Главная / Кэпсээннэр / Түөлбэнэн атааннаһыы - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
Кыра кылаастарга үөрэнэр эрдэххэ түөлбэнэн арахсыы сүрдээх буолааччы.Саас үөрэх кэмин бүтэрин саҕана өссө сытыырхайар.Эрдэ "хоту", "соҕуруу" арахса сцлдьыбыт дьон эбии - "Орто","Үөһээ" дэриэбинэлэр,"Баанньык Уулара", "Этээстээхтэр", "Сптулар", "Өктөөбүрүскэйдэр","Новайдар" диэн тус-туһунан судаарыстыбаларга кубулуйабыт.Атын түөлбэҕэ соҕотоҕун эбэтэр улахан киһитэ суох тиийдэххинэ дьарыллаҕын.Бэйэҥ түөлбэҕин кыраҕытык маныы сылдьаҕын.Туораттан атын оҕо кэлбит буоллаҕына мордьойо көрсөҕүн.
Биирдэ дьиэлээн иһэн Алик- бэҕэһээ убайым Өттүллэ "Боллохтооххо" бөх тоҕо бара сылдьан немецкэй аптамаат булан аҕалбыт.Өссө ручной бүлүмүөт булбут да,ыйааһына бэрт онон ылбатах үһү- диэн кэпсээтэ.Уйбаачыктыын кырдьыктамматыбыт ол эрээри Алик бэрт үчүгэйдик ыпсаран кэпсиир.Төһө да сымыйалыырын биллэргин киһи таттаран истиэн курдук.Элгээйи музейыгар икки төбөлөөх тарбыйах баарын истэн,кини эһээтин аахха оннук ньирэй төрөөбүт.Ону эбэтэ - абааһы төрөөтө- диэн таһырдьа соспут.Онто үлүйэн өлбөккө мэҥирии сытарын эһэтэ туоһапканан ытыалаабыт да,буулдьата тэйэ турар үһү.Бүтэһигэр,сүгэннэн эттээн кэбиспит,онтукайа сүгүн өлөн быстыбат.Инньэ гынан музейга кыайан туттарыллыбат гына кырбастаммыт.
"Бөлөрүүс" тыраахтыр тохсуһунан бардаҕына түргэнин истэн,биирдэ аҕатынаан "ЗИЛ-нан" муҥутуурунан айаннаан истэхтэринэ "Бөлөрүүс" ситэн ааспыта үһү.Ити курдук омуннаахтык кэпсиир,эмиэ Дьууркаҕа дылы.Иккиэн да үчүгэй фантазиялаахтар.- Эһэм аахха кэлээриҥ,аптамааты көрдөрүөм,оччоҕо итэҕэйиэххит- диэтэ.Биһиги да бүтэһигэр итэҕэйдибит,оччотугар бүлүмүөт да баара эрэбил.Түргэнник баран ыла охсуохха наада,ким эмэ урут түһүө.
Моһуога "Боллохтоох" "хотулар" территориялара,бу атааннаһыы кэмигэр биһиэхэ көҥүл сүктэрэн ыыппаттар,аара былдьыыллар.
Бу күн оруобуна кулуупка киинэ көстүөхтээх,оҕолор бары киинэ көрө олорор кэмнэригэр баран ылыаҕыҥ- дэһистибит.Ол барыахтаах сирбитин Уйбаачык билэр эбит,кыһын "тааҥка" илдьэллэригэр барса сылдьыбыт.- Тугу эмэ булбутуҥ дуо?- диэҥҥэ , барыта хаар этэ онон тугу да булбатах.Ол кыһын этэ буоллаҕа,билигин саас,хаар барыта уулунна,туох баар барыта көстө сыттаҕа.
"Боллохтоох" сыбаалкатын элбэхтэ да истэр сирим."Хотулар" наар кэпсииллэр - биир уопсай күлүүстээх бараҕын уонна дьиэҕэр бэлисипиэттээх кэлэҕин.Үчүгэй жгут,арагаакка тэллэҕэ,бүк тутуу быһах уо.д.а. барытын сыбаалкаттан булаллар."Боллохтооххо" араас наадалаах мал ыһылла сытар,бар да ыл,олох босхо лааппы.
