Кэпсээ

Имэҥ соро...

Главная / Кэпсээннэр / Имэҥ соро...

Добавить комментарий

К
14 часов назад
2,419 0
Имэҥ соро...

Омун Уйбаан киһи эрэ буоллар олоҕор дьэ биир сыыһа туттаран турар…
Саас сааһынан кэпсээтэххэ дьэ маннык, ойохтонон оҕо төрөтөн ньидьирээн мин дуо диэн атыыр оҕустуу мөҥүрээн олордоҕуна арай саҥа бэтэринээр кэлбит диэн сурах бөҕө тарҕанна, Омун истэн эрэ кэбистэ, күһүн идэтинэн сиргэ бараары сырыттаҕына биригэдьиир кэлэн бүгүн бэтэринээргэ көмөлөһөҕүн тохтоо диэн бакааттаан кэбистэ, хайыай тойон эппитэ сокуон, тойону отунан маһынан оҥорботтор. Бэтэринээр эрдэ соҕус кэллэ, бостуук атынан аҕалбыт, Омун көрөн баран кута көтө сыста, тыый тырымнаан кыыс оҕо кылааннааҕа эбит, бу хаамара сиимэрэ кэрэтин көтөн иһэр үрүмэччү курдук дайар, аны түөһэ мөтөйөн самыы да самыы, ыбылы тута сылдьар ыстааны кэппитэ, тугу кистиэй көбүс көнө атаҕа, аны туран ымсыырдар угуйар мала бөлтөйөн хайаҕаһа ыстаан ыга тутан эмиэ көстөргө дылы, дьэ ол күн сүөһүлэртэн хаан ылаары улахан эрэйи көрдө, кыыһын аата Күннэй диэн эбит, дьэ күлэн салан сыстаҥнаан кыыс оҕото.Хаан ыла сылдьан кыбыс кытаанах түөһүнэн сыстаҥнаан ылар, Ол аайы Омун ахтата өрө үтэн тахсан мэһэй буолан сорун сордоото, кистээн хааман кыпчыҥнааһын буолла, сүрэҕэ айаҕынан тахсаары биир накаас, син бүтэн абыраата, улахан итии буһуу буолан ыксата сырытта.
Аны Күннэйдэрэ хоммоппун атын сайылыкка барабын Онно сарсын эрдэттэн үлэлиэхтээхпин диэн турда, накаас үөһэ накаас биригэдьиир Омун Уйбааны бар диэн соруйда, аккаастыа дуо барарга тиийдэ, чугас сир эрдэ тиийээри сиһинэн быһа түстүлэр, Омун тугум чэҥкээйитэй диэн саа ылбата, арай доҕоор сирдэрин ортолоотторун кытта суолларын туора тыатааҕы тахсан олорунан кэбистэ, часкыйа часкыйа сири таптайар дьэ ыксал буолла, Омун бэйэтэ буоллар тыас хомунуо этэ, сыптарыҥ эмэһэҕэ ситтэрэн бэрт, ону баара бу кыыс туора түстэ. Туох тэһэ кэйтэ буолла кыыһын сыгынньахтан диэн сарылаата, кыыс олох дөйөн баран айаҕын атан турар, Омун дьэ ыксалынан бэйэтэ кыыһын ньылбы сыгынньахтаата, ыксал эһэ диэкки көрөр суох, сыгынньахтаан бүтэн эргиллибитэ эһэ кэлиэ дуо суола сойбута ырааппыт, кыбыстан куоппут быһыылаах.
Аны кыыспыт өйдөнөн олох Омуҥҥа үрдүгэр түстэ, аны кинини саганньахтыыр аакка барда…
Дьэ доҕоор манна буолла алдьархайдаах ахталар аалсар тапталлара, Омуннаан эттэххэ ойуур иһэ оргуйан олордо, ынчык хончук ол быыһыгар ыһыы хаһыы, оннук син өр мучумааннастылар, дьэ уохтара хараан таҥнаары гыммыттара таҥастара суох, суоллаан көртөрө эһэлэрэ хомуйан барбыт, ону суоллуохтара дуо, сыгынньаҕын сайылыктарын быстылар. Омун иһигэр кыһыйан истэ туох буолбут дьиикэйий диэн. Ол курдук эмэлэһэрин эттэрин бырдахха

дэлби сиэтэн кырыы олорор ыалга тиийдилэр, ыаллар олох соһуйан өлө сыстылар. Таҥас булан биэрдилэр, ол кэннэ аны суол устун айаннаатылар, саһан ампаартан саатын ылла, дьиэҕэ сылдьыбакка таһынан ааста…
Айаннаан иһэн көрбүттэрэ таҥастарын үчүгэй баҕайытык суулаан чөҥөчөк үрдүгэр ууран кэбиспиттэр, өссө маһынан баттаппыт, бу кыһыытын…
Төһө эрэ күллэ эмэһэ сыгынньах дьону көрөн…
Дьэ оннук Омун биирдэ ойох көрдөөн бырдах сиэн этэ сиинэ хабыллан ый аҥара утуйбакка эрэй бөҕөнү көрдө.
Били Күннэйэ кинини көрдө да күрүү сылдьар, Дьэ сордоох Имэҥ соро диэ…

Арыылаах, С.