дьон.

    Уолчаан хайыай, тулаайах хаалбыт киһи. Аҕатын киһи өлөрдөҕө, оттон ийэтэ өлөрүөхсүттүүн хаайыыга барбыттара.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
23.10.2024 15:27

    Байбалык эһиилгитигэр оскуолаҕа киирэр буолбута. Ыаллар оҕолоругар саҥа ыстаан, ырбаахы кэтэрдибит этилэр, оттон кини тоҥолоҕо, тобуктара абырахтаммыт эргэ ырбаахылаах, ыстааннаах кэлбитэ. Оо, онно саҥа таҥастаах оҕолорго ымсыырда да этэ. Абаҕата аах иккискэ үөрэнэр Бааскалара эмиэ саҥа таҥастааҕа, онуоха эбии килбэлдьигэс муос куондардаах хортуустааҕа. Оттон кини буоллаҕына кубарыйан хаалбыт сукуна хортууһуттан ураты төбөҕө уурунара туоҕа кэлиэй. Онтуката да урут хараҕын саба түһэр бэйэтэ, аны аччаан сэниэлээх соҕус тыал үрдэҕинэ көтүһэ туруохха айылаах буолбут.     Иккис кылааска киирэригэр эмиэ эргэ таҥастаах кэлбитэ. Онуоха оскуола директора Степан Николаевич Осипов:     - Балагыай, бу киһибит таҥаһа-саба иэдэйэн эрэр эбит ээ. Тэппини көрбөт, тырытта сылдьар буолбут, диэбитэ.     - Оҕо мэниктээн окко-маска тырыта тыыттаҕын аайы хантан ылбыт үппүтүнэн-аспытынан саҥа таҥас кэтэрдэн иһиэхпитий!     - Дьонуттан сүөһү-ас хаалбыта буолуо ээ.     - Ол кини биир-икки ынаҕа, аҕыйах сүөһүтэ диэн. Тугу аһаан-сиэн кыстаабыта буолуо дии саныыгыный? Хайа, оттон, үлэлээн адьынан айаҕын ииттэр буолуор диэри тугунан өллөнөн, этин саптынан сылдьыай, биһиги арҕаспытыгар олоруо буоллаҕа дии, - Балагыай хадьыаланан кэбиспитэ.     Оннук сыыҥ-сыраан аллан үсүһү бүтэрдэҕин сайын, аны арҕаа ханна эрэ сэрии уота күүдэпчилэнэ оргуйан турбат дуо. Онуоха эбии сай устата биир да таммах ардах түспэккэ, кураан буолан биир суол алдьархай ааҥнаабыта. Онуоха эбии дьон саамай талыыта, оту-маһы тардыалаһан көрөр уолан уолаттара сэриигэ ыҥырылланнар, ыаллар аайы уку-сики курас күннэр бүрүүкээбиттэрэ.     Байбалы бэлэм лэппиэскэни мотуйа-мотуйа, күн кыһалҕата суох сылдьыбыта буолуо дии санаамаҥ. Хайа, ол лэппиэскэбит мээккэ бурдуктан оҥоһуллар, ол бурдугу көмүлүөк оһох кэннигэр турар суорунанан тардыллыахтаах ээ. Оо, кыыкынатан-кыыкырдатан бурдук тардыыта сындалҕаннаах да үлэ буолаахтаатаҕа. Суорунан тааһа липпиэрэ ыараан бардаҕына бэркэ диэн ырычаахтаһан өрө көтөҕөн чүөччэр уган биэрэҕин, Ол кэнниттэн бастаан утаа чэпчээбиккэ дылы буолар да, сотору эмиэ ыарыыр, оччоҕуна иккис, халыҥ соҕус чүөччэри уган биэрдэххинэ чэпчиир. Эрчимнээх соҕустук эргитэн кулахаччыттаххына куруппалатан тибииртэҕиҥ ол. Дьэ, били, эрэйгин чэпчэтинэҕин диэн үлэҕин өссө эбэн биэрэҕин. Укпут чүөччэргин төттөрү ылаҕын, куруппалаппыт бурдуккун даарда иһиттэн куобах атаҕынан сиппийэн хат кутан тардаҕын. Үлэ үөһэ үлэ диэтэҕиҥ.     Кыһын оскуолаҕа сылдьар да кэмҥэр дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы ииппэй-тааппай үлэ эн арҕаскыттан түһүө баара дуо. Оскуолаҕыттан кэлэн хаппыт лэппиэскэни хабыалыы түспүтүҥ кэннэ: "Нохоо, Байбал. Маста эрбэс, кыстаа", "Тахсан дал сааҕын күт", - эҥин диэн соруйар сана оһох кэнниттэн, кэтэҕэриин диэкиттэн, аһыллыбыт дьиэ аанынан сотору-сотору чыпчархай буолан курбуулууллар. Ыкса харанарбытын эрэ кэннэ остуолга олоро түһэн ыһыырынньык симик уотугар уруоккун оҥорбута буолаҕын. Оттон өрөбүл күҥҥэ муус түннүк кырыатын кыһыйыы, дьиэни сиппийии, сүөһүнү уулата ойбоҥҥо киллэрэн таһаарыы. Ол туһугар эмиэ биир эппиэттээх дьыала буоллаҕа. Хайа, сүөһүҥ, ордук борооскулар, үтүрүйсэн ойбоҥҥо түстэхтэринэ иэдээн. Бу эрэйдээхтэриҥ муус тымныы ууну ыйырбахтаан ибигирэс буола тоҥон, хотонноругар тиийэ охсоору тиэтэйэ-саарайа хааман чуучугураһаахтыыр буоллахтара. Онтон ол кэннэ, аны бурдукпут тардыыта.     