Кэпсээ
Войти Регистрация

Даркы

Главная / Кэпсээннэр / Даркы

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
23.10.2024 07:32
60 0

Алын Дьоохуга Даркы диэн күүстээх-уохтаах, сытыары-сымнаҕас киһи аҕыс кырыылааҕа олорон ааспыт. Үйэ сайдан, бу киһи манна улахан дьиэ туттаран, таһыгар ампаар оҕустаран сэниэ ыал аатын ылан олорбут. Ол олордохторуна биир тулаайах эмээхсин баарыгар Орто Бүлүүттэн саар тэгил уҥуохтаах, киһини курдары көрөн таһаарыах сытыы сирэйдээх-харахтаах, кэлбитэ-барбыта биллибэккэ хаалар тулаайах уол кэлэн олорбут. Ити сайыны быһа Кыргыдай баайдарын, аахтара сылдьан, ампаардарын алдьатан, туох үчүгэйдээхтэрин барытын көтөҕөн ылаллаллар. Аны буоллаҕына ыал ааттааҕы түөрэлэрин оҥкучахтарыттан сүөгэйдэрин, арыыларын сүгэн бараллар. Олохтоохтор сайыны быһа бэйэ-бэйэлэрин уоруйахтаһан айдаарсаллар, тылларын да сүгүн истиспэт кыр өстөөхтөр курдук көрсөн бараллар. Иҥэн-хаһан, бу туора сиртэн кэлбит, ыалы кэрийэ сылдьар уол оҥорон эрдэҕэ диэн, ким даҕаны түһээн да баттаппат. Кыһыныгар тиийэн, ким да туга да сүппэт буолан хаалар. Ыаллар дьэ уоскуйаллар эрээри, сир-буор аннынан уорбалаһыы сахсаана тохтообот. Киһи-киһи тус-туһунан майгылаах буоллаҕа... Ол сайын Баһыычаан отун түүҥҥү сөрүүҥҥэ охсоору, күн аллара түһэн эрдэҕинэ, саха хотуурун окко эрийэн баран киирэн иһэн, икки күөл икки ардынааҕы чараас кырыыга биир дьарамай баҕайы саар тэгил уҥуохтаах киһи сүгэһэр муҥунан иһэрин көрсө түспүт. Көрсүһүү соһуччутуттан, иккиэн тылларыттан матан, биир сиргэ тэпсэҥнэһэн ылбыттар. Онтон Баһыычаан били айдааннаах уоруйаҕы көрсүбүтүн сэрэйэ охсон: — Хара түөкүн, хамсаама, хотуурунан төбөҕүн быһа охсуом! Эн, сыл аайы кэлэн, ыал ааттаах ампаардарын алдьатар эбиккин! – дии-дии, били сүгэн иһэр хотуурунан киһини охсоору тэлэкэчийбит. — Ыарахан сүгэһэргэ баттатан иһэр киһи хантан куотар, утарсар кыахтаныай? Тобуктуу түһэн: — Убаай, өлөрүмэ! Ааттаһабын! Ылбыт сээкэйим бу баар. Төбө тыырбыт аҥаарын биэрэбин, ону кытта биир саамай сөбүлээбиккин тугу баҕарар ыл, — диэн көрдөспүт. — Онуоха Баһыычаан даҕаны, бэлэм баайга тиксэр өйө үлэлии охсон, хап-сабар: — Чэ, сөп! — диэн уоруллубут баай төбө тыырбыт аҥаарын үөһэ биир саһыл истээх сону эбии ылбыт. Арахсалларыгар анараа киһи: — Дьэ, убайым, бу курдук киһини көрүстүм диэн икки атахтаахха, иннинэн сирэйдээххэ этэр, кэпсиир буолаайаҥый!— диэн көрдөспүтүн толорон, Баһыычаан этэ сылдьыа дуо, чып кистээн кэбиспит. Ол кэннэ бу киһини ким да харахтаабатах.

Николай Линдин “Иитиллибит итэҕэлим” 2014 с. кинигэттэн. "Кыым" хаһыат (kyym.ru)№36 2016.09.15

Добавить комментарий