Киинэ буоларын саҕана киһибэр тиийбитим тиэргэҥҥэ сылдьар,тугу эрэ көрдүүр курдук туттар.Аптамаатын көрдүүр эбит,өр буолбата Уйбаачык тиийэн кэллэ.Үһүөн гарааһынан,хочуоҥканан көрдөөтүбүт да,булбатыбыт.Баҕар дьиэ үрдүгэр буолуо диэн аны онно ытынныбыт.Агааса дьиэттэн тахсан -сарай иһигэр тугу гынаҕытый, түһүҥ!- диэн үөгүлээн төттөрү түһэртээтэ.Булбаккабыт киинэбитигэр бардыбыт,Өттүллэ ханна эрэ ыраах кистээбит эбит- дэһистибит.
Табыллар быабытыгар,икки сериялаах "кэпсэтиилээх" киинэ буолла.Дьэ,бэрт кыратык кулуупка сылдьа түһэн баран барыллыа.Киинэ бүтүөн иннинэ эргийэн кэлэр эбиппит.Туох эрэ кистэлэҥнээҕи,мүччүргэннээҕи оҥороору сылдьарбыт таспытыгар биллэр быһыылаах,Уйбаачык убайа Айаал - Тугу гынаары сылдьаҕыт? Ханна бараары сылдьаҕыт? - диэн ыйытар.Биһиги "суохтан" атыны билбэппит,уолбут арахпат,батыһа сылдьар.Сымыйанан киинэ көрбүтэ буолабыт,аттыбытыгар олорор."Кэпсэтиилээх" киинэ буолан оҕолор туран мэниктии сылдьаллар,олору көрөн эрэ кэбиһэр.Арыый аралдьыйда дуу- диэн таһырдьа тахсыбыппыт,батыһан таҕыста,маныы сылдьар.
Таһырдьа сорох оҕолор сүүйсэн оонньообуттара ырааппыт,саҥа-иҥэ,балыйсыы элбээбит.Биһиги эмиэ сымыйанан сүүйсүбүтэ буоллубут.Кыттыһа сатаабытын бэйэбит эрэ оонньуубут - диэн атын сиргэ баран биэрдибит.Көҕө суохтук оонньуурбут иһин уонна биир үксүн атын оҕолор ууоарыгар-хаардарыгар киирэн оонньуулларын көрөн ,кэмниэ-кэнэҕэс олорго кыттыста.Атыттарга аралдьыйан тэйээтин кытта биһиги түһүнэн кэбистибит."Уйбаан Бааһынатынан" бардыбыт,сопхуос заправкатыттан ураты аҕыйах дьиэ тутулла турар дуу,суох дуу,саас буолан бадараан бөҕө.
Дьэ,сыбаалкабытыгар тиийэн кэрийэ сатаан кэбистибит,дьөрү туох да киһи туһаныаҕын булбатыбыт.Эгэ,бүлүмүөт кэлиэ дуо?Дэриэбинэ араас бөҕө, "тааҥка", балбаах ууллан бадарааны кытта буккуһан,сотобутугар дылы кэһэ сылдьабыт.Сыт-сымар туһунан этэ да барыллыбат.Ол сылдьан ардахха баттатан төрүт да сытыйдыбыт.Бүгүн Ньукуола ,ол ардаҕа түһэр,бүгүҥҥүттэн сайын кэлэр - диэн кэпсэтэбит.Бука,дьоммутуттан истэн билэн эрдэхпит.Алик сымыйалаабыта биллэн тахсан,додо курдук кыыһыран дьиэлээтибит.Кэлбит сирбит ардахха өссө сытыйбыт онон Новай уулуссаҕа саарбаҕалаан баран туораатыбыт.Киинэ бүтэ илик,иккис серия саҕаланыан иннигэр хоҥнубуппут.Оҕолор кулуупка буолуохтаахтар - диэн бүк эрэллээхпит.Новай уулусса өссө эбии бадараан,онтун үрдүгэр колеялаах буолан биэрдэ.