Биирдэ физкультура уруогар кыһын ойуур саҕатыгар Кыһыл армия, немец сэриитэ буолан оонньуу сырыттахтарына Байбалык хаҥас атаҕын тилэҕэ хайдах эрэ "лыс", "аһый" гынарга дылы буолбутугар өйдөөбүтэ, атахтара наһаа тоҥмуттар этэ. Онтукатын эрдэ билбитэ буолан баран, оонньууругар аралдьыйан баардылаабакка сылдьыбыта. Уруок бүтээтин, бэрт тиэтэлинэн, дьиэтигэр чуучугураан кэлээт, этэрбэһин устан көрбүтэ, хаҥас этэрбэһин уллунун сиигэ тилэҕин диэкинэн көтүллэн хаалбыт, уллуна чарааһаан тэстэрэ буолбут эбит.     - Саҥаас, этэрбэһим сиигэ көтүллүбүт эбит дии, уллуҥа да тэстэн эрэр, - диэбитэ.     - Дэлэлээх быччайа көппөккүн. Тимир да уллуҥ тулуйбат ини. Илиилэрдээххин дии, абырахтан, - диэт маллаах иһиттэн иҥиир саптаах иннэни ылан быраҕан биэрбитэ.      - Иннэни тоһутуоҥ да сэрэн, соҕотох иннэм.     Үс сайыны быһа уот кураан таҥнары сатыылаабыта, дьон сэриигэ бар да бар буолан колхозка оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор эрэ хаалан, урут күүстээх-күдэхтээх, эрчимнээх иҥиирдээх эрэ дьон кыайар үлэлэригэр аны хоодуот дьахталлар, өссө да хамсанар кыахтаах оҕонньоттор, чороччу улаатан эрэр оҕолор турунар буолбуттара.     Урут бурдук быстарар массыынаҕа солбуллубат киһинэн Охонооһой Харбыылап буолара. Оттон сэрии буолбутун үһүс сылыгар ол үлэ киниэхэ, уон иккилээх-үстээх Байбалга итэҕэйиллэн, уол кимэ-туга биллэр күнэ тирээн кэлбитэ. Хата, кини дьолугар дуу, соругар дуу бурдук үүммэтэх дьыла буолан абыраабыта. Бастаан утаа аттара да кини нулдьаҕай илиилэрин билиниэ суох курдук этилэр, онтон тото-хана мэччийбэт сордоохтор бэйэлэрэ да сылбаахы буолан аат эрэ үнүөхтэһэр буолбуттара. Аны түүтэх бырахтарар үктэлгэ атаҕа тиийэ охсон биэрбэккэ биир мучумаан этэ. Үктэлгэ үрдэтэ мас баайан биэрэннэр абыраабыттара. Урут үүнүүлээх дьылларга түүтэх баайааччылар көлөһүн-балаһын аллан сүүрэр-көтөр былаастаах сылдьан массыынаны ситэр буолаллара. Оттон бу сырыыга бааһына аҥар эҥэригэр баар икки кыыс уол түһэрэр түүтэҕин кэтэһэн батыһа хаамсан иһэн: "Эйиэхэ түһэрдэ", "миигин көтүттэ" дэһэн ордук санаһаллар.     Сэрии бүтэн дьон тыыннаах ордубут өттүлэрэ фронтан төннүтэлээн испиттэрэ, тыа сирин олоҕо арыый сэргэхсийэн, олох арыый көнөн барбыта. Били, ыал, киһи-сүөһү төрдө буолар уруулар онно-манна буолуталаан, саҥаттан саҥа буруолар бургучуһан олох салҕанан барбыта.     Байбал ол ыар сылларга өрүү-өрүү үөрэнэн сэрии бүттэҕин үһүс сааһыгар, сокуоннай сааһын ситэн баран, сэттис кылааһы бүтэрбитэ. Кэлин салгыы үөрэнэр, Якутскай куоракка барар санаа киниттэн арахпат, аала сылдьар буолбута.     Онно киирэр кэм чугаһаан барбыта. Байбал биир киэһэ чэйдии олорон абаҕалаах саҥаһыгар:     - Уолаттар куоракка үөрэнэ бараары тэринэллэр. Мин чэйин "талыр" гына остуолга уурар. Саҥаһа Балагыай ону истээт, иһэ олорор чааскылаах     - Ол туоххунан үөрэнээри гынаҕын, бу, эн! Хайа, хаалбыт сүөһүҥ-аһыҥ бараммыта ыраатта дии, - диэбитэ уонна өҥүргэстээх харахтарынан өтөрү көрөн олорбута.     - Сокуоннай сааскын туоллуҥ. Ойохто ыл, туспа ыал буол!     Абаҕата Ньукулай хайдах эрэ кулу-халы туттубута уонна хамсатыгар табах уматынаат, түҥнэри хайыһан көхсүн этитэ-этитэ кэргэнигэр көхсүнэн олорбута.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
28.10.2024 08:27

