Главная / Кэпсээннэр / Дьоллоох буолар быраабым суох дуо?!
Добавить комментарий
(Дууһа кыланыыта)
Киһи күн сиригэр биирдэ эрэ олорон ааһар. Дьолго, кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһан, ол санаатынан өрө көтөҕүллэн олорор. Кыыс оҕо да, уол оҕо да ыраас тапталы ыра санаа оҥостор.
Мин эмиэ эдэр этим. Атыттар курдук, мин эмиэ киһиэхэ кэпсээбэтэх, дьоҥҥо тиэрдибэтэх, бэйэм испэр ыра санаалаах улаатан испитим. Ол ыра санаам диэн — таптыыр киһибин көрсөн, ыал буолан, дьон сиэринэн олорбут киһи диэн, оҕолорбор ийэ-аҕа тапталын иҥэрэн, үөрэххэ-үлэҕэ дьулуурдаах дьон гына иитэн улаатыннарыахпыт этэ диэн. Ол санаам туолуох курдук буолбута. Биир эдэр киһилиин сөбүлэспит курдук этибит. Маҥан былааччыйа кэтэн сыбаайбалаабыппыт. Үтүө айылаахтар сыбаайбаларын күнүн санаан кэллэхтэринэ, сүрэхтэрэ сылаанньыйара буолуо. Арай мин эрэ ол күнү умна сатыыбын да, буолбут чахчы буолан, өйбүттэн тахсыбат. Ол 1976 сыл олунньутугар этэ. Сыбаайбалаатыбыт. Сиэр быһыытынан кийиити-күтүөтү билиһиннэрии буолла. Абаҕам «уол — хачыгаар, кыыс прачкалыыр» диэбитэ. Дьэ, ол «хачыгаар» диэн тыл сыыһа этиллибит быһыылаах, кэргэним күн бүгүнүгэр диэри «эн дьонуҥ миигин хачыгаар диэн үөхпүттэрэ» диэн сирэй-харах анньар. Абаҕам миигин да тупсаран, «үрдүк үөрэхтээх» эҥин диэн эппэтэҕэ ээ. Ол биир тылтан сылтаан, үчүгэйдик билсибэккэ сылдьан, мин дьоммун кэлтэй үөҕүтэлээн тахсар. Үлэлии сылдьар идэтинэн билиһиннэрдэҕэ дии. Үрдүк үөрэхтээх диэхтээх этэ дуо? Сымыйанан. Дьэ, сыбаайбабыт бүтэн, ыалдьыттарбыт тарҕастылар, биһиги эмиэ дьоммут бэлэхтэрин илдьэ дьиэбитигэр кэллибит. Билигин аахпыккытын итэҕэйиэххит суоҕа, оннук киһи үөйбэтэҕин суруйуом. Кэргэн буолар күндү киһибин кытта хоонньоһуом, кини эрчимнээх-эрэллээх илиитинэн ыга кууһуо диэбитим, киһим «мин дьиэбэр бардым» диэт, дьонугар «тэп» гынан хаалла. Мин соһуйан эрэ хааллым. … Ол киэһэттэн ыла соҕотохсуйбутум. Кэргэним буолааччы киһим туох эрэ көссүү курдук, хаһан баҕардаҕына эрэ кэлэн хоноро. Дьэ, итинник саҕаламмыта, мин ыал буолбут олоҕум. Күтүөт киһи быһыытынан «эһиги кыыскытын мин дьоллуом» диэн эрэннэрэр киһи буолуо дуо, хата мин дьоммун кытта олох да кэпсэппэт, иэдэс биэрэ сылдьар, кырыытынан туттар, улаатымсыйар этэ. Эдэр киһи диэтэххэ, дьэ дьикти майгылаах киһи. Этэр этэ: « Үөрэхтээҕим буоллар улаатымсыйан бөҕө буоллаҕа дии, »— диэн. Төттөрүтүн мин кыбыстабын киниттэн. Аймахтарым хоно сытар буоллахтарына, наһаа кыыһырар, сылдьалларын сөбүлээбэт. Сыбыс-сымыйанан атын дьон хоно сытар диэн күнүүлээбитэ буолан айдааны тардар этэ. Утуйа сытар дьону хайаан да өҥөйөн көрөр, уорбалыыр. Миигин ойох ылыан инниттэн арыгылыыр этэ. Ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, кыыстыын-уоллуун бары иһэллэр. Эбиитин ийэтэ кэлэн миигин кырбыыр этэ. Холбоһуон иннинэ күлэн-үөрэн, мичилийэн бэрт да киһи этэ, дьэ ол бэйэтэ хоонньоһоот уларыйа оҕустаҕа түргэнин! Тимир тириитин кэппитэ. Мин дьолум диэн — оҕолорум. Үс оҕолоохпун. Бастакы оҕобор ыарахан буолан баран кэргэммэр үөрэ-көтө эппитим. Төһө эрэ үөрэр, кууһа түһэн сыллаан-уураан ылар дии санаабытым миэнэ-миэнин курдук, көһүппэтэх өттүбүттэн буолбута. Сирэйигэр үөрүү күлүгэ да түспэтэҕэ, биир итии хааннаах тымыра тэппэтэҕэ, түҥнэри хайыһан олорон сааммыта: «Туох эрэ акаары дуу, чиччик дуу оҕону төрөтүөҥ да сэрэн! » Диэн. Мин сирэйгэ бэрдэрбит курдук буолбутум. Тоҕо баҕас ынырыгай! Хайа киһи айаҕыттан батаран итинник тыллаһыай? ! Ону баара, мин бэйэлээх бэйэм кэргэним, төрүү илик оҕом аҕата итинник тылласпыта. Ити күнтэн ыла төрүөхпэр диэри куттана эрэ сылдьыбытым. Аҥардас кутталбыттан да итэҕэстээх оҕо төрүөн сөп курдуга. Хомойбутум, кэлэйбитим билигин да ааспат. Анараа да дойдуга бардахпына хомойо сытыам. Ааспыт олоҕум ынырык хартыыналара билигин да умнуллубаттар. Туох буруйум, аньыым иһин хабарҕалыырын, охсо-тэбэ сылдьарын өйүм хоппот. Бу оҕолорум ийэлэрэ үлэтиттэн сылайан кэллэҕэ диэн биирдэ аһынар, туох эмэ үчүгэйи оҥорон тоһуйуо баара дуо? Бэйэтин курдук арыгы иһэ-иһэ тиэриллэҥнээбит дьахтар эбитим буоллар баҕар, атыннык сыһыаннаһыа эбитэ дуу? «Ис» диир этэ. Суох, мин ол кини курдук ааһар аралдьыйыыны, халбаҥ олоҕу утарабын. Оҕолорбор эрэ үчүгэй буоллар ханнык диэн олоробун. Бэйэм төһө да күндү кэргэн буолар үөрүүтүн билбэтэрбин, истиҥ сыһыаны, дьиҥнээх эр киһи тапталын билбэтэрбин да, оҕолорум оннук эрэ олоххо тиксибэтэллэр диэн киһи сирэйин сүтэрбэккэ, оҕолорбун улаатыннарар эрэ кыһалҕалаах, баҕа санаалаах олоробун, олоруом даҕаны. Саныахха ыарахан. Аҕалара буолуохсут күн аайы итирэн кэлэн содуомнаан, тыына тахсан утуйан ырҕайдаҕына, мин олоппостору туруоран орон оҥостон, утуйар-утуйбат оҕо
(Дууһа кыланыыта)
Киһи күн сиригэр биирдэ эрэ олорон ааһар. Дьолго, кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһан, ол санаатынан өрө көтөҕүллэн олорор. Кыыс оҕо да, уол оҕо да ыраас тапталы ыра санаа оҥостор.
Мин эмиэ эдэр этим. Атыттар курдук, мин эмиэ киһиэхэ кэпсээбэтэх, дьоҥҥо тиэрдибэтэх, бэйэм испэр ыра санаалаах улаатан испитим. Ол ыра санаам диэн — таптыыр киһибин көрсөн, ыал буолан, дьон сиэринэн олорбут киһи диэн, оҕолорбор ийэ-аҕа тапталын иҥэрэн, үөрэххэ-үлэҕэ дьулуурдаах дьон гына иитэн улаатыннарыахпыт этэ диэн. Ол санаам туолуох курдук буолбута. Биир эдэр киһилиин сөбүлэспит курдук этибит. Маҥан былааччыйа кэтэн сыбаайбалаабыппыт. Үтүө айылаахтар сыбаайбаларын күнүн санаан кэллэхтэринэ, сүрэхтэрэ сылаанньыйара буолуо. Арай мин эрэ ол күнү умна сатыыбын да, буолбут чахчы буолан, өйбүттэн тахсыбат.
