Кэпсээ
Войти Регистрация

КУОРАТЧЫТ (АЛАМПА)

Главная / Кэпсээннэр / КУОРАТЧЫТ (АЛАМПА)

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
15.12.2022 04:26
763 0

Кэпсээн.

Кыһыҥҥы хараҥа киэһэ,муус маҥан хаар сабыылаах саха балаҕана туох эрэ курдук харааран,барыйан турара. Ол балаҕан үөлэһин иһиттэн,чочум буола - буола, хатат уотун курдук кыһыл кыым үөрбүт - көппүт курдук өрө көтөн тахса - тахса,умуллан - уостан хаалар. Ол оннугар үөлэс иһиттэн эмиэ,биһиги хаһан да умуллуохпут суоҕа диэбит курдук,өрө үөмэлэһэ күндээрэн көтөн бараннар,нам түһэн бараллара. Чуолҕан үүтүн курдук балаҕан муус түннүктэрэ мааска хараҕын уотун курдук,хабыс - хараҥа ортотугар кылаһан көстөллөрө. Бобо тоҥмут,ырыган көлөлөөх,ыраахтан иһэр айан киһитэ көрдөҕүнэ,кыым кытыастара,уот кылахачыйара үчүгэйэ,сэргэҕэ бэрт,мэктиэтигэр ыраахтан сылааһа биллэргэ дылы буоллаҕа үһү. Балаҕан таһыгар чугаһаан кэлэн көрдөххө,кубус - кураанах,им - ньим,арай үөлэстэн тахсар кыым сырдыгынан кыһайан көрдөххө,моойторуктаах хара ыт бөх үрдүгэр титирээн ибигирии - ибигирии,чоҥкуччу кырыаран олорорунан ыал олорорун быһыыта биллэр этэ. Ол били Кэлтэгэй Ылдьаа уола Уһун Ыстапаан хотон аҥаар муннугар оһох туттан кыстаан олорор балаҕана этэ. Дьиэ иһигэр буор сыбахтаах титирик оһоххо икки - үс хардаҕас мас,хоруоран хаалан баран,имик - самык балаҕан иһин сырдатарынан кыһайан көрдөххө,хаҥас оһох чанчыгар Ыстапаан ойоҕо Даайа,эдэр соҕус дьахтар бүк түһэн олорон,уот сырдыгар эрин этэрбэһин абырахтыы олороро. Балаҕан иһэ им - ньим,имик - симик. Дьиэлээхтэр үлэлэригэр олус ыксаан олорор буолан кэпсэппэттэр дуу,эбэтэр тугу эмэни саныы,толкуйдуу олороллоро эбитэ дуу - хайата да биллибэт. Арай өр буола - буола дабархайдаах хардаҕас "тас" гынар уонна кэтэҕириин өһүө баһыгар кулахы ойууна,чаһыы тыаһын курдук,тохтообокко иһиллэр,хотон диэки биллибэт балай хараҥа иһигэр,ынах "пус" гына - гына кэбинэн кирдиргэтэрэ иһиллэр. Дьиэ иһин эргиччи көрдөххө,туох да сэргэх сэп -сэбиргэл көстүбэт,куру - кэри курдук,арай биллэрик муннуга чэҥирэн кырыарбыта,имик - самык оһох уота умайдаҕына,маҥхайан,ньалҕаарыйа килбэдийэн көстөр. Оок - сиэ,кырдьык даҕаны,барыта наар буолан,тугун түүппэҕэй,куһаҕанай,оҕолоор! Ыстапаан иһигэр арааһы саныы,толкуйдуу олордо. Ол санаатаҕына,быйылгы кыһыҥҥа ынаҕыттан туттубакка хайдах да сыл тахсыа суох: иһэр чаайа,тардар табаҕа,сиир бурдуга,өссө ол үрдүгэр тардыытын харчыта,ити таһынан иэс төлөбүрэ. Ити кыһалҕаларын барыларын тугунан булан толорунуон саныы санаата даа,кыайан тобулбата. Сытаан бараары бүгүн оҕонньордооххо бара сырыппытыгар,тугу да биэрбэтэ, "хата ыларын күүтүөх буолаахтаата" диэн уоһун иһигэр ботугураата,атын дьонтон кыралаан ылбыт иэһэ эмиэ элбэх,ону барытын быһа сүүрдэн ааҕан көрдөҕүнэ,арааһа отучча сүүс буолсу." Мин оҕонньордооххо бара сылдьыбыппын иһиттэхтэринэ,бытархай иэстээхтэрим бары кэлэн көрдүөхтэрэ буоллаҕа,тугу да биэрбэтэ диэхпин итэҕэйиэхтэрэ суоҕа". Онон эмискэ хотонун иһигэр баар ынахтарыгар санаата эргиллэ түстэ да,хайа да ынаҕы туттуон булбата,барыларын сүрдээхтик аһынна. Кырдьык даҕаны,Ыстапаан буолан санаатахха харыстыар бэрт сөптөөх. Баара - суоҕа бөдөҥ сүөһүтэ биэс - түөрт эрэ этэ,онтукатыттан туттарын тарбаҕын быстарар кэриэтэ санаахтаамына.

Сарсыҥҥытыгар Ыстапааннаах ынах ыытарга кытарах бургунастарын хотоҥҥо баайан хоннордулар. Улахан уоллара уонуттан тахсыбыт киһи тоҕо ынахтарын баайан хаалларбыттарын чахчы сэрэйдэ,онон үөрэн,ол күнү быһа ырыа аргыстаах сүүрүүннэн сырытта. Киэһэ ыал утуйбутун кэннэ Ыстапаан: "Нохоо! Бар,баһырҕастаах бургунаһы хотонтон сиэтэн таһаар эрэ", - диэн баран,мас кыстыырга сытар сүгэтин ылан,уот иннигэр эргим - ургум тутан көрө олордо. Даайа,хаҥас диэки,ол - бу иһити иҥнэритэ тардыалаан баран,хас даа кураанах чабычаҕы эҥин аҕалан,холумтан таһыгар аҕалан уурталаата. Иккиэн,туох эрэ үөрүүлээх дуу,кутурҕаннаах дуу суолу оҥороору гыммыт курдук,им - ньим саҥата суох ону - маны бэлэмнэннилэр. Оннооҕор уол хотон иһиттэн ынаҕын сиэтэн таһааран иһэрин уот сырдыгар кыһайан көрдөххө,били мааҕын үөрбүтэ ханна да суох буолан,аргыый аҕай сир диэки көрөн баран,ынаҕын сиэтэн таһаарда. Ыстапаан икки харытын ньыппарынна: "Доҕоор,кэлэн ынаххын тутан кулу!.." Даайа саҥата суох кэлэн,ынаҕын аҥаар илиитинэн муннуттан тутан баран,көрүмүүм диэбит курдук,тиэрэ хайыһан баран,сирэйин мырдыччы туттан турдаҕына,Ыстапаан,тугу эрэ ботугуруу - ботугуруу кириэстэнэн баран,сүгэтин угуттан тутан,күөрэччи көтөҕөн,күүскэ сырбатан охторон түһэрдэ. Ыстапнна улахан уолга тымтыгын туттаран,ынаҕын сүлэн баран, "хата,бургунаһым күүстээх эбит,баһын кыһыҥҥы икки улахан таҥараҕа,буотарагын кыһын кучу - мача гыныахпыт" дии саныы - саныы эттээн ньиллиргэтэ сырытта. Даайа,ынаҕын иһин ыраастыы олорон "Дьэ,ынах идэһэ сиэбит сурахпытын иһиттэхтэринэ сарсын төһө эрэ дьахтар кэлэн,сыа сиэппэтэ дии - дии кыыһыраллар,хоргуталлар,кыһалҕаларыгар толук гынаары соҕотохторун өлөрдүлэр дииллэрэ суох. Арай,иһиттэн ордорон,бэрситэлиэх бэйэм буоллаҕа,ол кэриэтэ симиим аччыгый буоллун" дии саныы олордо. Улахан уол, тымтык тута сылдьан,эттэн кымаахтаһан ылаары гыммытын,атыыга барар аһы тыытыма диэн, бардьыгынаан ыытта. Улахан кыыстара,ийэтигэр ис ырытыһа сылдьан,харыҥ итирин биир чохоону толору муста,уол ону көрөн,кини эмиэ кымаахтаһан муспутунан барда. Кыра уоллара эристиин,ийэтин аттыгар олорон,туох түбэһэрин харбыы - харбыы айаҕар симэ олордо. Орто уоллара утуйан хаалан,бу астан матаахтаата. Соруйан анаан, сырдык буоллун диэн куруҥ маһы оттубуттара,уоттара үөрбүт - көппүт курдук лиҥкинэччи умайан,балаҕан иһэ бүтүннүүтэ күндэлэс сырдык буолла,урукку киэһэлэргэ күлүгүрэн турбут дьиэ муннуктара барылара оҥоруһан көһүннүлэр. Ол киэһэ бэйэтэ даҕаны балаҕан иһэ уруккуттан уларыйан,хайдах эрэ үчүгэй,ньир - ньар курдук буолбута,оннооҕор муннуктарынааҕы чанчыктара ирэн ньалҕарыспыттар. Ыстапаан этин таһырдьа таһа сылдьан "Хор,бургунаспыттан алта буут тахсыыһы,ээ ама наадабын толунар инибин" диэн үөрэ санаата. Бүтэрэн баран,харытынан көлөһүнүн сотто - сотто,туох даа кыһалҕата суох холку баҕайытык:

  • Доҕоор,хайа,эн төһөлөстүҥ,чэ,бургунаспыт буочутуттан үчүгэй аҕайдык буһар эрэ, - дии - дии үөттүрэҕинэн уотун анньа турда. Уота,үөрбүт курдук,уруккутунааҕар ордук күүскэ чачыгыраан умайда,дьиэ иһинээҕи дьон барыта үөрбүт - көппүт дьон быһыытынан, сирэйдэрэ - харахтара сүрдээҕин сэргэхсийдэ. Уоллаах кыыс,оһох чанчыгар тураннар,тымтык төбөтүгэр сыа саллан бараахтаатылар. Ынахтарын аһыммыт,аһыйбыт быһыы хайаларыгар да суоҕа...

"Аһыммытым иһин хайыамый,кыһалҕа эмиэ улахан,мин аһыммыт курдук буоллахпына,ойоҕум эйдээх ордук эр ылан ынаҕын өлөртөрүө суоҕа" диэн кытаанах санааны ылынна." Чэ,булгу хайата да буоллун,биир ынаҕы туттабын. Хата,хайаларын туттабыный? - дии санаабытыгар кини хараҕар ынахтара кэлэннэр бу оҥой - соҥой көрө турарга дылы гыннылар." Чэ,кэбис,хайдах гыныахпыный,кытарах бургунаспын туттууһубун,суол этэ тахсаа ини" дии санаан баран ол - бу диэки буруйдаах киһи курдук балаҕанын иһин көрүтэлээтэ. Өһүө быыһынааҕы кулахы кини санаатын таайбыт курдук,ордук күүскэ "тик - тик" тыаһаата. Оһох иһигэр биир хардаҕас умайан күөдьүйэн баран,холумтаны туора түспүтүнэн балаҕан иһэ арыычча сырдаан,биллэрик муннугунааҕы чэҥ көмүс өҥүн курдук килбэчийэ көһүннэ.

