Кэлэр ыйга оҕолонуохтаахпын, кэргэним быраҕан барда
Главная / Кэпсээ / Кэлэр ыйга оҕолонуохтаахпын, кэргэним быраҕан барда
Дьэ дьикти. Атын киьи туьуттан олохторун быьалларыттан, улаханнык санарбаппын. Эр да, дьахтар да элбэх олох биир.
Оло5у киьи биирдэ эрэ олорор уонна бэйэн тускар олоруохтааххын. Эн кэрэ буоллаххына, о5олорун эмиэ оннук же буолуохтара.
Закон притяжения диэн баар уонна. Эн куьа5аммын дии сырыттаххына, оннук же саныы сылдьар дьон куьа5ан эйгэтэ эйиэхэ кэлэр. Онтон барыта учугэй, мин кимнээ5эр учугэйбин, маанытык танна-сапта, тутта сырыттаххына оннук куустээх санаалаах, кыахтаах дьон эйгэтэ кэлэр.
Кытаат. Учугэйи эрэ санаа. Иннин диэки баран истэххэ барыта бэйэтэ кэмигэр кестен иьиэ.
Кими да буруйдаама. Кими эрэ буруйдуу сылдьар эмиэ ытамньыйыы кэриэтэ, бэйэни мелтехтук санааьын. Кини дьыл5ата оннук буолуо. Алимент диэн баар. О5олор улаатан истэхтэринэ эйиэхэ кимнээ5эр кемелеьуехтэрэ.
Бииргэ олорбуппут 15 сыл курдук буолла, икки оголоохпут, Кэлин куутэн куутэн усуьун бэриэмэннэй буолбутум онно истээт дьолломмута агай, бастакы ыйдарга наьаа харыстыыр, буебэйдиир этэ кэлин наадыйбат,дьиэгэ хоммот буолан испитэ, ессе биирдэ иьэн кэлбитигэр кыыьырбыппар сирэйгэ саайбыта, харагым иьэн, ыалдьан хас да кун сыппытым, киьим онно охсоот хас да куннэ сразу куоппута, оголорбут куттаммыттар ахан этэ, хата улахан буоланнар бээйэлэрин бээлэрэ керунэ сылдьыбыттара, кэлин иьэрэ наьаа элбээтэ, хайыахпыный молча истибэтигэр ытыыр эрэ этим, билигин олох да суох, барбыта биьигини быраган, ханна да баара биллибэт, хайдах буоларбын билбэппин дальше, учугэйдик олорон эмискэ инник быьыыламмытыттан кэлэйэбин, тыыммын быстыахпын оголорбун наьаа аьынабын, кэлэр ыйга оголонуохтаахпын да хайдаз гынабын? Иитиэх биэриэхпин или хаалларан тахсарбын санаатахпына куьаган буолабын, илдьэ хааллахпына хайдах дальше олоробут?Хайдах буолабын?
Мин:
Эн Ийэ5ин! Эн дьоллооххун! Барбыты кытта барсыбыт, тохтоон хаалбыт олох диэн суох. Санаа5ын туЬэримэ. Инчэ5эй тирбэ5э быстыбатынан олоруоххут, о5олорун тустарыгар. Инстинкт самосохранения баарын биллэриэ, о5олоргун аччыктатыан суо5а дии саныыбын. Дьиэ5э олорон эрэ интернетынан улэлээ. Аймахтарын да куус-кеме буолуохтара. Барар киЬи бардын. Сокуонунан арахсан баран алименна кердее. Бэйэн тускар буолбатах, о5олорун тустарыгар. Ким билэр. Ба5ар ессе теннен кэлиэ ээ киЬин. Дьин таптал ааспат-суппэт, уостубат. Керсуу мэЬэйдээбитэ буолуо. Эбэтэр сорох дьон ойохторун кытта тэннэ беременность кэмигэр депрессиялааччылар дии. Онтон ааста5ына теттеру кэлиэ. О5олоргунан дьоллонон олор, иннин диэки дьулус!
123:
Атын дьахтарга барда5а бо.ол дьахтарын ого бого онорон баран эмиэ куотар буолла5а.
Саас:
Оо,ыарахан.Кэлэр ини,кэллэҕинэ да үшөйү күүппэккин,маҥнай эрэ чээн дэнсиэххит.Биирдэ илиитэ барда,кэлин хатыланарын кэтэс.Олох сокуона.Бэйэҥ бил.Туох да диэн сүбэлиирим суох
тонуй:
Кытаатан бэйэгин харыстан кыра киьи олус санааргыыр ол бу куьаган санаалары билэ сырыттага ди.Кытаатан оголорун туьугар олор. Ол киьигиттэн усугэй орут костуо суога барытын бэйэгэр чугас дьоннор эрэн.Оголорун улаатан бэйэгин коруохтэрэ истиэхтэрэ эрэлин иннигэр кытаатан тулуй.
