Кэпсээ
Войти Регистрация

Кулуубу буулаабыт иччи

Главная / Кэпсээннэр / Кулуубу буулаабыт иччи

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
04.11.2022 21:52
310 0

Бу түбэлтэ биир чугастааҕы улуус дэриэбинэтигэр буолбут. Биллэр биричиинэнэн нэһилиэнньэ аата кистэнэр, онон дьикти быһылаан буолан ааспыт сирин У. диэн ааттыым.

Биир үтүө сайыҥҥы күн оҕолор У. кулуубун улахан саалатыгар мустан кэпсэтэ олорбуттар. Тоҕо оннук мустубуттара эбитэ буолла, бука, билэр киһилэрэ кулууп үлэһитэ буолан көҥүллүүрэ дуу? Эргэ сынньалаҥ киинин дьиэтэ кинилэр саҥаларын дуораан гынан, күлэн сыһыгыраһаллара чугас эргиҥҥэ диэри эйээрбит. Арай, ол олордохторуна, биир кыыстара сыана үрдүн көрө түспүт уонна наһаа дьиибэтик ах барбыт. Сирэйэ-хараҕа кубарыс гыммыт уонна чуумпу соҕустук: «Ким эрэ турар курдук көрөн ыллым», -- диэбит. Онуоха оҕолор тулаларын көрүммүттэр даҕаны, ким да суоҕун билэн, салгыы кэпсэппиттэр. Оттон били кыыс сыананы өссө биирдэ одуулаан баран хатаннык часкыйа биэрбитигэр бука бары атахха биллэрэн, кулууп утары былаһааккаҕа сүүрэн тахсыбыттар.

Онно тиийэн, арыый уоскуйан, аймаммыт кыыстарын уҕарыта сатаабыттар даҕаны, киһилэрэ биир кэм: «Онно киһи турара, киһи баара», -- диэ да диэ буолбут.

Бу кэмҥэ хантан даҕаны кэлбитэ биллибэт этиҥнээх ардах түһэн курулаппыт. Оҕолор илийимээри кулууп кырыыһатын анныгар сүүрбүттэр. Син сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук тура түһээт, аҕыйах буолан кулууптарын аанын хатыы тиийбиттэр. Биир улахан кыыс халҕаны сабан, маһынан баттаппытын кэннэ, ааннарын ким эрэ күүскэ үппүтүн курдук, эмискэччи аһыллан кэлбит, бэл, баттаһан турбут уоллара тиэрэ баран түспүт. Оҕолор куттара көтө сыһан хаһыытаспыттар уонна тэйиччи сиргэ диэри сүүрбүттэр.

«Ааны аһаҕас хаалларбаппыт буоллаҕа, хатыахха наада. Ким хорсунуй? Тиийэн өссө биирдэ хатаан көрүөх», -- диэбит биир кыыс. Бу сырыыга ити дьыаланы бары оҥорорго быһаарбыттар. Этиҥнээх ардах күүһүрэн биэрбит, чаҕылҕан кэмэ суох курбуулаабыт. Арай, тиийэн халҕаннарын баттата турдахтарына, аттыларыгар чаҕылҕан саайбыт, онуоха кулууп түннүгүнэн көрбүттэрэ -- иһирдьэ көрүдүөргэ икки миэтэрэ кэриҥнээх үрдүк, хара бэкир киһи харааран көстүбүт! Оччолооҕу көрбүт оҕолор ардаҕы ардах диэбэккэ дьиэлэрин диэки атахха биллэрбиттэр.

Сарсыарда аҕыйах буолан кулууп үлэһитин кытта кэлсибиттэр. Аан тэлэччи аһаҕас, иһирдьэ ол-бу докумуоннар ыһыллыбыттар, лаампалар буоллаҕына үлтүрүйэн, умайан хаалбыттар эбит.

Бу түбэлтэни истэн баран, этиҥ абааһы олорор маһын охсор диэн өбүгэлэрбит өйдөбүллэрэ туох эрэ оруннаах быһыылаах дии саныыгын.

Добавить комментарий