  • Доҕоор! - диэн эмискэ ыҥырбыта им - ньим ортотугар хайдах эрэ дорҕооннонон,улахан баҕайытык иһилиннэ. Даайа бүк түһэн олорон,хотос гына түстэ.
  • Доҕоор!..Арай,быйыл кытарах бургунаспытын туттууһукпут,этин куоракка киллэрэр атыылаан,чэй,табах ылыахпыт,ордугун харчыннан таһааран, тардыыбытын төлүөхпүт,буотараҕын кытта баһын сиэниллиэ, - диэн баран,кыбыстыбыт дуу,куттаммыт дуу курдук ойоҕун диэки өтөр - өтөр көрбөхтүү олордо. Даайа, ойоҕоско астарбыт киһи курдук,соһуйан ах баран олорбохтоото. Ол эрээри эрин кыһалҕатын,наадатын билэр буолан." Ок - сиэ кылгас,кыараҕас диэн сүрүн ньии,суоч - соҕотох баар суохпутун бысталыахпыт буоллаҕа" диэн иһигэр санаан баран,аргыый аҕай саҥата суох туран,ороҥҥо утуйа сытар оҕолорун иннигэр баран сытта... Ыстапаан борук - сорук ортотугар умуллан эрэр уоттаах оһоҕун чанчыгар олорбохтоон баран,сытта да,уута букатын кэлбэтэ. Туой ол - бу санаалар киирэн,ону - маны саныы сытта. Хайдах иэстээхтэрэ кэлэннэр иэстэрин иэстии - иэстии кыыһыраллара,ордук Кулан Уйбаантан куттана санаата." Ок - сиэ,хайтах эрэ күтүр өстөөх кэлэн кыыһыран өтүөстэнэр буолла?!" - хотон иһигэр ынах ыҥыранна." Бургунаһым эристиин ыҥырана сытаахтыыр ээ,иччим миигин өлөрөөрү гынар диэн билээхтээбэтэ буолуо ээ? Ол эрээри,айыы сүөһүтэ,баҕар,сүрэҕэ - быара таайара буолуо" дии саныырын кытта,уута ордук көттө. Өһүө быыһынааҕы кулахы ордук күүстээхтик тыһырҕаата." Урут ити курдук улаханнык тыһырҕыырын болҕойон истибэт буоларым ээ" диэн кыһыйа санаата. Урукку киэһэлэргэ аһылыктарын уу - хаар да буоллар аһааталлар эрэ,муҥа - таҥа суох буолан,кэпсэтэн - ипсэтэн утуйар буолаллара. Оттон бу киэһэ? Кыһалҕа ыга баттаан,санаа түмүллүүтэ буоллаҕа...Ити кулахы ойууна диэни сорох киһи билбэтэ да буолуо? Элбэх кулахылар дьиэҕэ мас быыһыгар мэлдьи чаһыы тыаһын курдук тыһыргыы турар баар буолар,ону саха "кулахы ойууна" диэн ааттыыр.

Биир сарсыарда Ыстапаан хараҥаҕа туран ынаҕын этин сыарҕаҕа тиэйдэ. Даайа хайыы - үйэ туран,ынаҕын иһиттэн буһара охсон аҕалан биэрбититтэн Ыстапаан оҕолоругар бэрсэ - бэрсэ сиэн баран,ыраах айанныыр киһи быһыытынан саҥата суох таҥна турдаҕына,дьиэ иһинээҕи кэргэттэрэ барылара ким туохха баҕарарын үлэстилэр. Ырбаахы таҥаһа,былаат,улахан уол саппыйаан кур,ол да кэннэ арааһы эттилэр...

  • Чэ,доҕоор,үчүгэйдик киһилии сырыт,оонньоомо - күлүмэ,хас хонугунан сылдьаахтыыр буоллуҥ, - диэтэ ойоҕо Даайа сып - сымнаҕас,эйэҕэс баҕайытык.
  • Кунаным үчүгэйдик сырыттаҕына,икки нэдиэлэннэн эргийээ инибин,чэ,хата,эһиги этэҥҥэ олоруҥ, - диэн бырастыылаһаталаан баран,тахсан,оҕуһун көлүнэн,борук - сорук хараҥаҕа суол устун киирэн кыыкырдата турда. Оҕолор тахсаннар,аҕаларын сыарҕатын тыаһа иһиллибэт буолуор диэри туран баран киирдилэр.

