Главная / Кэпсээннэр / Чаанньык
Добавить комментарий
Кэлин миэхэ биир дьикти санаа киирэр буолла. Маҕаһыыҥҥа киирдэхпинэ чаанньык көрдүүр буоллум… Санаам тохтуур чаанньыгын буллахпына өр тохтоон турабын уонна бу чаанньыгы ийэбэр ылан биэрбит киһи дии саныыбын. Дьиибэ баҕайы… Былыыр үйэҕэ өлөн хаалбыт ийэбэр… Онтум оҕо сылдьан оҥорбут улахан буруйбун кытары ситимнээх. Оччолорго уончалаах бэдик этим. Биир сарсыарда быһаҕынан саахар хоһуоктуу олорон сыыһа туттан, үрүҥ чаан ньык тумсун тосту охсон кэбиспитим. Оччотооҕу кырыымчык кэмҥэ иһити, буолаары буолан чаанньыгы алдьатыы улахан буруй буолара. Наһаа куттаммытым. Чаанньык туллан хаалбыт тумсун силбинэн силимнээн оннугар сыһыара сатаабытым да, турбахтаан баран түһэ турар этэ. Ыксаабычча сабынан эрийэн көрбүтүм син биир туһалаабатаҕа. Хайыахпыный, чаанньы гы алдьаппыт буруйбар ийэбиттэн улаханнык мөҕүллэр, иэним аһыйар гына чыпчаххайданар киһи буолбутум. Таһырдьа тахсан өр турбутум. Туох барыта бытааран, болоорон, хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Алааска киирэр аартык кытыытынан сэлэлии үүммүт тэҥкэ тииттэр миигин сэмэлээбиттии соҥуоран тураллара. Эрбэһининэн саба үүммүт буор даҥын ньохчоччу сүкпүт, чоҥолох түннүктэрдээх дьиэбит кэлэйэн иэдэс биэрэр курдуга. Сайылык аннынааҕы көлүйэ күөл туохха да кыһаллыбаттыы мэндээрэрэ. Арай кэриигэ кэҕэ тохтообокко чоргуйара, тулабар тэмэлдьигэннэр сирилэһэллэрэ. Дьиэ эркинигэр түспүт бэйэлээх бэйэм күлүгүм төп-төгүрүк төбөтө, сип-синньигэс моонньо, таллайбыт кулгааҕа, от илии, от атах лабаалара: «Оо, бу киһи хаһан улаатан чаанньыгы төлүүр киһи буолара буолла? » - Диэбиттии саараан, санньыйан турара. Оо, бу барыта ааһыа баара дуо? Ааһыа дуо? Ааһан иһиий… Ол эрээри кэм-кэрдии биир сиргэ хам хараҕаланан турбат эбит. Күн-дьыл өрүс сүүрүгүнүү суккуллан ааһан испитэ. Онтон улаатар сахха түптэ түрүлүөн үөһүгэр буо лан хаалбыппыт. Комсомол үөрэххэ ыыппыта, партия үлэҕэ утаарбыта. Кэлии-барыы, айан, күрэхтэһии, сиртэн сиргэ көһүү… Ол быыһыгар киэҥ сиринэн тэлэһийии. Били, чаанньык эрэ, туох эрэ. Барыта умнуллубута. Соҕуруу куораттартан ийэбэр былаат аҕаларым… Арай биирдэ Ленинградтан аҕыйах чааскы кэһиилээх кэлбитим. Ол чааскылары көрөөрү эмээхсин бөҕө сыбыытаабыта. Хоско кинигэ ааҕа сытан суегэй үүттээх хойуу чэйинэн күндүлэппит эмээхситтэр ыаһахтарын төрдүн төбөтүн иһиттэххэ: «Кыһыл көмүс солотуулаах эбит», «Эчи, чарааһын… », «Мааны иһит», «Киһи аһыа суох… », «Арай мааны кийиит… », «Бээрэ, уол туох санаалааҕый? », «Биир эмэ үтүө ыал кыыһын… », «Абалаах баҕайы… », «Былыргы буоллар… » – Дэһэллэр этэ. Итинник ыаһаҕы эдэр киһи
сөбүлээбэт. Сыттыкпын бүрүнэ тардынан утуйан хаалбытым. Бүгүн бу эмиэ чаанньык таһыгар турабын. Эмээхситтэр күйгүөннэрин түүл-бит курдук истэбин. Били хараҕаланан хаалбыт хаарыан кэмнэри, тумса туллубут чаанньыгы саныыбын. Чаанньык былыыр үйэҕэ быраҕылыннаҕа, онтон оччолорго саҕыллыбыт санаа ааспаттыы, арахпаттыы иҥэн хаалар эбит.