көрө-көрө сордонорум. Арыгыһыт киһи аанньа майгыланыа дуо, куһаҕан кэмэлдьи арахсыбат буоллаҕа дии. Түбэһиэх дьахталлары кытта күүлэйдиир сидьиҥ быһыылааҕа. Ону ийэтигэр этэн көрдөхпүнэ, «оннук сылдьарын сөбүлүүр буоллаҕа дии» диэн хата тэптэрэн биэрэрэ, эбиитин кырбаан барара.Ол 1976 сыл олунньутугар этэ. Сыбаайбалаатыбыт. Сиэр быһыытынан кийиити-күтүөтү билиһиннэрии буолла. Абаҕам «уол — хачыгаар, кыыс прачкалыыр» диэбитэ. Дьэ, ол «хачыгаар» диэн тыл сыыһа этиллибит быһыылаах, кэргэним күн бүгүнүгэр диэри «эн дьонуҥ миигин хачыгаар диэн үөхпүттэрэ» диэн сирэй-харах анньар. Абаҕам миигин да тупсаран, «үрдүк үөрэхтээх» эҥин диэн эппэтэҕэ ээ. Ол биир тылтан сылтаан, үчүгэйдик билсибэккэ сылдьан, мин дьоммун кэлтэй үөҕүтэлээн тахсар. Үлэлии сылдьар идэтинэн билиһиннэрдэҕэ дии. Үрдүк үөрэхтээх диэхтээх этэ дуо? Сымыйанан.
Дьэ, сыбаайбабыт бүтэн, ыалдьыттарбыт тарҕастылар, биһиги эмиэ дьоммут бэлэхтэрин илдьэ дьиэбитигэр кэллибит. Билигин аахпыккытын итэҕэйиэххит суоҕа, оннук киһи үөйбэтэҕин суруйуом. Кэргэн буолар күндү киһибин кытта хоонньоһуом, кини эрчимнээх-эрэллээх илиитинэн ыга кууһуо диэбитим, киһим «мин дьиэбэр бардым» диэт, дьонугар «тэп» гынан хаалла. Мин соһуйан эрэ хааллым.
… Ол киэһэттэн ыла соҕотохсуйбутум. Кэргэним буолааччы киһим туох эрэ көссүү курдук, хаһан баҕардаҕына эрэ кэлэн хоноро. Дьэ, итинник саҕаламмыта, мин ыал буолбут олоҕум. Күтүөт киһи быһыытынан «эһиги кыыскытын мин дьоллуом» диэн эрэннэрэр киһи буолуо дуо, хата мин дьоммун кытта олох да кэпсэппэт, иэдэс биэрэ сылдьар, кырыытынан туттар, улаатымсыйар этэ. Эдэр киһи диэтэххэ, дьэ дьикти майгылаах киһи. Этэр этэ: « Үөрэхтээҕим буоллар улаатымсыйан бөҕө буоллаҕа дии, »— диэн. Төттөрүтүн мин кыбыстабын киниттэн. Аймахтарым хоно сытар буоллахтарына, наһаа кыыһырар, сылдьалларын сөбүлээбэт. Сыбыс-сымыйанан атын дьон хоно сытар диэн күнүүлээбитэ буолан айдааны тардар этэ. Утуйа сытар дьону хайаан да өҥөйөн көрөр, уорбалыыр.
Миигин ойох ылыан инниттэн арыгылыыр этэ. Ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, кыыстыын-уоллуун бары иһэллэр. Эбиитин ийэтэ кэлэн миигин кырбыыр этэ. Холбоһуон иннинэ күлэн-үөрэн, мичилийэн бэрт да киһи этэ, дьэ ол бэйэтэ хоонньоһоот уларыйа оҕустаҕа түргэнин! Тимир тириитин кэппитэ. Мин дьолум диэн — оҕолорум. Үс оҕолоохпун. Бастакы оҕобор ыарахан буолан баран кэргэммэр үөрэ-көтө эппитим. Төһө эрэ үөрэр, кууһа түһэн сыллаан-уураан ылар дии санаабытым миэнэ-миэнин курдук, көһүппэтэх өттүбүттэн буолбута. Сирэйигэр үөрүү күлүгэ да түспэтэҕэ, биир итии хааннаах тымыра тэппэтэҕэ, түҥнэри хайыһан олорон сааммыта: «Туох эрэ акаары дуу, чиччик дуу оҕону төрөтүөҥ да сэрэн! » Диэн. Мин сирэйгэ бэрдэрбит курдук буолбутум. Тоҕо баҕас ынырыгай! Хайа киһи айаҕыттан батаран итинник тыллаһыай? ! Ону баара, мин бэйэлээх бэйэм кэргэним, төрүү илик оҕом аҕата итинник тылласпыта.