Ыстапаан түүннэри - күннэри кунанын сиэтэн,ойоҕолоон айаннаан,кыыкырдатан истэ. Ыстапаан бэйэтэ бэрт көнө,сымнаҕас,туох да эгили - бугулу санаата суох киһи. Үлэһитэ,сүрэҕэ даҕаны бэрт,быһатын эттэххэ,сухаһыт оҕус курдук киһи,ол гынан баран,биир кытта төрөөбүт кыдьыктаах буолан,бу курдук кылгас соннонон,сааһын тухары дьадаҥытык,кыһалҕалаахтык олорбут эрэйдээх. Кырдьыга, хаартыһыт үгэстээх. Оҕо эрдэҕиттэн хаарты оонньуур да,икки илиилээхтэн тугу да утары ууннаран ылбыта диэн суоҕа,хата туох чорбоҕун барытын сүүйтэрэн иһэрэ. Сорох ардыгар бэйэтэ да "Сүүйтэрбэтим буоллар,ама,бу курдук кыһалҕалаах,дьадаҥы буолар этиэм,хаарты дьаата баҕайы иҥэн хаалан,маннык олоххо олордоҕум" диэн курутуйа саныыра да,туохтаах эмэлээх буоллар эрэ,хаарты оонньообутун бэйэтэ билбэккэ хаалара. Кини хаартылыырын ойоҕо бэркэ буойан,ытыы - ытыы көрдөһө сатыыра да,эрэ иннинэн истибэт этэ. Хаартыттан сылтаан,бэрт элбэхтик этиһэр,охсуһар буолаллара,ол гынан баран,дьахтар эриттэн соччо алыс хоргуппат,хата "хайдах гыныамый,оҥоруум,ыйааҕым буоллаҕа" диэх курдук саныыра. Сол сүүйтэрбит күнүгэр кыыһыран,ытаан - соҥоон баран,аастар эрэ, "Доҕоор,Ыстапаан" диэбитинэн бараахтыыр үгэстээх,онон даҕаны син аныаха диэри ыал аатын былдьаан,буруо таһааран олорбуттара. Даайа ыраас,үчүгэй төрүттээх кыыс тулаайах буолан,кэлэ - бара сатаан,олохпун эрэ булуум диэн Ыстапааҥҥа тахсыбыта. Онон,атыттар курдук соччо таптаабатар да,кэргэннэһэн,син санаатын холбоон сылдьыбыта. Бэйэлэрэ даҕаны атын дьон курдук эр - ойох быһыытынан атах тэпсэн олорон санаа -санааларын билсиэх курдук кэпсэппиттэрэ да диэн суоҕа. Эрэ,күнүһүн үлэтин үлэлээн баран,иллэҥэр ыалга баран хаалар,дьахтар буоллаҕына дьиэтин күннээҕи үлэтэ күнүгэр бүппэккэ,сорох ардыгар түүннэри ииһин иистэнэрэ - үлэлиирэ,онон биир да күөс бастыҥа бокуойа суох курдук сылдьар,дьылы - күнү аһараллара уонна бэйэлэрэ даҕаны эр - ойох маннык буолуох тустаах диэн быһааран билбэт этилэр. Эр киһи, кыыһырдаҕына,ойоҕун кэтэҕин аһыттан ылан булгу сөрөөн түһэрэн баран,дэлби кырбаан кэбиһэрэ да,онуоха төһө да ыарыйдар,эмсэҕэлээтэр, "эр сынньара таҥараттан ыйаахтаах" диэн курдук утарыласпакка саҥата суох хаалларан иһэрэ. Эрэ даҕаны "бэйэм бас билэрбин кырбыырым боруога суох" диэн саныыр буолан,ончу кэмсиммэт,буруйга ааҕыммат буолара. Биирдэ икки хонукка тэллэххэ - суорҕаҥҥа сытар гына кырбаабыта да,курутуйа санаабатаҕа. Онон даҕаны сүүрбэччэ сылы мэлдьи син ыал буолан бииргэ олорторо.

Ыстапаан кыыкырдатан - кыыкырдатан куоракка чугаһаата. Куорат иһигэр киирэн,оҕуһунаан иккиэн чоҥкуччу кырыаран бараннар,уулусса устун сыылан истилэр. Аттаахтар,сатыылар,кини көрдөҕүнэ,туох даа кэмэ кэрдиитэ биллибэт элбэх дьон,ханна эрэ сүрдээх наадаҕа ыксаабыт курдук,кини диэки кырыы да харахтарынан кынчарыйан көрбөккө ааһаллар." Тугун элбэхтэрэй,ити бары ханна ыксаан иһэр дьонуй,сүүрдэ - көтүтэ сылдьаллара тоҕо баҕас үчүгэйэй,көҥүлэй" дии саныы истэ. Кини көрдөҕүнэ барыларын таҥаһа үчүгэйэ,ырааһа сүрдээх." Куоракка соруйан туспа ананан төрүүр - үөскүүр буоллахтара диэх курдук санаата. Уонна барыларыттан сүрдээҕин дьулайда,симитиннэ." Оок - сиэ,тоҕо үчүгэйдэрэй,ити дьон туох да кыһалҕата,эрэйэ суох,бары баай,үптээх дьон буоллахтара ээ", - диэн уоһун иһигэр ботугураабытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Уулусса устун сыылларан иһэн икки өттүн одуулуу истэҕинэ,араас бэйэлэх үчүгэй дьиэлэр таас түннүктэрэ туох да кири - хаҕы сыһыарыа суох курдук килбэчиһэн туралларын көрүөххэ олус үчүгэй. Маннык буоллун диэн ким санаа булан оҥорбута буолуой? Куорат киһилии - сүөһүлүүн,дьиэлэрдиин эмискэ биирдэ сиртэн дуу,хантан эрэ үүнэн тахсыбыт курдук саныы биэрдэ. Күһүҥҥү Миитэрэйэп саҕанааҕы күн кылбайа ойон тахсан,дьиэлэр түннүктэригэр тыкпыта,уулусса устун сыыйа көрдөххө,күндээрэн,чаҕылыйан,кырдьык даҕаны үчүгэйгэ дылы этэ." Биһиги дойдубутунааҕар бу дойду күннүүн үчүгэйгэ дылы ээ,мэктиэтигэр итиигэ дылы ээ" дии саныы - саныы ааһан истэ. Ыстапаан баһаарга чугаһаан истэҕин аайы сыарҕатын тула төһө эмэ киһи муста сылдьаннар: "Атаас,эккин атыылаа,хастыыный? - дэһэ - дэһэлэр,Ыстапааны илин - арҕаа ыыппакка кутугунаттылар. Онтон кимиэхэ да хастыы да сыаналыан биэрэрин быһаарбат буолуор диэри түҥ - таҥ барда." Тоҕо сүрдээҕэр,күтүрдэр аны былдьаан ылыахтара" диэн иһигэр куттана санаата. Ол аймана сылдьан,биир киһиэхэ этин сүүрбэ биэс сүүһү кытта аҕыйах бытархай харчыга атыылаата. Харчытын тутан баран,уҥуоҕа халыр - босхо барыар диэри үөрээхтээтэ,үөрүөн да үөрэр,сааһын тухары бачча хаччыны бас билэн,бэйэм гиэнэ диэн тута илигэ. Арай биирдэ маҥнай оҕонньорго бэдэрээккэ киирэригэр 15 сүүһү уу харчыннан ылбыта. Онно оҕонньор харчытын ааҕан биэрэ - биэрэ "Хор бу уолбар соруйан ыраас харчыннан биэрэбин,маны саныаҥ", - диэбитэ. Билигин ылбыт харчыта барыта сабыс - саҥа үстүүлээх солкуобайдыылаах буолан элбэҕэ,үчүгэйэ да олус этэ. Ол иһин "Бургунаһым барахсан үчүгэйэ дэлэ дуо" диэн уоһун иһигэр ботугуруу - ботугуруу,тыа дьоно түһэр сиригэр тиэтэйэ - саарайа барда.

