Главная / Кэпсээннэр / Хотой кэhиитэ
Добавить комментарий
Саха сирин уһук хоту Верхоянскай район. Дьарҕаалаах нэһилиэгэ. Киидьимбэ үрэх баhа1971 сыл. Хоһуун дьонноох хоту дойду дьоно, олохтоох эбээннэр таба лабыктатын батыһан ,көһө сылдьар олохтоохтор. Суол - иис айанныырга ыарахан буолан ,маҕаһыыҥҥа табаар ас - таҥас да кэлэрэ кырыымчык. Ол да буоллар олохтоох эбээннэр, үөрүйэх муҥутаан онно улаханнык кыһамматтар. Бултаан , балыктаан айахтарын булуналлар. Таба үүтүнэн кээбээл оҥостоллор. Чубуку оҕотун бултаатахтарына, куртаҕын хатаран илдьэ сылдьан таба үүтүгэр куталлар, хойуннаран тохтубат буоллаҕына, айаҥҥа илдьэ сылдьан үүт оҥостоллор. Аныгы улахан атыыр чубуку тээһэҥкэтин, мөһөөччүгэр иһит оностон айанныырга да өстүөкүлэ иһиттээҕэр ордук. Бэйэлэрэ hудараай ис сыатыгар, буспут бурдугунан кофе курдук оҥостоллор. Эти чараас гына тэлэн тууһаан hорчоо онорон чипсы курдук сии сылдьаллар. Биллэн турар оҕолор минньигэс аһы, сакалааты ,бирээнньиги сиэхтэрин баҕараллара кэмнээх буолуо дуо. Биирдэ эмит дьаамсык атынан таhаҕас аҕаллаҕына, бырааһынньык курдук буолар. Ыраах сындалҕаннаах айаҥҥа кэлбит ас, син биир сороҕо алдьанан кэлэр. Мүөттээх кэмпиэт суута алдьанан, мүөтэ тохтубут буоллаҕына да оҕолор барахсаттар, сиэн баран суутун тылларынан ньэлбээн, салаан кэбиһэллэр. Соҕурууттан кэлэр таһаҕас оннук күндү буолар.
Сайын. Уучахтаах дьон көһөн иһэллэр. Уучах сыарҕатыгар икки эмдэй сэмдэй ,араа - бараа саастаах кыыстаах уолчаан, сыарҕаҕа олорсон иһэллэр. Табаһыттар ыстааданы үүрэр саҥалара иһиллэр. Төттөрү - таары көһөр манан аҕай буолбатах. Үлэтэ элбэх. Оҕолор ийэлэригэр көмөлөһөн тордох тардаллар. Кулуһун отторго мас бэлэмнииллэр.Эвина алта саастаах кыысчаан, убайа икки сылынан аҕа ,аата Аркани диэн. Оҕолор быыстарыгар ойуулаах сурунаал көрөллөр, ааҕаллар. Хабар сиргэ араадьыйа хаптаран истэллэр. Онон бу оҕолор сатыыллара диэн итинэн бүтэр. Ийэлэрэ Гэвургэ остуоруйа кэпсиирэ үчүгэйин эриэхсит. Киэһэ буолла да " остуоруйата кэпсээ " диэн ийэлэрин үүйэ - хаайа туталлар.
