Главная / Кэпсээннэр / Күн кыыһын түүҥҥү санаалара
Добавить комментарий
Автор: Кун Кыыһын 03.06.2014 (01:46)
Дьылҕа… Дьылҕа Хаан… Сорох дьоллооххо сылаас ытыһын утары уунар, оттон… Оттон сордоохторго тымныы кохсун кордорор. Тоһолоох киһи бу Ийэ сиргэ ийэ аҕа сылаас сыһыанын, таптал истин иэйиитин билбэккэ бараахтаабыта буолуой? Бу орто дойдуга кэлбит аналын таайбакка, билбэккэ талаанын арыйбакка, ускул - тэскил сылдьан, тыал хайа диэки урэринэн хаппыт хахыйах курдук иэҕэннээн иэҕэннээн баран, курус силлиэ буурҕаны тулуйбакка тосторута ыстаммыта буолуой? Сир Ийэ бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ… ТОҕО бу орто туруу бараан дойдуга куох окко толоһуйэ туһуохтэриттэн туох да буруйа суох, кыра да сыыс кир сыстыбатах кэрэ бэйэлээх сибэкки аанньаллар аллараа дойду адьынаттаах абааһыта таарыйан ааспытын курдук айманалларый, атапахсытыллалларый? ? ? ТОҕО сунньун урдугэр суус абааһыны сугэ сылдьан суус киһитээҕэр суом урдук сололонон, кими да таннарбатах, тугу да талаабатах танара табатын курдук тутта сылдьан туораттан тордуохтуур киһи дьон утуо махталын, тапталын эрэлин ылыахтааҕый? Санаалар сааһыламмакка сайа котон киирэннэр ыарахан ыйытыктарынан утуйар уубун аймаан, толкуйбун толуйан эппиэт эрэйэр курдуктар да… Суурбэ ордугуна икки сыл эрэ улаҕаа оттугэр бу атааннаах - монуоннээх Аан ийэ дойдуга айыллан, айдарыллан кэлиэхпиттэн син олох барахсан араас дьикти да, амырыын да амтанын барытын буор-босхо боруобалаатарбын да, олорбутум омуна суох оччугуйуттан бу бутуурдаах-мускуурдаах боппуруостарбар холоонноох хоруй биэрэр кыаҕым отой да суох эбит…
Автор: Кун Кыыһын 03.06.2014 (01:46)
Дьылҕа… Дьылҕа Хаан… Сорох дьоллооххо сылаас ытыһын утары уунар, оттон… Оттон сордоохторго тымныы кохсун кордорор.
Тоһолоох киһи бу Ийэ сиргэ ийэ аҕа сылаас сыһыанын, таптал истин иэйиитин билбэккэ бараахтаабыта буолуой? Бу орто дойдуга кэлбит аналын таайбакка, билбэккэ талаанын арыйбакка, ускул - тэскил сылдьан, тыал хайа диэки урэринэн хаппыт хахыйах курдук иэҕэннээн иэҕэннээн баран, курус силлиэ буурҕаны тулуйбакка тосторута ыстаммыта буолуой? Сир Ийэ бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ… ТОҕО бу орто туруу бараан дойдуга куох окко толоһуйэ туһуохтэриттэн туох да буруйа суох, кыра да сыыс кир сыстыбатах кэрэ бэйэлээх сибэкки аанньаллар аллараа дойду адьынаттаах абааһыта таарыйан ааспытын курдук айманалларый, атапахсытыллалларый? ? ? ТОҕО сунньун урдугэр суус абааһыны сугэ сылдьан суус киһитээҕэр суом урдук сололонон, кими да таннарбатах, тугу да талаабатах танара табатын курдук тутта сылдьан туораттан тордуохтуур киһи дьон утуо махталын, тапталын эрэлин ылыахтааҕый? Санаалар сааһыламмакка сайа котон киирэннэр ыарахан ыйытыктарынан утуйар уубун аймаан, толкуйбун толуйан эппиэт эрэйэр курдуктар да… Суурбэ ордугуна икки сыл эрэ улаҕаа оттугэр бу атааннаах - монуоннээх Аан ийэ дойдуга айыллан, айдарыллан кэлиэхпиттэн син олох барахсан араас дьикти да, амырыын да амтанын барытын буор-босхо боруобалаатарбын да, олорбутум омуна суох оччугуйуттан бу бутуурдаах-мускуурдаах боппуруостарбар холоонноох хоруй биэрэр кыаҕым отой да суох эбит…