Кэпсээ

Азартнай оонньуу туһунан

Главная / Кэпсээ / Азартнай оонньуу туһунан

Добавить комментарий

К
29.01.2026 14:43
116 0

Мин Үөһээ Бүлүүгэ ойуур баһаарын умуорар тэрилтэҕэ, авиалесоохранаҕа үлэлии киирбитим. 1979 сыллаахха, оччотооҕуга өссө 17-лээхпин. Билиҥҥиннэн көрдөххө отой оҕо буоллаҕым дии. Бастакы хамнас эбитэ дуу, аванс эбитэ дуу, билигин умнубуппун, ылыыта буолла, ыйдааҕы хамнас барыта баара суоҕа 90-ча солкуобай этэ да буоллар миэхэ элбэх харчы курдук этэ. Ол туһунан ийэбэр эрдэ киһиргии оҕустум, сарсын хамнас ылабын диэн. Өссө эйиэхэ туох подарок ылан биэрэбин диэннээх быһыылаах этэ.
Хамнаспын ыллым. Оччотооҕу парашютистар, десантниктар бары да кэриэтэ сүрдээх үлэһит, үбү-харчыны булар-талар, сытыы-хотуу хоһуун дьон эбиттэр. Кинилэргэ ол кыра хамнас наһаа элбэх буолбатах курдук саныыбын, тоҕо диэтэххэ үксүлэрэ дьоҥҥо дьиэ тутан биэрэр, холтуура диэччилэр ол саҕана, уонна да атын харчы киллэрэр үлэлээхтэр эбит. Сайын, баһаардар кэмнэрэ онтукайдарыттан сынньанан ылар кэмнэрэ быһыылаах. Ити мин санаам.
Хамнас ылбыт күммүтүгэр бырааһынньык курдук. Үөрүү-көтүү, кэпсэл-ипсэл баһаам. Уонна дьэ хаарты. Ол да иннигэр оонньууллар этэ да буоллар ол күн улахан оонньуу буолла быһыылаах. Мин кинилэр оонньууларын тиийэн көрөөччү буоллум. Сүрдээҕин оонньуохпун баҕарабын даҕаны хайдах эрэ саллабын. Ол турдахпына Старостин Алексей диэн убай кэлэн, хайа Болуодьа, хаартыга оонньуоххун баҕарар быһыылааххын, баран оонньуохха диэтэ, хайдах эрэ дьээбэлээх баҕайытык. Мин испэр өһүргэнэ санаатым, бу киһи миигин сэниир дуу, хайдах дуу диэх курдук. Уонна улахан киһи курдук туттан, сананан, оонньуохха, туохтаах буолуой диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Дьэ оонньоотубут. Бастаан өссө хаста да сүүйтэлээн ыллым. Ол кэнниттэн киһим хал буолла быһыылаах, начаас икки ардыгар ол хамнаспын барытын, олоччу сүүйэн ылла. Мин дьэ өйдөннүм, ээ, хайдах иҥин диэх курдук буоллум. Киһим күлэ-күлэ ол остуолга сытар харчыны барытын бииргэ суулуу тутаат сиэбигэр уктан кэбистэ уонна чэ, Болуодьа, аныгыскыга эмиэ оонньуохпут диэн баран баран хаалла. Мин олорон хааллым. Дэлби кыһыйдым, хомойдум. Киэһэ дьиэбэр дэлби хойутаан, нэһиилэ хаҕым эрэ тиийдэ. Ийэбиттэн кыбыстан тугу да саҥарбакка хоспор киирэн хааллым. Ийэм барахсан таайдаҕа дии, туох эрэ буолбут диэн, ол гынан баран туох да диэбэтэ, хамнас туһунан отой даҕаны ыйыппата.
Биир ый буолан баран эмиэ хамнас ылыыта буолла. Онно ол Алексей кэлэн эмиэ эттэ, дабаай, оонньуохха, баҕар сүүйүүлээх тахсыаҥ, бу сырыыга диэтэ. Мин онно дьэ киһи эрэ буолларбын манипуляцияны тулуйдум, суох, оонньообоппун диэтим. Оччолорго суох диир, аккаастыыр диэни соччо билбэт этибит да буоллар

диэххэ. Биһиги көлүөнэ дьону истигэн, улгум гына ииппиттэрэ-такайбыттара баар суол буоллаҕа. Киһим мин аккаастаабыппыттан хата наһаа үөрдэ, уонна дьэ маладьыас Болуодьа, отой оонньоомо, туһата суох дьарык, сөпкө аккаастаатыҥ, мин ааспыкка соруйан кэһэтэ түһээри сүүйбүтүм диэтэ.
Ол кэнниттэн этэҥҥэ бачча сааспар диэри хаарты оонньообоххо кэллим. Онон Старостин Алексейга махталым баччааҥҥа диэри сүрдээх улахан.

Поскачин В.С
Бассаап эйгэтиттэн ылыллынна