Байбал төһө да баҕарбытын иһин, куоракка үөрэнэ барар кыаҕа суох буолан, үлэ булунан бэйэтин бэйэтэ көрүнэр күнэ-дьыла тирээн кэлбитэ. "Колхозка үлэҕэ киирдэхпинэ үөрэхтэн олох да тэйэрбэр тиийэбин, сэттэ кылааспынан эрэ хаалыам", - диэн саарбахтыы, хантан атын үлэни булуон саныы сырыттаҕына, оскуолатын директора Степан Николаевич көрсө түһэн: "Доҕоор, Байбал, киир эрэ, кэпсэтиэх", - диэн оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥҥа тарҕаһан иччитэхсийбит кураанах оскуолаҕа ыҥыран киллэрбитэ. Көрүдүөр устунан хаамар атахтарын тыастарын дуораана эркинтэн эркиҥҥэ охсуллан, директор хоһугар киирэн кэлэллэр.     Степан Николаевич иэҕии өйөнөрдөөх олоппоһугар тиэрэ түһэн олорбохтоото, онтон остуолугар сытар кумааҕылары өрө-таҥнары сыымайдаата, илиилэрин кэдэрги быраҕан тиэрэ түһэн олордо.     - Байбал, туох былааннаах сылдьаҕын, доҕоор?     - Үөрэнэ барыам дии санаабытым да, кыаллыа суох. Үлэ көрдөһөн көрүөм.     - Ханна? Колхозка дуо?     - Эһиил үөрэххэ киирэ сатаан көрүөм этэ. Атын үлэ көстөрө буоллар… Хамнастаах.     Степан Николаевич дьиэ үрдүн одуулаан олорбохтоото. Онтон тоҕо эрэ туран төттөрү-таары хаамыталаан баран, Байбал иннигэр кэлэн тохтоото.     - Маннык сүбэлэһиэххэ. Эн биһиэхэ, оскуолаҕа, учуотчуттаа. Хамнаһа кыра да… Эһиил үөрэнэ бараргар көмөлөһүөхпүт.     Онон Байбал үөрэммит оскуолатыгар үлэлиир сулууспалаах буолан хаалбыта.     Сайыны быһа оскуола өрөмүөнүн ол-бу иирбэй-таарбай үлэтигэр сырытта. Кирпииччэ да үктээтэ, оһохчуту көрдөөн кэллэ-барда. Быһатын эттэххэ, үөрэх аһыллыар диэри суотчут буолуоҕунааҕар үксүгэр завхоз үлэтин толорон таҕыста.     Үөрэх дьыла саҕаланан, оскуола иһэ эмиэ оҕо аймах саҥатынан эймэлэс буола түспүтэ. Байбал аны үөрэппит учууталларын кытта тэҥҥэ сылдьар киһи буолан хаалла. Бастаан утаа толлон, симиттэн учительскай хос муннугар турар остуолуттан турбат этэ, кэлин бодоруһан син уопсай кэпсэтиигэ кыттар, учууталларын ол-бу сорудахтарын толорон көмөлөһөр буолбута.     - Байбал, ити таҥара дьиэтин таһыгар кыра ампаар дьиэни бөхсүйэн олорор дьиэтэ оҥоһун эрэ, диэбитэ директора дьиэтигэр бараары туран. - Хайа мэлдьи абаҕаҥ аах муннуктарыгар кыбыллан олоруоххунуй, бачча киһи.     - Байбал табаарыстарын көмөлөһүннэрэн ол хоспох саҕа дьиэни оҥостон, оскуола өрөмүөнүттэн орпут кирпииччэни көҥүллэтэн, билиитэ оһох оҥотторон, бэйэтэ бас билэр дьиэлэнэн хаалар. Атас-доҕор, ыалдьыт-хоноһо да көстөн барар.     Биирдэ үөрэх кэнниттэн күөс өрүнэ олордоҕуна Андрей Гаврильевич уонна Иван Николаевич диэн учууталлар киниэхэ киирэн кэлэллэр.      - Хайа, доҕоор, Байбалбыт ыал ыалынан буолбут дии. Киһиҥ күөс ыргыччы буһарыммыт, - диэн күө-дьаа буолаллар.      - Оттон бу уолбутугар бачча киирэн баран чэйдэһэн бардахпыт дии, - Андрей Гаврильевич тарбахтарын мускуммахтыыр.     - Бэрт буолуо этэ да… туохтаахпыт-эмэлээхпит эбитэ буоллар… Байбал, эйиэхэ хайдаҕый?     - Күөһүм буһан эрэр дии.     - Эс, бу да киһи өйдөөбөтө диэн. Амтаннаах уу баар дуо диэн ыйытабыт ээ.     - Ол олох чугаһаабат аһым ээ. Хантан кэлиэй.     - Чэ, эдэр киһи маҕаһыыҥҥа элэстэнэн кэл эрэ. Биһиги Иван Николаевичтыын күөһү көрүөхпүт, - диэт, Андрей Гаврильевич сиэбиттэн харчы ылан биэрбитэ.     Дьоно үөрэ-көтө аһаан-сиэн барбыттара. Киниэхэ хончоҕорго арыгы кутан биэрбиттэрин кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ.     - Чэ, оччоҕо, ити аал уоккун күндүлээ, сылаас, тот кыстыгы көрдөс, - дии-дии күлсүбүттэрэ.     Күнтэн күн ааһан испитэ. Били учууталлара киниэхэ хаста да сылдьан маҕаһыыҥҥа сүүрдүбүттэрэ.     Биирдэ Байбал куолутунан маҕаһыыҥҥа баран кэлбитигэр тигэр Иван Николаевич:     - Доҕоор, Андрей Гаврильевич! Бу үөрэппит уолбут, Байбалбыт биһигини убаастаабат дуу, тугуй? Биирдэ да аһаспат, - диэбитэ.     - Мин эмиэ инньэ дии саныах курдук буолан эрэбин. Арыгы эр киһи аһыыр аһа буоллаҕа дии. Биһиги кыралаан иһэбит да, тугу да тосту-туора оҥоро, быһыылана иликпит дии саныыбын ээ. Оннук дуо, Байбаал!     Оннук. Эһигини, учууталларбын, тоҕо ытыктаабат буолуомуй.     - Дьэ, ити киһи тыла. Биһиги Байбалбытын, үөрэппит оҕобутун, билэр буоллахпыт дии. Мэ, хата маны "кылк" гыннаран кэбис, - Андрей Гаврильевич ортотугар диэри кутуллубут хончоҕордоох арыгыны биэрбитин Байбал, чачайа сыһа-сыһа, иһэн кэбиспитэ.     