Главная / Кэпсээннэр / Мээнэ тыллаһыы содула...
Добавить комментарий
Таня бэйэтиттэн үс сыл аҕа Андрейы киһини билэр буолуоҕуттан ыла таптыыра. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьан, Андрей аармыйаҕа ыҥырыллан барбытыгар... Мэлдьи таптыыра. Андрей аармыйаҕа сылдьар кэмигэр, Таня киниэхэ суруйбатаҕа. Хорсун санаа тиийбэтэҕэ. Ол эрээри, Андрей аармыйаҕа хайдах сылдьарын кини ийэтиттэн ыйыталаһан барытын сиһилии билэрэ. Андрей ийэтэ кинини «кийиитим» диэнтэн атыннык ааттаабат да этэ. Оҕотун курдук көрөрө. Кыра бөһүөлэккэ тугу кистиэҥий, Таня Андрейы умсугуйарын оскуола оҕото, үөлээннээхтэрэ бары да билэллэрэ. Саас 10-с кылааһы бүтэрэллэригэр, комсорг, актыбыыс буоларын быһыытынан, Таня «выпускной баал» сүрүн тэрийээччитэ буолбута. Бииргэ үөрэммит оҕолор бары уон сылы быһа үөрэммит оскуолаларыгар сарсыарда мустан, киэһэ баал ыытыллыахтаах саалатын киэргэтэ сылдьыбыттара. Таня улахан баҕайытык саҥаран оҕолорун дьаһайа-дьаһайа устуул үөһэ тахсан былакааты ыйыы турдаҕына, биир дьүөгэтэ санныттан тардыалаан дьигиһиттэ. Таня «тугуй?» диэбитинэн эргиллэн көрөөт... соһуйан устуултан суулла сыста. Оскуола саалатын ааныгар араас ойуу-бичик, уордьан-мэтээл бөҕөтүн иилиммит диэмбэл, эр бэрдэ тыыллан турар эбит. Кини Андрейа кэлбит! – Ким эмэ миигин өйдүүр буоллаҕына, барыгытыгар итии-истиҥ эҕэрдэ! – диэн туох да хааччаҕа суох дэлэйдик, ньиргиэрдээхтик этэн кэбиһэн баран, Андрей иһирдьэ саала киэргэтэ сылдьар оҕолору кэрийэ көрүтэлээтэ. Кыра холуочук эбит. Ол туран хараҕа Таняҕа иҥнэ биэрдэ уонна дьалаана суохтук: «Таанньыска улаатан ынырыктаах кырасаабысса буолла диэн кырдьыгы кэпсииллэр эбит!» – диэтэ. Ол кэмҥэ Андрейы кытта киирсибит биир доҕор уола «доо, ыйыт эрэ бэйэтиттэн, син биир уруккутун курдук эйигин таптыыр дуо?» диэн диэмбэлгэ өй угааччы буолла. Кырдьык, манна баар дьонтон ону билбэт да киһи суох. Дойдутугар кэлэн саха тэҥэ суох буола сылдьар холуочук диэмбэл ону хабан ылла. Устуулуттан түһэн долгуйан тэпсэҥнии турар кыыска ыга хааман ынан кэлэн, кыыс кулгааҕар: – Таанньыска-а, эн миигин урут сөбүлүүр этиҥ буолбат дуо? Ону мин билэбин ээ. Умнубатыҥ ини, син биир уруккуҥ курдук таптыыгын дуо? – диэн ыйытта. Дьиҥинэн, олус улахана суохтук саҥарбыта гынан баран, уу чуумпутук иһийэн турар саалаҕа ону бары иһиттилэр уонна... сэҥээрдилэр. «Тугу хоруйдуур эбит?» диэн тэйиччи турбут оҕолор чугаһаан кэллилэр, сэҥээрии, сээбэҥнэһии буолла. Дьэ, кыыс кылааннааҕа тугу хоруйдуур эбитий? Оҕо эрдэҕиттэн таҥара курдук санаабыт, күүппүт киһитэ субу кэлэн таҥнары өҥөйөн турарыттан