Главная / Кэпсээннэр / Чыҥаада бөҕө (Номох)
Добавить комментарий
Арыы – Тииккэ, Кэйигэстээххэ, 7 улахан тииттэр үүнэн турар миэстэлэригэр 9 уоллаах Өнөкөй Баай олорбута эбитэ үһү. Нам аатырбыт бухатыыра Кырчах Ойуун Көбөкөн, Арбын бэртэрин хомуйан, бэлэмнээн баран Өнөкөйгө илдьит ыыппыт: «Эһиил от масс сарт кутуруга буолуута тиийиэм. Аатырар Арыы Тиити мин баһылыам», - диэбит. Өнөкөй тоҕус уолуттан үс уола аата биллэр. Улахан уол – бастыҥ ытааччы – Дириҥ Бөҕө, иккис уол, быһыйдара – Сигэ Тамык уонна саамай кыралара – Чыҥаада Бөҕө диэн. Чыҥаада оччоҕо тоҕус саастааҕа. Өнөкөй оҕонньор ол саас улаханнык ыалдьан сытар. Онон Нам бухатыырдарын кытта көрсүһүүнү эмээхсин тэрийэригэр тиийэр. Кини Тыыҥа үрэҕин атаҕар олорор Дыга Сынтараах диэн атастара уус киһиэхэ илдьиттиир: «Атаспыт оҕонньор киирэн оҕолорбун дьаһайан, намнары утары сэриилэһэрбитин тэрийдин». Оҕонньор Арыы Тииккэ киирэр. Дыга Сынтараах сүбэлиир: «Кырчах Ойуун элбэх киһилээх, улахан оҥостуулаах кэлиэхтээх, кинини аара тоһуйан, соһутан түстэхпитинэ кыайыахпыт». Оҕонньор сүбэтинэн Өнөкөй уолаттара хоту, кытыл бүтэр уһугар, Сууллар Мыраан анныгар, тиийэн өр кэтииллэр.Кэтээбиттэрин онус күнүгэр түөрт уон аттаах дьон көстөр. Дыга Сынтараах уолаттары саастарынан кэккэлэһиннэрэ тоһуурга сытыарбыт уонна кэһии ууну туорааттарын кытта, улахан уол бастаан ытыахтаах эбит. Намнар бастакылара уу ортотугар киирээтин кытта Кырчах Ойууну хара быарын көрөн баран оҕун төлө тардан кэбиһэр да, ойуун тута умса түһэр. Онтон уолаттар хаһыытыы – хаһыытыы тула сүүрэ сылдьан уолуйбут дьону оҕунан тобулу ытан өлөртүүллэр. Ол курдук кинилэр үрдүк ааттарын ааттаан кэлбит өстөөхтөрү кыайан – хотон төннөллөр. Бу кэнниттэн Чыҥаадаҕа аҕатын ох саатын бэлэхтииллэр. Кэлин улаатан баран, Чыҥаада Байаҕантайтан Маҥан Чаҕый диэн киһи балтын кэргэн ыла барбыт. Саас ньукуолун саҕана эбитэ үһү. Дьэ, тиийэн хомут. Чыҥаадаҕа улахан баҕайы ох саалааҕа. Кынна Маҕан Чаҕый көрдөспүт: «Бу үчүгэй баҕайы ох саа эбит ээ. Миэхэ маннык саа суох, бэлэхтээ эрэ». Онуоха туран Чыҥаада: «Бу мин дурдам – хаххам, миигин аһатааччы – сиэтээччи буолар, онон хоргутума, биэрбэппин», - диэбит. Онтон кини хана эрэ баран биэрбитин кэннэ, Маҥан Чаҕый саны ылан баран, күүс иҥэрчитин быһан кэбиһэр. Дьиэҕэ тугу да билбэтэх – көрбөтөх буолан киирбит. Сарсыныгар Чыҥаада кэргэнин мэҥэһиннэрэн дойдутугар айанныыр. Бу баран иһэн суолга хабдьы олорорун