Онтон ыла Байбал ыалдьыттарын кытта улам тэҥҥэ олорсор, "атаҕын соболоҥун" төлөтөр буолан барбыта. Дьоно өтөрүнэн биллибэтэхтэринэ күннэтэ, кэтэһэ сатыыр курдук буолбута.     Биирдэ өрөбүл күн маҕаһыыҥҥа хаста да тиэстэн сарсыныгар дьалкыҥнас төбөлөөх киһи үлэтигэр кэлбитэ. Табаарыстара туох да буолбатах көрүҥнээхтэрэ. Буолумуна даҕаны, кинитээҕэр икки бүк төрөл дьон уйан бөҕө буоллахтара дии.     - Байбал, кытаат. Сотору ааһыаҕа, - диэн сибис гыммыта Иван Николаевич, кылааска уруогар киирээри туран.     Төбө ыарыыта ааһыахтааҕар өссө эбии тимир уобуруччунан хам ылыах курдук буолбута. Биэдэмэс сыыппаралара туман быыһыттан дьиримнэһэн, дьиэрэҥнэһэн сүтэллэр.     - Байбаал, эн ыалдьыбыккын ээ, быһыыта. Дьиэҕэр тахсан сыт, сынньан, диэбитэ директора кинини уорбалаабыттыы көрө-көрө.     Байбал ол өрөбүлтэн ыла ый кэриҥэ били "аат аһыгар" чугаһаабат, сытыгар да турбат буола сылдьыбыта. Онтон эмиэ "эр киһи аатын" түһэн биэримээри, "атах соболоҥун" төлөттөрөр аатыран дьонунаан тэҥҥэ олорсоро.     Биирдэ сөбүгэр "чэпчэки" соҕустук аһаан бүтэн иһэн, Андрей Гаврильевич бытыылка түгэҕэр хаалбыт арыгыны Байбалга биэрэ-биэрэ, эппит:     - Доҕоор, маны билигин тыытыма. Сарсыарда төбө ыарыылаах турдаххына "тэп" гыннаран кэбиһээр. "Ытаһаны ытаһанан төлө охсон таһаарар" баҕайыта.     Кырдьык, сарсыарда төбөтө кыратык ыалдьыбыт этэ. Онно учууталын сүбэтин өйдүү биэрэн, арыгытын тобоҕун аһыырҕата-аһыырҕата, түһэрэн кэбиспитигэр харахтара улам сырдаан, төбөтүн ыарыыта сыыйа ааһан барбыттара.

Онуоха "бэртээхэй эмп чугас баарын билбэккэ өлө оонньуу сылдьыбыт эбиппин", - дии санаабыта.     КҮһүс чиэппэр түмүгүнэн учууталлар педсоветтара буолбута. Эн коллектив чилиэнэ буолаҕын диэн директора Степан Николаевич кинини мунньахха сырытыннарара, үксүгэр мунньах боротокуолун суруйтарара.     Чиэппэр түмүгүн дьүүллэһии, ардыгар харах да уулаах (учуутал дьахталлар өттүлэриттэн) кэпсэтиһии буолбута, Боппуруос көрүллэн бүппүтүн кэннэ директор сорох эр дьон учууталлары, ол иһигэр Байбал дьонун, кинини, бэйэтин эмиэ хаала түһэллэригэр көрдөспүтэ.     - Доҕоттоор, биир суолга кыратык кэпсэтэ түһүөҕүн эрэ, - диэбитэ хаалбыт дьону кэриччи көрүтэлии-көрүтэлии. Бэйэбит үөрэппит уолбут Байбалбыт быйыл үөрэххэ киирэр санаалаах сылдьар. Үтүө санаа, үтүө баҕа.     - Уолбут сөпкө сананар эбит. Үөрэххэ сыһыамах этэ. Санаатын уурдар эрэ үөрэҕи ылар киһи.     - Ол гынан баран биһиги, үөрэппит учууталлара, кинини биир суолтан сэрэтиэхпитин наада. Арыгыны амсайыах курдук буолан эрэр дуу диэн уорбалыы көрөр буолан эрэбин ээ.     Байбал директор ити тылларын истээт, умса тутунна, бастаан кулгаахтара улам кытардылар, онтон сирэйэ бүтүннүү чоххо баттаабыт курдук үллэ кытаран биир кэм итий-итий буолбахтаата. Сирдээн тимириэх киһи муостаттан иҥнэн, умса туттан олордо.     - Ама, оннук буоллаҕай. Байбал - өйдөөх уол. Эр бэрдэ буоллаҕа дии, үчүгэйи-куһаҕаны ырыҥалатара буолуо ээ, хата үөрэппит уолбутугар билигин да учууталлара буоллахпыт дии. Онон куһаҕан дьаллыктан туора тутун диэн сүбэлиэҕиҥ, - диир директор.     - Оннук-оннук. Уолбутун харыстаан бөҕө буоллаҕа дии.     Ол кэпсэтии кэнниттэн дьоно киниэхэ ыалдьыттыыллара лаппа сэдэхсийбитэ. Биирдэ эмэ сырыттахтарына даҕаны "сиэр быһыытынан" аһаан-сиэн бараллара.     Үөрэх сыла бүтэрэ бу тиийэн кэлбитэ. Тиһэх экзаменнар буолаллара. Биирдэ Степан Николаевич Байбалы кытта маннык кэпсэппитэ:     - Байбаал, быйыл оскуолаҕа элбэх соҕус кирпииччэ наада буолуо. Эн ону ылсан үлэлээ эрэ. Нэрээт сабаммыт суотчутуҥ хамнаһын таһынан эбии төлүөхпүт. Хайа, үөрэххэ киирэргэр үп наада буолуо дии.

