Главная / Кэпсээннэр / УМНАҺЫТ КЫЫС (Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан)
Добавить комментарий
УМНАҺЫТ КЫЫС УМНАҺЫТ КЫЫС
Кэнчээри автовокзал аттыгар биир кыыһы, кырбыы сылдьалларын көмүскэһэн, быыһаан ылбыта. Дьиэтигэр аҕалбыта. Кыыс икки хараҕа иһэлийэн тахсыбыт. Таҥаһа-саба мөлтөх этэ. Уол итиннэрэн, аһатан баран атаарыан баҕарбыта, кыыс барар сирэ суох эбит, ону улаханнык туоһулаһа барбатаҕа. Эдьийин таҥаһын биэрбитин кыыс суунан-тараанан туох да кэтэмэҕэйдээһинэ суох кэтэн кэбиспитэ. Сарсыныгар уол үлэлии бараары гынарын эппитэ, кыыс ханна да барар санаата суоҕа.
— Уруйдаана мин үлэлии барыам, эн манна олорон эрэр буоллаҕыҥ дии.
— Хаалыам, дьиэҕин эҥин хомуйуом, — кыыс сүүлэ испит халтаһатынан симириҥнээн чобуотук хоруйдаабыта. Кэнчээри эдьийин дьиэтигэр олорор. Эдьийэ үлэтинэн командировкаҕа барбыта. Уол үлэлии сылдьан, санаата барыта дьиэтигэр. Билбэт кыыһын дьиэтигэр аҕалбытыттан кэмсинэр, үүрэн кэбиһиэҕин санаата буолбат. Аны ускул-тэскил сылдьар дьону аҕалан, дьиэтин халаан кэбиһиэхтэрэ диэн дьаарханар. Саатар, эрийэн билсиэҕин төлөпүөнэ суох. Үлэтин ситэ үлэлээбэккэ дьоммун тоһуйуохтаахпын диэн куоһурданан эрдэ көҥүллэтэн тиийдэ. Дьэ хайдах эрэ көстүү буолар диэн тиийэн аанын арыйбыта, минньигэс ас сыта саба биэрдэ. Киирбитэ умнаһыт кыыс дьиэни хомуйбут, аһылык буһарбыт. Быһа охсуллубут уоһа мичээрдиригэр ханньайан көстөр. Сарсыныгар кыыска чэпчэки сыанаҕа “деревяшка” төлөпүөн атыыласта. Симка ылан кэтэртэ. Умнаһыт кыыс үөрэн мичээрдиир. Аҕыйах хонугунан киһи билбэт кыыһа буолан тупсубут. Быһа охсуллан толлойбут уоһа, испит, көҕөрбүт халтаһалара ааһан, сурунаалтан түспүт кыыс курдук буолбут. Кэнчээри умнаһыт кыыһы үүрэр санаата сүттэ. Кырбаммыт кыыс сэбэрэтэ чөлүгэр түһэн, маннык эрэ кырасыабай буолуо дии санаабатаҕа. Күн аайы үлэтиттэн ыксаан үөрэн аҕай кэлэр. Күн ахсын тоҕо, туохтан сылтаан умнаһыт буолбутун ыйытыан баҕарар да, кэрэ куо үөрэ-көтө көрсөн уураан чомурҕаттаҕына ууллан, туох эрэ мөкү ыйытык курдук буолан умнуллан иһэр. Эдьиийэ кэлэр кэмэ буолла. Кэнчээри тугу дьаһаныан билбэт. Бу үлүгэр кэрэ бэйэлээҕи таһырдьа анньыан санаата буолбат. Уонна, бэйи, таптаата дуу, хайдах дуу… Тапталлара диэн ама маннык буолуо дуо… Арахсыан туох эрэ курдаттыы бу кыыска тардар. Кинини көрдө даҕаны туох баар кэтэх санаата уостан хаалар. Абылыыр имэҥнээх күүскэ киирэн симэлийэ сүтэр. Кыыс абылаҥын биллибэт дьуоҕатыгар хам ылларан иһэр курдук. Биир курдук, “кини умнаһыт туох төрүттээҕэ биллибэт уулусса киһитэ, дьонуҥ туох диэхтэрэй, иирдиҥ дуу, итирдиҥ дуу?” диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Иккис курдук, “суох, мин кинини таптыыбын. Уруйдаананы эдьиийим үүрдэҕинэ, мин кинилиин барсыам! Ханна барабыт. Эмиэ умнаһыт буолабын дуо?» диэн санаалаах уол. Ол санаатын таайбыттыы, умнаһыт кыыс суугунаан кэлэн, кулгааҕар итиинэн тыынан илгийэр, түбэһиэх уураамахтыыр .