Кэпсээ
Войти Регистрация

Бэриэччит

Главная / Кэпсээннэр / Бэриэччит

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
22.10.2024 20:40
2k 0

An image to describe postМин бэриэччити илэ харахпынан көрөн турардаахпын. Аҕыйах хонук общага диэннэригэр олоро сылдьан, биир үтүө күн эрдэ бүтэн, хоспор сурук ааҕа сыттым. Арай, аан тыасаата уонна бииргэ олорор кыысым кэннинэн киирдэ. Мин наадыйбакка сурукпун умсугуйан туран ааҕа олордум, ороммор. Онтон пакетын игин устуулга уурбута, сонун ыскаапка ыйыыр этэ. онтон түргэн баҕайык ханна эрэ тахсан баран хаалбыта. Мин тилэҕин эрэ көрөн хаалбытым. Онтон төбөбүн сурукпар саҥа хайыһыннаран эрдэхпинэ, үөрбүт-көппүт сирэйдээх ол же кыыһым шубалаах игин көтөн түспүтэ! Мин сиргэ быраҕыллыбыт собо курдук айахпын аппаҥната олордум, уонна "эн ханна тахсан кэллин?" - диэн ыйыттым. Киһим: "Сип-сибилигин физкультураттан кэллим бытта" - диэтэ. Мин ойон тиийэн ыскаабы аһан көрдүм - сон да туох да суох, устуул үрдүн-аннын көрдүм - пакет суох. Кыыһым тутан турар. Муражка бөҕө буоллум уонна: "Эн билигин аҕай сыгынньахтанан баран ханна эрэ тахсыбытын дии!" диэбиппэр киһим күлэн кэбиспитэ, аһары ыксаабыт буолан бэриэччитим эрдэ кэлбитэ буолуо диэбитэ, уонна били Сунтарга баар эргэ дьиэбитигэр наар маамам уонна быраатым бэриэччитин көрөн тахсаллар эбит. Биирдэ маама мөҕүттэр саҥатыттан ситэри душтаммакка тахсан кэлбитим, саҥата туалет диэки бара турбута. Туалекка сүүрэн тиийбитим аны мамам саҥата дьиэ кэннигэр иһилиннэ, онно сүүрэн истэхпинэ - быһахха дэҥнэммит балтым өрүстэн сүүрэн кэлбитэ. Ол маамам бэриэччитэ миигин душтан таһаарбыт эбит, балтытын эмтии оҕустун диэн буолуо.

Ykt.ru Автор: Губка

Добавить комментарий