"Танара биэрбэт киһитигэр биэрбэт" диэн былыргылар сөпкө да эппиттэр эбит дии санаабыта Байбал, тэлиэгэлээх аттаах дьону кытта аргыстаһан Дьокуускайтан Тойон Күөлгэ тахсыһан иһэн. Кини итинник саныан санаабыта. Үөрэххэ киирэр киһи буоллум диэн эгди соҕустук сананан, таһаҕас борокуотунан төһө эмэ өр айаннаан Дьокуускайга киирбитэ училищеларга, техникумнарга стипендия сотуллан хаалан, элбэх тыа сирин ыччата муҥур суолга киирэн хараара мунан хаалбыта.     Байбал куорат ол-бу тэрилтэлэригэр атахтарын тумсун уга сатаабыта да, туһа тахсыбатаҕа. Ханна барытыгар туох идэлээххиний, тугу сатыыгын диэн буолар. Оттон хара үлэҕэ киириэн аны олорор сирэ суоҕа биир моһол. Онон дойдутун чугаһыгар тахсан орто оскуолаҕа киирэн үөрэнээри (интернакка олоруо буоллаҕа дии) айаннаан тахсыбыта.     Дьыалата эмиэ табыллыбатаҕа. Оскуолаҕа үөрэххэ ылар комиссия сааһа ырааппытынан аккаастаан кэбиһэн, Байбал эмиэ муммут кус оҕотун курдук тула холоруктаан хаалар. Эмиэ үлэ көрдөһө тэрилтэлэри кэрийии. Хата, кини дьолугар, биир дойдулааҕа Семен Егорович Никифоров диэн райсовекка үлэлиир киһи культура отделыгар сиэтэн киллэрэн:     - Бу уолу үлэҕэ ылыҥ эрэ. Кини дойдутугар Атахсыкка ааҕар балаҕаҥҥа сэбиэдиссэй суох диэн эрэргит дии, - диэбитэ.     Онон Байбал аны культура үлэһитэ буолан хаалар. Туохтан, хантан иилээн-саҕалаан үлэлиэн билбэт, ыйыталаһыан кыбыстар, ыйан-кэрдэн биэриэх да киһи баара биллибэт. Сэбиэттэр, хата, онно-манна сорук боллур, сүүрэр-көтөр хорохоот оҥостор киһилэнэн абыраныах курдук туттуналлар.     "Өлүү - болдьохтоох" диэбиккэ дылы, Байбал биирдэ биллэ соҕус "аһаан" кэбиһэн баран, оскуола таһынааҕы дьиэтигэр утуйан тарайа сыттаҕына, сэбиэт дьиэтин хомуйааччы дьахтар кэлэн бэрт өр илгиэлээн уһугуннарар:     - Нохоо, нохоо! Бу туох үлүгэр сытаҕын! Тур, оройуонтан киһи кэллэ. Сэбиэккэ барыаҥ үһү.     Байбал төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас, үктэнэр сирэ күөрэҥнэс буолан ылар. Уһааттаах ууттан хомуоһунан сомсон төбөтүгэр куттунан, арыый чэпчээбит курдук буолар уонна сэбиэттэр диэки салбыҥныыр.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
28.10.2024 18:45

    Тиийбитэ культура салаатын сэбиэдиссэйэ Хабырылла Үчүгээйэп кэлэн олорор эбит.     - Хайа, доҕоор! Үлэ-хамнас бөҕө дуу?! Кыһыл муннукпут ыт баһын саҕа күлүүһүнэн хатанан турар ээ. Оттон сэбиэдиссэйбит буоллаҕына "үлэлээн-хамсаан илистибит" көрүҥнээххэ дылы, - диэт, председатель диэки эҕэлээхтик көрөн кэбиһэр.     - Дьон сылдьыбаттар дии. Кураанах дьиэҕэ олоруом дуо, - Байбал куотуна сатыыр.     - Тэлгэһэ кыраһа хаара тыытыллыбатаҕа ыраа пыкка дылы. Оттон фермаларга, учаастактарга сылдьаҕын дуо? Хас бэсиэдэни, дакылааты оҥордуҥ, дорҕоонноох ааҕыыны тэрийэҕин дуо?     Ити үөһэттэн тобурах буолан түһэр ыйытыыларга эппиэттиирэ туга кэлиэй, бара сатаан:     - Сылдьабын, бу сэбиэттэр илдьиттэрин эҥин тиэрдээччибин.     - Ол аата Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйэ буолбатах, сэбиэттэр сорук-боллур уоллара буоллаҕыҥ дии, Үчүгээйэп тарбахтарынан остуолу тоҥсуйан тобугуратар.     - Биһиэхэ маннык сэбиэдиссэй наадата суох. Сарсыҥҥыттан уурайаҕын, - диэн тимир-тамыр тыллар дөйүтэн кэбиһэллэр.     Байбал көмүскэл көрдөөн дьонун - сэбиэттэр диэки кылап-халап көрөр, оттон анарааҥылара буоллаҕына дьиэ эркинин хайа хаппыт хайаҕастарын "ааҕа" олороллор буолбаат.     Онон Байбал эмиэ сир-халлаан икки ардыгар хааман хаалар. Санаата тууйуллан аат харата салбыҥнаан истэҕинэ, билэр уола, тракторист Бааска көрсө түһэр.     - Хайа, Байбал, бу хантан иһэҕин?     - Ээ, сэбиэттэртэн.     - Мөхтүлэр дуу, тугуй? Үүтүн тохпут оҕо курдуккун дии.     - Ээ-э!… - Байбал быһаарыыта суох сапсыйан кэбиһэр. - Үүрдүлэр, үлэбиттэн.     - Ама дуу? Ылла-ылаат?     Балачча саҥата суох испэхтээтилэр.     - Ээ, кэбис, доҕоор, санаарҕаама. Моой эрэ баар буоллун - бурҕалдьы баҕас көстүө. Хата, доҕоор, маҕаһыыҥҥа сылдьан эн дьиэҕэр барыах эрэ, соҕотох киһиэхэ, - диир тракторист Бааска уонна биэстии солкуобайдаахтары таһааран тэлимнэтэр.     Аһаабыттара. Байбал хайдах эрэ ыар сүгэһэри түһэриммит курдук чэпчээбиккэ дылы буолбута. Маҕаһыыҥҥа иккиһин баран эрэллэрэ. Аара кими эрэ көрсөн дьиэлэригэр илдьэ кэлбиттэрэ…     Байбал уһуктан кэлбитэ сарсыарда эбитэ дуу, киэһэ эбитэ дуу? Дьиэ иһэ үөл-дьүөл хараҥа, тымныйан уорааннаммыт ахан. Ыһыллыы-тоҕуллуу бөҕө буолбут, холорук киирэн тахсыбытын курдук үлүгэр.     Байбал онтукатын-мантыкатын өрө-таҥнары тарпыта буолла, бэрт эрэйинэн саҕаһа кыһан оһоҕун отунна уонна чүмэчи уматынан остуолга сытар сиэркилэ үлтүркэйин ылан көрүммүтэ үөһээ уоһа боллоччу иһэн, хаҥас хараҕа көҕөрөн хаалбыт киһи дьөлтөччү одуулаан олорор эбит.     "Туох содуома буолбутай? Ким миигин маннык кэбилээтэ?" - дии санаата уонна өйдөөн көрбүтэ, ырбаахытын уолуга хайа тардыллыбыт, таҥаһыгар хаан таммалаабыт. Үдүк-бадык өйдөөтөҕүнэ тугу эрэ дакаастаһан маргыһар, онтон, били, уулуссаҕа көрсөн аҕалбыт киһитинээн уолуктаһан эрэр быһыылаахтара…     Оһох улам көхтөөхтүк умайан күүдэпчилэнэн дьиэ иһэ сылыйа быһыытыйан, сырдаан да барда.     Байбал ханна тиэтэйиэй, бүгүҥҥүттэн ыла "көҥүл оҕото" буолбута дии. Төбөтө эмиэ ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас. Хата, били курдук "эмтэниминэ" дии санаан маҕаһыыҥҥа барарга сананна. Бинсээгин кэтэ туран, сиэбин хастан көрбүтэ, харчытын туома мэлигир, аҕыйах бытархай харчы эрэ баар. "Хара сордоох, киһиргээн харчыбын маҕаһыыҥҥа түөрэ тэбээбит эбит буоллаҕым", - дии санаата уонна арыгы иһэриттэн аан бастаан кэмсиниэх санаата охсуллан ааста.     Үлэ булуохпар диэри хантан үптэнэн аһаан-сиэн тыыннаах буолуох сордоохпунуй, - диэн саҥа таһааран мунатыйда. Дьөрү килиэп да ылар харчы ордубатах эбит дии.     Ол курдук муна-тэнэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ, барар сирэ баҕана үүтэ буолан олордоҕуна, оскуола директора Степан Николаевич Осипов киирэн кэлбитэ.     - Дорообо, Байбал! - диэтэ уонна соһуйан чугуруҥнуу турда. - Көрдөхпүнэ хобдох соҕус дьиэлээх-уоттаах киһи буоллуҥ ээ, бу.     - Дорообо. Ээ, оттон бу олоробун, - Байбал кулу-халы буолар. Кыбыстыбытын иһин сирдээн тимириэн сир кытаанах, халлааннаан көтүөн кыната суох буоллаҕа дии.      - Үлэҕиттэн үүрүллүбүккүн иһиттим. Ыйан-кэрдэн үлэлэтэ да түһүө эбиттэр… Бэйэҥ да бааргын. Хайа баар үпкүнэн арыгылаан чаллараҥныырыҥ буолла… Бачча киһи өйдүөх, эргитэ саныах да эбиккин. Арыгы үтүөҕэ тиэрдиэ суоҕа диэн эйиэхэ этэр этим, билигин да этэбин, Степан Николаевич кэлэйбиттии туттар.     Байбал туох диэн утарсыай, Степан Николаевиһы ытыктыыр, киниттэн толлор да буоллаҕа дии. Киниэхэ абаҕатынааҕар чугас киһитэ буоллаҕа дии.     - Доҕоор, биһиги суотчуппут атын сиргэ барыах курдук. Онон биһиэхэ киирэн көрүөҥ дуу. Уруккугунааҕар үлэ эбиллэн турар, балыыһа үбүн дьыалата.     Байбал сөбүлэҥин биллэрэн кэҕиҥнээбитэ, баһыыбалыыр-тойдуур сиэр диэни билбэтэх урааҥхай этэ.     Степан Николаевич тахсан иһэн тугу эрэ өйдөөн тохтуу биэрдэ.     - Мэ, доҕоор, хамнаскын ылыаххар диэри манан чөллөйдөнөн сырыт, - диэт, сиэбиттэн харчы ылан биэрдэ. - Итинтикэҕин арыгыга куппат инигин?