Главная / Кэпсээннэр / КӨССҮҮ СЫЛААС СУОРҔАНА
Добавить комментарий
КӨССҮҮ КӨССҮҮ
Михаил үлэтиттэн лаппа хойутаан дьиэтигэр кэллэ. Хоһугар киирэн ойоҕун кыйахаабакка таһыгар сытан утуйан хаалаары табыллыбата. Хоһун аанын арыйбыта ойоҕо Марыына кинигэ ааҕа сытар. Михаил киирэн сыбдыйан үөмэхтээбитин көрөн:
-Хайа дьахтарын хоонньугар сылаанньыйа сытаҥҥын бачча хойут кэллиҥ? Өссө сарсыарда кэлиэххин, сирэҕэс!
-Побойся бога, Марина. Просто үлэбитигэр маҕаһыыҥҥа табаар кэллэ ону принимайдаатым. Эппитим дии сарсыарда хойутуурум буолуо диэн.-Михаил кырдьык-хордьук дьахтар хоонньутуттан саҥа орҕостон тахсан баран, эппиккэ дылы в святая из святынь дома утуйар хоско, сууммакка да киирэн эрэр курдук сананан ааттаһан ботугураата.
-Һы, кини таҥаралаах ди хата! Сабаака баара, ол баччааҥҥа диэри табаар принимайдаатыгыт дуо? Сыбыччымыйаннан! Кобель, маҕаһыынын хотунун кытары хоонньоһон кэллиҥ ини.-Марыына уоскуйбат.-Миигин акаарыннан ааҕаҕын дуо? Билбэтэ буолуо диигин да соруйан ити маҕаһыыҥҥа үлэлии киирбиккин. Зоя, тапталлаах Зояҥ хотун дии онно. Иституттан кини диэкки көрө, көрө ууллан ньалбайарыҥ. Умуннум диэрий өссө Ыт баара.-Умайыктана сытта. Михаил ойоҕо өссө төһө өр татыйыктаммытын билбэт. Кини ол институттааҕы сылыгар төннөн манньыйа сытта. Ханна эрэ ыраах кумаар дыыгыныыр. Олох аахыйбат.
Зоя... Ммм Зойка.... Михаил экономическайга иккис кууруска үөрэнэ сырыттаҕына первачтары кытта шефтаһыы киэһэтигэр көрө түспүтэ кинини. Зоя атыттартан быдан ордук этэ. Уҥуоҕунан барыларыттан уһун, кып-кылгас мальчиковскайдыы прическалаах, түөһэ үһүс дуу, төрдүс размер буолуо, хаамтаҕын аайы долгулдьуйан Михаил хас биирдии ниэрбэтин дьырылатан ааһара. Уопсайынан кини эрэ буолбакка уолаттар үгүстэрин сүрэҕин тэбиитин тэтимин түргэтэппитэ ол киэһээ. Бу кэмҥэ кини Мариналыын сылдьара. Билиҥҥи ойоҕун кытта. Хомойуох иһин Зоя кини диэкки көрбөтөҕө. Бэһис курс уолугар Бориска хараҕын хатаабыта. Арааһа этэрбэс араадьыйата Михаил Мариналыын сылдьарын тиэрдэ охсубут быһылааҕа. Марыына күнүүлүүрэ онон оруна суох буолбатах. Михаил кырдьыгынан эттэххэ Зояны умнубатаҕа. Төһө да кинини ойох ыллар сүрэҕэ кистээн кинини тапыыр. Билигин үлэлиир маҕыыһынын хотуна Зоя буоларын билэн баран отой даҕаны Зойкатын кытта холбоспутун курдук дьоллоно сылдьар. Ону ити Марина буортулуур. Күн аайы күнүүлээн дыыгынаа да, дыыгынаа, сыппах быһахтыы аал да, аал. Кырдьык баран собус-соруйан Зоялыын хоонньоһон саатар за дело ити Марыына этэр эҕэлээх тылларын истибит киһи оччо айылаах баҕар тыытыа суоҕа эбитэ буолуо. Ону баара ол үөрэнэ сылдьан кини диэки көрбөтөх бэйэтэ дьэ кэлэн көрөр үһүө. Сир аннынан сыыллар сураҕы иһиттэххэ эрдээх, икки оҕолоох үһү. Марыыната умайыктанан бүтэн киэр хайыһан баран утуйбута ырааппыт быһылаах муннун тыаһа сурдурҕаабыт. Михаил ойоҕун кууһан баран утуйуон санаан баран киэр илгэн кээстэ санаатын. Тиэрэ хайыһан баран утуйан хаалла.
Сарсыарда туран оҕотун Кристинканы дет-садка илдьэн баран үлэтигэр барда. Маҕаһыыҥҥа кэлбитэ бэҕэһээҥҥи табаардары прилавокка таһаарбыттар. Кабинетыгар киирбитэ Зоя киирэн олорор эбит. Михаил киирбитин көрөн: -Дорообо, Миша. Аас, аас, все таки эн кабинетын. Миэхэ бэҕэһээ кэлбит табаардар накладнойдарын биэр эрэ. Кое-что сверить надо.
-Хорошо. Сибилигин.-Михаил папкалары хасыһан накладнойдарын булан хотунугар туттарда.
-Кстати, бүгүн мин эйиигин деловой кэпсэтиигэ дьиэбэр ыҥырабын. Былырыыҥҥы докуменнары туппутунан кэлэргин күүтэбин. Да, и если что, я люблю лилии и белое вино.-диэн баран, тахсан барда. Михаил үлэ чааһа бүтэрин долгуйан нэһиилэ кэтэстэ. Эҥин араас санаалар элэҥнээн олордулар. "Если что лилияны уонна белое вино сөбүлүүбүн", диэбитэ чэчэгэйин тэһитэ кэйиэлиэхтии тырымнаата. Хара күүһүнүнэн былырыыҥҥы дөкүмүөннэри булан туспа папкаҕа уган бэлэмнээтэ уонна тахсан барда. Массыынатын диэкки баран иһэн, атын массыынаттан сигнааллыылларын истэн хайыһа түспүтэ Зоя крузагар кинини күүтэн олорор эбит. Кэл диэн илиитинэн ыҥырда. Михаил көтөн тиийэн ааны тэлэччи арыйаат сымнаҕас олбоххо олорунан кээстээ. Зоя дьиэтигэр баран иһэн маҥан лилия букетын цветочнай бутикка тохтотон ылла, белай винону бэйэтэ ылан холодильникка сөрүүкэтэ уурбут үһү. Субу киэһээ Михаил дьоллоох сулуһа күүскэ, күүскэ суһумнаата. Ыйдаҥа таптал ырыатын ыллаан хонно. Көрсүү сылаас суорҕана үллэҥнээтэ. Бу түүн Михаил Марыынатын таһыччы умунна... Суобаһа маҥнайгы тапталын иэйиитигэр ордубакка умайан хаалла.
®СахаНик