Ити күнтэн ыла төрүөхпэр диэри куттана эрэ сылдьыбытым. Аҥардас кутталбыттан да итэҕэстээх оҕо төрүөн сөп курдуга. Хомойбутум, кэлэйбитим билигин да ааспат. Анараа да дойдуга бардахпына хомойо сытыам. Ааспыт олоҕум ынырык хартыыналара билигин да умнуллубаттар. Туох буруйум, аньыым иһин хабарҕалыырын, охсо-тэбэ сылдьарын өйүм хоппот. Бу оҕолорум ийэлэрэ үлэтиттэн сылайан кэллэҕэ диэн биирдэ аһынар, туох эмэ үчүгэйи оҥорон тоһуйуо баара дуо? Бэйэтин курдук арыгы иһэ-иһэ тиэриллэҥнээбит дьахтар эбитим буоллар баҕар, атыннык сыһыаннаһыа эбитэ дуу? «Ис» диир этэ. Суох, мин ол кини курдук ааһар аралдьыйыыны, халбаҥ олоҕу утарабын. Оҕолорбор эрэ үчүгэй буоллар ханнык диэн олоробун. Бэйэм төһө да күндү кэргэн буолар үөрүүтүн билбэтэрбин, истиҥ сыһыаны, дьиҥнээх эр киһи тапталын билбэтэрбин да, оҕолорум оннук эрэ олоххо тиксибэтэллэр диэн киһи сирэйин сүтэрбэккэ, оҕолорбун улаатыннарар эрэ кыһалҕалаах, баҕа санаалаах олоробун, олоруом даҕаны.
Саныахха ыарахан. Аҕалара буолуохсут күн аайы итирэн кэлэн содуомнаан, тыына тахсан утуйан ырҕайдаҕына, мин олоппостору туруоран орон оҥостон, утуйар-утуйбат оҕо
Оҕолорун абааһы көрөрө өтө көстөрө. Сор бөҕөнөн шведскэй стенка, канат, быа кирилиэс оҥотторбутум. Оҥорон бүтэн баран, оҕолорун алгыан оннугар «киһи ыйанар маһа, быата буолла» диэн эттэҕэ үһү. Бэрдин курдук туора дьоҥҥо «оҕолорбун абааһы көрөбүн» диэн кэпсиир эбит. Бэйэбиттэн ыйытан турар: «Оҕолоргун өлөрөн кэбистэхпинэ, туох диэххиний? » Диэн. Бу төрөппүт аҕаларын тыла-өһө ынырыгын! Киһи буолбатах, кыыл.
Кинини кытары 17 сыл олордум. Бу уон сэттэ сыл устатыгар иистэнэр массыына, газ оһох, холодильник, телевизор эрэ нэһиилэ ылбыппыт. Уонна атын туох да суох. Барытын сөбүлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, арыгылыан, дьахтардыан наада. Онно харчы наада буоллаҕа дии. Тугу эмэ оҥор диэтэххэ, «ону хайыыгын, ол аата туоххунуй» диирэ. Дьиэҕэ биир өрөмүөнү оҥорботоҕо. Уон сэттэ сыл устатыгар атын дьон байаллар, сүдү ыал буолаллар. Биһиги буоллар суох.
