Кэпсээ

Таптала суох олох наада дуо? Санааларбыттан быhа тардыы...

Главная / Кэпсээ / Таптала суох олох наада дуо? Санааларбыттан быhа тардыы...

Добавить комментарий

К
Кэпсээ Подтвержденный 201
26.02.2025 08:43
1,454 0

Альтернативное описание изображения темыКыыс - 28 июля

Соҕотох олоҕу таах барыахха наада дуо?! Инники топтарга суруйбуттар 40-50саастаах дьон олоҕум тухары таптала суох соҕотох олордубут диэбиттэр, мин олоҕум билицци темпынан ити этэр олохторугар тиийиэн соп… Ол иhин кэлин толкуйум барыта биир: эбэтэр олохпор барыта баар эбэтэр туох да суох диэн. Пока билигин эдэрбин диэххэ соп, барыта баар буолуон соп ол эрэн 5-10 сылынан хойутуубун… Бу бириэмэҕэ туох да уларыйыы барбатаҕына уйэбин муцуур санаам суох… Туhата суох олох олоруохтааҕар оргацца наадыйар дьоццо комолоhуохпун соп.. Хайдах бу санааҕа кэллин диир буоллахха табыллыбатах тапталым ыарыыта ааспакка эрэй боҕо кордум… Эбэтэр таптал баар эбэтэр торут да суох буолар эбит, сыл хонук да аhардыбат буолар, билицци уйэҕэ биир тапталга бэриниилээх буоллахха кулуугэ эрэ киирэҕин, кыыс сэмэй, сырыыта суох буолуохтаах диэн ойдобул билигин оруолу оонньообот эбит, ол иhин кимиэхэ да кэпсээбэппин ис санаабын, бу манна топка субэлиэхтэрэ диэн суруйдум

дед-отморозко
Кыыс сэмэй сырыыта суох буолуохтаах бо. Күүлэйдиир дьахтар олоҕо ыарахан соҕус буолара буолуо.

Вита
Тапталтан кэлэйии киһиэхэ барытыгар баар, ону бары инник санааҕа киирэн олордохпутуна олохпутун оностубаппыт, эн таптыыбын диигин ол кыыһы ол эрэн син биир хас эмэ сыл ааспытын кэннэ воспоминанияҕын таптыыр буолаҕын, кинилиин холбостоххуна дааны урукку крдк буолбат син биир, онон салҕыы тыын ыланнын олоххун олоруоххун наада.

санаайа1993
Кыыс сэмэй, сырыыта суох буолуохтаах, биир тапталлаах диэн ейдебулу кулуу гынар дьон бэйэлэрэ социально не ответственные, мелтех иитиилээхтэр буоллаҕа. Таптала суох сатаммат, бэйэн киһигин керсуеҕун)

Таптал
таптал таарымтата хас багарар сааскар кэлиэн сеп

чээн
Соҕотох эрэ буолума. Хайаан да эр киһиэхэ таптал диэн буолбатах, оҕоҕо таптал диэн баар. Оҕолонуом эрэ диэн сытан бэриллибэт. Биир эмит тулаайахсыйьыт окоо муннааҕы иитэ ыл. Оҕоҥ улааттаҕына, үлэлээбэт буоллаххына 60ҥар игн биир эмит соҕотохсуйан муунтуйбут эр киһини булан, ону таптаа, бүөбэйдээ.
Вот такая программа))))

evgenia
Таптала суох олох- курус олох, олох олорбут эрэ киһи диэн бахар интереһинэй боолаарай диэн холбоһоллор даганы да таптаабат киһини уонна киһигин кытта олорор сага ыарахан суох аан дойдуга дии саныыбын. Арай олох эрэйи керен истинник ылларан таптаан кэргэн ыллахха эбэтэр тагыстахха дьэ дьин дьол болоохтаах! Оннук ологу сыаналыыгын харыстыыгын. Таптаабат эрээри сымыанан олоруу билигин элбээтэ аган. Ол кэриэтэ соготох сылдьыбыт уон ордук. Наһаа элбэх дьахтар суруйар дии олохторо сатамматагын кэргэнэ туора хаампытын ити барыта таптал суогуттан ологу сыаналаабаттан оннук олоруох кэриэтин киһини эрэйдиэх кэриэтин бэйэн бэйэгэр себулуур дьарыккын булан сылдьарын ордук боло! Кыыс дьахтар сэмэй дуу сэмэй ботах дуу главнайа эр киһини уважать и слушаться наада хайдах да молтох буоллун. Билигин биһиги дьахтар угус ерте эр дьону сэниибит ол иһин биһини сыаналаабаттар ере туппаттар. Санаахын олох туһэримэ таптал баар, хайаан даганы билиэн!

