Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлөксөөн (Арсен Михайлов)

Главная / Кэпсээннэр / Өлөксөөн (Арсен Михайлов)

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
30.12.2022 21:07
509 0

Үһүс кылааска үөрэнэрбэр таһынааҕы ыалым Лиза классрук буолла.Елизавета Ивановна диэн мин тылым кыайан өҕүллүбэт ааттанна.Судургу Лиза Ивановна диэн ааттыыбын,өр соҕус эриһэн дьэ,Елизавета Ивановна диир буоллум.Таһырдьа оонньуу сырыттахха,уолаттар - Учууталыҥ бу олорор (дьиэтин ыйан көрдөрөллөр),бу ааһан иһэр,ити кэлэн иһэр,учууталгар этиэхпит - диэн буолар.Аны дьиэбэр,омуннаатахха,кылгас күн биэстэ,уһун күн уонна киирэн тахсар курдук.Ол аайы - Суоккун суоттаатыҥ дуо,суругунан үлэҕин толордуҥ дуо?- диэн буолар.Инньэ гынан суот суоттуубут,аахтарар,нойосуустатар.Бу иннигэр дылы кулун босхо сылдьыбыт киһиэхэ эрэй буолла.Классрук дьиэ таһыгар олороро накаас эбит.Арай кылааспыт кыргыттара үөрүүлэрэ сүрдээх.- Биһиги учууталбыт эдэр уонна моднай- диэн.Кылааска киирдэҕинэ духуутун сыта кылаас иһин толорон кэбиһэр.Хааман иһэрэ ыраахтан биллэр,хобулуга тоһугураан.Бэл,унтуута кытта хобулуктаах онон дьыл хайа да кэмигэр хобулук үөһэ сылдьар.

Сорох киэһэ ийэбинээн сиэттиһэн,чугаһынааҕы ыалларга тахсабыт.Агрономнарга тахсар буоллаҕына тахсыспат буоллум,кыыстара классрук буолуоҕуттан.

Биир киэһэ Өлөксөөҥҥө таҕыстыбыт.Билиҥҥи курдук сырдатыыта суох,хабыс-хараҥа,ыалоар түннүктэрин уота сырдатар.Айан суола хас эмэ эрээт колея хам томмута сытар.Аны хаардаах,халтархай,өр соҕус мучумааннанан туоруубут.Ол сырыттахпытына Оруоса таһырдьаттан дьиэтигэр киирдэ.

Киирбиппитигэр Өлөксөөн күлэ тоһуйла:

  • Хайа,эһиги сырыттыгыт дуо,суолга?
  • Биһи - дэһэбит
  • Бу кыыс айан суолга Булчут Балбаара Киэсэлиин сиэттиһэн тураллар диэн киирдэ - диэтэ,ол күлсүүтэ буолан,остуолга чэйдээһин буолла.Оруоса олорсубата,кулуупка үҥкүүгэ бараары хоһугар таҥаһын-сабын бэринэр.

Остуолга шампанскай турдв,бүгүн Тыа хаһаайыстыбатын күнэ эбит,улахан бырааһынньык.Эмээхситтэр ону бэлиэтиибит дэстилэр.Өлөксөөн - Ассыаппыйга эмиэ кутуохха - диэн,кыра үрүүмкэҕэ кутта.Урут ла саас,бастакы ынах төрөөтөҕүнэ кыһыл иһэллэрэ.Онно үрүүмкэттэн чаайынай луоскаҕа баһан биэрдэҕинэ "сып" гыннаран баран,оонньуу сүүрээччибин.- Оҕо кыратыгар амсайдаҕына ,улааттаҕына арыгыга наалыйбат буолар- диир.Аҕалаах ийэм соччо сөбүлүү көрбөтөллөр да,утарсыбаттар этэ.Өлөксөөн иннин биэрбэт диэн.

Онон кэмчиэрийии эҥин лиэн суох.Охсуһуннаран баран иһэ олордохпуна,аан аһыллаат,Лиза Марталыын киирэн кэллилэр,кулууптаан иһэллэр эбит.- Һок,Арсен шампанскай иһэ олорор дуу?- диэн учууталым соһуйда аҕай.Мин буруйданан сиргэ тимириэхпин сир кытаанах,халлааҥҥа көтүөхпүн халлаан ыраах.Эмээхситтэр эдэр кыргыттары туох эрэ диэн "алы" гыннылар онон буруй-сэмэ суох буолла.

Өлөксөөн мэлдьи да оҕоҕо көмүскэс буолара.Биир эбит оҕону сэмэлиирин,мөҕөрүн өйдөөбөппүн.Сайын ардыгар кини дьиэтин таһыгар оонньуубут."Өлөксөөн сыыра", "Өлөксөөн аппата" оонньуурга сүрдээх табыгастаах сирдэр.

Сылайдахпытына дьиэтин таһыгар үүнэр баай тииттэр күлүктэригэр сытан ааһар былыттары көрөбүт.Туохха эбит майгыннатан ону ырытабыт,арааһы,ону-маны кэпсэтэбит.Өттүгэстээн сытан,үрэҕи көрөбүт,сайыҥҥы күн уотун сардаҥатыгар уу күөх толбоно күлүмнээн көстөрө кэрэ көстүү буолара.

Ол сырыттахпытына,Өлөксөөн дьиэтигэр ыҥыртыыр,оҕолорго наар кэмпиэт,бэчиэнньэ хаһаастаах буолар.Онтун ыскаабыттан биир-биир ылан туттартыыр.- Улааттаххына маспын хайытан көмөлөһөөр- диир.Көмөлөһүөх буолан кэҕиҥнэһэбит.Сүрүн кыһалҕата мас хайытыыта быһыылааҕа.Кыһын сүөһү уулата сылдьан,мас хайыта турарын элбэхтэ түбэһэн көрөр этим.

Арсен Михайлов Маар с.Ньурба

Добавить комментарий