Главная / Кэпсээннэр / Саҥа уол (Арсен Михайлов)
Добавить комментарий
Бастакы кылааска тахсан үөрэнэ сылдьабыт.Биир күн үөрэнэ олордохпутуна кылаас аанын тоҥсуйан киһи өҥөс гынна,учууталбытын ыҥырда.Агафья Васильевнаны кытта кыратык кэпсэттэ.Ол кэмҥэ бэскилээх уол өҥөс гынна.Оччотооҕу уолаттар бары лаҕаны бэскилээх баттахтаахтар.Сүүспүт үрдүнэн эрэ кыра баттахтаах,тараҕайдыы кырыллыьыт буолааччыбыт.Онтубутун "бэрэски" диэн ааттыыбыт.Учууталбыт аатын ыйытта
"Шашабыт" Өлүөхүмэттэн кэлбмт,оскуола боруогун саҥа атыллаабыт эбит. Онуоха холоотоххо биһиги,нулевойу бүтэрбит дьон,"доло" үөрэхтээх курдукпут.
Үөрэнэн бүтэн дьиэлээри туран кылаас "хоруола" Уйбаачык - Саҥа уолу саайыахха наада!- диэтэ.Уйбаачык тустан да,охсуһан да кими да тулуппат.Бэл,бэйэтинээҕэр биир сыл аҕалары үксүлэрин, икки сыл аҕалары сорохторун кыайталыыр.Отой көрдөөн сылдьан тустар,охсуһар эрэт.
Саҥа уолбут Һуурукканы кытта аргыстаһан барда,кэннилэриттэн батыстыбыт.Оскуолаттан тэйээт баайсан үтүргэхтэһэн барабыт.Һуурукка уолун көмүскэһэн сүрдээх.Биири саҥардахпытына биэһи саҥарар,биэһи эттэхпитинэ уону хардарар.Ол быыһыгар түөскэ тэбэн кибилиннэрэр,кулгаах тааска сырбатар.Тыов умайыктанан олорор,илиитэ- атаҕа босхо,дьэ,сытыы кыыс.Ол эрэн үс буолан көмөлөөн иккиэннэрин ытаталыыбыт.Ол курдук суолу быһа охсуһан-этиһэн айаннаатыбыт."Тайахсыттарынан" ытаһа-ытаһа туораатылар.Ол иһэн Һуурукка эбэтигэр,эдьиийигэр үҥсүөх буолар.Биһиги күлсэ-күлсэ лааппыга ааһабыт.,кыһалҕа кыра,кымаардаан да көрбөппүп,
Лааппыга саамай сөбүлээн көрөрбүт хары чаһылара.Эҥин араас чаһы прилавокка тэлгэнэ сытар буолар.Таас прилавогы өҥөйө сытан- Улааттахпына маны чаһыны ылыныам этэ - диэн кэпсэтэбит.Бу сырыыга Уйбаачыкпыт тоҕо ю эрэ - Барыаҕыҥ - диэн ыксатар.Аликтыын тоҕо ыксыырын муодаргыыбыт,ону Һуурукка эдьиийэ кэлиэ - диир.Биһиги ону баардылаабатыбыт,чаһыларбытын көрөбүт.- Бу үчүгэй,бу ордук - дэсиһэбит.
Дьэ,ол сырыттахпытына дьиэтиттэн Рита сурулаан түспүт.Киирээт - Учууталлар бааргыт дуо?- дэтэлиир,(биир да учуутал суох).Бвлтын көмүскэһэн саҥа бөҕө,саҕабытыттан ылан үһүөммүтүн биир муостаҕа туруортаата.Туох да отой "итии чох" үрдүгэр турар курдук буолла,биһиэхэ.Баччааҥҥа дылы туора киһиттэн улаханнык мөҥүллүбэтэх дьон,соһуйдубут. Уйбаачык эрдэ мөҥүллүбүт эбит,ол иһин эрдэ бара сатаабыт.Арыппыан аҕабын көрсөн - Уол кыыһы ытаппыт - диэн эмиэ эппит.Киэһэ дьиэбэр аҕам сэмэлээн эттэ.
Ити курдук аан бастаан Һааскыллайы көрсөн турабыт.
4.08.19сыл
Арсен Михайлов Маар с.,Ньурба