Кэпсээ
Войти Регистрация

Айаал уонна Аабый (Арсен Михайлов)

Главная / Кэпсээннэр / Айаал уонна Аабый (Арсен Михайлов)

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
30.12.2022 21:14
598 0

Биһиги түбэ оҕолоро бары кэриэтэ Лээхэптэргэ мустан оонньуубут,оскуолаҕа,киинэҕэ,үөскэ барабыт.Сылдьар киһибит - Аабый,элбэх көлүөнэ оҕону кытары бииргэ үөрэммит,оонньообут,оччолорго популярнай аҕай киһи.Биир талаана - илиитинэн атаҕынан кэриэтэ хаамар.СПТУ объектарын барытын,киинэҕэ тиийдэҕинэ кулуубу эргийэр.Үрэх сыырын,Өлөксөөн аннынан хааман тахсар,ол аайы сөҕүү-махтайыы бөҕөтө.Атаһа Айаал (Булчут Айаал) сахалыы-нууччалыы ырыаны барытын кэриэтэ билэр,ырыаһыт бэрдэ.Дьоннор сөбүлээн хат-хат ыллаталлар,ол аайы этээбэт кэҕэ курдук ыллаан чоргуйар.

Бииргэ буоллулар да биирдэрэ ыллыыр,иккиһэ илиитинэн хаамар,киинэҕэ көстөр "Бродячие артисты" курдуктар.Оҕолор да,улахан да дьон батыһа сылдьан көрөллөр-истэллэр,инньэ гынан манньалара сиэптэрэ толору кэмпиэт,бытархай харчы.Ол "быйаҥтан" биһиги эмиэ тиксэн үөрүү-көтүү бөҕө буолабыт.

"Быйаҥмыт" үөрэх кэмэ буолла ла аҕыйыыр,биричиинэтэ- Айаал ийэтэ пиэрмэҕэ үлэлиир буолан,интернатка олорон үөрэнэр.

Арай биир субуота күн Айаал Лээхэптэргэ көтөн түстэ.Пиэрмэҕэ ааһан иһэр,баһыттан атаҕар дылы сабыс-саҥа таҥастаах: капюшоннаах,кнопка тимэхтээх куурка,саҥа ыстаан,саҥа хара лаахтаах бачыыҥка.Киһибит мааныта сүрдээх,интэринээт оҕолоругар спецтаҥас биэрэллэр эбит.Ордук кнопка тимэхтээх куурканы сөбүлээтибит,дэриэбинэ оҕолоругар кимиэхэ да суох.- Кэтэргэ-устаргв оһуобай табыгастаах- дии-дии кнопкатые тылыгыратар,санаран чыбыгырыыр.

Аҕыйах күн буолан баран,кыаммат ыал оҕото диэн уонна оскуолатыгар салгыы үөрэннин диэн,Аабыйга оскуолалар оннук таҥас биэрдилэр.Оскуолатын быраҕа сатыы сылдьар начаалынай кылаах киһитин онус "Одноклассникпыт" диэн,илии тутуһан ааһаллар.

Киһибит кууркабын кэтэн оскуолабар барыам,саҥа ыстаанын,бачыыҥкатын кэтэн киинэҕэ,үҥкүүгэ барыам диир.Ол эрээри тоҕо эрэ кэппэт,сундуугар уган кэбиһэр.Саҥа таҥаһын ылан имэрийэн көрөр уонна төттөрү ууран иһэр,харыстыыр да харыстыыр.

Ол курдук күһүн,кыһын ааста,сааскы каникул буолла,саҥа таҥас кэтиллибэтэ.Каникул кэмигэр оҕо-аймах таһырдьаттан киирбэт,саамай сөбүлүүрбүт ытыалаһыы уонна хоккей.Кыһыҥҥы таҥас уһуллан,сааскы таҥаска көһөн сылдьабыт- Аабый,хаһан саҥа кууркаҕын кэтэҕин?- дэһэбит.

Онтубут Айаал кэтэн барбыт буолла.Бай,хайдах оннук буолла?Онтубут дьиэтигэр соҕотоҕун олордоҕуна Айаал киирэн кэлбит,кэпсээн-ипсээн сүрдээх,албына диэн дьикти.Хайа баҕарар киһини төбөтүн эргитэр саҥалаах,сарсын аҕалыах буолан,кууркатын уларсыбыт,бэйэтин киэнин хаалларбыт.Онто номнуо эргэрбит,били кнопкалар сорохторо кыайан тимэхтэммэт,төлөрүйэ сылдьар буолбут,хонноҕун анна хайдыбыт,киртийбит эҥин.Буолуо суоҕа дуо,Айаалыҥ сырыыта киэҥ,мэнигэ- сытыыта сүрдээх буоллаҕа.Хас оҕону кытта тустубута,охсуспута биллибэт.- Дьэ,албыннаппыккын- диибит,киһибит- Лыгыллаайап б-т һаайыллыаҕа!- диир.Хантан,Айаалыҥ оҕо сааскы уһун өрөбүлүн пиэрмэҕэ атааран ойо-тэбэ сырыттаҕа,киниэхэ кэлэн бэрт.

Арай биир күн киирбитим,дьонум үөрэ-көтө чэйдии олороллор.Айаал кэлбит,кууркатын аҕалбыт,киртиппит,ханна эрэ тэлэ көппүт.Ол эрээри дьонум иллээхтэрэ сүрдээх,бэл,ийэтэ Улита туох да буолбатаҕын курдук чээйдэһэ олорор.Айаал биир кэм саҥаран чыбыгырыыр,күлэр-үөрэр,тыла отой мүөт,буруйтан хайыы-сах куотуммут,өссө хоно хаалар буолбут.

Сарсыныгар истибиппит,Улита үлэтигэр тахсыбытын кэннэ ,аны били саҥа ыстааны уонна бачыыҥканы кэтэн барбыт.Уларсыбытыттан кыһыйан,Аабый эмиэ- Лыгыллаайап б-т һаайыллыаҕа!- диир.Ийэтэ Айаалы мөҥүттэр,уолун мөҕөр- Тоҕо уларсаҕын?!- диэн.

Хойутун-хойут уларсыллыбыт таҥас төннөр:ыстаан киртийбит-имиллибит,бачыыҥка тумсун лааҕа бүппүт,дэриэбинэ уулуссатын тоҥ сылгы сааҕын футболлааһынтан.

Киикэ күлэ-күлэ - Хайа,Лыгыллаайапкын саайдыҥ дуо?- диэн ыйытар.Хантан, эмиэ саҥаран-иҥэрэн,күлэн-салан буруйдамматах.Оннук тыллаах-өстөөх этэ,Булчут Айаал.

02.09.18 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба

Добавить комментарий