олус долгуйбут, үөрбүт кыыс туох да хос санаата суох, иһиллэр гына: – Таптыыбын, Андрей. Мин эйигин куруук таптыыбын, – диэтэ. Диэмбэл «иһиттигит дуо?» диэн киэбирбиттии тула көрүтэлээн баран, собус-соруйан бары истэллэрин курдук доргуччу айахтатта: – Дуо? Оттон мин эйигин таптаабаппын дии, тоҕо эрэ. Ону хайдах гынабыт? Ол кэнниттэн Таня туох буолбутун өйдөөбөт. Саатан-кыбыстан хараҕын үүтэ көстүбэт буолан, күлэн тоҕо барбыт, сэтэриир саҥа-иҥэ бөҕө быыһыгар саалаттан сүүрэн тахсан дьиэтигэр тиийбитэ... ... Ол киэһэ Танялаах «выпускной бааллара» буолбута. Көрү-нары тэрийээччинэн, иилээччинэн-саҕалааччынан, мэлдьи да буоларын курдук, Таня сылдьыбыта. Быһата, мааҕын ньүдьү-балай быһыы буолан ааспытын таһы-быһа мэлдьэһэн кэбиспитэ, ким да ону саната да барбатаҕа. Киэһэ бииргэ үөрэммит уолаттара кинини «баал королеватынан» талбыттара. Оҕолор күлүү-салыы бөҕө буолан, олох киэҥ аартыгар үктэнэр аан бастакы күннэрин көрсө барбыттара. Аан таһыгар диэмбэллии таҥаһын өссө да кэтэ сылдьар, хайыы-үйэ өйдөммүт дьүһүннээх Андрей кэлэн бэрт симиктик атаарыан баҕарарын эҥин туһунан тугу эрэ саҥарбыта да, кыыс «бу түүн оҕолорбутун кытта күнү көрсө барабыт, барсар буолаххына, баҕар, барыс ээ» диэн кэбиспитэ. Туох да хом санааны биллэрбэтэҕэ. Диэмбэл барсыбатаҕа. Сарсыныгар Таня улуус киинигэр баар аймахтарыгар киирбитэ. Ол күн кинилэр дьиэлэригэр Андрей кэмпиэт кэһиилээх «быһаарса» диэн киирэн баран, Таня барбыт сураҕын истэн олус соһуйан, хомойон төннүбүтэ. Кини кыратык холуочуйбучча оҥорбут алҕаһын өйдөөн түүнү быһа утуйбатах этэ.Дьиҥинэн, кини эмиэ Таанньысканы оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүрэ, аармыйаҕа сылдьан мэлдьи саныыра, ахтара, түһээн кытта көрөр этэ эбээт. Аны кэлэн, ону билигин кини кимиэхэ быһаарыай, дакаастыай? Андрей кэлин хаста да Дьокуускайга анаан-минээн тиийэн оҕо сааһын таптала Таанньысканы кытта быһаарса, элэ-была тылын барытын этэн көрдөһө, бырастыы гыннара сатаабыт этэ да, туһа тахсыбатаҕа. Таня оҕо эрдэҕиттэн тутуһан кэлбит сыаннастарын, тапталын, ыра санаатын бука барытын биирдэ туора сотон, кумалаан таһаарбыт ол хара күнү киниэхэ бырастыы гымматаҕа. Кинилэр билигин биирдэрэ куоракка, иккиһэ дойдутугар тус-туһунан ыал буолан олороллор. Арай, сайын биирдэ эмэ куораттан дэриэбинэҕэ Таанньа икки кыра уола сайылыы кэллэхтэринэ, тырахтарыыс Өндүрэй анаан-минээн кэлэн атаахтатар, тыраахтарынан хатааһылатар. Ордук холуочуйдаҕына. Билигин дэриэбинэҕэ Өндүрэй тоҕо ити оҕолорго ураты ымманыйарын интэриэһиргиир, билэ сатыыр да киһи суох. Аана Арамаанаба.