Ол аайы уол туймааран өй-мэй барар курдук. Кыыс маннык имэҥнээх буоларын саҥа билбит буолан эбитэ дуу, Кэнчээри улам ылларан истэ. Кэнчээри бэйэтэ син кыахтаах ыал оҕото. Дьоно тыа сиригэр олороллор. Сүөһү, сылгы ииттинэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, кыаҕыран эрэллэр. Кэнчээри сайын өттүгэр дьонугар баран оттоһор. Үөрэҕин бүтэрээт да армияҕа барбыта, сулууспалаан кэлээт даҕаны, куоракка киирэн үлэ көрдөһөн булбута. Эдьийигэр олорбута аҕыйах ый буолла. Күтүөтэ “иһэр» буолан үүрүллүбүтэ. Эдьийэ суоҕар арыгыһыт дьону мунньар эбит. Арахсыбыттарын да иһин син биир кэлэ турар үһү. Кэнчээри кэлиэҕиттэн, толлон кэлбэт буолан сылдьар. Уол аны билигин бэйэтэ уулуссаттан кыыс булан киллэрэн олорор. Дьэ хайдах буолан иһээхтиир. Ээх, олох, олох. Киһини эҥин араастаан булкуйар эбит. Ойох ылар санаата суох сылдьан, үөйбэтэх-ахтыбатах түгэнигэр түбэстэ. Өбүгэлэрбит сөпкө эппиттэр: “Таптаа да тайахтаахха, сөбүлээ да сүгэһэрдээххэ!”. Кэнчээри таптаата да умнаһыты булла. Хантан төрүттээҕэ, хантан кэлбитэ, туохтан сылтаан уулуссаҕа тэбиллибитэ да биллибэт. Кэнчээри бүгүн, кыыстан ыйытарга сорунна. Онтон хайдах туох дьылҕаланаллара көстөн иһиэ этэ. Кэнчээри киэһэ дьиэтигэр кэлэн умнаһыт кыыстан хайдах дьылҕаламмытын, туохтан сылтаан уулуссаҕа баар буолбутун ыйытта. Уруйдаана үөһэ тыынан олорбохтуу түстэ. Үөрэн чэмэлийбит дьүһүнэ уларыйан, ыар дьылҕалаах киһи сиэринэн сүөм түстэ.
— Туох кистэлэй, мин киһи-киһи, оҕо-оҕо курдук дьон сиэринэн олорбутум. Оскуоланы туйгуннук бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ киирбитим. Ситэ бүтэрбэккэ, омук киһитигэр кэргэн тахсыбытым. Ийэм эрдэ күн сириттэн барбыта. Аҕабыныын иккиэйэх олорбуппут. Аҕам иһэр-аһыыр этэ. Омук киһитигэр эргэ тахсыбыппын истэн баран улаханнык кыыһырбыта. Итирэн баран төлөпүөнүнэн субуоннаан өлөртүөх буолан сааммыта. Кини хаайыылаах буолан тырыттаҕас майгылаах этэ, кыраттан да тымтан турара. Ол иһин куттанан дойдубар да барбат буолбутум. Эрим миигин дойдутугар илдьэ барбыта. Онно саҕаламмыта, олохпор ыарахан түгэннэр. Киһим тиийээт да миэхэ сыһыана уларыйбыта. Онно эмиэ ойохтоох эбит. Тиийэн баран саҥа билбитим. Атаҕастамматах күнүм диэн суоҕа. Арыгыһыт аҕабын кытта олорбутум ордук курдук буолбута. Дойдубар ас-таҥас кырыымчыгын иһин, көҥүл тыынар буоллаҕым. Ама да мөкүтүн иһин аҕабын ахтар этим. Дьүөгэлэрбин кытта истиҥник кэпсэтэрбин суохтаабытым. Төлөпүөммүн былдьаан ылбыттара. Бэйэбин былыргы хамначчыт курдук санаммытым. Ыксааммын Саха сириттэн дэлэгээссийэ тиийбитигэр күрээн, көрдөһөн-ааттаһан туран кэлсибитим. Ити курдук олоруохтааҕар дойдубар умналаан да туран олорбутум ордук курдук буолбута. Ыттааҕар абааһы көрүллэр диэн баар эбит киһиэхэ. Көй салгынынан тыынан, көҥүл сылдьыбытым ордук. Дойдубар аҕабар барыахпын харчым суоҕа. Ити уулуссаҕа ый курдук сырыттым. Бэйэм курдук дьылҕалаахтары уруурҕуу көрөр буолбутум… – диэн умнаһыт кыыс ытаан санна дьигиҥнии олордо. Кэнчээри истибитин итэҕэйбэккэ, туох да диэн билбэккэ умса тутунна. Саҥата суох таҥнан үлэтигэр барда. Санаатыттан кыыс арахпат. «Омукка эргэ тахса сылдьыбыт эбит» — диэн санаа кулгааҕын тэһитэ кэйэр курдук.