Арай "Түрүлүөпкэлэргэ" кэлиибитигэр Артур тахсан кэллэ.Икки өттүттэн соһуйан чочумча тохтуу түстүбүт онтон дьэ,сүүрдүбүт.Уолбут Ондуруоһуйдарга киирэн хаалла,биһиги ааһа сүүрэ турдубут.Тиэргэҥҥэ оҕолор саҥалара иһиллэр,Артур тардыалатан саҥарар ыксаатаҕына төрүт да кэлэҕэйдиир, хата онто биһигини абыраата. " Ханна? Ханна баалларый?" эккирэтээччилэр саҥалара хойутаан да буоллар кэннибитигэр иһилиннэ. Соломон дьиэтин таһыгар тугу эрэ гына сылдьан сырсааччыларбытын хаһыытаан тохтолоото, биһиги Өктөөбүрүскэйгэ туора туттубут. Арыый уоскуйан хаамтыбыт онтубут дьоммут быһа түһэн Баснаевтар тиэргэннэригэр киирбиттэр, ону көрөн эмиэ сүүрдүбүт. Уулусса быһа охсуһуутун кыратык ааһан баран тохтоотубут дьоммут салҕыы эккирэппэтилэр. Көрбүппүт бииргэ үөрэнэр уолаттарбыт Киэһэппий, Айаал, Һаанньыкка оҕолор ортолоругар бааллар, сарсын үөрэнэ тиийдэхтэринэ кэһэтэлиэх буолабыт. "Кэһэтэлээн көрөөрүҥ эрэ, биһиги да да баар буолуохпут. Тугу гына сылдьаҕыт биһиги сирбитигэр?"- Лааппый саҥата умайыктанар. " Оо, сордоохтор кэннигитин көрүҥҥүтүүй"- диэн саҥаны истэн хайыһан көрбүппүт арай Өксүөн, "Пээпи" Һааччыккалыын уолаттары батыһыннаран дьэ, түбэстигит ээ диэбиттии туттан аа-дьуо чугаһаан эрэллэр. Биирдэ эмискэ икки уот ардыгар баар буола түстүбүт." Махсыымнааҕынан куукунаҕа куотуохха"- дьоммор сибис гынным уонна олбуор иһигэр дьылыс гынныбыт. Саас тимуровскай хамаандаҕа сылдьан хаар таһан турабын онон уһаайба иһин билэбит. "Өстөөхтөрбүт" куукуна диэки ааһа сүүрбүппүтүн хойутаан билэр, икки өртүбүтүн күөйэ сырыстылар. Сүүрэн иһэн ытар буолан хата таппаттар буулдьалара аттыбытынан сиирэ-халты түһэр. Күрүөтэ элбэҕэ бэрт эбит ону ааһарбытыгар тардыллан , куукунаттан тахсыыбытыгар " Үөһээ дэриэбинэлэр" хонтуораҕа барар суолбутун быһа түстүлэр. Иннибитигэр "Этээстээхтэр" диэки көмө көрдөөн - Һааскаа! Димка-аа! - хаһыытыы-хаһыытыы сүүрдүбүт."Этээстээхтэри" бырааттыы Пахомовтар тутан олороллор.Хайаларын да билэбит,Димка өссө баһаатайдаан сылдьыбыта.Хаһыыбытын истэн утары оҕолор иһэллэрэ көһүннэ,кыра хорууну туорааппытын кытта эккирэтээччилэрбит тохтоотулар,"быыһааччыбыт " Димка эбит,убайа суох.Көмүскээн ылла да,аны бэйэбитигэр хатыһан турда - Мин дьоммун,интернаттары атаҕастыыр үһүгүт- диэн."Этээстээхтэр" интернаттары кытта биирдэр,олорго бииргэ үөрэнэр уолбут Бааска баар.Кыс устата хайдах биир да түбэлтэ суох буолуой,ол эрэн кыккыраччы мэлдьэһэн кэбистибит.Уйбаачык интернатчиктары суптурута көрөттүүр,ким да тугу да саҥарбата,куттаналлар.Үҥсүү эрэ суох буолан дьарыллыбатыбыт,этэҥҥэ дьиэлээтибит.