… Хаһан үлэҕэр тахсаргын биллэриэм.     Били Степан Николаевич эппитин курдук, оскуола суотчутун үлэтэ балай да уустугурбут, учаастактааҕы балыыһа суотун үлэтэ эбиллэн иллэҥ кэми биэрбэт буолбут этэ. Учууталлар, эмчиттэр хамнастарын ылыыта кэллэҕинэ уонна атын туох эмэ суһал наада тирээтэҕинэ уонча көстөөх оройуон киинигэр баран кэлии буолар. Ол этэргэ эрэ дөбөҥ этэ. Бастаан суһумнас сүүрүктээх Алданы туоруоххун наада. Дэҥҥэ оҥочолоох аргыс түбэстэҕинэ үчүгэй. Оттон үксүгэр халбас харатын курдук түөрэҥнэс, түгэҕинэн онон-манан уу бычыгыраан киирэр хампархай тыынан туоруургар тиийэҕин. Онтон ыла эт тинилэххинэн либийэн, туос сатыы, айанныыгын. Байбал ону ол диэбэт. Хайа эдэрин оҕоккото сыттаҕа дии. Дьыалатын-куолутун сүгэр суумкатыгар уктуо эрэ кэрэх, түһүнэн кэбиһэр. Байбалтан кэлин биир кэскиллээх санаа арахпат, күнүстэри-түүннэри эрийэр буолан барда, Бу көрө сырыттахха кини бараата уолаттар, кыргыттар үксүлэрэ ыал буолан үөрэ-көтө олороллоро, үлэлии-хамсыы сылдьаллара үчүгэйэ сүрдээх. Оннооҕор ити көтөр сүүрэр барыта доҕордоох, олоххо тардыстыылаах дии. Оттон кини киһи эбээт, киһи…     Абаҕатын аахха биирдэ эмэ сырыттаҕына саҥаһа Балагыай, эчи, сүгүн да киллэрэн таһаарбат.

    - Бу хамыһаар уолбут туох буолан биһиги ыыспабытын өҥөйдө. Баатыгырын күн арҕааттан тахсаары гыннаҕа дуу, - диэн хабарҕалыы тоһуйар буолар.     Абаҕата биирдэ ону-маны кэпсэппэхтээн баран:     - Доҕоор, Байбал. Кэргэн ылар туһунан толкуйданан көрбөт киһигин дуу? - диэбитэ. Онуоха санаһа быһа түһэн:     - Ити уолун биһиги курдук харана, хотон иччилэрэ колхозтаах кыргыттары сирэр ини. Бэйэтин курдук хамыһаар кыыһы, тыкаарыйбыт куукуланы ылаары сылдьара буолуо, - диэн үгэргээбитэ.     Байбал онтон ыла аймахтарыгар сылдьыбат, сылдьыа да суох санаалаах. "Кэбис, улуу күтүр! Күн арҕааттан тахсыбатын, куруук илинтэн таҕыстын", - диэн саҥаһыгар кыыһыра саныыр.     Икки тэрилтэ суотчута буолан оскуола, балыыһа икки ардыгар биэрэс тэбэн тахсар. Оскуолатыгар, балыыһатыгар да кыргыттар бааллар ээ. Ол эрээри учуутал кыргыттарга санаатын уурбат. Үөрэхтээх дьонтон толлор, эчикийэ маанылара да бэрт. Оттон кини буоллаҕына килбэлдьигэс тоҥолохтордоох эргэ бинсээгэ саҥатыгар түһүө баара дуо, хата, сотору тохтон түһээ ини. Кирза саппыкыта буоллаҕына "айаҕын атара" буолан эрэр.     Ити балыыһаҕа санитарканан үлэлиир Дуня кыыһы өрүү сөбүлүү көрөр буолан эрдэҕэ үһү. Кыыс да хам-түм кинини көрүстэҕинэ мичээрдээн харахтара тырымнаһаллар ээ. Биирдэ эмэ кэпсэппит киһи. Хайдах сатаан тыл быктарыах, туох диэх баҕайыбыный…     Үөрэх саҕаланара чугаһаан турар кэмэ этэ. Байбал учительскайга соҕотоҕун үлэлии олордоҕуна Дуня кыыс тоһугураан киирэн кэлбитэ.     - Байбал, бу Нина Николаевна ыытта, - диэт, туох эрэ кумааҕылары уунан биэрбитэ уонна тугу эрэ күүппүттүү мичээрдээбит харахтарынан тэрбэччи көрөн турбута.     Байбал хантан харса суох санаалана охсубута буолла, эмискэ тэһэ астаран:     - Дуня, Дуняша, - диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Кыыс соһуйан харахтара өссө эбии тэрбэстилэр.     - Тугуй?     - Ээ, бэйэм, таах, - Байбал мух-мах буолар, Кыыс дьиктиргээбиттии көрбөхтөөн ылаат, бараары эргиллиэх курдук буолан эрдэҕинэ, Байбал өрүһүспүттүү, синигэр түһэн:     - Дуня, бэйи тохтоо, кэпсэтэ түһүөх, - диэтэ.     - Эмиэ "таах" диигин, эмиэ кэпсэтэ түһүөх диигин, кыыс саараан тохтуур.     - Дуня, - Байбал эмиэ мух-мах буолар.     - Тугуй оттон. Дунябын бэйэм бэркэ билэбин ээ.     - Эн киинэҕэ сылдьаҕын дуо?     - Сылдьан.     - Бүгүн "Кубанские казаки" буолар ээ. Сылдьыах эрэ.     - Көрбүтүм ээ.     - Мин эмиэ көрбүтүм да, оттон иккиэн бииргэ сылдьыах ээ.     Кыыс дьиктиргээбиттии уол сирэйин-хараҕын көрбөхтөөн баран "ээх" диэт, курбачыс гына эргиллэ биэрдэ да, хобулуктарын тыаһа тоһугуруу турда.     Байбаллаах Дуня ол киинэҕэ бииргэ сылдьыахтарыттан ыла иллэҥ кэмнэригэр көрсүһэллэрэ улам элбээн барбыта. Үөрэх аһылыннаҕын биир үтүө киэһэ кэргэннии буоларга быһаарсан кэбиспиттэрэ.     - Ханна олоруохпутуй? - кыыс уолугар сыстан туран ыйытар.     - Оттон миэхэ. Кэлин дьиэ туттуохпут буоллаҕа дии.     - Эс, эн дьиэҥ кыараҕаһа бэрт. Ыыспа диэн баар буоллаҕына, эһиэнэ буолуон сөп ини.     - Оччоҕо ханна? - Мин эдьиийим аах эргэ дьиэлэрэ иччитэх турар ээ.     - Көнүллүөхтэрэ дуо?     - Эдьиийим биэриэ. Таах турар дьиэни кэлэн харыһыйбат ини.     Аны, ол эргэ гынан баран киниэнинээҕэр арыый сэнэх, лаппа кэҥэс балаҕаны бөхсүйэр аакка түспүттэрэ. Кыыһа, арыт табаарыстара кэлэн көмөлөһөллөрө. Ол дьон кэллэхтэринэ "сылаас хоойдоох, дьоллоох дьиэ буоллун" диэн алгыыр тыллар этиллэллэрэ, ас да аһанара. Ол гынан баран "сиэр быһыытынан буоллаҕа дии, наһаалаамыахха", - диэн буолара.     Дьиэ оҥоһуллан бүтэн, аны эдэр дьон дьоллорун холбууллара, бу "көмүс ньээкэлэрин" иччилииллэрэ хаалар     - Дуня, аҕыйах эмэ киһини ыҥыран аһатабыт дуо?     - Эн бил. Харчылааххын дуо?     - Ыйдааҕы хамнаһым баар.     - Миэхэ эмиэ кыра баар. Кимнээҕи ыҥырабыт?     - Оттон эн эдьиийин ааҕы, Мин табаарыстарбын учуутал уолаттары.     - Нина Николаевнаны уонна эн абаҕаҥ ааҕы.     Байбал итинник быһаарсыы кэнниттэн абаҕатын ааҕы ыҥыра барбыта.     - Абаҕаа, саҥаас! Мин ыал буолан эрэбин. Бу киэһэ биһиэхэ, ити, санитарка Дуня кыыс эдьиийин аах эргэ дьиэлэригэр кэлээриҥ эрэ.     Саҥаһа ону истээт, суоһурҕанан туттара-хаптара тыалыра түспүккэ дылы буолбута.     - Ыал буолар буоллаххына буоллаҕыҥ дии, биһиги да кэрэһитэ суох, - Байбал ити хаҕыс тыллары истээт, курус гына түспүтэ.     - Күүгүнээмэ! - Абаҕата хаһан да кыыһырбат киһи кэргэнин ити тылларын истээт, уҥуохтара халыр босхо баран бабыгырас буола түспүтэ. Салҕалас илиилэринэн табах уурунан уоскуйа түһэн баран:     - Тукаам, биһигини баалаама. Ыал буоларыҥ үчүгэй.     Кэлин олоххун булунан баран кэлэн тыһы тыһаҕаста ылан бараар, кыстыыр отун биэриэм, - диэбитэ уонна кэргэнин диэки үөстээҕинэн көрбүтүгэр, анарааҥыта тугу эрэ саҥарыах курдук буолан иһэн, тохтоон хаалбыта.

    Онон Кэриэс Хочо алаас халдьаайы тыатын саҕатыгар биир саҥа ыал буруота бур-бур бургучуйан салгыҥҥа унаара көтөн тарҕанар буолбута.     Саҥа ыал - Байбаллаах Дуня киэһэ үлэлэриттэн кэллэхтэринэ дьиэлэрэ уорааннана охсубут буолар. Ону тас соннорун устубакка сылдьан сарсыарда бэлэмнээн барбыт кураанах мастарынан уот отто охсоллор, киэһээҥи күөстэрин, чэйдэрин сылыйан эрэр билииккэҕэ уураллар. Дьиэ аҕа баһылыга Байбал хонук маһын мастыы таһырдьа тахсар, оттон эдэр хаһаайка Дуняҕа дьиэ иһинээҕи ииппэй-тааппай үлэ сүктэриллэр буоллаҕа дии. Ыал дьон ырааҕырҕааннар күнүскү чэйдэригэр дьиэлэригэр кэлбэккэ, балыыһа куукунатыгар үссэнэ түһэн ылаллар.     Урут өр бодоруспатах буоланнар Байбаллаах Дуня бастаан-утаа бэйэ-бэйэлэриттэн кэмчиэрийсэр, кыбыста туттар этилэр. Кинилэр ыал буолалларын бэлиэтии кэлбит ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ, иһити-хомуоһу, дьиэни хомуйан дьапсыныйан баран, утуйар кэм тиийэн кэлбитэ. Байбал оҥоһуллубут ороҥҥо тиийэн сытынан кэбиспитэ. Оттон Дуня ону-маны өрө-таҥнары тардыбыта буола сатыы сылдьыбыта, онтон остуол таһыгар олорон баттаҕын тараанан барбыта.

Добавить комментарий