Микки маус
Тапталы көрдөөн, кэтэһэн күҥҥүтүн - дьылгытын ыытыман, сөбүлүү көрдүгүт да холбоһон иһин. Бииргэ олорон, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо - уруу төрөтөн, өйдөһөн - өйөһөн олорууттан ордук дьол, таптал баара буолуо дии санаабаппын. Таптал дьиҥинэн кылгас буолар, бастакы кыһалҕаҕа дылы, онтон киһи туга, ханныга биллэн барар. Эн төһө да таптаа, аччык, сыгынньах уһуннук сылдьыан суоҕа. Быр - бааччы, иллээхтик олорор дьоҥҥо, ымсыырбытынан барыан. Онтон сааһыран олорон, үлэн түмүгүн, оҕолоргун, сиэттэргин көрдөххүнэ, олоххо тапталын, дьиэ кэргэҥҥэр тапталын өссө дириҥээн, ис хоһооннонон барар эбит. Өссө да олоро түһүөххүн баҕаран кэлэҕин. Онон, эдэр ыччат, бүгүн холбоһон, сарсын арахсан бүтүн, эһиэхэ анамматах Улахан тапталы көрдөөмөн, булларыа суоҕа.

Трофим
тапталгытын кердеен.
Мин улахан тапталбын керлееммун булан дьоллонон олоробун. Бастаан таптаабат дьахтарбын себулуу санаан ойох ылбытым баара майгыбыт сыһыаммыт сеп тубэспэтэҕэ. Онтон сылтаан туора атын таптыыр дьахтардаммытым. Ер кэм билсэн баран кэргэммиттэн арахсан анараабын кытта холбоспуппут. Онон дьиннээх улахан таптал баар. Арааһынай ону маны субэлээмэн, субэлэри истимэн. Улахан таптал дьол баар! ! ! Доҕотторум атастарым эмиэ улахан тапталынан олороллор.

мелодиядождя
Арахсыахха наада. Ол тоҕо таптала суох, биирдэ бэриллэр олоҕу сордуохха сөбүй…

Олоҕу сыыһа сыаналаабыт уол
Эдэрбин диен хас саастааххыный? Мин например 28 саастаахпын. Кэргэним ьоох. Таптал диен баар ду диехпэр дылы. Урут эдэр сылдьан таптыыр бьлах этим, аддьахай суруйсар кэпсэтэр эриссэр этим кыргыттары кытта))))но билигин уже ол барыта хаалбыт. Дьинэр эдэр сылдьан кэргэн тахсыахха ылыахха наада эбит. Но миэхэ субэлээччилэрим тоттору наар субэлииллэр этэ, что атаххар туран олоххун оностон баран кэргэн ылаар диен, мин акаары ону олоххо киллэрдэгим ди, билиннээннэ дылы олохпун оностобун, улэгэ охтон баран сылдьабын, (кырдьагас огонньоттор этэллэр этэ бытыкпытын соһуохпутугар дылы олох олорорго уорэнэбит олохпутун оностобут диен) ону мин улаханна ууран истибэтэхпин. Уонна билигин кыыс костуо сох бьлах. Уже не то, сатаан кыргыттары кытта общай тема булан кэпсэппэт да болан хаалбыппын, арай урут 5ч тохтоло ьох кэпсэтэр боллахпына билигин 5 мин сатаан кэпсэппин, интерес суох, соц да сетьтарга кэпсэппэппин. Уонна маннык сылдьан аны хаһан кэргэн ыларым боллар ХЗ. Бириэмэ олох коварнай сэп эбит, куотар да куотар кэннин дики хайыһан да корбокко, ситтэриэ суох бьлах)))онон эдэр боллахына кытаат времягын мээнэ сутэримэ, сотору кырдьык поздняк метаться боло))