Арай биирдэ оҕолор хайа үрдүгэр тахсан, хотой уйатын буллулар. Хотой уйатыгар сохсоллон олоро түһэн баран, ханна эрэ көтөн күпсүйдэ. Оҕолор онуоха саһан турбут таастарыттан быган хотой уйатын өҥөйдүлэр. Түүлэнэ илик икки кыра хотойчооннор бааллар. Оҕолор, үөнү көйүүрү тутан хотой оҕолорун аһаталлар. Күн аайы ону ыаһах оҥоһуннулар. Таба астаан сиэтэхтэринэ, онтон очоҕоһуттан эҥин элийэ быһан, дьонноруттан кистээн хотой оҕолоругар илдьэллэр. Бопсуохтара диэн дьонноругар кэпсээбэттэр. Оҕолор бүгүн эмиэ хотой уйатыгар бардылар. Айана син тэйиччи буолан, үтүллүбүт
эмис таарбаҕан этин өйүө оҥостон, илдьэ бардылар. Таба үүтүнэн оҥоһуллубут чээбээл ыллылар. Көмүстээх үрүйэни нөҥүөлээн Хайаҕа ыттан хотой уйатыгар кэллилэр. Арай көрбүттэрэ биир, хотой оҕото аллараа түспүт. Даллаахтыырыгар тааска доллуотун тоһуппут. Эвина синньигэс талах лабаатын тоһутан, былааччыйатын тэллэҕиттэн синньигэс гына, таҥас тыыран хотойук доллуотун бобо баайда. Уонна уйатыгар укта. Иккис хотой аһаары айаҕын аппаҥнатар. Оҕолор иккиэннэрин аһаттылар. Эмискэ үлүгэр хотой көтөн күпсүйэн кэллэ. Киһи куйахата күүрүөх чыҥырҕаабытынан, Арканины дэгиэ тыҥыраҕынан кытаахтаан өрө көтөн эрдэҕинэ, балтыта Эвина сарылаабытынан хотойу тааһынан тамнаата, онуоха өс киирбэх ыһыктан кэбистэ. Уол охторугар илиитин эчэттэ. Ыарыытыттан сирэйин мырдыччы туттар да ытаабата. Иккиэн хотойтон куотан, мастар быыстарыгар түстүлэр. Дьиэлэригэр кэлбиттэригэр, дьонноро ыйыта тоһуйдулар.
Ханна сырыттыгыт? Бу уол ханна эчэйдэ? - убайдара Буовандьа ыйыта тоһуйда.
Биир уучаҕы айааһаары охтон ,илиибин өлөрдүм - диэн Аркани эппитин итэҕэйбэтилэр. Онуоха оҕолор кырдьыгынан кэпсээтилэр.
Оттомо суох оҕолоруй! Тоҕо онно баран хотой уйатыгар ытынныгыт?! Орой мэниги хотой оройгун тобулуо этэ! - диэн аны улахан убайдара дьорҕойдо.
Оо оҕобун хотой кытаахтаан илдьэ бара сыспыт дии - ийэтэ айманна. Оҕотун кууһан төбөтүн имэрийэр - уонна онно барымаҥ сөп дуо тоойуом!
Сөп - диэн Аркани уолчаан ытаары сыҥырҕыыр.
Эвина кыысчаан бу ыаллар күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстара. Түөрт убайдааҕыттан үксүн кыра убайын Арканины, батыһан саппай уопса сылдьар. Эвина саҥа төрөөбүт тугуттары таптаан ымманыйар. Аҕалара уолаттарын, маннык тыйыс дойдуга тулуурдаах хоһуун дьон буола улааталларыгар уһуйар. Эр дьон эрэ буолуо дуо. Маннык тыйыс усулуобуйаҕа дьахталлара да үлэлэрэ үгүс. Таба астааһыныгар тиийэ үлэлэһэн, таба тириитин имитэн таҥастыырга. Тордох уҥуоҕун туруоран таба тириитинэн бүрүйэргэ. Сайыҥҥы илуму да оҥорон, кыстыыр да таҥастарын тигэн, түбүктээх үлэ кинилэргэ эмиэ сүктэриллэр. Эвина кыра да буоллар барытыгар, илии атах буолан көмөлөһөр. Оскуолаҕа киирэн үөрэнэн киэҥ сирдэри ,улахан куораттары көрүөн баҕарар. Таба муоһа хас лабаалааҕын ааҕа үөрэннэ. Кыысчаан ойуулаах кинигэлэри көрдөҕүнэ, улаатарын саныыр. " Маннык самолетунан көтүөм, поеһынан айанныам " диэн баҕа санаатын ыраланар.
Убаай эн улааттаххына ким буолуоххунуй? - кыысчаан убайыттан Арканиттан ыйытар.
Мин улааттахпына элбэх табалаах баай киһи буолуом.
Ээ эмиэ таба дуо? Уонна манна син биир олороҕун дуо? Биир кэм онно - манна көһө сылдьаҕын.
Уларыйыы суох дуо?
Чэ баҕар маҕаһыыннаах атыыһыт буолуом. Уонна манна эбээн оҕолоругар минньигэс аһы эҥин сороҕор босхо да түҥэтиэм - Аркани уолчаан хараҕа чаҕылыйар.Оҕо барахсан оччотооҕу олоҕунан көрөн, сыаналыыр буоллаҕа.
