Главная / Кэпсээннэр / БЫЫЙА
Добавить комментарий
Оо бу бүк түһэн олордохпуон, чэ бэйи, туран күөс өрүнүөх, - Быыйа эмээхсин бүгүн тоҕус уон үһэ, хаһан эрэ бу күн, дьиэ иһэ толору киһи буолара, тула үөрүү-көтүү, сэһэргэһии, сандалыга ас-үөл мааныта дэлэччи тардыллааччы. Онтон бүгүн Быыйа соҕотох, аттыгар күөҕүнэн көрбүт муус-маҕан куоската утуйа сытар. Түннүгүнэн күн сардаҥата эргэрэн хаалбыт муостаҕа түһэн киһи хараҕын саататар. Эдэригэр ис киирбэх дьүһүннээҕэ, уһун, көнө уҥуохтааҕа, намыын-намыын куоластааҕа. Хойуу, уһун суһуоҕун көрбүт эрэ дьон барыта ымсыырара. Оргууй хааман уһуннаҕына биир гына өрүммүт баттаҕа сототун таарыйара. Сүрэх бөҕөнү долгуппут кэрэ сэбэрэлээҕэ. Ол эрэн кини сүрэҕин ким да сүүйэн ылбатаҕа. Кистэлэҥин таайаары үгүс уолан көһүппүтэ. Туораттан көрдөххө муус курдук тоҥуйа. Биир үтүө күн боруогар ким эрэ тоҥсуйар. Быыйа солко былаатын иилинээт күүлэтигэр ойон тахсар. Аанын сэгэтэн көрбүтэ Миитээлээх Ыстапаан тураллар эбит. Сирэй-харах көҕөрбүт, таҥас-сап киртийбит. Буорга төкүнүйэ сылдьан охсуспуттар, Митээ хабарҕата дьүккүрүйүөр диэри ыгыта тутуһуу, хапсыһыы буолбут.
Быыйа, дорообо. Быыһаа биһигини, эн иннигэр олохпутун биэрэбит, хайабытын ордороҕун? Биирбит туораан биэриэ диэн илии тутустубут.
Уолаттар, дьиэлээн.- кыыс мас-таас курдук, кытаанахтык саҥаран аанын тыастаахтык сабан кэбистэ. Дьүөгэ кыргыттар Быыйаҕа араастаан сүбэлээн, этэн да көрбүттэрин үрдүнэн кими да истибэт этэ. Өсөһөр курдуга. Дьиҥнээхтии арыллан кэпсэтэр, истиҥ дьүөгэтэ суоҕа. Арай ийэтин кэриэтэ киһитэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ эрэ билэрэ Быыйа кистэлэҥин, туохтан туора хаамарын. Чахчы да ийэтин солбуйбут киһитэ этэ, үс саастааҕар ийэлэрэ күн сириттэн күрэммитэ. Ыар сүтүгү тулуйбакка, тапталлаах кэргэнин көмүс уҥуоҕун тутан баран, аҕалара аһыы утахха тимирэн, тоҥон өлбүтэ. Эдьиийэ оччолорго уон алталаах кыыс этэ. Иккиэйэх эрэ хааланнар олох араас кыһалҕатыгар тэбиллибиттэрэ. Онтон бүгүн Быыйа соҕотох, эдьиийин оҕолоругар, сиэннэригэр эдьиий да, эбээ да буолан олорор. Устар олоҕун тухары холоонноох доҕорун көрсүбэтэ, ыал буолан омук аналын толорбото. Эдьиийэ барахсан сылаас илиитинэн тикпит хаалаатын Быыйа илдьирийиэр диэри сөбүлээн кэтэ сылдьар. Кэрэ сэбэрэтэ мырчыстан, тиис-уос бүтэн, баттах түһэн, дьүһүн-бодо буолан токуллан олороохтуур. Көрөргө сүөргү. Хаарыан олоҕо халтайга ааһан хаалбыт.
Эдьиий, бааргын дуо?
Баарбыан, хайалара кэллэ?
Мин эдьиий, Натааһабын дии. Биллиҥ дуо?
Ээ оҕобун билимнэ, киир-киир, кэпсиэ. Билигин чэйдиэхпит.
Эдьиий, төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин! Уонна бу эбээм эйиэхэ кэһиитин уунабын.