Тоҕо да ыйыппытай? Билбэккэ сылдьыбыта ордук буолуо этэ. “Билбитиҥ ордук эбээт. Киһи эрэ алҕаһыыр, кыыһы албыннаатахтара дии, кини тугун буруйай» — диэн ким эрэ уоскутарга дылы. Кэнчээри ыар-нүһэр санааҕа баттатан сырытта. Ити кэпсээбитин кэннэ бэлэм сылтах кыыһы төттөрү уулуссаҕа таһааран баран эдьийэ кэлэригэр барытын умнан, кыһалҕата суох олорор санаа киирэрин туох эрэ үтэйэр. Кыыс арылхай күөх харахтара, аһыннарбыттыы көстөн кэлэ турар. Туох эрэ биллибэт абылыыр күүс кэтэх санааны үтэйэр. Уол төлөпүөнүгэр смс кэлбит тыаһа иһилиннэ. Арайбыта Уруйдаана суруйбут: “Мин олохпор аҕыйах кэмҥэ истиҥник көстөн ааспыккар уонна бары үтүөҕэр махтанабын. Эн үчүгэй уолгун, мин эйиэхэ холоонум суох. Аналгын булуоҕуҥ, дьоллоох буол. Быраһаай» — диэн суруйбут. Кэнчээри кыыска төлөпүөннүү сатаата да, бэлиэр хаппат сиргэ сылдьар. Үлэтин кэннэ дьиэтигэр тиийдэ. Аһаабыта буолаат, аралдьыйаары киинэ эҥин көрө сатаата. Уол санаатыттан кыыс арахпат. Дьиэ иһэ дьэки-курус. Баҕар, сибээскэ тахсыа диэн күүтэ сатаата. Кэнчээри таҥнан уулуссаҕа таҕыста. Оптуобуһунан айаннаан иһэн түннүгүнэн харахтара кыыһы көрдүүргэ дылылар. Ускул-тэскил сылдьар дьон баар сирдэрин кэрийдэ, оптуобус вокзалынан сырытта. Дьэ, киһи аҕыйах кэм иһигэр уларыйар да буолар эбит. Кини бу бомжтар диэн ааттанар дьону эрэ кэрийиэм, кэпсэтиэм диэн өйүгэр да суоҕа. Кыыһын булбакка, дьиэтигэр төнүннэ. Сарсыныгар үлэтигэр олордоҕуна «абонент на связи” диэн смс кэллэ. Уол үөрэн ойон турбутун билбэккэ да хаалла. Көрүдүөргэ тахсан кыыска эрийдэ. Төлөпүөнү ханнык эрэ эр киһи ылла.
— Алло, дорооболоруҥ. Уруйдаана баар дуо?
— Суох! — диэн баран арааран кэбистэ. Уол сүөм түһэн үлэлиир хоһугар төттөрү киирдэ.
— Кэнчээри тоҕо настырыанньаҥ суоҕуй? Ыарыйдыҥ дуо? — сэкирэтээр кыыс ыйытар.