"Тууй - сиэ,хор,хаарты таҕыстар,киһи эрэ аҕыйаҕы эмэни тардыа этэ ээ,ол эрээри мин хаһан кинилэри кытта тэҥнэһэн оонньоору саныы сыттамый" диэн бэйэтин мөҕүнэ санаата. Сонно,соруйан кинини хаадьы гыммыт курдук, эмиэ харчы,хаарты тыаһа иһилиннэ уонна биир киһи саҥата: "Баар!" - диэн баран остуолу улахан баҕайытык оҕуста." Ити киһи хайа эрэ хаартыга ылла,олох ууран ылла буолла,эргитэ ууран ылла буолла,оо,дьэ сүүйдэххэ үчүгэй да суол буолар ээ". Итинтэн барытыттан тэмтэрийэн,Ыстапаан уута олох көттө,онуоха эбии ол - бу өттүн кулахы быһыта ытыран,сүгүн сытыарбата. Кырата хастыы эрэ буолла диэн саныырын кытта "солкуобай аҥаара сибиэт" диэн биир киһи хойуу баҕайытык хардьыгынаата,ону Ыстапаан сүрдээх үчүгэйдик сүрэҕинэн иһиттэ. "Хор,син кыратык оонньууллар эбит ээ,оннооҕор мин солкуобайы уонна субуруччу таайан ыларым ээ. Уонна бу дойду оонньуута туох да кэтэх быһыыта,ол - бу мачайа суох ыраас харчыннан буоллаҕа дии,итиэннэ төһөҕө баҕарар уурайаргар көҥүл" дии санаан баран,харчытын бүтэйдии тутан көрдө." Ээ,кэбис, - диэн эрдэҕинэ эмиэ биир киһи: "Ыллым!" - диэн остуолу оҕуста. Кулахы эбии күүһүрэн сиэтэ. "Ээ,син биир бу кулахы киһини сүгүн утутуо суох,арай көрө таарыйа,биир солкуобайга туруорууһукпун.

Күн киэһэрдэ. Киэһэриэ суоҕа дуо. Ыстапаан этин атыылыырыгар төһө өр мачайдана сылдьыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Түспүт ыалларыгар кини курдук түспүт тыа дьоно элбэхтэр этэ да,биирдэстэрин да билбэт,ол да буоллар хайдах эрэ уруурҕуу санаата. Өйүө лэпиэскэтин тобоҕун куһуоктаан чаайдаан баран,биир иллэҥ муннугу булан сытта. Сылайбыта,уута да кэлбитэ бэрт. Суорҕанын иһигэр харчытын тутан көрөн баран,баҕар,утуйбутум кэннэ уоран ылыахтара диэн сэрэнэн,этин ыксатыгар сыһыары курданан кэбистэ. Атыттар эмиэ муостаҕа сылбах курдук сыталлар да,муннуларын тыаһа баччыгынаабытынан барда. Ыстапаан тоҕо эрэ уута кэлбэтэ. Дьэ,ол сытан санаа бөҕөҕө барда. Сарсын тугу - тугу атыылаһарын,бытархай иэһин төлүүрүгэр,тардыытыгар төһө харчыны ордорон таһаарарын,ойоҕор,оҕолоругар ырбаахы таҥаһын,хайдах дьүһүннээх,хас арсыын сиидэһи ылан таһаарарын кыайан ааҕан таһаарбата." Даайабыттан ыйытан кэлиминэбин,ээ,арба да тойоммор иһэрдэрбэр биир иһит арыгы ылларбын үчүгэй буолуох этэ. Даайабар,оҕолорбор ырбаахы таҥаһа таһаардахпына төһө эрэ үөрээхтииллэр" дии санаан баран,үөрэн иһин иһигэр мичик гына күллэ. Ол да гыннар арааһы ылыах курдук санаата да,өйө ситэ быһаарбакка эрэ,быһа сүүрдэн "Чэ,үчүгэй да буолсу" дии санаата. Ити да санааттан аралдьыйан уута да көппүтэ буолуо.

     *  *  *

Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы,кини чугаһынааҕы хоско ханнык эрэ дьон киэһээни быһа хаартылыыр тыастара иһиллэр." Мин букатын оонньуом суоҕа" диэн бөҕөргөнө санаата. Ол да буоллар санаата батарбат,сотору - сотору суорҕанын быыһынан хаартыһыттары көрөрө,хабыс - хараҥа сиргэ сытан анараа хоско остуолга умайа турар чүмэчи сырдыгар кыһайан көрдөҕүнэ,остуолу тула олорон,сотору буола - буола хаартыларын кытта үөхсэ - үөхсэ,истиэнэҕэ күлүктэрэ барыһан баран,оонньуу олороллоро. "Ити киһи барахсан сүүйтэрэн үөхсэн эрдэҕэ" диэн хаартыһыты аһына саныы сытта. Көмүс харчыны тамнааттыыр тыастара,хаартыны ырытан тырлаталлара кулгааҕыттан арахсыбат.