Мин улааттахпына куорат диэки барыам. Учуутал ду быраас дуу буолуом.
Бары улаатан баран хааллаххытына ким табаһыттыыр?
Син биир кэлиэм дии. Манна быраас аҕыйах. Ол иһин дьон бөҕө ыалдьар. Ону эмтиэххэ эмиэ наада - диэн, оҕолор ыра санааларын кэпсэтэллэр. Кинилэр санааларыгар улааталлара отой ыраах курдуга.
** Арай биир сарсыарда, Эвиналаах Аркани утуйан турбуттара, убайдарын кытта ийэлэрэ, көһөөрү туран хомуммуттара ырааппыт. " Сааскы мотуох уута ылан эрэр " диэтилэр. Аҕалара олохтон туораабыт буолан, барытын улахан убайдара дьаһайар.
Хомунан көһөн, үрэх баһын бата, сорох табаларын көтөл сыарҕаҕа холбонон сууртарыгар, тордох ураҕастарын хаалларан бардылар, бу сиргэ эһиил биирдэ эргиллэллэр, хаптаҕай таас анныгар Хотугу сулус сурунаал хаҕыгар мотуох кэлбитин, уу сүнньэ уларыйбытын, суруйан тааһынан, баттатан хааллардылар. Хаар уута эрдэ киирбит диэн буолла .Оҕолор ийэлэрэ ,убайдара баар буоланнар, эрэх - турах сананаллар. онон туохтан да мээнэ куттамматтар. Араас моһоллоох сирдэри ааһан, сүүрүктээх үрэхтэри туораан, айаннаан син таба мэчирэҥнээх сири булан, тохтоон олохсуйдулар.
Оҕолор футбол мээчигэ хостоон, тэбиэлии оонньууллар. Эвиналаах Аркани улахан убайдарын үүйэ - хаайа тутан ардыгар лапта оонньууллар. Ол эрээри сороҕор, убайдара табаларын көрө бараллар. Сорохторо бултууллар. Ол иһин мэлдьи күн солото суохтар. Эвина үксүн кыра убайын Арканины кытта оонньуур. Арай биирдэ аһынан быстарбыт кэмнэригэр, халлааҥҥа хотой саҥата чыҥырҕаата. Эвина көрө түспүтэ, хотой кыыл түһээри элиэтиир. Кыысчаан сүрэх баастаах буолан куттанна. Арай хотой үөһээттэн туоҕу эрэ бырахта. Аркани сүүрэн тиийэн көрбүтэ куобах эбит. Хотой кинилэргэ кэһии аҕалбыт. Онуоха ийэлэрэ хардатын, хаппыт таба сыатын илдьэн ууруҥ диэтэ. Хайа сүүнэ көтөрө,хомпоруун хотой оҕолорун быыһаабыттарыгар махтаммыта дуу. Эбэтэр били доллуотун тоһуппут хотой улаатан, киниэхэ көмөлөспүт оҕолорго кэһиитин аҕалбыта дуу? Төһөтүн да иһин дьикти көстүүнү оҕолор сөхтүлэр.
Кэнники бултуйдахтарына эбэтэр, таба идэһэлэннэхтэринэ оҕолор хотойго өлүүлээн, иһиттэн, очоҕоһуттан бэрсэр буоллулар. Устунан хотой убанан кинилэргэ үөрэннэ. Көстөхтөрүнэ эмиэ баар буолар. Кэнники табаларын мээнэ бөрө да тардыбат буолла. Хотой убайдарыгар көмөлөһөн, бөрөлөр ханан баалларын, үөһээттэн көрөн, сирдээн илдьэн бултатар.
Эбэтэр табаларга түһээри гыннахтарына, бөрөлөрү бэйэтэ кыйдыыр.
Уон икки сааһын туолуута Эвина эр киһи үлэтин тэҥҥэ үлэлэһэр буолбута, онтон кэнники убайдарын кытта тэҥҥэ бултаһар этэ. Ботуруону бэйэтэ ииттэргэ үөрэммитэ. Убайдара Эвинаҕа уон алталаах сааны анаабыттара, онон убайдарын кытта кустаһа барсара. Саас мончуук оҥостор этилэр. Кыысчаан бастакы куһун ытан баран үөрбүтүн эриэхсит. Эвина айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр.