— Ээ суох. Көннөрү бэйэм… — уол аат эрэ харата хоруйдуур. Уруйдаана Кэнчээригэ смс суруйан баран эмиэ атах балай барбыта. Омук эригэр холоотоххо, Кэнчээри майгыта чыҥха атын — аһыныгас, амарах дууһалаах. Бэйэтин сахатын омуга ыыра ордук эбит. Махмуд бастакытыгар эрэ ымманыйбыт эбит. Ол иһин дьүөгэлэрэ этэ сатаабыттарын истибэтэҕэ. Омук дойдутугар барсан, ыал буолан чэчирии сайдыаҕынааҕар төттөрү күрээн кэлбитигэр махтал. Абалааҕа диэн баар, эрэ буолуохсут дойдутугар тиийэн билбэт киһитин курдук сыһыаннаспыта. Саха сиригэр “прописка” ылан соругун толорон, көйгө, үлэһит кыыһы аҕалбытын эрэ курдук буолбута. Кыыс итини саныан да дьиксинэр, куһаҕан түүлү түһээбит курдук саныы сатыыр. Ол дойдутааҕар манна, умнаһыттары кытта куодарыспыта ыыра ордук. Хата, кимнээҕэр кинини аһыналлар, биир өлүүгэ сылдьар курдуктар. Арай, үнүр истэрэ топпут уулусса эдэр күлүгээттэрэ саба түспүттэрэ, кырбаабыттара. Онуоха Кэнчээри кэлэн көмүскэспитэ. Уруйдаана Кэнчээриттэн арахсыан баҕарбатаҕын да иһин уолга боҕуу буолумаары тахсан барбыта. Ама да умнаһыт буолбутун иһин, суобас дуомнааҕын сүтэрэ илик. Туох баарынан кэпсээн биэрбитин кэннэ, билигин кинини чугаһаппата биллэр. Кыыс, баҕар, дойдутугар барарыгар биир эмит массыыналаах киһи баара буолуо диэн оптуобус вокзалын диэки кэллэ. Өр олордо да, биир даҕаны кини дойдутун диэки барар киһи суох. Аҕатыгар эрийэ сатаата, тиийбэтэ. Аҕата эмиэ хайдах дьылҕаланан олороохтуура биллибэт. Кыыс ыскамыайкаҕа олордоҕуна биир амырыын дьүөгэтэ кэлэн үөрэн тииһэ орсойдо.
— Хайа хатыай, эргэ таҕыстыҥ дуо? Сирэйиҥ-хараҕыҥ көммүт, нэһиилэ биллим дии, — аллараттан үөһэ көрөн таһаарда.
— Аҕыйах кэмҥэ билэр киһибэр олордум — диэтэ Уруйдаана. Амырыын дьахтар сонуна диэн — тугу булан үссэммиттэрэ. Умайбыт дьиэттэн эмсэҕэлээбит дьону таһааран, дьиэни хомуйсубуттарыгар кыратык “дук” гыммыттарын улахан сонун курдук кэпсиир. Уруйдаана төлөпүөнүн көрөөт, ону батарыахха диэн үүйэ-хаайа тутта. Уруйдаана сөбүлэһэригэр эрэ тиийдэ. Үс күн дьүөгэтин кытта подъезтарынан хоно сырыттылар. Кэнчээри умнаһыт кыыһы умна сатыыр да, өйүттэн сүппэт. Аһыннарыахтыы унаарыччы көрбүт, арылхай харахтар көстөн кэлэ тураллар. Аҕыйах кэм иһигэр абылаабыт. Үнүр кыыс бэйэтин олоҕун туһунан кэпсээбитин кэннэ тутатына кэпсэтиэх баара. Өһөспүт курдук туран саҥата суох үлэтигэр баран хаалбыта. Дьиэтэ-уота суох кыыс син биир ханна да барыа суоҕа дии санаабыта буолуо. Кэнчээри бүгүн эдьийигэр кэлбитигэр эдьийэ мөҕө тоһуйда.
— Суох кэмммэр манна кимнээҕи мунньан олордуҥ?! — уол мух-мах барбытыгар эбии умайыктанна.
— Эдьиэй, мин биир кыыһы кытта билсибитим … — Эҥин араас иһээччи дьахталлары муспутуҥ дуо? Бүгүн кэлэ сырыттылар дии. Туох эрэ докумуоннарын умнубута буолан.
— Кэлэ сырытта дуо? Уруйдаана дуо? — Кэнчээри сүтүгүн булбуттуу үрүт-үөһэ ыйытта. Онуоха эдьийэ эбии тэбиэһирдэ.
— Арыгыһыт, уулусса дьахталларын кытта сылдьаҕын дуо?! Дойдугар бар! Манна куоракка сүгүн сылдьыа суоххун! — Эдьиэй, “таптаа да тайахтаахха, сөбүлээ да сүгэһэрдээххэ” диэн баар дии диэн Кэнчээри хайдах умнаһыт кыыһы таптаабытын долгуйан туран барытын эдьийигэр кэпсээтэ, харахтара ууланна, таҥаһын хомунан барардыы тэриннэ. Эдьийэ арыый уоскуйан, түҥнэри хайыһан олоро түһэн баран:
— Суох, кини эйиэхэ тэҥэ суох… Туох төрүттээҕэ биллибэт. Дьонуҥ да сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Үөрэххэ киириэххин наада. Кыыс хаһан баҕар көстүөҕэ.