"Оннооҕор биэстии сүүс харчыны сүүйтэрэрим,төһө да гыннар ол саҕа буолаа ини" диэн эрдийэ санаан,харчытын сүөрэн,үстээх биир кумааҕыны ылан,тас сиэбигэр угунна. Сыта сатаата да тулуйбата." Бачча сылдьан баран,куорат ооннььооччуларын көрбөккө,оонньообокко да тахсарым саата да бэрт буолсу уонна дойдубар тахсан тугу кэпсээн оҥостуомуй,аата,баччаны оонньооботоҕум,көрүлээбэтэҕим буолан,итиэннэ хаарты уот биэрдэҕинэ сүүйэн да кэбиһиэм" диэбит санаатын кытта ойон туран,муостаҕа утуйа сытар дьону быыстарынан хааман,оонньуу олорор дьон остуолларын аттыларыгар тиийэн,көхсүн этитэ - этитэ кылбар - халбар көрүтэлии турда. Остуол иннигэр ороҥҥо ырбаахытын нэлэккэйдэммит,харытын ньыппарыммыт,торум курдук бытыктаах,саас ортолоох киһи сабыс - саҥа хаартыннан остуос быһа олорор,икки өттүгэр икки бөрөкүтэ суох таҥастаах дьоннор туруора олороллор. Тутталларыттан - хапталларыттан көрдөххө дьиҥ хаартыһыт киэптээх дьон быһыылаахтар. "Куораттарын оонньооччулара итинник буолар эбит буоллаҕа" диэн быһа олорор киһиттэн сүрдээҕин симиттэ санаата.

  • Дьиэлээх,ыл эрэ,бу атасптыгар хаартыта ылан биэр эрэ. Бэрт сытыы сирэйдээх - харахтаах киһи эбиккин дии,көххө туруорус, - диэтэ остуол аҥаар өттүгэр олорор киһи уонна быһа олорор киһини супту көрбөхтөөн кэбистэ. Бааннаах киһи, туох эрэ наадалаах суолу оҥорор киһи курдук киэбирэ туттан,хаартытын саас - сааһынан ырыта олорон,Ыстапааҥҥа биир холуода хаартыны быраҕан биэрдэ. Уонна аргыый аҕай тутан олорор хаартытын остуолга ууран баран,осуол анныттан иһиллэн эрэр арыгылаах бытыылканы ылан чааскыга кутта.
  • Мэ эрэ,атаас,маны иһэн кэбис уонна биһигиттэн куттаныма. Биһиги атыттар курдук,туох да албыны - көлдьүнү билбэт дьоммут, - диэн баран,Ыстапаан туруорарын күүппүт курдук иҥиэттэн кэбистэ. Ыстапаан,урут арыгны испэт этэ гынан баран, "баҕар мантан санаам көтөҕүллэн,ордук сайдан оонньуом" дии санаан ылан чааскылаах арыгын түһэрэн кэбистэ уонна остуолга сытар хаартыны ылбытын бэйэтэ да өйдүөбэккэ хаалла. Соруйан киниэхэ анаммыт курдук биир иллэҥ олох мас баарыгар олоро биэрдэ да,туруоран киирсибитинэн барда. Өр буолбата,Ыстапаан үс сүүһүн сүүйтэрэн кэбистэ. Сүрдээхтик хомойдо,кыһыйда уонна саҥата суох харчытын туппахтыы олордо.
  • Атаас,дьүһүҥҥүттэн көрдөххө,бэрт кылгас киһи быһыылааххын. Бостуой сүүйтэрэн кэбиһиэҥ,онон уурайдаххына ордук буолаарай? - диэтэ бааннаах киһи уонна аҥаар хараҕынан ойоҕоһугар олорор киһиэхэ имнэнэн кэбистэ. Ыстапаан бэркэ сөбүлүү иһиттэ гынан баран,кыһыйбыта эмиэ сүрдээх." Хайа дойду үтүө санаалаах барахсанай,кырдьык даҕаны,уурайыахха дуу,ол эрээри,баҕар,барыыстаныам этэ" дии саныы олордоҕуна:
  • Атаас,хата,бу арыгыны "сэп" гыннаран баран,утуй,сынньан, - дии - дии мааҕыы арыгытыттан кутан биэртин,Ыстапаан хап сабар ылан иһэн кэбистэ. Ыстапаан уурайыах киһи курдук таһырдьа тахсан баран,уҥуоҕа кус босхо баран,салыбырыы - салыбырыы,ууруммут харчытын ылан ыстаанын тас сиэбигэр угунна да,сүрдээхтик тиэтэйбит киһи быһыытынан дьиэҕэ көтөн түһэн,мааҥы оонньообут хаартытын остуолтан сулбу тардан ылла,онуоха урукку оонньуу олорор дьон бэйэ - бэйэлэрин көрбөхтөөн кэбистилэр. Ыстапааҥҥа испит арыгыта мэйиитигэр таҕыста,холуочуйда быһыылаах. Санаата күүһүрдэ,биир хаартыны ылла да: "Солкуобай сибиэт", - диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
  • Атаас,оонньуур буоллаххына,харчыгын остуолга уур,биһиги бэрээдэкпит оннук.

