Главная / Кэпсээ / Төнүн дуу, тапталым
Добавить комментарий
(эбэтэр таптал таарыйбатах кыысчаанын суруга)
Кыһыҥҥы тымныы киэһэ. Арай мин соҕотохсуйа олорон эйиигин, бастакы тапталбын, санаан кэллим… “Таптал баар этэ дуо, эн биһиги ардыбытыгар. Эн миигин дьиҥнээхтик таптыыр этиҥ дуо? Онтон мин эйиигин?! Мин эйиигин таптыыр этим. Мин эйиигин күүппүтүм. Онтон эн?! ” Атыҥҥа сүрэҕим анаммат. Куруутун миигин эрэ ахтара-саныыра. Бэйэм умна сатаабытым да иһин, сүрэҕим эйиигин көрдүүрэ, айманара, ытыыра… Өй-сүрэх мөккүөрэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ… Тоҕо бу олорон эмиэ эмискэ санаан кэллим. Эн билигин ырааххын, аны хаһан көрсөбүт?! .. Онтон эйигиттэн кэлэр суруктар… Таптал истиҥ тыллара, элбэҕи да эрэннэрэр этилэр… Тоҕо? Хайдах? Хаһан? Ити барыта ханна барбытай? Тиһигин быспат суруктарыҥ тоҕо эмискэ тохтоон хаалтарай? Чэ баҕар буоллун, эн биһи арахсыахпыт! Чэ баҕар мин бырастыы да гыныам, эн атын кыыстааххын… Ол гынан тапталбыт тоҕо уостан хаалла? Төнүн дуу тапталым, аналым, утуйар уубун уйгуурдума, чуумпу олохпун аймаама. Мин эйигин эрэ таптыырым, ахтарым-саныырым, билигин да таптыыбын, өрүү да таптыаҕым. Эйиигин… Эйиигин… Эйиигин эрэ соҕотох. Дьэ итинник биир киэһэ мин соҕотохсуйан олорон тапталбын санаан уйадыйан ыллым… Ама, мин бу орто дойдуга төрөөн баран “таптал таарыйбатах кыысчаана” буолабын дуо?! Мин син-биир эйигин булуоҕум, үс дойду да түгэҕиттэн, сэттэ да муораны туораан туран… Атынныын да сылдьан эн кэлэн ыҥырдаххына мин син-биир барыны быраҕан туран эйиэхэ барыаҕым! Доҕоруом, санаарыый ол күһүҥҥү киэһэни, тиийэн кэлиий билигин, төннөрүөх ол таптал киэһэтин… Саныахха эдэр саас тапталын… Хатылыах ол таптал тылларын…
Таптал таарыйбатах кыысчаана. Дьокуускай. 2000 Сыл
Укажите e-mail или номер телефона для связи:
Опишите причину жалобы:
(эбэтэр таптал таарыйбатах кыысчаанын суруга)
Кыһыҥҥы тымныы киэһэ. Арай мин соҕотохсуйа олорон эйиигин, бастакы тапталбын, санаан кэллим… “Таптал баар этэ дуо, эн биһиги ардыбытыгар. Эн миигин дьиҥнээхтик таптыыр этиҥ дуо? Онтон мин эйиигин?! Мин эйиигин таптыыр этим. Мин эйиигин күүппүтүм. Онтон эн?! ”
Атыҥҥа сүрэҕим анаммат. Куруутун миигин эрэ ахтара-саныыра. Бэйэм умна сатаабытым да иһин, сүрэҕим эйиигин көрдүүрэ, айманара, ытыыра… Өй-сүрэх мөккүөрэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ… Тоҕо бу олорон эмиэ эмискэ санаан кэллим. Эн билигин ырааххын, аны хаһан көрсөбүт?! ..
Онтон эйигиттэн кэлэр суруктар… Таптал истиҥ тыллара, элбэҕи да эрэннэрэр этилэр… Тоҕо? Хайдах? Хаһан? Ити барыта ханна барбытай? Тиһигин быспат суруктарыҥ тоҕо эмискэ тохтоон хаалтарай? Чэ баҕар буоллун, эн биһи арахсыахпыт! Чэ баҕар мин бырастыы да гыныам, эн атын кыыстааххын… Ол гынан тапталбыт тоҕо уостан хаалла?
Төнүн дуу тапталым, аналым, утуйар уубун уйгуурдума, чуумпу олохпун аймаама. Мин эйигин эрэ таптыырым, ахтарым-саныырым, билигин да таптыыбын, өрүү да таптыаҕым. Эйиигин… Эйиигин… Эйиигин эрэ соҕотох.
Дьэ итинник биир киэһэ мин соҕотохсуйан олорон тапталбын санаан уйадыйан ыллым… Ама, мин бу орто дойдуга төрөөн баран “таптал таарыйбатах кыысчаана” буолабын дуо?!
Мин син-биир эйигин булуоҕум, үс дойду да түгэҕиттэн, сэттэ да муораны туораан туран… Атынныын да сылдьан эн кэлэн ыҥырдаххына мин син-биир барыны быраҕан туран эйиэхэ барыаҕым!
Доҕоруом, санаарыый ол күһүҥҥү киэһэни, тиийэн кэлиий билигин, төннөрүөх ол таптал киэһэтин… Саныахха эдэр саас тапталын… Хатылыах ол таптал тылларын…
Таптал таарыйбатах кыысчаана.
Дьокуускай.
2000 Сыл