Серафим Ильин Чолбон 02/2013
Укажите e-mail или номер телефона для связи:
Опишите причину жалобы:
Аудиота:
🎵 Чаанньык — Кэпсиэ
Кэлин миэхэ биир дьикти санаа киирэр буолла. Маҕаһыыҥҥа киирдэхпинэ чаанньык көрдүүр буоллум… Санаам тохтуур чаанньыгын буллахпына өр тохтоон турабын уонна бу чаанньыгы ийэбэр ылан биэрбит киһи дии саныыбын. Дьиибэ баҕайы… Былыыр үйэҕэ өлөн хаалбыт ийэбэр…
Онтум оҕо сылдьан оҥорбут улахан буруйбун кытары ситимнээх. Оччолорго уончалаах бэдик этим. Биир сарсыарда быһаҕынан саахар хоһуоктуу олорон сыыһа туттан, үрүҥ чаан ньык тумсун тосту охсон кэбиспитим. Оччотооҕу кырыымчык кэмҥэ иһити, буолаары буолан чаанньыгы алдьатыы улахан буруй буолара. Наһаа куттаммытым. Чаанньык туллан хаалбыт тумсун силбинэн силимнээн оннугар сыһыара сатаабытым да, турбахтаан баран түһэ турар этэ. Ыксаабычча сабынан эрийэн көрбүтүм син биир туһалаабатаҕа. Хайыахпыный, чаанньы гы алдьаппыт буруйбар ийэбиттэн улаханнык мөҕүллэр, иэним аһыйар гына чыпчаххайданар киһи буолбутум.
Таһырдьа тахсан өр турбутум. Туох барыта бытааран, болоорон, хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Алааска киирэр аартык кытыытынан сэлэлии үүммүт тэҥкэ тииттэр миигин сэмэлээбиттии соҥуоран тураллара. Эрбэһининэн саба үүммүт буор даҥын ньохчоччу сүкпүт, чоҥолох түннүктэрдээх дьиэбит кэлэйэн иэдэс биэрэр курдуга. Сайылык аннынааҕы көлүйэ күөл туохха да кыһаллыбаттыы мэндээрэрэ. Арай кэриигэ кэҕэ тохтообокко чоргуйара, тулабар тэмэлдьигэннэр сирилэһэллэрэ.
Дьиэ эркинигэр түспүт бэйэлээх бэйэм күлүгүм төп-төгүрүк төбөтө, сип-синньигэс моонньо, таллайбыт кулгааҕа, от илии, от атах лабаалара: «Оо, бу киһи хаһан улаатан чаанньыгы төлүүр киһи буолара буолла? » - Диэбиттии саараан, санньыйан турара.
Оо, бу барыта ааһыа баара дуо? Ааһыа дуо? Ааһан иһиий…
Ол эрээри кэм-кэрдии биир сиргэ хам хараҕаланан турбат эбит. Күн-дьыл өрүс сүүрүгүнүү суккуллан ааһан испитэ. Онтон улаатар сахха түптэ түрүлүөн үөһүгэр буо лан хаалбыппыт. Комсомол үөрэххэ ыыппыта, партия үлэҕэ утаарбыта. Кэлии-барыы, айан, күрэхтэһии, сиртэн сиргэ көһүү… Ол быыһыгар киэҥ сиринэн тэлэһийии. Били, чаанньык эрэ, туох эрэ. Барыта умнуллубута. Соҕуруу куораттартан ийэбэр былаат аҕаларым… Арай биирдэ Ленинградтан аҕыйах чааскы кэһиилээх кэлбитим. Ол чааскылары көрөөрү эмээхсин бөҕө сыбыытаабыта. Хоско кинигэ ааҕа сытан суегэй үүттээх хойуу чэйинэн күндүлэппит эмээхситтэр ыаһахтарын төрдүн төбөтүн иһиттэххэ: «Кыһыл көмүс солотуулаах эбит», «Эчи, чарааһын… », «Мааны иһит», «Киһи аһыа суох… », «Арай мааны кийиит… », «Бээрэ, уол туох санаалааҕый? », «Биир эмэ үтүө ыал кыыһын… », «Абалаах баҕайы… », «Былыргы буоллар… » – Дэһэллэр этэ. Итинник ыаһаҕы эдэр киһи
сөбүлээбэт. Сыттыкпын бүрүнэ тардынан утуйан хаалбытым.
Бүгүн бу эмиэ чаанньык таһыгар турабын. Эмээхситтэр күйгүөннэрин түүл-бит курдук истэбин. Били хараҕаланан хаалбыт хаарыан кэмнэри, тумса туллубут чаанньыгы саныыбын. Чаанньык былыыр үйэҕэ быраҕылыннаҕа, онтон оччолорго саҕыллыбыт санаа ааспаттыы, арахпаттыы иҥэн хаалар эбит.
Серафим Ильин
Чолбон 02/2013