пруд:
киьигин кэллэ5инэ пилии гыммат буол.ойдоох киьи буолла5ына бэйэтэ да билэн эрдэ5э сыыьатын.о5он, ньиэрбинэй буолуон соп ол туьугар харыстаа о5о5ун. эр бэрдэ бугун баар, сарсын суох.оттон о5олорун уйэ-саас тухары баар буолуохтара.онон настроения5ын уларыт! уорэ-кото сырыт! олорбуккут ырааппыт дии онон опыт диэн баар буолуохтаах!
Ийэ:
пруд, Пилии гыммат буол диэн, мин кинини туох диэн пилии гыныахпыный, Мин декретка барыахпыттан улэлиир, соготох биьигини иитэр диэн наар ере тутар буолтум хата, улахан оголорбут дьиэ улэтигэр хата кеме дьоно, ол иьин наар кини бэлэмнэ сылдьар этэ
Ийэ:
тонуй, Махтал субэн иьин
валенсия72:
акаары киьи аайы тыыннын быстаары гына5ын да о5олоргун санаа барбыт болла5ына бардын аймахтар табаарыстар кемелеьуехтэрэ дьээдьэ аайы инник сордонор дьону ейдеебеппун да тяжело да обидно но тулуй барыта этэннэ буолуо Он не стоит того чтоб из за него страдали
Alisa vin:
Сожитель или муж через штамп? Арааскыта сожитель бьлах
Автор:
Alisa vin, Сожитель буолбатах, загсалаахпыт
хаххан3:
Дьэ эмиэ моһуок буолбут доҕоттор.
Баран:
Ийэ, Мужчины и Женщины сайта суруй, онно айа-айа эр дьон аатын-суолун сиргэ-буорга тэпсэ сатаабыккын начаас быьаарыахтара, билиэхтэрэ. Кер да маны, ону-маны айа-айа суруйбут буола-буола.
Автоп:
Баран, Того эмиэ манна айа айа внимание кердеетехпунуй, хайдах баарынан санаабын уллэстиннэгим ди
Таня:
Инник да буолар олоххо.Харыстан,оҕолоруҥ туһугар,барбыт киһини тута сатыыр диэни киһи өйдөөбөт
Бардаҕына бардын,сууттаһан алимент төлөттөр
Бу:
Таня, сымыйа псевдо тема, авторга арааьа внимание тиийбэт быьыылаах)
Автор:
Таня, Алимен туьунан толкуйдуу сылдьабын, уьуспун бу оголоннохпуна после суда биэрэр буоллум алименна, телеебеппун диир ессе
Айна:
Ол бу буолбатын хайаабатын,эн арахсыбакка да сылдьан алименна биэриэххин с8п,арахсарга бэйэтэ биэрдин,эн о5олонон баран сразу алименна биэрээр.Манна биллэ сылдьаар эрэ,т8л88б8ппун игин дьии сылдьыбытын т8л8тт8ру8ххэ наада,если что мин к8м8л8ьу8м
Атын Ийэ:
кинини убаастыахтара да?Онон,санааҕын көтөх,эйиэхэ билигин ыарахан,ол гынан баран,иннигэр оҕолорун тапталлара барытын умуннарыа..Бог дает человеку столько испытаний,сколько у него силы переодолеть даны,то есть бог детей дал,он и даст на защиту !Автор,кытаат.Мөлтөх киһи ыарахаттартан куотар,ыарахан түгэҥҥэ дьиҥ сирэйэ биллэр.Хата,эрдэ хайдаҕа билиннэҕэ дии,сорох дьон 30ча сыл олорон баран,араас буолар.Эн санааҥ көр,ыарахан күҥҥэ,холобура ыалдьан сытар кэм кэллэҕинэ итинник киһиттэн көмө күүтүөхтээҕэр,хомолто сиир ини?Оттон оҕолордоох дьахтар хаһан да соҕотох дэммэт,барбыт киһи кырдьар сааһыгар соҕотох буолуоҕа,оҕолоро
Автор:
Атын Ийэ, Кырдьык да бу санаан кердехпунэ ыарахан кэм тирээн кэллэгинэ куотар идэлээх эбит, хата ити ейдеетум, эрдэтинэ барбыта да учугэй эбит чэ, билигин эрийэн оголорун да ыйыппат, бу да сана тереебут оготун интириэьиргээбэтиттэн сехтум, киьи хайдах эмискэ инник уларыйыан себе эбитэ буолла а так субэн иьин махтал
Мин:
Автор, этэннэ буолун. Кырачаан Доруобай буола улааттын! Барыта орун оннугар туЬуе. СитиЬиини ба5арабын. Санаар5аама. Солбуллубат эр киЬи диэн суох
Дьахтар:
Санаалар форум итак нэьиилэ олордо5уна то5о оннук, маннык проблемнай ба5айы темалары пости гына5ытый?, ыл сотторторон кэбис. Проблема баранан, айа да айа.