Сайын килиэбинэн,лааппынан барарбытыгар,Лээхэптэргэ түмсэн баран үөскэ киирэбит,Мазай Баанньа баһылыктаах сылдьабыт.Орто дэриэбинэ уолаттара кэлэрбитигэр-барарбытыгар тоһуур оҥороллор.Үксүгэр төннөрбүтүгэр тоһуйаллар.Быраас Галялаахха кэллибит да,таһаҕаһы кыра уолаттарга туттараллар,улахаттар хахха буолан арагаакка,хаппыт буор,мас бэлэмнэнэн утары барабыт.Икки өттүттэн - Огонь!!!Ахтунг!!!Фоя!!! - диэт,ытыалаһан-тамнаһан бараҕын.Уйбаачыгым бу сырыыга анараа хамаанда,бырааттыы Кылыйаараптар,Андреевтар- кылаас аайы кинилэр "хоруоллар",сүрдээх дьоннор.Анараалар бэргэн ытааччылара Туокка,ытыытын аахтара табар,кини ытта да анараа дьон үөрэн саҥа аллайа түһэллэр. Оччолорго "Туокка ытта да берегись!" - диэн өйдөбүл баара. Кирииһэ баар буоллаҕына төрүт да саллыы. " Бу оҕолор эмиэ охсуһан эрэллэр! Хайдах күн аайы тииһэр баҕайыларай! Нохолоор, тохтооҥ!"- эмээхситтэр үөгүү-хаһыы бөҕөтүн түһэрэн тохтоллор. Иннибит диэки сүүрэбит дьоммут батыһа сылдьаллар ол гынан спту олбуорун айаҕар тиийээн эмиэ хапсан ылабыт. Манна сороҕор уора-көстө тиэргэниттэн Боочукка ытыалыыр, туора уулуссаҕа ардыгар Уучаан эмиэ маныы сылдьар буолар, биһигиттэн быдан аҕа уолаттар. Эмээхситтэр эмиэ ыһыы-хаһыы түһэрэн араартыыллар, бэйэлэрин түбэлэрин мөҥөн саҥа бөҕө. Олбуор иһигэр киирэн дьэ ытыыгын ыарыыгыттан, кыһыыгыттан-абаҕыттан .Табыллыбатах да буоллаххына ип-итии килиэп бөҕөтүн сүгэ, тута сылдьыбытыҥ көхсүгүн, илиигин быһа хаарыйбыт буолар оччолорго сетка диэҥҥэ уктар этибит килиэппитин. Биһиги да кинилэр курдук элбэхпит, улахан уолаттардаахпыт буоллар тэҥҥэ аахсыа этибит. Хаптаабыска этиллиэ, Хаптаабыс кинилэри баҕас кэһэтэлиир - дэһэбит. Ол киһибитин мээнэ харахпар көрбөтүм да тэҥэ. Күнүһэ-түүн, түүнэ-күнүс сырыылаах, матассыкыл үрдүгэр түстэ да көтүтэн хаалар, быылын эрэ көрөн хаалаҕын. Биирдэ эмэ түбэстэхпитинэ матассыыкылыгар хатааһылатан үөрдэр-көтүтэр. Дьэ ол оннугар " Саһаан Аартыгар" балыктааһыҥҥа күннүүбүт атын түөлбэ оҕолорун ыраах, балык хаппат сиригэр үтүрүйэҕин. Астарын амтаннааҕын, балыктарын үчүгэйин былдьыыгыг. Балыктыы да барбатахпытына үрэххэ сөтүөлүү сылдьан син-биир " бэриһиннэрэбит" суоллара биһигиннэн ааһар, ханан да тумнубаттар. Сайын ортотун диэки лааҕырдар үлэлэрин саҕалыыллар оҕо үксэ ким окко, ким кирпииччэҕэ бараллар, оччоҕо түөлбэнэн атааннаһыы тохтуур.
Арсен Михайлов Ньурба- Маар
30.11.2020