Дьүкээбил суһума оонньуурун манаан туран көрөллөр. Араас өҥнөөх дьэрэкээн уоттар дьиримнииллэрэ кэрэ көстүү буоллаҕа. Эвина убайдарын кытта илим үтүһэргэ эмиэ сылдьыһара.
Бөһүөлэккэ интернатка олорон үөрэммитэ. Тыа кыыһа буолан, уопсай баанньыкка сылдьартан кыбыстара. Колготка диэни кэтэ үөрэммэтэх буолан, суулуу тутан баран, кистии анньан кэбиһэрэ. Былааччыйаны сөбүлээбэккэ, ыстааныгар бөскөччү уктан кэбиһэрэ. Ону оҕолор муодаргыы көрөллөрө.
Дьыл - хонук. Эвина улаатан үөрэхтээх киһи буолан, кынат үүннэринэн көппүтэ. Үлэҕэ эриллэн - мускуллан, ыарахан оҕо сааһын санаан үөһээ тыынна. Эвина төрөөбүт эбээнин тыла сүтэн эрэриттэн санааргыыр. Төрүт омугун тыла умнубатын наадатыгар кыралаан да буоллар үлэ ыытар. Убайдара барахсаттар билигин сорохторо суохтар. Эвина үөс сиргэ көһөн, тапталлаах киһитин көрсөн, сүрэхтэрин холбообуттара, оҕоломмуттара. Дьон кэминэн олороллор. Эвина киһиэхэ үтүөнү оннооҕор хотой баҕарар эбитин, оҕо сылдьан билбитэ . Туох барыта үтүөнэн төннөр.
Эвина Васильевна экономист идэлээх. Кэлин менеджер социально культурной , деятельности. АГИКИны эбии үөрэммитэ. Онтон СВФУ га педагог дополнительного образование диэн салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини кэргэнэ эмиэ улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлиир. Онон кэпсээммит дьоруойа, оҕо сылдьан тымныы тыйыс дойдуга, көс эбээн норуотун эриирдээх - мускуурдаах олоҕун, этинэн - хаанынан билэн ааспыт кырачаан Эвина, улаатан үөрэхтээх киһи буолан төрдүн ууһун утумнаан, салҕааччы далбар хотун буолбутунан эҕэрдэ. Кини сыдьааннара эмиэ үүнэ - саҋда чэчирии турдуннар.
Ородьумаан
28.02.2024.
Укажите e-mail или номер телефона для связи:
Опишите причину жалобы:
Аудиота:
🎵 Хотой кэhиитэ — Кэпсиэ
Саха сирин уһук хоту Верхоянскай район. Дьарҕаалаах нэһилиэгэ. Киидьимбэ үрэх баhа1971 сыл. Хоһуун дьонноох хоту дойду дьоно, олохтоох эбээннэр таба лабыктатын батыһан ,көһө сылдьар олохтоохтор. Суол - иис айанныырга ыарахан буолан ,маҕаһыыҥҥа табаар ас - таҥас да кэлэрэ кырыымчык. Ол да буоллар олохтоох эбээннэр, үөрүйэх муҥутаан онно улаханнык кыһамматтар. Бултаан , балыктаан айахтарын булуналлар. Таба үүтүнэн кээбээл оҥостоллор. Чубуку оҕотун бултаатахтарына, куртаҕын хатаран илдьэ сылдьан таба үүтүгэр куталлар, хойуннаран тохтубат буоллаҕына, айаҥҥа илдьэ сылдьан үүт оҥостоллор. Аныгы улахан атыыр чубуку тээһэҥкэтин, мөһөөччүгэр иһит оностон айанныырга да өстүөкүлэ иһиттээҕэр ордук. Бэйэлэрэ hудараай ис сыатыгар, буспут бурдугунан кофе курдук оҥостоллор. Эти чараас гына тэлэн тууһаан hорчоо онорон чипсы курдук сии сылдьаллар. Биллэн турар оҕолор минньигэс аһы, сакалааты ,бирээнньиги сиэхтэрин баҕараллара кэмнээх буолуо дуо. Биирдэ эмит дьаамсык атынан таhаҕас аҕаллаҕына, бырааһынньык курдук буолар. Ыраах сындалҕаннаах айаҥҥа кэлбит ас, син биир сороҕо алдьанан кэлэр. Мүөттээх кэмпиэт суута алдьанан, мүөтэ тохтубут буоллаҕына да оҕолор барахсаттар, сиэн баран суутун тылларынан ньэлбээн, салаан кэбиһэллэр. Соҕурууттан кэлэр таһаҕас оннук күндү буолар.
Сайын. Уучахтаах дьон көһөн иһэллэр. Уучах сыарҕатыгар икки эмдэй сэмдэй ,араа - бараа саастаах кыыстаах уолчаан, сыарҕаҕа олорсон иһэллэр. Табаһыттар ыстааданы үүрэр саҥалара иһиллэр. Төттөрү - таары көһөр манан аҕай буолбатах. Үлэтэ элбэх. Оҕолор ийэлэригэр көмөлөһөн тордох тардаллар. Кулуһун отторго мас бэлэмнииллэр.Эвина алта саастаах кыысчаан, убайа икки сылынан аҕа ,аата Аркани диэн. Оҕолор быыстарыгар ойуулаах сурунаал көрөллөр, ааҕаллар. Хабар сиргэ араадьыйа хаптаран истэллэр. Онон бу оҕолор сатыыллара диэн итинэн бүтэр. Ийэлэрэ Гэвургэ остуоруйа кэпсиирэ үчүгэйин эриэхсит. Киэһэ буолла да " остуоруйата кэпсээ " диэн ийэлэрин үүйэ - хаайа туталлар.
Арай биирдэ оҕолор хайа үрдүгэр тахсан, хотой уйатын буллулар. Хотой уйатыгар сохсоллон олоро түһэн баран, ханна эрэ көтөн күпсүйдэ. Оҕолор онуоха саһан турбут таастарыттан быган хотой уйатын өҥөйдүлэр. Түүлэнэ илик икки кыра хотойчооннор бааллар. Оҕолор, үөнү көйүүрү тутан хотой оҕолорун аһаталлар. Күн аайы ону ыаһах оҥоһуннулар. Таба астаан сиэтэхтэринэ, онтон очоҕоһуттан эҥин элийэ быһан, дьонноруттан кистээн хотой оҕолоругар илдьэллэр. Бопсуохтара диэн дьонноругар кэпсээбэттэр. Оҕолор бүгүн эмиэ хотой уйатыгар бардылар. Айана син тэйиччи буолан, үтүллүбүт
эмис таарбаҕан этин өйүө оҥостон, илдьэ бардылар. Таба үүтүнэн оҥоһуллубут чээбээл ыллылар. Көмүстээх үрүйэни нөҥүөлээн Хайаҕа ыттан хотой уйатыгар кэллилэр. Арай көрбүттэрэ биир, хотой оҕото аллараа түспүт. Даллаахтыырыгар тааска доллуотун тоһуппут. Эвина синньигэс талах лабаатын тоһутан, былааччыйатын тэллэҕиттэн синньигэс гына, таҥас тыыран хотойук доллуотун бобо баайда. Уонна уйатыгар укта. Иккис хотой аһаары айаҕын аппаҥнатар. Оҕолор иккиэннэрин аһаттылар.
Эмискэ үлүгэр хотой көтөн күпсүйэн кэллэ. Киһи куйахата күүрүөх чыҥырҕаабытынан, Арканины дэгиэ тыҥыраҕынан кытаахтаан өрө көтөн эрдэҕинэ, балтыта Эвина сарылаабытынан хотойу тааһынан тамнаата, онуоха өс киирбэх ыһыктан кэбистэ. Уол охторугар илиитин эчэттэ. Ыарыытыттан сирэйин мырдыччы туттар да ытаабата. Иккиэн хотойтон куотан, мастар быыстарыгар түстүлэр.
Дьиэлэригэр кэлбиттэригэр, дьонноро ыйыта тоһуйдулар.
Ханна сырыттыгыт? Бу уол ханна эчэйдэ? - убайдара Буовандьа ыйыта тоһуйда.
Биир уучаҕы айааһаары охтон ,илиибин өлөрдүм - диэн Аркани эппитин итэҕэйбэтилэр. Онуоха оҕолор кырдьыгынан кэпсээтилэр.
