Кэпсээ

Бурдуктаах - Николай Слепцов

Главная / Хоһооннор / Бурдуктаах - Николай Слепцов

Добавить комментарий

К
07.12.2025 22:11
93 0

Бүгүн эмиэ оҕо курдукпун
Ыра санаам ыраах угуйар…
Буллум эбээт дьиҥнээх олукпун
Ырыа айан ыллыах курдукпун.

Көр эрэ, үтүө сонун оннук,
Кынаттаан ыраахха көтүтэр.
Киһи буолан айманар турук
Кый ыраах тумнуллан кэтэһэр.

Туойуохпун баҕардым кэрэни
Туймаардар долгутар матыыбы.
Табыктаах мэнээрэр эттэтии
Тиҥсийэр мин суолбар алыбы.

Ол эбит инники сулуһум
Олохтоох өбүгэм алгыһа.
Оллур боллур ыллык суолдьутум
Ойуу дьэҥкир ойуум аргыһа.

@Бурдуктаах
Ахсынньы 7 күнэ, 2025 сыл

Былыргы ырыа. 17-лээх сылдьан 1987 сыллаахха суруйбутум, матыыбтаабытым

🎵 Ийэм суруга - Егор Толбонов