Дьикти эбит:
Баҕар инники хайа эрэ оҕон атын киһиттэн буолаарай?
Эр дьоннорунан хаарты курдук оонньуурун буолуо
Мама:
Хорсун дуулага санаа олоххо кынаттыыр.эмиэ иьэр киьиэхэ тубэьэн эрэйи кербутум ,илиитэ барда да бара туруох быьыылаах эх этэ короче эдэрбэр тэптэрэн испэр огьолоох, таспар оголоох ыксаан икки атахпынан куоппутум дойдубар , онно тиийэн икки огобун кытта с чистого листа дьиэ уот туттан олохпун санаттан олорбутум тэрилтэм кеметунэн олоххо дьаьахха баар ыарахаттары барытын туруулаьан Ким да бэлэмигэр эрэммэккэ Ким да босхотугар суоттаммакка. Олохдиэн ыаллаах буолан ооньооьун буолбатагын бары да билэр буолуохтаахпыт этэ да, оголобут агаларыттан атагастанан сыньылар диэн ,сиэргэ баппат быьыы дии ,кинилэр эмиэ ийэттэн. агаттан теребуттэрэ буолуо дии. Билигин дьылгабар махтанабын ,улаханым 7оголоох медик ерэхтээх. Кырам 1 оголоох пока э миэ медик врач бэйэм уже пенсияга олоробун .Онон этиэм этэ киьи олого наьаа тургэнник ааьар эбит, Хайа да тугэни олоххутугар муччу тутуман кэнэгэс кэмсиммэт гына
8964 417 85 66:
Биьи о5обут сох, наьаа тулуйбат ыарахан болла5ына бу номерга эрийээр. Бары оттунэн комолоьо сатыам. СЕРЬЕЗНО.
Умсаах:
Миэхэ кэлин, мин со5отохпун, холостуойбун, дьиэлээхпин марха5а, центрга икки хостоох квартиралаахпын, массыналаахпын икки. Учугэй улэлээхпин министерство5а
timurfill:
Умсаах, миигин ииттэ ылыый
Дьэ:
бары утуктуьэ-утуктуьэ куьаганы эрэ суруйагыт, семейнэй дьыалагытын бэйэгит чугас дьоннутун кытта быьаарсын, манна чужой дьонно эьиги проблемагыт наадалаах этэ.
Зато:
Оголордооххун ди. Ама хайаан соготох буолуоххунуй. Миигиттэн эмиэ барбыта кэргэним, но биьи огобут суох. “Мин доруобуйам учугэй, бэйэн эмтэн, миэхэ туора ого наадата суох”- диэн баран собус соготох хаалларан барбыта. Бастаан ынырык ыарахан этэ. Но! Сыта олоро толкуйдаан корбутум, ынырык молтох санаалаах киьи эбит, оголоммутум да буоллар туох эмэ атын улахан проблема уоскээтэгэ барыа этэ. Онон эрдэ барбыта учугэй дии саныыбын.
Ника:
Мин 3 огобун беременнэй сылдьан иьэр-аьыыр, сорбун сордуур дьээдьэттэн бага оттубунэн арахсыбтм. Хата, билигин бэрт диэнник олоробун. Спокойно. Онон барда да бардын ээ. Аата, оссо кырбыыр кисини аьыйагын да.. бастаан эрэ ыарахан буолуо, онтон син барыта орун оннун булуо. Главнайа, оптимист буолуохха наада.
Олох биирдэ эрэ бэриллэр, онон кими да кэтээбэккэ, манаабакка бэйэн бэйэгэр олор. Оголорун туьугар. Оннуга ордук эбит. 5889
Эр:
бу эмиэ туспа сатабыл. Этиспэккэ, куолас соноппокко керуугутун уллэьиннэхэ сотору кэминэн эти икки ардыгытыгар кыьалгагыт номнуо кыйдаммыт буолуо, ыарахан, биир кунунэн инник кэпсэтии кэлбэт. Мэьэй элбэх буолуо да, сатаан истэ уонна сатаан санаагытын уллэстэ уерэнин. Кэргэнниилэр саамай чугас дьон, онон бугун оннук табыллыбатагына кэлин табыллыа, главная сагалаан. Чэ, этэннэ буолун автор. Олоххо арыый философски сыьыаннас, Хас биирдии тугэн икки еруттээх буолар, сатаан тайаныахха уонна этии (принять решение)ылынарга уерэн.Эр киьи уксун аьыы утахха уйманара проблема уескээьиниттэн буолар. Онтон куотунуу, кылгас кэмнэ арыгы кууьунэн умнуу. Онтон сарсынны кун уунэр, тууйар санаалар хам ылаллар, эмиэ ыьыктар, аьыы утахха уйманар. Кэлинниннэн иьэрэ элбиир. Терутэ бэйэ бэйэни сатаан истибэт буолууттан, ейдеспеттен. Эр киьи теье да халын кегустэннэр арыт ейуур, ейдуур киьи баарыгар дьахтардаагар ордук багарар.