Уҥуоҕа хамсыы - хамсыы харчытын барытын ороон таһааран баран,үс сүүһү остуолга ууран кэбистэ. Өр буолбата,үс сүүһүн үрдүгэр солкуобайы өрө аахтарда. Ыстапаан онтон ыла аар - маар барда,тугу да быһаарбакка хаартыны ыла - ыла уура эрэ олорор буолла уонна бааннаах сотору буола - буола: "Доҕоор,харчыгын ыыт эрэ", - диэтэҕин аайы ылан биэрэн истэ. Харчы киниэхэ наадалааҕын,наадата суоҕун төрүт быһааран толкуйдаабат курдук буолбут. Төһө өр дуу,сотору дуу оонньоон сүүйтэрбитин билбэккэ хаалла,арай биирдэ оонньуу олорон доҕотторо: "Чэ,түксү", - диэн бараннар туран барбыттарыгар өйдөөн көрбүтэ,дьиэ иһэ сырдаан эрэр,кини соҕотоҕун хаартытын туппутунан олорор эбит. Дьэ өйдөнөн ааҕыммыта - харчытыттан үстүүлээх икки эрэ кумааҕы хаалбыт. Ыстапаан эрэйдээх аһын саҕатыттан көлөһүн тахса - тахса,санаарҕаан остуолга бүк түһэн санаатаҕына,туохха да сатамньыта суох улахан алдьархайы оҥостон олорор эбит. Хайдах да гыныах сир суох,кини туһугар халлаан ыраах,сир кытаанах буолан биэрдэ. Санаатаҕын аайы,эбии ыарахан,куһаҕан буолан истэ,ытыах эбит да, хараҕын уута тахсыбата. Сүрэҕэ "бүл - бүл" тэбиэлээн тыбыс - тымныыннан хаарыйан аастаҕын аайы,икки чабырҕайа үллэҥнии - үллэҥнии, тириппит курдук тымныы көлөһүн сирэйин устун сүүрэлээтэ."Дьэ,алдьархай да баар эбит,хайдах киһи буолан сылы туоруубунуй,дьиэбэр хайа сирэбинэн көстөрбүнүй?" - диэн улаханнык саҥарбыта дуу,иһигэр эрэ санаабыта дуу,ону ким да билбэт. Туохтан да оҕолоруттан кыбыһынна,ойоҕуттан соччо улаханнык кутаммат. Урут даҕаны сүүттэрдэҕинэ,ойоҕо саҥараары гыннаҕына,бардьыгынаан баран,сутуругун көрдөрдөҕүнэ,ах баран хаалааччы,эбэтэр ону истибэтэҕинэ,кэтэҕин аһыттан сыһа сылдьан кырбаан биэрдэҕинэ,ойоҕо эрэйдээх им - ньим бараахтыыра. "Төһө да мөхтөр,саҥардар,бу сырыыга эрэйдээҕи кырбыам суоҕа,сүрэ бэрт буолуо". Төһө өр олорбута эбитэ буолла,дьиэ иһинээҕи дьон бары тураннар,оонньуу - күлэ сылдьан,аһаан - сиэн,онно - манна барыталаан хааллылар. Дьон күлүүтүн - оонньуутун истэ -истэ санааргыыра ордук улаатта. Оо,кырдьыга да,эрэйдээххэ кытаанах суол буолуо эбээт. Аргыый аҕай санньыҥнаан туран,дьон испит чэйдэриттэн куттан истэ. Иһигэр ас да киирбэт буолбут. Өрө уһуутуу - уһуутуу таҥнан,кунана эрэйдээҕи көлүйэн баран,сиэтэн,аат эрэ харата уулусса устун хааман сукуҥнуу турда. Кини көрдөҕүнэ,дьиэлэрдиин,киһилиин - сүөһүлүүн,бэҕэһээ көрбүтүнээҕэр быдан уларыйбыкка дылы буолтар,киһи эрэ барыта киниэхэ кыыһырбыт курдук дьэбин уоһуйан көһүннүлэр. Ол хааман иһэн санаатаҕына,арай кини эрэ баар эбит хайа да киһиттэн куһаҕан,акаары."Аата,абаккам да эбит,туох тэһэ анньан оонньоон быһа сытыбытым буолуой?" Түбэлтэтигэр,оннооҕор биир ыт,ааһан иһэн,ырдьыгынаан ааста. "Оок - сиэ,куорат хотун куһаҕан хараҕынан көрдөҕүнэ,алыс даа куһаҕан буолар эбит,бэл ити ыттыын ырдьыгыныыр буоллахтара үһү" диэн саныы - саныы,кунанын миинэн,дойдутун диэки чоочугурата турда.

Даайалаах чаайдара,табахтара бүппүтэ өр буолла. Куоратчыт тахсыар диэри дии - дии чугастааҕы ыалларыттан кутууннан чаайданан,хамсаннан табаахтанан олорбуттара хас да хонно. Илбирийбит ырбаахылаах,алдьаммыт этэрбэс элэккэлээх орто уол аҕам иһэрэ буолаарай диэн,таһырдьа тахсан тоҥуор диэри тура - тура дьиэҕэ ыстанан киирэн,холумтан үрдүгэр ыттан туран иттэр буолта ыраатта. Улахан уол аҕам сыарҕатын тыаһын түбэһэ истээйэмий диэн кулгааҕа тоҥон "лыс" гына тыаһыар диэри туран иһиллии сатыыр да,туох да суоҕа. Даайа Баһырҕас диэн ытын,өҥөтөр,түүн куоратчыт иһэрин истэн үрэн биллэрээрэй диэн: киэһэ аайы дьиэттэн үөттүрэҕинэн сискэ биэрэн үүрэн таһаарарэ. Улахан уоллаах кыыс,киэһэ иллэҥ эрэ буоллаллар "аҕам миэхэ - кур","аҕам миэхэ - былаат" кэһиитин таһаарыа" диэн тылларын минньитэллэрэ элбээтэ. Аны аҕам түүн кэлэн,кэһиититтэн матан хаалыам диэн уол түүнүн аанньа утуйбат буолла. Аҕата саҥа саппыйаан кур таһаарарын санаатаҕына,сүрэҕэ хамсыар диэри үөрэр." Бу күһүн Дьаакып уолугар биир кыһыл саппыйаан куру таһааран биэрбитэ,дьэ, көрүөххэ кэрэтэ бэрт этэ,ол уол көрдөрбөккө бэркэ сордообута,оттон бэйи мин көрдөрбөтөрбүн үчүгэй этэ,оннооҕор икки хартыыналаах кумааҕыны таһаарбытыттан биирдэрин көрдүү сатаан кэбиспитим,бэл ону хараһыйбыта,бэйи,мин кини иэһин төлүөм" диэн мэлдьи саныы сылдьара. Оччоттон билиҥҥэ диэри ыраах тыа сиригэр куоратчыт тахсара бэрт улахан сонун,элбэх кэпсээннээх буолар, "нуучча эрэ хараҕын уута суох" диир куолу. Дьахталлар этистэхтэринэ: "Хайа,эриҥ куорат аҥаарын тиэйэн тахсан олордоҕуна киирдэххэ,айаххын атан кэпсэтэриҥ да баҕалаах буолара дии", - диэн хас эмэ сылы быһа умнубакка,үөхсүү оҥостоллоро. Оннук быһыыны Даайа да билэрэ. "Оо,төһө эрэ дьахтар чаай,табаах көрдүү - көрдүү хоргуталлар,мөҕөллөр,этэллэр ньии,хас эрэ киһи Ыстапааны арыгы иһэрпэтиҥ дии - дии кыйаханаллар,өстөнөллөрө буолла" диэн хотоҥҥо ынаҕын сааҕын күрдьэ - күрдьэ мэлдьи саныыр буолара. Даайалаах кыра уоллара бөөлүүн,түүнү быһа ытаан,букатын утуйбата. "Быһыыта айан киһитэ кэлэрин биттэнэн атаҕырҕаатаҕа буолуо,саатар мин,киһи курдук түүллээх - биттээх буоллаҕым дуу,ийэм бокуонньук түүлүнэн - битинэн тугу да эндэппэт этэ. Күтүр өсттөх,ону да баппатах буоламмын. Ыстапааным эрэйдээх,төһө эрэ тоҥон,эрэйдэнэн иһээхтиир,бэйи,кэллэҕинэ,ынаҕын иһиттэн буһаран сиэтиэм буоллаҕа" дии саныы - саныы,киэһэ оһох уотугар этэрбэс абырахтыы олордо. Кырдьык даҕаны,Ыстапаан барбытын кэннэ,дьиэҕэ сытыйан олорор дьон,биһиги,ууну - хаары аһаан олорорбут сөп,эмиэ туохпут этэй,арыытай диэн туох да минньигэһи амсайбакка,аҥаардас сылбырхай чаайы кытта бутугас сии олорбуттара,инньэ да гынан оҕолор барахсаттар хобдоҕураннар саҥардыыттан бэттэх ас көрдөөн ийэлэрин тулуппат буолбуттара.