Оттомо суох оҕолоруй! Тоҕо онно баран хотой уйатыгар ытынныгыт?! Орой мэниги хотой оройгун тобулуо этэ! - диэн аны улахан убайдара дьорҕойдо.
Оо оҕобун хотой кытаахтаан илдьэ бара сыспыт дии - ийэтэ айманна. Оҕотун кууһан төбөтүн имэрийэр - уонна онно барымаҥ сөп дуо тоойуом!
Сөп - диэн Аркани уолчаан ытаары сыҥырҕыыр.
Эвина кыысчаан бу ыаллар күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстара. Түөрт убайдааҕыттан үксүн кыра убайын Арканины, батыһан саппай уопса сылдьар. Эвина саҥа төрөөбүт тугуттары таптаан ымманыйар.
Аҕалара уолаттарын, маннык тыйыс дойдуга тулуурдаах хоһуун дьон буола улааталларыгар уһуйар. Эр дьон эрэ буолуо дуо. Маннык тыйыс усулуобуйаҕа дьахталлара да үлэлэрэ үгүс. Таба астааһыныгар тиийэ үлэлэһэн, таба тириитин имитэн таҥастыырга. Тордох уҥуоҕун туруоран таба тириитинэн бүрүйэргэ. Сайыҥҥы илуму да оҥорон, кыстыыр да таҥастарын тигэн, түбүктээх үлэ кинилэргэ эмиэ сүктэриллэр.
Эвина кыра да буоллар барытыгар, илии атах буолан көмөлөһөр. Оскуолаҕа киирэн үөрэнэн киэҥ сирдэри ,улахан куораттары көрүөн баҕарар.
Таба муоһа хас лабаалааҕын ааҕа үөрэннэ. Кыысчаан ойуулаах кинигэлэри көрдөҕүнэ, улаатарын саныыр. " Маннык самолетунан көтүөм, поеһынан айанныам " диэн баҕа санаатын ыраланар.
Убаай эн улааттаххына ким буолуоххунуй? - кыысчаан убайыттан Арканиттан ыйытар.
Мин улааттахпына элбэх табалаах баай киһи буолуом.
Ээ эмиэ таба дуо? Уонна манна син биир олороҕун дуо? Биир кэм онно - манна көһө сылдьаҕын.
Уларыйыы суох дуо?
Чэ баҕар маҕаһыыннаах атыыһыт буолуом. Уонна манна эбээн оҕолоругар минньигэс аһы эҥин сороҕор босхо да түҥэтиэм - Аркани уолчаан хараҕа чаҕылыйар.Оҕо барахсан оччотооҕу олоҕунан көрөн, сыаналыыр буоллаҕа.
Мин улааттахпына куорат диэки барыам. Учуутал ду быраас дуу буолуом.
Бары улаатан баран хааллаххытына ким табаһыттыыр?
Син биир кэлиэм дии. Манна быраас аҕыйах. Ол иһин дьон бөҕө ыалдьар. Ону эмтиэххэ эмиэ наада - диэн, оҕолор ыра санааларын кэпсэтэллэр. Кинилэр санааларыгар улааталлара отой ыраах курдуга.
**
Арай биир сарсыарда, Эвиналаах Аркани утуйан турбуттара, убайдарын кытта ийэлэрэ, көһөөрү туран хомуммуттара ырааппыт. " Сааскы мотуох уута ылан эрэр " диэтилэр. Аҕалара олохтон туораабыт буолан, барытын улахан убайдара дьаһайар.
Хомунан көһөн, үрэх баһын бата, сорох табаларын көтөл сыарҕаҕа холбонон сууртарыгар, тордох ураҕастарын хаалларан бардылар, бу сиргэ эһиил биирдэ эргиллэллэр, хаптаҕай таас анныгар Хотугу сулус сурунаал хаҕыгар мотуох кэлбитин, уу сүнньэ уларыйбытын, суруйан тааһынан, баттатан хааллардылар.
Хаар уута эрдэ киирбит диэн буолла .Оҕолор ийэлэрэ ,убайдара баар буоланнар, эрэх - турах сананаллар. онон туохтан да мээнэ куттамматтар.
Араас моһоллоох сирдэри ааһан, сүүрүктээх үрэхтэри туораан, айаннаан син таба мэчирэҥнээх сири булан, тохтоон олохсуйдулар.
Оҕолор футбол мээчигэ хостоон, тэбиэлии оонньууллар. Эвиналаах Аркани улахан убайдарын үүйэ - хаайа тутан ардыгар лапта оонньууллар. Ол эрээри сороҕор, убайдара табаларын көрө бараллар. Сорохторо бултууллар. Ол иһин мэлдьи күн солото суохтар. Эвина үксүн кыра убайын Арканины кытта оонньуур.
Арай биирдэ аһынан быстарбыт кэмнэригэр, халлааҥҥа хотой саҥата чыҥырҕаата. Эвина көрө түспүтэ, хотой кыыл түһээри элиэтиир. Кыысчаан сүрэх баастаах буолан куттанна. Арай хотой үөһээттэн туоҕу эрэ бырахта. Аркани сүүрэн тиийэн көрбүтэ куобах эбит. Хотой кинилэргэ кэһии аҕалбыт. Онуоха ийэлэрэ хардатын, хаппыт таба сыатын илдьэн ууруҥ диэтэ.
Хайа сүүнэ көтөрө,хомпоруун хотой оҕолорун быыһаабыттарыгар махтаммыта дуу. Эбэтэр били доллуотун тоһуппут хотой улаатан, киниэхэ көмөлөспүт оҕолорго кэһиитин аҕалбыта дуу? Төһөтүн да иһин дьикти көстүүнү оҕолор сөхтүлэр.
Кэнники бултуйдахтарына эбэтэр, таба идэһэлэннэхтэринэ оҕолор хотойго өлүүлээн, иһиттэн, очоҕоһуттан бэрсэр буоллулар. Устунан хотой убанан кинилэргэ үөрэннэ. Көстөхтөрүнэ эмиэ баар буолар. Кэнники табаларын мээнэ бөрө да тардыбат буолла. Хотой убайдарыгар көмөлөһөн, бөрөлөр ханан баалларын, үөһээттэн көрөн, сирдээн илдьэн бултатар.
Эбэтэр табаларга түһээри гыннахтарына, бөрөлөрү бэйэтэ кыйдыыр.
Уон икки сааһын туолуута Эвина эр киһи үлэтин тэҥҥэ үлэлэһэр буолбута, онтон кэнники убайдарын кытта тэҥҥэ бултаһар этэ. Ботуруону бэйэтэ ииттэргэ үөрэммитэ. Убайдара Эвинаҕа уон алталаах сааны анаабыттара, онон убайдарын кытта кустаһа барсара. Саас мончуук оҥостор этилэр. Кыысчаан бастакы куһун ытан баран үөрбүтүн эриэхсит. Эвина айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр.
Дьүкээбил суһума оонньуурун манаан туран көрөллөр. Араас өҥнөөх дьэрэкээн уоттар дьиримнииллэрэ кэрэ көстүү буоллаҕа. Эвина убайдарын кытта илим үтүһэргэ эмиэ сылдьыһара.
Бөһүөлэккэ интернатка олорон үөрэммитэ. Тыа кыыһа буолан, уопсай баанньыкка сылдьартан кыбыстара. Колготка диэни кэтэ үөрэммэтэх буолан, суулуу тутан баран, кистии анньан кэбиһэрэ. Былааччыйаны сөбүлээбэккэ, ыстааныгар бөскөччү уктан кэбиһэрэ. Ону оҕолор муодаргыы көрөллөрө.
Дьыл - хонук. Эвина улаатан үөрэхтээх киһи буолан, кынат үүннэринэн көппүтэ. Үлэҕэ эриллэн - мускуллан, ыарахан оҕо сааһын санаан үөһээ тыынна. Эвина төрөөбүт эбээнин тыла сүтэн эрэриттэн санааргыыр. Төрүт омугун тыла умнубатын наадатыгар кыралаан да буоллар үлэ ыытар. Убайдара барахсаттар билигин сорохторо суохтар.
Эвина үөс сиргэ көһөн, тапталлаах киһитин көрсөн, сүрэхтэрин холбообуттара, оҕоломмуттара. Дьон кэминэн олороллор.
Эвина киһиэхэ үтүөнү оннооҕор хотой баҕарар эбитин, оҕо сылдьан билбитэ . Туох барыта үтүөнэн төннөр.