көрөр. Ытаары гыммыта ох саата тостон хаалар. Ылан чинчийэн көрбүтэ, күүс иҥэрчитин быһаҕынан быһан кэбиспиттэр. Маныаха сүрдээхтик кыыһырар, кэргэнин бэйэтин дойдутугар ыытан баран, кынныгар тиийэн, туох баар сүөһүлэрин кыдыйан кэбиһэр. Сотору буолан баран Чыҥаада кэргэниниин Тумулга кэлэн олохсуйар. Кинилэргэ Нам оҕонньоро олорбут. Ол оҕонньор туулуур идэлээх эбит. Биирдэ туутун көрө сырыттаҕына, соҕуруу үрэххэ Орто Бүтэй диэн сиринэн биир аттаах киһи тэптэрэн кэлбит. Кэлэн баран ыйыппыт: «Дьэ туох кэлэр-барар? Тугу кэпсиигин?» Онуоха оҕонньор: «Ээ мин тугу билээхтиэм буоллаҕай? Сонун да суох», - диэбит. Анараа киһи ыйыппыт: «Тоҕус уоллаах Өнөкөй оҕонньор кыра уола Чыҥаада төһө бэркэ олороруй?» Онуоха оҕонньор: «Чыҥаада атыгар уллуҥун тоһуттаран, нэһиилэ сылдьар», - диэбит. Онуоха аттаах киһи иһиттиэм истибэтиэм диэбит курдук кэлбит суолунан бөтөрөҥ сиэлиинэн түһэрэ турбут. Оҕонньор дьиибэргиир, бу аттаах туох киһитэ кэллэҕэй диэн. Уорбалыы санаан, Соҕуруу Үрэх диэки көрбүтэ, арай түөрт уон аттаах киһи төттөрү тары сүүрдэ сылдьаллар эбит. Оҕонньор тыытыгар олоро түһээт, Үллүгэн диэки эрдэ турбут. Тиийэн киһитигэр сэрии дьоно кэлбитин кэпсиир. Онуоха Чыҥаада: «Өскөтүн эн Чыҥаада атаҕын өлөттөрөн сарбыллан олорор диэбэтэх буоллаххына, мин диэтэх киһиэхэ оҥостубакка киириэхтэрэ суоҕа. Онон бириэмэ баар ини». Инньэ диэн баран хааһы өрө олорбут. Оҕонньор иккиһин тахсан көрөн баран, киирэн эппит: «Дьэ, олох чугаһаабыттар». Чыҥаада хааһытын түҥнэри көтөн кэбиспит. Ойон тахсан кэргэнин атыгар мэҥэһиннэрэн, түспэт гына атыгар ыга кэлгийбит уонна ох саатын ылан көтүтэ турбут. Алаас Эбэ икки Бэрэ икки ардынан алааһынан тахсан дойдулуур суол диэки барбыт. Бу баран иһэн улахан баҕайы тиит суолга өкөйөн турарыгар кэлбит. Онуоха ата тиити аннынан тахсан, Чыҥаада хомурҕанын тосту көтүтэр. Бу кэмҥэ Маҕан Чаҕый дьоно оноҕоһунан икки өттүнэн ситимэ быстыбат гына ыталлар. Ханна да бар, син биир куоппаккын. Онон Чыҥаада кэргэнигэр этэр: «Арыы Тииккэ дьоммор киирэн эт. Мин Дойду Дүөдэтигэр саһыам. Кэлэн быыһаатынар, өскөтүн өллөхпүнэ, иэс курдук иэстээтинэр». Дьахтар көтүтэ турар. Чыҥаада дүөдэҕэ киирэн, уу муоҕунан мунна эрэ көстөр гына саба тардынан сытар. Киһи сытара көстүбэт буолар. Өлүү түбэлтэлээх кини үрдүгэр икки тыыраахы битийэ сылдьыбыттар. Маҥан Чыҥайдаахха биир удаҕаннаах эбиттэр. Бу удаҕан сэрэйбит: «Бу тыыраахылар мээнэҕэ битийбэттэрэ буолуо ээ. Киһибит арааһа итиннэ сытар эбит» - диэбит. Дьэ туран түөрт уон киһи бары ытыалаан барбыттар. Ох сиирэ – халты түһэриттэн куттанан Чыҥаада хорос гына түспүт уонна көрдөспүт: «Кынным Маҕан Чаҕый, мин өлөрбөр тэллэхтээх, суорҕаннаах, сыттыктаах буолуохтаахпын. Ону толор. Өскөтүн толорботоххуна, эн кэнэҕэски ыччатын кэскилэ сарбыллыа, сүөһүн эстиэ», - диэбит. Маныаха кынна сөбүлэспит. Чыҥаада туран үс киһини ытыалаан кэбиспит. Онуоха Маҕан Чаҕый: «Ити кини суорҕанын, тэллэҕин, сыттыгын ылла. Аны биһиги уочараппыт», - диэбит. Дьэ туран Чыҥааданы тэйиччи хонууга илдьэн өлөрбүттэр. Ол өлөрөллөрүгэр кини илиитин, атаҕын, баһын быһан, иҥиирдээн күн накааһын көрдөрбүттэр. Бу бириэмэҕэ Чыҥаада кэргэнэ Арыы Тииккэдьонугар тиийэн: «Чыҥаада үрдүк аатыгар, суон сураҕар Байаҕантай дьоно аат ааттаан кэлбиттэр. Дойду Дүөдэтигэр Чыҥаада саспытын бука өлөрдөхтөрө буолуо. Кини өскөтүн миигин өлөрдөхтөрүнэ, кэлэннэр ир суолбун ирдээтинэр, тоҥ суолбун тордоотунар, иэс курдук иэстээтинэр диэн илдьиттээбитэ. Онон хомунан бара тардыҥ» - диэбит. Сэрии дьоно сэп – сэбиргэл тэринэн айанныыллар. Кинилэр Мүрүттэн соҕуруу Байаҕантай диэки үрэх күөлэ баарыгар тиийбиттэр. Арай көрбүттэрэ байаҕантайдар таҥастарын сааларын кытыыга уран баран, сөтүөлүү сылдьаллар эбит. Өнөкөйдөөх таҥастары саалары хомуйан баран күөлү төгүрүйбүттэр. Дьэ уонна ытыалаан куһуйан барбыттар. Ууга барыларын өлөртөөбүттэр. Арай Маҥан Чаҕый ууну үрдүнэн сүүрэн тыаҕа куотан хаалбыт. Онуоха Өнөкөй улахан уолугар Суор Көтүппэккэ этэр: «Дьэ туох иһин сүүрүк аатырбыккыный?! Эккирэтэн тыыннаахты аҕал! Уолбутун хайдах өлөрбүттэрэй да оннук өлөрүөхпүт», - диэбит. Суор Көтүппэт оноҕоһун сулбу ойутан ылар да, эккирэтэн куһуйар. Эккирэтэн – эккирэтэн баран чугаһатан, сүүрэн быырайан иһэрин көрөр. Уол оноҕоһун алгыыр: «Дьэ эрэ оноҕоһум, хара тыыммын хараһый, сымыйалыы сылдьыма, сыыһа түһүмэ». Иннэ диэт ытан саайар. ОҔо сүүрэн дэгэйэн иһэр киһини атаҕын тосту түһэн кэбиһэр. Маныаха Суор Көтүппэт уруйдаабытынан Маҕан Чаҕыйга сүүрэр. Дьонноругар сүгэн аҕалар. Ол аҕалбытын кэннэ Маҕан Чаҕыйы хараҕын тэһэн, кулгааҕын сиирэн, илиитин атаҕын уҥуохтарын кырбастаан өлөрөллөр. Онтон ыла кыргыһыылара дьэуурайар. Бу кэмтэн ыла Дойду Дүөдэтэ Өлөрсүбүт диэн ааттанар. Онтон Байаҕантай күөлэ Кыргыспыт диэн буолбут. Уус – Алдан Тумул бөһүөлэгин олохтооҕо Г.Г. Прокопьев кэпсээниттнэн 1967 сыллаахха суруллубута.