Ыстапаан,кыыкынатан,кыыкынатан дьиэтигэр чугаһаата. Улам чугаһаатаҕын аайы,санаата хараастан туох эрэ сүгэһэрдээх курдук эбэтэр туох эрэ улахан суолга түбэспит киһи курдук сананан испитэ. Туохтан да куһаҕана - оҕолоро эрэйдээхтэр көрө тоһуйаллара,туоҕа да суоҕун истэн,хомойон ытаһаллара,соҥоһоллоро. Алыс санаата түмүллэн баттаан кэллэҕинэ,үөһэ тыынан баран: "Оок - сиэ,тоҕо куһаҕанай!" - диэн саҥа аллайара. Кини көрдөҕүнэ толооннор киэҥнэрэ,тииттэр туох да санаата - оноото суох холку баҕайытык дьирэһэн тураллара үчүгэйэ бэрт этэ. "Улахан оҕом сүүрэн тахсан,мин иһэрбин көрөөт,ийэтигэр ааны быган туран "Аҕам кэллэ!" - диэн баран,сүүрэн кэлэн,кууһан туран "Хайа аҕаа,кур таһаардыҥ дуо?" - диэтэҕинэ,туох диирбиний уонна,баҕар,дьиэ иһиттэн көрөн тахсыахтара буоллаҕа..." диэн субу көрөн турар курдук санаатыгар көһүннэ,онтон сүрэҕэ мөҕүл гына хамсаата,хараҕыттан уу тахсан кыламаныгар уонна,сирэйин устун сүүрэн түһэн,саал былаатыгар чөмөхтөһө тоҥмутун, "абаккам онтон аны оонньооботорбун" дии - дии, тоноон араара истэ. Им ырдьаччы сүппүтүн кэннэ алааһын арҕаа саҕатыгар киирдэ,туус маҥан хаар ортотугар кини саах сыбахтаах балаҕана уруккутунааҕар ордук улаатан,харааран көһүннэ. Оһоҕун үөлэһиттэн, кини иһэрин билэн үөрбүт курдук,хойуу кыым өрө күлүбүрээн тахса турарын көрөн баран,хайдах эрэ сирэйэ итий - итий гынан үллэҥнииргэ дылы буолан ылла." Киһи быһыылаахтык сылдьан иһэрэ буоллар,төһө эрэ сэргэх,үчүгэй буолар этэ,эбэтэр куораттаан тииспэтэҕим буоллар,билигин балаҕаным иһигэр төһө эрэ көҥүллүк санаата - оноото суох олорор этим. Оҕолор утуйбут,Баһырҕаһым дьиэҕэ буоллар үчүгэй этэ,аны ол күтүр таһырдьа буолан,тыаспын истэн,үрэн ньаргыйан,иһэрбин биллэриэх буоллаҕа" диэн бэркэ дьиксинэ санаата. Балаҕан таһа им - ньим,арай оһох кыыма өрө тахса - тахса чигдигэ уот ардах курдук таҥнары саккыраан түһэр сырдыгар балаҕан ойоҕоһо сырдаан көстөр ааһар. Оҕуруотун ааныгар кэллэ...Балай эрэ өр турбахтаан баран,уҥуоҕа уу испит сылгы курдук хамсыы - хамсыы,аргыый аҕа оҕуруотун аанын аһан халыгырата турда...

    *  *  *

Бачча сүрэҕиттэн - быарытт кэмсиммит,курутуйбут,ытаабыт - соҥообут киһи хаартытын бырахпыта дуо? - диэн сураһан иһиттэххэ,куораттан тахсан баран,ситэ биир ый буолбакка,суос - соҕотоҕ оҕус тыһаҕастааҕын хаартыга сүүйэрэн баран: "Кытта төрөөбүт кыдьык буоллаҕа,ону хайдах гыныллыай?" ,дии сылдьар сурахтааҕа.

АЛАМПА.

 *Б Ү Т Т Э.*

КУЙААР ЭЙГЭТИГЭР ТАҺААРДА ВЛАДИЛЕН. 27/03/2022.с.

🌿🌿🌿🌿🌿

Добавить комментарий