Иккис оҕобун оҕолоноору ыалдьыбыппар дьиэҕэ быраҕан баран үлэлии барбыта. «Ааһар ини» диэн баран. Хантан ааһыай. Дьиэҕэ охтор буоллум. Улахан оҕом кыра, биирин ааһан эрэр этэ. Улахаммын төрүүрбэр хааным барбыта, ол иһин наһаа куттаммытым. Онтон хата эбээбит кэлбитэ. Онно уолбун биэрэн баран, бэйэм ыалдьа-ыалдьа нэһиилэ роддомҥа тиийбитим. Роддомҥа тиийээт нэһиилэ төрөөбүтүм. Сарсыныгар ийэтэ күлэ-күлэ: «Аҕаҕыт эмиэ уолу төрөппүт диэн арыгылыы баран хаалла» диэбитэ. Мин наһаа да хомойбутум! .. Дьонтон кистээн ытаабытым. Роддомҥа бастакы да, иккис да оҕобор кэлэ сылдьыбатаҕа. Бэйэбит тулаайах дьон курдук көтөхсөн дьиэбитигэр тахсыбыппыт. Оҕолорун көрсүбэт, көмөлөспөт этэ. Наһаа дьиикэйдик кырбыыра. Араҕыстын диэн кэбилэнэр буоллаҕа дии. Оҕолорум кыра эрдэхтэринэ ыалдьан балыыһаҕа киирэбит. Биирдэ да өйдөөх, астаах кэлэ сылдьыбатаҕа. Итирэн кэлэр уонна «оҕо хааллын, таҕыс, наһаа ойох көрдөөтүм. Эн манна бырааһы кытта эрийсэҕин дуу, хачыгаардары кытта көссүүлэһэҕин дуу» дии-дии дибдийэрэ, оҕотун доруобуйатын ыйыта да барбата.
Туора дьоҥҥо, тойотторго ньылаҥныыр аҕай. Баарын барытын биэрэр. Арыгы инниттэн дьоҥҥо буор-босхо үлэлиир. Дьүөгэлэрбин өрө баргыытаан үүрэн таһаартыыр этэ. «Күл да күл, үөр да үөр буолаҕын» диирэ. Мин күлэ, үөрэ сылдьарбын баҕарбат. Кинини кытары олороору мин элбэҕи сүтэрдим, баҕа санааларым туолбатылар. Атын дьахтарга оҕолордоох. Биир да бырааһынньыкка эҕэрдэлээбэт. Ким хайа иннинэ итирэр, айдаарар, кырбаталыыр, ыһар, алдьатар. Бырааһынньыктааҕы настарыанньа сонно түһэр. Миигин самнаран, баҕа санаабын барытын саба баттаан барда. Кырдьан олорон көрүөм диэн хаартыскаҕа түһэртэрэбин, ону собус соруйан пленкаҕа көтүтэн кэбиһэр эбит. Альбоммун оһоххо бырахпыта. Сир ийэ итинник дьону тоҕо, хайдах уйан сылдьарын сатаан санаабаппын.
Миигин таптаабат эрээри тоҕо ойох ылбытын сатаан санаабаппын. Дьүөгэлэрбин «оҕото оҥоруум» дии-дии батыһа сылдьааччы, сорохторун «сыҥалана сатаабытын ылбатым» диирэ, онтон ыла кыргыттарым сылдьыбат буолбуттара. «Тоҕо миэхэ кэргэн тахсыбыккыный, кэһэй, партиялаахпын, тугу да гыныым, оҥоруум, ханнык да эппиэккэ тардыллыбаппын» дии-дии сордуура. Арахсарбытыгар «эргэ тахсыаҥ да өлөрүөм! » Диэн сааммыта. Уонна билигин бэйэтэ ойохтоох. Бэйэтин оҕолорун өлөртөөрү гынар уонна атын, туора оҕолору иитэ, бэрт буола олорор.
Туох барыта иэстэбиллээх буолар дииллэр. Биһиги харахпыт уута киниэхэ да тиийээ ини. Мин эмиэ дьоллоох олоҕу олорор бырааптаахпын ээ. Бу олорбут 24-25 сылым миэхэ дууһам ыарыыта, сүрэҕим кыланыыта эрэ буолла. Бэйэбин сиргэ тэпсиллибит сибэкки курдук сананабын. Тоҕо мин дьолго, кэрэҕэ анаммыт төлкөбүн бу киһи туора өҕүлүннэрдэ, бэйэтин ньүдьү-балай өйүнэн-санаатынан салайтаран миигин самнары баттаата. Эбэтэр кини миигин элэк оҥостон кырдьыгын эрэ таһаараары кэргэн ылбыта буолуо дуо? ! Кини ол баламат, угаайылаах санаатыгар киирэн биэрэммин, маннык дьылҕаланным дуо? !
Өкүлүүнэ. Уус-Алдан.