— Үтүө сүбэҕэр махтал эдьиэй, — диэт, Кэнчээри кэлэйбиттии туттан тахсан барда. Уол аны уулуссаҕа бэйэтэ туран хаалла. Хайа диэки барыан саараан туран баран оптуобуска олорсон, баҕар, Уруйдаананы көрсүөм диэн төттөрү-таары хатааһылаата. Кэнчээри эдьийэ 5-с кылааска үөрэнэр кыыһа Лена хоско ытыы олорорун көрдө.
— Хайа, тоойуом, тоҕо ытаатыҥ?
— Ийээ, эн наһаа кытаанах майгылаах эбиккин — кыысчаан хараҕын уутун, харытын сиэҕинэн соттор.
— Туох диэн эттэххиний?
— Дьону аһыммат эбиккин уонна убаайы үүрдүҥ!
— Улахан дьон кэпсэтиитин истибэт буол!
— Кини эйиэхэ өйдөтөн, кэпсии сатаата дии — кыыс ойон туран таһырдьа таҕыста. Убайын көрдөөн уулуссаҕа сүүрэккэлээтэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ убайа онно турар.
— Хайа, Леночка, ханна бардыҥ?
— Кэнчээри балтын көрөн утары кэллэ.
— Убаай, эйигин көрдүү сылдьабын, дьиэбитигэр барыах ийэм тылын истимэ.
— Оо дьэ, барахсаммын даа, биир аһынар киһилээх эбиппин — уол балтын кууһан турда.
— Чэ, дьиэлээ тоойум, аны ийэҥ сүтэрэн эйигин көрдүү барыа.
— Оттон эн ханна бараҕын?
— Мин булан сылдьыам — Кэнчээри балтын ааттаан, дьиэтин чугаһыгар диэри илдьэн биэрдэ. Нэдиэлэ курдук буолан баран Кэнчээри эдьийигэр ийэлэрэ төлөпүөннүүр.
— Хайдах олордугут? Кэнчээри үлэлии сылдьар дуо? Эрийэн тиийбэппин дии.
— Билбэтим ханна сылдьарын, барбыта мантан.
— Ол аата хайдаҕый хотуой, ханна барар? Хайдах билбэккин, эйиэхэ олорор буолбатах дуо?!
— Суох. Олорбот манна!
— Киһилии кэпсээ эрэ хотуой, туох буоллугут?
— Суохпар дьону мунньан… — Арыгы испиттэр дуо?
— Испиттэрэ да буолуо. Биир ханнык эрэ арыгыһыт дьахтары булбут. Онто таҥаспын эҥин кэтэн барбыт.
— Ол туһуттан бырааккын уулуссаҕа астаҕыҥ дии?!
— Бардаҕа дии! — Саатар, ханна тиийбитин суохтуоххун- баардыаххын, билигин хантан булабыт?
— Айакка, сүгүн олордуҥ, уонна манна субуруҥнаһан бүтүҥ!
— Дьэ оччотугар кыбартыыраҥ кирэдьиитин бэйэҥ төлөө! — ийэтэ төлөпүөнүн арааран кэбистэ. Кэнчээри эдьийэ Роза тугу оҥорбутун дьэ өйдөөтө. Дьиэтин сорох бырыһыанын дьонугар төлөтө турбута. Төбөтүн харбанан умса туттан олордо. Кыһын тыаттан дьоно эт, балык, арыы, хортуоска ыыта тураллара. Буолуохтааҕын курдук санаан ыыппатахтарына өссө үөхсүтэлиирэ. Билигин, бадаҕа, букатыннаахтык тугу да ылбат буолла. “Баҕайы уола саатар ханна сүтэн хаалбыта эбитэ буолла» — Роза Кэнчээригэ эрийэ сатаата да тиийбэтэ. Уруйдаана урукку омук эрэ Махмуд бараннары иитэр эбит. Дойдутугар уонна Саха сиригэр икки өттүгэр сылдьар. Оҕуруот аһа үүннэрэр уонна барааннары иитэр. Ардыгар умнаһыттары аҕалан босхо кэриэтэ айахтарын туһугар үлэлэтэлиир. Уруйдаана дьүөгэтин кытта вокзалга сырыттаҕына биир омук дьахтара хортуоскаҕа үлэлэтэ диэн илдьэ барда. Тиийбиттэрэ Махмуд баар эбит. Уруйдаана кэлэйэн да төһөнү кэлэйээхтиэй. Айахтарын туһугар үлэлииллэригэр эрэ тиийдилэр. Саатар хамнас оҕото аахсан, аҕатыгар барыан саныыр. Кэнчээри гостиницаҕа түһэн олорор. Биир үтүө күн уулуссаҕа Уруйдаанатын көрө түстэ. Кыыһы хаһыытаан ыҥыран баран суолу туораары массыыналар ааһалларын күүтэр. Онтон сүүрэн тиийдэ. Үөрбүт аҕай. Дьоннор көрдөхтөрүнэ мааны таҥастаах уол умнаһыт дьахталларга сабы сүүрэн кэллэ. Көтөҕөн ылан эргиппэтэ эрэ. Дьон өйдөөбөтөхтүү кинилэр диэки эргийэ-эргийэ көрөллөр. Ким эрэ сүөргүлүүр, ким эрэ күлэр. Кэнчээри күндү сүтүгүн булбуттуу үөрдэ. Көмүс булбут киһи маннык үөрэрэ эбитэ дуу. Уруйдаана эмиэ үөрэн хараҕа ууланна. Кыбыһынна. Суох кини кыбыстар диэни умна быһыытыйбыта ыраатта. Кини Кэнчээри туһугар кыбыһынна, уолу манныкка киллэрбититтэн. Ол иһин киоска кэннин диэки барарга эттэ. Кэнчээри умнаһыт дьахтарга, ол эбэтэр Уруйдаана амырыын дьүөгэтигэр биир тыһыынчалаах харчыны туттарда. Уонна сиэтиһэн бара турдулар. Кыыска таҥас-сап атыылаһан баран гостиницаҕа бардылар. Махмуд атаһа Рахманы кытта массыынанан ааһан истэхтэринэ Рахман этэр: “Махмуд, сымотри какайа красавица аа!” — онуоха Махмуд көрбүтүн итэҕэйбэтэ. Туормастаан хачыгыратан, түннүккэ төбөтүнэн баран түһэ сыста. Кини албыннаан ойох оҥостон илдьэ бара сылдьыбыт кыыһа, кэнники “бомж» буолан киниэхэ бараан көрөөччүнэн эмиэ үлэлии сылдьан сүтэн хаалбыт Уруйдаана эбит. Мааныта сүрдээх, хаһааҥытааҕар да тупсан кырасаабысса бэрдэ буолбут. — Эй, ты чо Махмуд, бабу никогда не видел да?! – диэн Рахман түннүгүнэн тахсыахтыы көрүтэлиир атаһын түөскэ анньар, бэлэһинэн эҕэлээхтик күлэр.
— Эта майа бывшайа жина же!
— Эй Махмуд, сколька тибе бывших жен аа! Ха-хаа! — Не смей Рахман! Давай преследуем этих — диэн Кэнчээрилээх Уруйдаананы кэннилэриттэн батыстылар. Уоллаах кыыс маҕаһыыҥҥа киирбиттэригэр Махмуд массыынатын тохтотто. Рахманы кытта кэпсэтэ түһэн баран түстэ, Уруйдааналаах Кэнчээри маҕаһыынтан таҕыстылар.