Конечно, билигин саба туьуеххут, мелтех киьи оннук буолар, тэрээпкэ…. Сепсеьебун, санаа мелтегуттэн Эр киьи оннукка уктэнэр. Онно уксэ биричиинэ бэйэни сатаан бу ологор реализациялаабатагыттан, кэккэ кыра проблемар бутэн испэттэрэ, Эр киьи буолан сатаан дьиэ кэргэнигэр санаабыт тот олоххо олордубатыттан, иэстэр кыччыахтаагар буолуох уксээн иьиитэ…. Араас буолуон сеп, но силиьэ ситиннэ сытара буолуо диибин. Онон бэйэ бэйэттэн кыбыстыман, уескээбит тугэни уллэстэ уерэнин, дьахтар да Эр да. Оччого эрэ ейдеьуу, ейеьуу баар буолуо. Хас биирдии киьи туьээн керен билэр ерукутэ суох теруур. Онон кыьалганы уллэстэр, наар ырытыьан кэпсэтэр
по теме:
15сыл олорон баран хайдах буолан илиитин кетегер?тугу эрэ ситэ кэпсээбэккин?уруккуттан кырбыыр дуу!?кырбыйа ки4и барбыта ордук ол аайы оголоргун тулаайах хааллараары гынагын доо!!!оттон кыаммаппын диир буоллахзына ииттэргэ биэр !!ючюгэй кыанар дьонно!а так конечно ыарахан тюгэн!!но тулуйаргар тиийэгин кэм кэрдии бв4ааран и4иэ ,этэннэ барыта ючюгэй буолуо!!
Tatyana4444:
Аныаха диэри оҕолонно да ини,бу кыһыҥҥыттан?
буолар эбит:
иьэр-аьыыр,кырбыыр киьиттэн арахсыбыт ордук.ол гынан баран хас дьахтар бэйэтиттэн тутулуктаах.хаьаайка быьыытынан да ийэ бытыытынан да кэргэнин ханныгын тугунан тыынарын диэбит курдук билэ-коро сылдьыахтаах.ону барытын вовремя айдаарсыбакка эрэ коннорон,уорэтэн,направляйдаан биэриэхтээх.син биир уол о5ону иитэр курдук.улэтигэр,спортка ситиьилээх буолла5ына хай5аан,кууьан-сыллаан биэриэхтээх.о5олор истэллэригэр киьигитин хаьан да уохпэт,киэбирбэт буолуохха наада.харах-харахха уун утары корсон быьаарыллар ба5айыта.оннук сэмэлэнэр эр дьон ойохторуттан туора бараллар.
anna310 анна:
Кыргыттар, теье да о5олонун урууланын, но эр дьонно полностью эрэммэт ба5айыта. Киэн халлаан дьонноро уопсайыган. Онноо5ор образцово олорор дьон дьахтар иннин-кэннин керунуехтээх, инники оло5ун учугэйдик былаанныахтаах, мин иккис о5онньорбун кытта наьаа учугэйдик олорбутум бастаан, дьон кере2 ымсыырар этэ. Онтон ол олох сим биир ресурсата бутэр бьлх дии саныыбын эмиэ ылбыта теннубэттии да барбыта, хайдах эрэ сэрэйбит курдук оголоммотохпут. Наьаа эр дьону тацара курдук ере ытыарыман, хата о5олоргутун , бэйэ5ин керун, харыстаа, ситиьиилээх буоларга талаьын.
маша:
anna310, саамай сеп
Д..:
Эр киһи да киһи буоллаҕа дии,алыс сиэн кэбиһимэн..
Тапталынан холбоһон,оҕолоннохторо дии,
Дьиҥ эр киһилии,майгылаах буоллаҕына..төннүө,
Оҕолорун,кэргэнин саныа..
Ийэ,кытаат..тулуй,ону маны куһаҕаны санаама,
Оҕолорун тустарыгар,олороҕун..
Кэлин дьон буоллахтарына,үтүөҥ,үтүө быһыын,майгын..сүүс оччонон төннүө,оҕолорун далбарыгар олоруон..