Бай! Кэһии дуо? - Быыйа титиристээбит ытыстарынан суулаах хаһыаты арыйа баттаата, көрбүтэ саҥа халаат, бэйэтэ тигээхтээбит.
Эдьиий, ити халаат иһигэр сурук баар, ону аахтым, бырастыы гын. Эйиэхэ анаммыт сурук эбит. Быыйа саҥа халаатын сиэбиттэн быычыкаачык кумааҕы оҕотун хостоон таһаарда. " Дорообо Быыйа! Бу сурукпун оҕолорум эйиэхэ тиэрдиэхтэрэ диэн эрэнэн суруйдум. Бүтэһик кэһиибин эн сөбүлүүрүҥ курдук гына моһуоннаан тиктим. Төһө да кырыйдарбыт киэргэниэх, саҥа таҥас кэтиэх баҕа син биир баар буоллаҕа. Оҕобун сүүскүттэн сыллыыбын. Уонна куруук эппитим курдук бүтэһик көрдөһүүбүн толоруон диэн эрэнэбин. Чэ, пока. Эдьиийиҥ Настаа." Быыйа суругун ылан ыскаабыгар уурда уонна оронугар сытынан кэбистэ.
Эдьиий! Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо?
Суох, суох, үчүгэйбин, ааспыт кэммин аһыйабын. Тоҕо эдьиийим этэрин эрдэ имтибэтэҕим буолуой,- сирэйин ытыстарынан саптан умса түһэн антах эргийдэ, ыарахан баҕайытык өрө тыынна.
Эдьиий, кэпсээ, чэпчиэн оччоҕо.
Чэ, кэпсиим. Аны кэлэн тугу кистээн муҥнаннахпыный. Урут мин эмиэ эдэр этим, эн курдук олоҕу саҥа саҕалаан, инникигэ эрэллээх, элбэх доҕордоох. Кэрэ да кэмнэр ааспыттара дьоллоох Дьокуускай куоракка. Үрдүк үөрэхпин бүтэрээт дойдубар төннөн кэлэн үлэҕэ киирбитим. Ол онно аан-маҥнайгыбын харахпынан хайҕаан, сүрэхпинэн сөбүлээн таптал диэн иэйиигэ куустарбытым. Онтон кини ону билбэт этэ, сэрэйбэккэ да хаалбыта. Доҕордуу курдук кэпсэтэрбит, үлэбитинэн эрэ алтыһарбыт. Кэлин кийиит сүктэрэн аҕалбыта, үс күннээх уруу ыспыта. Ытыра кымаахтыыр сүрэхпин ыйыста кистээммин, хараҕым ууларын сыттыкпар баттааммын, аат эрэ харата үлэлээбитэ буола сатаабытым. Кинилэри көрүөххэ кэрэтиэн, Олус да дьоллоох этилэрэ, миигин эрэ өйдөөн көрбөттөрө. Онтон мин күн бүгүҥҥэ диэри кинини эрэ таптыыбын. Сүрэҕим атыны билиммэт.
Оо! Эдьиийбит барахсан! Ол иһин да соҕотох эбиккин дии. Саҥа биллим. Ким да куттанан ыйыппат ээ, таах сэрэйэн эрэ көрөр этибит. Онтон эбээ тугу этэ сатаабытый, ити сурукка тугу көодөспүтүй?
Соҕотох хаалыма диэн. Саатар утары олорон бииргэ чэй исиһэр киһитэ булун диэн. Куруутун мин соҕотохпуттан санаарҕыыра. Аны кэлэн ким миигин көрүөй. Кэнним уһаан, инним кылгаан сырыттаҕым. Этэҥҥэ анараа дойдуга чэпчэкитик, утуйа сытан игин баран хаалбыт киһи диибин.
оо эдьиийим барахсан! - Натааһа Быыйаны кууһан ылан өр да өр сытта. Арай дьиэ иһигэр араадьыйа нөҥүө ырыа эрэ иһиллэр:
Уонна хаһан олороору, Уонна хаһан оҥороору, Син иккистээн кэлбэккин, Кэлин кэлэн ситэрбэккин, Бу дойдуга эргийбэккин, Этиһэн да тиллибэккин...
САРДААНА