— Эй ты кто такой?! Эта же майа жина! — Махмуд Кэнчээрини илиититтэн тарта. Уруйдаана бу сырыыга тулуйбата. Туох баар хас да сыллааҕы абата-сатата көймөстөн, сымыһаҕын быһа ытырда. Бу киһиттэн сылтаан уулусса киһитэ буолбута. Кыыс маҕыйа түһээт Махмуду сирэйгэ сырбатта уонна Кэнчээрини илиититтэн сиэтэн бара турдулар. Махмуд өмүттэн туран хаалла. Эккирэтиэҕин дьонтон толлубута дуу, аахсыан баҕарбатаҕа дуу. Ыга кыыһыран массыынатыгар киирбитэ. Рахман көрөн олорбут буолан күлэн ыгыстар. Испирдиэнэптэр сүппүт уоллара Кэнчээри биир үтүө күн кырасаабыссаны сиэппитинэн дьиэлэригэр киирэн соһуталаата. Үөрүөхтэрин дуу, хомойуохтарын дуу билбэккэ олордулар. Ыйыттахтарына уоллара сүгүн-саҕын хоруйдаабат. Үлэтиттэн уоппуска ылбыт. Хантан күөрэйбитэ биллибэт кырасаабыссалара күнү-күннээн үчүгэмсийэн кырааскалана олоруо, төлөпүөнтэн арахсыа суоҕа дии санаабыттара, хата, оттоһон, ынах ыаһан сүрдээх эбит. Уруйдаана күлэр-үөрэр дуоһуйа тыынар диэни билбэтэҕэ ырааппыт эбит. Айылҕаҕа сынньана таарыйа сир астыы бардылар. Ааспыт олоҕун саныан куттанар. Туохтан эрэ куттаммыт, сэрэммит курдук былаатынан сирэйин тууна бааммытын санаатаҕына тыына хаайтарар курдук. Онно холоотоххо сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынара үчүгэйиэн. Тулата чыычаах ырыата. Күһүн буолан от-мас саһаран күөх, араҕас уонна кыһыл өҥ буккуһан эбии тупсан көстөр. Ким да эйигин дибдийбэт, ыкпат түүрбэт. “Бүгүн хантан булан үссэнэбин, ханна баран хонобун?” — диэн үүйэ-хаайа тутар санааттан босхоломмута үчүгэйин эриэхсит. Кэнчээрилиин Уруйдаана ханна баҕар барсыах курдук. «Кыыс омук анала” диэн этиини сыыһа өйдөөн былаҕыйга былдьана сыспыта баара. Бэйэтин омугун анала буоллаҕа. Бэйэм киэнэ бэйэбэр, саха сахатыгар, Уруйдаана ис-иһиттэн үөрэн кэллэ.
— Кэнчээрии, кэлиий манна, хаартыскаҕа түһүөх. Үс хатыҥ тэҥҥэ үүммүттэр дии, — диэн ыҥырда. Кэнчээри отон хомуйа сылдьан чугаһаата. Ыга сыстыһан илиилэринэн уунан селфилээн хаартыскаҕа түстүлэр. Кэнчээри өссө биир дьикти маһы булла. Икки мас холбуу эриллэн, ыга куустуһан үүммүттэр.
— Наһаа дьикти дии. Хаһан да арахсыбаттыы ыга куустуспуттар — диэн кыыс сөҕөн саҥа аллайда, — биһиги эмиэ хаһан да арахсыахпыт суоҕа диэбиттии уоллаах кыыс куустуһан, мас аттыгар хаартыскаҕа түстүлэр. Былыр-былыргыттан тыа сиригэр дэриэбинэ ахсын эгэлгэ сурах тарҕанара. “Этэрбэс араадьыйата” сырдаппыт аатырара. Билигин олох сайдан, куйаар ситимэ үөдүйэн, ким ханна, кимниин сылдьыбытын билэн олороллор. “Испирдиэнэптэр уоллара, ханнык эрэ кыыһы уулуссаттан булан аҕалбыт үһү» — диэн хоп-сип хорохоотторо «сип» гыннарбыттара бөһүөлэги толордо. Устунан Кэнчээри аҕатын кулгааҕар тиийдэ.
— Нохоо, ити кыыһы хантан булан аҕалбыккыный? — аҕата Кэнчээриттэн дьиэҕэ ийэтинээн эрэ баар кэмнэригэр ыйытта.
— Сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан — уол ыйытыгы сөбүлээбэккэ эҕэлээхтик хоруйдаата.
— Туох дьонноох кыыһый?
— Дьоно суох буолбуттар.
— Ханна барбыттарый? — Дьааттаах дьаабылаканы сиэн суох буоллахтара дии.
— Эн миигин кытта оонньуу-күлүү курдук кэпсэтимэ! — аҕата кыыһыран остуолу оҕуста. Манна сурах бөҕө дии!
— Туох сураҕа? — Уулуссаттан кыыһы булан аҕалбыт диэн!
— Туох даҕаны диэтиннэр, — диэт Кэнчээри тахсан барда. Уруйдааната таһырдьа күүтэн турбут эбит. Уол сирэйэ холлубутун көрөн, туох да бөрүкүтэ суох кэпсэтии буолбутун сэрэйдэ.
— Кэнчээрии, ити дьонуҥ, арааһа, миигин сөбүлээбэттэр быһыылаах дуу? Ханна эрэ барбыт киһи.
— Хаар түһээри турдаҕына ханна бараары гынаҕын? Сотору халлаан тымныйыа.
