Кэпсээ
Войти Регистрация

Иҥсэ

Главная / Кэпсээннэр / Иҥсэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
15.12.2022 13:12
1k 0

Бииктэр бүгүн сарсыарда сүргэтэ көтөҕүллэн турда. Уазигын собуоттаан Эбэ диэки айаннатта. Бүгүн кыра кыыһын төрөөбүт күнэ, оҕотугар саамай сөбүлүүр аһын собо буһарыахтаах. Ол иһин анаан минээн бэҕэһээ Эбэҕэ киирэн илим үппүтэ. Санаатыгар бүгүҥҥү дьоро күн сылаас эйгэтин хараҕар ойуулаан көрдө. Ийэлэрэ Сайыына сарсыардаттан бэрэскии буһаран сырдьыгынатыа, дьиэ иһин минньигэс бурдук ас буспут сыта дыргыйыа, ол кэннэ ол буспут арыыга Бииктэр быччыкы ыһаарылыа, оттон бары бииргэ дьиэ кэргэнинэн олорон араас салат оҥоруохтара. Эчи үчүгэйиин оҕото Айыына, кыракый Тоотойум диэн таптаан ааттыыр кыысчаана - Паапаа миэхэ ойоҕоос...- диирэ хараҕар бу баар курдук. Оҕото бэйэтин курдук наһаа собомсох ээ, ордук собо ойоҕоһун аҕатыгар уҥуоҕуттан ичигэстэтэн минньигэстик астына сиирин сөбүлүүр, уонна искэҕин биллэн турар ордорор. Ону барытын саныы саныы Бииктэр Эбэҕэ киирэн, оргууй халдьаайы тумуһунан киирэн, илим үппүт хомустаах кытылыгар тиийдэ. Кытылга массыына турар сабыс- саҥа "УАЗ фермер", хара килэбэчигэс тиэн кузовтаах. Биэрэккз икки тыылаах дьон тахсан иһэллэр. Кимнээх буоллаҕай? Бииктэр бу дьону саҥа көрөр, манна балыктыыр дьону көрөн билэр. Дьон тыыттан таҕыста, сааһыра барбыт аҕам саастаах киһи уонна эдэр сүүрбэччэлээх ыччат уол. - Дорооболоруҥ, хайа балык хайдаҕый? - саха киһитин сиэринэн Бииктэр кэпсэтиини саҕалаата. - Ээ, син баар, хата кытыыга тахсыбыт, туппут ахан - кырдьаҕастар хардарда. Бииктэр көрдөҕүнэ дьоно куул аҥаара инчэҕэй сүгэһэрдээхтэр. - Тыый, ити барыта балык дуо? Онуоха оҕонньор хайдах эрэ мух-мах барда уонна - Ээ ити, ити илимнэр, биһиги таах биир хонукка боруобаҕа эрэ үппүппүт, тута эстибит. Төһө да бу дьикти, хонугунан эрэ бултуур хаһан да бу эргин харахтаабатах балыксыттарын муодарҕаатар, Бииктэр уһун комбенизон саппыкытын кэтэн Эбэҕэ илимин көрө киирдэ. Дьикти илимньиттэр тута массыыналарын эһээт бөһүөлэк диэки түргэн үлүгэрдик гаастыы турдулар. Бай, бу тугуй! Илимин маһыгар тиийэн кэлбитэ илимэ аны суох! Бастаан кэлэн иһэн ыраахтан көрөн өссө үөрэ санаабыта ээ, хотоҕостор көстүбэттэр ол аата лаппа балык тимиртэҕэ оо Эбэ бэрсибит диэн. Итэҕэйбэккэ ураҕас аннын сууралаан көрдө мэлигир! Арай хоппуруон быаны быһаҕынан быспыттара ала чуо көстө сылдьар.Эс ама, хайаан ити көрсүбүт дьоно дуо? Итиччэ мааны саҥа массыыналаах, саастаах, сэбиэскэй кэмҥэ үөскээбит саастаах киһи буолуо дуо? Дьон наһаа да ыттыйбыт! Хараҕар кыыһын саҥата - Паапа,,оттон миэхэ ойоҕоос? - диэн унаарытан иһиллэргэ дылы буолла, абата саба халыйан кэлэн, маарыҥҥы сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ ханан да суох буолан хаалла, хомойон харыс-сүөм түстэ. Ол аата кинилэр эбит, чахчы кинилэр. Куул аҥаара инчэҕэйинэн кини үс бэйэ бэйэтигэр бааллыбыт илимнэрэ, бөлүүн туппут соболоох, ол иһин хайдах эрэ дух дах туттуулара, харахтарын куоттарыылара, тута атахха биллэриилэрэ..Барыта сөп түбэһэр. Бииктэр бэркиһээн төбөтүн быһа илгистэр. Бу хаһааҥҥыттан саха дьоно маннык түктэри майныламмыттарай? Суруллубатах өбүгэ сокуонун кэһэн атын дьон булдун тыытыма диэни кэһэн, кэрээнэ суох ылар буоллулар? Ама да ырыынак үйэтэ буоллар...Ыал эһээтэ бу сиэнин туохха, туох үчүгэйгэ сырдыкка, кэрэҕэ үтүөҕэ үөрэтэ, уһуйа-такайа сылдьар дуо ама? Итичччэ мааны, саҥа массыыналаах, киэһээҥҥи күөс аһыьлыгын уоран бултаан булунар дуо? Суох, дьон хараҕа туохха да туолбат буолбут, аһарыта бараллар, кэрээнэ суох быһыыны дьон таах ааһан иһэн оҥорор буолбуттар. Маннык дьону уодьуганныахха наада. Сырыы аайы бэйэлэрин ампаардаах астарын курдук дьон илимин балыктыы баҕастыы сойботон тахсыбаттарын курдук.
Халдьаайы сыырын дабайан, Бииктэр бигэтик быһаарыныы ылынан, уруулун полиция отделын диэки салайда.

Чаҕыл

Добавить комментарий