— Мин аҕабар бардахпытына? — Ол миигин үчүгэйдик көрсүө дуо? Аны эйигин аҕаҥ уулуссаттан киһи булан аҕаллыҥ дуо, диэҕэ. Уоллаах кыыс күлүстүлэр. Ол күлүүлэрэ симэлийэн, ханна баран хайдах дьылҕаланалларын санаан саҥата суох турдулар. Барардыы сананан дьиэҕэ киирэн хомуннулар. Эдьийин кыыһа Лена эмиэ баар эбит. Убайа аны мантан үүрүллэн эрэрин көрөн эмиэ ытаата.
— Ханна бардыгыт тоойуом? … аҕаҥ ити көннөрү ыйытта дии — ийэтэ уолун аһынан эттэ.
— Манна олорорбутун сөбүлээбэт быһыылаах.
— Оттон билигин ханна бараҕыт?
— Булан сылдьыахпыт, — диэн таҥнан таҕыстылар.
— Убаай, эһиги ханна бараҕытый?
— Лена убайын ааҕы батыһан тахсан ыйытта.
— Дьол көрдөһө тоойуом. Биһиги эмиэ дьон курдук дьиэлэнэн олоруохпут. Онно эн эмиэ кэлэ сылдьаар, сөп дуо, — уол балтын хараҕын уутун сотон баран сыллаан «чоп» гыннарда. Кыыс үөрэн сирэйэ сырдаата. Уруйдаана аны толкуйга түстэ. Аҕата хайдах олороро эбитэ буолла. Эмиэ арыгыһыт бөҕөнү мунньубута дуу. Дьэ кинилэри хайдах көрсөр? Уруйдаана дойдутугар тиийбиттэрэ аҕата, хата, чөл туруктаах олорор. Бэйэтиттэн арыый балыс дьахтары ойох ылан олорор эбит. Кыыһа саха уолугар эргэ тахсыбытын көрөн сөбүлээтэ. Эдэр ыаллар манна аҕыйах кэмҥэ олоро түһэн баран куоракка киирдилэр. Кэнчээри аҕата төлөпүөнүнэн эрийэн алы гынарыгар көрдөстө, уолугар харчы ыытта. Куоракка дьиэ куортамнаан олорон үлэлээтилэр. Уруйдаана билигин олоҕу атын хараҕынан көрөн, саҥаттан саҕалыыр курдук. Ситэ бүтэрбэтэх үөрэҕин бүтэрэн, ол идэтинэн үлэлии сылдьар. Киһи бэйэтэ үлэлээн хамнас аахсар диэн үчүгэйин билэн сылдьар. Дьиэлэрин куортамын иккиэн төлүүр буолан Кэнчээригэ арыый сынньалаҥ буолла. Бэйэлэрэ туспа дьиэ ылыахтарын баҕараллар. Кэнчээри быыс булан тыа сиригэр дьонугар баран кэлэр. Дьиэтигэр кэллэҕинэ ханнык эрэ атын дьон сыта баарга дылы буоларын сэрэйэ саныыр идэлэннэ. Ол иһин дьиэтин иһигэр кистэлэҥ камера холбоото. Дойдутугар икки нэдиэлэ курдук буолан кэлэн, кэргэнэ суоҕар холбоон көрдө. Арай, ааны звоноктаатылар, икки мөлтөх таҥастаах дьахтар, биир уол оҕо киирдилэр. Кинилэргэ Уруйдаана бакыакка аһылык уган илдьэн биэрдэ. Оннук иккитэ кэлэн ыллылар. Кэнчээри кэргэнин күнүүлүөх санаата сүттэ. Бэйэтэ итинник сылдьыбыт буолан дьону өйдөөн ас биэрэр эбит диэн түмүккэ кэллэ. Биир үтүө киэһэ Уруйдаана Кэнчээригэ этэр:
— Кэнчээри, көр эрэ бу испин, — уолга көрдөрөр.
— Тугуй топпуккун дуо?
— Таай, тугуй?
— Билбэтим.
— Чэ, чэпчэтиэм. Эн аатыҥ ис хоһооно.
— Кэнчээри… кэнэҕэски кэнчээри ыччат… ээ, тыый, кырдьык дуо?
— Кэнчээри кэргэнэ хат буолбутун дьэ биллэ, — Уруйдаана, Уруй-айхал буоллун. Оҕолоох буолуохпут, — Кэнчээри үөрүүтүттэн Уруйдаананы түбэһиэх уураата-сыллаата.
Хаартыска: Kali специально для www.kepsee.com Лицензия Attribution-NonCommercial-ShareAlike 2.0 Generic (CC BY-NC-SA 2.0)
Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан